Даайыһым, эрэлим

Даайыһым, эрэлим
Степан С. Марков
Төгүрүк тулаайах хаалбыт Даайыһы оҕо дьиэтиттэн эдэр ыал иитэ ылар. Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан эдэр дьон бэйэлэриттэн икки кыра оҕолорун хаалларан олохтон соһуччу бараллар. Иккистээн тулаайах хаалбыт, сокуоннай сааһын саҥа сиппит кыыс олоххо, кэрэҕэ тардыһар күүһүн, дьулуурун тутуһан, ону булгуруппакка олоххо сыалын ситиһэр, бэйэтэ үөрэхтэнэр, оҕолорун иитэн-улаатыннаран үөрэх аартыгын тутуһуннарар.

Степан Марков
Даайыһым, эрэлим

Даайыһым, эрэлим

1
Тоойуом, кытаатан үөрэн. Үөрэхтээх киһи эрэ буоллаххына, үчүгэйдик олоруоҥ, үлэлиэҥ-хамсыаҥ, үөрэҕэ суох киһиэхэ үлэ көстүбэт. Ити үөрэхтээх дьон хайдах курдук үчүгэйдик олороруй, дьиэ-уот, массыына… кинилэргэ туох барыта баар, эчи үчүгэйин! Оттон миэхэ, үөрэммэтэх, туох да идэтэ суох буруйбар, муоста да сууйар баҕалаах курдук. Cааһым тухары онно үлэлээн айахпытын ииттэн олордохпут. Оҕом, эн эрэ үөрэннэргин…
Ийэтэ барахсан бу орто дойдуттан арахсыар диэри баар-суох соҕотох кыыһыгар этэр тыла, баҕарар баҕата ити эрэ этэ.
– Ийээ, мин хайаан да үөрэниэҕим, тылбын биэрэбин. Улааттахпына, үлэһит буоллахпына, биһиги да үчүгэйдик, баайдык олоруохпут дии, – диэн кыыһа куруук ийэтин эрэннэрэр, уоскутар этэ.
Ийэтин ити оҕотугар баҕарар, ыралыыр, көрдөһөр намыын саҥата Даайыс кулгааҕар билигин да чуолкайдык иһиллэр курдук. Олох кыра эрдэҕиттэн ити ийэтин баҕа санаата кинини арыаллаан, аргыс-таһан улааппыта. Билэрэ, ити үчүгэй, улахан кыһалҕата суох олох кини үөрэхтээх эрэ буоллаҕына кэлэрин. Ол да иһин үөрэҕэр олус кыһанара, куһаҕана суохтук үөрэнэрэ. Биллэн турар, кыахтаах ыал оҕолорун курдук таҥас-сап, ол-бу араас оонньуур киниэхэ суоҕа, кыра сылдьан оннук оҕолорго олус ымсыырара. Обургу сааһыгар да барыта дэлэй буолбатаҕа, ол эрэн ийэтэ барахсан оҕолортон оннук олус биллэр-көстөр гына татымнык көрбөтөҕө-ииппэтэҕэ. Даайыс иккис кылааһы бүтэрдэҕин сайын ийэтэ эмискэ ыалдьан бу сиртэн бараахтаабыта. Ийэтэ хаһан да киниэхэ да, кимиэхэ да ыалдьабын, сылайабын диэн үҥсэргээбэт этэ, биирдэ да сытан ылбакка үлэлээн хачыгырыйара. Эрдэттэн ыалдьа, мөлтүү сылдьаахтаабытын кыыһыттан кистии, эмиэ бэйэтин куолутунан барыта ааһыа, этэҥҥэ баран-кэлэн иһэр ини диэн уоскутуна санаабыта буолаахтыа. Ол сайын Даайыска олус ыарахан этэ, аймаммыта, санаатаҕын, аҕыннаҕын аайы сэниэтэ эстиэр диэри ытыыра. Ийэтэ суох ханна барабын, хайдах буолабын диэн оҕотук санааҕа ылларан, тумаҥҥа мунан хаалбыт курдуга.
Даайыс киһини өйдүүр буолуоҕуттан ийэтэ барахсан дэриэбинэҕэ баар тэрилтэлэргэ дьиэ хомуйааччынан үлэлиирэ. Хаһан да оҕотугар үлэтэ ыараханын, кирдээҕин, сороҕор үтүөмсүйбүт, сэнээбит дьон хаҕыс тылынан саҥаралларын кэпсии сылдьыбат, үҥсэргээбэт этэ. Оттон оскуолаҕа сорох мэник-тэник, тыллаах, үчүгэй дьон оҕолоро «эн баара-суоҕа дьиэ хомуйааччы, муоста сууйааччы оҕотоҕун буолбат дуо, тугу эн билиэххиний, туохтаах буолаҥҥын тарбачыһаҕын» эҥин диэтэхтэринэ, утары кыайан тугу да саҥарбакка, харахтарыгар уу-хаар баһан туран хаалара. Бииргэ үөрэнэр, бииргэ сылдьар оҕолоруттан итинник тыллары истэрэ олус да абалаах, кыһыылаах буолара. Дьиэтигэр кэлэн, сыттыгын сыыһыгар умса түһэ сытан, абаккатыттан уйа-кэйэ суох ытыыра. Киэһэ ийэтэ хойутуу үлэтиттэн кэлэригэр сирэйин-хараҕын суунан, аһын бэлэмнээн, үөрэн-көтөн, туох да буолбатаҕыныы көрсөрө.
***
Даайыс ааспыт олоҕун эргитэн элбэҕи саныыр. Олортон санаатын уоскутан ылара элбэх эбээт… Туох баар хомолтото, ыарахана, күндүтүк саныыра кэннигэр аастаҕа, бүттэҕэ, аны иккистээн туох да эргиллибэт! Туох да! Сороҕор урукку кыһалҕалаах, ыарахаттардаах олоҕун санаатаҕына, хараҕын уута сарт түһэр уонна сүрэҕэ ыарыылаахтык ыгыта туппахтыыр, оччоҕо өрүтэ тыыммахтаан ылар.
Олох… Олоҕу олоруу диэн олус уустугун, кыраһа хаар түспүт эриэ-дэхси хонуутугар чэпчэкитик хааман иһэр курдук буолбатаҕын күн-дьыл түргэнник ааһар мөссүөннэрэ Даайыска көрдөрөн испиттэрэ.
***
Даайыс аҕатыгар көтөхтөрөн олорорун үдүк-ба-дык өйдүүр. Кыһын бултуу сылдьан сыыстаран, улаханнык тымныйан ыалдьыаҕыттан өрүттүбэккэ, кыыһа түөрт саастааҕар күн сириттэн арахсыбыта. «Аҕаҥ Ньукулай түүлээхчит этэ, уһун кыһын устата ыраах үрэхтэр бастарыгар үүтээҥҥэ, балааккаҕа хоно сылдьан бултуура», – диэн ийэтэ кэпсиирэ. Кинилэргэ көмө, өйөбүл буолуох айылаах чугас аймах-билэ дьоно суох тулаайах эргийэн хаалбыттара. Үтүө санаалаах ыаллара, бииргэ үлэлиир дьоно баар буоланнар, бэйэлэрин дьиэлэригэр ыал тэҥэ буруо таһааран олорон испиттэрэ баара, ити буоллахтара. Барыта этэҥҥэ баран испитэ буоллар, төһө да олох араас уустуктарын көрүстэллэр, син дьон-сэргэ тэҥинэн олорон иһиэхтэрэ этэ буоллаҕа.
Ийэтин дэриэбинэттэн чугас баар кылабыыһаҕа кэргэнин таһыгар кэккэлэһиннэрэ кистээбиттэрэ. Ыкса ыаллара уонна бииргэ үлэлээбит тэрилтэтин дьоно көмөлөһөн, үлэтин тэрийэн тиһэх суолугар атаарбыттара. Бокуонньук поминкатыгар сылдьыбыт дьон ахтыыларыгар Аана көнө майгылааҕын, үлэһитин, дьоҥҥо биир тэҥ үчүгэй санаалааҕын үтүктүспүт курдук эппиттэрэ-саҥарбыттара. Оттон Даайыс билигин ханна баран олоруохтааҕын, үөрэниэхтээҕин туһунан ким да, тугу да тоҕо эрэ саҥар-батаҕа, ахтыбатаҕа. Дьон аһаан тарҕаспытын кэннэ, дьахталлар иһит сууйа сырыттахтарына, кэккэлэһэ олорор ыкса ыала Өкүлүүн эмээхсин Даайыс, соҕотоҕун мунан хаалбыт курдук, санааҕа ылларан утуйар хоһун түннүгүттэн таһырдьаны одуулуу олордоҕуна, аттыгар кэлэн кыыс төбөтүн имэрийэн:
– Оҕом Даайыас, наһаа айманыма, санаарҕаама, буолар буолбутун кэннэ хайыахпытый, олохпут ыйааҕа оннук буоллаҕа, барыта орун-оннугар буолан иһиэҕэ, кытаат. Ийэҥ Ааныска түөрт уон хонуктаах ахтыытыгар диэри иккиэн бииргэ бу дьиэбитигэр олоруохпут, санаарҕаама. Сөп дуо? – диэбитэ.
Даайыс хайаахтыай, сөбүлэһэр эрэ буоллаҕа, ити эппит түөрт уон хонуктаах ахтыы диэн тугун хантан билээхтиэй, арай бу ийэтиниин олорбут дьиэтиттэн ханна да барыан баҕарбат. Өкүлүүн эмээхсин дьиэтэ, биир тэлгэһэҕэ баар курдук, олох кэккэлэһэ турар. Эмээхсин элбэхтик оҕоломмутуттан тутан хаалбыт соҕотох кыыһыгар Настаатыгар олорор. Эмиэ соҕотох сиэнэ кыыс атын улууска баран ыал буолбут. Ыаллара Даайыс эбэтин-эһэтин, төрөппүттэрин кытта уһуннук ыаллыы олорбуттара уонна бу олордохторо даҕаны, онон эн-мин дэһиспит адьас чугас дьоно. Аҕыс уон кыстык хаарыгар чугаһаан эрэр ытык кырдьаҕаһы кыыс олох бэйэтин эбэтин курдук чугастык саныыр.
Күнүс Даайыс ыалыгар аһыыр, үксүн дьиэтигэр киирэ-тахса сылдьар, оттон киэһэ дьиэтигэр Өкүлүүн эмээхсинниин бииргэ хоноллор. Кыыс тэһийбэт, биирдэ күнүс кимиэхэ да эппэккэ халдьаайыга ийэтигэр тахса сырытта, онно өр баҕайы олорон дэлби ытаата. Бараары туран: «Ийээ, мин эйигин аҕыннахпына, суохтаатахпына куруук кэлэ сылдьар буолуом», – диэтэ. Итинник диэн этэн кэбиспититтэн хайдах эрэ оҕотук санаата чэпчээбиккэ дылы буолаахтаата. Киэһэ Өкүлүүн эмээхсиҥҥэ ийэтигэр бара сылдьыбытын кэпсээбитигэр, ол сиргэ киһи мээнэ барбат баҕайыта, сахалар аньыы диэччилэр, аны тахсыбат буол диэн судургутук, үөрэтэрдии эттэ. Даайыс көннөрү истэн эрэ кэбистэ, туох аньыыта буоларын ыйыталаһа барбата.
Биирдэ күнүс кыыс дьиэтигэр соҕотоҕун олордоҕуна, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһитэ дьахтар Өкүлүүн эмээхсини дьиэтиттэн ылан илдьэ киирдэ. Тугу эрэ наадалааҕы кэпсэтээри кэлбиттэрин кыыс бүтэйдии сэрэйдэ.
Даайыс биир кылааска үөрэнэр уола Кеша ийэтэ, дьаһалта үлэһитэ Анна Васильевна дьоһун кэпсэтии буоларын сэрэтэрдии көхсүн этиппэхтээн баран:
– Даайыс, мин эйиэхэ улахан наадалаах кэллим. Болҕойон иһит. Биһиги эйиэхэ үчүгэйи эрэ баҕарабыт, улаатан эрэр оҕоҕун… Эн санаан көр, соҕотоххун, үөрэниэххин, киһи, үлэһит буолуоххун наада. Эйиэхэ чугас аймаҕыҥ суох… Онон эйигин биһиги тулаайах оҕолор олорор, үөрэнэр дьиэлэригэр ыытаары гынабыт. Босхо олоруоҥ, үөрэниэҥ… онно эн курдук тулаайах оҕолор элбэхтэр. Оннук эрэ быһаарыныы баар, сөбүлэһэр инигин? – уонна, ыарахан тыллары ыган таһааран эппитин билинэрдии, остуолга аҕалан уурбут чараас паапкатын диэки хараҕын умса туттан, аны кыыс туох диирин кэтэһэрдии олордо.
Даайыс хаһан да истиэм диэбэтэҕин соһуччу истэн олус соһуйда, уолуйда, мах баран хаалла. Уолуйбут, куттаммыт харахтарынан Анна Васильевнаны, онтон көмүскэл көрдүүрдүү Өкүлүүн эмээхсинин диэки түргэн-түргэнник көрбөхтөөн ылаттаата. Кылгас кэмҥэ киһини баттыыр чуумпу сабардаан ылла. Кыыс олус ыксаабыттыы, ыган, иһин түгэҕиттэн:
– Суох, мин мантан ханна да барбаппын, дьиэбэр олоруом, – диэтэ уонна хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн илиитин көхсүнэн туора-маары ньухханан соттумахтыы олордо.
– Тоойуом, эн манна дьиэҕэр соҕотоҕун хайдах олоруоххунуй, эн кыраҕын буолбат дуо? Толкуйдаан көрүүй, уоскуй… уоскуй… – диэмэхтээтэ Анна Васильевна.
– Эбээ Өкүлүүн баар буолбат дуо… – диэн көрдө кыыс уонна ытаан сыҥырҕаан барда.
Өкүлүүн эмээхсин оҕо ити тылыттан олус долгуйда быһыылаах, киһи быһаарсар дьоһун кэпсэтиитэ тахсыа суоҕун биллэ, ыалдьыты тахсарын буоллар диэх курдук көрдөһөрдүү көрдө… Анна Васильевна тахсан барда.
Эмээхсин Даайыстыын иккиэйэх хааллылар.
***
Өкүлүүн эмээхсин кыыһы олус аһынна:
– Көр эрэ, бу барахсан эппитэ, миэхэ эрэммитэ үчүгэйин… Ол мин, хас хонукка-күҥҥэ барар киһи, туох көмөлөөх, туһалаах буолаахтыахпыный, сотору бэйэм дьон көрүүтүгэр-истиитигэр киирэн хаалар киһи сырыттаҕым эбээт. Оо, арыый эдэрим эбитэ буоллар, оскуоланы бүтэриэр диэри син доҕор буолуом, көрүөм-истиэм эбитэ буолуо да, онно даҕаны кырдьаҕаскын диэн биэрэллэрэ биллибэт ээ, ол мин баҕам хоту буолуо дуо? Аны бу саҥа былааска манна олохтоох оскуолаҕа урукку курдук тулаайах, кыаммат төрөппүттэрдээх оҕолору кыһын үөрэнэр кэмнэригэр босхо аһатан-таҥыннаран интернакка олордон көмөлөһүү диэн суох буоллаҕа. Наҕылыччы, өйдөтөн, кэпсэтэн, тылбар киллэрэн көрдөхпүнэ эрэ табыллыыһы.
Кырдьык, хаста да кэпсэтэн көрдө да, кыыһа буолуммат, ытыыр эрэ. Ол оҕо дьиэтигэр күүстэринэн ытатан-соҥотон илдьиэх муҥнара буоллаҕа дуу, куһаҕана бэрт буолуо дии… Оттон хайдах гыныахтарай?
***
Атырдьах ыйын ортото биллибэккэ тиийэн кэллэ. Күһүн тыына биллэн барда, түүнүн халлаан балачча сөрүүкэтийэр буолла. Оскуола аһыллара бу кэллэ. Олохтоох дьаһалта салалтата улуустааҕы тулаайах хаалбыт оҕолору дьаһайар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр тэрилтэни кытта кэпсэтэн, Даайыһы    оҕо дьиэтигэр ыытарга быһаардылар. Ол туһунан оҕо төрөөбүт эбэтин курдук саныыр чугас киһитигэр Өкүлүүн эмээхсиҥҥэ биллэрэн эттилэр. Эмээхсин ити быһаарыыны сөбүлүү иһиттэ, чугас, көрөн-истэн үөрэттэриэх, улаатыннарыах айылаах биир хаан уруу-аймах суох тулаайах кыыһы ити оҕо дьиэтэ эрэ киһи-хара гынан атаҕар туруоруоҕар эрэнэр. Ол эрээри эмээхсин улахан санааҕа ылларда. «Хайдах оҕо барахсаны өйдөтөн, тылын ылан, алаһа дьиэтиттэн ытаппакка-соҥоппокко, үчүгэйи алҕаан, санаа хоту атаарыах бэйэбит буолла? Оҕо барахсан эрэнэр чараас сүрэҕэ эбэбиниин Өкүлүүннүүн бииргэ дьиэбэр олоруом, оскуолабар үөрэниэм, соторутааҕыта Анна Васильевнаҕа аккаастаабытым, онон барыта быһаарыллыбыта диэн бөҕөх сылдьаахтаатаҕа. Дьэ, оннук санаалаах, эрэллээх киһини хайдах кэпсэтэн, тылын ыларым буолла? Хайаан да итини ситиһиэххэ наада этэ. Оҕону кытта кэпсэтэ, сүбэлии сырыттын диэн ити миэхэ эрдэ этэн эрдэхтэрэ». Өкүлүүн эмээхсин кыыһы кытта сорук оҥостон элбэхтик наллаан кэпсэттэ, сүбэлээтэ, ити кэпсэтиитэ таах хаалбата, оҕо барахсан, маҥнай олох аккаастаһан көрөн баран, кырдьаҕас киһи өйдөтөр тылын ылынна.
– Тоойуом, мин дьиэни-уоту көрө-истэ сылдьыам, бу турбутун курдук туруоҕа. Сайын каникулгар дьиэҕэр кэлиэҥ буоллаҕа, мин баар буолуоҕум, сөп дуо? – эмээхсин Даайыһы санаатын көтөҕөрдүү эттэ. Кыыс эбэтэ этэрин барытын сапка тиһэн үөрэ иһиттэ.
Даайыс барар күнэ тиийэн кэллэ. Өкүлүүн эмээхсин тоҕо эрэ бу күнү сүрэҕэр ытырыктата саныы сырытта. Оҕо диэн оҕо, кыра киһи буоллаҕа, дьиэтиттэн арахсарыгар айманан ыллаҕына, аһынарым бэрт, кэбирээн тулуйбакка хараҕым уутун кыаммакка оҕобор көрдөрөн, аны ууга-уокка түһэрэрим кэлиэ диэн бэйэтиттэн дьиксинэ саныыр. Оннук эрэ буолбатар…
Эрдэ туран дойдутун аһын аһаан бардын диэн күөрчэх ытыйан, алаадьылаан, эт соркуой буһаран аһатта. Оскуолатыгар илдьэ сылдьыбыт сүгэһэр суумкатыгар аҕыйах чараас уларыттар таҥаһын уган өссө бэҕэһээ киэһэ бэлэмнээбиттэрэ, итиэннэ бу сарсыарда оҕо саадын саҕаттан араарбакка куруук илдьэ сылдьыбыт, оннооҕор утуйарыгар бииргэ буолбут кыракый баата куобахчаанын уонна хаппаҕын астахха музыката тыаһыыр дьоҕус шкатулкатын, таҥаска суулаан, суумкатыгар уктулар.
– Бу балары ийэм миэхэ төрөөбүт күммэр бэлэхтээбитэ, кинилэри олус таптыыбын, куруук бэйэбин кытта илдьэ сылдьыам, – диэтэ Даайыс иһигэр симиктик ботугураан.
Дьаһалта УАЗик массыыната кэлбитигэр Даайыс эбэтин кууһа түстэ уонна уйадыйбыт куолаһынан:
– Эбээ, мин эйигин олус таптыыбын, ахтыаҕым, кэтэһээр, мин сайын хайаан да кэлиэҕим, – диэтэ уонна өр баҕайы ыга кууһан, илийбит иэдэһинэн сыстан сыллыы турда. Эмээхсин кистээн хараҕын уутун туора сотунна.
– Тоойуом, оҕобун кэтэһэн бөҕө буоллаҕа, эн эрэ үчүгэйдик сырыт, үөрэн…
Даайыс атаара хаалбыт дьоҥҥо, хараҕыттан уухаар баһа-баһа, массыына иһиттэн кыракый ытыһынан бакаалаһа олордо.
Айан буордаах суолун өрүкүтэ көбүтэн барбыт массыына көстүбэт буолуор диэри дьон тэлгэһэ таһыгар далбаатыы хааллылар…
***
Өлүөнэ өрүс үрдүгэр баараҕай бэстэр быыстарыгар барыйан турар икки мэндиэмэннээх улахан мас дьиэни, тэлгэһэҕэ араас өҥнөөх улахан сибэккилэр силигилии үүммүттэрин Даайыс оҕо хараҕынан интэриэһиргии, сөҕө көрдө. Анна Васильевналыын биир киэҥ соҕус, эмиэ элбэх сибэккилээх, муостаҕа кыл дорожка тэлгэтиилээх, киэҥ түннүктэринэн күн уота сандаарыччы тыкпыт мааны ыраас хоско киирдилэр. Балтыһахтыы тардыллыбыт дьоҕус остуолга хара баттахтаах, сырдык көстүүмнээх орто саастаах дьахтар умса түһэн тугу эрэ суруйа олорор эбит. Ыалдьыттар киирэн кэлбиттэригэр, суруйа олорорун тохтотон, туран утары кэллэ.
– Александра Иннокентьевна, дорообо! Биһиги бу кэллибит, – диэтэ Анна Васильевна, ааны аһан хоско киирээт, уонна бэркэ билсэр киһилии илии тутуһан кэпсэтэн барда.
Даайыс килбигийэн дуу, куттанан дуу аан таһы-гар туран хаалбытын, Анна Васильевна сиэтэн ылан остуол таһыгар аҕалла.
– Тоойуом, аатыҥ ким диэний? – Александра Иннокентьевна хоп курдук ыраастык таҥныбыт оҕону үөрэтэрдии көрөн олорон ыйытта.
– Даайыспын.
– Хаһыс кылааһы бүтэрдиҥ, үөрэххэр хайдаххыный?
– Иккис кылааһы, үөрэхпэр үчүгэйбин…
– Чэ, үчүгэй, оттон мин Александра Иннокентьевна диэммин, дириэктэрбин. Эн биһиэхэ олоро, үөрэнэ кэллиҥ, биһиги эрэнэбит, барыта үчүгэй буолуо дии, сөбүлэһэҕин? – уонна төбөтүттэн имэрийэн ылла.
– Сөп… – Даайыс, килбигийэн умса туттан туран, сүүһүн аннынан сымнаҕас баҕайытык көрөн ылла.
Оҕо дьиэтин дириэктэрин кытта Даайыс бастакы билсиһиитэ ити курдук судургу буолла. Салгыы Анна Васильевналыын кэпсэтэ олордохторуна, биир эдэр дьахтар ыксаабыттыы сып-сап туттан киирэн кэллэ. Кинини эрэ кэтэһэн олорбут курдук Александра Иннокентьевна:
– Ирина Николаевна, үнүр эппитим курдук, бу Даша Ыларова диэн саҥа оҕо кэллэ. Эн курууппаҕар ылаҕын, бу оҕо дьыалаларын көрөн үөрэт, чэ, уоннааҕытын бэйэҥ билэҕин, – диэн быһаарда.
Анна Васильевна туран Даайыһы төбөтүттэн имэрийэн, сүүһүттэн сыллаан ылла:
– Даайыс, мин билигин төннөбүн, оттон эн үчүгэйдик сырыт, үөрэн, биһиги куруук билсэ, сураһа туруохпут, сөп дуо? – диэтэ, итиэннэ Ирина Николаевна диэки көрөн кэбистэ.
Ирина Николаевна оҕону сиэтэн тахсан барда.
***
Ирина Николаевна Даайыс олоруохтаах дьиэ-тин-уотун барытын сиэтэ сылдьан көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Оҕо-аймах элбэх сирэ эбит, улахан оҕолор дьоһуннук, боччумнаахтык, улахан киһилии тутта-хапта сылдьаллар, оттон кини саастыыта уонна кыралар саҥа оҕо кэлбитин сонургуу, батыһа сылдьан көрөллөр-истэллэр. Ирина Николаевна оҕолору улахан саалаҕа мунньан эттэ:
– Оҕолоор, бу бүгүн биһиэхэ олоро, үөрэнэ саҥа оҕо кэллэ, аата Даша Ыларова диэн, үһүс кы-лааска үөрэниэҕэ. Ийэтэ-аҕата суох, тулаайах. Эһиги, урут кэлбит оҕолор, сүбэлии-амалыы сылдьыҥ, табаарыстаһыҥ, билигин киниэхэ барыта саҥа, биһиги олохпутун өссө билэ-көрө илик. Олох атаҕастаабаккыт, өйдөөтүгүт дуо?
Оҕолор, ордук кини саастыыта кыргыттар, сибилигин аҕай билсиһэ, кэпсэтэ охсуох курдук суугунаһа түстүлэр. Иитээччи тахсан барарын кытта кыргыттар Даайыһы төгүрүйэ туран кэбистилэр. Оттон Даайыс, кыргыттар ортолоругар мунан хаалбыттыы, хайыан да билбэттии, туран хаалла. Биир бэйэтин саҕа саастыы, сытыы көрүҥнээх кыысчаан Даайыс аттыгар баар буола түстэ:
– Эн аатыҥ Даша диэн дии, оттон мин аатым Маша, мин бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытары билиһиннэриэҕим, биһиги манна элбэхпит ээ, бары биир кылааска үөөрэниэхпит дии, – өйдөөх ыраас харахтарынан утары көрөн мичээрдии турда. Маҥнайгы бэйэ-бэйэни тургутан көрүү тыҥааһыннаах түгэнэ төлө баран, аны бары да саҥа кэлбит оҕону кытта билсиһэ охсуох баҕалара элбээтэ. Ким эрэ сиэттэ, ким эрэ имэрийэн ылла. Иннигэр-кэннигэр үмүөрүһэ түһэн, чыычаах курдук чуопчаараннар, күргүөмүнэн таһырдьа таҕыстылар.
***
…Даайыс ити өрдөөҕүтэ маҥнай оҕо дьиэтигэр кэлбит күннэрин субу соторутааҕыта буолбутунуу олус үчүгэйдик өйдүүр. Кырдьыга да, ити түгэннэр оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн, суруллан хааллахтара. Барыта саҥа, сонун этэ. Ол күн бииргэ олоруохтаах, үөрэниэхтээх оҕолорун кытта билсиһэ, чугасыһа охсубута. Бэйэтин саастыыта кыргыттардыын сонно тута кэпсэтэн, оонньоон ылбыттара кини санаатын көтөхпүтэ, манна кэлбитим да үчүгэй эбит дии санаабыта. Ордук маҥнай кинилиин кэлэн кэпсэппит Машаны сөбүлээбитэ, хайдах эрэ дойдутугар баар, биир кылааска үөрэммит кыыһыгар Настяҕа олус дьүөрэлии көрбүтэ, эмиэ кини курдук сытыы, түргэн-түргэнник саҥарар, кэлбит-барбыт оҕо. Иитээччитэ Ирина Николаевна, оҕолор бэйэлэрэ билистиннэр, оонньоотуннар диэтэҕэ буолуо, тэйиччиттэн көрө-истэ сылдьыбыта, итиэннэ саҥа кэлбит оҕо элэккэйин, оҕолору кытта түргэнник бодоруһа охсубутун бэлиэтии көрбүтэ.
Үчүгэй эмиэ да куһаҕаннаах, куһаҕан эмиэ да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, кэллэҕин нөҥүө күнүгэр буолбут биир харах уулаах түбэлтэни санаан кэллэҕинэ, сонньуйар даҕаны, үөрэн да ылар. Ол маннык этэ.
Кэллэҕин киэһэ оҕолору кытта билсиһэн, бииргэ оонньоон баран, оронун төбөтүгэр турар туумбатыгар уурбут били илдьэ кэлбит мөһөөччүгүттэн куобахчаанын, муусукалыыр шкатулкатын ылан оргууй имэрийэ олорбута уонна санаата эрэ ийэтигэр буолан уйадыйа сыспыта. Ийэтин санаан, ахтылҕана кэллэҕинэ, ити курдук кини биэрбит бэлэхтэрин тутан-хабан, имэрийэн ыллаҕына, арыый чэпчээбиккэ дылы буолара.
Бэйэтин бүөм санаатыгар олорон табаарыс кыргыттара кини аттыгар кэлэн үмүөрүһэн туралларын өйдөөн көрбөккө хаалбыта. Оҕолор, куобахчааны уонна шкатулканы көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буоллулар, муусукалаах иһити бары да саҥа көрөн эрдэхтэрэ. Онуоха оҕолорго ымсыырыы да, ордук санааһын да баар буолан ыллаҕа, кини курдук бэйэлэрэ бас билэр, куруук бииргэ илдьэ сылдьар оонньуурданыахтарын баҕарбаттара кэлиэ дуо… Даайыс оҕолорго өссө чугас киһи буола түстэ. «Бу мин ийэм бэлэхтэрэ, кинилэри олус таптыыбын!» – диэн кыратык ботугураан, оҕолор истэллэрин курдук эттэ. Сарсыарда тураат, эмиэ оонньуурдарын көрөр баҕалаах мөһөөччүгүн аспыта – суохтар. Олус соһуйда, итэҕэйиэх санаата кэлбэтэ. Хайдаҕый бу? Ханна барда? Аҕыйах таҥастаах кыракый мөһөөччүгүн хос-хос булкуйан көрдө да, суох аата суох… Оронугар олоро түһээт, саҥа таһааран ытаан барда.
Оҕолор эмиэ үмүөрүһэ түстүлэр. Улахан оҕолор өттүлэриттэн «дьиэтин аҕыннаҕа», «ытыы түһэн баран аһарыаҕа» диэн саҥалар иһилиннилэр. Маша кыыс эмиэ ким-хайа иннинэ кэлэн ыйытта:
– Даша, туох буоллуҥ, тоҕо ытаатыҥ?
– Оонньуурдарым суох буолбуттар, – диэтэ ытыырын быыһыгар.
Даайыс оонньуурдара ити күн көстүбүттэрэ. Оо, онно үөрбүтэ даҕаны! Машаҕа махтана санаабыта. Иитээччитэ Ирина Николаевна тута оҕолору мунньан баран: «Оҕолоор, эһиги ортоҕутугар ылбыт оҕо баарын билэбин. Даайыс эмиэ эһиги курдук тулаайах оҕо. Ийэтэ тыыннааҕар оҕотугар куруук миигин саныы, илдьэ сырыттын диэн биэрбит бэлэҕин ылар олус куһаҕан. Ылбыт оҕо түргэнник төннөрүөхтээх уонна киниттэн хайаан да бырастыы гыннарыахтаах, онно эрэнэбин», – диэбитэ. Ити хайа да оҕо ыраас дууһатыгар тиийимтиэ гына этиллибит үтүө тыллар этилэрэ. Ол кэнниттэн Ася диэн кыра кылааска үөрэнэр кыысчаан ылбытын аҕалан биэрэригэр ытыы-ытыы: «Бырастыы гын», – диэн көрдөспүтэ. Даайыс онно, хата, кыыһы бэйэтин олус аһыммыта. Ити түгэн сотору умнуллубута.
***
Оҕолор күлэн-оонньоон, айдаарсан да ылар түбүктээх олохторугар күн-дьыл биллибэккэ ааһан, устан испитэ. Даайыс бу саҥа олоҕор үөрэнэн, сыстан барбыта, элбэх табаарыстаммыта. Иитээччилэр элэккэй кыысчааны таптыыллара. Үөрэҕэр олус кыһамньылаах, үчүгэй оҕолор ахсааннарыгар сылдьар. Ол эрээри оҕолорго ийэ-аҕа сылаас тапталын, кыһамньытын ким, туох солбуйуо буоллаҕай?! Даайыс ийэтин, дьиэтин, дойдутун ахтан соҕотохсуйбут, туорхаһыйбыт күннэригэр ким да көрбөтүгэр кистээн ытаан ылара.
Оҕолор уруоктарын тас өттүгэр араас куруһуоктарга дьарыктаналлар. Даайыс атын оҕолор курдук эмиэ иис куруһуогар баҕаран туран киирбитэ. Ити кини кыра эрдэҕиттэн иистэнньэҥ буолар, бэйэтэ тутан-хабан тикпит таҥастарын кэтэр баҕата этэ. Бука, ийэтэ киниэхэ кыратыттан иннэ-сап туттаран тимэҕи, кыра абыраҕы тиктэрэ үөрэппитэ оҕо иистэнэргэ баҕатын, дьоҕурун уһугуннарбыт буолуон сөп. Кэллэҕин бастакы сылыгар улууска сааскы үөрэх каникулун кэмигэр буолбут кыра саастаах оҕолор иискэ айар быыстапкаларыгар, кыра Барби куукулаҕа сахалыы моһуоннаах, киэргэтиилээх былаачыйа тигэн, Хайҕал суругу уонна обургу хоруопка хаалаах сакалааты ылбытын үчүгэйдик да саныыр, олус үөрбүтүн билигин да умнубат. Олоҕор бу маҥнайгы ситиһиитэ уонна хайҕала этэ. Сакалааты оҕолоругар аҕалан биирдии-биирдии үллэрбитэ, бары үөрэ-көтө сиэбиттэрэ туохтан да өссө күндү, кэрэ этэ. «Ийэм, билигин баара буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ» диэн эмиэ да сырдык, эмиэ да курус санаа охсуллан ааспыта. Дьэ, ити курдук туох эрэ үчүгэйи оҥорон ситистэҕинэ, эбэтэр ыараханы көрсөн мунчаардаҕына, хайаан да ийэтин ахтан, санаан ылар.
Ити сыл үөрэҕин үчүгэй сыаналарынан бүтэрбитэ, Хайҕал лиис кумааҕытын ылан үөрбүтэ-көппүтэ. Били манна кэлэригэр эбэ Өкүлүүнүгэр «сайын каникулбар кэлиэм, кэтэһээр» диэн эппитин санаан уонна дьиэтин, дойдутун ахтан, баран кэлиэн ба-ҕарбыта да, оҕолору ханна да ыыппаттар этэ. Биирдэ санаата батарбакка иитээччититтэн ыйытан көрбүтүн «биһиги оҕолору ыыппаппыт, манна үчүгэй буолбат дуо, оттон эбэҕэр сурукта суруйан ыыт ээ, мантан сайын үлэбит олус элбэх, хортуоппуйбут, теплицаларбыт, сибэккилэрбит, олору көрүөхпүт-истиэхпит, үүннэриэхпит буоллаҕа, оҕолор манна олох чуҥкуйбаттар» диэбитэ. Иитээччитэ сүрдээх истиҥник, оҕону итэҕэтэр, ылыннарар курдук итинник эппитэ Даайыһы уоскуппута. Кырдьык да, эбэтигэр аныаха диэри сурук суруйа илигиттэн кыбыста санаабыта, бэрт түргэнник сурук суруйа охсон почта дьааһыгар түһэрбитэ. Онно маннык тыллар бааллара: «Эбээ, эн хайдах олороҕун, доруобуйаҥ хайдаҕый? Мин үчүгэйдик сылдьабын, кылааспын үчүгэй сыаналарынан бүтэрдим. Эйигин, дойдубун олус ахтабын, бараары ыйыппытым, онно иитээччим сайын манна үлэбит элбэх диэбитэ, теплицаларбытын, сибэккилэрбитин көрүөхпүт, үүннэриэхпит. Табаарыстарым элбэхтэр, бары үчүгэй оҕолор, саамай чугас дьүөгэм – Маша диэн кыыс».
Сайын олус көхтөөхтүк ааспыта. Биир дьиэ кэргэн курдук бохуоттарга сылдьыбыттара, кэтэх хаһаайыстыбаларыгар үлэлээбиттэрэ. Оттон оҕо-аймахха саамай умнуллубат түгэн – самаан сайын куйааһыгар өрүс боротуокатын кумахтаах ыраас уутугар дуоһуйа, уунан бырдааттана оонньоон сөтүөлээһин буоллаҕа.
***
Саҥа үөрэх дьыла чугаһаабыта. Биир чаҕылхай ыраас күн сарсыарда иитээччитэ Ирина Николаевна Даайыһы ыҥыран ылла, обургу таҥас мөһөөччүгү туттаран кэбистэ уонна эттэ:
– Даша, бу дойдугуттан эбэҥ кэһиитин ыыппыт, биир суоппар уол аҕалан биэрдэ, мөһөөччүгүн иһигэр суруктаах үһү.
– Эбэм дуо? – соһуйан, үөрүүтүттэн туох да диэбэккэ хаалла.
Эбэтин суругун уйадыйан ыла-ыла хос-хос аахта: этэҥҥэ олороллорун, дьиэ үчүгэйдик турарын эппит, киниэхэ бары үчүгэйи баҕарбыт.
– Эбэм эрэйдээх суругу кимиэхэ эрэ этэн биэрэн суруйтардаҕа, оттон бу ыыппыт кэһиилэрэ сибиэһэйдэрин, бука, сарсыарда эрдэ туран буһаран, бэлэмнээн ыыттаҕа, – кэһиитин оҕолоругар, биир-биир үллэрэн амсата-амсата, үөрэ-көтө кэпсээтэ.
Саамай бастыҥ, чугас доҕоро Маша олус сытыыхотуу, кэлбит-барбыт оҕо, оттон Даайыс киниэхэ тэҥнээтэххэ холку уонна аҕыйах саҕалаах. Ол эрээри, утарыта соҕус майгылаахтарын да иһин, кыргыттар бэркэ тапсаллар, куруук бииргэ сылдьал-лар, уруоктарын тэҥҥэ ааҕаллар. Оҕолор кинилэри таптаан «эдьиийдии-балыстыы игирэ кыргыттар» диэн ааттыыллар. Кинилэр итинтэн өһүргэммэттэр. Баһыылка кэлбитин кэнниттэн Маша биирдэ ыйытта:
– Маша, эн эбэлээх эбиккин дии, ону миэхэ тоҕо эрдэ эппэт этигиний?
– Эбэлээхпин. Кини олус кырдьаҕас ээ, аҕыс уончатыгар чугаһаан эрэр…
– Дьоллоох кыыскын дии, оттон миэхэ чугас киһим кимим да суох…
– Олох чугас биир да аймаҕыҥ суох этэ дуо?
– Биһигиттэн ыраах баар дэриэбинэҕэ аҕам ырааҕынан биир аймаҕа киһи баара. Ол киһи туһунан кыра сылдьан дьонум кэпсэтэллэрин истэрим, ол гынан баран кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан да билсиспэт, сылдьыспат этилэрэ, онон олох да туора дьон курдуктара.
– Маша, эн хаһан тулаайах хаалбыккыный? – кыыс ити тыллартан сирэйэ-хараҕа уларыйа, ытыахча буола түспүтүттэн, Даайыс ыйыппытын кэмсинэ санаата. Кини эмиэ сороҕор дьонун туһунан ахтыан, кинилэри ахтыбыт, суохтаабыт санаатын көбүтэн ылыан баҕарбат этэ. Иккиэн, туох эрэ буруйу оҥорбуттуу, кэри-куру туттан олордулар. – Кэбис, кэпсээмэ, ити мин алҕас ыйыттым… Бырастыы гын.
– Билэбин… Куруук испэр тута, саныы сылдьар ыарахан. Эн мин саамай чугас дьүөгэм буолаҕын.    Баҕар, эйиэхэ кэпсээтэхпинэ, кыратык да буоллар, санаам чэпчээбит курдук буолуоҕа… Мин төрөп-пүттэрбэр соҕотох, мааны оҕо этим. Биһиги хоту, өрүс үрдүгэр турар улуус киинигэр олорбуппут. Дьонум, Дьокуускайга үөрэхтэрин бииргэ бүтэрээт, аҕам дойдутугар хоту үлэлии барбыттар, мин онно төрөөбүппүн. Аҕам учууталлыыра, ийэм оҕо саадыгар иитээччи этэ. Мин кыра эрдэхпинэ, аҕам өрүскэ бултуу сылдьан буурҕаҕа түбэһэн ууга былдьаммыта, өлүгэ көстүбэтэҕэ. Ийэм барахсан онтон санаарҕаан ытыыр-соҥуур этэ, кэлин эмискэ охтон түһэн өлбүтэ, сүрэҕэ диэбиттэрэ. Бу манна иллэрээ сыл кэлбитим, били аймахтарбыт диир дьоммут миигин ыла сатаабатахтара… – ытыы-ытыы кэпсээтэ. Өр саҥата суох куустуһан, харахтарын уутун сотто олордулар.
– Маша, мин кырдьыгын эттэхпинэ, миэхэ ай-маҕым диэн суох ээ. Ити эбэм диэн ааттыыр киһим мин эһэбин, эбэбин, ийэбин, аҕабын кытары сааһын тухары бииргэ олорбут ыалбыт эмээхсин, наһаа үчүгэй майгылаах, миэхэ куруук көмөлөһөр эрэ санаалаах. Мин кинини эбэбиттэн атыннык санаабаппын, саамай чугас киһим билигин кини эрэ, кинини олус ахтабын, көрүөхпүн, кууһуохпун баҕарабын.
– Эчи үчүгэйин, хаарыаны, эн курдук эбэлээх киһи…
Икки төгүрүк тулаайахтар биир майгыннаһар дьылҕалаахтара кинилэри өссө чугас доҕордуу оҥорбута.
***
Ааспыт сайын биир сырдык дьүһүннээх намыһах омук массыыналаах эдэр, бэрт мааны таҥастаах-саптаах дьахтардаах эр киһи кинилэр дьиэлэригэр киирэн үргүлдьү дириэктэр хоһугар ааһалларын оҕолор хаста да бэлиэтии көрөр буолбуттара. Кырдьыга, манна диэн эттэххэ, кинилэр тэлгэһэлэригэр ким кэлэрэ-барара оҕолор сэргэх харахтарыттан, билэр-көрөр сылыктарыттан куоппат этэ. Кистэлэҥ түргэнник биллибитэ. Бу кэлэр эдэр кэргэннии дьон сотору кэминэн бэһис кылааһы бүтэрбит, бэрт хачаайы көрүҥнээх, куруук чуумпутук бэйэтэ-бэйэтигэр мичээрдии сылдьар Саргы диэн кыракый уҥуохтаах кыысчааны иитэ, оҕо гына илдьэ барбыттарын истибиттэрэ. Ити оҕолор ортолоругар улахан сонун этэ. Маннык түбэлтэ кинилэргэ санаатах да, баҕардах да аайы буолбат этэ. Биллэн турар, сорох оҕолор ымсыыра, ордугурҕуу санаабыттара. Ама, ким үчүгэй ыалга оҕо буолан, кинилэр тапталларын, кыһамньыларын билиэн баҕарбата кэлиэй? Саас Саргыттан бииргэ үөрэммит кыыһыгар Танюшаҕа кылгас сурук оҕото кэлбитин оҕолор истэ охсубуттара, онно кини үчүгэйдик сылдьарын, үөрэнэрин, ийэтин, аҕатын таптыырын, дьиэтигэр биир туспа хостооҕун, соторутааҕыта киниэхэ компьютер биэрбиттэрин, онно саҥа үөрэнэн эрэрин, олус астынарын суруйбут этэ. Оҕолор барахсаттар ол суругу илииттэн илиигэ уларсыһа сылдьан аахпыттара. Кинилэр оҕолуу ис санааларыгар туох иэйии киирбитин ким билиэ баарай? Кыргыттартан ким эрэ «дьоллоох да кыыс эбит, эчи хаарыаны» диэн чуумпутук үөһэ тыынан ылбыта оҕолор кистэлэҥ баҕарар ыра санааларын таарыйарга, күөдьүтэргэ дылы гыммыта.
***
Биир үөрэх сыла эмиэ түмүктэнэ охсубута. Даайыс кылааһын үчүгэйинэн бүтэрбитэ. Бэйэтэ да олус элэккэй, оҕолорго, улахан дьоҥҥо сыстаҕас буолан, бэйэ киһитэ буола түспүтэ. Биир сайыҥҥы күн, күнүс оҕолор дьиэ таһыгар сибэккилэргэ уу кута сырыттахтарына, эдэрчи соҕус бэрт дьоһун көрүҥнээх дьахтардаах эр киһи, аан таһыгар сылдьар оҕолортон: «Дириэктэргит баар дуо?» – диэн ыйыталаһа-ыйыталаһа, сэрэммиттии туттан дьиэҕэ киирбиттэрэ. Оҕолортон биир сытыы тыллаахтара: «Хайа эрэ дьоллоох оҕону илдьэ барар дьон кэллилэр быһыылаах», – диэн тыл ыһыгынна. Оҕолор иһиттилэр да, ким да тугу да саҥарбата.
Сотору соҕус буолан баран ити сылдьан барбыт дьон эмиэ тиийэн кэлбиттэрэ. Бу сырыыга дириэктэр Александра Иннокентьевна кинилэри бэйэтэ батыһыннара сылдьан оҕолор утуйар, ааҕар, дьарыктанар хосторун, саалалары уонна остолобуойу кэпсии-кэпсии көрдөртөөбүтэ, ол быыһыгар кэлбит дьон сорох оҕолору кытта кэпсэтэн ылаллара. Омос көрүүгэ бу үрдүкү тэрилтэлэртэн оҕо дьиэтин бэрэбиэркэлии, көрө-истэ кэлбит дьон курдуктар этэ. Оҕолор да оннук санаабыттара быһыылааҕа.
Остолобуой куукунатын кэтит остуолугар хас да обургу кыыс поварга көмөлөһөн хаппыыста кырбыы туралларын кэлбит дьон таас быыс нөҥүө таптыы, хайдах эрэ сонурҕаабыттыы одууласпыттара. Кыргыттар, төбөлөрүгэр кыра былаат баанан, бары баартыктаах туран, түргэн-түргэнник туттан үлэлииллэрин киһи эрэ астына көрүөх курдуга. Кэлбит дьон харахтара оҕолортон биир хороччу улаатан эрэр кыыска хатанна. Ити кэмҥэ Александра Иннокентьевна бэрт түргэнник поварга киирэн таҕыста, ол кэмҥэ ыалдьыттар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэн, тугу эрэ быһаарса охсон ыллылар. Итиннэ тугу санаабыттарын Александра Иннокентьевнаҕа тута эппэтилэр уонна бэлиэтии көрбүт оҕолорун аатын да ыйыппатылар. Бу куукунаҕа үлэлии турар кыргыттартан биир чороччу улаатан эрэр оҕо номоҕон тас көрүҥүн, ис киирбэҕин кинилэр хайдах эрэ чугастык бэйэлэригэр ылыннылар уонна кинилиин билсэн, кэпсэтэн көрүөхтэрин баҕардылар. Оттон кинилэр манна сорук оҥостон кэлбит сыаллара-соруктара да ити этэ эбээт: харахтара сөбүлүү көөрбүт кыыстарын билсэн, кэпсэтэн, оҕо сөбүлэһэр буоллаҕына, бэйэлэригэр сыһыаран, иитэ ылыахтаахтар этэ.
Дириэктэр хоһугар маннык кэпсэтии буолла:
– Борис Гаврильевич, Мария Николаевна, биһиги олохпутун-дьаһахпытын көрдүгүт-биллигит. Дьэ, туох дии санаатыгыт? Биир эмэ оҕону сөбүлүү көрдүгүт дуо? – диэтэ директор Александра Иннокентьевна уонна хоруй кэтэһэн долгуйан турда.
Ыалдьыттар куукунаҕа көрбүт кыыстарын кытта кэпсэтэн көрүөхтэрин эттилэр.
– Онно хас да кыыс баара дии, хайаларын этэргит буолла?
– Кытыыга турар кыыс, – дии оҕуста Борис Гаврильевич.
– Ол Даша Ыларова диэн, кини төгүрүк тулаайах оҕо, төрдүс кылааска үөрэнэр.
– Кини туһунан кэпсээ эрэ. Хайдах, туох оҕонуй? Дьоно кимнээхтэр этэй? Биһиги кыыһы иккиэн сөбүлүү көрдүбүт ээ, – диэтэ Мария Ивановна.
– Биһиэхэ иккис кылааһы бүтэрбит оҕо иллэрээ күһүн кэлбитэ. Соҕотох ийэлээҕэ ол сайын өлбүт этэ, оскуолаҕа остуорастыы сылдьан. Оттон аҕата, булчут киһи, кини кыра эрдэҕинэ суох буолбут.
– Чугас аймахтардаах дуу?
– Оннук чугас да, ыраах да аймахтара суох, ол иһин манна кэлбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, олус кыһамньылаах, сэмэй. Биир бастыҥ оҕобут буолар.
Дириэктэр кэпсэтэ олорор дьонун тус олохторун-дьаһахтарын, тугу үлэлииллэрин, оҕону иитэ ыларга бигэ санаалаахтарын өссө чопчулаан ыйытта. Түмүгэр, бастаан бэйэтэ кэпсэтэн оҕо санаатын билиэҕин, сөбүлэһиэх курдук буоллаҕына, көрсөн билсиһиэххит диэтэ. Онон күнүскү аһылык кэнниттэн кэлиэх буолан бардылар.
***
Александра Иннокентьевна, хоһугар соҕотох хаалан, элбэҕи эргитэ санаата. «Оҕолор барахсаттар, ордук кыралар, үчүгэй ыалга оҕо буола барыахтарын олус баҕараллар ээ. Былырыын сайын барбыт Саргы кыыһы кытта сибээһи тутан, билсиһэ, билэ олоробут. Ылбыт дьон астыналларын этэллэр, кыыс саҥа дьонугар сыстан, биир иллээх дьиэ кэргэн буолбуттар, ити олус үчүгэй. Оттон бу дьон хайдахтарый? Үөрэхтээх, лоп бааччы тыллаах-өстөөх, оҕо ылан иитэргэ улахан баҕалаахтара өтө көстөр. Аҕыс сыл бииргэ олорбуттар да, оҕолоро суох эбит, онтон олус санаарҕыыбыт дииллэр. Киһи өйдүүр дьыалата. Онно итэҕэйиэх санаам кэлэр. Ол иһин да мин оҕону кытта кэпсэтиэх буоллум дии. Сыыстарбатах киһи…».
Александра Иннокентьевна оҕо дьиэтигэр үөрэҕин бүтэриэҕиттэн харыс сири хамсаабакка үлэлээн кэллэ. Кини бу идэни талбытын олох кэмсиммэт, оҕолор ортолоругар сылдьан үлэлиирин олус сөбүлүүр, тулаайах оҕолору иитиигэ үлэлиир ыарахаттардаах буолуон сөп курдук да, кинилэргэ киһи ордук ылларар, аһынар, дьоллоох дьон буолалларын туһугар кыһанар, ыалдьар эбээт. Оҕо дьиэтин дириэктэрэ буолуоҕуттан, хас биирдии оҕо инники дьылҕата киниттэн улахан тутулуктааҕын ордук үчүгэйдик өйдүүр.
«Бу сарсыардаттан саҕаламмыт оҕо инникитин, дьолун түстүүр кэпсэтии ыраас халлаан курдук туох да былыта суох ыраастык, этэҥҥэ, өйдөһүүлээхтик дьоллоох суолу тутуһан барара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?» диэн саныы турдаҕына, санаатын ситимин быһан, хоско киһи киирбитигэр соһуйан дьик гына түстэ. Хата, Ирина Николаевна бэйэтинэн киирэн кэллэ. Кинилиин бу сарсыардааҥҥы кэпсэтиини ырытыһан баран, сибилигин Дашаны ыҥыран, оҕо уйулҕатын хамсаппат курдук наҕылыччы кэпсэтэргэ быһаарыстылар.
***
Оччотооҕу кэпсэтиини Даайыс күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр. Теплицаҕа биэдэрэнэн уу таһан кута сырыттаҕына, оҕолор: «Даша-а, Александра Иннокентьевна ыҥыттарар, бара охсор үһүгүн», – диэтилэр. «Дириэктэр миигин хаһан да ыҥыттарбат этэ, онон туох буруйу оҥордохпунуй» диэн хайдах эрэ соһуйа, куттана саныы-саныы, оргууй хос аанын тоҥсуйда. Киирбитэ, дириэктэри кытта иитээччи Ирина Николаевна баар эбит. Үчүгэй баҕайытык кыыска мичээрдээтилэр уонна ыҥыран ылан утары олоппоско олортулар. Даайыс хорсунугар түһэн: «Мин туох да буруйу оҥорботоҕум ээ», – диэн бэйэтин эрдэттэн көмүскэнэ соҕус симиктик эттэ. Онуоха дьоно күлүстүлэр уонна:
– Даша, манна олороруҥ, үөрэнэриҥ үчүгэй дуо? – диэн ыйыттылар.
– Үчүгэй…
– Билэҕин дии, былырыын сайын Саргы диэн оҕону биир ыал иитэ ылбыта, билигин сүрдээх үчүгэйдик олороллор. Ол туһунан эһиги, оҕолор, эмиэ билэҕит, Саргы бэйэтэ сурук суруйбута дии. Оттон билигин эмиэ оннук ыал оҕо иитиэхпит этэ дииллэр, кинилэр манна бааллар, эйигин кытта кэпсэтиэхтэрин, билсиэхтэрин баҕараллар. Биһиги онно эмиэ сөпсөһөбүт, үчүгэй дьоннор. Ону хайыыбыт, кинилэри кытта билсиһиэҥ дуо? – улахан киһилиин кэпсэтэр курдук, судургу соҕустук саҕалаатылар.
Даайыс соһуйан хаалла, хайдах эрэ ийэтин санаан кэллэ. Саҥата суох олорбохтоото.
– Билбэтим ээ, – ыган, бүтэҥитик саҥарда, онтон, тохтуу түһэн баран, саҥата суох тоҥхох гынна.
Итинник сөпсөһөн, кыыс төрөппүттэрэ буолуохтаах дьонун кытта билсибитэ уонна кинилэри сөбүлээн барбыта. Хаста да кэлэ сылдьыбыттара, кэллэхтэрин аайы кэмпиэт, дьаабылыка, уопсайынан минньигэс ас кэһиилээх кэлэллэрэ, куруук үөрэ-көтө кэпсэтэллэрэ. Ити Даайыска наһаа күндү этэ. Кэлиэхпит диэн болдьообут күннэрэ кыыска куруук күүтүүлээх, бырааһынньык курдук буолара. Оҕолор ордук саныыллара, ымсыыраллара. Өскөтүн Даайыс урут бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, сэмэй эбит буоллаҕына, билигин күлэр-үөрэр буолбута. Биирдэ кэлиэх буолбут күннэригэр кэлбэтэхтэрэ. Хас да күн итинник ааспыта. Кыысчаан, күүтэ сатаан баран, күүппэт да буолбута. Оо, онно олус да хомойбута, миигин бырахтахтара, сирдэхтэрэ диэн ытаабыта. Хас да күн уку-сакы, саҥата-иҥэтэ суох сылдьыбыта. Оннук сырыттаҕына, биир күн оҕолор сүүрэн кэлэн «эйиэхэ дьонуҥ кэллилэр» диэн эттилэр. Даайыс онтон үөрэн дуу, соһуйан дуу тугу да гынарын билбэттии турбахтаан баран, эмискэ киирэр аан диэки ыстанна – иккиэн кэтэһэн тураллар эбит. Кыыс туохха эрэ иҥнибиттии тохтуу түстэ, «чахчы кинилэр эбит» диэт үөрбүт санаатыгар сүүрэн тиийэн биирдии-биирдии кууһан, сыллаталаан ылла уонна: «Кэллигит дии, кэтэстим даҕаны», – диэт, үөрүүтүттэн тохтоло суох ытаан барда.
Оо, онно олус да үөрбүтэ, кини саҕа дьоллоох суоҕа. Аҕыйах хонон баран Даайыһы дьоно кэлэн илдьэ барбыттара.

2
Борис Гаврильевич уонна Мария Николаевна Герасимовтары инникитин ааттарын наһаа толору ааттаабакка, дьиэҕэ-уокка кэргэннии дьон истиҥник бэйэ икки ардыларыгар «Маша», «Боря» диэн ыҥырсалларын эмиэ арыый уларытан, судургутук Мария, Борис диэн ааттаан, кинилэр тустарынан ааҕааччыларбар кэпсээн ыларым тоҕоостоох дуу дии саныыбын.
Бористаах Мария, Герасимовтар диэн араспаанньаланан, үөрэхтэрин Мария соҕуруу, Борис Дьокуускай куоракка бүтэрэн, ананан кэлиэхтэриттэн ыла улуус киинигэр олороллор. Кинилэр иккиэн үөрэхтэрин бүтэрбит нөҥүө сылларыгар сайын, чугас табаарыстарын, билэр дьонун ыҥыран, ыал буолбуттарын аҕыйах киһилээх бэлиэтээбиттэрэ. Ол икки өттүттэн тулаайах дьоҥҥо кыра сыбаайба курдук этэ. Билигин төһө да таптаһан, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлээн-хамсаан олордоллор, олох кэрэтэ толору буолуон, ону ситэрэн дьоллоох буолуохтарын оҕолоро суоҕа. Ити ордук кэнники кэмнэргэ кинилэри баттыыр санаа аргыһа буолбута. Биллэн турар, итиниэхэ кинилэртэн ким буруйдааҕын туоһулаһан, сирэй-харах анньыһан ыраас тапталларын киртитиэхтэрин баҕарбат этилэрэ. Ол иһин былырыыҥҥыттан ыла оҕо ылан иитэр туһунан саныыр, кэпсэтэр буолан барбыттара уонна быйыл ол санааларын толордулар. Мария, дьахтар киһи быһыытынан, кыра саастаах төгүрүк тулаайах кыыс оҕону иитиэн баҕарара. Борис ону утарбатаҕа, кини хаһан да таптыыр кэргэнин тылыттан тахсааччыта суох, санаатыгар кыыс оҕо дьонугар өссө ордук чугас сыһыаннаах, дьиэҕэ-уокка илии-атах, көмө буолуоҕун билэр, онон итинник биир санааҕа кэлэн бигэтик быһаарыммыттара. Кэлин киниэхэ бара сылдьыыларыгар оҕо кинилэри кэтэспитэ, биир-биир кууһуталаан, сыллаталаан ылан баран ытаан ылбыта кинилэри уйадыйан ылыахтарыгар диэри долгуппута, оҕону аһынар, бэйэлэригэр ылар санааларын өссө чиҥэппитэ.
***
Герасимовтар, санааларын, баҕаларын толорон, кыыс оҕолоннулар, оттон Даайыс саҥа төрөппүттэрдэннэ. Олоҕу дьоллоохтук олорор баҕа, онно тардыһыы абылаҥнаах күүһэ ити буоллаҕа. Оҕото суох ыал, төрөппүтэ суох оҕо бу орто дойдуга толору дьоллооҕунан ааҕыныан сөп дуо? Ыарахан…
Даайыс саҥа дьиэтигэр, дьонугар сыстан, сыыйа үөрэнэн барбыта. Биллэн турар, маҥнай утаа барыта хайдах эрэ атын, туора, чуҥкук курдуга, бииргэ сылдьыбыт, оонньообут оҕолорун, ийэтин элбэхтик саныыра, ахтара. Ол эрээри киэһэ, дьоно дьиэлэригэр кэллэхтэринэ, Даайыс сэргэхсийэ түһэрэ, күнүс соҕотоҕун сылдьан санаабыт санаа-лара көтөн хаалаллара, ити кини дьонугар олус убанан, ылларан иһэриттэн эбитэ дуу? Мария Николаевна, учуутал буолан, күнүн улахан аҥаара оскуолаҕа барар, сороҕор киэһэ хойутуура да элбэх этэ. Оттон Борис Гаврильевич – быраас-хирург, кини үлэтэ биллэр, күнүс-түүн балыыһаҕа үлэлиир аахсыллыбат түгэннэрэ куруук буолаллара ахсааҥҥа киирбэт. Ол эрээри ити кинилэр сыһыаннарыгар туох да куһаҕан сабыдыалы охсубат уонна оннук буолуон да табыллыбат. Даайыс, оскуолатыттан эрдэ кэлэр буолан, дьиэтин хомуйан-имийэн баран киэһэ дьонун кэтэһэр. Оттон Мария да, Борис да ааннарын аһаат: «Тоойуом, Даайыс, бааргын дуо?» – диэн суохтаабыттыы, ахтыбыттыы ыҥырбытынан үөрэ-көтө киирэллэр.
Биир сарсыарда Даайыс оскуолатыгар хайдах эрэ олус көҕө суох хомунарын, ыалдьыбыт киһилии туттарын-хаптарын ийэтэ бэлиэтии көрдө. «Урут итинник буолбат этэ ээ, туох буолла, ыалдьыбыт быһыыта эмиэ да биллибэт курдук, ыалдьыбыта буоллар, сарсыарда тураат да миэхэ этиэ эбитэ ини, оскуолаҕа, кылааһыгар туох эрэ өйдөспөт быһыы баар буолла дуу» диэн ийэ киһи сүрэҕэ таайтара соҕус сэрэйдэ.
– Даайыс, тоойуом, ыарыйдыҥ дуу?
– Суох, ийээ…
– Оччоҕо туох буоллуҥ? Ким атаҕастаата? Этиий.
Кыыс тоҕо эрэ ытаан сыҥсыйан барда. Мария тута сэрэйдэ: кылааһыгар оҕолору кытта боруоктастаҕа.
– Чэ, Даайыс, тоойуом, кэпсээ миэхэ, хайа оҕо атаҕастаата, мин ол оҕону кытта кэпсэтиэм дии. Барыта үчүгэй буолуоҕа, эрэн.
– Ийээ, ол оҕо үҥсүбүккүн диэн өссө атаҕастыа, иэстэһиэ суоҕа дуо?
– Суох, тоойуом, оннук буолуо суоҕа.
– Кылааска мин кэннибэр олорор Ньургун диэн уол уруокка да, көрүдүөргэ да куруук дьиибэлии сылдьар, оҕолор онтон күлсэллэр, көр оҥостоллор.
– Тоҕо, туох диэн дьиибэлиирий?
– Эн ыал иитиэх оҕотоҕун, эйигин ким да көмүскэһиэ суоҕа диир, уруокка олорон баттахпын тардыалыы олорор, көхсүбэр кумааҕылары сыһыарар, хатыйар, охсор, онтон да атын баракаастары оҥорорун олох тулуйуо суохпун, оскуолаҕа үөрэнэ барыахпын баҕарбат буоллум, – кыыс уйа-кэйэ суох ытаан барда.
Кэнники кэмҥэ Мария кыыһа оскуолатыгар урукку курдук үөрэ-көтө буолбакка, туох эрэ санаалаах дуу, ыалдьыбыт курдук дуу, уота-күөһэ суох барарын бэлиэтии көрөн, өссө биирдэ «тоойуом, Даайыс, ыалдьаҕын дуу, эбэтэр туох баарый, миэхэ этиий» диэн ыйыппыттааҕа ээ. Онуоха, хап-сабар: «Ийээ, барыта үчүгэй ээ», – диэн хардарбыта. Ол эрээри кыыһа туохтан эрэ санаарҕыырын таайа сатыы, кэтээн көрө сылдьыбыта. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа, ийэтин, дойдутун, икки сыл бииргэ олорбут табаарыстарын ахтара, эбэтэр биһигини сөбүлээбэтэ дуу диэн араас санаалар киирбиттэрэ. Оттон биричиинэтэ ити эбит дии… Ити туһунан кэргэнигэр Бориска тугу да эппэккэ сылдьыбыта.
– Тоойуом, Даайыас, эн итинтэн санаарҕыы сырыттыҥ дуо?
– Оттон… сороҕор мин оскуолаҕа барыахпын баҕарбат буолан ылабын ээ…
– Кэбис, тоойуом, итинник саҥарыма, мин кэпсэтиэҕим, барыта үчүгэй буолуоҕа.
Мария Ньургуну уонна кини төрөппүттэрин кытары кэпсэппитэ. Ньургун аны хаһан да дьиибэлиэм суоҕа диэн Даайыстан бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ. Онтон ыла барыта этэҥҥэ буолбута. Даайыс оскуолатыгар эмиэ үөрэ-көтө, тиэтэйэ-саарайа барар буолбута.
Даайыс бэйэтэ кыра, ол эрээри бары-барыта баар хостоох. Компьютердаах, бу киниэхэ анаммыт тэрил, манан бэчээттии, оонньуу үөрэннэ, өссө музыка, ырыа истэригэр эмиэ олус табыгастаах.
Дьоно бэйэ-бэйэлэригэр олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, Даайыһы хаһан да улаханнык саҥаран мөхпөттөр, сэмэлээбэттэр, хата, куруук «тоойуом» диэнтэн атыннык ыҥырбаттар, сүбэлии-амалыы, үөрэҕин, оскуолатааҕы сонунун сураһа, билсэ сылдьаллар. Оттон кини дьонун истиҥник сахалыы «ийээ», «аҕаа» диэн ыҥырара кинилэргэ олус иһирэхтик иһиллэрэ.
Ити курдук күннэр ааһан испиттэрэ.
***
Үөрэх бүтэн сайын кэлбитэ. Мария уоппускатын ылбыта. Быйыл ханна да барар-кэлэр былааннара суох. Сорох сылларга, путевка буллахтарына, иккиэн соҕуруу сынньанан, күүлэйдээн кэлэр буолаллара. Кэнники кэмнэргэ олох-дьаһах да ыараан, баҕа хоту барыта кыаллыбат буолан испитэ.

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614022?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Даайыһым  эрэлим Степан Марков
Даайыһым, эрэлим

Степан Марков

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 08.05.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Төгүрүк тулаайах хаалбыт Даайыһы оҕо дьиэтиттэн эдэр ыал иитэ ылар. Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан эдэр дьон бэйэлэриттэн икки кыра оҕолорун хаалларан олохтон соһуччу бараллар. Иккистээн тулаайах хаалбыт, сокуоннай сааһын саҥа сиппит кыыс олоххо, кэрэҕэ тардыһар күүһүн, дьулуурун тутуһан, ону булгуруппакка олоххо сыалын ситиһэр, бэйэтэ үөрэхтэнэр, оҕолорун иитэн-улаатыннаран үөрэх аартыгын тутуһуннарар.

  • Добавить отзыв