Сүлүһүннээх таптал

Сүлүһүннээх таптал
Сардана Яковлевна Сивцева
Даана Сард «Сүлүһүннээх таптал» айымньытынан таптал киһини аҥаардас кынаттыыр эрэ буолбакка, самнарар, хара санаатын уһугуннарар дьайыылааҕын сэһэргиир. Айымньыга тус кыһалҕалаах, араас дьылҕалаах, уйулҕалаах, санаалаах дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ырылхайдык ойууланар.
Уус-уран сценарий киинэ сценарийыттан кыра уратылардаах. Сериал салгыыта сотору күөх экраҥҥа тахсара күүтүллэр.

Даана Сард
Сүлүһүннээх таптал

Киирии тыл
Бастыҥ суруналыыс, талааннаах кэпсээнньит Сардаана Сивцева-Даана Сард «Сүлүһүннээх таптал» айымньытынан көстүбүт телесериал элбэх киһи болҕомтотун тардан, бу тула үгүс кэпсэтии буолла. Онно биһиги эмиэ санаабытын үллэстэргэ быһаарынныбыт.
Сардаана Сивцева айымньытын сүрүн соруга бэлиитикэ да, норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрүү да буолбатах, бастатан туран, кини дьон сыһыанын, таптал сырдык уонна хараҥа өрүттэрин, олох драматын ойуулуур. Айымньыны киэҥник, этэргэ дылы, тиэргэн таһыттан, киһи майгытын, олоххо көрүүтүн сыаннастарыгар олоҕуран ырытыллыахтаах. Биир соҥнонор идеяттан кыратык туора барда да киһи өстөөх аатырар кэмнэрэ баар буола сылдьыбыттара. Оттон билигин тиэргэн эрэ иһин эйгэтинэн сирдэтинии, кыра да тэппини атаҕастаныы, үөҕүллүү курдук ылыныы сүтэ илик, өссө сытыырхайбыт курдук. Оччоҕо да, баччаҕа да биир күрүөттэн тахсар куттала кытаанах эбит.
Бу айымньы сүрүн темата – киһи ыраас санаата уонна хара дьай охсуһуулара. Норуот үгэһин көрдөрүү, айылҕа, саха сайылыгын кэрэтин хоһуйуу диэн ылынар сыыһа. Арай сайылык тэттик эйгэтэ айымньы сүрүн тематын дириҥник арыйарга күүс-көмө буолар.
Ааптар Көмньө сайылык быһылаанын суруйбатах, оттон сюжет быһыытынан майгыннатыы литератураҕа баар суол. Хайа да омук литературатыгар, ол иһигэр сахаларга эмиэ араас трагедия, драма сурулуннаҕа аҕай. Холобур, Эрилик Эристиин Хачыгыра, Суорун Омоллоон Охонооно тэпсиллэн-охсуллан, кырбанан, кэйгэллэн өлөллөр. Хайдах өлөртөн тутулуга суох, уопсайынан, киһи олоҕор суудайыы – хара дьай. Онон ити ыар дьайыылары барытын биирдик, хара дьай диэн, өйдүүр наада. Ааптар тириэрдэр санаата диэн куруук сырдык, киэҥ, үтүө санаа баһыйыахтаах. Ханнык омук буоларгыттан дуу, ханна олороргуттан дуу тутулуга суох.
Биһиги «Сүлүһүннээх тапталы» киһиэхэ сырдык Итэҕэл, үтүө санаа баар буолуохтааҕын этэр, тириэрдэр айымньы диэн сыаналыыбыт. Даана Сардка айымньылаах үлэни баҕарабыт, мэлдьи сырдык санаа арыаллыы сырыттын!
Иван Мигалкин, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай поэта
Галина Фролова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ култууратын туйгуна, поэт

1
1977 сыл. Оройуон түгэҕэр сытар чуумпу олохтоох, кыракый дэриэбинэ. Хаптаһын, туоль сиипэр кырыыһалаах дьиэлэр кэчигирэспиттэр. Сорохтор кырыыһалара да суохтар, ол оннугар ампаар дуу, балаҕан дуу курдук дьиэлэрин үрдүлэригэр сайынын күөх от чэлгийэ үүнэр, кыһынын бэргэһэ курдук хаар үллүктүүр.
Хонтуора дьиэтин мунньахтыыр хоһугар кэргэннии Мотуруона, Уйбаан Силэпсиэптэр уонна Маайа, Ньукулай Алаастыыраптар кэлэн олороллор. Алаастыыраптар өттүлэриттэн өссө Ньукулай бииргэ төрөөбүт эдьиийэ – Өкүлүүнэ диэн алта уон сааһын лаппа ааспыт, кырдьа барбыт дьахтар – баар. Бу кэм сиэринэн эмээхсин да диэххэ сөп. Мустубут дьон утары икки остуолга биригэдьиир Ыстапаан Ыстапаанабыс уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Даарыйа Уйбаанабына олороллор. Дуоһунастаах үлэһит буоларын быһыытынан, Даарыйа Уйбаанабына бороҥ өҥнөөх көстүүмнээх, түөһүгэр «Ударник коммунистического труда» диэн значоктаах. Кэлбит дьон, «туохха эмиэ ыҥырдахтарай?» диэбиттии, сирэйдэригэр кыракый тыҥааһын баарга дылы.
– Чэ, табаарыстар, кыракый биллэрии баар… Һ-м, һ-м… Быйыл эһиги икки ыал, Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар, Өллөөххө сайылыы тахсар буоллугут! Ньирэйдэргитин онно көрөҕүт. Онон, бу аҕыйах хаалбыт хонукка, күнү-дьылы баттаһа, хомуна охсуҥ! – диэн биригэдьиир биллэрэр.
Арааһа, итини эрэ көһүппэтэх буоланнар, бука бары чочумча тылларыттан матан олордулар. Кэмниэ кэнэҕэһин саамай аҕалара киһи, Өкүлүүнэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, «буолар да эбит!» диэбиттии, тыйаатыр артыыһын курдук төбөтүн быһа илгиһиннэ. Кини сопхуос бастыҥ үлэһитэ буолан, уордьана-мэтээлэ баһаам, хайҕал кумааҕыны этэ да барыллыбат. Олох кыһалҕатын, ыарахан үлэни оҕо сааһыттан билбит буолан эбитэ дуу, тутта-хапта сылдьара эр киһилии судургу, дьүһүнэ-бодото томороон, саҥата-иҥэтэ быһа-бааччы, сороҕор баламат да диэххэ сөп. Барыта кини эппитинэн буолуохтааҕын курдук туттар-хаптар. Үгүстэр Өкүлүүнэҕэ сүр баттатар буолан, ким да утарсыбат. Бу да сырыыга матан олоруо диэтэххит дуу, биригэдьиири биригэдьиир диэбэккэ, баран этэн-тыынан барда:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, саҥам диэн аата саҥардаххыный! Оннук диэн хайдах да табыллыбат! Бэйэҥ билэҕин, биһиги урут уруккуттан сайылыыр сирбит – Дулҕалаах! Оҕолуун-уруулуун, ыттыын-кустуун, онно тиэллэн тиийэрбит. Онон, билбэт сирбитигэр туох иһин барбаппыт! Эрэйэ-муҥа суох урукку сайылыкпытыгар ыытыҥ!
– Мин эмиэ Өллөөххө барары кыккыраччы утарабын! Биһиги эмиэ куруук сайылыыр сирдээхпит. Уонна, аһаҕастык эттэххэ, бу Алаастыыраптары кытары эн-мин дэсиһэн хаһан да бииргэ үлэлээбэтэхпит! Манна диэн эттэххэ, тапсан олорорбут да саарбах! – Уйбаан Силэпсиэп эмиэ утарсааччы буолла.
– Айабыын! Ыарахан да дьоҥҥут! Биир сайын бииргэ үлэлээтэххитинэ, туоххут да туллан түһүө суоҕа! – биригэдьиир кэлэйбиттии саҥа аллайда.
– Һы, Ыстапаан Ыстапаанабыс, куолугунан, киһиттэн ыйыппакка даҕаны, барытын аҥаардастыы бэйэҥ эрэ быһаара охсоҕун дуу?
– Һ-м, онтон быһаардын диэн биригэдьииринэн таллыгыт ини!
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм онно олох таласпаппын! – Өкүлүүнэ муос-таас курдук этэн кэбистэ.
Биригэдьиир бу курдук утарсыы буолуоҕун, биллэн турар, эрдэттэн сэрэйбитэ. Биир дойдулаахтара хадаар майгылаахтарын кини бэркэ билэрэ. Бэйэтэ да оннук киһи буоллаҕа! Онон тута оргуйан турбата. Ханныгын да иһин Өкүлүүнэ киниттэн быдан аҕа саастаах. Дэлэҕэ Ыстапаан биригэдьииринэн анаммытын истэн баран, Өкүлүүнэ: «Нохоо, эдьиийгин хатаҕалыыргын умнума! Ханныгын да иһин, кыһыл оҕо эрдэххинэ, ийэҕин солбуйан, ньирэй аһатарым быыһыгар сүүрэн тиийэммин эйигин эмиэ хаста сүүстэ суосканан аһаппытым буолуой?» – дии-дии эр киһилии кытаанахтык көхсүгэ таптайыа баара дуо?! Хаһан эрэ, баҕар, оннук да буолбута буолуо. Билигин кэлэн ким ону билиэ баарай? Ыстапаан ийэтэ Куруунньа муҥнаах, эмискэччи сүрэҕэ тохтоон, хара буорга кистэммитэ ыраатта. Уола үөрэхтээх киһи буолан, дойдутугар төннөн биригэдьииринэн анаммытын көрөөхтөөбөтөҕө кыһыылаах. Биригэдьиир диэн, кыра да буоллар, былаас дуомата. Биир өттүнэн, ону Ыстапаан хаһан да умнуо суохтаах. Куруук кытаанах тыллаах, быһаарыныылаах буолуохтаах. Арааһа, итини санаан быһыылаах, Ыстапаан Ыстапаанабыс көхсүн этитээт, чиҥ куолаһынан Өкүлүүнэни тохтото сатаата:
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, бээ, уоскуй!
– Дулҕалаахха тиийэ иликпинэ уоскуйбаппын! – диэн эппитин этэ турда. Туох да диэбит иһин, өһөс эмээхсин!
Ыстапаан Ыстапаанабыс кыйаханан барда:
– Чэ, ону эн хайдах да быһаарар быраабыҥ суох! Тугуй ол, Дулҕалаах эһиги бас билэр сиргит үһү дуо? Быйыл онно Һаабынаптар тахсаллар. Оттон эһиги – Өллөөххө!
Өкүлүүнэ итиччэни истэн баран, таах олорбото биллэр. Пиэрмэ тыйыс олоҕо кинини дьүккүөрдээх үлэҕэ эрэ буолбакка, этиһэргэ, аахсарга эмиэ үөрэппитэ. Тыастаахтык чыпчырынан ылаат, сөҥ куолаһынан дьэ этэн-тыынан барбата дуо?
– Һа, хаһааҥҥыттан бу эн, бэҕэһээҥҥи бэтэрээски, киһиттэн ыйыппакка да эрэ, быһаара охсор идэлэммиккитий? Төһө да биригэдьиир буолан тойомсуйдаргын, тохтуур инигин! Боростуой оробуочай дьон санаатын иһиттэххинэ табыллар!
Биригэдьиир Өкүлүүнэ «бэлэстээҕин» биригэдьиир бэркэ диэн билэр. Кинилиин ааҕыстаҕына, таах хотторорун билэр. Онон Ыстапаан Ыстапаанабыс били сарайбыт кынаттарын арыычча кумуччу тутунна. Арай ити кус-хаас саҥатын истэ олорбут сэбиэт бэрэссэдээтэлэ дьахтар эрэ Өкүлүүнэттэн толлубат. Кини саҕалары олоҕун тухары көрсөн, кум-хам тутан кэллэҕэ.
– Тоҕо Өллөөҕү сирэргитин сатаан санаабаппын! Онно үлэлииргэ быдан табыгастаах! Саамай мэччирэҥнээх сирбит дии! Хата борооскуларгыт сайын устата биллэ төлөһүйүөхтэрэ. Ону санааҥ! – диэтэ кини дьыалабыайдык.
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм ол Өллөөххүтүгэр саараама барбаппын! – Өкүлүүнэ иннин биэрэн бэрт.
– Һ-м, оччотугар атыттар санааларын истиэххэ! Холобура, Маайа, Өллөөххө барары туох дии саныыгыный? – Даарыйа Уйбаанабына бу олорор дьонтон ким ордук мөлтөҕүн, симигин, «бырааба кыратын» билэр. Ол иһин миигин эрэ тыыппаталлар ханнык диэбиттии, баара-суоҕа биллибэккэ олорор Маайаттан ыйытта. Анарааҥҥыта, киһи аһыныах, кутталыттан тута мух-мах барда. Сэбиэт Даайа дьүккүччү көрбүт хараҕын тулуйар кыаҕыттан ааһан, умса көрдө. Соппуоската бадараан буолан хаалбыт. Буолумуна, таһырдьа хаар ууллан, сир сиикэй сытар. Мунньахха хойутаамаары, бадарааны бадараан диэбэккэ, таах дайбаан кэлбиттэрэ ити баар. Маайа бара сатаан атыттар атахтарын таҥаһын көрөр: барыларын соппуоскалара бадараан буолбут. Бэл кини иннигэр суостаахтык туттан олорор сэбиэппит атаҕын таҥаһа эмиэ бадараан.
– Хайа, Маайа, тоҕо саҥата суох бардыҥ? Санааҕын этэн иһиэххин?! – Даарыйа Уйбаанабына Маайаны ыкта-түүрдэ. Анарааҥҥыта өссө долгуйда, оскуолаҕа «иккини» ылбыт үөрэнээччи курдук сананна. Кэмниэ кэнэҕэс нэһиилэ: «Мин эмиэ…» – диэн хантан эрэ иһин түгэҕиттэн икки тылы ыган таһаарда.
– «Мин эмиэ» диэн ол аата туох диэри гынаҕыный? Өйдөөбөтүм! – Сэбиэт Даайа чуолкайдаһыан баҕарда.
– Һ-м, Маайа, оттон эйиэхэ синэ биир буолбатах дуо? – биригэдьиир Ыстапаан сэнээбиттии тыл бырахта.
Маайа муҥнаах кыахтааҕа буоллар салгыҥҥа симэлийэн, көстүбэт буолан хаалыа эбит. Уҥуох-тирии бэйэтэ, куоптатыгар иһирдьэ киирэн саһан хаалыан баҕарбыттыы, хаҕа эрэ хаалан олордо. Умса көрдөҕүнэ эрэ быыһанарыныы, эмиэ соппуоскатын одуулаата. Атахтарын кумуччу туттубутугар хаппыт бадараан тоороттон түһэн, кырааската барбыт муостаҕа ыһылынна.
– Оо дьэ, Маайа, киһи ыйыттаҕына, саатар, саҥаран быстыаххыный?! – биригэдьиир кыйыттан барда.
– Оттон… Дулҕалаахпыт дэриэбинэттэн чугас буолан, сылдьарга үчүгэй этэ… – Маайа саҥата, төһө да бырдах сыыгынаабытын курдук кыра буоллар, уу чуумпуга иһилиннэ, бары өйдөөтүлэр.
– Һ-м, оттон, биллэн турар, Өллөөхтөн санаатаҕыҥ аайы маҕаһыыҥҥа тиэстэриҥ тохтуур! – биригэдьиир Ыстапаан эҕэлээхтик эттэ.
Баччааҥҥа диэри кулгаах-харах буолан олорбут Маайа оҕонньоро, Ньукулай, ити тыллары сөбүлүү истибэтэ.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, чэ, төһө да биригэдьиир, тойон аатырдаргын, тылгын арыый да кыатана тутун! – диэтэ, ойоҕун көмүскэһэн. Үйэтин тухары суостаах эдьиийигэр баттатан, эмиэ «ким да миигин тыыппатар ханнык» диэбит курдук туттар-хаптар бэйэтэ, итиччэ эр ылан утарсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах. Тута мух-мах бараахтаата. Биригэдьиир Ньукулайы сиэн да топпот.
– Ньукулай, оччо айылаах туох диэтим? Баары этэр эмиэ буруй буоллаҕай? – Ыстапаан Ыстапаанабыс куолаһыгар дьахтардыҥы, чаҥкынас дорҕоон иһиллэн ылла. Даарыйа Уйбаанабына чуор кулгааҕа ити дорҕооҥҥо туох эрэ олуонаны, сөбө суоҕу иилэ хабан ыллаҕа дуу, ис иһиттэн атыҥыраата, тохтоторго сананна.
– Табаарыстар, бириэмэ баран иһэр! Атын боппуруостарга халыйымаҥ! – диэтэ туос-маас курдук кытаанахтык.
– Чэ туох да диэҥ, мин тус бэйэм ол дойдуга саараама барбаппын. Эчи, аата да ынырыгын! Өллөөх буолан! – Өкүлүүнэ санаатын этэ олордо.
Ити тухары киниэхэ бу кэпсэтии ханан да сыһыана суоҕун курдук туттан, мээнэ олорбут Мотуруона эмискэ уһуктан кэлбиккэ дылы буолла.
– Кырдьык да, хайа бэйэлээх итинник ааттаатаҕай? – диэтэ кини барыларыгар туһаайан.
– Аата, онтон-мантан хатыһан түһэҥҥит! Билиэххитин баҕардаххытына, ити сир аата «өл» диэн тылтан буолбатах! «Балык өлө» диэни иһиттигит ини? Бары да сахаларгыт дии? – диэтэ биригэдьиир өрөһүспүттүү.
Ити тыллары Мотуруона оҕонньоро Уйбаан сэргии иһиттэ.
– Ээ, күөлэ хата балыктаах дуо? – диэтэ бэрт сэргэхтик. Онуоха Мотуруона оҕонньорун кынчарыйда. Биригэдьиир итиччэ түгэни мүччү туппата:
– Оннук буолумуна! Саамай балыктаах күөлбүт дии! Баччааҥҥа диэри истэ иликкин дуо? – диэтэ.
– Һ-м, дьэ ким билэр! Ол дойду соботун амсайбыт суох! – диэтэ Мотуруона улаханнык саарбахтаабыттыы.
– Мотуруона-а, санааҕын төрүт түһэримэ! Астына-дуоһуйа дьэ амсайыаҥ турдаҕа! – Ыстапаан Ыстапаанаабыс сымыйанан көх-нэм буолбута буолла.
Ол эрээри Мотуруона кини тылларын кулгааҕын таһынан иһиттэ.
– Эчи, сыыра туруорутун! Били Хабдьы Хабырыыс муҥнаах ол сыыртан түһэн иһэн, массыыната эргийбитэ буолбат дуо? – кини, бэйэтэ да билбэтинэн, кэпсэтиигэ олох атын тыыны киллэрдэ.
– Пахай, ол былыр үйэтээҕини ахтымаҥ эрэ! – биригэдьиир саба саҥарда.
– Хайдах ахтыахпыт суоҕай? Ол дойдуга эн олоро барбаккын буолбаккын эбээт! Биһиги! – Мотуруона өрүкүйэ түстэ.
– Мотуруона сөпкө этэр. Истиэххитин баҕардаххытына, былырыын ол Өллөөххүт иччитэх турбута! Тоҕо диэтэргит, онно олорбут Далбараевтар табыллыбатахтара, – Өкүлүүнэ өссө биир түгэни өйдүү биэрдэ.
– Ээ, арба да өссө оннуктаах этибит дуу! Олох да умнан кэбиспиппин дии?! – Мотуруона сирэйэ кубарыйан хаалла.
– Ийэлэрэ бараххан пиэрмэҕэ үлэлии сырыттаҕына икки атаҕын тымырыгар хаана бөлүөхсэн, түргэн баҕайытык өлөн хаалаахтаабыта. Бохоруонатыгар сылдьыбытым ээ. Оҕонньоро Дьэбдьиэйин аһыйан, айманан да биэрбитэ. Киһи аатыттан букатын ааһаахтаабыт этэ. Түмүгэр, кини да уһаабатаҕа, – Өкүлүүнэ тылларыттан бары да кэри-куру буоллулар. Бэл биригэдьиир умса көрдө, илиитигэр тутан олорбут харандаһын ыгыта туппахтаата. Арай Сэбиэт Даайа сирэйэ биир тэҥ дьиппиэн. Эр киһилии холустук баттаҕын көннөрүннэ.
– Ааспыт аастаҕа! Итинник туохтан барытыттан куттанан чугуруҥнуу сырыттахпытына, былааммытын толорбоппутугар тиийэбит эбэтэр сопхуоспут хаалыылаах буолуон баҕараҕыт дуу? – диэтэ быһаччы.
Былаан-тайма туһунан умнаахтаабыт сопхуостаахтар букатын да мух-мах бараахтаатылар. Сэбиэт Даайа, ону таайан, тирэҕирбиккэ дылы буола түстэ.
– Уопсайынан, аҥаардас бэйэҕит эрэ иннигитин көрүнэргитин тохтотуҥ! – диэтэ хамаандалыыр куолаһынан. Былыргы үйэ эбитэ буоллар, отой Чоочо баай ойоҕо буолуоҕа хаалбыт. – Истиэххитин баҕардаххытына, Һаанньыкаптар онно кыһыннары-сайыннары бэри-бэркэ олороллор, туох да буолбаттар.
– Һ-м, кинилэр олорумуналар! Кинилэргэ саамай сөптөөх сир буоллаҕа ол! – Өкүлүүнэ хадаардаһарын тохтоппото.
– Ол аата туох диэри гынаҕыный? – биригэдьиир өйдөөбөтөхтүү ыйытта.
– Туох диэхпиний? Кинилэр хайдахтарын миигинэ да суох бэйэҕит билэҕит!
– Дьон дьон курдук инилэр! Эһигиттэн уратылара диэн иннилэринэн дьон, кыахтара баарынан үлэлииллэр.
– Ээ, оннук дуу! Һа-һа… Чэ биһиги да, кинилэртэн хаалсыбакка, үлэлии сатыыр инибит! – Өкүлүүнэ үгэргээтэ.
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, эн уордьаннаах, ВДНХ-ҕа сылдьыбыт баар-суох бастыҥ үлэһиппит эрээригин, дьоҥҥун туох ааттаах таҥнары тардаҕыный? Уонна оттон партия чилиэнэ буоларгын умнума эрэ! – Сэбиэт Даайа тулуйарыттан ааһан кимэн киирэрин күүһүртэ, этэргэ дылы, батарантааһын бүтэһик ботуруоннарын ороото.
Итиччэлээҕи истэн, Өкүлүүнэ сирэйэ уларыйа түстэ, били көҥүл аахса олорбута тохтоото.
– Көрөҕүт?! – Сэбиэт Даайа, истиэнэҕэ ыйанан турар кыһыл плакаты тарбаҕынан ыйа-ыйа, этэн-тыынан барда. – Туох диэн суруллубутуй? «ССКП 25-с CЪЕҺИН ЫЙААХТАРЫН – ОЛОХХО!» диэн. Бу тыллар хас биирдиибитигэр туһааннаахтар. Ким да туора туруо суохтаах. Кыра оҕолор курдук хаппырыыстанаргытын тохтотуҥ!
Хос иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Бука сэрэйдэххэ, бары истэригэр бэйэлэрин санааларын буһара олордохторо: Өкүлүүнэ Дулҕалааҕын ахтылҕана баартыйа этиитин кытары хайдах да сөп түбэспэтиттэн хомойдоҕо, Маайа – кимиэхэ да кыайан быһаарбат тус кыһалҕатын, моһуогун санаан өрө тыыннаҕа, Мотуруона – «чэ, туох да диэҥ, ол сир туохтаах эрэ, онно олорор олох сатаммат» диэн дьиксинэ санаатаҕа. Ити чуумпуну эмискэ Уйбаан куолаһа ыста.
– Оттон оччотугар көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигит?
Итиччэлээҕи истэн, Мотуруона оҕонньорун ис-иһиттэн кэлэйбиттии көрдө, кыахтааҕа буоллар, абаккатыттан охсуох да курдук этэ. Уйбаан сыыһа тылласпытын билэн ах барда. Ол эрээри биригэдьиир, ити эрэ тыллары кэтэспиттии, тута иилэ хабан ылан, эрдээх куолаһынан:
– Биллэн турар, көмөлөһүөхпүт! Бааска курусобуой массыынатынан эһигини таһаарыа! Онон, хата түргэнник хомуна охсуҥ! – диэтэ.
– Чэ, манан мунньахпыт түмүктэнэр. Бу сыл түмүгүнэн, биһиги сопхуоспут оройуоҥҥа биир бастыҥ көрдөрүүлээх буоларын туһугар бүттүүн кыһаллан туран үлэлиэхтээхпит! Онно эһиги кылааккыт эмиэ баар буолуохтаах! – диэтэ Сэбиэт Даайа мунньаҕы түмүктүүрдүү.
Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, мас ыскамыайкаларыттан ыарахан соҕустук орҕостон, кэлбит дьон хостон тахсан бардылар. Кинилэр хараастыбыттарын, бэл, көхсүлэрин ньүхсүччү туттубуттарыттан сэрэйиэххэ сөбө буолуо. Даарыйа Уйбаанабына түннүгүнэн ыраатан иһэр дьону одуулуу туран эмискэ:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс? – диэтэ.
– Тугуй?
– Өллөөх күөлэ, кырдьык, соболоох дуо?
– Билбэтим, – биригэдьиир саннын ыгдах гынна.
– Эс, тоҕо оччоҕо собонон албыннаатыҥ? – Даарыйа Уйбаанабына биригэдьиир диэки сөбүлээбэтэхтии көрдө.
– Оттон тугунан уонна албынныахпыный? Киһини ымсыырдыах онно туох да суоҕун бэйэҥ бэркэ билэҕин, – Ыстапаан Ыстапаанабыс сиэбиттэн табаҕын ороото.
– Ол аата албыннаатахпыт, – диэтэ Даарыйа Уйбаанабына, түннүктэн эргиллэ биэрээт.
– Дьыала туһугар, Даарыйа Уйбаанабына. Ону умнума, – биригэдьиир Сэбиэт Даайа диэки тымныытык көрдө.
* * *
Күөстэнэр дьиэҕэ Маайа кирпииччэ оһоҕун тигинэччи оттон, чугуун хобордооххо төп-төгүрүк алаадьылары биир-биир саһарчы буһара турар. Уолаттара, ас минньигэс сытын ыраахтан билэн, хоспоххо кутулла түстүлэр. Үөрүүлэриттэн «Ураа, алаадьы!» – дэһээт, итиитинэ сиэн бардылар. Маайа уолаттарын көрөн мичээрдии турда, тугу эрэ этиэн олус баҕарар да, кыаллыбат. Кини куруук итинник – хараҕынан таптыыр, сэмэлиир, кыыһырар, санааргыыр. Тыллара ханна эрэ тиийэн туой иҥнэн хаалар курдуктар.
– Чэ сөп буолуо. Сарсын уоппутун аһатыахпыт дии, алаадьынан күндүлүөхпүт! – Маайа уолаттарын тохтото сатаата.
– Ийээ, өссө биири ылабын? Уонна онон бүтүөм, – Оппоо эттэ эрэ эппэтэ эрэ өссө биир алаадьыны ылан айаҕар уктар. – М-мм! Минньигэһиин!.. – диир астыммыта бэрдиттэн. Оппоо сааһа уон түөрдэ.
– Мин эмиэ! – Лөглөө илиитэ эмиэ алаадьылаах иһиккэ тардыста. Кини Маайалаах Ньукулай улахан уоллара. Аччыгыйдара – Куока «миэхэ эмиэ» диэбиттии, илиитин тоһуйар. Маайа, биллэр биллибэттик мичик гынаат, уол быыкаайык ытыһыгар алаадьы уурар.
– Чэ уонна сөп буолуҥ. Эдьиийгит аҕыйах алаадьыны буһарбыккын диэн аны киһини мөҕөн туруо дии?
– Сөп, ийээ, биирдиини эрэ сиибит, – Оппоо арыылаах алаадьыны бэрт иҥсэлээхтик сии туран.
– Ийээ, биһиги Арамаанаптарга оонньуу барабыт? – Лөглөө ийэтиттэн көҥүл ыйытар.
– Чэ барыҥ, ол эрээри хойутаамаҥ! Сөпкө утуйуоххутун наада, сарсын, арааһа, эрдэ соҕус сайылыктыырбыт буолуо.
– Ээ, массыынанан дуо? – Оппоо интэриэһиргээбиттии ыйыталаһар.
– Бааска курусобуойунан.
– Бэрт эбит дии оччоҕо! – Лөглөө үөрэ түһэр.
– Сөпкө кэлиэхпит-кэлиэхпит, өр буолуохпут суоҕа! – уолаттар күөстэнэр дьиэттэн таһырдьа ыстаннылар.
Маайа салгыы алаадьытын астыы хаалла. Ол туран кыракый үөлэһинэн таһырдьаны одууласта уонна чугаһынан ким да суоҕун көрөн, мас хоппо кэнниттэн номнуо арыллыбыт кыһыл арыгыны таһаарар. Онтон чэй иһэр чааскыга балачча куттаат, иҥсэлээхтик ыймахтаата. Чочумча толкуйдуу түһээт чааскытыгар өссө кыратык таммалатта уонна оһоҕун арыйан умайа турар уокка бэристэ, алаадьы бырахта.
– Аал уотум иччитэ, күлүм аллай, үөр-көт! Дьиэбитин араҥаччылаа, арчылаа! Сайыммыт этэҥҥэ аастын! – диэтэ. Ону истибиттии, уота төлөнө кытыаһынна.
Маайа алаадьытын астыы туран, сыыһа хамсанан илиитин итии арыыга сиэттэ. «Абыта-ай!» диэбитинэн илиитин саба тутунна. Өлүү түбэһиэх, ити кэмҥэ күөстэнэр дьиэҕэ Өкүлүүнэ киирдэ. Илиитин туттан турар Маайаны көрөөт, сирэйэ дьэбин уоста.
– Һ-м, барахсан! Номнуо били бэйэлээх аскын соппойо охсубуккун дуу? – Өкүлүүнэ кийиитин Маайаны өтө көрөрдүү саҥарда.
– Ээ, оттон… быыкаатык, – Маайа туох диэн саҥараахтыай, бара сатаан, илиитэ аһыйарын үрбүтэ буолар.
– Хайа, туох буоллуҥ эмиэ?
– Ээ илиибин арыыга сиэттим…
– Кэм буолуо, онтон ордуохпут дуо? – Өкүлүүнэ кэлэйбиттии саҥаран иһэн эмискэ хаһыытаата. – Көр, алаадьыгын хоруордан эрэҕин!
Чахчы да чугуун хобордооххо буһа турар алаадьы, хоруоран эрэр эбит. Маайа түргэнник онтукаларын нэлэгэр иһитигэр биилкэнэн иилэн быраҕаталыыр.
– Интикэйдэргин бэйэҥ сиэр! Уонна аһыы аскын ыймахтаан бүт! Бачча кэлээри-бараары сылдьан, саатар, туттунуоххун! Оҕолоруҥ таҥастарын-саптарын бэлэмнээтиҥ дуу, суох дуу?
– Бэлэмнээн… – Маайа көхсүнэн туран хоруйдуур.
– М-ммм… Ханна баалларый уолаттарыҥ?
– Арамаанаптарга тахсыбыттара.
– Арамаанаптарга даа? Хайдах мээнэ ыалга ыытаҕыный?
– Оттон оонньоотуннар ээ. Анараатах тиийдэхтэринэ, үлэттэн ордубат инилэр…
– Һы! Итинник сырыттахтарына, олох улдьаа буолар инилэр!
Маайа туох да диэбэт, Өкүлүүнэлиин аахсар туһата суох.
– Алаадьыгын ситэрээт, уолаттаргын ыҥыра оҕус! Уонна ити арыыга сиэппит илиигин хаһаайыстыбаннай мыыланан сотун. Оччоҕо түргэнник ааһыа… Аны илиим бааһырда диэн үлэттэн куотаары гынаҕын дуо?
– Эс, ама хайаан…
– Чэ, ким билэр, – Өкүлүүнэ, ааны хайа быраҕаат, таһырдьа таҕыста.
* * *
Курусобуой массыына буор суол устун айаннаан иһэр. Суоппар Бааска аттыгар Өкүлүүнэ алталаах Куоканы уонна Мотуруона аҕыстаах Баанньысканы көтөхсөн олороллор. Атыттар бука бары үөһэ куусапка тиэллибиттэр. Бааска уоһуттан бөппүрүөскэтин араарбат. Бэйэтэ айылҕаттан саҥалаах-иҥэлээх буолан, чуумпуну абааһы көрөр. Ол иһин да буолуо, кэккэлэһэ олорор дьонун диэки дьиктиргээбиттии көрөр.
– Хайа, сайылыкка айаннаан иһэр эрээригит, тоҕо үөрбүт-көппүт сирэйгит суоҕуй? – диэн ыйыталаһар.
– Ээ, биһиги ити сиргэ төрүт да таласпатахпыт! Күүстэринэн ыытан эрэллэр, – Өкүлүүнэ баары баарынан этэр.
– Һэ-һэ! Бука сэрэйдэххэ, Сэбиэт Даайа «баартыйа этиитин толоруҥ!» диэтэҕэ…
– Ама дуо! – Мотуруона саҥа аллайар.
– Хайыаххытый, оччотугар баартыйа этиитин толороргутугар тиийдэххит!
– Оттон эн да баартыйа этэринэн олорор инигин? Ханна туора турбут үһүгүнүй? – Өкүлүүнэ Бааска диэки көрөн ылар.
– Ээ, мин, баартыйата суох киһи, онно эрэ наадыйбаппын. Уруулбун эрийдэхпинэ да сөп!
– Туохха барытыгар эн кыттыгаһа суох буолан иһэҕин! – диир Өкүлүүнэ, ис иһиттэн абаккарбыттыы.
– Биллэн турар! – Бааска, куолутунан, күн кыһалҕата суох хоруйдуур. – Тойотторум туох дииллэр да, онно айанныыбын.
– Оттон тойотторуҥ, баартыйа ыйыытынан олорор дьон, эйигин да туора хаамтарбатылар ини! – суоппар Бааска аһара кыһалҕата суоҕуттан Өкүлүүнэ ис иһиттэн кыйаханар быһыылаах.
– Ээ, мин дьыалам кыра! Батыллыбакка айаннаатахпына да баһыыба!
– Һ-м, барахсан! Толкуйуҥ тугун чычааһай? Холобура, биһиги билигин партия этиитин толоро, Өллөөххө былаан толоро, үлэлии баран иһэбит! Эн биһигини тиэйэн иһэриҥ быһыытынан, эмиэ сыһыаннааххын!
– Ээ даа?
– Оннук буолумуна!
– Чэ буоллун даҕаны! Ол эрээри эһиги үөрбүт-көппүт көрүҥҥүт төрүт суох. Ол аата партия этиитин кытары искитигэр соччо сөбүлэспэт буоллаххыт.
– Ээ, бу оннугар Дулҕалаахпытыгар барбыппыт буоллар… Хайдах эрэ санаам ити Өллөөххө олох тардыспат… Хайдах эмэ гынан сайыммыт ааһа охсоро буоллар! – Өкүлүүнэ ис иһиттэн ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Эс, тоҕо инньэ диэтэххиний? Мин биир бэйэм күөх сайыммыт уһаатар ханнык диэн толкуйдаахпын, – Бааска Өкүлүүнэ диэки дьиктиргээбиттии көрөн ылар.
Ийэтигэр көтөхтөрөн олорор Баанньыска сиэбиттэн бирээнньик таһааран, онтуката хаппыта бэрт буолан, эмэ-эмэ сиэн барар. Куока көрөн ымсыырар.
– Бирээнньиккиттэн бэрсиий! – диир. Онуоха анарааҥҥыта, көҥөнөн, баһын быһа илгистэр.
– Оттон, саатар, кыратык, – Куока арахсыбат.
– «Суох!» диэтим буотта! – Баанньыска буолуммат.
– Оттон мин эмиэ сиэхпин баҕарабын ээ!
Куока, наһаа көрдөөн барбытыгар, Баанньыска тоҥолоҕунан киэр садьыйар.
– Бүт эрэ, нохоо! Сүгүн олор! – Өкүлүүнэ уолун Куоканы буойар.
– Оттон мин эмиэ бирээнньик сиэхпин баҕарабын ээ!
– Баанньыска, бэрсиэххиний? Туох ааттаах көҥөскүнүй? – Мотуруона уолун сэмэлиир.
Баанньыска, улаханнык баҕарбатар да, сиэбиттэн бирээнньик таһааран, Куокаҕа уунар. Анарааҥҥыта үөрэ-көтө ол бирээнньигин кэбийбитинэн барар.
– Хайа, нохоо, бирээнньиктэнэн, абыранныҥ дуу? – Өкүлүүнэ мичик гынар, уолун кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Аһаа!
Улахан дьон күлсэн тоҕо бараллар.
* * *
Куусапка олорор дьон, саллааттар курдук, бука бары бириһиэн матырыйаалыттан тигиллибит кууркалаахтар. Уолаттар таах олоруохтара баара дуо? Мэниктээн, анньыалаһаллар эҥин. Ордук Лөглөө баппат. Силэпсиэптэр хороччу улаатан эрэр кыргыттарын, Любускалаах Лидыкканы, биллибэтинэн, нэксиэ кэллэҕинэ, кэйиэлии олорор. Кыргыттар ол аайы часкыйан иһэллэр.
– Ноо, уоскуй эрэ эн! Туох ааттаах кыра оҕоҕо дылы мэнигилээн хааллыҥ! – Ньукулай уолун буойбута буолар.
– Мас курдук көнөтүк олоробун дии, олох да мэниктээбэппин ээ! – Лөглөө обургу аҕатын диэки ырааһынан көрөн кэбиһэр.
Айан устатын тухары Маайа сирэйэ дьиппиэн.
– Хайа, туохтан бачча айылаах санаарҕаатыҥ? – Ньукулай тулуйбакка ойоҕуттан ыйытар.
– Ээ, бэйэм…
– Бэйэҥ буолбаккаҕын, ким буолуой? Эбэтэр бэҕэһээҥҥиҥ кэнниттэн төбөҥ хампы барыахча дуу?
– Ньукулай, саатар эн миигин тыытыма! Саҥата суох айаннаа! – Маайа оҕонньорун саба саҥарар.
* * *
Биригэдьиир хоһугар олорон эрэ, тугу эрэ сурунар. Ол эрээри кини үлэлиир хоһун киһи кэбиниэт да диэн ааттыан баҕарбат: барыта эргэ-урба, этэргэ дылы, үйэтин моҥообут аҕыйах олоппос, биир остуол диэбит курдук маллар тураллар. Ленин уонна Брежнев мэтириэттэрэ бу хос соҕотох киэргэллэрэ буолан, истиэнэҕэ ыйаммыттар. Эмискэ телефон тыаһа тырылыыр.
– Олуо! Ээ, Даарыйа Уйбаанабына, дорообо!
– Хайа, дьоҥҥут Өллөөххө айаннаатылар дуу?
Сэбиэт Даайа кэбиниэтэ эмиэ судургу. Арай муннукка улахан тимир сиэйпэ, мин аҕай диэбиттии, миэстэ бөҕөтүн баһылаан турар. Түннүк сэҥийэтигэр ньаалбаан кэнсиэрбэ бааҥкаларыгар туох эрэ сибэкки дуомнара үүммүттэр.
– Айаннаан. Арааһа, тиийэн эрдэхтэрэ буолуо.
– Чэ, саатар эрэ. Ити Өкүлүүнэ ааспыкка туох ааттаах буолан турда, доҕоор? Дьон санаатын олох үлтү ыһа сыспыта дии?
– Ээ, уруккуттан бэлэстээҕин билэр инигин?!
– Да-а, олох түһэн биэрэ сыста. Дьэ, хайдах-туох үлэлииллэр!
– Ээ, төрүт долгуйума. Ханна Өкүлүүнэ баар да, онно үлэ күүдэпчилэнэн олорор.
– Оннугун оннук эрээри, ити эмээхсин настыранньатын олох сөбүлээбэтэҕим. Туох ааттаах Өллөөхтөн куттаннаҕай?
– Дьэ быһа!
– Туох-баар түгэни барытын санаппыта. Ончу партиялаах киһи курдук буолбатах!
– Даарыйа Уйбаанабына, сөпкө этэҕин. Партиялаах буолуохтааҕар, таҥнары тардааччы курдук.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хата хонтуруоллуу сылдьаар эрэ. Хайдах эрэ киһи эрэммэт дьоно буолбуттар.
– Сөп, Даарыйа Уйбаанабына, хайаан да хонтуруоллуом.
Биригэдьиир төлөпүөнүн уйатыгар уураат, чочумча тугу эрэ толкуйдуурдуу, саараан олордо. Онтон эмискэ Сэбиэт Даайаны, куолаһын уларыта-уларыта, үтүктэн барда: «Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хонтуруоллуу сылдьаар эрэ». Хонтуруоллаамына! Ону баҕас эйигинэ да суох бэркэ билэбин!
* * *
Курусобуой массыына буору бурҕатан, Санниковтар дьиэлэрин аттынан ааһар. Кырдьаҕас эмээхсин күн сыралҕаныгар сабараанньаҕа хамсатын тарда олорор. Төбөтүгэр былааттаах, сирэйэ эргэрбит хортуоска курдук ыбылы мырчыстыбыт. Суоппар Бааска эмээхсини көрөн күлүм аллайар.
– Һок! Ылдьаана эһиги кэлбиккитин, бадаҕа, сөбүлээбэтэ быһыылаах. Кынчарыйбыкка дылы буолла!
– Эс, ону эн көрө оҕустуҥ дуо? – Өкүлүүнэ соһуйбута буолла.
– Көрүмүнэ! Биһиги сирбитигэр кэллилэр диэн эмээхсин төһө эрэ көҥөннө!
– Уоспадьы, туоҕуттан көҥөннөҕөй? Киһи ымсыырара манна туох баарый?
– Эс, оттон уолунаан иккиэн эрэ бүөмнээн олорбуттара бүттэҕэ дии?
– Һэ-һэ! Бу сир төрүт, олохтоох абааһылара биһигини дьэ абааһы көрдүлэр! – Өкүлүүнэ күлэн күһүгүрээтэ.
* * *
Ылдьаана, массыына ааспытын кэннэ, дьиэтигэр төкүнүйэн киирдэ. Уола, Дьөгүөр, биэһэнчэлээх киһи, оһох иннигэр тарбыйах тириитин имитэ олорор.
– Хайа, туох массыыната ааста? – диэн ийэтиттэн аат харата ыйытта.
– Ээ, буору биир гына бурҕатан, кимнээх эрэ аастылар. Эчи, оҕолоро, бытырыһан, элбэхтэри-ин! Бүтүн биир кууһап! Мэнигилээн, киһини түүннэри да сүгүн утуппаттара буолуо. Айуу-айа… Хаарыан чуумпу олохпут бүтээхтээтэҕэ.
– Кимнээх кэлбиттэрин быһааран көрбөтүҥ дуо?
– Мэлигир! Бу харахпынан хантан көрүөхпүнүй? Былырыын сайын иккиэйэҕин эрэ бэккэ да сайылаабыппыт! Быйыл, дьэ, хайдах-хайдах буолабыт?!
Дьөгүөр, ийэтэ айманарыгар аахайбакка, тириитин имиппитин курдук имитэ олордо. Ол эрээри сирэйин олоруута быдан дьиппинийбитин бэлиэтии көрөр киһи, кини иһигэр долгуйбутун сэрэйиэ этэ. Онуоха эбии ийэтэ эмээхсин хам буолуо баара дуо? Суох. Бэйэтэ бэйэтигэр баллыгырыы олордо.
– Хаптаҕастыыр сирбитин ити оҕолор баҕайылар төһө эрэ үлтү тэпсэллэр! Бээ, арыычча уоскуйбуттарын кэннэ, маннааҕы бэрээдэги билиһиннэрэ тиийиллиэ буоллаҕа!
* * *
Курусобуой массыына эргэ дьиэлэр аттыларыгар тохтуур.
– Кэллиби-ит-кэллибит! – Бааска, туох эрэ үтүө сонуну этэрдии, биллэрэр.
– Оо, пахайбын даҕаны! Өтөх буолбут сир эбит буолбат дуо? – Өкүлүүнэ эрбэһин саба үүммүт сирин көрөн санаата харааһынна.
– Кырдьык да, оннук эбит! Аата сүрүн! – Мотуруона массыына иһиттэн тахсыан да баҕарбата.
– Чэ, чэ, этэҥҥэ кэллибит. Түргэн соҕустук малгытын сүөкэниҥ! – суоппар Бааска ыксатан барар.
– Хайыырбыт хаалбыт үһүнүй уонна… – Өкүлүүнэ өрө тыынаат, массыынаттан түһэр уонна тулатын эргиччи көрөр.
– Айабыын! Арбаллан дойду да бөҕөтө! – диир саллыбыттыы.
– Олорон бардаххытына, кэм ама буолуо, бэттэх кэлиэ, – Бааска уоскута сатыыр.
– Чэ! Хайыахпытый? Тэҥнэһиэхпит дуо? Малбытын сүөкэниэххэ, олохпутун оҥостуохха, – Өкүлүүнэ барыларыгар туһаайан этэр.
Уолаттар обургулар, сиргэ түһээт, сүүрэкэлэһэн бараллар.
– Уолаттар, мэниктээн бүтүҥ! Ийэлэрэ, таах даллайан баран туруоҥ дуо? Уолаттаргын дьаһайталаан ис! – Өкүлүүнэ куолутунан эмиэ Маайаҕа саба түһэр.
– Лөглөө, тукаам, бырааттаргынаан малы таһыҥ эрэ. Мэниктээмэҥ, – Маайа, сымнаҕас майгылаах буолан, көрдөһөрдүү саҥарар.
– Сээкэйи мээнэ сиргэ быраҕаттаамаҥ! Иһити-хомуоһу алдьатаҥҥыт, аны ол айдаана тахсыа! Иһит күндү! Барыны бары харыстыы үөрэниҥ! – Өкүлүүнэ идэтинэн тохтоло суох мөҕүттэр
Мотуруона кэргэнинээн кууллаах малларын олохсуйуохтаах дьиэлэрин диэки соһоллор.
– Айуу, билсэн бардахха, айдааннаах соҕус ыаллар быһыылаах ээ. Эдьиийдэрэ хамаандалаан түһэн, эчи кутталын.
– Оттон эн да оҕолоргун дьаһайан ис ээ. Таах сис туттан баран тураллар дии, ол?! Көрбөккүн дуо? – Уйбаан дэлби тириппит көрүҥнээх.
– Бэйэҥ этиэххиний?
– Эппэтэҕэ буолуо диигин дуо? Эппитим. Киһи тылын кумаардаан да көрбөттөр.
Мотуруона, ити тыллары иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, эргиллэ биэрэр. Кыргыттар, чахчы, тугу да гыналларын билбэтэхтии, тэпсэҥнэһэ тураллар, тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр, күлсэн ылаллар.
– Кыргыттар, таах туруоххут дуо? Сээкэйи тасыһыҥ! – Мотуруона итиччэлээҕи көрөн, кыынньа түһэр.
– Оттон итиччэтигэр уолгар эмиэ этиэххиний…
– Баанньыска, тоойуом, ити сиэккэлээх малы дьиэҕэ илт эрэ, – диир Мотуруона уолугар бэрт сымнаҕас куолаһынан.
– Муоча, уолгун атаахтатан да биэрэҕин, – Уйбаан сэмэлиирдии этэр.
– Соҕотох уолбутун атаахтатымына… – Мотуруона уолун диэки таптыыр харахтарынан көрөр.
– Уолу уол курдук тутуохха баара, аны сотору төбөбүтүгэр ыттыа дии?
– Ээ, кими батан биһиги оҕобут куһаҕан буолуой? Оҕо эрдэҕинэ, ийэ-аҕа тапталын билэн хааллын ээ. Кэлин, ойохтонноҕуна, ол обургу, оҕобутун көлүйэр ини.
– Эн миигин көлүйбүтүҥ курдук дуо?
– Эс, наһаа көлүйүллүбүтүҥ көстүбэт! Хата, бэйэҥ аһары барыахчаҕын! Оннук буолбатах дуо? – Мотуруона оҕонньорун диэки дьүккүччү көрөр. Онуоха анарааҥҥыта, кэпсэтэн да туһа суох диэбиттии, салгыы малларын сосуһан барар.
* * *
Алаастыыраптар дьиэлэрин хомуйаллар, ким эрэ сиппийэр, ким эрэ сотор, ким эрэ эргэ, туһата суох маллары таһаарталыыр. Суоппар Бааска киирэр.
– Чэ, мин төттөрү айаннаатым.
– Бай, тоҕо бачча ыксаатыҥ? Чэйдээн баран барыаххыный? – Өкүлүүнэ, төһөтө кырдьыга эбитэ буолла, суоппар Баасканы тохтоппута буолар.
– Ээ, эһиги өссө да өр хомунуоххут. Хаһан чэйдэтэргитин күүттэхпинэ, халлаан да хараҥарыа.
– Чэ, оччоҕуна айанныыр буоллаҕыҥ. Хата, биирдэ эмэтэ кэлэ сылдьаар.
– Мээнэ кэлбэтим буолуо ээ. Гөрүүчэй да күндү. Арай тойоттор «бар» диэн соруйдахтарына, биирдэ.
– Оттон, саатар, төттөрү көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигин? – Ньукулай ыйыталаһар.
– Этэбин дии, тойоттор туох дииллэринэн хамсанабын.
– Аата, наар «тойоттор да тойоттор» буолан түһэҥҥин! – Ньукулай кэлэйбит куолаһынан.
– Сопхуос массыынатын миинэ сылдьаммын уонна туох диэхпиний?
– Чэ, оччотугар, барар киһи бардаҕыҥ! Ойоҕуҥ Биэрискэ төһө эрэ күүттэҕэ, – Өкүлүүнэ ити кэпсэтииттэн сөбүн хал буолла быһыылаах.
– Күүтээн-күүтэн! Бэйэтиттэн олох биир да хардыы араарыан баҕарбат ээ!
– Һы, эдэрэ бэрт буоллаҕа… – Өкүлүүнэ үөннээх баҕайытык күлэн ылар.
– Даа, эдэр бөҕө, – Бааска мичээрдээн ылар. – Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! – диэт, тахсан барар. Массыынатыгар олороот, таһырдьа үлэлии сылдьар Силэпсиэптэргэ «бакааларыҥ» диэн сапсыйар. Онуоха Уйбаан уун-утары кэлэр.
– Хайа, Бааска, номнуо бардыҥ дуу? Туох ааттаах тиэтэйдэххиний?
– Бара-ан баран… Таарыччы Һаанньыкаптарга киирэн чээйдээн ааһыллыа. Эһиги чэйдэппэтигит дии?
– Оттон бэйэҥ көрөҕүн дии, өссө да хомуна сылдьабыт. Остуолга олорорбут өссө да ыраах быһыылаах.
– Чэ, этэҥҥэ олоруҥ! Мин, айан киһитэ, көтүттүм!
Уйбааннаах Бааска илиилэрин тутуһан, быраһаайдаһаллар. Бааска массыынатын кэнниттэн хойуу быыл өрө көтөн тахсар.
* * *
– Һыччый, ол сытар хобордоохтору биэр эрэ.
Оппоо, ийэтин көрдөһүүтүн толороору, туохтан эрэ иҥнэн охтон, сиргэ таралла түһэр. Тыас-уус бөҕөтө буолар. Онуоха Өкүлүүнэ соһуйан ходьох гына түһэр.
– Бабат-татат! Туох ааттаах куһаҕан туттуулаах дьоҥҥутуй? Тыаһаан-ууһаан түһэҥҥит, аны дьиэ иччитин үргэргит буолуо? – диэн айдаарар.
– Алҕаска түһэрдим ээ… – Оппоо, буруйдаах киһи быһыытынан, куотуна сатыыр.
– Һ-м, эйиэнэ буолан баран, барыта алҕаска буолан иһэр! – Өкүлүүнэ идэтинэн кыбдьырынан ылар.
– Чэ, чэ, наһаа оргуйума, – Ньукулай уолун көмүскэһэр.
– Ньукулай, бэриинэлэри тэбээтиҥ дуо? – Өкүлүүнэ болҕомтото аны Ньукулайга көһөр.
– Тэбиэм, тэбиэм! Ханна да куотуохтара суоҕа!
– Уолаттар, аҕаҕытыгар көмөлөһүҥ эрэ! Туох баар бэриинэлэри, сыттыктары, суорҕаннары маҕыйа-маҕыйа күүскэ тэбээҥ!
Уолаттар, аҕаларын батыһан, таһырдьа тахсаллар.
– Бээрэ, оччотугар мин тахсаммын, хоруопкалаах маллары бэрийиим. Маайа, эн манна барытын ситэри бэрээдэктээ, оннун буллар.
Өкүлүүнэ таһырдьа тахсыа эрэ кэрэх, Маайа, орон анныгар кистээбит эргэ суумкатыттан бытыылкатын ойутан таһаарар уонна хаппаҕын арыйаат, туох да чааскыга, иһиккэ куппакка эрэ, түргэн соҕустук хаста да омурдар. Дьэ, онтон тыын ылан, уоскуйар. Харахтарыгар ханна эрэ түгэххэ саспыт төлөннөрө уһукталлар…
* * *
– Манна хайдах эрэ соччото суох баҕайы эбит. Анараа сайылыкпыт быдан ордук этэ, – уон биэс саастаах Любуска кыыс, түннүк сото туран, үҥсэргээбиттии этэр.
– Оннук ээ… Таах сибиэ манна кэлэммит! Тоҕо сөбүлэспиккитий? – эдьиийиттэн сылынан аччыгый Лидыкка төрөппүттэрин диэки көрөн ылар.
– Ээ, ону биһигиттэн ыйытыахтара диэтэххит дуу? Тойоттор «Өллөөххө бараҕыт да, сабаас!» диэбиттэрэ да бүттэҕэ! – ийэлэрэ Мотуруона оронун таҥаһын бэрийэ туран хоруйдуур.
– Ол аата биһиги ынах сүөһү курдук буоллахпыт! – Любуска кыыһырбыттыы саҥарар.
– Эс, туох диэтэҥий ити аата? – Мотуруона кыыһын тылларын эмиэ да сөҕө, эмиэ да атыҥырыы истэр.
– Ол аата биһиги бэйэбит дьылҕабытын бэйэбит быһаарар туох да бырааппыт суох!
– Ону-маны лабаҥхалаама! – ийэтэ саба саҥарар.
– Айыка, бу сайын түргэн соҕустук ааһа охсоро буолла-ар! – Любуска, кыах баара буоллар, бу сиртэн билигин да куотуох курдук.
– Хайа, номнуо оскуолаҕын аҕынныҥ дуо? – Мотуруона хороччу улааппыт кыыһын диэки соһуйбуттуу көрөр.
– Ээ, манна олоруох кэриэтэ, үөрэммит быдан ордук!
– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын… – Лидыкка эдьиийин диэки буолар.
– Ийээ, убаай Миитэрэй куораттан аҕалбыт тимир бэстилиэтэ ханнаный? – Баанньыска мас дьааһыгын хаһа туран ыйытар.
– Тукаам, уурбут сиргэр баар ини!
– Оттон суох ээ!
– Ол аата дьиэҕэр хааллардаҕыҥ!
– Ол бэстилиэтэ суох хайдах да табыллыбаппын! – Баанньыска ытыахча.
– Ону мин дьэ хайыыбыный? Дэриэбинэҕэ сүүрэн тиийэн аҕалабын дуо?
– Аҕал! – Баанньыска кыһыытыттан атын оонньуурдарын сиргэ кыыратар.
– Ээ, дьэ, бу да уолбут атаахтаан түһэн! Бүт, нохоо! – Лидыкка кыыс быраатын буойа сатыыр.
– Кырдьык даҕаны, бачча улахан эрээригин, наар сыыҥк-сыраан буолуоххар дылы ытыы сылдьаҕын! – Любуска быраатыттан адьас сөп буолбут быһыылаах. Ол эрээри Баанньыска, итиччэ атаах уол, кими истиэ баарай? Өрө баран иһэр. Аттыгар сытар сурунаалы эдьиийин диэки кыыратар. Дьолго, кыыс сурунаалы хабан ылар.
– Наһаалаама эрэ! Ийээ, аҕаа, уолгутун тоҕо үчүгэй соҕустук буойбаккытый? – Любуска бу сырыыга баҕас чахчы да кыыһырыан кыыһырбыт көрүҥнээх. Ол аайы Баанньыска аһары түһэн, эдьиийигэр өссө тылын көрдөрөр.
– Оҕолор, билбэт сиргитигэр үктэнэн баран, мээнэ иирсимэҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ! – Мотуруона буойбута буолла.
– Оттон Баанньыска наһаалыыр дии! Тоҕо уолгутун буойбаккытый? Туой кини буруйа суох буолан иһэр, – Любуска ийэтигэр туһаайан этэр.
– Оттон тоҕо саҥа бэстилиэппин хоруопкабар уурбатаххытый? Үспүйүөннээх оонньоотохпутуна, ити Алаастыыраптар уолаттарын үчүгэй соҕустук ытыалыахтаах этим.
– Ээ, һычы, төрүт долгуйума. Мин эйиэхэ мастан кыһан, бэртээхэй бэстилиэт оҥорон биэриэм, адьас дьиҥнээх курдугу, – Уйбаан атаах уолун уоскута сатыыр.
– Пахай, ол былыргы оҕо курдук мас бэстилиэтинэн оонньуом дуо? – Баанньыска кыһыытыттан тэбиэлэнэн ылар.
– Айыка, кыыс курдук кыҥкыйданан бүт! Түксү! Эйигинэ да суох кыһалҕа элбэх! – Мотуруона, киһи эрэ буоллар, уолун буойар.
* * *
– Хайа, ыаллар дорооболоруҥ! – суоппар Бааска Санниковтар дьиэлэригэр киирэр.
Дьөгүөр, ааҥҥа көхсүнэн олорор буолан, сыччах нэһиилэ хайыһан эрэ көрөр. «Дорообо-дыраастый!» түһэрбэт. Ыалдьыт эрэ, сах эрэ киниэхэ төрүт да син биир быһыылаах. Арай Ылдьаана эмээхсин, сааһырбыта бэрдиттэн, уота-күөһэ мөлтөөбүт, будулуйбут харахтарыгар кыл түгэнигэр туох эрэ кыым тыган ыларга дылы буолар.
– Хайа, Лэгэнтэй уола кэллиҥ дуу?
– Ээ, мин, мин, Лэгэнтэй уолунабын.
– Хаһан да сылдьыбат бэйэҥ, хата хайаан үктэннэххиний? – эмээхсин соһуйбуттуу ыйытар.
– Сайылыкка дьону тиэйэн аҕаллым. Таммах ууну иһэрпэтилэр, онон эһиэхэ киирдим.
– М-мм, чэ, олор, олор. Биир чааскы чэйи баҕас кутаа инибин.
Бааска остуолга олорор, эмээхсин чэй кутар. Бааска итии чэйин сыпсырыйан иһэр. Лэппиэскэни өлгөм соҕустук сүөгэйинэн биһэр уонна айаҕар толору симэн, аһаан барар.
– Һуу, аччыктаабыт да эбиппин! – диир.
– М-мм… Чэ, таах аһаан мотуйа олоруоҥ дуо? Кэпсээ, кимнээхтэри аҕаллыҥ? – эмээхсин ыйыталаһан барар.
– Ээ, бүтүн икки ыалы оҕолуун-уруулуун тиэйэн аҕаллым.
– Кимнээхтэрий ол?
– Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар. Билэр инигин кинилэри?
– Билиминэ!
Ити тухары кэпсэтиигэ орооспокко саҥата суох олорбут Дьөгүөр харахтарыгар мичээр дуу, үөрүү дуу кыыма кыл түгэнигэр охсуллар. Ол эрээри ким кини сирэйин одуулаабыта баарай?
– Быйыл манна сайылыыллар үһү.
– Тыый, бүтүн аармыйа дьонун тиэйэн аҕалбыккын дии?!
– Оннук!
– Айа да! Сорбутун сордууһуктар! – Ылдьаана ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Хайыаххытый? Тулуйаргытыгар эрэ тиийэҕит. Аны туора дьон оҕолорун мөҕөн, ол алдьархайа тахсаарай! Ити Өкүлүүнэ бэлэһэ сүр быһыылаах. Быраатын кини дьаһайан олорор дииллэр. Кийиитин букатын да муннукка ыкпыт.
– Чэ, хайаатыннар даҕаны. Биһиэхэ эрэ мэһэйдээбэтиннэр. Былырыын, ким да суоҕуна, сүөһүлэрбитин көрөн-истэн, ыппытын-куспутун кытта эҥээрдэһэн бэркэ да олорбуппут.
– Ол олоххутун умнаргытыгар тиийэҕит. Хата, төттөрүтүн, эрдэ сылла баран билсиҥ, ыаллаһа охсуҥ. Баҕар, хата, кимнээҕэр тапсыаххыт дии? Дьөгүөр, туох дии саныыгыный?
– Баҕар, буолуо даҕаны, – ити тухары баара-суоҕа биллибэккэ иһийэн олорбут Дьөгүөр, ыалдьыт этиитин кытары тута сөбүлэспититтэн ийэтэ эмээхсин соһуйан, ходьох гына түстэ. «Тугу, тугу, нохоо, тыллаһаҕын?» диэбиттии, баар-суох уолун диэки соһуйбуттуу көрдө.
– Ити баар дии, Ылдьаана, уолуҥ саҥа дьон кэлбититтэн үөрэр эбит!
– Ээ, ким билэр…
– Чэ, туох да диэбит иһин, ураты сайын эһигини күүтэр…
Суоппар Бааска лэппиэскэтин сүөгэйинэн сыбаан баран, өссө үрдүгэр саахардаата уонна бүүс-бүтүннүүтүн айаҕар симиннэ.
* * *
Маайа дьиэ иһин хомуйар, сууйар-сотор, маллары дьаарыстыыр. Бастаан утаа ыһыллаҕаһа бэрдиттэн илиитэ-атаҕа олох барыа суох бэйэтэ, сыыйа-баайа син үөрэнэн, хамсаныыта түргэтээн барда. Эбиитин, сөп буола-буола, бытыылкатын баран соппойор.
– Ийээ, эдьиий эйигин остуолун тарда турдун диэтэ! – Куока аҕылаан-мэҕилээн, дьиэҕэ киирээт, нэһиилэ тыын ыла-ыла эттэ.
– Сөп, һычы, билигин начаас остуолу тардыам. Ол диэн үлэ буолаахтыа дуо? – диэтэ Маайа хайдах эрэ ис иһиттэн уйадыйан туран. – Тоойуом, хата, эйигин бырдах сиэбэтэ дуо?
– Ээ, суох, эдьиий Өкүлүүнэ түптэ оҥорбутугар бырдахтар тута сүтэн хаалбыттара.
– Чэ, бэрт эбит оччоҕо. Оттон аҕаҥ ханнаный, тугу гына сылдьарый?
– Суорҕаннары тэбээн баран, тыаҕа мас мастыы барбыта.
– Оттон убайдарыҥ ханналарый?
– Бары бииргэ барбыттара.
– Ээ, чэ бэрт эбит. Куока, эн таһырдьа тахсыма. Манна аттыбар олоро түс, миэхэ доҕор буол.
– Сөп, ийээ.
Куока түннүк аттыгар олоппоско олорунар. Ийэтэ остуолга иһити-хомуоһу уурталаан барар. Онтон тугу эрэ көрдөөн булумахтанар. Хоруопкалары үрүт үөһэ хас да хас буолар. Ити кэмҥэ Өкүлүүнэ сылабаарын туппутунан дьиэҕэ киирэр.
– Хайа, остуолгун тартыҥ дуу? – диир кини, остуолу кэриччи көрөөт. Килиэп, арыы, эт ууруллубуттар. Барыта баар курдук эрээри, туох эрэ тиийбэт.
– Оһохпутун аһатыахпыт этэ… Алаадьыгын тоҕо остуолга уурбатыҥ?
– Булбатым ээ… – диир Маайа, буруйдаах курдук туттан.
– Хайдах ол аата? – Өкүлүүнэ итэҕэйбэтэхтии ыйытар.
– Оттон барыны бары көрдөөтүм да, булбатым…
Өкүлүүнэ кийиитигэр чугаһыыр.
– Хайа, эн, кэллэ-кэлээт, аһыы аскын номнуо амсайа охсубуккун дуу?
Куока итиччилээҕи көрөн, кутталыттан иһийэн хаалар.
– Ээ, оттон кыратык…
– М-мм… Эн обургу киэнэ барыта кыра буолан истэҕэй? Арыгыгын умнуохтааҕар алаадьыгын умнубуккун дуу?! Дьахтар да бөҕөтүнэҕин! Оо дьэ, ити аата аал уоппут иччитин аһаппат буоллахпыт! Буолар да эбит… – диир Өкүлүүнэ, улаханнык кэлэйбиттик.
– Оттон мин түргэн соҕустук оҥоруохпун сөп ээ. Алаадьыны оҥорор диэн улахан буоллаҕай?
– Наадата суох! Умуннуҥ да умуннаҕыҥ! Туой, барытын буорту гына сылдьаҕын! Дьаабы да дьахтаргын!
Өкүлүүнэ абаккатыттан Маайаны саайан сырбатыах курдук. Анарааҥҥыта кутталыттан кыра бэйэтэ өссө кыччаабыкка дылы буолла.
Куока итиччэлээҕи истэн ытаары, нэһиилэ сыҥсыйа олорор.
– Һычы, ытаама… – Маайа уолун уоскутаары кини диэки хайыспытыгар Өкүлүүнэ суолу бүөлүү түһэр.
– Тыытыма оҕону! Чугаһаама даҕаны! Чэйгин кутуталаа! Чаһы ыраатта, ньирэйдэрбитигэр тахсарга уолдьаста!
* * *
Пиэрмэ дьонугар уһун кыһын кэнниттэн сайылыкка тахсыыттан ордук туох үчүгэй кэлиэй? Сүөһүлэр көҥүл мэччийэллэр, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр аҕыйах ый иһигэр төлөһүйэ улааталлар. Өллөөх сайылыгар тахсыбыт икки ыал кыралыын-улаханныын бука бары бастакы ньирэйдэрин аһата тахсаллар. Бука бары үөрбүт-көппүт сирэйдээхтэр. Бэл Өкүлүүнэ сирэйэ сырдаабыкка дылы, харахтарыгар дуоһуйуу кыыма баар. Куока суоскатын туппутунан, тугу гыныан билбэккэ турдаҕына, киниэхэ биир ньирэй сүүрэн кэлэн, «Аһат!» диэбиттии, инчэҕэй муннун анньар. Онуоха уол күлэн саһыгырыыр. Ньирэй барахсан, оҕо оҕо курдук күүтүүлээх үүтүн иҥсэлээхтик оборбутунан барар.
– Маладьыас, аһаан ис, биир да хааппыланы хаалларыма! Оччоҕуна хаһан эрэ уп-улахан буолуоҥ! – Куока, ньирэй хайдах суосканы эмэрин, хараҕын араарбакка одуулаһар. Аһатан бүтээт, ньирэйин кууһан ылар.
– Мин эйигин Эриэнчикэй диэн ааттыыһыкпын! Эриэнчикэйгин дии! Эчи, кыламаннарыҥ уһуннарыын! Харахтарыҥ килэбэчигэстэри-ин! Эйигин мин эрэ аһатар буолуом, сөп? Атыттарга сүүрэн көрөйөххүнүй? – салгыы Куока ньирэй уһун даллайбыт кулгааҕыгар тугу эрэ сибигинэйэр.
– Тоойуом, ньирэйгэ туох диэн ити сибигинэйдэххиний? – Өкүлүүнэ Куока диэки соһуйбуттуу көрөр.
– Туох эрэ диэти-им!…
– Оттон, саатар, эдьиийгэр эт ээ! – Өкүлүүнэ эйэргэспиттии этэр.
– Ээ, суох! Кистэлэҥ!
– Чэ, сөп. Буоллун даҕаны! Оҕом барахсан букатын улахан киһи курдук буолбут, өссө кистэлэҥнээх эҥин ээ, – Өкүлүүнэ уолчааны таптаан, төбөтүттэн имэрийэн ылар.
Айантан, саҥа сиргэ олохсуйартан сылайбыт буолан, бары да эрдэ ороннорун булаллар. Уйбаан Силэпсиэп сытан эрэ Эрилик Эристиини ааҕар.
– Төһө интэриэһинэй кинигэний? – Любуска таах сытыахтааҕар ыйытар.
– Былыргы олоҕу бэркэ да ойуулаан суруйбут!
– Аҕаа, хата ааҕан бүтэрдэххинэ, миэхэ биэрээр, – Лидыкка уочараттыы охсор.
– Биэрэн бөҕө буоллаҕа! Бу маннык дьиҥнээҕи, олоххо буолбуту кэпсиир айымньылары киһи умсугуйан туран ааҕар. Оттон сорохтор киэннэрэ таах өйтөн суруйуу курдук, барыта албын!
– Айыка, мин тус бэйэм өрөбөлүүссүйэ туһунан ааҕарбын сөбүлээбэппин, – Мотуруона улахан баҕайытык дьааһыйан ылар.
– Һ-м, эн диэн эн буоллаҕыҥ! Кинигэни аахпаккын даҕаны дии? – Уйбаан ойоҕун диэки хайыһар.
– Ону ааҕар бириэмэ да суох. Үлэттэн ордон кинигэ ааҕан таралыйан сытыам дуо? Үчүгэйэ бэрт дии! «Кыыммын» да аахтахпына сөп! Чэ, түннүктэргитин сабыҥ уонна утуйуҥ. Сарсын эрдэ турабыт.
– Ээ, пахай, саатар кыратык ааҕыахха ээ! Саамай мүччүргэннээх түгэҥҥэ кэллим! – Любуска ийэтиттэн көрдөһөр.
– Чэ, отучча мүнүүтэ ааҕан баран тохтооруҥ, сөп буолуо. Сынньаныаххытын наада, эһиги да буолларгыт сылайдыгыт ини.
Уйбаан сыҥааҕыргаан ылар. Кинигэтин муостаҕа быраҕар. Кыргыттар, аралдьыйбакка, салгыы ааҕаллар…
* * *
Алаастыыраптар, Өкүлүүнэ буойан-хаайан, кыралыын-улаханныын эмиэ эрдэ хаптайаллар. Түннүк чараас сабыытын быыһынан ый уота кутуллар, ол аайы дьиэ иһэ киһи этэ тардыах, күлүгүрэн иһэр. Бэл истиэнэ, оһох, күннэтэ туттуллар судургу тээбириннэр киһи билбэт гына уларыйаллар.
Эмискэ Өкүлүүнэ баттатан, эмиэ да ынчыктыыр, эмиэ да ытыыр, эмиэ да улуйар курдук дьулааннык саҥарар. Ол эрээри бары кытаанахтык утуйа сытар буолан, эдьиийдэрэ эрэйдэнэ сытарын истибэттэр. Сыыйа-баайа оһох кэнниттэн от күөхтүҥү өҥнөөх, буруо курдук хойуу салгын халыйан, дьиэ иһигэр тарҕанан барар. Ол аайы Өкүлүүнэ баттатара күүһүрэр, сүгүн уһуктубакка эрэйдэнэн бөҕө буолар. Кини дьолугар, Куока уһуктан кэлэр уонна кутталыттан ытаан барар. Кэмниэ кэнэҕэһин биир-биир бары уһуктан кэлэллэр.
– Өкүлүүнэ, туох буоллуҥ? Уһугун! – Ньукулай эдьиийин уһугуннара сатыыр. Ол эрээри Өкүлүүнэ ити ыарахан туруктан тута босхоломмот. Киһи саҥатын буолбакка, туох эрэ дьиикэй кыыл саҥатын ис иһиттэн таһаарарыттан Куока өссө күүскэ ытыыр.
– Өкүлүүнэ! Өкүлүүнэ! – Ньукулай, куолаһын улаатыннаран, эдьиийин ыҥырар. Кэмниэ кэнэҕэһин Өкүлүүнэ ыараан хаалбыт халтаһаларын нэһиилэ арыйар.
– Ээ, уһугуннум… уһугуннум. Утуйуҥ! – диир Өкүлүүнэ, барыларын уоскутардыы. Ол эрээри аттыгар сытааччылар эдьиийдэрэ кутталыттан сүрэҕэ күүскэ да күүскэ тэбиэлиирин истэргэ дылылар.
Дьиэ иһэ барыны бары мэлдьэһэн, чуумпу буола түһэр.

2
Сарсыарда диэн сарсыарда. Сарсыарданы тугу кытта холуохха сөп эбитэ буолла? Арааһа, эдэр сааһы кытта буолуо. Эдэр саас курдук кэрэ, ыраас, кыһалҕа, сылайыы тыына өссө биллибэт. От – тэпсиллибэтэх, күөл долгураҥа – холку, наҕыл. Үөн-көйүүр сыыгыныыра, эрдэһит чыычаах ырыата-тойуга сайыҥҥы сарсыарданы ситэрэн биэрэр…
Алаастыыраба Маайа күөрчэх ытыйа турар. Аттыгар аччыгый уола Куока эриллэр. Маайа, күөрчэҕин ытыйан бүтээт, ытыгын уолугар туттарар. Анарааҥҥыта, ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, күөрчэҕи салыыр.
– Һычы, минньигэс да-а?
– Ааһа… – Куока, салыы охсоот, нэлэгэр иһиттэн күөрчэҕи ытыгынан өссө оймоон ылаар. Ийэтэ буойуохтааҕар уолун диэки таптаабыт харахтарынан көрөн ылар. Аан аһаҕас буолан, күн сырдыга, сылааһа дьиэ иһигэр бүтүннүү кутуллар.
– Хайа, урукумуонньукпутун ыйаабатаххыт дуу? Хайдах дьэ уонна суунабыт? Уолаттар, була охсуҥ эрэ! – таһырдьаттан Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.
– Һычы, бараҥҥын, эт эрэ, сылабаардаах уу оргуйбут буоллаҕына, киллэрдиннэр. Чэйдиэхпит этэ, – Маайа уолугар сорудах биэрэр. Куока, иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, таһырдьа ойор. Маайа, остуолун тарда туран, түннүгүнэн ыаллыы олорор Силэпсиэптэри одуулуур. Уйбаан, сабараанньаҕа олорон, куолутунан, табахтыыр. Сайыҥҥы сарсыарданан дуоһуйа олорор киһи быһыытынан, сирэйэ наҕыл, бэл мырчыстаҕастара көммүккэ дылылар. Ити туран эмискэ Маайа, Уйбаан кини диэки көрөрүн бэлиэтиир. «Тугай эмиэ?» диэбиттии, Маайа хайдах эрэ ис-иһиттэн кыбыстан ыларын, сирэйэ тэтэрэрин, аттыгар ким да суох буолан, бэлиэтии көрбөт. Ити икки ардыгар Уйбаан соҕотох уола, муннун бүөтэ, Баанньыска сүүрэн чолохоччуйан кэлэр, онтон Мотуруоната көстөр. Маайа Мотуруона туһунан санаан барар. Мотуруона, туох да диэбит иһин, эдэр сылдьан киһи хараҕар быраҕыллар дьахтара этэ. Билигин да өйдөөн көрдөххө, тэтиэнэх соҕус: этэ-сиинэ кытаанах, тутта-хапта сылдьара эрчимнээх. Итинник сэбэрэлээх дьахтар куорат дьахтара эбитэ буоллар, төһө эрэ тупсуо, уларыйыа этэй? Ону баара, билбитэ диэн пиэрмэ. Ыарахан үлэттэн ким баҕарар эрдэ кырдьар. Маайа бэйэтин кистэлэҥ санааларыттан бэйэтэ кыбыһынна быһыылаах, сүр түргэнник түннүгү сиидэс сабыынан саба оҕуста уонна долгуйбутун үмүрүтэ сатаан, харса суох килиэби бысталаан, тэриэлкэҕэ хоточчу уурталаата.
Силэпсиэптэр, Маайа ыраахтан кинилэри көрөн, долгуйбутун хантан сэрэйиэхтэрэ баарай? Иккиэн олорон эрэ, буолары-буолбаты сэһэргэһэллэр.
– Хайа, Уйбаан, тугу түһээтиҥ? – Мотуруона оҕонньоруттан туоһулаһар.
– Һ-м…Ээ, тугу түһүөхпүнүй? Төбөбүн сыттыкка уураат да, таастыы утуйбутум.
– Оттон, саҥа сиргэ тугу түһээбитиҥ туолар диэччилэр дии?
– М-мм… Буолуо даҕаны. Хата, киһи бэрдэ, эн түһээтиҥ ини? Баҕар, биир эмэ туора бытыктаах дьээдьэни көрбүтүҥ буолаарай? Эбэтэр ол былыргы чөҥөчөккүн Ньукулайы? Киһиҥ, хата, бииргэ сайылыыр буолбуппутуттан үөрбүт быһыылаах!
Мотуруона, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, кэргэнин өттүгүн тоҥолоҕунан саайар.
– Эн ону-маны тыллаһан бүт эрэ! Истиэххин баҕардаххына, Брежневи түһээбитим.
Уйбаан соһуйан, ходьох гына түһэр.
– Һ-м…Брежневи даа?
– Ааһа. Леонид Ильиһы.
– Утуйуоҥ иннинэ «Кыымы» аахпытыҥ ити баар! Хайыырый ол Брежневпит?
– Манна кэлэр!
– Манна диэн ол аата ханна?
– Манна диэн манна! Өллөөххө!
– Эс, сымыйалыыгын быһыылаах! Балыыҥкалаама!
– Уоспадьы! Түүлгэ баҕас тугу баҕарар көрүөххэ сөп ини! Кырдьык буоллаҕай? – Мотуруона, оҕонньоро бытааннык толкуйдууруттан кыйыттан барда.
– Эмиэ да оннук… Түүл диэн түүл буоллаҕа. Оччотугар Брежневпит манна кэлэн дьэ хайыырый?
– Кылабачыгас хара массыынатынан сыыры түһэн, бу сайылыкпытыгар кэлэр. Кэнниттэн элбэх баҕайы атын кып-кылабачыгас массыыналар, ол быыһыгар биһиги биригэдьиирбит газигынан арыаллыыллар. Тохтоотторун кытары, Ыстапаан Ыстапаанабыс долгуйа-долгуйа: «Леонид Ильич, бу биһиги сопхуоспут бастыҥ үлэһиттэрэ» – дии-дии биһигини ыйар.
– Ээйи-ис! – арааһа ойоҕун кэпсээнин барытын хараҕар ойуулаан көрөн, онтон бэркиһээн, Уйбаан күлэн күһүгүрүүр.
– Онуоха Брежнебэ биһиэхэ эрэ аахайбат: «Баран, сүөһүлэргитин көрүөххэ, төһө төлөһүйбүттэрий?» – диир. Дьэ уонна бука бары сүөһү турар далыгар хааман тиийэллэр уонна… – Мотуруона, кэпсээн иһэн, тохтоон хаалар.
– Тоҕо тохтоотуҥ? Салгыы кэпсиэххин?
– Ээ, салгыы киһи кэпсиирэ туох да үчүгэй суох.
– Бай, туох буоллахтарай? Брежнев ынах сааҕыттан халтарыйан, тиэрэ таһыллан түһэр дуо?
– Уу, бу акаарыны! – Мотуруона, кэлэйбиттии, оҕонньорун эмиэ тоҥолоҕунан өттүккэ саайар.
– Оттон оччоҕо туох буоларый?
– Тиийбиттэрэ, сүөһүлэрбит тылларын таһааран баран, сиргэ тараһан сытаахтыыллар эбит.
– Ол аата хайдах? – диир Уйбаан, өйдөөбөтөхтүү.
– Оо дьэ! Чахчы да тиийиммэккин дуу, хайдах дуу? Хайдах тута өйдөөбөт баҕайыгыный? – Мотуруона ис-иһиттэн кыйыттан барар. – Түһээтэхпинэ, ынахтарбыт чыыста бары сиргэ өлөн тараһан сыталлар!
– Аньыы даҕаны! Аата, булан-булан түһээтэххиний?!
– Дьэ, диэмэ! Бэйэм да куттанным ээ, сүрэҕим «парк» гына түспүтэ. Ол иһин эрдэ тураммын, сүөһүлэрбин баран көрбүтүм, хата барахсаттар этэҥҥэ тураахтыыллар эбит.
– Оннук эрэ буоллун…
Маайа, остуолун тардан баран, дьонун көһүтэ таарыйа, сөбүлүүр ырыаһыта Ольга Иванова репертуарыттан киҥинэйэн ырыа ыллыыр. Ыллаан истэҕин аайы, сирэйин тыҥааһына сүтэргэ, наҕылыйан, ис иһиттэн уоскуйан барарга дылы буолар. Өкүлүүнэ киирбитигэр, тохтоон иһэн, анарааҥҥытын сирэйин олоруута сымнаҕаһын, кини диэки эйэ-дэмнээхтик көрөрүн билэн, ырыатын тохтоппот, ситэри ыллыыр.
– Дьэ, Маайа, туох да диэбит иһин ыллыыргын баҕас сатыыгын. Киһи эрэ иһиттэр-истиэх курдук… – Маайа ырыата Өкүлүүнэ дууһатын кылын эмиэ таарыйбыт быһыылаах.
– Ээ ити диэн… – Маайа симиктик хоруйдуур.
– Мин көрдөхпүнэ, букатын да ырыаһыт буолуохтаах киһи хаалбыккын…
– Эс, ама хайаан…
Өкүлүүнэ кийиитин саҥата суох чочумча одуулаһан баран, күннээҕи түбүктэрин саныы биэрдэ быһыылаах.
– Чэ, чэйдииргэ уолдьаста. Барыта бэлэм ини? – диэн куолутунан тимир-тамыр куолаһынан ыйытар.
– Бэлэм…
Өкүлүүнэ дьиэттэн быгаат: «Кэлиҥ! Кэлиҥ! Чэйдиэххэйиҥ!» – диэн ыҥырар. Ону эрэ күүппүт дьон, тута дьиэҕэ кутулла түһэллэр уонна сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһаан бараллар. Килиэптэрин, күөччэххэ оймоон сииллэр. Чэйдэрин тыастаахтык сыпсырыйан иһэллэр.
– Эдьиий, түүн баттатан да биэрдиҥ ээ? Итиччэ айылаах тугу түһээтиҥ? – Ньукулай сэмээр ыйытар.
– Оттон бэҕэһээ оһохпутун аһаппатахпыт ити баар дии? – Өкүлүүнэ Маайа диэки кынчарыйан ылар.
Маайа эрэйдээх буруйдаах киһи быһыытынан, кыра бэйэтэ өссө эбии намтыырга дылы буолар.
– Аата, дьэ, ол оһохпутун аһаппатахпыт аайыттан баттаппатыҥ ини!
– Дьэ, билбэтим… Дьиэ-уот, сир-дойду өһүргэннэҕэ дии…
– Тугу түһээтиҥ? – Ньукулай билиэн баҕарара сүр.
– Туох эрэ, туман курдук эрээри, хоп-хойуу салгын муоста анныттан кэлэн, муомахтыырга дылы гыммыта…
– Эчи кутталын!
– Куттал буолбакка!
– Эйигиттэн сылтаан Куока ытаабыта.
– Миигиттэн сылтаан буоллаҕай? Киэһэ дэлби мэниктээн, уу бөҕөтүн хааламмыта хайа аанньа буолуой? – Өкүлүүнэ Куока диэки сүүһүн аннынан дьүккүччи көрөр. Ол эрээри анарааҥҥыта киниэхэ эрэ аахайбат, тоҕо диэтэргит Өкүлүүнэ кинини барыларыттан ордорорун бэркэ диэн билэр.
– Оттон уруунньукпун аҕалбатаххыт дии? – диир кини хап-сабар, туох да буолбатаҕын курдук.
– Һы! Бэйэҥ малгын бэйэҥ аҕалыахтаах этиҥ буоллаҕа!
– Ээ, оттон, умнан кэбиспиппин! Уонна уруунньук тута сылдьыам дуо? Кыбыстыыта бэрт.
– Оччотугар таһырдьа тахсан ииктиэххин. Улахаҥҥын буотта?
– Ээ, суох, түүн таһырдьа тахсарбыттан куттанабын.
– Пахай, куттас куобах эбиккин! – Лөглөө, таах олоруохтааҕар орооһор.
– Аныгыскы сырыыга, иигиҥ кэллэҕинэ, ийэҕин туруораар, – Оппоо хос сыҥаах буолар. Куока кыһыытыттан туох да диэбэт, кытаран баран, килиэбин остуолга бытарыта олорор.
– Ону-маны солуута суоҕу саҥарымаҥ! Оҕону эрэйдээбэккэ-муҥнаабакка, саатар, туох эрэ бааҥката булан биэриҥ ээ! Чэ, ийэтэ тугу эмэ толкуйдуур ини. Уонна сэниэлээх соҕустук аһаан ньумньугуратан иһиҥ. Хайа, Куока, тоҕо аһаабаккыный?
– Ээ, аһыахпын баҕарбаппын.
– Ити баар, оҕону мээнэ ыстырыыстааҥҥыт, аһыан да баҕарбат буолбут! Тото оҕустуҥ дуо ити ыккардыгар?
– Тотон…
– Һы, дьикти эбит. Хайдах аһыыргын биир бэйэм көрбөккө да хааллым, – Өкүлүүнэ, бадаҕа, уолун аһынар.
– Кини күн сырдыгыттан күүс ылар, – Лөглөө тыл быраҕар.
– Чэ, ону-маны тыллаһан бүтүҥ! Билигин ньирэйдэрбитигэр тахсыахпыт, – диэн эдьиийдэрэ хамаандалыыр
– Чуур, Эриэнчикэйи мин аһатабын! – Куока тиллэ түһэр.
– Аһатаар, аһатаар! – Өкүлүүнэ «уучукурук!» диэбиттии, Куока диэки мүчүк гынар.
* * *
Тыа олоҕо – бүппэт үлэ. Любуска иһит сууйа турар, балта муоста харбыыр, арай Баанньыска күн кыһалҕата суох «Мурзилка» ааҕа сытар.
– Чэ, сып-сап үлэҕитин үмүрүтэ охсуҥ! Тахсарга уолдьаста! – ийэлэрэ киирэн тиэтэтэр.
– Ээ, мин тахсыбаппын, манна хаалабын, – Баанньыска атааҕа эмиэ киирбит.
– Бай, ол тоҕо эн хааллаххыный? Ыарыйдыҥ дуо? – Мотуруона долгуйбуттуу ыйытар.
– Ааспыкка почтальон Бааһа саҥа «Мурзилка» аҕалбыта. Онтукайбын ситэри ааҕыахпын баҕарабын.
– Ээ, хайдах буоллаххыный? Бачча обургу уол, ама, «Мурзилка» ааҕан таралыйа сытыаҥ дуо? Оннооҕор Куока дьонугар көмөлөһөр!
– Оо дьэ… – Баанньыска хайдахтаах курдук сүрэҕэлдьиирэ сирэйигэр сурулла сылдьар.
– Анаан-минээн сүрэҕэ да суох ыччат үөскээбит! – Уйбаан абарбыттыы этэр. – Соҕотох уолбут саамай сүрүн көмөлөһөөччүбүт буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии?
– Бээ, бээ, эрдэтинэ наһаа инньэ диэмэ. Баҕар, мантыкайгыттан учуонай киһи тахсыа! – ийэлэрэ кэм да көмүскэһэр.
– Үлэһит киһи учуонай буолар ини! Маннык сүрэҕэ суох буоллаҕына, ыраатара саарбах. Нохоо, тахсыахха! Ол-бу араас буолума!
Баанньыска баҕарбатар да турар. Ньирэйдэр далларыгар Силэпсиэптэр бастакынан тиийэллэр.
– Аҕаа, ким да кэлэ илик эбит дии? Биһиги уруттаабыппыт, – Баанньыска таах сибиэ эрдэ кэлэн диэбит курдук этэр.
– Куттаныма, билигин кэлиэхтэрэ. Көрөҕүн – ньирэйдэр барахсаттар аһаары үтүрүһүү бөҕөлөрө!
– Ээ, кырдьык да, аччыктаабыттар…
Баанньыска аттыгар турар ньирэйи бытыылкалаах үүтүнэн аһатан барар. Алаастыыраптар эмиэ ити кэмҥэ далга чугаһыыллар. Эмискэ Куока сүүрэн кэлэн, Баанньыска илиититтэн бытыылкалаах үүтү былдьаан ылар.
– Баанньыска, бу мин ньирэйим! Мин эрэ аһатыахтаахпын! – диир ыксаабыт куолаһынан.
– Хайдах эн эрэ ньирэйиҥ буолуоҕай? Бу барыта уопсай ньирэйдэр! Сопхуос киэннэрэ, – Баанньыска соһуйбуттуу этэр.
– Суох! Эриэнчикэй миэнэ! – Куока иннин туох да иһин биэрбэт, ньирэйин бэйэтэ аһаппытынан барар. Баанньыска таах туруо дуо, кыыһыран, бытыылканы Куокаттан былдьаан ылар.
– Олох да эн ньирэйиҥ буолбатах! – диир. Онуоха Куока биир биэс тыла суох Баанньыскаҕа саба түһэр. Ол эрэн сааһынан да, уҥуоҕунан да кырата бэрт буолан, сатаан охсуспат. Баанньыска ылар да, кинини төттөрү садьыйар. Куока сиргэ баран сууллан түһэр. Оччолооҕу көрөн, Өкүлүүнэ уолун быыһыы ыраахтан сүүрэн кэлэр.
– Охсуһан бүтү-өҥ, сатаналар! Баанньыска, бачча улахан эрээригин, тоҕо кыра оҕону тыытаҕыный? – диэн, хаһыытыы былаастаан, этэн-тыынан барар.
– Оттон бэйэтэ бастакынан түспүтэ буолбат дуо? – Баанньыска таах турбат, аахсар.
– Бу ньирэйи талбыт буоллаҕына, тоҕо эн былдьаһаҕыный? Кыра буолбат дуо? – Өкүлүүнэ Баанньысканы мөҕөн барар.
Ити тухары саҥата суох турбут Мотуруона, уолун тыытан бараары гыммыттарын, биллэн турар, сөбүлээбэт.
– Һы, кыра буолла да, талбытынан сылдьыахтаах үһү дуо? Буойуоххутун! Уолгут туох да аһары бас баттах барбыт! – диэн Мотуруона хаһыытыы быластаан этэр.
– Эн да, соҕотох уолум диэн, ыччаккын сиэри таһынан атаахтатыма! – Өкүлүүнэ тыла-өһө өһүллэн барар.
– Баанньыска тарбыйаҕы аһатан барбыта эмиэ буруй буоллаҕай? – Мотуруона да хаалсар, бэйэтин атаҕастатар санаата суох.
– Айыка, бу дьахталлар кэллэ кэлээт, этиһэн ньамалаһан эрэллэр! Бүтүҥ! Оҕолор эһигинэ да суох бэйэлэрэ быһаарсан сылдьыахтара, – Уйбаан тохтото сатыыр.
Баанньыска Куокаҕа, ким да көрбөтүнэ, тылын көрдөрөн баран, биирдэ тэйэр. Ол эрээри Куока кыайыылаах курдук сананар: Эриэнчикэйи кини аһата турдаҕа. Ити мучумааҥҥа ньирэй үүтүн түргэн баҕайытык иһэн кэбиһэр.
– Эдьиий, Эриэнчикэйгэ өссө үүт биэрэбин? – Куока Өкүлүүнэҕэ кураанах бытыылкатын көрдөрөр.
– Бүтэрбит буоллаҕына, сөп буолуо. Түксү!
– Оттон топпотох быһыылаах дии?
– Куока, көрөҕүн, атын ньирэйдэр хам аччык тураахтыыллар дии? Олору эмиэ аһатыахха наада. Үүппүт тиийиэ суоҕа.
Куока өрө тыынаат, Эриэнчикэйигэр тиийэн, моонньуттан кууһан ылар уонна кэпсэтэн барар.
– Эриэнчикэй, миэхэ кыыһырыма сөп? Эдьиий үүт биэрбэтэ. «Атыттары эмиэ аһатыахха наада» диир. Эн миигин өйдүүгүн?
Куока ньирэй таас курдук хап-хара харахтарын одуулуур. Кини ити курдук төһө баҕарар туруох көрүҥнээх да, Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.
– Куока, аһатан бүппүт буоллаххына, эн биһикки кыратык хаамса түһүөххэ..
– Сөп, эдьиий.
Ньирэйдэрин аһатан бүтэрээт, Өкүлүүнэ Куокалыын күөл кытылыгар хааман кэлэллэр.
– Эдьиий Өкүлүүнэ, бу күөлгэ балык баара буолуо дуо?
– Сураҕа, буолунай үһү, – Өкүлүүнэ, били биригэдьиир эппитин саныы биэрэр.
– Оттон оонньууллара көстүбэт дии? – күөл ньуура, кырдьык да, остуол ньуурун курдук көнө, төрүт хамсаабат.
– Баҕар, түгэххэ уста сылдьаллара буолуо, ким билиэ баарай?
– Оттон андаатар? – уолчаан билиэн баҕарара эчи элбэҕин!
– Ээ дьэ, ону билбэтим. Һычы, хата иһит эрэ кэҕэ этэрин?
Иккиэн кэҕэ «кук-куук» диэн этэрин истэн олороллор.
– Кэҕэ, кэҕэ, хас сыл олоруохпунуй? – диир эмискэ Өкүлүүнэ.
Кэҕэ, хаста да этээт, бөтөн хаалар. Өкүлүүнэ тоҕо эрэ курутуйар.
– Эдьиий, ама, итиччэ кылгастык олороҕун дуо? – диир Куока, хайдах эрэ хомойбуттуу.
– Ээ, ити диэн сымыйа буоллаҕа. Эдьиий уһунну-ук да уһуннук олоруо, оҕото хайдах улаатарын, дьээдьэ буоларын көрүөн наада дии?
– Ааһа…
Өкүлүүнэ Куокатын диэки тапталлаахтык көрөр. Өтөр уолчаан кини тобугар утуйан хаалар.
– Чыкырыгым барахсан… Наһаа да үчүгэйгин, наһаа да минньигэскин…
Өкүлүүнэ күөл долгуна суох чуумпу ньуурун одуулуу олорор. Арааһа, маннык, бэйэтин кытта бэйэтэ хаалар түгэннэригэр эрэ, кини уруккутун саныыр-ахтар, эдэр сааһыгар төннөр кыахтанар буоллаҕа.
– Оо, арай кэргэним Сүөдэр сэрииттэн эргилибитэ, игирэ кыргыттарым тыыннаах хаалбыттара эбитэ буоллар, төһө эрэ дьоллоох буолуом этэй?
Ити олорон, кини хаһан да эргиллибэт эдэр сааһыгар төннүбүккэ дылы буолар. Кини да кэргэн, ийэ буола сылдьыбыта. Сүөдэринээн иккиэн суулаах кыргыттарын көтөҕөн, уулусса устун хааман иһэллэрэ бу баарга дылы… Оо, дьоллоох да этилэр! Ол эрээри быстах дьол диэн эмиэ баар эбит.
– Чороҥ соҕотох хаалан баран, хайыамый? Сурдьум ыччаттарыгар сыстаммын, олору атахтарыгар туруорар туһуттан кыаҕым баарынан көмөлөһө сатыыбын… Сотору Моттоком кэлиэ, устудьуон кыыс биһигини кэм сэргэхситиэ этэ буоллаҕа… Кини баар буоллаҕына, бары да бэйэ бодобутун тардынаа инибит… Моттоко барахсан оннук киһи… Күн тэҥэ… Бээ, ол эрээри дьиэлээбит киһи! Һычы, Куока, уһугун, барыахха.
Нуктаабыт уол харахтарын арыйар. Иккиэн сиэттиспитинэн дьиэлэрин диэки бараллар.
* * *
Уолаттар тыа устун хааман иһэллэр. Арай Куока эрэ кинилэри кытта барсыбатах. Моҕотойу көрөн, «Моҕотой, моҕотой!» диэн хаһыытаһа-хаһыытаһа, ону эккирэтэллэр. Күлсүү-салсыы, үөрүү-көтүү, мэнигилээһин!
– Арба да, эдьиий тыаҕа сылдьан, мээнэ айдаарбат, күлбэт-салбат буолуҥ диэбитэ, – Оппоо Өкүлүүнэ эппитин саныы биэрэр.
– Ээ, кини куруук бобор идэлээх. Олох аахайыма! Итини гыныма, маны гыныма! Итинтэн сэрэн, мантан куттан! Наар биир муостанан хаамтара сатыыр, – Лөглөө сөпсөспөт.
– Дьэ, ол кини идэтэ! Бары стройдаан баран, кини этэринэн чиккэччи туттан хаамыахтаах үһүбүт! – Оппоо убайын кытта сөбүлэһэр.
– Мин дьонум эмиэ киһини үөрэтэллэрин наһаа сөбүлүүллэр. Ордук аҕам. Тыла эрэ «ити аньыы, бу аньыы» диэн, – Баанньыска эмиэ төрөппүттэрин үҥсэргиир.
Бары күлсэллэр.
– Көрүҥ эрэ, туох эрэ уйата! – Оппоо үөһэ хантайан туран ыйар.
– Хотой уйата быһыылаах! Улахана сүр! – Лөглөө соһуйбуттуу саҥа аллайар.
– Ама, кырдьык, хотой уйата буолуо дуо? – Баанньыска харахтара уоттана түһэллэр.
– Мин тахсан көрүөм, баҕар, сымыыттааҕа буолуо! – диир Лөглөө. Ол эрээри ыарахана бэрт буолан, хантан маска ыттыай? Холонон көрбүтүгэр да баһыыба курдук.
– Бачча доруобай эрээригин, итиччэ сымсабын дии сананаҕын дуо? – Оппоо кинини сиилиир.
– Һы, оччотугар бэйэҥ тахсан көр! Хайыыр эбиккиний? – Лөглөө кыһыйбыттыы этэр.
Оппоо маска тахса сатыыр да, табыллыбат, төттөрү сурулаан түһэр. Таҥаһа-саба дэлби хатырык буолар.
– Айуу, илиибэр мас киирдэ!
– Кэһэй! – Лөглөө сэтэрээбиттии этэр.
– Оччоҕо мин тахсан көрүөм, – Баанньыска хатаастан иһэн, сыыһа хамсанан, сиргэ сууллан түһэр. Ыарыыта бэрдиттэн ынчыктыыр. Дьиэтигэр эбитэ буоллар, хаппырыыстаан, ытыа эбит. Ону баара уолаттартан кыбыстан, туттунар. Эбиитин ыстаанын хайыппытын көрөн, санааргыыр.
Оппоо кыһыытыттан аарыма тиит маһы тэбэн ылар. Ол эрээри көтөр уйата чиҥник турар буолан, хамсаабат. Лөглөө биир биэс тыла суох сиэбиттэн арагааккатын ойутан таһааран, ытыалаан барар.
– Кытаат, маҕыйа-маҕыйа ытан ис! – Баанньыска күө-дьаа буолар. Кэмниэ кэнэҕэһин буортан оҥоһуллубут кытаанах буулдьа уйаны табан, урусхаллаан кэбиһэр.
– Ураа! Алдьаттыҥ! – диир Баанньыска үөрбүттүү.
– Хотой эрэйдээх дьиэтэ суох хаалла, – Оппоо аһыммыта буолар.
– Баҕар, төрүт да хотой буолбатаҕа буолуо! – Лөглөө саҥа аллайар. Оппоо, ким билиэ баарай диэбиттии, саннын ыгдах гыннарар.
– Ээ, саҥаны оҥостуо буоллаҕа! Хата, бэйэтэ ханна да көстүбэт дуо? Баара буоллар, бэйэтин да ытыалыам этэ, – Лөглөө сытыырхайбыта сүр.
Бука бары көтөр кынатын тыаһын иһиллээн, саҥата суох тураллар. Ол эрээри тыа иһэ, киһи сүрүн баттыыр лиҥкинэс чуумпунан туолар.
– Чэ, уолаттар, барыаххайыҥ. Дьоммут сүтэрбиттэрэ буолуо, – диир Оппоо.
– Ааһа, барыахха. Өкүлүүнэ эмиэ айманыа, – Лөглөө сөбүлэһэр.
Уолаттар сайылыктарын диэки хааман иһэн, тоҕо эрэ уруккуларын курдук күлбэттэр-салбаттар, бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһан мэниктээбэттэр. Хойуутук үүммүт тиит мастар лабаалара кинилэр сирэйдэригэр охсуллаллар, мэһэйдииллэр, бытаардаллар. Ону ол диэбэккэ, уолаттар иннилэрин диэки дьүккүһэллэр. Хаппыт мас тосторо, бэл моҕотой сүүрэн ааһара кинилэри куттуурга дылы. Ити курдук хааман истэхтэринэ, сүр улахан көтөр ыарахан кынаттарынан сапсынан, салгыны охсон ааспытыгар, эбии ыгылыйаллар, тыаттан тахса охсуохтарын, сайылыктарын киэҥ-нэлэмэн сиригэр үктэниэхтэрин баҕараллар. Кэмниэ кэнэҕэһин кинилэр хара тыаттан тахсаллар. Санниковтар дьиэлэрин аттынан ааһан иһэн, сабараанньаҕа Ылдьаана эмээхсин кинилэри кырыктаах харахтарынан одуулуурун көрөн, тоҕо эрэ үһүөн саллаллар.
– Һуу, киһи куттаныах, туох ааттаах ынырык эмээхсинэй! – Лөглөө куттаммыта ааһа илик.
– Бэйэтэ абааһыччы курдук! – Оппоо кинини кытта сөбүлэһэр.
Уолаттар түргэн-түргэнник хардыылаан, дьиэлэрин диэки бараллар.
* * *
Силэпсиэптэр төгүрүк остуол тула олорон, киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олороллор
– Ийээ, аҕаа, манна наһаа ынырык эмээхсин олорор эбит дии! Маарыын көрөн баран, сүрэхпит хайда сыспыта, – Баанньыска, миин иһэ олорон, Ылдьаана эмээхсини саныы биэрэр.
– Ээ, ол Ылдьаана диэн эмээхсин, маннааҕы, төрүт куттаныма, – ийэтэ уоскута сатыыр.
– Оттон биһигини сүүһүн аннынан, олох абааһы көрбүт курдук одуулаабыта. Оннооҕор Оппоолоох саллыбыттара.
Ити олорон, Мотуруона уолун илиитэ дьуккуруйбутун бэлиэтии көрөр.
– Хайа, бу туох ааттаах илиигин тырыта-хайыта тыыттыҥ? Эбиитин сабыс-саҥа ыстааҥҥын кэттэ-кэтээт хайыта охсубуккун! Маһы кытта туһуннуҥ дуо?
Баанньыска саҥата суох аһаабыта буола олорор.
– Тоҕо тылгыттан матан хааллыҥ? Бу айылаах туох буоллуҥ? Кэпсээ! – ийэтэ арахсан бэрт.
– Ээ, ойуурга сылдьан, көтөр уйатын сэриилээбиппит, – Баанньыска баҕарбатар да, ийэтэ ыххайбытын иһин, билинэр.
– Ол аата хайдах сэриилээбиккитий? – аны аҕата тоокколоһон барар.
– Оттон уйатын өҥөйөн көрөөрү, ытта сатаабыппыт даҕаны, табыллыбатаҕа. Ол иһин Лөглөө арагаакканан ытыалаабыта.
– Һ-м… Арагаакканан даа? Бу алдьархайы, – аҕата куттаммыттыы саҥа аллайар.
– Туойунан элбэх баҕайы кыбыс-кытаанах буулдьалары оҥорбут этэ, – Куока барытын кэпсээн биэрэр.
– Бу иэдээни! Туох ааттаах сүгүн-саҕын сылдьыбат уолаттаргытый?! – диир Уйбаан, улаханнык кэлэйбиттии. Онуоха Мотуруона эмиэ, үгэһинэн, уолун көмүскэһэн барар:
– Улахан эбит! Оннооҕор дьон дьиэтэ умайар дии. Хаттаан туттан, олорбутунан бараллар. Аата кыра аайыттан айманнаххыный?
– Хайдах айманыам суоҕай? Арай хотой уйатын урусхаллаабыт буоллуннар? Хотой диэн мээнэ көтөр буолбатах ээ. Саамай өйдөөх, саамай күүстээх, саамай үөһэнэн көтөр… Эһиги буоллар, аньыыны оҥоро сылдьаҕыт! – этэрбин эттим диэбиттии, Уйбаан таһырдьа тахсан, эмиэ бөппүрүөскэтин үрдүгэр түһэр. Онтон синим биир диэбиттии, Алаастыыраптарга барар. Дьиэ аанын арыйан киирбитэ, олор туох да буолбатаҕын курдук, үөрэ-көтө, лотуолуу ахан олороллор эбит. Биллэн турар, Уйбааны көрөн соһуйаллар эрээри, «Киир, олор, лотуолас!» – диэн ыҥыраллар.
– Ээ, суох ини… – Уйбаан аккаастанар. Кини санаарҕаабыт сирэйин көрөн, бары да туох эрэ буолбутун сэрэйэллэр, ордук улахан уолаттар кэри-куру буола түһэллэр…
– Хайа, Уйбаан, туох сонуннааххыный? – Өкүлүүнэ ыраахтан саҕалыыр.
– Ээ, манна олорон, туох кэлиэй? Барыта этэҥҥэ курдук.
– Ээ, оннук ээ…
– Арай, бүгүн уолаттарбыт куһаҕан дьыаланы оҥорбуттар, – диир Уйбаан хайдах баарынан.
– Бай, ол тугу оҥорбуттарый? – Өкүлүүнэ соһуйан өрө көрө түһэр.
– Улахан көтөр уйатын алдьаппыттар.
– Көтөр даа? – Өкүлүүнэ өйдөөбөтөх киһи курдук, чиҥэтэн ыйытар.
– Арааһа, хотой уйатын.
– Ээ, ол иһин даҕаны мааҕыын, алдьаммыт күрүөнү көннөрө сылдьан, хотой көтөн ааспытын көрбүтүм ээ… – Ньукулай саныы биэрэр.
– Буоллаҕа ол… – Уйбаан өрө тыынар.
Эмискэ дьиэ иһигэр уу чуумпу уйаланар. Били күлэ-сала лотуолуу олорбуттара ханан да суох. Арай Куока эрэ туох буолбутун өйдөөбөккө олорор быһыылаах.
– Хотой уйатын алдьатар туох куһаҕаннааҕый? – диэн кини ыйытар.
– Һычы, хотой диэн саамай сүгүрүйэр улахан көтөрбүт буолар, – аҕата быһаарар.
– Оо дьэ, буолар да эбит! Бу уолаттар сүгүн сылдьыахтара баара дуо? Киһи төһө эмэ «тугу да урусхаллаамаҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ» диэн этэрин хоҥорууларыгар хоҥнорботтор! – Өкүлүүнэ кэлэйбиттии саҥа аллайар.
– Мин эһэм хотойдор киһи курдук, наһаа өйдөөхтөр диэн кэпсиирин өйдүүбүн… – Уйбаан төһө да иһиллэр-иһиллибэттик саҥардар, бары өйдөөтүлэр.
– Эс, ама хайаан оннук буолуой? Кинилэр хайдах да киһи курдук өйдөөх буолар кыахтара суох! – Лөглөө итэҕэйбэтэҕэ буолар.
– Бу уол төлө биэрэн түһэн! Саатар, саҥата суох олоруоххунуй! Наһаа да мээнэ-мээнэҕин! – Ньукулай абарбыта бэрдиттэн уолун саба саҥарар.
– Оҕото бэрт буолаахтаатаҕа… Мин эмиэ урут, эдэр сылдьан, итэҕэйбэт этим. Ол иһин биирдэ бэрэбиэркэлээн көрөөрү гыммытым. Хотой үс оҕотун, ийэлэрэ хайыыр эбит диэммин, атын мас лабааларыгар көһөртөөбүтүм. Өр өтөр буолбатаҕа ийэ хотой, кынаттарынан тыастаахтык далбаатаан, көтөн кэлбитэ уонна оҕолорун булбакка, долгуйан барбыта.
– Эс, хайдах киһи курдук долгуйуой? – Лөглөө эмиэ итэҕэйбэккэ, саҥа аллайда.
– Оо дьэ, бу да уол баар ээ! Оҥоруоххун оҥорон бараҥҥын, саатар, саҥата суох истэн олоруоххун! – Өкүлүүнэ, тулуйбакка, уолга бардьыгыныыр. Атыттар Уйбаан кэпсиирин кэтэһэн, кулгаах буолан олордулар.
– Чэ, туох да диэҥ, киһи курдук долгуйар эбит. Бэл, ол хараҕар баара. Тула өттүн сып-сытыытык көрөн дьирилэтэрэ. Уоскуйуох, умнуох көрүҥэ суоҕа. Кутталбыттан, сүрэҕим айахпынан тахса сыспыта. Сытыы тумсунан эккирэтэ сылдьан тоҥсуйуо диэммин, тыыммакка да кэриэтэ саһан олорбутум. Итини санаатахпына, билигин да дьулайабын. Онтон барахсаныҥ, биир-биир оҕолорун булуталаан, уйаларыгар көһөртөөбүтэ. Дьэ, онно биирдэ хайдахтаах курдук хотойдор өйдөөхтөрүн өйдөөбүтүм.
– Ити баар! Эһиги буоллаҕына, туох да харса-хабыра суох хотой уйатын урусхаллаабыккыт! Ким алдьаттай! Билиниҥ!
Уолаттар тыыммакка да кэриэтэ олордулар.
– Тоҕо тылгытын быһа ыйыстан олордугут? Билинэ охсуҥ! – Өкүлүүнэ уолаттарга күргүйдээн барда.
– Оппоо, эн дуо? – Ньукулай улахан уолуттан быһаччы ыйытта.
– Эс, тоҕо тута миигин уорбалыыгыный? – Оппоо өһүргэниэх курдук.
– Ол аата, сэрэйбит сэрэх, Лөглөө алдьаппыт, – Ньукулай быһаара оҕуста,
Лөглөө, тугу хоруйдуон билбэккэ, умса туттан олордо.
– Хайдах алдьаттыҥ? – Өкүлүүнэ уолу хаайда.
– Арагаакканан, – Лөглөө нэһиилэ саҥа таһаарда.
– Ол иһин да, сэрэйбит сэрэх, арагаакка бөҕөнү күнү быһа оҥороруҥ. Бу уол аны кими эрэ дэҥниирэ буолуо. Бар, арагааккаларгын манна аҕала тарт! Алдьархай буола илигинэ, барытын уоттуу охсуохха!
Лөглөө тэҥнэһиэ дуо, дьиэттэн тахсар. Көрбүтэ – күрүөҕэ Баанньыска аҕатын кэтэһэн, хохоллон олорор эбит. Лөглөө киниэхэ «Сэрэн!» диэн саанан, сутуругун көрдөрбүтүнэн чугаһыыр. Баанньыска кутталыттан күрүө сиэрдийэтиттэн суулла сыыһар, нэһиилэ тутуһар.
– Доо, хобуоччулааҥҥын хата хобордооҕу салаайаххыный? – Лөглөө кыыһырбыта бэрдиттэн, уолу дэлби ыххайар.
– Мин туох да буруйум суох! – Баанньыска тэлибирии түһэр.
– Хотой уйатын алдьаппыппытын дьоҥҥор тоҕо кэпсээтиҥ?!
– Кэпсээминэ! Онно туохтаах үһүнүй?
– Оччотугар биһиги эйигин кытта аны оонньообоппут! Сөтүөлүү бардахпытына, эйигин ылыахпыт суоҕа! Соҕотоҕун, эдьиийдэргин кытары куукулалаах оонньуу хаалаар!
– Ээ, ылан абыраамаҥ! Мин хата күөгүлүөм!
– Уой-уой-уой!!! Чиэрбэттэн да сиргэнэр уол, хантан мундуускалыыр үһүгүнүй?
Ити курдук аахса туруохтарын, Ньукулай өҥөйөн, тохтотор.
– Нохоо, эйиэхэ туох диэбиттэрэй? Арагааккаларгын!
Ньукулай, уола бэрт мөдөөттүк хамсанан кистээбит сириттэн арагааккаларын ороон, хаһан кэлэрин кэтэһэн турар…
* * *
– Аҕаҕыт таһынааҕы ыалга тахсан төһө эрэ айманан эрдэҕэ? Холку бэйэтэ тоҕо ити хотойтон кыынньан турдаҕай? Олох өйдөөбөппүн, – Мотуруона уолун ыстаанын абырахтыы олорон, саҥа аллайар.
– Баҕар, төрүт да хотой буолбатаҕа буолуо, – Любуска тыл кыбытар.
– Баҕар, буолуо. Ол эрээри дьыала онно буолбатах. Көтөр-сүүрэр уйатын мээнэ тыытыа, алдьатыа суохтааххын.
– Алаастыыраптар, аҕабыт үҥсэ тиийбитин сөбүлүүллэрэ саарбах, – Лидыкка улахан киһи курдук саҥарар.
– Биллэн турар, – Мотуруона өрө тыынар. – Манна кэллэ-кэлээт, бурайсартан атыны билимээри гынныбыт. Саатарха, ити мааҕыын ньирэй аһата туран, Өкүлүүнэлиин эмиэ хапсан ыллыбыт дии!
– Ээ, ол барыта ити кыра уолаттартан сылтаан таҕыстаҕа. Аата, ньирэй тиийбэтигэр дылы былдьастахтара үһү? – Лидыкка бэйэтэ да соһуйбут быһыылаах.
– Ийээ, эһиги, улахан дьон, мээнэттэн кыыһырсымаҥ ээ. Сотору Моттоко каникулугар кэлиэ. Биһиги кинилиин үчүгэйдик билсиэхпитин, доҕордоһуохпутун баҕарабыт ээ. Эһиги бурайса сырыттаххытына, ол хантан кыаллыай? – Любуска оруннааҕы эттэ быһыылаах, ийэтэ улахан кыыһын кытта сөбүлэһэрин биллэрэн, тоҥхох гынна.
– Оннук ээ, сөпкө этэҕин!
– Моттокоттон биһиги куорат олоҕун, устудьуон буолар хайдаҕын билиэхпитин баҕарабыт.
– Дьэ, Моттоко кэллэҕинэ, үчүгэйдик ыйыталаһан хаалаарыҥ. Аҕыйах сылынан эһиги да төрөөбүт дьиэҕититтэн арахсар инигит? Эбэтэр оскуоланы бүтэрээт, эргэ тахсаҕыт дуу?
– Ээ, суох! Тугу гынаары эргэ таҕыстахпытый? Пахай да пахай! – Любуска тыбыыра түһэр.
– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын! Эһиги курдук пиэрмэ үлэһиттэрэ буолуохпутун баҕарбаппыт, – Лидыкка эдьиийин кытта санаалара биир эбит.
– Чэ, оччоҕуна кытаатан үчүгэйдик үөрэнэ сатааҥ! – ийэлэрэ кыргыттара атын сыаллаахтарын-соруктаахтарын истэн, сэргэхсийдэ.
– Онто да суох хорошисткаларбыт! – Лидыкка ийэтин уоскута таарыйа эттэ.
Ити курдук сэһэргэһэ олордохторуна, Уйбааннаах Баанньыска киирэллэр. Уйбаан тоҕо эрэ санаарҕаабыт сирэйдээх.
– Хайа, дьоҥҥор тахсан үҥүстүҥ дуу? – эбиитин Мотуруона уокка арыыны кутан биэрдэ.
– Үҥсүөм дуо? Баары эттэҕим дии! – Уйбаан ойоҕо кини диэки буолбатаҕыттан кыыһыра быһыытыйда.
– М-мм… Ону туох диэтилэр?
– Туох диэхтэрэй? Билиннэхтэрэ дии. Көтөр уйатын Лөглөө арагаакканан ытыалаан алдьаппыт үһү.
– Уу, баҕайыны! Ол иһин да арагааккалаах сүүрүкэлиирин көрбүтүм ээ. Туох да оройунан көрбүт оҕо баар дии!
– Аҕата арагааккаларын уоттаата.
– Сөпкө гыммыт. Аны тарбыйаҕы дуу, киһини дуу дэҥнээн, ол алдьархайа тахсыа.
– Өйдөнөр ини.
– Чэ, сөптөөх миэрэ ылыллыбыт буоллаҕына, бэрт. Оҕолор, атаххытын суунан баран, утуйардыы сытыҥ. Чаас да ыраатта.
– Кыратык кинигэ ааҕыахпыт, сөп?
– Ааҕаарыҥ, ол эрээри наһаа үлүһүйүмэҥ. Уугутун үргэн баран, бэйэҕит эрэйдэниэххит!
Оҕолор атахтарын сууна, таһырдьа тахсаллар. Дьиэҕэ Уйбааннаах Мотуруона иккиэйэҕин хаалаллар.
– Уйбаан, туох ааттаах харчытын сүүйтэрбит киһи курдук буоллуҥ?
– Ээ, бэйэм да билбэппин ээ тоҕотун… Хайдах эрэ ис испиттэн ыһыллан хаалбыт курдукпун.
– Кэбис, инньэ диэмэ. Сотору оттуу барыаҥ дии?
– Оннугун оннук, – сотору оттуу барарын санаан эбитэ дуу, Уйбаан кэргэнин самыытыттан имэрийэн ылар. – Оҕолорбут утуйбуттарын кэннэ хайыахпыт дии? – диэт, туох эрэ үчүгэйи эппит курдук мичээрдиир.
– Уу, хата хайаан мичээрдээтэххиний? Оттон ити оҕолор өссө кинигэ ааҕыахпыт дииллэр дии?
– Эрдэ соҕус хаптатыахха наада.
Мотуруона тэбэнэттээх харахтарынан оҕонньорун диэки көрөн ылар.
* * *
Маайалаах Ньукулай дьиэлэрин таһыгар иккиэн табахтыы олороллор.
– Бириэмэ түргэнник ааһара эчи хомолтолооҕун… – Маайа тоҕо эрэ курус. Эбэтэр кини айылҕаттан итинник майгылаах төрөөбүтэ эбитэ дуу?
– Оннук… – Ньукулай сөбүлэһэр. Ама ким сөбүлэһиэ суоҕай? Бириэмэ түргэнник ааһара, от-мас хагдарыйара, оҕо-уруу улаатара, киһи кырдьара – хомолтолоох.
– Мин урут, кыра эрдэхпинэ, ийэм хантан эбитэ буолла, кумах чаһыытын булан аҕалбыта уонна таҥнары тутан баран: «Көрөҕүн, эн кумаҕыҥ саҥа саккыраан эрэр. Ол аата эн олоҕун өссө да иннигэр, өссө да наһаа элбэх күннэр, сыллар эйигин күүтэллэр…» – диэбитэ. – Ол кэнниттэн мин кумах чаһыыны таҥнары тута-тута көрөр идэлэммитим. Онтон биирдэ, алҕаска, мүлчү ыһыктан, алдьатан баран, «Өлөн эрэбин, олоҕум бүттэ», – дии-диибин ытаа да ытаа буолбутум.
– Уйан да эбиккин…
– Даа, хаһан эрэ уйан этим…
– Билигин да уйаҥҥын, Маайа… – Ньукулай кэргэнин кууһан ылар.
– Суох, Ньукулай, алҕаһыыгын. Сүрэҕим-быарым халыҥаан турар.
– Эс! – Ньукулай итэҕэйбэт.
– Кырдьык, кырдьык! Ньукулай, мин эйигиттэн биир ыйытардаахпын.
– Тугу ыйытыаххын баҕараҕыный?
– Ол эрээри кырдьыккынан хоруйдаа, сөп?
– Сөп, сөп…
– Ити Мотуруонаны көрөн төһө долгуйдуҥ?
– Эс, хайдах буоллаххыный? – итини эрэ көһүппэтэх буолан, Ньукулай тыбыыра түһэр.
– Һы, дьикти эбит! Оттон хаһан эрэ кинини таптааҥҥын, бара сыспытыҥ дии? Ама онтукайгын умнубатыҥ ини!
– Умнумуна. Былыр үйэтээҕини санатыма даҕаны.
Маайа тугу эрэ этиэн баҕарар да, туттунар. Ити курдук кэккэлэһэ эрээри, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин санааларыгар уйдаран олордохторуна, арай халлааҥҥа улахан да улахан көтөр тыастаахтык көтөн ааһар.
– Ити тугуй? – Маайа куттаммыттыы ыйытар.
– Хотой быһыылаах… түүҥҥү булдугар таҕыстаҕа.
– Мин саныахпар, биһигини кэтиир курдук.
– Эс, ама хайаан?! Куттаныма, Маайа.
Ньукулай, эр ылан, ойоҕун уоскутардыы ыга кууһар.
* * *
Дьөгүөр Һаанньыкап күрүө баҕанатыгар өйөнөн турар.
Аарыма көтөр, кынаттарынан тыастаахтык дайбаан, үөһэнэн ааспытыгар кини улаханнык наадыйбат. Кини сирэйигэр үөрүү да, хомолто да, соһуйуу да – быһатын эттэххэ, биир да иэйии кыыма охсуллубат. Арай кини саҥа кэлэн олохсуйбут ыаллыы дьон дьиэлэриттэн хараҕын араарбат… Тугу толкуйдуу турарын, туох санаа кини төбөтүгэр ытылларын ким билиэ, сэрэйиэ баарай?

3
Саха радиота тиһэх сонуннары кэпсиир. Биригэдьиир кэбиниэтигэр тугу эрэ суруйа олордоҕуна, ааны тоҥсуйаллар. Эдэркээн бэйэлээх Августа киирэр. Биригэдьиир эдэр кыыһы көрөн, сирэйэ сырдыы түһэр, күлүм аллайар.
– Хайа-а, Августа, киир, киир! Хаһан кэллиҥ? – диир бэрт сэргэхтик.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, дорообо. Бэҕэһээ кэлбитим.
– Сураҕа, эйигин кэргэн тахсыбыт диэбиттэрэ дии?
– Тахсан, – Августа килбиктик мичээрдиир.
– Хайа, оттон эдэрдэр, хаһан, сыа сиэтэҕит?
– Күһүөрү көрсүһүү тэрийээри гынабыт.
– Ээ сөп, сөп.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, бачча кэлэн баран, эдьиийбин Мотуруонаны көрсүбэккэ бардахпытына, сүрэ бэрт. Кэргэммин кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол эрээри кинилэр Өллөөххө барбыттар эбит дии?
– Ааһа, онно Алаастыыраптары кытта ньирэй көрө сылдьаллар.
– Алаастыраптары кытта да? – кыыс тоҕо эрэ соһуйар.
– Ааһа, онно туох баарый?
Кыыс саҥарбат, ол эрээри тугу эрэ кистиирэ өтө көстөр.
– Тугу-уй, Августа?
– Ээ, суох.
– М-мм… – Ыстапаан Ыстапаанабыс кыыһы ис-иһиттэн хайгыы, ымсыыра көрөрө өтө көстөр. Эх! Үлэҕэ баттатан, хаарыан кыыһы куоттардаҕа!
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, биһиги хайаан да эдьиийим аахха бара сылдьыахпытын наада. Курусобуой массыынаны көҥүллүөҥ дуо?
– Пахай, онтубут алдьанан, өрөмүөҥҥэ барбыта ээ.
– Оо…
– Оттон сатыы барыаххытын?
– Оннугун оннук эрээри, хаамыах диэтэххэ, ыраах баҕайы дии!
– Эс, эдэр дьон таах дайбаан тиийэр инигит?
– Куйааһа бэрт.
– Оччоҕуна массыына хаһан өрөмүөннэнэн бүтэрин кэтэһэргитигэр тиийэҕит.
– Күүтэр кыахпыт суох: түргэнник төттөрү куораттыахпытын наада.
Биригэдьиир толкуйга түһэр.
– Оччоҕуна Аркаадьыйтан баран матассыыкылын уларсыҥ. Киһиҥ сатаан ыытар ини?
– Ыытарын ыытар эрээри, Аркаадьый биһиги аайы матассыыкылын мээнэ уларсыбата буолуо ээ.
– Бээрэ, мин эрийэ сылдьыым.
Ыстапаан Ыстапаанабыс төлөпүөнүн үрдүгэр түһэр.
– Аркаадьый, дорообо… Ээ, барыта этэҥҥэ… Эһиги?… Чэ, бэрт эбит. Иһит эрэ, доҕор! Куораттан Августа кэлбит…ээ, кини, кини… Кэргэннэммит… Эдьиийдэригэр Өллөөххө барыахтарын баҕараллар эбит. Матассыыкылгын эдэр дьоҥҥо уларыс эрэ!… Чэ, бэрт эбит, сотору тиийиэхтэрэ.
Биригэдьиир Ыстапаан төлөпүөнү уурар.
– Чэ, Аркаадьыйга бара охсуҥ. Уол матассыыкылын уларсыах буолла. Оттон кэргэниҥ матассыыкылы сатаан ыытар ини?
– Биллэн турар, ыытар. Ыстапаан Ыстапаанабыс, улахан да улахан махтал! – Августа үөрүүтүттэн хайыан да билбэт.
– Миэхэ буолбакка, Аркаадьыйга махтанаар!
– Биллэн турар, киниэхэ эмиэ махтаныахпыт.
– Тиийэҥҥит, дьоҥҥут настырыанньатын үчүгэйдик өрө көтөҕөөрүҥ эрэ, хата! – биригэдьиир чочумча саҥата суох олорон баран этэр.
– Биһигинэ да суох, үчүгэй настырыанньалаахтар ини!
– Хайдахтара буолла, дьэ?… Өллөөххө барыахтарын туох да иһин баҕарбатахтара. Чиэһинэ эттэххэ, күһэйэн туран ыыппыппыт.
– Хайдах ол аата күһэйэн туран? – Августа соһуйбуттуу ыйытар.
– Оттон ким эрэ онно үлэлиэхтээх буоллаҕа дии?!
– Ээ, ол иһин да, урукку сайылыктарыгар тоҕо барбатахтарай диэн испэр муодарҕаабытым ээ.
– Киһи барыта баҕатын хоту сырыттаҕына, табыллыбат инибит.
– Оннугун оннук эрээри, үөрэммит сирдэриттэн ырааппыттара соччото суох.
– Чэ, чэ, Августа, ити баҕас эн ырыппат боппуруоһуҥ ини. Хата, тиийэҥҥит, дьоҥҥутун хайдах сэргэхситэргитин толкуйдааҥ. Ээ, уонна, арба, почтальон Бааһаттан хаһыатта ылаарыҥ эрэ. Хаһан ол киһи онно тиийиэ тойук ыраах…
– Ээ, сөп, сөп, – Августа, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гынар.
* * *
Маайа баалынайга таҥас сууйа турар. Аттыгар Ньукулайа күлүккэ олорон, алдьаммыт эргэ олоппоһу оҥоро сатыыр.
– Дьэ, анаан-минээн куйаас да күн буолла! – диэн кини, сыралҕан итииттэн-буспут хаппыт киһи быһыытынан, саҥа аллайар.
– Астык дии! Сайын буолан баран, куйааһа үчүгэй, – Маайа мичээрдиир, тоҥуохтааҕар тириппит ордук.
– Оннугун оннук эрээри, арыый да сөрүүнэ эбитэ буоллар! Маннык куйааска киһи тыына-быара хаайтарар…
– Ээ, сотору, баҕарбатаргын да тымныйыа. Хас күн маннык куйаарар үһүнүй? Сайыммыт да, эчи, кылгаһа, саҥа үөрэнэн истэххинэ, бүтэн хаалара хомолтолоох баҕайы… Уһун да уһун, куйаас да куйаас сайын буолуон баҕарабын…
– Олох итии дойдуга төрүөхтээххин, алҕаска манна төрөөбүккүн дуу? – Ньукулай ойоҕун диэки көрөн ылар.
Дьиэттэн Өкүлүүнэ быгар.
– Хайа, аччыгый уолгут ханнаный?
– Ньирэйдэригэр барбыта, – Ньукулай хоруйдуур.
– Һы, ньирэйимсэх да уол! Ити Эриэнчикэйин олох киһини курдук кууһар-сыллыыр.
– Дьэ, диэмэ даҕаны. Анаан-минээн тоҕо ити ньирэйгэ ыллардаҕай?
– Ким эрэ туһугар кыһаллыан-мүһэллиэн баҕараахтаатаҕа.
– Оннук быһыылаах, арааһа.
– Оттон эһиги уолгутугар оҕото бэлэхтиэххитин, дьэ, оччоҕуна, кыһаллар-мүһэллэр киһилэниэ этэ буоллаҕа дии?! – Өкүлүүнэ сурдьун диэки үөннээхтик көрөн ылар.
– Оҕо даа? – ити тухары саҥата суох таҥас сууйа турбут Маайа, соһуйан, саҥа аллайар.
– Оттон кэм ханыыланыа этэ дии? Убайдара киниттэн быдан аҕалар. Мин көрдөхпүнэ, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьаахтыыр.
– Ээ, айыка, саас да ыраатта, түөрт оҕо сөп оҥоруо, – Маайа быһа-бааччы этэр.
– Оннук. Итилэри да иитиэххэ-аһатыахха, таҥыннарыахха диэтэххэ…
– Чэ, үксүн мин көмөлөһөбүн быһыылаах. Хамнаһым супту эһиги оҕолоргутугар бара турар, – Өкүлүүнэ кинилэр диэки «Саҥарымаҥ!» диэбиттии, сапсыйан кэбиһэр.
– Эдьиийбит барахсан, көмөҥ, кырдьык, баһаам. Эйигинэ суох, эрэйдэниэ эбиппит.
– Уолаттаргыт таах, ускул-тэскил сылдьыбакка, хайаан да туох эрэ идэни ылыахтарын наада. Ити эдьиийдэрин Моттоко курдук. Маладьыаһыҥ, хата айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун тобулан, бэртээхэй үөрэххэ киирдэ дии?
– Дьол хараҕа суох дииллэрэ ити буоллаҕа, – Маайа, улахан кыыһын санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр.
– Аҕыйах хонугунан Моттокобут кэлиэ, дьэ, оччоҕуна, олохпут быдан сэргэхсийиэ… – Өкүлүүнэ сүргэтэ көтөҕүллүбүттүү этэр.
– Оннук ээ! Оҕом сыыһа, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, күн тэҥэ киһи! – Ньукулай кыыһын ахтыбыт быһыылаах.
– Этэҥҥэ сырыттаҕына, бэйэтин ааттатыа! – Өкүлүүнэ Моттокотун киэн туттара өтө биллэр.
Оппоолоох Лөглөө дьиэлэриттэн быгаллар.
– Биһиги сөтүөлүү бардыбыт! – Оппоо, күн тыгара күүһэ бэрдиттэн, хараҕын симириктии-симириктии этэр.
– Барыҥ, ааһа… – Маайа көҥүллүүр.
– Сэрэнэн сөтүөлээриҥ, аһары дириҥҥэ киирээйэххитий! – Өкүлүүнэ кэм да сэрэтэр.
– Сөп, сөп! – Лөглөө аат харата сөбүлэһэр.
Уолаттар иккиэн күөл диэки бараллар.
* * *
Дьөгүөр тыа устун хааман иһэр. Кини сирэйиттэн-хараҕыттан, тутта-хапта сылдьарыттан тыаны биэс тарбаҕын курдук билэрэ өтө көстөр. Кини манна алҕаска кэлбит киһи курдук буолбакка, хаһаайын курдук эрэллээхтик туттар. Хас биирдии мас, үүнээйи киниэхэ тугу эрэ кэпсииргэ, сибигинэйэргэ дылы. Эмискэ кини эргэ тиит таһыгар тохтуур. Баараҕай мас хатырыктара алдьанан, онон-манан тоороттон түспүттэрин бэлиэтии көрдө. Сэрэйбит сэрэх, өрө хантайаат, көтөр уйата урусхалламмытын биллэ. Дьөгүөр сирэйэ тута кытаата, дьиппинийэ түстэ. Бэл, хабырынан ылла.
* * *
– Бу ыт боруодата немецкай овчарка, оттон бу – сенбернар, бу – колли… – Любуска хаһан да көрбөтөх ыттарын тустарынан кинигэни арыйталаан кэпсии олорор.
– Хантан ону эн барытын билэҕиний? Сымыйалыыгын быһыылаах, – Баанньыска итэҕэйбэтэхтии ыйытар.
– Үөрэттэҕим дии? Улааттахпына, баҕар, кинолог буолуом.
– Ол аата тугуй? – Лидыкка муодарҕаабыттыы ыйытар.
– Кинолог диэн ыттары үөрэтэр идэ, – Любуска дьоһуннаахтык хоруйдуур.
– Любуска, ыттары үөрэтэр туохха да наадата суох. Нуучча тылын учуутала буолаар, – ийэлэрэ Мотуруона, таҥас абырахтыы олорон, санаатын этэр.
– Даа, нуучча тылын учуутала буолуохпун эмиэ баҕарабын.
– Дьэ, оччоҕуна, һычы, миигин улаханнык дьоллуоҥ этэ.
– Оттон нууччалыы сатаан саҥарбаккын буолбат дуо? – Баанньыска тыл быраҕар.
– Үөрэтиэм буоллаҕа дии! Улахан эбит! – Любуска санаатын түһэрбэт.
– Хайа, көрүҥ эрэ, Алаастыыраптар уолаттара ол күөлгэ сөтүөлүү сылдьаллар. Баанньыска, эйигин тоҕо ылбатылар?
– Ээ, сөтүөлээтиннэр-хайаатыннар! – Баанньыска кыыһыра түһэр.
– Паха-ай! Этиспиккит быһыылаах, – Любуска сэрэйэр.
– Һы! Туохтан этиһиэхпитий?
– Этиспиккит! Этиспиккит! – Лидыкка быраатын эбии хаадьылыыр.
– Ньаамырҕаама! – Баанньыска кыыһырар.
– Кырдьыгы эттэххэ, тоҕо кыыһыраҕыный? – Лидыкка иннин биэрбэт.
– Ээ, айыка, эһигини кытта кэпсэтэн да диэн! Мин хата мундулуу бардым! – Баанньыска таһырдьа ыстанар.
Ити кэмҥэ Куока ньирэйдэр мэччийэр сирдэригэр сылдьар. Ис-иһиттэн үөрбүт, дуоһуйбут көрүҥнээх.
– Эн Туоһахтаҕын. Оттон эн… эн Ураанайгын… чэ, наһаа туттумаҥ-хаптымаҥ! Эһиги үрдүгүтүнэн Эриэнчикэй турар. Эһиги кини тылын хайаан да истиэхтээххит. «Хайдах ол аата истэбитий?» – «Истэр курдук истэҕит. Эриэнчикэй саамай өйдөөх, Эриэнчикэй саамай бастыҥ. Өйдөөтүгүт?» – диир Куока тула турар ньирэйдэри одуулаһа-одуулаһа. Ол эрээри ньирэйдэр улахан кулгаахтарынан сапсына-сапсына таас харахтарынан мээнэнэн көрөн тураллар. Куока тылын өйдөөбүттэрэ биллибэт.
– Өйдөөтүгүт? – Куока тоһоҕолоон ыйытар. Ити туран эмискэ уолчаан сирэйэ уларыйан хаалар. Арай көрдөҕүнэ, ньирэйдэр ортолоругар түөһүгэр моойторуктаах кыһыл саһыл турар. Уол, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, хараҕын ытыһынан соттон ылар да, саһыл сүппэт. Хата, чугаһаан биэрбиккэ дылы буолар. Дьиктитэ диэн, ньирэйдэр кинилэр ортолоругар саһыл баар буолбутун билбэккэ дылылар. Кутталыттан, харыс да хаамыыны оҥорор кыаҕа суох буолбут Куока, этин сааһа арыллан, саһылтан хараҕын араарбакка турар. Саһыл кини диэки эмиэ да күлүү гыммыттыы, эмиэ да кырыктаахтык көрөргө дылы. Ханнык эрэ ньирэй улахан баҕайытык маҕыраабытыгар биирдэ өйдөнө биэрээт, Куока олорор дьиэтин диэки буута быстарынан ыстанар.
* * *
Маайа тиэстэ охсо турар. Кини хас хамсаныытыгар бу үлэни күннэтэ оҥороро өтө көстөр. Оттон Өкүлүүнэ оронугар «Кыым» хаһыаты ааҕа сытар.
– Хайа бу, хаһан почтальон Бааһа кэлэрэ буолла? Ама да буоллар, эргэ үйэтээҕи «Кыымнары» нойосуус үөрэтиэхпэр диэри аахтым.
– Оттон «Сааскы кэми» аах ээ. Баар дии? – Маайа тыл кыбытар.
– Ээ, сонуннары ааҕарбын ордоробун. Аан дойдуга туох буола турарын, ким өлбүтүн, ханна сэрии саҕаламмытын, Брежневпит ханна тиийбитин билиэҕи баҕарыллар. Араадьыйабыт да суох, саатар хаһыаппыт да мэлигир. Олох түҥ былыргы үйэ курдукпут!
Эмискэ ааны тэлэччи аһан, аҕылаабыт-мэҕилээбит Куока дьиэ иһигэр көтөн түһэр. Биир тылы этэр кыаҕа суох, нэһиилэ тыын ыла турар.
– Хайа, Куока, бачча айылаах туох буоллуҥ? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытар.
– Тукаам, хантан бачча айылаах сүүрэн кэллиҥ? Убайдарыҥ атаҕастаатылар дуо? – Өкүлүүнэ оронугар олоро биэрэр.
– Анараатах… – Куока тарбаҕынан ыйар. – Анараатах… кыһыл саһыл сүүрэ сылдьар.
Өкүлүүнэ, итини эрэ истиэм дии санаабатах буолан, итэҕэйбэтэхтии күлэн ылар.
– Эс, ханнык саһыл манна кэллэҕэй? Ыт ини?!
– Суох! Чахчы саһыл! Түөһүгэр күн курдук моойторуктаах!
– Түөһүгэр моойторуктаах да-а? – Маайа хос ыйытар.
Уолчаан, «оннук, оннук» диэбиттии, төбөтүн кэҕис гыннарар.
– Оччотугар баран көрүөххэ буоллаҕа! – Өкүлүүнэ саҥа аллайар.
Үһүөн дьиэттэн тахсан, ньирэйдэр диэки хаамаллар. Тиийэн баран, эргиччи көрүтэлииллэр да, саһыл сибикитэ суох.
– Саһылыҥ ханнаный? Суох дии?! – Өкүлүүнэ, таах киһини туруораҥҥын диэбиттии, сэмэлиирдии этэр.
– Суох, суох! Чахчы этэбин! Ньирэйдэр быыстарыгар олороро! – Куока абаккатыттан ытыахча буолар.
– Саһыл эбитэ буоллар, ньирэйдэр, куттанан, куотан хаалыа этилэр. Нохоо, эн тугу эрэ айан кэпсиигин. Уонна бу дойдуга хантан саһыл кэлиэй?
– Куока, ыты көрбүтүҥ буолаарай? – Маайа уолун диэки аһыммыттыы көрөр.
– Ыт буолбатах, дьиҥнээх саһыл!
– Ээ, оччоҕуна, састаҕа дуу? – Өкүлүүнэ үгэргээбиттии этэр.
– Итэҕэйбэт буоллаххытына, итэҕэйимэҥ! – Куока хаһыытыы быластаан этэр.
– Ээ, бу уол куйаастан туймаарбыт быһыылаах. Һычы, бараҥҥын сыт, сынньан, уонна наһаа күн сыралҕанын анныгар сылдьыма, – Өкүлүүнэ дьаһайбыта буолар.
Эдьиийдээх ийэтэ дьиэ диэки төттөрү бараллар. Өтөр-өтөр кэннин хайыһан көрө-көрө, Куока кэннилэриттэн батыһар.
* * *
Уолаттар хаһыытаһа-хаһыытаһа сөтүөлүү сылдьаллар. Умсаллар, харбыыллар. Олус бэрт!
Матассыыкыл сыырынан алаас сиргэ түһэр. Августа та- һырдьа үлэлии сылдьар балтыларын ыраахтан көрөн, кэргэнигэр: «О-ол бааллар», – диэн ыйар. Матассыыкыл Силэпсиэптэр дьиэлэрин таһыгар тохтообутугар, кыргыттар бастаан утаа итэҕэйбэтэхтии көрөллөр. Онтон Лидыкка «Эдьиий Августа!» – диэн үөрэн хаһыытыы түһэр. Оччолооҕу истэн, дьиэттэн дьоно тахсаллар. Куустуһаллар. Мотуруона аччыгый балтын көрөн, үөрүүтүттэн букатын ытыах курдук.
– Эһигини эрэ кэлиэхтэрэ дии санаабатахпыт ээ! – диир, долгуйарын туттуна сатыы-сатыы.
– Дойдубутугар кэлэн баран, хайдах эһигини кытта көрсүбэккэ барыахпытый? – Августа эдьиийин кууһан ылар.
– Дьэ, холоонноох доҕоргун, тапталлаах кэргэҥҥин кытта билиһиннэр эрэ! – Уйбаан аттыларыгар туран саҥа аллайар.
– Билсэҥ кэбиһиҥ – Алексей! – Августа мичээрдиир.
– Ээ дьэ, бэрт бэрт! Мин Уйбаан диэммин.
Уйбааннаах Алексей илии тутуһаллар.
– Эрдэ билбиппит буоллар, бырааһынньык аһын астыа эбиппит, ону баара…
– Эдьиий, олох долгуйума! Биһиги эһигини кытта көрсө кэллэхпит дии!
– Оннугун оннук эрээри… чэ, манна туруохпут дуо? Дьиэҕэ киириэххэйиҥ! – Мотуруона ыҥырар.
Уолаттар дуоһуйуохтарыгар диэри сөтүөлээн баран, ууттан тахсаллар.
– Сөтүөлүүр диэн астыгы-ын! – Оппоо чээлэй күөх окко, тиэрэ түһэ сытан, саҥа аллайар.
– Күн аайы маннык куйаас күннэр тураллара буоллар, баҕабыт хоту сөтүөлээн хаалыа эбиппит, – Лөглөө күн уотуттан хараҕын симириктии-симириктии этэр.
– Оннук ээ, – Оппоо быраатын сөбүлэһэр.
– Оппоо, бачча куйааска ити кыргыттар тоҕо сөтүөлээбэттэрэ буолуой? Дьиэлэригэр хатанан баран олороллор дии! – Лөглөө, Силэпсиэптэр дьиэлэрин диэки көрө-көрө, убайыттан ыйытар.
– Дьэ диэмэ. Арааһа, биһигиттэн кыбысталлара буолуо.
– Сөтүөлүү кэлэллэрэ буоллар, мин сэмээр Лидыкканы кэтээн көрүөм этэ… Эбэтэр Любусканы…
– Хайаларын эрэ сөбүлээн кэбистиҥ дуо? – Оппоо быраатын диэки дьээбэлээх баҕайытык көрөн ылар.
– Билбэтим… Баҕар, буолуо даҕаны, – диир Лөглөө таайтарыылаах баҕайытык.
– Көр, о-ол, Баанньыска күөгүлүү турар, – Оппоо Баанньысканы бэлиэтии көрөр.
– Ээ, кырдьык даҕаны! Һэ-һэ… Балыксыт буолбут дии! – Лөглөө сэнээбиттии күлэн ылар.
– Хата, төннөн иһэн төһөнү балыктаабытын көрөбүт дуо?
– Ээ, суох! Наадалаах этэ! Хобуоччулары кытта кэпсэппэппит! – Лөглөө Баанньыскаҕа кыыһырбыта билиҥҥээҥҥэ диэри ааһа илик быһыылаах.
– Һы, оччоҕо сайыны быһа кини итинник соҕотоҕун сылдьар дуо?
– Сылдьан көрдүн!
– Оччотугар Лидыска дуу, Любуска дуу эн диэки буолаллара саарбах. Бырааттарын атаҕастаппаттара буолуо.
– Арба да оннуктаах этибит дуу? – Лөглөө ити түгэни олох да умнан кэбиспит эбит.
– Баанньыска нөҥүө кыргыттары кытта билсиһиэххэ сөп этэ… Сайын да уһун…
– Наһаа да өйдөөххүн! – Лөглөө убайын диэки сөхпүттүү көрөн ылар.
* * *
– Таһынааҕы ыалбытыгар Мотуруона балта кэргэнинээн кэлбиттэр, – Өкүлүүнэ кэпсиир. Сайылыкка туох барыта сонун буоллаҕа!
– Ээ, Августа диэ… Барахсан, үчүгэй да кыыс, – Маайа сэргии истэр.
– Эдьиийин төрүт умнубат, барахсаныҥ, төһө да үөрэхтэннэр, куоракка олохсуйдар, куруук кэлэ турар.
– Оннук.
– Бээрэ, Маайа, тахсан сүөһүгүн ыа эрэ. Биһиги Куокалыын кыратык сытан ылыахпыт. Эбэтэр, һычы, эн убайдаргын кытары оонньуоххун баҕараҕын дуу? – Өкүлүүнэ уолтан ыйытар.
– Суох, баҕарбаппын, – Куока төбөтүн быһа илгистэр.
– Оо дьэ, бу уол сылдьан эрэ туох эрэ буолбут. Төмпөрөтүүрэлээх дуу, хайдах дуу? – Өкүлүүнэ уол сүүһүн тутан көрөр. – Эмиэ да үчүгэйгэ дылы. Чэ, сытыахха. Кыратык нуктаан ылыахха.
Маайа таһырдьа ынах ыы тахсар, Өкүлүүнэ Куокалыын ороҥҥо сыталлар.
– Утуй, һычы, сынньан… Туохтан бачча айыылаах куттаннаххыный? – Өкүлүүнэ, уолу кууһаат, кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Эппитим дии, саһылтан… – уолчаан иһиллэр-иһиллибэттик хоруйдуур.
– Ээ, балыыҥкалаама, манна ханнык да саһыл суох…
– Баар, мин көрбүтүм…
Өкүлүүнэ, уол уутун үргүмээри, туох да диэбэт, мөккүһэ барбат. Утуйдун эрэ… Сыыйа-баайа бэйэтэ да нуктаан барар уонна… түһүүр.
Түһээтэҕинэ, билиҥҥитэ буолбатах, эдэр курдук. Арааһа, биэс уончалаах. Кыракый миискэҕэ миин кутан баран, туруорбах балаҕаҥҥа киирэр.
– Ийээ, аскын аҕаллым. Саатар кыратык аһыы түһүүй, – диир ааттаһардыы… уонна ах барар. Арай көрдөҕүнэ, муннукка турар бурдуктара дэлби ыһыллыбыт. Ийэтэ эмээхсин маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттаҕын ыһан кээспит уонна эбиитин өлбөөдүйбүт харахтарынан кини диэки дьүккүччү көрөн ахан турар эбит. Мары-маадьаҕар атахтарынан өттүктэрин хомурдуос курдук нэһиилэ сыҕарытан хаста да хардыылаабытыгар, кыыһа кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһар, куотуон баҕарбыттыы, кэннин диэки чугуруйар. Эмээхсин илиитигэр, киһи дьулайыах, икки этэрбэһин туппут, онтуларыгар бурдугу ыбылы симпит.
– Өкүүчэ, иэдээн буолсук! Хоргуйан өлүүһүкпүт. Ойбоммут уолбута, оппут үүммэтэ, бурдукпут бүттэ! Мэ, Өкүүчэ, маны ыл. Кыра да буоллар, хаһаастан!
Эмээхсин сарыы этэрбэстэрин кыыһыгар үҥүлүтэр. Өкүлүүнэ кутталыттан миискэлээх миинин ыһыктар, аһа сиргэ ыһыллар.
– Оо дьэ, бачча ас суоҕар, аһынан ыһыахтанаҥҥын! – диэн ийэтэ кыыһын мөҕөр…
Өкүлүүнэ кутталыттан уһукта биэрэр. Дэлби тириппит, уолун ыбылы кууспут.
* * *
Августа суумкатыттан биир-биир кэһиитин таһаарар. Эдьиийигэр былаат уунар. Мотуруона саҥа былааты астыммыттыы эргитэ-урбата көрөр.
– Бу бэйэлээҕи ханна баанан барарым буолла? – диир.
– Хайдах ханна? Первэй сэнтээпкэ, уолгунаан оскуолаҕа бардаххына, баанаар ээ, – Уйбаан этэн биэрэр.
– Ээ, кырдьык даҕаны! – истиэнэҕэ ыйанан турар быыкаайык сиэркилэҕэ Мотуруона бэйэтин «маанымсыйдахпына син да эбиппин» диэбиттии, көрүнэ туран, саҥа аллайар.
– Оттон бу эйиэхэ, Уйбаан! – Августа күтүөтүгэр улахан истээх чааскыны уунар. Ити бэлэххэ Уйбаан наһаа үөрэр.
– Һок, миэхэ саамай сөптөөх эбит! Истээх иҥин!
– Любускалаах Лидыккаҕа – футболка, – Августа суумкатыттан бэлэхтэрин салгыы хостуур.
– Уа-ай! Аата астыгын! – кыргыттар үөрсүү бөҕөлөрө. Ити кэмҥэ дьиэҕэ Баанньыска киирэр. Августаны уонна билбэт киһитин көрөн, соһуйар, кэмчиэрийэр.
– «Дорооболоруҥ!» диэ, һыллы! – Мотуруона уолугар этэр. Анарааҥҥыта аан аттыгар турбахтаан баран, нэһиилэ иһиллэр-иһиллибэттик дорооболоһор. Бары күлсэллэр, үөрсэллэр.
– Хайа, төһө мундулаатыҥ? Көрдөр эрэ! – Уйбаан уолун бөтүөнүн ылан көрөр. – Хайа-а, толорбуккун дии? Маладьыастаабыккын!
– Хата, Баанньыска эһиги кэлэргитин сэрэйбит курдук, мундулаабыт. Уйбаан, үтүөххэ баар эбит! – Мотуруона үөрбүт сирэйдээх.
– Аата астыгын!… Һычы, Баанньыска, мин эйиэхэ эмиэ кэһиилээхпит ээ, – диир Августа, мичээрдии-мичээрдии. «Тугу бэлэхтиир эбитий?» диэбиттии, уолчаан саҥата суох, кэтээн турар. Августа суумкатыттан сабыс-саҥа бистэлиэт таһаарар.
– Уа-ай! Бистэлиэт! – уолчаан баҕа санаата туолан, үөрүүтүттэн ойуоккалаан ылар. Арааһа, саамай дьоллоох киһи кини!
* * *
Өкүлүүнэ, Куоканы уһугуннарымаары, сэрэниин-сэрэнэн турар. Кырыбыайканан баттаҕын көннөрүнэр уонна таһырдьа тахсар. Сурдьа Ньукулай хотуурун сытыылыы сылдьар эбит.
– Хайа, уолаттар күөлтэн кэлэ иликтэр дуу? – диэн Өкүлүүнэ ыйытар.
– Сөтүө кэнниттэн тыаҕа мас мастыы барыахтаахтар этэ.
– Ээ, сөп… Ньукулай?

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539853?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Сүлүһүннээх таптал Сардана Сивцева
Сүлүһүннээх таптал

Сардана Сивцева

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 18.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Сүлүһүннээх таптал, электронная книга автора Сардана Сивцева на , в жанре современная русская литература

  • Добавить отзыв