Саха аныгы ыалын сандалыта

Саха аныгы ыалын сандалыта
Валентина Григорьевна Семенова


Кинигэҕэ билиҥҥи саха ыала күн аайы тото-хана сиир араас аһын эрэсиэбэ киирдэ. Бу сүбэлэри туһанан дьиэ хаһаайкалара чугас дьоннорун минньигэс аһынан күндүлүөхтэрэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.







Саха аныгы ыалын сандалыта





ААН ТЫЛ


«Сүүс киһи санаата биир» диэн, «аһылык» таайыылаах саха таабырына баар. Аны «Олоробут аһыыр туһугар, аһыыбыт олорор туһугар» диэн этии эмиэ баар. Ол да курдук хайа баҕарар киһи, баҕарбатар даҕаны, ас туһунан санаатыгар оҕустаран ылара элбэх бөҕө буоллаҕа. Оттон дьиэ хаһаайката барахсан сарсыардаттан саҕалаан, күнү туура «дьоммун тугунан аһатабын, тугу астыыбын» диэн санаан, толкуйдаан ылара кэмэ суоҕа биллэр. Онон, биһиги бу кыракый кинигэбитин эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох бука бары саха дьахталларыгар, иэримэ дьиэ иэйэхситтэригэр аныыбыт.

Кэлиҥҥи сылларга нууччалыы да, сахалыы да тылынан өҥнөөх ойуулаах, үчүгэй кумааҕылаах, үрдүк полиграфическай оҥоһуулаах кулинарнай кинигэлэр дэлэйдилэр. Итилэртэн биһиги кинигэбит уратыта диэн, ас эрэсиэбин састаабын аттынааҕы маҕаһыынтан, бэйэбит оҕуруоппутуттан кэбэҕэстик булуохха сөбө буолар. Манна киирбит бүлүүдэлэри хомуйан оҥорооччулар бэйэлэрин астыыр кинигэлэриттэн устан, аймахтарыттан, билэр дьонноруттан ыйыталаһан оҥордулар.

Чэ, онон, күндү дьүөгэлэр, дьиэтээҕилэргитин сонун аһынан күндүлээн үөрдүҥ, чугас дьоҥҥут истиҥ-иһирэх махталларын ылыҥ!




Бурдук аһа





Саха аһа





Саха лэппиэскэтэ (Тарбаахаптыы)


Састааба:

1 ыстакаан сибиэһэй эбэтэр аһыйбыт үүт, ыстакаан аҥаара оргуйбут уу,

10 г суода,

3 ыстакаан бурдук, итинтэн биирэ хара бурдук,

10 г туус.

Үүтү, ууну, тууһу уонна суоданы холбуу булкуйабыт. Ити кэннэ бурдугу кутан, түргэн туттуунан тиэстэ кытаатан, илиигэ сыстыбат буолуор диэри мэһийэбит. Мэһиллибит тиэстэни хаппахтаах иһиккэ 15—20 мүнүүтэ туруорабыт. Ити кэнниттэн ытыс тилэҕинэн баттыалаан, 1,5 см халыҥнаах лэппиэскэ оҥоробут. Сирэй өттүн сүөгэйинэн эбэтэр үүтүнэн сотобут. Ол кэнниттэн биилкэнэн дьөлүтэ анньан ойуулуубут. Духуопканы орто температуратыгар туруорабыт. Буһарыы уһуна 20—25 мүнүүтэ. Буспут лэппиэскэни духуопкаттан таһааран ойоҕоһунан ууран сойутабыт.




Саха лэппиэскэтэ


Састааба:

1 паачыка кефир

эбэтэр аhыйбыт үүт, 1 чаайынай ньуоска суода,

0,5 чаайынай ньуоска туус, бурдук.

Кефири нэлэгэр миискэҕэ кутабыт уонна суода эбэн баран, күүгэннириэр диэри булкуйабыт, ытыгынан ытыйыахха сөп. Ол кэннэ туус уонна бурдук эбэн, бастаан ньуосканан, онтон илиинэн сымнаҕас гына мэhийэбит. Кыратык сытыара түhэбит, онтон бөлүөгүнэн 2—2,5 см гына тэнитэбит. Биилкэнэн үрдүн тэhитэ кэйэн баран, духуопкаҕа уган саhарыар диэри буhарабыт. Духуопка аанын мээнэ арыйбакка, кыратык аппатан көрүөххэ сөп. Таһааран баран, арыынан үрдүн сотон ылабыт уонна сотторго суулаан туруору ууран сойутабыт. Бу тиэстэни арыыга буhарыахха эмиэ сөп. Олус минньигэс буолар. Онуоха тиэстэни арыый чараастык 0,7—1 см гына тэнитэбит, биилкэнэн тэhитэ кэйэбит уонна квадрат гына бысталаан баран, мас арыытыгар ыhаарылыыбыт.




Көбүөрдээх лэппиэскэ


Аһыйбыт үүккэ бурдук, туус кутан тиэстэ мэһийэбит. Остуолга кутан, биир илии халыҥнаах гына хаптатабыт, үрдүн үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн ньалҕаарыччы сотобут. Биилкэнэн тэһэ анньан ойуулуубут уонна итии духуопкаҕа буһарабыт. Сойбут лэппиэскэни кыра гына кырбыыбыт уонна көбүөрү кутан булкуйабыт. Минньигэс буоллун диэн көбүөргэ дьэдьэн эбиэххэ сөп.




Көбүөрдээх лэппиэскэ, хайах


Көбүөр:

500 г ынах арыыта (сливочнай арыы), 2,5 ыстакаан үүт. Лэппиэскэ:

100 г аһыйбыт үүт, 250 г бурдук, туус.

Бастаан лэппиэскэ буһарабыт. Аһыйбыт үүккэ суода кутан оҥордоххо, сымнаҕас буолар. 2 киилэ көбүөргэ 800 г курдук арыы наада. Бастаан сылаас үүтүнэн арыыны ытыгынан сымнатабыт. Үчүгэйдик сымнаабытын кэннэ сылаас үүтү, онтон итиччэ тымныы үүтү кутан баран күүскэ ытыйабыт. Ол курдук мөлбөркөй буолуор диэри сылаас, тымныы үүтү кутан тохтоло суох алларанан соҕус ытыйыахтаахпыт. Көбүөр лэппиэскэҕэ сыстар буоллаҕына, бытарытыллыбыт лэппиэскэҕэ кутан мас хамыйаҕынан булкуйабыт уонна сонно кыра иһиттэргэ кутан сойутабыт эбэтэр тоҥоробут. Хайах эмиэ итинник оҥоһуллар эрээри, дьэдьэн, отон, сугун кутан, күөрчэх курдук тоҥорон да, сибиэһэйдии да сиэххэ сөп.




Алаадьы


Састааба:

үүт – 300 г,

2 сымыыт, ыстакаан аҥаарыттан арыый ордук уу,

510 г бурдук,

180 г кулинарнай сыа эбэтэр мас арыыта, 10 г туус.

Иһиккэ ууну, үүтү, сымыыты, тууһу кутан сымыыт холбоһуор диэри ытыйабыт. Ити кэнниттэн сиидэҕэ үчүгэйдик сиксийиллибит бурдугу кутан, хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйан тиэстэни бэлэмниибит. Үчүгэйдик сылыйбыт хобордооххо арыыга буһарабыт. Алаадьы тиэстэтэ төһө кыалларынан биир тэҥник баһыллан кутуллуохтаах уонна эргитэ сылдьан буһарыллыахтаах. Алаадьыны кытары ууллубут ынах арыытын эбэтэр сылаас көбүөрү, күөрчэҕи, барыанньаны уурабыт.




Саха баахылата


850 г бурдук,

3 ыстакаан үүт,

1 ыстакаан оргуйбут уу,

100 г саахар,

2 сымыыт, туус, баахыла тимирин оҕунуохтуурга – кулинарнай сыа. Тиэстэтэ алаадьы тиэстэтинээҕэр арыый хойуу буолар.

Баахыла тимирин эрдэ сылытабыт. Сылыйбыт халыып тимир аллараа сыҥааҕын кулинарнай сыанан оҕунуохтуубут уонна тиэстэни баһан ылан, халыып аллараа сыҥааҕа сөп буоларынан кутабыт. Ити кэнниттэн халыып үөһээҥҥи сыҥааҕын оҕунуохтаан баран, уокка уурабыт. Эргитэ сылдьан буһарабыт. Буспут баахыланы тимиртэн ылан, туруору сойута уурабыт.




Саламаат


Бастаан 1 киилэ арыыны уулларан оргутабыт. Ол арыыга 200 г бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа кэриэрдэ буһарабыт. Итинник оргуйа турар кэмигэр 800 г оргуйбут туустаах ууну кутабыт уонна эмиэ үчүгэйдик, хаахтыйбатын курдук булкуйабыт. Онтон иккиһин тууһа суох ууну кутабыт, мас хамыйаҕынан сэрэнэн, уһаты-туора булкуйабыт. Арыыта тахсар. Хойуу буоллаҕына, кыратык уу эбэн баран, уотун мөлтөтөбүт уонна сэрэнэн үчүгэйдик булкуйабыт. Арыыта саламаат үрдүгэр халыйан таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.




Түргэн саламаат


5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһарабыт. Буһарар кэмҥэ тохтоло суох булкуйа турабыт. Саламаат үрдүгэр кэлимсэ арыыта таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.

Саламаат

Састааба:

200 г ынах арыыта,

120 г бурдук,

5 ыстакаан уу.

Ынах арыытын хобордооххо уулларабыт уонна бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа буһарабыт. Оргуйа турар кэмигэр арыыта үөһэ устан таҕыстаҕына – саламаат бэлэм.




Күннээҕи аһылык





Халбаһылаах тиэстэ


Састааба: 2 сымыыт, 3 остолобуой ньуоска бурдук, ¼ ыстакаан үүт, 1 чаайынай ньуоска мас арыыта, 100 г сүөгэй, ону кытары 500 г варенай халбаһы.

Халбаһыны чараас гына быһабыт. Блины тиэстэтинээҕэр хойуу, алаадьы тиэстэтинээҕэр убаҕас гына тиэстэ охсобут. Халбаһыны биилкэнэн ылан, тиэстэҕэ уган баран, итии хобордооххо ыһаарылыыбыт.

Саҥыйахтаах килиэп

Үүккэ хас да сымыыты эбэтэр сымыыт бороһуогун, бурдугу, тууһу кутан, алаадьы киэнинээҕэр убаҕас тиэстэ оҥоробут. Килиэби чараас гына быһан баран, тиэстэҕэ уган ыла-ыла арыыга ыһаарылыыбыт.




Минньигэс омлет


Састааба:

1 сымыыт,

ыстакаан үүт ¼, 1,5 чаайынай ньуоска мааннай куруппа,

чаайынай ньуоска ½ ынах арыыта

(сливочнай арыы).

Мааннай куруппаҕа итии үүтү (үүт ¾ чааһын) кутабыт, кыратык туруоран үлүннэрэн баран, ууллубут ынах арыытын уонна ордубут үүтү кытта булкуллубут сымыыт уоһаҕын кутабыт. Сымыыт үрүҥүн миксеринэн үлүннэрэн баран, булкуйа-булкуйа эбэбит. Бэлэм тиэстэни арыынан сотуллубут итии тимир лиискэ кутабыт, духуопкаҕа буһарабыт.

Быар баахыла

Баахыла тиэстэтин охсобут уонна 1 «Магги» кубигы, эриллибит быары, бэйэ көрүүтүнэн чеснок, эриэппэ луук, туус кутабыт. Үчүгэйдик булкуйан баран, төгүрүк быһыылаах баахыла халыыбыгар (форматыгар) кутан буһарабыт.




Астаах алаадьы


Алаадьы тиэстэтин охсобут уонна эриллибит эти, хортуоппуйу, түөркэлэммит моркуобу, дьаабылыканы, кубиктыы кырбаммыт халбаһыны, өрүс балыгын искэҕин кутан, араас амтаннаах алаадьыны буһарабыт.




Кокурка


Састааба:

6 буспут сымыыт,

200 г сүөгэй,

2 ыстакаан бурдук,

1 чаайынай ньуоска туус.

Сүөгэйгэ тууһу, бурдугу кутан тиэстэ мэһийэбит, бэрэскигэ курдук кыра төгүрүктэргэ араарабыт, сымыыты суулуубут уонна духуопкаҕа буһарабыт.




Оруоса дьөрбөтө


Састааба:

1 хаа (паачыка) хотуобай слоенай тиэстэ, 300—400 г ветчина эбэтэр хопчуонай халбаһы, 150—200 г сыыр.

Ветчинаны төһө кыалларынан чараас гына быһабыт, халбаһы төгүрүктэрин аҥаардыыбыт уонна сыыр куһуоктарын эмиэ кинилэртэн арыый кыра, чараас гына быһан бэлэмниибит. Слоенай тиэстэни биир хайысханан бөлүөгүнэн чарааһатабыт. Түөрт муннук буолбут улахан тиэстэни 3 см кэтиттээх, ветчинаттан 4 төгүл уһун лиэнтэлэргэ арааран быһабыт. Тиэстэ лиэнтэҕэ 3 куһуок ветчинаны эбэтэр халбаһы өлүүскэтин төгүрүк өттө үөһэ буолар, тиэстэттэн кыратык ордо сылдьар гына тэлгэтэбит. Ветчинаҕа сыыр уурабыт уонна сэрэнэн рулет курдук төгүрүтэбит, тиэстэ түмүгүн сыһыары хам тутабыт – оруоса бэлэм. Тимир лиискэ ууран, духуопкаҕа буһарабыт.




Татаардыы бэрэски


Тиэстэтэ:

бурдук, 1 сымыыт, чаайынай

ньуоска ½ суода,

1 остолобуой

ньуоска мас

арыыта, үүт

(суорат), туус.

Бэрэски фарша: сиикэй эт

(эриллибит эт

да барар),

хортуоппуй,

куубиктыы быһыллыбыт

эриэппэ луук, туус, хара биэрэс.

Тиэстэни мэһийэбит, чараас гына бөлүөгүнэн тэнитэбит, үс муннуктуу эбэтэр төгүрүктүү быһабыт. Үс муннук (төгүрүк) чараас тиэстэ ортотугар 1 ньуоска фаршы кутабыт, тиэстэни үөһэ өттө аһаҕас хаалар гына хам тутан бэйэ-бэйэтигэр сыһыарабыт. Итии духуопкаҕа уган буһарабыт.




Тылчаан (Язычок)


Састааба: үлүннэриилээх тиэстэ,

варенай халбаһы, сибиэһэй оҕурсу,

помидор, майонез.

Халбаһыны чараас гына быһабыт, ортотунан аҥаардыыбыт. Үлүннэриилээх тиэстэни бэрэски оҥорор курдук төкүнүтэбит, тэнитэбит уонна халбаһыны уурабыт, тиэстэни икки кытыытын хам тутабыт, үрүт өттүн аһаҕас хаалларабыт. Хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Оҕурсуну уонна помидору синньигэс гына быһабыт. Таһаараат да сылаастыы, тиэстэбит иһинээҕи халбаһы икки өттүн кыратык майонезтыыбыт, биир өттүгэр оҕурсу, иккиһигэр помидор куһуоктарын угабыт. Түргэн уонна тотоойу.




Эттээх лэппиэскэ


Үлүннэриилээх тиэстэни кыра гына төкүнүтэбит, бөлүөгүнэн тэнитэбит, кытыытыгар төгүрүччү фаршы синньигэс гына уурабыт. Тиэстэни иһин диэки саба бүрүйэн хам баттыыбыт уонна итии хобордооххо бастаан хам баттаабыт өттүбүтүнэн умса ууран буһарабыт. Эт аҕыйах барарынан барыстаах.




Сандалы бэрэски


Тиэстэтэ:

300 г сүөгэй, 105 г

оргуйбут сөрүүн уу,

1,1 кг бурдук,

2 сымыыт,

1 чаайынай ньуоска суода, туус.

Фарша: 900 г убаһа этэ, 200 г хаһа,

1 эриэппэ луук,

150 г ууга буспут ириис, туус,

хара биэрэс.

Тиэстэ мэһийэбит уонна 15 мүнүүтэ туруорабыт. Бу кэмҥэ эти, хаһаны кыра гына быһабыт, ирииһи холбуубут, бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, биэрэс кутабыт. Тиэстэни кыра тэҥ төгүрүктэр гына быһабыт, бөлүөгүнэн чарааһатабыт, фаршы кутан баран кытыытын хам тутан сыһыарабыт уонна итии хобордооххо буһарабыт.




Тэллэйдээх бэрэски


Хатыҥаайы тэллэйи (подберезовик) сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбыыбыт, туустаан, лууктаан арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.




Мундулаах бэрэски


Мунду төбөтүн, иһин быраҕабыт, сууйабыт, мясорубкаҕа эрийэбит, бэйэ сөбүлүүрүнэн тууһуубут, лууктуубут, арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.




Вафля-бэрэски


Састааба: маҕаһыыҥҥа атыыланар 4 төгүрүктээх туорка аналлаах вафля, алаадьы тиэстэтэ, эриллибит эт.

Вафля төгүрүгүн эриллибит этинэн сыбыыбыт, иккис төгүрүгүнэн сабабыт уонна ойуутун батыһа сытыы чараас быһаҕынан тэҥ куһуоктарга быһабыт. Тиэстэҕэ уган ылан баран, итии хобордооххо алаадьы курдук буһарабыт.




Халаачык


Састааба:

3 сымыыт, туус,

1 чаайынай ньуоска суода, 1 ыстакаан кефир эбэтэр маҕаһыын сүөгэйэ (сметана), 1 бааҥка сгущеннай үүт уонна бурдук.

Тиэстэбитин мэһийэн баран, арыыга буһарабыт.




Сметанник


Састааба:

0,5 ыстакаан үүт,

2 ыстакаан суорат, 0,5 чаайынай ньуоска суода, 2 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,

1 ыстакаан саахар, туус, ванилин.

Мэһийэн баран, духуопкаҕа буһарабыт.




«Ыксаллаах» бутерброд


Састааба:

килиэп, чеснок, майонез, сыыр,

мас арыыта.

Килиэби быһан мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Майонеһы чесногу кытары холбоон килиэпкэ ымньыыбыт, сыыр уурабыт, микроволновай оһоххо эбэтэр духуопкаҕа уган, сыырын уулларабыт.




Түөкэй


Маҕаһыыҥҥа атыыланар кыра барааҥканы ылан, чаас аҥаара үүккэ уган бөскөтө түһэбит. Таһааран баран, арыынан сотуллубут тимир лиискэ уурабыт уонна үрдүгэр фрикадельканы (эриллибит эттэн оҥоһуллубут төгүрүгү) сиикэйдии уурабыт, үрдүн түөркэлэммит сыырынан бүрүйэбит уонна духуопкаҕа угабыт.




Буулка (1 көрүҥэ)


Састааба:

5 кг көстүрүүлэҕэ (60 устуука)

1,5 л үүт,

1 остолобуой

ньуоска доруоһа,

5 остолобуой

ньуоска үүт бороһуога, остолобуой ньуоска ½ туус, 6 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,

курууска улахан ортотунан саахар, курууска аҥаара мас арыыта.

Тиэстэ килэбэчийиэр, илииттэн арахса сылдьар буолуор диэри күүскэ илиинэн мэһийэбит. Охсо-охсо бурдук кутан иһэбит. Үллүбүтүн кэннэ булочкалары оҥоробут, таҥаһынан бүрүйэн 1 чаас хос сылааһыгар туруоран, үлүннэрэ түһэн баран, духуопкаҕа угабыт. Буһан тахсыбыт булочка үрдүн, чааскы түгэҕэр чэй заваркатын саахары кытары булкуйан баран, сотобут.




Буулка (2-с көрүҥэ)


Састааба:

35 устуукаҕа —

1 л үүт, 0,5 л сылаас уу, 1 ыстакаан саахар, 1 остолобуой ньуоска туус (үрдэ суох), 100 г маргарин, 2 сымыыт,

1 хаа доруоһа,

бурдук.

Тиэстэни хойуу гына охсобут. Тимир лииһи арыынан сотобут, булочканы формалаан баран, үллүөр диэри туруора түһэбит. Ол кэннэ 1 сымыыты алдьатан, дэлби булкуйабыт уонна онон буулкалары чараас гына сотобут. Итии духуопкаҕа угабыт. Начыынныыр буоллахха, булочка тиэстэтин икки өлүүскэҕэ араарабыт, алларааҥҥытыгар повидло уурабыт, үрүт тиэстэтин 8 сыыппаралыы, эрийэ тутан, үрдүгэр сыбыыбыт. Эбэтэр киилэлээх сакалааттан биир кэмпиэти аҥаардаан баран, тиэстэнэн суулуубут. Суулаабыт өттүн анныгар тутан буһарабыт.




Балык бөрүөк (1 көрүҥэ)


Састааба:

0,5 ыстакаан майонез, 0,5 ыстакаан кефир, 5 остолобуой ньуоска бурдук, 4 сымыыт, туус, быhах төбөтүгэр суода,

1 бааҥка балык кэнсиэрбэтэ,

0,5—1 ыстакаан буспут ириис, луук.

Луугу кыра гына кырбаан баран, кыра арыыга ыhаарылаан ылабыт уонна ирииhи, балыгы кытта булкуйан кэбиhэбит. Майонеһы уонна кефири эбэтэр маҕаhыын сүөгэйин холбуубут, сымыыт кутабыт, туус, суода эбэбит, ол кэннэ бурдугу. Сүөгэй курдук тиэстэ буолар, наhаа хойуута да, убаҕаhа да суох. Буhарар формаҕа тиэстэ аҥаарын кутабыт, үрдүгэр балыктаах ирииһи тарҕаччы уурабыт, онтон тиэстэ тобоҕунан бөрүөк үрдүн ньуосканан кутан бүрүйэбит. Духуопкаҕа уган, орто уокка 25—30 мүнүүтэ буhарабыт. Маннык бөрүөккэ балык оннугар эти угуохха эмиэ сөп.




Балык бөрүөк (2-с көрүҥэ)


Састааба:

1,5—2 ыстакаан ириис.

Тиэстэтэ:

2—3 ыстакаан сиидэлэммит

бурдук, паачыка аҥаара маргарин,

1 ыстакаан кефир эбэтэр сэппэрээтэр убаҕас сүөгэйэ, 1 чаайынай ньуоска аҥаарынан туус.

Өрөһөлүү сиидэлэммит бурдукка паачыка аҥаара маргарины быһаҕынан бытархай гына бысталыыбыт уонна кефири (эбэтэр сүөгэйи), тууһу эбэн тиэстэбитин илиигэ сыстыбат буолуор диэри мэһийэбит уонна холодильникка эбэтэр сөрүүн сиргэ уурабыт. Ол кэмҥэ балыкпытын хатырыктыыбыт, уҥуоҕуттан араарабыт, төбөтүн быһабыт. Тиэстэбитин икки өлүүгэ арааран, бэлимиэн тиэстэтинээҕэр арыый халыҥ гына тэнитэбит. Биирин лиискэ тэлгэтэбит. Буспут ириис улахан аҥаарын, 1 обургу луугу төгүрүк гына быһан уурабыт. Лавровай лииһи (4 устуука сөп) эбэбит, ол-бу туманы таммалатабыт. Онтон балыкпытын икки өттүттэн тууһаан уурабыт уонна ордубут ирииспитин үрдүгэр кутабыт. Тиэстэбит аҥаарынан саба ууран баран, кытыытын хам тутан холбуубут. Бөрүөкпүтүн бүтүннүүтүн сымыытынан (1 сөп буолуо) ньалҕаарыччы сотобут. Тиэстэ кытыытыттан ордооччу, ол ордубутунан арааһынайдаан (сэбирдэх, сибэкки курдук моһуоннаан) бөрүөкпүт үрдүн киэргэтэбит. Ону эмиэ сымыытынан ньалҕарытабыт. Духуопкаҕа чаас кэриҥэ буһарабыт.




Универсальнай тиэстэ


Састааба:

100 г маргариҥҥа 1 ыстакаан бурдук уонна ыстакаан аҥаара кефир.

Бу тиэстэ үчүгэйэ диэн өлүүлэринэн (порциянан) төгүрүктэргэ үллэрэн баран, тоҥорон кэбиһиэххэ сөп. Маргарины бурдугу кытары бытархай гына быһаҕынан илдьиритэ ныһыйабыт, кыратык туус, суода эбэбит, кефиринэн убатабыт. Бэлимиэн тиэстэтин курдух хойдуор диэри мэһийэбит. Маннык тиэстэ расстегайга, балык, эт, фрукта начыыннаах бөрүөккэ барытыгар барар.




Минньигэс бурдук аһа





Рулет


Састааба:

5 остолобуой ньуоска мас арыыта,

5 остолобуой ньуоска бороһуок үүт, 5 остолобуой ньуоска саахар,

5 остолобуой

ньуоска бурдук, кыра суода,

2 сымыыт.

Састааппытын холбуу миксеринэн эриттэрэн баран, лиискэ эбэтэр ха-лыыпка чараас гына кутан буһарабыт. Буспутун кэннэ сылааһыгар повидло сыбаан баран рулеттыы суулуубут.




Кистэлэҥнээх бэчиэнньэ


Бэлэм слоенай тиэстэни бөлүөгүнэн биир хайысханан чарааһатабыт уонна 6х2 түөрт муннуктарга үллэрэбит. Куһуокпут аҥаарын ортотугар чернослив (дьаабылыка, банаан) уурабыт уонна тиэстэни бүк, кытыыларын хам тутан сыһыарабыт, итии духуопкаҕа буһарабыт.




Оруоса бэчиэнньэ


Састааба:

4 сымыыт,

1 ыстакаан саахар, 1 ыстак

Тиэстэ састаабын холбоон булкуйабыт уонна оҕунуохтаммыт итии тимир лиискэ чаайынай ньуосканан 5 устууканы кутабыт. 5 мүнүүтэ буһарабыт уонна түргэнник хас биирдии сэбирдэҕи аллара өттүн суулуу хам тутан оруоса сибэккилэри оҥоробут.

аан бурдук, ванилин.

«Харах» бэчиэнньэ

Састааба:

150 г ынах арыыта,

70 г саахар

пуударата,

2 сымыыт уоһаҕа,

240 г бурдук, лимон,

ванилин.

Арыыны уонна бурдугу илиинэн булкуйабыт. Сымыыт уоһаҕын саахар пуударатын уонна ванилины кытта сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри үлүннэрэн булкуйабыт. Иккиэннэрин холбоон, лимон суогун ыган эбэбит. Тиэстэни кыра төгүрүктэргэ араарабыт, маргаринынан сотуллубут тимир лиискэ уурабыт. Төгүрүк ортотугар тарбаҕынан баттаммыт оҥхойго эриэхэ угабыт. 200 кыраадыс итиигэ 15 мүнүүтэ духуопкаҕа буһарабыт. Бэлэм бэчиэнньэни ууллубут сакалаатынан киэргэтиэххэ сөп.




Улар уйата (глухариное гнездо)


Тиэстэтэ:

1 ыстакаан саахар, 2 сымыыт, 1 чаайынай ньуоска суода, 2 остолобуой ньуоска мүөт, 2,5 ыстакаан

бурдук.

Мэһийэн баран, кыракый шариктары оҥорон, духуопкаҕа буһарабыт. Түргэнник буһар, онон кыраҕытык кэтиибит. Кириэмигэр 1 ыстакаан сливкини эбэтэр сүөгэйи миксеринэн ытыйабыт, амтаһыйан көрөн, ыстакаан аҥаара эбэтэр онтон ордук саахары кутабыт. Бирээнньикпит сойбутун кэннэ, кириэмҥэ ымньыы-ымньыы тэриэлкэҕэ өрөһөлүү уурабыт. Үрдүгэр түөркэлэммит сакалааты табыгынатабыт.




Рогалик


Састааба:

1 ыстакаан үүт,

2 остолобуой

ньуоска саахар,

1 остолобуой ньуоска доруоһа,

100 г арыы (мас арыыта да буолуон сөп), туус, бурдук.

Маннык састааптаах тиэстэни мэһийэн баран, холодильникка чаас аҥаара туруора түһэбит. Онтон үс муннуктуу быһыылаах кыра өлүүлэргэ үллэрэбит. Үс муннук быһыылаах тиэстэ кэтит өттүгэр чаайынай ньуоска төбөтүнэн джем, повидло эбэтэр варенай сгущенка кутан баран, рулеттыы эрийэ тутабыт.




Чак-чак


Састааба:

3 сымыыт, бурдук, 1 бааҥка сгущеннай үүт, туус.

Сымыыты бурдугу кытары мэһийэбит, кыратык тууһуубут. Бэлимиэн киэнин курдук кытаанах тиэстэбитин бөлүөгүнэн чап-чараас гына тэнитэн баран, 1,5—2 х 0,5 см гына лапсалыы кырбыыбыт. Хобордооххо сөп буоларынан арыыга буһарабыт. Түргэнник буһар, онон кэтээн туран сиитэ хамыйаҕынан ороон иһэбит. Сылааһына сгущеннай үүтү кутан, түгэҕиттэн түөрэн булкуйабыт.




Заварной


Састааба:

100 г (ыстакаан аҥаара) ынах арыыта, 1 ыстакаан уу, 6 сымыыт, чаайынай ньуоска аҥаара туус, 1 ыстакаан бурдук.

Кириэмэ: 1 бааҥка сгущеннай үүт, ынах арыыта.

Ынах арыытын туустаах ууга кыра уокка оргутабыт. Оргуйан бүллүгүрээтин кытта түргэнник булкуйа-булкуйа бурдугу кутабыт. Онтон арааран баран, сойута түһэбит. Сымыытын биир-биир кутабыт, илиибитинэн булкуйабыт. Тимир лиискэ тиэстэни инчэҕэй ньуосканан ылан, үллэрин учуоттаан, ыраах-ыраах уурабыт. Буспутун кэннэ кириэмин кондитерскай эбэтэр биирдэ туттуллар медицинскэй испириис көмөтүнэн шарик иһигэр анньан кутабыт.




Рванка


Састааба:

200 г маргарин,

2 остолобуой

ньуоска саахар,

2 чаайынай ньуоска сымыыт бороһуога (2 сымыыт), 1 чаайынай ньуоска суода, 2 остолобуой ньуоска үүт (сүөгэй), бурдук.

Маргарины уулларабыт. Сойо түспүтүн кэннэ саахары, сымыыт бороһуогун (эбэтэр 2 сымыыты), суоданы, үүтү эбэтэр сүөгэйи, бурдугу эбэн, хойдуор диэри мэһийэбит, икки өлүүскэҕэ үллэрэбит (иккис өлүү арыый кыра буолар). Аҥаарын тимир лиискэ сэрэнэн тэнитэбит. Үрдүгэр отон барыанньатын (уулаах отону саахардаан) кутабыт. Ордубут аҥаарын бытарытан, үрдүгэр тэлгэтэбит, духуопкаҕа анньабыт.




Вафля (1 көрүҥэ)


Састааба:

3 сымыыт, ыстакаан аҥаара үүт (кыратык уу эбиэххэ сөп), ыстакаан саахар, чаайынай ньуоска аҥаара туус.

Састаабы булкуйан алаадьы тиэстэтин курдук убаҕас тиэстэ охсобут, электрическэй вафельницаҕа буһарабыт. Сылааһыгар рулеттыы эрийэбит. Сороҕор эрийбэккэ эрэ төгүрүктүү, араҥатын буспут сгущенканан сотон, туорт оҥоруохха сөп.




Вафля (2-с көрүҥэ)


Састааба:

0,5 ыстакаан маргарин, 0,5 ыстакаан саахар, 6 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога, 0,5 чаа-йынай ньуоска суода, 0,5 ыстакаан үүт, уу, 1 ыстакаан бурдук.

Эбэтэр 1 бааҥка сгущеннай үүккэ 2 сымыыты, чаайынай ньуоска аҥаара суоданы, оччо тууһу кутан баран, булкуйан тиэстэ оҥоруохха сөп. Электрическэй вафельницаҕа буһарабыт.




Пончик


Тиэстэтэ: 1 бааҥка сгущенка, 4 сымыыт, 1 чаайынай ньуоска уксууһунан убатыллыбыт суода, бурдук.

Шарик оҥорон, арыыга буһарабыт, үрдүгэр сылаастыы саахар пуударатын таммалатыахха сөп.




Эриэхэ


Састааба:

1 паачыка «Пышка» маргарин, ыстакаан аҥаара саахар, уксууһунан убатыллыбыт чаайынай ньуоска суода,

1 бааҥка буспут сгущенка.

Ууллубут маргариҥҥа састаабы булкуйан, хойдуор диэри илиибитинэн төкүнүтэн шарик оҥоробут уонна анал формаҕа угабыт. Сойбутун кэннэ иһигэр буспут сгущенка кутабыт уонна икки өлүүскэни холбоон кэбиһэбит.




Конец ознакомительного фрагмента.


Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70596199?lfrom=390579938) на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.


Саха аныгы ыалын сандалыта Валентина Семенова
Саха аныгы ыалын сандалыта

Валентина Семенова

Тип: электронная книга

Жанр: Кулинария

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 30.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Кинигэҕэ билиҥҥи саха ыала күн аайы тото-хана сиир араас аһын эрэсиэбэ киирдэ. Бу сүбэлэри туһанан дьиэ хаһаайкалара чугас дьоннорун минньигэс аһынан күндүлүөхтэрэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

  • Добавить отзыв