Вануату – дьол уйата
Сардана Яковлевна Сивцева
Ким эрэ бу олоххо чопчу сыаллаах-соруктаах иннин диэки айанныыр, оттон ким эрэ эрдиитэ суох тыыга олорон күннээҕи олох сүүрүгүн хоту устуһар. Билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ бэйэтэ биир сүрүнэ суох, атын киһи тылынан сылдьар ыччат чэпчэки олох, хараҕы баайар харчы, эриэн моҕой буолан абылыыр арыгы халбархай эйгэтин мүччү көтөн дьолун уйатын булуо дуо?
Даана Сард
Вануату – дьол уйата
Вануату – дьол уйата
Ама да сайын буоллар, күн халлаан оройуттан итиинэн уһууран түһэн, тугун сүрэй! Арааһа асфальтка сыгынньах тилэҕинэн үктэммит киһи уот абытай үҥкүүтүн көрдөрүө эбит! Ону баара (эбэтэр кинилэр тус бэйэлэрэ букатын тириппэттэрэ эбитэ дуу?) сорох үөрэхтээхтэрбит «күн ититэр күүһэ сыыйа-баайа аччаан иһэр!» диэн куттууллар. Үлэлээн иитиллээччи өйө-санаата, устуруустаммыт хаптаһын ньуурунуу, көнө, эбиитин кини күннээҕи кыһалҕаларыттан ордубат буолан, уһуну-киэҥи толкуйдуурга дьулуспат. Онон кини, баҕарбатар да, «күн сэниэтэ эстэн эрэригэр» быһаччы итэҕэйэр уонна онтон сылтаан синньигэс моонньулаах бытыылкаҕа киирэн баран хаайтарбыттыы ыксыыр, ыгылыйар. Санаан көрүҥ, үгүстэргэ дьол – сыччах Cаҥа дьыллааҕы аккырыыккаларга суруллар баҕа санаа тэҥэ, таптал – киинэлэргэ эрэ көстөр, олоххо букатын да суох иэйии, кумааһынньык – ситэри туолбакка да кураанахсыйар мөһөөччүк дуома. Онон күн, муҥ сатаатар, сарсыҥҥыга эрэл кыымын саҕан тыктын ээ, бэйэтин күүһүгэр кими да саарбахтаппакка, уһун кыһын устата сүрэхтиин-быардыын, уҥуохтуун-силиилиин, өйдүүн-санаалыын тоҥмут дьону ириэрэн!
Норуокка «сарай» диэн ааттанар, арыыга саһарчы буспут бэрэскини санатар, араҕастыҥы кытархай өҥнөөх автобус сиэдэрэй массыыналар быыстарынан, «кэнним кээнчэ да буоллун» диэбиттии, анньан ахан иһэр. Кэмниэ кэнэҕэс автобус хайдах эрэ олус ыараханнык, сылайбыттыы диэххэ дуу, тохтуу биэрэр, ону тэҥэ икки ааннара «кыычыр» гына тыаһаат арыллаллар, баһаам элбэх киһи таһырдьа тоҕо кутулла түһэр уонна, көрүөх бэтэрээ өттүгэр, бука бары кымырдаҕастар курдук уҥа-хаҥас ыһыллан, сүтэн-симэлийэн хаалаллар.
Оскуоланы саҥа бүтэрбит көрүҥнээх икки уол эмиэ ити бэрэски-автобустан ыстанаат, автовокзал диэки супту хаамаллар. Ааттыаххайыҥ кинилэри судургутук, Костя уонна Миша диэн. Костя ортону эрэ кыайар уҥуохтаах, хатыҥыр, эт-сиин иҥмэтэх ыччата. Ол эрээри, өскөтүн чугастыы турар моднай таҥастары атыылыыр маҕаһыын истиэнэтин киэргэтэр рекламнай щиткэ болҕомтотун уурара буоллар, бэйэтэ да соһуйуо эбит: үүт-үкчү кини курдук уолчаан, миигин көрүҥ диэбиттии, хаартыскаттан мичээрдиир! Костяны итинник таҥыннараллара буоллар, модель уолтан туох уратылаах үһүнүй? Ол эрээри Хатыҥнаахтан, инчэҕэй эрэ эттээх киһи барыта хал буолар, уһун айантан кэлбит уолчаан кэннин хайыһан көрүө баара дуо! Суох, кини тэскэйбит рюкзагын санныгар сүгэн баран, иннин диэки дьүккүйэр.
Өскөтүн Костя киһи хараҕар быраҕыллыбат тас көрүҥнээх эбит буоллаҕына, Миша татаар, нуучча, кэриэй, грузин, чэ, быһатын эттэххэ, үгүс хаан булкуспуттарыттан, «саҥа раса» диэх курдук ураты дьүһүннээх. Атын «тиэстэттэн» оҥоһуллубута өтө көстөр: уҥуоҕунан үрдүк, быһыыта-таһаата да, анал халыыпка кутан оҥорбуттарыныы, орун оннугар. Мишаҕа, бэл диэтэр, кэтэ сылдьар таҥаһын чэпчэки сыаната, кимиэхэ да биллибэт кытай иистэнньэҥэ сыччах вентиляторынан сөрүүкэтиллэр кып-кыракый хоско олорон, муода сурунаалын өҥөйөн көрө-көрө, үтүктэн тикпитэ учуоттаныллыбат. Арааһа, былыргы кэм эбитэ буоллар, холобура Италияҕа, Миша хайа эрэ скульпторга дьиҥнээх муза буолуо этэ, кинини көрө-көрө, мрамортан кыһан үйэлэргэ сүппэт айымньыны оҥорон таһаарыа эбиттэрэ буолуо. Ол эрээри биһиги дьалхаан үйэбитигэр эдэр уол тыытыллыбатах кэрэтин аахайыан сөптөөх Микеланджело курдук гений суох. Онон үрэх баһыгар сытар, Саха сирин каартатыгар да мээнэ бэлиэтэниллибэт, быыкаайык Хатыҥнаахха Миша диэн көннөрү Миша буолаахтаатаҕа.
Төһөтүн да иһин, айылҕа биэрбит кэрэтэ, саатар, хараҕы сылаанньытар алыптаах. Миша сырдык (күллүҥү өҥнөөх диэххэ дуу), санныгар түһэ сылдьар уһун баттаҕа, хаамтаҕын аайы долгуһуйан түһэн, шампунь рекламатын санатар, оттон хойуу кыламан быыһыгар саспыт харахтарын ханнык баҕарар кыыс көрүө эрэр сыччах, күҥҥэ туруоруллубут ынах арыытыныы, тута ууллар.
Өскөтүн Костя, билбэт эйгэтигэр түбэһэн быһыылаах, сэрэхэдийбиттии туттар-хаптар эбит буоллаҕына, Миша, төттөрүтүн, төрөөбүт-үөскээбит куоратын устун хааман иһэрдии, холку (эбэтэр холку буола сатыыр), күн кыһалҕата суох жвачка ыстыы, эбиитин плеер истэ иһэр. Дьэ, хантайан уол оҕото! Оттон Костя арааһа уҥуоҕа кыратыттан эбитэ дуу, биир үксүн аллараны одуулуур. Ол да иһин буолуо, сиргэ хордуоҥка тэлгэтэн баран, ол үрдүгэр олохсуйбут оҕонньор «рааматын» иһитин үҥүлүппүтүгэр, соһуйан, тохтуу биэрдэ. Дьүһүнэ-бодото бүппүт, таҥаһа-саба бараммыт, пааспара-таймата сүппүт, аат эрэ харата бу күн сиригэр киһи диэн ааттанан олороохтуур умнаһыт бу иннинэ харахтаан көрбөтөх уолчаана, атыттар курдук супту ааһа турбакка, кини иннигэр кэлэн тохтуу биэрбитигэр бэйэтэ да соһуйда быһыылаах: халыҥ халтаһаларын быыһыгар дириҥник саспыт, уота-күөһэ уостубута быданнаабыт харахтара бокуойа суох сүүрэлээтилэр. Ол гынан баран, күн сиригэр олорор баҕата баһыйан, эмискэ өй ылбыттыы, били пластмасс иһитин өссө төгүл үҥүлүттэ, бадаҕа, тугу эрэ этиэн баҕараахтыыр да, киһи иилэ хабан ылар саҥата иһиллибэтэ. Онуоха Костя, быһаарыммыта быданнаабыт киһилии, ыстаанын сиэбиттэн харчы ороон иһиккэ бырахпакка оҕонньорго уунна. Анарааҥҥыта, итини эрэ көһүппэтэх буолан, эбии мух-мах барда, бэл диэтэр, оспоччу испит харахтара кэҥээбиккэ дылы буоллулар, сылластыгас уостара ибигирээн ыллылар. Ол эрээри биир мөһөөх салгыҥҥа өр ыйанан турбата, мутук курдук бакыр тарбахтар кумааҕы харчыны өрүһүспүттүү харбаатылар.
Миша итини көрдө эрэ, көрбөтө эрэ, наушниктарын кулгаахтарыттан эһээт, сыһыыга сүүрэн иһэр моҕотойго элиэ саба түһэринии, Костяҕа түстэ:
– Акаарыгын дуу, хайдах дуу? Хаарыан биир мөһөөҕү ханнык эрэ бомжка уунаҕын! Оччо харчыгын харыһыйбат буоллаххына, миэхэ биэриэххин!
Оҕонньор муҥнаах (ол эрээри, сууйар-сотор киһи, баҕар төрүт да оҕонньор буолбатаҕа буолуо) дьыала хаахтыйаары гыммытын өйдөөн, харчытын дуомун салыбырас илиитинэн үрүт-үрдүгэр кэппит таҥаһын быыһыгар ханна эрэ «үөдэн түгэҕэр» кистээтэ уонна, ким да кини кирдээх хоонньун хасыһа барбатын билэн, тута налыйа түстэ, салгыы хайдах быһаарсаргыт бэйэҕит дьыалаҕыт диэбиттии, көрөн турда.
– Дьокуускайга бу маннык илэчиискэлэр хас хардыыҥ аайы бааллара буолуо, олору барыларын аһатаары гынаҕын дуо? – Миша уоскуйар аата суох.
– Кырдьаҕаһа бэрт дии! Туох эрэ улахан кыһалҕаттан умнаһыт буолбута буолуо, – Костя киирэр аан диэки хаамта. Миша кэнниттэн тилэх уопсан иһэн, мөҕүттэрин син биир тохтоппото:
– Сымыйанан аһыммыта хайаабыта буолума! Хас биирдии киһи бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ талар. Сураҕа итинник бичтэргэ милииссийэлэр да сиргэнэн чугаһаабаттар үһү! Эн буоллар, харчыгын өссө кини илиитигэр ууммут буола буолаҕын! Аһара добрайбын дэнээри гынаҕын дуо?
Ити тыллары истээт, эмискэ Костя тохтуу биэрдэ уонна Мишаны батары көрдө.
– Кими санатаргын билэҕин дуо?
Төһө да ити ыйытыы туох да үчүгэйи үҥүлүппэтин сэрэйдэр, Миша синим биир диэбиттии, кэҕис гынна.
– Мотуруонаны!
– Кынньаҕар Ньукулай эмээхсинин дуо?
– Сөпкө таайдыҥ.
– Һы, акаарыгын быһыылаах, булан-булан тэҥнээбит да киһиҥ баар дии! Мин ол 80 саастаах эмээхсинниин туох уопсайдаах үһүбүнүй?
– Ньукулай балыктаатаҕына ыаллыы олорор дьонугар бэрсэр идэлээх. Онуоха Мотуруоната кэччэнэн айманар да айманар. «Бөдөҥ соболоргун ыалга тарҕаппыккын, бэйэбитигэр быччыкылары хаалларбыккын» диэн эккирэтэ сылдьан сулуйар. Киһи сөҕүөх, сылайбата да бэрт. Эн эмиэ оннуккун: биири хатылаа да хатылаа, мэнэрийбэккин эрэ. Арааһа Мотуруоналыын аймахтыыгыт быһыылаах. Манна диэн эттэххэ, ити оҕонньорго харчы биэрбиппэр эн тугуҥ дьыалатай?
– Мин киниэхэ төрүт да наадыйбаппын. Мин эйигиттэн соһуйабын: сыбыс-сымыйанан аһыммыта хайаабыта буолаҕын, эт эрэ, кимиэхэ бэрт буола сатыыгыный?
– Кимиэхэ да бэрт буола сатаабаппын. Мин саныахпар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ киһи киһиэхэ киһилии сыһыаннаһыахтаах!
Ити тыллары истээт, Миша күлэн тоҕо барда:
– «Киһи! Киһиэхэ! Киһилии!» Дьэ, булан эттиҥ дии! Саха тылын учуутала истибитэ буоллар, кулгааҕа төһө эрэ умайар этэ! Өссө туйгун үөрэнээччи ааттааххын!
– Киирэн дьоммутугар эрийиэххэ, – Костя Мишалыын тоҕо эрэ тэҥҥэ күлүспэтэ.
– Сөпкө этэҕин, куорат дьоно ханна эрэ халыйан хааллахтарына, биһиги манна күнү күннээн олорорбутугар тиийэбит.
Уолаттар автовокзалга киирбиттэрэ, таһырдьаттан чыҥха атын хартыына: таһаҕастаах, кыра оҕолоох, торуоскалаах дьон лыык курдук элбэхтэр, эбиитин бары даҕаны сылайбыт, илистибит көрүҥнээхтэр. Кэтэһэри ким сөбүлээбитэ баарай?
– Фу-у-у, билигин тумнастарым буолуо, туох ааттаах дьаабы сыттаах дойдунуй? Туалет, көлөһүн, духуу, холоҥсо – па да па! Миэхэ суһаллык противогазта биэриҥ! – Миша, хайдах курдук сиргэммитин биллэрэн, муннун саба туттубута буолла.
– Артыыстаан бүт, – Костя кинини саба саҥарда, – баран таксофонна булуохха, – диэн дьаһайда.
Уолаттар автовокзал иһин биир гына кэрийэ хааман баран, нэһиилэ истиэнэҕэ ыйанан турар төлөпүөннэрин буллулар. Ол эрээри хара маҥнайгыттан дьыалалара хаахтыйда. Харчы угарбыт буолуо диэн, хармаан муҥунан бытархай аҕалбыттара туһата суох буолан таҕыста.
– Карточка наада эбит! Биһиги, тыалар эрэйдээхтэр, ону хантан билиэхпитий? Көрөҕүн, бары сотовайдаахтар, арай эн биһиги эрэ бу истиэнэҕэ ыйаммыт төлөпүөн аттыгар тэпсэҥнэһэбит, – Миша санаата, халлааны хара былыт бүрүйбүтүнүү, холунна.
– Сотору Хатыҥнаахха да сотовай сибээс кэлиэ.
– «Сотору-сотору»! Ол иннинэ куоракка көһө охсуохха наада.
– Бастаан үөрэххэ киир, – Костя тыл кыбытта.
– Чэ, таах лахсыйыахтааҕар, баран карточката көрдөөн көрүөххэ. Ол эрээри, чуур, эн атыылаһаҕын! Мээнэ харчынан ыһыахтаммат баҕайыта.
Автовокзал иһэ универмаг тэҥэ: иннэлээх саптан саҕалаан утуйар таҥаска, суорҕаҥҥа тиийэ бары барыта атыыланар. Арай уолаттар наадыйар карточкалара эрэ суох.
– Моһуок эбит! Таксофон ыйанан турар, оттон карточкалар ханна да атыыламматтар! Хайдах баҕайыный? – Миша саҥата суох туруо баара дуо, куолутунан, мөҕүттэн барда. Ол эрээри чугас атыылыы турар модьу-таҕа көрүҥнээх дьахтар ити тыллары сүүс бырыһыан бадаҕа бэйэтигэр ылынна, кулгааҕын таһынан аһарбата:
– Һы, билигин, дьон бары мобильниктаах кэмнэригэр, ким таксофоҥҥа наадыйар үһүнүй? – диэн саайда, арааһа, тыаттан кэлбит бэтэнээскилэр диэн уолаттары аһаҕастык сэнээтэ быһыылаах.
Оо, өскөтүн кини баламат тыллара Мишаҕа, тыыннаах бааһы таарыйбыт тэҥэ, хайдахтаах курдук ыарыылаахтык иһиллэллэрин сэрэйбитэ буоллар, туттунара чуолкай! Ол эрээри тыллар мэник чыычаах тэҥэ салгыҥҥа буор босхо көттүлэр.
Миша обургу, иһиттэ эрэ истибэтэ эрэ, эргиллэ биэрээт, айаҕар баар жвачкатын биир-биэс тыла суох витрина тааһыгар хам сыһыарда, уонна, дьэ, хайыыр эбиккин диэбиттии, дьахтары көрөн турда. Итини эрэ кэтэспэтэх дьахтар уһуутуу түстэ:
– Суоластар! Идиоттар! Туһата суох таах тэйбэҥнэһэ сылдьаҕыт! Өссө куоракка кэлбит буола-буолаҕыт! Дэриэбинэҕитигэр төннө охсуҥ! – диэн часкыйда. Миша ити аайы ымыттан бэрт, хата, эбии собуоттанан барда:
– Дьолгор аттыгар турбатахпын, арыычча чугаһым буоллар, жвачкабын эн сүүскэр килиэйдиэм этэ! – диэт, туох эрэ олус күлүүлээҕи эппиттии, күл да күл буолла.
– У-уу! Сибилигин милииссийэни ыҥырыам, оннугутун булларыллыа! – витрина мэһэйдээбэтэ буоллар, дьахтар сутуругунан да түһүөх эбит.
– Ой, наһаа да куттаатыҥ! Эн саҕалары көрдүм ини! – Миша тохтуохтааҕар, төттөрүтүн дьэ, хата, эбии күүркэтэн биэрдэ.
– Көр да маны! Өссө аахсар ээ! Абакка саадьаҕай! – дьахтар санаата бүгүҥҥү күҥҥэ көммөттүк холунна.
Костя тохтоппотоҕо буоллар, бу айдаан тугунан түмүктэнэрин айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Миша тарбаҕын чороҥното-чороҥното, Костя күһэйиитинэн, нэһиилэ тэскилээтэ. Атыылааччы силэ бырдаҥалыар диэри тугу эрэ часкыйа хаалла да, ити аамайга ким кинини истиэ баарай? Этэргэ дылы, бэйэтэ бэйэтигэр салгыны сатарыттаҕа.
– Нуу, хата, кыратык аралдьыйан ыллым ээ! – Миша ити этиһииттэн санааргыахтааҕар, биллэрдик сэргэхсийдэ: рингэҕэ киирэн утарсааччытын нокдауннуохтаах боксер курдук туттар-хаптар.
– Ханна да тиий, айдаана суох табыллан сылдьыбаккын. Туттунуоххун! – Костя табаарыһын сэмэлээбитэ буолла да, анарааҥҥыта истэн бэрт:
– Һы, үчүгэйэ бэрт дии, ханнык эрэ билбэт дьахтарбыт үөхпүтүгэр саҥата суох ньимийэн туруохтаах үһүбүт дуо?! Биһигини мамбеттар диэн атаҕастыыр дии! Тохтуур ини!
– Хас сырыы аайы итинник ааҕыстаххына ырааппатыҥ буолуо!
– Саатар эн миигин үөрэтимэ!
– Сорох түгэннэргэ эйигиттэн оннооҕор мин саллабын. Автоматтааҕыҥ буоллар, боевик геройдарын курдук, барыларын охторон кэбиһиэх курдуккун!
– Круто дии! – Миша сонно илиитигэр автоматтаах курдук тутунна уонна кыҥыы-кыҥыы тула өттүн ытыалаабыта буолла.
– Артыыс дьоҕургун туһата суох, мээнэ көрдөрө сатаама!
– Костик, санаарҕаама, хаһан эрэ миигинэн өссө киэн туттуоҥ. Эппэтэҕэ диэйэххиний! Мин таах сылдьыбаппын ээ, араас уобарастары бэйэбэр «мээрэйдиибин», этэллэрин курдук, воображениебын сайыннарабын, артыыс буоларга бэлэмнэнэбин.
– Оччотугар аһара итэҕэтиилээхтик киирэҕин.
– Этэбин дии, хаһан эрэ Михаиллыын доҕордуу этибит диэн дьоҥҥо кэпсэнэ сылдьыаҥ.
– Ол түгэҥҥэ диэри өссө тиийиэххэ наада!
– Тиийиминэ, күн сарсын өлөөрү гынныҥ дуо?
Эмискэ Костя тохтуу биэрдэ. Тугу эрэ толкуйдаабыттыы, саҥата суох турда, онтон эттэ:
– Көрөҕүн, ол муннукка хаһыат атыылыы турар кыыһы?
– Көрүмүнэ, онно туох баарый?
– Киниэхэ карточка хайаан да баар.
– Һы, ону эн хантан биллиҥ? Сүүһүгэр сурулла сылдьар дуо? – Миша итэҕэйбэхтии саҥа аллайда.
– Мин билбэппин, мин сэрэйэбин, – Костя боччумурбут сирэйин көрөн, Миша бэйэтэ да соһуйда быһыылаах:
– Оччотугар баран ыйытыахха, – диэтэ.
Баттаҕын, ыһыллыбатын диэн, резинканан бобуччу туттарбыт кыысчаан, кимиэхэ да аахайбакка, «Гламур» сурунаалы ааҕа олорор. Биллэн турар, ки-им да киниэхэ чугаһаабат. Арааһа, салгыы атыы-тутуу итинник тэтиминэн бардаҕына, кини бэрт сотору «точкатыттан» үүрүллүүһүк. Костя «Вокруг света» сурунаалы илиитигэр ылбытыгар биирдэ кыыс харахтарын ааҕа олорор сурунаалыттан нэһиилэ араарда уонна уолаттар диэки ээл-дээл көрдө. Эмискэ кини бэйэтин дьиҥ «оруолун» өйдүү биэрдэ быһыылаах, табаарын симиктик рекламалаан барда:
– Сибиэһэй кроссвордар, «Скандалы» хаһыат, «Максим» сурунаал бүтэһик нүөмэрэ. Бэҕэһээ эрэ кэлбитэ…
– Таксофон карточката баар дуо? – Миша наадатын тута эттэ.
Кыыс чочумча, киниттэн тугу ыйыталларын өйдүү сатыырдыы, саҥата суох олордо, онтон остуолун анныттан кыракый хоруопканы ороон таһааран, синньигэс тарбахтарынан балайда өр хаһыста уонна кэмниэ кэнэҕэс:
– Баар эбит, ол эрээри аҕыйах единицалаах, – диэтэ.
– Ол аата хайдах? – Миша өйдөөбөтө.
– Ол аата кылгастык кэпсэтэҕит.
– Буоллун, биһиэхэ уһуннук кэпсэтэр наадата суох. Сыаната төһөнүй?
Кыыс сыанатын эттэ, Костя төлөөтө. Таарыччы били «Вокруг света» сурунаалын атыыласта.
– Костик, хата киһини соһуттуҥ дии! Эн экстрасенс талааннааххын мин адьас да билбэт этим, хайдах ити курдаттыы көрөҕүн? – Миша сөхпүтүн кистии сатаабата.
– Итини баҕас сатаан быһаарар кыаҕым суох, тоҕо диэтэргин ити математика буолбатах, биир да быраабылаҕа, сокуоҥҥа сөп түбэспэт.
– Ити кыыс карточкалааҕын эн хантан билбиккиний, эт эрэ? – Миша чопчу эппиэти истиэн олус баҕарда быһыылаах, ол эрээри Костя дуоннааҕы быктарбата.
– Мин билбэтэҕим, көннөрү сэрэйбитим эрэ, – диэтэ. Таксофоҥҥа тиийэн, кини джинсытын сиэбиттэн кумааҕы ороото уонна ону көрө-көрө кнопкалары баттаталаата.
– Хайа? – Миша, аттыгар туран, тулуйбакка ыйытта.
– Тоҕо эрэ эппиэттээбэттэр… – Костя курустук хоруйдаата.
– Баҕар, аһара долгуйаҥҥын, сыыһа баттаталаабытыҥ буолуо, аҕал эрэ, мин боруобалаан көрүүм! – Миша Костя илиититтэн били нүөмэрдээх кумааҕыны сулбу тардан ылла да, туһа суох: туруупкаҕа хоруй иһиллибэтэ.
– Сэрэйбит сэрэх! Эппиэттээбэттэр, ол аата эдьиийиҥ аах ханна эрэ барбыттара буолуо. Даачалаахтар дуо?
– Баар.
– Биллэн турар, бачча итиигэ ким таас дьиэҕэ хаайтаран олоруой? Сотовайдарыгар эрий!
– Сөпкө этэҕин!
Ол эрээри трубкаҕа «абонент временно не доступен» диэн саҥа иһилиннэ, уолаттар эрэллэрин бүтэһик кыыма уостан хаалла.
– Соруйан араарбыттар, – Миша санаата холунна.
– Оннук буолуон сатаммат, маамам биһигини кэлиэхтэрэ диэн сэрэппитэ ээ.
– Этэбин дии, биһигини кытары бодьуустаһымаары куоттахтара. Бээрэ, оттон бу аллара ким нүөмэрэ суруллубутуй?
– Мила киэнэ, – Костя баҕарбатахтыы хоруйдаата.
– Ханнык Мила? – Миша тута уларыйа түстэ.
– Оттон, били кыһын олимпиадаҕа кэлэ сылдьан билсиспит кыыһым.
– Оттон эрий ээ, оччоҕуна! – Миша хаайда.
– Ээ, суох.
– Куттанаҕын дуо?
– Тоҕо куттаныахпыный? Табыгаһа суох.
– Биир өттүнэн сөпкө этэҕин. Куорат кыыһа ол хаһан эрэ буолбут түгэни ама саныы сылдьыа дуо, умунна ини.
Костя ити тыллары саҥата суох «ыйыстан» кэбистэ, истибэтэх курдук тутунна. Оттон Миша туох да буолбатаҕын курдук:
– Чэ, хайыахпытый? Акаарылар курдук манна тэпсэҥнии туруохпут дуо, олоруохха. Көр, ол миэстэ босхолонно! – диэт, инники дьулуста. – Па, сыта-сымара дьаабы даҕаны! Эн тыыныҥ хаайтарбат дуо?
– Дойдубутугар билигин төһө эрэ үчүгэй: түптэ буруота, от-мас сыта-сымара… – Костя бэл диэтэр сирэйдиин сырдыы түстэ. Кыахтааҕа буоллар, билигин да төрөөбүт дойдутугар төннүөх курдук.
– «Түптэ буруота, от-мас сыта…» Адьас оҕонньор курдук тыллаһаҕын дии? Мин биири сатаан өйдөөбөппүн: эн үөрэххэр дьоҕурдаах эрээригин тоҕо соҕуруу бара сатаабаккыный? Дьокуускай диэн син биир дэриэбинэ буоллаҕа дии?
– Манна сөптөөх үөрэх баарын кэннэ, тоҕо ханна эрэ ыраата сатыахтаахпыный?
– О-о, арай мин эн курдук мэйиилээҕим буоллар, ырыых-ыраах, ким да миигин билбэт сиригэр талаһыам этэ уонна дьэ, онно тиийэн, үчүгэй уолчаан аатырыам этэ.
– Ким эйигин тутарый? Барыаххын?!
– Билигин өссө эрдэ. Кэмэ кэллэҕинэ миигин туох да тутуо суоҕа.
– Оттон арай быйыл үөрэххэ сатаан кииримэ, оччоҕуна хайыыгын?
Ити туһунан Миша толкуйдаан да көрбөтөх быһыылаах, мух-мах барда.
– Эн санааҕар миигин ылыахтара суоҕа дуо? – диэн кини сэрэнэн ыйытта.
– Биллэн турар эн олус дьоҕурдааххын эрээри, сүүс бырыһыан этэр кыах суох, – Костя бу кэпсэтиини саҕалаабытын бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах: төһөнөн өр толкуйдуугун, ырытаҕын, оччонон үүтүн-хайаҕаһын аччаабыкка дылы буолан иһэр. Миша чочумча саҥата суох олорон баран:
– Чэ, буоллун, өскөтүн үөрэххэ кыайан киирбэтэхпинэ үлэ булуом, өлөн-охтон биэриэм суоҕа, – диэтэ.
– Оччоҕуна Хатыҥнаахха төннүбэккин?
– Костик, көрдөһөбүн-ааттаһабын, баһаалыста, санатыма даҕаны! Мин төһө кыалларынан умна сатыыбын, эн буоллаҕына…
– Һы, дьикти киһигин дии, төрөөбүт дойдугуттан букатын аккаастанаары гынаҕын дуо?
– Сөрү-сөпкө эттиҥ. Кэлин оннооҕор пааспарбар «төрөөбүт сирэ» диэн графаҕа «Хатыҥнаах» оннугар «Дьокуускай» диэн суруйтарыам. Көрөөр да истээр!
– Оттон дьоҥҥун хайыыгын, эмиэ умнаҕын?
– Отчиммын баҕас, олбуор аанын сабаат, умнубутум. Оттон ийэбэр кэлин кыаҕырдахпына, төһө да кини мин иннибэр буруйдааҕын иһин, көмөлөһүөм, хайыахпыный.
– Оттон бырааккар?
– Киниэхэ эмиэ көмөлөһүөм. Ханныгын да иһин быраатым буоллаҕа дии. Интикэҥ бээ, төһө да кыра буоллар, миигин мэлдьи көмүскэһэ сатааччы. Адвокатым диэххэ сөп. Эмиэ эн курдук «правильнай» оҕо. Уу-чукучук, тугу эрэ гынан букунайа сырыттаҕа. Хата, кинини ахтыахчабын. Уонна бүттэ, Хатыҥнаахха миигин туох да туппат. Онон куоракка хайаан да хаала сатыахха наада. Чэ, Костик, тахсан табахтыахха.
– Ээ, бэйэҥ таҕыс, мин тардыбат эрээрибин тоҕо эйигин батыһан иһиэхтээхпиний?
– Оттон ыараабакка-чэпчээбэккэ тахсыс ээ!
– Һы, миигинэ суох харыс да сири хардыылыа суоххун дуу?
– Оннук, Костик, оннук. Эйигинэ суох салгыы хайдах олорорум буолла? Өйүм сатаан хоппот, – Миша күлэ-күлэ эттэ.
Костя, төһө да баҕарбатар, турда, Мишаны батыста.
Били умнаһыт оҕонньор олорорун курдук олорор. Чаһы диэҥҥэ наадыйбат, ханна да тиэтэйбэт киһи, хата, кини. Иһитигэр харчы элбээбитэ көстүбэккэ дылы. Миша обургу таах ааһыа дуо, оҕонньор иһитин тэппитигэр бытархай харчылар сиргэ ыһылыннылар. Куйааска баттатан нухарыйа олорбут оҕонньор уһукта биэрдэ, торуоскатынан Мишаны үҥүлүтэ-үҥүлүтэ: «Щэрэн…» – диэтэ уонна, ким эрэ былдьыа диэбиттии, харчытын дуомун итигэстээн барда.
– Тыытыма! – өссө да наһаалыах киһини, Костя күөйэ түһэн тохтотто: – уоскуй!
– Уоскуйдум, уоскуйдум.
– Түргэнник табахтаа уонна төттөрү киириэххэ, – Костя дьаһайда. Кини санаата түспүтэ сирэйигэр сурулла сылдьар. Миша да улаханнык үөрбүт-көппүт быһыыта суох.
– Өскөтүн отчимым хаһан эмэ итинник быраҕыллар күннээх эбит буоллаҕына, мин ымыр да гыныам суоҕа, аттынан ааһа туруом.
– Кытаанаххын даҕаны!
– Бэрди, эн ийэ-аҕа тапталыгар улааппыт киһи миигин сиилиириҥ чуолкай. Эн билбэккин, Түмэппий биһиги дьиэбитигэр киирээт да, аҕыйах хонон баран, миигин «дьиккэр» диэн үөҕэн барбыта. Маамам буоллаҕына, куттаҕаһа бэрдиттэн, хаһан да көмүскэспэт этэ, Түмэппий суоҕар эрэ имэрийбитэ-томоруйбута буолара. «Биһиги толору дьиэ кэргэн буолуохтаахпыт» диэн санааны ким кини мэйиитигэр иҥэрбитэ буолла?! Тыла эрэ ол этэ.
– Уоскуй, аны кэлэн тугу да уларыппаккын.
– Сөпкө этэҕин, аны кэлэн тугу да уларыппаккын, – Миша уһун, синньигэс тарбахтарынан сигаретатын уоһугар даҕайда, ону кытары буруо, аргыый аҕай иэҕиллэ-иэҕиллэ өрө тахсан иһэн, салгыҥҥа симэлийэн хаалла. – Ол эрээри, төһө да барыта ааспытын иһин, саныырга син биир куһаҕан. Саныырга эрэ буолуо дуо, олорорго эмиэ. Бэйэҥ билэҕин, кыраттан да кыйытта түһэбин.
– Оттон ити оҕонньор сордоох эйиэхэ туох куһаҕаны оҥорбутун иһин атаҕастыыгыный?
– Тугу оҥоруой? Ол эрээри кэтэх санаам син биир этэр: уруккута кини дьаабы кэргэн, аҕа буолан итинник ыттыы олоххо тиийдэҕэ диэн.
– Өһүргэнимэ, ол эрээри, мин саныахпар эйиэхэ психотерапевт көмөтө наада быһыылаах, – Костя табаарыһын диэки кытаанахтык көрөн ылла.
– Һы, ону билбэтэ буолуо диигин дуо? Кимнээҕэр бэркэ билэбин. Мин ыарыым манна баар, – диэт, уолчаан төбөтүн диэки ыйда. – Ол эрээри психотерапевт миэхэ көмөлөһөрө саарбах. Урукку баастарым оһоллоругар бириэмэ наада.
– Оҕо саастарыгар ыараханнык иитиллибит дьон кэлин олохторугар, хата, кимнээҕэр табыллаллар дииллэр.
– Баҕар буолуо, баҕар – суох. Ону эн хантан билэҕин? – Миша сигаретатын эҕирийдэ. Буруо салгыны кытары салгын буолла.
– Кинигэлэргэ аахпытым.
– Һы, «кинигэлэргэ аахпытым»! Кинигэлэр албынныылларын билбэккин дуо? Суруйааччылар сымыйа олоҕу, атыннык эттэххэ, суоҕу баар оҥорон, тупсаран суруйаллар, ол иһин дьон ааҕар. Өскөтүн кырылаан турар кырдьыгы этэллэрэ буоллар, кинилэр үгүс ааҕааччылара куһаҕан буолар инилэр. Чэ, киириэххэ, төһөнөн элбэҕи толкуйдуугун, оччонон санаан түһэр.
Киирбиттэрэ мааҕыҥҥы миэстэлэригэр оҕонньордоох эмээхсин лаглаһан олороллор. Киһиэхэ кыра да наада: олорор сирдэнэннэр муҥура суох дьолломмут көрүҥнээхтэр. Итиитэ бэрдиттэн сирэйдэригэр саба түһэр көлөһүннэрин субу-субу болотуоктарынан ньуххарына соттоллор. Ботур-ботур бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиһэн ылаллар.
Уолаттар, турбахтыы түһэн баран, түгэх диэки ыскамыайка босхоломмутугар лах гына олордулар. Автовокзал иһэ кымырдаҕас уйатын санатар: кэлии-барыы, киирии-тахсыы. Миша, тугу да гынара суох буолан, плеерин холбоото, эбиитин салгын ачыкытын кэттэ. Ити аата «миигин тыытымаҥ» диэбит буоллаҕа. Оттон Костя сурунаалын ылан көрүтэлээтэ. Сурунаал таһыгар «СЧАСТЬЕ ЗЕМЛИ ВАНУАТУ» диэн улахан буукубаларынан суруллубут. Сирэйэ кырааскаламмыт абориген мичээрдиир. Ханнык да психотерапевт көмөтүгэр наадыйбат киһи, хата, кини быһыылаах…
Сурунаал ааҕа олорон, Костя сыыйа-баайа нухарыйан барда.
* * *
Төһө өр утуйбута буолла, Миша кини саннын дьигиһиппитигэр биирдэ уһугунна. Олорон эрэ утуйар саҕа куһаҕан суох: араастаан сордоно сатаан баран, төбөтүн Мишка санныгар уурбут.
– Төбөҥ баата буолбатах, санным дэлби көһүйдэ, – Миша сыҕарыс гынна, – айка, киһиэхэ сыстыма, бэйэм да тиритэ ахан олоробун.
Өссө да ситэ уһукта илик буолан, Костя, ханна-ханна кэллим диэбиттии, быһаарыыта суох тулатын эргиччи көрүтэлээтэ. Били оҕонньордоох эмээхсин оннуларыгар икки эр киһи кэлэн олорбуттар. Биллэрээччи дьахтар быыстала суох кэлэр-барар рейстэри этэр.
– Костик, баран төлөпүөннээ эрэ, бириэмэ да ыраатта, – Миша дьаһайда.
Костя, хайыай, турда. Таксофон чахчы туһатыттан тахсыбыт мал быһыылаах, бэйэтэ бэйэтигэр ыйанан турар, ки-им да чугаһаабат, ким да наадыйбат. Арай соҕотох Костя эрэ баран талкыйар курдук. Кини нойосуус өйдөөбүт нүөмэрин баттаталаата да мэлигир, «алло» диэн саҥа иһиллибэтэ. Хайа муҥун аһара өр туһата суох иһиллии туруой, уол трубканы уйатыгар төттөрү уурда.
– Хайа, эппиэттээбэттэр дуу? – Миша ыйыта тоһуйда.
Костя туох да диэн хоруйдаабата: билэр аата тоҕо эмиэ ыйытарый?
– Сэрэйбит сэрэх: куорат дьоно куоттахтара. Оттон саатар Милаҕа эрийиэххин?
– Ээ, суох, кэлин.
– Тоҕо эмиэ кэлин? Син биир тугу да гынарбыт суох, таах олоробут дии?! – Миша, биир сиргэ сатаан өр тулуйан-тэһийэн олорбот буолан, чахчы да улаханнык хал буолбут көрүҥнээх.
– Хайыахпытый, олорорбутугар тиийэбит.
– Ээ, суох, туохтуохха, Гришаняҕа барыахха, оччотугар!
Гришаня – уолаттар биир дойдулаахтара. Костя кинилиин улаханнык хаһан да билсибэт этэ, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олорор буолан, алтыспыт да түгэннэрэ ахсааннаах. Гриша университекка киириэҕиттэн көрсүбэтэхтэрин да кэриэтэ. Ол оннугар Мишалыын кинилэр атастыылар диэххэ сөп. Каникулга дойдутугар кэллэҕинэ, Миша этэринэн, «тусуйся» гыналлар үһү.
– Кини ол биһигини кэтэһэр үһү дуо уонна арай суох буоллун? – Костя саарбаҕалаата.
– Кэтэстин-кэтэспэтин, барыахха. Миэхэ аадырыһа баар, кыһын каникулугар кэлэ сылдьан бэйэтэ биэрбитэ. Онон, хата, күүлэйдэтиэ, баҕар киинэҕэ сырытыннарыа. Манна, биир миэстэни харабыллаан, күнү күннээн олоруохпут дуо? Онто да суох олоро сатаатыбыт, эн оннооҕор утуйан ыллыҥ. Тур, чэ, – Миша Костяны санныга аста: кини тугу эрэ быһаарыннаҕына санаатын сүүстэ уларыппат, этэргэ дылы, түгэҕин көрөн баран биирдэ тэйэр идэлээх.
Онуоха холоотоххо Костя сымнаҕас, холку, арааһа, ол иһин кинилэр тапсаллара буолуо. Өскөтүн иккиэн «умайа» сылдьаллара буоллар, чаас да аҥаара бэйэ-бэйэлэрин тулуйсаллара саарбах. Костя хайыай, баҕарбатар да, доҕорун тылын «истэригэр» тиийдэ. Эбиитин дьоно аах төлөпүөннэрин ылбаттарыгар, ааранан, кини буруйдаах курдук буолан таҕыста.
Сэргэлээххэ уолаттар аҕыйах мүнүүтэнэн дайбаан тиийдилэр. Вахтер дьахтарга докумуоннарын ууммуттарыгар анарааҥҥылара ачыкытын кэтэн, сыныйан туран үөрэттэ, ол эрээри итинэн муҥурдаммата, «кимнээххитий, тоҕо кэллигит, хаһан бараҕыт?» диэн туоһуласта. Миша саҥаран баран кэлээр диэбит уоллара, онон вахтер боппуруостарыгар иҥнэн биэрбэккэ, таах эппиэттэстэ.
– Һуу, ама да буоллар, токкоолоһон түһэн тугун сүрэй? – бэл Костя сөхтө быһыылаах, вахтер кэмниэ кэнэҕэс «ааһыҥ» диэбитигэр, Мишаҕа сибис гынна.
– Һыбыс-сымыйанан бары өҥнөнө сатыыллар, истэригэр бары холоон инилэр, – Миша 424-с хос аттыгар кэлээт, тохтуу биэрдэ. Ааны тоҥсуйда да, ким да хоруйдаабата. – Һы, хайдах баҕайыный? Тоҕо аспаттарый? Вахтер Гришаняны хоһугар баар диэбитэ ээ, – Миша кулгааҕын ааҥҥа чугаһатан иһиллии сатаата да, арааһа, хос иһигэр сахсырҕа эрэ дыыгыныыр.
Костя итини эрэ кэтэспиттии: «Барыахха, ким да суох эбит», – диэтэ. Ол эрээри Миша итиччэ түргэнник иннин биэрбэт. «Суох, кэтэһиэххэ, ханна эрэ тахсыбыта буолуо, билигин кэлиэ», – диэн тохтотто. Уолаттар аан аттыгар, истиэнэҕэ өйөнөн турдулар. Миша ааһан иһэр кыыстан: «Гришаны көрбөтүҥ дуо?» – диэн ыйыппытыгар, анарааҥҥыта: «Никакого Гришу я не знаю!» – диэн хайдах эрэ аанньа ахтыбатахтыы хоруйдаата. Кыыс үрдүк хобулуктаах түүппүлэлэринэн тоһугураан, көрүдүөрү биир гына хааман, түгэх хоско киирбитигэр, Миша: «Дура!» – диэн үөҕүстэ. Сайын буолан эбитэ дуу, мээнэ ким да көстүбэт. Таракааны эмтээбиттэрин курдук, бары ханна эрэ сүтэн хаалбыттар. Дьиэлээтэхтэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс ким эрэ ыарахан-ыараханнык үктэнэн кирилиэһинэн тахсан иһэрэ иһилиннэ. Бу сырыыга куудара баттахтаах, сибилигин аҕай баанньыктан тахсыбыт курдук көлөһүн аллыбыт сирэйдээх уол көһүннэ. Миша эмиэ Гриша туһунан ыйытан көрдө да, уол аҕылыы-аҕылыы: «Үс күн буолла, көрбөтөҕүм», – диэтэ. Итиччэлээҕи истэн, Костя: «Бардыбыт, Гриша суох эбит», – диэн этэн көрдө да, Миша саараабыттыы тура түһэн баран, ааны анньыбытыгар, аана арылла биэрдэ: төрүт да хатаммакка турар эбит! Уолаттар, боруогу атыллаат, боппуолдьаҕа түспүт курдук сананнылар: түннүккэ орон сабыытын курдук халыҥ таҥас ыйаныллыбыт буолан, хараҥа. Ол эрээри бэрт сотору харахтара үөрэнэн хос иһэ, холорук үлтү ытыйан ааспытын тэҥэ, ыһыллаҕаһын бэлиэтии көрдүлэр. Остуолга кирдээх иһит хайа курдук өрөһөлөммүт, истиэнэ тула пиибэ бытыылкалара кыстаммыттар. Бэл Миша, «бу ханна биһиги кэллибит?» диэбиттии, иһиирэн ылла. Түгэх диэки икки ороҥҥо кимнээх эрэ суорҕанынан саптан утуйан буккурата сыталлар, төбөлөрө эрэ харааран көстөр. Миша: «Гриша-а», – диэн ыҥыран көрдө да, хоруй иһиллибэтэ. Арай хараҥаҕа үөрэммит сахсырҕалар остуол үрдүгэр көрүлүү сылдьаллар. «Миша, арааһа атын хоско кэлбиппит. Мэһэйдээмиэххэ, барыахха», – диэн Костя орооһо сатаата да, табаарыһа истиэ баара дуо, утуйа сытар уолаттарга сыбдыйан тиийэн, биирдии-биирдии сирэйдэрин өҥөйтөлөөн көрдө, онтон биирдэрин иннигэр тохтоон: «Гришаня, уһугун!» – диэн кулгааҕар улахан баҕайытык саҥарда. Уола, иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, оронугар лах гына олоро түстэ. Бастаан утаа дьүүлүн-дьаабытын өйдөөбөккө мээнэнэн көрүтэлээтэ, онтон дьэ кэмниэ кэнэҕэс кимнээх кини иннигэр туралларын өйдөөн, үчүгэй соҕустук маатыралаан субуруппата дуо! Миша итиччэлээх саҥаны истэн, күлэн тоҕо барда. Иккис утуйа сытар уол ити аймалҕаҥҥа уһуктан кэллэ.
– Кимнээхтэрий? – диэн төбөтүн өндөтөн ыйытта.
– Земляктарым кэлбиттэр! Хата, киһини куттаатылар!
– Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕытый? – Миша ыйыталаһааччы буолла.
– Ээ, бэҕэһээ капитально бырааһынныктаабыппыт, ол иһин. Айуу-айа! Төбөм хайа барыах курдук. Жесть! Леха, оттон эн хайдаххыный? – Гриша табаарыһыттан ыйыталаста.
– Өлүөх курдукпун. Турар кыах суох. Хата, бу уолаттарынан пиибэтэ атыылаһыннар эрэ! Абырахтаныахха наада!
– Точно! Уулусса нөҥүө кыра маҕаһыын баар. Ыт атахтар сүүрэн баран аҕалыҥ эрэ!
– Ээ, суох, – Костя, Мишаны урутаан, өрүһүспүттүү эттэ.
– Бай! Ол тоҕо? – Гриша соһуйбута буолла.
– Пиибэни 18 саастарыттан саҕалаан атыылыыллар, оттон биһиги уон алталаахпыт эрэ, – Костяттан саҥата нэһиилэ тахсарга дылы.
– Тууй-сиэ, манна эн сааскар ки-им да наадыйбат, оннооҕор 13 саастаах оҕолор пиибэ атыылаһаллар, сымыйанан «төрөппүттэрбитигэр» диэн куотуналлар. Олорго холоотоххо, эһиги диэн сиппит-хоппут дьээдьэлэр буоллаххыт. Чэ, элбэхтик этиттэримэҥ, барыҥ. Кэллэххитинэ кэпсэтиэхпит!
Уолаттар хостон таҕыстылар. Кирилиэһинэн аллара түстүлэр. Вахтер дьахтар соһуйбуттуу көрдө эрээри, Миша обургу билигин кэлиэхпит диэн дакылааттаата.
– Ньиэрбинэйдээн бүт, – Миша инники хааман иһэн тииһин быыһынан саҥарда.
– Һы, хайдах ньиэрбинэйдиэм суоҕай? Эмиэ онно-манна булкуллан эрэбит. Пиибэттэн саҕаламмыт дьыала хаһан да үтүөнэн түмүктэммэт.
– Куһаҕаны биттэнимэ, барыта этэҥҥэ буолуо, – Миша маҕаһыын аанын тэлэччи аһан бастакынан киирдэ.
Табаара эрэ түргэнник атыыга барарыгар баҕалаах дьахтар Миша сааһын сураһа да барбата: онон ити чааһыгар Гриша уот харахха эппит буолан таҕыста. Миша пакет муҥунан пиибэ ылбытын Костя сөбүлүү көрбөтө, тахсаат да, тоҕо итиччэ элбэҕи атыыластыҥ диэн туоһулаһааччы буолла.
– Оттон киһини хат-хат сүүрдүөхтэрэ дии? Наадалаах этэ ол! Уонна кэччэгэй аатырыахпын баҕарбаппын.
– Бэйэҥ олох иһимэ! – Костя мас-таас курдук эттэ.
– Һы, эн миигин бобор-хаайар мамочка үһүгүн дуо? Уоскуй! – Миша сөбүлээбэтэхтии тыбыырда.
– Истэххинэ хайдах курдук хонтуруолгун сүтэрэргин бэйэҥ билэҕин! Бачча эппиэтинэстээх түгэҥҥэ кэлэн баран туттунуоххун!
– Биир бытыылкаттан туох да буолуом суоҕа, куттаныма!
– Барыта биир бытыылкаттан саҕаланар…
– Айка да айка, ньаҕайданан түһэҥҥин, киһини сылатаҕын даҕаны! Хайдах баччааҥҥа диэри эйигин тулуйан кэлбитим буолла?
– Ким кими тулуйбута өссө биллибэт.
Ити курдук уопсайга уолаттар этиһэ-этиһэ киирдилэр. Гриша кинилэри суунан-тараанан, быдан сэргэхсийбит көрүҥнээх көрүстэ.
– Маладьыастар! – диэтэ.
– Мэ, Гришаня, тут, – Миша пакеты уунна.
– Стоп! Мин эһиэхэ ханнык да Гришаня буолбатахпын. Манна миигин бука бары Николас, эбэтэр кылгатан Ник диэн билэллэр.
– Һы, хайдах ол эмискэ Николас буолан хааллыҥ? – Костя соһуйбутун кистээбэтэ, – ама киһи баҕардаҕын аайы аатын уларытыан сөп үһү дуо? Холобур, мин Костябын, аҕам аата Константин, эһэм эмиэ. Биһиги аймахха Көстөкүүн диэн туох эрэ булгуччулаах аат курдук. Аһаҕастык эттэххэ, мин тус бэйэм ааппын оччо айылаах сөбүлээбэппин: Константин Константинович диэн, этэргэ дылы, киһи тылын тоһутуох курдук уһуна бэрт. Ол эрээри, хайыахпыный, төрөппүттэргин талбаккын диэбиттэрин курдук, ааккын эмиэ талбаккын. Этэргэ дылы, хайдах баарынан.
– Эйиэхэ өссө фамильнай аат тигистэҕэ дии, оттон миэхэ Шолохов ханнык эрэ айымньытын главнай геройун аатын мамашам биэрбит. Наадалаах этэ! Короче, уолаттар, миигин үчүгэйдик көрүҥ эрэ, эһиги санааҕытыгар кимиэхэ маарынныыбыный?
– Паапаҕар быһыылаах… – Костя саҥата маҥнайгынан иһилиннэ.
– Суох.
– Оччоҕуна, соседкытыгар… – Миша обургу кэм да сүгүн олорбото.
– Мин билигин эйигин дөйүтүөм, акаары! Соседкытыгар диэбит буола-буола! Эһиги саатар кыратык эмэ мэйиигитин үлэлэтэр кыахтааххыт дуо?! – Гришаня Миша элэгин ылыммата, кыыһыра түстэ.
Уолаттар тугу да этэллэрэ суох буолан, иккиэн саҥата суох тимир ороҥҥо олордулар. Гришаня тулуйар аатыттан ааһан: «Николас Кейджы санаппаппын дуо?» – диэн ыйытааччы буолла.
– Эс, хайдах мас саха эрээригин, буолаары буолан итальянскай хааннаах американскай актерга майгынныаххыный? – Костя сөбүлэспэтин биллэрдэ.
– Аһара ыксаамаҥ, үчүгэйдик көрүҥ, – Гриша баттаҕын өрө көннөрөн, араастаан туттубута буолла.
– Точно! Хайдах баччааҥҥа диэри таайбакка сылдьыбыппыный? Николас Кейдж илэ бэйэтинэн турар курдуккун, только сахалыы варианаҕын! – Миша саҥа аллайда.
– Короче, уолаттар, миигин мантан инньэ Гришаня диэн ыҥырымаҥ, өйдөөн кэбиһиҥ, мин Николаспын, кылгатан – Ник. Онон бүтэр.
– Круто! Оччоҕуна мин Майклбын! Миша диэн аат аһара боростуой! – Миша хараҕа уоттана түстэ, ол эрээри Гришаня-Николас кинини саба саҥарда:
– Мэхээс диэн аатырыаххын баҕарбат буоллаххына, Мишаҕынан хаал. Аат мээнэ бэриллибэт. Заслужить надо, – диэтэ киэбирбиттии.
– Айка, лабаҥхалаан бүтүҥ, «абырахта» түргэнник биэриҥ эрэ! – суорҕаҥҥа сууланан сытар Леха саҥата иһилиннэ. Онуоха Николас «абыраллаах аһын» табаарыһыгар уунна.
– Уу, хата, дьолго тымныы эбит! Дьэ, бэрт! – Леха тыастаах баҕайытык иһэн куллурҕатаат, кэҕэрдэн ылла.
– Па, бу киһи тугун сүрэй! Манна оҕолор эҥин бааллар, туттунуоххун?! – Николас сымыйанан сэмэлээбитэ буолла.
– Улахан баҕайы эбит… Что естественно, то небезобразно. Короче, мин салгыы утуйдум, эһиги буоллар, чуумпутук кэпсэтиҥ, – диэт, кини кураанах бытыылкатын орон анныгар туруора сатаата да, онтуката түөрэҥкэлээн баран, сууллан түстэ уонна быыллаах муоста устун түгэх диэки төкүнүйэ турда.
Бытыылка хаһан истиэнэҕэ тиийэн сааллыар диэри, тоҕо эрэ бары саҥата суох олордулар, онтон дьэ, кэмниэ кэнэҕэс, бытыылка кылгас айана тохтообутун кэннэ, Миша: «М-м-да…» – диэтэ.
– Кола кимиэнэй? – Николас пакеттан оруу туран ыйытта.
– Костикка ылбытым, кини пиибэ испэт, – Миша өрүһүспүттүү хоруйдаата.
– Да-а? Интэриэһинэй эбит. Чэ, оччоҕуна, Мишка, эн биһиги дьоҕойон охсуһуннарыахха. За встречу! – диэт, Николас Лехаттан итэҕэһэ суох хантатан кэбистэ уонна эмиэ… толоостук кэҕэрдэн ылла. Миша итиччэлээҕи истэн, иһин тутта-тутта, күлэн алларастаата:
– Хайа, бэйэҥ да Лехаттан хаалсыбат эбиккин дии!
– Уу, бэрт да бэрт! Дьэ тиллиэх курдукпун, – Николас чахчы абыраммыт киһилии тылласта.
– Хата, кэпсээ эрэ, бэҕэһээ бачча айылаах буолуоххутугар диэри ханна сырыттыгыт? – Миша куорат сонуннарын истэ охсор баҕата баһаам быһыылаах.
– Бастаан биир квартираҕа мустубуппут, кыратык олоро түһэн баран атын квартираҕа барбыппыт, онтон ночной кулуупка, онтон салгыы өссө ханна эрэ сылдьыбыппыт. Бэйэм да өйдөөбөппүн. Айуу-айа, нэһиилэ уопсайбытыгар сыыллан кэлбиппит.
– Гришаня… – Миша саҥаран истэҕинэ, кытаанах саҥа иһилиннэ:
– Мин Николаспын, кылгатан – Ник, ити ыккардыгар умна оҕустуҥ дуо?
– Тууй-сиэ! Гриша диэн ааттыы үөрэнэн хаалбыппын, бырастыы гын.
– Билиҥҥиттэн итиччэ умнуган буоллаххына, иэдээн дии! Оҕонньор буоллаххына бэйэҥ да ааккын умнарыҥ буолуо! – Гриша тугунан Николас Кейджкэ маарынныырын бу диэн этэр уустук эрээри, уол Коппололар кылааннарыгар быһаччы сыһыаннаах курдук туттар-хаптар: ама, аат киһиэхэ сабыдыала итиччэ улахан буолуо дуо?
– Николас, мантан киэһэ туох былааннааххыный, ханна эрэ бара сылдьыбаппыт дуо? – Миша, пиибэ иһэн эбитэ дуу, сытыырхайбыта сүрдээх. Костя иһигэр мааҕыттан мөҕүттэ олорорун кини курдаттыы сэрэйэр буолан, табаарыһын диэки хайыһан да көрбөт, аһатар-сиэтэр киһитэ аҥаардастыы Николас буоларыныы, киниттэн хараҕын араарбат.
– Бачча куоракка кэлэн баран, саатар ханна эмэ сылдьыахха, аралдьыйыахха ээ, күнү күннээн автовокзалга олорортон сылайдыбыт.
– Дьиҥинэн, бүгүн утуйа түһүөхпүн баҕарбытым да, хайыахпыный, земляктарбын сааратарбар тиийэбин. Ол эрээри бастаан баран аһыахха, онтон туох ханнык буолара көстөн иһиэ. Эһиги даҕаны аччыктаатыгыт ини? – Николас бэйэтин өттүттэн улахан өҥөнү оҥорон эрэр киһилии саҥарда.
– Аччыктаан бөҕө, куртахпыт курулаабыта ыраатта, – Миша өрүһүспүттүү хоруйдаата. Ити тухары Костя саҥата иһиллибэтэ.
* * *
Кафеҕа киһи аҕыйах буолан биэрдэ, онон уолаттар түргэн соҕустук астарын ылаат, остуолга олордулар. Сибиэһэй хаппыысталаах борщ сыта бэрт да бэрт!
– Оһуобайдык аһаталлар эбит, – Миша борщун иҥсэлээхтик иһэрин быыһыгар нэһиилэ тыын ылан эттэ.
– Үчүгэйэ диэн, манна сыаната атыттардааҕар быдан чэпчэки. Ол эрээри, кыахтааҕым буоллар, бу кафеҕа тыһыынчата үктэнэн бэрт.
– Бай, тоҕо? – Костя борщугар уста сылдьар лавровай лииһи тэриэлкэтин кытыытыгар ньуоскатынан анньан биэрдэ.
– Рестораннарга эрэ аһыам этэ. Бу курдук бэйэм подностана-подностана эрэйдэммэппин, сыстан хаалбыт макарону сиэри сордоммоппун, – Николас биилкэнэн биир кэлимсэ буолуор диэри буһарыллыбыт макарону араарталыы сатыы олорон эттэ.
– Оо, аһыыр үчүгэй даҕаны! Мин тус бэйэм сыстыбыт да макарону сирбэппин, – Миша иккис бүлүүдэтигэр түстэ.
– Биллэн турар, үчүгэй. Ол эрээри, уолаттар, таайыҥ эрэ, аһыыры таһынан мин өссө тугунан дьарыктанарбын сөбүлүүрүм буолуой? – Николас ити тыллары этэригэр харахтарыгар дьээбэлээх уот оонньоото.
– Көрүлүүргүн сөбүлүүгүн, – эмиэ Миша саҥата иһилиннэ. Костя кэпсэтиигэ төрүт да кыттыбакка, саҥата суох аһыы олордо.
– Ону баҕас ким сириэй? Аһыыр, уһуннук утуйар, күүлэй тэбэр туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри мин өссө кыргыттар төбөлөрүн капитально иирдэрбин астынабын, – диэн саайда Николас.
– Да-а? Хайдах ол иирдэҕин? – Миша сэргэхсийэ түстэ.
– Кистэлэҥ суох. Ханнык баҕарар кыыска «таптыыбын» диэн этиэҥ эрэ кэрэх, кини – эйиэнэ.
– Куораттар ама оччо сэлээрчэхтэр үһү дуо? – Миша итэҕэйбэтэҕэ буолла.
– Куорат кыргыттара диигит да, манна улахан аҥаардара – тыалар. Эрэйдээхтэр бары тапталга наадыйаллар, бары кэргэн эрэ тахсар баҕалаахтар, төбөлөрүн иһэ, короче, любовь-морковь эрэ. Оттон эһиги ити чааһыгар хайдаххытый?
– «Хайдаххытый» диэн тугу ыйытаҕыный? – Мишка өйдөөбөтөҕө буолла.
– Кырыллыбытынан мальчиктаргыт дуу, эбэтэр кыргыттар төбөлөрүн эмиэ иирдэҕит дуу? – Николас пал гыннарда.
– Бу да киһи мээнэ-мээнэ ыйыттаҕын?! – Миша кыбыстыбыта буолла.
– Чэ, Костя – биллэр дьыала. Оттон эн, Мишка?
– Тугуй?
– Оттон, ломайся гыммаккаҕын, кэпсээ ээ.
– Ээ, табыгаһа суох, – диэт, Миша Костя диэки кылап гынан көрөн ылла: толлоро итиччэ эбитэ дуу?
– Кэпсээ-кэпсээ. Кимтэн кыбыстаҕын? Бары бэйэ дьоно олоробут, – Николас арахсар аат суох.
– Ну… короче… Хатыҥнаахха Таня диэн атыылааччы баар, – Миша салгыы эмиэ кинини аһатар-сиэтэр киһи аҥаардас Николас эрэ буоларын курдук Костяҕа кырыытынан олорон кэпсээн барда, – эн кинини билэриҥ саарбах. Ол эрээри биһиэнин курдук кыракый дэриэбинэҕэ оннооҕор ыттар ааттара, хаһаайыннара кимнээх буолаллара кытта биллэр. Короче, ол Таня атын, ханнык эрэ хотугу улуустан кэлбит. Эриттэн арахсыбыт, биир оҕолоох.
– Хайа, олох дьиҥнээх мачо эбиккин дии! – Николас итини эрэ көһүппэтэх буолан, бэл диэтэр, харахтара кэҥээтилэр. Оттон Миша, аттыгар Костя кулгаах харах буолан олороруттан баттатан эбитэ дуу, чочумча саҥата суох ах барда.
– Чэ-чэ, итиччэ быктаран баран, салгыы кэпсээн ис! Хайдах билсибиккитий? – Николас ыкта.
– Биирдэ ийэм маҕаһыыҥҥа килиэп атыылаһыннара ыыппыта. Үлэ чааһа бүтэн эрэрэ, тоҕо эрэ маҕаһыыҥҥа ким да суоҕа. Таня миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, «тугу атыылаһаҕын?» диэн ыйыппыта.
Мин «икки бухааҥка килиэп» диэбитим уонна харчыбын ууммутум. Кини буоллаҕына, килиэптэрбин пакекка уган баран, мичээрдии-мичээрдии харахтарын миигиттэн араарбакка турбута. Ыытыан баҕарбата сирэйигэр сурулла сылдьара. Мин даҕаны тоҕо эрэ ханна да ыксаабат киһилии, биир сиргэ тоһоҕонон сааллыбыт курдук турбутум. Таня эмискэ: «Маҕаһыыммын сабар кэмим кэллэ, ааннарбын хатыырбар көмөлөһүөҥ дуо?» – диэбитэ. Мин аккаастаныам дуо, сөбүлэстэҕим дии. Ити курдук иккиэн көмөлөөн түннүктэри, киирэр ааны саппыппыт. Бэйэм буоллаҕына, ити кэмҥэ уора-көстө дьахтары кэтээбитим. Таня төһө да сааһынан миигиттэн быдан аҕа буоллар, тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону да хараҕыҥ үөрэннэҕинэ, туох да куһаҕана суох курдук. Чэ, ол туран эмискэ испэр «бээрэ, оччоҕуна мин били түгэх аанынан тахсан бүгүн дьиэлиир буоллаҕым дуу?» диэн таайа санаабытым. Сөпкө да сэрэйбит эбиппин, ол эрээри Таня тута дьиэлэппэтэҕэ: «Давай, чайкуулуохха», – диэбитэ.
– «Чайкуулуохха»? – Николас туох эрэ олус интэриэһинэй, соһуччу сонуну истэрдии сэҥээрэ олордо. Миша даҕаны Костяттан кыбыстарын, туттунарын умнан, сыыйа-баайа тыла өһүллэн барда.
– Да, «чайкуулуохха» диэбитэ. Мин буоллаҕына, чэйдээтэххэ да туох баар үһүнүй диэммин, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Таня миигин эрдэттэн кэтэспит курдук, түргэн үлүгэрдик ыйааһынын таһыгар аһын кэчигирэтэн барбыта, эбиитин коньяк орообута… – Миша ити кэнниттэн саҥата суох ах барда, чэйигэр баар саахары булкуйа олордо.
– Мишка, ити соруйан тохтуугун дуо? – туох эрэ уһулуччу умсугутуулаах киинэни реклама быһа түспүтүттэн ньиэрбинэйдээбиттии, Николас тулуйбата: – салгыы туох буолбутай?
– Салгыы дуо? Һы, билэ-билэҕин, тоҕо ыйытаҕын? – Миша чэйин ыймахтаата.
– Кууллаах бурдуктар быыстарыгар дуо?
– Арааһа оннук да буолуо. Коньяктан эбитэ дуу, барытын бүдүк-бадык курдук өйдүүбүн. Ол эрээри дьиэбэр килиэп тутуурдаах тиийбитим.
– Биир сырыынан бүппүккүт дуо?
– Эттэҕиҥ да баар! Таня, уопуттаах дьахтар, миигин ыытан бэрт, ыты сыапка баайалларыныы, ыраатыннарбакка, адьаһын бэйэтин аттыгар сырытыннарбыта.
– Оттон, хата, айдаан тахсыбата дуо?
– Туох айдаана? – Миша өйдөөбөтөх курдук тутунна.
– Һы, бу да киһи ыйыттаҕын? «Совращение несовершеннолетнего» диэн сыалай ыстатыйа баар. Ол Таанньаҕын сууттаан саайыа этилэр, дьэ, оччоҕуна көрүлээн бүтэҕит. Оттон, Костя, саатар эн биллиҥ ини?
– Суох, Мишка миэхэ биирдэ да кэпсээбэтэҕэ, – Костя нэһиилэ хоруйдаата. Бу кэпсэтии хайдахтаах курдук кини истэригэр кыбыстыылааҕын сэрэйиэххэ эрэ сөп.
– Һы, оччотугар эһиги адьас улуу конспиратордар эбиккит дии?! – Николас сөҕүөн сөхтө. – Оттон ханна көрсөр этигитий? Итиччэ кыра дэриэбинэҕэ киһи саһар да сирэ суохха дылы!
– Ханна буолуой, маҕаһыыҥҥа, – Миша тоҕо эрэ баҕарбатахтыы хоруйдаата: арааһа бу кэпсэтииттэн бэйэтэ да салҕан барда.
– Ха-ха-ха! Кууллаах бурдуктар быыстарыгар! Ха-ха-ха…
– Гришаня…
– Ни-ко-лас… Эбэтэр Ник.
– Тууй-сиэ, умна турабын ээ. Ник, аны эн бэйэҥ сырыыларгын кэпсээ, эн уочаратыҥ.
– Һы, үөрбүт дии! Кэпсээн бэрт!
– Тоҕо кэпсээбэккиний?
– Аһара элбэх бириэмэ барыа. Биир күнүнэн бүппэккин.
– Оттон саатар кыратык.
– Суох диэтим, онон бүтэр.
– Һы, киһи кистэлэҥин күүскүнэн кэриэтэ иһиттиҥ, бэйэҥ буоллаҕына тугу да кэпсээбэккин! Дьаабы киһигин дии! – Миша албыннаппыт курдук саҥарда.
– Улахан баҕайы кистэлэҥнээх эбиккин! Манна диэн эттэххэ, мин олох да итэҕэйбэтим.
– Тоҕо?
– Костик билбэт дии! Манна кэлэн саҥардыы истэ олорор. Дьиҥинэн, кини маҥнайгынан билиэхтээх этэ. Этэбин дии, итинник сырыылары өр кэмҥэ, буолаары буолан быыкаа дэриэбинэҕэ, кимтэн да кистээбэккин. Онон арааһа айан кэпсээтиҥ.
– Итэҕэйбэт буоллаххына, итэҕэйимэ, – Миша өһүргэнэ быһыытыйда.
– Ити аайы кыыһырыма, хата, ханна туттарсаргыт туһунан кэпсээҥ!
– Костя экономическайга, оттон мин культура колледжыгар дуу, эбэтэр табылыннаҕына үрдүк үөрэҕэр. Онно аҥаардас ЕГЭ-нэн киирбэккин, айар конкурс диэни хайаан да ааһыахтааххын, онно кэллим.
– Артыыс буолуоххун баҕараҕын?
– Ханна ылалларынан. Ол эрээри бэйэм хореографическайга ордук баҕарабын да, хайдах буолар.
– Һы, хата, саҥа истэ олоробун. Ким эйигин үҥкүүлүүргэ үөрэппитэй?
– Ким үөрэтиэй? Хатыҥнаахха үҥкүү диэҥҥэ ким да наадыйбат. Кулууппут хайдах курдук самналлан турарын бэйэҥ билэҕин, дьон оннооҕор Саҥа дьылга да мустубатын тэҥэ.
– Оччоҕуна хайдах үҥкүүһүт буолан хааллыҥ?
– Телевизорынан уонна диискэлэринэн көрөн эрэ. Сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ өр үтүгүннэххэ, син туох эрэ тахсар.
– Телевизорынан көрөн үҥкүүһүт буолбут диэн да. Ити туһунан бастакыбын истэбин.
– Шансым аҕыйаҕын бэйэм да билэбин эрээри, син биир боруобаланан көрүөм. Түмэппийи билэҕин буолбат дуо? – Миша эмискэ кэпсэтии ис хоһоонун уларытта.
– Хайдах билиэм суоҕай?
– Кини биирдэ итирик кэлэн баран, ыһыы-хаһыы бөҕөнү тардыбыта: «Хотоҥҥо тахсан, ынах ыаспаккаҕын, үҥкүүлүү сылдьаҕын! Мин моонньубар таах мээнэ олороҕун, дармоед!» Кырбыы сыспытын, нэһиилэ мүччү туттаран, таһырдьа куоппутум. Бу Костиктаахха хоммутум. Онтон сарсыҥҥытыгар кэлбитим, аппаратурам биир да суох. Барытын былдьаан ылбыт уонна биэрэр аат диэн суох.
– Дьиккэр эбит дии! – Ник кэлэйбитэ буолла.
– Ол эрээри мин да акаары буолбатахпын, сонно тутатына баһылык аатыгар сурук суруйбутум. Туох иһин баһылык буолбутай, ороостун ээ!
– Туох диэн суруйбуккунуй?
– Тугу да айа сатаабатаҕым, баары суруйбутум: «Түмэппий маннык-маннык миигин атаҕастыыр, малларбын былдьыыр, быдьар тылларынан үөҕэр, сутуругун өрө көтөҕөр, онон суһаллык миэрэтэ ыла охсуҥ» диэн.
– Ничего себе! Сурукта суруй диэн ким эйиэхэ өй укпутай? – Ник уол сытыытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах.
Кырдьык, атын эбитэ буоллар, саҥата суох ньимийэн баран сылдьыа этэ. Дьиэ иһигэр буолар бурайсыыны үгүс дьон олбуор таһыгар таһаара сатаабаттар эбээт!
– Биирдэ телевизорынан төрөппүттэр уонна учууталлар хайдах курдук оҕолору атаҕастыылларын, кинилэр бырааптарын быһалларын туһунан көрдөрбүттэрэ. Итинник түбэлтэлэргэ сорох оҕолор суукка биэрэн, кыайаллар эбит.
– Оттон баһылык эн быраапкын, дьэ, төһө көмүскээтэй? – Ник зубочистканан тииһин ыраастыы олорон ыйытта.
– Көмүскээн бөҕө. Биир күн оскуолабыттан кэлбитим, малым уруккутун курдук орун оннугар турара. Арааһа, баһылык Түмэппий чанчыгын үчүгэй соҕустук чаачыгыраппыт быһыылааҕа.
– Маладьыас эбиккин! Өлөн-охтон биэриэ суоххун!
– Бэйэбин баҕас атаҕастаппаппын.
Ити кэмҥэ Ник мобильнайа тыаһаата, Джастин Тимберлэйк мелодията кутулла түстэ.
– Але-е, – Ник сүрэҕэлдьээбит куолаһынан нэһиилэ хоруйдаата. «Хаска?», «Кимнээх?», «Ну, ладно» диэн тылларынан муҥурданаат, төлөпүөнүн араарда уонна Миша диэки ө-өр да өр көрдө. Онтон кэмниэ кэнэҕэс эттэ:
– Һы, таҥара биһиги кэпсэтиибитин истэ олорор курдук. Короче, табаарыстарым пааркаҕа ыҥыраллар. Сотору үҥкүү фестивала ыытыллар үһү, онно бэлэмнэнээри мусталлар. Барабыт дуо?
– Барыахха!!! – Миша, киниэхэ дьоллоох билиэт тиксибитинии, бэл диэтэр, ытыстарын таһынна уонна Костяҕа эттэ:
– Костя, хайаан да баран көрүөххэ!
– Төһө өр буолуой? – Костя билбэт сиригэр билбэт оҕолорун көрө барар баҕата суоҕа өйдөнүллэр.
– Билбэтим, – чахчы да Николас ону хантан билиэ баарай? Халлаан алдьаннаҕына Хатыҥнаахха бачча чааһынан тиийиэхпит дииллэрэ сымыйатыныы, куорат ыччатын эйгэтигэр дьыала саҕаланыа эрэ кэрэх, тугунан уонна хаһан түмүктэнэрин туһунан этэ да барыллыбат.
– Костик, эн туохтаа, хата, Милаҕа эрий уонна кинини ыҥыр! Кэм билэр киһигин көрөн, аралдьыйыаҥ дии! Ник, баһаалыста, сотовайгын начаас биэр эрэ, – Миша, Костяҕа аккаастанар да бокуой биэрбэккэ, төлөпүөн уунна.
Анарааҥҥыта, хайыай, төлөпүөнүн туппутунан турда уонна түннүк диэки хаамта. Туруупканы кулгааҕар даҕайаат: «Мила, баһаалыста, туруупкаҕын ылыма», – диэн сибигинэйдэ эрээри, барыта төттөрү буолан таҕыста: тута кэриэтэ Мила куолаһа иһилиннэ. Костя хайдах курдук долгуйбутун дьэ онно биирдэ өйдөөтө. Тоҕо эбитэ буолла, киниэхэ кыл түгэнигэр бу кэпсэтии бүгүн буолбакка, кэлин буолуохтааҕын сыыһа чугаһаппытын туһунан санаа үөскээтэ. «Көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэҕин быһыылаах» диэн ис куолас ыйа сатаата да, суолун ортолообут айанньыт төттөрү төннүбэтин тэҥэ, итиччэ эрийэн баран, Костя саҥата суох туруо дуо?
– Мила, привет… – уол куолаһа нэһиилэ иһилиннэ эрээри – дьикти! Мила тута кинини биллэ.
– Костя-а!!! – диэн үөрбүттүү саҥа аллайда.
Костя, биллэн турар, санаата чэпчии түстэ: хойуу буруо халлааҥҥа көтөн тахсан симэлийэн хааларыныы, били, мааҕыҥҥы саарбахтааһыныттан, кэмсиниититтэн суол омооно да хаалбата. Аҕыйах тылынан кэпсэтээт, бүтэһигэр уол кыыһы пааркаҕа ыҥырда. Кыыс сөбүлэстэ. Бүттэҕэ ол. Костя долгуйан да биэрдэ! Долгуйуутуттан, бэл диэтэр, сүрэҕэ «тук-тук» тэбиэлиирин истэргэ дылы. Төлөпүөнү араараат, кини тута уолаттарга төннүбэтэ, түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу турда. Светофорга кыһыл уот тыгар, ханна эрэ ыксаан-бохсоон иһэр дьон тохтуу биэрэр, онтон от күөх уот тыгаатын кытары, эмиэ хамсааһын саҕаланар. Киһи олоҕо светофор тэҥэ: күөх, саһархай, кыһыл уоттар. Хойутаабакка, илин-кэлин түспэккэ, сөрү-сөпкө хаамыахха эрэ наада. Сип-сибилигин Костя сыыстарбата ини: кини күөх уот диэбитэ дьиҥнээхтии күөх ини?
– Хайа? – кэнниттэн Миша саҥата иһилиннэ.
– Миша, эн санааҕар барыта дьикти баҕайы буолбатах дуо? – Костя эргиллэ биэрдэ.
– Туох?
– Сарсыарда оройуон кииниттэн Дьокуускайга айаннаан иһэн, бу күн маннык салаллыа диэн эн да, мин да санаабатахпыт эбээт?
– Киһи олоҕо эрдэттэн суруллубут сценарий курдук хаһан да буолбат.
– Оннугун оннук эрээри, ханнык эрэ атын көстүбэт күүс туораттан салайарыныы, барыта өйдөнүллүбэт баҕайытык сааһыланан эрэр: автовокзал аттыгар сиргэ олорор бомж, куоракка кэлэн баран Николас буолбут Гришаня, Мила уонна эн…
– Һы, ол мин эйигин туохпунан эмиэ соһуттум?
– Атыылааччы Таня уонна эн… Ити туһунан мин түһээн да баттаппатаҕым.
– Эс, ама итэҕэйдиҥ дуо?
– Кэпсээбитиҥ кэннэ итэҕэйиминэ.
– Ээ, бу да киһи, сымыйанан айан кэпсээбитим ээ!
– Оччотугар хаһан албынныыргын, хаһан кырдьыгы этэргин быһаарар олус уустук буолсу.
– Баччааҥҥа диэри миигин билбэт киһиэхэ дылы буолаҥҥын?!
– Хайа, барабыт дуу, суох дуу? – Гришаня-Николас ыксаабыт саҥата иһилиннэ.
– Баран бөҕө! Костик, оттон Мила туох диэтэй, пааркаҕа кэлиэх буолла дуо?
– Кэлиэх буолла.
– Бүттэҕэ ол! Эн буоллаҕына ону-маны өйдөммөтү саҥараҕын! – диэт, Миша доҕорун санныга аста.
* * *
– Таах мээнэ кэлбит үһүбүт дуо? Баран үҥкүүлээ! Тугу сатыыргын көрдөр! – үҥкүүлээн эриллэҥнии сылдьар оҕолорго Миша ымсыыра турарын сэрэйэн, Ник уолу инники аста.
– Оттон эн? – Миша сайыспыттыы ыйытта.
– Мин уолаттары кытары кэпсэтэрдээхпин, онон миигин сүтүктээмэ.
Миша бастаан утаа үҥкүүлүү сылдьар оҕолорго аттыларыгар чугаһаан, көннөрү тэпсэҥнии турда. Ол эрээри, бэрт сотору, тулуйбакка, үҥкүүлэспитинэн барда. Чэ, быһатын эттэххэ, кини отой чуҥкуйбат күнэ үүммүт. Ол оннугар Костя бу хампаанньаҕа хайа да өттүнэн сөп түбэспэтэ уот харахха быраҕыллар: сатаан үҥкүүлээбэт, эбиитин кэпсэтэр киһитэ суох. Мила кэлбэтэҕэ буоллар хайыа эбитэ буолла, бырдах аһылыга буолан бүтүө эбит.
– Привет! – арааһа Мила саҥата Костя кулгааҕыгар ханнык да музыка дорҕоонунааҕар күндүтүк иһилиннэ!
– Мила, дорообо! Хата, мин дьолбор, түргэнник кэллиҥ! – Костя чахчы да Миланы көрөн үөрдэ.
– Оччо чуҥкуйдуҥ дуо? – кыыс харахтарын тэрбэччи көрдө.
– Майгыбын хайдах да уларытар кыаҕым суох: хаһан да бэйэм бастакынан билбэт дьоммун кытары билсиһэ, бодоруһа сатаабаппын. Ол иһин убайым миигин «бүтэйгин» диэн ааттыыр. Онон, эйигин ыҥырбатаҕым буоллар, хайдах манна тулуйан-тэһийэн олорорбун сатаан санаабаппын. Хата, эн кэллиҥ…
– Эн уларыйбатаххын… – Мила ити икки тылы биир тыынынан эттэ.
– Эн эмиэ… арай уһаабыт курдуккун.
– Да-а?!
– Баҕар, ол мин ыскамыайкаҕа олорон эйигин хантайан көрөрбүттэн буолуо…
– Эбэтэр үрдүк хобулуктаах түүппүлэни кэппиппиттэн буолуо, – Мила уол аттыгар олордо.
Лаампаны тыктардахха хос иһэ эмискэ сырдыы түһэринии, сорох дьон бэйэлэрин тула дьикти сыдьаайыыны, сылааһы, кэрэни тарҕатар ураты дьоҕурдаахтар. Мила эмиэ оннук, дэлэҕэ даҕаны кини кэлээтин кытары Костя сэргэхсийэ түһүө дуо?
– Ол эрээри, Мила, эн уларыйбыккын, – Костя саҥата сибигинэйии кэриэтэ чуумпутук иһилиннэ.
– Тугум уларыйбытый?
– Кыһын эн сирэйгэр веснушкалар суох этилэр, оттон билигин…
– Оо, ити баҕас сөпкө эттиҥ: күн уотугар мин сирэйим бастакынан бэринэр, хайыыр да кыах суох.
Эмискэ уоллаах кыыс ах бардылар: ким билиэ баарай, баҕар истэригэр ахтыспыттара буолуо да, тоҕо эрэ кинилэр икки ардыларыгар биллибэт истиэнэ үөскээбитинии, саҥата суох олордулар. Мила бастакынан чуумпуну кэстэ:
– Биһиги доҕордоһуубут, этэллэрин курдук, виртуальнай эрэ буоллаҕа. Костя, хата, кэпсээ эрэ бэйэҥ тускунан!
– Мила, мин бэйэм туспунан кэпсээним автобиографияны ааҕар тэҥэ интэриэһинэйэ суох буолуон сөп, онон саҕалаабатах да көнө.
– Ама биир да уһулуччулаах түгэн эн олоххор буолан ааспатаҕа дуо?
– Бу диэн өйдөөбөппүн. Оттон эн олоххор, Мила, туох уһулуччулаах буолбутай?
– Арааһа суох быһыылаах. Биирдэ толкуйдаан көрдөххө, барыта күннээҕинэн диэбит курдук: детсад, онтон оскуола, сайын аайы каникул кэмигэр тыаҕа эбэбэр баран сынньанарым, арай биирдэ Анапаҕа уонна былырыын Турцияҕа сылдьыбыппыт. Мин кэпсээним эмиэ кылгас буолан тахсар.
– Куорат олоҕо кэм интэриэһинэй ини. Оттон биһиэхэ, Хатыҥнаахха, ордук сайынын бириэмэ тохтообутун курдук биир тэҥ буолааччы: дэриэбинэ иһэ уу чуумпу уонна ким да уулуссаҕа быкпат.
– Эн куоракка кимниин кэлбиккиний?
– Көрөҕүн, ол санныгар түһэ сылдьар уһун баттахтаах уолу? – Костя уутугар-хаарыгар киирэн үҥкүүлүү сылдьар Миша диэки ыйда, – ити мин доҕорум Мишка. Биһигини манна университекка үөрэнэр биир дойдулаахпыт аҕалбыта. Куорат чахчы дьону уларытар быһыылаах: ол уол төрүөҕүттэн Гриша диэн ааттаах бэйэтэ манна кэлэн Николас буолбут. Тоҕо диэтэргин Николас Кейджкэ майгынныыр үһү.
– Ама кырдьык дуо?
– Бэйэҥ көр. Ол турар, – диэт, Костя уолаттар ортолоругар табахтыы турар Гриша-Ник диэки ыйда. Кыыс, чочумча саҥата суох олорбохтуу түһэн баран:
– Кырдьык, кыратык туга эрэ майгынныыр. Ордук ойоҕоһуттан көрдөххө. Оттон доҕоруҥ Миша үҥкүүһүт бэрдэ эбит дии! – диэн саҥа аллайда.
– Ол баҕас чуолкай, ол эрээри кини аҥаардас үҥкүүһүт эрэ буолбатах, кини дэгиттэр талааннаах уол. Холобур, үчүгэйдик уруһуйдуур. Оннооҕор боростуой харандааһынан, эбэтэр кирпииччэ тоорохойунан, чоҕунан, бэл диэтэр кумахха маһынан хайдахтаах курдук сурааһыннары сүүрэ сылдьан оҥорорун көрбүтүҥ буоллар, бэйэҥ соһуйуоҥ этэ. Оттон миэхэ, хомойуох иһин, итинник дьоҕур сыстыбатах…
– Ол оннугар эн математиккын, – Мила уол санаатын өрө көтөҕө сатаата.
– Ээ, ол диэн…
– Эн олимпиадаҕа барыларын сөхтөрбүтүҥ: ханнык эрэ ыраах улуустан кэлэн баран, манна сылы сыллаан анал оскуолаларга такайыллан үөрэнэр оҕолору кэннигэр хааллартаабытыҥ…
– Биһиги математикпыт курдук учуутал кинилэргэ баара саарбах. Итэҕэйиэҥ суоҕа, МГУ-ну бүтэрбит киһи.
– Да-а? Хайдах эһиэхэ тиийэн хаалбытый?
– Баппакка диэххэ сөп. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Дьокуускайга ханнык эрэ институкка үлэлии сылдьан, профессоры кытары бурайсан оройуон киинигэр көспүт, онно да өр үлэлээбэтэх, туохтан эрэ сылтаан Хатыҥнаахха барбыт уонна онно олохсуйбут. Ол эрээри биһиэхэ даҕаны сүгүн-саҕын сылдьыбат, директоры, завуһу кытары мэлдьи тапсыбат аатырар, уопсайынан, майгытыгар биир дьиктилээх: киниттэн үрдүк дуоһунастаах дьону кытары бурайсар, хаһан да биир тылы булбат, куруук утарар идэлээх. Ол эрээри үөрэтэрэ чаҕылхай, ол иһин тулуйаллар.
– Миша, олимпиада кэнниттэн эйигин Дьокуускайга математическай оскуолаҕа көһөрө сатаабыттарыгар тоҕо аккаастаммыккыный?
– Билиэххин баҕарар буоллаххына, ити туһунан мин оннооҕор төрөппүттэрбэр да кэпсээбэтэҕим.
– Тоҕо-о?
– Итиччэ үчүгэй учууталлаах эрээрибин тоҕо ханна эрэ көһө сатыахпыный? Уопсайынан, аһара онно-манна талаһа сатаабаппын. Баҕар, аһара математиканан үлүһүйэрбиттэн буолуо, биир үксүн бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордоробун, этэллэрин курдук «коммуникабельнайа суохпун». Оттон Миша туһа туспа. Кини дьону кытары түргэнник билсэр, хаһан да кыбыстыбат, кимтэн да толлубат. Көрөҕүн, билигин даҕаны ити хаһан да харахтаабат уолаттарын ортолоругар адьас бэйэ киһитэ буолан хаалбыт дии.
– Хайа, пиибэлии тураллар дии? – кыыс маҥнайгынан бэлиэтии көрдө.
– Дьэ, ити баҕас куһаҕан. Мишка собуоттанан бардаҕына тохтуур аата суох буолааччы.
– Оччоҕуна бу киэһэ эрэйдииһик дии!
– Хомойуох иһин, оннук да буолуон сөп. Туормас диэн суох киһитэ.
– Бэйэтэ талбытынан сырыттын ээ.
– Мишка туохха эмэ түбэстэҕинэ эппиэтинэһи мин сүгэрбэр тиийэбин. Хайдах бииргэ кэлэн баран, атырдьах салаатыныы, арахсан хаалыахпытый?
– Оччоҕуна иннэлээх сап курдук бииргэ сылдьаҕыт дуо?
– Оннугар тиийиллэр.
Миша, кини туһунан кэпсэтэллэрин сэрэйбиттии, пиибэтин иһэ охсоот, чугастыы турар урнаҕа кураанах бытыылкатын бырахта уонна Костялаахха утары хааман кэллэ.
– Привет. Милаҕын дуо? – диэтэ кини, мичээрдии-мичээрдии. О-о, ити мичээри тулуйар кыыс аҕыйаҕа буолуо!
– Привет. Милабын, – кыыс уол кини аатын билэриттэн иһигэр соһуйдаҕа, ол эрээри саҥарбата.
– Оттон мин Мишабын, – диэт, кини Мила аттыгар олордо, – Костик мин туспунан кэпсээтэ ини?
– Кэпсээтэ.
– Туох диэтэй? – Миша төһө да мичээрдиирин тохтоппотор, хараҕа тымныынан хаарыйда.
– Үчүгэйи эрэ эттэ. Талааннаах диэтэ, үҥкүүһүт, ырыаһыт, уруһуйдьут… Таҥара эйигин айарыгар атыттардааҕар арыый да уһуннук бодьуустаспыт быһыылаах.
– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын, – уол кыыһы тонолуппакка одуулаата.
Ол өйдөнүллэр: тыа быыһыгар соһуччу саспыт дьэҥкир уулаах күөл аттыгар хайаан да тохтуугун, ыраас уутунан сайҕаныаххын, чуумпу долгураҥын көрөн уоскуйуоххун баҕараҕын. Ол тэҥэ Мила киһини тардар ураты кэрэ, ыраас сэбэрэлээх. Кыыс арааһа уол киниттэн хараҕын араарбакка көрөрүттэн бэйэтин табыгаһа суохтук сананна, кыбыһынна эрээри, кэпсэтиини салгыырыгар тиийдэ:
– Ол эрээри айылҕа биэрбит кыаҕын сатаан таба туһаныахха наада, – диэтэ.
– О-о, төрүт куттаныма, тоҕо диэтэргин ити чааһыгар мин эгоиспын, бэйэбэр баар дьоҕурбуттан граммы да сүтэрбэккэ, барытын сүүс бырыһыан туһаныам, – уол хоруйа бэлэм буолан биэрдэ, ама итини утары туох диэххиний? Мила туох да диэбэтэ. Эгэ Костя саҥарыа дуо? Өскөтүн музыка тыаһаабата буоллар, бырдах дыыгыныыра кытта иһиллиэ эбит. Миша саамай абааһы көрөрө, атыҥырыыра, куттанара – чуумпу. Онон ити чуумпуну бастакынан кини кэстэ:
– Эһиги пенсионердар курдук тоҕо чуҥкуйдугут?
– Төрүт да чуҥкуйбаппыт, кэпсэтэ олоробут, – Костя саҥата «эн кэлэн мэһэйдээтиҥ» диэбиттии иһилиннэ. Ол эрээри Миша итиннэ суолта биэрбэтэ: кыра аайы ымыттан, сэниэтин эһэн бэрт. Кини бэйэтин сыалын-соругун билэр уолчаан быһыытынан:
– Мила, Костя үҥкүүлээбэтин мин билэбин, онон эн биһиги баран үҥкүүлээбэппит дуо? – диэтэ.
– Үҥкүүлээччилэр миигинэ да суох элбэхтэр быһыылаах, – Мила аккаастана сатаата да, туһа суох. «Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой» дииллэринии, Миша арахсан бэрт. «Суох» диэн тыл кинини хаһан да тохтоппот, төттөрүтүн эбии күүркэтэр.
– Саатар биирдэ! Иһит эрэ, Леди Гага! – Мишка музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, хамсанан барда.
Мила, хайыыбын диэбиттии, Костя диэки көрөн ылла. Уол оҕото ити түгэни мүччү ыһыктыбакка, аны Костяттан көрдөспүтэ буолла:
– Костик, төрүт куттаныма, Миланы в целости и сохранности төнүннэриэм! Хайдах чуҥкуйан олоруой?
– Биллэн турар, үҥкүүлээҥ, – Костик муҥнаах ити түгэҥҥэ атыны тугу этиэй?
Милалаах Миша иккиэн үҥкүүлүү бардылар. Ити былаһын тухары Костя төбөтүн туох санаалар ытыйбыттарын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Уол баҕар бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэ, мөҕүттэ олороро буолуо («тугу да сатаабат, муҥкук киһибин!»), эбэтэр, Мишаҕа бүтэйдии кыыһырара буолуо («тоҕо дьоллоох түгэммин былдьыы сатыырый?»), Милаҕа кини буолбакка, Миша ордук барсар эбит диэн арыйыыттан күнүүлүүрэ буолуо, баҕар, кини олох да атын толкуйга ылларбыта буолуо («аттыгар үҥкүүлүү сылдьар мин аҕай дэспит кыргыттартан тоҕо Миша сэмэй Миланы ордороруй, дохсун, сытыы бэйэтэ итинник холку, нарын кыыска тоҕо тардыһарый?») Оттон Миша Милаҕа ылларбытын ама Костя хайаан сэрэйиэ суоҕай? Сэрэйэр. Леди Гага бүттэ. Онтон салгыы кими эрэ холбоотулар. Костя ырыаһыттары оччо-бачча араарбат. Кэмниэ кэнэҕэс уоллаах кыыс үҥкүүлээн бүттүлэр.
– Хайа, Костик хайдахпытый? Табыллан, үчүгэй баҕайытык үҥкүүлээтибит быһыылаах ээ, көрдүҥ дии? – Миша тэйиэ баара дуо, суох, хата, аттыларыгар ыскамыайкаҕа олордо.
– Бэркэ үҥкүүлээтигит, ол эрээри эн сылайбатыҥ дуо? – Костя Мишаҕа туһаайан эттэ.
– Эс, билиҥҥиттэн сылайдахпыный? Мин ардыгар саныыбын ээ: адьас кырдьар сааспар диэри үҥкүүлүөм диэн.
– Ол саҕана уларыйыаҥ, – Костя саҥатыгар саарбахтааһын дорҕооно иһилиннэ.
– Биллэн турар уларыйыам, ол эрээри формабын ыһыктыам суоҕа. Ити иннилэригэр-кэннилэригэр рюкзак иилиммит эр дьону көрдөхпүнэ, адьаһын хотуолуохпун баҕарабын. Өссө онтуларын тупсаран «авторитет» диэн ааттыыллар ээ, сордоохтор!
Ити кэпсэтии салҕаныаҕын, Мишаны Ник ыҥырда.
– Эһиги Мишалыын наһаа ураты курдуккут, – Мила, уол тэйбитин кэннэ, эттэ.
– Кырдьык, туораттан көрдөххө, оннук да буолуо. Ол эрээри «притяжение противоположностей» диэн арааһа биһиги туспутунан буолуо. Мишкалыын биһиги сороҕор күҥҥэ сүүстэ этиһэбит уонна сүүстэ эйэлэһэбит. Суох, эйэлэспэппит даҕаны: туох да буолбатаҕын курдук салгыы кэпсэппитинэн барабыт.
– Дьикти эбит. Холобур, мин кимниин эрэ кыыһырыстахпына, ол кэнниттэн ити киһиэхэ иккистээн эргиллэрим саарбах. Эһигини өйдүүр уустук.
– Сөпкө эттиҥ, биһигини өйдүүр уустук. Ол эрээри биһиги Мишкалыын детсадтан быһа бииргэ сылдьабыт. Бэл, ороннорбут утарыта тураллара. Бэйэ-бэйэбитин көрсө сытан утуйарбыт. Өскөтүн хайабыт эмэ ыалдьан детсадка кэлбэтэҕинэ, ол күн иккиспит утуйбата. Оччо суохтаһарбыт. Убайдыы-бырааттыы курдукпут диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Көр, Миша биһиэхэ иһэр уонна тугу эрэ этиэн баҕарар.
– Эн кини санаатын ыраахтан таайаҕын быһыылаах.
– Үксүн таайабын.
– Оттон билигин туох диэҕэй?
– «Салгыы бардыбыт» диэҕэ.
– Ник табаарыстара салгыы күүлэйдии ыҥыраллар, – Миша санаатын таба таайар, истиэнэҕэ тоһоҕону саайбыт тэҥэ, судургу буолан биэрдэ.
– Бэйэлэрэ бардыннар ээ, тоҕо биһиги ымсыырбыт дьон курдук барыларын батыһан иһиэхтээхпитий? – Костя утарыласта эрээри, симиктик, Миша этиитэ быдан дохсун буолан биэрдэ:
– Эс, хаалан хааллахпытына, Гришаня иннигэр табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирэбит, кини биһиги туспутуттан манна кэлбитэ дии! Хайдах утуйар кэммит кэллэ диэн баран, кыра оҕолор курдук, туораан хаалыахпытый?
– Туох да диэтиннэр! Биһиги манна күүлэйдээри кэлбэтэхпит! Ону умнума!
– Мила, саатар эн мин диэки буол!!! – уол бүтэһик абыраллаах арыытыгар үктэммитии, кыыс диэки көрдөһөр-ааттаһар харахтарынан көрдө. Анарааҥҥыта, арааһа, туох эрэ диэн утарылаһыан баҕарбыта буолуо эрээри, Миша ып-ырааһынан көрөрүн тулуйбакка, гипнозка киирбит киһилии саҥата суох турда. Уол обургута ама ити түгэни мүччү ыһыктыа баара дуо? Эчи, суох! Костяҕа туһаайан:
– Көрөҕүн, Мила утарбат, онон эн буугунаан бүт! Хата, оҕолору, ыраата иликтэринэ, эккирэтиэххэйиҥ! – диэт, саҥардар бокуой да биэрбэккэ, инники сүүрэ турда.
* * *
Музыка, бэл диэтэр, истиэнэ дьигиһийиэр диэри тыастаахтык иһиллэр. Онон дьон бэйэ-бэйэлэрин кытары хаһыытаһан кэпсэтэллэрин тэҥэ. Лолита ыллыыр: «Ориентация – север…»
– Пахай! Отстой баҕайы миэстэҕэ кэллибит дии! Да вы только посмотрите, одни старики здесь собрались! Ой, как угарно они танцуют! Өссө эрийсэллэр ээ! – муода сурунаалыттан түспүт курдук таҥныбыт уол сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тыбыыра түстэ.
– Ничего, для разогрева и это сойдет. Сирдэхпитинэ сотору атын сиргэ көһүөхпүт, онон аһара долгуйумаҥ, – Ник ол аайы холку.
«Таах сибиэ манна кэлэн!», «мамбеттар точкалара эбит!», «көрөҕүт, ол киһи, хайдах курдук таҥна сылдьарын? В трениках, ха-ха-ха!» эдэрдэр, тугу гыныахтара баарай, «публиканы» ырытан бардылар.
Ник, сылайбыттыы, мас олоппоско лах гына олороот, тугу гыныа баарай, үҥкүүлүү сылдьар дьону үчүгэйдик сыныйан көрүтэлээтэ, онтон эмискэ сирэйдиин уларыйа түстэ:
– Акаарылар, мээнэ-мээнэ тыллаһымаҥ! Ити трениктээх киһигит Моисеев илэ бэйэтинэн! Телевизоры көрбөккүт дуо? Субу-субу көстөөччү дии!
– Оччо биллиилээх киһи эбит буоллаҕына, тоҕо тобуга тахса сылдьар ыстааны кэппитий? Позор! – сурунаалтан түспүт уол саҥата иһилиннэ.
– А ему на одежду, в отличие от тебя, глубоко начхать! – Ник саба саҥарда.
– Ну и хрен с ним! Мне то что?
– Бээ, тохтоо, ити киһи баллайбыт дьүһүнүн көрүмэҥ, ол оннугар көсүлүөгэ халыҥ уонна кыаҕа баһаам. Биһиги кини таһымыгар хаһан эмэ тиийэрбит да саарбах, – Ник Моисеевы көрүөҕүттэн уларыйан хаалла.
– Оттон эн кинини хантан билэҕин? – Миша дьиктиргээбиттии ыйытта.
– Билэбин дьэ. Аймаҕым кинилиин билсэр, мин дядям, биллэн турар, ити Моисеев курдук крутой буолбатах эрээри, син туох эрэ уопсайдаахтар. Бырааһынньыктарга бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсааччылар. Аһаҕастык эттэххэ, бүгүн маннык видоннанан сылдьарыттан бэйэм да в шоке. Уруккута – ты что! Киниэхэ мээнэ чугаһаабаккын. Важнай бөҕө буолааччы. Чэ, уолаттар, кыргыттар, аһара сирбэккэ-талбакка, баран үҥкүүлээн иһиэххэ!
Миша арааһа ханнык баҕарар музыкаҕа табыллан үҥкүүлүүр кыахтаах быһыылаах, ким эрэ «пахай, бачча дьаабы музыкаҕа үҥкүүлээбэппин!» диэбитин истэ да барбата, хата, араастаан хамсана-хамсана «мамбеттарга» чугаһаата. Олор, эдэр ыччат элбээбититтэн үөрдүлэр быһыылаах, ытыстарын таһына-таһына, уһуутаһа түстүлэр. Онуоха эбии Ник:
«Дискотека 80-х»! – диэн хаһыытаабытыгар өссө эбии эрчимирдилэр. Ник үҥкүүлүү киирээт, олох саҥардыы көрбүттүү:
– Федор Иваныч!!! – диэн саҥа аллайда.
– Федор! Просто Федор! – эр киһи биллэрдик холуочуйбута харахха тута быраҕыллар.
Федор, сэрэйдэххэ, айаҕын сыта дьаабы быһыылаах (санаан да көрдөххө, хайа аанньа буолуой?)
Ник киниттэн биллибэтинэн тэйэ сатаата да, анарааҥҥыта уолу ыкса кууһан, адьас чугас киһитин көрсүбүттүү, үөрүү бөҕө. Ник, хайыай, тэбис-тэҥҥэ эймэҥнэстэ. Музыка тохтообутугар эдэрдэр миэстэлэригэр дьулустулар. Федор бэйэтин хампаанньатын умнан, эдэрдэри батыста. Аттыгар сылдьар икки эр киһи кинини күөйэ сатаабыттарын, төттөрү садьыйда, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, уордайбыттыы тугу эрэ саҥарда. Остуолга олороот, пиибэ сакаастаата, эмиэ күлсүү-салсыы саҕаланна.
– Федор, мин эйигин манна эрэ көрсүөм дии санаабатаҕым, – Ник таах олоруохтааҕар саҥарда.
– Мин бэҕэһээҥҥиттэн уоппускаҕа бардым, онон кыратык расслабись гынан хааллым. Миигин көрөн соһуйдуҥ даа?
Ник кырдьык оннук диэбиттии тоҥхох гынна.
– Ха-ха-ха!!! Мин бэйэм да манна халыйан кэлбиппиттэн соһуйабын, но кэмсиммэппин. Манна үчүгэй дии! Төһө баҕар көрүлээ, ким да эйиэхэ наадыйбат уонна норуоту кытта бииргэ сылдьар туох куһаҕаннааҕый?
– Наһаа мамбеттар сирдэрэ дии, – Ник, тоҕо эбитэ буолла, аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр кимтэн эрэ истибит тылларын хатылаата.
– Мамбеттар диэн кимнээхтэрий? – Федор сымыйанан өйдөөбөтөҕө буолла.
– Оттон деребастар.
– Ол аата тыалар дуо?
– А-һа, тыалар.
– Һы, мин биир бэйэм тыаттан төрүттээхпин. Оттон эн ама куораккын дуо?
– Ну, тыабын.
– Ити баар дии, ол аата биһиги по адресу, сөпкө кэллэхпит дии. Онно туох кыбыстыыта баарый? – Федор хатыһан барда.
Арааһа, уол сыыһа тылласпытын бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах, мух-мах барда, музыканы истибитэ буола олордо.
– Оттон эн, Ник, тоҕо каникулгар дойдулаабаккаҕын, манна тэйбэҥнии сылдьаҕын? Эбэтэр экзаменнаргын сатаан туттарбатыҥ дуу? – Федор адьас собуоттаммыт курдук буолла.
– Кырдьык, нэһиилэ сыһан-соһон туттардым. Онон хойутаан хааллым. Аһаҕастык эттэххэ, ити үөрэхтэн конкретно хал буоллум.
– Аһара күүлэйдиириҥ буолуо, ол иһин кыайбаккын.
– Сороҕор быраҕыахпын санаталыыбын. Туохха да наадата суох үөрэх. Только дядябар ити туһунан, баһаалыста, этээйэххиний!
– Һы, үөрэххин быраҕан баран ханна бараҕын? Олбуор сиппийэ дуо?
– Наһаа да оннук буолбатар! – Ник өһүргэммитэ буолла.
– Диплома суох ырааппатыҥ чуолкай, онон үчүгэйдик толкуйдан. Оттон бу аттыгар олорор уол кимий? – Федор аны били моднай уолга хараҕа хатанна.
– Дима Москваҕа үөрэнэр, каникулугар кэлэ сылдьар, – Ник билиһиннэрдэ.
– Мин эмиэ хаһан эрэ Москваҕа үөрэммитим, Плехановкаҕа, – Федор тута сэргэхсийэ түстэ.
– О-о, крутой вуз, – Дима убаастаабыттыы саҥа аллайда.
– Ол саҕана Москва үчүгэй да куорат этэ. Таах, көҥүллүк сылдьарбыт, билиҥҥи курдук буолбатах. Дима, оттон эн ханныкка үөрэнэҕин?
– «Менеджер в сфере индустрии досуга» диэҥҥэ.
– Ол аата тугуй?
– Ну, оттон организатор культурно-массовых мероприятий диэххэ сөп.
– Массовик-затейник дуо оччоҕуна? – Федор күлэ-күлэ ыйытта.
– Типа того, – Дима эмиэ күлэ-күлэ хоруйдаата.
– Пахай даҕаны! – Федор кэлэйбиттии саҥа аллайда. – Тоҕо атын, арыый да дьоһуннаах идэни талбатаххыный?
– Математикаҕа мөлтөх этим, ол иһин сирэр-талар кыах суоҕа. Манна даҕаны билсиинэн киирбитим.
– Билсиинэн! Ну, надо же! Ханнык эрэ туох да туһата суох культура үөрэҕэр! – Федор улахан баҕайытык күлэн күһүгүрээбитигэр силэ бырдаҥалаата, Ник саҥата суох салфетканы ылан иэдэһин сотунна.
– Культуралар бары дьап-дьадаҥылар, саамай тиийиммэт араҥалар. Миэхэ материальнай көмө көрдөөн паачыканан сурук ыыталлар, ханна кэлэрбин-барарбын адьас кэтии-маныы сылдьаллар.
– Ону эн хайыыгын? – Дима интэриэһиргээбиттии ыйытта.
– Сороҕор көмөлөһөбүн, сороҕор аккаас биэрэбин. Чиэһинэ эттэххэ, хал оҥордулар. Тоҕо мин кинилэр кыһалҕаларын быһаарыахтаахпыный? Дьэ онон, Дима, эрэйдэнэ түһэриҥ буолуо.
– Көрүллүө. Баҕар кимнээҕэр табыллыам. Билигин сынньалаҥ индустрията саамай барыстаах.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614589?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.