Арыгыһыт кэргэннээх сор
Галина Васильевна Нельбисова
Арыгыга ылларан, олоҕун үтүө күннэрин халтайга ыыппыт, ол эрээри өрө биэрэн, күүстээх санааны ылынан көнөр суолга тахсыбыт Захар олоҕун кэпсээнэ, ис сүрэҕиттэн сүбэлиир амалыыр тыллара бу куһаҕан дьаллыктан арахсыан санаалаах дьоҥҥо туһалыа, ханан эрэ көнөр суолга тахсарга көмөлөһүө.
Нельбисова Галина Васильевна
Арыгыһыт кэргэннээх – сор
Өрүһүнүү – бэйэҥ илиигэр
– Убаай, чэ сарсын уопсайынан олоҕуҥ туһунан кэпсээҥҥин сааһыланан кэлээр. Эппит кэмҥэр кэлэн диктофоҥҥа устан ылыахпыт. Куттаныма, бу көннөрү биһигини кытта кэпсэтэ олороруҥ курдук саҥара олоруоҥ да, бүттэ. Онно туох да куттал суох, – Захары ааттаан-суоллаан, суотабай төлөпүөнүнэн «киинэ устар уолаттарбыт» диэн булан ылбыт ыччаттар омуннара-төлөннөрө салыннарбыта.
Киинэ лиэнтэтигэр курдук
Бу санаатаҕына, Захар аанньа аккаастаммата быһыылаах, «чэ, сөп даҕаны» диэн баран, кэтэҕин эрэ тарбанан хаалаахтаата. Эчи, хантан булан-талан, чуо киниэхэ тиийэн-тиксэн кэлбиттэрэ буолла?! Арыгы буулаабыт алдьархайыттан быыһанан, көнөр суолга тахсыбыт киһи туһунан киинэ устар сорудахтаахтар үһү. Дьэ, көтүөккэлэһэн түһэн ыксаллаах дьон, сарсын киинэ устан, өйүүн көрдөрүөх дьон курдуктар.
Сиэн Тиитэп ыллыыр ырыатыгар этиллэрин курдук, кырдьык, киһи тохтуу түһэн олорбут олоҕун туһунан санаатын сааһыланнаҕына, ааспыт күннэр-дьыллар хараххар киинэ лиэнтэтин курдук субулла көтөллөр. Захар бу 55 сааһын туолан олорон, этэргэ дылы, бэйэтин баҕатынан даҕаны диэбит курдук, олох барахсан араас уустуктарын этинэн-хаанынан билэн кэлээхтээтэ… Сибилиҥҥи өйүнэн-санаатынан ончу атыннык олоруохтааҕа. Суох буоллаҕа, оҥостубут олоҕун аһыы ууга атастаһан көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыспыта-тохпута, кэргэниттэн арахсыбыта, дьонун-сэргэтин кэлэппитэ…
Киинэ устар уолаттар этэллэринэн, кини олоҕор майгыннатан уһуллубут киинэ дьон өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллаан, олохторун туһунан толкуйдуулларыгар, көнөр туһунан быһаарыналларыгар көмөлөһүөхтээх үһү. Бэрт буолуо этэ. Захар билигин сороҕор таксилаан Дьокуускай куорат автовокзалын таһынан ааһан иһэн, онно мустан батыаккалаһа сылдьар биир саастыылаахтарын, ыччаттары көрдөҕүнэ санаата түһэр. Кырдьык, сороҕор массыынаттан ойон тахсан өй угар, сүбэлиир, бэсиэдэ ааҕа түһүөн баҕарар. Бэсиэдэ буолар ээ, олус улаханнык эттэ! Дьиҥинэн, ол эрэттэр син биир кинини истэ да сорумматтарын билэр. Кини эмиэ ити автовокзал таһынан таҥас-сап, дьүһүн-бодо буолан сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Биир эмэ киһи тыл быраҕан аастаҕына өссө сөбүлээбэккэ өрөлөһөөрү хаайар, сааппакка, кыбыстыбакка харчы көрдөөн турар дьон буоллахтара эбээт. Арай биирдэ ийэтэ барахсан тэҥэ саастаах кырдьаҕас «оо, бараххаттар, хайа эрэ ийэ көмүс чыычаахтара, киһи-хара буоллун диэн сыраласпыт дьоно сылдьаахтаатаххыт дии» диэбитигэр Захар сүрэҕэ хамсаан, биир өлүүгэ сылдьар доҕотторуттан тэйэн, ыскаамыйаҕа олорон ытамньыйан ылбытын өйдүүр.
Онно киниэхэ ийэтэ барахсан, ыарахан ыарыы буулаабытыттан дэлби кыччаан, кууран-хатан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан, уунан туолбут уота-күөһэ суох харахтарынан ааттаһардыы-көрдөһөрдүү көрө сытара көстөн кэлбитэ.
– Сахаар, чэ соҕотоҕун кэриэтэ хаалаахтаатыҥ. Арыый этэҥҥэ эрдэхпинэ киһи-хара буолбатыҥ, кэргэҥҥин, оҕолоргун итиэннэ кыайан төнүннэрбэккин быһыылаах. Бырааттаах балтыҥ бэйэлэрэ нэһиилэ кыанан олороллорун көрө-билэ сылдьаҕын. Киһи-хара буола сатаарыый… – диэн баран улаҕа хайыһан кэбиспитэ. Уонна саҥа таһааран ытаан көхсө бөгдьөҥөлөөн барбытыгар, Захар ол кэмҥэ уоскутуох, биир тылы этиэх киһи буолуо дуо, түргэнник таһырдьаны былдьаспыта. Ол киэһэ сэлиэнньэ ханнык эрэ хочуолунайыгар тиийэн, «ийэм өлөөрү сытар…» дии-дии арыгылаан ампаалыктаммытын эрэ өйдүүр. Оо, киси да бөҕөтө эбит!
Ийэтэ барахсан ити көрсүбүт күнүн өйүүнүгэр тыаһа-ууһа суох, түүн утуйбутунан анараа дойдуга баран хаалаахтаабыта. Өрүү кур холуочук кэриэтэ сылдьан ийэтин тиһэх суолугар атаарсыбыта эрээри, балта Даайыска ытыы-ытыы кинини хомуруйбутун тулуйумуна, үгэһинэн, кыыһырбыта, өһөспүтэ буолан, өрбөх ботуоҥкатын суулуу тутаат, куораттыырдыы тэринэн тыраассаҕа тахсыбыта. Даайыс: «Сахаар, эн киһилии сылдьыбытыҥ, кэргэҥҥиттэн арахсыбатаҕыҥ буоллар, ийэбит эмискэ инсуллаан охтуо суохтаах этэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар төбөтүн ыарыыта эн эрэ буолбуккун билэҕин дуо?!» – дии-дии айманаахтаабыта.
Ийэтэ суох буолбутун кэнниттэн төрөөбүт-үөскээбит сэлиэнньэтигэр өр буола-буола охсуллан ааһара. Дьиҥинэн, төһө да мөҕүтүннэллэр, быраата Аркадий, балта Даайыс убайдарын илдьэ олоро, көрө-истэ сатаахтыыллара. Саатар, Даайыс кэргэнэ Ылдьаа эмиэ аһыы ууну амсайарын сөбүлүүр этэ. Күтүөтүн субу-субу арыгылатан кэбиһэн балтыттан мөҕүллэрэ. Оччоҕо быраатын аахха, Аркадийдаахха, тиийэрэ. Онно кинини кийиитэ Настя үлэнэн иитэ сатаахтыыра. Тута таҥаһын-сабын сууйан-сотон, бэйэтин баанньыктаан баран, хотонноругар көмөҕө таһаараллара. Онно өр буолсу дуо, аҕыйах хонук сүөдэҥнээн баран, эмиэ сүтэн-иҥэн, өссө суохтарына дьону мунньан аһатан-сиэтэн кийиититтэн муустаах ураҕаһынан үүрүллэрэ. Оччоҕо эмиэ тыраассатыгар тахсан куораттааҕы «доҕотторун» кытта куодарыспытынан барара.
Аһыы утах барытын апчарыйбыта…
Захар аһыы ууга хайдах итинник күүскэ ылларбытын, дьиҥинэн, билбэккэ да хаалбыта. Ким итэҕэйиэй да буоллар, оскуолаҕа өрүү кылаас киэн туттар үөрэнээччитэ, барытын иилээччи-саҕалааччы, активист буолара. Спортсмен бэрдэ этэ, волейболлуура, баскетболлуура. Аҕалара Трофим Захарович сопхуоска мэлдьи биригэдьиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, дьоһуннаах киһи этэ. Уола Захар 7-һи бүтэрбит сайыныгар эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан олохтон бараахтаабыта. Онон ыал улахан оҕото Захар ийэтигэр көмө киһитэ, уҥа илиитэ буола түспүтэ. Оскуолаҕа улахан кылааска да үөрэнэ сылдьан биирдэ пиибэ, арыгы диэни амсайан аньыыга киирбэтэҕэ. Уолаттар син быыска-арыкка ону-маны боруобалыыллар быһыылаахтара. Оннук үчүгэй, холобурга сылдьар бэрээдэктээх уолга оскуолатын бүтэрээтин кытта направление биэрэннэр, соҕуруу куоракка үөрэнэ барбыта. Оччотооҕу ыра санаатынан, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрэн, аҕатын курдук тыа сириттэн, төрөөбүт түөлбэтиттэн тэйбэккэ үлэлиир санаалааҕа. Аҕатын эрэ буолуо дуо, мэлдьи холкуос бэрэссээдэтэлинэн үлэлээбит эһэтэ Сахаары утумнуур үлэһит киһи буолуохтааххын диэн биир дойдулаах кырдьаҕастара сыал-сорук туруораллара. «Дьэ, эһэҥ, аҕаҥ даҕаны иккиэн этэн-тыынан түһэн, киһиэхэ тылларын ылыннарар, дьоһуннаах салайааччылар этэ. Сахаар, эн дьоҥҥор тас көстүүгүнэн да майгынныыгын, ситтэххинэ-хоттоххуна дьонуҥ туйаҕын хатарар улахан киһи буолуо диэн эрэнэбит», – дииллэрэ.
Институт зоотехническэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ, устудьуон олоҕор төбөтүн оройунан түспүтэ. Арааһа, киниэхэ улахан киһи буоллум диэн көҥүл санаа олус күүскэ киирбитэ. Аны санаатахха, улахан куорат тэтимнээх олоҕор сөп түбэһэ охсорго тоҕо эрэ олус тиэтэйбит эбит. Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар землячестволарын активиһа буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыта. Эмиэ бэйэтин курдук сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт сытыы уолаттар эйгэлэригэр буола түспүтэ. Хас көрсүһүүлэрэ, тэрээһиннэрэ пиибэлээх, кыһыллаах остуолунан түмүктэнэр буолбута. Кинитэ суох туох да тэриллибэт курдуга. Саатар, сүгүн уопсай биэрбэккэлэр, куорат кытыытыгар кыттыһа-кыттыһа дьиэ куортамныыллара үүнэ-тэһиинэ суох баралларыгар төһүү буолбута быһыылааҕа… Пааралары көтүтэн сэмэлэнэрэ, сочуоттарга, эксээмэннэргэ «кутуруктанара» элбээн барбыта.
Арай, үһүс кууруска үктэммит күһүнүгэр култуура институтугар библиотечнай салааҕа үөрэнэр Варятын көрсө түһэн арыый оттомнонон, бэрээдэктэнэн ылбыт кэрдиис кэмнээҕэ. Хоту сиртэн төрүттээх кэрэ кыыска таптал кинини ол кэмҥэ чахчы дьоллообута. Кип-киэҥ, арылхай, күлэ сылдьар харахтардаах, кырдьык да, туундара туллугун курдук сып-сырдык мөссүөннээх кыысчаанныын аҕыйах ыйынан ыал буолбуттара. Варя ыал суос-соҕотох оҕото, мааны киһи этэ. Захар ону сыбаайбаҕа өйдөөбүтэ. Аҕата Алексей Андреевич, ийэтэ Аграфена Саввична уол дойдутугар оҥорбут сыбаайбаларыгар: «Дьэ олохпутугар көстүбүт туох баар күндүбүтүн, күҥҥэ көрдөрбүт суос-соҕотох оҕобутун, маанылаан үүннэрбит сибэккибитин, эйиэхэ, күтүөт уолга долгуйа туттаран эрэбит. Оҕобут бу күн сиригэр дьахтар киһиэхэ тиксэр сир дьолун төһө билэрэ, эйигиттэн, эр киһиттэн тутулуктаах буолуоҕа», – диэн тоһоҕолоон эппиттэрэ.
Варя сотору оҕо күүтэрин билбитэ, үөрэҕин кэтэхтэн көһөртөрбүтэ уонна Захар ийэтигэр Нина Николаевнаҕа олоро хаалбыта. Быраастартан чугас, киин сиргэ хаалара ордук диэн быһаарбыттара. Инньэ гынан бастакы оҕолоро Артемка төрөөбүтэ. Захар дьэ онно үөрэнэр куоратыгар соҕотох хаалбыт аҕа араас хампаанньаны кытта уол оҕоломмутун сууйан-сотон көрүлээбитэ, сотору ончу да үөрэҕиттэн үүрүллэн хаалбыта. Ийэтэ, кэргэнэ айманалларыттан куттаннаҕа буолан, дойдутугар, дьонугар кэлэн быстыбакка эмиэ эрэйдээбитэ. Төннөн кэлбитигэрбиир дойдулаахтара өйөөннөр, анал үөрэҕэ да суох буоллар, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлэппиттэрэ. Иккис сылларыгар уоллара Алеша төрөөбүтэ. Эмиэ икки сылынан оруобуна ийэтин көрбүтүнэн төрөөбүт кыысчааннара Яночка баар буолбута.
Аны дьалхааннаах 90-с сыллар үүммүттэрэ. Захары оскуолатыттан сотору-сотору ууратаары хаайаллара. Бэйэтэ киирэн биэрэрэ элбээбитэ. Оскуолаҕа арыгы сыттаах кэлэр учууталы ким бырастыы гыныай? Төрөппүттэртэн «Захар Трофимович уруогар холуочук кэлэр» диэн үҥсүү суруктар сотору үлэтиттэн букатыннаахтык түөрэҥнэппиттэрэ.
Олох оҥкула тосту уларыйан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр иитэн-аһатан олорбут улахан сопхуостара ыһыллан хаалбыта. Захар оруобуна бу кэмҥэ үлэтиттэн ууратыллан, дьарыга суох буола түспүтэ. Институтугар баран көрдөспүтэ буоллар, баҕар, төттөрү ылан үөрэтиэ эбиттэрэ буолуо. «Тыа хаһаайыстыбатын идэтэ билигин кимиэхэ нааданый, барбаппын», – диэн аккаастанара. Ийэлэрэ аҕыйах сүөһүлээҕэ, онтун да нэһиилэ көрөөхтүүрэ. Дьон бары кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэттэ сатаан, онтон ас-таҥас булунар кыһалҕаҕа киирбиттэрэ. Ийэтэ, кэргэнэ Варя: «Захар, үлэҥ суоҕунан сүөһүбүтүн элбэтэрбит дуу?» – диэн көрбүттэрин кулгааҕын таһынан истибитэ. Хата, ол оннугар биир да харчыны өлөрбөккө сылдьан куоракка көһүөхтэрин сөбүн туһунан тыллаһар буолбута.
Захар бу кэмҥэ биирдэ арыгыны амсайда да, тохтообокко салгыы барар, абырахтанан эрэ өрүттэр буолан сылдьар кэмэ этэ. Кини дьиэтигэр эмиэ «чэпчээн», дьаһайара, тойомсуйара элбээн иһэрин көрдөхтөрүнэ ийэтэ, кэргэнэ, оҕолоро бука бары соҥуора түһэллэрин сороҕор өйдөөн көрөрө да, ол саҕана ону долоҕойугар тохтотуо баара дуо! Ийэтэ, кэргэнэ тула көтө сылдьан утута сатаан муҥнаналлара. Аны санаатахха, улам арыгы дьаатыгар сутуллан, ончу атын майгылаах-сигилилээх Захар буолан бараахтаабыта.
«Дьиэ туттубаппыт дуо?» – диэхтээбитэ Варя. Бэйэтэ ол ыра санаата туоларыгар соччо итэҕэйбэтэр да. Биир эрэ киһи хамнаһыгар, үс кыра оҕолоох дьон хантан дьиэ туттуохтарай? Дьиҥинэн, Захар уруккута буоллар дойдутугар олохсуйарга быһаарыммыт эрээри, ону эрдэттэн толкуйдуохтаах этэ. Ийэлэрин дьиэтэ эргэрэн, акылаата тэллэйдэнэн, улам-улам иҥнэри түһэн бараахтаабыта. Кыһын тымныйара да бэрт этэ.
Итинник сылдьан үлэ, олорор сир көрдүүбүн диэн ааттаан, сотору-сотору Дьокуускайга баран хаалар идэлэммитэ. Урут соҕуруу бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт атастарын көрсөн хампаанньалаһан, биир эмэ өйдөөх киэһэтигэр аймахтарын булан хонон, нэдиэлэни быһа таах сылдьан баран төннөрө элбээбитэ. Иһээччи киһи начаас сымыйаччы буолар, нэдиэлэни быһа куоракка хайдах үлэ көрдүү сатаабытын, куортамныыр дьиэ-уот көрбүтүн туһунан «байкаларын» Варя барахсан бастаан сыҥаах баттанан олорон сэҥээрэн истэрэ.
Ийэтэ кэлэйээхтиир, итэҕэйбэт быһыылааҕа. Куораттан аҥнан-бохтон төннөн кэллэҕинэ саҥата суох унаарыччы көрөн баран хоһугар киирэн хаалара. Варя ис-иһиттэн сымнаҕас, холку майгылаах этэ. Ол эрээри, эмиэ уларыйаахтаабыта. Төһө кыалларынан, оҕолоро истибэттэригэр этэ-тыына, өйүн буллара сатыыра. Ытыыра-соҥуура элбээбитэ. Киһи хараҕар быраҕыллар курдук кууран-хатан барбыта.
Иһэр киһи улам-улам майгыта-сигилитэ, нууччалыы этэллэрин курдук, «деградацияланан», киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйан иһэр дииллэрэ кырдьык. Захар таҥара көмөтүнэн, кэргэнигэр илиитин көтөхпөтөҕө эрээри, түҥнэри анньыталыыр буолбут этэ. Оо, биирдэ ийэтэ эрэйдээҕи туох эрэ диэн сэмэлээри гыммытыгар «мээрилии олорума, утуй!» диэн баран оронугар түҥнэри анньан кээспитин билигин санаатаҕына тыына хаайтарыар диэри бэйэтиттэн кэлэйэр.
Биирдэ сэлиэнньэҕэ баар «туочукалары» кэрийэн аһыы-сии сылдьан, эмискэ куораттыырга быһаарынан дьиэтигэр киирэн, харчы көрдүү сатаабытын ким да биэрбэтэҕэ. Хантан оннук өй көтөн түспүтэ буолла, хоско хомуот үрдүгэр турар Варята киэргэллэрин уктар шкатулкатыттан кыһыл көмүс сыапачыканы, ытарҕаны сулбу тардан ылан сиэбигэр уктан тахсыбыта. Куоракка илдьэн онтун ломбарка туттаран икки-үс күн көрүлээбитэ. Өйдөнөн баран кэмсиммитин, төбөтүн кырбаммытын иһин туох кэлээхтиэй! Варя онно хомойон, абаран хараҕын уутунан сууммутуон… Ийэлэрин харыстаан киниэхэ эппэтэҕэ быһыылааҕа. Онон эрэ тохтуох киһийдэх буолуо дуо, ити буруй сойуута сотору эмиэ икки биһилэҕи «сойбоппута». «Ыал оҕолоро киирэн оонньообуттара, бу сырыыга мин ылбатаҕым», – дии-дии кэлиилии кэбэн, мэлдьэһэ олорбута.
Туундара туллуга хоту көппүтэ
Ол сураҕы истээт, Захар ончу даҕаны түлэй-балай олоҕо саҕаламмыта. Дьэ кырдьык, ким да иилээбэт-саҕалаабат киһитэ буолбута. Бастаан холбоһон баран Варятын «туундарам туллуга» диэн таптаан ааттыыра. Аҕыйах күн испэтэх кэмигэр кэргэнин эмиэ ити аатынан ыҥыран үөрдэрэ. Оннук кэмнэргэ, кырдьык, Варята барахсан ис-иһиттэн сырдаан, үөрэн-көтөн, мөссүөннүүн тупсан кэлэрэ. Ас эгэлгэтин астыыра, тылын баһа барыта «паапабыт» буола түһэрэ. Оҕолор эмиэ биллэрдик сэргэхсийэллэрэ, оскуолаҕа үөрэхтэригэр тугу ситиспиттэрин, дипломнарын, грамоталарын дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытар аҕаларыгар аҕалан үҥүлүтэллэрэ. Ону билигин санаатаҕына уйаргыыр. Ол кэмҥэ таах күдээринэ көрөр быһыылааҕа. Уолаттар аҕалара өйдөөҕөр тыаҕа бултуу, балыктыы барсаары баҕатыйаллара. Саараама, биирдэ да илдьэ сылдьыбатаҕа. Бардаҕына табаарыстарын кытта ыраатар аатыран, уолаттарын хааллартаан иһэрэ.
Биир кыһыҥҥы киэһэ куораттан эмиэ биир уочараттаах «гастролуттан» тахсан, тыраассаҕа такситтан түһэн дьиэтин диэки көрбүтэ уота суоҕа, оһоҕуттан буруо да тахсыбата. Тугу эрэ куһаҕаны сэрэйбит курдук, сүрэҕэ «парк» гына түспүтэ. Ийэтэ балыыһаҕа сытарын билэрэ. Варя бу үлүгэр тымныыга оһоҕун оттубакка ханна да барыан сатаммат диэн саныы-саныы, төһө да өйдөөх буоллар, тэлиэс-былаас хааман дьиэтин ааныгар кэлбитэ ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турара. Тэлгэһэ барыта хаар, бу күннэргэ түспүт хаар күрдьүллүбэтэх этэ. Ону көрөн баран ончу иэдэйбитэ. Икки чабырҕайын туттан баран күрдьүккэ чочумча олоро түспүтэ, онтон балта Даайыстаах диэки суолу туппута.
Даайыс, убайа киирэн иһэрин көрөөт: «Дьонуҥ эйигиттэн бардылар, күлүүһүҥ ол сытар», – диэн баран сиэркилэ туумбатыгар сытар күлүүһү ыйбыта. Даайыс сүр кытаанах куолаһынан эппит тылларыттан тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түспүтэ. Тахсан атах балай хааман, сэлиэнньэ түгэҕэр олорор бииргэ үөрэммит уолугар Миитээскигэ тиийбит этэ. Тугу гыныай, ойоҕо барбытыттан аймаммыт киһи хас да күн арыгылаан ииригирбитэ.
Сэлиэнньэҕэ бэйдиэ хаампыта нэдиэлэ буолуутугар Даайыс маҕаһыыҥҥа көрсө түһэн илдьэ кэлбитэ. Онно Варя аҕата Алексей Андреевич Дьокуускайга кэлэн кыыһын, сиэннэрин дойдуларыгар илдьэ барбытын кэпсээбитэ. Даайыс сүбэтинэн Варятыгар төлөпүөннээн кэпсэтэ сатаабыта. Туруупканы ийэ кынна Аграфена Саввична ылан биир тылы саҥарбат оҥорбута. «Итиэннэ бу нүөмэри умун, кыыспытын, сиэннэрбитин итэннэ эйиэхэ чугаһатар санаабыт суох. Ону өйдөөн кэбис» диэн буолбута.
Дьэ итинник ыал буолан бүппүтэ. Балтылаах быраата көмөлөһөннөр, дьиэтин сылыттан ийэтин кытта кыстаабыта буолан баран, саас куоракка киирбитэ.
Олох дьэбэрэтигэр айаҥҥа куодарыһан
Дьэ уонна уонча сылы быһа, билигин санаатаҕына, «эһигиттэн бу айылаах буоллум» диэбит курдук сылдьаахтаатаҕа. Сирэй-харах буорайан, тиис-уос бүтэн, таҥас-сап баранан. Билигин кэлэн кыбыстыбытын, сааппытын иһин туох кэлиэй?! Төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин, аймах-билэ дьонун аатын түһэн биэрэн. Дьон: «Пахай, Сахаарбыт ончу да вокзалга сылдьар эбит ээ», – диэн соһуйан, кэлэйэн төһөлөөх кэпсэппиттэрэ буолуой?! Оҕолоро отуттарыттан тахсыбыт дьон буоллахтара, куттанан, сиргэнэн, аттынан ааһан иһэн ырааҕынан тумнан ааспыт буолуохтарын сөп. Уонча сылы быһа тохтоло суох бомжтары кытта сылдьыбатаҕа эрээри, оннук кэрдиис кэмнэр бааллар этэ. Ордук кыһын дойдутун булан, быраатын аахха хотон көрсөн кыстыы сатыыра. Кыһын хотоҥҥо сылдьара куоракка хонук сирэ суох «биистии» сылдьарын курдук буолуо да, ырай олоҕо буоллаҕа. Тугу эбит булуннаҕына хотоҥҥо ууруна сылдьан, кистээн «сып» гыннаран син кыһыны туоруура да, саас буоллаҕына иҥмэккэ-баппакка, тулуйбакка-тэһийбэккэ тыраассаҕа тахсан куораттаан хаалара. Иккис кыһыныгар эмиэ дьонун көрдөһөн-ааттаһан киирэн олорсо түһэрэ. Ол аайы дьоно итэҕэйбэттэрэ улаатан, кэлэйбиттэрэ дириҥээн испитэ.
Хаста даҕаны нэһилиэк баһылыга булан ылан кэпсэтэ сатаабыта. Дьокуускай куоракка ДСК түгэҕэр баар хонор сиргэ эмиэ олохтуу сылдьыбыттара.
Билигин ыраахтан кыһыйа-абара, сэмэлии көрөр «биистэрэ» дьэ эмиэ туспа эйгэлээх олохтоох дьон. Биллэн турар, араас дьылҕаттан тэмтэрийэн баран эмиэ өрүттэр өйү булбакка, дьэбэрэ диэки түһэр суол устун сырыттахтара. Киһилии быһыыны-майгыны сүтэрии дьэ онно баар. Сороҕун саныан да баҕарбат.
Биирдэ «Московскай» диэн ааттыыр маҕаһыыннарын таһынан түбэһиэх булсубут аргыстарын кытта сылдьан киһи кэлэйиэх, сонньуйуох да түгэнин көрөн турардаах. Дьоно хаамыы-сиимии бөҕөлөр, тугу эрэ кыайыах-хотуох көрүҥнээхтэрэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр хантан эрэ инбэлиит кэлээскэтин соһон тирилэтэн аҕалбыттара. Онтон: «Хайа, бу кыыс ханна сүттэ-ээ! Васс-аа, кэл эрэ, үлэҕэр олор», – диэн буолла. Онуоха саас ортолоох, мытырыйбыт дьахтар кэлэн кэлээскэҕэ үөрүйэх бэйэлээхтик олорунан кэбистэ. Атаҕар эргэ суорҕаны саба бырахтылар уонна бородуукта маҕаһыынын иннигэр тирилэтэн илдьэн олордон кэбистилэр. Дьэ ити курдук икки чааһынан кэлэн ылыах буолан «инбэлиит» дьахтарбытын «үлэлэтэ», аһыныгас санаалаах дьонтон харчы хомуйтара хаалларбыттара. Киэһэ Вассабыт тугу булбутунан аһыы утахпытын атыылаһан иһэн-аһаан, аамайданан хоммуттара.
Күн аайы бу түүн ханна хорҕойон нуктуу түһэр, тугу булан ыстыыр санаа эрийэн ылар. Ол эрээри, кылаабынай сыал-сорук аһыы утах көһүннэҕинэ эмиэ умнуллар, быстах бырааһынньык барытын тумуннарар. Оо дьэ, биир тылынан эттэххэ, дьаабы олох!
Хойукка диэри үлэҕэ киирэригэр, дьону кытта билсэригэр кыбыстар да буолара, «эйигин вокзалга сылдьаргын көрбүппүт» диэхтэрэ диэн.
«Киһи буолан бүппүт эбиккин!»
Биирдэ эмиэ куораттааҕы сырыыларыттан ыран-быстан, сылайан дойдутугар тахсыбыта. Үгэһинэн кыра холуочук этэ. Аара таксига билэр дьонуттан бастакы учуутала, олус убаастыыр киһитэ Капитолина Семеновна ыраах улууска оҕолоругар олорон баран дойдутугар төннүбүтүн истибитэ. Хайдах эрэ өр көрбөтөх учууталын киирэн көрсүөн баҕарбыта. Өйдөөҕө эбитэ буоллар, суунан-соттон, бэйэ бодотун тардынан киириэ эбитэ буолуо. Туох кистэлэ кэлиэй, дьиҥинэн, учууталыттан харчы көрдөөн салҕаныан баҕарбыта. Акаары санаатыгар, киниэхэ учуутала хайдах да аккаастыа суохтааҕа.
Захар оскуола киэн туттар бастыҥ үөрэнээччитэ, үөрэҕэр өрүү үчүгэй, туохха барытыгар инники сылдьар активист буолан учуутала кинини олус сөбүлүүрэ. Капитолина Семеновнаттан алын кылааһы бүтэрэн да баран тэйбэтэҕэ. Улахан кылаастар кыралары кытта шефтэһэллэрэ, онон кини учууталын кытта өрүү алтыһан оскуоланы бүтэрбитэ. Учуутала кинини наар холобурга тутара, үөрэхтээх, улахан үлэһит киһи тахсыа диэн бигэ эрэллээх этэ. Капитолина Семеновна астына, киэн тутта, манньыйа көрбүт харахтарын өрүү санаан, ол кэмҥэ бэйэтиттэн кэлэйэ саныыр түгэннэрэ баар буолааччы.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614490?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.