Ийээ, бырастыы гын..

Ийээ, бырастыы гын..
Степан С. Марков


Кинигэҕэ ааптар эн биһикки билиҥҥи олохпут-дьаһахпыт эйгэтин, дьиэ-кэргэн дьолун, тапталын, үөрүүтүн-хомолтотун, киһи олоҕор күн аайы көстөн ааһар түгэннэри итэҕэтиилээхтик ойуулуур кэпсээннэрэ киирдилэр.





Степан Марков

Ийээ, бырастыы гын…





ДЬЭБДЬИЭЙ



(сэһэн)

Дьэбдьиэй эмээхсин сайылыктааҕы дьиэтигэр баар. «Бу сайылыкка тахсан, оҕолорбун кытта олорон сынньанным, ахтылҕаммын таһаардым» диэн олус махтана саныыр. Буолумуна даҕаны, усталаах уһун кыһын устата сайылыгар Араҥаска тахсарын туоҕу эрэ үчүгэйи күүтэр, кэтэһэр курдук ыра оҥостон биэрээхтиир буоллаҕа… Бу сайылык эмээхсин төрүттэрин сайылыктара, сүөһүнэн ииттинэн олорбут дьадаҥы ыал тирбэҕэ быа быстыбатынан сайын манна сайылаан, күһүн Чараҥҥа отордоон, онтон кыстыктарыгар Көрдүгэҥҥэ олорон, ситим, оҕо-уруу быстыбакка баччаҕа кэллэхтэрэ. Сайылык киэҥ мэччирэҥнээх буолан, сопхуос биир бастыҥ фермата элбэх үүтү үрүлүттэҕэ. Дьэбдьиэй сааһын тухары дойдутугар ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа эмиэ ыанньыксыт кыыһыгар Аанчыкка олорор. Элбэх сиэннээх. 80 сааһын лаппа ааста. Төрөөбүт миэтирикэтэ суох буолан, чуолкай сыла, күнэ-ыйа биллибэт, ол эрээри оччотооҕу олох долгунугар сыһыаннаан, барыллаан көрдөххө, төрөөбүт сылыгар киһи улахан сыыстарыыны булуон сөбө суоҕун курдук эбит. Дьоно кэпсииллэринэн, бандьыыттар диэн дьон былааһы утары өрө турууларын саҕанааҕы сылларга кыһын кинилэртэн күрээн, кыһыл оҕону таҥаска суулаан чугас алааска куоттарбыттара үһү. Кэлин биэнсийэҕэ тахсарыгар миэтирикэтин ирдэһэн көрбүтэ да, ыаллыы нэһилиэккэ баар сүрэхтэммит таҥаратын дьиэтэ умайан суох буолбут диэбиттэрэ. Чэ, ол улахана суох. Быһа холуйан, ааспыт үйэ 21—22-с сылларыгар күнү көрбүтэ диэтэхпитинэ улаханнык сыыстарбаппыт. Оннук да ыспыраапканан биэнсийэҕэ тахсыбыта.

Дьэбдьиэй эмээхсин таҥара биэрбит доруобуйатынан уһун үйэлэннэ. Киһи аайы 80 саас диэн кэлбэт эбээт, киһи бу кылгас уонна биир тэҥэ суох араас кыһалҕалардаах, долгуннаах олоҕор… Кырдьаҕас мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр, элбэҕи билэн-истэн кэллэҕэ: кыра буолан билбэтэр да, бандьыыттартан куттаныыны, холкуостааһыны, репрессия ыар тыынын, аҕа дойду сэриитин, сэрии сылларыгар аас-туор аччык олоҕу, хоргуйан өлүүнү, Кыайыы үөрүүтүн, дойдуга олоҕу чөлүгэр түһэрии үлэлэрин, Сталин өлбүтүгэр «сирдьиппит өллө, ким биһигини салайыаҕай» диэн ытаһыыны-айманыыны, онтон былааска хас саҥа салайааччы кэллэҕин аайы, «саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр» диэн нуучча өһүн хоһоонунуу, киһи санаабатах саҥа «тупсаран» оҥоруулары, кэлин тиһэҕэр Сэбиэт былааһа эстэн, хапыталыыстыы уопсастыба олоҕор киириини… Ити барыта биир киһи олоҕор, биир киһи сүрэҕэр-санаатыгар биллэр олох долгуннарын охсуулара эбээт.


***

…Дьэбдьиэй кырдьаҕас оҕо эрдэҕинэ төрөппүттэрин кытта олорбут сайылыгын балаҕаныгар баар эбит. Кураанах хардаҕас мас тыһырҕаан умайан, хараҥаран эрэр балаҕаны көмүлүөк оһох сырдатара эчи үчүгэ-йин. Сып-сылаас, сып-сырдык. Бары бааллар: ийэтэ, аҕата, икки быраата, балта уонна дьукаах ыаллара. Ким да тугу да саҥарбатыттан Дуунньа кыыс олус муодаргыыр. Бачча үчүгэй киэһэҕэ тоҕо саҥарбаттарый? Кини кэпсэтэ сатыыр да, онно эрэ кыһамматтар. «Оччоҕо мин таһырдьа тахсабын», – диэт, аан диэки ыстанар. Кэнниттэн «тахсыма» диэни иһиттэ да, ийэтэ дуу, аҕата дуу саҥарбытын араарбата. Тэлгэһэҕэ баар буола түстэ. Оҕо-оҕо курдук, сүүрүөх-көтүөх, ойуох буолан иһэн, сибилиҥҥитин курдук кырдьаҕаһыгар түһэн, бэйэтинэн буолан хаалла. Тайахпын умнубуппун диэн, аны балаҕанын оннугар баар буолан хаалбыт ампаар дьиэтин таһыттан тайах маһын ылла. Балаҕан ыйын бастакы күннэрэ дии саныыр. Сып-сылаас, нуурал киэһэ. Соҕуруу куула тыа үрдүнэн, чугуун айаҕын саҕа төп-төгүрүк, чэмэлкэй ый сып-сырдыгынан тыгар. Ыраас халлааҥҥа сулустар чаҕылыспыттар.

Дьэбдьиэй ханна да барыан билбэккэ турдаҕына, кулгааҕар эмискэ дьон саҥатын курдугу иһиттэ. Былаатын арыый истэр уҥа кулгааҕын кэтэҕэр анньан иһиллээн турда. Аны били ырааҕы кыайан көрбөт харахтара бэрт үчүгэйдик көрөр курдук буолан хааллылар. Көрдөҕүнэ, илин айан суолунан ханнык эрэ дьон сыһыллан-соһуллан иһэллэр эбит. Өр кэтэһэн турда. Ол дьоно кини олбуорун таһынан ааһар айан суолунан нэһиилэ соһон иһэр атахтарынан буору көбүтэн бу иһэллэр. Кимнээхтэрий бу? Бары ып-ырыган, таҥас-сап элээмэтэ уҥуохтаах тириилэригэр иилиллэ эрэ сылдьар дьоно сордоохтор эбит. Дьэбдьиэй киһи көрүөх сиригэр турар да, кинини киһи баар диэн көрбөттөр, кыһамматтар. Бабат! Бу сэрии сылларыгар тыыннаах моруу буолан, хоргуйан өлбүт, билэр дьоно буолбаат! Бу бастаан иһэр ыкса ыала, кырдьаҕас Киргиэлэй оҕонньор дии. Сөп буола-буола иһиллэр-иһиллибэттик ботугураан: «Ок-сиэ, биир ньуоска төбөтүн саҕа айахха угар ас баҕалааҕыан…» – диир. Кэнниттэн эмиэ хоргуйан өлбүт эмээхсинэ Харытыана уонна кийиитэ, сиэннэрэ иһээхтииллэр. Оттон бу кимнээҕий? Тыый, бэркэ билэр дьахтара Мааппа дии, эдэр дьахтар, икки кыра оҕотунуун хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ. Кэргэнэ сэриигэ өллө диэн сурук кэлбитэ дии. Чэ уоннааҕыларын өйдөөн көрбөтө, киһи билэр дьоно буолбатахтар даҕаны курдук. Бары ытыстарын иннилэригэр тоһуйаллар, саҥалара истэриттэн тахсыбат, бука, биирдэ ыйыстар ас көрдөөн эрдэхтэрэ… Оҕолорун сиэтэн иһээхтииллэр. Дьэбдьиэй былыр үйэҕэ өлбүт дьонун билэр уонна бу аньыылаах-буруйдаах орто дойдуга хаалан, күн тура-тура ас көрдөөн айманан хааман кэрийэ сылдьалларын көрдөҕө… «Бэйи эрэ, оттон мин дьиэбиттэн таһааран биэрдэхпинэ хайдаҕый» диэн санаан эрдэҕинэ, сиэтиллэн иһэр оҕолортон биирдэстэрэ чуолкай, чаҕаан куолаһынан: «Көрүҥ-көрүҥ, бу Дьуунньа турар дии, кини дии, тоҕо көрбөккүтүй?!» – диэн айаннаан иһэр дьонун ыҥырбытыгар, Дьэбдьиэй эмээхсин ханна да барбытын билбэт буолан хаалла. Арай икки илиитэ, икки атаҕа көһүйэн, кыаһыланан, туох эрэ аарыма ыарахан кыыл тыынын-быарын ыга баттаан, сырдык-хараҥа буолуталаан барда. «Абырааҥ, быыһааҥ!» – диэн хаһыытыы сатыыр да, саҥата тахсыбат. Ол быыһыгар эмиэ ким эрэ тардыалыы-тардыалыы ыҥыра, уһугуннара сатыырын истэр курдук да, онно бэриммэккэ бэрт уһуннук баттатан эрэйдэннэ, тыына-быара ыгылынна. Кэмниэ кэнэҕэс «эбээ, тур, уһугун» диэн саҥаны чуолкайдык истэн дьэ уһугунна. Сиэнэ Надя кыыс аттыгар уһугуннара сатыы турар эбит.

– Эбээ, уһун баҕайытык уһугуннара сатаатым да, олох уһуктан биэрбэккин дии, туох куһаҕан түүлүн түһээтиҥ? – сиэнэ кыыс эбээтин сирэйин-хараҕын көрбөхтүүр.

– ¤уу, сүрэҕим-быарым хамсаабытыан, – сэниэтэ суохтук оронугар олорон, сүүһүгэр бытыгыраан тахсыбыт тымныы көлөһүнүн ытыһын тилэҕинэн сотон ылла. – Хаһан да итинник түүлү түһээбэтэҕим. Иччилээх түүлбүттэн олус да куттанным. Тоойуом, ыл, ыстакааммар тымныы уута кутан аҕал эрэ, – сиэниттэн көрдөстө. Кырдьаҕас киһи долгуйбутун аһара тымныы ууну кыра-кыратык ыйыстан иһэн, уоскуйа быһыытыйан, уруккутун аттаран саныы олордо.


I

Сэрии саҕаланыытыгар Дьэбдьиэй отутуттан саҥа тахсан эрэр кэлбит-барбыт, түргэн, сыыдам туттунуулаах эдэр дьахтар этэ. Оттон кэргэнэ Дьөгүөр Дьэбдьиэйгэ холоотоххо намыын, холку көрүҥнээх, ыаллыы нэһилиэк киһитэ. Дьэбдьиэйтэн хас да сыл аҕа. Бу уонтан тахса сыл тухары холкуоска үлэлээн-хамсаан, үс оҕону төрөтөн, эйэ дэмнээхтик олорон кэллилэр. Улаханнара Аанчык уончалаах, онтон Егорка алталаах, кыралара Паана түөртээх уолаттар. Холкуоска биир да күн өрөөн көрбөккө үлэ күнүн аахсан, бочуоттанан, ыал буолан буруо таһааран олорбуттара, олоруохтара да этэ… Ону баара сэрии буолан, олох тиэрэ эргийбитэ.

Бэс ыйын бүтэһик күннэригэр быһыылааҕа, кураан бөҕө сатыылаан турдаҕына, биир сарсыарда дэриэбинэ уһугун диэки олорор дьүөгэтигэр туохха эрэ суһаллык наадыйан бара сылдьыбыта. Сөдүөрэ аҕата, биэс уонуттан лаппа тахсыбыт Бүөччээн оҕонньор, оройуон кииниттэн хаһыаты, суругу таһан дэриэбинэ иһигэр түҥэтэрэ. Онно сылдьан оҕонньор бэҕэһээ оройуонтан почта аҕалбытын, биһиги дойдубутугар ньиэмэстэр диэн ааттанар омуктар сэриинэн саба түспүттэрин, дьон ону эрэ кэпсэтэрин истэн кэлбитэ. Маҥнай утаа ханна эрэ ыраах арҕаа, боростуой саха киһитэ санаата тиийбэт сиригэр сэрии буолбута кини санаатын улаханнык долгуппатаҕа, көннөрү истэн эрэ кэбиспитэ. Оччолорго да дэриэбинэҕэ агитатордар диэн олохтоох оскуола учууталлара, библиотекардар биһиги дойдубут модун күүстээҕин, ханнык да өстөөх саба түһэр түбэлтэтигэр Кыһыл Аармыйа күүстээх сэбилэниилээҕин, саба охсорун туһунан кэпсииллэрэ. Дьэбдьиэй кэргэнэ, соһуйа-өмүрэ истибэтэҕэ, көннөрү: «Кыһыл Аармыйа күүстээх, саба түспүт өстөөҕү үлтү охсуоҕа. Сотору сэрии бүппүтүн истиэхпит», – диэн эрэ кэбиспитэ. Ити итинэн хаалбыта. Дэриэбинэ иһигэр арҕаа сэрии буолбут диэн сурах тилийэ көппүтэ. Истиэнэҕэ ыйанар хара тэриэлкэ араадьыйалар ыал аайы баар курдуктара да, сороҕор саҥаран көрө-көрө тохтоон хаалар тэриллэр этэ. Хаһыат хойутаан, сонуна сойон кэлэрэ.

Нөҥүө күнүгэр күнүс оскуола оҕолоро ыаллары кэрийэ сылдьаннар: «Оскуолаҕа түргэнник бара охсор үһүгүт, оройуонтан киһи кэлбит, мунньах буолар», – диэн ааннары өҥөйөн туран этээт, төттөрү ыстаналлар. Дьэбдьиэйдээх Дьөгүөр оҕолорунуун күнүскү чэйдэрин иһэ олороллоро. Хайыахтарай, оскуолаҕа барбыттара. Дэриэбинэ биир киэн туттар тутуута, улахан киэҥ түннүктэрдээх сэттэ кылаастаах оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр ыскамыайкалар тардыллыбыттарыгар дьон балачча муста охсубут этэ. Дьон саҥатын күүгээнин быыһыгар иһиттэххэ, сэрии, иэдээн буолбут. Ол эрээри «Кыһыл Аармыйа саба охсор ини» диэн саҥалар иһиллэн ааһаллар. Дьэбдьиэйдээх Дьөгүөр кырдьык алдьархай буолбутун сүрэхтэринэн сэрэйдилэр. Сцена үрдүгэр кыһыл сукуна сабыылаах остуол тардыллыбытыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлин кытта биир орто саастаах, хара баттаҕын кэтэҕин диэки ньалҕаарыччы тарааммыт, көстүүмнээх, хаалтыстаах киһи кэлэн олоруста. Дьэбдьиэй бу киһини ханна эрэ көрбүт, билиэх курдук сөбүлүү көрбүт хараҕынан одууласта. Ээ, өйдөөтө. Били, икки сыллааҕыта саас оройуон киинигэр Кыымнаайыга үлэ кыайыылаахтарын сүлүөттэригэр киирэ сырыттаҕына, киниэхэ «Хайҕал суругу» туттарбыт киһи эбит. Устинов диэн этэ, бадаҕа. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Антон Сиидэрэп олорор дьону балачча сирийэн көрөн баран, дьон кэлбэхтэһэ сатаабыттар диэтэ быһыылаах, остуолга турар уулаах кырапыыны уруучукатынан охсон чуумпурта уонна туран:

– Табаарыстар! – диэн сөҥ куолаһынан киһи дьик гыныах курдук доргуччу саҥарда уонна олорор дьону үрдүнэн көрөн тугу эрэ толкуйдуур курдук тохтуу түстэ. – Бүгүн биһиэхэ оройуонтан партия райкомун инструктора Николай Николаевич Устинов кэллэ, киниэхэ тылы биэрэбин.

Николай Николаевич хайдах этиибин саҕалыырбыный диирдии, маҥнай күөмэйин оҥоһунна уонна кэһиэхтээх биир тэҥ куолаһынан бэс ыйын 22 күнүн сарсыардатыгар Гитлер сэриитэ биллэриитэ суох кыраныыссаны кэһэн дойдуга түөкүннүү саба түспүтүн, элбэх алдьаныы-кээһэнии, өлүү-сүтүү тахсан эрэрин, ол эрээри күүстээх Аармыйа өстөөҕү төттөрү охсуоҕун эттэ.

Түмүгэр:

– Туох да уолуйуу, ыксааһын дьон ортотугар тахсыа суохтаах. Үлэлиирбит курдук үлэлии туруохтаахпыт, онон Кыһыл Аармыйаҕа тирэх, көмө буолуохтаахпыт! Улуу сирдьиппит Күн-Сталин баарын тухары, кини муударай салайыытынан кыайыыттан-кыайыыга барыахпыт, – диэн түмүктээтэ.

Мустубут дьон сахсырҕа да көтөр тыаһа иһиллэринии чуумпуран, болҕойон иһиттилэр. Ким да тугу да бу диэн ыйыта охсубата, райком инструктора да ыйытыҥ диэбэтэ. Кэлбиттэринээҕэр уку-сакы буолан, кырдьык да бу сэрии уһаатаҕына охсуулаах буолуохтааҕын өйдөөбүттүү дьиэлэригэр тарҕастылар.


***

«Куһаҕан аргыстаах» диэбиккэ дылы, от үүнүүтэ алаастарга мөлтөх соҕус буолла. Саас эрдэттэн тыалыран, ардах үчүгэйдик түспэккэ, онон-манан ыанньыйбыт былыттар тахсыталаан иһэн, сорох сирдэргэ кыратык таммалатан көрө-көрө, тыалга кыйдатан ааһыталаан хаалаллар. Кырдьаҕастар «от үүммэтэ, алаастарбытыттан ылар оппут аҥаарын да ыларбыт саарбах буолла» диэн дьиксинэ тойоннууллар. Биирдиилээн ыаллар, бары сүөһүттэн аһаан-таҥнан олорор буоланнар, кырата биирдии-иккилии ыанар ынахтаахтар. Олору сыл таһаарар отторун хайдах булан кыстыгы этэҥҥэ туораталлара улахан санаа баттыга буолла. Хайа, уонна бары холкуостаахтар буоланнар, холкуос уопсай сүөһүтэ, сылгыта сыл тахсарыгар биир сүрүн үлэлэрин быһыытынан алаастары таһынан, үүнүүнү батыһан үрэх, үрүйэ-харыйа да быыстарыгар тахсан оттуохтара турдаҕа. Дьэбдьиэйдээх ыал буолуохтарыттан эбэн да, көҕүрэтэн да көрбөккө куруук икки ыанар ынаҕы уонна кинилэр төрүөхтэрин иитэн, үүтүн-аһын аһаан, идэһэлэнэн, ыал тэҥинэн олороллор. Дьэбдьиэй дьонун аах өтөхтөрө Көрдүгэн кинилэр чаастара буолан уонна ол аннынааҕы кыра алаастарыттан син кыра оту ылан сыл тахсан иһэллэрэ. Дьөгүөр сүөһүлэрин сыл таһаарар оту быйыл хантан булуоҕун санаатаҕына сүрдээҕин ыарырҕатар, «сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэн саха өһүн хоһоонунуу, баҕар, ардах түһэн сир иккис тыынын ылыа, от үүнүө диэн үчүгэй баҕа санаатын диэки охтор. Үнүр өтөҕүн, алааһын көрө сылдьыбыта. Онно аһыҥалар оту бытархайдык кырбаан кэбиспит курдук хойуутук үөскээн эрэллэрин көрөн санаата түһэн кэлбитэ. Көөчүктээбит курдук, быстах былыттан бэрт кыратык ардах оҕото ибиирэн ааһарын «айылҕа аһыҥаларын аһатар, уулатар муодата буоллаҕа» дэһэллэр дьоннор. Хаһан эрэ кини дьоно үрэҕи батыһа олорбут кыра «Толоон» холкуос эрдэхтэринэ, сүөһү кыстыыр ото улахан эрэйэ суох булуллар буолара. Ол эрээри оччолорго күнэ-дьыла да атын буоллаҕа… Урукку түөрт кыра холкуостар – «Харыйалаах», «Ыстахаанабыс», «Саҥа Олох» уонна «Толоон» холбоһоннор, бөдөҥсүйбүт «Түмсүү» холкуос диэн буолбуттара. Холкуос киининэн Табалаах алаас бөһүөлэгэ буолбута. Бэрэссэдээтэлинэн, уопсай мунньаҕынан куоластаан, Табалаах алааска үөскээбит-улааппыт бэйэлэрин уолларын 40-ча саастаах Баһылай Кынаачайабы биир санаанан талбыттара. Кини эдэр сааһыгар тайҕаҕа түһэн, онтон көмүстээх Алдаҥҥа нуучча рабочай кылааһын кытта уонтан тахса сыл бииргэ үлэлээн, өй-санаа, билии өттүнэн сайдан кэлбитин ытыска түһэрэннэр, саҥа бөдөҥсүйбүт холкуос бэрэссэдээтэлинэн талан кэбиһэннэр, эдэр киһи үлэ үөһүгэр сылдьар.


***

«Түмсүү» холкуос бастакы ыһыаҕа Табалаахха бэс ыйын 20 күнүгэр буолбута. Дьон-сэргэ холкуос учаастактарыттан, фермаларыттан хото кэлбитэ. Маннык улахан тэрээһиннээх ыһыах көрө-нара, сахалыы көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэрэ, оһуокайдара сайыҥҥы аламай ыраас күн илин саҕахтан ойуор диэритин буолбута. Дьэбдьиэйдээх бу ыһыахтан олус астыммыттара, оҕолорун, ыалларын кытта биир түһүлгэҕэ олорон, ыһыах үтэһэлээх этин, кымыһын тото-хана сиэбиттэрэ, ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Атын нэһилиэктэртэн, оройуон кииниттэн элбэх дьон кэлбитэ олус көхтөөх этэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Баһылай Кынаачайап ыһыаҕы аһар этиитигэр, ону дакылаат диэбиттэрэ, холкуос бастыҥ үлэһиттэрин ахсааныгар киллэрэн кинилэр ааттарын ааттаабыта Дьэбдьиэйдээх үөрүүлэрин-көтүүлэрин өссө өрө көтөхпүтэ. Киэһэ дьиэлэригэр чэйдии олорон үөрбүт-көппүт Дьэбдьиэй кэргэнин таптыыр, ыраас харахтарынан саҥарбакка эрэ одуулуурун көрөн Дьөгүөрэ эйэҕэс баҕайытык мичик гынан:

– Доҕоор, тугу этээри гынаҕын, этиий ээ, – диэтэ.

– Олус да үчүгэй ыһыах буолла-а, өссө мантан киэһэ баран оһуокайдыахпыт, үҥкүүлүөхпүт… Барыахпыт буолбат дуо?

– Баран буоллаҕа дии… Иккиэн бииргэ сылдьарбыт олус үчүгэй, олус астынабын.

– Өссө мин эйиэхэ тугу эрэ этиэм этэ… Хайа, сэрэйбэккин да дуо? Ок-сиэ, ама, умна оҕустуҥ дуо?

– Тугуй, Дуунньа? Этэ охсууй, муҥнаама… Тугу да өйдөөбөккө олоробун ээ…

– Оо дьэ… Эр дьон диэн итинниккит ээ. Умна охсубут. Оттон мин олох умнубаппын ээ. Сыл, хонук аастаҕын аайы өссө кэрэтийэн иһэр курдук.

– Тугу этэриҥ буолла, доҕоруом, – Дьөгүөр өйдөөбөт, Дуунньата тугу этиэҕин таайа сатыы олорор.

– Чэ, Дьөгүөссээ, умнубут, ону улахаҥҥа уура сатаабатах киһиэхэ этэн, санатан да көрүүм. Иһит эрэ, эн биһиги бу манна урут Табалаахха буолбут кыракый ыһыахха аан маҥнай билсибиппит буолбат дуо? Эн биһиги ыһыахпытыгар кэлбит этиҥ дии. Урут хаһан да көрбөтөх уолбун көрөөт да олус сөбүлүү, таптыы көрбүтүм ээ… Сүрэҕим оҕото битигирии тэппитэ. Эн мин диэки хайыһан көрбүккэр, миигин көрөр диэн олус да кыбыстыбытым ээ…

– Ээ, ону этэр эбиккин дии…

– Ол киэһэ эн миигин үҥкүүгэ ыҥырбытыҥ дии. Олус даҕаны дьолломмут курдук санаммытым. Үҥкүү кэнниттэн чуумпурбут дэриэбинэ кытыытынан хаамсыбыппыт. Илиибиттэн ылан сиэппитиҥ, оо, онно көтүөхпэр кынатым эрэ суоҕа-а. Тугу эрэ кэпсэтэр этибит, долгуйбутум бэрт буолан өйбөр туппатахпын, арай ол кэпсэтиибитин сайыҥҥы нуурал түүн, сарсыарда эрдэ уһуктубут чыычаахтар иһиттэхтэрэ, биллэхтэрэ. Эн миигин уураан ылбытыҥ. Аан маҥнайгы уураһыым этэ… Кыбыстыбытым даҕаны-ыы. Ол уураһыыбыт минньигэс амтана билиҥҥэ диэри уоспар биллэр ээ… Онон, Дьөгүөссээ, ыһыах диэн эн биһикки дьолбутун, олохпутун түстээбит бырааһынньыкпыт буолар эбээт! Ыһыах – биһиги дьолбут! Оннук буолбат дуо?

– Кырдьык даҕаны! Мин эмиэ эйигин көрөөт таптаабытым ээ. Тапталым, үс оҕом күн-күбэй ийэтэ, олохпут тулааһына эн буолаҕын, доҕоруом!

Дьөгүөр ойон туран Дьэбдьиэйин кууһан ылла. Кэргэнниилэр, сылаас, сымнаҕас уостарынан даҕайсан, имэҥнээхтик уураһа турдулар. Остуолга турар будильник чаһы тыаһа сүрэхтэр тэбэр тыастарын кытта дьүөрэлэһэ тиҥийдэ. Эмискэ дьиэ аана аһыллаатын кытта кыыстара Аанчык көтөн түстэ. Соһуччута бэрт буолан Дуунньа Дьөгүөссэтин түөскэ анньан тэйэ түстэ уонна «бу да киһи, аата, сүрүн даҕаны» диэн уоһун иһигэр ботугураан улаханнык мөхпүккэ-хомуруйбукка сананан, кынчарыйбыта буолан эйэҕэстик мичээрдээн, эйэргээн ылла.

– Ийээ, биһиги, оҕолор, элбэх буолан лапталыы, сасыһа оонньуу сылдьабыт. Мин наһаа утаттым, уу иһэ киирдим, – диэт, кыысчаан, уу иһэ түһээт, хайдах киирбитин курдук элэс гынан хаалла.

Тахсан истэҕинэ ийэтэ:

– Аанчык, оҕолоруҥ бааллар дуо? Сотору киирэн бэйэҕит утуйаарыҥ. Биһиги оһуокайга барыахпыт, – диэн эрэ хаалла.

– Сөп-сөп, – диэн Аанчык чаҕаархай куолаһа аан кэтэҕэр иһилиннэ.

Дьэбдьиэйдээх Дьөгүөр дьиэлэригэр сарсыарда күн ойбутун кэннэ кэлбиттэрэ. Оҕолоро барахсаттар, оонньообуттарыттан дуоһуйан, күн кыһалҕата суох муннуларын тыаһа сурдурҕаан, утуйа сыталлара.

– Эһиил эмиэ үчүгэй ыһыах буолуоҕа, сыл аайы тупсан, көрө-нара элбээн иһиэ дии, – диэн Дьэбдьиэй сылайбыт төбөтүн Дьөгүөрүн түөһүгэр ууран, сылаас, сымнаҕас этинэн ыга сыстан, утуйан барда.

Инникитин ким тымтыктанан көрбүтэ баарай? Оттон бүгүн барыта этэҥҥэ, үчүгэй…


***

От үлэтигэр бары туруннулар. Үүнүү мөлтөх. Дьэбдьиэй фермаҕа сүүрбэ ынаҕы илиинэн ыыр. Аанчык ийэтин батыһа сылдьан торбостору баайарга, сороҕор этэттииргэ да көмөлөһөр. Ол быыһыгар бырааттарын көрөр, оттон дьиэ үлэтигэр сатаабатаҕа диэн суох, дьиэтин-уотун бэйэтэ хомуйар, иһит сууйар.

Дьөгүөр биригээдэҕэ оттуур. Кини ааспыт сылларга илиинэн охсор звеноҕа үчүгэй охсооччулар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Быйыл биригэдьиирэ Дьарааһын Дьөгүөрү көлөнөн охсор косилкаҕа анаабыта. Кини бу үлэҕэ урут үлэлээбэтэр даҕаны сөбүлэспитэ. Ханна да соруйдуннар, көрөн турбат хоһуун үлэһит. Оттон бэйэтэ оттуохтаах Көрдүгэнигэр, төһө да атырдьах ыйа саҕаланнар, холкуос үлэтиттэн быыс булан биир да хотуур суолун хааллара илик. Ити эргин чугас алаастарга кэллэҕинэ охсуом диэн былааннаммыта да, ол ырааҕа бэрт буоллаҕа. Онуоха диэри бу курааҥҥа, аһыҥаҕа киһи от да ылара биллибэт. Онон Дьэбдьиэй ыамын быыһыгар өтөҕүттэн саҕалаан охсон, мунньан, бугуллаан чугаһатан эрэр. Кыра эрдэҕиттэн от охсо үөрэммит буолан, дьахтар сиэринэн баҕа, дьулуур күүһүнэн үлэлээн сыраласта. Мунньууга, бугуллааһыҥҥа икки обургутун илдьэ сырытта, көх-нэм буолан абыраатылар, хайа оттон уонна оҕолоро бииргэ сылдьан доҕор да буолаллара улахан эбээт. Арай биир кыһалҕата диэн хотуурун сатаан таптаммат. Урут, эргэ тахсыан иннинэ, аҕата таптайан, оҥорон биэрэрэ, оттон кэлин кэргэнин бэлэмигэр сылдьара. Хата, ыкса ыала Киргиэлэй оҕонньорго хотуурун аҕалан таптайтарар. Оҕонньор эрэйдээх бүгүн эмиэ Дьэбдьиэй көрдөһүүтүн үөрүүнэн ылынна уонна кыһанан, хараҕын симириктээн, кыҥаан көрө-көрө оҥорон, сытыылаан биэрдэ.

Хас оҥорон биэрдэҕин аайытын курдук эмиэ:

– Чэ, тоойуом, кытаат, ардах түспэтэ, от аанньа үүммэт сайына буолла. Хотууруҥ үчүгэй буолуоҕа, сытыы. Дьөгүөрүҥ тустаах үлэтиттэн босхолонуо, бэйэтигэр оттуо ыраах, кинилэргэ эмиэ ыгым. Чэ, эн кытаатан көр, – диэтэ куруук даҕаны киһи санаатын көтөҕөр үчүгэй санаалаах кырдьаҕас.

– Биһиги Лухабыт эмиэ алааһын оттоотоҕуна эрэ, биир ынахпытын, борооскубутун сыл таһаарар дьон буоларбыт буолуо. Кэлэ сылдьыбатаҕа өр буолла, отууга хоно сылдьаллар, өйүө таһар уолунан лэппиэскэ оҥорон, суораттаан ыытааччыбыт. Алааһын оттуур сурахтааҕа, били өйүө таһар уол инньэ диэн эрэрэ. Ол хаһан быыс-арыт булан оттоон эрэрэ буолла… – диэн Киргиэлэй оҕонньор эмээхсинэ, кып-кыһылынан көрбүт, сүрдээх наҕыл, холку саҥалаах Харытыана эмээхсин аргыый кэпсиир.

– Алааспыт олох үүммэтэх, былырыыҥҥытын аҥаара кэлэрэ саарбах. Хайыахпытый, атын оттуур сир суох буоллаҕа дии, онон төһө от кэлэринэн сирийэн охсубута буолабын, – диир Дьэбдьиэй.

– Хата бу кыыс, сатыыр буолан, охсон эрдэҕиҥ. Биһиги кийииппит Мааппа от охсо, хотууру тута үөрэммэтэх, хачаайыта, сэниэтэ да суоҕа бэрт. Ыарытыйар да быһыылаах. Бэйэҥ билэҕин, Дьэбдьиэй, ынахтарын да ыырын олус ыарырҕатар, сылааргыыр. Уонна ити уоллаах кыыһа даҕаны көрүүлэрэ-истиилэрэ элбэх, – Харытыана эмээхсин кийиитин аһынан-харыһыйан кэпсиирэ өтө көстөр.

– Тоойуом, арҕаа буола турар сэрии туһунан туох сурах-садьык иһиллэрий? Дьон тугу кэпсиирий? Хаһан бүтэр сэрии буолла? – диэн ыйытар Киргиэлэй оҕонньор тиистэрэ түспүт омурдун хапсыҥнатан.

– Кырдьаҕаас, сэрии бара турар, өлүү-сүтүү улахан, уһуур-кэҥиир кутталлаах буолуох курдук үһү диэн дьон кэпсэтэллэр, онтон ордук тугу да истибэппин, – диэн Дьэбдьиэй тугу билэрин этэр.

Ким эмэ оройуон киинигэр Кыымнаайыга киирэн таҕыстаҕына, ол үксүн Сэбиэт эбэтэр холкуос салайааччылара буолаллара, биллэн турар, арҕаа сэрии туһунан киһини үөрдүбэт сонуннары кэпсииллэрэ. Сонун дэриэбинэ иһигэр түргэнник тарҕана охсоро уонна эмиэ түргэнник симэлийэн хаалара. Дьон, айылҕа улахан этиҥнээх ардах иннинэ чуумпуран ыларыныы, тугу эрэ кэтэһэр санааҕа ылларбыт курдук буолбуттара. Хаһан эмэ да буоллар, хара тэриэлкэ араадьыйа саҥаран кэлэ-кэлэ, уһун кэмҥэ тохтоон хаалара. Сэбиэккэ, оскуолаҕа, сорох биирдиилээн дьоҥҥо «Кыым» хаһыат кэлэрэ да тохтоон хаалбыта.

– Дьэ буоллаҕа, – диэн Киргиэлэй оҕонньор түгэхтээхтик көхсүн этиппэхтээн кэбистэ.

Кырдьаҕас тугу санаабытын ким билиэй, баҕар, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ бастакы аан дойду сэриитигэр сахалары ыҥыран баран тохтоппуттарын, бу сэрии уһаатаҕына сахалары эмиэ ыҥырыахтара дуо диэн дьиксинэ санаабыта буолуо…

Дьэбдьиэй, Харытыана эмээхсини кытта ону-маны дьиэ таһынааҕыны кэпсэппэхтээн баран, оҕолорум бэйэлэрэ эрэ дьиэлэригэр хаалбыттара диэн ыксаан, тиэтэйэ-саарайа тахсан барда. Тэлгэһэтин таһыгар сэргэҕэ Дьөгүөр ата бааллан турарын көрөн, кэргэнэ кэлбитин биллэ. Тоҕо кэллэҕэй, өйүөтэ бүтэн эбэтэр оттуур алаастарыгар охсор отторо бүтэн кэллэҕэ дуу… Иллэрээ киэһэ кэлэн барбыта дии, «өтөрүнэн кэлбэтим буолуо, илдьиттээтэхпинэ өйүө таһааччынан аста ыытаарыҥ» диэбитэ дии… Туох буолла?! Эмискэ Дьэбдьиэй сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла. Сүүрэр-хаамар икки ардынан тиийэн дьиэтин аанын аһа баттаата…


***

Дьиэтигэр киирбитэ дьоно чэйдии олороллор. Оҕолор аҕаларын аҕыйах да хонукка ахтыбыттара биллэр, тугу эрэ кэпсэтэ олорон аан аһыллыбытыгар «ийэбит кэллэ» дэһэ түстүлэр. Аҕа оҕото дэнэр кыра уол Паана ордук күннээбит, аҕатын тобугар олорон атаахтаан, ахтыбыт тыынын таһааран тугу эрэ хаппырыыстанар.

– Тыый, бу уол хайдах буолла? Сыллыый, аҕаҥ сылайан, үлэлээн кэллэ буолбат дуо, туох ааттаах илбирийэн хаалла, – диэн Аанчык улахан киһилии кыра быраатын буойда. «Оҕом улаатан, оҕолорун көрөр-истэр көмө киһитэ буолан эрэр» диэн ийэ киһи иһигэр ити тыллары истэн үөрэ санаата. Дьэбдьиэй Дьөгүөрэ бэрт сылайбыт көрүҥнээҕин, хайдах эрэ ыалдьыбыт дуу, эбэтэр туох эрэ санааҕа ылларбыт дуу курдугун дьахтар киһи өтө көрөр, билэр санаатынан тута сэрэйдэ. Тоҕо эрэ үчүгэйи кэтэһиэ суохтааҕын өйдөөтө…

– Дьөгүөр, тоҕо эрдэ кэллиҥ. Бары кэллигит дуо? Үлэҕитин бүтэрдигит дуо? – хайдах эрэ ситимэ суох баҕайытык субурутан ыйытта уонна кэргэнэ туох диирин кэтэстэ.

– Кэллим. Бүөтүр биһиги кэллибит… Бэбиэскэ туттубут.

– Бэбиэскэ даа… Ол тугуй?

– Ол аата байыҥкамааттан сэриигэ барарга кумааҕы туттубут. Бу киэһэлик ходуһаҕа оттуу сырыттахпытына Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Онтуон Сиидэрэп кэлэн туттарда. Өйүүн оройуон киинигэр баар буолар үһүбүт…

Дьэбдьиэй истибэтэҕин истэн, соһуйан хаалла. Ол эрээри хаһан эрэ маннык буолуон сэрэйэр курдук этэ. Ийэлэрэ соһуйбутун, уолуйбутун көрөн, оҕолоро төрөппүттэрин сирэйдэрин-харахтарын кэтэһэ-манаһа олордулар. Били, «аҕабыт кэллэ» диэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүтэн, тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөтөллөр даҕаны, ким урут саҥарарын кэтэспиттии олордулар.

Ити киэһэ кыра ампаар дьиэҕэ күө-дьаа кэпсэтии тахсыбата. Хайдах эрэ ыарахан баҕайы… Саха санаата тиийбэт, буолаары буолан сэрии буола турар сиригэр эргиллибэттии барар курдук ыарык-баттык санаа кууста.

Аҕаларын атаарар ас диэн кыра алаадьы, эт буһардылар. Чугас ыаллара, Дьөгүөр сэриигэ барар сураҕын истэннэр, киирэ сырыттылар. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда Сэбиэт хонтуоратыгар сэриигэ барар хас да дьону кытта бырастыылаһа, атаара үгүс киһи кэлбит. Миитин эҥин буолбата, көннөрү барааччылары кытта кэпсэтэн, этэҥҥэ эргиллэн кэлэри баҕаран илии тутуһан, куустуһан атаардылар. Дьэбдьиэй кэргэнигэр Дьөгүөргэ сылаас тылы этиэн баҕарда да, күөмэйигэр хомуок туран хаалла, хараҕын уута кэлбитэ эрэ баар. Оҕолор барахсаттар ийэлэрин хараҕын уутун көрөн, эмиэ кэри-куру, ытыахча буоллулар. Дьэбдьиэй кыана сатыыр. Дьөгүөр дьонун биир-биир кууһан, сыллаан баран, кыра уолун көтөҕөн ылла. Онтон хараҕын уута тахсыбытын көрдөрүмээри, сиэҕинэн туора соттоот, уолун сиргэ түһэрээт, сэргэ диэки хаамта…

Барааччылар, оройуонтан аттары төнүннэрэр уолаттары мэҥэһиннэрэн, айан суолун устун бара турдулар. «Этэҥҥэ эргиллээриҥ» диэн далбаатыы хааллылар.

Дьэбдьиэй үс оҕотун иннигэр уктан туран:

– Дьөгүөр! Кэтэһиэхпит! Хайаан да… – диэн иһэн уйа-кэйэ суох ытаан барда.

– Хайаан да эргиллиэм! Оҕолоргун үчүгэйдик көр, хайаан да…

Долгуйарын быыһыгар эппит тиһэх тыллара Дьэбдьиэй кулгааҕар өй дуораанын курдук иһилиннилэр. Хаалбыттар аттаах дьону харахтан сүтүөхтэригэр диэри көрөн турдулар.


II

Күһүн. От-мас хагдарыйан, тымныы кэлэн иһэр сибикитэ биллэн эрэр. Дьэбдьиэйдээх аҕалара барбыта ыйтан ордон эрэр, ол тухары туох да сурах-садьык иһиллибэт. Дьэбдьиэй санаатыгар сурук кэтэһэр да, ол суох. Аҕалара барыаҕыттан тулаайахсыйан хааллылар, туох эрэ итэҕэс курдук, мэктиэтигэр дьиэлэрин иһэ сөрүүкээбиккэ, кэҥээбиккэ дылы буолла.

Дьөгүөр холкуос үлэтиттэн ордон, бириэмэ булан бэйэтигэр оттообокко хаалбыта, күһүөрү оттуо эбитэ буолуо да, сэриигэ бардаҕа. Оттон Дьэбдьиэй үлэтин быыһыгар алааһын оттообута буолла да, үүнүүтэ да суоҕа бэрдэ, хайа, уонна дьахтар киһи төһөнү кыайыай-хотуой, өскөтүн от үүммүтэ да буоллар. Киргиэлэй оҕонньордоох уоллара Луха көмөлөһөн хата отун кэбистэ. Мантан атын ото олох да суох. Холкуос эбии төлөбүргэ диэн кыраны бэрсиэ дуу, суоҕа дуу? Бэйэтин кыра отугар төһө сүөһү сыл тахсан абырыай? Онон сүөһүлэриттэн көҕүрэттэҕинэ эрэ табыллар күн-дьыл үөскээтэ быһыылаах. Дьэбдьиэй итинтэн санаата улаханнык түһэр. Сүөһүлэриттэн аһаан-сиэн, ыал буолан олордохторо, бу үс оҕотун хайдах аһатан, таҥыннаран ыал буолуой? Киниэхэ эрэ буолуо дуо, атын сүөһүлээх ыалларга от суоҕа эмиэ ыараханы үөскэттэ. Ол эрээри эр дьонноох, хаһаайыннаах, үлэһиттээх ыаллар кэм туруулаһан эрдэхтэрэ диэн Дьэбдьиэй иһигэр хайдах эрэ ордугурҕуу саныыр.

Маннык ыарахан кэмҥэ бииргэ төрөөбүттэр, чугас аймахтар аттыгар бааллара, өйөнсөн-убансан, ылсан-бэрсэн олороллоро үчүгэй да буолуо эбит. Төрөппүттэрэ түөрт оҕоломмуттарыттан улахан быраатыныын иккиэйэх ордон хаалбыттара да, быраата ыарытыган буолан ыал буолбатаҕа, аҕыйах сыллааҕыта сөтөл буолан өлөөхтөөбүтэ. Оттон кэргэнэ Дьөгүөр эмиэ улахан аймах-чаҕар суох киһитэ. Убайа Уйбаан мантан тэйиччи атын нэһилиэк учаастагар олорор, кэргэннээх, үс оҕолоох, эмиэ сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэр. Онон икки тулаайахтар холбоһоннор, ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн олорон испиттэрэ баара, бу сэрии буолан, Дьөгүөр сэриигэ бардаҕа.

Күһүн эмиэ биир да хааппыла ардах түһэн көрбөтө. Бурдук үүммэтэ. Холкуос урукку дьылларга ылар бурдугун аҥаарын курдугу эрэ ылла. Ыарахан соҕус кыстык буолара чахчы билиннэ. Аны оройуонтан боломуочунай тахса сылдьан, холкуос биир да сүөһүнү, сылгыны энчирэппэтин, ыаллар хайдах да ыарахан кыстык буолтун иһин сүөһүлэрин эһэр гына тутталларын боборго, ону кэстэхтэринэ улахан буруйга тардыллалларын туһунан муос-таас курдук этэн, сэрэтэн барбыта. Онон дьоннор сүөһүлэрин хайдах хайаан да сыл таһаарыахтарын, бурдук суоҕунан лэппиэскэтэ суох хайдах тыыннаах сылдьыахтарын сатаан санаабаттар. Күннээҕи кэпсээн, кыһалҕа ол эрэ буолла. Оттон оройуонтан тахсыбыт, онно киирэ сылдьыбыт дьонтон арҕаа биһиги сэриилэрбит балаһыанньалара ыараханын, күн-түүн чугуйан, куораттары хаалларан иһэллэрин, өлүү-сүтүү улаханын, ороскуот, алдьаныы тустарынан куһаҕан, ыарахан сонуннар иһиллэ тураллар. Сэриигэ барбыт дьонноох ыалларга бу олус ыарыылаахтык иһиллэр. Хаһан эмэ да буоллар, кэлэр почтаттан санааларыгар сурук оҕото кэтэһээхтииллэр. Дьэбдьиэй кэргэнэ тоҕо суруйбатый? Ханна тиийдэ? Ол эрээри сурук хантан эрэ ыраах сиртэн айаннаан кэлэрин санаатаҕына, эмиэ бэйэтин уоскутунар. Сороҕор куһаҕаны санаталаан кэллэҕинэ, хайдах да гыныан булбат… Эс, оннук эрэ буолбатар, итинник куһаҕан санаалары кыйдыы сатыыр…

Балаҕан ыйын ортотун, Сэмэнэп таҥара күнүн саҕана этэ. Аанчык оскуолатыттан кэлэн аһаан баран, түннүк аттынааҕы остуолга уруогун ааҕа олорон:

– Ийээ, Бүөччээн оҕонньор манна иһэр, – диэтэ.

Дьэбдьиэй уҥа диэки ону-маны гына сылдьан, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, түннүккэ ыстанан кэлбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Кырдьык даҕаны, Бүөччээн оҕонньор иһэр эбит. Кини ыалга улахан наадата суох мээнэ сылдьыбат. «Сурук илдьэ иһэрэ буолуо дуо?!» Дьэбдьиэй сүрэҕэ тэбэ түстэ. Оҕолор ийэлэрин сирэйин-хараҕын кэтэстилэр. Бука, долгуйбута кинилэргэ бэрилиннэҕэ. Бары чуумпуран хааллылар, кэтэстэххэ, эчи, уһунун… Сүөһү тириитэ бүрүөһүннээх аан сэниэлээхтик аһылларын кытта Бүөччээн оҕонньор киирэн кэллэ.

– Дорооболоруҥ, ыаллар! Аҕаҕытыттан сурук аҕаллым, – диэн оҕонньор күө-дьаа саҥатыттан уонна сирэйэ-хараҕа сымнаҕаһыттан Дьэбдьиэй уоскуйарга дылы гынна.

Үс муннуктаах суругу оҕонньор илиититтэн сулбу тардан ылла. Кэтэспит, күүппүт аҕаларын суруга, дьэ, бу кэллэ! Суругу арыйа тарпыта, кини билэр көнө, бытархай буукубалара оҕуруо курдук тиһиллэ түстүлэр.

Таптыыр кэргэним Дуунньа, оҕолорум Аанчык, Егорка уонна Паана, миигиттэн дорообото тутуҥ!

Мин сылдьыым үчүгэй. Кылгас байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, сэриигэ киирээри олоробут. Санаам бөҕөх. Өлөр санаам олох суох. Чэ, ситигирдик. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ. От-бурдук хайдаҕый? Туох көмө баарый? Дуунньа, оҕолоргун үчүгэйдик көрө-истэ сырыт. Оҕолорум, чэ үчүгэйдик сылдьыҥ. Аанчык, үчүгэйдик үөрэн, ийэҕэр көмө киһи буол, бырааттаргар көмөлөс. Бириэмэ суох, онон ыксаан олорон суруйдум.

Чэ, манан бүттүм. Барыгытын сыллыыбын. Аҕаҕыт Дьөгүөр. 7.10.1941.

Дьэбдьиэй суругу хос-хос аахта, онтон кэтэһэн олорор оҕолоругар улаханнык ааҕан иһитиннэрдэ. Аанчык, улахан киһи буолан, сирийэн аахта, оттон кыралар «сэрэниҥ, кум-хам тутаайаххытый» диэн сэрэтиинэн бэркэ боччумуран олорон тутан-хабан көрдүлэр.

Бүөччээн оҕонньор тахсан эрдэҕинэ Дьэбдьиэй:

– Бүөччээн, баһыыба. Ити курдук, үчүгэй сонуннаах суругу аҕала турар буолаар, – дии хаалла.

Сурук оҕолорго илииттэн илиигэ сырытта.

– Оҕолоруом, аҕаҕыт суругун киртитээйэххитий, алдьатаайаххытый, сотору биэрээриҥ, ууруохпут, – дии-дии, Дьэбдьиэй оҕолорун сымнаҕас, таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрүтэлээтэ уонна бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн былаатын уһугунан сотто оҕуста, аны оҕолорум көрүөхтэрэ диэбиттии төттөрү хайыста.

Бу киэһэ дьиэ иһигэр үөрүү ыалдьыттаата. Буолумуна, кэтэспит аҕай суруктара кэлбитэ аҕалара бэйэтинэн кэлбитин тэҥэ дии.

– Бу үөрүүгэ мин оҕолорбор элбэх хааһы буһаран сиэтиэм, – диэтэ ийэлэрэ.

Онуоха Егорка:

– Аҕабытыттан сурук кэллэҕинэ, биһиги куруук элбэх да элбэх хааһыны тото сиэхпит, – диэн дьонун күллэрдэ.

Киэһэ ыһыырынньык уота уруккутааҕар арыый уһуннук умайда.

– Чэ, оҕолоруом, түүн ыраатта. Ийэҕит сарсыарда эрдэ үлэтигэр барыа дии, – диэн Дьэбдьиэй оҕолорун сытыартаата.

Үөрбүт-көппүт оҕолор барахсаттар, төбөлөрүн сыттыкка уураат, утуйан хааллылар. Дьэбдьиэй оҕолорун суорҕаннарын хайан, төбөлөрүттэн имэрийтэлээн, сүүстэриттэн сыллаталаан ылла. Сытан баран өр утуйан биэрбэтэ, бииртэн-биир санаалар мэҥэһик буолан киирэн иһэллэр. «Оҕолорбунуун аччыктаабакка, ыалдьыбакка этэҥҥэ олордорбут» диэн санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар… Кэмниэ кэнэҕэс харахтара силимнэһэн нухарыйан, утуйан барда.


***

«Барыта фронт туһугар», «Кыайыы туһугар» диэн ыҥырыылар холкуостаахтарга үлэҕэ кытаанах ирдэбили, бэрээдэги олохтоотулар. Государство түһэрэр былааннарын толорорго, өссө төһө кыалларынан аһара толоро сатыахха диэн лозунунан салайтаран үлэ-хамнас тэриллэр. Сотору-сотору оройуон кииниттэн эппиэттээх үлэһиттэр тахсаннар ити туһунан элбэҕи кэпсииллэр, ирдииллэр.

Холкуос сүөһүтүн энчирэппэккэ сыл таһаарарга сорук турбута. Оттон от үүммэтэ эрдэттэн биллэрэ. Ол иһин арыый кыанар соҕус биэс-алта киһини холкуос бэрэссэдээтэлэ Баһылай Кынаачайап дэриэбинэттэн алта-сэттэ көстөөх от үрэххэ таһааран от ыйыттан күһүн хойукка диэри оттоппута. Уулаах, инчэҕэй, дулҕа да сирдэри илии хотуурунан мөлтөх астаах, таҥастаах-саптаах дьон син балачча охсо сатаабыттара. Урукку өттүгэр манна ким да кыстаабатах буолан, аны кыстыырга, сүөһүнү туруорарга балаҕан, хотон тутуллара наада этэ. Ону даҕаны оттоон бүтэн баран, күһүн дэриэбинэҕэ киирэллэригэр бэлэмнээбиттэрэ. Маныаха Баһылай бэйэтэ элбэхтик кэлбитэ-барбыта, дьаһайсыбыта. Күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ үрэххэ кыстыы эр дьонноох икки ыал сүөһүлэрин үүрэн, тэлиэгэлэргэ малларын-салларын сыыһын тиэйэн барбыттара. 80-ча субан сүөһүнү үүрэн айаннаабыттара. Бу үрэх баһыгар хайа кыра оҕолордоох ыал барабын диэй? Ол эрээри бу кыһалҕалаах кэмҥэ, биригэдьиир Дьарааһын уонна бэрэссэдээтэл бараҕыт диэн эппиттэрин кэннэ, ким утарса туруоҕай?!

Дьэбдьиэйи, эдэр, кыайыгас үлэһит дьахтары, итиннэ, баҕар, ыытыахтарын сөп эбитэ буолуо да, аҥаардас диэн тохтоотохторо. Оттон хайаан да бардаххына табыллар диэбиттэрэ буоллар, бука, оҕолорун илдьэ барыа эбитэ дуу? Хата, инньэ диэбэтилэр. Аанчыгын оскуолаҕа интернакка ыллылар, төрдүс кылааска үөрэнэр. Сылаас кэмҥэ өрөбүлүгэр биир хонон барааччы, үксүгэр кэлбэт. Интернат оҕолоро, таҥастара-саптара мөлтөхтөрүн, чараастарын иһин, кыһыҥҥы тымныы ыйдарга дьиэлэригэр кэлэллэрэ да саарбах. Икки кыра уолунуун суулаһан олороллор. Үлэтигэр барарыгар дьиэҕэ хааллартаан, ааны баттатан барар. Кыһыҥҥы кылгас күҥҥэ хотонтон орпот. Күнүс бэрт тиэтэлинэн кэлэн оҕолорун аһата охсор. Күн аайы итинник, өрөбүлэ суох үлэ. Дьиэҕэр кэлэн олоро, сынньана түһэриҥ кэлиэ дуо? Сүүрбэччэ ынаҕы ыаһын, саахтарын ыраастаан таһааран балбаахтааһын, кыбыыттан от киллэрэн аһатыы, уулатыы, аны торбосторго хас биирдиилэригэр ойбонтон биэдэрэнэн уу баһан таһаарыы элбэх бириэмэни, сыраны-сылбаны ылар эбээт. Аны ферма сэбиэдиссэйэ, биригэдьиир эн үлэҕин көрө-истэ сылдьаллара, кинилэр харахтарын далыгар баарыҥ илиигин-атаххын баайар.

Биир кыһыҥҥы киэһэ Дьэбдьиэй дьүөгэтиниин Сөдүөрэлиин тымтык уотунан бэйэ-бэйэлэригэр сырдатыһан, тиһэх ынахтарын ыан бүтэрэн, илиилэригэр үүттээх биэдэрэлэрин тутан, хотон боруогун атыллаан тахсан иһэн, Дьэбдьиэй туохтан эрэ халтарыйан тобуктуу түһүүтүгэр уҥа илиитигэр баар биэдэрэлээх үүтүн тоҕо түһэн кэбистэ. Соһуйан да, куттанан да өмүрэ түһээт, биэдэрэтин көннөрү тарпыта, төһө ордоохтуой, түгэҕэр эрэ баар тыаһа чалымнаан иһилиннэ.

– Тыый, үүппүн тохтум дии! – Дьэбдьиэй ыксаабыт куолаһынан саҥа аллайда.

– Төһө тоҕунна? Түгэҕэр эрэ хаалла дуо? – кэнниттэн иһэн дьүөгэтэ Сөдүөрэ ыйытар.

– Туох да орпото… Этэрбэһим инчэҕэйгэ тоҥон хаалан, муус буолла, халтархайа да бэрт эбит, – ытамньыйбыт куолаһа иһиттэн нэһиилэ таҕыста.

– Чэ, бээ, олус уолуйума, хайыахпытый, буолбут буолбутун кэннэ, соруйан тохпукка дылы, алҕас халтарыйдаҕыҥ дии. Ыксаама…

– Наһаа куттанабын ээ. Бу үлүгэрдээх ас суоҕар биэдэрэнэн үүтү соруйан тохпут диэн сууттуохтара дии, бэйэҥ билэҕин, оннооҕор буолуох туох буруйа суох дьон сууттанан хаайыыга бараллара дии. Үүт тутааччы, ферма сэбиэдиссэйэ Марыына кэтэһэн олордохторо. Хайыахпытый оттон, кырдьыкпынан этэн, көрдөһөн көрүөм буоллаҕа… Хайыыллар… – Дьэбдьиэй ытыырын быыһыгар куттанан сап-салыбырас буолан хаалла.

– Дьэбдьиэй, ыксаама, доҕоор… Мин ити тохтубут биэдэрэҕэр үүттэрбиттэн көҕүрэтэн кутуталыым, эн биир биэдэрэҕиттэн эмиэ көҕүрэт. Биэдэрэлэрбит быһаҕас соҕус буоллуннар. Бу киэһэ, кырдьык, хойутаатыбыт дии. Сүөһүлэрбит киэһэ туохтан эрэ үргэннэр, аанньа иэппэтилэр, мөхсөллөр диэххэ, сөп дуо?

Кураанах биэдэрэлэригэр атын биэдэрэлэриттэн эбэн биэрдилэр. Биэдэрэлэрин хаарынан ыраастаан, сиргэ тохтубут үүтү эмиэ хаарынан тарыйан кэбистилэр.

– Чэ, уонна куттаммыккын, ыксаабыккын биллэримэ, – диэн Сөдүөрэтэ уоскута сатаата.

Үүт туттарар дьиэҕэ киирбиттэригэр, кырдьык даҕаны, кинилэри эрэ кэтэһэн олороллор эбит, ыһыырынньык уота бүтэрэ чугаһаата диэн ыксыыллар.

– Хайа, бу үүккүт тоҕо аҕыйаҕай?! – диэн сэбиэдиссэй Марыына өрө халахайдана түстэ, ыанньыксыттарын сирэйдэрин-харахтарын көрүтэлээтэ. – Инники күннээҕилэртэн иккиэҥҥитигэр улахан түһүү таҔыста.

Түргэн тыллаах Сөдүөрэ:

– Бүгүн сарсыарда сүөһүлэрбитигэр киллэрбит оппут барыта кэриэтэ эрбэһин, сэтиэнэх от. Сирэллэр, сиэбэттэр, аны туран туохтан эрэ сиргэммиттэр дуу, куттаммыттар дуу, сүгүн-саҕын иэппэтилэр, тэбиэлэнэн таҕыстылар. Ол да иһин хойутаатыбыт, – диэн кырдьык-хордьук кэпсээтэ.

Сэбиэдиссэй тугу да саҥарбата, үстүү-түөртүү киилэ итэҕэс үүт бүгүҥҥү субуоккаҕа суруллан хаалла.

Дьэбдьиэй арыый да «һуу» гына түстэ да, санаата түһэн хаалла. Хата, улахан айдаан тахсыаҕын, бу Сөдүөрэ абыраабытыгар, тыл-өс буолан сэбиэдиссэйи итэҕэтэ сатаабытыгар иһигэр махтана санаата. Ити ээ, дьэ… Аны итинник тахсыбатар…

Киэһэ дьиэтигэр уку-сакы туттан, санааҕа ылларан кэллэ. Оҕолоро барахсаттар ийэлэрэ кэлбитигэр үөрэн чаҕаара түстүлэр. Дьиэ балачча сөрүүкээбит. Оҕолор ийэлэрин кэтэһэн хараҥаҕа ороҥҥо нэк суорҕаны саба тардынан сыппыттар. Дьэбдьиэй ыһыырынньыгын уматан дьиэ иһэ сырдыы түстэ, таһырдьаттан тоҥ хардаҔастары көтөҕөн киллэрэн оһоҕун оттон барда.


***

Бытарытан түһэн, тымныы бэргээн, сэтэрээн иһэр курдук. Онно эбии ас-таҥас суоҕа, кырыымчыга, куруук аччык аҥаардаах сылдьыы дьону-сэргэни олус амньыратар. Нэһилиэккэ хаста да төхтүрүйэн дьон эдэрдэрэ, чулуулара, үлэни кыайар-хотор өттө сэриигэ ыҥырыллан бардылар. Өссө да ыҥырыахтара турдаҔа, бука…

Холкуос үлэтигэр-хамнаһыгар кыайыгас-хотугас үлэһит илии тиийбэтэ хайыы-үйэ биллэр буолан барда. Өссө сайын от үлэтин саҕана дьон суоҕа улаханнык охсубута.

Хаар олох чараас. Күн аайы түһэр тыал-куус сорох үрдүк сирдэр хаардарын саралыы үрэн кэбистэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор «үйэбитигэр маннык хаара суох тымныы кыһыны билбэтэхпит, сир хайыта баран тоҥуох курдук үлүгэрэ кэллэ» диэн дьиксинэн кэпсэтэллэр. Өссө иэдээнэ, маннык күнү-дьылы мэҥэстэ ас-үөл суоҕа дьону аччыктатан, хоргутан эрэрэ баар ээ. Хайаабыт да иһин, ыарахан кыстыгы туоруур улуу мөккүөр дьон олоҕор турда. Бурдук сир-сир аайы араастаан үүннэ. Ол да буоллар, кураанах аҥаардаах бурдук соломотун быһарга үлэһит илии тиийбэккэ, оҕо-дьахтар, кырдьаҕас үлэлээбитэ. Бу үлэни үлэлэтэргэ, хонтуруоллуурга оройуон кииниттэн Бөтүрүөп диэн боломуочунай кэлэн, биир туораах бурдук энчирээбэтин туһугар бааһынаҕа сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри кэтэһэн-манаһан олороро. Биир туораах бурдук сиргэ тохтон түспэтин, биир ытыс бурдук сиэпкэ, мөһөөччүккэ киирбэтин кыраҔатык кэтиирэ. Өскөтүн оннук түбэлтэ боломуочунай хараҕар түбэстэҕинэ, дьиэҕэ таарыйбакка да түрмэ диэки утаарыллалларын билэр буолан, дьон олус куттаналлар. Төһө да бурдук, килиэп өлөртөн быыһыыр ас буолалларын биллэллэр, аччыктаабыт көнө курдук. Бааһынаҕа бурдугу түүтэхтэринэн баайтаран барытын холкуос маҥхааһайын таһыгар тастаран, онно бурдугу ыраастатан, суот-учуот кинигэтигэр бэлиэтээн баран, маҥхааһайга уктаран, хататан иһэллэрэ. Ол курдук, уонча хонугунан бурдук хомуурун бүтэттэрэн, боломуочунай оройуоҥҥа барар сарсыардатыгар холкуос хонтуоратыгар кэпсэтии буолла.

– Хомуур үлэтэ бүттэ. Үлэ кэмигэр үлэҕэ тахсыбат буолуу, бурдугу тоҕуу, кистээһин курдук улахан кэһиилэр тахсыбатылар. Ол эрээри киэһэ, түүн кистээн бааһынаттан тохтубут бурдугу хомуйуу, ону кутуйах хасааһын булбукка сигэнии эҥин суох буолуохтаах. Ыскылаакка бурдук итиэ суохтаах, наада тирээтэҕинэ бу аакка суруллубут сыыппара көрдөрөрүнэн ирдиэхпит, – диэн боломуочунай Бөтүрүөп, сөпкө быһаардым буолбат дуо диэбиттии, бэрэссэдээтэл, маҥхааһай сэбиэдиссэйин диэки кытаанахтык көрүтэлээн кэбистэ.

Балачча ким да саҥарбата. Мохуорка табаҕын хаһыат кумааҕытыгар суон соҔустук эрийэн уматтынан, хаста да дириҥник эҕирийэн оборон баран холкуос бэрэссэдээтэлэ Баһылай Кынаачайап олохтоох соҕустук эттэ:

– Анньыыһын Баһылайабыс, бу холкуоһум дьонун олохторугар-дьаһахтарыгар, кинилэр этэҥҥэ, тыыннаах буолалларыгар мин быһаччы сибээстээх, эппиэттээх киһи буолабын. Мин дьоммор өйөбүлүм, дьаһалтам олус наада, ону эн өйдүүгүн. Кураан кэлэн, от-бурдук үүммэтэ. Ол содулугар олох туруга мөлтөөн, дьон аччыктааһына тахсыан сөп. Дьону-сэргэни аччыктааһынтан быыһыахха наада. Туох-ханнык дьаһалы ылыахха сөбүй?

– Фронт туһугар, кыайыы туһугар бары күүспүтүн түмэн үлэлиэхтээхпит, былаас эккэ, бурдукка, онтон да атын соруктарга былааннарын, байыаннай нолуоктары, заемнары хомуйууну күүскэ уонна булгуччу толоруохтаахпыт, ыытыахтаахпыт, ол мүччүрүйбэт иэспит буолар.

– Ити эттэххэ дөбөҥ. Үлэтигэр нэһиилэ иэҕэҥнии сылдьар киһи төһөнү кыайыай? Ыал ото суох, чааһынай сүөһүлэрин сарбыйан туттаралларын былаас бобор. Сүөһү көнньүнэн өллөҕүнэ, ыксаатахха олору туттары көҥүллүүр хайдах буолуой?

– Хайдах диэн этэҕин?! Былаас чааһынай сүөһүнү туттууну уонна көнньүнэн, ыран-дьүдьэйэн өлбүтү сиэһини бобор ыйааҕы ылбыта, билэр буолуохтааххын. Оннук сүөһүлэри сиэн дьон сүһүрүөхтэрин уонна дьону сутуйуохтарын сөп диэн, былаас дьон олоҕун араҥаччылыыр эбээт. Ону өйдүөххэ наада.

– Ок-сиэ… Син биир от суох буолан, сыл тахсыбат сүөһүгүн көрөн олорон, хоргуйан өлөр үлүгэрэ буолсу буолбат дуо?!

– Хайыаххыный, сокуон оннук. Баһылаай, эн биири кытаанахтык өйдүөхтээххин, улахан өлүүлээх-сүтүүлээх сэрии бара турар, онно биһиги, бу тыыл дьоно, аһынан-үөлүнэн хааччыйыах тустаахпыт. Онон оннук-маннык быстах санааҕа кииримэ, сыыһа-халты туттуоҥ, билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолуоҥ, бэйэҥ төбөҕүнэн эппиэттиириҥ кэлиэ. Оннук! Бу кэпсэтиибит бэйэбит икки ардыбытыгар хааллын, кэпсэппэтэхпит курдук буоллун!

Баһылай Кынаачайап боломуочунайга бэйэтин санаатын быһа бааччы эппэтэр даҕаны, таайтара соҕус чугаһатан кэпсэтэн боломуочунай санаатын биллэ. Ханан даҕаны дьиэк биэрбэттик эттэ, үөһэттэн итинник ыйыылаах-кэрдиилээх сырыттаҕа. Дьэ буолар да эбит!


***

Баһылай Кынаачайап улахан санааҕа-онооҕо баттата сылдьар. Ыарахан кыстык саҕаланна. Дьон аччыктааһына хайдах да тахсыах курдук буолла. Биир киһи баһыгар ыйга билиҥҥитэ үстүү, оҕоҕо балтараалыы киилэ туораах бурдук бэриллэрэ төһө бэйэлээх эбиискэ буолуой? Харыстаан-харыстаан тарда сатаан, уу судураай хааһы оҥостон сиэбитэ буолаллар. Ол быстан хаалан эрэй. Арыый эрдэ дьаһаммыттар күһүн үөрэ отун, кииһилэни хомуйан, ону хатаран хааһыга кутан эбиискэ курдук гыналлар. Ол да ыал аайы баар буолбатах ээ.

Холкуос хонтуоратыгар ырбыт-дьүдьэйбит, тайахха тэптэрэн, өйөнөн кэлбит киһи күн аайы баар буолар. «Кыратык бурдукта, аста, хайдах да сүөһү этэ, иһэ-үөһэ буоллун, бэрис, күн-ый буол», – диэн көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Көрүөххэ-истиэххэ олус ыарахан! Биир дойдулаахтарыҥ, бэркэ билэр, соторутааҥҥа диэри үлэни-хамнаһы өрө туппут дьонуҥ бу айылаах ытыстарын тоһуйан, эн сирэйгин-хараххын кэтэһэ тураллара ыарахан, олус ыарахан буолбаат!

Күһүн хаар түһэн, бастакы тоҥоруу саҕана государствоҕа былааны толорууга диэн сүөһү өлөрүүтэ буолбута. Дэриэбинэ анныгар чугас турар маҥхааһай киэҥ олбуорун иһигэр буойуна тэриллибитэ. Холкуос үлэни кыайар өттө, кырдьаҕастар, оҕо-дьахтар бары үлэлээбиттэрэ. Оройуон кииниттэн сүөһү өлөрүүтүн тэрийсэ, хонтуруоллуу диэн биир сааһыра барбыт тойон киһи уонна кинини кытта эмиэ биир милииссийэ үлэһитэ кэлбиттэр этэ. Сүөһүнү өлөрөр туһунан сурах дэриэбинэ иһин тилийэ көппүтэ. Оо, онно этэ дии, аччыктаабыт, нэһиилэ уйуттан хаамар дьон үгүстэрэ туох эмэ биирдэ айахха угар ас биэрээйэллэр диэн эрэл соҕус санаалаах мустубуттара. Арыый аҕай сэниэлээх өттүлэрэ күнү быһа кэриэтэ сыддьыбыттара. Араастаан ааттаһан элэ-была тыллары этэн, сордонон да көрөөхтөөбүттэрэ. Ол туһаны аҕалбатаҕа. Оройуонтан сылдьар тойон: «Манна эһиги чугаһыы да сатаамаҥ бу барыта фронт туһугар, Кыайыы туһугар барар ас. Сокуон оннук, эрдэ сылла бары тарҕаһыҥ!» – диэн хаһыытаан ыгыстара. Дьон эрэйдээх туохха да тиксиэ суохтарын билбиттэрэ. Абаларыгар, кыһыыларыгар хаарга тохтубут хаан бөлөҕүн, киһи сиэбэт ол-бу куһаҔан этин хомуйсубуттара.

Нэһилиэк биир кырдьаҕаһа, 80 сааһыгар чугаһаабыт Балбаара эмээхсин барахсан дьоҥҥо өйөтөн-убатан киирээхтээбит этэ. Бука, кырдьаҕас киһиэхэ тугу эмэ дук гынаайаллар диэн кэлээхтээтэҕэ. Холкуос бастакы тэриллиитигэр оҕонньорунуун, оҕолорунуун сүөһүлэринэн кыттыһан бастакынан киирбит ыаллартан биирдэстэрэ, дьону холкуоска киирэргэ көҕүлээбит уонна атаҕар турарыгар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит, сыраларын биэрбит дьон этилэрэ. Эмээхсин төһө да бүдүгүрэ кырыйдар, өйө-мэйиитэ, санаата хоп курдук этэ. Тойотторго тиийэн: «Оҕолоруом, кырдьаҕас киһиэхэ күн-ый буолуҥ, хоргуйан өлөрбүт кэллэ, сиэннэрим аччыктаан сэниэлэрэ суох буолан сытаахтыыллар, абырааҥ, кыратык эмэтик эттэ бэрсиҥ, аһыныҥ», – диэн кырдьаҕас киһи сиэринэн көрдөспүтэ-ааттаспыта. Үлэлии сылдьар дьон аһыммыттара буолуо да, тойоттор көрө турдахтарына тугу гыныахтара баарай?! Эмээхсини кытыы диэки таһааран кэбиспиттэрэ. Абаккатыгар тугу эрэ саҥараахтаабыта да, иһиллибэтэҕэ. Арай өлбөөдүйэ бүрүллэн эрэр мөлтөөбүт хараҕар аба-сата, кэлэйии кыымнара көстөн ааспыттара. Баһылай Кынаачайап итини барытын санаан көрдөҕүнэ олус хараастар. Бу биир дойдулаахтара өлөр-быстар ыарахан кэмнэригэр салайааччы киһи быһыытынан дьэ тугу көмөлөһөн, өйүүр кыахтааҕый? Ол күн сүөһүлэрин этин грамыгар тиийэ чуолкайдык ыйаан, биэдэмэскэ киллэрэн, эти ыскылаакка уурдаран, хататан-сургуустатан баран, оройуон дьоно былааннарын толорон барбыттара. Арай буойуна тэлгэһэтин үрдүнэн хааҥҥа ымсыырбыт хара суордар халаатыы көппүттэрэ.


***

Табалаах урукку дьылларга элбэх балыктаах күөллэрдээҕинэн биллэрэ. Дьон-сэргэ туулаан, илимнээн, муҥхалаан айахтарыгар сиэн абыраналлара. Ол эрээри үлэттэн-хамнастан ордон балыктыыр киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Арай сайын, күһүн күргүөмүнэн муҥхалаан сииллэрэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор туулаан сайыны быһа дьоннорун, ыалларын аһаталлара. Ол бэйэтэ бу кураан кэлэн, кыра балыктаах күөллэр кууран-хатан, уолан, хара буорунан көрдүлэр, дэлби хайыта бардылар, киһи эрэ хараастар, сонньуйар көстүүлэннилэр. Оттон дэриэбинэ анныгар баар Табалаах күөл, дириҥэ, улахана бэрт буолан, балачча тулуспахтаһан турар, ол эрээри киэҥ киэлитэ киһи хараҕар биллэрдик аччаабыта көстөр. Балыга бөдөҥүнэн, эмиһинэн, сырдык ыраас көрүҥүнэн биллэрэ. Олохтоохтор ытыктаан «аһатар ампаарбыт – эбэбит» диэн ааттыыллар. Балыга эрэ буолуо дуо, элбэх оту биэрэрэ, куһа-хааһа…

Баһылай Кынаачайап дьонун-сэргэтин аһатар баҔаттан биир күн холкуос бырабылыанньатын дьиэтигэр бырабылыанньа чилиэннэрин уонна кырдьаҕас оҕонньоттору ыҥыртаан эбэҕэ биир күн муҥхалыыр туһунан этии киллэрдэ. Ыҥырыллыбыттар итини улаханнык сэҥээрдилэр, табылыннаҕына балык сиэхпит диэн бөҕөх санааларын эттилэр. Дэриэбинэҕэ үс улахан муҥха баарын күн бүгүҥҥүттэн абырахтаан, оҥорон, бэлэм гынарга диэн быһаардылар. Ити үчүгэй сурах ас бэйэтэ кэлэрин тэҥэ иһилиннэ. Дьон санаата көтөҔүлүннэ, муҥха хаһан буоларын кэтэһии буолла.

Дьэбдьиэйдээх ити сураҕы эмиэ үөрүүнэн иһиттилэр. Оҕолор ону истэн, муҥхаҕа киирсиэх буоллулар. Кинилэргэ эмиэ өлүү балык тиксиэ дии. Үлэлээбэт, кыаммат дьон аччыктыыллара элбээн иһэр курдук. Ыал ыалынан аччыктаан, турар кыахтара суох буолан сытынан кэбиспит түгэннэрэ баар буоллулар. Ол эрээри, билиҥҥитэ хоргуйан өлбүт суох. Муҥхаҕа балык кэллэр, онуоха-маныаха диэри өрүһүнүү буолуо эбит.

Дьэбдьиэйдээх аҕаларыттан бастакы суруктан ураты кэлэ илик. Хайдах ханна сылдьар, туох буолла диэн санаа олох арахпат. Аҕалара барбыт ыалларга сурук эмиэ аанньа кэлбэт, биир эмэ сурук кэллэҕинэ дэриэбинэҕэ тута иһиллэр, кэпсээҥҥэ сылдьар.

Холкуос үүтү астыыр сириттэн кыра оҕолоох ыалларга киилэ аҥаардыыта, сороҕор киилэлии үүт күүгэнэ диэни сөп буола-буола биэрэн абырыыллар. Дьэбдьиэй онтон оҕолоругар ылан иһэрдэр, ас аата ас, истэрин көппөтүнэллэр.

Дьэбдьиэй күһүн хомуйбут бэс субатын үөрэлээн сиэн көрдө, туох үчүгэйэ кэлиэй да, аччыктаабыт киһи сиэн сөп курдук эбит дии санаата. Аны биир кыһалҕа ыган кэлэн иһэр, ол оттор мас бүтэрэ чугаһаата. Онто да суох маһын харыстыы сатыыр. Аҕалара бэлэмнээбитэ бүтэн эрэр. Дьиэлэрэ өрүү сөп-сөрүүн, истээх таҥастарын кэтэ сылдьаллар. Дьэбдьиэй сарсыарда халлаан сулустара сүтэ иликтэриттэн киэһэ хараҥа буолан сулустар тахсыахтарыгар диэри үлэтигэр сылдьар, дьиэҕэ оҕолорум тоҥуохтара, тымныйан ыалдьыахтара диэн куттанар. Салайааччыларыгар этэн көрбүтүн, көмөлөһөр кыахтара суоҕун, атын мастаах ыалга дьукаахтаһарыҥ буоллар диэн этэллэр. Оннук эрэ буолсу быһыылаах. Маһа төһө тиийэринэн олорон көрүө буолуо. Онтон…

Бүгүн эбэҕэ муҥха буолар. Дьыбардаах, ыраас халлаан. Күн үөһэ ойдо. Ыаллар дьиэлэрин оһохторуттан халлааҥҥа харбаһар унаар буруолара, дьон кэпсэтэр саҥата, сыарҕалар хаарга сыыйыллаллара, онон-манан ыттар үрэн маргыйаллара дэриэбинэҕэ олох күөстүү оргуйа турарын санатара киһи санаатын өрө көтөҔөр. Дьэбдьиэй үлэтин бүтэрэн киирэригэр уолаттара, хайыы-үйэ туран, ийэлэрин кэтэһэ сылдьаллар эбит. «Көр эрэ, эр дьон дуома буоланнар, булка сүрэхтэрэ тэбэн эрдэлээбиттэрин, хойут ыал буолан, кэргэттэрин, оҕолорун иитэр-аһатар аҕа, бас-көс дьон буолуохтара» дии санаан оҕолорун төбөлөрүттэн сыллаталаан ылла.

Сарсыарда эрдэттэн ким сатыы, ким сыарҕа аттаах эбэлэригэр киирдилэр. Атаҕар уйуттар кыахтаах барыта тиийдэ. Дьон санаата көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин өттүлэрэ: «Оо, эбэбит барахсан, баайгыттан бэрис, күн-ый буол», – диэн көрдөһөр саҥалара иһиллэр. Арыый сэниэлээх, эдэр өттүлэрэ муҥха түһэрэн, нырыы ойбоннорун тэһэн үлэлээн-хамсаан бардылар. Үс муҥханы күөл илин өттүгэр дириҥэр түһэрэн, иитэн тоһуйдулар уонна арҕааттан нырыылаан үүрүү буолла. Маны барытын Баһылай Кынаачайап хас да көмөлөһөөччүлээх тэрийэн, салайан үлэлэтэр. Туона түһүүтүн, кини суолун-ииһин балыксыт, муҥхаһыт Дьөгүөссэ кырдьаҕас этиитин, сүбэтин ким да утарбат, истэн-толорон иһэллэр. Күөлгэ киирбит дьон бары, кырдьаҕастан, кыамматтан, кыра оҕотуттан ураты, нырыыга турдулар. Дьэбдьиэй уолаттарыныын нырыыга кэккэлэһэ сылдьаллар. Кыра уолу Паананы сыарҕаҕа баран олор, тоҥуоҥ дииллэрин олох истибэт, нырыылаары баҕа баһаам.

Киэһэлик муҥхалар эрдэ таҕыстылар. Төһө балык кэлбитин көрөөрү, муҥха ийэтэ тахсарыгар чардаакка үмүөрүһүү буолла. «Оо, кынакка бастакы бэриэччик собо кэллэ, үчүгэйдэтээри гынныбыт», – диэн саҥа аллайыылар иһилиннилэр. «Аргыыйыҥ, иһэр балыгы кэҕиннэримэҥ», – диэн ким эрэ буойда. Үс муҥха ийэлэрэ тэҥҥэ таҕыстылар. Соболор ийэлэр айахтарыгар ууну таһыйан лаһыгырайан оонньообуттара балык балачча баарын биллэрдэ. Дьон үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх, кэлии-барыы сыыдамсыйда, эбэлэригэр махтаныылара элбээтэ. Балыгы муус үрдүгэр хаары ыраастаан куттулар.

Үллэрии иннигэр Баһылай Кынаачайап:

– Табаарыстар! Эбэбит барахсан аһатта. Бырабылыанньа быһаарыытынан, аспыт-үөлбүт ыараханынан, дьон аччыктааһына тахсыбатын диэн биир да ыалы көтүппэккэ, дууһанан үллэстэргэ, онон эбэбит биэрбит аһын сыа-сым курдук остуолбутугар тириэрдэрбитигэр быһаардыбыт. Аҕыйах куулу олох ыарахан балаһыанньабытыгар туттарга диэн холкуос ыскылаатыгар ууран эриэхпит этэ. Онно эһиги сөбүлэһэргит буолуо диэн эрэнэбин. Уонна өссө биири этэбин: нэһилиэнньэ, олохтоохтор быһаарыныыларын өйөөн, ылынан холкуос бырабылыанньата бигэргэтэр диэн мунньах боротокуолун оҥоруохпут, – диэтэ.

Дьон сөбүлэһэн «сөөп-сөп» диэн хаһыытастылар. Балыктарын улахан киһиэхэ иккилии толору биэдэрэнэн, оҕоҕо биэдэрэнэн үллэһиннилэр.

Дьэбдьиэйдээх бүтүн куул кэриҥэ инчэҕэй балыгы, бэйэлэрэ хайдах да кыайан көтөхпөт астарын дьоҥҥо көмөлөһүннэрэн, сыарҕалаах аттаах киһиэхэ тиэйтэрэн, онно олорсон дьиэлэригэр кэллилэр. Үөрүү-көтүү буолла. Ампаардарыгар сиргэ хаар кутан, онно балыктарын тэлгэтэн, тоҥорон кэбистилэр. Ол киэһэ сибиэһэй балык буһаран, астына, үөрэ-көтө тото аһаатылар. Бу киэһэ дэриэбинэ ыалларын таас түннүктэригэр өргө диэри чүмэчи, ыһыырынньык уоттара кылахачыстылар. Бэйэ-бэйэҕэ өйөнсүү, көмөлөһүү сылаас сыһыана хас ыал аайы сүрэҕи үөрдэн, санааны көтөҕөн күндү ыалдьыт буолан киирдэ.


***

Райком бастакы сэкирэтээрэ, 50-ча саастаах, баттаҕа чанчыктарынан кыырыктыйан эрэр, хатыҥыр, ыарытыган көрүҥнээх Романов Иннокентий Васильевич субу аҕай Дьокуускайга обкомҥа тыа хаһаайыстыбатын сэкирэтээрин Ивановы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэн бүтэрин кытта, төлөпүөнэ эмиэ өрө тырылыы түстэ. Обком сэкирэтээрин кытта ыарахан соҕус кэпсэтиини этэҥҥэ быһаарсан, дьэ уоскуйан олорон эрдэҕинэ, бу звонок соһутан, уйулҕатын көтүттэ. Сороҕор итинник тыастан соһуйар идэлэнэр буолан хаалла.

– Алло, истэбин…

– Иннокентий Васильевич, партконтроль сэбиэдиссэйэ Петр Афанасьевич саҥарабын. Бэҕэһээ Табалаахха эбэлэрин муҥхалааннар, киһи баһыгар иккилии, оҕоҕо биирдии биэдэрэ собону үллэстибиттэр, онон ыаллар куулунан балыгы ылбыттар. Кэлбит балыгы барытын үллэстибиттэр. Аҕыйах куул балыгы бэрэссэдээтэл Кынаачайап бэйэтигэр хаалларбыт. Бу туох самовольнай быһыытай, кинилэргэ балыкка, заготовкаҕа былаан суох этэ дуо?

– Петр Афанасьевич, маны төлөпүөнүнэн кыайан быһаарбаппыт буолуо, тыа хаһаайыстыбатын, заготовка сэбиэдиссэйдэрин илдьэ билигин миэхэ киирэ сылдьыҥ эрэ.

Өр-өтөр буолбата, ыҥырыллыбыт дьон райком бастакы сэкирэтээрин хоһугар баар буоллулар. Кэпсэтии түмүгүнэн, оройуоҥҥа балыгы бултааһыҥҥа сыыппара түспүт эбит, ол гынан баран «Түмсүү» холкуоска былаан суох. Ити ким эрэ көтүмэх быһыытыттан тахсыбыта чуолкайданна. Былаанныыр отдел үлэһиттэригэр итинник улахан сыыһа иһин буруй сүктэриллэр буолла. Ол да буоллар, күн сарсын «Түмсүү» холкуос бэрэссэдээтэлин суһаллык ыҥыран кэпсэтэргэ диэн быһаардылар.

Сарсыныгар Баһылай Кынаачайап райком бастакы сэкирэтээрин хоһугар, райком активын иннигэр быһаарыы биэрэн, сэмэлэнэн, сирэй-харах анньыллан тириттэ-хорутта. Дьон бэйэлэрин чааһынай муҥхаларынан, бэйэлэрэ илиилэринэн үлэлээн ылбыт балыктарын үллэстибиттэрин, аһыырга ас татымын, онон дьон аччыктааһына тахсыбатын туһугар кыһанарын этэн көрбүтүн саба саҥардылар, бу үлүгэрдээх сэрии бара турар кэмигэр фроҥҥа көмө бастакы уочаракка туруохтааҕын эҥин туһунан элбэҕи эттилэр. Итиэннэ партийнай киниискэтигэр киллэрэн туран, тиһэх кытаанах быыгабары биэрдилэр.


***

Күһүн хаар түһүөн аҕай эрэ иннинэ Дьэбдьиэйдээххэ Дьөгүөр убайа Уйбаан кэлэ сырытта. Өрүүтүн да икки ыанар ынахтан ордугу ииттиммэт дьон быйыл күһүн улахан ороскуокка тэбиллибиттэрин кэпсээтэ. Саамай үүттээх, аһы-үөлү биэрэр ынахтара маска атыллан сыккырыыр тыына быстаары сытарын буланнар, тыынын салҕаабыттар. Сылаас, эт буорту буолар кэмэ буолан, хаһаанан уурунарга хайдах да табыллыбатынан чугас ыалларынан үллэрэн кэбиспит. Онон үс кыра оҕолоох ыал айахтара аччаабытын, быстарбытын эттэ.

– Быйыл күһүн дулҕа, талах быыстарын сирийэн оттоон, сүөһүлэрбин айахтарын тарда соҕус аһатан, хайдах эмэ гынан сыралаһан кыс таһаардарбын диэн баҕалаах этим, – диэтэ.

Оттон Дьэбдьиэй икки ынахтааҕыттан биир ынаҕын сыл таһаарар ото суоҕун, онон хайдах быһаарыныаҕын билбэккэ олорорун кэпсээтэ. Дьэбдьиэй Уйбаан биир ынаҕы ылан сыл таһааран, аһын аһаан иитиэ дуо диэн иһигэр саныы олордоҕуна, ону эрэ сэрэйбит курдук Уйбаана:

– Оттон эн туох диириҥ буолла, мин ылан сыл таһааран көрдөхпүнэ? Быйыл уулаах сүөһүнү харыстыахха ээ. Үүтүттэн-аһыттан ордорон кыһын тоҥорон аҕалыам да этэ. Күн-дьыл, олох-дьаһах көннөҕүнэ, бэйэ икки ардыгар кэлин даҕаны быһаарсан иһиэхпит этэ буоллаҕа, – диэтэ.

– Сөп бөҕө буоллаҕа дии, – диэн Дьэбдьиэй баҔарбыт санаатын таба эттэрэн үөрэ түстэ.

Кырдьыга да оннук ээ, ынаҕы аймахтара, көмө-ама буолар киһилэрэ ылбыта ордук бөҕө буоллаҕа, ыран-сутаан охтуон эбэтэр холкуоска соҕотуопкаҕа барыан кэриэтин?

Онон Уйбаан туох да тардылыга, үгүс кэпсэтиитэ суох ол күн Дьэбдьиэйдээх саамай үүттээх ынахтарын Маҥаачыйы дойдутугар сиэтэн илдьэ барбыта. Ынахтарын атаара бары дьиэлэрин таһыгар тахсыбыттара. Маҥаачыйдара, өйдөөх харахтарынан көрө-көрө, бэрт улгумнук барса турбута.


***

Өктөөп бырааһынньыга тиийэн кэллэ. Урукку сылларга бу бырааһынньык олус күүтүүлээх, күндү буолара дии. Оскуола, хонтуоралар тастарыгар улахан, кыра кыһыл былаахтар бөҕө кэчигирэччи анньыллаллара, былакааттар, Ленин, Сталин мэтириэттэрэ көстүүлээх сирдэргэ ыйаналлара көрүөххэ үчүгэйэ, санаа көтөҕүллэрэ тэҥнээх буолуо дуо?! Саамай күүтүүлээҕэ оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр дэриэбинэ дьоно, бырааһынньыктыы маанытык таҥнан, оҕолуун-уруулуун, олох кырдьаҕаһыгар тиийэ кэлэн дакылаат истэллэрэ, кэнсиэр көрөллөрө, эдэр өттө балалаайка, хормуоска тыаһыгар дуоһуйа үҥкүүлээн астыналлара.

Быйыл эмиэ сэтинньи 6 күнүгэр киэһэ 7 чаастан оскуолаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24 сылыгар аналлаах биэчэр, онно дакылаат, кэнсиэр, үҥкүү буоларын туһунан биллэрии оскуола, маҕаһыын тастарыгар ыйаммыттарын дьон сэргии аахта.

Дьэбдьиэйдээх кыракый дьиэлэригэр бу киэһэ эмиэ үөрүү-көтүү, сэргэхсийии буолла. Ордук оҕолор күннээтилэр, эдьиийдэрэ Аанчык интернаттан каникулугар дьиэтигэр кэллэ. Өссө үөрүүлээҕэ – 4-с кылааска бастакы чиэппэргэ үөрэҕэр ударник буолбут, ол аата «4», «5» сыаналарга үөрэммит. Ийэтигэр көрдөрөөрү үөрэҕин таабылын илдьэ кэлбит. Бырааттара эдьиийдэрин ахтыбыттара биллэр. Батыһа сылдьан кинигэ ойуутун кэпсэттэрэ сатыыллар. Аанчык да бырааттарын ахтыбыта сүрдээх. Хам-хаадьаа да буоллар, интернакка суулаах кэмпиэт биэрэллэриттэн ордорунан аҕалбыта, аҕыйах быһыы сымнаҕас килиэбэ оҕолорго туохтан да күндү кэһии буолла. Оҕолор, биллэн турар, тута сиэхтэрин баҕардылар, онуоха ийэлэрэ:

– Кэбис, тохтуу түһүҥ, эдьиийгит кэһиитин остуолга олорон сиэриҥ, сөп дуо? Сотору аһыахпыт, тулуйа түһүҥ, – диэн ылан ыскаапка ууран кэбистэ.

Оҕолор хаһан аһыылларын кэтэһии бөҕөтө. Ийэлэрэ собо мииннээбитэ, ол сыта дьиэни ылан кэбиспитэ бу үчүгэйин, киһи иҥсэтин, аһыах баҕатын көбүтэрэ эриэхситин. Аанчык ийэтигэр оскуола, интернат сонуннарын, табаарыстарын, учууталларын тустарынан элбэҕи кэпсээтэ. Муҥхаҕа үрдүкү кылаас оҕолоро сылдьыбыттарын, оттон кинилэри таҥастара чараас диэн илдьибэтэхтэрин, оҕолор, иитээччилэр элбэх балыгы аҕалбыттарын, хаста да тото балык сиэбиттэрин, онтон да атын сонуннары улахан киһилии сүрдээх үчүгэйдик кэпсээтэ. Оттон кыралар эдьиийдэригэр «биһиги эмиэ элбэх да элбэх балыгы аҕалбыппыт» диэн киһиргээтилэр.

Түөрт муннуктаах уһун аһыыр остуол бас туорайыгар ким да олорбот. Ити – аҕаларын миэстэтэ. Онно ким да олоро да, санана да сатаабат. Оттон бүгүн Аанчык бэйэтэ да өйдөөбөккө ол миэстэҕэ олоро түспүтүн, Егорка бэрт улахан киһилии:

– Эдьиэй, эн итиннэ олорума. Ити – аҕабыт миэстэтэ, ким да ылбат. Сотору кэлэн бэйэтэ олоруо дии, – диэтэ уонна тур диирдии илиитинэн хаһыйда.

Итини истэн Дьэбдьиэй куолайыгар хомуок турбутун курдук буолла, кэҥэриитэ кычыгыланан хараҕын уута тахсыбытын оҕолоругар көрдөрүмээри төттөрү хайыһан, ытыһын көхсүнэн сотунан кэбистэ. «Дьэ ити, оҕолорум барахсаттар, эмиэ бэйэм курдук, аҕаларын сүрэхтэригэр-быардарыгар илдьэ сылдьаахтыыллар ээ, санаабатах-ахтыбатах күммүт суох. Аҕабыт барахсан, ханна, хайдах сылдьаахтыыгын?» дии санаан үөһэ тыынна.

Онтон бэйэтин кыана туттан, остуолга аһыырдыы олорбут оҕолоругар эргиллэн:

– Оҕолоруом, биһиэхэ бүгүн бырааһынньык: Өктөөп бырааһынньыга, эдьиийгит кэллэ. Онон оҕолорбун тото-хана аһатабын, собо, хааһы буһардым уонна оттон эдьиийгит кэһиитэ, – диэтэ.

Аанчык ийэтин:

– Ийээ, оскуолаҕа бырааһынньык буолар, баран көр, иһит. Оскуолабыт иһэ олус үчүгэй, киэргэттибит аҕай, интернакка лаампа тааһын бөҕөнү ыраастаатыбыт, оскуола сырдык да сырдык буолуоҕа. Мин оҕолорбунуун хаалыаҕым, – диэн хаайда.

Дьэбдьиэй эмиэ да оскуолаҕа барыан, эмиэ да оҕолорун кытта хаалыан баҕарар. Ол эрээри, оҕолорун тылларын истэн, оскуолаҕа барда.

Оскуола, кырдьык, сүрдээх үчүгэйдик бырааһынньыктыы киэргэтиллибит. Дьон мустан эрэр. Сценаҕа кыһыл сукуна сабыылаах уһун остуол тардыллыбыт, онно хас да лаампа умайар, сып-сырдык буолбут. Сцена аннынан тардыллыбыт ыскамыайкаларга кэлбит дьон тас таҥастарын устубакка олортолоон истилэр. Балачча дьон мустубутун кэннэ сценаҕа сэбиэт, холкуос бэрэссэдээтэллэрэ, оскуола директора уонна партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ тахсан олордулар. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Антон Сиидэрэп дьону чуумпурдан тарбаҕынан остуолу тоҥсуйбахтаан ылла уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24 сыла туолбутунан эҕэрдэлээтэ, онно анаммыт миитини уонна биэчэри аһыллыбытынан аахта. Дакылааты оҥорорго тылы оскуола директорыгар Платон Романовичка биэрдэ. Платон Романович трибунаҕа тиийэн бинсээгин сиэбиттэн бүк тутуллубут тэтэрээти таһааран дакылаатын ааҕан барда. Дьон чуумпуран олорон дакылаатчыт хас биирдии тылын сиргэ түһэрбэккэ истэллэр. Директор, учуутал киһи бэйэтэ даҕаны оҕону үөрэтэр, өйдөтөр курдук боростуой тылынан-өһүнэн Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин суолтатын, билигин бара турар сэрии балаһыанньатын туһунан кэпсээбитэ дьон болҕомтотун тарта. Онно Дьэбдьиэй баһыйар күүстээх Гитлер сэриилэрэ Москва куорат анныгар чугас тиийэ кэлбиттэрин, онно тыын былдьаһыылаах хапсыһыылар буола туралларын туһунан болҕойон иһиттэ. Дакылаатчыт тыылга олорооччулар, үлэлээччилэр аармыйаҕа үлэлэринэн, аһынан-үөлүнэн, сылаас, итии таҥастарынан көмөлөһөллөрүгэр уонна байыаннай нолуокка, заемнарга актыыбынайдык кытталларыгар ыҥырда. Түмүгэр: «Санааны түһэрбэккэ Сэбиэскэй аармыйа модун күүһүгэр эрэнэбит! Кыайыы биһиэхэ буолуо! Улуу сирдьиппит Сталин куруук биһигинниин, кини муударай салалтатынан иннибит диэки! – диэбитигэр саалаҕа олорооччулар ытыстарын тыаһа хабылла түстэ.

Дакылаат кэнниттэн ыччаттар уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин күүстэринэн кэнсиэр буолла. Дьон бу биэчэртэн төһө да чэпчээбит да курдук буоллаллар, сэрии ыарахан балаһыанньата бу ыраах сытар дэриэбинэ хас биирдии ыалын аанын ыарахан тыынынан тоҥсуйуохтааҕын сэрэйэр курдук дьиэлэригэр тарҕастылар. Дьэбдьиэй урут Дьөгүөрүнүүн Өктөөп биэчэригэр куруук сылдьарын санаан, ыччаттар үҥкүүлүүллэрин кыратык көрө түһэн баран дьиэлээтэ.

Дьиэтигэр кэлбитэ оҕолоро утуйан ырааппыттар, муннуларын тыаһа сурдурҕаабыт. Биир-биир оҕолорун суорҕаннарын көннөрөн, хайан биэртэлээтэ уонна төбөлөрүттэн сыллаан ылаттаата.


***

Дьэбдьиэй оттор маһа бүтэн уонна үлэтигэр да баттатан, онно эбии маһын да харыстаабыта буолан аанньа оттуллубат дьиэтэ тымныйан, Саҥа дьыл эрэ иннинэ Миичэкэ оҕонньордооххо көһөн кэлбитэ. Көһөн да диэн, утуйар таҥастарын сыыһын суулуу тутан, аҕыйах иһиттэрин-хомуостарын мөһөөччүккэ уган салаасканан барбыттара. Миичэкэлээх Дьэбдьиэй дьиэтиттэн соччо ырааҕа суох, куулаҕа сыыр анныгар эмээхсининиин Балааҕыйалыын иккиэйэҕин олороллоро. Икки турбут, ол эрээри ыал буола илик уолаттара күһүн холкуоска үлэлии сылдьан, сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Дьэбдьиэйдээх балаҕаҥҥа үһүс дьукааҕынан кэллилэр. Төһө да кыараҕас буоллар, син батан олороллор. Балаҕан эркиннэригэр сыҥаһа мас ороҥҥо хаптаһын ыскамыайкалары кэтирэтэн хайаан, бииргэ, атахтаһа утуйан тураллар. Үс атахтаах төгүрүк былыргы остуолга урут-хойут аһыыллар. Дьиэлээх кырдьаҕастар – 70-рын лаппа тахсан эрэр дьон. Миичэкэ дьоһун, аҕыйах саҥалаах намыын оҕонньор.

Дьэбдьиэй куттана-куттана оҕонньортон дьукаах ылыаҥ этэ дуо диэн ыйыппытыгар, икки дьукаахтаахпыт, онон үс ыалбыт, оттон кыараҕаһын кэрэйбэт буоллаххына кэл, хайдах эмэ гынан суулаһан олорон көрүөхпүт буоллаҕа диэбитигэр, олус да үөрбүтэ. Миичэкэ, үлэни кыайар-хотор эрдэҕинэ, холкуос биир тутаах үлэһитэ этэ, от-мас үлэтигэр сылдьара. Аҕыйах сылтан бэттэх улахан, ыарахан үлэни кыайбат буолан олорор. Хата, маска сыстаҕас, уус буолан дьиэтигэр олорон эрэ холкуоска сыарҕа, көлө тээбириннэрин, фермаҕа, окко туттуллар сэптэри оҥорор, онно үлэ күнүн, кыра да буоллар, аахсар. Эдэр сааһыттан булчут буолан, билигин да дьиэ таһыгар бултаабыта буолар. Сохсолоох, ону иитэр, туһахтыыр, саас куйуурдуур.

Дьэбдьиэй фермаҕа бииргэ ыанньыксыттыыр дьүөгэтэ Сөдүөрэ алта саастаах кыыһыныын, Нээттэй диэн 40-ча саастаах, фермаҕа көлөнөн от тиэйээччи кэргэниниин Өкүлүүннүүн уонна оскуолаҕа үөрэммэт уоллаах кыыс оҕолорунуун өссө күһүн эрдэ Миичэкэлээххэ дьукаах кэлбиттэрэ. Сөдүөрэ кэргэнэ Баһылай Дьөгүөрдүүн бастакы ыҥырыыга сэриигэ барбыта. Баһылайтан эмиэ биирдэ эрэ өрдөөҥҥүтэ сурук кэлэн турар, ол кэннэ туох да сурах-садьык суох. Оттон Нээттэй доруобуйата мөлтөҕүнэн сыыйыллан хаалбыта. Онон бу кыракый балаҕан сэриилэһэ сылдьар фронтовиктар дьиэ кэргэттэрэ олорор балаҕаннара буолбута. Олохтоохтор оннук да ааттыыллара.

Саҥа дьыл кэнниттэн холкуостаахтар сыллааҕы дохуоттарын үллэстибиттэрэ. Балаҕан дьукаахтыылара сэриигэ барбыт дьоннорун үлэ күннэрин аахсан ханнык эмэ эти, арыыны, бурдугу ылан үөрбүттэрэ. Сорох ыаллар сыл устатыгар эрдэ нэрээт быһыытынан бурдук, арыы, эт ылан, дуона суоҕу аахсыбыттара. Онон, кыра да буоллар, дохуот үллэстэн, дьон аччыктааһыны халбарытына түһэр курдук буолбуттара. Дьэбдьиэй кэргэнин үлэтин күнүн аахсан, дохуоттаммыт курдук санаммыта. Астарын ампаардарыгар сыа-сым курдук кичэйэн ууран, харыстаан сииргэ, күнү тарда сатыырга былааннаналлара. Хайа, уонна күһүн муҥхаҕа тиксибит, дууһаны көтүппэккэ үллэриллибит балык элбэҕи тэптэҕэ. Дьон үтүө санаалаах бэрэссэдээтэллэригэр Баһылай Кынаачайапка махтана саныыллар. Бэрэссэдээтэллэрэ балыгы фронт туһатыгар диэн маҥхааһайга уган хаалларбатаҕын, барытын дьонугар үллэрэн кэбиспитин иһин райкомҥа дьүүллэнэн улаханнык сэмэлэммитин, буруйга тардыллыбытын истибиттэрэ-билбиттэрэ. Дьонум-сэргэм туһугар, кинилэри аччыктааһынтан быыһаары аһаппытым диэн эппитин истэннэр, өссө ордук убаастыы, ытыктыы көрбүттэрэ.

Саас. Күн уһаан, дьыбар тахсар күннэрэ буолан иһэллэр. Балаҕан иһинээҕи ыаллар бэйэ-бэйэлэригэр өйөһөн-убаһан күн уһууругар кэллилэр. Дэриэбинэҕэ сэриигэ барбыттартан икки-үс «хара» сурук кэлэн айманыы, харах уута буолла. Өлбүтү кытта өлбүт суох дииргэ дылы, куһаҕан сураҕы ылбыттар ытаһан-соҥоһон, айманан баран, тыыннаах буолар, фроҥҥа кыайыы туһугар диэн үлэлээн-хамсаан бардылар. Ордук сэриигэ барбыттаах ыалларга маннык ыар сурах сүрэх-баас ыарыыта буолан дьайан киирэр. Ким быһа бааччы маннык сурук миэхэ кэлиэ суоҕа диэҕэй?! Дьэбдьиэй кэргэнин санаабатах, ахтыбатах күнэ суох. Оттон Миичэкэ оҕонньордооххо, Сөдүөрэҕэ эмиэ сурук суоҕун, кэлбэтин санаатаҕына эмиэ да уоскуйарга дылы гынар. Аны фермаҕа да, хаһаайыстыбаҕа да бу олус кырыымчык окко хайдах эмэ гынан сүөһүлэрин охтубат эрэ гынан сыл таһаарар сорук турар. Сотору-сотору бэрэссэдээтэл, биригэдьиир сылдьаннар ол эрэ туһунан кэпсэтэн, мунньахтаан тахсаллара. Фермаҕа Нээттэйи кытта өссө икки эдэр дьахтар көлөнөн от тиэйсэллэр. Күһүн ферма үлэһиттэрэ үлэ бэрээдэгин тутуһууга, үүтү ыаһыҥҥа уонна сүөһүлэри энчирэппэккэ сыл таһаарыыга былаан, сорудах ылыммыттара. Бу ылыммыт былааны толоруу – хас биирдии үлэһит мүччүрүйбэт иэһэ.

Дьэбдьиэйдээх Миичэкэлээххэ кэлэн кыстаан олороллоруттан иһигэр астынар, үөрэр. Дьиэлээхтэр биирдэ да киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка, өйдөһөн олордулар. Кырдьаҕастар барахсаттар дьоҥҥо үтүө санаалаах дьон. Оҕонньор сарсыарда эрдэ туран, бэйэтин кунан оҕуһун көлүнэн халдьаайы тыа куруҥуттан мас тиэйэн түбүгүрэр, онтукатын күн аайы соҕотоҕун чаачар эрбиинэн эрбээн кикиритэр, хайытан, сааһылаан балаҕанын иһигэр кыстыыр. Кыһыҥҥы кылгас күн онон бүтэр. Оттон үлэҕэ сылдьар дьон соло булан көмөлөһөр да түгэннэрэ суох курдук. Аны Миичэкэ оҕонньор сохсотуттан, туһахтарыттан син сөп буола-буола кэрийэн көрөн биирдии-иккилии куобаҕы сүгэн киллэрэр. Онтукаларын биир ыал курдук астанан, бары уос үллэстэн олус абыраннылар. Оо, соҕотох бу куобах миинэ киһиэхэ сэниэ эбэр да буолар эбит. Айылҕа төһө да кытаанах сэбэрэтин, дьүһүнүн-бодотун кыһарыйан көрдөрдөр, хара тыа барахсан байанайа бу кыһалҕалаахтарга мүчүк гынара, ас бэрсэрэ үчүгэйин уонна куруук даҕаны маннык аһыныгас санаатын биллэрэ турдун диэн Киргиэлэй, кырдьаҕас киһи сиэринэн, аал уотун аһатан, алҕаан, көрдөһөр идэлээх. Оҕонньор Лааска диэн ааттаах ыттаах. Кинини хас да сыллааҕыта чугас нэһилиэккэ олорор Сааба диэн түүлээхсит, булчут табаарыс оҕонньоруттан бэлэхтэтэн ылан турар. Сүрдээх сымнаҕас, баара-суоҕа биллибэт, атын ыал ыттарын курдук кэлбит-барбыт дьиэ таһынааҕы дьону үрэн суоһурҕана сылдьыбат. Хаһаайына ханна барар да, батыһа сылдьар. Ытыллыбыт куһу таһаарарынан, куобаҕы күөйэ үүрэн аҕаларынан кырдьаҔаска элбэхтик көмөлөһөр. Биирдэ маннык буолбута. Биир киэһэ аһаан бүппүттэрин кэннэ, балаҕан тирии бүрүөһүннээх аанын ким эрэ кэлэн кыайан аспакка тарбыырын, тоҥсуйарын курдук тыас иһиллибитигэр Балааҕыйа:

– Ааммытыгар ким эрэ кэлэн кыайан аспакка хаайтаран турар быһыылаах ээ, баран көр эрэ, – диэбитэ.

Оҕонньор хап-сабар аанын аһа баттаабыта, ыта Лааска биир муус маҥан бөдөҥ куобаҕы туора уобан турар эбит.

– Хайа, доҕоор, бу ытым куобах тутан аҕалбыт буолбаат! Көр эрэ, бу үчүгэйи! – диэн саҥа аллайаат, куобаҕын үрдүгэр түспүтэ.

Дьиэлээхтэр бары соһуйан да, үөрэн да куобахтарын уларсыһа сылдьан көрүү-истии, ыттарын хайҕааһын буолбуттара.

– Ыт диэн былыр-былыргыттан киһи доҕоро эбээт. Араас ыарахан түгэннэргэ ыт хаһаайынын абыраабыта, өлөр өлүүттэн быыһаабыта элбэх, ол туһунан кэпсээтэххэ кэпсээн бүппэт, – дии-дии Миичэкэ, ытын хайҕаабыта.

Ити курдук ас кэмчитигэр кыра да көстүбүт ас эбиискэ буолар, аччыктаабыт киһи тыынын уһатар, хараҔын сырдатар…


***

Саас биирдэ күнүскү чэй иннинэ, дьукаахтар үлэлэригэр сырыттахтарына, ыт бэргэһэлээх, ыт саҕынньахтаах Сааба оҕонньор Миичэкэлээх балаҕаннарыгар баар буола түстэ. Сааба түргэн туттунуулаах уонна онно эмиэ дьүөрэ түргэн саҥалаах-иҥэлээх, Миичэкэ бараата саастаах ыаллыы нэһилиэк киһитэ.

– Хайа, ыаллар, үөлээннээҕим, сонунуҥ? Туох кэпсээннээх кырдьаҕастаргытый, хайдах олороҕут? – күө-дьаа, доргуччу саҥалаах оҕонньор ыйытан субурутар.

– Тыый, бу Сааба оҕонньор эбиккин дуу?! Чэ, оттон сыгынньахтан хайаа… Эмээхсиэн, чэйгин сылыта уур, – диэт, Миичэкэ ыалдьытыгар олох мас биэрдэ.

Оҕолор ыалдьыт оҕонньор кэлбитин уонна улахан саҥалааҕын да иһин буолуо, сонургуу көрдүлэр.

– Хайа бу дьукаахтааххыт дуу, ким оҕолорой? – Сааба одуулаһан, чуумпуран олорор оҕолору көрөн ыйытар.

– Ээ, ити дьукаахтарым оҕолоро. Икки дьахтар оҕолорунуун бааллар, кэргэттэрэ сэриигэ сылдьаллар. Уонна ити аймаҕым Нээттэй уоллаах бааллар. Онон бу кыра балаҕан түөрт ыалы суулаан олорор.

– Сөп-сөп. Истибитим. Чугас олорор буоламмыт киһи син истэ-билэ олорор буоллаҕа эбээт.

– Оннук ээ.

– Бээрэ, оттон уолаттаргыттан, дьукаахтарыҥ дьонноруттан туох сурах иһиллэрий? Сурук кэлэр дуо? – ыалдьыт сэрэхэдийэ соҕус ыйытар.

– Кэлин сурук кэлбэтэҕэ ыраатта. Ол уоттаах сэриигэ хайдах-туох сылдьалларын ким-туох билэн эрдэҕэй?

Балааҕыйа эмээхсин күнүскү чэйин тардан, кырдьаҔастар, итии үүттээх чэйи сыпсырыйа иһэ-иһэ, хардарыта сонуннарын атастастылар.

– Быйыл сыл түмүгэр курааннаан, от, бурдук аанньа үүммэккэ, дохуоппут олох дуона суох биһиэхэ. Оттон эһиги кэм дохуоттаммыт сураххытын истэммит, кыратык ордук саныах да курдукпут ээ. От-мас, бурдук-ас суоҕа биһиги диэки дьону, сорох ыалы ыалынан амньыратта. Аччыктааһын, хоргуйуу ордук саас диэкинэн тахсыталаата, өлүү-сүтүү да баар. Эһиги диэки хайдаҕый?




Конец ознакомительного фрагмента.


Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539838?lfrom=390579938) на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.


Ийээ  бырастыы гын.. Степан Марков
Ийээ, бырастыы гын..

Степан Марков

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 18.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Ийээ, бырастыы гын.., электронная книга автора Степан Марков на , в жанре современная русская литература

  • Добавить отзыв