Алыһардаах Аана
Collective work
Бу аан бастаан тахсар кинигэҕэ уһулуччу дьоҕурдаах, норуотун туһугар олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт улуу удаҕан, эмчит Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана туһунан архыып матырыйаалларыгар, сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕуран сурулунна. Айылҕаттан айдарыылаах улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылын көрсө кини түҥ былыргылыы эмтиир ньымаларын, сүппүт дьону булар дьоҕурун, инники олоҕу өтө көрөр ийэ айылгытын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.
Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Всегда интересны истории и легенды о загадочных сверхвозможностях человека. Одной из самых феноменальных личностей народа саха является знаменитая удаганка, целительница Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Анна Алысардах. В книге впервые публикуются интересные факты, основанные на архивных материалах, воспоминаниях людей, лично знавших ее, и рассказы очевидцев об уникальном даре этой удивительной женщины.
Для широкого круга читателей.
Алыһардаах Аана
Айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах,
төрөөбүт дойдутун, дьонун туһугар тугу сатыырын,
кыайарын барытын оҥорбут Улуу Эдьиийбит
Анна Дмитриевна Павлова төрөөбүтэ 175 сылыгар аныыбыт
Киириитэ
Ойууннааһын киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Былыргы киһи айылҕа дьайар күүстэрин өйдөөбөт, утарылаһар кыаҕа суох буолан бу Үрдүкү Күүстэр дьаһалларын кытта сибээстиирэ, бэрик биэрэн манньыта сатыыра. Сахаларга итэҕэл улахан суолтаны ылара. Ол туһунан научнай литератураҕа элбэхтик суруллубут. Нууччалар кэлэллэрин саҕана сахаларга ойуун аптарытыата, салайар оруола үрдүк этэ. Ойууннар, Далан кинигэлэриттэн көрдөххө, аҕа баһылыктарга сүбэһит быһыытынан көмөлөһөллөрө. Олоҕу-дьаһаҕы тэрийиигэ, кыра иирсээннэри быһаарарга үтүө сүбэһит буолан, инники олоҕу сылыктыыллара, күнү-дьылы билгэлииллэрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн ардаҕы түһэрэллэрэ, уот барыытын тохтотоллоро. Ойууннар ортолоругар отоһуттар араас ыарыыттан эмтииллэрэ.
Ойууннар туһунан В.Н. Басилов (Шаманство // Свод этнографических понятий и терминов. Религиозные верования. М., 1993), С.А. Токарев (Ранние формы религии и их развитие. М., 1993) суруйбуттара улахан сэҥээриини ылаллар. Ити учуонайдар быһаарбыттарынан, сахалар, бүрээттэр итэҕэллэрэ уруулуулар. Бэрт өрдөөҥҥүтэ Сибиир норуоттарын Киин Азияҕа тарҕаммыт ойууннааһын прогрессивнай дьайыылара сахаларга хаалбытын туһунан В.Л. Серошевскай (Якуты. – СПб, 1896), Г.В. Ксенофонтов (Хрестес. Шаманизм и христианство. – Иркутск, 1929), Г.В. Ксенофонтов (Урааҥхай сахалар. – Иркутск, 1937), Г.А. Попов (Шаманство у якутов. Т. 7. – Якутск, 2009), О.В. Ионова (Из истории якутского народа. – Якутск, 1944), Г.У. Эргис (Очерки по якутскому фольклору. – Якутск, 2008), Н.А. Алексеев (Традиционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск, 2008), М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ (Үһүйээннэр уонна номохтор. – Дьокуускай, 2004), В.А. Кондаков (Ойуун эмтиир ньымалара. – Дьокуускай, 1998), В.А. Кондаков (Аар-Айыы итэҕэлэ. – Дьокуускай, 2011) үлэлэригэр суруйбуттар. Кэнники кэмҥэ саха төрүт итэҕэлин үөрэҕин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар: У.А. Винокурова (Биһиги сахалар. – Дьокуускай, 2003), Р.И. Бравина (Шаманы – избранники небес и духов. – Якутск, 2016), В.В. Васильев-Чомпуу (Үһүйээннэр, номохтор. —Үөһээ Бүлүү, 2004), Н.Д. Васильева (Якутское шаманство (1920–1930 гг.). – Якутск, 2004).
Бу учуонайдар саха ойууннарыгар сөптөөх сыанабылы биэрэллэрин бэлиэтиибит. Холобура, В.Л. Серошевскай ойууннары үс категорияҕа араарар:
а) кыралар: Серошевскай суруйарынан, бу сымыйа ойууннар. Кинилэр гипнозтара суох, сиэртибэ биэрбитэ буолан дьону албынныыллар, сымыйанан эмтээбитэ буолаллар;
в) орто ойууннар: бу категорияҕа киирээччилэр чахчы аптаахтар (гипнозтаахтар), ону сатаан туһаналлар, ыарыһахха көмө оҥоруохтарын сөп;
с) улуу ойууннар: кинилэр күүстэрин Улуу Аар Тойон бэйэтинэн араҥаччылыыр. Күүстээх эмэгэттээхтэр. Итинник күүстээх ойууннары Хараҥа күүстэр баһылыктара истэр уонна кинилэр көрдөһүүлэрин толорор. В. Серошевскай этэринэн, Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улуу ойуун баар буолуохтаах. Кини Бүлүү, Нам, Таатта уонна Бороҕон улуустарыгар олороллорун ыйбыт (В. Серошевский. Якуты. – СПб, 1896. – С. 606).
В. Серошевскай ити үлэтигэр Саха сирин улуу ойууннарын испииһэгин – «Реестр шаманов» киллэрбит. Реестргэ бааллар: Тоҕустан (оччолорго Лүүчүн Хоту Тоҕус дэнэрэ), Челодай (Дьолуодай), Даку (Туоҕа, Дуоҕа). Үһүйээҥҥэ Дуоҕа сааһыран иһэн ойууннаабыта дэнэрэ сурукка тиһиллэн киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Кини сиэнэ Дьолуодай ыраахтааҕыга илдьэ бараары бэлэмнээбит ойууннарыттан биирдэстэрэ. Кинилэри удьуордаан Лүүчүн сиригэр элбэх ойуун төрөөн-үөскээн аастаҕа.
Улуу учуонай Г.В. Ксенофонтов «ойууннары таҥараттан айыллыбыт дьонунан» сыаналаабыта. Итинник сыанабылы кини Алыһардаахха биэрбитэ. 1929 сыллаахха Гавриил Васильевич Булуҥҥа баран иһэн Ааналыын көрсөн кэпсэппитэ. Биллэн турар, уһун кэпсэтиигэ улуу учуонай бэйэтин үлэтин билиһиннэрбитэ. Эдьиий Аана быраһаайдаһарыгар киниэхэ ситиһиини баҕарбыт (Ойуку). Үгүс чинчийээччилэр этэллэринэн, ойууннарга уруурҕаһыы, удьуордааһын баарын билинэллэр. Холобур, Туоҕа Боотур уола Нэльчэкэ, киниттэн Дьолуодай төрүүр. Дьолуодай кыыһа Жирковтарга кийиит буолар. Аана хос сиэн эбит.
Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баара, олортон 97-тэ Бүлүү уокуругуттан. Оччолорго ити ойуун уопсай ахсаанын үс гыммыт биириттэн ордуга киһини сөхтөрөр. Ойууннар үгүстэрэ Лүүчүн нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр, холобур, Алыһардаах удаҕан, Тумус Мэхээлэ, Мөлөкө ойуун уо.д.а.
А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур
Туоҕа Боотур удьуордара
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр былыргы номохтор кэпсииллэринэн, Орто Бүлүү баһыйар үгүс түөлбэлэрин ытык өбүгэлэринэн Тыгын чугас аймаҕа Дуоҕа (Туоҕа) буолар. Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Кучантан чугас сытар Эбэ диэн ааттаах күөлгэ олохсуйбутун туһунан Н.Ф. Егоров суруйан ылбыт сэһэнигэр этиллэр. Дуоҕа аҕыс бииргэ төрөөбүттээҕэ эбитэ үһү. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, кини сэттэ бырааттарын ааттара – Дагдаҕар Баатыр, Лэбиэрийэ Бөҕө, Таас Уллуҥах, Ньиирээйик ойуун, Дуораан Уус, Ырыа Чоҥкунаан, Кырамай.
Олортон ордук Дагдаҕар Боотур уос номоҕор элбэхтик киирбит. Дуоҕаны кытта Хаҥаластан 40, сорох үһүйээннэргэ этиллэринэн, 80 киһи кэлсибит. Бу дьон бары даҕаны ырааҕынан-чугаһынан аймахтыы буолуохтаахтар диэн В.А. Кондаков сабаҕалааһына оруннаах быһыылаах. Биһиги санаабытыгар Туоҕа Боотурдаах Тыгыны кытта иирсэн баран куотан Бүлүү диэки кэлбит диэн сыыһа өйдөбүл баар.
ХVII үйэ cаҕаланыытыттан Саха сирин хаҥаластарын муҥур баһылыга Тыгын Дархан омук дойдуларын кытта сибээһи олохтуур соругу туруорбута. Омук дьонун кытта сыһыаны олохтуурга валюта наада. Сахаларга харчы оруолун киис толороро. Ити кэмҥэ киис мэнээгэ буолан булчуттар ыырдара кэҥээбитэ. Тыгын саамай эрэнэр киһитин, аймаҕын, киистээх Бүлүүгэ ыытарга быһаарбыта. Туоҕа Боотур дьонун кытта бастаан Лүүчүҥҥэ олохсуйаат, атын түбэлэринэн тэнийэн, олохтоохтору кытта уруу-хаан тардыһан киирэн бараллар. Ол курдук, хаҥаластар билиҥҥи Кэбээйи Мастааҕынан, Мукучутунан, Баҕадьатынан, Лүүчүнүнэн, Арыттааҕынан тарҕаммыттара, саҥа түөлбэлэр ытык өбүгэлэринэн буолбуттара. Таас Уллуҥах диэн быраатын Тааһаҕар сиригэр олохтуур. Ньиирээйик диэн ойууну Бороҕон «Харыйалаах» диэн ааттаах күөлүгэр олохсутар. Кэлин ити ойуун олорбут сиринэн «Ойуун күөлэ» диэн ааттаммыта. Бороҕон сээркээн сэһэнньитэ Уоһук Мальцев кэпсээбитинэн, Тымтыалыкы Боотуру Бастакы Тоҕус сиригэр «Тыымпы» диэн күөлгэ олохтообута. Дуоҕа аччыгый инитэ Кырамайтан Бүлүү Дьөккөнүгэр Хаҥалас аҕатын ууһа төрүттэммитин туһунан номохтору суруйан ылбыт уонна ылыннарыылаахтык ырыппыт киһинэн В.А. Кондаков буолар.
Бүлүү Мастааҕын олохтооҕо 63 саастаах А.Н. Батагаев 1948 с. суруйтарбыт «Туоҕа Боотур» диэн үһүйээнэ НАССФ архыыбыгар харалла сыппыта «Лүүчүннэр» (Дьокуускай, 2012. С. 392–396) кинигэҕэ бэчээттээммит. Андрей Николаевич суруйарынан, Туоҕа Боотур түөрт уоллаах эбит. Ол уолаттар түөрт Тоҕус нэһилиэгин төрүттээбиттэр. Улахан уолтан Бастакы, кини анна уолтан Иккис (Мастаахха Отоһут, Атамай аҕаларын уустара), ортоттон Үһүс (Тааһаҕар), кыра уолтан Төрдүс Тоҕус (Мастаахха Энэлгэн аҕатын ууһа) дьоно-сэргэтэ тэнийэллэр. Итини А.А. Саввин 1938 с. олунньу 25 күнүгэр суруйбут үһүйээнэ бигэргэтэр (Архив ЯНЦ. Оп. 33. Д. 44. Л. 18). Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, «Ньээкэҥниир диэн олохтоох киһи Тоҕус нэһилиэк төрдө буолта. Тоҕус уоллаах киһи, (олортон) икки уола – Тигилээн (Атамай төрдө), Байытар (Энэлгэн төрдө) тахсаннар дьону ууһаталлар».
Оттон Дьокуускайга 2005 с. тахсыбыт «Бастакы Тоҕус нэһилиэгэ» кинигэҕэ суруллубутунан, Ньээкэҥниир – Дагдаҕар Боотур хос сиэнэ. Аҕата тоҕус уоллаах Чуохаан – Мэлтэгэр Боотур улахан уола. Чуохаан тоҕус уолаттарыттан биирдэстэрэ Ньээкэҥниир олохсуйбут сирэ Бастакы Тоҕус диэн ааттаммыта архыып докумуоннарынан бигэргэнэр. Ньээкэҥниир, Оконнеев, 1782 с. биэрэпискэ киирбитинэн Конон (1737–1789 сс.), Мачес (1749–1781 сс.), Бобров (1751 с.т.) диэн уолаттардаах. Ньээкэҥниир Конон Оконнеев диэн уолуттан сиэнэ Маныыһыт Дьэрэмэйтэн (1765 с.т.) Орто Бүлүүгэ аатырбыт-сураҕырбыт Дьэрэмэй аҕатын ууһа төрүттэммитэ. Бу Еремеевтэртэн Орто Бүлүү улууһугар Яков, Петр, Андрей, Григорий, Афанасий кулубалаабыттара (Бастакы Тоҕус нэһилиэгэ. – Дьокуускай, 2005. С. 37).
Аны Сэһэн Дьэрэмэй аҕатыттан, Иван Осипович Еремеевтэн-Сэһэн Дооскоттон, истибит номох сэһэниттэн быһа тутан киллэрэбит. «Уол оҕо төрөөбүтүн тоҕус хонук туолуута саха урааҥхай сиэринэн аҕата Туоҕа Боотур алгыс алҕаабыт: «Бу оҕом аар-саар аналыгар айыллан үөскээтэ. Орто бараан дойдуга олох олорорго үрдүк айыылар анаабыттар. Онон хаппар хаппаһын хараана Хатан Хаппас диэн буоллун», – диэбитэ үһү. Хаан Хатан Хаппастан бастакынан Тойон Соҕоччо төрөөбүт. Бу улахан киһи тохсус оҕотунан уол оҕо төрөөбүт. Кыратыттан ыарыһахтыыр, ол гынан баран биир киһи үйэтин толору олорбут, олоҥхоһут улуута, алгысчыт аарымата, кэпсээннээх кэрэһитэ, сэһэннээх силигэ Сэһэн Ньэкээн (Ньээкэҥниир) төрөөбүтэ эбитэ үһү. Бу киһиттэн бастакы сүһүөх хоту Тоҕус эбэтэр Бастакы Лүүчүн дьоно-сэргэтэ үөскээбит». Сэһэн Дьэрэмэй бу номоҕу кимиэхэ ордук анаан суруйбутун чопчу бэлиэтээбит: «… номох сэһэммин хоту Тоҕустар, түөрт Лүүчүн дьоно-сэргэтэ, тоҕус туспа төрүттэрин туһунан иһиттиннэр, сэргээтиннэр…».
Билиҥҥи киһиэхэ Лүүчүн тоҕо хоту Тоҕус диэн ааттаммыта өйдөммөт соҕус. Былыр сахалар өрүс түһэр (алын) өттүн хотунан ааҕаллара. Оттон Лүүчүн сирэ-уота тоҕустартан Бүлүү өрүс сүнньүнэн аллара диэки сытарынан хоту Тоҕус дэннэҕэ. Былыр түөрт Тоҕуһу – түөрт Лүүчүн, Лүүчүнү – хоту Тоҕус дииллэрэ биһиэхэ кэрэхсэбиллээх. Оччотугар лүүчүннэр уонна тоҕустар аймахтыы буолан тахсаллар. Онон да буолуо, кинилэр тоҕустар сорох аҕа уустарыгар бас-көс дьонунан буоллахтара.
Дьэ, бу лүүчүннэри кытта бэрт былыргыттан алтыһан олорбут тоҕустар кимнээх этилэрий? Бастакы сабаҕалааһыны аҕалабыт. Саха саарына Багдарыын Сүлбэ 1998 с. Дьокуускай куоракка «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Үс…Сэттэ…Тоҕус…» диэн кэрэхсэбиллээх үлэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Тоҕустар тустарынан сиһилии ырытан суруйбут. Онно суруллубуттан биһиэхэ сыһыаннаах сорох түгэннэри киллэрэбит. «Г.У. Эргис «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» (М.–Л.: Изд. АН СССР, 1960) бастакы чааһыгар Андросов диэн фольклору хомуйааччы 1940 с. Мэҥэ Хаҥалас Маҥнайгы Мөҥүрүөнүн 65-тээх киһитэ П.Д. Марковтан суруйбут үһүйээнэ киирбит (С. 159). Онно ити сиргэ урут Таҕыс диэн омуктар олорбуттара үһү, олору Чэҥкэгэр Эҥин диэн киһи хоту кыйдаабыта үһү дэнэр. Ити этнонимы быһаарарыгар Г.У. Эргис, Таҕыс диэһин, бука эрэ, Тоҕус диэни аакайдаан саҥарыы буоллаҕа буолуо диэбит. Оттон аны Я.И. Линденау «Описание народов Сибири» диэн биллэр үлэтигэр Мэйик, Чочу, Үөдүгэй, Таҕыс уустара Нам буолаһыгар холбоммута («причислены») диэн суруйбутун киллэрбит. Онон Таҕыс – Тоҕус биис ууһа диэн биһиэхэ былыр үйэттэн ыла баар, уонна Мэҥэ сириттэн кыйданан баран, Нам сирин ааһан, Бүлүүгэ тиийэн, олох сирин булбут эбит быһыылаах», – диэн түмүккэ кэлбит Багдарыын Сүлбэ (С. 141). Оттон Мөҥүрүөн уруккута Илин Хаҥалас сирэ. 1860 с. диэки Хаҥалас улууһа арахсан Арҕаа уонна Илин Хаҥаластар буолбуттарын санаттахха, тоҕустар уонна лүүчүннэр биир хаҥаластар эбиттэр. Маны өссө 2007 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Саха биис уустара» кинигэттэн ситэрэн биэрэбит: «Тоҕус бииһэ диэн кэпсииллэринэн 9-с төгүл тоҕолоох тоҕой сэлэ олохтоох, Туоҕа-баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ буолар» (С. 100).
Дьикти буолла. Сахалар Бүлүү умнаһыгар бастаан кэлэн олохсуйууларын утаатын диэки кинилэри түөрт Лүүчүн дьоно уонна Туоҕа Боотур баһылыктаах киис соноругар кэлбит тоҕус (элбэх) биистэн хомуллубут Тоҕустар диэн ааттыыллар эбит. Кырдьык да, үһүйээннэртэн уонна докумуоннартан сэдиптээтэххэ, инники тиийэн олохсуйбут Туоҕа Боотур баһылыктаах хаҥаластарга киин сирдэртэн кэлэн холбоһон, кинилэри барыларын, хас да аҕа ууһа холбонон, биир Тоҕус аҕатын ууһа диэтэхтэрэ. Сахаларга аҕыс уонна тоҕус ахсаан элбэх диэн суолталааҕын Багдарыын Сүлбэ үөһэ ахтыллыбыт кинигэтигэр бэрт итэҕэтиилээхтик суруйан турар (С. 128–146). Онон тоҕус диэн чопчу ахсааны көрдөрбөт, элбэх диэн өйдөбүллээх буолуон сөп. Киис соноругар Саха сирин араас муннуктарыттан Лүүчүн сиригэр элбэх дьон кэлэн тоҕуорустахтара. Кинилэртэн сорохторо бу сиргэ хаалан олохсуйдахтара. Олор кэлин киис ахсаана лаппа аччаабытын кэннэ, аһаан-таҥнан олорор балыктара-бултара бүтэ быһыытыйбытыгар, сүөһү ииттэргэ табыгастаах сирдэринэн көһөн олохсуйдахтара. Оччотугар «тоҕус төрүттэрин биллиннэр», «9-с төгүл тоҕолоох тоҕус сэлэ олохтоох, Туоҕа баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ» диэн оруннаах соҕус.
Тоҕустар диэн ааттанааччылар нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Бүлүү умнаһыгар Туоҕа Боотурдаах кэннилэриттэн тиийэн олохсуйбуттар диэн сабаҕалыыбыт. Ол манныктан көстөр. 1639–40 сс. Тобол хаһааҕа Васька Фефилов табаарыстарын кытта суруйбут дьаһааҕы хомуйар кинигэлэригэр: «Тоҕус 52 ыалыттан дьаһаах хомуйдубут, барыта 161 кииһи», – диэбиттэр (Материалы по истории Якутии XVII века. – М.: Наука, 1970. С. 142–144). Икки баһылыктаахтарын бэлиэтээбиттэр. Испииһэк саҕаланыытыгар Арчикан диэн кинээстэн үс, онтон испииһэк бүтүүтүгэр Батур кинээстэн уонна кини икки уолуттан уон киис тириитин ылбыттарын суруйбуттар. Ону биһиги кинини Туоҕа Боотур сурулла сылдьар диэн сабаҕалыыбыт.
Историктар төһө киһи олорорун билээри гыннахтарына, дьон ахсаанын түөркэ төгүллүүллэр. Ол 200-тэн лаппа тахса киһи биирдэ көһөн кэлбэтэхтэрэ чуолкай. Төһө эмэ уһун кэмҥэ аҕыйахтыы киһилээх бөлөхтөр кэлэн инники кэлбит дьоҥҥо холбоһон истэхтэрэ. Ити син балачча кэми ылбыт буолуохтаах. Нууччалар кэлиилэригэр Орто Бүлүүгэ олорор аҕа уустарыттан тоҕустар ахсаан өттүнэн улаханнара. Ити кэмҥэ кыргыдайдартан 18, кырыкыйдартан 5, уоттулартан 6 киһиттэн дьаһаахтарын туппуттара биллэр (Долгих Б.О. Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII веке. – М.: Изд. АН СССР, 1960. С. 464–465). Аны туран ити докумуоҥҥа тоҕо эрэ Туоҕа дьоно ханна да ахтыллыбатах. Бука, кинилэр тоҕустарга киирэ сырыттахтара. Бу икки сабаҕалааһынтан хайата сөбө-сөтөгөйө буолла?
Иккис сабаҕалааһын арыый да ылыннарыылаах соҕус. Хаҥаластар саҥа сирдэргэ олохсуйалларыгар, биллэн турар, олохтоох уустары, биистэри кытта уруу-аймах сыһыаныгар киирэллэрэ. Ол эрээри, олохтоохтордуун булкуһан, симэлийэн хаалбакка, хата, төттөрүтүн кинилэри бэйэлэригэр тардан, сыһыаран, түөлбэ ахсын бас-көс дьон буолаллара. Дуоҕалаах, баҕар, саҥа сирдэри баһылыыр анал соруктаах кэлбиттэрэ буолаарай? Төһө даҕаны үһүйээннэргэ бу дьон Тыгыны кытта иирсэн баран, күрээн кэлбиттэрэ диэн кэпсээбиттэрин иһин, атын санааны этэр омнуоланыа суохтаах. Тоҕо диэтэххэ, Дуоҕалаах сүөһүлүүн-астыын, оҕолуун-дьахтардыын көһөн кэлбиттэр. Ким да кинилэри эккирэппэтэх, кэлин даҕаны ирдэһэ кэлбэтэх. Аны туран бу кэлии дьон саҥа сирдэригэр олохтоохтук оҥостон олохсуйаллар эбит, киһи-сүөһү төрдө буолаары. Онон бу хаҥаластар күрүөйэхтэргэ майгыннаабаттар. Хата кинилэр бу эргин хаҥаластар сабыдыалларын күүһүрдэргэ анаммыт курдуктар. Баҕар, оннук соруктаах көһөн кэлбиттэрэ буолаарай?
Сахалар Бүлүү диэки Дуоҕалаах быдан иннилэриттэн олохсуйбуттара үһүйээннэргэ ахтыллар. Сэһэн Дьэрэмэй «Тойон Түһүмэн алгыһынан» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2001) киирбит номохтор кэпсииллэринэн, аатырбыт Арыылаах алааһыгар Дуоҕалаах саха дьахтара кэргэннээх, бэйэтэ табалаах, сахалартан төрүттээх сир түннүгэ Оойочоону көрсөллөр. Оойочоон өрүс аллараа өттүгэр олорор Дьорохойдоох сахаларын күтүөттэрэ. Оойочоон Дуоҕалаахха Эҥсиэлиттэн Ырыган Ыллыга диэн сиринэн кэлбит сүүрбэттэн тахса саха баарын туһунан кэпсиир. Кинилэргэ Дуоҕа Оойочоонунан илдьит ыытар: «Кыстык туттарга көмөҕө кыһаллабыт», – диэн. Ол илдьити тутаат, Сэһэн Силик баһылыктаах Ырыган Ыллыгын сахалара Дуоҕа Кучаҥҥа кыстык тэринэр үлэтигэр бука бары кэлэн көмөлөспүттэр. Н.Ф. Егоров суруйбут номоҕунан, Дуоҕа Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылбытыгар, Баай Эбэҕэ олорор кыыс таайа эдэр ыалга сылгы-ынах сүөһү биэрбит. Онон сылгы-ынах сүөһүлээхтэр Лүүчүн эргин Дуоҕалаах иннилэриттэн бааллар эбит, арай, ахсааннара аҕыйаҕа буолуо. Биһиги эмиэ итинник түмүгү кытта сөбүлэһэбит.
Сэһэн Дьэрэмэй кэпсиир номохторугар Улахан Ампара баһылыктаах Хорой Табалар биистэрэ табалаах сахалартан төрүттээхтэр дэнэр. Лүүчүҥҥэ уонна кини тулатынааҕы сирдэргэ даҕаны табалаах сахалар тоҕо суох буоллахтарай? Бааллара буолуо. Дуоҕалаах тиийэллэригэр Лүүчүн кырылас тоҥус дойдута буолбатах курдук. Олохтоохтор, хаҥаластар кэлиэхтээхтэрин билбит, күүппүт курдук, күүс-көмө, көх-нэм буолан, үөрэ-көтө көрсүбүттэр диэххэ сөп. Үһүйээннэр, сыныйан аахтахха, Дуоҕалаах тиийиэхтээх түбэлэригэр тиийбиттэр, төрүттүөхтээх түөлбэлэрин төрүттээбиттэр диэн санааны үөскэтэллэр. Хаҥаластар бэйэлэрин дьиҥнээх соруктарын (сабыдыалларын күүһүрдэр, ил тэринэр соруктарын) кистээннэр, Дуоҕалаах иирсэн, күрээн бардылар диэн сэһэннэри тарҕаппыттара буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп. Оччотугар Дуоҕалаах да итинник номохтору бэйэлэрэ эмиэ тарҕаттахтара. Аналларын-соруктарын арыйаллара сатаммат буоллаҕа…
В.А. Кондаков суруйарынан, Дуоҕа Боотур кырдьарын саҕана Айыы ойуунун быһыытынан биллибит. Кини ойуун убайа эрдэ өлбүт. Дуоҕа урут Туймаадаҕа олорон Айыы ойууннара ыһыахха, сылгы, ынах, оҕо тардан кыыралларын үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт. Онон кини Дьөһөгөй Айыыттан сылгы, Айыы Мылахсын Хотунтан ынах сүөһү көрдөһөр сиэри-туому толорор буолбут. Барыта маҥан таҥастанан, төгүрүк дүҥүрдэнэн туран үөһээ Айыылартан быйаҥы түһэрэргэ, сүөһүнү тэнитэргэ көрдөһөрө эбитэ үһү. Ол көрдөһүүтүн айыылар ылынаннар сылгы сиэлэ, ынах түүтэ үөһэттэн хаар курдук түһэрэ диэн кэпсэлгэ хаалбыт дэһэллэр. Дуоҕа ойууннаан, өйүн-санаатын, абын-хомуһунун, тылын күүһүнэн үөһээ Айыылары кытта алтыһар кыахтааҕа диэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө сэһэн хаалбыт.
Дуоҕа дьиҥнээх аата Булгудах диэн сабаҕалыыр В.А. Кондаков. Багдарыын Сүлбэ «Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан» (Дьокуускай, 2003) «дуоҕа» диэн тыл «знамя» диэн өйдөбүллээх диэбит (С. 19). В.А. Кондаков «Айыым киһитэ, аах» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2001) Дуоҕаны Дыгын былааҕын (знамятын) тута сылдьыбыт буойун буолуохтаах диэн суруйбут. Үһүйээннэргэ Дуоҕаны Тыгын көмөлөһөөччүтэ, эрэллээх сэрииһитэ, чугас аймах-билэ киһитэ диэн кэпсэнэр.
Дуоҕа Бүлүү сиригэр-уотугар нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ кэлбит киһи диэн сабаҕалыыбыт. Олохтоох үһүйээннэргэ кэргэннээх, оҕолоох кэлбитэ диэн кэпсэммэт. Онон орто саастаах киһи кэлбит буолуон сөп. Кини аата нууччалар дьаһаах хомуйар кинигэлэригэр киирбит. «Материалы по истории Якутии XVII века» кинигэҕэ (М., 1970. С. 119) 1639–1640 сс. Туоҕаттан биэс киис тириитин ылбыттарын туһунан суруллубут. Онон Туоҕа Боотур дьиҥнээхтик олоро сылдьыбыта номохторунан эрэ буолбакка, архыып докумуонунан эмиэ бигэргэнэр.
Суруйбучча ситэри суруйан кэбиһэбит. Лүүчүннэр диэн кимнээх этилэрий? Эрдэтээҥҥи докумуоннарга кинилэр ахтыллыбыттарыгар таба тайамматыбыт. Кэлин, 1651 сыллаахтан, кинилэри «киисчиттэр» («собольники») дииллэр эбит. Оттон 1654 сылтан эрэ, дьэ, «лүүчүннэр» диэн туспа аҕа ууһун быһыытынан сурукка киллэрэр буолбуттар (Долгих, С. 464). Аны 1732–1733 сс. ыытыллыбыт биэрэпискэ кинилэр уонна кырыкыйдар аҕа ууһун быһыытынан киирбэтэхтэр. Оччотугар кинилэри тоҕустары кытта бииргэ суруйбуттар диэн сабаҕалыыбыт.
Лүүчүн дьоно хас да биистэн, омуктан силис-мутук тардыбыттар. Г.В. Ксенофонтов сабаҕалааһынынан, бу Маньчжурияттан төрүттээх тоҥустар сахатытыллыбыт ааттара. «Нюй-чжень» диэн маньчжур бииһэ, монголлартан XVII үйэ саҕаланыытыгар хотторуон иннинэ, Хотугу Кытайы илиитигэр ылан, дьаһайан олорбута. Бу омук тоҥустартан төрүттээхтэрин үөрэхтээхтэр быһаарбыттара ыраатта. Нюй-чжень уларыйбыт-тэлэрийбит көрүҥнэрэ манныктар: нюй-чжи-ниучи, лу-чжень. Ниучи – нуучча, лу-чжень-лууча-лүүчүн буолбут. Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларын» иккис кинигэтигэр «люю-чюн» – «нуу-чин» дэнэр бүлүүлэр эрдэтээҥҥи уустарын туһунан суруйбута (С. 186). Маньчжурияттан кэлбит тоҥус уустарыгар солоннар уонна лучиннар баалларын бигэргэппит (С. 187).
А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Ытык мас
Өрөөбүт уоспун өһүлэн,
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Аламаас курдук чаҕылыйбыт,
Көмүс курдук күлүмнээбит,
Оҕуруо курдук кэккэлээбит
Оҕолорбут барахсаттарга
Былыргы быдан дьылларга
Олорон ааспыт өбүгэлэрбит
Уостубат уран тыллаахтара,
Өркөн-төлөн өйдөөхтөрө,
Үһүйэн кээспит үһүйээннэрин
Үкчү буолаарай диэн
Үтүктэн эрэбин,
Кэс тыл буолаарай диэн
Кэпсээн эрэбин.
Кэбээйи оройуонун I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Эбэ диэн ааттаах оттонор сир баар. Бу толоон соҕуруу өттүнэн Буурдаах үрэҕэ уонна Саһыл үрэх диэн уруккута оттонор үрэхтэр холбоһоллор. Бу Эбэ толоонун ортотугар (Эбэ толоонун хайа да өттүттэн көстөр) Ытык мас диэн тиит баара. Бу тиит ортотунан тостубута, төбөтө Ньыла диэн күөл атаҕын уҥуоргу өттүгэр тахсан сытара. Төрдө үс киһи кууһан илиилэрэ тиийбэт суон тиитэ этэ, ол мас төрдүгэр оттуу сылдьан отуу туттан, хонор буоларбыт.
Ол хоно сытан, аҕам Слепцов Федот оҕонньор сахалар бу дойдуга кэлэн олохсуйан, киһи төрдө буолан, ууһаан-тэнийэн испиттэрин туһунан маннык үһүйээни кэпсиир буолара. Тойон Булгудах Тыгын Муос уолун өлөрбүтүн иһин өстүйэн, Өрдүйэһит диэн Тыгыны уйар соҕотох миинэр аттааҕын өлөрөн баран, онон сылтах булан иирсибит уонна сүүрбэ киһилээх Горнай оройуонугар Орто Бүлүү Дьөккөн нэһилиэгинэн Бүлүү өрүһүн булардыы сиһи быһан, олохсуйар сири көрдүү кэлэн испиттэр.
Ол курдук айаннаан I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Куба Сиэбит диэн сиргэ кэлбиттэр. Бу сир таһыгар Күүлэлээх, Суордаах, Бэрдьигэстээх диэн силлиһэ үрэхтээх күөллэргэ бултаан аһаан, сэттэ ураһа тоҥ омуктар олороллор үһү. Бу дьоҥҥо Тойон Булгудах биир киһини илдьит ыыппыт. Бу киһи тоҥ омуктарга илдьити эппит: «Биһиги тойоммут Тойон Булгудах бу күөл уҥуоругар кэлэн олорон илдьиттиир, Тыгын мастаах сиргэ батарбакка куотан иһэбит, үтүөнү үтүөнэн төлүөхпүт, үтүө дьоммут, күүс-көмө буоллуннар, дьонурҕаһа кэллибит, сынньанан ааһыахпытын көҥүллээтиннэр диэтэ. Туох дииргитин биллэрэр үһүгүт».
Онуоха биир хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас оҕонньор этэр: «Тойоҥҥор эт, ол улуу дойду оҕото, оттооҕор сымнаатын, сыалыһар быара буолан сылаанньыйдын, кэлэн тыл үтүөтүн кэпсэтэн, аспыт амтаннааҕын аһаан бардын, үтүөттэн туораабат дьоммут. Оттон күүс өттүнэн күрэстэһэр буоллаҕына, күөнү кытта күрсэн үөскээбит, хааны кытта харсан хатаммыт биллибит дьоммут. Онон, бука диэн куһаҕан эркиннээхтик сылдьыбатын, иккиэммитигэр эмсэҕэлээх буолуо».
Тойон Булгудах илдьити истэн баран, дьонугар: «Бэрт ыллыктаах тыллаах, киһиэхэ доҕор буолуох дьон эбиттэр, киирэн билсиэҕиҥ», – диэн дьаһайбыт. Ох саатын кирсин сүөрэн баран, соһон киирбит, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор мас хоруудаларга кумах барчаны балык хоргунугар булкуйан кутан аҕалтар, ахсааннарынан хатыҥ хамыйахтары уурбуттар уонна ыалдьыттарын: «Кэлиҥ, олоруҥ, өллө хабыҥ», – диэн ыҥырбыттар. Тойон Булгудах дьонун кэриччи көрөн баран, хамыйаҕы туора уурбут уонна икки ытыһынан баһан аһаан барбыт, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор өйдүүллэригэр, кэлбит дьон хамыйаҕынан баһан аһаабыттара буоллар, сэриилэһэр санаалаах кутталлаах дьон, илиилэринэн баһан аһыыллара, сыаны туппут илиилэринэн ох саа кирсин тардар кыахтара суох, онон куттала суох үчүгэй дьон кэлбиттэр. Кыргыс саҕанааҕы кыһалҕалаах олох абыычайдара оннук үһү.
Дьэ, олохтоохтор үөрүү бөҕөнү үөрэн тойонноругар эппиттэр. Олохтоохтор тойонноро Куордьаан Хоһуун сарыы ураһаттан тахсан, Тойон Булгудаҕы кытта куустуһан уураспыттар, кэккэлэһэ олорон, тыл үтүөтүн кэпсэппиттэр. Өлөр-хаалар күҥҥэ өйөһөр үчүгэй дьон кэлбит диэн үөрүү бөҕө буолбут. Кэлбит дьону туос ураһа тардан хоннорбуттар.
Сарсыарда туран көрбүттэрэ: күөл ортотугар икки куба түһэн аһыы сылдьаллар эбит. Куордьаан Хоһуун этэр: «Нохоо, Муостай Бэргэн, ити кубалартан, ыалдьыттарбытын аһатыахпытын, атыырын өлөрөн таһаар эрэ». Биир быччайбыт харахтаах кыра киһи, кураахтаах саатын туппутунан сүүрэн кэлэн, саатыгар малтаахай оҕу ууран, иэмэх курдук тарда-тарда ыйытар: «Тугар ытабын?». Куордьаан Хоһуун: «Бэйэтигэр ыттаххына ас ордоруоҥ суоҕа, төбөтүгэр ыт». Муостай Бэргэн саатын иэмэх курдук төгүрүччү тардан ыһыктан кэбиспитэ, лыаба тыаһа хабылла түспүт, икки кубаттан биирэ көтөн тахсан эргийэ сылдьыбыт, биирэ сытан хаалбыт. Муостай Бэргэн дүлүҥ тыынан кубаны киирэн таһаарбыт, көрбүттэрэ: ох кубаны икки хараҕын илдьи көтөн ааспыт. Тойон Булгудах Муостай Бэргэни «үчүгэй ытааччы эбиккин» диэн хайҕаабыт, кубаларын таһааран буһаран сиэбиттэр. Уҥуоҕун чаҕылах тиити хайа охсон, онно кыбытан баран, үс күөл тумуһаҕар баар өтөҕү Куба Сиэбит диэн ааттаабыттар.
Кэлбит дьон сынньанан өрөөбүттэр, ол өрөөбүт күннэригэр далла мэндэйэн, хары хапсан, быа былдьаһан уонна илии-атах оонньуутун оонньообуттар. Муостай Бэргэн, өтөҕү төгүрүйэ сүүрэн иһэн, тоҕус оҕунан ытан субурутан баран, төттөрү түһүүтүгэр сиргэ түһэрбэккэ хабан, хомуйан ылбыт. Тойон Булгудах дьонугар ону кыайар киһи суох буолбут, кини киһитэ Көтөр Көччөх ачаахтаах тиити ачааҕын иһинэн төттөрү-таары ойуолаабыт, ону наһаа дьулайа көрбүттэр.
Ол курдук оонньоон-сынньанан баран, Тойон Булгудах этэр: «Биһиги олоҕура кэллибит, үтүө дьоннорум, көмөлөһүҥ, саха киһитэ олоруон сөптөөх сылгы-ынах үөскүүр сирэ баара буолаарай, ыйан кулуҥ», – диэн көрдөһөр. Онуоха хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас баара этэр: «Дьэ, бэрт, атын сиртэн кэлэн атаҕастыыр күннэригэр көмүскэһэ олоруохпут, оҕолорбут да уруурҕаһар буолуохтара. Өйдөөн, истэ олоруҥ, мантан тус илин бардахха, биир күн айаннаан тиийэр сиргэ илими үтэн баран, этэрбэһи кэтэ олордоххо тардыалаһан барар соболоох, хотугулуу-соҕуруу ньолбуһах улахан күөл баар. Ону Кучары диэн ааттаабыппыт, ол күөлтэн от үрэх тахсан холбоһор, өрүскэ түһэр бэрт түргэн сүүрүктээх Баппаҕаайы үрэҕи кыйа сытар от үрэх баар. Ол от үрэҕи маҥан табаны миинэн туораатахха бороҥ өҥнөнөр, бэрт нүөл оттоох киһи-сүөһү олохсуйуох сирэ баара», – диэн ыйбыт.
Барар аһылыктарын, сүүрүҥүйдүү буһарыллыбыт таба этин сул туоска хоторон, төгүрүччү олорон аһыыллар, оҕонньор кэпсиир: «Тус илин бардахха, үс хонон тиийэр сиргэ элбэх киһилээх-сүөһүлээх, тэҥнээҕин була илик Тэкилик Сүргэй диэн бэрт кутталлаах киһи олорор. Онтон бэркэ сэрэнэр буолаарыҥ. Күн ортотун туһунан бардахха Баайдаах диэн күөлү тула дьон олороро, чугаһынан икки атахтаах баарын билбэппин. Оттон бу Бүлүү эбэ хотун төбө өттүгэр саамайдар, дьирикинэйдэр бааллара, хоргус дьон этилэр. Бүлүүгэ хотуттан киирэр үрэххэ Маҥан Мэкчэ баар, оттон бэттэх Түҥ өрүһүн төбөтүгэр Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар суоллара сүтэн турар. Олор сүгүн олорпокко маннааҕы омуктары сордорун сордообуттара, арааһа, ыарыы кыайда быһыылаах. Мас бараныытыгар майаат омуктар бааллар. Эһиги батан кэлбит Танара диэн үрэххит төбө өттүгэр биһигини кырган үүрбүт Торгуу Дохсун аҕатын ууһа баар буолуохтаах», – диэн кэпсии олорбут. Тойон Булгудах, эбэтэр Туоҕа Боотур этэр: «Дьэ, кырдьаҕас, эн кэпсээбиккин сороҕун истэр этим, Торгуу Дохсун аҕатын ууһа хара ыарыыга эстэн турар, Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар улуу өрүһү батыһа баран бараннар сүппүттэрэ диэни истэбин».
Итигирдик кэпсэтэн, аһаан, бараары турдахтарына, оҕонньор мэҥкэрэ түгэҕиттэн биир чупчурҕан оҕу ылан Туоҕа Боотурга биэрэр: «Бу этитиилээх ох этэ, биһиги өстөөхпүт өлбүт, онон эдэр киһи, эн илдьэ сырыт». Суор тумсун курдук тумустаах оҕу ылан кэһэҕэр уган баран, Туоҕа Боотур оҕонньорго биилээх тимир төбөлөөх сэлэмэ кустук оҕу биэрэр. Оҕонньор ону ылан, тутан туран: «Дьэ, оҕолорум, бэйэҕит икки ардыгытыгар иирсэр эрэ буолаайаҕыт, көмүскэһэ, көрсүһэ олорор буолаарыҥ. Ити мин ыйбыт сирим хоту өттүгэр ортотугар арыылаах суол уҥуоргу өттүгэр мин быраатым кэргэнэ, кыыһа олороллор, бырааппын Торгуу Дохсун өлөрбүтэ. Сөбүлээтэххинэ, ол кыыһы кэргэн ылаар», – диэн ыйар. Уолугар Муостай Бэргэҥҥэ бу дьону сирдээн, олохторун булларан биэрэригэр соруйар.
Куордьаан Хоһуун сирдээн, Эбэ толоонун арҕаа өттүнэн киирэн кэлбиттэр, аттарын ыытан баран, бэйэлэрэ көрө турбуттар. Эбэ толоонун ортотугар соруйан оҥорбут курдук сүрдээх улахан мас көстөр. Харахтара ыларын тухары хойуу от үүнэн, араас үчүгэй сытынан сабыта биэрэн, долгулдьуйа хамсыыр.
Алыһардаах диэн көлүччэ күөл, уута көстүбэт үөр кус болуот курдук уста сылдьара, урут ким куттаабыта кэлиэй, киһиттэн олох кыһамматтар. Көтөр Көччөх, хас да буолан, күөлү эргийэ баран көрөн кэлбиттэр. Күөл үрэххэ түһэр сиэннээх эбит диэн, талахха хайыыларыттан тиһэн алыһары уонна биир сара көҕөнү илиилэринэн тутан аҕалбыттар. Ону ылан Туоҕа Боотур көхсүн түүтүн үргээн көрбүтэ халыҥ баҕайы тастаах, быһаҕынан быһан көрбүтэ: «Нүөл оттоох-мастаах, үтүөкэннээх дойду эбит. Атын киһи суох буоллаҕына, ол көстөр улахан мас төрдүгэр тиийэн тохтоон, сирин кэрийэн көрүөхпүт», – диэн дьаһайар. Аттарын тутан бараары туран: «Нохоо, Көтөр Көччөх, ити аартыкка турар маска ыттан, төгүрүйэ көр эрэ», – диир Тойон Булгудах. Көтөр Көччөх аартыкка турар тиит ачааҕар ыттан олорон, төгүрүйэ көрбүт: «Оо, бэрт үтүө дойду эбит, соҕуруу өттүнэн икки от үрэх киирэн бара турда, илин өттүнэн сүрдээх күүстээх сүүрүктээх өрүс курдук үрэх кэлэн ааһар, харах ыларын тухары таба, тайах үөрэ киирэн аһыы сылдьаллара көстөр. Киһи баар быһыыта биллибэт, күөх торҕону тарпыт курдук тыа көстөр, өрүс ыраах быһыылаах, көстүбэт…»
Аты иҥэһэ тэбэринэн күөх оту кэстэрэн, толоон ортотугар соҕотоҕун үүнэн турар халлаан диэки харбаспыт, буор оһох курдук суон, сүрдээх улахан сүдү маска тиийбитигэр көрбүттэрэ: арааһынай симэҕи, таҥас кырадаһынын, ох арааһын, ат иҥэһэтин, үүнүн ууран аан дойду иччитигэр бэлэх биэрэр мастара эбит. Ол маска кэлэн аттарын баайталаан, ыҥыырдарын устан, ырдыыларын түһэрэн, Туоҕа Боотур: «Оҕолоор, уотта оттуҥ, кэлиэхпит диэбит сирбитигэр кэллибит»,–диэн дьаһайбыт уонна куйаҕын устан, баараҕай мас төргүү мутугар тахсан, Куордьаан Хоһууну кытта киирбит аартыктарын таһыгар турар ачаахтаах тииккэ куорсуннаах элиэ кутуруга оҕунан дьуолка оҕустахпыт диэн иккиэн ыппыттар. Ол охторо икки салаалаах тииккэ кэккэлэһэ быһаҕастарыгар диэри батары түһэн туралларын кырдьаҕастар көрөллөрө үһү. Ол киэһэ кэлтэгэй отуу туттан хоммуттар, ойууннарын кыырдаран алгыс алҕаппыттар. Ойууннара салама баайбыт ытык мас төрдүгэр уот отуннаран, сиэллээх хамыйаҕынан буор көһүйэҕэ ууллубут арыыны баһан, уокка кута-кута алгыс алҕаабыт:
Аан дойду иччитэ
Аан Алахчын хотун,
От-мас иччилэрэ,
Ойуу-дьарҕаа уолаттаргын
Уҥа өттүгэр сэтиилэнэн,
Дьарҕаа-бичик кыргыттаргын
Хаҥас өттүгэр ханыыланан,
Үөрэн-көтөн мичилийэн
Истэн туруоххун
Төһө-хачча буолуоҕай,
Хаалдьыктаах бэйэбит
Хаҥкыйан туран,
Сүһүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн туран,
Көрдөһөн эрэбит.
Эн бэйэлээҕи
Аат ааттаан,
Айах тутан,
Аҕам ынах
Ахтаах арыытынан
Аһатан эрэбит.
Сиэл баайан,
Дэбдиргэ ыйаан,
Бэлэх-туһах биэрэн эрэбит.
Үөрүнньэҥҥинэн үс дойдуга
Үгүстүк сураҕырбытыҥ –
Үөрэн көрүөххүн
Төһө-хачча буолуой?
Иэримэ дьиэни иччилээри,
Алтан сэргэни анньаары,
Тойон сэргэни туруораары,
Дойду оҥостоору
Тулаайахтарыҥ кэллибит,
Туохтар кэллилэр диэн
Туората көрөр буолаайаҕын,
Дьоллоох хонноххор хорҕотон,
Бүтэй бүккэр бүктэрэн,
Түүлээх түһэххэр төкүнүтэн
Иэримэ дьиэни иччилэтэн,
Иитэр сүөһүнү күрүөлэтэн,
Улууһу ууһатан,
Кэнчээрини кэҥэтэн,
Түүлээх төлкөбүтүн
Төрүттээн көр диэн
Үҥэн-сүктэн эрэбит,
– диэн сиэллээх хамыйаҕынан түөрэх кээспитэ олоро түспүтэ, бары үөрэн: «Уруй! Уруй!»–диэн ыһыытаспыттара, онтон салгыы ойууннара кыыран: «Иэйэхсит уонна Ынахсыт быһаҕастарыгар диэри быган, иһэгэйи ыһыахтыы турар бэрт дьоллоох дойду эбит», – диэн көрүүлэммит.
Сарсыҥҥы күнүгэр туран сүбэлэспиттэр, бу дойдуга олоҕуруоҕуҥ диэн, онон Туоҕа Боотур, Куордьаан Хоһуун, Дагдаҕар Боотур, Лэбиэрийэ Бөҕө буолан, били оҕонньор ыйбыт кыыһын көрө барбыттар.
Оҕонньор ыйбытын курдук, сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан, ортотугар арыылаах бэрт улахан күөлү эргийэн, уҥуоргу өттүгэр буор холомо баарыгар кэлэн аттарын баайан баран, холомону көрбүттэрэ киһи суох эбит. Холомо холумтаныгар буор көһүйэҕэ собо буһан турар, тардыы алтан солуурга чэй оргуппуттар. Холомо хаҥас өттүгэр кыллаах туос ыаҕайа, далбар чабычах, саар ыаҕас, эҥин эгэлгэ тириилээх мэһэмээннэр кэккэлээн тураллар, остуолларыгар удьурҕай чороон оҥоһуллан эрэрэ баар, мас кытахха кумах барча кутуллан турар, мас мөөчүктэр араас таҥалай дьэрэкээн ойууларын оҥоһуута үчүгэйин көрөн туран, бу ким оҥороро буолуой диэн сөҕөн, Куордьаан Хоһуунтан ыйыппыттар, ону: «Мин балтым Үрүмэччи, эмээхсин кыыһа манна олорор, биһиги таайбыт сылгы-ынах сүөһүлээх, мантан чугас Баай эбэҕэ олорор, ол оҥорторор, – диэн кэпсиир.
Ол турдахтарына, таһырдьа сылдьар Лэбиэрийэ Бөҕө: «Иһэллэр!» – диэн биллэрэр. Куордьаан Хоһуун Тойон Булгудаҕы кытта эмээхсиннээх кыыска утары барбыттар. Сибэккинэн тэлгэммит тыа саҕатынан сарт тымтайдарга собо сүгэн иһэр эмээхсиннээх кыыска тиийэн кэпсэппиттэр. Такымынан охсуллар баттаҕын икки аҥыы өрүнэн намылыппыт, сарыы ырбаахылаах, тахсан эрэр күн саһарҕатын курдук тэтэркэй иэдэстээх олус үчүгэй кыыс кыбыстыбыт быһыынан өгүрүк-төгүрүк көрөн, сарыы тирэҥсэтинэн оту тарыйа турбут. Убайа Куордьаан Хоһуун балтыгар тиийэн: «Абаҕаҥ кырдьаҕас, бу Тойон Булгудахха кэргэн буоллун диэн илдьиттиир», – диэт, кыыһы сиэтэн аҕалбыт. Тойон Булгудах: «Сүрэхпинэн сөбүлээн, харахпынан хайҕаан турабын», – диэн кыыһы илиититтэн сиэтэн холомо таһыгар аҕалбыт. Атын үгүс тыл, кэпсэтии суох буолбут, уруулуу дьон быһыытынан кыыстаах эмээхсин туох баар астарын тардан аһаппыттар. Аһаан баран, кыыстаах эмээхсини икки хонон баран, көһөрөн ылыах буолан кэпсэтэн, улахан наадаларын толорбут дьон быһыытынан, ааһа турбуттар.
Тойон Булгудах, бу дойдуга кэлэн ааттаммыт аата Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Кучан диэн күөл билиитигэр дьиэ туттан, кыыс Баай эбэҕэ олорор таайыттан сылгы-ынах сүөһү ылан, байан-тайан, киһи-сүөһү төрдө буолан олорбуттара үһү.
Кинилэртэн биир уол оҕо төрөөбүт, ол оҕо хараҕар күөх мэҥнээҕэ үһү, ол иһин Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэн диэн ааттаабыттар. Уоллара улаатан, аҕатынааҕар ордук сырыылаах киһи буолбут. Күҥҥэ түөрт уон көһүнэн эргийэн бултаан кэлэрэ үһү. Өлүөнэ эбэни өрө-таҥнары сыыйар, Сиэгэҥҥэ, Сиинэҕэ, Өлөөҥҥө тиийэн, ыйы ыйынан баран бултаан кэлэр, аҕалаах ийэтигэр истибэтэхтэрин иһитиннэрэр, көрбөтөх бултарын аҕалар киһи буолбут.
Сүүрбэ сааһын ааһыар диэри кэргэннэммэтэх. Аҕалаах ийэтэ кэтэһэ сатаан баран, биир киэһэ аҕата уокка иттэ олорон, уола баттах баҕанаҕа өйөнөн, аттыгар турдаҕына, эппит: «Хаһан кэргэннэнэн көрдөрөҕүн? Биһиги да кэтэһэ сатаатыбыт, ити сылдьан биир эмэ кыыһы көрбөккүн дуо?» Уола турбахтаан баран: «Мин сөбүлүүрбүн эһиги сөбүлүөххүт суоҕа», – диэбит. Аҕата кыыһыран мөхпүт: «Биһиэхэ хаһан аҕалан сирдэрдиҥ-таллардыҥ, утуй», – диэн буолбут.
Сарсыарда оҕонньор эрдэ туран эт буһартарбыт уонна уолун уһугуннарбыт. Уола аһыыр кэмигэр, суол аанынааҕы орон сыҥаһатыгар батыйатын тутан олорон, оҕонньор маннык диэбит: «Киһитэ суох кэлээйэҕин, үчүгэйдик тэринэн, аһаан бар». Уол саҥата суох тэринэн, таҥнан тахсаары турдаҕына, оҕонньор хаһан кэлэрин ыйыппытыгар: «Үчүгэйдик сырыттахпына түөрт хонуом», – диэт, уол тахсан барбыт. Үс хонон баран, төрдүс сарсыардатыгар оҕонньор туран ат баһа көхөҕө ыйанан турар аланаатын, нипчикатын, толору охтоох кэһэҕин, кураахтаах саатын ылан көрөттөөбүт уонна саҥата суох куобах истээх түнэ сонун түһэҕэр уурунан, уотугар аргынньахтаан олорон: «Куһаҕан да түүлү түһээтим, эмээхсиэн, – диэн кэпсии олорбут. – Оҕом хаҥас илиитигэр удьурҕай уктаах хара түөстээх быһыччаны тутан, быһаҕаһыттан үөһээ өттө хаан буолан кэлэн турарын көрдүм. Тугу-тугу түһээбитим буолла?» – өр саҥата суох соҥуоран олорбуттар.
Киэһэ уоллара улахан баҕайы хааһаҕы сүгэн киирэн кэлбит. Хааһаҕын арыйан, аргыый аҕай сиргэ түһэрбит. Кураахтаах саатын, кэһэҕин, батыйатын, балык хатырыга алтан куйаҕын устан, уот кытыытыгар кэлэн турбут. Аҕата: «Хайа, киһиҥ? – диэбит. «Аҕаллым, бэлэмнээххит дуо?» – диэн баран, түнэ хааһах тиһилигин сүөрэн, истэртэн дьикти эриэккэс, көрөртөн олус үчүгэй кыыһы сиэтэн таһаарбыт. Дьоно үөрэн, оҕонньор түүлүн умнан кэбиспиттэр. Дьэ, кийииттэрин (аата Инньээнчэ диэн) былыттаахха быктарбакка, күннээххэ көрдөрбөккө үс сыл олус үчүгэйдик олорбуттар. Оҕо төрөөбөтөх. Инньээнчэ булчута, үлэһитэ сүрдээх буолан, дьоно наһаа сөбүлээбиттэр.
Бииргэ олорбуттара төрдүс сылыгар сир тоҥон, кыра кыраһа түһэр буолуута, биир сарсыарда туран, Туоҕа Боотур уолун таһырдьа ыҥыран таһаарбыт уонна ыйыппыт:
– Дьэ, тукаам, бөөлүүн түһээтэхпинэ, ох сааларын кураахтарыттан тутан, дьиэбитин дьоннор эргийэ хаама сылдьаллар. Бастаан кыыскын аҕаларгар эмиэ бэрт куһаҕан түүлү түһээбитим. Күн-дьыл былдьаһар буоллубут, ити киһигин хайдах ылан кэлбиккин кистээбэккэ кэпсээ, – диэбит. Уола эппит:
– Субу мантан тус соҕуруу, күн ортотун туһунан бардахха, улуу Эбэ бэтэрээ өттүгэр, уу долгунун курдук кэрдиистэнэн үөһэ тахсар, күөх тумарык түһэн турар сирэ баар. Ол сир саамай оройугар олорор сэттэ бырааттыы тоҥ омуктартан улахан уол кэргэнин, бултуу бартарын кэннэ киирэн, уоран аҕалбытым.
Аҕата эппит:
– Ол дьонуҥ эккирэтэн кэлэр буолтар. Онон тус-туспа олоруохха, биһигини өлөрдөхтөрүнэ, эһиги ордуоххут, эһигини өлөрдөхтөрүнэ, биһиги хаалыахпыт, – диэн оҕонньор бүтэһиктээх быһаарыыны эппит уонна оҕолорун туспа олорпут.
Кучан күөлүгэр баар «Туоҕа өтөҕүттэн» аҕыс биэрэстэ холобурдаах Инньээн диэн улахан күөл баар, ол ортотунааҕы тумуһаҕар Мэтэгэр Бэс диэн муҥха тахсарын бэлиэтиир улахан бэстэрэ баарын таһыгар буор холомо оҥостон, уоллаах кыыс олорбуттар. Бу күөлү хойукка диэри кыыс аатынан Инньээнчэ дииллэрэ (билигин Инньээн диэн ааттыыллар). Кыыс халлаан сырдыыта ынах ыаһан, уол туутун көрөн, туһаҕын кэрийэн күн ойуута кэлэр эбиттэр.
Сир тоҥор, хаар түһэ-түһэ ууллар буолуута, биир сарсыарда уол да, кыыс да кэлбэтэхтэр. Кэтэһэ сатаан баран, Туоҕа Боотур оҕонньор баран көрбүтэ, уолун куорсуннаах оҕунан курдаттыы ытан кэбиспиттэрэ, тиити кууспутунан туран эрэ өлбүт, кыыс суох, ылан барбыттар. Уолларын аҕалан, ытаһан баран көмпүттэр. Туспа дууһалаахтар быстыахтара дуо, олороохтообуттар.
Уоллаах кыыс буор сыбахтаах холомо тутан, сыбах оһоҕунан ититэн олорбуттар эбит. Инньээнчэлээх биирдэ утуйа сыттахтарына, түүн ортотун диэки, күһүҥҥү хараҥаҕа бэрт сөҥ саҥалаах киһи хаһыытаабыт, уоллаах кыыс соһуйан уһуктубуттар. Уол хотохоонун сулбу тардан ылан, таһырдьа ыстаммыт, дапсы тыаһа табырҕаабыт, икки киһи көтөн түһэн, кыыһы сарыы суорҕанынан саба быраҕан, хамсаабат гына чороччу эрийэн, хааһах иһигэр уган сүкпүттэр. Кыыс бу урукку кэргэнэ илдьэ иһэрин кэпсэтэр саҥаларыттан билбит. Иккис Дьааҥы диэн ааттаммыт улахан Сиинэ оройугар олорор дьон (билигин Горнай оройуонун сирэ) түөрт уон көстөөх сиргэ сүгэн илдьиэхтэрэ дуо, кыыһы Дэбэки бэһин бэтэрээ өттүгэр түһэрбиттэр, хааһаҕын тиһилигин сүөрэн, сиэтэн аҕалан уот иннигэр тобуктаппыттар. Эрэ Дьабдьыл хотохоонун тирээн: «Аны куотуом суоҕа диэн аал уоккар андаҕай, саманна ортоҕунан быһан, төбөҕүнэн хайытан көмөн барыахпыт!» – диэн хаайа турбут.
Кыыс уот иннигэр тобуктаан, сэттэ хотохоонунан (батыйанан) тирэнэн, киэҥ көхсө кыараан, оччотооҕу уодаһыннаах хараҥа олох оонньуура буолан, күн-хаан тирээн, икки хараҕын уута чөмчүүк таастыы таммалаан: «Мин сөбүлээбиппэр эһиги аҕаллыгыт дуо, күүһүнэн хааһахха уган, сүгэн барбыта, эһиги ситэн көмүскээбэтэххит», – дии олорбут.
Аччыгый уол Сокор, саҥаһын аһыннаҕа буолуо, убайдарын хотохооннорун киэр тарыйбыт уонна саҥаһын сиэтэн илдьэн аһаппыт. Ити кэнниттэн туох да саҥата суох ортолоругар уктан илдьэ барбыттар. Улахан уол Дьабдьыл кэргэнин аҕалан, сүтүктэрин булбут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн уруккуларын курдук олорбуттар. Бу дьон Улахан Сиинэ үрдүгэр сүүһүттэн тахсыбыт кыыс абаҕатын кытта куруук бииргэ ураһаларын туруоран олорбуттар. Кыыс хабдьыга туһахтыыр, куобахха айалыыр уонна сэттэ киһи таҥаһын оҥорор, аһын бэлэмниир. Аччыктыыр, бултуйбат диэни үйэлэригэр билбэттэр. Тоҥ омуктар (биистэр) өбүгэ саҕаттан кэспэт биир алдьархайдаах абыычайдаахтар: кэргэннэрэ атын омуктан оҕолонноҕуна, төһө да аһыйбыттарын иһин, ити оҕону өлөрөн кэбиһэллэр. Хараҥа үйэ абыычайа да хараҥа этэ.
Хонуктар ааһан истэхтэрин аайы Инньээнчэ ити амырыын абыычай кыһалҕатыгар түбэһиэхтээҕин сэрэйбитэ. Урукку кэргэнэ Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэнтэн ыарахан буолбутун билиммитэ. Саха оҕото төрөөтөҕүнэ, дьонноро син биир өлөрүөхтэрэ, куотан да диэн төһөнү ыраатыай, биир көһү ыыппакка ситиэхтэрэ турдаҕа. Онон Инньээнчэ санаарҕаан быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыта, ыран-дьүдьэйэн барбыта.
Биирдэ абаҕатыгар эт таһаара тахсыбытыгар, оҕонньор сандалытын уот иннигэр аҕалан, чоҥку охсон, оҕотун чэйдэппит уонна ыйыппыт: «Туох дьоҥҥо бара сырыттыҥ, тоҕо ыраҕын-дьүдьэйэҕин, кэпсии олор», – диэбит. Инньээнчэ: «Сылгы-ынах сүөһүлээх улуу Хоро тойонун Тыгын сиэнигэр, самантан тус хоту күн тахсыытын туһунан, улуу Эбэ бэтэрээ саҕатыгар баран, олус үчүгэйдик олордохпуна, кэргэммин өлөрөн баран илдьэ кэллилэр, киниттэн ыарахан буолбуппун»,–диэн абаҕатыгар ыар-баттык буолбут санаатын кэпсии олорбут. Тирээн кэлбит кыһалҕаны хайдах да халбарытар кыахтара суох, иккиэн ытаспыттар. Кыыс тахсаары олордоҕуна, оҕонньор манныгы эппит:
– Дьэ, тукаам, күрээтэххинэ эрэ тыыннаах ордоҕун, икки хос сарыы сонно тигин, ол иһигэр итиигэ ирбэт, тымныыга тоҥмот сыата сирийэн өйүөтэ бэлэмнэн. Онтон атынын кэнники сүбэлэһиэхпит.
Оҕотун сыллаан, санаатын көтөҕөн атаарбыт. Кыыс курупааскыга ииппит туһахтарын, куобахха ииппит икки ойдоох ырбалаах мас айатын, тайахха тарпыт сулус ырбалаах мас айатын көрөр, итинэн санаатын аралдьытар, абаҕата күрүөҥ диэбититтэн улаханнык дьулайа саныыр. Киһи санаата тиийбэт ыраах сиригэр хайдах тиийиэй? Сэттэ эр бэрдэ кини эрэйдээҕи үрүҥ хаар үрдүгэр суоллаан, ыраатыннарбакка ситиэхтэрэ, оттон саха оҕотун төрөттөҕүнэ, үгүһү толкуйдуу барбакка, өлөрүөхтээхтэрэ турар. Ити кыһалҕатыттан кини күрээн көрөргө быһаарынар. Абаҕам тугу эмэ толкуйдуо диэн эрэнэ саныыр.
Күннэр ааһан иһэллэр, кыыс ол аайы ыараан, бытааран иһэрин билинэр, дьыл сааскытыйан, хаар кытаатан, киһи туутунан эрэ сылдьар, сатыы киһи мас да устата барбат бириэмэтэ буолбут.
Биирдэ аһаан тэллэҕэр хастаран аһатар табаларын бөрө ыспыт, дьоно бөрөлөрү сойуолуу, табаларын көрө бараары олордохторуна: «Бүгүн улахан буурҕа буолар, оҕолор, барымаҥ», – диэн оҕонньордоро киирэн эппит.
Сарсыарда үчүгэй баҕайы чуумпу күн буолла, Дьабдьыл тэһийбэтэ, тура-олоро сатаата уонна эттэ: «Оҕолор, ити кырдьаҕас түөһэйбит, бу бэйэлээх ыраас күҥҥэ туох буурҕата түһэр үһүө? Барыаҕыҥ», – диэн тэринэн барбыттар.
Кыыс үлэтин бүтэрэн абаҕатыгар тахсыбыт, эмиэ сандалытын уот иннигэр аҕалан, оҕотун чэйдэппит уонна маннык сүбэлии, кэпсии олорбут:
– Дьэ, тукаам, бу түүн күрээтэххинэ сатанар, кинилэр да буоллар киэһэ сылайан, нэһиилэ кэлиэхтэрэ. Олус сылайаннар, кэлээт, охтон утуйуохтара, кытаанахтык утуйбуттарын кэннэ, сэттиэннэрин кэтэр хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалар гына быһыта суруйан кэбиһээр, бүрүөтүн төттөрү сыһыардаххына, бу тымныы халлааҥҥа түргэнник сыста тоҥуо, оччоҕо билиэхтэрэ суоҕа. Субу мантан күн тахсыытын туһунан бардаххына, аҕыс күөлү ааһан, тохсус уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөлгэ тиийиэҕиҥ, ол күөл бэтэрээ өттүгэр халлаан сырдаатаҕына көрдөххүнэ, дуур булгунньаҕы умса уурбут курдук, тибиргэлээх буолуо, ону саамай кытаанах хомураҕын булан, хастан киирэн сытаар. Буурҕа суолгун тибиэҕэ, буурҕа астыар диэри онно сытыахтааххын. Дьэ, тукаам, куһаҕан түүлү түһээбэтэҕим, киһи төрдө буолаар, – диэн оҕонньор оҕотун сыллаан, алҕаан атаарбыт.
Күн киэһэриитэ эмискэ тоҥ маһы тоһутар, ураһаны көтүтүөх курдук алдьархайдаах буурҕа түспүт. Ыкса киэһэ маамыктанан курдаһан, дьоно ыран-быстан, дьиэлэрин нэһиилэ булбуттар. Кэлээт, наһаа сылайан, туох түбэһиэх охтон, утуйан хаалбыттар. Кыыс өйүөтүн суулаан, таҥаһын таҥнан, ураһатын аанын тутан туран, бырастыылаһан кэриччи көрбүт. Икки хараҕын уутун үтүлүгүн таһынан хаһыйа соттон тахсан барбыт, дьонун хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалыар диэри быһаҕынан быһыта суруйан баран, уунан ибиирэн бүрүөтүн хат сыһыарбыт уонна күн тахсыытын туһаайан, будулуйа турар буурҕаны ортотунан киирэн барбыт.
Аҕыс күөлү ааһан, тохсус күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиитигэр, халлаан суһуктуйа сырдаан барбыт. Өйдөөн көрбүтэ, уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөл эбит. Абаҕам бу күөлү эттэҕэ диэн хайыһарын устан, кытаанах хомураҕы хастан киирэн сыппыт. Өр-өтөр буолбатах, дьоно төттөрү-таары үрдүнэн кэлэн ааһыталаабыттар, хаһыытаан ыҥырбыттар. Инньээнчэ олус сылайан, кэнникинэн утуйан хаалбыт.
Уһуктубута буурҕа астыбыт, хайыһарын кэтэн, күн тахсыытын диэки туһунан баран испит. Дьоно кыыс хастан сыппыт сириттэн үс күөлү ааһааттарын кытта бастакы хайыһардара тостубут. Күрүөйэх кыыс итиннэ үс хайыһар тостубутун көрбүт да, дьоно иннилэрин хоту бара турбуттар. Ону көрөн, соҕуруу өттүлэринэн ырааҕынан тумнан баран испит. Түүн сыгынах хоонньугар хататынан саҕан, уот оттунан нуктаан ылар. Ол курдук айаннаан, ахсыс хонугар дьонун дьиэтин кэннигэр Эбэ хапчылыгар хайыһарын устубут. Дьиэҕэ киириэн тойонуттан толлон, кыбыылаах от иһигэр киирэн, хотунун күүтэн сыппыт. Үрүмэччи эмээхсин сүөһүтүн киллэрээри тахсыбытыгар, кийиитэ утары туран кэлбитигэр, бастаан соһуйбут, онтон билэн, сыллаан ахтылҕанын таһааран баран, киллэрэн хотон түгэҕэр олордон аһаппыт.
Оҕонньоруттан дьулайан, ол киэһэ тугу да эппэтэх. Сарсыарда аһыы олорон эмээхсин оҕонньоругар:
– Мин бэрт муода түүлү түһээтим, түһээтэхпинэ оҕобут доҕоро Инньээнчэ кэлбит. Арай кэлэрэ буоллар, оҕонньор, хайдах буолуо этэй? – диэбит.
Оҕонньор олорбохтоон баран:
– Мин бөөлүүн түһээтэхпинэ, киһи киирэн, кийиитиҥ эн уолгуттан уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар ынах, сылгы түүтэ тутуурдаах бэрт толору дьоллоох уол оҕону төрөттө диэн кэпсии турдаҕына уһуктан хааллым. Ол биһиги оҕобутун туох ааттаах сураҕын иһитиннэриэ баарай? – диэн сөҥөн олорбут.
Итиннэ эрэ эмээхсин Инньээнчэ күрээн кэлбитин кэпсээбит. Оҕонньор саҥата суох истэн олорон баран эппит:
– Оҕом сөпкө кэлбит, хайыһардарын быһыта суруйбут буоллаҕына, саҥа хайыһар оҥостон бу хаар үрдүгэр кэлэр кыахтара суох. Хаар ууллуута үрэх уҥуор көһүөхпүт. Онно бэрт үтүө сирдэр бааллар, эккирэтэн кээлтэрин да иһин, абыычайдарын кэһэн, үрэҕи туоруохтара суоҕа. Оҕоҕор эт, уруккутун курдук киирэ сырыттын. Биһиги уолбут оҕото буоллаҕына, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар сылгы, ынах түүтэ тутуурдаах уол оҕо буолуо. Атын омук оҕото буоллаҕына биһигиттэн хоргуппатын, ону билэ-билэ киирдин, – диэбит.
Инньээнчэ уруккутун курдук киирэн олорбут. Хонуктар ааһан испиттэр. Эмээхсин сылгы, ынах түүтүн этэрбэһин иһигэр уктан хаһаанар идэлэммит. Кэм-хонук кэлэн, кыыс төрөөрү талыыламмытын, сарыы быыс тардан, эмээхсин ыарыылаабыт. Өр буолбатах, эмээхсин уол оҕо төрөөбүтүн бэлэмнээн турар хара саһылыгар суулуу тутан, ортотунан иҥиннэрэн баайа турдаҕына, оҕонньор быыс таһыгар кэлэн: «Оҕону таһааран көрдөр эрэ!» – диэн баргыйбыт. Икки илиитин мукуччу туттан, тымныырҕатан ытаан бахсыйа сылдьар оҕону эмээхсин таһаарбытын, оҕонньор оҕо илиитин көрбүтэ, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар түү тутуурдаах эбит, ону көрөн оҕонньор унуоҕа хамсыар диэри үөрбүт:
– Ол иһин оҕобут билэн кэлбит, кырдьык биһиги уолбут оҕото эбит, тыын оннугар тыыннаммыт, дууһа оннугар дууһа кэлбит. Тура төрүөбүт Турун диэн киһи буолаар, – дии-дии көтөҕөн ылбыт.
Бу оҕо сахалары уонна олохтоох тоҥ омуктары иккиэннэрин иллэһиннэрбит, кини үйэтигэр кыргыс буолбатах. Тура Төрүөбүт Турун Ньидьили күөлү сөбүлээн, онно олоҕурбута эбитэ үһү.
Н. Егоров
Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 302–311.
Туоҕа Боотур
Былыр биир уоллаах оҕонньордоох эмээхсин олорторо үһү. Бэйэлэрэ баай дьон, уоллара улаатан ойох ылбыт. Оччотооҕуга баай ыалга баай тоҥустар атас киирэллэрэ эбитэ үһү. Биир саас бу ыалга биир тоҥус атас киирбит. Нөҥүө дьылыгар улахан тоҥот буолбутугар, саас хойутуу эмиэ киирбит.
Били тоҥус, түүн хоно сытан, дьиэлээх уолу утуйа сыттаҕына уоран өлөрөн кэбиспит. Ол түүн кийииттэрин уоран дойдутугар күрүүр. Бэрт өр айаннаан тоҥус дойдутугар тиийбиттэр. Ураһаҕа хараҕа суох оҕонньору кытта эмээхсин эрэ баар эбит.
Ол сайыны сайылаабыттар. Кыһын ааһан, саас буолан барбыт, ол тухары эр киһи куруук булка сылдьар. Бэйэтэ аһары сытыы-хотуу, булчут киһи. Кийиит куруук санааргыыр, аһы кыайан аһаабат, иинэн-хатан иһэр. Саас тоҥот буолуута уол тоҥоттуу барбыт. Уола суоҕар оҕонньор кийиититтэн ыйытар: «Тоҕойуом, тоҕо куруук санааргыыгын? Туоххар сатаммаккын дуу, дойдугун ахтаҕын дуу, биитэр киһигин сөбүлээбэккин дуу?» Онуоха кыыс: «Дьэ, тойонум оҕонньор, кырдьык мин дойдубун ахтарым бэрт, киһибин да сөбүлээбэппин. Өлүөхпүн баҕарбытым иһин, сатаан өлбөппүн, моҥнон өлө сатаан көрдүм да өлбөтүм, ууга-уокка түһэн өлүөхпүн Айыы тойон накаастыа диэн куттанабын, онон эһиги биитэр киһи, биитэр кии гыныҥ», – диир. Онуоха оҕонньор, толкуйдаан баран, кийиитин аһынан сүбэлиир: «Чэ, тоҕойуом, оччоҕо бу курдук гын: сарыы сонуҥ иһинэн үс хос гына кыыл таба таһын сирин, ол үчүгэй өйүө буолар сүгэн да, соһон да сылдьардааҕар. Мин биир ыйдаах тоҥот буолар сататын түһэрэбин, онуоха диэри дойдугун булуоҥ. Хата, ол ону киһиҥ кэлэн эккирэтиэ, оччоҕо ити икки ыттааҕын билэҕин, олоро ситиэхтэрэ, ону ситтэхтэрин аайы туктуу-туктуу симиммит эккиттэн ойо тардан ылан быраҕан биэрэ ис. Үстэ ситэн баран төнүннэхтэринэ, салгыы уонна батыһыахтара суоҕа, биһиги булчут ыттарбыт оннук ыйаахтаахтар».
Кийииттэрин оҕонньор эппитин курдук тэрийэннэр, ыытан кэбиһэллэр. Барарыгар оҕонньор: «Дойдуҥ сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан баар, ону көрбүтүнэн сырайыҥ хоту баран иһээр. Уолум кэлэн миигин өлөрөрө буолуо, барбыта өр буолла диэн көрүөм», – дии хаалар.
Үс түүннээх күн айаннаабытын кэннэ, икки ыт ситэн кэлтэригэр, сонун сириэһиниттэн быһа тардан ылан быраҕан биэрэр. Ыттар билэннэр төннөн хаалаллар. Онтон улахан тумуһах бэтэрээ уонна уҥуоргу өттүгэр икки төгүл, субу сиэх курдук, ситэн кэлтэригэр ас биэртин аһаан баран, төннөн хаалтар. Били оҕонньор эппитин курдук онтон ордук эргиллибэтэхтэр.
Ый кэриҥэ айаннаан, ириэрии буолуута дойдутугар тиийэр. Олорор сиригэр кэлэн баран, дьонуттан куттанан хотоҥҥо киирэр. Хотоҥҥо сылдьааччылар урукку хотуннара кэлтин билэннэр, дьиэттэн кистээн ас таһан аһаталлар. Бу сытан дьахтар сотору төрүүр кэмэ кэлбит. Хотоҥҥо төрүөн сүрэ бэрт, Айыыһытым да салыйыа дии саныыр, онон ыксаан хотунун ыҥыртарар. Эмээхсин кийиитэ кэлтин билэн олус үөрэр, ол гынан баран оҕонньор сүрдээх кырыктаах эбит, онон хайдах да гыныахтарын булбаттар. Кийииттэрэ «айыылааҕын, өлөрдөҕүнэ өлөрдүн» диэн дьиэҕэ киллэртэрэр. Кийииттэрин киллэрэн хаҥас диэки сытыарбыттар, оҕонньор кырдьан халтаһата саба түһэн хаалан көрбөтөх. Күнүскү ынах ыамын саҕана дьахтар төрөөрү ыалдьыбыт, ыалдьаары ыалдьан наһаа бэрииһэйбит, үөһээ саҥата үөһэ, аллараа саҥата аллара буолбут. Уот иннигэр киирэн утуктуу олорор оҕонньор соһуйан: «Хайа, эмээхсиэн, бу туох-туох буолла? Биһиэхэ итинник буолуох киһи суох этэ дии, биир баар буолуоҕа сатамматаҕа», – диэбит. Эмээхсин туран оҕонньорун моойдоон туран көрдөспүт: «Дьэ, оҕонньор, ити, били оҕобут доҕоро куотан кэлбитин баччааҥҥа диэри саһыара сырыттыбыт. Хайдах гыныаҥый, эһиги оҕоҕутуттан оҕом диир, оҕобут дэлэ да таптыыр буолбатах этэ. Тохтоо, күн буол, ый буол!» Оҕонньор намыраан олорон баран эппит: «Дьэ, баҕар, ол биһиги оҕобутуттан оҕото буоллаҕына, уҥа хонноҕун анныгар үрүҥ иһэҕэй кыбыныылаах буолуо, оччоҕо миэхэ туттараарыҥ, иккиэннэрин бэйэм дьаһайыам», – диэн баран, үрдүгэр ыйанан турар батыйатын ылан олорунан кэбиспит. Дьахтар уолламмыт. Эмээхсин, оҥорбута да биллибэт, кырдьыга да биллибэт, оҕонньорго үрүҥ иһэҕэйи көрдөрбүт уонна өссө үрүҥ бүрүөлээх диэн кэпсээбит. Кырдьык да үрүҥ бүрүөлээх төрөөбүтэ үһү. Оннук оҕо дьоллоох киһи буолар дэнэрэ. Оҕонньор ону истэн, айыыһыттаан иитэргэ эппит.
Уол сэттэтигэр тиийбитин кэннэ оҕонньор аат биэрэн «Тыын толуга Тыгын» буоллун диэбит. Ол дьыл биир биэттэн кэтэҕин уолаҕаһыттан кутуругун төрдүгэр диэри сиэллээх кулун төрүөбүт. Бу кулун ой буолан улаатан да баран балтараа көстөөх күөлгэ киирэн өрдүйэлээн сиирэ (өрдүйэ диэн күөлгэ үүнэр от), ол иһин Өрдүйэһит диэн аат биэртэр.
Тыгын бэйэтэ Сайсарыга олорбут. Хойут улаатан баран ыал да, ыраах да улуустарга сэриинэн тахсан кырган, сүөһүлэрин үүрэн киирэрэ үһү. Онон чугаһынааҕы дьонуттан даан тардан ылара, ол иһин саха баһылыгынан ааттаабыттара. Киниттэн хас да уол төрүөбүтэ. Улахан уолун аата Чааллаайы, ортото Үс күрүө Харах Мөкөчө, үсүһэ Такыбыл диэн уонна да элбэхтэрэ үһү, Муос уол, Таас Уол диэннэр. Хойут кырдьан олордоҕуна өрүһүнэн икки нуучча кэлэн, үлэ көрдөһөн үлэлээбиттэр. Ону эмээхсинэ куһаҕан дьон быһыылаах, үүрүөххэ диэбитин, оҕонньор быһа кыланан кэбиспит. Үс сыл сылдьан баран, биир сарсыарда суох буолан хаалтар. Өр буолбатах, аалынан устан 200-чэ нуучча кэлбит. Били кэлбит дьон биир оҕус тириититтэн тэлиллибит быа хабар сирин Тыгынтан көрдөөбүттэр. Эмээхсин эмиэ сөбүлээбэтэх: «Куһаҕан дьон быһыылаах, били биһиэхэ сылдьыбыт дьон ити дьоҥҥо бааллар курдук үһү… Биэриэ суохха», – диэбит. Оҕонньор «таах хаалар сири дьонтон көҥөннөххө Айыы тойон да уордайыа» диэн биэрэн кэбиһэр. Нууччалар, оҕус тириитин ооҕуй ситимин курдук тэлэн баран, Сайсары сыһыытын үчүгэйин түһэрэн ылбыттар. Ылбыт сирдэригэр кириэппэс туттан баран сэриилээн барбыттар.
Били Тыгын Өрдүйэһит диэн ата ааттаах күрүөһүт ат эбит. Нам улууһун тыатыгар Туоҕа Боотур диэн киһи олорбута үһү (бадаҕа аҕа ууһун баһылыга). Өрдүйэһит онно баран күрүөһүлээн сии сылдьан маска түһэн өлбүт. Ону Туоҕа Боотур дьоно Тыгыҥҥа киирэн тыллыыллар. Тыгын туран атын түөрт миэстэтигэр (атаҕар) биирдиитигэр 20-лии сылгыны, онон барыта 80 сылгыны төлөтөр. Сааһыгар тиийэн тастаах моонньугар 20 сылгыны ылар. Эһиилигэр куймаҥныырыгар уонна чолоҥнууругар (кутуруктаах баһыгар) 20 сылгыны ылыах буолар. Онон барыта биир аты 120 сылгынан төлөтөр. Туоҕа Боотурдаах биирдии миҥэ аты кытта үөр атыырдарын эрэ баайан хаалаллар.
Хойут Туоҕа Боотуртан түөрт уол төрөөбүт. Ол түөрт уол Тоҕус диэн нэһилиэктэри төрүттээбиттэрэ үһү. Кинилэр ыччаттара билигин: улахан уол гиэнэ I Тоҕус (билигин Орто Бүлүү Тоҕус нэһилиэгэ дэнэр); орто уол гиэнэ II Тоҕус (Мастаах Отоһут уонна Атамай аҕатын ууһа «Молотов» колхоз); орто анна уол ыччаттара III Тоҕус (билигин Тааһаҕар нэһилиэгэ дэнэр) уонна аччыгый уол ыччаттара IV Тоҕус диэн (билигин да IV Тоҕус дэнэр, Мастаах) үөскээбиттэр. Оттон Кучан күөл куруук киһилээх-сүөһүлээх буолар, билигин колхоз бөһүөлэгэ. Арыылаах-Муоһааны билигин алаас, түөрт колхоз оттуур, хоруллубута сыл буолла.
А.Н. Батагаев
Луоҕа Боотур – биһиги төрүппүт
Былыр, мин оҕо эрдэхпинэ, Аһахтааччыттан Кучаҥҥа үрэҕи туораабакка быһа сылдьар этибит. Бу Хапчыл Эбэтигэр былыр тоҥус биистэрэ олорбуттара үһү. Сайын үгэннээн турдаҕына маҥан буур табаларынан толоону туораан таҕыстахтарына маҥан таба от күөҕэ өҥнөнөн хаалара үһү. Оннук нүөл сүмэһиннээх оттооҕо дииллэр.
Туймаадаҕа нууччалар кэлэллэрин саҕана Тыгын тойон биир хоһуун сэрииһитэ Луоҕа Боотур аймахтарын уонна сэриигэ илдьэ сылдьар бөҕөстөрүн илдьэ кэлэн, маннааҕы тоҥустары кыайан, Бүлүү өрүһүн уҥуор үүрэн баран, олохсуйбута үһү. Ол Луоҕа Боотур олохсуйбут сирэ Эбэ ортотугар турар үрдүк булгунньах буолар. Кини бу булгунньаҕы өстөөх киирэн иһэрин ыраахтан көрөргө табыгастаах диэн талан олохсуйбута дииллэр.
Кинилэр булгунньахха олорон кураахтаах ох сааларынан сыал ыта оонньууллара үһү. Ити булгунньахтан ыппыт охторо икки биэрэстэлээх сиргэ турар баай тиити ортотунан холобурдаах хайа көтөн тахсан баран, кыбыллан турарын мин ийэм уонна кини саастыылаахтара көрөрбүт диэн кэпсииллэрэ. Кэлин ити тиит нөҥүө-маҥаа икки өттүнэн дьабата эрэ ордон турарын, иккис кылааска үөрэнээри ийэбин кытта баран иһэн мин эмиэ көрбүтүм.
Эбэҕэ Луоҕа Боотур төһө өр олорбутун, тугунан дьарыктаммытын туһунан кэпсээни мин истибэтэҕим. Ол эрээри Эбэ көрдүгэн күөллэрин тула элбэх өтөх, былыргы араҥастаах киһи уҥуохтара баалларын аттаран толкуйдаатахха, ити Луоҕа Боотуру кытта кэлсибит сахалар I уонна II Лүүчүннэр төрүттэрэ буолбатахтара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэҕин.
С.П. Егоров
Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 327–331.
Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков ыччаттара
«Колониальная политика Московского государства в Якутии XVII в. Сборник архивных документов» (Л.,1936) кинигэ 216-с лииһигэр 1685 сыллаахха Михаил Жирков диэн хаһаах, Лүүчүн буолаһын киһитэ, Курчега Селбуков ойоҕун Нелчаканы уон сүөһүгэ атыылаһан ылбытын туһунан суруллубут. Кини 1687 сыллаахха Дьокуускайга бойобуода М.О. Кровковка суруйбут суругар өссө дьахтар сүрэхтэниэн баҕарар диэбит («И ныне та женка крестится волею»). Дьахтар эрэ да, уруулара да үҥсүө суох буоллулар диэн эбии суруйбут.
Аны туран, Р.К. Маак 1854 сыллаахха Бүлүү умнаһынан айаннаан сылдьыбытын түмүгүнэн «Вилюйский округ Якутской области» кинигэ оҥорон таһаарбыта. Ити уһулуччулаах натуралист, айанньыт биһиги нэһилиэкпит сорох сирдэринэн сылдьан ааспытын туһунан бэлиэтээһиннэриттэн биир түгэни Багдарыын Сүлбэ «Жирков аҕатын ууһун төрдө буолуо дуо?» диэн суруйуутугар таһаартарбыта («Киин куорат». 07.02.2003). Онтон быһа тутан ааҕыаҕыҥ.
«Р.К. Маак Орто Бүлүү улууһугар Түөк күөл кытыытыгар турар дьахтар араҥаһын көрбүт, чинчийбит, ойуулаабыт. Олохтоохтор, быһа холуйан, 150-ча сыллааҕыта араҥаска ууруллубут дьахтар диэбиттэр. Ол аата 1700 сыллааҕыта эргин.
Сорох дьон дьахтар аата Ураҕас диэн эбит үһү, бадаҕа, диэбиттэр («некоторые предполагалм»).
Дьахтар тоҥхойо кырдьыар диэри олорбут («до глубокой старости»), Лүүчүн ууһун (нэһилиэгин) төрдө буолбут. Сүрэхтэммэтэх уонна оҕото барыта нуучча хаһааҕыттан диэбиттэр («всех своих детей прижила с русским казаком»).
Төбөтүн уҥуоҕа, уҥуоҕа барыта туох да буолбатах. Таҥаһа баай, атын да тэрээһинэ, киэргэлэ-симэҕэ элбэх. Ханна эрэ ыраах айаҥҥа барар киһи курдук. Хас да этэрбэс, икки дэйбиир, чороон … бааллар.
Түөк – I Лүүчүн сирэ. Билигин да итинник ааттанар. Дьахтар 1700 сыл эргин өлбүт курдук. Оттон били Нелчаканы Михаил Жирков 1687 сыллаахха ылан турар. Нелчака да, Ураҕас да, арааһа, биир киһи быһыылаах дии санаатым. XIX үйэ ортотун сахалара ол 150-ча сыллааҕыта диэбиттэрин хайаан да чахчы оччо буолуо диэххэ сатаммат. Быһа барыллааһын буоллаҕа.
Михаил Жирков байбыт, кыаҕырбыт диэҕиҥ. Дьахтары силигин ситэрэн «атаарбыттара» ону бигэтик туоһулуур.
Жирков ыччаттара турбуттар, кыаҕырбыттар, бас-көс дьон буолбуттар. Ону история сурукка киирбит докумуоннара бигэргэтэллэр. Жирков (Хараҕа Суох – М.Г.) аҕатын ууһа үөскээбит.
1776 сыллаахха Бүлүү умнаһын ходуһаларын түҥэппит биэдэмэскэ Лүүчүн буолаһыгар «князцу Николаю Жиркову Жолодоеву – Тек, Тек бэрэтя, Дохсума бэрэтя» ходуһалар анаммыттар.
Түөгү билэбит. Ураҕас Түөк кытыытыгар араҥаска ууруллубутун сити көрдүбүт. Итинтэн даҕаны Түөк Жирковтар өбүгэ саҕаттан олохсуйбут сирдэрэ, биһиктэрин ыйаабыт дойдулара эбит диэн санааҕа кэлэбит.
Николай Жирков «князец» буолбут. Буолас баһылыга уонна төрүт сирин, Түөгү тутан олорор.
Жирковтар сыыйа сахатыйбыттар. Биир киһи ханна ыраатыай, симэлийэр буоллаҕа. «Николаю Жиркову Жолодоеву». Итини «Дьолуодай уола Николай Жирковка» диэн ааҕабыт.
Дьолуодай. Бу–Лүүчүннэр тарбахха баттанар, аакка-суолга киирбит улуу киһилэрэ.
В.Л. Серошевскай Саха сирин үрдүнэн биир кэмҥэ түөрт эрэ улуу ойуун олорон ааһыахтаах үһү диэн суруйбут. Онтон биирдэрэ Бүлүү улууһугар.
1724 сыл тохсунньу 21 күнүгэр ыраахтааҕы ыйааҕа тахсыбыт. Петербурга ойууннары ыытыҥ диэн. В.Л. Серошевскай сити суруйуутугар «реестр шаманов» баар. Онно Тоҕус аҕатын ууһуттан «Челодай» киирбит.
Саха сиринээҕи Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын Президенэ В.А. Кондаков «Айыым дьонугар. Ыстатыйалар, интервьюлар, сэҥээриилэр» кинигэтигэр (Дьокуускай, 1997) ити Дьолуодай баар. Лүүчүн ойууна диэн.
В.А. Кондаков, эмиэ В.Л. Серошевскай суруйуутун курдук, Дьолуодайы Санкт-Петербурга ыытаары оҥосто сылдыбыттарын ахтыбыт (С. 88–89).
Ити 1720 сыллар бүтүүлэрэ эргин.
Туһугар эмиэ да дьикти буолла. Бу улуу ойуун уола «Николай Жирков Жолодоев» нэһилиэгэр кинээс эбит.
1938 сыллаахха фольклорист А. Саввин Бүлүү, Тоҕус нэһилиэгин 79 саастаах киһитэ У.Уо. Дьэримиэйэптэн «Дуоҕа Боотур» үһүйээни суруйбут. Онно кэпсэнэринэн, «Дьолуодай диэн ааттаах ойуун уонна маамыктаах бастакы кинээс».
Үһүйээн итинник кэпсиир. Дьолуодай – бастакы кинээс. Уола эмиэ – кинээс.
У.Уо. Дьэримиэйэп кэпсээбит үһүйээнигэр Дьолуодай түөрт уоллаах, биир кыыстаах дэнэр. «Уолаттар ааттара: Бэриттимэй, Соҕору, Угаарыскай, Аталаас. Кыыһа – Лыглыйа удаҕан. Биир көс сиргэ үс ат солбуллар дьахтара – маннык улахан, маннык этиргэн дьахтар».
1776 сыллааҕы биэрэпискэ үс уол суруллубут: «Николай Жирков Жолодоев, Атлас Жолодоев, Аиган Жолодоев».
Дьолуо+дай: -дай сыһыарыы көстө сылдьар. Кинини биһиги билэбит диэхпитин сөп. Топонимикаҕа да, антропонимикаҕа да дэлэй төрүөттээх. Анал үөрэхтээхтэр монголтан киирии дииллэр.
Дьолуо. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка икки суолталаах диэбиттэр.
Туох эмэ күүһэ-дьорҕоото, кыайыыта-соргута.
Туох да иҥнигэһэ суох килэгир, киллэм, ыраас.
Бу быһаарыы кыра итэҕэстээх. Ону Э.К. Пекарскайынан ситэртэриэҕиҥ. Тылы кини үс суолталаан быһаарбыт. Бастакыта – «счастье, удача …»
Аҕалбыт холобурдартан биирдэстэрэ: «Моймор Дьолуо – эпитет духа огня».
Тыл үөрэхтээҕэ Е.С. Сидоров дьолуону монгол төрүттээх диэбит: «Жолия – за тело свое, за самого себя». Ити тылы ханыылыы туппут. Сөп. Өссө бүрээттэр «дьол» диэн суолталаах «зол» диэн тылларын эмиэ ханыылыы тутуохха сөп дии санаатым.
Нуучча хаһааҕа Михаил Жирков этэ. Онтон тыла бэйэтэ да, сыһыарыыта да монгол төрүттээх ааттаах Дьолуодай буолла.
Аны Р.К. Маак Лүүчүн төрдө аатырбыт Ураҕаһы «покойница была обращена головой на запад» диэбит. Ити – түүрдэр үгэстэрин тутуһуу. «Тенденция ориентировать покойников на запад, лицом к восходу. Солнечная ориентировка».
Онон? Бу кыра нэһилиэк, Лүүчүн дьонун тымырдарыгар кырата үс улуу омук хаана тыгар эбит».
Дьолуодай туһунан Николай Афанасьевич Лаврентьев эһэтэ Григорий Николаевич Николаев кэпсээнин маннык өйдөөн хаалбыт: «Дьолуодай кырдьан, хараҕа суох буолан олордоҕуна, ыһыахтарга сылдьыбыт дьон киниэхэ анаан кэлэн кэпсииллэр эбит: ыһыаҕы ким, хайдах аспытын, алҕаабытын, ыһыах хайдах барбытын. Ытык кырдьаҕас ол кэпсээннэри олус болҕойон истэрэ үһү, ордук улахан ыһыахтар тустарынан». Онон Дьолуодай сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар кэмигэр улахан да ыһыахтарга кыттара, баҕар, аһара, алгыыра эбитэ буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.
Биһиги дьолбутугар архыыпка Лүүчүн буолаһын 1782 сыллааҕы биэрэпиһэ (ревизская сказка) баар (НА РС(Я). Ф. 349-и, Оп. 1. Д. 6003). Биэрэпискэ бастакынан Жолодой Дакин кинээс (якутский князец) диэн суруллубут. 1767 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ сааһа – 83, 1774 сыллаахха өлбүт. Оччотугар 1684 сыллаахха төрөөбүт диэн тахсан кэлэр да, 1767 сыллааҕы биэрэпис (кэнники да ыытыллыбыт биэрэпистэр) хойутаан ыытыллыбыт буолуохтаах, маны таһынан сааһы да эбии баарын учуоттаатахха, кини 1685–86 с.с. диэки төрөөбүт буолуон сөп. Үһүйээҥҥэ Дьолуодай түөрт уоллаах диэн буолар. Кырдьык, сурукка киирбит түөрт уолун ааттара манныктар: Николай Жирков-Гурьев Жолодоев (1735 с.т.), Уваровской Жолодоев (1737–1775), Аяган Жолодоев (1843 с.т.), Атлас Жолодоев (1742 с.т.). Оттон кыыһа Ульяна Жолодоева (1720 с.т.) Тааһаҕарга III Тоҕус буолаһын кинээһигэр Метектян Женоковка кэргэн тахсыбыт (НА РС(Я). Ф. 349и. Оп. 1. Д. 6003. Л. 858). Оттон Бэрэттимэй уонна Соҕуруу Николай Жирков уолаттара буолбатахтар, кини аҕатын Дьолуодайы кытта бииргэ төрөөбүттэр.
Аны Бэрэттимэй (1702–1784 сс.) диэн ким эбитий? Кини туһунан үһүйээннэргэ олоҕуран Багдарыын Сүлбэ, Иван Ноговицын суруйан тураллар («Киин куорат», 2004.30.01; «Дабаан», 2004.09.01). Ити бэлиэтээһиннэргэ Бэрэттимэй бөдөҥө-садаҥа, суоһа-суодала, бардама, дохсуна элбэхтик эридьиэстэнэр. Үһүйээҥҥэ үлүннэрии да ханна барыай? Уонна соччо чопчута суох буолар. Холобура, Бэрэттимэй Михаил Жирков сиэнэ этэ диэн сэһэргээһин олоҕо суох. Оттон кини бардама, төһө да үлүннэриилээҕин иһин, кырдьык буолуон сөп. Тыала суохха мас хамсаабат. Бэрэттимэй ыал атаах оҕото быһыылаах. Ону кини аата да Дары–Бэлэх диэнтэн тахсыбыта, фамилията Жирков буолбута көрдөрөр курдук. Кини бардама, дохсуна итинэн быһаарыллыан сөп. Баай оҕото бардам, тойон оҕото дохсун буоллаҕа. Бэрэттимэй тыл быһыытынан төрдүн Багдарыын Сүлбэ «Киин куорат» хаһыакка (30.01.04) маннык быһааран турар: «Бу эбэҥки төрүттээх тыл быһыылаах диэн санааҕа кэллим. Эбэҥкилэргэ бэр диэн тыл баар. Суолтата – ох саа, айа. Бэрилту – сэбилэн («быть вооруженным»).
Бэрилту. Бу манна – «л», саха тылыгар киирэригэр «т» буолуон сөп.
–май – монгол төрүттээх сыһыарыы. Баай төрүөхтээх. Холобурдар: Адымай, Баккыамай, Дарамай, Кэлиэмэй, Лоһомой…
Онон? Бэрэттимэй диэн саалаах-сэптээх, суос-суодал, кырыктаах киһи диэн буолуон сөп курдук.
Бүлүү ытык кырдьаҕаһа Уоһук Мальцев «Бэрэттимэй Боотур биир аата Баача» диэбитэ сурукка киирбитэ баар.
Баача диэн тылы тылдьыттарга икки суолталаан быһаарбыттар:
түүлээх эбэтэр баата истээх сэлиэччик;
убай (старший брат, дядя). Нууччалыы батя.
Бэрэттимэйи тыл иккис суолтатынан Баача диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп курдук. Кини нуучча төрүттээх уонна, үһүйээн кэпсииринэн, оҕолортон улаханнара.
Оттон Бэрэттимэй диэн кинини кэлин, быһыытыттан-майгытыттан көрөн, ааттаабыттара буолуо диэххэ сөп».
Саҥа көрдөөһүннэр түмүктэринэн Бэрэттимэй сурукка киирбит аата көһүннэ. Кинини биэрэпискэ Дары Дакин диэн киллэрбиттэр. Итинтэн сиэттэрэн манныгы бэлиэтиир оруннаах: бастакынан, кини – Дьолуодай быраата, 1702 сыллаахха төрөөбүт, биллэринэн, М. Жирков оҕолоруттан сүрэхтэммит кини эрэ. Степан Жирков диэн аатынан. С.М. Жирков 1788 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр өлбүт (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 13. Д. 1. Л. 255 об.). Иккиһинэн, бэйэтэ, үһүйээн кэпсииринэн, II Лүүчүн нэһилиэгин Өкүчү диэн ааттаах күөлүн үрдүгэр олохсуйбут, оҕолорун оттуур ходуһалара, 1776 сыллааҕы биэдэмэскэ суруллубутунан, эмиэ ити нэһилиэккэ бааллар. Үсүһүнэн, Дары Дакин төрүччүтүн оҥорбуппутугар Бэрэттимэй аҕатын ууһун бас-көс дьонунан Павловтар буолан таҕыстылар. Биһиги оҥорбут төрүччүбүтүгэр Бэрэттимэй биэс сиэнэ – Байбаллар. Павловтар итинник төрүттэннэхтэрэ. Бу аймах Петровтар, сорохторо Степановтар, Михайловтар буолбуттар. Төрдүһүнэн, Бэрэттимэй Дардаҕар улахан кыыһын уолун курдук үһүйээннэргэ кэпсэнэр да, бу сыыһа быһыылаах. Оччотугар кини XVII үйэ ортотун диэки төрөөбүт буолуохтаах этэ. Ол табыллыбатын иккис аата Баача диэнэ, нуучча төрүттээҕэ туоһулуур диэххэ сөп. Арай кини уола Арханты Дардаҕар сиэнэ Молуоһунньук кыыһын Асыммыты кэргэн ылбытын булкуйуохтарын сөп. Бэрэттимэй төрөл, улахан киһи эбитэ үһү. Биир эрэ, Бадьайа диэн ааттаах ат кинини уйара үһү. Балтын тоҕус кулун өрөҕөтө сыалдьыйалаах Тумалыкаан Удаҕаны улахана бэрдиттэн дьулайан, ким да кэргэн кэпсэппэтэҕэ үһү. 1782 сыллааҕы биэрэпискэ кини биэс уоллаах: Маргай Дарин (1730 с.т.) – чаччыына, Арханты Дарин (1735 с.т.), Ленкой Дарин (1742 с.т.), Тарлыков Дарин (1744 с.т.), Килекар Дарин (1754 с.т.) уонна үс кыыстаах: Хотун (1727 с.т.), Чогоен (1737 с.т.), Бычылы (1754 с.т.). Онон мөккүөрү күөдьүтүөх туох да суохха дылы.
Үһүйээннэр кэпсииллэринэн, Соҕуруу-Клевинскэй Дакин Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков бу түөрт уолаттарыттан кыралара. Итини 1782 сыллааҕы биэрэпис уот харахха ыйан биэрэр. Соҕуруу (Соллохоон) сырыы-айан бөҕөҕө сылдьыбыт, кэлбит-барбыт киһи үһү. Кини ханна сылдьарын, эргинэрин дуу, бултуурун дуу ким да билбэт эбит. Иван Софронович Иванов кэпсииринэн, «уһуу түһэн баран кэлиэм» диэтэҕинэ – үс сыл, «тардыылыктаах буоллахпына» диэтэҕинэ – икки сыл, «соторулуур инибин» диэтэҕинэ – биир сыл буолан баран кэлэрэ үһү. Онон кэргэнэ дьиэтин-уотун, сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөн-истэн, дьаһанан олорбут. Оннук сылдьан Соҕуруу эдэр сааһыгар суорума суолламмыт. Дорофей Харлампьевич Яковлев аҕатыттан истибитин маннык диэн сэһэргиир: «Соҕуруу өлбүтүгэр чугас аймаҕа Долгуйбат улаханнык аһыйан-курутуйан туран эппитэ үһү: «Миигин харайыа дии санаабытым, эн эрдэ өлөн хаалан миэхэ харайтардыҥ», – диэн». Соҕуруу эрдэ өлбүтүн туһунан үһүйээн докумуонунан эмиэ бигэргэтиллэр. Ол курдук, Соҕуруу эдэрчи сааһыгар өлөн, 1767 сыллааҕы биэрэпискэ киирбэтэх. Ол оннугар маннык сурук баар: «Умершего до бывшей еще 767-го года ревизии Клевинскова Дакина жена ево Мысыгай Мохсоина взята за калым подгородного улусу Кангалаской волости с наслегу князца Софрона Сыранова от родника ево Мохсои Масарина дочь». Кэргэнэ Мысыгай 84 саастааҕар 1786 сыллаахха өлбүт. Биэрэпистэргэ киирбитинэн, Клевинскэй биэс уоллаах: Макы (1728 с.т.), Байдукан-Матвей Пономарев (1729 с.т.), Сабырыкы (1734 с.т.), Богдокуй (1750 с.т.), Ботрек (1753 с.т.) уонна үс кыыстаах: Хотун (1721 с.т.), Хотуку (1727 с.т.), Мончолук (1756 с.т.). 1776 сыллааҕы ходуһаны түҥэппит биэрэпискэ Клевинскэй улахан уолун Макы оттуур ходуһата «Чоллохон 4, Лампаик 3. Итого 7 стогов» (Г.П. Башарин, Якутский архив. 1960, вып. 2. С.160). Чоллохон – Соллохоон Алааһа бу Лүүчүн сирин соҕуруу баһа. Былыргылар олорор сирдэрин, өтөхтөрүн туох эрэ бэлиэ ааттарынан ааттыыр үгэстээхтэрэ. Онон буолуо, бу күөл Клевинскэй Дакин сахалыы аатынан Соллохоон Алааһа диэн ааттаммыт үһү диэн кэпсиир Лүүчүнтэн төрүттээх Мукучу нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Иван Софронович Иванов. Билигин Соллохоон диэн аата умнуллан, (былыргылар харыстаан ытыктыыр сирдэрин хаһан да толору ааттаабаттар үһү) Алаас дэнэр. Лампаайык уонна Алаас икки ардыгар сытар улахан өтөх Клевинскэйдэр өбүгэ саҕаттан уутуйан олохсуйбут сирдэрэ. Соҕуруу оҕонньор оҕолоро, сыдьааннара нэһилиэк бас-көс дьоно буолбуттарын архыып докумуоннара туоһулууллар, кэрэһилииллэр. Чаччыыналарынан Макы Клевинскэй, Омук Макин, кинээстэринэн Омук Макин уола Николай Алексан- дров (үс болдьоххо), Фома Николаев, Спиридон Слепцов, маны таһынан Николай Александров Орто Бүлүү улууһугар кыра кулубанан үлэлээбиттэрэ.
Нелчака Михаил Жирковтан элбэх оҕолоох. Биэрэпискэ Седет Дакин (1724 с.т.) киирэ сылдьар. Биир уолун аата Уваровской (Угаарыскай – диэн быһыылаах). Кини уолаттара Умака (1746 с.т.), Байтар (1764 с.т.) Кокоевтар. Оттон 1795 сыллааҕы биэрэпискэ (Ф. 349и. Оп. 1. Д. 6004. Л. 794, 800) Байтар Кокоевы Байтар Уваровской диэн суруйбуттар. Кини 1794 сыллаахха, Николай Жирков өлбүтүн кэннэ, кинээстээбит диэн чиҥэтэн биэрбиттэр. Бука, Жирковтарга чугас хаан-уруу аймах буолан, кинээс дуоһунаһыгар тигистэҕэ.
Аны өлбүттэр испииһэктэрин ылабыт. Онно киирбиттэр: Иван Михайлов Жирков 52 сааһыгар 1795 сыллаахха олунньу ый 13 күнүгэр өлбүтэ бэлиэтэммит (НА РС(Я). Ф. 226-и. Оп. 13. Д. 6. Л. 31об). 1795 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр биир күн иһигэр 85-тээх Савва (Чускуона сэтээтэл аҕата, Бөҕө Байбал эһэтэ), 95-тээх Григорий Михайлов Жирковтар орто дойдуттан күрэннилэр диэн суруйбуттар (эмиэ онно). 1794 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Николай Михайлов Жирков өллө диэн ыйбыттар. Ити да кэннэ хас да оҕолоохторун сэрэйиэххэ сөп. Онон буолас үс аҕатын ууһун төрүттээбит Дьолуодай Дакин-Хараҕа Суох, Бэрэттимэй-Степан Жирков, Соҕуруу-Клевинскэй – Нелчака уонна Михаил Жирков оҕолоро буолаллара саҥа көстүбүт докумуоннарга олоҕуран бигэргэтилиннэ.
Михаил Жирков аҕата кимий? Уолун Соҕурууну тоҕо Клевинскэй диэн ааттаата? Манна оруннаах соҕус сабаҕалааһыны киллэрэбит. Ф.Г. Сафронов «Ссылка в Восточную Сибирь в XVII веке» диэн 1967 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт кинигэтигэр 1656 сыл от ыйыгар Дьокуускай тойотторо Москубаттан 10 поляк-литовец хаайыылаахтары ыытар буолбуттарын туһунан суругу («Грамота«) туппуттар (С. 84). Бу хаайыылаахтары үрдүк хамнастаах улахан («дети боярские«) үлэҕэ ылыҥ диэн дьаһайбыттар. «Сын боярский» диэн Саха сирин хаһаахтарын хамаандалыыр дьон биир үрдүк чыыннара буолар. Байаар уолун аннынан атамаан, сотник, пятидесятник, десятник диэн чыыннар бааллара. Бастаан бу чыыны Сибиир бирикээһэ бойубуодалар, дьяктар түһэриилэринэн иҥэрэрэ. 1710 сылтан ыла байаар уолун чыынын бойобуодалар, оттон 1746 сыллаахтан Сенат иҥэрэр буолбута.
1686 сылтан Саха сирэ уезд ааттанар кэмигэр 774 сулууспалаах баара, ол иһигэр 22 байаар уолаттара, 5 сотник, 1 атамаан, 20 пятидесятник, 29 десятник уо.д.а. Хаһаактар ахсааннара – 667 киһи этэ (Якутия. Хроника. Факты. События. 1632–1917 гг./ Сост. А.А. Калашников. 2000. – С. 56). Билиэҥҥэ кэлбит Александр Хлевинской, атын 9 табаарыстарын кытта, бука, үөрэхтээх, аристократ төрүттээх, хоһуун киһи буолан, байаар уола диэн үрдүк солоҕо быһа таһаарыллыбыта буолуо.
Хаайыылаахтар испииһэктэригэр Александр Хлевинской баар. Ол эрэн, бу киһи 1662 сыллаахха диэри кэлбэтэх. 1667 сыллаахха 37 хаайыылаахха (дьиэ кэргэниниин 54 киһи) Москубаҕа төннөллөрүгэр ыраахтааҕы көҥүл биэрбит. Барар дьон испииһэгэр А. Хлевинской кэргэниниин уонна икки оҕотунуун бааллар. Сорохтор дойдуларыгар төннүөхтэрин баҕарбатахтар, Саха сиригэр салгыы үлэлии хаалбыттар («помня крестное целованье и великого Государя милость, били челом великому Государю в вечное холопство служить по якутскому«). Кинилэр истэригэр А. Хлевинской баар, 1673 сыллаахха сулууспаҕа киирбит («поверстан»). Өссө улахан солоҕо тиксибит – «выимный голова», ол аата наймыламмыт кулуба диэн. Ити туһунан докумуон баарын ГЧИ үлэһитэ, историк, наука кандидата П.П. Петров ыйан биэрдэ (Дополнения к актам историческим. Т. 12. С. 306–307). Онно суруллубутунан, 1686 сыллаахха ыам ыйыгар Саха сирин бойобуодата М. Кровков А. Клевинскэйгэ Дьокуускай куоракка түүнүгэр бэрээдэги олохтоо диэн дьаһал биэрбит. Өссө 1701 сыллаахха эмиэ сулууспалыыр эбит. Ол аата бэрт эдэригэр тутуллубут уонна көскө ыытар гына ууруллубут эбит. Дьокуускайга кэлэн кэргэннэммит быһыылаах, кырата икки оҕолоох. Олохсуйан хаалбыт, сулууспаҕа киирбит, польскай-литовскай хаайыылаах сыыйа сахатыйбыт, ыччаттаммыт.
А.Т. Шашков «Известия Уральского государственного университета» сурунаал, 2004 с., 31 №, 164–182 сирэйдэригэр «Староверческое движение на Дону и ссылка его участников в Сибирь в конце XVII в.» диэн үлэтин кэннигэр А. Хлевинской ахтыллар докумуонун бэчээттээтэ. Ол докумуоҥҥа сурулларынан, «бояр уола» диэн сололоох Александр Константиновч Хлевинскойу бойобуода Петр Зиновьев саҕана, 1690 сыллаахха балаҕан ыйыгар Москваҕа, ыраахтааҕы хааһынатыгар киис тириитин илдьэн туттарар этэрээт салайааччытынан анаабыттар. Уон киһилээх этэрээккэ Мартынко Хлевинской диэн хаһаак баара ыйыллыбыт. Бу Александр уола буолуон сөп. Оччотооҕуга «Сибирский приказ» диэҥҥэ Сибиири салайар чунуобунньуктар түмүллэллэрэ. Ыраахтааҕы хааһынатыгар кэлэр таһаҕаһы Сибиир бирикээһин үрдүк сололоохторо итэҕэйэр, эрэнэр киһилэригэр тиэйтэрэр буолуохтаахтар. Онон Александр Константинович Хлевинской ол кэмҥэ биллэр-көстөр, аптарытыаттаах «бояр уола» дэнэрэ сөптөөх. Дэлэҕэ Дькуускайга наймыламмыт кулубанан үлэлэтиэхтэрэ дуо? Ким А.Т. Шашков бэчээттэппит докумуонун быһа тардан кинигэҕэ киллэрбиппитин билсиһиэххитин сөп (Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан. Дьокуускай: Бичик, 2008. – С. 409–411).
Уола Михаил Жирков Лүүчүн сиригэр Түөккэ турбут дьаһаах хомуйар Орто Бүлүү симиэбийэтин пуунугар (филиалыгар) үлэлии тиийэн Нэлчэкэни көрсөн, кэргэн ылбыт. Элбэх уолламмыт. Олортон биирдэстэригэр аҕатын араспаанньатын сахалыы аат курдук иҥэрбит, уола 1767 сыл иннинэ өлөн, аата III ревизскэй сказкаҕа киирбэтэх. Онон нуучча миэрэтигэр тиксибэтэх. Биэс уолуттан улахана Макы (1728–1784 сс.) саҥа миэрэҕэ эмиэ тиксибэтэх. Макы улахан уолун сахалыы аата Омук, сүрэхтэммит аата Александр Павлов (1759 с.т.) диэн буолбут. Оччотугар түгэх эһэлэрин аатын өйдүүр буолан, кини аатын бэрдэрдэхтэрэ. Александр Павлов нууччаттан атын буолан, Омук диэн сахалыы ааттаннаҕа.
Аны Нэлчэкэ диэн кимий? В.А. Кондаков кинини Туоҕа Боотур кыыһа диир. Биһиги санаабытыгар сиэнэ буолуон сөп. Оҕолоро бары Дакиннар. Нууччалар Туоҕа диэни сурукка Тога, Дога, Дока, Дака диэн киллэрэллэр. Биһиги Туоҕаларбыт дэнэллэрин иһин, кинилэр оҕолорун Дакиннар диэн сурукка киллэрэр буоллахтара. Дьокуускайга быһа бэринэр, Лүүчүн буолаһын сиригэр Түөккэ турбут дьаһаах хомуйар пууҥҥа сулууспаҕа киирбит нуучча хаһаага Михаил Жирков сыыйа сахатыйбыт, ыччаттардаммыт эбит. 1685 сыллаахха олохтоох Нелчака диэн дьахтары кэргэн ылар, Даах, Дыык, Маҕан Дыык, Маҕандыык диэн сахалыы ааттаммыт. Элбэх ыччаттаммыттар. Үгүс оҕолорун ааттара кыайан чуолкайдаммата. Ити барыта инники өттүгэр үөрэтиини, чинчийиини эрэйэр. Чинчийээччилэр даҕаны көстүөхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт. Хараҕа Суох, Соҕуруу, Бэрэттимэй аҕатын уустара даҕаны, биллэн турар, өссө дириҥэтэн үөрэтиини, өбүгэлэр ааттарын үйэтитиини эрэйэллэр. Саха саарына, норуот академига Багдарыын Сүлбэ «Клевинскэй» диэн суруйуутугар («Киин куорат». 2005.25.08): «Күндү ааҕааччыларым! Лүүчүн, Мукучу, Хаҥалас, Дьаархан дьоно! Төрүккүтүн-уускутун хасыһыҥ эрэ. Архыып аана аһаҕас. Үгүһү-элбэҕи билиэх этигит. Клевинскэй эрэ буолуо дуо», – диэбиттээх. Бу кэрэ-бэлиэ тыллар уонна Багдарыын Сүлбэ суруйбута-айбыта барыта дьоммутун-сэргэбитин атааннаах-мөҥүөннээх аан дойду айыллыаҕыттан чоҕулуччу тыгар, угуйар уоттаах Чолбон сулус курдук ытык өбүгэлэрбит омоон суолларын хайарга, үтүө ааттарын үйэтитэргэ өрө күүрдэ, ыҥыра, алгыы турдуннар.
Мантан аллара итэҕэтиилээх буоллун диэн Р.К. Маак кинигэтиттэн түгэх эбэбитигэр сыһыаннааҕы быһа тутан киллэрэбит.
«(…) В осмотренной мною старинной гробнице на берегу озера Тёк, близ урочища Бэрэ, в Средневилюйском улусе, покоилась якутка, похороненная, по рассказам туземцев, около полутораста лет тому назад. Гробница состояла из деревянного, довольно хорошо сохранившегося сруба, поставленного на шести столбах, на высоте двух с половиною аршин от земли. Покойница была обращена головой на запад, и хотя никто с достоверностью не знал ее имени (некоторые предполагали, что ее звали Урагас), но, по преданию, она дожила до глубокой старости и от нее произошел Лючинский род (наслег). Рассказывали, что она была некрещенная и всех своих детей прижила с русским казаком. Череп и скелет вполне сохранились (череп хранится в Санкт-Петербургской Академии наук), руки были вытянуты вдоль тела и в меховых рукавицах, сняв которые, я нашел на безымянном пальце левой руки серебрянный перстень, а на правом – медный с печатью. На шее находилось кольцо из толстой медной проволоки с четырьмя петлеобразными изгибами на нижней стороне и с двумя крючками на верхней, к упомянутым четырем петлям прикреплялся ряд медных украшений, связанных между собою истлевшими ремнями. Покойница была одета в нечто вроде кафтана без рукавов, называемого тангалайдах сон (от тангалай – старинный якутский женский костюм и сон – шуба), который широко опушен мехом и весь усыпан белыми, синими и черными бусами, бисером и разными медными украшениями. Кафтан был опоясан широким поясом (узоры на кафтане и поясе во многом отличаются от тех, какие носят якуты в настоящее время), ноги обуты в камысовые торбаса (сапоги из шкур оленьих ног) и поверх кафтана на покойницу была одета оленья шуба. С левой стороны трупа лежали трубка, небольшой колокольчик, две махалки от комаров, два ремня, костяная пуговица и конский волос; в ногах – деревянная чашка, чарон (сосуд для кумыса), нож и несколько пар запасных торбасов (…)
Объяснения рисунка:
1. Медная пряжка от тонкого кожаного ремня, найденного в гробнице якутки Урагас на берегу озера Тек.
2. Медный колокольчик из той же гробницы.
3. Медный перстень – печать с безымянного пальца правой руки якутки Урагас.
4. Язычок медного колокольчика из той же гробницы.
5. Серебряное кольцо с безымянного пальца левой руки якутки Урагас.
6, 7. Стрелы из гробницы тунгуса Бёкчёрюса на реке Эякит.
8. Шейное кольцо из толстой медной проволоки с пятью петлеобразными изгибами из старинной тунгусской гробницы на реке Оленек.
9. 10. 11. Отдельные украшения косоплетки из гробницы якутки Урагас.
12. Шлифованный кристалл вилюита из гробницы якутки Урагас.
13. 16. 17. Медные украшения, целый ряд которых ремнями был связан между собой и привешен к четырем петлеообразным изгибам кольца, надетого на шею якутки Урагас.
14. Костяная пуговица из той же гробницы.
15. Медная привеска с кафтана, надетого на якутку Урагас.
18. 19. 21. 22. 23. Медные украшения с бусами черного, белого и синего цветов с того же кафтана.
20. Шейное кольцо из толстой медной проволоки с четырьмя петлеобразными изгибами с шеи якутки Урагас.
П.С. Максимов, М.П. Григорьев
Нээтийэ аҕатын ууһа
Нээтийэ ойуун оҕолоруттан улахан уола Григорий Борисов (1724 с.т.), кыыһа Агафия Екимова (1732 с.т.) Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбуттарын туһунан суруйан турабыт. Кыыһа Агафия Иккис Үөдүгэй биир бас-көс киһитэ Хомподой Телкоев (1698–1774 сс.) төрдүс уолугар Василий Петровка (1730–1782 сс.) сүктэн барбыт. Оттон Григорий Борисов олохтоох үһүйээҥҥэ Барыыс диэн аатынан киирбит, Кинээс аҕатын ууһун төрдө буолбут.
Нээтийэ сурукка-бичиккэ киирбит кыргыттара – Эйээкчин (1710 с.т.), Орина (1722 с.т.), уолаттара – Иван (1726 с.т.), Беппе (1733 с.т.), Ефрем (1738 с.) Орто Бүлүү улууһугар олохсуйбуттар. Улахан кыыһа Эйээкчин Лүүчүҥҥэ Дьуона аҕатын төрүттээбит Асхарыма холоонноох доҕоро буолбут. Нэһилиэккэ 1782 с. ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа суруллубутунан, Эйээкчини Хаҥаластан саха саарына Софрон Сыраанап кинээстиир буолаһыттан Нээтийэ Күчэнэхэп кыыһа диэбиттэрэ интэриэһи үөскэтэр. Уон уолуттан биирдэстэрэ Кучуняк диэн ааттааҕа историяҕа бигэтик киирэн турар (Элерт А.Х. Народы сибири в трудах Г.Ф. Миллера. – Новосибирск, 1999. С. 175). Күүстээх Күчүнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун) оччолорго улахан ойууннартан биирдэстэринэн ааҕыллара (Серошевский В.Л. Якуты. М., 1993. С. 606). Кинини хайдах өлөрбүттэрин туһунан үһүйээни Багдарыын Сүлбэ 1988 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Ис иһигэр киирдэххэ» кинигэтигэр киллэрбит: «Күүстээх Күчэнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун); Дьөҥкүүдэни баһылаан баран, өрүһү таҥнары батан, өссө атын үтүө дойдулары сабардыыр санааламмыт. Кини, сэһэн быһыытынан, түөрт уонча киһилээх Үөһээ Бүлүү диэки айаннаабыт. Ол иһэн, илин диэкиттэн, Нам сириттэн, Мымак кинээс сиэнэ дуу, быраатын уола дуу Быыгынас ойуун диэн киһи дьоннорун кытары иһэллэрин истибит. Ол кэннэ кинилэри сэриилээн кыргар биитэр төттөрү кыйдыыр санаалаах утары айаннаабыт. Быыгынастаах ону билбиттэр уонна Быракаан үрдүгэр тоһуур тэрийбиттэр. Быыгынас мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө, Халан Тулааһын, Тор Маҕайылык диэн уолаттардаах уонна Куоҕай Моҥус диэн атастаах эбит. Сарсыарда күн тахсан эрдэҕинэ хаҥаластар элбэх буолан, куйахтара килбэҥнээн, тиийэн кэлэн, үрэх оломугар кэстэрэн киирэн, аттарын уулата турбуттар. Намнар, аҕыйахтара бэрт буолан, дьулайбыттар. Ытыһыа суох курдук буолбуттар. Ол түгэҥҥэ уолаттар аҕалара Быыгынас ойуун саҥа аллайбыт: «Мүөгү уолум, толоон уҥуор олорор куруппааскыны моонньоох баһын быһа ытан кэбиһэбин диэн кэпсэнэриҥ дии. Көр эрэ. Кылыыһыт ойуун көмөгөйө күөрэйэн көстөрүн. Дьэ бэрт буоллаххына, түүлээх охто уолугун үүтүнэн харахалаа эрэ!» – диэбит. Мүөгү, эттэ дуу, эппэтэ дуу диэбит курдук, кулгаах тааһыгар диэри саатын аҥаабыллаат, ытан саайбыт. Уолугун оҥойор үүтүгэр түһэрбит. Кылыыһыт ойуун өлөр кыланыытын кыламмыт: «Бу хайдах, хараҕым сабыллан, оноҕос кэлэрин көрбөккө хаалбыт сорбунуй! Мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө диэн баар сурахтааҕа. Ол сиэтэ быһыылаах!..» – диэбит. Ити кэнниттэн намнар, харса суох ытыалаан кыырайдатан, хаҥаластар уонтан тахса киһилэрин былдьаабыттар. Хаҥаластар, тэриллиилээхтик кыайан утарсыбакка, куотар айдааныгар барбыттар. Намнар, атынан эккирэтэ сылдьан, охтортообуттар. Кэлиэхситтэр үүрэн аҕалбыт сылгыларын (сиир сылгыларын оччотооҕуга үүрэ сылдьаллара үһү) быһа охсон ылбыттар. Онуоха Кылыыһыт ойуун быраата дуу, туга дуу Эрэһэ ойуун диэн баара, бөрө буолан тула сүүрэ-сүүрэ, иччилээхтик улуйбута үһү. Ол иһин, ойуунтан дьиксинэннэр, ылбыт сылгыларын аҥаарын хаҥаластар кэннилэриттэн кыйдаабыттар. Ол Эрэһэ ойуун, фольклортан сылыктаатахха, убайа өлбүт сиригэр, суурт туттан, олорбут, убайын харайбыт чинчилээх. Ол иһин билиҥҥэ диэри Эрэһэ Суурда диэн ааттаах, үрэх ээйэ, дулҕалаах, бадарааннаах кэҥэс маара баар. Хаҥалас ааттаах киһитэ, Тыгын сиэнэ Күчэнэх-Кылыыһыт ойуун быстыбыт сирэ билиҥҥэ диэри Хаҥалас Оломо диэн ааттана турар» (С. 50–51).
Күчүнэх хас оҕолооҕо, кинилэр ааттара сурукка киирбитэ биллибэт. Нээтийэ кини уола буолуон син дуо? Сааһынан сөп түбэһэр курдук. «Колониальная политика Московского государства в Якутии XVII в.» (Л., 1936. С. 191) уонна И.Г. Березкин «Өбүгэлэрбит уонна үөлээннээхтэрбит суолларынан» (Дьокуускай, 1981. С. 79–80) кинигэлэргэ суруллубутунан, 1680 с. Үөһээ Бүлүү кыстыгар буолбут иирсээни (Тараҕай Болтоҥо баһылыктаах сахалар нуучча булчуттарын уонна хаһаахтар этэрээттэрин кытта сэриилэспиттэр) быһаарса бара сылдьан, Маһары уолугар Хара Бытыкка Тараҕай Болтоҥо 16 саастаах кыыһын Үчүгэй Чөмөҕөрү кэргэн кэпсэтэн кэлэр. Сотору буолан баран, кыыһы бэйэтэ сөбүлээн, үһүс ойоҕунан сүгүннэрэн аҕалар, онон кыннын кытаанах дьүүлтэн быыһаабыт. Оччолорго Маһары уола Күчүнэх кэргэн ылар саастаах эбит диэн сэрэйиллэр.
Өскөтүн Нээтийэ чахчы Маһары сиэнэ, Күчүнэх уола буоллаҕына, кини 1680 с. кэнниттэн төрөөбүт буолан тахсар. Аҕатын Быыгынастаах 1703 с. кэнниттэн өлөрбүттэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Маһары тыыннааҕар кини уолун өлөрөртөн туттуммут буолуохтаахтар. Маһары оччолорго нуучча администрациятыгар сахалартан улахан ыйааһыннаах киһи этэ. Онон тыыннааҕар уолун өлөрүү иэстэбиллээх буолара биллэр. Аны кыыһа Эйээкчин 1710 с. төрөөбүтүттэн сылыктаатахха, Нээтийэ аҕатын өлөрөллөрүгэр турбут киһи буолуохтаах. Баҕар Күүстээх уолун Нээтийэни олохсутаары сир көрдүү сылдьан суорума суолламмыт да буолуон сөп. Нээтийэ аймахтарыгар лүүчүннэргэ (Туоҕаны үһүйээннэргэ Тыгын чугас аймаҕа дэнэр) кэлэн, сир ылан олохсуйдаҕа, Кырыкый аҕатын ууһун баһылыга буоллаҕа диэн сабаҕалыыр оруннаах соҕус.
Оччотугар Нээтийэ Ойуун – Маһары сиэнэ, Күүстээх Күчэнэх уола. Кини аатын Нятия Кученяков – Софрон Сыранов кинээстиир буолаһын киһитэ диэн сурукка киллэрэн үйэтиппиттэр.
Нээтийэ аҕатын ууһугар төннөбүт. Нээтийэ улахан кыыһа Эйээкчин Дьуона аҕатын ууһун тэнитиспитэ диэн суруйан турабыт. Бу халыҥ аймахха билигин киирсэллэр: Ионовтар, Михайловтар, Николаевтар, Григорьевтар, Яковлевтар. Урукку көлүөнэлэртэн ордук биллибиттэрэ Сүлбэ Баһылай уолаттара Саппырыан (01.01.1891 с.т.) уонна Биллигир Мэхээлэ (07.09.1893 с.т.). Улахан уол Саппырыан элбэх үһүйээннэри, номохтору билэрэ, барыны барытын интэриэһиргиирэ. Суруйааччы Болот Боотур кэлэ сылдьан анаан-минээн көрсүбүтэ, күнү-күннүктээн олорон кэпсэппиттэрэ. Кини кэпсээбит сэһэннэрэ сурукка киирбэккэ хаалбыттара хомолтолоох.
Сүлбэ Баһылай иккис уолун Биллигир Мэхээлэ туһунан «Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан» кинигэҕэ (Дьокуускай, 2008) сиһилии соҕус суруллан турар: «Биллигир Мэхээлэ орто уҥуохтаах киһи кырдьыбыта, тардыбыта быһыылааҕа. Тараҕай төбөтө өрүү былааттаах буолара, үрдүнэн хара хортуус уурунара. Үчүгэйдик истээри гынара эбитэ дуу, былаатын аҥаар өттүн кулгааҕын кэннигэр кыбытар идэлээҕэ. Баркытын, чараас ырбаахытын кэтэн олохтоохтору уонна кэлбит дьону батыһыннаран сулбу-халбы хомунан хоруу хоро үөскэ киирэрэ. Маннык субуотунньуктар, хоруу бүтүөр диэри, нэдиэлэнэн барар быһыылаахтар этэ. Бөһүөлэк дьоно барбыттарын да кэннэ, Мэхээлэ оҕонньотторун батыһыннаран, өссө хас да хонукка үрэхтэри устатынан кэһэ сылдьан, атахтарынан мээрэйдииллэрин, сорох сиринэн күрдьэҕинэн эбии баһан биэрэллэрин батыһа сылдьан көрөрбүт.
Бу үлэ төһө, туох кэскиллээҕин биһиги оччолорго хантан билиэхпит баарай? Төһөлөөх бааһына сирэ солонорун, үгүс үрэх хорулларын көрө улааппыппыт буолуой? Баҕар, күнүгэр дьоммут такайыыларынан тугу эмэ ыйдаҥардыбыта буоларбыт эбитэ буолуо да, кэлин улаата түһэн эрэ баран ити барыта олоххо улахан наадалааҕын, инникини өтө көрөн, кэскили тэринии буоларын удумаҕалатарбыт быһыылааҕа.
Биллигир Мэхээлэ сүрдээх сытыы гынан баран, бал-бааччы тыллаах-өстөөх кырдьаҕас этэ. Өрөлөһөр киһиэхэ баламат да соҕустук тыллаһара. Ордук холкуос салайааччыларын кыайара. Үлэ-хамнас кыайтарбата, сыыһа-халты да дьаһаныы ханна барыай? Дьэ, онно кини үчүгэй аҕайдык кымньыылаталаан биэрэрэ» (С.С. Ионов).
Биллигир Мэхээлэ биэс сылы быһа субуруччу 40 биэттэн 40 кулуну ылбыта. Үөһээ тэрилтэттэн: «Социалистическай Үлэ Геройугар киһигит докумуонун оҥорон түһэриҥ», – диэбиттэрин, олохтоох салалта дьоно: «Киһи быһыытынан герой буолар кыаҕа суох», – диэн куолулаан, Мэхээлэни өйөөбөтөхтөр. Били сытыы кылыс тылынан кымньыылаталларын сөбүлээбэттэрэ итинник диэлийэн таҕыстаҕа. Ол да буоллар С. Ионов суруйарынан, салайааччылар Мэхээлэ оҕонньору бэйэлэриттэн тэйиппэттэр этэ. «Туох эмэ уустук боппуруос үөскээн таҕыстаҕына, Мэхээлэни кытта сүбэлэһэллэрэ, ыллыктаах тылын-өһүн истэллэрэ. Кэлин эргитэ санаан көрдөххө, улахан муударай оҕонньор бу орто дойдуга кэлэн барбыт эбит. Хайаан да тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан сабырыйтыыр буолан тойотторго «сээн» дэттэҕэ, үөлээннээхтэригэр баһылык буоллаҕа.
Кини туһунан билигин да төрөөбүт түөлбэтигэр эрэ буолбакка, чугастааҕы нэһилиэктэргэ, өссө улууска даҕаны тиийэ элбэх үһүйээн аҥаардаах кэпсээннэри истиэххэ сөп. Онно кини мындыр өйө, сытыы тыла-өһө булгуччу чорботуллан бэлиэтэнэр. Үтүө киһи аата-суола ити курдук уос номоҕо буолбут. Биллигир Мэхээлэ сахаҕа дэҥҥэ төрөөн ааһар сүдү киһи этэ» (С. 216–217). Эйээкчин атын оҕолорун, ыччаттарын туһунан эмиэ бу кинигэттэн билсиэххэ сөп.
Нээтийэ иккис кыыһа Орина (1722 с.т.) биир дойдулааҕар Оебит Ожиҥҥа-Николай Антоновка (1731с.т.) кэргэн тахсан, соҕотох Дария (1776 с.т.) диэн кыыстааҕа биллэр. Орина кыыһын 54 саастааҕар төрөппүт, онон сааһыран баран олоҕун оҥостубут диэн сабаҕалыыбыт. Кыыһа Дария 15 саастааҕар Батак Бекчоков кинээстиир Үөдүгэй буолаһын киһитигэр Килэҥкэйгэ сүктэн барбыт. Кини туһунан мантан ордук билиибит суох.
Мантан аллара Нээтийэ Орто Бүлүүгэ олохсуйбут уолаттарын утумун эридьиэстээһиҥҥэ киирэбит.
Нээтийэ иккис уола Иван (1728 с.т.) Үөһээ Бүлүү кыстыгыттан Куһаҕан Сырай Желаков кинээстиир Дьаархан буолаһыттан Уракан Уткин кыыһын Матрена Афанасьеваны (1720 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Оҕолоро: Михаил (1759 с.т.), Петр (1761 с.т), Илья (1766 с.т.), Сэргэх (кыыс, 1752 с.т.), Мария (1754 с.т.), Катерина (1764 с.т.). Кыргыттара бары Орто Бүлүү кыстыгын буоластарын кийииттэрэ буолбуттар. Улахан кыыс Сэргэх Самсон Шергин кинээстиир буолаһын (I Тоҕус) киһитигэр Жалдай Берчеховка сүктэн барбыт. Ити буолас киһитэ Бобров Оконнеев иккис кыыһы Марияны кэргэн ылан, дьиэ-уот тэриммит. Бобров Дагдаҕар Боотуртан тымыр-сыдьаан тардар. Кини улахан уола Мэлтэҕэр Чуохаан диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр. Чуохаан уола Ньээкэҥниир Бастакы Тоҕуска олохсуйбут. Киниттэн Орто Бүлүү биэс кулубалааах Еремеевтэр утум тардаллар. Ньээкэҥнииртэн Оконней төрүүр. Кини аҕыс уолаттарыттан биирдэстэрэ Бобров-Павел Оконнеев. Үһүс кыыс Катерина – Лүүчүннэр кийииттэрэ, Саргыр Ожин холоонноох доҕоро буолбут.
Иван Борисов уолаттарын утумун биирдиилээн үөрэтэбит. Улахан уол Михаил кэргэнэ эмиэ Бастакы Тоҕустан Дария Пономарева кыыһа Анна Степанова, аҕата кимэ биллибэт. Михаил 1785 с. өлбүт, кэргэнэ кини өлбүтүн кэннэ, 1792 с. Чобох Быкин кинээстиир буолаһын киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Михаилтан утуму салгыыр оҕо хаалбатах.
Иккис уолун Бүөтүрүн кэргэнэ – Павел Попов кинээстиир Дьооху буолаһыттан кинээс кыыһа Орина (1755 с.т.). Кинилэр алта оҕолоохтор: Магандык-Григорий (1784 с.т.), Барахсан-Еким (1787 с.т.), Чомчорук-Александр (1792–1856 с.с.), Татьяна (1785 с.т.), Саатыыр (1791 с.т.), Пелагея (1795 с.т.).
Григорий Петров кэргэнэ Марина (1823 с.т.), оҕолоро: Павел (1821 с.т), Василий (1823 с.т.). Нэһилиэккэ 1850, 1858 сс. ыытыллыбыт биэрэпискэ кинилэр ааттара киирбэтэх. Олохтоох сэһэҥҥэ Павелтан Сыгынньах ойуун төрүүр, сүрэхтэммит аата Николай. Кэргэнэ Саха сиригэр бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит Алыһардаах Удаҕан-Анна Дмитриевна Иванова (13.03.1848 с.т.). Кинилэр 1888 сыллаахха тохсунньу 31 күнүгэр Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. Миэтирикэҕэ Николай Павлов сааһын 35-һэ диэн ыйбыттарыттан сылыктаатахха, кини 1853 с. төрөөбүт буолан тахсар. Бэйэлэриттэн оҕолоро суох буолан ыалтан Дарияны уонна Иваны ииттэллэр.
Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Михайлов Прокопий Прокопьевичка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 38. Д. 221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.) , Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Саввинов Прокопий Иннокентьевич кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииттибит уола Борисов Иван Михайлович – аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.
Еким Петров кэргэнэ Матрена (1793 с.т.) диэн эбит, оҕолоохторо биллибэт. Оттон Чомчорук-Александр кэргэнэ Анна Петрова (1798 с.т.), оҕолоро: Петр (1826 с.т.), Леонтий (1830 с.т.), Семен (1839 с.т.), Матрена (1820 с.т.), Анна (1831 с.т.). Улахан уол Бүөтүр ыал буолбута эрэ биллэр, кэргэнэ Матрена киниттэн икки сыл балыс. Мантан ордук кинилэр тустарынан билиибит суох.
Иван Борисов үһүс уолун Илья сахалыы аата Моҕус диэн эбит. Бука аһастаах киһи буолан итинник ааттаннаҕа. Ефросинияны (1781 с.т.) кэргэн ылан лаппа ыччатырбыт – Алексей (1798 с.т.), Сергей (1802 с.т.), Николай (1808 с.т.) , Мария (1809 с.т.), Никифор (1816 с.т.), Евдокия (1817 с.т.), Петр (1815 с.т.), Гаврил (1827 с.т.). Илья алта уолуттан нэһилиэккэ 1850 с. биэрэпиһинэн түөрт уола хабыллыбыт. Биэрэпискэ улахан уолларын Алексей аата киирбэтэх. Матрена (1827 с.т.) диэн ааттаах кыыһа, ииттибит уоллара Семен (1832 с.т.) кинилэри кытта олороллоро ыйыллыбыт. Илья иккис уолун Сергейин кэргэнэ Марфа Петрова (1800 с.т.), оҕолоро: Василий (1845 с.т.), Домна (1843 с.т.). Нэһилиэккэ 1858 сыллаахха ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа Сергей 1856 с. өлбүтүн суруйбуттар, уолун Василий аатын киллэрбэтэхтэр. Сергей кэргэнэ Марфа өлбүт бадахтаах, иккис ойоҕун аата Аана (1855 с.т.) диэн эбит. Оҕолоохторо суруллубатах. Онон Сергей Ильич уол өттүнэн утумун манан быһарга күһэлиннибит.
Үһүс уол Николай Ильин кэргэнэ Агафия Алексеева (1803 с.т.), үс оҕолоохтор: Николай (1831 с.т.), Елена (1834 с.т.), Анна (1856 с.т.). 1858 сыллаах биэрэпискэ Николай Николаев олоҕун өссө да оҥосто илигэ бэлиэтэммит.
Төрдүс уол Петр Ильин ыал буолбут, кэргэнэ Мария Константинова (1820 с.т.), оҕолоро: Семен (1832 с.т.), Егор (1852 с.т.). Уолаттар ыал буолан оҕо төрөппүт докумуоннарыгар архыыпка таба тайамматыбыт.
Бэһис уол Гаврил Ильин кэргэнэ Феодосия Ларионова (1828 с.т.), сурукка киирбитинэн Дмитрий (1847 с.т.) диэн ааттаах уоллаахтар. Маны таһынан 1854 с. төрөөбүт Николайы ииттэллэрэ бэлиэтэммит.
Аны нэһилиэккэ 1917 с. ыытыллыбыт хаһаайыстыбаннай биэрэпиһи (НА РС(Я). Ф. 343-и. Оп. 4. Д. 455) ылабыт. Нээтийэ аҕатын ууһа биэс хаһаайыстыбаттан ( 10 эр киһи, 12 дьахтар) турара ыйыллыбыт. Аҕа ууһун үс хаһаайыстыбата Петр Ильиҥҥэ сыһыаннаах быһыылаах. Уола Иван Петров (1856 с.т.) түөрт оҕолоох: 41 саастаах Семен, 32 саастаах Иван уонна ааттара суруллубатах (аҕаларын кытта бииргэ олороллор) 30, 28 саастаах уолаттар. 51 саастаах Егоров Савва – Петр Ильин Егор диэн уолун уола буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Маны таһынан Петр Ильин 1858 сыллаах биэрэпис кэнниттэн төрөөбүт Алексей диэн уоллаах быһыылаах. Бэйэтэ өлөн биэрэпискэ хабыллыбатах, кэргэнин сааһа – 52, икки уоллааҕа, икки кыыстааҕа ыйыллыбыт. Хаһаайыстыбаны улахан уола Спиридон тутан олороро суруллубут. Онон бу аҕа ууһугар Петр Ильин эрэ ыччаттара киирбиттэрэ дьикти. Бука, кинилэр эрэ өбүгэлэрэ Нээтийэ ойуун олорбут сиригэр олохсуйан хаалбыттар быһыылаах. Атыттар бары атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйдахтара.
Нээтийэ үһүс уола Бебпе (1735 с.т.) 1781 с. өлөн сүрэхтэммэккэ хаалбыт быһыылаах. Кэргэнэ Мукучуттан Дагдаҕар Баатыр сиэнэ, Клевинскэй Дагдагаров кыыһа Мария (1724 с.т.). Оҕолоро суох, онон бу салаа манан быстан хаалла. Бебпе сүрэхтэммэтэҕинэн сылыктаатахха, кини эдэр сааһыгар көрү-нары батыһан, өлүөн аҕай иннинэ бэйэтиттэн 11 сыл аҕа дьахтары кэргэн ылан, оҕоломмокко да хаалбыт буолуон сөп курдук.
Ефрем Борисов (1738 с.т.) кэргэнин бэрт ыраахтан сүгүннэрэн аҕалбыт. Намтан (Дьокуускай таһа) Салбаҕа Бүөтүр кинээстиир буолаһыттан Путилка диэн киһи кыыһын Мария Михайлованы (1747 с.т.) кытта олохторун холбоон, соҕотох биир уоллаахтар – Павел (1769 с.т.). Кинилэргэ таҥара итинтэн элбэх оҕону биэрбэтэх быһыылаах. 1816 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Ефремы 1812 с. өлбүтүн, кэргэнэ Пелагея (1776 с.т.), оҕолоро: Федот (1804 с.т.), Агафия (1812 с.т.) диэн ааттаахтарын ыйбыттар. 1816 с. төрөөбүт Николайы бу биэрэпискэ көтүтэн кэбиспиттэр. Кини аата 1833 с. оҥоһуллубут докумуоҥҥа киирбит, онно сааһын 16-та диэбиттэр да, ити төһө сөбө-сөтөгөйө биллибэт. Пелагея Семенова сааһын алта сылынан эппиттэр, Федоту үс сылынан эдэрсиппиттэр. Өскөтүн Николай 1813 с. кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына, кини Ефрем Борисов оҕото буолбатыгар тиийэр.
Павел Ефремов Борисов кэргэнэ Самсон Шергин кинээстиир буолаһыттан (Бастакы Тоҕус) Авдотия Саввина (1773 с.т.), оҕолоохторо биллибэт. Павел эдэрчи сааһыгар 1795 с. кэнниттэн, 1812 с. иннинэ соһуччу өлөн, кэлин ыытыллыбыт биэрэпистэргэ кини аата ахтыллыбат буолбут.
Федот Ефремов сааһын 1850 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ 50-на диэн суруйбуттар. Сааһа түөрт сыл эбиллибит. Кэргэнэ Дария Сидорова (1810 с.т.), оҕолоро: Семен (1831 с.т.), Максим (1833 с. т.), Николай (1835 с.т.), Агафия (1842 с.т.), Феодосия (1846 с.т.), Анна (1851 с.т.). 1858 с. биэрэпискэ Максим аата уларыйан Михаил буолбут.
Федот бу оҕолоругар сыһыаннаах архыыптан үс дукумуону эрэ буллубут: Максим Федотов (кэргэнэ Татьяна Кириллова) кыыһа Анна (02.04.1882 с.т.), Семен Федотов (кэргэнэ Анастасия Петрова) кыыһа Мария (01.04.1883 с.т.) төрөөбүт миэтирикэлэрин уонна Максим Федоров 1891 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр өлбүтүн туһунан.
Мантан атын кинилэргэ сыһыаннаах докумуоннары булбатыбыт.
П.С. Максимов, М.П. Григорьев, В.Ф. Николаев
Кырыкыйдар: удьуор-утумун сонордоон. – Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2016. – С. 157–164.
Иккис түһүмэх. Алыһардаах удаҕан төрдө-ууһа, аймахтара
Ааттаммат ойуун
Нуучча ыраахтааҕытын ыҥырыытынан саха ойууннара соҕуруу, Бөтөрбүүр куоракка, бара сыспыттарын туһунан балачча элбэхтик сурулунна. Бу боппуруос тус бэйэбэр чугаһын быһыытынан, мин эмиэ суруйан турабын. Онтубун өссө чуолкайдаан суруйарга сананным. Бүгүҥҥү суруйуубар сүнньүнэн Ааттаммат Ойуун туһунан кэпсиэҕим. Оччотооҕу архыып докумуоннарыгар бу ытык кырдьаҕас аата сурулла сылдьар, онон кини аатын суруктан булабыт. Ол гынан баран, Лүүчүн дьоно, ити сахалыы аатын ааттыы сатаамаҥ. Ааттаммат аата Ааттаммат буоллаҕа дии! Кини оччотооҕу суруктарга барытыгар Дакин диэн араспаанньанан киирбит. Ол аата араспаанньата Дакин диэн Дуоҕа Боотур аатынан барбыт. Дуоҕа Боотуру оччотооҕу докумуоннарга Дака, Даку диэн суруйа сылдьаллар. Оттон Дака, Даку диэн ааттан Дакин диэн араспаанньа үөскүүрэ чуолкай. Ааттаммат Ойуун Дуоҕа Боотур кыыһын аатырбыт Нэлчэкэ (Ньэлчэкэ) Удаҕан улахан уола буолар. Сааһынан таһааран, урут маҥнай Нэлчэкэни Дуоҕа сиэнэ буолуо дии саныырым. Ол гынан баран былыргы сэһэннэринэн маннык. Мин хос эһэм Николай Константинович Кондаков Лүүчүҥҥэ Парасковья Саввинованы кэргэн кэпсэтэ тиийбит. Онно Лүүчүн кырдьаҕастара эппиттэр: «Эһиги төрүттэргит Дуоҕа Боотур (Парасковья Саввинова өбүгэтэ) уонна Кырамай (Николай Константинович Кондаков өбүгэтэ) бииргэ төрөөбүт дьоннор этилэр. Онон билигин уруулуугут хас киһи үйэтэ ааспытын ааҕан көрүөхпүт. Онтон холбоһоргут-холбоспоккут туһунан түмүк оҥоруохпут». Ытык кырдьаҕастар ааҕан-суоттаан баран: «Эһиги уруулуугут Дуоҕа Боотур өттүттэн алта киһи үйэтэ ааһан, сэттис көлүөнэтэ саҕаламмыт. Оттон Кырамай өттүттэн биэс киһи үйэтэ араҕан, алтыһа саҕаламмыт. Онон эһиги холбоһоргут сөп буолбут эбит», – диэбиттэр. Онно Дуоҕа Боотур өттүттэн аахтахха, маннык тахсар. Дуоҕа Боотур – Нэлчэкэ – Күһэҥэй – Бытыгый – Чускуона – Анисия – Парасковья. Чуолкай баҕайытык Дуоҕа Боотуртан Парасковья сэттис киһинэн тахсар. Оттон кини ийэтэ Анисияҕа диэри алта киһи үйэтэ тахсар. Онон былыргы ытык кырдьаҕастар ити быһаарыылара Нэлчэкэ Дуоҕа Боотур сиэнэ буолбакка кыыһа буоларын быһааран кэбиһэр. Ааҕан таһаардахха, Дуоҕа Боотур быһа холоон, 1600–1607 сыллар эргин төрөөбүт курдук. Оттон Нэлчэкэни хаһаак Михаил Жирков 1684 сыллаахха Сөлбүк Курчаакап диэн киһиттэн уон сүөһүгэ атыылаһан, кэргэн ылбыт. Ити саҕана Нэлчэкэ 25–26 саастаах дьахтар эбит буоллаҕына, кини 1658–1659 сыллаахха төрөөбүт курдук буолан тахсар. Оччоҕуна Дуоҕа Боотур 52–58 саастаах киһи эдэр кэргэниттэн Нэлчэкэни төрөтүөн сөп буоллаҕа дии. Оннооҕор Анна Иванова-Алыһардаах Аана төрүттэрэ Бөкчөнөөн Кулахыев 74, кини кэргэнэ Тиэлиги 61 саастарыгар бүтэһик оҕолорун оҕоломмуттара докумуоҥҥа баар дии.
Дьэ бу нуучча хаһаага Михаил Жирков уонна Нэлчэкэ уонча оҕоломмуттар. Олортон саамай улаханнара Жолодой Дакин диэн аатынан сурукка киирэр, сахалыыта Ааттаммат Ойуун дэнэр сүдү киһи буолар. Кини 1684 сыллаахха М. Жирков Нэлчэкэни Сөлбүктэн атыылаһан ыллаҕын сыл төрөөбүт. Оҕонньор биир бииргэ төрөөбүт быраата Клевинскэй Дакин диэн ааттаах. Михаил Жирков Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбит поляк, дворянин (шляхтич) Александр Хлевинской Жирков диэн нуучча аҕалаах, саха ийэлээх дьахтары кэргэн ылбыт быһыылаах диэн М.П. Григорьевтыын сабаҕалыыбыт. Ол онтон төрөөбүт уолу Михаил Жирков диэн ааттаабыт буолуон сөп. Ол иһин М. Жирков бэйэтин биир уолугар Клевинскэй диэн ааты биэрбитэ буолуо дииргэ оруннаах курдук. Элбэх архыып докумуонун ырыппыт учуонай М.П. Григорьев: «Лүүчүн маҥнайгы кинээһэ ити Клевинскэй Дакин – Соҕуруу Оҕонньор диэн ааттаммыт киһи буолуон сөп», – диир. Кини эрдэ соҕус өлбүт. Салгыы Ааттаммат, онтон кини уола Николай Жирков кинээстээбит быһыылаахтар. 1776 сыллааҕы ходуһа биэдэмэһигэр Н. Жирков элбэх оттонор ходуһаны бас билэр, элбэх сүөһүлээх, Лүүчүн нэһилиэгин кинээһин быһыытынан киирбит. Н.Жирков икки кэргэннээх этэ. Бастакы Кысаик Куртагина Тоҕус, Куртаги Селин кыыһа, иккиһэ Бядярдях Ыгырина – Ыгыри Тябийин кыыһа (Нам Үөдэйэ).
Оттон Николай Жирков кыргыттара: Софрон – Мукучу киһитигэр Маржаки Махсыкиҥҥа, Хара Кыыс Мукучу кинээһигэр Көстөкүүн Жирковка-Күүстээх Көстөкүүҥҥэ, Халаатыыр – Дьокуускай таһыгар, Чачы нэһилиэгин киһитигэр Тутука Кысалгиҥҥа, Хохтуур – Хаҥаласка Софрон Сыранов кинээстиир нэһилиэгэр Логлой Баянтаевка кэргэн тахсыбыттар.
Дьэ, мантан көстөрүнэн, бу Дуоҕа Боотуртан төрүттээх Ытык Хаҥалас дьоно былыргы төрүттэригэр, Хаҥалас дьонугар, Софрон Сыранов нэһилиэгин дьонугар кыргыттарын кэргэн биэрэн, салгыы уруурҕаһа турарга кыһаналлар эбит. Хааннарын күүһүрдэн Нам Үөдэйиттэн Н. Жирков-Жолодоев Ыгыры Тэбийин кыыһын Бэдэрдээҕи кэргэн ылбыт эбит.
Саамай интэриэһинэйэ, Ааттаммат уола Атлас Жолодоев иккис кэргэнэ Саатыыр – Эмэй Сыранов кыыһа эбит. Оттон Эмэй Сыранов Софрон Сыранов бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Бу дьон иккиэн Дыгын сиэнэ Маһары хос сиэттэрэ буолаллар. Өссө биир интэриэһинэй кэргэннэнии – Ааттаммат бииргэ төрөөбүт быраата Клевинскэй Дакин Дыгын сиэнэ Маһары иккис уола Мохсой кыыһын Мысаҕайы кэргэн ылбыт эбит. Клевинскэй диэн аат бу М. Жирков Дуоҕа кыыһа Нэлчэкэттэн биир уолугар иҥмитэ, кырдьык, М. Жирков Польшаттан сыылкаҕа кэлбит шляхтич Александр Хлевинской уола буолуон сөп дииргэ улахан олугу биэрэр диэн өссө төгүл этиэххэ сөп.
1854 сыллаахха Р. Маак Түөк күөлгэ турар Нэлчэкэ араҥаһын үрэйэн, удаҕан төбөтүн уҥуоҕун Санкт-Петербург куоракка илпитэ. Оттон ити араҥаһы үрэйии улахан научнай суолталаах буолуо дии санаабаппын. Маны баламаттааһын уонна инники чинчийиилэргэ улахан мэһэйи оҥоруу быһыытынан сыаналыыбын. Онон Р. Маак Саха сиригэр иккистээн кыайан кэлбэтэҕэ өйдөнөр суол эбит.
Ааттаммат 1684–1774 сылларга олорбут, 90 сааһыгар өлбүт эбит. Кэргэнэ Муксугур Чыкеина диэн Тоҕус нэһилиэгин дьахтара этэ. Кини 1692–1783 сылларга олорбута, 91 сааһыгар өлбүтэ. Онон улуу кырдьаҕас төрдүн-ууһун, кини кимин барытын ырыттыбыт. Дьэ билигин Ааттаммат уонна атын да саха дьоно, ойууттара соҕуруу ыраахтааҕыга ыҥырылла сылдьыбыттара дуо диэн боппуруоһу ырытан, чуолкайдаан көрүөҕүҥ. Ордук ханнык ыраахтааҕы саҕана ыҥырылла сылдьыбыттарай, ол хайдах тэриллибитэй? Бу ыҥырыыны куруутун Петр I ыраахтааҕыны кытта сибээстии сатааһын элбэх буолан баран, чопчу ыҥырыы докумуон көстө илик. Г.Е. Федоровка ыытыллыбыт архыып докумуонугар Петр I ыйааҕын Өлүөхүмэ комиссара Н. Шангин бойобуода И.И. Полуэктовка ахсынньы 21 күнүгэр 1730 сыллаахха тириэрдибит курдук этии, суруйуу баар курдук эрээри, ол хайдах ыйаах биэс сыл айаннаан, Өлүөхүмэнэн эргийэн бойобуодаҕа тиийиэҕэй? 1725 сыллаахха Петр I ыалдьа сытан саха ойууннарын ыҥыртарыан сөп. Ол гынан баран, ол түргэнник кэлиэн сөп этэ. Эбиитин император улаханнык ыалдьа сытан, тигиилээх сирэйдээх дьону ыҥыртарыан табыллыбат. В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» диэн үлэтигэр тигиилээх сирэйдээх дьону уонна ойууннары Петербурга ыҥырыы туһунан бастакы докумуону 1730 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр ыйан суруйар. Ыйаахха «Ея императорского величества» диэн суруллар. Ол аата былааска дьахтар, Петр I сиэн балта Анна Иоановна олорор кэмэ этэ. Бу бириэмэҕэ Петр II диэн ааттаах 15 саастаах уол өлбүт кэмэ. Дьэ итэҕэйэр туһугар докумуону ааҕан көрүҥ. Оттон Г.Е. Федоровка кэлбит докумуон быһыытынан сыл аҥаара хойутаан, 1730 сыл, ахсынньы 21 күнүттэн тигиилээх сирэйдээхтэри уонна ойууннары көрдөөһүн саҕаламмытын курдук тахсар уонна алҕас Петр I аатын кытта сибээстэнэр. Онон В.Д. Стрелов кинигэтигэр баар докумуону ааҕыҥ:
«№ 31. 1730 г. iюня 25. По прошенiю шаманов и шитыхъ рожъ о скорейшей высылке ихъ съ дворянином Кычкинымъ въ Петербургъ или же о выдаче им хлебного жалованiя.
А) Ея императорского величества в Якутскую Воеводскую канцелярию доношение.
По указу блаженные и вечно достойные памяти его императорского величества, выбраны мы, нижеименованные в Якутску в посылку для объявления и смотру в Санкт-Петербург за дворянином Дмитрием Кычкиным. Того ради просим означенную канцелярию, дабы повелено было ея императорского величества указом, ежели мы в означенную посылку годны, то выслать нас ныне немедленно в Санкт-Петербург, дабы нам за долговременным житием в Якутске не помереть голодною смертью, а чтоб до высылки выдать нам кормовое жалованье. О семь доносят Сыланской волости якут Кытанах шаман Куреканов. Средневилюйского зимовья, Лючинской волости Жолода Дакин да тонгусы того же Средневилюйского зимовья, Кельтякуцкого роду Нямтига Авранчин, Мияул Луксигин, Катылынской волости Топича Маянин, Кельтякуцкого роду Битимка … за женами июня в 8 день, сего 1730 году. У сего доношения речи толмачил толмач … доношение писал к поданию … вельнием вышеописан … площадной пищик Борис Феоктистов. У сего доношение знамена якутов Кытанаха да Жолодеово да тынгусов Нямтягино Меулово, Топичино. Витимкино (написаны луки со стрелами и шаманские бубны) подписал их велением и речи переводил толмач Иван Львов.
Б) И против вышеописанный пометы выписано. В вышеписанном доношении Сыланской волости якута Кытанаха шамана да тунгусов Жолодия Дакина с товарищи, всего шести человек, написано: (следует точный текст вышеприведенного прошения) … императорского величества указ … написано, велено сибиреку, якутскому жителю Дмитрею Кычкину из сибирских городов, а именно: Илимского, Якутского уездов или где можно обыскать лутчих для взятья ко двору его императорского величества из тунгунского, из Якутского уезду шаманов лутчих, которые пользуют от болезней. А как он Кычкин оных людей приищеть, им о тех местах, где приисканы будут, на проезд до Санкт-Петербурга кормовые деньги, а также ему Кычкину и приискным иноземцом, что надлежит по рассмотрению, да ямские подводы и на них пригодные и кормовые деньги давать. А по справке с росходною книгою сего 730 году, показаньем тунгусам кормового жалованья генваря за 28 да мая по 5 число по 2 копейки на день выдано с росписками, в том числе Кытанаху шаману по 19 число мая же месяца. Подканцелярист Григорий Калашников».
Бу докумуон быһыытынан, Санкт-Петербурга дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Сылаҥ ойууна Кэрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин барыахтаах эбиттэр.
Онон Бүлүү сириттэн ойууннары уонна тигиилээх сирэйдээхтэри көрдөөһүн салгыы ыытыллыбыт. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустар булуллубуттар. Манна урут Топича Маянины Хатылы нэһилиэгин киһитэ дэммитэ, аны Үгүлээт киһитэ буолан таҕыста. Ону бу докумуонтан көрүҥ: «Далее комиссар Иван Шангин сообщает, что для сыску шаманов и «шитых рож» отправлены служивые люди. (Написал 21 декабря 1730 году). Комиссар Верховилюйского зимовья Петр Кутуков 7 января 1730 года пишет Полуэктову: ».... от тунгусов Фугляцкого роду посланы три человека, а именно: Тулкига Урумин да Типича Маянин да Ардах Куреяков с семьями.... а шаманов от тунгусов или от якутов того в указе его императорского величества ясно не показано, и, оные назначенные тунгусы посланы из Верховилюйского зимовья с вышеописанным нарочным посыльщиком Семеном Аммосовым да при нем в провожатые служилые люди Алексей Кобелев, Петр Дехтерев, и велено им оных тунгусов три человека шитых рож с семьями объявить в Якутскую воеводскую канцелярию стольнику и воеводе Ивану Ивановичу…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 1–2).
Орто Бүлүү кыстыгын (зимовье) комиссара Дмитрий Канаев тохсунньу 24 күнүгэр 1730 сыллаахха тигиилээх сирэйдээхтэри: Намтугуну, Маянуну, Витимка Куявыловы ойохтору, икки ойууну Жолодой Дакины, Тоҕус нэһилиэгин ойуунун, Чикем Дябикины ойохтору Дьокуускайга ыыталаабытын туһунан суруллар: «Комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев 14 января 1730 года пишет Полуэктову: »…к высылке в означенную канцелярию шитых рож – трех человек с женами, а именно: Кельтякульского роду Намтугу с женою, Мисяула с женою, Витимку Куявылова, а шаманов двух человек: Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 4–5).
Якутская воеводская канцелярия сообщает дворянину Дмитрию Кычкину, что комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев »…выслал трех тунгусов шитых рож: «Кельтякульского роду Намтугу, Мисяула да Витимку Куявылова с семьями да трех человек шаманов Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 5).
Өр саамылаһан, талан бараннар Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар, атыттары барыларын дьиэлэригэр ыыталаабыттар: «Дмитрий Кычкин, получив вышенаписанную отписку, сообщает в Якутскую воеводскую канцелярию: «Сего 1730 году, января 22 и 28 числа ведением ко мне от помянутой канцелярии объявлены присланы высланные в Якутск из Верховилюйского и из Средневилюйского зимовий от комиссаров для взятия по выбору в Санкт-Петербург указанного числа семи тунгусов шитых рож и шаманов, а именно: из Верховилюйского Фугляцкого роду тунгусов Тункига Урумин, Типича Маянин да Ардах Куреяков с женами, а другого роду тунгусы с промыслов с ясаков не бывали; притом же присланы Мукес Маржин и Кытанах Налин и Средневилюйска Кельтякульского роду Намтуга, Мисяула, Витимку Куявылова с женами да шаманов Лучинской волости Желодая Дакина, Тогусской волости Чикема Дебякина, из которых требую содержать под введением канцелярским до привозу из других острогов и зимовий тунгусов и шаманов и до отбытия моего от Якутска как его императорского величества указы повелевают, а именно: Верховилюйских Типичу Маянина, с женою шаманов Мукеся Маржина и Налина, Средневилюйских, которые показаны выше сего, трех человек тунгусов с женами да шамана Желодая Дакина, а других из Верховилюйских тунгусов Тулкигу Урумина, Ардаха Куреякова и шамана Чикема Дебякина из Якутска отпустить в их жилища, понеже они ко взятию не годны; а прочие тунгусы и шаманы, о которых показано выше сего, ежели лучше к их отъезду моему судовым путем водою сего 1730 году из других острогов и зимовий нерадением подчиненных комиссаров высылкой и привезено в Якутск не будет, то по нужде могут быть и они ко взятию угодны и приняты будут с росписью …» (ЦГА Я-С ССР. ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 7).
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539760?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.