Сүрэх ыллыыр
А. С. Тимофеева
Уостан уоска түһэн ылланар, эдэр саас умуллубат аргыһа буолбут 2000 сыллардааҕы хит ырыалар хомуурунньуктара. Ырыанньыкка сүрэххэ сөҥмүт, кэрэ өйдөбүлү хаалларбыт ырыалар тыллара, аккордара бэриллэллэр.
Сборник включает лучшие якутские хиты 2000-х годов, которые до сих пор не теряют свою популярность. В песеннике даются тексты любимых песен и их аккорды.
Сүрэх ыллыыр. 2000 сыллардааҕы хит ырыалар
«Таптыыбын»
Александр Пономарев-Ponsash, Рустам Хон
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара,
Рустам Хон мелодията
Бу тоҕо мин дууhам ыллыырый, туойарый?
Эйигин билсэммин, өссө да көрсүөм диэн.
Бу тоҕо мин түөhүм үөрүүнэн туоларый?
Эйигин көрсөммүн, кэпсэтэ түhэммин.
Хос ырыата (2 төгүл):
Таптыыбын эйигин, таптыыбын,
Толкуйдуу барбакка этэбин.
Мин диэки көрбүккэр өйдөөтүм,
Эн миигин абылыыр эбиккин.
Эн бааргын, сэгэриэм, мин тыыннаах сибэкким,
Иннибин сырдатар чаҕылхай сулуhум.
Эн бааргын, доҕоруом, мин күндү көмүhүм,
Олохпун байытар соҕотох сулуhум.
Хос ырыа (2 төгүл).
Тугу саныыр буолаҕын, кыысчааным?
Куруук түүлбэр киирэҕин, сулусчааным,
Көрдүү сатыыр көмүсчээним,
Көстөн кэлиэх эбиккин,
Оо, кыысчааным.
Хос ырыата (2 төгүл).
Олох кэрэтэ
Алексей Егоров-Өркөн
Уххан тыллара,
Өркөн мелодията
Бу олох кэрэтин
Эн биһиги булбуппут,
Бу таптал иэйиитин
Эн биһи туппуппут,
Эн биһи туппуппут,
Булбуппут.
Хос ырыата:
Бу күн сирин күндүтэ
Эн олоххор тыынар,
Бу күөх халлаан сырдыга
Эн сүрэххэр тыллар,
Тыллар, тыллар.
Ол онтон астынан
Эн биһиги дьоллоохпут,
Ол онно махтанан
Эн биһи бииргэбит,
Эн биһи бииргэбит,
Дьоллоохпут.
Хос ырыата.
«Уонна хайаан»
Алексей Егоров-Өркөн
Иван Николаев-Уххан тыллара,
Алексей Егоров-Өркөн мелодията
Мин умайар уоһум сылааһын эн билбэтэҕиҥ,
Мин кууһар илиим куйааһыгар эн сыраллыбатаҕыҥ,
Мин ыралаах сүрэҕим ырыатын эн истибэтэҕиҥ,
Мин иэйэр кутум сыдьаайыгар эн сайдарбатаҕыҥ.
Хос ырыата:
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Мин эйиэхэ талаһыым сүрэхпэр сөҥмүтэ,
Мин эйиэхэ ахтылҕаным түөспэр куулайбыта,
Мин эйиэхэ баҕарыым быарбар умайбыта,
Мин эйиэхэ тапталым тугу барытын тулуйбута.
Хос ырыата.
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Таптыыр кыыспар
Алексей Потапов
Алексей Потапов тыллара, мелодията
Сатаан мин эппэппин
Долгутар тыллары
Сүрэх тэбэрин күүһүрдэн,
Ол да буоллар иһит
Истиҥтэн истиҥник
Буолабын эйиэхэҕэ мин.
Хос ырыата:
Тус-туспа дьылҕалаах, тус-туспа аналлаах
Атын дьон буолан сылдьаммыт,
Муҥура суох махтал
Үрдүк күүс айылҕаҕа
Таптыыр кыыспын көрсүбүппэр,
Таптыыр кыыспын көрсүбүппэр.
Баҕа санаам миэнэ,
Ыра санаам миэнэ
Өрүү аттыгар буоларга.
Олох уустуктарын,
Аартык кэрдиистэрин
Иккиэйэҕин туоруохпут.
Хос ырыата (3 төгүл).
Арахсыы
Алик Григорьев
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара, Косиор Карманов мелодията
Атыҥҥа барбыккын билэбин,
Сүрэххин киниэхэ биэрбиккин.
Уонна эн миэхэҕэ тоҕо да
Бу эрэл кыымнарын хааллардыҥ?
Хос ырыата:
Чүмэчим умуллуох буолталыыр,
Сүрэҕим бобута туппахтыыр.
Тиhэх кыым, умуллан хаалыма,
Тулабар халыйыа хараҥа.
Ол аата эн биhи ыллыкпыт
Ымыыта чуопчаара ыллаабат.
Салама ыйаабыт хатыҥмыт
Биhиэхэ эйэргии хамсаабат.
Хос ырыата.
Арахсыы суолугар үктэнним
Хомолто күлүгэр бүрүнэн,
Ол эрэн эйигин, сэгэрим,
Сүрэҕим хаhан да умнубат.
Хос ырыата (2 төгүл).
Атыҥҥа барбыккын билэбин,
Чүмэчим умуллан хааллаҕа.
Сүрэҕим бобута туппахтыыр,
Тиhэх кыым, умуллан хаалыма.
Чуумпуга
Альберт Михайлов
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара,
Альберт Михайлов мелодията
Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,
Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.
Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:
«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.
Хос ырыата:
Туолбут ый биһиэхэ имнэнэр курдуга,
Хас биирдии сулустар эйэргии көрөллөр.
Иһийбит чуумпубут иллээхтик кууспута:
«Эһиги эрэ бу сиргэ иккиэҕит», – диэбитэ.
Үөһэнэн былыттар оргууйдук усталлар,
Туус маҥан хоптолор наҕыллык дайаллар.
Нуктаабыт иирэлэр сипсиһэр курдуктар,
Ахтыспыт сүрэхтэр биир тэҥҥэ тэбэллэр.
Хос ырыата:
Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,
Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.
Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,
Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.
Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,
Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.
Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:
«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.
Хос ырыата (2 төгүл):
Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,
Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.
Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,
Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.
Ийэ мичээрэ
Ангелина, Ирена, Розалина Файрушиналар
Аким Кондратьев тыллара,
Ангелина Файрушина мелодията
Ийэ мичээрэ өрүү истиҥ, кэрэ,
Күн уотуттан мэлдьи күндү курдук,
Көй ыраас салгынтан күүстээх курдук өрүү.
Ийэ, ийэ мичээрэ күндү, кэрэ.
Хос ырыата:
Ийэ мичээрэ элбэххэ үөрэтэр —
Эйэҕэс буоларга, эйэни буларга,
Сырдыкка эрэ сыдьаайа сылдьарга.
Ийэ, ийэ мичээрэ сырдык, кэрэ.
Ийэ мичээрэ искэр иҥэрэр
Олоххо тапталы, бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны, эрэллэх буолууну.
Ийэ, ийэ мичээрэ истиҥ, кэрэ.
Хос ырыата (3 төгүл).
Көҥүл
Аскалон Павлов
Аскалон Павлов тыллара, мелодията
Сүүс киhиэхэ сүгүрүйэн тоҥхороҥнуох кэриэтэ,
Бэргэн буулдьа аhылыга буолбут быдан, быдан ордук, быдан ордук.
Сүүс омукка үтүрүллэн хам баттаныах кэриэтэ,
Кырыктаахтык кыргыспыппыт быдан ордук, оннук ордук.
Хос ырыата:
Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ күндү,
Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ үрдүк.
Былаҕайга былдьаммакка, быстах суолу тутуспакка,
Хааччах суолун тумна-куота сатаабыт быдан ордук, оннук ордук.
Олохпутун сөхсүнэммит, омукпутун сөргүтэммит
Очуос тааска бары бииргэ ыттыбыппыт быдан ордук, оннук, оннук.
Хос ырыата (5 төгүл).
Түүл
Варя Maxima
Михаил Семенов тыллара,
Варя Maxima мелодията
Мин бөлүүн элбэҕи түhээн көрдүм,
Туох эрэ сүтүкпүн сырсан көрдүм,
Түүннэри эрэй бөҕөтүн көрдүм,
Тугу көрдүү сатаабыппын өйдөөбөтүм.
Мин бөлүүн дьиктини түhээн көрдүм,
Уhуктан түүлбүн ырытан көрдүм.
Саҕахтан саҥа күнүм тахсарын көрдүм,
Тугу түhээбиппин дьэ өйдөөммүн үөрдүм.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539820?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.