Таптал баар!
Петр Егорович Самсонов
Дьоҕус кинигэҕэ киирбит айымньылар бары итэҕэли, көстүбэт күүһү, чараас эйгэни кытта ыкса ситимнээхтэр. Эдэр дьон олоҕо сиэри-туому кэһииттэн алдьанарын, айылҕа киһини куттуур сөҕүмэр күүһүн, аньыы-хара тиһэҕэр тиийэн иэстэбиллээх буоларын туһунан кэпсээннэр ааҕааччыны толкуйдаталлар, тулалыыр эйгэҕэ, төрүт үгэскэ харыстабыллаах сыһыаннаах буоларга уһуйаллар. Кэпсээннэр тэтимнэрэ болҕомтону тутар, ойуулана турары бу баардыы көрдөрөр.
В книгу вошли произведения, так или иначе затрагивающие потусторонний мир, вопросы веры и исконных традиций народа саха. Рассказы заставляют задуматься об отношении к окружающему миру, традиционным устоям, к природе. Динамичный сюжет удерживает интерес читателя с начала до конца каждого произведения.
Петр Егорович Самсонов-Бүөтүр Хара
Таптал баар. Кэпсээннэр
Нарыйа чараҥа
Куоҕаһа наскыйбыт дьылыгыр хатыҥнар сипсиһэ, лабаа лабааларыттан нарыннык даҕайса турар чараҥнарыгар бэс ыйын нуһараҥ үрүҥ түүннэрэ налыйдаҕына, ама, хайа инчэҕэй эттээх сүрэҕэ сылаас иэйиинэн туолбат буолуой? Бу нуһараҥ чуумпуга, бу тырымнас, кистэли эрэ сипсийэр сөрүүҥҥэ ким оргууй үктэнэн хаама түһүөн баҕарбат буолуой? Ама маннык кэрэни көрбөт, Аан дойду үтүө санаалаах иччилэрин сылаас тыыннарынан этин-хаанын толорбот иннинэн сирэйдээх баара буолуо дуо?
Сүдү эбэ толуу кытылын кэрийэ тэнийбит дэриэбинэ хоту кытыытыгар, көбүс-көнө ньуурдаах кэҥэс соҕус ырааһыйа анараа өттүгэр баай таһаалаах суугунас хатыҥ чараҥ киһи кутун-сүрүн дьикти ыраас алыбынан толоро турар. Чараҥ ортотунан эрийэ-буруйа субуллар кытыгырас ыллык «кэлиий, кэлэн иһиий, сит ээ миигин» диэн ыҥыра-ыҥыра, күлэн лыҥкынаппытынан сүүрэн, тэллэҕэ тэлээрэн эрэр тэбэнэттээх кыыска майгынныыр.
Бу ырааһыйа, бу чараҥ, бу ыллык сырдыгынан, сылааһынан, кэрэнэн эрэ тыынар курдуктар. Манна туох да хараҥа, киһи кутун-сүрүн баттыыр ыарахан күүс суоҕун курдук. Баар да буолуон сатаммакка дылы. Дьыл хайа баҕарар кэмигэр. Кырдьык да онуоха майгынныыр.
Дьиэлэр кырыыһаларыттан бастакы ыраас таммах кылабачыйа, чобурҕаччы кылыйсыбытынан барыан быдан инниттэн, мэнигийээн уолаттар тоҥуу хаары саппыкыларын, онньоччу баран эрэр хаатыҥкаларын, бэл диэтэр, тыс этэрбэстэрин оһунан оймуу-оймуу окуопа хастан, кириэппэс туттан будьуктаһыахтара, хоту-соҕуруу этэрээттэр буолан хаарынан тамнаһыахтара, балыйсан, охсуһан кулаачыктаһан туруохтара. Хаар баран, кус-хаас кэлиэҕиттэн эдэр ыччат мустан барыа. Кимнээх эрэ былырыын тутуллубут бэсиэткэлэргэ мустуохтара, буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсэн алларастаһыахтара. Биир эмэ паара илии илиилэриттэн ылсан хатыҥ быыһынан хаамсыахтара, ким да көрбөт сирин булан, тыллан эрэр эдэр лабаалар күлүктэригэр туран, уос уостарынан даҕайсан, дьаралытар имэҥнээх иэйиигэ куустарыахтара. Ол да иһин бу ырааһыйаны олохтоохтор Ыччат ырааһыйата диэн ааттыыллар.
Айаал Сэмэнэбис итинник саныы-саныы, тэбэнэттээхтик элэстэнэр ыллыгынан оргууй сүдьүҥнээн истэ. Кинини дьон эргиллэн көрөллөрүн, араастаан кэпсэтэллэрин көхсүнэн сэрэйэр. «Ама, кырдьык буолуо дуо?» – диир курдук көрүөхтэрэ эдэр уолаттар. «Уо-аай! Наһаа дии», – дэһиэхтэрэ кыргыттар. «Олох араас да буоллаҕа», – диэн баран маҥан баттаҕын имэринэн кэбиһиэҕэ тайах маһыгар сыҥааҕын өйөөн олорор, олох бары аһыытын-ньулуунун билбит оҕонньор дуу, эмээхсин дуу. «Туһугар эмиэ эрэйи билбит киһи», – диэҕэ бэйэтин курдук биэс уончатын ааспыт, оҕото да, оҕонньоро да биллибэт, үлэ үөһүгэр сылдьар эр киһи. Оттон ол киһи хоойго сытар холооннооҕо батыһа көрөөт, өрө тыынан кэбиһиэҕэ уонна хаһан да бүппэт түбүгэр умса түспүтүнэн барыаҕа.
Айаал Сэмэнэбис чараҥ саҕатыттан чугас турар үрдүк өйөнөрдөөх кэтит ыскамыайкаҕа кэлэн олордо. Табаҕын уматынна. Иннигэр турар, көбүс-көнөтүк үүнэн тахсыбыт суон хатыҥы чыпчылыйбакка даҕаны өр көрдө. Өрө тыынна. Ити хатыҥ кэнниттэн: «Көстөбү-үүн? Көстүбэппин даа?» – диэн саҥа чаҕаара түһүөх курдук. Ол кэннэ халлаан күөҕэ былааттаах тэбэнэттээхтик көрбүт хап-хара харахтаах кэрэчээн сирэй көстө түһүө этэ, отуттан тахса сыл анараа өттүгэр эбитэ буоллар.
Айаал өрө тыынна. Чыпчылыйыах икки ардыгар кырдьа охсон хаалбыт төбөтүн умса тутунна. «Сороҕор, син биир тэбэнэтирэн ылар этиҥ», – дии санаата.
* * *
Айаал, оскуоланы бүтэрээт, сопхуос үлэтигэр умса түспүтэ. Кини, төһө да спортсмен буоллар, оскуоланы уот курдук ортонон бүтэрбит киһи, үрдүк үөрэх диэҥҥэ ымсыырар да кыаҕа суоҕа. Орто үөрэххэ киириэн туохтан эрэ тутулуктанар курдук буолбута. Эбиитин эһиил аармыйаҕа барыахтааҕа. Инньэ гынан субан сүөһү көрө ыраах Ойуун Уҥуоҕун учаастагар утуйар таҥаһын сүгэн, маныыһыт уол аатыран, бадарааннаах суолунан мүччү-хаччы үктэнэн бара турбута.
Маныыһыт уол күһүн, хаар түһүөн иннинэ, эрдэлээн, сүөһү көрөөччүлэр малларын-салларын тиэйбит сыарҕа соһуулаах тыраахтар кэнниттэн сүөһүлэрин барыларын ньидьириччи үүрэн-түрүйэн, «һай-һат» буолан, маҥан ат миҥэлэнэн, икки уостаах саатын хороччу сүгэн, Кавказ хаардаах хайаларын джигититтэн итэҕэс санаммакка, ыҥыырыгар дьороччу соҕус туттан, субан сүөһү далыгар тибигирэтэн киирбитэ. Саҥа сүөһүлэри көрөөрү мустубут сүөсүһүт, ыанньыксыт кыргыттар кэм да дьээбэрэ көрсүбүттэрэ: «Уо-аай! Көрүҥ-көрүҥ, Айаалчык!», «Нохоо, наһаа эргичиҥнээмэ эрэ, аны аккыттан сууллан кыбыстыы буолуо. Һи-һи, һа-һа», – бөҕөтүн түһэрбиттэрэ. Ол быыһыгар олох билбэт куолаһа: «Уой, кыргыттар, көрүҥ, принц на белом коне», – диирэ иһиллибитэ. Көрөн турааччылар бары күлэн тоҕо барбыттара. Ата соһуйан туора ойо сыспыта. Хата, Айаал ол аайы атыттан охтон бэрт, атын баһын хантаччы тардыбыта. Ата, иччитин эрчимнээх илиитин билэн, мөхсө барбатаҕа. Уол атыттан ыстанан түспүтэ. Хаһан да харахтаабатах билбэт кыыһын көрө биэрдэ. Чочумча утарыта көрсөн турдулар. Билбэт кыыһын имэ тэтэр гына түстэ, уолтан харахтарын куоттара охсоот, билигин да тэбэнэтирэ турар кыргыттар кэннилэригэр түһэн хаалла. Маныыһыт уол уокка оҕустарбыттыы, этэ бүтүннүү дьар гынна, түөһүн иһэ минньигэстик нүөлүйбэхтээтэ, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла.
– Хайа, доо, – уол эргиллэ түстэ, атаһа Аркаадьай омунугар биир сиргэ таба турбакка, рингэҕэ тахсыбыт боксердуу ньыкыс-кыҥнах гына, эккирээн ылбахтыы турар эбит.
– Оок, уол, – Айаал да атаһын ахтыбыт.
– Доо, саҥа кыыс бөҕөтө кэллэ.
– Диэ, – Айаал сэҥээрэ түстэ.
Ити икки ардыгар, санныларын хамсатан хааман даадаҥнаспыт, бөппүрүөскэлэрин туора уобан, уһун көҕүллэрэ сахсаҥнаан убайдар тиийэн кэллилэр.
– Ха, наа! Бырааппыт, Ойуун Уҥуоҕун уола, кэлэн саҥа кыргыттары сонургуу турар дуу доо.
– Быраат, хараххын наһаа дьоллоомо эрэ. Кыргыттар бары занятайдар, – бадьыр курдук чэрдээх улахан ытыһын Айаал санныгар ууран, тырахтарыыс Сааска дьиктитик кылабачыспыт кыараҕас харахтарынан уолу дьөлө үүттээн кэбиһиэхтии көрдө.
– Ээ чэ, бүт эрэ, доо! – Айаал Сааска ыарахан илиитин илгэн кэбистэ.
– Ха, наа! Бырааттар мордьооттоору гыналлар дуу? Не понял! – Аркаадьай убайа Кыра Бааска сэк гына түстэ, бэрт дьиктитик санныларын хамсаппахтаан ылла. Аркаадьай сирэйэ өһөн хаалла да ханна эрэ мэлис гынна.
– Хайдах оннугуй, доо?! Сатаммат буоллаҕа дии. Кыбыы диэки бара сылдьыахха эрэ, быраат, – Айаалы убайдар эргийэн бардылар. Улахан Бааска марайбыт кыһыл сирэйэ көстүмэхтээтэ, Куоҕас Диима уһун моонньо куоҕаҥнаата, Тэбиэн Туолук «номоххо киирбит» хаҥас атаҕын өрүтэ көтөхпөхтөөтө.
– Убаайда-аар! – эрчимнээх хаһыы хоту бары эргиллэ түстүлэр. Хаһан муста охсубуттара эбитэ буолла, субан сүөһү турар хотонун үрдүттэн Аркаадьайдаах уонча уол ыстаҥалаһан түстүлэр. Убайдар ахсаан өттүнэн лаппа баһыйтарар буолан дуу, салла быһыытыйдылар быһыылаах, сирэй-сирэйдэрин көрсө түһээт, ыраах багдайан көстөр гараас диэки суксурустулар. Барыларын моойдоох баһынан куотар тырахтарыыс Сааска эргиллэн:
– Бырааттаар! Киэһэ кулуупка көрсүөхпүт! – диэн бааҕынаата. Сааска, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тиийэ туста сылдьыбыт, билигин да оройуонун тустууктарыгар босхо сытан биэрбэт, кандидатскай баалы толорон баран хаалбыт тустуук этэ. Үрдүгүнэн, арааһа, миэтэрэ аҕыс уонча баар быһыылаах. Ол иһин күүһүн эрэнэн эрдэҕэ.
Уолаттар муста түһэн, ону-маны кэпсэппэхтээт, ким кими кытта аргыстаһан кулуупка тиийиэхтээҕин сүбэлэһэ түһээт тарҕастылар. Айаал атын далга ыытан баран, дьиэлээри хотон аттынан ааһан иһэн, били мааҕын көрбүт кыыһын эмискэ көрө түстэ. Эмиэ сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ. Кыыс күөх былаатын көннөрөөт, хараҕын кырыытынан уолу кылап гына көрөн ылла, тоҕо эрэ тохтуу түстэ. «Кэпсэппит киһи баар ини, – Айаал кыыс диэки көрбөхтөөтө. – Туох диэх бэйэкэм буолла? Оо, дьэ!»
Туох баар күүһүн, харса суох санаатын мунньунан, сатала суох улаханнык:
– Привет! – диэн бар гыннарда.
– Аа?! – кыыһа соһуйан дьик гына түстэ.
Ыанньык хотон диэки, киһи барыта куттанар Бурҕаат диэн атыыр оҕуһа айаатаата. Онуоха хардаран, Эҥэр отделениетын чемпион ынаҕа улахан дал диэкиттэн маҥыраан лоҥкунатта.
Уоллаах кыыс тэбис-тэҥҥэ күлэн «һы-һыык» дэһэ түстүлэр. Аргыстаһар быһыынан, суол икки өттүнэн хаамсыбытынан бардылар. Кэпсэтэр кэлиэ дуо, дөрүн-дөрүн харахтарын кырыытынан көрсөн ылаллар. «Билигин уһун уопсай диэки туоруо», – Айаал хомойо санаата.
Суол арахсыытыгар кэлэн, үлэспит курдук, утары көрсө түстүлэр. Эр киһи дуома хаста да көхсүн этиппэхтээн баран:
– Киэһэ дискотекаҕа бараҕын дуо? – диэн кээҕинээн хаалбыт куолаһынан арыычча ыган таһааран ыйытта.
Кыыс кытар гына түстэ:
– Билбэтим ээ, – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураат, уһун уопсай диэки сүүрүү-хаамыы былаастаах дэгэлдьийэ турда. Айаал тугу барытын умнан, кыыһы батыһа көрөн хаалла.
Дьиэтигэр тиийбитэ, аҕата сылгытын бэтэрээ баазатыгар барбыт, игирэчээннэр, балта оскуолаҕа сылдьаллар эбит. Ийэтэ, уола кэлбитин истэ охсон, алаадьыта диэн, саламаата диэн.
– Чэ, Айаалчык, хабыалыы охсоот баанньыкка ой, үлэлии турар. Уларыттар таҥаһыҥ ороҥҥор сытара буолуо.
Баанньыктанан, ийэтигэр атаахтаан ылаат, дьааһылаттан саҕалаан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри бииргэ сылдьыбыт, гиирэҕэ, тустууга, буоксаҕа тэҥҥэ дьарыктаммыт Игнаатыгар тиийдэ. Игнааттаах улахан уораҕайдарын таһынааҕы ыскамыайкаҕа уолаттар мустан эрэллэр эбит.
Бэһиэ-алтыа буолан өрөпөөннөһөн, уулусса ытын барытын аймаан, хаһан да дискотека диэни өҥөйбөт, кулуупка библиотека хоһугар эрэ киирэр Чоосук Трошканы сүрэҕин хайыта сыһан, кулууптарыгар тиийбиттэрэ, эрдэ быһыылаах. Муусука тыаһа иһиллибэт. Тырахтарыыс Сааска, Куоҕас Диима, Тэбиэн Туолук табахтыы тураллар. Кинилэри көрөн Куоҕас Диима кулууп иһигэр куохас гынан хаалла. Сэрэйдэххэ, дьонун ыҥыра киирдэҕэ буолуо.
– Дьэ, уолаттаар, охсуһуу буолар буолла, – Биитик үөрбүт саҥата иһилиннэ. Кини баҕас хаһан охсуһан көрөн үөрэрэ буолла. Ити икки ардыгар кулууп аана тэлэллэ түстэ да, аҕыс-тоҕус уол ойон таҕыста. Айааллаах, ким бинсээгин устар, ким илиитин, саннын мускуммахтыыр, биирдэстэрэ тоҕо эрэ бүрүүкэтин сиэбин хастар.
– Чэ, уолаттар! – Игнаат улаханнык, хамаандалыыр быһыынан, соноон хаалбыт куолаһынан көөҕүнүүр. Убайдар бу сырыыга ахсааннарынан элбэхтэр эбит. Бары да оту-маһы кытта өрө тустар күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон. Тырахтарыыс Сааска атамаан быһыытынан дьонун иннилэригэр киирэн, модороон суон илиилэрин босхо ыытан салыбыраппахтаан ыла-ыла ыарахан-ыараханнык үктэммэхтээн Игнаат диэки сүгүллэҥнээтэ. Уолаттара да чугуруҥнуу барбакка, бу киэһээҥҥи балаһыанньаны быһаара охсоору кэнниттэн батыстылар.
Эмискэ кулууп кэнниттэн хас да уол ыстаҥалаһан таҕыста. Кинилэр ортолоругар күрүө тоһоҕотун туппут, илиилэригэр саллаат курун эриммит бөтөстөр көстөллөр. Быһаарсыылара эрдэ бүппүт дьон быһыытынан, үөхсэ-этиһэ сатаабакка сутуруктаһан бардылар.
Кулууп түннүгүнэн дьон сирэйэ көстө-көстө сүтүтэлээтэ.
Айаал Тэбиэн Туолук аатырар хаҥас атаҕыттан аһаран биэрээт, аллараттан үөһэ охсон таһаарда. Тэбиэн тиэрэ таһылла түстэ. Ити икки ардыгар ким эрэ санныттан харбаата. Айаал кочергаалаан бурҕаппытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Тула өттө көҕүс тыаһа, ынчыктаһыы. Ыһыы-хаһыы суох. Чуумпу охсуһуу. Бүтэйдии биллиргэтиһии. Ол икки ардыгар Аркаадьай саҥатын истэн, ол диэки эргиллэн иһэн, туох эрэ өрө баһан таһааран эрэрин курдук буолла, хараҕа хараҥарбахтаата. Ханна эрэ кыыс кыламмахтыыра иһиллэн ааста быһыылаах.
Охсуһа сылдьааччылар эмискэ үрүө-тараа ыстаннылар. Игнааттаах Сааска тутуһан баран, сатаан бырахсыбакка балайда үтүөлэһэ-анньыалаһа сылдьыбыттара. Хардарыта илиилэрин баайсан кэбиһэн, охсор да кыахтара суоҕа. Ол курдук ынчыктаһа, тула холоруктуу сырыттахтарына, биллибэт сүдү күүс, холорук сөрөөбүтүн курдук, хабан ылбыта да өрүтэ ытыйбахтаат, иккиэннэрин илгэн кэбиспитэ. Улахан баҕайы ураҕас маһы өрө тута сылдьыбыт Аркаадьай тугу эмэ өйдүөн-дьүүллүөн икки ардыгар сүр чэпчэкитик көтөн тиийэн күрүө ортоку сүлдьүгэһигэр көхсүнэн охсуллубута. Охсуллубут омунугар төбөтө доргуйбута, тыынын сатаан ылбакка аппаҥныы сыппыта. Тэбиллибит футбол мээчигэ кэлэн түспүтүн курдук, убайа Кыра Бааска кыырайан кэлэн көхсүнэн сиргэ охсуллубута да, өрө тэйэ түһээт, төбөтүнэн баҕанаҕа сааллыбыта. Кулууп түннүгэ алдьанар тыаһа кырылаабыта.
Үҥкүүгэ мустубут кыргыттар айманар саҥаларын ырааҕынан баһыйар сүдү холорук ньиргийэ, буору-сыыһы ытыйан ньирилии турбута.
Айаал хаптаҕас угун быыһыгар эһиллэн хаалан баран, өр тугу да өйдөөн биэрбэккэ аах-маах сыппыта. Онтон салыбырыы-салыбырыы түөрт атах буолбута. Бастакы санаата: «Манна миигин ким бырахта?» – диэн этэ. Эт-этэ барыта илдьи тутуллан хаалбыт курдуга, хас хамсаннаҕын аайы быччыҥнара быһыта барыахтыы ыалдьаллара, тураары гыммыта атахтара бэйэтин уйбат буолбуттар этэ. Төбөтө ыаҕастаах уулуу дьалкыҥныыра. Туох-баар күүһүн мунньунан, сүүнэ улахан төҥүргэстэн тайанан туруутугар, улуу холорук хайыы үйэ арҕаа тыаны үлтү барчалаан ыраатан эрэр этэ.
Ынчыктаан, ыҥырҕаан онтон-мантан дьоннор өндөҥнөһөн барбыттара. Бииитик бинсээгин көхсө хайа баран, умса түһэн хамсаабакка сытара. Айааллаах Игнаат киниэхэ байааттаҥнаһан тиийбиттэрэ. Игнаат салҕалас буолбут илиитинэн табаарыһын тиэрэ тардыбыта. Биитик хараҕын үрүҥүнэн көрөн, барбах айаҕа эрэ аппаҥныыра, муннуттан, кулгааҕыттан хаан оҕуолуура. Онтон эмискэ тыастаах баҕайытык салгыны эҕирийээт, сөтөллөн хахсыйан барбыта. Айаҕыттан кып-кыһыл күүгэн ыһыллыбыта. Уол сөтөллүмэхтээн баран: «Ити тугуй?» – диэн иһиллэр гына ыйыппыта уонна хараҕын быһа симэн төттөрү сытынан кэбиспитэ.
– Аркай! Аркаай бил… Тур диибин буолбат дуо! – Кыра Бааска сибилигин аҕай охсуһан тиҥиргэтиспит инитин сирэйгэ биэртэлии-биэртэлии ыксаабыт куолаһынан бардьыгынаамахтыыра. Инитэ уҥа илиитин ыраатан эрэр холорук диэки ууммутунан, муннуттан хааннаах сыыҥа субуруйбутунан, мээнэнэн көрөн олорбута.
Арааһа, охсуһууну тохтотоору буолуо, кулууп иһиттэн ойон тахсыбыт хас да кыыһы холорук эмиэ бурайталаабыт этэ. Кулууп Өкүлүүскэтэ күүлэ өйөбүлүгэр төбөтүнэн охсуллан, билигин да өйдөнө илик быһыылааҕа. Антах маҥан водолазкалаах, джинсы бүрүүкэлээх кыысчаан тураары үнүөхтүү сатыыра. Айаал сүрэҕэ «бар» гына түспүтэ: «Били кыыс!» Инньэ дии санаат, кыыс аттыгар хайдах баар буола түспүтүн өйдөөбөккө да хаалбыта. Табыгаһа суох баҕайытык хонноҕун анныттан өрө ыйаан таһаараат, чугас турар алдьанаары гыммыт ыскамыайкаҕа олордон кэбиспитэ.
– Хайдаххыный?
– Мэйиим эргийэр, – кыыс кубарыйан хаалбыт сирэйин ытысчааннарынан саба туттан умса түспүтэ.
– Ха-хайдах буоллуҥ? – уол кэлэҕэйдээбитинэн кыыһы санныттан харбаан ылбыта. Атын кэм, атын түгэн эбитэ буоллар, Айаал бу аатын да билбэт кыыһын санныттан харбыахтааҕар буолуох, аттыгар да туруо суоҕа этэ. Бу өйдөммөт, хаһан да буолбатах дьикти быһылаан оскуоланы быйыл саас эрэ бүтэрбит оҕолору ити курдук чугасыһыннаран кэбиспитэ.
Сибилигин аҕай охсуһан биликтэһэ сылдьыбыт, өрүтэ өрөпөөннөспүт уолаттар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, өйөөн илдьэн кулууп дьиэтин кунуһугар олордоллоро, таҥастарын тэбииллэрэ, табах уматыһаллара, сирэй сирэйдэрин көрсө, өрүтэ уһуутаһа олорбуттара.
Дьэ «һуу-һаа» буолан, туох айылаахха түбэспиттэрин быһаарсан эрдэхтэринэ, нэһилиэк чөмчөкөлөрө – Сэбиэт Баһылай сэриигэ бааһырбыт хаҥас атаҕын соһо тардан, тайах маһыгар тирэнэн, баттаҕа күкээрэн, Эҥэр отделениетын бэрэбэлээссэйэ Бүөтүр кэтит санна дагдайан, будьурхай баттаҕа сүүһүгэр түспүтүн өрө анньына-анньына, бартыыйнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, кырдьаҕас учуутал Акулина Ксенофонтовна кыра хатыҥыр бэйэтэ кэм да улахан бартыбыалын туппутунан тиийэн кэлбиттэрэ. Онтон нэһилиэк хомсомуолун ПКО-тун сэкирэтээрэ Сибиэтэ кыыс билигин да өйдөнө илик Тырахтарыыс Сааска төбөтүн өйөөн, ытыырын арыычча кыатанан, сымыһаҕын быһа ытыран олороро.
Балай эмэ өр саҥата суох тула өттүн көрүммэхтээн баран, кырдьаҕас учуутал кэтэҕэр чөмөхтүү иҥиннэрбит баттаҕын туппахтаан көрөн баран:
– Бу аата тугуй? – диэн ыйыппыта.
Атына буоллар дьээбэлээх, түргэн саҥалаах муҥутаан Кыра Бааска: «Дискотека», – диэх этэ. Бу сырыыга ким да хоруйдаабатаҕа.
– Бу тугуй диибин ээ мин? – Акулина Ксенофонтовна саҥата кытаатан кэлбитэ.
– Холорук түһэн ааста, – Өкүлүүскэ иһэн тахсыбыт кэтэҕин тутта-тутта нэһиилэ саҥарда.
– Ол иһин кулуубуҥ түннүгэ үлтү сынньылын- на дуо?! – Акулина Ксенофонтовна сыыйа кыыһы- ран истэ.
– Кырдьык холорук этэ ээ, – хомсомуол сэкирэтээрэ Сибиэтэ дьүөгэтигэр дурда-хахха буолар өйдөннө.
– Айуу, бл..! – быдьар тылы саҥарбытынан, Сааска хараҕын көрөн кэллэ. Ойон тураары, мэйиитэ эргийэн, балааскайдаан тиийэн, бэрэбэлээссэй Бүөтүртэн тайана түстэ.
– Олох да итирик дии, – олохтоох баартыйа хотуна сирэйэ таастыйан, хараҕа хатааһын чолбонунуу уоттанан, кыра бэйэтэ нэһилиэк саамай улахан киһитин, бастыҥ спортсменын үөһэттэн таҥнары көрөр курдук буолла.
– Эс, сыта кэлбэт, – Бүөтүр тырахтарыыһын өйөөтө.
Сэбиэт Баһылай тайах маска өйөнөн туран, ыһыллыбыт-тоҕуллубут тэлгэһэни, эргэ кулууп алдьаммыт түннүктэрин, биир сиринэн баҕаналара күөрэ-лаҥкы түспүт күрүөнү көрө, өрөмүөҥҥэ төһө ороскуот тахсыан ааҕа сатыы турда. Онтон өрө тыынан баран уоһун иһигэр:
– Саҥа дьыл кэнниттэн уурайдахха сатаныыһы, – диэн ботугураата.
Кулууп таһыгар уолаттар охсуспуттара, ол кэмҥэ аарыма холорук бурайталаан барбыта Эҥэр отделение киинин Иирэлээҕи санаарҕаппыта, сүр баттаабыта.
– Аанньа буолбат буоллахпыт, – дэстилэр кырдьаҕастар.
– Куһаҕан битим тардыбыта ыраатта, – Силиппиэн оҕонньор үөлээннээҕэр Маппыйга «куһаҕан битин» кэпсээри оҥостон эрдэҕинэ, кыыһа Акулина Ксенофонтовна саба саҥаран кэбистэ:
– Сымыйа сураҕы тарҕатан, мин ааппын ыытаары гынаҕын дуо? Ханна баар абааһыгар-таҥараҕар, биккэр-билгэҕэр үҥэҕин, – диэн алта уонун ааһан эрэр хотун хаан тоҕус уонун ааспыт аҕатын ыга мөҕөн кэбистэ уонна, ыалдьыбыт учууталы солбуйа, оскуола диэки боччумнаахтык үктэнэн бара турда.
Аҕата оҕонньор батыһа көрөн хаалан баран:
– Баартыйа хотуна хайыай, – эрэ диэхтээтэ.
– Силлиэ-холорук мээнэҕэ түспэт куолута, – Маппый оҕонньор умуллубута ырааппыт хамсатын оборон сообурҕаппахтаата, – Наака туох эрэ улахан куһаҕан буолаары гыннаҕа… Били былыр…
– Саҥарба…
Оҕонньоттор сүр дириҥник өрө тыынан кэбистилэр.
* * *
– Драсьте, Айаал Семенович, – икки эдэркээн кыыс элэстэнэн ааста.
– Бирибиэттэриҥ, оҕолоор, – Айаал ыскамыайкатыгар олорон, сүгэлээх илиитин күөрэс гыннарда.
– Уо-аай, большой топор, страшно, – дьээбэлээҕинэн быһыччы көрбүт кыра баҕайы уҥуохтаах кыыс үөннүрэн ааһар, Өкүлүүстээх Кыра Бааска кыыстара. Өкүлүүс ол холорук кэнниттэн ыарыһах буолан хаалбыта. Ону ол диэбэккэ, Кыра Бааска кэргэн ылбыта. Билигин, хата, түөрт кыыстаахтар, ыал-күүс бөҕөтө, хас да сиэннээхтэр. Арааһа, ити эрэ кыыс ыал буолбакка сылдьар быһыылаах.
Онтон утуу-субуу Тырахтарыыс Сааска Хомсомуол Сибиэтэлиин, Тэбиэн Туолук Саргычуоктуун ыал буолбуттара. Холорук үчүгэй эҥээрдээх эбит диэх курдук.
* * *
– Наһаа үчүгэй хатыҥ чараҥ дии, – Нарыйа (күөх былааттаах кыыс аата Нарыйа диэн эбит этэ) үөрэн чаҕаара түспүтэ. Мэктиэтигэр ытыһын таһынан ылбыта.
– Саас өссө үчүгэй буолар, – Айаал дойдутун хайҕатан сэгэс гына түспүтэ. Билигин күһүн, өссө хаар кыыдамныыр, тымныы баҕайы тыал охсурҕаланан ааһар. Уоллаах кыыс онно эрэ кыһамматтар. Кинилэр бүгүн эрэ сарын сарыннарыттан өйөһөн чугас-чугас турдулар. Бүгүн эрэ илии илиилэриттэн ылыстылар. Күн сиригэр кинилэр саҕа дьоллоох дьоннор суохтар.
Аны саас Айаал аармыйаҕа барыахтаах. Ол билигин да ыраах. Иннилэригэр бу тунал маҥан туостаах хатыҥнар курдук кылбаа маҥан хаардаах уһун кыһын баар.
– Көр, бу маска олоро түһүөх.
– Чэ.
Суох. Эдэр дьон тулуйан олорботтор. Нарыйа туллуктанан тиийэн, суон хатыҥ кэннигэр саспыта буолар.
– Көстөбүн? Көстүбэппин даа?
Иккиэн күлсэ түһэллэр. Һок, наһаа улаханнык күлүстүбүт дуу, аны, ким эмэ истиэ. Эмиэ кэккэлэһэ түстүлэр, илии илиилэриттэн ылыстылар. Күһүҥҥү хахсаат, тымныы тыаллаах күн кинилэргэ сып-сылаас, сып-сырдык. Дөрүн-дөрүн утарыта көрсө түһэллэр. Олус минньигэс иэйиилээхтик мичээрдэһэн ылаат, кыбыстыбыттыы умса тутталлар. Соторутааҕыта аҕай тэбэнэттээхтик күлсүбэтэх, субу сибилигин аҕай алҕас көрсө түспүт дьон курдук тутталлар.
– Айаал.
– Тугуй?
– Ити Даайа ынырык баҕайы үһүйээни кэпсээбитэ ээ биһиэхэ, биир туох эрэ былыргы кыыс туһунан.
– Аа, баара.
– Ама, ол кырдьык үһү дуо? Наһаа ынырык дии.
– Кырдьык дииллэр. Пааралары куттуур, эккирэтэн тиийэн… һы-һым… өлөртүүр үһү. Баҕар, сымыйа буолуо.
– Кырдьык дииллэр дии, – Нарыйа буотатын тумсунан хаппыт сэбирдэҕи хаһыйбахтыыр. Кини куолаһыгар санаарҕабыл, ынырык дьылҕалаах түҥ былыргы кыыһы аһыныы биллэрэ.
Айаал ол былыргы ынырык үһүйээннэри элбэхтэ истибитэ. Кыыһы курус санааттан аралдьытыан баҕарбыта да, тугу да булан эппэтэҕэ. Онтон бэйэтэ да билбэтинэн ыллаан барбыта:
Сыдьаайар сып-сырдык мичээргин
Сааскыга, сылааска тэҥниибин,
Сэгэйэр, сандаарар бэйэҕин
Сулустан түспүккэ холуубун.
– Хайаа, наһаа үчүгэйдик ыллыыр эбиккин дии, – Нарыйа сэҥээрэ түспүтэ. Айаал ырыата быстан хаалбыта.
– Өссө ыллаарыый.
– Ээ, уонна билбэппин ээ. Итини да Аркаадьайдаах ВИА-ҕа ыллыылларын истибитим.
– Оттон эн ВИА-ҕа тоҕо оонньообоккун?
– Сатаабаппын ээ, – Айаал гитараҕа сатаан оонньооботуттан кыбыстан кэлбитэ. Чэ, ол гынан баран, кини тустар буоллаҕа дии уонна буоксанан эмиэ дьарыктанар.
– Оччоҕо тугунан дьарыктанаҕын? Кыргыттар спортзалга сылдьар диэбиттэрэ дии.
– Кыратык тустабын уонна буокса.
– Күрэхтэспитиҥ дуу?
– Былырыын оройуоҥҥа иккис буолбутум.
– Тустууга даа?
– Иккиэннэригэр.
Эмиэ саҥата суох барбыттара.
Хайа муҥун, чараҥ да бүтэр уһуктаах буоллаҕа. Иннилэригэр киэҥ сыһыы нэлэһийэн көһүннэ. Уҥа диэки, халдьаайыга, ыһыллан эрэр улахан баҕайы былыргы балаҕан, онтон чугас уһун хотон сэмнэҕэ, тимирэн намтаан хаалбыт икки-үс ампаар көстөр.
– Былыр ити өтөххө улахан баай дьон олорбута үһү.
Нарыйа тоҕо эрэ дьик гына түспүтэ.
– Били кыыс дьоно дуо?
– Ыыһы.
– Дэриэбинэҕэ төннөбүт? Тоҥоору гынным. Үлэбэр да барарым чугаһаата, – Нарыйа тоҥмуттуу кумуччу тутунна. «Чэ», – диэри айаҕын атан иһэн, Айаал тохтоон хаалла.
Уҥуоргу сис тыа диэкиттэн сири түгэҕинэн сирилиир тыас ньирилээн кэллэ. Сонно ханна эрэ кута көтө аймаммыт ынах маҥыраата, сылгы кистээн дьырылатта, бэйдиэ сылдьар ыт үрэн иһэн, улуйан онолуйан барда. Айаал тилэҕэ дьырылаата, кыыһын көрбөхтөөтө. Нарыйа куттанан, кэҥээн хаалбыт хараҕынан уолун диэки эмиэ да ыйытардыы, эмиэ да ааттаһардыы көрөн турда.
Уҥуоргу тыа отун-маһын үлтү барчалаан, ынырык күүс тииттэр төбөлөрүн үмүрүччү тарда-тарда ыспахтаан, аарыма баҕананы өрө аспыт курдук сыыһы-буору хоротон, сис тыа тэллэҕиттэн туран кэллэ, бэттэх диэки сыҕарыйан барда.
Айаал кыыһы илиититтэн харбаан ылла:
– Сүүрдүбүт!
Эргиллэ түстүлэр да, дэриэбинэ диэки түһүнэн кэбистилэр. Кэннилэриттэн иччилээх улуу холорук сыһыы хагдарыйбыт кэнчээрилээх кырыһын быһыта тэбэн, эккирэтэн эрэрдии бэтэрээ диэки сыҕарыйан истэ.
Уоллаах кыыс сиэттиспитинэн, туох баардарынан түһүнэн истилэр. Бэл диэтэр, тэбэнэттээх хахыйахтар куоҕаҥнаһар үҥкүүлэрин тохтотон, уолуйа иһийдилэр. Баай лабаалаах суугунас хатыҥнар: «Көмүстэрбиэт, кытаатыҥ. Хара санаа ынырык күүһүгэр туран биэримэҥ», – диирдии, аймана нөрүстүлэр.
Эдэр саас ыраас таптала, кытаат, сүүр, куот, бэйэҕин өлөртөрүмэ!
– Уо-аай! – Нарыйа били саһан турбут суон хатыҥын аттыгар кэлээт, мутуктан иҥнэн умса хоруйда. – Айуу!
Кэннилэригэр сүрдээх тыас өрө барчалаан, иннигэр түбэспити барытын үлтү мэлийэн иһэр тыаһа субу иһилиннэ. Айаал ыксаата, кыыһын холус баҕайытык икки илиититтэн өрө тарта.
– Айаккаа! Атаҕым, – Нарыйа хаҥас атаҕынан кыайан дугуммат буолан хаалбыт этэ. Ону-маны эргитэ саныыр, дьонтон-сэргэттэн кыбыстар хайыыр түгэн суох буолла. Кыыһын эрчимирэ түспүт илиилэринэн хабан ылан, түөһүгэр ыга тутта да, иннин хоту тэбиммитинэн барда.
Ыччат ырааһыйатыгар кэлиилэригэр, холорук олох чугаһаата. Ырааһыйаҕа ким да суох. Иҥнэри түһэн хаалбыт былыргы сэргэ аттыгар Айаал матасыыкыла турар. Сүүрэн тиийэн олоро түстүлэр, собуоттаан бирилэттилэр. Саҥардыы ыыта үөрэммит уол матасыыкылын уҥа-хаҥас хайбараҥнатан иһэн, син көнө сүнньүн булан, гаастаан бырылатан айанната турдулар. Өр гымматылар, дэриэбинэ кытыытыгар элээрдэн киирдилэр.
Саҥа кутуллубут чиҥии илик кумах суолга матасыыкыл көлүөһэтэ батары түстэ, халты тэбиннэ, хайбас гынна. Тимир көлө суолга сытынан кэбистэ, умуллан хаалла.
– Маамаа! – Нарыйа ытамньыйбыт саҥата иһилиннэ. Айаал маатыралаан субурутта. Буору-сыыһы бүрүммүт ынырык холорук Ыччат ырааһыйатыгар киирэн, чараҥ саҕатыгар ытыллымахтыы тураат, оргууй оннуттан хоҥнубутунан барда.
– Оҕолоор! Кэлиҥ манна! Чээ, түргэнник! – дэриэбинэ быстар хоту уһугар олорор аҕыс уончата буолбут Бодоор Балбаара иҥнэри түһэн хаалбыт олбуорун баҕанатыттан тутуһан, умса түһэн тураахтыыр эбит. Уол бокуойа суох кыыһы көтөҕөөт, олбуор диэки сүүрдэ. Эргэ дьиэҕэ көтөн түстэ, ол-бу диэки көрбөхтөөт, остуол аттыгар турар олоппостортон биирдэстэригэр кыыһын «лах» гына олордон кэбистэ. Сүүһүн көлөһүнүн туора сотунна.
– Нохоо, көмөлөс! – эмээхсин ыксаабыт саҥата иһилиннэ. Холорук дьиэ айаҕар кэлиитэ Айаал ааны саба тарта. Эмээхсин аанын хатыы охсоот, хоһун диэки бөкөөрөөхтөөтө:
– Түннүктэри сап! Түргэнник!
Айаал түннүктэри саба ыстанна.
Бодоор Балбаара оттуллан турар оһоҕун айаҕын аһа баттаата, тугу ээ үрүт-үрдүгэр ботугураата, бакыһан хаалбыт тарбахтарынан ап-араҕас арыыны уокка бырахта. Уот күөдьүйэ түстэ.
Эргэ, хаар-самыыр, кэм-кэрдии баттаан харааран, тимиччи түһэн хаалбыт кыракый дьиэни тула холорук ньирилии-ньиргийэ сырытта. Дьиэ иһигэр олорооччуларга таһырдьа ким эрэ часкыйа-часкыйа дьиэрэҥкэйдээн өрө тэбэ сылдьарын курдуга.
Эмээхсин кимтэн да көҥүллэппэккэ, туох да саҥата-иҥэтэ суох Нарыйа атаҕын туппахтаан көрбүтэ.
– Буотаҕын уһул.
– То-тоҕо?
– Атаххын эмтиэхпит. Уһул.
Нарыйа буотатын устуохтааҕар буолуох, көннөрү төҥкөйөр да кыаҕа суоҕа. «Эмээхсин билигин кыыһырара буолуо», – дии санаабыта Айаал. Кини дьааһылаҕа, дьыссаакка сылдьар эрдэҕиттэн Балбаара маннык этэ. Наар кырдьаҕас, наар кыыһырбыт курдук өс саҕа. Кими да кытта кыыһырсан, этиһэн, айдааран турбутун Кытыл олохтоохторо көрбүттэрэ-истибиттэрэ суоҕа буолуо. Ол эрээри дьон үксэ, оннооҕор салайааччылар толлор этилэр. Оҕолор тустарынан этэ да барыллыбат. Эмээхсини «отоһут», «аптаах эмээхсин» дииллэрэ. Билигин кыыһырыа да, дьиэтиттэн үүрэн таһаарыа. Айаал Нарыйа буотатын сэрэнэ-сэрэнэ устубутунан барбыта.
– Оһох үрдүттэн сылаас уута аҕал, – Балбаара туой көһүйэ курдук иһити уолга ууммута.
Онтон холорук арахсыбакка, дьиэни тула ньирилии, сири-буору ытыйа сылдьыбыта.
– Оҕолор туох буруйдаахтарын баран, – эмээхсин ботугураан ылбыта. Сытыы баҕайы сыттаах хаппыт оту оҕуруо киэргэллээх тирии хаппар иһиттэн кытаахтаан таһааран, уол аҕалан ууммут сылаас уулаах иһитигэр бырахпыта.
– Оһоҕу эбэн биэр, – Балбаара эмээхсин эдэр киһини соруйбута. Айаал оһоҕу эбэ сырыттаҕына, Нарыйа айаккалыыр саҥата иһиллибитэ. Кыыһын туох эрэ алдьархайтан быыһаан ылыах курдук ойон тиийбитэ – эмээхсин кыыс эчэйбит атаҕын биинтэлии олороро.
Балбаара уолу кынчарыйан кэбиспитэ. Онтон мүчүк гынаат:
– Айабын. Сиэн кэбиһиэ дии санаатыҥ дуо? – диэбитэ уонна кыбыстан умса туттубут уолу дьикти баҕайытык көрөн ылаат, өрө тыыммыта.
«Хаһааҥҥы эмэ үйэтээҕи өс-саас, кырыыс хаалбат да буолар эбит. Бу очурдаах-чочурдаах уустук олох суолугар сабыс-саҥа үктэнэн эрэр оҕолор өбүгэлэрин алҕастарын туһуттан тоҕо сору-муҥу көрсүөхтээхтэрий? Тоҕо харахтарын уутун тоҕуохтаахтарый?» – Балбаара эмээхсин сабыылаах түннүк диэки көрөн олорбута. Ити кэмҥэ дьиэ хаҥас муннуга титирэстии түспүтэ, бүтэҥи тыас «лүҥ» гыммыта. Нарыйа: «Мама!» – диэбитинэн Айаалы илиититтэн харбаан ылбыта. Эмээхсин ойон турбута:
– Оргууй! Эн үлтү тэпсэн барар дьиэҥ буолбатах! Эйигиттэн тутум үрдүк, харыс өндөс дьоммут биһиги! – саҥата-иҥэтэ чахчы кытааппыт, бэл диэтэр, титирэстииргэ дылы этэ. Онтон оһоҕор тиийэн, уотугар иккистээн ас кээспитэ уонна илии илиилэриттэн ылсан турар уоллаах кыыска туһаайан эппитэ:
– Тоҕойдоруом, куттанымаҥ. Аны кэлэн куттанаргыт сатаммат. Ити күтүр эккириир-эккириир даҕаны, кинини да саба баттыыр күүстэр сотору баар буолуохтара. Хайаан суох буолуохтарай? Орто дойду оҥоһуута да оннук буоллаҕа эбээт. Эһиги куттанымаҥ. Чэ, күтүр өстөөх эккирээн да көрөөхтөөтүн. Хата, мин эһиэхэ кэпсиим. Ээ, ол Даайа да билбитэ, кэпсээбитэ диэхтээн. Соторутааҕыта аҕай бэйэтэ атах сыгынньах сүүрэн тыбыгырайа сылдьар кыысчаан этэ буоллаҕа дии.
Бэрт былыр бадахтаах, биһиги өбүгэлэрбит бу дойдуну саҥа булан, дьиэ-уот туттан эрэр кэмнэригэр эбитэ үһү. Кырдал сиргэ кылыйа оонньуур, аар тайҕаҕа суон тииттэрдиин тустан көрөр күүһүн-уоҕун ортотугар сылдьар, ойох ылар сааһа буолбут Уолан Харалы диэн уола хаан киһи бултуу сылдьан, ол көстөр хайалар тэллэхтэригэр сиҥнэ сытар буор холомону булбут. Хас да холомо тура сылдьыбыт быһыылаах үһү да, ол холомо арыый чөллөөҕө дуу, кэлин ким эрэ оҥосто сылдьыбыта дуу биллибэт эбит. Бу киһи холомо буорун, сытыйбыт, эмэҕирбит мастарын үрэйэн киирэн барбыт. Онуоха, ол буор дьиэ иһигэр соччо айгырыы, үрэллэ илик холумтанын үрдүгэр хас да быластаах уу оҕуһун муоһа кылбайан тахсыбыт. Оччотооҕуга нуучча омук кэлэн, кыһалҕа үксээбит, олохтоох омуктар үп-харчы диэн тугун, кыһыл-үрүҥ көмүс суолтатын билэр буолбут кэмнэрэ эбитэ үһү. Инньэ гынан буолуо, бу уол уу оҕуһун муоһун туора урдустары кытта эргинэн туһанаары хостоон ылбыт, дьиэтигэр илдьэ барбыт.
Сити кэмҥэ кинилэр олохторуттан икки күннүк холобурдаах сиргэ атын аҕа ууһа аатыран-сураҕыран олороро үһү. Баай сүөһүтэ-сылгыта хочону, сыһыыны толору, сирдэрэ-уоттара үчүгэй. Бу Аадаҥ аҕа ууһун баһылыгын кыыһа, этэргэ дылы, таҥас бүтэй тамана сандаарбыт барахсан баара. Били уолбут ол кыыһы сөбүлээбит эбит. Ол иһин үп-харчы мунньунан, кыыһы кэпсэтэн көрөргө, дьол тардыһарга санаммыт. Ийэлээх аҕата буоллар, булдунан, хардаҥ хара тыа тугу бэрсибитинэн айахтарын ииттинэн олорор дьон уолларыгар түөлбэлэрин иһиттэн, бэйэлэригэр тэҥнээх кыыс оҕону, Намылыны, бэлиэтии көрө сылдьыбыттар. Оннук үлүгэр сардааналыы сандаарбатар, таҥара кийиитинии киэргэйбэтэр да, ньургуһуҥҥа тэҥнээх барахсан, аны үлэһитин ооккото сыттаҕа. Кыһыл оҕо эрдэҕиттэн саарбаҕа саһыарыллыбатах, киискэ кистэммэтэх кыыс, хара сарсыардаттан «һай-һат» диэн, ас астаан, иистэнэн, чугас эргин саастыылаах кыргыттарын иннигэр түһэрбэт эбит. Кыыс оҕо барахсан бэйэтэ да, Уолан Харалы аттынан аастаҕына, имэ тэтэрэ кыыһан, сүрэхчээнин ооккото доҕуурга иҥнибит туллук курдук мөхсөн ылара. Уол оҕо бултаан-алтаан, өрөйөн-чөрөйөн кэллэҕинэ, кимнээҕэр да ордук кини үөрэн биир кэм туллуктана дайа, уоһун иһигэр ыллыы сылдьар буолара.
Уол даҕаны аҕа ууһун муҥур тойонун атаҕын үрдүгэр ииктиир атаах кыыһыгар хараарчы иирэн хаалбыт. Оо, эдэр сүрэх тэбиитин туох тохтотуо буоллаҕай, итирбиккэ-иирбиккэ холоонноох буоллаҕа. Былырыын Аадаҥ аҕатын ууһун ыһыаҕар бара сылдьан, күн бытархайа бэйэтинэн түһэ сылдьарга дылы кыыһы, Чөмөйөнү көрөн, сүрэҕэ күүскэ тэппитэ. Кыыс даҕаны кылыйан кыыралдьытан, куобахтаан куһурҕатан, ыстаҥалаан ыллаҥнатан, атахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх эр хоһуун барахсантан имин хаана кэйэн, этэ-сиинэ ирэн, сүрэҕэ нүөлүйэн ылбыта. Аҕатын соругунан Уолан Харалыга кымыстаах чороону туттаран иһэн, сүһүөҕэ мөҕөн, тоҥолоҕо ибир гынан, кымыһын син соҕустук сиргэ дьалкытан ылбыта. Онуоха туора сир диэкиттэн: «Оо, бу оҕо дьолун тохто», – диэн биир оттомо суох, акаарытыҥы киһи айахтаппытын ким да улахаҥҥа уурбатаҕа.
Ол ыһыахха Уолан Харалы үйэтигэр көрбөтөх үрүҥ-кыһыл көмүс манньыат диэннэрин дьэ көрбүтэ. Дьон, ордук Чөмөйө аҕата, Аадаҥ аҕатын ууһун муҥур баһылыга, олус ымсыыралларын, өйдөрүн да сүтэрэр тэҥэ буолалларын бэлиэтии көрбүтэ итиэннэ: «Чөмөйө аҕатыгар итинник көмүс манньыаттары аҕалан биэрэр киһи, кыыһын миэхэ эргэ биэриэ эбит», – дии санаабыта.
Инньэ гынан, уол ийэлээх аҕатын хаһыытаппытынан, сылбырҕа тыытыгар били муоһун тиэйэн, нуучча омук киэптээн олорор улуу Туймаада эбэ хотуну булларбын диэн, кырылас таастаах кытылыттан анньынан кэбиспит. Бу барахсан тапталлааҕын ахтан-санаан улуу эбэ модун сүүрүгүн, күөххэ сууламмыт кытылларын көрөн, хаана хамсаан, сүрэҕэ сылаанньыйан, ыллаан эҥсэлитэ испит. Ол иһэн уҥа кытылга, толору уулаах от үрэх эбэҕэ түһэр төрдүгэр ойуулаах-оһуордаах тирии сабыылаах тоҥус ураһата турарын көрбүт. Ураһа иннигэр оллоон буруота «айанньыт, кэл, сынньанан, сылааҕын таһааран аас» диэн ыҥырарга дылы унаарар. Биһиги киһибит тыытын кытыл диэки салайар. Кытылга тиксэн, тыытын бырылас таастарга өрө тардан кэбиһэн баран, сыыры өрө сүүрэн тахсар. Ураһа иһигэр уол хаһан да харахтаабатах таҥастаах-саптаах, сааһыра быһыытыйан эрэр дьахтардаах эр киһитэ утарыта көрсөн, уһун умнастаах хамсаларыгар табах тардан унаарда олороллор эбит. Түгэх диэки ыйаастыгас харахтаах, эмиэ кэрэчээн сэбэрэлээх, дьикти оһуордаах таҥастаах биир сиппит кыыс тугу эрэ тигэн күөгэтэ олорор.
Дьиэлээх киһи ыалдьыт диэки эргиллэ түһэн, көбүөлээн эрэрдии:
– Шака урааҥкай кэллиҥ дуу? – диэн ыйытар.
– Сахабын. Мантан чугас икки сыллааҕыта көһөн кэлбит аҕа ууһун киһитэбин. Эһиги кимнээх диэн этигит?
Иистэнэ олорор кыыс уолу сонурҕаабыт, бэл ымсыырбыт да хараҕынан сытыытык көрбөхтүүр. Уол эмиэ, эдэр киһи буоллаҕа, кыыс диэки кылап гына көрөн ылар. Кыыс хараҕын сытыы уота тоҕо эрэ уол түөһүн аһыппахтыыр, этин сааһын аһан «дьар» гыннарар.
Кэпсэтэн билсибиттэрэ, киэҥ сиринэн көһө сылдьар төрүт олохтоох ыал эбит. Ийэлэрэ – саха. Бу олорооччу тоҥус хоһууна эр бэрдэ буолан, ойоҕун сүүрбэ кыһыл саһыл тириитигэр сүгүннэрэн аҕалбыта сүүрбэччэ сыл буолбут эбит. Ити иннинээҕи ойоҕун чучунаа күрүлүүр күнүс кэлэн, уоран-талаан барбыт. Ол дьахтартан биир уоллааҕа доҕотторун кытта сир кэрийэ барбыт. Сарсын-өйүүн кэлиэхтээх үһү.
Ити икки ардыгар түлэй бараан түүн улуу өрүстэри, аар тайҕалары, арыы-сыа аллар алаастары, сыһыылары, тойон нүһэр хайалар сайыннары хаардаах төбөлөрүн көстүбэт түү суорҕанынан угуттуу сабан улугурдан, унаарытан кэбиспит. Кытыл кэрэ сибэккинэн киэргэммит көнө ньуура сылаас нуһараҥҥа бигэнэн нуурайбыт, оргууй, биллибэтинэн, кистээн өрүтэ тыыммахтаан наскыйан барбыт.
Уолан Харалы туох да хос санаата суох ыйан биэрбит сирдэригэр утуйардыы оҥостон, түүн хотун сымнаҕас биһигэр бигэнэн эмиэ орто туруу бараан дойду уустук эрээри умсулҕаннаах олоҕуттан тэйдэр тэйэн, күөгэлдьийэн барда.
Арай түһээтэҕинэ, Аадаҥ аҕатын ууһун ыһыаҕар сылдьар эбит. Үкчү былырыыҥҥы ыһыах курдук. Түүлүн түүл: «Арааһа былырыыҥҥы ыһыах быһыылаах», – дии саныыр. Барыта былырыыҥҥы курдук. Чоргул Доҕуй оһуохай тылын таһаарар. Мөдьөкө Бөҕө мас тардыһан мадьыктаһар, тустан биликтэһэр, Түөрэм Холорук, сылгы бэрдэ, түөрт түөрэм туйаҕа сир кырсын таарыйар – таарыйбат сүүрэн уунаҥнатар, Биэстээх Бэргэн далла мэндэйэр. Биһиги уолбут оһуохайга киирэн, бар дьону кытта тэҥҥэ күөгэлдьийэн эрэр. Аттыгар соһонон сотуллубут мааны этэрбэстээх, уһун хара сонноох кыыс кини илиититтэн тутар-туппат даҕайсан иһэр. «Ээ, Чөмөйө эбит дии», – сүрэҕэ өрүкүйбүтүнэн хаҥас диэки көрө биэрбитэ, аҕата киниэхэ ылан биэрэ сатыыр кыыһа, Намылы, уол чэрдээх модороон ытыһыттан тутуһуоҕунан тутуһан иһэр эбит.
«Бу кыыс эмиэ хантан кэлэн хаалла. Былырыыҥҥы ыһыахха сылдьыбатаҕа ээ», – дии саныыр уол. Онтон оһуохай түһүлгэтин ортотун көрө түспүтэ, тоҥус кыыһа өһөх кыһыл өҥнөөх бытырыыстаах сонун кэтэн, туолбут ый курдук сырдаан көстөр төгүрүк дү-ҥүрү өрө тутан, хап-хара былаайаҕынан охсо-охсо, кыыран эккирии сылдьар эбит. Дүҥүрүн хас оҕустаҕын аайы, хаанынан ыһыллыбыт иччилээх холоруктар ытыллан тахсаллар. Онтон соһуйан Уолан Харалы уһуутаабытынан тэллэҕэр олоро түстэ.
– Баттаттыҥ дуу? – били кыыс уһун баттаҕын намылытан, харахтарын уота өссө имэҥирэн, өссө сытыырхайан уолу утары көрөн олорор. Өйдөөн көрбүтэ, кыыһа ийэттэн төрүү сыгынньах эбит.
Дьэ, эбээт! Иирэ имэҥирбит омук кыыһа уол оҕону харыс сири хамсыах өйүн-төйүн булларбакка, суорҕанын арыйа тардан, кууһа түстэ. Итини эрэ күүппэтэх, кыабакалаахха кыттыһа илик ып-ыраас уол соһуйан, кыыс сыбыс-сыгынньах, тыбыс-тымныы этиттэн сиргэнэн эбитэ дуу, түүрүллэ түһээт, тиэрэ кимэн кэбиспитэ – имэҥин уйбатах, саатарын умнубут сыгынньах кыыс ураһа ортотугар тиэрэ эһиллэн хаалбыта. Утуйа сыппыт ийэлээх аҕа «һуу-һаа» буолан уһуктубуттара. Кыыс ойон туран, бэйэтин оннугар барбыта. Уолан Харалы олуһун саатан, устубут таҥаһын харбаан ылан кум-хам тутаат, таһырдьа ойбута. Тыытыгар олоро түһээт, үөс диэки анньыммыта, сүүрүк хоту эрдинэн булумахтаммыта. Балай эмэ эрдиммэхтээт, үөҥҥэ сиэтэн, дьагдьайа быһыытыйан таҥастааҕын өйдөөбүтэ.
Кэннигэр, итии хаанынан тыгыалыы тэппит эт сүрэхтээх эдэр уол эрчимин билбэтэх, эйэтин ылбатах удаҕан кыыс дүҥүрүн тыаһа дүрбүйбүтэ, эккирии-эккирии кыраан кыланар саҥата түүҥҥү дьыбарга кытылтан кытылга хардары-таары охсуллан, таныар ынырык ырыата буолан иһиллибитэ. Ол ынырык ырыаттан аан холорук таҥнары дапсыллан түспүтэ. Онуоха улуу эбэ уута өрүтэ түллэҥнээн, сибилигин аҕай көрдөөх таҥалайынан дьирибинии сыппыта суох буола охсон, модун сүүрүгэ уһуктан, долгуннуран тиҥиргэччи тэбиэлэнэн үллэҥнээн барбыта, сыыдам тыыны уҥуоргу кытыл диэки охсубута. Сүдү өрүс бу эдэр, ыраас уолу аан холоруктан хаххалыы, быыһыы сатыыр курдуга. Кырдьык, уолан киһи уҥуоргу кытылга тиксээт, кыра хомо оҕото баарыгар кирийэн хаалбыта.
Оттон удаҕан кыыс туох-баар кыһыытын-абатын, түөһүн иһигэр түллэрэҥнии мөхсөр сириллибит өһүн-сааһын Уолан Харалыга, кини дьонун-сэргэтин кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар кырыыс-таныар гынан, кус сыгынньах бэйэтэ эмиийэ эйэҥэлии, баттаҕа буралла, кыыран ыһылла, кыраан таныйа, өрүтэ ыстаҥалыы сылдьыбыта.
Уолан Харалы, онуоха-маныаха диэри ама бэйэлээхтик сылдьыах быатыгар, сүдү эбэ долгуурун этэҥҥэ аһаран, сүүрүккэ оҕустаран, эрдинэн дайааран нуучча омук уйа туттубут, уһуктаах төбөлөөх баҕананан эргитиллибит, мэҥэһик-мэҥэһик чуолҕаннардаах суртарынан бөҕөргөтүллүбүт киэҥ уораҕайдарыгар кэлбитэ. Уу оҕуһун аарыма муоһун сүгэ сылдьар киһи «дорогой гость» аатыра түспүтэ, остуруок суостаах тойонугар харыыта суох быһа аһарыллыбыта.
Санаа хоту үс-түөрт кыһыл көмүс, уонча үрүҥ көмүс манньыаты сиэбигэр уктан, аҕыйах чэй-табах, биир кыра суу торҕо таҥас, биир билээгэ испиир ылан, уу оҕуһун муоһун ыраас муус курдугунан килэччи көрбүт, сэбирийбит кыһыл бытыктаах суостаах тойоҥҥо хаалларан, остуруок күүлэттэн тахсан барбыта. Аны кыһалҕата диэн, удаҕан кыыс сыыры өҥөйө турар тирии ураһатын этэҥҥэ мүччү түспүт киһи диэн этэ.
Сүүрүгү утары син балай эмэ эрдэн, кутталлаах уҥуоргу кытылын түүн ааһарга суоттанан, били холоруктан саспыт хомотугар тиийэн кирийбитэ. Дьэ, кэтэһиннэриилээх түлүк түүн арҕаа эҥээри сабардаан, тыаһа суох халыйан, чуҥкунуур чуумпу кынаттанан, ырааҕы ырааҕынан, чугаһы чугаһынан бүрүүкээн кэбиспитэ. Уолан Харалы сытыы болотун уҥа өттүгэр уурунан, охтоох, кэһэхтээх саадаҕын көннөрүнэн, улаханнык тыаһаабатарбын ханнык диэн, бэрт сэрэхтээхтик эрдинэн, били тирии ураһа турбут сирин туһаайыытыгар чугаһаан иһэн көрбүтэ – ураһата суох. Арай, уһун ураҕаһы сиргэ батары аспыттар. Ураҕас төбөтүгэр муостары сылдьар таба кур төбөтүн уҥуоҕа ыйаммыта уолу кураанах харахтарын оннунан чыпчылыйбакка көрөргө дылыта. Онтон куйахата күүрбүтэ дуу, Аадаҥ аҕатын ууһун субу буолаары турар ыһыаҕар ыксаабыта дуу, икки өттүнэн иҥнэҥнээн, эрдиитин лаппаҕар салбахтарынан эбэ иэнин эрчимнээхтик кырбаталаан, модун сүүрүгү утары дьулуруйан барбыта. Ахсым тыы сыыдам атахтаах соноҕос көлө айанынан эбэ иэниттэн тэбинэн, сөрүүн салгыҥҥа дайан тахсыахтыы элээрэрэ.
Сотору аадаҥнар ыһыахха ыҥырар илдьиттэрэ кэлэн барбыта. Тутатына сүпсүгүрүү, сүүрүү-көтүү, ыһыахха бэлэмнэнэн аалыҥнаһыы саҕаламмыта. Ньилбэкэ Сүүрүк, Бабыа Бөҕө, Тимир Ытыстай эрдэттэн бэлэмнэнэ, куура-хата сылдьаллара. Кылыыһытынан, ыстаҥаһытынан Уолан Харалыны ааттаабыттара. Арай, далла мэндэйэр киһилэрэ суоҕа. Баар-суох ытааччылара Кыраҕы Күөндэ быйыл саас кыылга баттатан, киһи аҥаара буолан сылдьара. Сүүрүк ат эмиэ суоҕа. Арыы-сыа аллар үтүө сирдэрин омук урдустарыгар былдьатан, үүрүллэн-үтүрүллэн сылдьыахтарыттан сылгыларын ахсаана аҕыйаабыта, бэл диэтэр, көннөрү миинэр да миҥэлэрэ татым этэ.
Ол да буоллар болдьохтоох кэмҥэ ыалларыгар тиийэн, ыйыллыбыт сиргэ түһэн, туос ураһаларын туруорунан, от отууларын оҥостунан үөрэн-көтөн, ыһыаҕы ыһыспытынан, оонньууга-көргө кыттыбытынан барбыттара.
Ааттаах алгысчыт тоҕус туруйа уол доҕуһуолланан, сэттэ кыталык кыыс кынаттанан киирэн күнүстэри-түүннэри күөгэйэ эргийэ турар тоҕус томторҕолоох туналы маҥан халлаан тойотторун-хотуттарын, аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойду иччилэрин бэттэх көрдөрөн, мичик аллатан алгыс тартаран, арчы түһэртэрэн амалыйан, ытык ыһыаҕы аспыта. Ол кэннэ дьэ оонньуу диэн оонньууттан орпута, күрэх диэн күрэхтэн орпута. Дьон-сэргэ барахсан уорааннаах уһун кыһын устата улугурбут сүһүөхтэрин хамсатан, уһуктубут курдук буолбута. Оһуохайдаан ойбуттара, эһиэхэйдээн эҥээрбиттэрэ. Мүһэ былдьаһан мүлүктэһии, хары хапсан харбыалаһыы, тутум эргийэн туруулаһыы, көр-нар, ырыа-тойук буолбута. Эрчим күүстээх от сүмэһинэ булкаастаах кырылыы кыынньа сылдьар кымыһы алыс кыанан тэмтэкэлдьиһии-тэллэҥнэһии да ханна барыай.
Ити кэмҥэ Уолан Харалы аҕата, уолун дьолун төттөрү этэр кыаҕа суох буолан, оҕотун баар-суох баайын уонча кыһыл саһыл, бөрө, бэдэр тириитин Аадаҥ аҕатын ууһун баһылыгын иннигэр лөскөччү ууран биэрэн баран, оҕолор сүрэхтэрин холбуурга этэ олорбута. Аҕа ууһун баһылыга түүлээҕи сахсыйбахтаан, кылаанын, кырымаҕын көннөрө, тэбии-сахсыйа түһээт, кэннин диэки сыҕарыччы аспыта, итиэннэ өссө тугу эрэ эрэйэр быһыынан утары олорор киһини батары көрбүтэ. Онуоха аҕа барахсан бастаан уонча үрүҥ көмүс манньыаты хаппарыттан ылан сандалыга куппута. Онтон киһитин сирэйин тириитэ биирдэ «дьик» гына хамсаан көрбөтөҕүттэн, тарбаҕа ибир гынан ыла-ыла, үс кыһыл көмүһү оһуордаах-мандардаах сандалыга уурталаабыта.
Хаппахчытын аанын сэгэтэн итини барытын одуулуу, дьон хас хамсаныытын ааҕа турбут сууллар сулус бэйэтинэн түспүтүн курдук, сандаар кэрэ бэйэлээх Чөмөйө Куо котоку көмүс манньыаты мыынан, дьон истэр гына тыбыыра түһээт, хаппахчытын аанын тиэрэ быраҕан аҕатын аттыгар биирдэ баар буола түстэ:
– Мин дьадаҥы, киибэс киһиэхэ эргэ барбаппын! – диэн чаҕаара түһээт, таһырдьа ойдо. Оччотооҕу сахтарга киибэс диэн өлөр өһүргэниилээх ынырык үөҕүү этэ. Баарын-суоҕун барытын тэбээн туран, оҕотун дьолун оҥоро сатыы олорбут оҕонньор киһи бэрт чэпчэкитик ойон туран:
– Ама да субу күҥҥэ алларыйа сылдьыбыппыт иһин биһиги да урааҥхай удьуордара, күн улууһун дьоно этибит. Атаҕын үрдүгэр ииктиир атаах кыыс оҕо үөҕэр кэридэхтэрэ буолбатахпыт. Ити тылгыт-өскүт, бу туттуугут-хаптыыгыт иэстэбиллээх буолара буолуо, – диэт, таһырдьа тилир гынан хаалла.
Бу кэмҥэ дьон үмүөрүһэн төттөрү-таары аалыҥнаһа сылдьар орто түһүлгэлэригэр эмиэ соһуйуу-өмүрүү, айдаан буолла. Чөмөйө Куо кыһыл көмүс манньыаты мыыммыт омунугар саатын-суутун умнан, баттаҕа арбайан, хатааһын чолбонун курдугунан көрөн туран, Уолан Харалыны үөҕэн сатамматы саҥара, саһыл курдук үрэ турбута:
– Хара ыт! Хаһан миигин кытта тэҥнэһээри ыйыттарбыт буола-буолаҕын! Үс манньыат сыыһынан өйбүн сүүйээри гыммытыҥ дуо?! Эйиэхэ эргэ тахсыам кэриэтэ тоҥус ойуунугар тахсыам! Бар, киибэстээн аһаа! Эн хохтоох хоонньугун иччилиэм кэриэтэ, аллараттан атара тахсан, атыллан өлүөм, үөһэттэн үөрбэ түһэн, үөлүллэн өлүөм! Киэр бар! Киибэс! Кэридэх! Эбэтэр атын буоллар өл! – өрө ууммут илиитигэр быһах иҥсэлээх биитэ кылбас гыммыта. Чөмөйө уол соһуйан хаалан, муҥунан көрөн турар харахтарын батары көрбүтэ, хатан үлүгэрдик чачыгыраабыта, устунан мэнэрийэн ыһыллан барбыта.
Баар дьон орто дойду мааны түһүлгэтин киртиппит ынырык тыллартан куйахалара күүрэн, айманан барбыттара. Киэҥ мэндээр халлааҥҥа сааллар чаҕылҕан дапсыйбытын, сүллэр этиҥ ньиргийбитин курдук буолбута.
Эмискэ чугастааҕы титирик ойуур титирэстии, кылана түһэргэ дылы гыммыта. Чупчурҕан оноҕостор чыбырҕаспыттара, сиикэй эти булан «кип-хап» охсуллубуттара. Аймалаһа, айдаара турбут дьон өрө көрө түспүттэрэ. Хас да киһи элиэ куорсуннаах оноҕосторго табыллан, хаанынан уста-уста өрүтэ мэҥиһэ түспүттэрэ, өлөр мөхсүүлэрин мөхсөн хардыргыы сыппыттара. Титирик ойуур быыһыттан өһөх өҥнөөх соннорун тиирэ кэппит, сирэйдэрин илбис кыһыл өҥүнэн соттубут хоһууттар үҥүүлэнэн-батастанан сулбурута ойон тахсыбыттара.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539775?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.