Саха саарына Тэрис
А. Н. Павлов
Кинигэҕэ Айыы үөрэҕин түсчүтэ, 90-с сылларга общественнай-демократическай хамсааһын биир лидерэ Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис туһунан биир санаалаахтарын, бииргэ үлэлээбит дьонун, доҕотторун, дьиэ кэргэнин истиҥ-иһирэх ахтыылара, ону сэргэ Тэрис күүрээннээх үлэтин кэрэһилиир матырыйааллар хомуллан киирдилэр.
Саха саарына Тэрис. Ыстатыйалар, ахтыылар
Айыы диэнинэн ааттаныа
(аан тыл оннугар)
Киһи тыыннаах сылдьарын таптыыра, харыстыыра – өй-санаа биир ураты көрүҥэ. Тыыннаах буолууну билинэр уонна итини өтө көрөн дириҥник үөрэтии былыр Айыы – «жизнь» дэммит. Бу үөрэтии античнай Грецияҕа, былыргы Индияҕа, буддизмҥа, исламҥа биллэн ааспыт. Кэлин, аан дойду үрдүнэн өлүү культа баһыйбытыгар, Айыыга сүгүрүйүү үгүс норуокка мөлтөөбүт. Бэрт хойутуу «Живая этика – Агни йога» быһыытынан тилиннэрэ сатааһын бара турар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан тыыннаах олоҕу өрө тутан кэлбит омук. Ол да иһин «Айыы аймаҕа аһыныгас, Күн дьоно көмүскэс» диэн эрдэҕэ. Саха киһитин муҥутуур үрдүк идеала – Айыы киһитэ. Кэлэр кэмҥэ, сарсыҥҥылаах олоххо тардыстар киһини Айыы киһитэ диэн ааттыыр.
ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыыта маны хос көбүппүт киһибит – Тэрис. Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис (12.01.1952—29.12.2017) филология билимин кандидата, биллэр дьайаанньыт, сахаһыт. 1989 сылтан «Саха кэскилэ» общественнай-политическай хамсааһыны тэрийсэр уонна салайар. Суверенитет идеятын сайыннарыыга уонна туруулаһыыга элбэх сыратын биэрбитэ.
Л.А. Афанасьев-Тэрис биир сүрүн үлэтэ норуот утумнаах дириҥ санаатын үөрэтии этэ. Онуоха баҕалаахтары түмэн, «Кут-сүр» кыһаны төрүттээбитэ. Итинтэн ыла «Кут-сүр» оскуола, общественнай Академия үөскээн, саха улахан санаатын – Айыы санааны, тыыннаах олоххо сүгүрүйэр үгэһи үөрэтии саҕаламмыта. Бу түмүгэр тыыннааҕы өйдүүр дьоҕурбут – Айыы үөрэҕэ тиллибитэ.
Үтүө үгүс өйдөөх киһини
Үрүҥ айыы үөскэтэн,
Үөрэҕи өбүгэ сахаҕа
Үөдүтэр буолла?! —
диэн Алампа убайбыт амалыйыытын Тэрис отуттан тахса сыл устата бэйэтин тус дьулуурдаах олоҕунан турууласта. Ити түһүүлээх-тахсыылаах, утарсыылаах-өйөбүллээх түгэннэрин ааҕа барбакка, бүгүн «Айыы үөрэҕэр» ураты болҕомто ууруоҕу баҕарыллар – Тэрис тоҕо итини бигэргэтиигэ үгүс сыратын биэрбитэй диэҥҥэ…
Атын омуктар курдук, саха тус улахан санаалаах дуо, баар буоллаҕына, ол тугуй диэһиҥҥэ киһи эрэ барыта ылбычча тиийэн кэлбэт. Тэрис ити таһымҥа тахсыбыт биир сүрүн төрүөтэ норуот өйүн-санаатын үөрэтиитэ-ырытыыта буолар. Ийэ өй туохха тирэнэрин көрдөөһүнэ кинини Айыы санааҕа аҕалбыта. Бу санаа норуот тыыннаах олоҕу олоруутугар муҥутуур төрүт буоларын кини бигэтик өйдөөбүтэ.
Синкретизм. Айыы санаа синкретизм иһигэр сылдьара. Тоһоҕолоон эттэххэ, атын араас утарсыылаах анаарыылары, көрүүлэри кытта суулаһан, уопсай биир тиһиккэ баара. Ити уопсай тиһиктэн саха философиятын уонна итэҕэлин бутуурдаах өйдөбүллэрэ үөскээбиттэрэ.
Ол курдук, философия синкретизмыгар атын-атын философскай көрүктэр, итэҕэл синкретизмыгар тус-туспа итэҕэл үөрэҕэ, сиэрэ-туома баалларын билбитэ. Мантан сиэттэрэн, Айыы санааны синкретизмтан араарар уонна ийэ өйү сайыннарарга үөрэх гынар сорук турбута. Бу саамай уустук быһаарыныы этэ.
«Кут-сүр» оскуола маныаха синкретизм эрдэтээҥҥи көстүүлэрин үөрэтэн, чинчийэн барар. 1705 сыллаахха Голландияҕа бэчээттэммит «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр» диэн сахалыы постулаты, 1825 сыллааҕы бүтүн Россиятааҕы юридическай докумуоҥҥа киирбит үс символы – Үрүҥ айыы, Святой дух (иччи), Аар тойон диэннэри, Аар Айыы тойон диэн Миддендорф (1842—1845), Маак (1853—1855) экспедицияларыттан матырыйааллары. Бу матырыйааллары религиознай култууралаах, үөрэхтээх специалистар итэҕэл бары канона, символа бигэ туруктаах кэмигэр хомуйбуттара. Холобур, 1705 сыллааҕыны ыллахха, саамай эрдэтээҥҥи ре-лигиознай постулат буолар. Итиннэ этиллэринэн, Айыы – жизнь суолтата таҥаратааҕар таһыччы улахан. Россия императорын канцеляриятыгар киирбит 1825 сыллааҕы юридическай докумуоҥҥа Айыы эмиэ инники. Айыы кэнниттэн иччи. Үһүскэ – Аар таҥара.
1843—1845, 1853—1855 сыллардааҕы географическай экспедициялар көрдөрүүлэринэн, таҥараны Айыытааҕар инники тутуу, Үрүҥ Айыыны намтатыы, Аар таҥараны үрдэтии саҕаламмыта көстөр. Саха сиригэр маннык религиознай уларытыыны олохтообут киһинэн епископ Нил буолар. Кини тыыннаах олоххо сүгүрүйүүнү намтатан, өлүү культугар бас бэриннэрээри таҥара – Аар тойон суолтатын күүһүрдүбүтэ.
Сити кэмтэн ыла саха өйүгэр-санаатыгар сыыйа духовнай симбиоз олохсуйан барар. Айыыны, иччини, куту-сүрү таҥаранан солбуйуу уонна таҥаранан бүк баттааһын.
Симбиоз. Бу үс көрүҥнээх. Бастакыта – мутуализм. Өйдөбүллэри хас биирдии киһи бэйэтэ хайдах саныырынан тойоннуур. Онуоха таҥараны чорботууну ким да утарбат. Буолуохтааҕын курдук сыһыаннаһар. Иккиһэ – комменсализм. Симбиоз бу өрүтүгэр нэһилиэнньэ сорох араҥата өлүү өттүн аҥаардастыы күүркэтэр. Оттон атына итиниэхэ кыттыбат. Үсүһэ – мазохизм. Бу туһаайыы икки суоллаах. Бастакыта – тыыннаах олоххо, айыыга, иччигэ сүгүрүйүүнү сэнээһин. Ол оннугар өлүү культугар – таҥараҕа бас бэринии биһирэнэр. Оттон иккиһигэр – таҥараһыт кими баҕарар мөрөйдүүрэ көҥүл.
Онон саха дьонугар XIX үйэ иккис аҥаарыттан саҕалаан, Айыы өттө үтүрүллэн, таҥара өттө өргөйбүт, өргөстөммүт. ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыытыгар симбиоз бу үс көрүҥэ Айыы үөрэҕин утарбыта. Итини ааһан, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар епископ Нил саҕалаабыт үлэтин Аар Айыы итэҕэлэ, Айыы таҥара итэҕэлэ, Таҥарианство диэннэринэн сайыннара сатааһын бара турар. Бу барыта тыыннаах олох символын Айыыны, иччини суох оҥорорго дьулуһуу буолар.
Ол да буоллар, тыыннаах олоххо сүгүрүйээччи, тыыннааҕы таптыыр-харыстыыр баарын тухары Айыы үөрэҕэ сүтүө суоҕа. Кэнэҕэс даҕаны Айыы диэнинэн Тэрис үтүө аата сыанабылы ылыа уонна кэриэстэниэ диэн бигэ эрэллээхпин.
А.Н. Павлов-Дабыл,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Тэрис диэн кимий?[1 - Хоһоон Тэрис 60 сааһыгар анаммыта. Онно кини туһунан тугу саныырбын барытын эппиппин. – Ааптар.]
Тимир былаас эстээтин,
Тирэх өйүн сүтэрэн,
Тирии таһынан
Тиэрэ-маары тыллаһар,
Тиэрэ-таары көрөн сылдьар,
Тэлиэс-былаас хамсанар,
Тиэрэ-мээнэ быһыыланар
Киһи сатаан ыатарбат
Дьоно бөҕө үксээбитэ.
Уҥа, хаҥас барары,
Ортотунан оломнууру
Оҥкуллааммыт билбэппит.
Ханан киирэн,
Таба суолу тутары
Тэһэ көрөн ылбаппыт.
Ол да буоллар,
Билэр курдук, мөккүһэр
Киһи – саха айылгыта.
Сайдыылаах үйэ
Сабыыларын арыйар,
Саха тугун биллэрэр,
Самныбыт киэнин
Сатаан күүһүрдэр.
Санаа сааһын булбакка,
Саха кыайан түмсүбэккэ,
Сатарыйыы кэҥиэхтээҕэ,
Сатала суох дириҥиэхтээҕэ.
Саргылаах өҥ кырыска
Сатаан таба үктэммэккэ,
Саха төрүт үгэһигэр
Сэнээн, чиҥник тирэммэккэ,
Тэмтэргэммит кэлиэхтээҕэ,
Саха тиһэххэ тэбиллиэхтээҕэ.
Ону Тойон таҥара
Урааҥхайы дириҥ дьуоҕаттан
Оруу тардан уһугуннарар,
Оннубутун булларар,
Уһуу уолун ыыппыта…
Таҥара тылын тиэрдээччи
Саҥа үйэ уратытын
Сандаарда көрөр үөрэхтээҕэ.
Оннук эрдэ сайдыбыт
Охонооһойоп Лааһар —
Үрдүгүнэн ыырдаммат
Сатыы санаалааҕы[2 - Үөһэнэн кыырайбат, киэҥник анаарбат дьону.]
Санаа тиийбэт үрдүгүнэн
Сайа тыыннаран дайыппыт,
Сахалары сайыннарбыт
Саха бастыҥ саарына.
Бас туттубут чулуу уолбут
Барытыгар бастыҥ буолбут:
Хара үлэҕэ хаайтарбат,
Сүгэ ылан, мас кэрдэн
Сылайбакка батырҕатыа,
Саһаан охсон бачырҕатыа,
Суоран, умнаан кылбатыа,
Дьиэ тутан дьэндэтиэ.
Ходуһаҕа хоһуунунан,
Хоппот сыппах хотуурунан
Оту сыалыы быһарынан
Кэпсэлгэ киирбит охсооччу.
Буор хаһан бурҕайар,
Оҕуруотун дьаһайар.
Көтөҕүүгэ-сүгүүгэ,
Көргө оонньоон тустууга
Көрүҥүттэн таһынан
Кини чахчы баардааҕа.
Өй үлэтигэр үтүрүйтэрбэт,
Саха тылын киэҥ эйгэтигэр,
Сэмсии сылдьан үөрэтэр.
Суруйбута элбэҕинэн,
Кинигэтэ үксүнэн,
Биллибитэ бэрдинэн
Бастыҥ буолуо оҥоробун.
Илиилэригэр күүстээхтэр,
Кыратытан сэнээннэр,
Илиилээри тииһэннэр
Эчэйэ сыһаллар.
Өйдөөхпүт дэнээччилэр,
Өс киирбэх сэнээннэр,
Өй былдьаһан,
Үөрбэ тылга түһэллэр.
Кырдьыгынан сылдьар
Кыһалҕата сүрдээх,
Кыаллыбата элбэх.
Лааһар онтон кыһаллыбат,
Сирэйинэн сылдьар,
Итэҕэһи көрөн кээспэт,
Тойон диэн толлубат,
Доҕорум диэн аһыммат.
Соҕотоҕун даҕаны
Солуу турар ыараханы.
Тэрис – үксү билээччи,
Инникини билгэлээччи,
Саҕалааччы, төрүттээччи,
Уһуйааччы, көҕүлээччи,
Сатабыллаах тэрийээччи,
Санаатын тиһэҕэр тиэрдээччи!
Тэрис – куолаһа кубулуйбат,
Иннинэн чугуйбат,
Кэннинэн кэхтибэт,
Этэр тылын эҕириппэт,
Саҕалаабытын энчирэппэт,
Санаатын булгуруппат
Туп-туруору киһи.
Тэрис – харса суох үлэһит,
Хайҕалга хараҥарбат,
Наҕараадаҕа наадыйбат,
Аакка-суолга тардыспат,
Солоҕо-чыыҥҥа суудайбат
Суп-судургу киһи.
Тэрис – саха Учуутала.
Соҕурууттан-хотуттан,
Илинтэн-арҕааттан
Эҥинэ бэйэлээхтэр
Үөрэттэрэн бараллар,
Сүбэлэтэн байаллар.
Айыытын балаҕана
Сабыллыбат аана.
Сайсарыга саха тыына
Салыйбаттыы сайа тыынар!
Саха аймах уруккутун,
Быралыйбыт былыргытын,
Устуоруйа чахчыларын,
Итэҕэлин, үгэһин,
Көнө төрүт майгытын,
Олох сиэрин, куолутун
Урутунан билбитэ,
Ону дьоҥҥо ууммута,
Уһуйааччы буолбута
Уларытыы таһаарбыта.
Тэрис моонньо суон,
Саха сойбут итэҕэлин
Уонна төрүт култууратын
Ыбыс-ыарахан сыарҕатын
Чугуйбакка дьүккүйэр!
Уҥа-хаҥас өттүгэр
Уҥмат-бүппэт уһун тыыннаах,
Улугурбат сындаалаах,
Уйарҕаабат уйулҕалаах,
Уурастаабат оҥоһуулаах,
Оҕуруктаах иҥэ өйдөөх,
Уорааннаах уһун олуктаах,
Охсор сата тыллаах
Уордаах боотур уолаттардаах,
Уххан курдук
Улуу суруналыыстардаах,
Дабыл курдук
Талба сэһэннэрдээх.
Сэлиитин сиппэккэ,
Сир-бырах хаалан иһэр,
Кэскилин өйдөөн,
Кэнниттэн сэнньэлиһэр
Сэпсигир оҕонньоттордоох,
Эрэллэрэ иннигэр
Эдэр ыччаттардаах —
Кини үөрэҕэ кэскиллээх!
М.П. Алексеев-Дапсы,
филологическай наука кандидата,
«Ийэ тыл» түсчүтэ
I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Айыы суола
Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай-психологическай анаарыы
«Мы все обладаем большим количеством знаний, которые не осознаем».
М. Эриксон
Быйыл биир бэлиэ түгэн – «Айыы үөрэҕэ» кинигэ бэчээттэммитэ уонна «Кут-сүр» религиознай тэрилтэ юридическай регистрацияны ааспыта 25 сыла. Быһатын эттэххэ, үйэ чиэппэрэ ааста. Бу былаһын тухары Айыы үөрэҕэ, итэҕэлэ билигин даҕаны үгүс мөккүөрү уонна утар-сыыны үөскэтэр. Онуоха мөккүһээччи да, утарсааччы да Тэрис ханнык да кинигэҕэ суоҕу «тарбаҕыттан эмэн» таһаарбыта диэн тыллаһар үгэстээх. Маны биһиги дириҥ социальнай-психологическай проблема курдук көрөбүт. Бу проблемаҕа абсолютнай авторитекка (религияҕа, наукаҕа, политическай сүүрээннэргэ) тирэнэр маассабай өй-санаа уонна соҕотох киһи олоххо сыһыана-көрүүтэ ыйааһын хараҕар ууруллан турар.
Нэһилиэнньэ социальнай стереотиба, күрүө оҥостубут араас идеологическай схемата, үҥэр-сүктэр эгэлгэ эмэгэтэ тус бэйэтигэр аһара күндү. Дьэ итинниги этэбит, общественнай психология диэн. Бу да иһин атеист, коммунист уонна официальнай, коллективнай сиэри-сигилини батыһар халыҥ араҥа оччолорго Тэрис үөрэҕин ересь курдук санаабыта.
Тоҕото тугуй диэтэххэ, чэҥкир бэлэм идеологияны бэрэлээн айаҕын ииттэргэ, олоҕун оҥосторго идэтийбит киһи ханнык да энчини тулуйуон сатаммат этэ. Инньэ гыннаҕына эрэ социальнай иерархия сымнаҕас олбоҕор олорор кыахтааҕа. Урут да, билигин да оннук. Төрүт уларыйа илик кур көстүү.
Онон бэйэтин кэминээҕи политическай, экономическай, философскай, историческай догмалары көмүскүүрэ бэрт оруннаах этэ.Бу да иһин соҕотох киһиэхэ аҥаардастыы дьорҕойуу, суоһурҕаныы ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы барбыта.
Итинник дьон, чуолаан, үөрэх диэни социум ычатыгар кыбытан өйдөөбүтэ. Марксизм-ленинизм, атеизм, библия, коран кээмэйинэн. Бу иһин коммунистар, атеистар бэйэлэрин идеологияларыгар итинник суоҕун дакаастыырга туруммуттара. Таҥараһыттар биир оннук «библияҥ, кириэһиҥ, иконаҥ ханнаный, кыһыл тылгынан эппиккин ылыммаппыт» дэһиилэрэ, бэл оннооҕор социальнай-гуманитарнай эйгэ үлэһиттэрэ «хантан ким этиитин туһаммыккын ыйан көрдөр» дии-дии түүрэйдээһиннэрэ баар этэ.
Тэрис хантан ылан «Айыы үөрэҕин» айа сатыырый, Айыы диэн ол тугуй диэн баайсар баайсыылара итинтэн сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыбыта.
Этиттэрии
Два мира есть у человека:
Один, который нас творил,
Другой, который мы от века
Творим по мере наших сил.
Н. Заболоцкий
Дьиҥэр ыллахха, Тэрис бу үлэтэ этиттэрии диэн ааттанар. Кинигэ аан тылыгар ааптар оннук быһаарбыта. Бу быһаарыы мээнэҕэ оҥоһуллубатаҕа. Кини итинэн үөрэх диэн тылы Логос диэн религиознай-философскай категория өйдөбүлүгэр туттубута.
Логос былыргы греческэй философияҕа – «разумное начало космоса, мировой закон, мировой разум». Греческэй философ Платон «божественная идея» диэнин кытта биир баайыылаах өйдөбүл. Маны аныгылыы өйдөөччүлэр «склад мышления» диэн эмиэ этэллэр. Оттон былыргы Логос кээмэйинэн Айыы үөрэҕэ – Айыы этээйитэ буолар.
Айылҕа халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан Логос илэчи олох бигэ тирэҕэ. Бу «суруллубатах үөрэҕи» бүгүҥҥү таһымынан сыаналаатахха, уһун кэмнээх эволюция түмүгэр үөскээбит сабыылаах генетическэй информация, бүтүн оҥоһууну харыстыыр биологическай программа диир сөптөөх. Бу сабыылаах генетическэй информация уонна биологическай программа айылҕа түөрт эйгэтигэр толору киирэн сылдьаллар. Ону илдьэ сылдьар орто дойдутааҕы сырдык күүһү саха киһитэ иччи диэн ааттыыр. Буор иччитигэр баары буор кут, уу иччитигэр баары ийэ кут, салгын иччитигэр баары салгын кут, уот иччитигэр баары сүр диэн бүтэйдии сэрэйэн этэр. Бу барыта тыыннаах эйгэҕэ бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө таһымыгар сылдьар. Эт кулгааххынан истибэккин, эт хараххынан илэ көрбөккүн. Алампа эппитинии, итини мээнэ киһи мэйиитэ билбэт. Ону билэр айдарыылаах ураты дьоҕуру этиттэрии диэн этэллэр. Былыр-былыргыттан сээркээн сэһэннэр маны эттэринэн-хааннарынан дьиҥ билбит суоллара. Киһи аайы тиксибэт ураты дьоҕур. Оннук киһини Айыы киһитэ диэһин баар.
Айыы киһитин «физический носитель мирового разума» курдук сыаналыахха сөп. Айыы киһитэ баар буоларыгар, айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията көмөлөһөр. Бу барыта физическэй, биологическай, ону ааһан психологическай объектарга, хас биирдии киһиэхэ, обществоҕа, ону ааһан технологическай көрүккэ, санаа да тиийбэт чараас эйгэтигэр киирэн сылдьар.
Сээркээн сэһэннэр этиилэринэн, Айыы үөрэҕэ үрдүк айар күүстэн – Үрүҥ Айыыттан тиксэр улуу муударас. Үрүҥ Айыыттан этиттэрии. Бу этиттэриини кут-сүр гына тарҕатааччы Үрүҥ Айыы Тойон. Оттон этиттэриини араҥаччылааччы Айыы Тойон буолар.
Киһи олоҕо биологическай уонна социальнай программалартан турар. Киһи удьуоругар айылҕа айыллыбыт төрдө-төрүөтэ сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа таһымыгар сылдьар. Айыы киһитэ итини кут-сүр, иччи, айыы диэн ааттаабыт. Балар тыынар тыыннаахха мэлдьи чугастар. Киһиэхэ эмиэ. Итинэн тыыннаах буолууну, олох баар буолуутун хааччыйаллар.
Оттон социальнай утумнааһыны киһи бэйэтин төрөппүттэриттэн, үөлээннээхтэриттэн, алтыһар дьонуттан-сэргэтиттэн, быһатын эттэххэ, киһи аймах айылҕа ортотугар олоҕу оҥостор үөрүйэҕиттэн ылар.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, киһи социальнай программата биологическайдааҕар кыра. Атыннык эттэххэ, киһи биологическай программаттан дьиҥнээхтик «тэйэ быһыытыйыыта» баара-суоҕа 400-чэкэ сыл курдук дииллэр. Киһи айылҕаттан тутулуга суох курдук сананыыта, тус кыаҕын билинэ быһыытыйыыта, бэйэтин айылҕа муҥутуур хаһаайынын курдук сананыыта итиччэ кэм уһуннаах.
Оннугун оннук эрээри, социум урукку олоҕу өй-санаа күлүгэ оҥорон, айылҕаны кытта өр кэмнээх «охсуһуутун» түмүгэр социальнай догмалаах эрдэтээҥҥи улахан религиялар үөскээбиттэрэ, чуолаан, христианство, ислам. Ити религияларга киһи олоҕун соро-муҥа, ол кэмнээҕи кыһалҕата туохтааҕар да ордук чорботуллар. Ону хос ырыҥалаан, урукку кириттэн-дьайыттан ыраастаан, саҥалыы таҥан, бүгүҥҥү тыыннаах олоххо өй-санаа күлүгэ – Таҥара гына иҥэрии социальнай-гуманитарнай программа биир сүрүн ис хоһооно буолбута.
Буолан ааспыт олоҕу өй-санаа күлүгэр кубулутуу уонна ол күлүк иһигэр тыыннаах олоҕу олоро сатааһын икки тыһыынча сыл тухары киһи аймахха ыарахан психологическай эксперимент быһыытынан салҕана турар. Маныаха өлүү культун үөскэтии, онно үҥүү-сүктүү – бу религиялар халбаҥнаабат догмалара. Киһи өллөҕүнэ эрэ үчүгэйдэтэр. Тыыннааҕын тухары эрэйи-кыһалҕаны кэтиэхтээх диэн өйдөбүл итиннэ чиҥник иҥэн сылдьар.
Киһи аймах баһыйар өттө түҥ үйэлэртэн маннык догмаҕа хото охтор. Дэлэҕэ даҕаны, Кытай былыргы бөлүһүөктэрэ олоҕу олорууну уруккуга төннүү, ону хатылыы сатааһын диэхтэрэ дуо?! Киһи аймах «хараҕа наар кэннигэр», өрүү ааспыты кэтэнэр-мананар диэн өйдөбүл олохсуйбут. Оттон тыыннаах буолуу муҥура биллибэт ис кыаҕын бэйэҕэ арыйа сатыыр дьоҕур быстар мөлтөх. Ити да иһин тыыннааҕы, чэгиэни харыстааһын, кэлэр кэмтэн, бүгүҥҥү тыыннаах эйгэттэн үчүгэйи күүтүү, онно эрэнии суоҕун тэҥэ. Бу да иһин, күҥҥэ хайыһан, уокка сүгүрүйэн иччини – билиҥҥи кэми, Айыыны – кэлэр кэми уруйдууру-айхаллыыры ис-иһиттэн сөбүлээбэт майгы аһара күүстээх. Ол оннугар дьиэни-уоту арҕаанан ааннаан, күн сырдыга киирэр өттүн бүтэйдии бүөлээн, былыр үйэҕэ өлбүттэри таҥара оҥостуу, олор кэптэрин киһи аайы кэтэрдэ сатааһын, сырдыгы сыһыарбат гына кириэс анньыы – бу саамай биһирэнэр өй-санаа. Куораттар, болуоссаттар, уулуссалар, алаастар түөрэ кэриэтэ таҥаралаабыттар ааттарынан ааттанан, кинилэри тилиннэрэ сатыыр үрдүк аналлаахтара кими да дьиксиннэрбэт. Төттөрүтүн астыннарар, дуоһутар диэххэ сөп.
Тыыннаахтан, илэ баар күн сырдыгыттан үтүөнү эрэйэр адьас куһаҕан, ону ааһан кутталлаах дииллэр. Бу оннугар уруккуну, күн сиригэр суох буолбуту сырдык ыра оҥостуу, онно үҥүү-сүктүү кинилэргэ муҥутуур абыраллаах. Бу да иһин бүгүн илэ баары барытын имири сотор, «Кыһыл кинигэҕэ» киллэрэн, сүтэрэ охсор баҕа олус күүстээх. Урукку өттүгэр итинник оҥоһуулаах социальнай система биирдиилээн киһи айылҕаттан айдарыытын суох гынаары сору-муҥу кэтэрдэр, эрэйдээн өлөрөр эбит буоллаҕына, аны айылҕа дириҥ ис күүһүн баһылыырга баламаттык турунна.
Киһини оҕо сааһыттан кэлтэйдии өлүү культаах социальнай программаҕа хааччахтаан иитии-үөрэтии түмүгэр сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа бүтэйэн иһэр. Үчүгэй уонна куһаҕан ардын киһи урут этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн курдаттыы сэрэйэр буоллаҕына, бүгүн итини киинэ оҥорон, кинигэ суруйан, үлтү лэбэйдээн быһаардахха эрэ сатанар. Оннукка тиийэн-түгэнэн хаалбыттан аны ким да соһуйбат. Итинэн салайтаран олоруу киһиттэн сүрүн ирдэбил, модьуйуу буолан иһэр. Бэйэ ис кыаҕын туһаныы дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппэт, ааһа баран итинниктэри мөрөйдөөн атарахсытар, бүк баттыыр холобур элбэх.
Бүгүҥҥү социум оҥоһуута (искусственнай техногеннай сайдыы) уонна итиннэ тирэҕирбит социальнай тутула айылҕалыын дьүөрэлэспэт, ону ааһан айылҕа программатыттан тосту-туора буолан иһиитэ сылтан сыл улаатар. Итиниэхэ техническэй цивилизация сайыннарар системата үгэстийбит утумнаах култуураны быстах кэмнээҕи култуурунай бырайыактарынан солбуйа сатыыр соруктанна. Ол курдук модернизационнай тосхоллоох политическай эйгэ дойду иһигэр «ис колониализмы» олохтуурга дьулуһуута улахан. Регионнары, провинциялары үлтү соролоон, национальнай ресурсаны киин былаас бас билиитигэр кубулута турар. Итини түргэнник ситиһэр сыалтан кытыы сирдэр социокультурнай уратыларын муҥутуу симэлитэ сатыыр. Онно холонуу холобура аҕыйаҕа суох. Үгүстэн биирэ – норуоттар төрөөбүт тылларын, төрүт култуураларын суурайарга национальнай оскуолалары аҕыйатыы, үбүлээһини тохтоторго холонуу, итинэн этническэй, социальнай-историческай үллэһиктэри букатыннаахтык суох оҥорор баҕалаахтар.
Оттон суох оҥоро сатыыр социокультурнай уратылара – айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията. Киһи төрөөбүт тыла ити чараас көстүбэт эйгэни арыйар суос-соҕотох күлүүс! Тыла суох киһи этиттэрбэт. Тыл көмөтүнэн киһи бэйэтин ис тыынын таҥастаан, эттэтиини ааһан, дириҥ этиттэриигэ киирэр.
Норуоттар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын суолталаабаттарыттан, онуоха эбии государственнай система бары норуоту унификациялыыр сыалы-соругу күүһүрдэ турарыттан, социальнай-гуманитарнай билии-көрүү нэһилиэнньэҕэ быстар намыһах. Онон эттэтиитэ, этиттэриитэ суох кураанахсыйбыт киһи элбээн иһэр. Атыннык эттэххэ, кута-сүрэ, иччитэ салыйбыт дьон үгүс. Балар бэлэм социальнай программа ис хоһоонугар дьүөрэлээн, техногеннай олох сыарҕатыгар хатаастыыны «сайдыыга айан, ситиһиилээх буолууга дьулуһуу» диэн күннээҕи лозунг оҥостон, сата баһын тардан эрэллэр. Итинник өлүмнэһии содулугар аан дойду үрдүнэн научнай-техническэй прогресс айылҕаҕа охсуута улам-улам күүһүрэн иһэр. Холобурун эттэххэ, сир шарын ойуура 25—30% кыччаата. Сыл аайы 400 000 кв км ойууру араас социальнай программаҕа анаан кэрдэ тураллар. Төһөлөөх күөх үүнээйи дьон-сэргэ дьалаҕайыттан уокка былдьанарын киһи этэ да барбат. Оттон биир гектар ойуур 20 мөлүйүөн кубическай миэтэрэ иэннээх атмосфераны ыраастаан, күн аайы үрүҥ тыыммытын өллөйдүүрүн, дьэ, санаа эрэ!
«Сатурн-5» ракетанан американскай «Скайлэб» станцияны орбитаҕа таһаарарга сирдээҕи ионосфера 1800 км диаметрга тиийэ дьөлө ыстанар. Бу дьөллүү түмүгэр сирдээҕи айылҕа икки чаастан ордук бириэмэ итини оһоруна, иэдээнтэн өрүһүнэ сатыыр. Өскөтүн сылга 85-тэн ордук ракетаны көтүттэххэ, озон араҥата өрүттүө суоҕун сөп диир, айылҕаны үөрэтэр-чинчийэр үөрэхтээх араҥа.
Айылҕа бу үлүгэрдээх алдьаныыттан быыһанарыгар олоҕу харыстыыр программаны хос саҥалыы уларытар. Ол аата киһиэхэ баар сабыылаах генетическэй информацияҕа, биологическай программаҕа дириҥ мутация баран эрэр. Ол туоһута аҕыйаҕа суох. Ылан көрүөҕүҥ, саванта дэнэр төрүөхтэриттэн аамыйа, социальнай программаҕа кыайан дьүөрэлэспэт туруктаах, ураты айдарыылаах дьону. Бу феномены билиҥҥи наука кыайан быһаара илик.
Айыы үөрэҕин туһунан санааны түмүктээн эттэххэ, айылҕа дириҥ төрдө-төрүтэ этэр-кэпсиир, ыйар-кэрдэр кыаҕын ким барыта эт мэйиитигэр кыайан батарбат. Итиниэхэ, биллэн турар, киһи бэйэтин тула баары муҥ саатар билинэ, баардылыы үөрэнэрэ, ол бастакы улахан сорук быһыытынан турар.
Тэрис тилиннэрбит үөрэҕэ – үөтүүлээх санааһыҥҥа тирэммит сахалыы этиттэрии. Бу этиттэриигэ сабыылаах ис итэҕэли Тэрис сурукка тиһэн, аан бастакынан өй-санаа гынан билиһиннэрдэ.
А.Н. Павлов-Дабыл,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Айыы үөрэҕэ үйэттэн үйэҕэ үрдүү туруоҕа
Ой дуораана буолан ааһар киһи олоҕо, сиэрдээх-майгылаах суолу туттаҕына эрэ – бу дьол буолар диэн, Тэрискэ үөрэниэхпиттэн, Айыы үөрэҕин билиэхпиттэн сахалыы санааланным.
Олоҕум иккис аҥаарыгар дьон туһугар олорорго, айыы тыынын тарҕатарга, итэҕэл күүһүн туһанарга уһуйбут учууталбын Тэриһи хайдах курдук аан бастаан билиэхпиттэн олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри кини этэрин-үөрэтэрин сыыска-буорга түһэрбэккэ, өйбөр-санаабар хатаан, куппунан-сүрбүнэн ылынан, сүүрбэ сыл тухары үөрэнним.
1998 сыллаахха саха итэҕэлэ, «Кут-сүр» түмсүү баарын да билбэккэ сылдьан, маҥнайгы хоһооннорум радиоҕа тахсыбыттарын кэннэ, дьүөгэлэрим Полина Перуашева, Мотрена Попова итэҕэлгэ сыһыаннаах эбиккин диэн Тэрискэ ыыппыттара, төлөпүөн нүөмэрин биэрбиттэрэ. Эрийбиппэр Копырина Иустинья «Айыы хоһугар» дьон кэллэҕинэ ыраастыыр, култуура үлэһитэ кэпсэппитэ. Үлэлиэм этэ диэбиппэр олуһун үөрбүтэ уонна хамнаһа суох үлэ диэбитэ. Хата, мин онно үөрбүтүм, бэйэм ону-маны билиэхпин баҕаран тууйулла сылдьар кэмим этэ…
Оччолорго «Айыы хоһо» Киров аатынан уулусса 33 нүөмэрдээх Норуот айымньытын дьиэтигэр баар эбит этэ. Тэрис миэхэ «Айыы үөрэҕэ» диэн кинигэтин аах диэн биэрбитэ. Үлэлиирбэр анаан кыра, туойтан оҥоһуллубут аҕыс кырыылаах холумтаны, чуорааны, туостан кырыллыбыт кыра этиилээх маллары биэрбитэ. Дьон кэллэҕинэ хайдах арчы уота оттон ыраастыырбын үөрэппитэ. Тэрис үөрэтэрин уруккуттан билэр курдук, кини этэрин барытын сыыска-буорга түһэрбэккэ ылынан испитим. Улахан туомнарга наһаа элбэх киһи кэлэрин, Тэриһи хайдах курдук интэриэһиргээн истэллэрин сөхпүтүм. Айыы хоһугар үс сыллаах үөрэҕи тэрийбитэ. Мин дьүөгэлэрбин, Сайыына курсугар сылдьыбыт, билиэн-көрүөн баҕалаах дьахталлары, муспутум. Отучча этибит. Үөрэхпит ыйга биирдэ буолара. Айыы халлааннарын, алгыстарын үөрэтэн барбыппыт. Иккис-үһүс ыйбытыттан ахсааммыт аҕыйаан барбыта. Ол курдук иккис сылбытыгар соҕотох үөрэнээччи буолан хаалбытым. Онон түргэтэтэн, үлэлии-үлэлии үөрэхпит түмүктэммитэ. Ити кэмҥэ Норуот айымньытын дьиэтэ сабыллан, үлэлиир хоһо суох хаалбыппыт. Ол да буоллар тохтооботохпут. Ыарахаҥҥа түбэспит, өлүүлээх-сүтүүлээх түгэннэргэ дьиэлэринэн сылдьарым. Ити сылдьыым ыал, дьиэ кэргэн олоҕун туругун билэрбэр улахан үөрэх буолбута. Улуустарынан сылдьан, оскуола оҕолоругар сиэри олохтуур кэс тылларынан аһаҕас уруоктары тэрийэр буолбутум. Ити ньымабыт сылтан сыл чочуллан, билигин үгүс улууска учууталлар оскуола оҕолоругар, иитээччилэр биэбэйиктэргэ саастарынан араарыллан ыытыллара олоххо киирдэ.
«Айыы оҕото» диэн тэлэбиисэринэн биэрии эмиэ Тэрис идиэйэтэ этэ. Маҥнайгы биэрии кэннэ кини миэхэ эппитэ: «Холкугун, кэпсиириҥ үчүгэй», – диэн хайҕаабыта, үөрэн-күлэн кэбиспитэ. Ити биэриибит 13 сыл устата, биир көлүөнэ улаатыар диэри, салҕанан барбыта.
Тэрис миигин олус харыстыыра. Куруутун: «Бүгүн үлэлии кэлэҕин дуо?» – диэн ыйытара. «Кэлэбин», – диэтэхпинэ, – чэ, оччоҕо маннык, саҥа туому оҥороҕун», – диэн хайа туому хайдах оҥоруохтаахпын этэрэ.
Тэрис үөрэппит туомнарын билигин Айыы дьиэтигэр туһанабын, дьоҥҥо оҥоробун. Айыы хосторо элбэх сиргэ арыллан үлэлии тураллар. Онно үлэлиир дьөһүөлдьүттэри, бахсылары үөрэтиибит билигин күүскэ бара турар.
Саха итэҕэлин, Айыы үөрэҕин Тэрис дириҥник ырытан, сиһилии үөрэтэн, туомнары оҥорорго дьарыктанан, суруйан, кинигэ оҥортоон хаалларбытын биһиги тарҕатыах тустаахпыт. Кини кэлиҥҥи кэмҥэ этэрэ: «Мин суох буоллахпына Айыы дьиэтэ тохтообокко үлэлии туруохтаах», – диэн.
Тэрис өбүгэбит үөрэҕин, үгүс үйэлэргэ тыыннаах буолар туһугар тутуһан кэлбит сиэрин-майгытын суруйан, ырытан аныгы киһи таһымынан итэҕэли тилиннэрбитэ сахаҕа саха буолар суолун ыйда. Билигин киһи билиитэ уруккутааҕар быдан кэҥээн, улаатан иһэр. Оччотугар билиибит төһөнөн элбиир да, билбэппит элбээн иһэр. Ол инниттэн биллибэт күүскэ итэҕэлин, ону туһанарын Айыы үөрэҕэ саха киһитин санаатын уһатыа. Холобурун эттэххэ, ааспыт үйэ бүтүүтүн саҕана, итэҕэл улахан мөккүөргэ турара. Онтон билигин үгүс киһи айыылары, иччилэри арааран билэр. Сиэр-туом диэни тутуһа сатыыр. Итини мин Тэрис Айыы үөрэҕин арыйыаҕыттан, кини кинигэлэрэ, үлэлэрэ дьоҥҥо тиийиэҕиттэн итэҕэл өйдөбүлүгэр чугаһаата дии саныыбын.
Тэрис итэҕэл бөлөҕүн Саха сиригэр маҥнайгынан тэрийбитэ уонна ол суолун тутуһан Айыы дьиэтин тутан билиитин түмэн хаалларда. Кини аттыгар сылдьан туому толорорго уһуйуллубут киһи буоларым быһыытынан, Айыы дьиэлэригэр, итэҕэллээх буолуон баҕарар, өбүгэбит үгэһин сэргиир дьоҥҥо, оҕо төрүөҕүттэн кырдьыар диэри сиэри олохтуур туомнары оҥорор, уһуйар, ону салгыыр сүрүн соругум буолла. Туом киһи уйулҕатыгар сабыдыала күүстээх. Туом туох эмэ уларыйыахтааҕы, оҥоруохтааҕы алгыс көмөтүнэн айыылартан, иччилэртэн этиттэрэн өйгө-санааҕа оҥоруу буолар. Ону мин тус олохпор туһанабын. Туому оҥоруу бэйэтэ туһунан туруктаах.
Тэрис суруйбут «Айыы туомнара» кинигэтэ Айыы дьиэлэригэр, Айыы хосторугар үлэлиир дьөһүөлдьүттэргэ ананар. Бу туомнары «Кут-сүр» кыһа 15 сылы быһа дьоҥҥо оҥорон, ону мунньан, 99 туом суруллубут кинигэтинэн Айыы дьиэтигэр 2005 сылтан оҥоробут. Тэрис бу кинигэни 400 ахсаанынан таһааттарбыта. Саха сиригэр 400 саха дьоно олорор нэһилиэнньэтигэр барытыгар тиийиэхтээх диэн этэрэ.
Тэрис туому ыытар киһи туох уратылаах буолуохтааҕын бэйэтин холобурунан көрдөрөрө. Туомҥа кэлбит хас биирдии киһиэхэ, кини кыһалҕатыгар, уйулҕатыгар сөптөөх туомнары оҥорорго, ыйдааҕы сүрүн туому, күннээҕи олоххо сыһыаннаах туомнары, бөлөҕүнэн туомнары, оҕолорго сааһынан араарыллан сиэри олохтуур кэс тыллары барытын оҥороро, миигин үөрэтэрэ. Билигин биһиги хайдах үлэлиэхпитин өтө көрөн, барытын бэлэмнээн оҥорбутун сөҕөбүн!
Тэрис этэринэн, саха киһитэ куһаҕан олохтон куттанар, ити куһаҕан ыччаппар тиийиэ диэн. Саха киһитэ үчүгэйдик олоро сатыыр, үчүгэйим ыччаппар тиийиэ диэн. Саха киһитэ хаһан баҕарар ыал буолууну үрдүктүк тутар. Итинтэн сиэттэрэн мин улахан болҕомтобун, сатабылбын оҕолорго кэс тылы тиэрдии ньымаларыгар уонна Айыыһыт тардыы туомнарыгар уурбутум. Итэҕэл көмөтүнэн киһиэхэ иҥэн хаалар тылы этии Айыы үөрэҕин биир улахан салаатын түөргүнү баһылыыргар олох араас өрүттэрин билииҥ, тугу барытын тоҕус өттүттэн көрүүҥ буолар. Түөргү икки көрүҥнээх: үрүҥ түөргү уонна хара түөргү. Туом бахсы үрүҥ түөргүнү туттар диэн этэрэ.
Тэрис сүүһүнэн ахсааннаах сурукка-бичиккэ тиһиллэн киирбит үлэлэрэ, Айыы үөрэҕэ аныгы олох аартыгын арыйан саха киһитигэр дириҥ итэҕэли, өбүгэбит өркөн өйүн кэлэр ыччакка тиэрдиэ.
Тэрис бу орто дойдуга үйэлэр кирбиилэригэр саха омугун дьиҥин тилиннэрэргэ, итэҕэлин эргитэргэ ананан кэлбит киһи буоллаҕа! Кимҥэ да, туохха да иннин биэрбэккэ бэйэтин улахан санаатын тутуһан, саха омук инникитин өтө көрөн, харахпытын арыйан, санаабытын уһатан, этиэхтээҕин этэн, оҥоруохтааҕын оҥорон бардаҕа… Саха омуга итэҕэллээҕин тухары Тэрис аата ааттана туруоҕа!
И.Е. Лукина-Уйусхаана,
Айыы дьиэтин туом бахсыта
Тэрис – саха бахсыта
Билигин түүр-монгол омуктарга бахсы диэн тыл үөрэтээччи, быhаарааччы, такайааччы, уhуйааччы, уhаарааччы диэн өйдөбүлгэ туттуллар – багша, бакшы уо.д.а. Сахалар олоҥхолоругар тимир уустара күдэй, күөттэй бахсылар диэн ааттаналлар. «Күдэй», «хүдэй», «худай» диэн эмиэ иран тыла дэнэр, Таҥара диэн өйдөбүлү биэрэр. Ол гынан баран, төрдө сахалыы «күөт» диэн уоту кытта ситимнээх тылтан тахсыбыт буолуон сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ, бары билэрбит курдук, саха омук төрүт итэҕэлин 90-с сыллартан научнайдык чинчийбит, сөргүппүт, быhаарбыт, тарҕаппыт, дьаныhан туран дьарыктаммыт, идэ оҥостубут киhинэн учуонай, бөлүhүөк Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кинини саха бахсыта диэххэ сөп.
Биллэн турар, 90-с сылларга, Сэбиэскэй дойдуга общественнай формация уларыйар – коммунизмтан капитализмҥа көhүү быыhык кэмигэр, ылбычча киhи эрэ төрүт итэҕэл дии-дии муннукка ытаабат этэ. Саастарын тухары сэбиэскэй былааска үөскээбит дьон хомуньуустуу, хомсомуоллуу санааларын биир-икки күн иhигэр ыhыктыбат, туох-туох өссө уларыйыылар буолуохтара биллибэт кэмнэригэр өй-санаа улугуруута, мунуу-тэнии элбэх этэ. Ыарахан кэмнэр үүммүттэрэ: былаас былдьаhыыта, харчы, ас-таҥас сырсыыта буолбута. Ол кэмҥэ итэҕэл эрэ, духуобунас эрэ, ким да ол туhунан санаатыгар оҕустарбата. Эмискэ утуйан тураат, итэҕэли үөрэтэн барбыт ким да суоҕа. Арай идэтинэн дьарыгыра сылдьар аҕыйах учуонай – этнографтар, филологтар, историктар эрэ хамнастаах үлэлэрин быhыытынан чинчийбиттэрин курдук чинчийэ сылдьыбыттара. Ол өйдөнөр. Оннук учуонайдартан биирдэстэрэ Л.А. Афанасьев этэ. Ол сылдьан, кэм уларыйыыта дьайан, кини аҥаардас чинчийииттэн сыыйа сүрүн өйдөбүлгэ кэлбитэ – саха норуота сомоҕолоhуутугар, бэйэтин суолун булунуутугар, омук быhыытынан иллээх, түмсүүлээх буолуутугар төрүт итэҕэл эрэ олук буолар диэн. Кини ону өйдөөн, учуонай быhыытынан научнайдык чинчийэн, архыып матырыйаалларын хаhан, сүрүн өйдөбүллэрин булан сааhылыыр, систиэмэлиир үлэтин саҕалаабыта. Архыыпка хасыhыы, биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар, илиинэн суруллубут араас кэмнээх докумуоннары сыныйан сыымайдаан көрүү, сурунуу, бэлиэтэнии – сырамталаах, ыарахан хара үлэ. Бэлэм тахсыбыт кинигэлэри булан ааҕыы буолбатах.
Л.А. Афанасьев-Тэрис үлэлэрэ күн сирин көрүүлэрэ, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыылара, биhирэниилэрэ, үөрэх буолан систиэмэлэниилэрэ, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө бигэргэниилэрэ соҕотох эрэ киhи сыратын түмүгэ буолбатаҕа. Ити ситиhиилэр Л.А. Афанасьев-Тэрис тумустаах «Кут-сүр» холбоhук, «Бичик» национальнай кыhа, о.д.а атын тэрилтэлэр, общественнай холбоhуктар күүскэ үлэлээбит түмүктэрэ буолар. Оччолорго Ил Түмэн депутаттарын истэриттэн «Кут-сүр» холбоhук үлэтин өйдөөбүт, өйөөбүт элбэх этэ. Орто үөрэхтээhин эйгэтин салайааччыларыттан саха оскуолаларыгар үөрэх салаатын нөҥүө Айыы үөрэҕин олуктара киирэллэригэр туруорсубут эмиэ аҕыйаҕа суоҕа.
Кэлин ити хамсаныылары хабан ылааччы элбээбитэ. Төрүт итэҕэли быhаарсааччы, туруулаhааччы араҥата үөскээбитэ. Сир-сир аайы ким өйдөөн, ким өйөөн, ким дьарык гынан, төһө билэллэринэн, аахпыттарынан, истибиттэринэн, билгэлэммиттэринэн, көрүүлэммиттэринэн араас ыстатыйалары, кинигэлэри суруйан да, суруйтаран да барбыттара. Сорох айдарыылаах өттө норуокка араас бөлөхтөрүнэн саха итэҕэлин сөргүтэр оскуолалары тэрийбиттэрэ. Ол курдук, биллэр оскуолалаахтарынан, эмтиир дьоҕурдаахтарынан биhирэммиттэрэ В.А. Кондаков уонна Сайыына. Кэккэ элбэх эмчит, алгысчыт идэтин баhылаабыт дьон тахсыбыттара. Ордук дьон-сэргэ билиниитин айылҕаттан айдарыылаах Эдьиий Дора ылбыта. Онтон да атын көрбүөччүлэр, эмчиттэр, билгэhиттэр, алгысчыттар тэнийбиттэрэ. Кыhалҕалаах ыарахан кэмҥэ олортон сорох өттө харчылаhар, идэ оҥостор баҕаттан, сороҕо билээри-көрөөрү, сороҕо аат-суол оҥостор соруктан. Ол эрэн, тустаах органнар кигиилэринэн, этиилэринэн араас бөлөхтөр, оскуолалар тэриллиилэрин күөртээччилэр эмиэ бааллара. Тоҕо диэтэргин, итэҕэлгэ төhөнөн элбэх араас өйдөбүл, быhаарыы, мөккүөр баар да, соччонон норуокка арахсыы тахсар. Биир сүнньүлэммэт, өйдөбүллэммэт. Онон сахалар төрүт итэҕэлэ суох омук диэн өйдөбүлү, быhаарыыны киллэрэллэр, тарҕаталлар, норуот сомоҕолоhор күүhүн мөлтөтөллөр.
Дьэ, бу дьон үксэ, бэйэлэрэ этэллэринэн – көрүүлэммит, этиттэрбит, айбыт, ханна эрэ көрбүт, истибит ньымаларын туттубуттара, туhаммыттара. Биллэн турар, кинилэр анал үөрэхтэрэ, тустаах идэлэрэ атын хайысхалаах буолан, научнай архыып аанын тутааҕын элэппэтэхтэрэ. Онон сахалартан дьиҥ чахчы дьаныардаахтык, идэ оҥостон научнайдык, саха норуотун үйэлэргэ мунньуллубут, итэҕэлгэ сыhыаннаах матырыйаалларын архыыпка, аан дойду итэҕэллэрин библиотекаларга сыны-йан олорон хаспыт, үөрэппит, анаарбыт киhинэн Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кини этиилэрэ, көрүүлэрэ уонна тарҕаппыт Айыы үөрэҕин систиэмэлээhинэ олохтоох, дьоhуннаах уонна киэҥ араҥаҕа ылыннарыылаах. Ону туоhулуур бу хомуллубут, ырытыллыбыт матырыйаалга олоҕуран тарҕатыллыбыт Айыы үөрэҕин дьон-сэргэ ылыныыта, үгүс улуустарга нэhилиэнньэ бэйэтин баҕатынан Айыы дьиэлэрин тутуута уонна олорго күн-дьыл хаамыытынан ситимнэнэн оҥоhуллубут итэҕэл туомнара толоруллуулара.
Бу буолаары турар республикатааҕы «Духуобунас мунньаҕа» диэн тэрээhиҥҥэ анаммыт хамсааhыннарга туhаайан Л.А. Афанасьев-Тэристиин ыйытык-кэпсэтиини ааҕааччы болҕомтотугар таhаарабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, духуобунас диэн эн өйдүүргүнэн сахалыы тугуй?
Л.А.-Тэрис: Нууччалыы «дух» диэн сахалыы «тыын». Добрый дух сахалыы үчүгэй тыын. Кини Айыы Таҥараттан түhэр сырдык күүс. Злой дух сахалыы куhаҕан тыын. Бу үөр, хараҥа күүс. Ити итэҕэл өйдөбүллэрэ. Духуобунас диэн өйдөбүл итинтэн тахсар, ол аата кини үчүгэй да, куhаҕан да өрүттээх. Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ духуобунас диэн өйдөбүлү икки көрүҥүнэн өйдүүр. Бастакытынан, сэбиэскэй, хомуньуустуу өйдөбүл хаала сылдьар – онно материальнай культураттан атын барыта киирэр. Оҕону, ыччаты иитии боппуруостара, айар идэлээхтэр, култуура, искусство эйгэтин көрүҥнэрэ – литература, театр, киинэ, уруhуй, фольклор, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, музыка, араас субкультура хайысхалара уо.д.а. Иккиhинэн, аныгылыы өйдөбүл – чыыстай итэҕэл. Ити духуобунас дьиҥнээх өйдөбүлэ. Сэбиэскэй өйдөбүлү хааллара сатааhыны дьону булкуйуу курдук көрөбүн. Хааллара сатааччылар ситэ өйдүү иликтэриттэн тахсыан сөп эбэтэр соруйан буолуон сөп – төрүт омуктар бэйэлэрэ итэҕэллэрин туруулаhалларыттан дьиксинээччилэр дьайыыларыттан. Төhөнөн өйдөбүлү элбэххэ бытарытаҕын, атыҥҥа сабаан кэбиhэҕин да, норуокка бутуур, буккуллуу барар, итэҕэл ис дьиҥэ сүтэр, симэлийэр.
Л.Ф.: Тыын диэтиҥ, онтон иччи тыынтан туох уратылааҕый?
Л.А.-Тэрис: Иччи уонна тыын диэн өйдөбүллэр айылҕалара биир. Кинилэр омук аайы ырытыллыылара араас. Сороххо киэҥ, дириҥ. Сороххо судургу. Анимизмы, айылҕаны кытта сибээстээх. Ити өйдөбүл илиҥҥи омуктарга киэҥник тарҕаммыт, холобур, дьоппуоннар дзен-буддизмнарыгар. Америка индеецтэригэр эмиэ баар. Сахалар айылҕа көстүүлэрин иччилиир, иччилэри итэҕэйэр буолан күүстэрин түмэллэр, талааннаахтар.
Л.Ф.: Ол аата киhини тыыннаан, айылҕаны иччилээн көрүү духуобунас диэн буолар буоллаҕа. Оччотугар тыын киhиэхэ хайдах киирэрий, олохсуйарый?
Л.А.-Тэрис: Тыын киhиэхэ 9 ойбонунан, омуктуу чакраларынан – дьулайынан, сүүhүнэн, сүрэҕинэн уо.д.а. киирэр. Сүр эмиэ ойбонунан киирэр уонна киэлигэ (нуучч. – вместилище) олохсуйар. Киhи төбөтүн оройо Таҥара эйгэтэ дэнэр. Ол гынан баран киhи Таҥара буолбатах, Таҥара таhымыгар тиийбэт. Дэҥ кэриэтэ эрэ дьон ахсыс халлаан таhымыгар Таҥараҕа чугаhыыллар. Сахалартан, мин көрүүбүнэн, 4 киhи тиийбит буолуон сөп. Өксөкүлээх Өлөксөй, былыргы үрүҥ ойуун Дьөhүөл оҕонньор, Сэhэн Ардьакыап, Анемподист Софронов.
Л.Ф.: Айыы үөрэҕэ ханнык улуустарга тарҕанна?
Л.А.-Тэрис: Дьокуускайга уонна 20-чэ улууска – Халымаҕа, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Намҥа, Хаҥаласка, Дьааҥыга уо.д.а. Ити улуустарга араас Айыы үөрэҕин үөрэтэр бөлөхтөр түмээччилэрэ, салайааччылара бааллар. Кинилэри таhымнарын быhаарар туhуттан ыйытык-хоруй киэбин аhардабыт. Ааспыттарга, үлэлиир эрэ дьоҥҥо «Туомнары ыытыы» диэн кинигэни биэрэбит. Улуустартан бастакынан Нам турар, горнайдар син үлэлииллэр, чурапчылар эмиэ.
Л.Ф.: Саха итэҕэлэ – Айыы үөрэҕэ диэн билинэн сиэрин-туомун толорооччуларга, тутуhааччыларга туспа итэҕэл дьиэтэ-уота наадата дьэҥкэ. Ити ааттаабыт улуустаргар, нэhилиэктэргэр анал тутуулар бардылар дуу?
Л.А.-Тэрис: Саха улуустарыгар барыта 50-ча төрүт култуураҕа, итэҕэлгэ сыhыаннаах балаҕаннар, ураhалар диэн ааттаан дьиэлэр тутулуннулар. Холобур, Чурапчыга баhылык Айыы дьиэтин туттарбыта. Уопсайынан, төрүт саха улуустарын, нэhилиэктэрин баhылыктара өйдөөннөр тутуулар син барыталаатылар. Ол гынан баран, бу дьиэлэр көрүүтүн толугун кыайбакка, куортамҥа, араас тэрээhиннэргэ туттуллар буолан хаалаллар. Уонна онно үксэ култуура үлэhиттэрэ үлэлииллэр. Олоруҥ итэҕэли төрдүттэн билбэттэр, онон үөрэхтэринэн, идэлэринэн, сатыылларынан баран хаалаллар. Араас фестиваллары, презентациялары, кэнсиэрдэри, быыстапкалары, бырааhынньыктары ыытар сир гыналлар. Ханнык да улахан итэҕэл дьиэтигэр оннук гымматтар. Итэҕэл дьиэтин сыала-соруга атын – айыылары, таҥараны кытта кэпсэтии, ыраастаныы барар чуумпу дьиэ буолуохтаах. Итэҕэлгэ кыhалҕалаахтар кэлэллэр, бырааhынньыктааччылар буолбатах. Онтон биhиги итэҕэлбит дьиэлэрэ сыыйа ыллыыр, үҥкүүлүүр, битийэр, дьаарбайар, арыгылаах бырааhынньыктыыр култуура, сынньалаҥ кииннэрэ буолан бараллар. Итэҕэлтэн отой да ырааталлар. Дьокуускайга Арчы дьиэтин итэҕэл дьиэтэ диэн туруулаhан туттарбыппыт, онно хос биэриэх буолан баран биэрбэтэхтэрэ, билигин көрөҕүт, туох дьиэтэ буолбутун.
Л.Ф.: Оччотугар, эн санааҕар, Айыы дьиэлэрэ итэҕэл дьиэлэрэ буолалларыгар туох нааданый? Бюджеттан биир да харчыны туhаммакка, аҥаардас олохтоох чааhынай дьон, спонсордар эрэ үптэринэн туттаран баран, ханнык да бырааhынньыгы, фестивалы онно чугаhаппат курдук дуу, хайдах дуу?
Л.А.-Тэрис: Култуура кииннэрэ, холобура, олоҥхо ба-лаҕаннара, былаас кыhаллыытынан, модьуйуутунан бюджеттан үбүлэнэн туттарыллыахтаахтар. Итэҕэл дьиэлэрин тутуу, тэрийии олохтоохтор, нэhилиэнньэ туруорсуутугар, кыттыытыгар олоҕуруохтаах. Үөhэттэн былаас этиитинэн, модьуйуутунан буолбатах. Онтон дьон туруорсуутун былаас өйүөхтээх, көмөлөhүөхтээх. Кини итэҕэл дьиэлэрин тутуhар ньымата элбэх. Холобур, православнай таҥара дьиэлэрин сөргүтэн тутуулар, чөлүгэр түhэриилэр син биир судаарыстыба бас билиилээх АЛРОСА курдук тэрилтэлэр үптэринэн бараллар. Айыы дьиэлэрэ эмиэ итинник ньыманан тутуллуохтарын сөп.
Кинилэр көрүллэр, истиллэр ороскуоттарын эрдэттэн төлөнүүлэрин эмиэ араас ньыманан быhаарыахха сөп. Айыы дьиэлэрин наhаа улахан буолбатах, дьоҕус, ороскуота кыра буоларын курдук оҥостуохха наада. Ороскуотун сороҕун сылдьааччы сиэртибэтинэн, сороҕун спонсордар көмөлөрүнэн төлөhүөххэ сөп. Холобур, Ньурба православнай дьиэтин ороскуотун эмиэ АЛРОСА төлүүр. Саха сирин алмааhын баайыттан тоҕо алмаастаах улуустар нэhилиэнньэлэрин төрүт итэҕэллэрин дьиэлэригэр көмөлөhөр сатамматый? Билигин урукку буолбатах, Россия сокуона, саламтатын бэлиитикэтэ төрүт норуоттар култуураларын, итэҕэллэрин өйүүр, көмүскүүр, бопсубат. Саха итэҕэлин 300-тэн тахса сылы быhа эспиттэрэ. Билигин онтукайгытын чөлүгэр түhэриҥ диэн көҥүл биэрдилэр. Онон куттанар наадата суох, төттөрүтүн туhанар наада. Саламтабыт итини үчүгэйдик өйдүү илик, чугуруҥнуур, куттанар, аhаҕастык саҥарбат курдук. Саха титульнай омук, онон кини итэҕэлин Аҕа баhылыкпыт өрө тутуохтаах. Манна туох да национализма суох. Итэҕэллээх эрэ омук иллээх, туруктаах, сомоҕолоох буоларын бэркэ диэн билэбит. Билигин глобализация кэмигэр, араас омук кэлэ, олохсуйа, араас итэҕэл киирэ турдаҕына, аҕыйах ахсааннаах омук бытарыйбат, симэлийбэт суолбут, сомоҕолуур күүспүт ити эрэ.
Л.Ф.: Ол аата эн саха омук кэскилин хайдах көрөҕүн?
Л.А.-Тэрис: Биhиги сүдү баайбыт – олоҥхобут, фольклорбут архыыпка бөх-сах курдук сытар. Ону сааhылаан, харайан, бэчээттэтэн, киhи туhанарын ыллахпытына сайдыахпыт, ылбатахпытына, симэлиттэхпитинэ, омук, норуот быhыытынан суох буолуохпут. Архыыпка 300-тэн тахса том баар. Сороҕо туhаҕа таҕыста, итэҕэлинэн дьарыктанааччылар туhаннылар. Онтон этнография диэн наука баар, кини итэҕэли эмиэ үөрэтэр. Ол гынан баран, кини норуот өллөҕүнэ, сүттэҕинэ да эмиэ баар, үлэлиир, онон кини норуоту өрүhүйбэт. Биhиги, итэҕэлинэн дьарыктанааччылар, этнографтартан атыммыт, уратыбыт итиннэ сытар.
Билигин норуоттар икки ардыларыгар «диалог» ыытар наада диэн баар. Ол «диалогка» норуоттар ситиhиибитинэн киэптэhэбит. Дьиҥинэн, биhиги сахалар ситиhиибит биир эрэ – тыhыынчанан сылларынан тыйыс сиргэ тыыннаах олоруубут. Ол ситиhии төрдө – итэҕэл. Атын илиҥҥи омуктар итэҕэллэрин ырытыыта, көрүҥнэрэ, хайысхалара олус элбэх. Холобур, кытайдар 500-чэ турукка киирэллэр. Биhиги эмиэ кинилэр курдук азиаттарбыт, ол гынан баран, хоту олоробут, тыйыс сиргэ, манна тыыннаах хаалыы туруулаhыытыгар итинник элбэх көрүҥ сайдыбат, итэҕэл олоххо туhаныллар быhаччы эрэ ньымалара хаалаллар. Саамай күүстээҕэ, сүмэтэ. Ол барыта итэҕэлбитигэр түмүллэ сылдьар. Итэҕэлбит буоллаҕына олоҥхобутугар түмүллэ сылдьар. Онон олоҥхону итэҕэлбитин тилиннэрэргэ источник курдук көрөрбүт, үөрэтэрбит наада.
Л.Ф.: Онтон олоҥхобутун атын аймахтыы омуктарбыт олоҥхолорун, фольклордарын кытта тэҥнээн үөрэтии итэҕэли үөрэтиигэ, билиигэ төhө күүс-көмө буолуой?
Л.А.-Тэрис: Тэҥнээн үөрэтии наада, ордук түҥ былыргы төрүттэрбит историяларын, итэҕэллэрин төрдүн билиигэ. Сахалар улахан норуоппутуттан олох эрдэ тэйбит биис ууhа буоларбыт быhыытынан, соҕуруу олорбут олохпут кэпсэлэ олоҥхобутугар онон-манан эрэ хаала сылдьар, умнуллубут. Онон түҥ былыргыбытын атыттар олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрдөхпүтүнэ эрэ билиэхпит. Онтон билигин аан дойдуга икки көрүү баар. Бастакытынан, Гегель, Кант «рационализм» диэн этиилээх аан дойду барыта бэрээдэктээх диэн көрүү. Иккиhинэн, «иррационализм» диэн – бары-барыта түгэнтэн турар диэн көрүү. Билигин кыайан иhээччи – «иррационализм». Олоҥхону онон көрүү наада. Билигин биhиги наукабыт биири эрэ билиннэ, тумус тутта сылдьар научнай ситиhиибит – олоҥхо былыргы архаическай эпос эбит диэн быhаарыыбыт. Онон чинчийиибит бүтэн хаалар, атынын ырыппат. Онтон, холобур, олоҥхо тоҕо эл-бэҕий диэн ыйытык баар. Бу тыйыс бүк сиргэ кэлэн олохсуйан, туох да улахан историческай быhылаан барбат буолан, саха омуга олоҥхо геройдарынан уобарастаан наhаа элбэхтик киhи майгытын-сигилитин ырыппыт. Онон олоҥхо ис хоhооно үксэ киhи бэйэтин итэҕэhин, майгытын-сигилитин, куhаҕанын, сыыhатын билиниитин, өйө-санаата уларыйыытын, санаатын санаатынан кыайар, ырытар уустук өй үлэтин көрдөрөр духуобунай айымньы буолбут. Саха олоҥхотун сүрүн уратыта итиннэ сытар. Онон олоҥхону бэйэтин дириҥник үөрэтии наада.
Олоҥхоҕо аны кэминэн эмиэ хааччахтаах. Бухатыыр бэйэтин кэмигэр эрэ охсуhуохтаах. Онтон атын киhи кэмэ кэлэр. Ити эмиэ дириҥ өйдөбүлү биэрэр – туох барыта кэмнээҕин-кэрдиистээҕин. Бүтэhигэр бухатыырдар итэҕэлгэ кэлэллэр, кинилэр илэ бэйэлэринэн хара күүhү кыайбаттар, айыылар эрэ көмөлөрүнэн кыайаллар. Бухатыыр бэйэтэ эмиэ айыылартан кэлэр. Кини айыы, таҥара киhитэ. Ити буолар итэҕэл күүhэ олоҥхолорго көстүүтэ.
Л.Ф.: Билигин сахалар язычниктарбыт, биhиги итэҕэлбит айылҕаҕа, иччилэргэ сүгүрүйүү диэн өйдөбүлгэ сылдьар курдукпут. Ону эн туох диигиний?
Л.А.-Тэрис: Итэҕэл уопсайынан үрдүк итэҕэл уонна намыhах итэҕэл диэн өйдөбүллэргэ араарыллар. Намы-hах итэҕэл – норуот күннээҕи итэҕэлэ, онно араас куhаҕан элэмиэннэр эмиэ киирэллэр. Ол язычество диэн ааттанар, күннээҕи олоҕор, кыhалҕатыгар көмөлөhөр. Язычество омукка эрэ барытыгар баар, сайдыылаах улахан итэҕэллээх омуктарга да, ситэ сайдыбатах кыра да омуктарга барыларыгар. Онон киhи сөҕөрө, сонургуура язычествоҕа улахан суох. Ханна барытыгар биир өйдөбүллээх – айылҕаны иччилээн көрүү, ол иччилэргэ сүгүрүйүү.
Онтон итэҕэл чыпчаала, дьиҥнээх, үрдүк итэҕэл – монотеизм, биир айыы таҥара баарын билинии. Биhиги, сахалар, тоҕус таҥаралаахпыт диибит, ол гынан баран биир эрэ айбыт таҥара баарын, атыттар кини көмөлөhөөччүлэрэ буолалларын билинэбит. Айыы итэҕэлэ – монотеизм итэҕэлэ. Биир эрэ айыы таҥара баар диир. Ити өйдөбүл тенгризмҥа, тенгрианствоҕа тириэрдэр, сомоҕолоhуу, ил үөскүүрүгэр төрүт буолар. Киhи аймахха ил, государство үөскээбитэ 5 тыhыынча сыл буолла.
Ил, сомоҕолоhуу итэҕэлгэ эрэ тирэнэн үөскүүр. Былыргы көс омуктар тэриммит улуу иллэрэ барыта үрдүк итэҕэлгэ олоҕурар. Ол иhин, кинилэр билиҥҥи сыдьааннарыгар барыларыгар «теҥери», «тэҥри», «таҥара» диэн өйдөбүллэр сылдьаллар. Биhиэхэ эмиэ. Намыhах итэҕэл – язычество норуот сомоҕолоhуутугар, улахан сайдыылаах ил тэринэригэр олук буолбат. Үрдүк итэҕэл – наар үчүгэйи өрө тутуу, үрдүк сорук тула түмсүүгэ, иллээх, биир буолууга үөрэтии. Киhи айыыттан, таҥараттан кэлэр, онон дьон аймах улуу, үрдүк, сырдык, ыраас, улахан сыалга-сорукка түмсэр, сомоҕолоhор, иллэhэр, иллэнэр айылгылаах.
Л.Ф.: Бу Сайсарыга Айыы дьиэтэ диэн саха төрүт итэҕэлин сиэрин-туомун ыытар тутууҥ бүппэккэ, силигин сиппэккэ турар эбит. Ол да буоллар, дьон-сэргэ кэлиитэ, сылдьыыта быыстала суох курдук көрөбүн. Туох нааданый ситэригэр-хоторугар?
Л.А.-Тэрис: Бу дьиэни туруулаhан туран туттарбып-пытын элбэх дьон билэр. Тутуутугар бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөспүт дьон эмиэ элбэх. Чааhынай ыал уhаайбата. Инчэҕэй сиргэ, бадараан үрдүгэр бөх-сах үрдүнэн буор кутуллан тэҥнэммит сир. Онон туалет да кыайан хаhыллыбат, арай буур эрэ хастаҕына. Быйыл аҕыс кырыылаах ураhа тутуннубут. Ситэтэ суох. Итиитэ кыай-бат, носуос ылыахпыт диибит да хайдах буолар, 5 тыhыынча солкуобайдаах, маҕаhыыҥҥа атыыланар. Үп-харчы кырыымчык. Эhиил сайын буорунан сыбыахтаахпыт эркиннэрин таhын, аллара өттүн. Кыhынын кыстаппата буолуо. Онтон биhиги тохтоон олорбоппут, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Туомнарбытын ыытабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, кэпсэтииҥ иhин улахан махтал. Бу саха норуотун туһугар дириҥ суолталаах ыытар үлэҕитигэр үрдүк ситиhиилэри, тус бэйэҕэр доруобуйаны баҕарабын. Онон, итэҕэлбитин, Айыы Таҥарабыт үөрэҕин – киhи киhиэхэ, айылҕаҕа тапталынан, наар үчүгэйинэн эрэ сыhыаннаhар үөрэҕин тарҕатыаҕыҥ, хаалларыаҕыҥ. Ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайдар, олорор суолларын оҥоруоҕуҥ. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх духуобунай, сырдык санаалаах норуот буолуохпут, атын омуктарга ытыгыланыахпыт.
Л.В. Федорова,
политология наукатын кандидата
Балаҕан ыйын 22 күнэ, 2011 с.
Айыы Үөрэҕин туһунан
Мин, Полина Васильевна Ноговицына, аҕабынан Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, ийэбинэн Ньурбаттан төрүттээхпин. Оҕо caahым күөх Ньурбаҕа Бүлүү өpүhүн биэрэгэр ааспыта. Оскуоланы бүтэрэн баран, дьоллоох Дьокуускай куоракка киирбитим, быраас үөрэҕин баһылаары медицина факультетыгар үөрэммитим. Онтон дойдубар терапевт бырааһынан үлэлээбитим. 1994 сыллаахха куоракка үөрэнэ киирбитим уонна 1996 сыллаахтан эндокринолог идэтин ылан куоракка үлэлии сылдьабын.
Ол сылдьан Айыы үөрэҕин туһунан истэр этим, ол гынан баран чуолкай өйдөбүлүм суоҕа. Ньурбаҕа үлэлии сылдьан, Валентина Александровна Седых, Любовь Антиповна Федорова, Светлана Николаевна Иванова уо.д.а. буолан Н.К. Рерих, Ошо кинигэлэрин ааҕарбыт. 80-с сылларга ити кинигэлэри булар ыарахан этэ. В.А. Седых Москваттан сакаастаан ылара. Ыйга биирдэ көрсөн санаабытын үллэстэрбит. Итэҕэлгэ интэриэһим онтон күөдьүйбүтэ.
Оскуолаҕа үөрэнэ, устудьуоннуу сылдьан, Саха поэзиятын интэриэһиргээбитим. Сэмэн Данилов, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Варвара Потапова, Анна Парникова хоһооннорун аахпытым. Онно саха итэҕэлин билбэт эбиппин диэн өйдөөбүтүм.
2005 сыллаахха дьүөгэм: «Айыы балаҕана аһылынна, онно барыахха», – диэбитигэр, онно тиийбитим. Саҥа дьыл саҕаланыыта этэ. Таҥхалааһын кэмигэр тиийбитим. Тэрис, Уйусхаана, Намыйа, Айыына, Саҕаана үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ.
Айыы үөрэҕэр сылдьан дьарыктанан барбытым. Бэйэм көрүүм, ис туругум олох уларыйбыта. Бутулла сылдьыбыт санааларбын сааһылаабытым. Айыы үөрэҕэ ки-һи ис кутун бөҕөргөтөр. Олоххо түгэхтээх, инникигэ эрэллээх буоларга үөрэтэр эбит. Мин Айыы үөрэҕэр сылдьарым үлэбэр улахан суолталаах дии саныыбын. Ыарыһахха сөптөөх диагноз туруорарга, истиҥник кэпсэтэргэ, ыарыыта туохтан саҕаламмытын быһаарарга, ыарыһах ис күүһүн ыарыыны утары oxcyhapгa туһаайарыгар көмөлөөх. Үксүгэр ыарыы үөскүүрүгэр киһи бэйэтэ оҥорбут алҕастара, сыыһата-халтыта, санаа-оноо баттыктара тиэрдэллэр. Онтон хайдах босхолонору, быыһанары сатыахха, аар айылҕа туох диэн этэрин истиэххэ наада. Ону барытын Айыы үөрэҕэр сылдьан өйдөөтүм диэххэ сөп.
П.В. Ноговицына,
үрдүкү категориялаах эндокринолог быраас
Тэрис «Кут-сүр» түмсүүтэ уонна Айыы үөрэҕэ
Тэрис саха норуотун мyyдараһа олоҥхоҕо, былыргы сэһэннэргэ, алгыстарга, тойуктарга, өс хоһоонноругар сөҥө сылдьарын бэрт эрдэттэн билэн-көрөн, бу муудараһы «Кут-сүр» түмсүү түмпүтүгэр олоҕуран, өссө 1990 сыллаахха «Айыы үөрэҕэ» диэн кыра үлэни oҥорбута. Оттон 1993 сыллаахха эмиэ итинник ааттаан улахан үлэни таһаартарбыта. Дьэ, бу кэмтэн ыла Айыы үөрэҕин үөрэтии өссө дириҥээтэ, кэҥээтэ. Элбэх мунньах буолла, мөккүөр да баар… Тэрис салалтатынан «Кут-сур» кыһа туомнары бэрээдэктээһиҥҥэ, өйдөбүллэри чопчулааһыҥҥа элбэх үлэни ыытта. Онно биллибитинэн, билиҥҥи кэмҥэ саха норуотун итэҕэлэ уонна философията бииргэ силлиһэн сылдьаллар эбит. Ол иһин бу икки эйгэни араара сатааһын оҥоһуллубата. Саха норуотун муудараһа тыыннаах буолар ньымалары түмүү өттүнэн барбыт. Ити быһыытынан итэҕэл уонна философия арахсыбатах. Аны Айыы үөрэҕэ сүрдээх дьэҥкэ тиһиктээх (систиэмэлээх) эбит. Бу тиһиккэ олоҕуран 63 сүрүн өйдөбүл баар буолар. Киһи бу өйдөбүлү тутуһан сылдьыахтааҕын былыргылар Айыы суолун батыһыы дииллэр эбит. Ити курдук, биһиги Айыы үөрэҕин ис хоһооно Айыы суола диэн тиһиккэ тирэнэрин билэбит.
Тэрис «Кут-сүр» кыһаны тэрийэн, салайан, биһиэхэ саха омук аан дойду тутулун, киһи, олох, өлүү туһунан былыр-былыргыттан иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт төрүт өйдөбүлүн, «сэһэнин» хомуйан, мунньан, сааһылаан, бар дьоҥҥо тириэрпит суолтата туохха да тэҥнэммэт, билигин норуоппут духуобунай баайын сөргүтэн, «саҥа тыын» укта. Тэрис үлэлэригэр төрүт итэҕэлбит эрэ буолбакка, төрөөбүт тылбыт-өспүт эмиэ иккиһин эргийэр диэххэ сөп.
Өссө 1990 сыллаахха «Саха кэскилэ» идиэйэтинэн Туймаада хочотугар Дьокуускай куоракка аан бастакынан Дьөһөгөй Айыыга анаммыт саха ыһыаҕа ыһыллыбыта. Бу хамсааһыҥҥа Тэрис, Дабыл, Уххан курдук хор-сун уолаттарбыт туруорсан, аны Дьокуускайга сайын аайы ыһыах ыһыллан, дьон-сэргэ сахалыы тыына уһаан, кута-сүрэ бөҕөргөөтө диэн бүгүн толору этэр кыахтаахпыт.
Аны 2004 сыллаахха Дьокуускай дьондойор саалыгар Сайсарыга Айыы дьиэтэ норуот көмөтүнэн тутуллан үлэҕэ киирэр. Дьиэ тутуллубутун кэннэ, Айыы үөрэҕэ салгыы сайдыбыта. Үөрэнэр дьон таһымнара үрдээн, духуобунай иитии диэн баар буолбута. Бу кэмҥэ Айыы үөрэҕин туһунан 30-тан тахса кинигэ, брошюра оҥоһулунна. Олортон сүрүн кинигэлэр манныктар:
– «Айыы туомнара» (үлэлиир дьоҥҥо эрэ бэриллэр);
– «Символ религии Айыы» (итэҕэл туһунан саамай кылгас кинигэ);
– «Саха итэҕэлин кылгас тылдьыта» (итэҕэл туһунан орто кинигэ).
Онон билиҥҥи кэмҥэ саха киһитин, ыччатын сиэрдээх киһи оҥорорго Л.А. Афанасьев 20-тэн тахса сыл тэрийбит, сааһылаабыт, түбүгүрбүт унньуктаах үлэтэ сүүнэ улахан көмөлөөх. Эттэххэ, суруйдахха түргэнин иһин, бу барыта үтүмэн үлэ, элбэх сыра-сылба түмүгэ буолар. Оннук айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө-мааны дьоһун киһибитигэр Тэрискэ саха дьонун аатыт-тан барҕа махтал тылын этиэххэ, аман алгыс тылын аныахха! «Айыы үөрэҕин» аҕата, «Кут-сүр» кыһа түсчүтэ – Тэрис муударай сааскынан итии, истиҥ эҕэрдэ буолуох-тун! Туску!
М.А. Попова,
учууталлар учууталлара,
«Кут-сүр» түмсүү чилиэнэ
Муус устар ый, 2017 с.
Саха итэҕэлин сөргүппүтэ
Оччотооҕуга Лааһар уол тутуу биригээдэтин кытта кэлсэн, Халбаакы саҥа оскуолатын тутуспута дииллэрин истэрим. Ити 1970 сыллар диэки буолуохтаах, саҥа типовой оскуоланы элбэх киһи, омук кыттыылаах тутуу быһыылааҕа… Сэбиэскэй да кэмҥэ тутуу көхтөөхтүк уонна чопчу болдьоҕор бүтэр идэлээх этэ.
1988 сылтан, Халбаакы оскуолатыгар үлэлиир кэммэр, биһиги Лааһарбыт аата улам-улам иһиллэн, аны Айыы үөрэҕин тарҕатааччытын, сүбэһитин быһыытынан биллэн барбыта. 1994 сылтан ити итэҕэл үөрэҕэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар предмет быһыытынан киирэн, үрдүк таһымнаах кэмпириэнсийэлэр, араас авторскай көрсүһүүлэр, бырайыактар буолан, сир-сиргэ тэнийэн, тарҕанан барбыта… Уһун сылларга хам баттана сыппыт норуот талааннаахтара итэҕэл араас таһымнарыгар бэйэлэрин идэлэрин тарҕатан, кыттан, бииртэн биир ураты дьарыктаах дьоммут бу итэҕэлгэ кыттыһан, үлэлэһэн норуокка үрдүк өрө көтөҕүллүү, сайдыы буолбута. Ол курдук, хас да түгэҥҥэ Халбаакы орто оскуолатыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэргэ Лазарь Андреевич-Тэрис салайсан, кыттан өрөспүүбүлүкэ учууталларын олус үөрдүбүтэ. Бу – Саха норуотугар баар сиэр-туом инникитин дьону сомоҕолуо, түмүө уонна аан дойду биһиги итэҕэлбитин билиниэ диэн. Кырдьык, Лазарь Андреевич элбэх научнай үлэтин сүрүн хайысхатынан норуот сурукка киирбитин, үһүйээҥҥэ-кэпсээҥҥэ хаалларбытын түмэн, анааран бу улууканнаах үөрэҕи төрдүн-төбөтүн элбэх сылларга саа-һылаан дьонугар бэлэх оҥордо… Бу уу сахалыы иитиилээх тыа оҕото элбэх кыһалҕаны көрсөн, олоҕун суолун дьулуурунан, билиитинэн соломмут, айылҕаттан дириҥ билиини-көрүүнү иҥэриммит, үгүс кырдьаҕаһы кытта алтыһан, ити ытык иэһин толорон, норуотун иннигэр ууран биэрдэ… Дьэ, ким хайдах өйдүүрэ – ол кини бэйэтин духуобунай өйүн-санаатын ситиитин таһымыттан тутулуктаах. Холобура, миэхэ, тыаҕа, сайылыкка иитиллибит киһиэхэ, кини суруйуулара дууһам туругар сайа өтөн киирэр, ол курдук ылынабын, билэбин. Истэр буоларым ити кинигэҕэ киирбит араас туомнары, сиэрдээх буолуу үөрэҕин…
Тэрис үөрэҕэ олохпут биир сүрүн тосхоло, майгыта буолар диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо…
Ити сылларга, билигин да буоларын курдук, улууларбыт дэммит дьоммут бу үөрэҕи киэр хайыһан, саха омук итэҕэллээх үһү дуо, бу тарбахтан эмэн таһаарбыт сымыйа үөрэх диэн халлааны таһыйар кэмнэрэ эмиэ көстөн ааһара… Ол да буоллар, дьон өйөбүлүн ылан, саха итэҕэлин үөрэх таһымыгар таһаарбыт атын үтүө дьоммут өйөбүлүнэн оскуолаларга таҥыллан үөрэтиллэн, саҥа көлүөнэ ыччат дьоҥҥо сырдык санааны, өбүгэ дириҥ муудараһын тиэрдэн, өссө даҕаны тупса туруо…
Билигин бу итэҕэлбитин өссө дириҥэтэн, дириҥ билиини салҕаан, былыргы өбүгэ тааска хаалбыт кистэлэҥ урууна үөрэҕэ, саха омук саҥа үйэҕэ атыннык иэҕиллэн, тыыннаах буолуохтаах туругун булунар күлүүһэ аһыллыахтаах…
Дьэ оччоҕо бүтүн Аан дойдуга бары итэҕэллээхпит дэнэр улуу омуктардыын тэҥҥэ сайдан, бииргэлэһэн бу саха диэн улуу олоҥхолоох, улахан итэҕэллээх, сэмэй, муударай омук баарын билинэр, биир хардыынан, биир тыынынан олорор, өйдөһөр кэрэ кэмнэр кэлиэхтэрэ буолуо… Оннук үйэлэри өтө көрөн, итэҕэл олугун норуотугар суруйан хаалларбыт үтүө өҥөлөөх, анатыылаах киһибит буолар бу Лааһар Андреевич Афанасьев-Тэрис.
Бу сайдыылаах, тэтимнээх үйэҕэ итэҕэли норуокка хаалларбыт, тарбахха баттанар биир сүдү киһибитин Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэриһи умнар сатаммат.
П.Д. Ердашева,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
норуот маастара
Айыы Суолугар сирдьиппит
Лазарь Андреевич-Тэрис орто туруу бараан дойдуга Айыы санаанан олорбута, айбыта-туппута, үлэлээбитэ-хамсаабыта. Кини бу олохтон барбытын да иһин, тоҕо эрэ, билигин күн сиригэр баар – норуотугар сырдык, ыраас суолдьут курдук сылдьар дии саныыбын.
Айыы суолга сирдиир Ытык киһибит Лазарь Андреевич Афанасьев, филологическай наука кандидата, өбүгэбит кэскили кэрэһилиир санаатын кэрдиистэрин чинчийэн түмэн, «Айыы итэҕэлэ» үөрэҕин тиһик гынан, сурукка-бичиккэ киллэрбитэ. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар, ол курдук, киһи орто дойдуга сиэри-туому, төрүт үгэһи, төрүт тылы, төрүт дьарыгы, төрүт аһы, төрүт хамсаныыны бэйэтиттэн араарбакка тус олоҕор таба туһанан, Айыы суолугар сөпкө үктэнэригэр суол ыйар.
Айыы үөрэҕэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, киһи бэйэтин кыаҕын, өйүн-санаатын, күүһүн өйдүүргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕа кистэлэҥнэрин быһааран билэргэ, олоҕу-дьаһаҕы анаарарга, өйдүүргэ кыаҕы үөскэтэр.
Айыы үөрэҕэ киһи кутун-сүрүн туругун айыылардыын ситимнээн көрдөрөр. Биирдиилээн киһи бэйэтин кута чөл, сүрэ күүстээх, отуора олохтоох буоларын туһугар харыстанар сиэри-туому, үгэһи өйдөөн-төйдөөн, санаан туран, сарсыҥҥы сардаҥалаах, кэлэр кэскилин туһугар кыһалларыгар такайар-үөрэтэр. Бу барыта саха омук тыыннаах буолуутун, сайдыытын, чөл буолуутун мэктиэлиир. Айыы үөрэҕэ ыччаты сиэрдээх майгылаах, оттомноох, дуоспуруннаах, түс-бас буоларга уһуйар кыахтааҕын дьон-сэргэ өйдүүр, ылынар.
Мин саха норуотугар Айыы суолбутун ыйбыт сүдү киһилиин, Лазарь Андреевичтыын, култуура уонна духуобунас эйгэтигэр үлэлии сылдьан алтыспыппыттан киэн туттабын. Кини үлэлэрин мэлдьи ааҕарым. Тэрис киэҥ далааһыннаахтык, хабааннаахтык үлэлиириттэн олус сөҕөрүм уонна ханна эрэ наһаа үрдүккэ сылдьан үлэлиирэ, олус муударай дьоннуун алтыһара буолуо диэммин толло саныырым. Онтон Тэристиин алтыһан баран, кини киһи быһыытынан олус чараас, уйан сүрэхтээх эбит дии санаабытым. Үөһээ салалта киниэхэ болҕомто уурбатыттан олус диэн сөхпүтүм уонна соһуйбутум. Ол гынан баран, Лазарь Андреевич норуокка ыкса чугас этэ, үгүс дьоннуун алтыһара, кинини сэһэнньит, бахсы, сүбэһит, духуобунай учуутал быһыытынан билинэллэрэ.
2002 сыл бэс ыйын саҕаланыытыгар Дьаҥхаадыга кулууп дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына, И.И. Шамаев «дьөһүөлдьүттэр семинардарын ыытыс» диэн эрийбитэ. Л.А. Афанасьев-Тэрис уонна А.Н. Павлов-Дабыл биир нэдиэлэлээх «Кут-сүр» кыһа үөрэҕин ыыппыттара. Улуустартан 17 киһи кэлэн кыттыбыта уонна сааһыламмыт өбүгэ үөрэҕиттэн элбэҕи билэн бардыбыт диэбиттэрэ. Тэрис сарсыарда «Сарыал хамсаныытын» көрдөрбүтэ. Орто уҥуохтаах киһи сиртэн олус чэпчэкитик тэйэ-тэйэ, ис-иһиттэн көтөн эрэр курдук хамсаныылары оҥорон көрдөрбүтэ билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар бу көстөр курдук. Бэйэтин олус кыанар, сахалыы дириҥ сэһэннээх киһи баар эбит диэн сөҕө-махтайа санаабытым. Ити кэмнэргэ биһиги кулууппут үлэтин хайысхатын көрдөнө сылдьар этибит. Сахалыы куттаах-сүрдээх дьоммут Лазарь Андреевич уонна Анатолий Павлович ис сүрэхтэриттэн тахсар сэһэннэриттэн, өбүгэлэрбит силистээх олохторуттан-дьаһахтарыттан, сиэрдэриттэн-туомнарыттан ситимнээх «Айыы үөрэҕэ» тиһигин оҥорбуттарын өйдөөбүппүт. Дьаҥхаады нэһилиэгин общественноһа Айыы үөрэҕин үөрэттэхпитинэ эрэ үүнэр, сайдар суолу тобулуохпут диэн санааҕа кэлбитэ. Онон сынньалаҥ киин үлэтин бырагыраамата үгэс сыллааҕы эргииринэн – ыйдар суолталарыгар, үгэстэригэр тирэҕирэн оҥоһуллубута. Үгүс сахалыы куттаах-сүрдээх, айдарыылаах, дьоҕурдаах, дьаныһан дьарыктанар дьону уонна учуонайдары кытта алтыспыппыт. Үгэс сыллааҕы эргиирэ – кырдьык, бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар. Араас сиэр-туом, ас-таҥас, оҥоһуктар, хамсаныы, олох эйгэтэ – ити барыта Айыы суолун тутуһарга аналлаахтар. Итилэр бары холбоһон сахабыт сиэрин-майгытын, дьоҕурун үөскэтэллэр. Дойдум Төхтүр күн бүгүҥҥэ диэри сахалыы эйгэтин тутан олорор: уус кыстыга тыаһыыр, сылгы, ынах көрөллөр, төрүт иискэ, төрүт тыаска, дорҕооҥҥо идэтийдилэр, ытык сирдэрин үөрэтэллэр, иччилииллэр…
2013 сыллаахха Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр үлэлии кэлбиппэр, В.Н. Луковцев «Кут-сүр» кыһа иккис мөһүлгэтэ буолар, онно тугу эрэ толкуйдааҥҥын ыытаар диэн эппитэ. Ити сыл кулун тутар ыйыгар киин куораппыт сахалыы тыыннаах дьоно Айыы үөрэҕин 24 сыллааҕы үлэтин түмэн, киэҥ араҥаҕа таһаарар дьоро тэрээһин оҥорбуттара. Манна Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл, Б.Ф. Неустроев-Мандар, А.С. Федоров, В.Ф. Яковлев, И.И. Николаев-Уххан, Г.С. Попова-Санаайа, С.И. Петрова уо.д.а. өбүгэ үөрэҕин ситимнэрин кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ.
Итэҕэл сугулааннарын И.И. Шамаев иилээн-саҕалаан ыытан кэлбитэ, кини кэнники сылларга тэрийэр дьон баар буолбута үчүгэй, ыытааччы эрэ курдук буоллум диэн үөрүүтүн үллэстэрэ. Бу кэнники сылларга Саввинов А.В.-Алгыстаах Өлөксөөн, Тэрис кэнниттэн, «Айыы итэҕэлэ» тэрилтэ үлэтин сүрүннүүр. Кини сүрүннээһининэн Аммаҕа, Намҥа, Боотулуга, Булгунньахтаахха уо.д.а. сирдэргэ Айыы дьиэлэрэ үлэлээн эрэллэр.
Айыы итэҕэлин сэһэнньитэ А.Н. Павлов-Дабыл ый аайы нэһилиэнньэҕэ Айыы үөрэҕин үгэс сыллааҕы эргиирин өйдөбүлүнэн сэһэннэри ыытар, Саха араадьыйатыгар анал биэриилээх, хаһыаттарга суруйар. Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтин духуобунай хайысхаҕа үлэтин чопчулуур үлэ барар.
«Кут-сүр» түмсүү ааспыт үйэ 90-с сылларыттан, номоххо киирбит Эллэй Боотур саҕаттан саҕаламмыт, итэҕэлтэн үөскээбит Үрдүк Айыылары кытта алтыһар, ситимнэһэр ыһыах үйэлээх үгэһин олоххо киллэриини саҕалаабыта. Бу үтүө үгэскэ олоҕуран Аллараа Бэстээххэ «Төлкө» эр дьон түмсүүтэ саха дьонун өйүн-санаатын түмэр, сааһылыыр, сүрэҕи сүүдүтэр былыргы ыһыах сиэрин-туомун сөргүтэргэ дьулуһаллар. Кинилэр айылҕабыт уһуктар – сайыҥҥы уһун күннээх бэс ыйын 21—23 күннэригэр, былыргы сиэринэн-туомунан ыһыах ыыталлара үгэскэ убулуйда. 2014 сылга төлкөлөр сирдэригэр Айыы итэҕэлэ – уон икки сыллаах мөһүлгэ өйдөбүлүгэр олоҕуран, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр ыһыах аартыгын Л.А. Афанасьев бэйэтинэн тахсан арыйбыта, Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо сүгүрүйэр тоҕус дабатыылаах алгыс сиэрин-туомун оҥорбута.
Тэрис Айыы үөрэҕэр хас биирдии Айыыга норуотун өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун-сатабылын, этин-сиинин сайыннарар, кэрэһилиир санаа кэрдиистэрин түмэн тиһик гынан сурукка-бичиккэ киллэрбитэ олус туһалаах. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар: сиэр-майгы сыһыана, олох тэринии, төрүт майгыны олохсутуу, ыал кэскилэ, арыгыны тэйитии, ыччаты тоҕус моһолтон сэрэтии туһаайыыта, төрүт алаас хамсаныытын тиһигэ, ытык сирдэргэ сыһыан, саастарынан Айыы туомнара ситимнээн өйдөнөр, ылынар гына кинигэҕэ барытын сааһылаан суруйбута норуотугар сүдү бэлэх – алгыстаах олоххо сирдиир үлэлэр.
Лазарь Андреевич туруоруммут сыалын, санаатын тэрийэн олоххо киллэрэр сатабыллаах дьоҕурдааҕа.
Сахалыы халандаарынан алтынньы ый түмсүүнү төрүттүүр, или олохтуур суолталаах. Айыы үөрэҕинэн былыр бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолара, онтон аныгы кэмҥэ эти-сиини көрүнэллэр, санааны билсэллэр, саҥа былааннары оҥороллор, уруккуну кэриэстииллэр, кэлэри кэрэһилииллэр диэн өйдөбүллээх. Ол сиэринэн 2006 сыл алтынньы ый 14 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэ-гин олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, И.И. Шамаев салайааччылаах «Саха омук» общественнай киин, Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл түсчүттэрдээх, «Үс кут» общественнай түмсүү өйөөһүннэринэн Дьаарбаҥҥа Айыы Боотурдар ааттарын үйэтитэр баҕаттан өйдөбүнньүк «Улуу Ил» – ытык сэргэ туруоруллубута. Үс кутунан иитиллибит, айыы сиэрдээх-майгылаах, сүдү күүстээх Айыы Боотурдар сырдык тыыннарыгар сүгүрүйүү сиэрин-туомун Л.А. Афанасьев-Тэрис бэйэтэ ыыппыта. Тэрис Улуу Ил өйдөбүлэ алгыстаах санаанан салалларын туһугар кэнники сылларга эмиэ Дьаҥхаадыга тахсан сиэр-туом оҥорбута, кэпсэтии ыыппыта уонна саха буоларбыт быһыытынан уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэргэ Айыы Боотурдар, Улуу добдурҕа өйдөбүллэрэ сүдү суолталаахтарын бэлиэтээбитэ. Бу тэрээһиҥҥэ үлэлэспиттэрэ Дьаҥхаады нэһилиэгин баһылыктара Ф.И. Тимофеев, И.Э. Яковлев, оскуола дириэктэрдэрэ А.А. Стручков, В.Н. Стручков, нэһилиэк олохтоохторо Д.К. Кочкин, Д.Д. Соловьев, Д.Е. Тарабукина, «Төлкө» түмсүү салайааччыта И.И. Румянцев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы А.Н. Находкин, олоҥхоһут, алгысчыт П.М. Тихонов, Дьокуускайдааҕы Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ, историческай наука кандидата П.П. Петров, ХИФУ профессора Г.С. Попова-Санаайа уо.д.а.
2015 сыллаахха чөл олоҕу тарҕатар «Төлкө» эр дьон уопсастыбаннай тэрилтэ, И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолата «Улуу Ил» тэрээһин программатыгар «Боотур омооно» күөн күрэһи киллэрбиттэрэ. Бырайыак ааптара төрүт култуура учуутала Дорхоон Дохсун буолар.
«Боотур омооно» бырайыак ис тыыннаах, ис эйгэлээх, бэйэтэ ис-иһиттэн тахсан кэҥээн иһэр. 2018 сыллаахха Дьокуускай куорат Күөх Хонуутугар Айыы Кыһатын иһинэн баар «Өһүө» аҕалар түмсүүлэрин өйөөһүннэринэн 4-с төгүлүн тэриллэн, «Боотур Омооно» өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа ыытыллыбыта. Маннык үлэ уол оҕо төрүт сахалыы сиэринэн-майгытынан ис кыаҕын салайынарыгар, олоххо оннун буларыгар көмөлөөх. Ити курдук «Улуу Ил» тэрээһин үгэскэ кубулуйда.
Тэрис Айыы үөрэҕин тиһигин ньымаларын туһанан, уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэргэ «Төлкө» түмсүү анал бырайыактарынан үлэлээбиттэрэ онус сылыгар барда. Үгэс быһыытынан ыытылла турар бырайыактар: «Уус кыһата» (Ф.Н. Максимов-Дьукка уус, Саха сиригэр бастакынан «Мандар Уус кыһатын» аспыта); «Тыл иччитэ», «Хатарыллыы», «Дьөһөгөй», «Үрдүгү дабайыы», «Боотур омооно», «Хотуур хоһууна» (Дорхоон Дохсун); «Төлкө» уһуйаан (И.И. Румянцев); «Булчут сэһэнэ» (С.Н. Филиппов); «Хомуур күрэх» (В.П. Емельянов), о.д.а. Бу үлэлэр оҕо улаатан иһэр кэрдиистэринэн кутугар-сүрүгэр сөп түбэһиннэрэн сайыннарар тосхоллоох ыытыллаллар.
2005 сыллаахха Лазарь Андреевич саха төрдө буолбут Эллэй Боотур номоххо, сурукка-бичиккэ киирбит түгэннэрин уларыппакка, «Эллэй Боотур» диэн уус-уран роман суруйбута. Бу айымньытын ааптар архыып матырыйаалларыгар уонна В.В. Ксенофонтов «Эллэйада» үлэтигэр олоҕуран суруйбута. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус бэйэтин этиитинэн, көмөтүнэн, ыйыытынан Л.В. Федорова тэрийэр, Казахстаҥҥа Астана куоракка ыытыллыбыт VI Тенгрианство конференциятыгар, «Эллэй Боотур романа» диэн дакылаакка соавтор быһыытынан кыттан кэлбитим. Тэрис «Эллэй Боотур» айымньытыгар уол оҕо кыра сааһыттан боотур буолан ситэн-хотон тахсарыгар утумнаах уһун иитэр-үөрэтэр (уһуйар) «Барҕа» үөрэх баарын суруйар. Барҕа хайысхата: 1) итэҕэлгэ үөрэтии (сиэри-майгыны үөрэтии, ис кыаҕы сайыннарыы); 2) Орто дойдуну үөрэтии (саха төрдө, атын омук сирин-уотун, географиятын, үөрэтии); 3) боотур үөрэҕэ.
Бу үөрэҕи анал бырайыактарынан олоххо киллэрэ сылдьар уһуйааччынан фольклорист идэлээх Д.Д. Ворогушин-Дорхоон Дохсун буолар. Уол оҕону төрүт са-халыы тыыҥҥа иитэр дьаныардаах үлэтин Майа дьаһалтатын баһылыга Д.И. Тихонов өйүүр. Баһылык уонна уһуйааччы «Барҕа» оскуола аныгы барылын оҥорор соруктаахтар. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Итэҕэл сугулааныгар «Барҕа» алгыстарыгар профессор В.В. Илларионов архыыпка туттарбыт матырыйаалын туһаммыппыт.
Бу сайын Лазарь Андреевич ытыктыыр, эрэнэр киһитэ, историческай наука кандидата А.А. Николаев «Өбүгэлэрбит умнуллубут омоон суолларынан» ыытар экспедициятыгар Алтайынан, Хакасиянан сылдьыһан кэллим. От ыйын сэттэ күнүгэр Хакасияҕа Сахсары ытык хайаҕа ол дойду ойууннара тоҕус өйдөбүлүнэн ыыппыт бэрт дьикти, киһи кутун-сүрүн тутар сиэргэ-туомҥа сылдьан кэллибит. Тэрис Сахсары диэн Өлүөнэ эбэ былыргы аата диэн этэрэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр 1993 сылтан хас сыл аайы тиһигин быспакка Сайсары күөлгэ сиэр-туом ыытара, оттон билигин Уйусхаана салгыыр. Тэрис Сайсарыга, саха омук ытык Эбэтэ диэн, мэлдьи сүгүрүйэрэ.
Афанасий Алексеевич «Саха сирин ытык сирдэрэ» социальнай-пилотнай бырайыагын Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн саҕалыыр баҕалааҕын эппитэ. Миигин, Мэҥэ буоларым быһыытынан, ытык сирдэринэн маршрутта оҥор диэн көрдөспүтүгэр, 2015 сылга бахсыбыт, сэһэнньиппит Тэриһи кытта сылдьыбыт маршруппут суолун арыый кэҥэтэн оҥорбутум. Бу сайын атырдьах ыйын 16, 17, 18 күннэригэр Чүүйэ – Аллараа Бэстээх – Маандай – Дьаарбаҥ – Долоон – Моҕоллой – Урдаах – Томтор – Төҥүлү – Балыктаах – Матта – Дойду ытык сирдэринэн сылдьан олохтоохтору кытта санаа атастаһан элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. А.А. Николаев историк быһыытынан олус дириҥ көрүүлэрдээх, инникитин ытык сир өйдөбүл тула үлэлэһэр, киэҥ, бырайыакка сыһыаннаах былааннардаах. Экспедиция тэрээһинигэр сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктара көмө-тирэх буоллулар. Төҥүлүгэ, Балыктаахха түмсүүлэр Айыы итэҕэлинэн үлэлииллэр.
Айыы итэҕэлигэр иитэр ытык киһибит, бахсыбыт Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис күннэтэ биһиги олохпутугар баар курдук, кини үйэлээх үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри биһигини, саха омугу, Айыы сиэригэр сирдии, өбүгэ үгэһигэр үөрэтэ, куппутун-сүрбүтүн уһугуннара турар. Тэрис саха кэнчээри ыччата үүнэригэр, сайдарыгар, туохха да кээмэйдэммэт духуобунай нэһилиэстибэни хаалларда.
Тэрис олохтообут Айыы үөрэҕэ үөрэхтээһин, култуура, уйулҕа, тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа уо.д.а. эйгэлэри кытта ыкса ситимнээх. Бу үөрэхтэн тирэҕирэн үгүс киһи сахалыы эйгэни үөскэтэргэ айа-тута сылдьар.
Тэрис айбыт-туппут үлэлэрэ өй-санаа өрүкүйэр, техническэй сайдыы бара турар аныгы кэмҥэ саха норуота кутун-сүрүн сүтэрбэккэ, тутан хааларыгар тирэҕинэн, суолдьутунан буолаллар.
Тэрис – сүдү киһи, кини алгыстаах санаата Айыы буолан Күн сиригэр норуотун сүрэҕэр мэлдьи сылаастык сылдьыаҕа. Кинини кэлэр кэнчээри ыччаппыт үрдүктүк сыаналыаҕа.
А.А. Холмогорова,
Арчы дьиэтин методиһа
Тэрис. Олоҥхолорго киһи анала
2000 сыллаахха Л.А. Афанасьев-Тэрис саха дьонугар олус туһалаах, тус суоллаах үлэни толорбута. Бу үлэтин «Олоҥхолорго киһи анала» диэн ааттаан репринт ньыматынан тарҕаппыта. Кини билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону үөрэтиигэ үс суолу көрөр:
1) Олоҥхолору хомуйуу (П.А. Ойуунускай, Г.У. Эргис, А.А. Попов, Г.М. Васильев, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.И. Боло, А.А. Саввин, В.В. Илларионов, П.Н. Дмитриев уо.д.а.);
2) Олоҥхо саанырын (жанр) быһаарыы (А.С. Порядин, Г.У. Эргис, И.В. Пухов, В.В. Илларионов);
3) Олоҥхолор сюжеттарын быһаарыы (И.В. Пухов, Н.В. Емельянов, В.В. Илларионов).
Олоҥхолорго киһи аналын чинчийии – бу саҥа хайысха. Онуоха ааптар Л.А. Афанасьев-Тэрис олоҥхо духуобунай өттүгэр киирэргэ холонор. «Кут-сүр» кыһа Айыы үөрэҕэ диэн баарын арыйбыта. Бу үөрэх Айыы суола диэн өйдөбүлгэ тирэнэр. Айыы суола диэн киһи тыыннаах буолан олох олорор бырагыраамата. Олоҥхолору ырытарга бу бырагырааманы туһаммыта уонна ырытыытын Н.В. Емельянов «Сюжеты якутских олонхо» диэн кинигэтигэр олоҕурбута. «Тоҕо диэтэххэ ааптар (Н.В. Емельянов. – Г.П.) архыыпка сытар ордук чөл 75 олоҥхо ис хоһоонун бу кинигэтигэр сиһилии суруйбута. Инньэ гынан, олоҥхо ис тутулугар киирэргэ суол арыйбыта,» – диэн чопчулуур. Л.А. Афанасьев-Тэрис анал туһунан түмүк санаата маннык:
«Биһиги олоҥхолорго айыы киһитин анала хайдах бэриллибитин ырыттыбыт. «Анал» диэн баска киһи аналын өйдөөһүнүгэр болҕомтону уурдубут. Киһи аналын араас төрүөттэринэн билбэт буолуон сөп. Ол иһин аналы дьэҥкэтик өйдүүр дьулуур үөскээбит. «Уһуйуу» диэн баска айыы киһитин иитиллиитин көрдүбүт. Уһуйуу икки көрүҥнээх. Үөһээ дойдуга төрөөбүт бухатыыр алгыһынан эрэ уһуйуллар, оттон Орто дойдуга уһуйуу үс таһымнаах:
– хатыы (эти-сиини эрчийии);
– бэйэни салайыы (быһыыны-майгыны ииттии);
– айылҕа күүһүн туһаныы (технизация).
Бу үс таһымнаах иитии айыы бырагырааматыгар олоҕурар.
«Айан» диэн баска уһуйууну ааспыт киһи олох араас тургутууларын ааһарын ырыттыбыт. Бу тургутуулары уйбут эрэ киһи охсуһууга тиийэр кыахтаах. Онон бу түгэҥҥэ киһи айыы суолун (бырагырааматын) төһө тутуһара тургутуллар.
«Охсуһуу» диэн баска үтүө уонна мөкү күрсүүтүн арааран көрдүбүт. Чуолаан бу түгэҥҥэ айыы бырагыраамата кыайар. Онон олоҥхо оҥкулун батыһа көрдөхпүтүнэ, айыы киһитин анала кыайара ойууланар эбит».
Билигин бу чинчийии сүрүн түмүгэр тохтуоҕуҥ:
«1. Айылҕа уонна киһи анала (бырагыраамата) биир төрүттээх эбиттэр. Аналы Үрүҥ Айыы Тойон оҥорор, кини үөскүү-үүнэ турар айылҕаны сирэйдээн көрдөрөр. Киһи эмиэ ити айылҕаҕа киирэр. Бу анал киһи ийэ кутугар төрүкү баар.
2. Үрүҥ Айыы биэрэр анала тоҕус тускуллаах. Бу тускуллар айыы киһитэ сөпкө олорор суолун үөскэтэллэр. Саха итэҕэлигэр даҕаны, олоҥхолорго даҕаны бу суол Айыы суола (аартыга) диэн ааттанар.
3. Орто дойдуга төрөөбүт киһи бу аналын билэр уонна толорор туһугар уһуйуллар. Ол гынан баран, араас тас сабыдыал түмүгэр аналын ситэ өйдөөбөт буолар. Ити түмүгэр Орто дойду дьоно иирсэллэр. Сороҕор бу иирсээн сэриигэ тиэрдэр. Олоҥхолорго этиллэринэн, айыы дьоно быстах кэмҥэ сэриилэһэллэр. Кинилэр тиһэҕэр тиийэн эйэлэһэллэр. Онон төрүкү аналы билии улахан суолталанан тахсар. Айыы дьоно аналларын быһыытынан сэриилэһиэ суохтаахтар.
4. Абааһылары кытта охсуһуу киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр араас сыыһа санаалар, адьынаттар, кыыбаҕалар бааллар. Балар, саха итэҕэлин быһыытынан, абааһы уобараһынан ойууланаллар. Киһи бу быстах санаалары, имэҥнэри кыайыахтаах. Онон үтүө уонна мөкү охсуһуута айыы уонна абааһы охсуһуута буолан көстөр. Бу охсуһууга үтүө кыайар, ити курдук киһи бэйэтигэр баар мөкү өрүттэрин кыайан уһун санааҕа, атыннык эттэххэ, айыы бырагырааматыгар киирэр.
5. Бу этиллибиттэргэ олоҕурдахха, олоҥхо ойуулуур ньымата саха былыргы олоҕун кытта сибээстээх эбит, оттон ис хоһооно киһини иитэргэ аналлаах. Ол иһин бу айымньыны үөтүүлээх (духуобунай) айымньы диэн сыаналыыбыт.
6. Олоҥхо үөтүүлээх айымньы быһыытынан төһө күүстээҕий? Манна биэс сүрүн сүдү сорук этиллэр:
– айылҕаны харыстааһын;
– удьуор ырааһын харыстааһын;
– айыы киһитэ диэн үрдүк ааты бигэргэтии;
– айылҕа күүһүн муҥутуу туһаныы;
– кэскили оҥоруу.
Бу биэс сүдү сорук бүгүн эрэ наадалаах буолбатах, кэлэр үйэ дьонугар ананар. Онон олоҥхо элбэх үйэни өтө көрөр айымньы».
Тэрис олоҥхо киһи удьуор өттүнэн чөл буоларын харыстыырга аналлаах айымньы эбит диэн түмүккэ кэлэр. Бу түмүк сахаҕа олус улахан тыын суолталаах: «Са-ха киһитэ тыйыс дойдуга олорорун быһыытынан улахан сыыһаны оҥорор бырааба суох. Дьэ, ол иһин олоҥхо үөскээбит. Олоҥхо киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну салайыах тустаах эбит: киһи бэйэтин мөкү өттүн кыайарыгар көмөлөһүөхтээх, үтүө өттүн үрдэтиэхтээх. Онон саха киһитэ олоҥхону истэн сөп санааҕа иитиллэр, айыы бырагырааматын өйдүүр буолбут. Ити кини олох иһин охсуһарыгар сүдү суолталаммыт».
Г.С. Попова-Санаайа,
профессор
Сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу
Тэрис суруйуутунан, өбүгэ үөрэҕин өйдүүргэ киһи сахалыы санааһыҥҥа үөрэниэхтээх. Сахалыы санааһын диэн өбүгэлэрбит үтүмэн үйэ тухары утумнаан кэлбит толкуйдуур ньымалара. Бу ньымаҕа тирэҕирэн, айыллыы бэрээдэгин тобулан өбүгэлэрбит Айыы үөрэҕин үөскэппиттэр диэн түмүккэ саха итэҕэлин чинчийээччилэр кэлбиттэр.
Тэрис төрүт саха эйгэтин баттаһа төрөөн, иитиллэн сахалыы санааһынынан өйө-санаата сайдыбыт буолан, дириҥтэн этиттэриини баһылаан, онуоха эбии аныгы билим билиитэ Айыы үөрэҕин саҥалыы тыыннаан сурукка-бичиккэ тиһэн, кэмин баттаһа, күн сиригэр таһаарбыта саха аймах санаатын уһатарыгар суол арыйбыта саарбаҕаламмат.
Биллэрин курдук, сахалыы саныырга киһи оҕо эрдэҕиттэн үөрэнэрэ чэпчэки. Афанасьев Лазарь Андреевич оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ:
– Сиэрдээх буолуу. Кыра кылаас оҕолоругар Айыы үөрэҕин туһунан кэпсээннэр. – Дь., 1993;
– Айыы сиэрин тутус (1-2 кылаас). – Дь., 1993;
– Айыы сиэрин тутус (3-4 кылаас). – Дь., 1994;
– Һоп-паа. – Дь., 1994;
– Оҕоҕо кэп олордуу. – Дь., 2005;
– Оҕону сааһынан көрөн үөрэтии олуктара. – Нам, 2008;
– Сиэри олохтуур 126 ыйыы. – Нам, 2008;
– Сиэр. – Дь., 2010.
Саха оҕону иитэр үгэһэ оҕону Айыы киһитэ буоларын хааччыйарга аналлаах. Оҕону иитии үгэстэрэ тыһыынчанан сыллаах үөрэҕи илдьэ сылдьаллар. Онон бу инникитин хайдах киһи буоларын хааччыйар ис хоһоонноох. Оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх иитиини ылан иһиэхтээх, оччоҕо кини сөптөөх майгыланан улаатар.
Былыргы өбүгэлэрбит кыра оҕону аньыы-кэйии тылларынан иитэллэр эбит диэн суруйар Тэрис. Ол тыллар тыһыынчанан эбиттэр. Ону кини аныгы оҕоҕо өйдөнөр гына аҕыйатан 126 быраабылаҕа тиэрдибит. Ити 126 быраабыла олох бары өрүтүн таарыйан, киһи киһи буолар быраабылалара диир кини.
Сиэргэ оҕону үс киһи иитиэхтээх: төрөппүт, учуутал, дьөһүөлдьүт.
Сиэри 7—11 саастаах оҕолорго иҥэрэргэ айымньылаахтык, ситиһиилээхтик Ирина Егоровна Лукина-Уйусхаана дьарыктанарын төрөппүттэр, оҕолор билэллэр. Киниэхэ «тэлэбиисэр эбэтэ» диэн ааты иҥэрбиттэрэ мээнэ буолбатах. Кини бэйэтин айылҕатынан Тэриһи биир этиинэн өйдүүр. Тэрис эрэллээх үөрэнээччитэ Уйусхаана оҕолору кытта үлэлэһэргэ үгүс идиэйэлээх.
Кут-сүр дьоно, Айыы дьиэтин үлэһиттэрэ – бары Тэрис үөрэнээччилэрэ, кини үөрэҕэр бэриниилээх дьоммут. Күүспүт кыайарынан Айыы үөрэҕин тарҕатарга бэлэммит.
Айыы үөрэҕэ – өбүгэлэрбититтэн бэриллэр тирэхпит.
Сахалыы өй-санаа кураанахсыйдаҕына, туора омуктар санааларынан толоруллара чахчы. Ол саҕаламмытын көрө-билэ сылдьабыт. Сахалыы санааһыммытын тута эрэ сырыттахпытына тылбыт харысхаллаах буолуо, олохпут бигэ туруктаныа. Саха аймах чөлүн булар төрдүнэн, төрүөтүнэн сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу.
Дьэ, онон киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу диэн ыйытыыга: ону саха бэйэтэ талар кэмэ тирээтэ, бэйэлээх бэйэтэ, кимиэхэ да сигэммэккэ.
Тэрис – айыылартан айдарыылаах, саха омук саргытын салайсар аналлаах киһи Орто дойдуга олох олорон ааста. Кини олоҕор көрсүбүт моһоллорун туоратан, араас тургутуулары ааһан, бэйэтин ис дьиҥин булан, билиэхтээҕин билэн, арыйыахтааҕын арыйан, тиэрдиэхтээҕин тиэрдэн, ситэриэхтээҕин ситэрэн – аналын толорон барда.
Айыы үөрэҕэ
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
Туттарыллан,
Салҕанан иһиэхтин,
Тэрис аата
Ааттана туруохтун,
Дом!
Ю.Г. Холмогорова,
үлэ бэтэрээнэ
Итэҕэлбитинэн омук быһыытынан сайдыахтаахпыт
Бүгүҥҥү «Итэҕэл» рубрикабытыгар Айыы дьиэтин үлэтин туһунан сырдатыахпыт. «Кут-сүр» үөрэҕин олоххо киллэрбит, филологическай наука кандидата Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус көрүүтүн маннык үллэстэр.
История быыһын сэгэтэн көрдөххө…
– Үтүө күнүнэн, Лазарь Андреевич! Дьэ, история быыһын сэгэтэн көрүөх эрэ. Эн «Кут-сүр» үөрэҕин бастакынан олоххо киллэрбит киһинэн биллэҕин. Ол туһунан сырдатыаҥ дуу…
– 1989 сыллаахха аан бастаан саха итэҕэлигэр «Кут-сүр» уопсастыба тэриллибитэ. Ол сиэринэн айыы итэҕэлэ, айыылар, иччилэр, кут-сүр, алгыс, туом, күн-дьыл бэлиэлэрэ, ытык сирдэр, оҕону иитии, этитии (медитация), түөргү (киһини кытта кэпсэтии кистэлэҥнэрэ) хайысхаларынан үлэбитин саҕалаабыппыт.
– Итэҕэлгэ олохтоохтук ылсан үлэлээбиккит номнуо ырааппыт эбит дии.
– Билигин 26-с сылбытын итэҕэлгэ үлэлии сылдьабыт. «Кут-сүр» хараамнаах (Айыы дьиэтэ), анал үлэһиттэрдээхпит. Бу сыллар усталарыгар итэҕэлгэ аналлаах 99 кинигэ бэлэмнэннэ, ол иһигэр бэчээккэ 40-ча итэҕэлгэ сыһыаннаах кинигэ таҕыста.
– Телевидениеҕэ эмиэ анал биэриилээх эбиккит. Үгүс дьон сэҥээрэ көрөр, истэр.
– Онно икки ханааллаахпыт. Ол курдук «Айыы оҕото» уонна «Итэҕэл» туһунан анал биэриилэр тиһигин быспакка тахса тураллар. Онтон араадьыйаҕа «Айыы алгыстара» биэриини Полина Перуашева ыытар.
– Айыы дьиэтин үлэтин сүрүнэ туохха сытарый?
– Билигин Айыы дьиэтигэр маннык үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук 300 туому оҥоруу, ыраастааһын, уруу, үбүлүөй алгыһын оҥоруу, араас ыарыылары эмтээһин уонна арыгыттан эмтэнии курдук киирэллэр.
– Ыраастаныы диэтиҥ, ону быһааран биэриэҥ дуу…
– Дьиэни-уоту, саҥа акылаат түһэр сирин ыраастаан биэрэбит. Саҥа эбэтэр сүүрэ сылдьыбыт массыынаны атыыластахтарына эмиэ ол сиэрин-туомун толоробут. Ону таһынан бохоруонаҕа сылдьыбыт дьон биһиэхэ кэлэн ыраастанан бараллар.
– Ханнык туомнары оҥороҕутуй?
– Оскуола оҕолоругар туом оҥоробут, онно сылга үстэ-түөртэ сылдьыахтарын наада. Устудьуоннарга анаан алгыс оҥоробут. Кэлбит дьоҥҥо сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сүбэлэри биэрэбит. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Таҥха кэмигэр анаан, онно аналлаах тэрээһиннэр сылын аайы ыытыллаллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ыраастаныы ханнык баҕарар көрүҥэ ыытыллар. Кэргэн тардыы, оҕо кутун иҥэрии, дьоҕуру арыйыы курдук туомнар эмиэ оҥоһуллаллар. Хара суоллары быһыы (түбэлтэни, түүлү), үлэ көрдөөһүн, үлэҕэ табыллыыга эмиэ көмөлөһөбүт. Олус элбэх туомнар оҥоһуллаллар, онон сүрүн туомнарын ити кылгастык билиһиннэрдим.
– Сыл аайы дьылынан, күнүнэн көрөн сиэр-туом ыытар анал сирдээх эбиккит дии.
– Биһиги сыл аайы эбэтэр хас да сылга биирдэ итинник анаан-минээн сиэр-туом оҥорор, сылдьар сирдэрдээхпит. Ол курдук куорат аннынан устар Өлүөнэ өрүс, соҕурууҥҥу Ытык Хайа, Чочур Мыраан, Хотугу Ытык Хайа, Хаҥаласка Эллэй бастаан тохтообут сиригэр Бахай хонуутугар баар анал таас, Кууллаты сэргэтэ, Сайсары күөл буолаллар.
– Биһиэхэ тоҕо итэҕэлгэ аналлаах дьиэбит тарбахха баттанар аҕыйаҕый?
– Арассыыйаҕа нуучча дэриэбинэлэрэ бары таҥара дьиэлээхтэр, Кавказтарга бары дэриэбинэлэр минареттаахтар. Онтон биһиги таспытыгар олорор бүрээттэр, калмыыктар эмиэ итэҕэлгэ тутуулара элбэх. Онтон саха 500 дэриэбинэлээх. Олорго үс гыммыт бииригэр эрэ саха дьиэтэ баар. Итэҕэл дьиэлэрэ уончаны да кыайбат. Ол аата сахалар итэҕэл өттүгэр сылтан сыл хаалыыбыт улаатан иһэр. Билигин киһи диэн итэҕэллээх киһи буолар. Онтон биһиги киһи буолар хаачыстыбабыт кыччаан иһэр. Хаалыы туохха көстөрүй? Киһилии сиэри туттарбыт кыччаан иһэр. Уоруу, кырбааһын, киһиэхэ кырыктаах сыһыан дэлэйдэ. Уулуссаларбытыгар билигин «чуумпу сэрии» бара турар. Итэҕэл тиэмэтин быыбарга ордук көтөҕүөхтээхпит. Биир ыйытык туруохтаах: «Эн саха итэҕэлигэр хайдах сыһыаннааххыный?» – диэн. Итэҕэли өйдүүр киһи айылҕаны алдьатыыны утарыа, дьоҥҥо эйэлээх буолуо, дьону өйдүүр майгыны тутуһуо. Онтон итэҕэли утарар киһи бэйэтин таҥара оҥосто сатыыр. Киһини барытын хам баттаан туран дьаһайа сатыа.
– Итэҕэл туохха үөрэтэрий уонна ис дьиҥэ туохха сытарый?
– Киһи сиэрдээхтик олоруохтаах. Айылҕаҕа уонна дьоҥҥо эйэлээх буолуохтаах. Бэйэ-бэйэтигэр көмөлөсүһүөхтээх. Бу буолар итэҕэл дьиҥнээх ис хоһооно. Ол иһин былыргылар этэр этилэр: алгыһы абааһы хоппута суох диэн. Үтүөнү оҥоруу – махталлаах. Оҕолоох саха киһитэ куһаҕаны оҥорортон куттанар – бу куһаҕаны оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Үтүөнү оҥорортон үөрэр – үчүгэйи оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Таҥара эмиэ итини ирдиир. Киһи сиэри тутуһуохтаах.
– Лазарь Андреевич, сылын аайы саас итэҕэл сугулаана ыытыллар. Бу туох сыаллаах-соруктаах ыытыллар тэрээһиний?
– 2014 сылтан сахаҕа сыһыаннаах итэҕэллэр холбостулар. Сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр итэҕэл сугулаана ыытыллар. Онно сыллааҕы сүрүн сорук быһаарыллар. Түмсүү 9 ытык дьонноох. Итэҕэли тута сылдьар 3 киһилээх. Сүрүн соруга – бырабыыталыстыба үлэтигэр кыттыһыы. Ол курдук судаарыстыбаҕа суолталаах туомнары ыытыы, кэмиттэн кэмигэр дьон өйө-санаата сайдан иһэригэр, ханнык духуобунай соруктар иннибитигэр туралларын туһунан этиилэр киириэхтээхтэр. Холобур, быйылгы сорук саха итэҕэлин ааҕыыларын күнүн оҥоруу буолар. Ол сиэринэн, ааҕыылар алтынньы, сэтинньи ыйдарга оҥоһуллуохтара. Айыы итэҕэлин тарҕатар дьон бэлэмнэнэн тураллар. Онтон улуустарга сахалыы моһуоннаах дьиэлэри, ураһалары тутуу салгыы ыытыллыахтаах. Ону таһынан бу дьиэлэргэ дьиҥ сахалыы туомнары оҥорор дьон үлэлиэхтээхтэр. Бу үлэни саха итэҕэлэ түмсүү, ордук айыы дьиэтэ сүрүннүүр кыахтаах. Билигин сир аайы олоҥхо дьиэтин тутуу бара турар. Итэҕэлэ суох олоҥхо диэн суох этэ. Онон Олоҥхо дьиэтин биир элимиэнэ итэҕэл буолуохтаах. Ол туһунан кэпсэтии бара турар.
– «Кут-сүр» үөрэх саха култууратыгар тирэҕирэн ыытыллар үөрэх буоллаҕа.
– Билигин итэҕэллэр элбэх бөлөхтөрө баар. Биһиги ити бөлөхтөрү саха култууратыгар төһө сыһыаннааҕар болҕомтобутун уурабыт. Саха култууратын билэр бөлөх саха итэҕэлин сайыннарар. «Кут-сүр» биир сүрүн бириинсиптээх. Норуот айбытын эрэ дьиҥнээх диибит. Билигин саха итэҕэлигэр 99 кинигэ оҥоһулунна. Ити кинигэлэр саха норуотун олоҕун үөрэппит дьонтон уонна архыыптан ылыллыбыта. Онон биһиги түмсүүбүт саха култууратыгар 100% тирэнэбит. Холобур, айыылары толкуйдааһыҥҥа Улуу Суорун аата эрэ мөккүөрдээх буолбута. Ол гынан баран ити ааты талан ыларбытыгар олоҥхону төрүт оҥостубуппут. Ордук мөһүлгэ тиэмэтэ ыарахан буолбута. Быстах-остох сибидиэнньэлэр эрэ бааллара. Олорго тирэнэн оҥорон көрүү диэн ньыманы туһаммыппыт. Итини нууччалыы «реконструкция» дииллэр. Оҥорон көрүү былыргыттан туһаныллар. Кини олохторо, тирэхтэрэ улахан суолталаах, бигэ буолуохтаахтар.
– Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн сырыы туһунан тус санааҥ.
– Быйыл ураты улахан ситиһиилэннибит. Ытык сирдэр устун сахаҕа бастакы ытык сырыы буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун устун сылдьан, Чүүйэ дэриэбинэтин таһыттан тоҕус ойбонноох сэргэни буллубут. Манна саха итэҕэлин ис дьиҥэ толору баар. Ол барыта үлэлии турар гына оҥоһуллубут. Онон бу сэргэни саха итэҕэлин сүрүн сэргэтин быһыытынан ылынныбыт. Бу сэргэ аны биһиэхэ Мекки курдук суолталанар. Сахабын диир киһи саатар үйэтигэр биирдэ бу сэргэҕэ тиийэн алгыс ылыахтаах. Биллэн турар, суола-ииһэ оҥоһуллуор диэри 3—5 сыл барара буолуо. Быйыл кэпсэтиитин ситэрэн баран ыҥырыы таһаарыахпыт. Сахабын диир киһи аһымал харчы биэриэхтээх. Ону таһынан кыахтаах дьон суолун, тутууларын ыытарга бэйэлэрин өттүттэн эмиэ көмөлөһөллөрө наада. Бу тутуу саха норуотун барытын түмэр тутуу буолуохтаах.
– Түмүккэр Айыы дьиэтэ хайдах үлэлиирин быһааран биэриэҥ дуу.
– Айыы дьиэтигэр эр киһи да, дьахтар да үлэлиир. Саха итэҕэлигэр эр киһи да, дьахтар да куттаах-сүрдээх, онон дьахтары баттааһын суох. Аны кэргэннээх киһи итэҕэли ыытара көҥүллэнэр. Айыы дьиэтигэр атын итэҕэллээх, атын омук сылдьара эмиэ көҥүллэнэр. Сахалыы сиэри эрэ тутуһуон наада. Бокуонньугу айыы дьиэтигэр киллэрбэппит. Күнүс эрэ үлэлиибит. Ол курдук балаҕан ыйыттан урукку бэрээдэкпитинэн үлэлиэхпит. Үлэлиир күммүт сэрэдэ, субуота, өрөбүл, сарсыарда 11 чаастан киэһэ 4 чааска диэри. Былыр төһө эрэ сыл буола-буола (биһиги ааҕарбытынан 4 сылга биирдэ) ойууннар мустуулара буолара. Аныгыскы ыытыллар итэҕэл сугулаана ити ойууннар мустууларыгар маарынныа. Манна саха муусукатын маллара тыаһыаҕа. Аныгы тылынан оркестр диэххэ сөп. Биһиги эмиэ тыаска-ууска улахан болҕомтобутун ууруохпут. Онон итэҕэлгэ үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Сардаана Багынанова
Киин куорат. – Атырдьах ыйын 27 күнэ. – 2015.
Ытык сирдэр – история тыыннаах кэрэһиттэрэ
(Экспедицияттан суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
«Хас биирдии саха киһитэ тыһыынча өбүгэтин билиитин илдьэ сылдьар».
Тэрис
Экспедициябыт бастакы күнүгэр, эбиэт иннинэ, Төхтүр сиригэр Уустаах Избеков олорбут Дьаҥхаада алааһыгар сылдьан баран, эбиэт кэнниттэн Томтор бөһүөлэгэр айаннаатыбыт.
Баай Пономарев алааһыгар сырыттыбыт
Сырылатан дьэ куйаас күннэр турдулар. Манна биһигини историк идэлээх, олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов көрсөн, салгыы кини сирдээн, былыр Мэҥэ Хаҥалас улахан баайынан биллибит Уйбаан Пономарев-Чөкчөҥө кулуба Манчаарыттан саһан олорбут Туруйалаах томторо сайылыкка тиийэбит. Кини Степной Дума аҕа баһылыгынан олорбут. Оччолорго Саха сиригэр 1000-тан тахса сүөһүлээх буоллуҥ да, баай, кыахтаах киһи ахсааныгар киирсэр эбиккин. Оннук баайдаах киһи Саха сирин үрдүнэн 5—6 эрэ киһи баар буолар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ ыраахтааҕы былааһа баайдарга боломуочуйаны көҥүл биэрэн, кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр аатыран-сураҕыран, быыһыгар дьону баттаан олорбуттар. Ол аата билиҥҥинэн бэйэни салайыныыга тирэҕирэн үлэлии олорбут буолан тахсаллар. Баай Пономарев олорбут олоҕо, Томтор бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох сиргэ турар эбит. Кини Манчаары саҕана олорбут улахан баай киһинэн биллэр. Баай киһи бардама ханна барыай, бэйэтин кэмигэр киһи бөҕөнү баттаабыта-атаҕастаабыта элбэҕэ буолуо эрээри, дьиҥ сахалыы май-гылаах киһи этэ дииллэр. Айаннаан иһэн көрдөххө, ыраахтан былыргы тутуулар, алаас ортотугар тимир сэргэ турара харахха тута быраҕыллар. Туһааннаах сирбитигэр тиийэн, сири-дойдуну көрөн-истэн, быыһыгар бу туох суолталаах сэргэ турарын ыйыталаспыппытыгар, Петр Максимович: «Баай Пономарев Манчаарыттан куттанан «сторожевой башняны» нэдиэлэ иһигэр туттарбыт, ол турбут миэстэтигэр бу тимир сэргэни өйдөбүнньүк курдук туруорбуттар», – диэн быһааран биэрдэ. Бу кэм тухары, кырдьык да, баайдарга-тойотторго Манчаарыттан ордук дьулааннаах киһи бука суоҕа буолуо. Ол иһин кини батталлаах баайдарга сылдьан, кыра-хара дьону көмүскэстэҕэ. Манчаары бу сиргэ кэлиитин кэлэ сылдьыбыт эрээри, уу улаханнык кэллэҕинэ иилии эргийэн, киһи кыайан туораабат сирэ буоларынан, ууттан хаайтаран кыайан киирбэккэ, ыраахтан көрөн төннүбүт үһү. Аттыбытыгар биир самнайбыт хороҕор ампаар турарын тиийэн көрөбүт, манна Уйбаан Пономарев олорбут буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар эбит. Тэрис этэринэн, кини бу алааска 64 сэргэни туруорбута биллэр. Саха сиригэр оччо элбэх сэргэни оҥорбут киһи суох эбит. Арай Аммаҕа 40 сэргэни оҥорбут киһи баара биллэр. Пономарев баай ол сэргэтиттэн манна биир да сэргэтэ хаалбатах. Ону Тэрис: «Саха былыргы үгэһин тутуһар, сахалыы куттаах-сүрдээх, сылгыны таптыыр киһи олоро сылдьыбыт эбит», – диэн тус көрүүтүн этэр. Онон бу сылдьыбыт сирбитигэр кулуба Пономарев олорбут алааһа буоларын Лааһар Андреевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 1930-с сылларга холкуостааһын саҕана манна дэриэбинэ турбут. Ол курдук оскуола (1929—1930) дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбит. Онон аҕыйах да буоллар, кэрэ айылҕалаах алааска кыра мас тутуулар сэмнэхтэрэ ол кэм туоһута буолан тураахтыыллар.
Иккис күммүтүгэр ох курдук оҥостон, Чүүйэ бөһүөлэгэр тиийэн, олохтоох дьаһалта баһылыга Алексей Коркинович Васильевы кытта көрүстүбүт. Кини бэйэтинэн сирдээн, Чаапаҕана диэн ааттаах сиргэ айан суолун тутуһабыт. Бу сиргэ кэлэн Манчаары хаһаактартан саспыт сирин, ону сэргэ эмэгэт сэргэни көрдөөн булуохтаахпыт. Лиҥкир сис тыа иһинэн син балайда хаамабыт. Ото-маһа хойуута, киһи да мунуох курдук. Онон мин сэрэх муҥутаан, дьоммун хараҕым далыттан сүтэримээри, кэннилэриттэн оту-маһы тоҕо силэйэн харса суох батыһабын. Испэр «булуохтаахпыт» диэн эрэлим күүстээх. Биһигини кытта сири-уоту үчүгэйдик билэр олохтоох ыччат Михаил Михайлович Левин сирдьитинэн барсыбыт буолан, бары да санаабыт көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Сотору соҕус буолаат, Вильям Федорович «буллум» диэн хаһыыта иһилиннэ. Хата, бары бэйэ-бэйэбититтэн чугас сылдьар буоламмыт, түргэнник тиийэбит. Кини бэйэтэ бу Манчаары саспыт томторун 25 сыл анараа өттүгэр булан турардаах эбит. Тула өттө күрүөлэммит, анал тимир лиискэ суруллубут сири булан, бары даҕаны оччолорго ханнык да бэйэлээх баайы утары көрдөрбөтөх, модун санаатын булгуруппатах, батталы утары охсуһуутун уҕарыппатах киһи уобараһын көрөргө дылы буоллубут. Дьэ, дьикти, Манчаары оччолорго бу сиргэ икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх сирин булан састаҕа буолуо эрэ диирбэр тиийэбин.
Манчаары саспыт томторун булан баран, аны салгыы сабаҕалааһын быһыытынан манна чугас эргин эмэгэт сэргэ баар буолуохтаах диэн, аны ону көрдүү бардыбыт. Өрүүтүн буоларын курдук, эмиэ Вильям Федорович бастакынан булан, сиргэ охтубут эмэгэт сэргэни өйөннөрө турарыгар, ууну тэпсэн, тоҕо анньан тиийэбит. Тэрис бу сэргэ туһунан маннык кэпсээтэ:
– Былыр киһини эмтииргэ маннык эмэгэт сэргэни туһаналлар эбит. Ыал буолуу, доруобуйа, үлэ-хамнас, түмсэн олоруу, билиини ылыы, уһуннук олоруу диэбит курдук, бу тоҕус ойбоммут бары анал ааттаахтар (ыйа-ыйа быһааран кэпсиир). Дьэ, ол билиилэрин туһанан бу тоҕус ойбонунан эмтииллэр. Сылгы түүтүн төкүнүтэн, алгыс этэн баран бу хайаҕастарга угаллар эбит (кырдьык көрбүтүм, сылгы түүтэ угуллубут этэ. – Ааптар). Аан бастаан бу эмэгэти Вильям Федорович хаартыскаҕа түһэрэн аҕалбыта. Онно биһиги көрүүбүтүнэн, бу туочукалар миэстэлэрэ оруобуна индиялар үөрэхтэригэр этиллэр чакраҕа сөп түбэһэр эбит. Онон сахаҕа чакра суох дииллэрэ оруна суоҕа көһүннэ. Сахаҕа, дьиҥинэн, сэттэ буолбатах, тоҕус ойбон баар. Бу алмаастааҕар да күндү булумньу буолар. Киһиэхэ алгыһы эттэххэ, бу ойбоннорунан киирэр. Онон итэҕэлбит саамай төрдө бу эмэгэт сэргэҕэ сытар. Маны суолталыахха наада. Бу эргин баай Попов олорбут буолуохтаах. Саха сиригэр маннык сэргэ суох. Манна суолун оҥорон, күрүөлээн кэбиһиэххэ баар эбит. Бу эмэгэт сэргэ итэҕэл ис хоһоонун барытын илдьэ сылдьар. Ол аата былыр манна революция иннинэ улахан алгысчыт, эмчит, ойуун олоро сылдьыбыт», – диэн түмүктээтэ. Бу сиртэн бүтэн бараары туран, Тэрис салайыытынан сахалыы туом оҥоһулунна.
Түмүк санаа
Бу сылдьыбыт ытык сирдэрбит кэнниттэн дьэ туох түмүк оҥоһулунна. Ол туһунан кылгастык… Быйыл саас Дьокуускайга итэҕэл мунньаҕа ыытыллыбыта. Онно Аан Алахчын сылыттан саҕалаан, Саха сирин улуустарын ытык сирдэригэр сүгүрүйүү (паломничество), айаннарга сылдьыы былаана ылыллыбыта. Ол былаан чэрчитинэн, ытык сирдэринэн экспедиция бастакы түһүмэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаланна. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт ытык сирдэригэр сылдьыбыт сырыыбыт табылынна диэн этиэххэ өссө эрдэ эбитэ буолуо эрээри, мин санаабар кыра түмүк санаа суруллара ордук. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын начальнига С.М. Холмогоровы кытта көрсүһүүгэ Л.А. Афанасьев-Тэрис, В.Ф. Яковлев бу сырыы түмүгүнэн тус санааларын этиннилэр. Ол курдук эдэр ыччат ытык сирдэргэ тирэхтээх буоларын, маннык сир тыыныгар иитиллэллэригэр кинилэри түмэр наадатын уонна бу ытык сирдэргэ хайаан да болҕомто ууруллуохтааҕын ыйдылар. Урукку сылларга Мэҥэ сиригэр-уотугар археологическай хаһыылар барбыт сирдэрэ баалларын, ол барыта ытык сирдэргэ киириэхтээҕин эттилэр. Тэрис «100 сылы өтө көрбүт Порядин курдук күнү-дьылы билгэлээн үөрэппит Мэҥэ Мооругуттан төрүттээх киһигитин өрө тутан, сэргэ курдук туох эрэ бэлиэ туруоруоххутун наада» диэн сүбэлээтэ. Салгыы кэпсэтии сүнньэ, бу булуллубут ытык сирдэргэ реставрация үлэтэ күүскэ ыытыллыан наадата ыйылынна. Холобура, баай Пономарев олорбут алааһын, дьиэтин-уотун реставрациялаан, туспа хаһаайыстыба курдук оҥордоххутуна бэйэтэ туристическай маршрут тахсыа этэ диэн ытык дьоммут сүбэлээтилэр. Турбут сириттэн көһөрөн аҕалыы сэттээх буолуон сөп. Онон турар миэстэтиттэн көһөрбөккө, бэйэтигэр ытык сир быһыытынан хаалара ордук буолуо этэ. Уустаах Избеков уһаайбатын эмиэ «Айылҕа музейа» оҥороргут буоллар диэн ыллыктаах тылларын тиэртилэр. Онон итэҕэлбит биир сүрүн хайысхатыгар ытык сирдэри харыстааһын, үйэтитии үлэтэ сөргүтүллэн, бастакы олук оҥоһулунна. Бу айаммытыгар күүс-көмө буолбут, транспорынан хааччыйбыт улуус дьаһалтатын баһылыгар Н.П. Старостиҥҥа, култуура управлениетын начальнигар С.М. Холмогоровка махталбытын тиэрдэбит.
Сардаана Багынанова
Киин куорат. – Атырдьах ыйын 6 күнэ. – 2015.
II түһүмэх
Норуотун туһугар туруулаҺыы
Тэрис инники күөҥҥэ
80-с сыллар ортолоро. Биир билэр математигым билиҥҥи Кулаковскай уулуссатыгар турар аспираннар уопсайдарыгар олорор. Мин кинини саха тылынан дьарыктанар кэскиллээх эдэр киһини кытта билиһиннэрэригэр көрдөстүм. Киһим: «Сөп, манна Лааһар диэн Бүлүүттэн кэлбит учуутал уол баар, ону кытта көрүһүннэриэм», – диэтэ. Лааһары кытта оннук билистибит. Онтон сотору 90-с сыллардааҕы күөрэ-лаҥкы буолуу саҕаланна. Лааһар саха тылын, политика, итэҕэл боппуруостарыгар ба-рытыгар киирсэн иһэр. Сотору Тэрис диэн аатынан Саха сирин үрдүнэн биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл буолла.
Алтан сэргэ. Оччолорго Пушкин аатынан библиотека аактабай саалатыгар Тэрис «Алтан сэргэ» диэн нэдиэлэ ахсын буолар мунньаҕын ыыта сылдьар. Дьэ онно итэҕэл боппуруоһугар анаммыт мунньахха сырыттым. Тэрис, Т.И. Петрова баалларын чопчу өйдүүбүн. Бука Дапсы баар буолуон сөп. Дьэ онно былыргы саха итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэрэ ханныктар этэй диэн кэпсэтии таҕыста. Онно сүрүн өйдөбүл быһыытынан «кут-сүр» этилиннэ. Мин уруккуттан иитиэхтээн сылдьар санаабын «айыы» диэтим. Манна Тамара Ивановна:
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539826?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
notes
1
Хоһоон Тэрис 60 сааһыгар анаммыта. Онно кини туһунан тугу саныырбын барытын эппиппин. – Ааптар.
2
Үөһэнэн кыырайбат, киэҥник анаарбат дьону.