Эн миэхэ соҕотоххун

Эн миэхэ соҕотоххун
Галина Васильевна Нельбисова
Үс эдьиийдии-балыстыылар үһүөн туһунан ыал буолан олороллор. Үһүөн бу орто дойдуга дьахтар киһиэхэ ананар дьолу билиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри, дьылҕа кимиэхэ тугу биэрэрин бэйэтэ билэргэ дылы. Кинилэр үөрэр-хомойор, ыллыыр-ытыыр да түгэннэригэр өрүү бииргэлэр.

Галина Васильевна Нельбисова
Эн миэхэ соҕотоххун

1
– Эһиги эрэ куоракка олоруоххут дуо? Син биир көһөн кэлэбин! Куораккытыгар ырыынакка эт эрэ дэлэй. Биһиги идэһэ ыыппатахпытына да, син аһаан-таҥнан олоруоххут. Тыаҕа арыгылыыртан ордубат киһини кытта олороргут буоллар билиэ этигит, – Альбина ыгылыйбытын омунугар иһэ олорор чааскылаах чэйин илиитин таһынан сыҕарыта аста.
– Аля-я, саныырыҥ курдук, эйигин куораттан холдьоҕон эппэппин. Элбэх кыһалҕаҕа түбэһиэҥ диэн сэрэтэ, өйдөтө сатыыбын. Кыра уолуҥ улаатар, майгыта-сигилитэ уларыйар, оскуоланы бүтэрэр сааһыгар манна, куорат оскуолатыгар сатаан үөрэниэ дуо? Клим манна кэлэн арыгытын быраҕыа диигин дуо, дьэ булкуллара буолуо. «Ойуурбуттан арахпаппын, Элгээммиттэн барбаппын» диир. Оннук киһини аҕалан манна муннаран кэбиһиэҥ. Киһиҥ үлэтэ-хамнаһа, аны олорор дьиэҕит-уоккут, – бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыылартан улаханнара Таисия, балта санныгар сүгүөхтээх түбүгүн санаан, үөһэ тыынан ылла.
– Клим дьиэтигэр хааллын, айыкка. Эбэтэр үүрэн кэбис. Таах сибиэ доруобуйаҕын да сүтэрдиҥ буолбат дуо?! Аликка кэллин-кэллин, эдьиий. Сынньана түһүө этэ, – кыра балтылара Ася эдьиийин Альбинаны аһыммыт хараҕынан одуулаһа олордо.
– Үүрэн кэбис буолан, сордооҕу. Дьоно киниттэн аккаастаннаҕына киһи буолуо дуо? Улахан эдьиий быһыытынан, өссө төгүл ыйааһын хараҕар ууран, толкуйдуургар сүбэлиибин. Билигин куоракка дьиэни куортамнаһар олус ыарахан. Аны тугу үлэлиигит? Дьиэ-уот булуоххар диэри Клим Элгээҥҥэ хааллын. Андрианыҥ оскуолата быһаарыллыан наада. Олорор сиргититтэн чугас оскуола көстөрө буоллар. Кыһын ыраахтан сылдьара бары өттүнэн кутталлаах. Ньургуйаана уопсайыгар олордун, – Таисия, иһигэр балтын быһаарыныытын сөпсөөбөтөр даҕаны, санаатын эттэ.
– Оҕолорбун кытта биир дьиэҕэ олороору куоракка кэлэ сатыыбын. Көһөн кэлэн баран, хайдах барыларын онно-манна ыһыталаан кэбиһиэмий? Улахан уол олорор сиригэр табыллыбакка эрэйдэннэ ахан. Күнүстэри-түүннэри таксилыыр аатыран, аанньа ас да тэринэн аһаабат. Били моторуйбут бэйэтиттэн туох да хаалбатах. Ньургуйаана эмиэ уопсайын сөбүлээбэт. Кыргыттарын кытта тапсыбат. Оҕобун атаҕастыыллар быһыылаах. Араас майгылаах атын оройуон кыргыттарын кытта олорор, – Альбина, эдьиийэ син сөбүлэһиэх курдугуттан, сэргэхсийдэ.
– Хайдах буолбут кыыһый, уопсайга сатаан олорбото бэйэтин буруйа. Олус атаахтаппыккын, онтуҥ оҕоҥ дьону кытта сатаан сылдьыбат. Ыһыллаҕаһа, болҕомтото суоҕа, ону сэмэлээтэххэ, бу өсөһөрүн, кыыһырарын көрүөҥ этэ. Федя улахан киһи, ойохтонор кэмэ кэллэ. Ону эмиэ ыҥыран ылан биэбэйдээри тэринэҕин дуо? Арай туох эмэ үөрэҕи булан, идэ ылар туһунан толкуйдуура буоллар, бэйэҕитин кытта илдьэ олоруоххутун сөп этэ, – Таисия, Альбина оҕолорун олус атаахтатарын сэмэлээн, балтын эмиэ хомотто.
– Чэ, эдьиий, оҕолорбун хайдах иитэрбин бэйэм билэбин. Сыыспытым да ханна барыай, саатар эһиги курдук көмө, тирэх буолар аҕалаах ыал буоллахпыт дуу, – Альбина, сатаан кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөн, барардыы хомунна.
– Аликка, бүгүн дьиэлиигин дуо? Миэхэ хоно хаалбаккын дуо? Кыра балыстыылар бэйэбит сэкириэттэһиэ этибит, – Ася сайыспыттыы көрөн турда.
– Асикуо, өтөхпүн бүгүн буллахпына сатанар. Куорат түөтэлэрэ тыйыскыт, кытаанаххыт да бэрт. Киһим бэҕэһээҥҥиттэн аһыы сылдьар сураҕа иһиллэр. Оҕолор «кэлэ тарт» диэн эрийэллэр, сүгүн да хаамтарбаттар, – Альбина ааҥҥа атаараары турар эдьиийдээх балтын иэдэстэриттэн сыллаталаан ылла.
Альбина тахсыбытын кэнниттэн Таисиялаах Ася балачча өр саҥата суох олордулар.
– Эдьиийим наһаа да сылаарҕаабыт көрүҥнэммит. Таах да манна кэлэн сынньанара биллибэт. Санаан көрдөххө, кыһалҕата өссө элбиэх курдук, – Ася эдьиийин диэки ыйытардыы көрдө.
– Кыыһа биир да күн дьиэни-уоту көрө түспэт. Ийэтин сынньата түһэр туһунан санаабат. Ол иһин этэбин дии, ойон тураат көһүмэҥ диэн. Дьиэни атыылыы сатыыр ээ. Үлэлиэхтэригэр-хамсыахтарыгар диэри, оччоҕо эрэ куортам харчыта булунар буоллаҕа.
– Оо дьэ, дьиэбитин атыылыыллара куһаҕан да эбит. Хаарыан тэлгэһэбит, бэйэбит улааппыт, оҕолорбут сүүрбүт-көппүт сирдэрэ! Тася, ийэлээх аҕабыт тэлгэһэлэрэ суох буоларын кытта хайдах сөбүлэһиэххэ сөбүй, – Ася улаханнык санаарҕаан саҥата суох олордо.
– Мин эмиэ дьиҥинэн атыыланыан баҕарбаппын. Ийэлээх аҕабыт барахсаттар кэриэстэрин кэһии, дойдубутуттан-сирбититтэн букатыннаахтык арахсыы курдук тахсар. Күтүөппүт үчүгэйэ буоллар, итиннэ саҥа дьиэ турбута ырааппыт буолуо этэ.
– Этимэ даҕаны…
* * *
Таисия Терентьевна сынньана түспүт киһи диэн сытта да, утуйар санаата суох эбит. Балтылара Алялаах Ася олохторугар соччо табыллыбатылар. Дьахтар быһыытынан толору дьолу билбэтилэр…
Кыргыттар үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттахтарына, ийэлээх аҕалара, эбэлэрэ ыалдьыбытыгар, бэйэлэрин массыыналарынан оройуон киинигэр балыыһаҕа айаннаан иһэн суорума суолламмыттара… Суолга сааскы халтараан кэмэ этэ. «Клавдия Ефимовналаах, Терентий Ильичтээх дуо?» дэппит Элгээн дьоһун мааны ыала этилэр. Клавдия Ефимовна ийэтэ Сүөкүлэ, кыыстаах күтүөтэ суох буолбуттарын кэнниттэн, уһаабатаҕа. «Син тыыннаах хаалыах эрээри, оҕолорум олохторун быспыт мин баарбын» диэн дьүөгэлэригэр ытыырын-соҥуурун Таисия түбэһэн истэн, дьонун, эбэтин аһыйан сыттыгар умса түһэн ытаан-соҥоон айманааччы. Кыра сиэнэ Ася оскуолатын бүтэрэн, куоракка үөрэнэ барбыт күһүнүгэр эбэлэрэ сүрэҕинэн ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.
Кыргыттар күн бүгүнүгэр диэри төрөөбүт, улааппыт тэлгэһэлэриттэн тэйбэккэ сылдьыбыттара. Кырдьык, бэйэлэрин оҕолоро сайын аайы Элгээн мүөттээх салгыныгар дуоһуйа сынньанан сайылыыллар этэ. Орто кыыс Альбина дойдутугар олохсуйан, иитиллибит, киһи-хара буолбут иэримэ дьиэлэрэ иччитэхсийбэккэ турдаҕа. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн доҕордоспут Климин батыһан, Дьокуускайга үөрэҕин бүтэрээт, дойдутугар төннүбүтэ. Клим саатар орто үөрэххэ үөрэммэтэҕэ. Тырахтарыыстаан, суоппардаан айаҕын ииттинэ сатыыр даҕаны, сыл аайы арыгылыыра аҕыйыахтааҕар элбээн иһэрэ сөхтөрөр. Урут син иһэн-аһаан кэлэн баран утуйан абырыыр бэйэтэ, билигин илэ хаама сылдьан куолулаан, мээрилээн дьонун сылатар. «Майгыта-сигилитэ буортуйан иһэр, өрөлөһөр киһи охсуох да курдук. Төһөнөн уһун кэмҥэ арыгыга ыллараллар даҕаны, майгылара-сигилилэрэ киһи билбэт буола уларыйар дииллэрэ кырдьык эбит» диэн Альбина хаһан эрэ быктарбыта. Альбина Элгээн балыыһатыгар сиэстэрэлиир, биэнсийэҕэ саҥа таҕыста. Куораттыыр сураҕын иһиттэхтэринэ, элгээннэр улаханнык соһуйаллара буолуо. Өтөрүнэн кини курдук уопуттаах, үлэтигэр бэриниилээх сиэстэрэни булаллара саарбах.
Ася университет саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үлэ көстүбэккэ, тыл институтугар үлэлээн баран, билигин чааһынай кинигэ кыһатыгар редактордыыр. Кэргэнэ Степан эмиэ научнай институкка үлэлии сылдьан инсуллаан, эрдэ инбэлиит буолбута. Түөрт сыллааҕыта бу олохтон бараахтаабыта. 14 саастаах Айаал диэн уоллаах. Ася 43 эрэ сааһыгар огдообо буолан хаалаахтаата.
Кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин, оҕо эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ барахсаттар таптаан «Тайыыска», «Аликка», «Асикуо» диэн ааттыылларын курдук ыҥырса сылдьаллар даҕаны, саастара ырааппыт. Икки улахан – пенсионеркалар, аччыгыйдара Асикуо даҕаны аны үс сылынан биэс уона кэлэр.
Кыргыттар мөссүөннэринэн оннук кырасыабай диэҥҥэ киирсибэттэр эрээри, ис киирбэхтэр. Ийэлэрин батан үрүҥ субалаахтар, олус арылыччы көрбүт буолбатар даҕаны, дьон этэринэн, киһини бэйэлэригэр тардар умсугутуулаах харахтаахтар. «Имэрийэ көрөр, сырдыгынан сыдьаайар харахтаах кыргыттаргыт» диэччилэр. Ис дьиҥнэрэ барыта харахтарын көрүүтүгэр сурулла сылдьар үһү. Иккиэн да холку, наҕыл, үөрүнньэҥ майгылаах дьон оҕолоро майгыларынан-сигилилэринэн кимиэхэ да сирдэрбэттэр.
Киэһээҥҥи аһы бэлэмниир кэм кэлбит. Таисия биэнсийэҕэ барыаҕыттан дьиэҕэ олорор эрээри, хата кимнээҕэр күн солото суох. Кэргэнэ Артур Иннокентьевич «туруорсуутунан» дьиэ хаһаайката буолан олорорго сөбүлэспитэ. «Учуутал үлэтин түбүгүн сааһыҥ тухары сүктүҥ. Сынньанар, холку олоҕунан олорор кэм кэллэ» диэбитэ. Бу курдук күнү быһа дьиэтин түбүктэрин үмүрүтэринэн, дьонугар ас астыырынан күнэ-дьыла бүтэр. Кыыһа Диана да үлэтиттэн кэлэрэ чугаһаабыт, ол кырасаабысса аччыктаан ахан кэлиэ. Диана дьүөгэтин кытта муодунай бутикка атыыһыттыыр. Артур бүгүн хойутуур, мунньахтаах.
Таисия дьоллоох! Саха дьахтарын сиэринэн ол туһунан улаханнык саҥарыан туттунар эрээри, иһигэр дьылҕатыгар олус махтана саныыр. Таптыыр, таптатар дьолун билэр, олоххо дьоһуннаахтык сыһыаннаһар, эрэллээх кэргэннээх! Күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтара этэҥҥэлэр: Артем үөрэҕин бүтэрэн Москваҕа олохсуйда, Диана омук тылын факультетыгар 5-с кууруска таҕыста. Сааһыран эрэр, олох күһүнүн көрсөр дьахтарга уонна туох нааданый?! Таисия туалетнай остуолун иннигэр сирэйигэр түспүт мырчыстаҕастарын аргыый тарбахтарынан батыһыннаран имэрийэ олордо. Төбөтүгэр «Уп уһун суһуоҕум кылгаабыт, хоп-хойуу бэйэтэ убаабыт…» диэн ырыа тыллара көтөн түстүлэр. «Ничего-о, мои года мое богатство буоллаҕа эбээт» диэн бэйэтигэр иһиллэр гына саҥараат, куукунатын диэки хаамта.
* * *
Альбина, хотуна киирэн иһэрин көрөөт, хайдах настарыанньалааҕын сэрэйдэ. Альбина куорат диэки көһүөн баҕарарын истибитэ, тута ончу сөбүлээбэтин эппитэ. Манна дойдутугар ааттыылларынан Борускуой, кийиит киһиэхэ Альбинаҕа – Прасковья Ивановна, киирээт дьиэ иһин эргим-ургум көрөн баран, уолун Клим баарын-суоҕун ыйытта.
– Ол иһин даҕаны, арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрэ. Ити киһиҥ куоракка көһөр сураҕын истиэҕиттэн кута көттө. Бэйэҥ да билэ-көрө сылдьар инигин. Билигин бу көһөр айдааҥҥыт суоҕа буоллар, кэм дьону кытта ойуурга булт көрө барбыт буолуо этэ. Быйыл кыһын мас кэрдээччилэри кытта барсар санаалаах сылдьыбыта, – Прасковья Ивановна уолун көмүскэһэрдии саҥаран-иҥэрэн барда.
– Прасковья Ивановна-а, ханна баарый манна олорон бачча сааспытыгар диэри өрүттүбүппүт. Хата, ити тыраахтара алдьанан абыраата. Билигин дьэ, дьоҥҥо окко-маска үлэлээн, арыгылаан иэдэйбит буолуо этэ. Ити сылдьан тиэхиникэҕэ да дэҥнэнэн хаалар кутталлааҕын бэйэҥ билэ-көрө сылдьаҕын. Саатар үлэлээбитигэр хамнас аҕалан абырыыра буоллар. Иһэрин бэркэ билэр элгээннэр атаҕар уйуттубат буолуор диэри аһатан ыыталлар. Оҕолорум «куоракка көһөн кэлиҥ» диэн ыҥыраллар. Киэҥ сиргэ туох эмэ үлэ көстөр ини.
– Ол таксистаан бэйэтин нэһиилэ ииттинэр уолуҥ, саҥа устудьуоннаан эрэр кыыһыҥ дьиэ-уот бэлэмнээн олороллоругар бараҕын дуо? – Прасковья Ивановна, баччааҥҥа диэри кийиитин кытта хаһан да кытаанах тылларынан бырахсыбатах бэйэтэ, бэркэ аймаммыт, кыыһырбыт-тымтыбыт.
– Аан дойду киһитэ барыта куоракка көһөн син оннун-туойун булунар. Биһиги даҕаны куортамнаһан, үлэ-хамнас булунан олоруохпут. Оҕолорбун хараҕым далыгар илдьэ сылдьыам буоллаҕа. Бука бары айманан хааллаххытый, – Альбина эдьиийдээх балта сэҥээрбэтэхтэриттэн бэйэтэ да ыгылыйа сылдьара таҕыста.
– Айманымына! Өйгүн туппут биэс уон саастаах дьахтар барытын быраҕан, сүөһүгүн-аскын суох оҥорон, тэлгэһэҕин сабан тахсан барарыҥ төһө бэрдий?! Улахаттарыҥ син оннуларын булан эрэллэр, онно көрөр-истэр чугас дьонноохтор. Ити кыра уолуҥ куорат оскуолатыгар сатаан сылдьара да биллибэт. Дьиэбитин атыылыахпыт диэхтиигин да, эн эргэ дьиэҕин ким ылар? Эһиэнинээҕэр буолуох сэнэх дьиэлэр атыыга барбакка таах тураллар, – Прасковья Ивановна, туох да үчүгэй кэпсэтии тахсыа суоҕун, кийиитин быһаарыныытын уларыппатын билэн, саҥара-саҥара тахсар ааны былдьаста.
Альбина, хотуна тахсыбытын кэнниттэн, «һуу-уу» диэн саҥа таһааран, дириҥник өрө тыынан ылла. Эбэ Борускуой барахсан сааһын тухары өйүн туппатах уолуттан төһөлөөх санаата айманан кэлээхтээтэ. Клим дьиэтигэр этэҥҥэ киирбитин иһиттэҕинэ, биирдэ уоскуйан утуйар. Онон, аҕалара өйдөөх буоллун, итирик буоллун, дьиэтин буллаҕына, эбэлэригэр хайаан да «дакылааттыыллар». Дьэ ити Альбиналаах куоракка көһөбүт дииллэрин истиэҕиттэн отуора алдьанан сылдьаахтыыр. Ыытыан баҕарбат киһи сиэринэн, барыта сатамматын эрэ этэн тахсар.
Альбина олус сылайда. Климин ити абааһы аһыттан араара сатаан элэ-была тыла баранна, этэргэ дылы, хараҕын уута «хатта». Билигин итирик кэллэҕинэ таах көрөн эрэ кэбиһэр. Хата Климэ дьэ саҥарыах-иҥэриэх, урукку-хойукку хомолтотун аахсыах санаата киирэн, бэйэтэ этиһии, айдаан төрдүн була сатыыр идэлэммит. Саатар, совхоз, кооператив да ыһыллыаҕыттан, туох да үлэ суоҕун кэриэтэ. «Ыспысаанньаҕа» бырахпыт тыраахтардарыгар тиксэн холтууралаан көрөр да, иһэрэ бэрдиттэн үөтэлээх хамнаһы да аҕалбат. Атастарын-доҕотторун күндүлээн, улахан аҥаарын суох гынан кэлэр. Мас кэрдиитигэр иккитэ хаста тахсыһа сылдьан баран уһаабатаҕа, төттөрү киирэн кэлэ турар. Бадаҕа, биригээдэни күүскэ тутар, мээнэ арыгыны амсаппат киһиэхэ түбэспит. Борускуой «быйыл мас кэрдэ барара хаалла» диэхтиир. Онон үөлээннээхтэрин курдук дьиэ туттан да дьэндэппэтилэр. Ыал буолаат, Альбиналаах төрөппүттэрин дьиэтигэр киирбиттэрэ, оннук олороллор. Кыһын дьиэлэрэ тымныйара диибин диэн. Клим сайын аайы муостатын арыйан, саҥаттан буор кутуох, көрүөх-истиэх буолар да, хаалларан иһэр. Саатар ыал аҕаларын курдук сүөһү көрсөрө, хотоҥҥо сылдьыһара буоллар. Үлэтэ суох олорон аҕыйахтык хотоҥҥо тахсыһаары куолутунан баппатаҕа. «Эр киһи хотон иччитэ буолуо суохтаах» диэн тыллаах. Альбина үлэ быыһыгар хотон иһигэр-таһыгар мөхсөрүттэн сөп буолла. Инньэ гынан сүөһүлэрин сыл аайы аҕыйатан, билигин киһи аһынар элбэҕэ да хаалбата.
Альбина барарын истэн балыыһалар эмиэ айманаллар. Кини курдук чэпчэки илиилээх, аанньал майгылаах сиэстэрэ көстөрө саарбах.
– Ийээ, аҕам маҕаһыын ааныгар олорор. Икки буоларын кэтэһэллэр, – кыра уол Андриан киирэн кэлэн саҥарбытыттан Альбина соһуйда.
– От бүтүөр диэри арыгы атыыламмат ээ, Андриан. Чэ, биһиги дьоммут бу үйэҕэ онтон иҥнибэтэх бэйэлэрэ, булан-талан испиттэрэ буолуо. Икки чаас буола илигэ кинилэргэ сокуон буолбатах. Сарсыардаттан саҕалаатылар ини. Эбэҥ арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрин көрбүт этэ.
– Чэ, хаһан куоракка барабытый? Ити дьээдьэттэн саатабын, оҕолор наар мин аҕам ханна итириктии сылдьарын кэпсииллэр. «Баран иһэн аҕаҕын илдьэ бар» дииллэр. Эн наар «аҕаҕытын булан аҕалыҥ» диэҥҥин, сосуһа сылдьарбытын дэриэбинэ барыта көрөр. На-до-е-ло! – Андриан көмпүүтэрин клавишатын илиитин көхсүнэн охсон ылла.
– Дьиэбитин атыылаамаары гынныбыт. Биллэрии тахсыбыта ыраатта да, ки-им да ыйыппат. Сүөһүбүтүн хайдах гынарбытын быһаарыныахпытын наада. Эн аа-дьуо маҕаһыын диэкиттэн дьааһыктары таһа сырыт. Мантан инньэ хомунуо да этибит.
– Дьиҥинэн, ийээ, дьиэбит атыыланан хаалара хайдах эрэ дии. Сайын Элгээммитигэр оччоҕо кэлбэппит дуо? – Андриан үөһэ тыынан ылла.
– Оччоҕуна ханнык харчыбытынан куоракка кыһыны быһа дьиэ куортамнаһабыт? Кыһалҕаттан атыылыы сатыыбыт. Дьиэ иччитэх хааллаҕына, аҕаҥ төннөн, манна арыгыһыттар мустар сирдэрин оҥоруо. Аны баһаар ыыталлар дуу, хайыыллар дуу. Чэ кэл, Андриан, чэйдиэх, – Альбина уолун остуолга ыҥырда.
* * *
Ася, дьүөгэтэ Тамара ыалдьыттыы кэлэн иһэр сураҕын истэн, түргэн үлүгэрдик хортуоппуй ыһаарылыы оҕуста. Айаал көмпүүтэригэр бүк түһэн баран олорор. Таах даҕаны аныгы оҕолору иэдэппит тэрил буолла. Хамсаммакка-имсэммэккэ уһун күнү быһа остуолга хам сааллан олороллоро доруобуйаларыгар охсуу бөҕөтүн оҥордоҕо. Алялаах тыаттан манна көһөн кэллэхтэринэ, сайын тыа салгынынан тыыналлара тохтууһу. Айаал улаатан истэҕин аайы улахан эрэйинэн Элгээҥҥэ барар буолан иһэр да, окко иҥин көмөлөһөр буолан, кэм тыа салгыныгар сылдьара үчүгэй. Аны «Аҕалара итириктиирэ бэрт, барбаппын. Наар этиһэн, хаһыытаһан тахсаллар» диэн сылтахтанан барыан баҕарбат.
Эмискэ аан собунуога тыаһаабытыгар Ася соһуйан «ходьох» гына түстэ. «Чэ, кини киһи омуна бөҕө, тыаһаппыта улаханын» дии саныы-саныы дьүөгэтин көрсө ааҥҥа барда. Тамарата имэ дэлби тэтэрбит, ыйаастыгас харахтара туох эрэ дьээбэлээҕи этээри гыммыт киһилии кылабачыспыттар.
– Ася, эмиэ киһини уотаары сыалаах эт буһаран баран олороҕун дуо. Аһыҥ минньигэс сыта аантан кэлэр. Никодимович абыраныыһы, – Тамара сонун олоппоско саба бырахта.
– Чэ-чэ, ол бу диэмэ, Никодимович туһунан мээнэ саҥарыма. Уол истиэ, – Ася хос диэки илиитин ыйда.
– Хаһааҥҥа диэри кистиэххиний, сотору Айаалгыныын көһөн барыаххыт. Үс хостоох дыбарыас дьиэҕэ атлас халааттаах хааман суугунууруҥ буолуо. Биһиги мээнэ сылдьарбыт тохтуур да ини. Кырдьар сааскар эрэллээх сарыҥҥа тайанан нус-хас олоруоҥ этэ буоллаҕа. Уолгун үөрэттэриэҥ, Никодимович киэҥ билсиилээх киһи, ханна баҕар оннун булларыа.
– Тамара, эн дьээбэҥ баппат. Арааһы мээнэ саҥараҕын да, миигин араас саарбахтыыр санаалар эрийэн эрэллэр. Ама да эр киһилэнэ, ыал буола сатаабытым иһин, саастаах, олох олоруон баҕалаах киһини таах сааратабын быһыылаах. Кэпсэттибит да, наар хаһан көһөн кэлэрбин ыйытан киһитин хаайар. Былаан бөҕөтүн кэпсиир. Ол аайы мин саҥабыттан матан иһэбин, туох да диэхпин билбэппин.
– Оо дьэ, акаары да баҕайыгын. Ол олорон киһигиттэн матарыҥ буолуо. Хайдах өйдөөбөккүн, кини үс хостоох дьиэтигэр сарыысса буолуон баҕалаах суоҕа буолуо дии саныыгын дуо? Бэйэҥ этэҕин дии, «түөтэлэр олорон ааспыттара» диир диэн. Чэ, чэйгин кута оҕус. Ыксаан иһэбин, дьиҥинэн, эн сирэйгин-хараххын көрөн ааһаары өҥөйдүм. Онтум ончу да мунчаарыыга ылларан олорор эбиккин буолбаат. Саамай сөпкө киирбиппин, – Тамара олоппоһу талахачытан аҕалан куукуна остуолугар олорунан кэбистэ.
– Уолбун кытта бэйэбит да олорбокко, эмиэ тугум киһитэ буолла. Таах сибиэ билсэмми-ин… Эдьиийдэрим иһиттэхтэринэ, сөҕөн-махтайан иэдэйэллэрэ буолуо. Киһилэрэ эргэ баран эрэрин истэн… Өссө оҕом баар ээ, хайдах ылынара биллибэт. Сыыһаны оҥорон эрэбин быһыылаах. Эрдэттэн тохтообут киһи. Тамарочка, арааһа, Никодимовичка эйигинэн бүтэһиктээх аккаас сурук ыытарым буолуо.
– Бүт, ону-маны эрдимэ. Ася, эн мэлдьи маннык сэнэх сылдьыам дии саныыгын дуо? Биэс уонуҥ буолуо да, сааһырбытыҥ биллэн барыа. Үөлээннээх эр дьоннор биһигини көрбөттөр. Сордоохтор эмиэ эдэр саастарын уһата түһээри отуттаахтар, түөрт уоннаахтар диэки олоотоһоллор дии. Никодимович уонча сыл аҕата туох буолуой, тас көрүҥүн көрөн туран киниэхэ бэйэтин 60-н биэрбэккин. Оҕото-уруута суох, ол нуучча ойоҕо төннүбэттии бардаҕа. Тапталы саҥа биллим диир диэбэккин дуо? Урут да мээрилиибин, билигин да этэбин. Олоххо эр киһи таптала күүстээх буоллаҕына, ыал этэҥҥэ олорор. Онон, хотуой, күлүккэр имнэниэхтээххин. «Таптыыбын-таптаабаппын» диэбит курдук ромашка сэбирдэхтэрин ааҕыммыта буолан сэрэнэ-сэрбэҥнии сылдьыма. Дьэ олоҕун оҥостоору дьаакырын түһэриммит кэмигэр эйигин көрсө түстэҕэ. Ону даҕаны эйиэхэ кинигэ оҥоттороору кэлэн биэрдэ… Ити киһигин ханна эрэ оһуокайга дуу, ностальжи биэчэригэр дуу илдьэн туруор эрэ, дьахталлар аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уҥа-хаҥас тардыалаһан барыахтара. Мэлдьи кэргэннээх олорбут буолаҥҥын, демография хайдаҕын билээхтээбэккин. Сатана кыыһа баара, оччоҕо ончу да Милалыын билиһиннэрбэккэҕин. Мила эмиэ олох олоруон наада. Билэбин, кини наһаа соҕотохсуйар буолла. Эн биһиккигэ эппэт, атын дьүөгэлэрин кытта онно-манна ностальжига тиийэн хаалбыт буолар. Аны саҥарбаккын… Чэ, дууһаҥ түгэҕэр Никодимычкын сирбэккин. Милаҕа биэрбэккэ баара диэтэххэ, тыыммат буолан хаалла. Маладьыас, дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр! – Тамара кутар-симэр, тохтоло суох куолулуур.
– Уоскуй, чэйгин ис. Бириэмэ көрдөрөн иһиэ, хайдах туох буоларбытын. Син биир эдьиийдэрбин кытта сүбэлэһиэхтээхпин. Тугу да эппэккэ көһөн хаалбат буоллаҕым. Уонна саамай куттанарым – уолбуттан… «Папа буллум» диибин дуо. Оо дьэ, хайдах эрэ барыта, – Ася куукуна аанын сабан кэбистэ.
– Дьиэҕит дэлби эргэрдэ, кыһын тымныйар ахан. Соҕотох үлэһит хаһан саҥа дьиэ оҥостуоххунуй? Аны уолгун атаҕар туруоруоххун наада. Никодимович сиргэ сыппат «вариант». Үөһэ тыына олорума. Ырааҕы, кэскиллээҕи ыралыыр куолута. Эдьиийдэриҥ, эн оннугун булларгын, үөрүөхтэрэ эрэ. Истэригэр ону баҕарар буолуохтаахтар, – Тамара чаһытын көрүнээт, сулбу ойон тураат, тахсан барда.
Ася, остуолуттан турбакка, үүттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа арааһы аттаран саныы олордо.
– Ийээ, эмиэ элбэх саҥалаах Тамараҥ кэлэн барда дуо? Ити кини саҥатыттан дьиэтээҕи дьоно сылайаллара буолуо дуо? Дэлби мэһэйдэттим. Эчи, саҥата улаханы-ын, – Айаал чааскытыгар морс куттар.
– Ол истиэнэ нөҥүө эйиэхэ иһиллэр дуо? – Ася кэпсэтиибитин иһиттэҕэ диэн ыксыы санаата.
– Чуолкай иһиллибэтэр да, күлэрэ улахана бэрт. Наһаа дьиктитик тэһэ баран күлэр түөтэ дии.
– Майгыта буоллаҕа дии, Айаалчыак. Дьоммут көһөн кэлэ иликтэринэ, Элгээҥҥэ баран кэлбит киһи. Туох дии саныыгын? Мантан инньэ отоннуо да этибит, – Ася остуолун хомуйардыы тэриннэ.
– Соторутааҕыта онтон кэлбитим дии, – Айаал тыаҕа барыан баҕарбата сирэйигэр-хараҕар көстөр.
– Алялаах манна көһөн кэллэхтэринэ, Элгээҥҥэ баҕарбыппыт да иһин элбэхтик барбаппыт буолуо.
– Дьээдьэ Клим куоракка кэлэн хайдах сылдьара буолуой? – Айаал ийэтин диэки ыйытардыы көрдө. Оннооҕор Айаал өйүгэр-санаатыгар күтүөтэ Клим олус иһэрэ хаалан хаалбыт, эрдэттэн дьиксинэр.
Оо дьэ, кырдьык, Клим бу өссө дьалхааннаах, киин сиргэ кэлэн, хайдах оннун булар?! Аликка эрэйдэнэрэ буолуо ээ. Тайыыска сөбүлээбэтэҕэ, сэргээбэтэҕэ сөп да курдук.
* * *
– Ок-сиэ, эмиэ «дозаҕын» ылан кэлээхтээбиккин дуу. Ходуһаҕар бара сылдьыах буолтуҥ дии. Хайдах буолбут киһигиний бу эн?! – Альбина, кэргэнэ атаҕын соһон, онно суоҕунан, килээриччи көрөн киирэн иһэрин көрөөт, итиригин тута биллэ.
– Сүөһүнү барытын эһэн, куоракка киирээри олорон тугуҥ эмиэ ходуһатай, – Клим, саппыкыларын нэһиилэ устан, уҥа-хаҥас тамнааттаан баран, саалаҕа дьыбаанын диэки хаамта.
– Эйиэхэ этэн да диэн, ньиэрбэни сиэбэтэх да ордук. Сайыны быһа үлэлээбиппит таах хаалыа дуо? Сүөһү, сылгы киирэн оккун ый ыһыаҕа оҥоруохтара. Ыалга от биэрэн аҕыйах сүөһүнү хаалларыах буолбатахпыт дуо? – Альбина, билигин саҥаран туох да туһа суоҕун биллэр даҕаны, мөҕүттэн көрдө.
Бэҕэһээҥҥиттэн хантан эрэ «арыгылаах ампаары» булан иһэ сылдьар. Абырах була охсон кэллэҕэ ити дии. Дьиҥинэн, от кэмигэр абааһы аһа атыыламмат. Ол эрээри арыгыга ылларбыттар онтон иҥнибэттэр, син биир булан баран биирдэ тэйэллэр. Таайдахха, «туочукалар» бааллар, кистээн атыылыыллар. Арыгыһыттан эрэйи көрбөт дьон оҕону, дьахтары ытатабыт-соҥотобут, олохторун аймыыбыт дии санаабаттар. Кинилэргэ харчы эрэ киириэн наада буоллаҕа. Ыал ийэлэрэ атыылыыр сураҕа дэриэбинэҕэ иһиллэр.
Клим билиҥҥитэ «куоракка барсыбаппын, сүөһүлэрбин кытта бэйэм хаалабын» дии сылдьар. Дьонугар инньэ диир, атын доҕотторугар, атастарыгар «куоракка көһөбүн» диэн «өҥнөммүтэ» ырааппыт үһү. Киирэн боруобаланан көрүөхтэрэ. Баҕар, сир уларыйан, ити иһээччи доҕотторуттан тэйэн, сынньана да түһүө этэ. Хаарыан доруобуйатын кэһэттэ быһыылаах ээ. Дьиҥинэн доруобуйата үчүгэй буолан, ити үлүгэр дьааты уйунан сырыттаҕа. Кэнникинэн «иһим-үөһүм, сүрэҕим» дии-дии өрүтэ тыынар буолла. Дьэ иэдээн, киһи арыгыга ылларар да эбит! Эрдэттэн куоракка илдьэ баран хаалбакка дуу. Совхоз баарына, суоҕуна да, мэлдьи суоппар, тырахтарыыс буолан, дьоҥҥо ону-маны тиэйээри, арыгыга олус убаммыта. Күн аайы кэриэтэ иһэр киһи үөрэниминэ, ханна барыай. Саатар атын ыаллар киһини, ыал аҕатын харыстаабаттарын! Ону-маны тиэйтэрэн-тастаран баран, харчынан төлөһөр оннугар үрүҥ арыгынан күндүлүүр муодалаахтара. Элбэх суоппар, тырахтарыыс устунан арыгыга ылларбыт буолуохтаах.
– Нохоо, Өндүрүйэ-эн, уута аҕа-ал, – саалаттан Клим уолун ыҥыран бааҕынаата.
– Эмиэ саҕаланна… Андриан, ыл аҕаҕар илдьэн биэр, – Альбина, ыраас чааскыга тымныы уу кутан баран, уолун ыҥырда.
– Айа, эмиэ саҕаланна. «Өндүрүйэ-эн» дии-дии… Ийээ, чэ хаһан куоракка барабы-ыт?! – Андриан, аҕата итиэннэ көмпүүтэргэ сүгүн олордубатын санаан, үөһэ тыына-тыына аҕатын диэки сукуҥнаата.
Билигин уолун сүгүн ыыппат буолуохтаах. Үөрэтэрэ-такайара дьэ киириэ. Сытар дьыбаанын кытыытыгар олордон баран, итирик аҕа лиэксийэтин ааҕыа. Туран бараары гыннаҕына бардьыгыныа, суоһурҕаныа. Айдааны тардыбакка утуйдун эрэ диэн, мантан инньэ атахтарын төбөтүгэр сылдьыахтара турдаҕа. Андриан, оҕом сыыһа, куоракка көстөхпүтүнэ олохпут уларыйыа диэн эрэлэ улахан. Саатар кини арыый сэргэхсийиэ этэ. Альбина бэйэтэ даҕаны, сааһыран истэҕин аайы, эдьиийдээх балтын таһыгар сылдьыан баҕарар. Климҥэ туох эрэ дьарык, үлэ көстөрө буоллар. Оо дьэ, куоракка киирэн олохсуйууну санаатахха дьиҥинэн сүрэх ыалдьар… Олорор дьиэлэрэ-уоттара, үлэлэрэ-хамнастара, Андриан оскуолата… Оҕолор үөрүүлэрэ дьикти. Улахан уол, таксистыыр Федя, быйыл иккис куурус буолуохтаах устудьуоҥка Ньургуйаана дьоннорун кытта олороору үөрээхтииллэр.
* * *
– Быйыл бэһис курс буолабын… Саҥа саҕынньахха ымсыырабы-ын аха-ан, – Диана, төрөппүттэрэ иккиэн баалларыгар түбэһиннэрэн, бу күннэргэ этиэн баҕара сылдьыбытын быктарарга быһаарынна.
– Саҕынньах да-а, оттон билигин тугу кэтэ сылдьаҕыный? – Артур Иннокентьевич бэркэ соһуйбуттуу кыыһын диэки көрдө.
Ийэлээх кыыс бэйэ-бэйэлэрин диэки тугу эрэ эрдэттэн кэпсэппит дьон курдук көрсөн кэбистилэр.
– Былырыын ийэҕэр ылбыппыт, аны эн уочаратыҥ кэлэ оҕуста дуо? Үөрэххин бүтэриий, чыычаах. Биир эрэ киһи хамнаһа син биллэр курдук дии. Сөпкө этэбин дуу, Таисия Терентьевна? – Артур Иннокентьевич таах хаалыахтааҕар Таисиятыттан өйөбүл көрдөөн көрдө даҕаны, кыргыттара эрдэттэн кэпсэтэн, биир санаалаах олороллорун билээхтиир.
– Маҥан, сырдык саҕынньахха ымсыырбыта ыраатта. Миэнин курдукка. Улахан куурус киһитэ буоллаҕа. Анараа саҕынньаҕа эргэрдэ даҕаны. Сырдыкка көрдөххө кытарбыт. Толкуйдуохпут, Диана-а, – Таисия, Артур Иннокентьевич кыыһыгар син биир аккаастаабатын билэн олорор буолан, бэрт холкутук тутунна.
– Ийэбин үлэттэн бэйэҥ тохтоппутуҥ. Учууталлар хамнастара үрдээбит ахан, ол иһин уурайыан да баҕарбатаҕа ээ. Дии, ийээ?
– Онтуҥ төһө сыранан кэлэрин билэҕин дуо, Диана? Ийэбит дьиэҕэ олороро наһаа үчүгэй дии. Бэлэм аска кэлэбит. Бурдук ас арааһын күн аайы сиибит. Ийэбит сынньанна ахан, холкутук, үөрэ-көтө сылдьар, – Артур Иннокентьевич Таисиятын диэки «сөпкө этэбин дии?» диэбиттии көрдө.
– Чэ, оччоҕо туох диэтиҥ, аҕаа? – Диана хайаан да эппиэт ылыан баҕарар киһи быһыытынан, аҕатын диэки тонолуппакка көрөн турда.
– Ийэҥ эттэ дии, ол аата толкуйдуохпут.
– Маладьыас, оччоҕо бу күннэргэ кыргыттарбын кытта маҕаһыын кэрийэн сон сыанатын үөрэтиэм, – Диана ойон туран аҕатын иэдэһиттэн сыллаан ылла.
Таисия, Диана барбытын кэнниттэн, балта Альбина кэргэнин кытта Элгээнтэн куоракка букатыннаахтык көһөн кэлэргэ быһаарыммыттарын кэпсээтэ. Дьиэлэрин атыылыы сатаабыттарын ким да ылар санаата суоҕун эмиэ эттэ.
– Альбина эһиги этэргитин син биир истибэтэх эбит. Дьиэ турдун. Баҕар, кырдьар сааспытыгар тугу эмэ туттуохпут. Уһаайбаҕытын харыһыйаргыт саамай сөп. Үлэ булуохтарыгар, олохсуйуохтарыгар диэри, бастакы арендаларын харчытыгар көмөлөһүөхпүт. Климҥэ туох үлэ көстөрө буоллар? Альбина, медик киһи, син тугу эмэ булар ини.
– Артур, наһаа да үчүгэйги-ин. Балтыларым эйигин ол иһин наһаа таптыыллар. Ханнык да түбэлтэҕэ күтүөттэрэ син биир тугунан эмэ көмөлөһөрүн билэллэрэ бэрт, – Таисия кэргэнин санныттан кууһан, иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Альбинаны аһынабын. Сааһын тухары иһэр киһини кытта олоро сатаан сөбүгэр эрэйдэннэ. Саатар Клим дьиэ-уот туттубута буоллар, олоро сатыа этилэр. Дьиҥинэн, куоракка даҕаны хайдах оннуларын булалларын сатаан санаабаппын. Бу күҥҥэ-дьылга сүөһүнү имири эһэр диэн хайдаҕа эбитэ буолла, – Артур Иннокентьевич остуол кытыытыгар сыппыт хаһыаттарын илдьэ саалатын диэки хаамта.
Аликка быһаарыммытыттан төттөрү түспэт киһи буолуо. Көһөн кэлэн, куорат олоҕун итиитин-тымныытын эттэринэн-хааннарынан билэллэригэр тиийэллэр. Кыра кыыс Асикуо да олорор дьиэтэ олус эргэрдэ, саатар толору хааччыллыыта суох. Күтүөт Степан барахсан эрдэ ыарыһах буолан хаалан, дьиэ-уот оҥостуутугар тугу да хамсаммакка бараахтаабыта…
* * *
Ася, уута кэлэн биэрбэккэ, эргичийэ-урбачыйа сытта. Сотору-сотору туумбатыгар турар чаһытын көрөр, бириэмэ баран истэҕин аайы уута кэлэн биэрбэтиттэн санаата алдьанна. Сарсын эмиэ сирэй-харах иэдэйэр буолбут. Утуктаан эрэйи көрөрө буолуо. Кыһайбыт курдук, олус ыксаллаах рукопистары ааҕыахтаах. Хотуннара Любовь Даниловна эппит болдьоҕуттан хойутатары сөбүлээбэт. Мээнэ мөҥө-этэ сылдьыбат эрээри, тиҥилэҕэ тыастанан, хаамара-сиимэрэ эрчимирэн хааллаҕына, бииргэ үлэлиир дьахтарыныын Елена Семеновналыын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Дьон кинилэр «Биһиктэрин» сөбүлүүр. Кинигэни бэчээттиир чааһынай кыһалар элбэхтэр эрээри, сакаас тохтоло суох киирэ турар. Дьиҥинэн, Любовь Даниловна Асялаах Еленаны үлэһит быһыытынан сыаналыыр, «үлэһит, түргэн-тарҕан кыргыттар түбэһэннэр абыранным» диэн дьоҥҥо киэн тутта кэпсиирин истээччилэр.
Дьэ, ити үлэтигэр олорон Егор Никодимовиһы кытта көрсөн, бу утуйар уута алдьанан сыттаҕа дии. Кэлэр өрөбүлгэ дьиэтигэр ыҥырда. Билсибиттэрэ сыл аҥаара буолла. Кэлин наһаа «атаакалаан» эрэр. «Эр киһи хайдах соҕотоҕун олоруой, син сөбүлүүр эрээригин, баран олор» диэн Елена Семеновната үнүр эмиэ ыксатта. Ася, кырдьык, тугу эрэ быһаарыныан наада. Кэлиҥҥи кэмҥэ Егор Никодимович, күн аайы Ася үлэтигэр кэлэн, буолары буолбаты кэпсэтэ сатыы-сатыы олороро сылаалаах буолла.
Дьэ кырдьык, Ася киниэхэ хайдах сыһыаннаһарый? Бэйэҕэр чиэһинэйдик билин эрэ, Анисья Терентьевна! Таптаабат! Ол чуолкай. Билигин кэлэн уон аҕыстаах кыыс курдук тапталынан «умайара» аастаҕа дии. Ама да ааспытын иһин, киниэхэ да баара өйү-сүрэҕи туймаардар тапталтан өрөгөйдөөбүт, харах уутунан да сууммут күннэр… Ол эрээри, кэргэнигэр таптал буолбатах этэ. Кини олоҕор Слава, Владислав диэн уолан баар буола сылдьыбыта. Билигин кини баарын, туох дьылҕалаах киһи буолбутун сороҕор билиэн олус баҕарар… Ким билэр, билигин даҕаны, баҕар, сүрэх сөбүлүүрэ көһүннэҕинэ, атыннык тыыныа эбитэ дуу. Туох кистэлэҥэ кэлиэй, биэс уонун туолара аҕыйах да сыл хааллар, эр киһи болҕомтотугар баҕарбата кэлиэ дуо. Баҕарар ээ, эр дьон сөбүлүү көрбүт харахтарынан имэрийэ көрүөхтэрин, истиҥ тыллары этэн да ааһыахтарын. Кэргэннээх, дурда-хахха, көмүскэл дьонноох дьахталларга ымсыырар. Степатын кытта, уоттаах тапталынан да холбоспотоллор, иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Дьиҥинэн, аны санаатахха, Ася Степатыгар, били нууччалыы этэллэринии, «по расчету» тахсыбыт эбит. Университеты бүтэрбит сылыгар тыл институтугар тиийээт, ол кыһын кэргэннэммэккэ олорон хаалбыт сааһырбыт уолга Степаҥҥа кэргэн барбыта. Степа дьоһуннааҕынан, майгыта холкутунан сөбүлэппитэ. Ону баара, барахсан сиэри таһынан холку, олоҕун, хаһаайыстыбатын да оҥостон иһэригэр оннук наҕыл туттунуулаах этэ.
Егор Никодимович саха киһитигэр уһун дьулугур уҥуохтаах, кубархай сирэйдээх, быһата, бэрт интеллигентнэй көрүҥнээх киһи. Эр киһиэхэ сиэри таһынан маҥан. Сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, чэнчис көрүҥнээх. Мэлдьи таҥаһын тэбэнэн тахсар. Ити тухары тугу булан ылара буолла, тарбахтарынан таҥаһыттан тугу эрэ тыга сылдьар үгэстээх. Үнүр Елена Семеновна ону өйдөөн көрбүтэ, «Никодимовиһыҥ сиэри таһынан чэнчис дуу, хайдах дуу» диэн эрэрэ. Ол эрээри Ася санаатыгар, ыраас, бэрээдэги сөбүлүүр киһи туох куһаҕаннаах буолуой.
Ол мин доҕордоно, ыал буола сатаабытым диэн, улаатан эрэр оҕом баар дии. Айаалчыгым. Туох диир киһи эбитэ буолла-а? Аны эдьиийдэригэр этиэхтээх. Тайыыска соччо сэргээбэтэ буолуо. Иллэрээ сыллааҕыта Ася эмиэ олоҕун оҥостон испитин уонна табыллыбатаҕын билэллэр. «Эн сааскар билигин киһилии эр киһи бүттэҕэ. Оҕоҕун иитэн таһаар, киһи оҥор. Эмиэ Клим курдук киһиэхэ түбэһэн эрэйи көрөөрү гынаҕын дуу» диэн Тайыыска ончу бобордуу саҥарбыта. Ася эдьиийиттэн кыратык хомойо санаабыта. Хата, кини мэлдьи кэргэннээх, сынньалаҥнык олорор эбит. Оо дьэ, чаһы ырааппыт. Үс аҥаар чугаһаабыт. Саатар кыратык нуктуу түспүт киһи-и…
* * *
Таисия Терентьевна оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит чугас дьүөгэтигэр Тоняҕа, Антонина Андреевнаҕа, кэлэн олорор. Чэйдии-чэйдии оскуола аһыллыытыгар бэлэмнэнии түбүгүн, үөрэппит оҕолорун, биир идэлээхтэрин туһунан кэпсэттилэр. Ол эрээри, Таисия көрдөҕүнэ, Тоня, кэпсии олорон, бэйэтэ ончу атын сиргэ баар курдук. Дьиҥинэн, дьүөгэтэ олус сылаарҕаабыт, туохтан эрэ санаарҕаабыт көрүҥнээҕин киирэн иһэн тута билбитэ.
– Тоня, хайдах эрэ наһаа сылайбыт көрүҥнээххин. Туох эрэ кыһалҕалааххын быһыылаах дии. Доруобуйаҥ этэҥҥэ дуо?
– Таисия, миигин оҕонньорум бырахта. Оруобуна отут сыл олорон баран, саамай дьэ бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн олорор кэммитигэр «эргэрдиҥ» диэтэ, – Антонина аргыый ытаан, санна дьигиҥнээн барда.
– Оо дьэ, Тоня, эн ону туохха олоҕуран этэҕин. Окко барбыта буолбат дуо? Дьиэҕэ суоҕар ончу да наадыйбакка олоробун.
– Дьон билбитэ ырааппыт. Кэргэнэ саамай бүтэһигинэн истэр дииллэрэ кырдьык эбит. Ол иһин наһаа кыыһырар-тымтар, туохха да ис буолбат буолбута ыраатта. Иллэрээ күн таҥаһын-сабын хомунан дьиэттэн тахсан барбыта. Оскуолаларыгар кэлбит саҥа тренер дьахтар үһү. Былырыын саас кустуу барбыт күнүн өйүүнүгэр оскуола кыргыттара «Матвей Ивановиһы эргэ куоракка ресторан таһыгар көрбүппүт» диэбиттэрин истэ да барбатаҕым. Ол иһин хайдах эрэ үөннээх баҕайытык көрөллөр-истэллэр этэ.
– Ол дьахтарыгар көстө диэри гынаҕын дуо?
– Көстө. «Иллээхтик-эйэлээхтик арахсыахха» дии-дии кэпсэтэ сатаата. Эдэр тренер дьахтары өйүн сүтэриэр диэри таптаан кэбиспит үһү. Кини өссө чиэһинэйэ бэрт буолан, уһуннук албынныы сылдьыбакка билинэр үһү. Саатар ити кыыс, Роза, аҕабыт оннук буолбутун истэн баран иэдэйдэ. «Бардын уонна биһигини үйэтин-сааһын тухары умуннун» диир.
– Тоня, эйиэхэ наһаа ыараханын өйдүүбүн. Кытаатан, уоскуйа, холкутуйа сатаа. Биһиги сааспытыгар олус айманар-сайманар охсуулаах буолуон сөп. Ханна барыаҕай, сотору эдэр дьахтар ирдэбилин тулуйбакка, төннөн кэлиэҕэ. Урут да итинник түгэннэр бааллар этэ дии, эйигиттэн биирдэ да барбатаҕа.
– Акаары эбиппин, барытын бырастыы гынан истэҕим дии. Оҕобуттан кистиир этим. Кини аҕалаах улаатарыгар кыһалыннаҕым дии. Кырдьар сааһыгар дьэ түспэтийиэ, мин тулуйаммын баччаҕа кэллибит диэн астына саныы сылдьыбытым ханна баарый?! Ол эрээри, Таисия, миэхэ төһөлөөх ыарыылааҕын, арааһа, кэргэттэрэ таҥнарбыт эрэ дьахталлар өйдүөхтэрэ. Таспар туохха да кыһаллыбат дьахтар курдук көстө сатаабытым иһин, испэр атын мучумаан. «Оҕо улаатта, таптыыр киһибин кытта бииргэ буолуохпун баҕарабын» диэтэ. Дьэ, итиэннэ суох, бу дьиэ боруогун атыллатар үһүбүөн! Дьиэ биһиэнэ, даача киниэнэ үһү.
– Тоня, хата, аттыгар кыыһыҥ баара үчүгэй. Ытаан-соҥоон айманан бүт, суобаһа суох таҥнарыахсыт эр киһини аһыйан да диэн, – Таисия саҥаран бүтэн баран биирдэ бэйэтиттэн сонньуйа санаата. «Наһаа күүскэ саҥардым буолбатах дуо» диэн.
– Оҕобун наһаа аһынабын. Аанньа аһаабатаҕа, утуйбатаҕа хас да хонно. Аҕатыттан наһаа хомойбут. Көмпүүтэри көрөн баран олорор. Бастаан «ол дьахтарга баран аахсабын» дии-дии аймаммытын нэһиилэ уоскуппутум. Онтон аны аҕатын итиэннэ икки хараҕынан көрбөт санаалаах. Уоллаах быһыылаах, арааһа, биһиэхэ билиһиннэрэ аҕалаары сылдьыбыт.
– Бэрт эбит дии, Тоня. Оо дьэ, Матвей Иванович кырдьар сааһыгар кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы, наһаа да дьиэтиттэн тахсан барбатар.
– Биир өттүттэн тахсан барбыта да ордук эбит, таах албынныы сатаан эрэйи көрүөхтээҕэр. Ол иһин түүннэри сылдьар идэлэммитэ ыраатта ээ, мэлдьи кинилэр күрэхтэһиилэрэ бүппэт. Оронун булуор, аттыбар баар буолуор диэри утуйбат идэлээхпин. Онтон устунан киһи уута көтөн хаалан эрэйдэнэрэ биир туспа.
– Чэ, мин барыым. Ол иһин, киирэн иһэн сэрэйбитим, сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруутуттан туох эрэ кэпсиирдээххин. Улаханнык уоскуппатым, тугу да сатаан сүбэлээбэтим. Киһи маннык түгэҥҥэ бэйэтэ ыксаан хаалар. Ыал тус олоҕо, сүбэлиир чэпчэкитэ суох. Чэ, төлөпүөннэһиэхпит, – Таисия дьүөгэтин соҥуорбут, ытаабыт сирэйиттэн сүрэҕэ мөхсүөр диэри долгуйда.
* * *
– Хайа? Дьэ, бу ыал, көһөн эрэр эбиккит дуу? – Борускуой уолун аах дьиэлэригэр киирэн иһэн, күүлэ муннугар дьааһыктар чохчолоно сыталларын көрөн саҥа аллайда.
Климнээх Альбина бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр, саҥарбатылар.
– Куоракка ким бэлэмнээн биэрбит талба олоҕор бараргыт буолла. Биир уоллааҕым, кырдьар, мөлтүүр сааспар быраҕан, Дьокуускайга дьол көрдөһө баран эрдэҕиҥ, – бу боппуруоска кэпсэтии буоллаҕына, Борускуой эҕэлээхтик саҥарарын билбэккэ да хаалар.
– Эбээ, эйигин, куоракка олохсуйдахпытына, кэлэн ылыахпыт, үчүгэй балыыһаларга көрдөрүөхпүт, – сиэнэ Андриан, эбэтэ киирбитин истэн, хоһуттан таҕыста. Куораттыыра чугаһаан, бэркэ сэргэхсийбит көрүҥнэммит, хараҕа атын «уоттаммыт».
– Ээ, оҕом сыыһа кыһаллаахтыыр буоллаҕа. Дьэ, кимиэхэ укуолланабын, систиэмэлэнэбин? Эмээхситтэр «сиэстэрэ кийииттээх буолан киэптиигин» дииллэрэ тохтууһубун дии. Клим, биир-икки төбөлөөҕү хайаан да хаалларыҥ. Атын ылан көрүөх ким да суох буоллаҕына, эдьиийиҥ аах да ылан кыстатыахтара.
– Сүөһүбүтүн имири эһэбит диэбэппит ээ, ийээ. Баҕар, аҕыйах ыйынан өтөхпүтүгэр төннөн кэлиэхпит дии. Туох билиэ баарай, ол куораттарыгар миигинньик киһи сатаан да сылдьара саарбах. Атаҕастаары гыннахтарына, төннүөм ийээ, мин айылҕа оҕото буоллаҕым. Бу түөтэ эдьиийдээх балтын батыһан куоратымсыйа сатыырын аанньа.
– Баҕар, ол куораккыт ыаллара тугу эрэ бэлэмнээн баран ыҥыра сатыыллара буолуо. Дьиэ ылан биэрэллэрэ дуу, – Борускуой, арааһа, бэйэтэ да баҕарбатар, эҕэлээх саҥата тахса турар.
Альбина аргыый туран саалатын диэки ааста. Уола өйдөөҕөр түбэспиччэ кэпсэттиннэр дии санаата. Борускуой эмээхсин дэриэбинэни биир гына сылдьан кийиитин мөҕүттэр үһү. Үнүр балыыһаҕа кэлэ сылдьыбыт кырдьаҕас эдьиийдэрэ Альбинаҕа эмиэ киирэ сылдьыбыта. «Ийэҕит наһаа айманар. Сордоох, уола төһө да иһэрин иһин, эйигин буруйдаан саҥарар эбит. Кырдьык, толкуйданыыһыккын, Аля. Аны онно тиийэн Климэ туох эрэ буолан хааллаҕына, үйэтин тухары эйигин сирэй-харах анньа сылдьыа дии» диэбитэ.
Альбина эмиэ тыбыс-тымныы дьиэҕэ оһоҕу кытта тустан, дьиэнэн, хотонунан барытын бэйэтэ бүтэрэ-оһоро сатыырын санаатаҕына, сүрэҕэ ыалдьар. Суох, туох да диэтиннэр, куораттыыр. Дьиэлэрин атыылыы сатаабат буоллулар. Ким да ылыан баҕалаах суох. Эдьиийдээх балта тиэргэннэрин, дьиэлэрин харыһыйаллара да бэрт. Үнүр Тайыыска атыылаабат буолбуттарын истэн үөрбүтэ ахан. «Чэ, тугу эмэ толкуйдуохпут. Син хамнас өлөрө сылдьар улахан уоллааххыт дии, көмө буолар ини» диэн эрэрэ. Федя дьоно куоракка кэлэргэ быһаарыммыттарыттан үөрэр. Саамай дьолломмут – устудьуоннуур кыыстара Ньургуйаана. Былырыын уопсайга сатаан олорбокко эрэйи көрбүтэ. Айаҕалыы сатаан, Асяҕа олоро сатаабыттаах. Кыараҕас диэн уопсайыгар төннүбүтэ. Аны күһүн таҥас ылынаары, оройуон киинигэр ырыынакка атыыһыттаан сайылаата. Кыһын «дьиэ куортамнаан олоробун» диэн харчы көрдүүр мээрик буолан дьонун ыгылыта сылдьыбыта. Улаатар сааһыгар майгыта уларыйбытынан сылдьар оҕо баар, быһата Тэрэнтэйдэр курдук майгыта суох. Өһүргэһэ, холуһа дьикти. Эбэтигэр Борускуойга майгылыыр быһыылаах. Кыыстара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэрин нэһиилэ уйуна сылдьан, өссө ый аайы куортам харчыта биэрдэхтэринэ бысталлар.
Борускуой тахсар тыаһын истэн, Альбина киэһээҥҥи аһылыгын астыырдыы тэриннэ. Үчүгэйиэн, бу аҕалара дьиэтигэр-уотугар баара, өйдөөҕө. Этэргэ дылы, дьыбаан киэргэлэ да буолан сытара баҕалаах. Тугу эрэ бурдук аһылыгы буһаран сыт таһаарбыт киһи дуу…
* * *
«Эн миэхэ тугу да эрэннэрбэт буоллаххына сааратыма. Буруйум диэн, мин эйигин сүрэхпинэн сөбүлээбитим. Холбоһон олоро сатааччы эрэ манна элбэх». Айыккабыын, бу Никодимовичпыт ыытар смс суруга. Бэҕэһээ үлэтигэр кэлэн барбытыгар, хаҕыстык кэпсэтэн тарҕаспыттара. Саатар, Любовь Даниловна баар этэ. Ася хотунуттан толлон, киһитин кытта наллаан олорон кэпсэппэтэҕэ. Оҕонньоро бөлүүнү быһа эҥин араас ис хоһоонноох смстарынан тибэн кэбистэ. Онтон сылтаан, Ася эмиэ уута көтөн эрэйдэннэ.
– Тамарочка, иһит эрэ. Короче, Никодимович миигин сааратыма, атын түөтэлэр бааллар диэбит, – Ася үгэһинэн дьүөгэтигэр Тамараҕа үҥсэргээтэ.
– Эппэтэҕим дуо, уон аҕыстаах кыыс курдук томтоллон олор. Маҥан аттаах принц кэлэн илдьэ барыа. Уопсайынан, аҕал миэхэ Никодимович төлөпүөнүн, Милаҕа биэриэм. Саатар, атыттарга буолбакка, биһиги диэки хампаанньаҕа түбэстин. Туох аатай, доҕоор, – Тамара умайыктанан олорор.
– Наһаа күндүмсүйбэтин, барды-ын, бардын, – Ася иннин биэрэр санаата суох, дьүөгэтин курдук «өрө биэрэн» кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Ээ, чыычааҕым, уонна бэйэтэ ытаары гыммыт курдук куоластаах. Чэ, кимиэхэ да биэрбэппит, кини эйиэнэ. Ол эрээри, хамсаммахтаа, кырдьык, ытыы олороойоҕун. Эйигин наһаа таптаабыт, ааспыттааҕы тыалырба курдук буолбатах. Дьоһуннаах эр дьон сиргэ-буорга сыппаттар, хотук. Биһиги курдук онтон-мантан булан аҕала-аҕала, этэргэ дылы, «ваннаҕа илитэ-илитэ», сууйан-тараан, эр гынар курдук буолуо дуо? Мин киһибин бу киэһэ хантан баран сиэтэн аҕаллым диэ?! Ыччаттар кулууптарыттан. Мэндээриччи көрөн баран уһун атахтаах, эп-эдэркээн кыргыттары одуулаһа олорор эбит! Уонна баран ааттаһыы бөҕө. Миигин эрэ таптыыр үһү. Онуоха, бу эрэйдээх «ууллан» хаалан, дэлби итэҕэйэн баран олороохтуубун.
– Чэ сөп, Тамара. Кэлин төлөпүөннүү сылдьыам, – Ася суотабайын ыраах элээрдэн кэбистэ. Кырдьык, Никодимович суругуттан улаханнык соһуйда. Кэлэ-бара, ыҥыра сатаан баран кыыһыран эрэр. Эр киһи буоллаҕа дии. Оттон дьэ дьиэтигэр ыалдьыттыы бара сылдьыах муҥа дуу. Тамараны илдьэ барбыт киһи… Ээ, обургум элэгэлдьитэн сытыыката бэрт, тугу эрэ саҥаран, «пал» гыннаран, бэрээдэктээх дьээдьэни өһүргэттэҕинэ да көҥүлэ. Ээ, барбаппын-хайаабаппын. Көр эрэ, өссө «саппаастардаахпын» диэри гынар дуу. Сырыттын, маҥхаҥныы сытыйан…
Оо дьэ, оччоҕо эмиэ чуҥкук олохтонобун дии. Ким сотору-сотору эрийэн, тугу гына сылдьарын, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын ыйыталаһыай? «Сэрэнэн сырыт», «халыҥнык таҥын, бүгүн тыаллаах», «хобулуктаах атах таҥаһын кэтимэ, аны халтарыйыаҥ» ким да диэбэт буолар дии… Дьахтар буоллаҕа эбээт, кыра да болҕомтоҕо наадыйар. Никодимовиһыҥ урут нуучча ойохтоно сылдьыбыт буолан, дьахтары көрөрү-харайары, «кэмпилимиэнниири» да сатыыр. Онон туохха даҕаны долгуйбакка сылдьыбыт Ася сүрэҕин сүүйдэ быһыылаах. Эрийбэт эбиппин, төһө да саастааҕым иһин, кыыс буоллаҕым дии. Куттуу түһүөххэ. Иэйиилээх буоллаҕына, бэйэтэ урут биллиэҕэ. Арай итиэннэ ончу даҕаны эрийбэтин… Оо, соччото суох сирэй-харах буолар инибин. Ася төлөпүөнүн диэки «Егор, сибилигин эрий» диэбиттии көрөн олорорун бэйэтигэр баҕас билинэр. Дьүөгэлэрин кытта «Никодимович» диэн ааттыы үөрэнэн хаалбыт киһитэ «Егор, Гоша диэн ыҥырыахтааххын» диэбитэ ыраатта.
Ася ыраах бырахпыт төлөпүөнүн ылан халаатын сиэбигэр угунна. Сотору эрийэр ини. Киэһэ буолара чугаһаата дии, биир да смс ыыппата, эрийбэтэ. Асяттан күүтэн эрдэҕэ. Чэ, эрийиий, Никодимович, мин эйиэхэ ыалдьыттыырга бэлэмим туһунан этиэм…
* * *
Таисия дьүөгэтигэр Антонинаҕа хайдах да көмөлөһүөн билбэт. Дьиҥинэн, Матвей Иванович уруккуттан даҕаны мүччүргэннээх сырыылардаах буолааччы. Ол эрээри син сотору кэминэн уоскуйан, өйүн-төйүн булан, эмиэ этэҥҥэ олорон барааччылар. Кырдьыга, Таисия дьүөгэтэ олус да тулуурдааҕын, киһитин уҥа-хаҥас хаамыыларын барытын бырастыы гынан олоро сатыырын, олус сөҕө санааччы. Ол эрээри, атын киһи олоҕор киһи судьуйа буолбат диэн санаатыттан, дьүөгэтин хомотумаары, Матвей туһунан тугу саныырын хаһан да аһаҕастык эппэтэҕэ.
Эр дьоннор… Кинилэр эттэрин-хааннарын ирдэбилэ атын үһү. Көрбүт кэрэлэрин барытын «бултаһан» иһэллэрэ көҥүллэнэр дииллэр. Таисия биэс уон сааһын туолан олордор да, эр дьон кэргэттэрин таҥнаралларын кытта сөбүлэһэр санаата суох. Өссө киһини кыһытаары, кэргэттэриттэн туора хаампат ахсааннаах киһи баара буолуо дииллэр. Дьэ, оннук буолбатах. Таисияны кытта мөккүһэллэрэ буоллар, син элбэх холобуру аҕалыах курдук. Бу кини Артура, ама, биирдэ эмэ туора хаампыта дуо?! Таисия кэргэнигэр эркин курдук эрэнэр, иһигэр бэйэтин олус дьоллоох дьахтарынан ааҕынар. Таисия аттыгар утуйа сытар кэргэнин санныттан аргыый сыллаан ылла. Махтанабын, доҕоччугум, мин эрэллээх эркиним, бигэ тирэҕим, улахан тапталы бэлэхтээбитиҥ, дьахтар киһиэхэ тиксэр сир дьолун биллэрбитиҥ иһин…
Артур, Таисия эмискэ иэйэн кэлэн санныттан сыллаабытыттан соһуйан, уһуктан, мөхсөн ылла.
– Арту-ур, уһугуннуҥ дуо? – Таисия кэргэнигэр бүтүн бэйэтинэн ыга сыһынна.
– Су-уох, – Артур кэргэниттэн куотардыы орон кытыытын былдьаста.
– Айыбы-ын, өссө куотан биэрэҕин дуу. Кырдьыбыккын дии, оҕонньо-ор, – Таисия дьээбэлэниэх санаата кэллэ.
– Тоҕо утуйбакка дьэргэйдиҥ, сорох киһи сылайан сөп буола сытар, – Артур уһуктубаттыы утуйа сытарын биллэрэн, муннун кытта хаһыҥыратта.
– Доо, Тоня Матюшата дьахтарга иирэн барбыт, онтон кыыһыран кыайан утуйбакка сытабын. Саатар сыллаан ыл дуу, хайаа. Ама да үлэлээбитиҥ иһин утуйарыҥ эрэ айдаана буоллаҕай, – Таисия кыыһырбыта буолан улаҕа хайыста.
Күүтэн көрдө, Артура эргиллэн да көрбөтө. Уларыйбыт. Урут утуйа сытан, кэргэнигэр ип-итии этинэн сыста түһүө эрэ кэрэх, испиискэҕэ даҕайтарбыт курдук, эттиин-сиинниин тилигирии түһэрэ. Оҕонньор холкутаабыт. Кырасаабыссабын кириэппэскэ хаайдым, үлэлээбэт оҥордум, муҥур хоруол мин диэбит.
Сарсыарда чэйдии олорон Артур Таисия бөлүүн тугу кэпсии сатаабытын санатан кэллэ:
– Түһээбэтэх буоллахпына, бөлүүн Матвей Иванович туһунан тугу кэпсии сатаатыҥ?
– Истэ сыппыт эрээри, утуйбута буолбут эбиккин дии. Тоня Матвейа эдэр тренер дьахтарга иирбит. Малын-салын хомунан дьиэтиттэн тахсан барбыт. Тоня ыҥырбытыгар бара сырыттым.
– Чэ, солоҥ бэрт дуо, атын ыал олоҕор орооһо сатаама. Утуйбакка ону толкуйдаан киһини тэйитэ кэйэ сыппыт эбиккин дии, – Артур Иннокентьевич ойон туран, олоппоско ыйыы бырахпыт бинсээгин кэтэн баран, куукунаттан таҕыста.
– Сыллаан ылыа, саатар аҕыйах үчүгэй тылы этиэ дии санаабытым. Тэһитэ кэйбэтэҕим, санныгыттан сылаастык сыллаабытым. Дьүөгэм оннугар бэйэбин туруорунан көрөн эрэйи көрө сыппытым, – Таисия киһитэ хайдах эрэ тугу эрэ толкуйдуу сылдьар, ыраатан хаалбыт курдугуттан иһигэр хомойо саныы олордо.
– Чэ, барыым, киэһэ кэпсэтиэхпит, – Артур дьулурҕаччы тахсар аан диэки барда.
– Саатар, сыллаан ылыаххын оттон. Бу эн хайдах буоллуҥ?! Бар-бар, барытын бэйэм көрдөһө олордохпунуй, – Таисия иһитин-хомуоһун тыастаахтык тыаһатан барбытыттан бэйэтэ да сонньуйбута. Таптала суох тутахсыйбыт дьахтар иһитин-хомуоһун ураты тыаһыттан соһуйбут Артур Иннокентьевич атаҕын таҥаһын кэтэ туран төннөн кэллэ, Таисиятын иэдэһиттэн «чоп» гына сыллаан ылла.
* * *
– Анисья Терентьевна, хотуммут эмиэ кыыһыран эрэрэ. Били оскуола үбүлүөйүн кинигэтин туох ааттаах бытааннык аахтыгыт диэбитэ. Ол кинигэ эйиэхэ баар дии, – Елена Семеновна үлэтигэр киирээт Асяҕа санатардыы эппитэ.
– Миэхэ баар-баар. Любовь Даниловна хаһан даҕаны наһаа элбэх ноҕуруусканы биэрэн баран ирдиибин диэн санаабат. Биһиги эмиэ араас дьиэтээҕи түбүктээх, эҥин эгэлгэ күннээҕи кыһалҕалаах дьоммут буоллаҕа. Робот курдук үлэлэтэр эрэ санаалаах. Наһаа сылайдым, Елена. Кыахтааҕым буоллар, аа-дьуо сылдьар атын үлэни булуммут да киһи дии саныыбын, – Ася дьиэтигэр илдьэ барбыт кумааҕыларын хостоон остуолугар тэлгэттэ. Суотабайын таһааран көстүүлээх сиргэ уурда. Эмиэ «Позвони мне, позвони…» диэн ырыа тылларын санаан, сонньуйан ылла.
Ася Никодимович төлөпүөннээбэтиттэн эрэй бөҕөтүн көрдө. Өсөһө баарыгар, туох иһин бэйэтэ эрийбэт. Арааһа, киһитэ букатыннаахтык быраһаайдаста. Тамара этэригэр дылы, «иэппэт ынах курдук түөтэни манаан да диэн» диэтэҕэ. Бүгүн кыыһырсыбыттара нэдиэлэ буолан эрэр. Альбина хайаан бэйэтиттэн кистиэҕэй, суотабайа тыаһаатаҕын аайы, төлөпүөнүн экраныгар «Никодимыч» диэн ааты көрөөрү күүтэн биэрээхтээтэ. Төлөпүөнэ тыаһаатаҕына, кыыс оҕолуу долгуйан хаба тардан ылар. Атын киһи эрийэр буоллаҕына, тута «курус» гына түһэр. Бэйэтэ бэйэтиттэн да сөҕөр, бу күннэргэ киэһээ өттүгэр төлөпүөнүн аттыгар уурунан баран оронугар түүрүллэн сытан тахсар. Тугу да гыныан илиитэ барбат курдук. Оннооҕор сүрэҕэ атыннык мөхсөр. Аата, таптаабыт кыыска дылы. Былыр, арай эдэригэр Славатыгар омуннаах тапталтан итинник эрэйдэммиттээх. Никодимович «туллуга» буолан бүттэҕэ ити. Саатар Тамара эрий да эрий, ыйыт да ыйыт. Ася ол аайы сырҕан бааһын таарыйтарбыт курдук буолар.
Елена эмиэ Егор Никодимович тыаһа суохтук сыбдыйан киирэн кэлбэт буолбутун билэ сырыттаҕа. Тугу эрэ ыйытыан баҕарар эрээри, туттунара көстөр. Ася ааҕа сылдьар кинигэтин лиистэрин иннигэр тэлгэттэ эрээри, эрэй да эбит, санаата атыҥҥа. Суох, кэбис, уоскуйуохха. Эрийбэт, ол аата эйиэхэ наадыйан бүппүт, түргэнник иэйиигэ эппиэттэһэр киһитин булуммут. Кининэн, буолаары буолан киниттэн быдан саастаах Никодимовиһынан, эр киһи бүттэҕэй… Ася суотабайын көрөөрү илиитигэр ылбытын билбэккэ да хаалла… Саатар, быраһаайдаһан смс ыытыаҕын дуу, хайдах дуу…
Аны аҕыйах хонугунан эдьиийин Тайыысканы кытта Элгээҥҥэ бараллар. Наһаа да үчүгэй буолуо-о, сип-сибиэһэй салгыннаах күһүҥҥү ойуур… Эдьиийдэриниин оҕо саастарын ыллыктарынан сылдьан астына отоннуохтара турдаҕа. Дьиҥинэн, Никодимычтыын үчүгэйдик сылдьыбыттара буоллар, эдьиийдэригэр кэпсээн, сөбүлэҥнэрин ылыахтаах этэ. Ася эмискэ төлөпүөнэ тыаһаабытыгар соһуйан мүччү тута сыста, Айаалчыга эбит. Тугу эбиэттиирин ыйыталаһар.
– Хайа, кыргыттар, үлэ-хамнас хайдаҕый? – диэбитинэн эмискэ Любовь Даниловна киирэн кэлбитигэр Еленалаах Ася бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ыллылар уонна туох баарынан үлэлэрэ хайдах баран иһэрин туһунан отчуоттаатылар.
– Ити оскуола үбүлүөйүн кинигэтигэр ыксааҥ. Эйиэхэ баар эбит дии, Анисья, – Любовь Даниловна Асяны «кымньыылаары» гыммыт хараҕынан көрдө.
– Бу киэһэ бүтэрэбин, Любовь Даниловна. Бэчээккэ барар да кэмэ кэллэ.
– Ыалдьыбатыҥ ини, Ася? Хайдах эрэ олус сылаарҕаабыт курдуккун. Били «ухажербут» ханна тиийдэ? – Любовь Даниловна боппуруоһа элбэх буолан биэрдэ.
– Ээ, баар, – Ася хайыай, күлэн эрэ кэбистэ.
– Көрдөххө бэрт дьоһуннаах киһи быһыылаах. Үчүгэй буолларгыт, Елена Семеновна биһикки үөрүө эрэ этибит. Баҕар, уруу дьоро киэһэтигэр күүлэйдиэхпит. Дии, Елена Семеновна-а, – Любовь Даниловна Елена диэки көрө-көрө хараҕынан имнэнэн ылла.
«Уу, дьэ хаһан тахсар? Эчи интэриэһиргээбитин» дии саныы-саныы кумааҕыларын кыҥастаһа сатыы олордоҕуна суотабайа тыаһаан лыҥкынаабат дуо?! Уой, «Никодимыч»! Ася, экраҥҥа көрөрүн итэҕэйбэтэхтии, мэктиэтигэр, долгуйан, куолаһа кэһиэҕирэн хаалла. Дьоно ким эрийэрин таайдылар быһыылаах. Любовь Даниловна илиитинэн далбаатана-далбаатана тахсан барда. Елена Семеновна эмиэ Ася хайдах эрэ кэпсэтэриттэн тахсан биэриэхтээҕин таайан, түргэн үлүгэрдик көрүдүөргэ ойдо.
* * *
Ася Егор Никодимович куукунатыгар олорбута чаас буолан эрэр да, хайдах эрэ кыайан уоскуйбат. Уруогун үөрэппэтэх, билбэт кыыс курдук илиитин мускунан ыла-ыла олордо.
Куорат кииниттэн чугас турар үс хостоох таас дьиэ эбит. Аныгы дьиэ буолбатах, урукку КПД тутуу. Ол эрээри, Никодимовиһыҥ бэркэ дьип-дьап курдук хомунан олорор. Элбэх дьиэ тэрилэ суох, ол гынан баран, наадалаах барыта баар курдук. Биллэн турар, Ася хаһаайкалыыра буоллар, бэйэтэ билэринэн уларытыа-тэлэритиэ этэ.
– Дьэ, күүтэн-күүтэн куукунабар туллугум олорорун көрөр күннээх эбиппин, – Никодимович чахчы үөрбүтэ-көппүтэ сирэйигэр-хараҕар көстөр. Кыараҕас харахтара иэйиинэн туолан, хайдах эрэ арыынан сыбаммыт курдук ньалҕаарыйан хаалбыкка дылылар. Ася, төттөрүтүн, итинник көрөрүн-истэрин хайдах эрэ тириитин таһынан ылына олордо.
Маҕаһыынтан да буоллар ас бөҕөтүн тардыбыт, фруктата, торда баһаам.
– Ася, тоҕо олох саҥарбаккын, киһи кыһаллан бэлэмнээбитин аһаабаккын-сиэбэккин? Арааһа, таах кэллим дии саныы олороҕун. Төлөпүөннүүргүн күүтэ сатаан эрэй бөҕөтүн көрдүм ээ, – Егор Никодимович чочумча Асяны одуулаһан олордо, тугу эмэ саҥарыа диэн күүтэн көрөн баран ыйытта.
– Кэргэннэннэ быһыылаах диэн саныы сылдьыбытым. Бүгүн, бэйэҥ эрийбэтэҕиҥ буоллар, кэлэр да санаам суох этэ. Сотору дьиэлиэм, ыксаллаах үлэлээхпин, – Ася баарыан Никодимович эрийбитигэр үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суох. Хайдах эрэ «тугу-тугу оҥостон эрэбин…» диэх курдук санааларга эрийтэрэн ыксаан барда. Кини төлөпүөннүүрүн бэйэтэ хайдахтаах күүппүтүн билинэр да санаата суох.

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70596205?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Эн миэхэ соҕотоххун Галина Нельбисова
Эн миэхэ соҕотоххун

Галина Нельбисова

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 30.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Үс эдьиийдии-балыстыылар үһүөн туһунан ыал буолан олороллор. Үһүөн бу орто дойдуга дьахтар киһиэхэ ананар дьолу билиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри, дьылҕа кимиэхэ тугу биэрэрин бэйэтэ билэргэ дылы. Кинилэр үөрэр-хомойор, ыллыыр-ытыыр да түгэннэригэр өрүү бииргэлэр.

  • Добавить отзыв