Төлкө

Төлкө
Николай Гаврилович Золотарев


Николай Якутскай бу норуокка киэҥник биһирэммит айымньытыгар сахалар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи олохторо, Бодойбоҕо оробуочайдары ытыалааһын, Саха сиригэр Гражданскай сэрии саҕанааҕы тыҥааһыннаах быһыы-майгы сырдатыллар.





Николай Якутскай

Төлкө





Маҥнайгы кинигэтэ

ХАРАҤА ТҮҮН





Маҥнайгы баһа





I


От-мас сэбирдэҕэ хагдарыйан, сарт кутуругун курдук, саһарар. Болоорхой ыарахан былыттар күнү күлүктээн усталлар. Күүстээх тыал күнүстэри-түүннэри куһуйар. Бадараан тоҥор. Күөл уутун бүүрүгэ чарчыйа мууһурар. Өр-өтөр буолбат – хаар түһэр. Таһырдьаттан киирбит киһи, оһоххо илиитин салла-салла:

– Ычча-о! Кыһалҕалаах кыһын обургубут дьэ эмиэ кэллэ ээ! – диэн бабыгырыыр.

Бу тымныы түспүтүттэн, хаар сири саппытыттан, күөл мууһа тоҥмутуттан баай эрэ ыаллар үөрэллэр. Үөрүмүнэлэр даҕаны, сайын устата көлүллүбэккэ-мииниллибэккэ, күөх сирэм сүмэтигэр мэччийэн, хончойор саалламмыт, бигээн көрдөххө ойоҕоһун уҥуоҕа биллибэт гына уойбут аттарын хамначчыттарыгар туттаран, айааһаттаран, киэҥ сиринэн кэлэр-барар кэмнэрэ кэлэн истэҕэ дии.

Хаар хаҥыыр. Өрүстэр, үрэхтэр муустара турар. Айан суола аһыллар, сырыы элбиир. Баайдар, эмис сүөһүлэриттэн талан, идэһэлэнэллэр. Эргиэн-атыы үгэнэ буолар.

Оттон кыаммат кыра-дьадаҥы дьон, кыһыҥҥы тымныы кыһарыйан, аас-туор олох ыксатан, кэлэр саас, сайын үтүө күннэрин баайдарга атыылаан, хабалаҕа киирэр кэмнэрэ ыган тиийэн кэлэн истэҕэ дии.

Халлаан тымныйдар тымныйан барар. Күн, саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин үрүҥ көмүс туоһахтатын курдук, нэһиилэ кылбайан көстөр, сырдыгы, сылааһы кыайан биэрбэт буолар. Кини, саҥа тахсан иһэн, кэрии тыа кэтэҕэр түһэн саһар.

Ол курдук, бу бүгүн эмиэ кыһыҥҥы күн төгүрүк алаас арҕаа эҥээринээҕи тыа кэтэҕэр саҥа киирэн эрдэҕинэ, илиҥҥи аартыгынан икки сыарҕалаах ат көһүннэ.

Орто Бүлүү улууһун бастыҥ баайа – Харатаайап кулуба суос-соҕотох кыыһа Маайа, бу кэлэн иһэр дьон кини аатын ааттаан иһэллэрин билбэккэ, хамначчыт кыргыттары кытта хотон-балаҕаҥҥа киирэн кэпсэтэ, күлэ-оонньуу олордо.

Маайа быйыл күһүн сүүрбэ иккитин туолан, эт тутан, ситэн-хотон сылдьар. Кини ийэтин Ылдьаананы маарынныыр, арыы-саһыл ыраас хааннаах, кэҥэс соҕус чэмэлкэй хара харахтаах, көнө муруннаах, кулуһун курдук көбүс-көнө уҥуохтаах, синньигэс биилин ааһа түһэр долгуннурар хара суһуохтаах нарын бэйэлээх кыыс.

Аттаах дьон тэлгэһэҕэ киирэн тохтоотулар. Аттара илистибититтэн сэрэйдэххэ, ыраахтан сылдьар айан дьоно быһыылаахтар.

Хамначчыт кыргыттар, үтүрүһэ-үтүрүһэ, аанынан быгыаластылар, түннүгүнэн өҥөҥнөстүлэр.

– Оок-сиэ, сыарҕалара кырааскалаах.

– Сыарҕалыын, дугалыын көмүс нобуорунай!

Бэдэр суорҕан үллүктээх, хара эһэ тириитэ тэллэхтээх инники сыарҕаттан кырдьа барбыт киһи бэрт ыараханнык оронон турда. Бэргэһэтин кырыатын ыраастанна, олбуор иһин эргим-ургум көрүтэлээтэ.

– һыы, баай да дьон… Бэдэр үллүктээхтэр!

– Па диибин даҕаны… оҕонньор эбит буолбат дуо? – диэн Маайа кэлэйбит курдук саҥа аллайда.

– Аҕата быһыылаах.

Бөрө суорҕан үллүктээх кэлин сыарҕаҕа туох да баара биллибэт. Кырдьа барбыт киһи, аттары баайталаан баран, бөрө үллүгү арыйа тарта, тугу эрэ саҥаран тыына бурҕаҥнаата. Сыарҕа иһиттэн хара саһыл тыһа бэргэһэ көһүннэ, онтон хара дыраап сонноох синньигэс эдэр киһи ойон турда. Кэлбит дьон иккиэн, дьоһумсуйа туттан, Харатаайап кулуба хоруобуйалаах саҥа улахан дьиэтин диэки бардылар.

– Иккиһэ эдэр… Уола быһыылаах!

– Эмиэ кимнээхтэрбит кэллэхтэрэй? – Маайа, хайаан да миигин ыйыттара кэллэхтэрэ диэн, сирэйэ кытарда.

Күн киирдэ. Хотон-балаҕан иһэ борук-сорук буолла. Кыргыттар сүөһүлэри хотоҥҥо киллэртии таҕыстылар. Маайа дьиэтигэр тахсарга тиэтэйбэккэ олордо.


* * *

…Харатаайаптаах аҕыс оҕону көммүттэрин кэннэ Маайа төрөөбүтэ. Кинини, бу сордоох эмиэ сотору өлөрө буолуо диэн, бороохтуйуор диэри, үс ый кэриҥэ, сүрэхтэппэккэ олорбуттара.

Сүрэхтэппит күннэриттэн ыла Харатаайаптаах дьиэлэригэр Маайа аата дьонун уоһуттан түспэт буолбута. Кини иннигэр төрөөн өлбүт аҕыс оҕо ахтыыта, аһыыта, таптала барыта мунньуллан Маайаҕа тиксибитэ.

Сылтан сыл ааһан испитэ. Маайа улаатан истэҕин ахсын соҕотохсуйан дьиэтигэр улам тэһийбэт буолан барбыта. Таһырдьа таҕыстар эрэ, куруутун элбэх дьонноох сиргэ – хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарыгар киирэрэ. Хамначчыт кыргыттар бастаан утаа, хотуннарыгар Ылдьаанаҕа үтүө оҥороору, Маайаны араастаан саатата сатыыллара. Онтон улам таптаан, бу кыыһы доҕордорун курдук көрөр буолбуттара.

Кыыһа хамначчыттарын кытта бодоруһарын, оонньуурун көрөн, аҕата ийэтин сэмэлиирэ, мөҥөрө:

– Оҕобут, эйигин удьуордаан, хамначчыттартан арахпат… Ол да иһин этэллэр эбээт: «Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйэр», – диэн… Кыыскын хамначчыттары кытта бодоруһуннарыма!

Ылдьаана бу дьиэҕэ сүктэн кэлиэҕиттэн ыла көмүскэтэрэ эрэ көмүскэтин уута, харыһыйтарара эрэ хараҕын уута этэ. Бастаан, кэргэнин аҕата – тойоно баарына, хас күннэтэ аайы кини дьадаҥы, быстыбыт, кумалаан төрүттээҕэ ахтыллара, кинини онон сирэй-харах анньаллара. Ол олус кыһыылаах-абалаах этэ. Тойоно өлбүтүн кэннэ өтөр буола-буола аны кэргэнэ кинини ити курдук хомуруйар буолбута. Ылдьаана, итинник сэмэни-суҥханы истимээри, кыыһын Маайаны «хамначчыттар балаҕаннарыгар сылдьыма» диэн буойа сатыыра да, оҕо аата оҕо, быыс буллар эрэ бара турара.

Сэмэн Уйбаанабыс улууһугар кулубанан ананар кэмигэр Маайа уончалаах кыысчаан этэ. Аҕата сотору-сотору Бүлүү куоратыгар киирэрэ. Ол сылдьан, куорат баайдарын оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэллэрин көрөн, ымсыыра саныыра. Биирдэ кини, куораттан тахсан баран, кэргэнигэр Ылдьаанаҕа эппитэ:

– Маайабытын үөрэттэрэрбит хайдах буолуой?

Ылдьаана ону истиэн баҕарбатаҕа. Оҕото киниттэн ырааттаҕына, өлбүтүн-сүппүтүн курдук саныах быһыылааҕа. Онон Маайаны оскуолаҕа биэрбэтэхтэрэ.

Сотору соҕус Бүлүү куоратыттан ыспараанньык тойонтон суруктаах икки казак Аркадий Романович Эхов диэн көскө уураахтанан кэлбит политическай сыылынайы таһаарбыттара.

Эхов кып-кыһыл хааннаах, хагдарыйбыт бэттиэмэ курдук саһарымтыйан көстөр куударалаах баттахтаах, хойуу будьурхай бытыктаах, сааскы былыта суох халлаан кэриэтэ ыраас күөх харахтаах хатыҥыр соҕус нуучча киһитэ этэ. Эховы көрбүт эрэ киһи: «Ама, маннык бэйэлээх киһи туох куһаҕаны оҥорбут үһү!» – диэххэ айылааҕа. Оттон кинини кытта кэлбит докумуон этэринэн, Эхов, Петербург куорат университетыгар үөрэнэ сылдьан, Александр II ыраахтааҕыны өлөрөр соруктаах студенческай бөлөххө кыттыбыт эбит. Кинини 1876 сыллаахха Петропавловскай кириэппэс хаайыытыгар укпуттар. Сотору сууттаабыттар. Суут уурааҕынан өлүөр диэри кириэппэскэ олордорго быһаарбыттар. Кини биэс сыл олорбутун кэннэ Александр II ыраахтааҕыны өлөрбүттэр. Өлбүт ыраахтааҕы уола Александр III ыраахтааҕы бүрүстүөлүгэр олороругар таһаарбыт манифеһынан, Эховы хаайыыга олоруохтааҕын «өлүөр диэри Илиҥҥи Сибииргэ көскө ыытарынан» солбуйбуттар.

Аркадий Романович Эховы Петропавловскай кириэппэстэн ыраах Саха сиригэр аҕалыахтарыгар диэри икки сыл кэриҥэ бэрт үгүс пересыльнай түрмэлэри кэрийтэрбиттэрэ, дьэ ол кэнниттэн кинини 1883 сыллааҕы күһүн Орто Бүлүү улууһугар олохсута таһаарбыттара. Эхов кэллэҕин утаа улуус быраабатын дьиэтигэр олорбута. Харатаайап кулуба маҥнай утаа: «Бу бэһиэччик тугу эрэ оҥорор?» – диэн куттана саныыра. Суох, Эхов туох да куһаҕаны оҥорботоҕо. Бэрт эйэҕэс, ону-маны кэпсэтэ-ипсэтэ сатыыр олус ис киирбэх киһи эбит этэ.

Сэмэн Уйбаанабыс кэнникинэн: «Бу киһиэхэ, хата, оҕобун Маайаны үөрэттэриминэ», – дии санаталыыр буолан барбыта. Ол да буоллар күн судаары утары илиитин көтөҕөөрү сылдьыбыт киһиэхэ суос-соҕотох оҕотун үөрэттэриэн дьиксинэрэ. Ити курдук хас да ый ааспыта.

Улуус суруксута ханнык да дьыаланы аан бастаан хайаан да Эховка көрдөрөн, сүбэлэтэн баран оҥорор, суруйар буолбута. Сэмэн Уйбаанабыс ону дьиктиргээн, биирдэ суруксутуттан ыйыппыта:

– Бэйи эрэ, ити суруйар кумааҕыларгын тоҕо судаарыскайга көрдөрөр, оҥорторор буолаҕыный?

– Э-ээ, ити улахан үөрэхтээх киһи. Кини мин оҥорбут дьыалабын көннөрөн биэрэр… Кини көннөрбүт дьыалата туох да эҥкилэ суох барар!.. Элбэх билиилээх киһи… Хаарыаны, кини билиитин, сатаатар, аҥаарын да билбит киһи баар ини! – диэн хардарбыта.

Улуус суруксута – Бүлүү куоратын таҥаратын дьиэтинээҕи икки кылаастаах оскуоланы бүтэрбит Хаппытыанап баай аччыгый уола.

– Оттон күн ыраахтааҕыны утары илиитин көтөҕөөрү гына сылдьыбыта? – диэн Харатаайап таайтара соҕус ыйытар.

– Ээ-ээ, ол хаһан эрэ урут, уонтан тахса сыл анараа өттүгэр… буола сырытта эрэ, суох эрэ. Кини, хата, хайа сах биһиги тылбытын үөрэтэн билэн эрэр!

Сэмэн Уйбаанабыс бу кэпсэтии кэнниттэн хас да хонук устата Эхов сирэйин-хараҕын, кини тутта сылдьар быһыытын, хайдах саҥарарын кэтээн көрөр буолбута. Суох, туох да куһаҕаны оҥоруох быһыыта биллибэт. Хата, ол кэриэтэ кини остуорас оҕонньортон саҥа истибит сахалыы тылын олуона баҕайытык саҥара-саҥара кыракый кумааҕыга бэлиэтэнэр этэ: «Инах барда»…

– Ити, «инах» диэн «ынах» диир быһыыта дуу? – Харатаайап кулуба суруксутуттан ыйытар. – Ынах… Өйдөөтүҥ дуо, «ынах» диир буол.

Бу этэ Сэмэн Уйбаанабыс судаарыскайы кытта аан бастаан айах атан кэпсэппитэ. Мантан ыла кини Эховтан куттанара, дьиксинэрэ улам ааһан барбыта, сөптөөх түгэн түбэстэр эрэ кэпсэтэ сатыыр буолбута.

Арай биирдэ Эхов таһырдьаттан бырааба дьиэҕэ киирбитигэр, Сэмэн Уйбаанабыс суруксутугар эппитэ:

– Ыл ыйыт эрэ, бу киһи… кыра оҕону ааҕарга, суруйарга уонна нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтиэ буолуо дуо?

Суруксут Эховтыын бэрт өр тугу эрэ кэпсэппиттэрэ. Харатаайап кулуба, нууччалыы биир да тылы билбэт буолан, дьүлэй киһи курдук олорбута. Аркадий Романович кулуба кыыһын ааҕарга, суруйарга уонна нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтиэх буолан сөбүлэспитэ.

Улуус быраабатыттан Сэмэн Уйбаанабыс ол киэһэ, бэркэ үөрэн-көтөн, Эховы дьиэтигэр илдьэ тахсыбыта. Бүтүн улуус үрдүнэн Хаппытыанап баай икки эрэ уола ханнык эмэтик нууччалыы лахсыһаллара уонна сурук хараҕын билэллэрэ. «Мин туохпунан Хаппытыанап баайтан итэҕэспиний? Мин да кыыһым нууччалыы кэпсэтэр, сурук хараҕын ааҕар буоллун!» – дии саныыра Харатаайап. Кини кыыһа үөрэнэн, үөрэхтээх киһи буолан туһалыырын туһунан саныы да барбат этэ.

Харатаайап кулуба дьиэтин иһигэр киирээт, үтүлүктээх бэргэһэтин устан уурар бокуойа суох, кэргэнигэр:

– Ылдьаана, оҕобутугар Маайаҕа учуутал аҕаллым, – диэн баран, чэйи, аһы бэлэмнии оҕус диэн тиэтэппитэ.

Ылдьаана: «Оҕобун бу эйиэхэ үөрэттэрэ биэрэбин дуо?» – диэн соһуйбут, дьиксиммит киэҥ хара харахтара нууччаҕа хатаммыттара.

Сэмэн Уйбаанабыс ону көрөн: «Бу дьахтар оҕотун аны дьиэтигэр да үөрэттэрэргэ сөбүлэнимээри гынна», – дии санаан, ааттаһан-көрдөһөн эрэрдии сибигинэйбитэ:

– Улахан үөрэхтээх киһи үһү… Чэ, Ылдьаана, оҕобутун ыраастык таҥыннаран киллэрээр.

Ылдьаана, маҥнай соһуйбута ааһан, оҕом ханна да ырааппакка, дьиэтиттэн тэйбэккэ эрэ үөрэнииһик диэн үөрэ санаабыта. Кини кыыһын хамначчыттар балаҕаннарыттан булан киллэрбитэ. Кэтэ сылдьар таҥаһын уһултарбыта:

– Тоойуом, Маайа, аҕаҥ учууталы аҕалбыт, эйигин сурукка үөрэтиэ үһү… Чэ, ыраас ырбаахыта, саары этэрбэстэ кэтиэх!

Маайа, үөрүөн кэриэтэ, хомойбут курдук буолбута. Кини, оонньуу сырыттаҕына тутан киллэрбиттэриттэн кыыһыран, уоһун сөттөччү туттан туран:

– Мин үөрэниэхпин баҕарбаппын! – диэн татынньахтаммыта.

Ийэтэ күүһүнэн кыыһыгар ыраас, саҥа таҥаһы кэтэрдэн баран аҕатыгар сиэтэн таһаарбыта. Кыыс, урут көрбөтөх нууччатын көрөн атыҥыраан, аҕатын кэннигэр сөрүөстүбүтэ. Сэмэн Уйбаанабыс кыыһын илиититтэн сиэтэн Эхов аттыгар аҕалбыта:

– Маайа, бу учуутал… Эйигин ааҕарга, суруйарга уонна нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтиэ. Эн Хаппытыанаптаах уолаттарын курдук нууччалыы кэпсэтэр буолуоҥ… Өйдөөтүҥ дуо? Чэ илиигин биэрэн дорооболос!

«Миэхэ үөрэттэрэр кыыстара бу буоллаҕа», – диэн сэрэйэн, Аркадий Романович кэпсэтээри, кыыска илиитин ууммута. Маайа, үргүүк кыыл оҕотун курдук, кэннинэн чинэрис гынан баран, ытаан марылаабыта. Онон бу киэһэ туох да кэпсэтии кыайан тахсыбатаҕа.

Сарсыарда дьоно Маайаттан эмиэ көрдөһө-ааттаһа сатаан кэбиспиттэрэ да, кыыс нуучча киһитигэр син биир чуга-һаабатаҕа. Эхов икки хоноот, Бүлүү куоратыгар киирбитэ. «Буквары» уонна «Ааҕар кинигэни» кытта кэмпиэт кэһиилээх төннөн тахсыбыта. Итиэннэ, дьэ, Аркадий Романович, бэркэ диэн наллаан, кэмпиэтинэн мэҥиэлээн, кинигэлэрин ойууларын көрдөртөөн, Маайаны бэйэтигэр арыый чугаһаппыта. Кинигэҕэ ынахтар, аттар ойууламмыттарын көрөн, кыыс олору сахалыы ааттаталыыр буолбута. Учуутала ону кини көрбөтүгэр сурунан иһэрэ. Маайаҕа ыраас кумааҕы, харандаас биэрэн, кинигэлэрин ойуутун уһултарара. Кинилэр ол курдук улам бодоруһан, доҕордоһон бараллар.

– Маайа биһикки бэйэ-бэйэбитин үөрэтиһэбит, – дии-дии Аркадий Романович күлэрэ. Кырдьыга да оннук этэ. Аркадий Романович Маайаны нууччалыы ааҕарга, суруйарга уонна суоттуурга үөрэтэрэ, оттон Маайа учууталын сахалыы кэпсэтэргэ үөрэтэрэ.

Сааһыгар тиийэн Маайа учууталын олус таптыыр, убаастыыр буолбута. Аркадий Романович бу сытыы өйдөөх, үөрэҕи ылынымтыа, көрсүө бэйэлээх кыыһы эмиэ төрөппүт оҕотун курдук таптаабыта. Кинилэр күнү быһа бииргэ сылдьаллара, бэрт үгүһү кэпсэтэллэрэ.

Маайа хайдах эрэ эмискэ улааппыкка, дуоспуруннаммыкка дылы буолбута. Кини уруккутун курдук дьонугар наһаа атаахтыыра уурайбыта, үөрэҕэр тартаран, урут арахпат туруорбах балаҕаныттан тэйэн хаалбыта. Хамначчыт кыргыттар, кулуба тойон кыыһын кытта хаһан тэҥнэһээри, Маайаны кытта эмиэ көрсө, кэпсэтэ сатаабат этилэр.

Маайаны хамначчыт кыргыттартан ордук Сүөкүлэ кыыс суохтуура, ахтара. Кини, тулаайах буолан, манна хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар кэлиэҕиттэн ыла куруутун атаҕастабылга сылдьара. Урут Маайа эрэ киирдэҕинэ Сүөкүлэ күнэ тахсар буолара. Маайа бу саастыы кыыһын кытта куруутун оонньуура, кинини мөҥөөрү-этээри гыннахтарына көмүскэһэр, атаҕастаппат этэ. Ол иһин Сүөкүлэ кыыс ким эмэ атаҕастаатаҕына:

– Бэйи уус, Маайа киирдэҕинэ үҥсүөм, – диир идэлээҕэ.

«Үөрэх да сылаалаах» диэн өс хоһооно баар. Маайа сааһыары арай биирдэ, үөрэнэриттэн сылайан, учууталыттан ыйыппыта:

– Мин хамначчыт кыргыттары кытта оонньуу тахса сылдьарым син дуо?

Аркадий Романович итини соһуйа истибитэ:

– Тоҕо миигиттэн оонньуу тахсаргын ыйытаҕыный?

– Аҕам, хамначчыттары кытта оонньуурбун көрдөҕүнэ, мөҕөөччү… Сырытыннарааччыта суох.

Аркадий Романович, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түспүтэ. Бу баай саха, хара суор оҕотун уһуйарын курдук, кыыһын үлэһит-хамначчыт дьону сэнии, атаҕастыы көрөргө үөрэтэр эбит. Оттон кини, нуучча революционера, баччааҥҥа диэри онуоха букатын кыһаллыбакка сылдьар, саатыан иһин, баччааҥҥа диэри кулуба хамначчыттарын да кытта билсиһэ илик, тылларын билбэппин диэн…

– Маайа, тахсыах… Кимнээҕи кытта оонньуургун миэхэ көрдөр, билиһиннэр.

Маайа үөрэн хап-хара төгүрүк харахтара чаҕылыспыттара: билигин, баҕар, учуутала баарына, учууталын кытта сырыттаҕына, аҕата хамначчыттары кытта оонньуугун диэн мөҥүө суоҕа. Аркадий Романович буоллаҕына бэйэтэ биир туспа санаалааҕа: «Кулуба тойон, бэйи хайабыт үөрэтиитэ кыыс өйүгэр ордук хатанар эбит!»

Маайа үөрүүтүн кытта учууталын илиититтэн сиэтэн хамначчыттар туруорбах балаҕаннарыгар таһаарбыта. Саадьаҕай тирии бүрүөһүннээх чэҥнээх ааны аһан балаҕан иһигэр киирбиттэрэ. Сүөдэйбит көмүлүөк оһох умайан күөдүпчүлэнэ турара. Илдьирийэн хаалбыт нэк сонноох, эргэ даба ырбаахылаах, тараах таарыйбатах иилистибит баттахтаах хас да кыыс оһох иннигэр иттэ тураллара. Маайа нуучча учууталын батыһыннаран киирэн иһэрин көрөн, бары үрүө-тараа барбыттара. Сүөкүлэлээх Кэтириис хаҥас ороҥҥо саһан олорбуттара.

– Сүөкүлээ… Кэтириис! Эһигини кытта Аркадий Романович кэпсэтиэн баҕарар… Кэлиҥитиий! – диэн Маайа ыҥыртаабыта.

Кыргыттар куттанан, оҥоччу көрөн олороллоро, хайалара да: «Мин баарбын», – диэх быһыыта суоҕа.

– Кэллэ кэпсэтэ, – диэн Аркадий Романович олуонатык сахалыы саҥаран эмиэ кыргыттары ыҥыртаан көрбүтэ.

Кэмниэ кэнэҕэс, субу төттөрү ыстаныах курдук көрө-көрө, Сүөкүлэ кыыс оһох иннигэр кэлбитэ.

– Саас хас? – Аркадий Романович ыйыппыта.

– Сааһым уон икким.

– Төрөппүт мама баар?

– Ийэлээххин дуо диэн ыйытар, – Сүөкүлэ өйдөөбөтөҕүн көрөн, Маайа быһаарбыта.

– Өлбүтэ.

– Папа?

– Ити тугу ыйытарый?

– Аҕаҥ баар дуо диэн ыйытар, – Маайа эмиэ тылбаастаабыта.

– Аҕалаахпын да билбэппин.

Сүөкүлэ нуучча киһитэ учууталы кытта чобуотук кэпсэтэн барбытын көрөн, атын кыргыттар эмиэ утуу-субуу уот иннигэр кэлбиттэрэ. Учуутал бу кыргыттартан ааттарын, саастарын, дьоннорун ыйыталаспыта. Итинтэн сиэттэрэн улам бодоруһан, сахалыы-нууччалыы булкуйан кэпсэтэн барбыттара. Кыргыттар көрө-көрө куттаналлара ааспыта. Нуучча киһитэ күлэрин-оонньуурун сөбүлүү санаабыттара.

Өр соҕус олорон, ону-маны кэпсэтэн баран, Аркадий Романович кыргыттартан ыйыппыта:

– Суруйарга, ааҕарга үөрэниэххитин баҕараҕыт дуо?

Кыргыттар бары сир диэки умса көрөн кэбиспиттэрэ.

– Үөрэхтээх киһи ону-маны барытын ааҕан билэр. Эһиги элбэҕи билиэххитин баҕарбаккыт дуо?

Кыргыттар тугу да саҥарбатахтара. Аркадий Романович бу хараҥа туруорбах балаҕаҥҥа олорор, күнүстэри халлаан сырдыгын көрбөт хамначчыт кыргыттары улаханнык аһына санаабыта. Кини бу хара батталга сылдьар эрэйдээхтэри үөрэтэн, харахтарын аһар, өйдөрүн сырдатар санаалааҕа.

– Тойоммут бу Маайаны кытта бииргэ олорон үөрэнэрбитин сөбүлүө суоҕа, – диэбитэ Сүөкүлэ кыыс.

– Хантан кэлбит солобутунан үөрэнэ олоруохпутуй? – Кэтириис тыл кыбыппыта.

– Мин ийэбиттэн көҥүллэтиэм, – диэбитэ Маайа, кини доҕор кыргыттарын кытта бииргэ үөрэниэҕин олус баҕарбыта.

Аркадий Романович өр соҕус саҥата суох олорбута. Биллэн турар, Харатаайап кыыһын бу хамначчыт кыргыттарын кытта бииргэ олордон үөрэттэриэн баҕарыа суоҕа.

– Эһиги төһөҕө арыый соло буолааччыгытый?

– Бу билиҥҥиттэн киэһэ, ынахтары хотонноругар киллэриэхпитигэр диэри.

– Үчүгэй, мин баччаҕа киирэр буолуом.

Бу күнтэн ыла Аркадий Романович, Маайаны тылбаасчыт оҥостон, сэдэх да соҕустук буоллар, хамначчыт кыргыттары кытта киирэн кэпсэтэр, кинилэри ааҕарга үөрэтэр буолбута. Сүөкүлэ кыыс биирдэ истибитин умнубат, көрбүтүн өйдүүр буолан, үөрэҕи олус ылынымтыа этэ. Оттон Кэтириис ыар үлэттэн сылайар, онуоха эбии дьалбаа буолан үөрэппитин умнан кэбиһэр идэлээҕэ.

Аркадий Романович кыргыттары кытта кэпсэтэригэр кинилэр тугу үлэлииллэрин, хамнастарыгар тугу аахсалларын ыйыталаһан, ону кыракый киниискэтигэр бэлиэтэнэн тахсара, ол быыһыгар Сүөкүлэни остуоруйалатара, ыллатара уонна ол остуоруйалары, ырыалары эмиэ киниискэтигэр сурунан иһэрэ.

Сүөкүлэлээх Кэтириис саҥардыы аҕыйах буукубаны билэн, олору холботолоон тыл таһаарарга үөрэнэн эрдэхтэринэ, тойонноро Харатаайап кулуба киирэн кэлбитэ. Кыргыттар, тойонноро киирэн иһэрин көрөөт, хотоҥҥо ыстаммыттара.

Харатаайап кулуба, бөдөҥ гына быһыллыбыт буукубалар остуолга тэлгэтиллэ сыталларын атын кымньыытын уһугунан булкуйа-булкуйа:

– Учуутал, хамначчыттары үөрэтэр эбиккин дуу? – диэн өһөхтөөхтүк утары көрөн туран Эховтан ыйыппыта:

– Үөрэтэбин.

– Миэхэ олоруоххун, мин оҕобун Маайаны үөрэтиэххин, миигиттэн хамнас ылыаххын баҕарар буоллаххына, манна киирбэт, сылдьыбат буол!

Аркадий Романович, бу баай киһи бардамыттан, үлэһит-хамначчыт дьону сэниириттэн абаккаран, остуолга сытар буукубаларын хомуйа тутан ылан сиэбигэр уктаат, саҥата суох балаҕан иһиттэн тахсан барбыта.

Ити күнтэн ыла нуучча учуутал, хамначчыт кыргыттары оҥостон олорон ааҕарга, суруйарга үөрэппэтэр даҕаны, түгэн түбэстэр эрэ кинилэри кытта бэрт өр сэһэргэһэр, кинилэргэ норуот олоҕун уонна ону хайдах гынан тупсарар туһунан кэпсиир идэлэммитэ.

Маайа икки сыл үөрэммитэ. Уон иккитин туолан, хороччу улаатар.

Аркадий Романович Маайаны улам таптыыр буолан барбыта. Арай били хамначчыттар балаҕаннарыгар Харатаайап кулуба айдаарбытыттан сылтаан кини бу кыыһы хайдах эрэ абааһы көрө сылдьыбыттааҕа. Ол эрээри, кырдьыга, бу батталлаах олох ис хоһоонун үчүгэйдик өйдүү, билэ илик оҕо дьоно баайыгар, аҕата кулубатыгар туох буруйдаах буолуон сөбүй? Кини билигин бу кыыс өйө-санаата тобулларыгар, сайдарыгар хайаан да көмөлөһүөхтээх. Учуутала кыыһы туохха үөрэтэрин биллэҕинэ, кулуба тойон сөбүлүүрэ биллибэт. Эхов онтон куттаммат. Кини үүрүллүө-холдьоҕуллуо да буоллар, санаабыт санаатын тиһэҕэр тиэрдиэх тустаах!

Күннэр-ыйдар ааһан истилэр. Ороһооспо, онтон Кириһиэнньэ бырааһынньыктара кэллилэр. Маайа урут, кыра эрдэҕинэ, хойутаан турар, киэһэ эрдэ сытар буолан, дьонун кытта бииргэ таҥараҕа үҥпэт этэ. Билигин, улаатан, дьонун ааҕы кытта бииргэ таҥараҕа үҥэр, таҥараҕа тиксиһэр буолбута.

Кыһыҥҥы таҥаралар чугаһааталлар эрэ, Аркадий Романович куруутун куоракка киирэн хаалара. Онон кини таҥараҕа хайдах үҥэрин Маайа көрө илигэ. Арай бу быйыл Аркадий Романович куоракка киирбэтэҕэ, Кириһиэнньэ таҥараны Харатаайаптаахха ылар буолбута.

Киэһэ таҥара холоругар хас да чүмэчини уматан сандаардан баран, Сэмэн Уйбаанабыс, таҥара тугу биэрэрин барытын ким-хайа иннинэ кини ылыах курдук, дьонун иннигэр киирэн туран, кириэс охсунан барбыта. Кинини батыһан Ылдьаана, ийэтин аттыгар турар Маайа эмиэ кириэстэнэн сапсыммыттара. Аркадий Романович кинилэр кэннилэригэр турбута. Арай биирдэ Маайа эргиллэн көрбүтэ: учуутала хам-бааччы турара. Уоһун уһугар мичик олорбут этэ. «Таҥараттан тугу да көрдөспөт, кириэстэммэт быһыылаах», – дии санаабыта Маайа.

Сарсыарда суунан-тараанан бүтээт, дьиэлээх тойон, таҥара күлүгүн иннигэр хас да чүмэчини уматан баран, эмиэ инники киирэн: «Таҥара иннигэр миигиттэн ураты улахан үтүөлээх ким да суох!» – диэбиттии дьоһумсуйан туран, кириэс охсунан барбыта.

Маайа Аркадий Романович таҥараҕа хайдах үҥэрин билээри соруйан дьон кэннигэр, дьиэ эркинигэр сыста соҕус турбута уонна учуутала биирдэ да кириэс охсумматын, бокулуоннаан төбөтүн тоҥхоппотун, таҥара иннигэр «мин эйигиттэн итэҕэһим суох!» диэбиттии туттан турарын олус дьиктиргии көрбүтэ.

Бырааһынньыктар ааспыттара. Маайа эмиэ күннэтэ аайы үөрэнэн барбыта. Үөрэҕин кэнниттэн киэһэ хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарыгар тахсара. Онно кыргыттар хас киэһэ аайы «айыы» уонна «абааһы» туһунан сэһэргэһэллэрэ. Хайаларыттан да Сүөкүлэ кыыс ордук уустуктаан-ураннаан кэпсиирэ. Кини, оһох уотун соруйан имик-самык оҥорон баран, балаҕан иһэ хараҥаран, баҕаналар күлүктэрэ туохтар эрэ барыаран туралларын курдук көстөр буолуута кэпсээнин саҕалааччы. Сүөкүлэ сэһэнэ барыта киһи куйахатын күүрдэр ынырык, илэ хаама сылдьар үөрдэр, ааттаах абааһылаах өтөхтөр тустарынан буолара. Ардыгар кыргыттар сымыйарҕаан:

– Итини барытын эн кимтэн истибиккиний? – диэн Сүөкүлэттэн ыйыталлара.

Оччоҕо Сүөкүлэ, хороонуттан быкпыт күтэр курдук, хап-хара кыараҕас хараҕынан оҥоччу көрө-көрө:

– Мин оҕо эрдэхпинэ Ньалбарытта эмээхсин кэпсиирэ. Итэҕэйбэтэххитинэ, баран сэһэргэттэриҥ ээ.

Ньалбарытта эмээхсин Хампа быраабатын аттыгар олорор сураҕын кыргыттар истэллэрэ. Ол эмээхсин бэрт үгүс сэһэннээх, эҥин араас былыргы үһүйээннэри билэр сурахтааҕа.

Кыргыттар, хамначчыт уолаттар, оҕонньоттор, дьахталлар бары абааһыны-айыыны итэҕэйэр этилэр. Маайа, кинилэр курдук, эмиэ итэҕэйэрэ. Ол иһин биирдэ, абааһы туһунан учуутала туох диирин истээри, ыйыппыта:

– Аркадий Романович, абааһы баар диэн кэпсииллэрэ кырдьык дуо?

Аркадий Романович толкуйдуу да барбакка эрэ:

– Сымыйа! Отой сымыйа! Абааһы суох! – диэн Маайаны соһуппута.

– Оттон таҥара баар дуу?

– Таҥара диэн эмиэ суох! Оннооҕор ити аҕабыыттар, дьоҥҥо таҥара итэҕэлин тарҕатар дьон, бэйэлэрэ даҕаны таҥара баарын итэҕэйбэттэр.

Маайа баччааҥҥа диэри таҥараны да, абааһыны да олус итэҕэйэр этэ. Онон Аркадий Романович тылыттан кини улаханнык соһуйбута.

Кыыс итэҕэйбэтэх курдук көрөрүн өйдөөн, Аркадий Романович кини санныгар илиитин уурбута уонна бэйэтин олоҕуттан биир түбэлтэни кэпсээбитэ:

– Аҕабыыттар бэйэлэрэ да таҥараны итэҕэйбэттэрин мин маннык түбэлтэҕэ билбитим: Петропавловскай кириэппэскэ хаайыыга олорон, тугу даҕаны гыныахпын булумуна, туора киһини кытта кэпсэтэн аралдьыйа түһээри, аҕабыыты ыҥыттарбытым. Онуоха Петропавловскай кириэппэс собуорун благочиннайа, кырдьаҕас протоиерей, кэлбитэ. Кини миигин көрөөт: «Тугунан эйиэхэ көмөлөһөр кыахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта. Мин, дьылҕам хайа сахха уурааҕынан быһаарыллыбыт, ыраахтааҕынан бигэргэтиллибит киһи, киниттэн туох көмөлтөтүн көрдөһүөмүй. Онон дьээбэрэммин: «Баачыка, мин олорор камерабар бөөлүүн таҥара илэ бэйэтинэн киирэ сырытта!» – диибин. Кырдьаҕас протоиерей мин диэки хатыылаах баҕайытык көрүтэлээн баран: «Ол киирэн туох диэтэ?» – диэн ыйытар. «Таҥараны итэҕэйэр православнай киһини олус куһаҕаннык туталлар эбит… Итини духовнай аҕаҕар эт диэтэ», – диэн мин адьас сымыйаны этэбин. Аҕабыыт сирэйэ кубулуйа түстэ: «Сымыйалаама, ким даҕаны итини итэҕэйиэ суоҕа», – диэт мин камерабыттан тахсан барда, – Аркадий Романович өрдөөҕүтэ олорбут хаайыытын камератын өйдөөн үөһэ тыынан ылла: – Үөрэх төһө күүскэ сайдар да, таҥара, абааһы баар диэн этии сымыйата соччо түргэнник биллэн, дакаастанан иһэр, – диэн Аркадий Романович, Маайаҕа үчүгэйдик быһааран, өйдөтөн, өр кэпсээбитэ. Ити курдук кини, кинигэнэн эрэ муҥурдаммакка, олох быһыытын-майгытын эмиэ биллэрэргэ кыһанара. Онтон сирдэтэн Маайа баттал, албын, сымыйа диэн баарын өйдүүр буолан барбыта.

Аркадий Романович бу Харатаайап кулубалаахха кэлэн олорбута, Маайаны үөрэппитэ үһүс сылыгар барбыта. Маайа бу сыл устатыгар бэрт элбэххэ үөрэммитэ, нууччалыы иҥнибэккэ үчүгэйдик кэпсэтэр буолбута.

– Маайа, мин эйигин гимназияҕа быһа киирэр гына бэлэмниэм, – дии-дии Эхов үөрбүт хараҕынан Маайаны көрүтэлиирэ, эйэҕэстик мичээрдиирэ.

Гимназияҕа үөрэнэ барарын дьоно төһө сөбүлүүллэрэ-сөбүлээбэттэрэ биллибэтэр даҕаны, кыыс итини истэ-истэ олус үөрэрэ.

Арай биирдэ, Аркадий Романович Бүлүү куоратыгар киирбитин кэннэ, Хампа таҥаратын дьиэтигэр саҥа кэлбит Сиилин аҕабыыт Харатаайап кулубалаахха ыалдьыттыы тахсыбыта. Баачыкаҕа бастыҥ остуол тардыллыбыта, ас-арыгы бөҕө туруоруллубута.

Үһүс-төрдүс үрүүмпэ кэнниттэн дьиэлээх тойон ыалдьытыныын биллэр буола холуочуйбуттара. Баачыка, үөрэн-көтөн ньалҕарыйан олорон, Маайаны кытта нууччалыы кэпсэтэрин истэн, Сэмэн Уйбаанабыс сүрэҕэ үөрэрэ. Тугу да саҥарбакка, ымайан, истэн олорбохтоон баран, ыалдьытыгар кэпсээбитэ:

– Оҕобун үөрэттэрээри, дьиэбэр учуутал тутабын.

– Олус үчүгэй… Кыысчаан маладьыас, нууччалыы олус үчүгэйдик саҥарар… Олус дьоҕурдаах оҕо… Сэмэн Уйбаанабыс, хайаан да оҕоҕун салгыы үөрэттэр.

Аҕата баачыкалыын кэпсэтэн барбыттарыгар Маайа, аа-дьуо остуолтан туран, хамначчыттара олорор балаҕаннарыгар тахсыбыта.

– Маайа, баачыканы кытта кэпсэ… – диэн иһэн Харатаайап, кыыһа суоҕун көрөн, тохтуу түспүтэ. – Ылдьаа- на-а, Маайа ханнаный? Булан киллэр эрэ. Баачыканы кытта сүрдээх үчүгэй баҕайытык кэпсэтэр. Өссө истиэхпин баҕарабын…

Ылдьаана тахсан хамначчыттар балаҕаннарыттан кыыһын ыҥыран киллэрбитэ. Маайа остуол аттыгар кэлэн көрбүтэ аҕата уонна баачыка улаханнык холуочуйбуттар этэ. Аҕатын кэтит, малаҕар сирэйэ кытаран хаалбыт, иэдэһигэр абына-табына үүммүт сэдэх бытыга өссө убаабыт курдуга.

– Тоойуом, олор… Баачыка эйигин кытта нууччалыы кэпсэтэн добдугураһыан баҕарар…

Сиилин аҕабыыт, кыыс саҥарарын иһиллээри, төһүүнэн түөрэ тэптэрбит буордаах сыгынах курдук, иҥнэри түһэн олорбута. Хойуу түүлээх бытыга сэбирийэн, ньылаччы тарааммыт ньалҕаархай уһун баттаҕа, сылгы сиэлин курдук, намылыйбыт этэ.

– Тугу үөрэтэҕиний? – диэн кыыстан ыйыппыта.

– Мин ааҕарга-суруйарга, ахсааҥҥа уонна… нуучча государствотын историятыгар үөрэнэбин.

– Маладьыас!.. Дьэ олорго чуолаан тугу-тугу үөрэтэҕиний?

– Нуучча тылын грамматикатын… Ахсааҥҥа – алгебраны… Россия империятын историятыттан – Киевтээҕи государство историятын… Уонна нуучча литературатыгар – Александр Сергеевич Пушкин хоһооннорун, Николай Васильевич Гоголь кэпсээннэрин. Итилэри таһынан Иван Андреевич Крылов үгүс үгэлэрин…

Сиилин аҕабыыт сотору-сотору:

– Маладьыас! – диэн сэҥээрэ олорбута.

Маайа хаппахчытыгар сүүрэн тэлээрэн киирэн тэтэрээттэрин, кинигэлэрин аҕалан аҕабыыкка көрдөртөөбүтэ. Сиилин аҕабыыт кыыс билиитэ элбэҕин, үөрэҕэр үчүгэйин хайҕаабыта. Суос-соҕотох оҕолорун хайҕатан, төрөппүттэр сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолан, таһынан дьалкыйан, ып-ыраас харах уута буолан таммалаабыта.

Баачыка, кыыһы кытта өр соҕус кэпсэтэн, кини ааҕар кинигэлэрин арыйталаан көрбөхтөөн баран ыйыппыта:

– Ханнык мэлииппэни билэҕиний? Таҥара сокуонун кинигэлэрин үөрэтэҕин дуо?

Маайа биир да мэлииппэни билбэт этэ. Кинини учуутала таҥара сокуонун кинигэтигэр эмиэ үөрэппэтэҕэ. Арай биирдэ, гимназияҕа киирэр туһунан кэпсэтэллэригэр, Аркадий Романович: «Гимназияҕа киирэргэ таҥара сокуонун хайаан да ыйытыахтара. Ону эйиэхэ хойут үөрэтиэм», – диэн эппиттээҕэ.

– Суох… мэлииппэҕэ Аркадий Романович миигин үөрэппэтэҕэ.

– Хайдах?..

– Аркадий Романович таҥара да, абааһы да суох диир, баҕар, ол иһин миигин мэлииппэҕэ үөрэппэтэҕэ буолуо… – кыыс баачыкаҕа көнөтүнэн кэпсээбитэ.

Билигин аҕай Маайа билиитин хайгыы, күлэ-сала, үөрэ-көтө олорбут аҕабыыт хаана тоҥо, сирэйэ дьэбин уоста, кэтит бытыга уһуктана, хараҕа уоттана түспүтэ. Кыыстаах аҕабыыт тугу кэпсэтэллэрин билбэккэ, бүтэйдии үөрэн, мичиҥнии олорбут Харатаайап кулуба:

– Баачыкаа-а, мин оҕом хайдах… – диэн иһэн, аҕабыыт кубулуйан хаалбыт сирэйин дьэ өйдөөн таба көрөн, ах барбыта.

Аҕабыыт, уордайбытын омунугар кэһиэҕирбит күөмэйин ыраастанан, хаста да көхсүн этиппэхтээбитэ. Сип-сибилигин аҕай үөрүү-көтүү угуттаан турбут дьиэтин иһэ, сааскы сырдык күнү хараҥа былыт хаххалаабытыныы, хараҥара, тымныйа түһэргэ дылы буолбута.

Сиилин аҕабыыт, тылыттан маппыттыы, саҥата суох олорбохтоон баран, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураабыта. Маайа, үүтүн тохпут оҕо курдук, куттаммыт хараҕынан аҕабыыты көрүтэлии турбута. Кыыстара туох диэбититтэн баачыка бачча үлүгэр кыыһырбытын дьиэлээхтэр хантан билиэхтэрэ баарай!

Аҕабыыт остуол аттыттан аа-дьуо түөһүллэн турбута, кыыһырбытын омунугар бытыга илибириирэ.

– Сэмэн Уйбаанабыс, кыыскын кимиэхэ үөрэттэрэҕиний?.. Туохха үөрэттэрэҕиний?

Харатаайап кулуба, итинник эрэ ыйытыыны истиэм диэбэккэ олорон соһуйан, туох да диэн хоруйдуон булбатаҕа. Кини, кыыһын уонна баачыканы олбу-солбу көрбөхтөөн, төбөтүн мэкчиргэ курдук эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ, титирэстээбит куолаһынан хардары ыйыппыта:

– Баачыка-а… Оҕобун судаарыскай… сыыһа үөрэтэр эбит дуо?

– А-аа? Судаарыскайга үөрэттэрэр эбиккин дии! Ол, Сэмэн Уйбаанабыс, бэйэҥ бэйэҕинэн, хайдах буолан суос-соҕотох оҕоҕун судаарыскайга үөрэттэрэҕиний?.. Таҥараны утары… сокуону утары!

– Баачыка, мин үөрэҕэ суох хараҥа киһи тугу билиэхпиний?.. Соҕурууттан кэлбит, үрдүк үөрэхтээх киһи диэбиттэрэ. Мин ону итэҕэйбиччэ…

Сиилин аҕабыыт, бу айдаантан, аймалҕантан өлө куттанан турар Маайа диэки көрө-көрө, бардьыгынаабыта.

– Кыыскын аны судаарыскайга үөрэттэримэ! Таҥараны утары үөрэтэр эбит… истибэтэххинэ – кыыскын таҥара үҥүүтүгэр ыҥыттарыам!

– Таҥара үҥүүтүгэр да-а?!

Харатаайап кулуба уолуйан, тылыттан матан, таҥара холоругун диэки эргиллибитэ. Таҥара холоругар эргэрэн, саһаран хаалбыт хаптаһыҥҥа ойууламмыт таҥаралар күлүктэрэ, кинини сэмэлээбит курдук, уҥа илиилэрин чороччу туппутунан, чыпчылыйбакка көрөн олороллоро. Харатаайап хаста да таҥараҕа кириэстэммитэ. «Бэйи, мин кинини аны көрүөм суоҕа!.. Муустаах ураҕаһынан!..»

Мантан ыла ыпсыылаах кэпсэтии да, аһааһын да уурайбыта. Сиилин аҕабыыт өһүргэнэн, кыыһыран, быраһаайдаспакка да эрэ Хампаҕа төннүбүтэ.

Ол киэһэ Аркадий Романович куораттан тахсыбыта. Харатаайап кулуба кинини, ааҥҥа утары көрсөн, үлтү көбүөлээбитэ, сааммытын курдук, дьиэтигэр хоннорбокко да эрэ үүрбүтэ. Дьэ ити курдук Маайа үөрэнэн бүппүтэ.


* * *

Аркадий Романович Эховы Харатаайап кулуба дьиэтиттэн үүрүөҕүттэн ыла сэттэ сыл ааһар. Маайа сүүрбэтин туолар.

Харатаайап кулубалаах, баай-талым муҥутааннар, баар эрэ соҕотох оҕолорун куһаҕаннык тутуохтара дуо, оҕоттон эрэ ураты маанытык ииппиттэрэ.

– Таҥара көмөтүнэн, оҕобут дьиэлэнэр сааһын ситтэ. Сөптөөх киһитин булан, ыал оҥорбут киһи үчүгэй буолуо этэ, – диирэ аҕата. Кини билигин уруккута буолбатах, лаппа кырдьан эрэр этэ. Көмөр хара баттаҕа икки чанчыгынан, кырыарбыт курдук, маҥхайан эрэрэ. Дьабадьыларынан, хараҕын муннуктарынан сирэйин тириитэ мырчыстан, хатан, уостан барбыттара.

Ылдьаана, бэйэтэ эргэ тахсан эрэйдэммитин, атаҕас-таммытын курдук, оҕом эмиэ эрэйгэ түбэһиэ дии санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыра.

– Туора дьоҥҥо биэрэн атаҕастатыам кэриэтэ…

– Бэрт дьахтар, кыыскын ырбаахыҥ байбаратын анныгар саба баттаан олорор инигин, – диэн оҕонньоро Ылдьаанаҕа кыыһыран силбиэтэнэн турара. – Бэйи уус, сөбүлүүр эрэ дьонум оҕолоро ыйыттардын, үөс-батааска биэриэм суоҕа!..

Төрөппүт ийэҕэ оҕото, төһө да улааппытын иһин, мэлдьи кыра курдук буоларын ким билбэтэ баарай! Ылдьаана, кыыһа эргэ тахсар сааһын сиппитин төһө да биллэр, хайа да бэйэлээх ыалга кийиит биэрэн ыытыан куттанара.

Ол да буоллар, сүүрбэ сааһын туолуоҕуттан ыла Маайаны кэлэр-барар, хонор-сүктэр дьонтон саһыарбат, хаппахчытын иһигэр хаайбат буолбуттара. Кулуба кыыһын үчүгэй аата Бүлүү өрүһүн үс улууһун үрдүнэн киэҥник сураҕырбыта. Эдэр уолаттардаах баай ыаллар: «Орто Бүлүү бастыҥ баайа – Харатаайап кулуба оҕотун курдук кырасыабай кыыс чугас эргининэн суох», – диэн кэпсэтэр үгэстэммиттэрэ. Онтон ыла Харатаайап кулуба саҥа туттарбыт хоруобуйалаах улахан дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо хойдубута.

Маҥнай утаа чугас эргиннээҕи улуустар баайдарын уолаттара, атыыһыттар ыччаттара, бэйэ-бэйэлэрин куоталаспыт курдук, киэргэнэ-киэргэнэ кэлэн, Маайаны ыйыттарар үгэстэммиттэрэ.

– Ити оҕо бэрт баай, төрүт-уус, сытыары-сымнаҕас ыал оҕолоро. Тукаам, эн киниэхэ барарыҥ буоллар, биһиги ис сүрэхпититтэн үөрүө этибит.

Маайа ийэлээх аҕатын диэки, ааттаспыт курдук, кэҥэс соҕус хара харахтарынан көрүтэлиирэ, мичилийэ сылдьар бэйэтэ дьэбин уостара.

– Сүрэҕим сөбүлүүр киһитэ түбэстэҕинэ… тахсыам буоллаҕа дии. Тоҕо олус тиэтэтэҕит?..

Кэлин, кыыһа бэрт элбэх киһини сирбитин кэннэ, Сэмэн Уйбаанабыс Маайаҕа кыыһырар буолан барбыта. Оччоҕуна Ылдьаана, оҕотун аһынан, уу-хаар тахсыбыт хараҕынан кэргэнин диэки көрбөхтүүрэ, сүрэҕэ тулутумуна, оҕотун кууһан ылара уонна, төбөтүттэн сыллыы-сыллыы, өйдөтөн көрөрө:

– Маайа, эн киһи сирбэт да дьонун сиритэлээн эрэҕин. Били «Сирэн-сирэн, сиргидэххэ түбэһиэҥ» диэн өс хоһооно баарыгар дылы, киһи үөйбэтэх киһитин булан эргэ тахса сылдьаайаҕыный. Бу кэлэн олорор оҕо бэрт өйдөөх, үтүө төрүттээх киһи. Баай ыал ыччата. Киниэхэ таҕыстаргын биһиги, оҕобут үчүгэй уйаны булла диэн, үөрүө этибит.

Маайа ийэтин кууһан ылара. Ийэтин түөһүгэр, кыра оҕо курдук, төбөтүн анньан олорон:

– Мин кинилэр баайдарыгар, төрүттэригэр соччо ымсыырбакка олоробун. Кини элбэх баайдаах киһи буоллаҕына, ити биһиги хамначчыт кыргыттарбытыттан ылыан тоҕо сатамматый? Кинилэр миигиттэн итэҕэһэ суохтар, – диэн ийэтигэр үҥсэн дуу, көрдөһөн дуу эрэрдии этэрэ.

Сэмэн Уйбаанабыс ону истэн кыыһыран, хаана дьэбин уоста түһэрэ уонна абатыйан:

– Тугу чыыбыргыы олороҕун? Кими сөбүлээтим да, ол киһиэхэ бэргэһэлээн биэриэм… Төрөппүт кыыспын мин бас билэбин! – диирэ уонна, субу тутан таһааран бэргэһэлээн биэриэх курдук, чиччигиниирэ. Ылдьаана, уоттаммыт хараҕынан кэргэнин батарыта көрүтэлии-көрүтэлии, оҕотун саһыарыахтыы кууспахалыыра. Оччоҕуна Маайа, санаатыгар, кыччыырга дылы буолара, хараҕын уута иэдэһинэн сүүрэн мөлбөрүйэн түһэрэ:

– Аҕаа, төһө да миигин бас билбитиҥ иһин… Ити кэлэн олорор уолу букатын сөбүлээбэппин. Сүрэҕим таптаабат буолбутун кэннэ, кинини кытта хайдах олороору барыахпыный?..

Ийэтэ, сүрэҕэ тулуппакка, оҕотун кытта сөбүлэһэ охсоро:

– Оҕом сөпкө этэр… Оҕобун сөбүлээбэт киһитигэр биэрэн ыытыам суоҕа…

Хас уол кэлэн ыйыттардаҕын ахсын, дьэ, ити курдук буолар этэ. Сэмэн Уйбаанабыс улам санааҕа ылларан барбыта. Суох, кыыстаах кэргэнин кыайа туттаҕына сатаныыһы. Туох аатай, наһаа көҥүллэринэн баран эрэллэр. Ол эрээри кини, төһө да ити курдук быһаарыммытын иһин, соҕотох кыыһын ытаппытынан-соҥоппутунан күүһүнэн эргэ биэрэн ыытара ыарахан суол этэ.

Икки сыл иһинэн чугас улуустардааҕы баайдар, атыыһыттар, кулубалар уолаттара бары Маайаҕа сирдэрэн, саакка киирэн төннүтэлээбиттэрэ. Кэнникинэн ыраах Өлүөхүмэ уонна Дьокуускай уокуруктарыттан баайдар уолаттара кэлитэлээбиттэрэ да, кыыс сүрэҕэ сөбүлүүр уолун кыайан булбатаҕа, эмиэ аҥаардастыы сирэн ыыталыыр эрэ аатыгар олорбута.

Харатаайап кулуба кыыһа сириксэнин дьахталлар, эмээхситтэр араастаан үгэргииллэрэ, сиилииллэрэ-одуулууллара. Ол барыта Маайа дьонун кулгаахтарыгар тиийэрэ, иһиллэрэ.

– Ылдьаана, ити эн иитииҥ «үтүөтэ». Аны оҕобут эргэ барымына, кыыһынан олорон кырдьара буолуо, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнин, игиинэн аалар курдук, биир кэм хомуруйан тахсара.

– Мин оҕобор, Маайаҕа: «Эргэ тахсыма», – диир үһүбүн дуо?

– Сиэр-майгы быһыытынан, эн биһикки сөбүлүүр дьоммут оҕото ыйыттардаҕына, күүспүтүнэн да биэрэр кыахтаахпыт… Онуоха куруутун эн мэһэй буолар үгэстээххин. Көр, онтуҥ «үтүөтэ» ити баар!

– Оҕобут сөбүлээбэт буолтун кэннэ, хайдах күүһүлүөхпүтүй?

– Чаабырҕаан түһэҥҥин, былыр күүһүнэн да эргэ бэриллибит кыргыттар кимнээҕэр үчүгэйдик олорор буолаллара. Кыыс эр киһини кытта биир ороҥҥо сытан туруон эрэ иннинэ сиримтиэ-талымтыа буолааччы…

О, оннук буолбатах! Ылдьаана истэрэ даҕаны, көрөрө даҕаны: төһөлөөх эдэркээн бэйэлээхтэр, таптаабат киһилэригэр дьонноро күүстэринэн биэрбиттэриттэн сылтаан моҥнон, ууга түһэн өлөллөрөй?!.

Аҕыйах сыллааҕыта Кэччээлэр кыыстара Өрүүнэ өлбүтэ. Ол кыыс барахсаны дьоно, баай ыалы кытта уруулаһар баҕатыгар, таптыыр уолуттан арааран, күүстэринэн эргэ биэрбиттэрэ. Кыыс үс ый устата эрэ буолуохсуту кытта бииргэ хоонньоспокко сылдьан баран, моҥнон өлбүтэ. Ийэтэ хара сордоох билигин киһини-сүөһүнү таба көрбөт буола харааччы иирэн сылдьаахтыыр. Оттон былыргы үйэҕэ өлбүт Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан күн бүгүнүгэр диэри хайдахтаах ынырык кэпсээни кэпсииллэрий! Сахаҕа үөскээбэтэх кырасыабай кыыс төрөөн баран, киһилии олоҕу олорбокко, оҕо-уруу хаалларбакка кэхтибитэ үһү.

– Мин оҕом Суоһалдьыйа Толбонноох курдук дуу, Кэччээ Өрүүнэтин курдук дуу буолбутун көрүөхпүн баҕарбаппын, – диэн Ылдьаана, хараҕын уутугар бөтө-бөтө, кэргэнигэр таайтара соҕус этэрэ.

– Оннуктан биһигини таҥара быыһаатын… – Сэмэн Уйбаанабыс, син эмиэ ытырыктата санаан, саҥа аллайара.

Бу кэпсэтии кэнниттэн Маайа эргэ тахсарын туһунан дьоно өр соҕус тугу да саҥарбакка сылдьыбыттара. Маайа ол курдук олорон сүүрбэ үс сааһын туолбута, уруккутунааҕар өссө ордук төлөһүйбүтэ.

Биир күн Тааһаҕар кинээһин кэргэнэ Алааппыйа эмээхсин, күүлэйдии кэлэ сылдьан Маайаны көрөн олорон, Ылдьаанаҕа эппитэ:

– Биһиги да Маайабыт аатырдар Суоһалдьыйа Толбонноохторуттан итэҕэһэ суох үчүгэй дьүһүннээх кыыс буолбут дии.

– Аньыы даҕаны, Алааппыйа, бэйэҥ бэйэҕинэн тугуҥ саҥатай? – диэн Ылдьаана сапсыйан кэбиспитэ.

Маайа ол кэнниттэн Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кимин, кини аатын ааттыыры тоҕо аньыыргыылларын ыйыталаһа сатаан кэбиспитэ да, ийэтэ тугу да кэпсээбэтэҕэ. Ол иһин дьиктиргээн, Маайа Сүөкүлэ кыыстан ыйыппыта. Сүөкүлэ ол Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан элбэҕи билэр эбит этэ. Кини, ким да истибэтинэн, бэрт сэрэҕинэн Маайаҕа бу курдук сэһэргээбитэ:

– Былыр Үөһээ Боотулу нэһилиэгэр Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кэпсээҥҥэ киирбит кырасыабай кыыс баара эбитэ үһү. Кыыс дьоно син сэнэх, орто баай соҕус ыал эбиттэр. Уһук Уйбаан диэн кыра эрдэҕиттэн кинилэргэ үлэлиир биир хамначчыттаахтар эбит. Кыыстара, Суоһалдьыйа Толбонноох, ол уолу таптаан, төһө да баай-мааны ыал оҕолоро ыйыттара сатаабыттарын үрдүнэн, эргэ тахсыбатах, сирэр эрэ аакка олорбут.

Арай биирдэ Сунтаар улууһунааҕы Хочо нэһилиэгиттэн баай киһи уолунаан кыыс көрө кэлбиттэр. Ол уол ыйыттарбытыгар туох диирин истээри, ийэлээх аҕата кыыстарын хаппахчытыгар киирбиттэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу кэлбит дьону халыыма ыараханынан чаҕытарга санаммыт.

– Баайдарынан алыс өҥнөр дьон кэлбиттэр, – диэбит Суоһалдьыйа Толбонноох дьоно ыйыппыттарыгар. – Оччо баай буоллахтарына, аны уон хонугунан хоонньоһуннара уолларын аҕаллыннар.

– Хайа, чыычаахпыт оҕото-о, ол аата сөбүлүүр буоллаҕыҥ дии?! – диэн кыыс дьоно үөрэ түспүттэр.

– Аҥаардастыы мин сирэ олорор эрэ ааттаахпын. Билигин бэйэлэрэ сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа.

– Хайдах?.. Сөбүлээн, оттон, ыйыттарар буоллахтара дии, – дэһэллэр дьоно.

– Тахсаҥҥыт этиҥ, уолларын миигин кытта хоонньоһуннара аҕалалларыгар, бэйэлэрин сэргэлэриттэн биһиги сэргэбитигэр диэри аттарын уҥа илин атаҕа үктэннэҕин аайы биирдии үрүҥ көмүс манньыаты ууран истиннэр. Ону сөбүлээбэт, ыарырҕатар буоллахтарына, биитэр онуоха үптэрэ-харчылара тиийбэт буоллаҕына, чэпчэки сыаналаах кыыһы кэргэн кэпсэттиннэр.

Дьоно тахсан, уоллаах киһиэхэ кыыстара туох диэбитин барытын кэпсээн биэрэллэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу дьон сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа, олус ыарахан диэхтэрэ диэн бөҕөтүк сананан, кинилэр туох дииллэрин таалан, иһиллээн олорбут.

Маҥнай утаа уоллаах киһи, дөйбүт дуу, харбыт дуу курдук, бэрт өр туох да саҥа таһаарбатах. Уолун көрбүтэ, уола: «Сөбүлэс», – диэн көрдөһөрдүү туттар-хаптар, көрөр-истэр эбит. Ол курдук өр соҕус олорбохтоон баран, уоллаах киһи көхсүн этиппит:

– Ол аата ыал устун барар дьон буоллахпыт дии… Эттэҕэ баҕас ыараханын.

– Оҕобут бэйэтэ быспыт сыаната… Биһиги тугун билиэхпитий?.. – диир Суоһалдьыйа Толбонноох аҕата.

– Бэйи, тохтуу түһүҥ. Биһиги оҕобунаан тахсан сүбэлэһэн киириэхпит.

Суоһалдьыйа Толбонноох уйатыгар уу киирэр. Кини аҕыйах хонуктааҕыта Уһук Уйбааҥҥа тылын биэрэн турардааҕа: «Өллөхпүтүнэ эрэ арахсыахпыт!» – диэн андаҕайсыбыттара. Өскөтө ити дьон сөбүлэстэхтэринэ, дьэ иэдээн… Хайдах буолуох бэйэтэй?..

Утаакы соҕус буолан баран, оҕотугар кэргэн кэпсэтэ кэлбит киһи киирэр, көхсүн этитэр, кэтэҕин тарбанар. «Ыарахан» диэри гынар буоллаҕа», – дии санаан Суоһалдьыйа Толбонноох үөһэ тыынан ылар. Уоллаах киһи дьэ бэркэ диэн ыараан, оҥостон олорон эппит:

– Төһө да сыанаҕыт ыараханын иһин, мин оҕом таптыы көрбүтэ оччо… Быстыахпыт дуо, баайбытын барытын да манньыат оҥорон туран, сөпсөһөргө тиийэбит…

Суоһалдьыйа Толбонноох сүрэҕэ тохтуурга, хараҕа хараҥарарга дылы буолбут, төбөтүн хам туттан, оронугар умса түспүт.

Онтон кыыстаах уолу хоонньоһуннартыыр үлэхтээх күннэрэ дьэ бу тиийэн кэлэр. Кыыс дьонуттан икки кураанах бэрэмэдэй төргүүлээх дьон Сунтаар улууһугар, Хочо нэһилиэгэр бараллар. Кинилэр ат хас олугун аайы биирдии манньыаты ааҕан ылан иһиэхтээхтэрэ. Баҕар, биир эмэ манньыат тиийиэ суоҕа, оччоҕо кыккыраччы аккаастыам диэн Суоһалдьыйа Толбонноох иһигэр эрэнэ саныыра. Ат олугун аахса, кини тапталлааҕа Уһук Уйбаан барсыбыта. Кини, биир олугу алҕаһыан кэриэтэ, баһа быстыа! Уһун суол устатын тухары, анараа дьон манньыаттара бүттэр ханнык диэн, сордоох кэтэспитин эриэхсит! Суох, манньыаттара бүтүөх бэйэлээх буолуо дуо?! – Суоһалдьыйа Толбонноох дьиэтин сэргэтигэр тиийэ лоп-бааччы ууран биэрэллэр. Уһук Уйбаан ыксаан, тэлгэһэ иһигэр киирбиттэрин кэннэ, ат сиргэнэн туора ойбутугар алта үктэли аахсаары айдаарар. Ойох ыла кэлбит уол, бу киһи Суоһалдьыйа Толбоннооххо туох эрэ истиҥ сыһыаннааҕын өйдөөн, куһаҕан баҕайытык көрбөхтөөн баран, сиэбиттэн биир ытыс манньыаты таһааран:

– Мэ, ылан абыран! – диэн баран Уһук Уйбаан сирэйигэр ыһар.

Бу самаан сайын барахсан саамай үгэнэ, от-мас сэбирдэҕэ-мутукчата ситэн, сэлиик ат сиэлин курдук, намылыйан турар кэмэ эбит. Уруу-оонньуу буоларын дьон истэ охсубуттар, чугастааҕылар сатыы, ыраах олорооччулар аттанан-атыырданан тоҕуоруспуттар.

Икки баайтаһын ынаҕы, үс кур оҕуһу өлөрөн, ыһыах-уруу тэрийбиттэр. Онно бүтүн икки Боотулу дьоно, үс улуус үтүөлэрэ мустан аһаабыттар-сиэбиттэр, үҥкүүлээбиттэр, оонньообуттар.

Үгэс быһыытынан, кыыстаах уолга сөрүүн хоско орон оҥорон биэрбиттэр.

Көр-нар күнүстэри-түүннэри үргүлдьү буолбут. Ырыаһыттар ыллаабыттар, олоҥхоһуттар олоҥхолообуттар. Ол көр-нар ортотугар, түүн оройо лаппа ааспытын кэннэ, күтүөт уол тахсан үҥкүүлүү сылдьар дьоҥҥо кэлэр. Үҥкүүлэһэр киһилии, дьону кытта сиэттиһэр. Үҥкүү тылын этэ сылдьар киһиэхэ: «Бэйи, эн тохтоо эрэ, мин дойдубар-сирбэр эрдэхпинэ үҥкүү тылын этэр буоларым», – диир. Саатар эрэ буоллаҕа дии! Күтүөт киһи тыла төһө ууһун, куолаһа төһө чуорун истээри, урууга мустубут дьон барыта түһүлгэҕэ тоҕуоруһаллар. Түөлбэ күөл саҕа түһүлгэ кэҥээн тэнийэр. Күтүөт киһи куолаһын оҥостон, икки-үс хаамыыга саҥата суох хоҥкулдьуйан баран, дьэ, маннык диэн саҕалаабыт:

Чэйиҥ эрэ, оҕолоор!
Күтүөт уолу көрөөрү,
Көрдөөх ырыатын истээри,
Күтүр киэҥ сири,
Күөхтүүрүгэ кырыһы
Күрүөлүү хаама сылдьаҕыт.
Чэйиҥ эрэ, кыргыттаар!
Аҕаскытын-балыскытын
Атын сиргэ арааран илдьээри,
Туспа сиргэ туура тардан бараары,
Туора улуустан кэлбит
Тойон күтүөт киһигит
Тойук туойан эрэрин
Тобулан-өйдөөн истиҥ.
Аҕастаатар аҕаскыт,
Балтылаатар балтыгыт
Суоһалдьыйа Толбонноох
Сураҕырбыт аатыгар
Суҥхатыйан кэлэммин,
Тойоннуура аҕам,
Тото-хана аһаабакка,
Тоҕус төгүрүк сыл муспут
Туох баар баайын
Тоҕо кутан тураммын,
Хотун ойох оҥостон
Хоонньугар сыппытым…

Күтүөт киһилэрэ, Суоһалдьыйа Толбоннооҕу кыыс диэн хоонньоспута дьахтар буолбутун хоһуйан, үҥкүү тыла оҥорон туойан барбыт. Маҥнай утаа дьон, өйдөөбөккө, кини тылын үтүктэн ыллаһан иһэннэр, кэлин дьэ өйдөөн биирдии-биирдии, онтон бөлөх-бөлөх үҥкүү түһүлгэтиттэн тахсан, тарҕаһан барбыттар. Ол икки ардыгар тус арҕааттан хара былыт өрүкүйэн тахсыбыт. Этиҥ эппит, сыыһы-буору өрө ытыйан, сүр күүстээх тыал түспүт. Чугас дьиэлээхтэр дьиэлэригэр тэскилээбиттэр, ыраахтан сылдьааччылар дьиэҕэ киирэн хорҕойбуттар. Дьон сирэйдэрин таба көрсүбэт буола сааппыттар.

Ол тыал, этиҥ ортотугар, Суоһалдьыйа Толбонноох ыҥыртарар диэн, Уһук Уйбааны көрдүү сатаабыттар да, хантан да булбатахтар. Сотору халлаан хайа барарга дылы буолбут. Этиҥнээх ардах, ыаҕастаах ууну таҥнары сүөкээн эрэр курдук, куккураччы кутан барбыт. Суоһалдьыйа Толбонноох сытар хоһун түннүгүн утары турар чаллах тииккэ этиҥ сааллыбыт. Кыыс, часкыйа түһээт, таһырдьа ыстаммыт. Ону ким да өйдөөн көрбөтөх. Ардах астыбытын кэннэ, сүтүктээн, көрдүү тахсыбыттар. Суоһалдьыйа Толбонноох, дьиэтин аттыгар тиит мутугар ыйанан, өлөн хаалбытын булбуттар. Күтүөт киһи кыыһы хоһуйан үҥкүү тылын эппитин кэмсинэн, үс хонук устата Суоһалдьыйа Толбонноох өлүгүттэн арахпакка, ытыы-ытыы төбөтүгэр күлү таптаммыта үһү. Онтон…

Онтон, кыыһы көмөр күннэригэр, кыыс моҥнон өлбүт маһын мутугар аны күтүөт уол бэйэтэ ыйанан өлөр.

Ити аймалҕаннаах, кутурҕаннаах уруу буолбута тоҕус сыл ааспытын кэннэ, сир анныттан күөрэйбит курдук, эмискэ Уһук Уйбаан баар буола түһэр. Кини Суоһалдьыйа Толбонноох дьонун аах дьиэлэригэр киирэр. Суол киһитигэр чэй сылытан иһэрдэллэр.

– Бачча өр ханна сылдьан баран көһүннүҥ? – диэн хаар маҥан баттахтаммыт Суоһалдьыйа Толбонноох аҕата оҕонньор ыйытар.

– Ээ-э, бэрт ыраах, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сырыттым. Истэргит буолуо Өлүөнэ өрүс баһыгар кыһыл көмүс көстүбүтүн. Ол кыһыл көмүстээх тайҕаҕа баран үлэлээн баран, бу эргиллэн таҕыстым.

– Оннук ыраах дойдуга хайдах-туох сырыттыҥ?

– Хайдах сылдьыбыппын кэпсээтэрбин уһун буолуо этэ. Эҥин арааһы көрдүм, санаабатахпар түбэһитэлээн сырыттым. Бэйэм да бэккиһиибин, ол дойдуттан хайдах тыыннаах эргиллибитим буолла?! Дьэ эһиги бу диэки хайдах-туох олорор буолаҕытый? Суоһалдьыйа кэргэнинээн төһө бэркэ олороллоруй? Хас оҕолоохторуй? – диэн Уһук Уйбаан, хайдах эрэ өрүһүспүт курдук, үрүт-үөһэ ыйыталаһар.

Суоһалдьыйа ийэтэ эмээхсин бу ааспыт тоҕус сыл устата куурбатах хараҕын уута эмиэ таммалаан барар. Аҕата оҕонньор куһаахан буолар. Уһук Уйбаан, ону көрөөт, сирэйдиин-харахтыын уларыйа түһэр.

– Миигиттэн тугу да кистээмэҥ!.. Сүрэҕим чопчутун курдук саныырым… Сэгэрим, Суоһалдьыйа… куһаҕан буолбута дуо?

– Ыйанан… – диэн иһэн аҕата оҕонньор бобуллан ах барар.

– Хаһан?.. Төһө өр буолла?.. Ханна? – Уһук Уйбаан, иирбит киһи курдук, хаһыытаан ыйытар.

Суоһалдьыйа Толбонноох ийэтэ кэлэн Уһук Уйбаан төбөтүн кууһан туран сыллыы-сыллыы:

– Тоойуом, буолуох буолтун кэннэ, хайыахпытый?.. Оҕолорум барахсаттар үчүгэйдик да санаһаахтыыргыт… – диир уонна уйа-кэйэ суох ытаан барар.

– Өр буолла… Сонно, бастакы түүннэригэр… Эйигин көрдөтөн көрө сылдьыбыта. Ханна баран хаалбыт бэйэҥ буолла, – диир кыыс аҕата оҕонньор.

– О-о-о! – диэн ытыыр икки улуйар икки ардынан саҥа аллайаат, Уһук Уйбаан сирэйин саба туттубутунан бүк түһэр, санна титирэстиир. Дьиэлээхтэр уоскута сатыыллар. Киһилэрэ өр баҕайы тыын быһаҕаһынан тыына сытар. Киэһэлик соҕус арыый холкутуйбут курдук буолар. Биир хомуос тымныы ымдааны иһэр.

– Сэгэрбин, Суоһалдьыйаны, өлөрүгэр мин… – диэн хайдах эрэ түҥ-таҥ саҥаран барар.

– Киһибит тугу-тугу саҥаран барда? Арааһа, өйө хамнаата, – диэн дьиэлээхтэр улаханнык дьиксинэллэр.

– Истиэххитин баҕарар буоллаххытына, ситэ истиҥ!.. Сэгэрбин Суоһалдьыйа Толбоннооҕу өлөрбүттэр эһиги бааргыт! Харчы иһин, от хаата – сүөһү иһин, кини биһикки тапталбытын, олохпутун алдьаппыккыт… «өллөхпүтүнэ биирдэ арахсыахпыт» дэһэрбит, – диэт Уһук Уйбаан, өлө куттаммыт ыал халҕаннарын хайа быраҕан, тахсан барар. Уонна… ол ыал дьиэлэрин аттыгар ыйанан өлөр. Ону нөҥүө сарсыардатыгар булан, Суоһалдьыйа Толбонноох көмүллэ сытар уҥуоҕун кытта сэргэстэһиннэрэ көмпүттэрэ үһү… Дьэ, онтон Суоһалдьыйа, күтүөт уонна Уһук Уйбаан үөр буолбуттар үһү диэн кэпсииллэрэ.

Маайа, бу сэһэни истэ олорон, хаста да куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан тымныйталыы сырытта.


* * *

Сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэ тахса сылдьыбыт кыргыттар балаҕаннарыгар тымныы туманын кытта улахан солуну илдьэ киирдилэр.

Харатаайап кулубалаахха илиҥҥи Нам улууһун кулубата Дьаакыбылап кырдьаҕас уолунаан кэлэн, хоноһо буолан күөнтээн олороллор үһү.

Маайа били Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан Сүөкүлэ кыыс сэһэнин куруутун өйдүү сылдьар буолан:

– Үчүгэй, сунтаардар буолбатахтар эбит, – дии-дии күлэн лыһыгыратар.




II


Ол дьон Дьокуускай уокуругун курдук ыраах сиртэн, бука, кыра сорукка кэлбэтэхтэрэ буолуо диэн кыргыттар хоп-сип хобугунаһан бараллар.

Сүөкүлэ кыыс, мындырын мындыр, Маайа сирэйэ-хараҕа кубулуйбутун бэлиэтии көрө охсор:

– Маайабыт иҥин хаана тоҕо эрэ олус кэйбит. Эргэ тахсар, биһигиттэн барар кыыс буолла быһыылаах.

– Э-эс. Тоҕо эмиэ таҕыстамый?!

– Чэйиҥ эрэ, кыргыттаар, иҥиир сап утаҕынан сэрэбиэйдээн билиэҕиҥ, – диэтэ Сүөкүлэ.

Кыргыттар айдаара, аймана түһэллэр. Сүөкүлэ сэбиргэнэттэн чороччу хаппыт ынах сындааһынын ылан тырыта тыытар, сыгынньах ньилбэгэр синньигэс утахтары хата охсор.

– Чэйиҥ, бүлүүсэҕэ сылаас уута кутан аҕалыҥ!

Хамначчыт кыргыттар, бүлүүсэҕэ сылаас ууну кутан, көмүлүөк оһох иннигэр турар остуолга аҕалан уураллар. Сүөкүлэ, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, иҥиир утахтары бүлүүсэлээх сылаас ууга түһэртиир.

Иҥиир сап утахтара, сылаас ууга илийэн, бүлүүсэ түгэҕэр тимирэллэр. Сүөкүлэ оһох уотун сылааһыттан, бүлүүһэлээх итии ууну кытта бадьыыстаһарыттан сирэйэ кытара буһар. Кини бүлүүсэлээх уутун дьалкыҥната-дьалкыҥната утахтарын одуулаһар. Туох буолуоҕун көрө-билэ охсоору, кыргыттар төбөлөрө бүлүүсэ үрдүгэр үмүөрүһэр.

Хатыллыбыт иҥиир сап утахтара, сылаас ууга улам сиигирэн, синньигэс төбөлөрүттэн саҕалаан өһүллэн, үөһэ-аллара түллэҥнэһэн бараллар.

Бу бүлүүсэҕэ сытар икки утахтан биирдэстэрэ Маайа кута, иккиһэ кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор Дьаакыбылап кулуба уолун кута буолуохтаахтарын кыргыттар бары билэллэр. Ол гынан баран хайата Маайа кута, хайата уол кута буоларын Сүөкүлэ бэйэтэ эрэ билэр.

Уҥа диэки сытааччы сап утаҕа аан бастаан хамсыыр, хатыыта өһүллэн куймаҥныыр, эриллэҥниир.

– Сүөкүлээ, ити уҥа диэкитэ хайаларай? – диэн кыргыттар ыйыталлар.

– Ити биһиги Маайабытын көрө, кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор уол.

– Ок-сиэ, обургу хамсанан-имсэнэн, түллэҥнээн, сытыы уол кэлбит быһыылаах… Көрүҥ, көрүҥ! Маайабытыгар чугаһаата дии…

– Маайа тэйдэ!.. Тэйдэ!.. Ити аата эмиэ сирдэҕэ дуу?.. Эргэ тахсыбат кыыс буолаары гынна. Көрүҥүтүүй! Көр, уол батыһан эрэр… Ситиэхчэ буолла!

Ити курдук көрө туран, арыт эмискэ ах бараллар, онтон эмиэ, өрүһүспүт курдук, бары бииргэ күйгүөрэ түһэллэр:

– Сүөкүлээ, уолбут ити туох буолла? Тоҕо төттөрү түллэҥнээн барда?.. Көрүҥ-көрүҥ! Аны Маайабыт уолу батыста буолбат дуо?.. Маайа, ити хайдаҕый?

– Кэтэһэ түстүн, мин кинини батыспатах баҕайым ини, – диир Маайа, бу сэрэбиэйи бэрт болҕомтолоохтук көрөн туран.

Өһүллэн бүтэн эрэр утахтар, аат эрэ харата хамсаан, бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһаллар.

– Көрүҥүтүүй! Холбоһон эрэллэр дии… Сүөкүлээ, бүлүүсэҕин хамсатан биэр. Аны Маайабыт уолу үрдүнэн ааһаары гынна дии!

Ити курдук аймана, айдаара олордохторуна, тас аан аһылынна. Хотуннара Ылдьаана эмээхсин киирэн кэллэ. Оһох симиктик умайар буолан уонна кыргыттар хаххалааннар, ийэтэ кыыһын таба көрбөтө:

– Хотуойдаар, Маайаны көрдүгүт дуо?

– Ийээ, мин манна баарбын, – диир Маайа.

– Бачча өр манна тугу гына олороҕунуй? Дьиэҕэр таҕыс!

– Ийэкээ, сип-сибилигин тахсыам. Ити туох ыалдьыттара дуу, хоноһолоро дуу кэллилэр?

– Дьиэҕэр таҕыс, кимнээх кэлбиттэрин бэйэҥ көрүөҥ!

– Ийээ, сип-сибилигин тахсыам, – дии-дии Маайа икки чанчыгын баттаҕын өрө имэринэр, синньигэс биилин ааһа түспүт ыас хара суһуохтарын өрүүлээх төбөлөрө өһүллүбүтүн оҥостон барар. Хотуннара тахсарын кытта кыргыттар эмиэ бүлүүсэлэрин үрдүгэр төбөлөрө үмүөрүһэ түһэр. Көрбүттэрэ: иҥиир утахтара, хамсаабат буола өһүллэн баран, хайыы-үйэҕэ сойон хаалбыт ууга бэйэ-бэйэлэрин туора түһэн сыталлар эбит.

– Хайа, ити аата туох буолууһуктарый? – диэн кыргыттар Сүөкүлэттэн ыйыталлар.

– Ким билэр. Ити хотуммут Ылдьаана киирэн аралдьытан кээһэн, туох буоларын көрдөрбөтө дии.

Кэтириис, хоруорбут хардаҕас төҥүргэстэрин үөттүрэҕинэн холботолоон баран, эбии хардаҕастары уурбутугар балаҕан иһэ сырдыы түстэ.

– Э-э, иккистиэҕиҥ, – диэтэ ким эрэ саҥата.

– Чэйиҥ!.. Кэтириис, маны тоҕон, чаанньыктан сылаас уута кутан аҕал, – Сүөкүлэ, иккистээн сэрэбиэйдээри, эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор.

Маайа, саҥа сэрэбиэй тугунан бүтэрин көрөөрү, саараан турбахтаан баран:

– Кэбис, хойутаатахпына ийэм мөҥүө, – диэт, кырса тыһа истээх сонун санныгар иилиммитинэн тахсан барар.

Маайа хаппахчытыгар ааһан иһэн хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүүрбэтиттэн тахсыбыт бадахтаах, сылластыгас уостаах, эһэ арҕаһын түүтүн курдук, өрө тура сылдьар баттахтаах, маҥан малтаҕар сирэйдээх, сукуна-солко таҥастаах эдэр киһи, «мин дуо» диэбиттии, тиэрэ түһэн чынайан олорор. Кини аҕата күрэҥсийэн көстөр бытыктаах, тимир-тамыр курдук көрбүт аҕамсыйа баран эрэр киһи эбит. Кинилэр, холку бэйэлээхтик туттан, дьиэлээх тойону кытта кэпсэтэ олороллоро.

Ааҥҥа Маайа көстөрүн кытта, уол акаары баҕайытык ымас гынна, «сэгэрим бу баар эбиккин!» диэбиттии, тонолуппакка одууласта.

Киэһэ дьиэлээхтэр, остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар.

Маайа, аһыы олорон, эдэр киһини үчүгэйдик сирийэ көрөр. Хоноһо уол, оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэ-истэ, туох да солуута суохтук күлэн, сылластыгас уостара ымайаллар. Аһыылларын устата кыараҕас соҕус ыйаастыгас хараҕын Маайаттан араарбат. Арыт, кыыс сирэйин супту көрөн олорон, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, уоһун чорбоҥнотор.

«Быһыыта, далай ааргы эрэйдээх», – дии саныыр Маайа уонна уол ити туттарыттан-хаптарыттан хайдах эрэ күлүөх санаата кэлэн, мичик аллайан ылар. Ол ахсын хоноһо уол үөрэн ымайар, бөдөҥ саһархай тиистэрэ килэҥнэһэллэр.

Харатаайап кулуба улахан дьиэтин түннүктэрэ түүн хойукка диэри чүмэчи уотунан сандаараллар. Икки улуус кулубалара, атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр. Кинилэр бу киэһээҥҥи кэпсэтиилэрин үксэ соҕурууттан көскө кэлэр «судаарыскайдар» тустарынан буолла. Хас сыллата аайы көскө кэлэр дьон ахсааннара үксээн, элбээн иһэр. Улуус кулубаларыгар ол бэрт элбэх түбүгү, кутталы үөскэтэр. Дьаакыбылап кулуба аҕыйах сыллааҕыта Боотурускай улууска Петр Алексеев диэн судаарыскайы Сиидэрэп диэн кинээс доҕорунаан Абараамаптыын өлөрбүттэрин туһунан кэпсээтэ.

– Маҥнай сүттэҕин утаата ол судаарыскайы күрээтэҕэ диэн сылдьыбыттар. Күһүн хаар түспүтүн кэннэ, дьэ, өлүгүн булбуттар.

– Аньыы даҕаны, – Харатаайап кириэстэнэр.

– Онтон сылтаан Боотуруускай улуус кулубатын Оруоһун тойону, быыбарынай кулубаны Арамаан Балсакыабы дуоһунастарыттан устар курдуктар үһү.

– Дьэ үлүгэр эбит. Ити туох ааттааҕын, атын сир баранан, биһиги улуустарбытыгар кинилэри ыыталлара буолуой? – диэн Харатаайап кулуба, кэнэн муҥутаан, уйатыгар уу киирэр, куттанар.

Түүн ортото лаппа ааспытын кэннэ хоноһолоругар ортоку хоско орон оҥортоон биэрэллэр.

Маайа киэһэни быһа туох да саҥата суох Дьаакыбылап кулуба сэһэнин истэн олорон учууталын Аркадий Романович Эховы санаан кэлбитэ:

«Билигин кини ханна буолуой? Хайа улуус түгэҕэр үүрбүттэрэ буолуой? Кими эмэ үөрэтэрэ дуу, суоҕа дуу? Оо, баччааҥҥа диэри манна олорон үөрэппитэ буоллар, билигин төһө эрэ билиилэммит буолуом этэ!»

Маайа тоҕо эрэ этин сааһа аһыллан, уута көтөн, бэрт өр оронугар эргийэ, мөхсө сытан баран, сарсыарданан нэһиилэ утуйда.

Нөҥүө күнүгэр хойутаан турдулар. Хоноһолор тиэтэйэр быһыылара биллибэт. Бэрт наҕыллар. Маайа аҕата да үлэтигэр барбата. Кини хоноһолоруттан тугу эрэ көһүтэр курдук көрөр-истэр.

Күнүскү чэйи иһэллэр. Маайа, чэйдээн бүтэн, хаппахчытыгар киирбитин кэннэ икки оҕонньор, кыыс сөбүлэнэр буоллаҕына, эдэрдэри холбуурга быһаарсаллар. Ол эрээри Харатаайап кулуба бу уолу иһигэр киллэрбэт, кинини баай киһи оҕото, кулуба уола эрэ диэн Маайаны биэрэргэ быһаарынар. Ылдьаана буоллаҕына, хоноһолоро тутталларын-хапталларын көрө-көрө: «Оҕом бу дьоҥҥо эрэ барбатар ханнык этэ», – дии саныы сырытта.

Үгэс быһыытынан, аҕалаах ийэ, уол ыйыттарарын кэпсии уонна сөбүлэһэҕин дуо диэн ыйыта, кыыстарын хаппахчытыгар киирэллэр. Хос иһигэр Дьаакыбылап кулуба уолунаан иккиэйэҕин хаалаллар.

– Нохоо, бу ыал кыыстарын сөбүлүү көрдүҥ дуо? – диэн оҕонньор уолуттан ыйытар.

– Көрөн, – диэн баран уол дьиэ өһүөтүн одуулаһан мэлээриҥнии олордо.

– Сөбүлүүгүн дуо диэн ыйытабын ээ?! – аҕата сибигинэйэ былаан бардьыгыныыр.

– Сөбүлээн.

Кырдьыга, Дьаакыбылап кулуба, улахамсык, киэбиримсэх муҥутаан, мин уолбун кыыс сириэ диэбэт этэ. Хата, уолум кыыһы сирэн кэбиһиэ диэн сэрэнэрэ. Билигин уола сөбүлүүрүн истэн, хайа сах сыбаайба буолара быһаарыллыбытын курдук санаата.

Өр соҕус буолан баран, Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хаппахчытыттан хайдах эрэ арбы-сарбы туттан, хоноһолорун сирэйин таба көрбөт буолан таҕыста. Кыыс сирбитэ көстөн турарын үрдүнэн, Дьаакыбылап кулуба, бэйэтин үтүө аатыгар-сураҕар эрэммитэ оччо буолан, кыыс туох диэбитин чопчу истээри, ороҥҥо тиэрэ түһэн чынайан олордо.

– Дьэ, оҕоҕут туох диэтэ?

– Мин бэйэм чааһым эһигини, төһө да тэҥнээхтэрим диэн, сөбүлээбитим иһин…

Дьаакыбылап кулуба хорос гына көнө түстэ, сирэйэ эмискэ дьэбин уоһунна. Ол эрээри билигин да: «Мин оҕобун ама сирбит үһүө?» – дии санаан итэҕэйбэккэ холку соҕустук ыйытта:

– Сөбүлээтэ ини?

– Этэбин ээ, мин төһө да уруулуу буолуохпутун баҕарбытым иһин, кыыспыт буолбат, – Харатаайап «кыыһым сирдэ» диэҕин тыла тахсыбата. Оо, кыыһа «сөбүлүүбүн» диэбитэ буоллар, төһө эрэ үөрэн-көтөн өрөһөлөнөр этэ!

Дьаакыбылап кулуба, кыыс кини уолун сирбитин истэн, ойон туран таҥаһын үрдүгэр түстэ. Уола Сүөдэркэ туох-ханнык буолбутун билигин даҕаны кыайан ситэ өйдөөбөккө мэлээриҥнии олордо. Аҕата, таҥаһын таҥнан хачымахтаһа-хачымахтаһа, уолун хатыылаах баҕайытык кынчарыйда уонна күргүйдүүр былаастаахтык:

– Таҥын!.. Барыах!.. Сирдэрэн баран, тугу кэтэһэн олороҕунуй? – диэтэ.

Дьиэлээх тойон, кыыһа уолу сирбититтэн кыйаханан, кыбыстан, тугу да этиэн булумуна:

– Оҕонньор, ити курдук өһүргэнэриҥ сыыһа: кыыс уолу сирэрэ да, сөбүлүүрэ да ханна барыай, баар суол, – диэн си буолуохтааҕар тыл кыбытта.

Анарааҥҥыта, кыыһыран, өһөх курдук кытарбыт хараҕынан өтөрү көрөн кэбистэ:

– Мин оҕобун, улуус бастыҥ ыалын оҕотун, сирдэрэн бараҥҥын, бэрт киһи, кыыскын ньадараал уолугар биэрэр инигин. Аны сирэ-тала олорон, ыал хамначчытын батыһар дуу?.. – диэн хомуруйа-хомуруйа, уолун батыһыннаран, дьиэттэн тахсан барда.

Дьаакыбылаптаах тэлгэһэттэн аттанааттарын кытта, Маайа хамначчыт кыргыттарга таҕыста. Кыргыттар кини киирэрин кытта:

– Уруу буолбат буолла дуу? – диэн ыйыталаһа тоһуйдулар.

– Суох.

– Мин барыһыайбынан… уонна түүлбүнэн буоллаҕына… – Сүөкүлэ кыыс Маайа диэки эмиэ да тиэхэлээхтик, эмиэ да кыбыстыбыттыы кылап гына көрдө. Кини, быһыыта, «кэргэннэниэхтээххин» диэри гынан иһэн ситэ саҥарбата.

– Ээ-э, Сүөкүлэ, эн барыһыайыҥ диэн туохха да наадата суох эбит, – диир ынахтарын уулата тахсаары таҥна турбут Кэтириис кыыс. – Истэҕин дуо, Маайа, бэҕэһээ киэһэ Сүөкүлэ иккиһин барыһыайдаан баран: «Маайа эргэ тахсар буолла», – диэн тойоннообута ээ.

– Биир ыйыттарыыларыгар сөбүлэспэтим. Аны иккистээн кэлэллэр үһүө, – дии-дии Маайа саһыгыраччы күллэ.




III


Харатаайап кыыһыгар сирдэрэн, саакка киирэн төннүбүттэрин Дьаакыбылап кулуба уолунаан Сүөдэркэлиин кимиэхэ да биллэрбэккэ, ылы-чып кистээн кэбиспиттэрэ. Кинилэр ханна баран кэлбиттэрин дойдуларыгар ким да билбэтэҕэ. Арай хамначчыттар эрэ: «Тойоммут уолунаан кыыс кэпсэтэ бара сырыттылар быһыылаах», – диэн сэрэйэллэрэ.

Кыһын ааһар, Өлүөнэ өрүс кытылын хаара хараарар, мууһа хобордуур. Кус-хаас кэлэр, от-мас тиллэр. Өр-өтөр буолбат, өрүс эстэн, мууһун үлтү кумалаан үөһэ-аллара түһэртээн, намыһах арыылары үрдүлэринэн таһыйтаан, кыдьымаҕын уһаарар.

Мутукча тыллыыта, ньургуһун сибэккилэниитэ, сааскы Ньукуолун күн Дьаакыбылап кулуба бурдугун ыһыытын саҕалаата. Хамначчыт дьоно уонтан тахса хонук устата мас суханан сир хорутан, барамньылатан, сирэйдиин-харахтыын хара буор буолан, тойоннорун бур-дугун ыһан бүтэрдилэр. Бурдук ыһыытын кэнниттэн аны эмиэ биир түбүктээх үлэ – ходуһатын күрүөлэрин абырахтааһына, тутуута кэллэ. Тойонноро, урукку дьылларга холоотоххо, быдан киҥнэммит, наһаа киэбирэр, байарыгар-тайарыгар да олус кыһанар буолбут. Быйыл сайын урут хаһан да хотуур түспэтэх сирдэрин талахтарын кэртэрдэ, оттотто. Урут хам-түм көстөр бэйэтэ, быйыл хамначчыттара оттуулларын, үлэлииллэрин хас күннэтэ аайы киирэн көрөн тахсар.

Төһө да үлэтэ-түбүгэ элбээтэр, Дьаакыбылап кулуба Харатаайап кулуба кыыһыгар кыыһырбыта ааһыах быһыыта суоҕа, уолун сирдэрбитин санаатар эрэ олус абаран-сатаран кэлэрэ: «Ама да кини маҥанын, тыһы кырынаас курдук тырыбынаабыт харахтааҕын иһин, мин оҕобун Сүөдэркэни сирбит буола-буола!..» Били тураах: «Мин оҕом саары чаккылаах», – диэбит дииллэрин курдук, Дьаакыбылап кулуба уолун Сүөдэркэни, төһө да сатабыла суох томороон ньуурдааҕын иһин, «ама, кыыс сириэх уола буолуо дуо?» дии саныыра. Кырдьыга, кини уолун дьүһүнүгэр буолбакка, бэйэтин аатыгар, баайыгар, кулуба солотугар ордук эрэнэрэ: «Оҕобут сирэйэ мөлтөһүөр да буоллун, оттон баайбыт, кулубабыт баар буолбат дуо! Баайтан, кулуба солотуттан ордук саха киһитигэр туох баарый?»

Сайын, арай биирдэ, от үлэтин үгэнин саҕана Дьаакыбылап кулуба Сүөдэр диэн хамначчыт уолун таба көрөн: «Көр, бу адьарайыҥ баара сирэйинэн нарын, уҥуоҕунан көнө быһыылаах эбит ээ», – дии санаабыта. Бу уол уон иккитин туола илигинэ дьоно өлбүттэрэ. Сүүрбэччэ сүөһүлээх, сэнэх соҕустук олорбут ыал баайын сиэри, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри иитэ ылабын диэн ааттаан ылбыта.

Бэйэтэ төрөппүт оҕолоох баай ыал иитиэх ылбыт оҕото кулут буолар үгэстээх. Ол үгэс Сүөдэр эрэйдээҕи эмиэ тумнубатаҕа. Кини санныгар кэтэр таҥаһа суох, буорга-сыыска булкуллан, хамначчыттар балаҕаннарыгар улааппыта. Дьүдьэйэн өлүөх уолу, хата, Сөдүөччүйэ эмээхсин аһынан, көрөн-харайан, эргэ таҥаһыттан, нэк суорҕан илдьиркэйиттэн таҥас тигэн, дьон атаҕастыырыттан, сынньарыттан көмүскэһэн, уон алтатыгар тиэрдибитэ.

Биирдэ кыһын сүөһүнү уулата сылдьан, тиҥэһэ кунаны миинэн ойбоҥҥо сүүрдэн киирэн иһэрин тойоно Дьаакыбылап кулуба көрсөн, Сүөдэри ат тараахтаах кымньыытынан таһыйбыта. Онтон абаран, уол Киллэм дэриэбинэтигэр Лэгиэнтэй атыыһыттаахха күрээн киирбитэ.

Лэгиэнтэй диэн саха атыыһыта. Кини кэргэнинээн хас да оҕону көмөн, ытыстарын соттон олороллоро. Бу оҕото суох ыал Сүөдэри, олус баттаабакка-атаҕастаабакка, үлэһит оҥостубуттара. Лэгиэнтэй атыыһыт хас куораттаатаҕын аайы уолу илдьэ киирэрэ. Сүөдэр ол сылдьан, кыратык да буоллар, нууччалыы кэпсэтэр, ахсааны бэлиэтиир буола үөрэммитэ.

Дьаакыбылап кулуба маҥнай утаа кыра уол күрээбитин соччо кумаардаабатаҕа, сылгылаппатаҕа даҕаны. Ол курдук үс сыл кэриҥэ ааспыта. Арай биирдэ кини, куораттан тахсан иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха таарыйбыта. Манна кини били «иитиэх уолун» Сүөдэри көрбүтэ. Бу кэмҥэ Сүөдэр балай да улааппыт, төлөһүйэн эрэр уон тоҕустаах уолан киһи этэ. Дьаакыбылап кулуба: «Үлэһит бэрдин куоттарбыппын», – дии санаан, Лэгиэнтэй атыыһыты суутунан куттаан, «иитиэх уолун» дьиэтигэр илдьэ барбыта. Онтон ыла Сүөдэргэ «Сылгыһыт Сүөдэр» диэн хос аат иҥмитэ.

Күһүн үлэ бүппүтүн кэннэ, кыстык хаар саҥа түһэн намылыта турдаҕына, Дьаакыбылап кулуба били сайын от үлэтигэр бэлиэтии көрбүтүн өйдөөн, киһи ыытан, Сүөдэри ыҥыртарда.

Тойоно ыҥыртарбытын кэннэ тэҥнэһиэ дуо, Сылгыһыт Сүөдэр, куттанан кирик-хорук туттан, тойонун аах дьиэлэригэр барда. «Тойонум туох буруйу оҥорбуппар ыҥырдаҕай?» – диэн уол бу күннэргэ тугу оҥорбутун, тугу үлэлээбитин барытын ырытан, эргитэн көрдө да, туох да буруйу оҥорбутун кыайан булбата.

Тойоно аах олорор мааны, улахан дьиэлэригэр урут сылдьа илик буолан, Сүөдэр, чаҕыйан, симиттэн, аан таһыгар тэпсэҥнии турда. Дьиэни көрөөччү, сотооччу-сууйааччы хамначчыт кыргыттар, хамначчыт уол киирэн турарын көрөн, тойонноругар эттилэр. Дьаакыбылап кулуба айгыстан аан хоско тахсар.

– Кэллим, – диэн Сылгыһыт Сүөдэр симик баҕайытык саҥарар.

– Кэлбиккин көрөбүн, – диэн баран тойоно, били Лэгиэнтэй атыыһыт атыылаһар сүөһүтүн эргийэ сылдьан көрөрүн курдук, уолу баһыттан атаҕар диэри өрө-таҥнары көрө-көрө эргийэр. Онтон туох да саҥата суох кэннинэн тэйэн, кэтэҕириин ороҥҥо тиийэн олорор.

«Бу тойон хайдах-хайдах буолар баҕайытай?» – дии саныы-саныы, Сылгыһыт Сүөдэр Дьаакыбылап кулуба хас хамсааһынын ааҕа көрө турар.

– Бэттэх кэл! – Дьаакыбылап сөмүйэтин эймэҥнэтэн ыҥырар.

Сылгыһыт Сүөдэр хайдах эрэ ойоҕоһунан хааман чугаһыыр. «Сырбатаары гыннаҕына таһырдьа ыстаныам», – дии санаан, хараҕын кырыытынан аан диэки көрүтэлиир.

– Таҥаскын уһул!

«Бу тоҕо таҥаспын сыгынньахтатар баҕайыный? Аны, били оҕо эрдэҕинээҕим курдук, ат тараахтаах кымньыытынан таһыйаары гынар бэйэтэ дуу?» Суох, тойоно илиитигэр кымньыы да, нагаайка да тутан олороро биллибэт. Сирэйиттэн-хараҕыттан да көрдөххө, кырбаары гыммыт быһыыта көстүбэт. Ол эрээри «таҥаскын уһул!» диэн соруйбута олус дьикти. Сылгыһыт Сүөдэр, өр соҕус саараан турбахтаан баран, кугас кулун тириитэ сонун устан сиргэ бырахта. Өҥө көстүбэт буола киртийбит сиидэс ырбаахынан эрэ хаалла. Дьаакыбылап кулуба хамначчытын кирдээх ырбаахытын, хас эмэ сиринэн абырахтаах торбос тириитэ ыстаанын сиргэммит курдук көрүтэлээтэ.

– Хотуйдаар, Сүөдэркэ истээх сонун аҕалыҥ эрэ!

Дьиэ көрөөччү кыыс, Сүөдэркэ хара саһыл тыһа истээх сукуна сонун түгэх хостон таһааран, ханна да гыныан булумуна, туора көтөҕөн турда.

– Тойоон, бу сону ылан кэтэн көр! – диэн Дьаакы-былап соруйда.

– Ол тоҕо кэтэбиний? – Сылгыһыт Сүөдэр, мааны таҥастан куттаммыт курдук, кэннинэн чинэрийдэ.

– Чэ-чэ, иэх-дьуох буолума, ылан кэт!

Сылгыһыт Сүөдэр, бэркэ диэн толло-толло, соҥҥо илиитин уунна. Тойонун уолун мааны сонун, буобура саҕатыттан ылан, синэ биир диэбиттии, хап-сабар санныгар быраҕынна, кэттэ.

– Тимэхтэн! – тойоно уолу эргийэ хаама сылдьан көрдө. Уолун соно Сылгыһыт Сүөдэргэ, ананан тигиллибитин курдук, сөрү-сөп эбит.

– Хааман көр эрэ!

Сылгыһыт Сүөдэр хааман көрдөрөр. Тойоно хайдах эрэ айа кылыытын кыҥаан эрэрдии кыҥастаһар. Хара саһыл тыһа истээх сон Сылгыһыт Сүөдэр этин бэрт сымнаҕастык, сылаастык кууһарга дылы. Кини бу сону устубата буоллар, кыһыҥҥы тымныыны билбэккэ аһарыа эбит. Уол санна, этэ ол сымнаҕаска, сылааска үөрэнэн эрдэҕинэ, Дьаакыбылап:

– Чэ, уһул! – диир.

Сылгыһыт Сүөдэр сону уһулар, ону Дьаакыбылап кулуба ылан хамначчыт кыыһыгар биэрэр:

– Мэ, хотук, маны таһырдьа таһааран, тэбээн баран, салгылата ыйаан эбис!

Сылгыһыт Сүөдэр кулун тириитэ сонун кэтэн, тойоно уолун мааны сонун тоҕо кэтэрдэн көрө сылдьыбытын таайа сатыы-сатыы, аан диэки баран эрдэҕинэ:

– Тохтоо, нойоон!.. Киир эрэ манна. Мин эйигин кытта кэпсэтэр наадалаахпын, – диэн кулуба кэтэх хоско ыҥыран киллэрэр.

Сылгыһыт Сүөдэр бу кэтэх хоско хаһан да үктэнэн көрө илигэ. Хос иһигэр бэрт элбэх мааны таҥастар ыйанан тураллар. Өстүөкүлэ таас ааннаах ыскаапка бэрт элбэх көмүс иһиттэр көстөллөр.

– Сүөдээр, миигин үчүгэйдик өйдөөн иһит, – Дьаакыбылап кулуба тоҕо эрэ уорба баҕайы намыын куолаһынан, тэҥнээх тэҥнээҕин кытта кэпсэтэн эрэрин курдук, саҥаран барар. – Эн мин ииппит оҕом буолаҕын. Эйигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биирдэ эмэ туһаныам, көмөлөһүннэриэм этэ диэн ылбытым. Дьэ, эн көмөҕөр наадыйар күнүм кэллэ. Ол иһин бу эйигин ыҥыттардым…

Сылгыһыт Сүөдэр, туох да диэн булбакка, тойоно кини диэки арыы ньалҕархайдык көрүтэлиирин, сирэйдиин-харахтыын сымнаабытын, сырдаабытын дьиибэргии саныы турда.

– Эн, оҕом Сүөдэр, баҕар, баттаммыттаах-атаҕастаммыттаах буолуоҥ, ону барытын умун. Дьиэ кэргэн иһигэр эҥин араас баар буолар куолута. Эн билигин улааттыҥ, онон мин биир сорудахпын хайаан да толоруо диэн бүк эрэнэн кэпсэтэбин, – диэн Дьаакыбылап кулуба, хараҕын быһа симэ-симэ, минньигэс-минньигэстик аргыый аҕай саҥаран намылытар.

Урут мөҥүүттэн, хаһыыттан ураты саҥаны истибэтэх Сылгыһыт Сүөдэр сордоох тойонун сымнаҕас тылыттан-өһүттэн сыа курдук ууллан хаалла. Кини урут атаҕастаммытын-баттаммытын, таһыллыбытын барытын умнарга дылы буолла. Тойоно итиччэ киһилээхпин диэн ааттаһар, көрдөһөр буолтун кэннэ, кини тугу соруйарын барытын толоруох санааланна уонна туох сорудаҕы толоруохтааҕын билэ, истэ охсоору:

– Тугу? – диэн ыйытта.

– Миигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биир кыыс оҕо эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, тоойуом… – диэтэ ытыахча буолбут, уйадыйбыт хараҕынан Сүөдэр диэки көрө-көрө Дьаакыбылап кулуба.

– Кыыс да-аа?! – диэн Сылгыһыт Сүөдэр соһуйа түстэ. Кини кыыс эрэ туһунан истиэм дии санаабакка турбута, туох эрэ үлэни соруйаары гынар буоллаҕа дии санаабыта.

– Кыыс, тоойуом, кыыс.

Сылгыһыт Сүөдэр туох да диэн булбата. Кини санаатыгар, Дьаакыбылап кулуба курдук тойону хайа да бэйэлээх кыыс атаҕастыан сатаммакка дылы.

– Ол ханна баар кыыһый?

– Орто Бүлүү кулубатын кыыһа, сэгэриэм… Кини, тыһы кырынаас курдук ньыламан маҥан сирэйигэр ымсыырдан, үс улуус үтүөлэрин оҕолорун барыларын саакка киллэртээтэ…

Сылгыһыт Сүөдэр өссө тугу да өйдөөбөт: ол ханна эрэ баар Бүлүү уокуругар олорор кыыс үс улуус үтүөлэрин оҕолорун сиритэлээбитигэр Дьаакыбылап кулуба тугун кыһалҕатай? Дьикти. Итини киниэхэ тойоно тоҕо кэпсиирий? «Аны күлүү гынара итэҕэс эбит буоллаҕа», – диэн Сүөдэр иһигэр абара саныыр.

Дьаакыбылап кулуба уол «тэһииркээбитин» тэһэ көрө охсор:

– Суох, тоойуом, мин эйигин элэктээн да, күлүү да оҥостон итини эппэппин… Эн даҕаны киһиттэн туоххунан итэҕэскиний?

«Э-э, бии, былырыын Сүөдэркэлиин онно баран сирдэрэн кэлбит эбит буоллахтара», – диэн Сүөдэр сэрэйэр. Ол гынан баран кини онно туох көмөлөөх буолуон сөбүй?

Атаҕастаммытын санаан дьэбин уостан олорор кулуба сирэйэ хайдах эрэ сымныырга, хараҕар мичээр охсулларга дылы буолар:

– Эйигин, тоойуом, төрөппүт оҕом курдук саныыбын… Ол кыыс мин Сүөдэркэбин сирэйэ модороонун сирбитин иһин, хайа, эйигин сирбэтэх баҕайыта ини… Тоойуом, эн баран кинини кэргэн кэпсэтэн кэлэриҥ буоллар…

«Ол да иһин, күлүү оҥосто олорор эбит», – диэн Сүөдэр иһигэр эмиэ абатыйан кэлэр:

– Бу миигин күлүү оҥостон тугу туһанаргыт эбитэ буолла?

– Кэбис, тоойуом, инньэ эрэ диэмэ. Мин эйигин төһө да төрөппөтөҕүм иһин, ииппиппинэн эйиэхэ аҕаҥ буолабын… Аҕаҥ биир соругун толордоххуна сатанар. Ол биһиги сахалар үгэспитигэр да баар суол. Оҕом сирэйгинэн нарын, уҥуоххунан көнө, көрүҥҥүнэн үчүгэй эбиккин. Эн ол кыыстан туоххунан да итэҕэһэ суоххун… Кини кулуба кыыһа, оттон эн мин оҕом буоллаҕыҥ… Биһиги эмиэ кулубаларбыт!

Сүөдэр, урут хаһан да истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн, улаханнык соһуйар. Тугу да булан эппэккэ, айахха киирбиччэ:

– Хаһан миэхэ эргэ тахсыан, – диэн эрэ кэбиһэр. – Таҥас-сап да мөлтөх.

– Субу дьүһүммүнэн барыам диэтэҕиҥ дуу? Суунуоҥ-тарааныаҥ, мааны таҥаһы таҥныаҥ.

Сүөдэр саҥата суох кэтэҕин тарбанар. Тылыгар киллэрэн эрэриттэн үөрэн тойоно, үөннээх баҕайытык мичээрдии-мичээрдии, эмиэ саҥаран сыыбырҕатар:

– Баай ыал, улуус кулубатын күтүөтэ буолар ааттыын да астык, үчүгэй буолбат дуо? Ити мин оҕобун, эйигин, киһи буолаарай диэн, кэскилгин оҥоро сатаан, тэрийэбин. Эн дьонуҥ баайдара миэхэ баар. Сокуон быһыытынан, эн хайа күн кэргэн ылаҕын да, ол баай олоччу эн бас билиигэр бэриллэр. Ол Харатаайап кулуба кыыһа эйигин сириэ суоҕа диэн эрэнэбин ээ.

Баай ыал хара батталыттан быыһаныан Сылгыһыт Сүөдэр сордоох олус баҕарар. Кини санаатыгар, бу Дьаакыбылап кулуба барыта оруннааҕы этэргэ дылы. Кини кэргэн кэпсэттэҕинэ, ыал буоллаҕына дьонун аах баайдарын, баҕар, биэриэ даҕаны. Оо, оччоҕо төһө эрэ үчүгэй буолар этэ. Кини, үөрбүтүн омунугар, сип-сибилигин да барыах курдук сананна уонна тырыттыбыт кирдээх таҥаһын, от-мас тиэйиитигэр бааһырбыт, тымныыттан, инчэҕэйтэн хатырбыт тарбахтарын көрдө. Суох, киниэхэ, маннык илиилээх-атахтаах, маннык таҥастаах-саптаах киһиэхэ, хайа баай ыал кыыһа кэргэн кэлиэ баарай!.. Оо, кэргэн ылан, бу баҕайылартан арахпыт киһи! Уол ити санаатын тойоно бэрт үчүгэйдик өтө билэн олорор.

– Дьэ, тоойуом, баччааҥҥа диэри үлэлээтиҥ… Билигин сынньан! Манна биһигини кытта бииргэ олоруоҥ. Таҥаскын уларытыахпыт, оҥоруохпут. Мин, ити эйигин оҕо эрдэххиттэн манна, бэйэбин кытта, олордуохпун саныы-саныы, үлэни-хамнаһы билбэтэ куһаҕан буолуо диэн сырытыннарбытым… Ону баалаама, хойут бэйэҥ миэхэ махтана сылдьыаҥ…

Бу күнтэн ыла Сүөдэр тойонун аах мааны дьиэлэригэр син биир кинилэр кэргэннэрин, оҕолорун курдук олордо. Күн тура-тура иистэнньэҥ дьахталлар таҥас тигэллэригэр мээрэйдэтэн, тула эргийэн тахсар.

Маҥнай утаа кулуба мааны дьиэтигэр тэһийбэккэ, Сүөдэр хамначчыттар балаҕаннарыгар куотаары дураһыйталаан сылдьыбыта. Тугу да үлэлээбэккэ таах олороруттан тыына-быара ыгыллара. Онуоха эбии, дьиэлээх тойонтон ураты ким да кинини кытта кэпсэппэт этэ, дьиэлээхтэр бары кинини олус абааһы көрөр быһыылаахтара. Хотуна Огдооччуйа, мааны уол Сүөдэркэ кинини кытта биир остуолга олорон аһаабат этилэр. Тойонугар уонна киниэхэ хамначчыт кыргыттар туспа аҕалаллара. Кини бу дьиэҕэ киириэҕиттэн бу ыал биирдэ да күлэн-оонньоон, киһилии кэпсэтэн эрэллэрин истибэтэҕэ. Тугу эмэни кэпсэтэр да наадалаах буоллахтарына, хайдах эрэ үгэ, хаһыы, этиһии былаастаан саҥарсаллара.

Биирдэ кинини кытта урут бииргэ олорбут, үлэлээбит хамначчыт уолаттара көрсөннөр:

– Сүөдэр, тойон оҕото буоллуҥ дуу? Төһө бэркэ олороҕунуй? – диэн ыйыппыттара.

Онуоха Сүөдэр:

– Тойотторбут киһи ымсыырбат олохтоох дьоно эбиттэр… Ыыспаҕа да буоллар, эһигини кытта олорорбун олус ахтабын, – диэн хардарбыта.

Сүөдэр тойонун дьиэтиттэн таҕыстар эрэ, кини туһунан кэпсэтии, мөккүһүү, этиһии, ардырҕаһыы күөдьүйэрэ. Ол этиһиини Огдооччуйа эмээхсин саҕалыыра:

– Оҕонньор, иирбиккин!.. Ити хамначчыт илиэһэйгин бэйэҥ төрөппүт оҕоҕунааҕар ордук маанылыыгын! Кини тугунан эйигин ити курдук абылаата?

– Ааргы, эн өйдүөҥ баара дуо! – диэн сапсыйан баран, оҕонньор тэскилээн биэрэрэ.

Дьаакыбылап кулуба, хара санаатын Сылгыһыт Сүөдэргэ толортороору, хаартыһыт киһи курдук, харса суоҕугар киирэн сылдьара. Кини куоһара – Сылгыһыт Сүөдэр. Бу куоһуругар төһө баҕарар үбүн-харчытын кэрэйбэккэ угар санаалааҕа. Кини, оонньуута табылыннаҕына эрэ, Харатаайап кулуба кыыһын саакка киллэрэн, санаата дуоһуйуохтааҕа. Кулуба улуус суруксутугар Сылгыһыт Сүөдэри ааҕарга, суруйарга, нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэттэрбитэ. Сүөдэр, били урут Лэгиэнтэй атыыһыттаахха үлэлии сылдьан нууччалыы кэпсэтэ үөрэммитинэн сирдэтэн, бэрт сотору син хоп курдук нууччалыы кэпсэтэр буолбута.

Сылгыһыт Сүөдэр, аҕыйах ыйга үлэттэн сынньанан, хаанныын тэтэрэр, дьүһүннүүн тупсар. Тойоно хаарыс солко таҥаһы таҥыннарар. Киһи билбэт киһитэ буола уларыйан хаалар. Хамначчыт уолаттар, кыргыттар тойонноро аах, кэччэгэй муҥутааннар, туох буолан Сылгыһыт Сүөдэри ити курдук маанытык тутар буолбуттарын таайа сатыыллар да, кыайан таайбаттар.

Сүөдэри төрөппүт оҕотун курдук көрөн улаатыннарбыт икки хараҕа суох кырдьаҕас Сөдүөччүйэ эмээхсин, урут тугу баҕарар тойоннуур, быһаарар бэйэтэ, Сылгыһыт Сүөдэр туһунан туох да диэҕин билбэккэ, үөһэ эрэ тыынан кэбиһээхтиир, түүнү быһа тугу эрэ уоһун иһигэр ботугураан тахсар идэлэннэ. Кини таптыыр оҕото тойонун аахха тахсан маанытык, ыраастык олороруттан үөрбүт быһыыта биллибэт.

Халлаан тымныйдар тымныйан барар. Утуу-субуу кыһыҥҥы таҥаралар кэлэллэр.

Ороһооспо, Кириһиэнньэ ааһар. Дьаакыбылап кулуба, киэһэ-сарсыарда аһыы олорон Сылгыһыт Сүөдэр диэки үөннээх баҕайытык көрүтэлии-көрүтэлии, кэргэн кэпсэтэ барара чугаһаабытын туһунан тыл кыбытар. Онуоха Сүөдэр килбигийэн ах бара түһэр, сирэйэ кытарар, киэр хайыһар үгэстэнэр.

Арай биир күн Сиидэр суруксут Сылгыһыт Сүөдэри ааҕарга, суруйарга, нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтэ олордоҕуна тойонноро Дьаакыбылап кулуба аргыый аҕай ньылбыйан киирэр уонна истэн турбахтаан баран:

– Сиидэр, ити «маа-муу» дэһэргитин тохтотуҥ эрэ, – диир.

Сиидэр суруксут, тойонун бирикээһин истээри, чөрбөйөн олорор. Сылгыһыт Сүөдэр саҥата суох турар.

– Тугу эмэни лахсыһар буола үөрэннэ дуо?

– Үөрэнэн эрэр. Билигин бэйэтин наадатын барытын ситэ кэпсэтэр кыахтаах, – Сиидэр суруксут тойонугар үөрэ-көтө кэпсиир.

– Чэ үчүгэй, оҕом Сүөдэр, кэргэн кэпсэтэ барар кэмиҥ кэллэ. Мин бу улуус суруксута, үөрэхтээх киһи баарына, ол туһунан сүбэлэһэ киирдим.

– Ол кэргэн кэпсэтэригэр туох сүбэтэ-амата нааданый? – Сиидэр ыйытар.

– Өскөтө бу киһи, Дьаакыбылап кулуба иккис уолабын диэтэҕинэ, Харатаайап кулубалаах: «Хайдах биһиги кыыспытыттан атын кыыһы булбатах дьонуй?» – диэн өһүргэнэ сылдьыахтара. Онон бу киһи атын киһи оҕото буолан тиийдэҕинэ сатанара буолуо.

Сылгыһыт Сүөдэр туох да диэн булбат. Кини санаатыгар, тойоно эмиэ да сөпкө этэргэ дылы. Оттон кыыс киниэхэ эргэ кэллэҕинэ, атын киһи оҕотобун диэн сымыйалаабыта арыллара чахчы. Ол эмиэ да кыбыстыылаах буолсу.

Улуус суруксута туох диэҕин мунаахсыйда. Биллэн турар, кыыс Дьаакыбылап кулуба биир уолун сирэн ыытан баран, иккис уолугар эргэ тахсара саарбах.

Тугу да кыайан тобулан быһаарбакка, үһүөн өр соҕус саҥата суох олороллор. Онтон Сылгыһыт Сүөдэр аан бастаан тыл таһаарар:

– Мин бэйэм даҕаны ааттаах, араспаанньалаах буолбаппын дуо? Бэйэм ааппынан баран кэпсэтэрим тоҕо сатамматый?

Кулуба күлэн тоҕо барар. Оҕонньор өр соҕус күлэн быарын тыыттан баран тохтуур.

– Нохоо, ол эн дьонуҥ киһиэхэ биллэр туох ааттаах-сурахтаах буоланнар, ити курдук этэҕиний? Оннооҕор биһиги курдук дьон оҕолорун сиритэлии олорор кыыс ол эн ааккар умсугуйан эйиэхэ тахсыа үһү дуо?

Сүөдэр санаатыгар, кыыһы хара маҥнайгыттан албынныыр сатаммакка дылы. Оттон тойоно эмиэ да оруннааҕы этэр курдук. Ол улуус кулубаларын, уокурук баайдарын, атыыһыттар оҕолорун сирэ-тала олорор кыыс эгэ киниэхэ, тулаайах уолга, эргэ кэлиэ дуо? Кэлбэт!

Сиидэр суруксут, харандааһынан өр соҕус оонньоомохтоон баран, Дьаакыбылап кулуба диэки көрүтэлиир уонна аргыый тыл кыбытар:

– Оттон бу киһини «атыыһыт уола» диэн ааттаан ыыттахпытына хайдаҕый?

Аны Дьаакыбылап кулуба онон-манан абына-табына үүммүт күрэҥсийэн эрэр бытыктаах сэҥийэтин саҥата суох тарбанан кирдиргэтэр. Бытыгыттан биир түүнү туура тардан ылан, түннүк сырдыгар ыйдаҥардан: «Хайдах дьүһүннээҕий?» – диэбиттии, кыҥаан көрүтэлиир. Онтон ортотугар диэри элэйбит саһархай өҥнөөх тииһинэн бытыгын быһа ытырар. Оҕонньор бэрт ыар, кыайан быһаарыллыбат санааҕа ылларбыта өтө көстөр. Бэрт өр буолан баран:

– Суох, табыллыбата буолуо… Ол «баай атыыһыт» оҕото оччо ыраах сиргэ суос-соҕотоҕун, тугу көрдүү сылдьабын диэн тиийиэй?

– Оттон кини аҕатын иэстэрин ирдэһэ сылдьар буоллун ээ. Ол сөп буолбат дуо?!

Дьаакыбылап кулуба, сирэйин тириитин мыччыһыннаран, үс муннуктааҕынан көрүтэлиир.

– Синин син буолуо этэ да… Ким билэр, итэҕэйиэхтэрэ суоҕа эбээт… Баҕар: «Аҕаҥ ханнаный?» – диэн ыйытан туруохтара.

– Аҕата өлбүт буоллун ээ, – суруксут ымайар.

Дьаакыбылап кулуба хараҕа кэҥии түһэр, тугу эрэ булбут курдук, ойон турар, Сиидэр суруксуту кэлэн саннын таптайар.

– Бэрт сөпкө этэҕин! Аҕата өлбүт буоллун, аҕатын баайын, иэһин хомуйа сылдьан Харатаайап кулубалаахха хоннун… Кыыһы сөбүлүү көрдөҕүнэ, өрөөтүн, табыллыах буоллаҕына, ыйыттардын. Соруйан кэргэн кэпсэтэ кэлбит буоллаҕына, соҕотоҕун сылдьара табыгаһа суох буолуо. Оттон ити курдук наадалаах киһи онно-манна тиийэригэр туох да боруок суох.

Сылгыһыт Сүөдэр санаата харааччы иирэн хаалар. Дьоно өлбүттэрэ чахчы, итиннэ туох да сымыйата суох. Атыыһыт уола аатырара толоос, сымыйа, кыбыстыылаах буолсу. Ол эрээри кини өйдүүрэ, ол баай-кулуба кыыһа киниэхэ «атыыһыт оҕото» буолбатаҕына эргэ кэлбэтэ чахчы. Кэргэннэнэр, ыал буолар туһугар кыратык сымыйалыыр, ама, аньыы буолуо дуо?

Сонно тута биэксэл кумааҕытыгар суруйан Федор Владимирович Гаврильев Бүлүү уокуругун биллэр атыыһыттарыттан бэрт элбэх ылардааҕын курдук докумуон оҥороллор. Ол биэксэллэри Нам улууһун быраабатын бэчээтинэн «туоһулаталлар».

Биэксэллэри оҥордохторун нөҥүө күнүгэр Дьаакыбылап кулуба, уолун хара саһыл тыһа истээх сонун кэтэрдэн, ат бастыҥын көлүйэн, Сылгыһыт Сүөдэри ыраах Бүлүү сиригэр атаарар.

Сылгыһыт Сүөдэр хоту лүүчүттэр сирдэринэн, киэҥ Ньидьили эбэ хотуну туораан, Орто Бүлүү сиригэр киирэр. Кини Дьаакыбылап кулуба бас билэр сириттэн төһө ыраатар да, соччонон тыла чобуотуйан, санаата сайдан, өйө уһуктан барар. Кини уһун суолу быһа тоҕо бачча ыраах сиргэ баран иһэрин эргитэ саныыр: «Тойонум Дьаакыбылап кулуба обургу мин Харатаайап кулуба кыыһын кэргэн кэпсэтэрбэр тоҕо ити курдук кыһанара буолуой? Уолун, Сылластыгас Сүөдэркэни, сирдэрэн баран… тоҕо миигин бу курдук тэрийэн ыытарый?.. «Атыыһыт уола» диэн докумуоннаата… Тоҕо? Ол кыыһы саакка киллэрээри, дьон күлүүтүгэр ыытаары миигин тэрийбитэ буолуо дуо? Ама, хайа үлүгэрэй!»

Суол төһө да уһунун иһин, киһи сорук оҥостон баран иһэр сирэ кэлэр үгэстээх. Сылгыһыт Сүөдэр киэһэлик соҕус Орто Бүлүү кулубата Харатаайап баай киэҥ тэлгэһэтигэр кэлэн киирэр.




IV


Сыарҕалаах ат Харатаайап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Мааны таҥастаах эдэр киһи чэпчэки бэйэлээхтик сыарҕатыттан түһэр, атын сэргэҕэ баайар. Итини барытын Маайа хаппахчытын түннүгүнэн көрөн олорор уонна, көрдө-көрөөт, эдэр киһи чэпчэкитик, сыыдамнык туттарын-хаптарын сөбүлүү саныыр: «Хата, атыттар курдук, баайбын диэн алыс аарыгырбат киһи кэлбит быһыылаах».

Кэлбит киһи, олбуор иһин эргим-ургум көрө-көрө, дьиэҕэ иһэр. Кини тоҕо эрэ дьиэ аанын таһыгар өр соҕус тохтоон, хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарын одууласпахтаан баран, муннун-уоһун соттор, таҥаһын тэбэнэр. Баай ыалдьыттар – кырдьаҕас да, эдэр да буоллуннар – «биһиги дуо!» диэбиттии киэбирэ туттан киирэр үгэстээхтэрэ. Оттон бу киһи, бэрт сымнаҕастык, мин манна киирэрим сөп дуо диэбиттии, сэмэйдик туттан дьиэҕэ киирэр уонна кэтэҕэриин муннук диэки хайыһан туран кириэстэнэн, дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан дорооболоһон, таҥаһын сыгынньахтанан баран, мааны ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо киэмсийэн чөмчөйбөккө, олох маһы ылан уот иннигэр кэлэр.

Бүгүн баскыһыанньа буолан, Харатаайап кулуба, улууһун быраабатыгар киирбэккэ, өрөөн олорор эбит. Кини урут хаһан да сылдьыбатах эдэр ыалдьыты бэркэ болҕойон одуулуур. Таҥаһынан буоллаҕына, бэрт мааны, баай ыал оҕото быһыылаах. Ол гынан баран туттарыгар-хаптарыгар хайдах эрэ баай дьон оҕолорун майгына көстүбэт. «Ханнык эрэ кыра ыал ыччата киэргэнэн кэлээхтээбит ээ, быһыыта», – дии саныыр оҕонньор уонна:

– Ким диэн киһи оҕото буолаҕыный? – диэн, сэнии көрөн, судургутук ыйытар.

Сылгыһыт Сүөдэр дьиэлээх тойон кинини сэнии көрбүтүн сэрэйэ охсор, мух-мах буолан көхсүн этиппэхтиир.

– Мантан ыраах, Дьокуускай уокуругар, олохтоох Хабырыллайап атыыһыт оҕотобун.

Харатаайап кулуба сэргии түһэр.

– Ылдьаанаа, ыраах сиртэн сылдьар оҕо сылайбыта, аччыктаабыта буолуо, чэйдэ бэлэмнэт! – диэн кэргэнигэр соруйар. – Ол, бу биһиги олорор түбэбитин туох соруктаах буолан таарыйдыҥ? – диэн, тэҥнээх киһитин кытта кэпсэтэрин курдук, кэпсэтэн барар.

Сылгыһыт Сүөдэр, Дьаакыбылап кулуба кикпитин курдук, кэпсээн барар:

– Мин бачча сааспар диэри дьиэм тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх бэйэм, ааспыт күһүн дьонум өлөннөр, үппүтүн-баайбытын көрөр-харайар киһитэ суох буолан, бу бэйэм сылдьабын…

– Хайыай! – Харатаайап кулуба сэҥээрэр.

Маайа, хаппахчытын иһигэр олорон, аҕата ыалдьытын кытта кэпсэтэрин иһиллиир. Кини уол дьиэҕэ киирэн истэҕинэ сирэйин көрбүтэ. Билигин саҥатын истэ-истэ: «Ис киирбэх да тыллаах-өстөөх киһи», – дии саныыр.

– Иэс эрэ элбэх. Мин аҕам алыс элбэх сырыылаах, киэҥ билсиилээх киһи этэ. Кини үксүн дьоҥҥо иэс биэрэр идэлээҕэ. Ону барытын иэстиирбэр, хомуйарбар биир-икки сыл тук буолуо суох быһыылаах. Маннааҕы Бүлүү куоратыгар баар Оросторгууйап, Кэрээкин, Хондокуоп атыыһыттартан ылардаах этэ… Онтон хоту Лаама суолунан, Өймөкөөн, Охуоскай сиринэн эргийэрдээхпин. Таарыйа Ньылхаҥҥа, Айааҥҥа эмиэ иэстэрбин хомуйан аастахпына сатаныа.

– Оччо элбэх ылардаргар дьонуҥ туох эмэ суругу-бэлиэни хаалларбыттар дуу? – диэн Харатаайап кулуба бу оҕо ылара элбэҕин, сырыыта киэҥин сөҕөн ыйытар.

– Э-э, бэлиэ баҕас бэрт элбэх.

Харатаайап кулуба эдэр ыалдьыта баайын олус сөҕөн кэбиһэр. Кинини ханна да олордуон булбат. Кэргэнигэр Ылдьаанаҕа этэн, улахан бырааһынньыкка сиэхпит диэн уурдарбыт бууттан тахса ыйааһыннаах Эдьигээн хатыыһын киллэртэрэн кыстарар. Арыгы туруорар. Ас үчүгэйин остуолга бэлэмнэтэр.

Маайа ыалдьыт уолтан кэмчиэрийэн хаппахчытын иһиттэн тахсыбат. Ийэтэ киирэн:

– Чэйгэ таҕыс, – диэн кыыһын ыҥырар уонна сибис гынар, – үчүгэй таҥаскын таҥын.

Ийэтэ тоҕо кинини киэргэтэ сатыырын Маайа бэркэ билэр. Икки иҥэ буспут дьэдьэн курдук тэтэрэ түһэр, улгумнук таҥнан барар.

«Баҕар, кэргэннээх, оҕолоох уол буолуо… Туох кэргэннээх киһигиний диэн ити аҕам тоҕо ыйыппатый?» – дии саныы-саныы Маайа, улаханнык килбигийбит курдук туттан, хаппахчытын иһиттэн тахсар. Ол тахсан иһэн, сирэйин кистии туттубут курдук да буоллар, хараҕын кырыытынан уолу көрөн аһарар: саар тэгил уҥуохтаах, хатыҥыр соҕус курбуу курдук быһыылаах, арылхай харахтаах эдэр уол эбит.

Маайа хаппахчытыттан тахсарыгар дьоно аһаары остуол тула олорбут этилэр. Ыалдьыт уол тугу эрэ кэпсии олорон, хаппахчы аана аһыллаатын кытта ах барар.

Сылгыһыт Сүөдэр кыыһы көрөөт: «Дьон этиэхтэрин этэллэр эбит. Быһыылыын-тутуулуун, сирэйдиин-харахтыын чахчы нарын, үчүгэй кыыс эбит», – дии саныыр.

Уоллаах кыыс остуол нөҥүө-маҥаа утарыта олороллор. Төһө да бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин одууласпаталлар, уора-көстө көрсөллөр. Биирдии үрүүмкэ арыгыны иһэллэр, кыһыллыбыт эмис хатыыһынан сокуускалыыллар. Харатаайап кулуба, уоллаах кыыс килбигиһэн сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрин көрөн, уол туох кэргэннээҕин ыйыталаһар:

– Ыалдьыппыт, дьонум өлбүттэрэ диигин, бу ырааҕынан тэлэһийэн сылдьар кэмҥэр дьиэҕин-уоккун кимиҥ көрөр-харайар буоларый?

Маайа сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытара түһэр, Сүөдэр диэки кылап гына көрө охсон ылар уонна төбөтүн аллара санньытар. Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ мух-мах буолар, эмиэ хараҕын кырыытынан Маайа диэки көрө охсон ылар. Кини сымыйалаан баран, сыыртан түһэн иһэр салааска тохтооботун курдук, тохтуур-төннөр кыаҕа суоҕа:

– Дьонум аах тыыннаахтарыттан үлэлиир дэбиэринэй дьоннордоохпун… Кинилэр көрөллөр.

– Хайыай! Ол дьонноргуттан ураты туох кэргэттэрдээх киһигиний? – Харатаайап өссө нэмийэн ыйытар.

– Туох да кэргэним суох, аҥаардас киһибин.

– Кэргэннээҕиҥ буоллар, кини көрүө, көмөлөһүө этэ, – диэн баран Харатаайап кулуба, уол аҥаардаһын аһыммыт курдук, үөһэ тыынан ылар. «Оҕом Маайа бу уолу сөбүлүү көрөр ээ, быһыыта», – диэн санаа оҕонньор өйүгэр охсуллан ааһар. Кэпсэтиилэригэр тардыллан балачча уһуннук остуолтан турбаттар. Дьиэлээх тойон хоноһотун атын хамначчыт уолаттарынан булгуттаран, далга аһаттара ыыттарар.

Бу киэһэ Харатаайап кулубалаах хойутаан утуйаллар. Оҕонньор эдэр хоноһотунаан олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтэллэр, дойҕохтоһоллор. Киэһэ хойут сыппыт дьон сарсыарда күн үөһэ ойбутун кэннэ тураллар. Аһыыллар. Харатаайап кулуба бүгүн быраабатыгар эмиэ барбат, өрөөн хаалар.

Күн ортотун саҕана хоноһолоро бараары тэринэр. Сэмэн Уйбаанабыс оҕонньор кини атын көлүйтэрээри таһырдьа тахсар. Маайа, уол бараары тэһииркээбититтэн хомойон, саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру буолар. «Чэ, бардаҕа, – дии саныыр. – Аны хаһан эмэ охсуллан ааһар дуу, суох дуу?»

Аҕата таһырдьаттан киирэн иһэр атаҕын тыаһын истэн: «Аккын көлүйдүлэр», – диэҕэ диэн Маайа таалан турар. Харатаайап кулуба буоллаҕына киирэн, аа-дьуо таҥаһын сыгынньахтана-сыгынньахтана, ыалдьыт уолга кыыһа букатын күүппэтэҕин этэр:

– Дьэ, доҕор, атыҥ аанньа аһаабатах… Айаныгар улаханнык илистибит, сылайбыт быһыылаах… Өрөөн, аккын сынньатан бардаххына табыллыыһык.

Маайа, итини истээт, сүрэҕэ битигирии, этэ дырылыы түһэр, хоноһо уол туох диирин көһүтэн, бүтүннүү кулгаах буолан хаппахчытын айаҕар быган турар. Сылгыһыт Сүөдэр өр соҕус тугу да саҥарбат. Кини бу ыал кыыстарын дьиҥ-чахчы таптыы көрдө, билигин өрүүр эрэ буоллаҕына, дьиэлэнэр туһунан кэпсэтии буолсук. «Кэбис, аньыы-хара элбии илигинэ, эрдэтинэ мантан барыахха!» – диэн санаа уол өйүгэр көтөн түһэр.

– Баһыыбаларыҥ, сылдьар сырыым ыраах.

– Кырдьаҕас киһи сүбэтин иһит: атыҥ ырыыһык, сынньатан баран бар, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.

Маайа аҕатын таптыыр хараҕынан көрөр: оо, аҕата үчүгэй да оҕонньор буоллаҕа! Көр, ити уолу тохтото түһээри сүбэлиирэ үчүгэйиэн, оруннааҕыан!

Сылгыһыт Сүөдэр, саараамахтаан баран, этэр:

– Чэ, буоллун даҕаны, өрөөн аппын сынньатыым.

Маайа хаппахчытын аанын сабан кэбиһэр. Уол өрүүр буолбутуттан кини олус да үөрдэ. Мэктиэтигэр, сүрэҕэ тэбэр тыаһа агдатын бүтэй иһиллэргэ дылы.

Харатаайап оҕонньор хоноһо уолун кытта ону-маны сэһэргэһэн тахсаллар. Ол эрээри, Маайа иһиттэҕинэ, хоноһо уоллара, бэҕэһээ киэһээҥҥитин курдук, баайынан-үбүнэн чабыламмат. Ханна эрэ Маача дэриэбинэтигэр олохтоох Сараапап уонна Салаайап атыыһыттар дьону хайдах албынныылларын, Бодойбо кыһыл көмүһүн дьон хайдах уоран аҕалан атыылыылларын кэпсиир. Ол кэпсии олорон, сорох ардыгар нуучча тылын кыбытан ылыталыыр. Харатаайап оҕонньорго, кини кэргэттэригэр Сылгыһыт Сүөдэр чахчы атыыһыт оҕотун курдук көстөр.

Киэһэ эмиэ ас тардан, арыгы туруоран, остуол тула олороллор. Маайа уруккуттан олорор сиригэр, ийэтин аттыгар, олорбутун аҕата кэлэн илиититтэн ылан хоноһотун кытта сэргэ олордор.

– Эһиги, эдэр оҕолор, манна сэргэстэһэ олоруҥ!

Сэмэн Уйбаанабыс бу хоноһо уолун олус таптыы, сүрэҕэ сөбүлүү көрөр. Уоллаах кыыһы сэргэстэһиннэрэн баран: «Бу оҕолор холбостоллор, чахчы тэҥнээх ханыы-доҕор буолуо эбиттэр ээ», – дии саныыр.

Аһыыллар, арыгылыыллар. Харатаайап кулуба: «Бу киһи кэргэн кэпсэтэр туһунан хаһан саҥарара буолла?» – диэн көһүтэ олорор. Уол тоҕо эрэ кыыһы кытта оонньоспот, кэпсэппэт, кыыстан, куттаммыт курдук, тэйиччи соҕус туттар. Баҕар, ити Дьокуускай эбэ хотун курдук киэҥ сиртэн сылдьар киһи кинилэр Маайаларынааҕар буолуох үчүгэй кыыһы, ханнык эрэ улахан тойон кыыһын кытта кэпсэтиилээҕэ буолуо.

Маайа, сирэйэ кытаран баран, аат эрэ харата аһыыр, урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Уол эмиэ иҥин хаана кэйэн, сирэйэ-хараҕа уоттанан кэлэр. Сэмэн Уйбаанабыс ону эндэтиэх бэйэлээх буолуо дуо, бэлиэтии көрөр. «Сөбүлэһэллэр быһыылаах. Арыгыны элбэхтик истэхтэринэ уостара аһыллыа», – дии санаан, оҕонньор сотору-сотору үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаан бычалытар.

Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлэрин оҕонньор олус толору гына куппута тохтоору бычалыҥныы турара хайдах эрэ ытаары гыммыт киһи хараҕын уута таммалаары туолан турарын маарынныыр.

– Көр, эдэр дьон, эһиги, толору дьоллоох буолсуккут, үрүүмкэлэргитин олус толору гына кутан кэбистим, – диир Сэмэн Уйбаанабыс үөрэн-көтөн, холуочуйан чаҕылыйбыт хараҕынан уоллаах кыыс сирэйдэрин көрө-көрө. – Чэйиҥ, эһиги, эдэрдэр, дьолгут иһин!

Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлээх арыгыларын көтөҕөн туран сирэй-сирэйдэрин килбик баҕайытык көрсүһэн кэбиһэллэр.




V


Бу киэһэ туох да олохтоох кэпсэтиитэ тахсыбат. Холуочуйа соҕус арыгылаан, аһаан-сиэн бүтэллэр. Маайа хаппахчытыгар киирэн хаалар. Харатаайап оҕонньор, өр соҕус кэргэнин Ылдьаананы кытта тугу эрэ сибигинэһэн ботугуруу сыппахтаан баран, утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар.

Маайа өр утуйбакка оронугар мөхсө сытар. Кини урут хаһан да санаабатах санааларын санаталыыр. Бу кэлэн иккис түүнүн кинилэр дьиэлэригэр утуйа сытар эдэр киһи туһунан арааһы эргитэ саныыр…

Сэмэн Уйбаанабыс сарсыарда эрдэ туран кыыһын хаппахчытыгар киирбитэ, Маайата уһуктаҕас сытара.

– Маайа, ити атыыһыт оҕотун туох дии саныыгын?

«Уол миигин ыйыппыт буоллаҕа дуу?» – диэн Маайа үөрэ түһэр, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээмэхтиир.

– Аҕаа, тоҕо ону ыйытаҕыный?

– Кистээмэ, эн ити уолу сөбүлүүгүн дуу, суох дуу? – диэн оҕонньор кыыһын кулгааҕар сибигинэйэр.

– Ыйыттарда дуо? Мин сөбүлүүрбүн тоҕо ыйытаҕыный?

Оҕонньор, саҥата суох олорбохтоон баран, хаппахчы иһиттэн тахсаары туран, туохтан эрэ улаханнык санаарҕаабыт курдук, кэтэҕин тарбанар:

– Ыйыттарыытын ыйыттара илик да, мин эн санааҕын билээри гыммытым.

– Ыйыттарбатах буолтун кэннэ… – Маайа хомойбут курдук саҥарар.

Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хараҕа уу-хаар баспытын көрөн, аттыгар кэлэн олорор, төбөтүн имэрийэр.

– Ити оҕо биһиэхэ кэргэн кэпсэтэр наадалаах кэлбэтэх. Кини атын дьыалаҕа сылдьан таарыйда… Дьоно өлөн хаалбыт, соҕотох оҕо эбит… Киһи иһигэр киирбэх оҕо быһыылаах. Эн сөбүлүүр буоллаххына, кинини кытта мин бэйэм да кэпсэтиэ этим.

Маайа аҕатын илиитин бобо харбаан ылар, сыллыы-сыллыы иэдэһигэр ыга тутар.

– Тоойуом, ити аата, кинини сөбүлүүр буоллаҕыҥ дии?! – оҕонньор үөрэн сырдыы түһэр.

– Аҕаа, миигин бэйэҥ сыҥалыырыҥ саата бэрт буолаарай?.. Кини миигин сөбүлүүрэ биллибэт ээ.

Оо, кыыс оҕо килбик-кэмчиэ муҥутаан, уолу таптыырын-сөбүлүүрүн хаһан билиммитэ баарай! Үгүс кыргыттар таптыы көрбүттэрин кимиэхэ да биллэрбэккэ, өллөхтөрүнэ ииннэригэр илдьэ барааччылар. Маайа даҕаны хоноһо уолларын сөбүлүү көрбүтүн, аҕабын хомотуом диэбэтэҕэ буоллар, этэн быстар этээ!

– Хата инньэ диэ, ити киһи тыла, – диэт, Сэмэн Уйбаанабыс кыыһын сүүһүттэн сыллаан ылар.

Сэмэн Уйбаанабыс хараҕа сырдаан, сүрэҕэ үөрэн, кыыһын хаппахчытын иһиттэн тахсар. Кини кыыһа туох диэбитин кэргэнигэр Ылдьаанаҕа сибигинэйэн этэр.

Маайа аҕата тахсарын кытта, уолу таптыырын билиммититтэн сааппыт дуу, үөрбүт дуу курдук, хараҕыттан уу-хаар баспытынан сыттыгар умса түһэр.

Аҕата бу сарсыарда хоноһо уолу кытта кини туһунан кэпсэтэрэ биллэн турар. Маайа, ону саныы-саныы, саатан сирэйэ итийбэхтээн ылыталыыр. Кини сарсыардааҥҥы чэйгэ турбат, хаппахчытыттан тахсыбат.

Олунньу ый ортотунааҕы сарсыарда, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, чэйдээри олороллор. Маайа дьоно тугу кэпсэтэллэрин истиэнэ нөҥүө иһиллээн сытар.

– Эн, Сүөдэр атыыһыт, кэргэн ылыаххын, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс таайтара соҕус ыйытар.

Аҕата эппититтэн кыбыстан, Маайа сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылар.

– Сүрэҕим сөбүлүүр кыыһа көстөрө буоллар, кэргэннэниэм да этэ.

Маайа, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр. Ити аата, бу уол кинини, кыыс эрэ бааргын диэн, таба көрбөтөх эбит. Кини сирдэрэр саатын, куһаҕанын дьэ өйдүүр. Оо, хомолтолоох да буолар эбит. Били үөрүүтүгэр ытыы сыппыт хараҕын уута кубарыччы кууран хаалар. Дьоно саҥата суох аһыы олороллор быһыылаах, айахтарын эрэ тыаһа иһиллэр. Маайа кыһыйыан, абаккарыан иһин, аҕата:

– Сөпкө этэҕин, – диэн сэҥээрэн биэрэр.

«Кинитэ да суох баччааҥҥа диэри олоруллубута, киэр буоллун», – дии санаан баран Маайа бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанна. Хоноһо уол, ама, сип-сибилигин, аһаан бүтээт, тахсан барыах бэйэтэ буолуо дуо?!

– Бэйэ икки ардыгар диэн эттэхпинэ, биһиги биир оҕолоохпутун тыыннаахпытына уйатын буллар дии саныыбыт, – диэтэ Сэмэн Уйбаанабыс быһа-бааччы ыйытар быһыынан.

Сүөдэр көхсүн этитэр. Кини бу ыал кыыһын сирэрэ диэн баар буолуо дуо?! Өр соҕус олорбохтоон баран, иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаарда:

– Эһиги оҕоҕут курдук кыыһы кэргэннэммит киһи, ама, дьоллоохпун дэммэт этээ!

Харатаайап кулуба үөрэн хараҕа чаҕылыҥныы түһэр. Кини эдэригэр түспүт курдук, эрчимнээхтик хамсанан, күлэн-салан мичилийэр.

– Эн, биһиги оҕобутун сөбүлүүр буоллаххына, ыйыттаран көрүөххүн?

– Мин курдук тулаайах киһини эһиги оҕоҕут сөбүлүүрэ биллибэт.

– Өскөтө сөбүлүүр буоллун?..

– Дьоллоохпун диэ этим.

– Ылдьаанаа, оҕобутуттан киирэн ыйытан тахсыах эрэ! – Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнинээн кыыстарын хаппахчытын иһигэр киирэн хаалаллар.

«Кыыстара сөбүлүүр буоллун… Оччоҕо?.. Оо, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыт муҥум буолуой?!» – Сүөдэр бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнэ олордо.

– Эмээхсиэн, остуолу бэлэмнээ, аста-үөллэ тарт! – диэн айдаарбытынан Харатаайап кулуба кыыһын хаппахчытыттан ойон тахсар. – Чэ, тоойуом, толору дьоллоох киһи эбиккин, биһиги оҕобут сөбүлүүр!

Харатаайаптаах дьиэлэрин иһэ үөрүүнэн туолар. Киирии-тахсыы хойдор, кэлии-барыы элбиир. Чугас эргиннээҕи билсэр ыалларын ыҥыртара хамначчыт уолаттары ыыталыыллар. Икки дьиэ оһохторугар улахан олгуйдарга эт буһаран быргыталлар. Хатыыстары кыһаллар. Ампаартан хас да иһит арыгыны дьиэҕэ киллэрэллэр. Улахан уонна орто хосторго хастыы да остуоллары холботолуу тардаллар. Уоллаах кыыс сөбүлэһэн илии тутуһар үөрүүлэрин малааһынныырга тэринэллэр.

Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт. Кини онно саһан сытар. Биллэн турар, төһө да килбигийбитин иһин, Маайа бэйэтин толору дьоллооҕунан ааҕынар. Арай күтүөт уоллара – Сылгыһыт Сүөдэр төһө да үөрбүт курдук тутта сатаатар, сүрэҕэр туох эрэ ыар санаа баара өтө көстөр. Ону дьиэлээхтэр, үөрүүлэригэр тэптэрэн, өйдөөн да көрбөттөр.

Ылдьаана, күн сиригэр кэлэн булбут соҕотох Маайата субу арахсан барыан курдук санаан, кыыһын хаппахчытыттан арахпат.

– Тоойуом, Маайа, эн хайдах олороргун мин хантан билиэмий-истиэмий?.. Чугас эргин олохтоох оҕоҕо тахсыбытыҥ буоллар, күннэтэ аайы билсэ олоруом этэ… Дьылҕа-хаан ыйыыта оннук эбит буоллаҕа… Сөбүлүүрүҥ көстүбүтүн кэннэ, таҕыстаҕыҥ дии.

Оттон Сүөдэр санаатыттан «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта букатын арахсыбат, дьэбиннээх тоһоҕо буолан сүрэҕин аалар.

Киэһэлик дьиэлээхтэр, ыалдьыттар остуоллары тула олороллор. Арыгы кутуталаан дьалкыталлар. Ийэтэ Маайаны, илиититтэн сиэтэн, күтүөт уол аттыгар аҕалар.

Эдэрдэри айхаллыы-айхаллыы, алгыы-алгыы арыгы иһэллэр. Маайа икки иҥин хаана тэтэрэн, хап-хара хараҕа үөрүүнэн чаҕылыйан, өссө тупсубукка дылы буолар. Маайа аттыгар олорбутуттан, таптыыр хараҕынан көрбүтүттэн Сүөдэр били «атыыһыт уолабын» диэн албынырбытын умнан кэбиһэр, уруккутун курдук үөрэн-көтөн, өрөйөн-чөрөйөн барар.

Уоллаах кыыс сөбүлэһэн илии тутуһар малааһыннара ханнык эрэ улахан уруу курдук баай-талым астаах-үөллээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, көрдөөх-нардаах буолар. Ырыаһыттар бастыҥнара манна ыллыыллар, олоҥхоһуттар бэртэрэ манна олоҥхолууллар. Бу көр-нар ортотугар биллэр буола холуочуйбут Сэмэн Уйбаанабыс күтүөт уолун кууһан олорон этэр:

– Эн, Сүөдэр, тулаайахпын диигин, онон эһигиттэн, оҕолорбуттан, туох халыымы-харчыны ыла сылдьыамый?! Туох баардааххыт барыта бэйэҕит киэнэ буоллун. Биһиги, бу эмээхсинниин, өлүөхпүтүгэр диэри биирдии оҥойор айахпытыгар аһыыр баайдаахпыт, онтон ордук биһиэхэ туох нааданый?.. Туох да наадата суох!

Сылгыһыт Сүөдэр сордоох иһигэр үөрэ саныыр. Биллэн турар, Харатаайап кулуба халыым диэн көрдөөтөҕүнэ, Дьаакыбылап кулуба, кэччэгэй муҥнаан, киниэхэ биэрэрэ биллибэт этэ. Билигин кини Маайаны кытта туох да халыыма суох холбостохторуна, Дьаакыбылап кулубаттан тугу да көрдөһө барыа суоҕа.

Хараатайап кулуба күтүөт оҕото Сүөдэр ис сүрэҕиттэн үөрэн долгуйбутун көрөн өссө лаппыйан этэр:

– Маайа аналлаах энньэтэ-сэтиитэ аҕыйаҕа суох!.. Ону барытын илдьэ барыаххыт. Сүөдэр, оҕобут, кэргэҥҥин сүгүннэрэ кэлэргэр, дьонуҥ суох буолтун кэннэ кимнээҕи сүүрдэ-көтүтэ сылдьыаҥый?! Туох да ол-бу арыаллааһына суох бэйэҥ да кэлээр.

Ити этии Сылгыһыт Сүөдэр сордооҕу эмиэ үөрдэр-долгутар. Биллэн турар, кини, түҥүр-ходоҕой оҥостон, кимин аҕалыай? Барыта хайдах эрэ, оҥоһуулаах оҥорбутун курдук, табыллан иһэриттэн уол санаата олус көтөҕүллэр.

Сэмэн Уйбаанабыс, холуочугар тэптэрэн, аны:

– Оҕолорум, мин көрөн үөрүөхпүн, уураһыҥ! – диэн хаайар.

Кырдьаҕас оҕонньоттор, Харатаайап кулубаны сэмэлээбит курдук, этэллэр:

– Таҥараҕа чүмэчитэ уматтаран баран!..

– Кырдьык да оннук, үгэс, сиэр быһыытынан, – дии-дии Сэмэн Уйбаанабыс Ийэ таҥара бөлөдүйэ хараарбыт мөссүөнүн иннигэр үс буоскабай чүмэчини уматтарар. – Чэ, оҕолорум, айыы таҥараттан дьолло-соргута көрдөһүҥ!

Сүөдэр Маайалыын туран, тугу эрэ сибигинэһэ-сибигинэһэ, кириэс охсунан далбаатаналлар. Маайа бу уол кэлиэр диэри атын киһиэхэ эргэ тахсыбатаҕар таҥараҕа махтанар. Сылгыһыт Сүөдэр уон икки саастааҕыттан аҕыйах ыйдаахха диэри тулаайах, хамначчыт сорун көрө сылдьан, баай киһи кыыһын кэргэн ылан эрэрин иһин таҥараҕа эмиэ ис сүрэҕиттэн махтанар.

Таҥараҕа үҥэн бүтэллэр. Уоллаах кыыс саатан, кэмчиэрийэн сирэйдэрэ кытарбыт, харахтара чаҕылыйбыт. Утарыта эргиллэн көрсүһэллэр. Маайа Сүөдэр илиитин дорооболоһон эрэрдии тутар. «Сип-сибилигин сэгэрим сылаас уоһа даҕайыа», – диэн эрдэтинэ хараҕын быһа симэр. Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини, дьолуттан дөйөн, аҥаарыйбыт курдук турар. Онуоха Сэмэн Уйбаанабыс аргыый сибигинэйэр:

– Сүөдэр, эн эр киһи быһыытынан кэргэҥҥин бастаан уураан ылыаххын!

Сүөдэр этэ барыта итийэ түһэр. Маайа төбөтө, улам хоҥкуйан, сир диэки төҥкөйөн барар. Сүөдэр кыыһы кууһан, сып-сылаас уоһуттан уураан ылар. Маайа уоһун сылааһа кини сүрэҕин бүтэйдии ньүөлүтэр. Сүөдэр орто дойдуга төрөөн баран бу аан бастаан кыыс уоһун уураата. Оо, бу уурааһынын атыыһыт уолабын диэн сымыйалаан сымсаппатаҕа буоллун ньии! Оччоҕо билигин киниттэн ордук дьоллоох ама ким баар буолуо этэй?!

Сылгыһыт Сүөдэр үөрүөх-көтүөх эбит да, сымыйалаабыта таҥнары тарда турар. Билигин кини хайдах да гынан ол сымыйатыттан быыһанар, куотар кыаҕа суох. Оо, хайыах баҕайыный?! «Бэйи, сип-сибилигин «мин атыыһыт уола буолбатахпын, итини акаарыбар эппитим, бырастыы гыныҥ диэн көрдөһүөххэ», – диэн санаан кэлэр да, сонно тута этэ тымныйа, куйахата ытырбахтыы түһэр: «Кэбис, сатаммат. Миигин атыыһыт уола диэн бу кыыстарын биэрэн эрэллэр… Оттон мин дьадаҥыбын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын биллэхтэринэ, ыттыы үүрэн кэбиһиэхтэрэ».

Сүөдэр, ити санаатыгар баттатан, дьон тугу саҥаралларын, этэллэрин өйдөөбөт даҕаны.

Түүн ортото лаппа ааһар. Улуус баайдара, бастаах-көстөөх дьоннор бары биллэ холуочуйаллар, саҥалара элбиир.

Сүөдэрдээх Маайа арыгыны хотон испэттэр. Кинилэр остуол аннынан илиилэриттэн бобо тутуһан олороллор, субу-субу утарыта көрсүһэн кэбиһэллэр. Маайа сирэйдиин-харахтыын, туттуулуун-көрүүлүүн «толору дьоллоохпун» диэбит курдук. Оттон Сүөдэр сирэйэ сырдыыра, дьолунан туолара, санааҕа ылларара тэбис-тэҥ быһыылааҕа.

Холуочуйбут дьон айдааннарын баһыйан, Сэмэн Уйбаанабыс дьоҥҥо барытыгар иһитиннэрэн этэр:

– Мин, кырдьаҕас киһи, тиэтэйиэхпин баҕарабын… Эн, оҕобут Сүөдэр, айаҥҥар баран өр буолуох курдук саҥараҕын… Эһиги бэйэ-бэйэҕитин сөбүлэспиккит кэннэ тугун эмиэ өр көһүтүннэрэ олоруохпутуй. Сарсын Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирэммит, эһигини бэргэһэлээн тахсыахпыт! Ыалдьыттар, сарсын киэһэ эмиэ бука бары кэлээриҥ!

Мустубут дьон бары итини үөрэ истэллэр: сарсын эмиэ ас-арыгы. Сылгыһыт Сүөдэр эрэ, ууну омурдубут курдук, лүҥкүрэн олорор. «Күтүөт оҕобут кэмчиэрийэн саҥарбат буоллаҕа», – диэн, ким да ону аахайбат.

Сүөдэр бу олорон бэйэтин ааспыт олоҕун эргитэ саныыр: төһө үгүстүк мөҥүлүннэ, атаҕастанна, баттанна, охсулунна этэй кини, онто барыта бу баарга дылылар. Дьоно тыыннаахтарын, ийэтэ сып-сылааһынан кууһарын, ас амтаннааҕын аһатарын, таҥас үчүгэйин таҥыннарарын барытын субу баар курдук өйдүүр. Тулаайах хаалыаҕыттан ыла кини сордоох аччыктыырыгар, таҥаһа суох буолан тоҥоругар, үлэни кыайбакка сылайарыгар, ыалдьарыгар ким да кыһаммат буолбута. Хата, хотуна Огдооччуйа обургу оһох төрдүгэр боруоран турар уолу чанчыгыттан тардыалыы-тардыалыы оройго охсоро уонна хотоҥҥо ынах сааҕын күттэрэ үүрэн киллэрэрэ… Кинини арай икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээх аһынаахтыыра, көмүскэһээхтиирэ. Бу билигин өйдөөтөҕүнэ, хотуна Огдооччуйа кинини, бу хамначчыт уолбут мин төрөппүт оҕобунааҕар сирэйинэн ордук буолсу диэн, абааһы көрөр быһыылааҕа.

Сүөдэр урут хаһан да тугу да сымыйанан эппитин өйдөөбөт. Манна кэлэн, били тойоно Дьаакыбылап эппитин үтүктэн, сымыйаччы буолан олорор. «Сымыйалааһын, албыннааһын баайдар эрэ аргыстара быһыылаах» диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. «Мин Дьаакыбылап кулуба уолун мааны таҥаһын таҥнаат – сымыйаччы буоллум», – Сүөдэр кэтэн олорор таҥаһын абааһы көрбүттүү көрүтэлиир.

Бу түүн эмиэ хойутаан сыталлар. Ол да буоллар Сылгыһыт Сүөдэр уута кэлэн быстыбат. Хаста да түүн туран күрээн хаалыан баҕарталаан ылла да, дьулайда. Кини санаатыгар, ким эрэ уһуктаҕаска, кэтииргэ дылы.

«Сарсыарда таҥара дьиэтигэр илдьэн бэргэһэлииллэр… Сотору Маайаны сүгүннэрэн илдьиэм, биллэн турар, Харатаайап кулуба барсыа… Ханна тиийиэхпитий? Дьаакыбылап кулубалаахха тиийэбит… Атыыһыт уола диэбиттэрэ ким буолан тахсабыный?» – дии саныы сытта Сүөдэр. Кини ити санаатын тулуйумуна, улаханнык ыалдьыбыт киһи курдук, ынчыктаан ылла. Сүөдэргэ тэлгээбит сымнаҕас, сылаас бэриинэлэрэ, кини урут утуйар кулун тириитэ тэллэҕинээҕэр кытаанахха, чарааска, өттүгүн ыарытыннарарга дылы.

«Маайаны кытта хоонньостохпуна, мин киммин, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн албынырбыппын кырдьыгынан кэпсээн биэриэм. Кини чахчы миигин таптыыр буоллаҕына, атыыһыт уола буолбатаххын эбит диэн киэр анньыа суоҕа», – диэн Сүөдэр бэйэтин албыннанар. Ити санаатыттан хайдах эрэ уоскуйан, утуйан хаалар.

Харатаайап кулубалаах сарсыарда халлаан айа кылыыта көстөр буола сырдыыта тураллар. Дьиэлээх оҕонньор таһырдьаттан киирэн:

– Оҕолорум дьоллоох дьон буолсулар, халлаан тыына итийбит! – диэн айдааран дьиэ дьонун уһугуннартыыр.

Кырдьык, бэҕэһээ киэһэ киһи тыына сыыгыныыр түптэлэс тымныытынан хабыалана турбут халлаан бу сарсыарда былытырбыт, сылыйбыт.

Сотору сарсыардааҥҥы астарын аһыыллар. Маайа үөрбүтэ-көппүтэ өтө көстө сылдьар. Кини ийэтинээн мааны таҥастарын таҥналлар, киэргэллэрин, симэхтэрин кэтэллэр. Хамначчыт уолаттар аттары көлүйэллэр, уруу иһэрин дьон ыраахтан иһиттин диэн, дугаларга чуорааннары баайталыыллар.

Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирээри Сүөдэрдээх дьиэттэн тахсалларын саҕана кып-кыһыл күн, халлаан илиҥҥи иитэ сэгэйбитинэн быган, мастар төбөлөрүн көмүһүнэн дуйдаан турара.

Маайа ийэтинээн биир сыарҕаҕа олороллор. Сэмэн Уйбаанабыс бэйэтэ куруутун көлүнэр көҕөччөр атын сыарҕатыгар соҕотоҕун тыылыы тэбэн, тиэрэ түһэн кэбиһэр. Сылгыһыт Сүөдэр бэйэтин атынан айанныыр.

Суолларын ортолоон эрдэхтэринэ, халлаан былыта хаҥыыр, күнү хаххалаан кэбиһэр, хаар түһэн ыһыллар.

Халлаан төһө да былытыран будугурдар, Маайа санаатыгар, сырдыкка, ырааска, ичигэскэ дылы. Таптыыр киһитинээн бэргэһэлэнэ киирэн иһэриттэн үөрбүт санаатыгар, оннооҕор, суолларын икки өттүгэр чоҥкуйа кырыаран турар мастар үрүҥ көмүс мөһүүрэ симэҕи кэтэн турар курдук көстөллөр. Хаарынан бүрүллүбүт харыйалар байбаралаах мааны ырбаахылаах кыргыттар арыаллаан туралларыгар маарынныыллар.

Сүөдэр сыарҕатыгар олорон иһэн били хайдах да арахсыбатах санаатын кытта мөккүһэр, охсуһар. Кини көрдөҕүнэ, хас мас лабаата барыта: «Албынньыт бу иһэр!» – диэн ыйарга дылылар. Сүөдэр арыт-арыт таҥара дьиэтин ааһа ойутан, кэлбит суолунан төттөрү сүүрдэн, төрөөбүт Намын сиригэр күрээн хаалыан санаталыыр.

Харатаайаптаах Сиилин аҕабыыттаахха кэлэн тохтууллар. Аҕабыыт дьиэтигэр киирии-тахсыы, кэлии-барыы элбиир. Сылабаар оргуталлар, сыалаах эт буһараллар, арыгы туруораллар.

Сиилин аҕабыыт арыгыны аһыырҕатан уу-хаар аллыбыт хараҕынан Маайа диэки, ымсыырбыт курдук, көрө-көрө:

– Улааппыт!.. Барышня буолбут!.. Тупсубут! – диэмэхтиир, кирдээх баҕайы кыһыл былааты подряснигын сиэбиттэн орооон таһааран уоһун соттор.

Таҥара дьиэтин оһохторун отуннаран, уоллаах кыыһы бэргэһэлииргэ бэлэмнэнэллэр. Киэһэлик соҕус, лаппа холуочуйбут Сиилин аҕабыыт Сүөдэрдээх Маайаны бэргэһэлиир. Бу киэһэ Сиилин аҕабыыты, ийэбитин илдьэ Харатаайап кулубалаах дьиэлэригэр төннөллөр.

Төннөллөрүгэр Сүөдэрдээх Маайаны биир сыарҕаҕа олордоллор. Халлаан хараҥарар. Былыт быыһынан сулустар чаҕылыҥнаһаллар. Лаппа тымныйар. Оттон Маайа санаатыгар, самаан сайын сатыылаабытын курдуга, аттар дугаларыгар чуорааннар чугдаарар тыастара күөрэгэй чыычаах ырыата буолан иһиллэр.

Сылгыһыт Сүөдэр буоллаҕына уһун суолу быһа адьас атыны саныы иһэр: «Биһиги тэҥнээхпит», – дэһэллэр… Биһиги тэҥнээхпит диэн, кыыстарын кытта бэргэһэлээтилэр… Мин дьадаҥыбын, тулаайахпын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын билэллэрэ буоллар, күтүөт оҕо оҥостуохтарынааҕар мааны да дьиэлэригэр киллэрэллэрэ биллибэт этэ…»

– Маайа!

– Тугуй? – диэн Маайа, кэргэнэ кэпсэтэрин көһүтэ саныы испит буолан, хап-сабар эргиллэ түһэр.

– Маайа, миигин таптыыгын дуо?

– Туох диэн ыйыттаххыный?.. – диэн баран Маайа Сүөдэр түөһүгэр умса түһэр.

– Маайа, өскөтө мин баайа суох эбитим буоллун, бу курдук таптыа, миэхэ эргэ тахсыа этиҥ дуо?

Маайа, туох да саҥата суох, уоһунан Сүөдэрин уоһун булар…




VI


Харатаайап кулуба суос-соҕотох кыыһын эргэ биэрэр буолан, улуус үрдүнэн урут хаһан да тэриллибэтэх урууну тэрийэр.

Улууһун баайдарын, нэһилиэктэрин кинээстэрин, аҕабыыты мааны дьиэтигэр туспа мунньан күндүлүүр. Манна үрүҥ буулка, амтаннаах кыһыл арыгы, кыһыллыбыт хатыыс, туут балык сыалаах өрөҕөтө, сылгы түөһэ остуолга өрөһөлүү ууруллар. Ортоку дьиэлэригэр ыҥырыыта суох кэлбит ыалдьыттарга киһи аайы биирдии кырбас эти, биирдии тэриэлкэ саламааты, түөртүү киһи баһыгар биирдии иһит арыгыны туруораллар. Хамначчыттара олорор туруорбах балаҕаннарыгар манна олорооччуларга анаан, дэлби кырбаммыт сүөһү буотарагын, мэһэмээн арыыны тар хааһыга кутан баран, оргутан бидилитэллэр.

Үс түһүлгэ остуоллары тула дьон кэпсэтиитин өйдөөн иһиттэххэ, үһүөн үс аҥыы. Улуус баайдара, нэһилиэк кинээстэрэ, кыратык холуочуйан баран, бэрт былдьаһан мөккүһэн, этиһэн ардырҕаһан бараллар. Уруу сураҕын истэн, ыҥырыыта суох кэлбит дьон ортотугар күлсүү-салсыы, ырыа-тойук үксүүр. Олох эрэйин, кыһалҕатын туһунан кэпсэтэллэр. Оттон хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар тойоннорун кыыһа, эргэ тахсан, кинилэртэн баран эрэрин аһыйаллар.

– Орто дьиэҕэ олоҥхоһут олоҥхолуур үһү, – диэн сурах иһиллэр. Хамначчыт уолаттар, кыргыттар бары онно сууллан тахсаллар.

Арыгы иһэн холуочуйбут дьон, кыһыҥҥы тымныыны кэрэйбэккэ, тэлгэһэ хаба ортотугар үҥкүүлээн күөгэлдьиһэллэр:

Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Баай киһи тойоммут
Бастыҥныыра кыыһын
Эдэрдиирэ киһиэхэ
Эргэ биэрбит үөрүүтүн
Тоҕус аҕа ууһа
Тоҕуоруһан тураммыт
Оһуокайдыыр оонньууну
Олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!

Сүөдэр оһуокайдыыр саҥаны истэн, тахсан үҥкүүлэһиэн баҕарар да, баай ыал күтүөтэ, «атыыһыт уола» буолан олорон, тахсара сатаммат. Сүөдэр бэйэтэ үүммүт маһыттан туллан ат атаҕын анныгар тэпсиллэр лабаа курдук сананан кэлэр.

Түүн ортото чугаһыыта: «Чэ, аһыахпытын аһаатыбыт, сиэхпитин сиэтибит», – диэбиттии, бука бары күргүөмүнэн туран таҥналлар, таҥаралар күлүктэригэр кириэс охсунан сапсына-сапсына, быраһаайдаһан тахсан бараллар.

Ылдьаана кыыһын Маайа хаппахчытын иһигэр киирэн ороннорун оҥорон тахсар. Маайа, саҥата суох туран, аргыый аҕай хаппахчытын иһигэр киирэр. Сүөдэр, уутугар аҥаарыйбыт курдук, олорор сириттэн турбат.

– Сүөдэр, кэргэҥҥин Маайаны кытта хаппахчыга киирэн утуй, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.

Сылгыһыт Сүөдэр ону истибэтэх курдук олорор.

– Сүөдэ-эр, тоҕо олороҕунуй? Утуйуоххун, – диэн оҕонньор иккистээн этэр.

Сылгыһыт Сүөдэр туран: «Ханна сытабыный?» – диэбиттии көрүтэлиир.

– Билигин эн уруккуҥ буолбатах, кэргэннээххин… Хаппахчыга киирэн утуй.

Сүөдэр Маайа хаппахчытыгар киирэр. Маайа сыгынньахтаммакка олорор эбит. Сүөдэр, кыбыстыбыт курдук, хаппахчы ортотугар турбахтаан баран этэр:

– Маайа, сытыаххын.

Маайа килбигийэн төбөтө өссө бүк түһэр, ыараханы көтөҕөн эрэрдии сыыгыначчы тыынар. Сүөдэр кыыстан тэйиччи соҕус, орон сыҥаһатыгар, олорор уонна эмиэ:

– Маайа, сытыаххын, – диэн сибигинэйэр.

Маайа, саҥата суох олорбохтоон баран, Сүөдэр диэки мичээрдээбитинэн көрө охсон ылар:

– Оттон эн?

Сүөдэр саҥата суох Маайа уҥа эҥил баһыгар илиитин уурар уонна, ыга тардан, хам кууһар…

Сыталлар. Сүөдэр дьоллоохпун дии санаан үөрүөн «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта мэһэйдиир. Кини бу киэһэ баайдар туох санаалаахтарын, кими киһи дииллэрин толору иһиттэ, биллэ.

«Оо, бу курдук, саллар сааһым, үллэр үйэм тухары Маайабын кытта бииргэ олорорум буоллар, ама, дьоло суохпун диэ этим дуо! – дии саныыр Сүөдэр. – Маайабын сүгүннэрэн ханна илдьэбиний? Хара санаалаах Дьаакыбылап кулуба обургу бу кыыһы кэргэн кэпсэтэн кэлэрбэр тоҕо кыһанна-мүһэннэ?.. Дьаакыбылаптаах сайылык оҥостоору көһөрөн аҕалбыт мин дьонум дьиэлэрин биһиэхэ биэриэхтэрэ дуо? Аны кыыһы саакка киллэрээри ыыппыттарын толоро сылдьарым буолаарай?» Сылгыһыт Сүөдэр ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этэ тымныйан ылыталыыр. Сонно тута: «Суох, Дьаакыбылап кулуба төһө даҕаны хара санааламмытын иһин, ама, хайа үлүгэрэй!» – диэн санаатын аралдьыта сатыыр да, Сүөдэр сүрэҕэ син биир уоскуйбат. Кини Маайаны кууһа сыппыт илиитин сулбу тардан ылар, ынчыктаан ылар.

– Сүөдэ-эр, туох буоллуҥ? – Маайа улаханнык куттаммыт куолаһынан сибигинэйэн ыйытар.

Сүөдэр туох да диэн булбат, үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр. Кини тоҕо ынчыктаабытын Маайаҕа этэр кыаҕа суох. Сүөдэр бу сытан бэйэтин ааспыт олоҕун эргитэн, ырытан көрөр. Маайаны кэргэн кэпсэппитэ, хоонньоспута хайдах эрэ түүҥҥү түүл курдуга.

– Маайа, өскөтө, арай мин дьадаҥы дьонноох буолуум, миигин бу курдук таптыа этиҥ дуо?

– Сүөдэ-эр, эн умнаһыт да буолтуҥ иһин… – диэт, Маайа күүскэ уураан ылар.

Саҥата суох таалан сыппахтаан баран, Сүөдэр иккиһин ыйытар:

– Оттон дьонуҥ туох диэ этилэрий?

– Аҕам, биллэн турар, сөбүлүө суох этэ… Оттон ийэм… Чэ, ити хааллын. Таҥара көмөтүнэн эн умнаһыт оҕото буолбатаххын, – дии-дии Маайа кэргэнин Сүөдэри ыбылы кууһар, сыллаан-уураан ылыталыыр. Сүөдэр куҥ буолбут курдук сытар. Тоҕо эрэ сотору-сотору үөһэ тыыныталыыр.

– Тоҕо үөһэ тыынаҕыный? – Маайа сибигинэйэр.

Төһө даҕаны Маайа кинини умнаһытын да иһин таптыах буоллар, Сүөдэр кырдьыгын кэпсиэн кэрэйэр.

– Сүрэҕим өлөхсүйэр… Ыраах айаммыттан эргиллэн кэлэрим уһаары гыннаҕа дуу, – диэн аат эрэ харата хардарар.

Маайа сүрэҕэ «дыр» гына түһэр. «Ити аата, сэгэрим, Сүөдэрим, туох диэн эттэҕэй?.. Ыраах айаҥҥа сылдьан ыалдьыам, оһолго түбэһиэм диэн куттанар санаатын эттэҕэ дуу?» – дии саныыр.

Маайа, санааргыы быһыытыйан, өр соҕус саҥата суох сытар.

– Сүөдэр, тоҕо уһуом диигиний?

– Мантан ыраах сиргэ барабын…

– Барыма дуу! – дии-дии Маайа Сүөдэрин кууһар. – Барыма!.. Мин ыытыам суоҕа!..

Маайа кууһарыттан, уурууруттан-сыллыырыттан Сүөдэр итирэн хаалар. Кимин, тугун харааччы умнар…


* * *

Сылгыһыт Сүөдэр, Маайаны кытта бэргэһэлэнэн баран, манна үс хонор. Үһүс күнүгэр Сэмэн Уйбаанабыс күтүөт уолун кытта оҥостон олорон кэпсэтэр:

– Оҕобут Сүөдэр, кэргэҥҥин сүгүннэрэ хаһан кэлэр санаалааххыный?

Сүөдэр сордоох, сымыйалыан төһө да кэрэйдэр, быстыа дуо, хара маҥнайгыттан сымыйалаан баран, салгыы сымыйалыырыгар тиийэр:

– Мин мантан төннөрүм ордук буолсу… Элбэх соҕус ылардаах сирбэр – Илин баран кэлэрим табыллыыһык.

Маайа кэргэнэ Сүөдэр этэрин сөбүлүү истэр. Оттон Сэмэн Уйбаанабыс, харам муҥнаан, күтүөтэ бары ылардааҕын барытын хомуйа охсоругар баҕарар:

– Кэбис, Сүөдэр, бачча кэлэн баран, иэскин хомуйбакка төннөрүҥ сыыһа!

– Аҕаа, Сүөдэр сөпкө этэр, хойутаан хаалыа, төнүннүн, – диир Маайа.

Сэмэн Уйбаанабыс, күтүөтэ баайын хаҥатарыгар төһө да баҕардар, кыыһа этэригэр сөбүлэһэригэр тиийэр.

– Кэргэҥҥин сүгүннэрэн илдьэ хаһан кэлиэххиний?

– Этэҥҥэ сырыттахпына, аны икки ыйынан эргиллиэм. Онон саас суол алдьаныан иннинэ кэллэрбин диэм этэ.

Харатаайап кулуба күтүөтүн болдьоҕун сөбүлүүр. Сүөдэр, дойдутугар тиийэ охсон, Дьаакыбылап кулуба туох диирин истиэн, инники дьылҕата быһаарылла охсуон эмиэ олус баҕарар.

Маайа кэргэнэ Сүөдэр айаҥҥа тэринэрин: «Барыма да-а!» – диэбиттии көрүтэлиир. Кинилэр кэргэннии дьон быһыытынан үс эрэ хоннулар. Күн аайы тапталлара күүһүрэн, минньийэн иһэргэ дылы. Хамначчыт уолаттар Сүөдэр атын көлүйэн, сыарҕатыгар тэллэҕин, үллүгүн оҥорон биэрэллэр.

Маайа Сүөдэри кытта бырастыылаһарыгар, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, кууһан туран:

– Өр буолума! – диэн ааттаһан-көрдөһөн эрэрдии ботугуруур.

Сүөдэр, Маайа хараҕын уутун көрөн, кэҥэриитэ аһыйар, бэлэһэ кычыгыланар, ыксыыр. «Тулуйуом суох», – дии санаан, быраһаайдаһа охсон, тиэтэйэ-саарайа атын сыарҕатыгар олорор, манна алта хонуктааҕыта кэлбит суолунан төттөрү ыстаннарар.

– Таҥара көмөтүнэн, бэрт үчүгэйдик сылдьан, этэҥҥэ эргиллэн кэл! – диэн Сэмэн Уйбаанабыс алгыы хаалар.

Өр сынньанан этиргээбит ат төгүрүк алаас хонуутугар атара сэлиинэн дьигиһийэн киирэр. Сүөдэр алаас ортотугар тиийэн эргиллэн көрөр. Маайа, сайыспыт курдук, илиитин ууммутунан тэлгэһэ ортотугар турар…




VII


Харатаайаптаах саас, Былаҕачыаннай таҥараҕа, Сүөдэри кэлиэ диэн кэтэһэн көрөллөр. Кэргэнэ болдьообут кэмигэр диэри үөрэн-көтөн чаҕылыйа сылдьыбыт Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт буолар.

Маайа сааскы уһун күнү быһа хаппахчытын түннүгүттэн арахпат, Сүөдэр барбыт суолун кэтиир. Түүн да буоллун, күнүс да буоллун – дьиэ таһыгар сыарҕа тыаһаатар эрэ, «Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан, түннүккэ ыстанан тиийбитин бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар.

Сүөдэр сурахтыын сүтэр. Күн-дьыл хаамыытын туох тохтотуо баарай, кэлэр кэмигэр кэлэн иһэр. Хаар хараарар, суол алдьанар, үрэхтэр уулара, хааларыттан тахсан, толооннору толортуур. Үрдүк сирдэргэ күөх от бытыгырыыр, күөллэр муустара ырбыыланар, кус-хаас кэлэр – Сүөдэр биллибэт.

– Суол алдьанна, аны Сүөдэр сотору кэлбэт киһи буолла, – диир Харатаайап кулуба кыыһыгар.

Сайын уу-хаар тардыыта Харатаайап кулуба, сурахтыын сүппүт күтүөтүн туһунан тугу эмэ истээйэбин диэн, Бүлүү куоратыгар ыҥыыр атынан киирэн тахсар.

– Хайа, аҕаа?.. – диэн Маайа ыйыта тоһуйар.

Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһа бэргэһэлэммит кэргэнин кэтэһэн дьүдьэйбитин көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Кини саҥата суох дьэбин уостан олорон хаста да көхсүн этиппэхтэтэр.

– Дьокуускайтан хас да борохуот кэлбит… Дьонтон Хабырыллайап атыыһыт оҕотун туһунан ыйыталаһа сатаан кэбистим да, биир да билэр айылаах киһи көстүбэтэ… Сорохтор оннук ааттаах атыыһыт Дьокуускай уокурук үрдүнэн баарын истибэппит дэһэллэр.

Маайа, сирэйигэр итии ууну ыстарбыт курдук, кытара түһэр. «Дьонум бэрт киэҥник биллэр атыыһыттар этэ», – диирэ Сүөдэр. Биир да киһи кини туһунан истибэтэҕэ, билбэтэҕэ тугун муодатай?» – диэн санаа кыыс өйүгэр кылап гынар. «Суох, мин Сүөдэрим хайдах да албынныар сатаммат… Кини, били этэр ыраах Илиҥҥи сиригэр баран, суолга хаайтаран хаалбыта буолуо». Ити курдук санаан төһө да санаатын аралдьытыннар, бу күнтэн ыла Маайа сүрэҕэр, өйүгэр: «Аны ким эрэ кэлэн албыннаан барбыта буолаарай?» – диэн санаа хатыы буолан дириҥник хатанар.

Күтүөт уол болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн нэһилиэктэрин баайдара: «Кулубабыт кыыһа дэлэ киэбирбэтэҕэ. Орто дойдуга холооннооҕо суоҕун курдук туттара. Хата, ханнык эрэ суол киһитэ хоонньоһон аастаҕа, саатта! Билигин хайа баҕарар уолга эргэ барыан баҕарбытын да иһин, киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтары ким ылыай!» – дэһэр буолбуттара.

Итинник тыл-өс өрт уотунуу улам тарҕанан, кэҥээн Сэмэн кулубалаах дьиэлэригэр тиийбитэ. Харатаайаптаах сааппыттарын иһин, ханна барыахтара баарай!

«Баҕар, сымыйанан, баайын олус үлүннэрэн кэпсээбититтэн саатан кэлбэтэ буолаарай? – дии саныыр буолбута Маайа кэлин, айаҕалыы сатаан. – Кини туох да баайа да суох киһи буоллун… Мин кини баайыгар, лааппытыгар ымсыыран тахсыбатаҕым… Мин кинини бэйэтин таптыыбын, туга да суох буоллун, син биир таптыыбын, тыыннаах эрэ буоллун, кэллин эрэ!»

Маайа бу күннэргэ, мэктиэтигэр, кырдьыбыт курдук буолла. Кини, үлэлээн аралдьыйаары, энньэтигэр анаммыт ынахтарыттан түөрт саамай көрсүө ынаҕы талан ылан ыыр идэлэннэ.


* * *

Сылгыһыт Сүөдэр Харатаайаптаах алаастарыттан тэйдэҕин ахсын Маайаны таптыыра, ахтара улам күүһүрэн истэ. «Акаарыбар олус хойут болдьоон кэбистим», – диэн кини бэйэтин сэмэлэнэр уонна устунан Дьаакыбылап кулуба туһунан санаан кэлэр: «Урут кинини абааһы көрөр этим… Олус атаҕастыыр, баттыыр курдуга… Кини миигин киһи оҥороору этэрин, мөҥөрүн, таһыйарын өйдөөбөт эбитим буолуо дуо? Миигин кырдьык киһи оҥоруон баҕарбата буоллар, тоҕо Харатаайап кулуба кыыһын кэргэн кэпсэтиннэриэй, тоҕо бачча таҥыннаран, көлөлөөн ыытыай?»

Сылгыһыт Сүөдэр айаннаан-айаннаан кэмниэ-кэнэҕэс олохтоох сиригэр, Дьаакыбылап кулуба от оттотор, бурдук ыстарар буолагар, киирэр. Ааспыт сайын кини манна кэлэн оттообута.

«Бэйи эрэ, маннааҕы оту тиэйэн эрэллэр эбит дуу?» – дии санаан Сүөдэр, суол аттыгар баар кэбиһиилээх от диэки эргиллэн, ким эрэ икки саадьаҕай оҕуһунан от тиэйэ турарын көрөр. Сүөдэр атын суолтан туоратан, тоҥуу хаары оймотон, күрүөлээх от диэки салайар.

Ат, тыбыыра-тыбыыра, күөх окко дьулуһан, хаары оймоон тиийэр. Сүөдэр сыарҕатыттан ойон түһэр. От тиэйэ турар киһитэ Толлор Ньукулай эбит.

– Ньукулаай, мин суохпуна төһө бэркэ олордугут?

– Дьэ, доҕоор, олорон, – диир Толлор Ньукулай. Кини хаана суох ньолбуһах сирэйин Сүөдэр диэки ньолотон, уу-хаар тахсыбыт хараҕынан одуулаһан баран, тугу эрэ минньигэһи ыстаан эрэр курдук, уостарын онньоҥнотор. – Ээ, доҕоор, бу киһи эбиккин дуу? Таҥныбытыҥ маанытын, хайалара буолла дии санаабытым ээ. Ойох ыла барбыт диэбиттэрэ, дьэ, доҕоор, ойох кэпсэттиҥ дуо?

– Кэпсэтэн. Ньукулаай, аны мин кэргэннээх киһибин, дьолбор, түһээн түүлбэр да көрбөтөх кэрэ кыыспар түбэстим, – диэн Сүөдэр доҕоругар кэпсиир.

Толлор Ньукулай, саҥата суох Сылгыһыт Сүөдэр диэки көрүтэлээн баран, көхсүн этитэр, ыстаанын сиэбиттэн сыҥсыыр табаҕын таһааран ытыһыгар таммалатан баран кымаахтаан ылан, сөттөгөр уоһун хаанньаччы туттан баран сыҥсырыйар:

– Дьэ, доҕоор, эн барбытыҥ кэннэ, сураҕа, биһиги тойоммут дьоҥҥо: «Сылгыһыт Сүөдэри уолбун сирбит кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү…

Сылгыһыт Сүөдэр хараҕар сип-сибилигин аҕай кырса түүтүн курдук кылбаарбыт хаар, сырдык халлаан эмискэ хараҥара түһэр. Хаана сирэйигэр тахсан икки чабыҕайын кэйэр, тыына кылгыыр.

– Аатын алдьаттараары… диигин дуу? – диэн кини кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан ыйытар.

– «Акаары уолу кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү.

Сылгыһыт Сүөдэр күөх оту сиэн кимирийэ-хамырыйа турар атын суол диэки эргитэн баран быһа биэрэр: «Оо, сордоох, тугу оҥордум?.. Маайа, Маайа, тоҕо эн миэхэ эргэ тахсарга сөбүлэспитиҥ буолуой?..»

Сотору соҕус ат Дьаакыбылап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Сылгыһыт Сүөдэр, нэһиилэ туран, атын сэргэҕэ баайар уонна, өр соҕус таҥаһын тэбэммитэ буолан, дьиэ таһыгар саараан турбахтаат, эмискэ ааны сүр күүскэ тэлэйэн дьиэ иһигэр киирэр.

– Оҕом, Сүөдэр, үчүгэйдик сылдьан кэллиҥ ээ, быһыыта? – дии-дии үөрэн ымайбытынан, дьиэлээх тойон утары хааман кэлэр. Сылгыһыт Сүөдэр саҥата суох таҥаһын сыгынньахтанан барар.

Дьаакыбылап кулуба көһүппэхтээн баран ыйытар:

– Хайастыҥ?.. Тыла суох буолбуккун дуу, тугуй? Туох-туох буолла, сиһилии кэпсээ.

– Туох буолбутун, өлүөм да буоллар, этиэм суоҕа. Былыт быыһынан сырдык күн тыган ааспытын курдук, көстө түһэн ааспыт дьоллоох күннэрбин кини хара санаатыгар киртиттэриэм суоҕа, – дии саныыр Сүөдэр.

Дьаакыбылап кулуба бачча ыраах сиргэ таҥас таҥыннаран, көлө көлөлөөн, сорук соруйан ыыппыт киһитэ саҥарбатыттан абаккаран, бардьыгыныыр:

– Харатаайап кулубалаахха сырыттыҥ дуу, суох дуу?

– Сылдьан.

– Кыыстарын көрдүҥ, кэпсэттиҥ дуо?

– Көрөн…

– Дьэ, туох дэттиҥ?

Сылгыһыт Сүөдэр сирэйэ кытара түһэр, көхсүн иһиттэн саҥата кыайан тахсыбат буолан хаалар.

– Хаһан сөбүлүөн, кэпсэппэтим…

Дьаакыбылап кулуба сирэйэ дьэбин уоста түһэр.

– Кэпсэппэтэх, ыйыттарбатах аата, бачча өр хайа үөдэн түгэҕэр түһэ сыттыҥ? – кини абаккатыгар сутуругун туппутунан ойон турар, кэлэн охсуон баҕара-баҕара, уол кини диэки уоттааҕынан көрбүтүттэн толлон, биир сиргэ тула эргичиҥниир. – Ол аата… дьиккэр, мээнэ чолойо сылдьыбыккын дии!

Дьаакыбылап кулуба ыраах сиртэн айаннаан сылайан, аччыктаан кэлбит Сүөдэри аһаппакка, таҥна сылдьыбыт мааны таҥаһын сыгынньахтатан, урукку бэйэтин таҥаһын кэтэрдэн баран, хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар үүрэн таһаарар.

Сылгыһыт Сүөдэр балаҕаҥҥа киирбитэ, оһох иннигэр Сөдүөччүйэ эмээхсин сылгы сиэлинэн ынах быатын хата олорор эбит. Сөдүөччүйэ, аан тыаһын истэн, күн сырдыгын көрбөт буолбут хараҕынан, чыпчылыйа-чыпчылыйа, олоотуур:

– Хайа, бу хайаҕыт киирдэ?

– Мин, Сүөдэр, киирдим, – диир Сылгыһыт Сүөдэр аат эрэ харата.

– Ы-ыы, сэгэрим сыыһа, ыраах барбыт диэбиттэрэ ээ, кэлээхтээбиккин дуу? – диэн эмээхсин үөрэ түһэр.

– Кэлэн…

– Үчүгэй, этэҥҥэ эргийбит эрэ буол… Хайа, тоойуом, чэй сылытабын дуо?

Сылгыһыт Сүөдэр тугу да саҥарбат. Эмээхсин илиитин иминэн чаанньыгын ылан, уу кутан, уокка уурар, оһоҕор эбии мас быраҕан биэрэр.

Сөдүөччүйэ эмээхсин тойоно аах Сүөдэри ханнык эрэ кыыһы албынната, аатын алдьаттара ыыппыттарын истэн олус хомойбута, курутуйбута. Сүөдэр манна олоро киирбитин истэн, эмээхсин сэргэхсийэ түһэр:

– Тойон остуола көрөргө эрэ ыраас буолан баран, аһа аһыы буолааччы. Кинилэртэн тэйбитиҥ үчүгэй…

Сарсыҥҥытыгар Сүөдэри икки оҕуһунан ыраах сиртэн от тиэйтэрэ ыыталлар. Оо, оҕустар хаамаллара бытааныан, таҥаһа хоччоххойуон, халлаан тымныытыан!

Ити күнтэн ыла Сүөдэр, бурҕалдьытын кэппит оҕус курдук, эмиэ күннэтэ аайы үлэҕэ мүккүллэн, мөхсөн барар. Күнтэн күн солбуллан ааһан иһэр да, баай ыал үлэтэ бараммат. Сүөдэр сылдьарын былаһын тухары саныыр санаата – Маайа. Кини Маайаны кытта бииргэ сылдьыбытын бэлиэтэ кыһыл көмүс биһилэхтээҕэ уонна тойоно сымыйанан оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕылааҕа. Уол бу туохха да наадата суох маллары, кэриэс оҥостон, кыһыл саппыйаан кумааһынньыгар уган илдьэ сылдьар. Сүөдэр санааҕа ылларан күн-түүн дьүдьэйэн барар. Арыт өйүн сүтэрбит курдук, дьоно тугу ыйыталларын, тугу саҥаралларын истибэт, түҥ-таҥ тыллаһар. Кини туохтан маннык буолбутун доҕотторо билбэттэр, сэрэйбэттэр. Бүлүүгэ кэргэн кэпсэтэ бара сылдьыбытын туһунан дьон аҕыннаҕына, ыйыттаҕына, олус кыыһырар, хаана алдьанар. Онон ол туһунан киниттэн ким да ыйыппат буолар.

Кыһын кыйданан, саас ааһан, сайын кэлэр. Сыһыылар кырыстара көҕөрөр, хара тыа мутукчанан симэнэр, дьэрэкээн сибэкки дэлэйэр, кэҕэ этэр. Уолаттар-кыргыттар, оҕолор-дьахталлар түөлбэ-түөлбэ мустан, тоҕуоруһан, тоҥонохторуттан тутуһан, кыһалҕалаах кыһын ааспытыттан үөрэн, харахтара сырдаан, тойук туойан, үҥкүүлүү оонньууллар.

Үрэхтэргэ-үрүйэлэргэ, күөллэргэ балык ыыр. Ким илиминэн, ким ардьааҕынан, ким туунан, ким баттыыр маһынан балыктаан аһыыр. Оннооҕор биир-икки ынахтаах ыал чабычах муҥунан үүттэнэллэр, күннэтэ аайы оҕолоругар күөччэхтээн күндүлүүллэр. Маннык кэрэ кэмҥэ, уйгу быйаҥҥа ама ким үөрбэт-көппөт буолуой! Арай Сылгыһыт Сүөдэр дьонтон туораан, көргө-нарга кыттыбакка, суос-соҕотоҕун сылдьар. Кини киэһэ аайы хара тыа саҕатыгар тахсан, өрт уота хоруорда сиэбит хара чөҥөчөгүн үрдүгэр олорон муҥатыйар:

– Эйигинэ суох сатаан олоруом суох… Бу курдук санаа муҥугар олоруох кэриэтэ, өлбүт ордук… О-о, олох, олох! Били Сөдүөччүйэ эмээхсин кэпсиир «Лыыбара» диэн остуоруйатыгар дылы буолаҥҥын! Били Лыыбара абааһы ситимигэр түбэспитин курдук, мин эмиэ ситимҥэ ыллардым буолбаат?..

Сүөдэр биир киэһэ эмиэ ити курдук муҥатыйа олорон, тугу эрэ өйдөөн: «Кырдьык даҕаны…» – диэн саҥа аллайа түһээт, хара чөҥөчөгүттэн туран, титииккэ киирэр. Сөдүөччүйэ эмээхсин хаппыт ынаҕын быатын баҕанаттан сүөрэн ылан, дьиэҕэ киллэрэн сыттыгын анныгар кистии уган кэбиһэр.

Бу түүн Сүөдэр кыламаннара кыттыбат, утуйумуна кулун тириитэ тэллэҕэр эргичиҥнээн тахсар. Түүн ортото лаппа ааһыыта оронуттан тыаһа суох туран таҥаһын таҥнар, сыттыгын анныттан ынаҕын быатын ылан хоонньугар уктар уонна атахтарын тумсунан аргыый үктэнитэлээн дьиэ иһиттэн тахсан барар. Элбэх киһи утуйа сытар ичигэс балаҕаныттан тахсыбыт Сүөдэри түүҥҥү сөрүүн салгын этин сааһынан сайа охсон киирэр. Кини ойуур саҕатыгар, далга тиийэр. Ойуур иһэ күн тахсарын көрсө уһуктубут чыычаахтар ырыаларынан-тойуктарынан чыбыгырыыр, дьырылыыр, чырылыыр. Халлаан илин өттүн Сүөдэр хайыһан көрбүтэ: сүр улахан кып-кыһыл күн күлтэйэн тахсан эрэр эбит. Өр-өтөр буолбат, күн уота күөх тыа үрдүк мастарын төбөлөрүн кыһыл көмүһүнэн дуйдуур. Ханна эрэ хонууга атыыр үөрэ уһуктар. Сылгылар кистэһэллэр, тарылаччы тыбыыраллар. Сүөдэр, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, күрүө аанын үөһээ сүлдьүгэһигэр быатын биир төбөтүн туомтуу тардан баайа охсор. Сиргэ тобуктуу түһэр, быатын биир төбөтүттэн хаҥас илиитинэн тардыһан туран, күнү утары хайыһар, кириэс охсунан балааскайданар.

Күн сып-сылааһынан сирэйигэр тыгар. Күөх кырыска түүҥҥү сиик таммахтара, харах уутун курдук, бычалыһаллар.

«Маайа, миигин көһүтэ сатаан, төһө эрэ ытаан-соҥоон эрэр?» – дии саныыр. Күрүө иһигэр ат тыбыыран тарылатар. Сүөдэр ойон турар. Ынаҕын быатын сүлдьүгэстэн сүөрэн ылар. Дьаакыбылаптаах дьиэлэриттэн хараҕа арахпат. Кини хап-сабар кулуба быраабаҕа барарыгар миинэр ата аһыы турарын ыҥыырдыыр, күрүө кэтэҕинэн ойуурга сиэтэн таһаарар уонна мастар быыстарынан сиэллэрэ турар.


* * *

Күн уота сылыйыыта Дьаакыбылаптаах хамначчыт кыргыттара туран ынахтарын ыы тахсаллар. Кинилэр кэннилэриттэн от-мас үлэтигэр сылдьар дьон тураллар. Сөдүөччүйэ эмээхсин илиитин иминэн оһоххо уот оттон туруорбут чаанньыктара оргуйан хаппахтарынан өрө кыыраллар.

Дьон суунан-тараанан бүтүүтэ кыргыттар, дьахталлар ынахтарын ыан киирэллэр. Остуолга чаанньыктары аҕалтаан, чэй иһэн сыпсырыһаллар. Чэй кэнниттэн улахан мас кытахтарга кутуллубут суораты мотуйаллар. Аһаан бүтүөхчэ аҕай буолан баран, Сүөдэр суоҕун дьэ өйдүүллэр.

– Хайа, Сүөдэрбит? – диэн Чөмөөт Сэмэн кыҥсыйан ыйытар. Кини болооччу курдук сүүстээх, тараҕай төбөлөөх, кыра уҥуохтаах, кыараҕас харахтаах киһи. Былыр-былыргыттан Дьаакыбылап кулуба көлүнэр көлө оҥостубут хамначчыта. Кэргэниниин, икки уолунаан бу баайга аһыыр-таҥнар эрэ иһин үлэлииллэр.

– Дьэ, доҕоттоор, ханна барда диэтэххитий, таһырдьа сылдьар ини, – диир Толлор Ньукулай, сааскы убаҕас суораты минньигэс баҕайытык лэбийэ олорон.

Аһаан бүтэн эрдэхтэринэ эмискэ аан аһылла түһэр, «Сүөдэрбит киирдэ», – дии санаан дьон бары эргиллэн көрөллөр.

– Оҕолоор, ким киирдэ? – диэн Сөдүөччүйэ эмээхсин Сүөдэр буолаарай диэн ыйытар.

– Э-э, мин, – диир хотонтон хойутаан киирбит Малаанньыйа кыыс саҥата.

– Тоойуом, Сүөдэр уол ханна барбытын көрбүтүҥ буолаарай?

– Эчи суох, ханна барбытын билбэтим. Түүн туран, сыттыгын анныттан ынах быатын ылан, хоонньугар уктан тахсан эрэрэ дии.

Сөдүөччүйэ эмээхсин хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрэн түһэр. Кини уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур. Хамначчыт уолаттар-кыргыттар, дьоннор, соһуйбут курдук ах баран, саҥата суох олороллор.

Ол олордохторуна эмискэ аан тэлэллэ түһэр. Ааҥҥа Малаанай Ньукулай күрдьэх саҕа маҥан сирэйэ малтас гынан көстөр. Кини – Дьаакыбылапка ат көлүйэр, ыҥыырдыыр үктэл уол, тойоннорун илдьиккэ сүүрдэр-көтүтэр киһитэ.

– Кыбыыттан тойон миинэр атын ким ылан барда? – диэн ыйытар Малаанай.

Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Чөмөөт Сэмэн, элбэх саҥалаах муҥутаан, ким-хайа иннинэ чалыгыр гынар:

– Малаанаай, Сүөдэрбит сүппүт. Бука, кини…

Малаанай Ньукулай сирэйэ аантан мэлис гынан хаалар. Саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕан «лап» гына сабыллар.

Өр-өтөр буолбат, ыгдаччы кыыһырбыт тойонноро Дьаакыбылап суостаахтык силбиэтэнэн, күргүйдээбитинэн киирэн кэлэр:

– Баччааҥҥа диэри үлэҕитигэр тахсыбакка, тугу гына олороҕутуй?

– Сылгыһыт Сүөдэр бөлүүн… ынах быатын тутан тахсыбыт үһү, – дэһэллэр хамначчыттар.

– Улаханнык дьүдьэйбитэ… Санаарҕыыр быһыылааҕа, – Чөмөөт Сэмэн чалыгырыыр.

– Быаны тутан тахсыбыт үһү… Куттанабыт, аны бэйэтигэр тиийинэн ол алдьархайа буолуо, – дэһэ-дэһэ дьахталлар куттаммыт курдук көрөллөр-истэллэр.

Тойонноро тугу да саҥарбат, өһөхтөөх баҕайытык хамначчыттарын көрүтэлиир:

– Дьиккэр, аппын миинэн барбыт… Бэйи, көстүөҥ суоҕа! Олоруоххут дуо, үлэҕитигэр тахсыҥ!

– Сүөдэри көрдөөбөппүт дуо? – диэн Чөмөөт Сэмэн симиктик ыйытар.

– Кинини көрдөөн күнү алдьатаары гыммыккыт дии!.. Үлэлээбэккэ, бэлэми аһаары гынаҕыт дуо?..

Күүстээх тыал түүнү көтүтэрин курдук, хамначчыттар, үрүө-тараа түһэн, үлэлии тарҕаһаллар. Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин олорор сириттэн хамсаабат. Кини санаатыттан Сылгыһыт Сүөдэр түүн ынах быатын илдьэ барбыта арахсыбат. Ол быаны кини чэрдийбит ньилбэгэр хаппыта. Ама кини кыра эрдэҕиттэн аһынан, көмүскээн улаатыннарбыт оҕотун Сүөдэри тыынын быһар быаны хаппыта буолуо дуо?!




VIII


Күн арҕаа саҕахха түһүүтэ Маайа ынахтарын ыы титииккэ тахсар. Хотооной диэн бастыҥ ынаҕа кэлбэтэх.

«Кэлээ ини», – диэн саныы-саныы, Маайа атын ынахтарын ыыр. Күн киирэр. Түптэ буруота сир кырсынан сыылар. Хотооной кэлбэт. Маайа ыабыт үүтүн хамначчыт кыргыттарынан дьиэтигэр ыытан баран, бэйэтэ ынаҕын көрдүү дал кэтэҕинэн ойуурга тахсан барар.

– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх! – диэн ынаҕын ыҥыра-ыҥыра Маайа сотору-сотору тохтоон иһиллиир. Тыала суох, ичигэс, уу чуумпу киэһэ. Ойуур иһигэр күнүскү куйаас салгын тыына билигин да баар, Маайа сирэйин сып-сылааһынан саба охсор.

Маайа дьиэтиттэн балачча ырааппытыгар ойуур иһиттэн ынаҕын ыҥыранар саҥата иһиллэр.

«Тоҕо манна баар эрээри дьиэтигэр киирбэтэҕэй? Ээ, икки хонуктааҕы ардах кэнниттэн тэллэй үүммүт буоллаҕа. Онно иирдэҕэ», – дии саныыр Маайа уонна эмиэ ыҥырар:

– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх!

Хотооной ойуур иһиттэн тахсыбат, маҥырыы-маҥырыы биир сиргэ турар быһыылаах.

– Хотооной, ыанар кэмиҥ ааста, баччааҥҥа диэри тугу гына сылдьаҕыный? – диэн мөҥүттүбүтэ буола-буола, Маайа титирик лабааларын силэйэн кэбиһэ-кэбиһэ, ынаҕа ыҥыранар саҥатын хоту барар. Ол баран, ыраас сиргэ тахсар. Онно ынаҕа эриэн ситии быанан тииккэ баайыллан, тула мөхсө, холоруктуу турар эбит.

– Ынахпын бу хайалара баайдаҕай? – дии саныыр Маайа. Ол-бу диэки тула көрөр. Туох да биллибэт.

Маайа устунан куттанан барар уонна, бэйэтин саҥатыттан бэйэтэ эр ылаары, айдаарбыта буолар.

– Хайа түөкүн баайан бырдахха сиэттэҕэй?!

Кини ынаҕын муоһуттан быаны сүөрэн тиликтэһэр. Быа ыйыллан хаалбыт. Өр соҕус тардыалаһан, ынах быатын нэһиилэ төлө тардар. Дьиэтигэр киирээри дьүккүһэ турбут ынах быата төлөрүйэрин кытта сүүрэн таҥкыччахтана турар. Маайа ынаҕын батыһан бараары гынан эрдэҕинэ, ким эрэ кинини илиититтэн харбаан ылар. Маайа, куттанан, часкыйа түһэр, эргиллэр. Көрбүтэ: ханнык эрэ мара таҥастаах, урут хаһан да көрбөтөх киһитэ кинини илиититтэн тутан турар эбит.

– Ы-ыт! – диэн хаһыытыыр Маайа. Кини хаһыыта ой дуораана буолан, сатарыйан, чуумпу ойуур иһин уһугуннарар.

Кинини илиититтэн туппут киһи, куттаммыт курдук, ыһыктан кэбиһэр. Маайа, босхолоноот, дьиэтигэр сүүрээри гынан эрдэҕинэ, кини бэркэ билэр киһитин саҥата:

– Маайа!.. – диэн ыҥырар.

Маайа эргиллэ түһэр.

– Кимҥиний? Хантан мин ааппын билэҕиний?.. Тоҕо ынахпын баайдыҥ?

– Маайа, миигин билбэтиҥ дуу? – диэн били хамначчыт таҥастаах киһи эмиэ үүт-үкчү Сүөдэр куолаһынан саҥарар.

Маайа соһуйан чинэрис гына түһэр, чахчы кини Сүөдэрин куолаһа, ыкса кэлэн сирэйин одуулаһар. Онтон:

– Сүөдээ-эр! – диэбитинэн кууһан ылар, иэдэһиттэн ууруур, сыллыыр.

Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини Маайаттан куттанар дуу, саатар дуу курдук быһыылаах.

– Сүөдээр, бу туох буолан, туох дьүһүнүн дьүһүлэнэн кэллиҥ?..

Сүөдэр хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрэн түһэр, аргыый аҕай ытыһын көхсүнэн хараҕын уутун соттор.

– Сүөдээр, оо, көһүттүм да этэ!.. Чэ, дьиэбитигэр киириэх! – диэн баран Маайа Сүөдэри, хонноҕун анныттан ылан, дьиэтин диэки дэгдэритэр.

– Маайа, тохтоо!.. Ити дүлүҥҥэ олоруох…

Маайа Сүөдэрдиин саҥата суох дүлүҥҥэ кэлэн олороллор. Сүөдэр сүр күүскэ үөһэ тыынан кэбиһэр:

– Эн иннигэр хараҥа буруйдаах, халыҥ аньыылаах киһи кэлэн олоробун… Тойонум Дьаакыбылап кулуба туох хара санаалаах миигин манна ыыппытын билбитим эбитэ буоллар, эйигин бу алдьархайга киллэриэ суох этим… Ол баҕайы үтүө санаата киирэн, миигин ыал оҥороору гыннаҕа дии санаан, эйигин кэргэн кэпсэппитим… Онтум ханна баарый, хара санаатын толорторо ыыта сылдьыбыт эбит… Маайа, эн миигин өлөр да, кырбаа да – көҥүлүҥ…

Маайа тугу да саҥарбат, Сүөдэр сирэйин өрө көрөн олорор. Кини бу киһини, бу саҥаны, оо, төһөлөөх аҕынна этэй!

– Маайа, тоҕо тугу да саҥарбаккыный?.. Эйигин саакка киллэрбит киһини тоҕо кырбаабаккыный? – Сүөдэр ытамньыйан барар.

– Кэпсээн ис, уоскуй! – дии-дии Маайа Сүөдэри уоскутаары кууһар.

– Маайа, итэҕэй миигин, таҥара иннигэр этэрим курдук этэбин… Мин төһө да эйиэхэ тэҥэ суоҕум иһин, мин эйигин ис сүрэхпиттэн таптыыбын… Биллэн турар, эһиги, баайдар, ким элбэх баайдааҕы, халыҥ харчылааҕы таптыыгыт… Оттон биһиги, ыал хамначчыттара, дьадаҥылар сордоохтор, ыраас сүрэхпитинэн эрэ таптаахтыыбыт, биһиги ылсыһар-бэрсиһэр үппүт-баайбыт суох… эн бу дьүһүннээх таҥастаах-саптаах киһини тэҥнээх доҕор туттарыҥ биллибэт. Ол иһин бэйэбэр тиийинэр ыар санааны ылыммытым, – Сүөдэр уҥа илиитин көхсүнэн хараҕын уутун туора соттор. – Санаабын сорук оҥостон, аны биирдэ көрөн баран өллөрбүн диэн, бу дойдуга кэлбитим үс хонно. Эн ынахтаргын ыы тахсаргын ойуур иһиттэн одуулаһабын. Онон билэн, ити эн ынаххын бүгүн манна баайбытым…

Маайа хараҕын уутун кыаммат. Кини кыра оҕолуу марылаччы ытаан барар. Өр соҕус олороллор. Маайа улам уоскуйан, Сүөдэриттэн ыйытар:

– Бачча тухары тоҕо биһиэхэ киирбэтэххиний?.. Тугу аһаан сылдьаҕын?

Кырдьыга, Маайа таптыыр кэргэним манна, ойуурга, олороро буолуо диэн хантан сэрэйиэҕэй! Оо, ону билбитэ буоллар, ама кини ас булан аһаппат, орон булан сынньаппат бэйэлээх буолуо этэ дуо?!

– Эн дьонуҥ баайдар, мин курдук мара таҥастаах киһини дьиэлэригэр киллэрэллэрэ да биллибэт… Эйигин хайдах да гынан көрсөр кыаҕа суох буолан, ынаххын баайбытым. Эйигин бэйэтэ эрэ тахсыа дии санаабатаҕым… Хамначчыт кыргыттаргытыттан биирдэстэрэ эмэ кэллэҕинэ, эйиэхэ илдьиттээри гыммытым… Хата, дьоллоох эбиппин!.. Мэ, Маайа, бу бэргэһэлэнэрбитигэр кэтэрдибит биһилэҕиҥ, – диэн баран Сүөдэр Маайаҕа көмүс биһилэҕи уунар.

Маайа кинини: «Ханна да ыытыам суоҕа!» – диэбиттии, икки илиитинэн ыбылы кууһан, эмиэ ытаан барар.

Ойуур иһэ ордук боруҥуйар, хараҥарар. Төһө да Саха сирин бэс ыйынааҕы түүнэ сырдыгын иһин, түүн оройо кэм биллэр. Салгын тымныйар. Сиик түһэн барар. Ханна эрэ күөлгэ аҥыр айаатаан айдаарар. Үөһэ, сыыр үрдүгэр, ойуурга өтөн үөтэн өҕүргүүр. Маайа итилэри барыларын урут хаһан истиэй. Истэ илигэ. Кини кэргэнэ кэлбититтэн үөрбэт. Туох буолбутун өйдүүр. Кинилэр иккиэн хара санаалаах кулуба албыныгар хаптарбыттар.

Ыгылла-ыгылла ытыы олорор Маайаны көрөн Сүөдэр эмиэ ытаан барар. Ол курдук өр соҕус ытаспахтаан баран, Маайаны сүүһүттэн уураан-сыллаан ылаат, Сүөдэр ойон туран ойуурга ыстанар.

– Сүөдээр, ханна бардыҥ?..

Сүөдэр ойуур диэки аҕыйахта хардыылаат, тэһииниттэн таттарбыт ат курдук чугус гынан тохтуу биэрэр. Маайа кэлэн кини илиитигэр иилистэ түһэр.

– Сүөдээр, барыма!.. Кэл, олоро түһүөх!

Сүөдэр саҥата суох, оҕо курдук батыһан кэлэн, дүлүҥҥэ олорор.

– Сүөдээр, бу түүл буолуо… Ама, кырдьык үһүө, – Маайа сып-сылаас түөһүгэр Сүөдэр төбөтүн ыбылы тардар уонна, уол баттаҕын имэрийэ-имэрийэ, аргыый сибигинэйэр. – Суох, ити кэпсиириҥ барыта сымыйа. Бу эн биһикки түһээн көрсөбүт.

– Суох, Маайа, түүл буолбатах, чахчы.

Маайа өр ытаабытыттан эбитэ дуу, түүҥҥү салгын тымныйбытыттан эбитэ дуу, тоҥон дьагдьайан барар. Сүөдэр ону көрөн, эргэ кулун тириитэ сонун устан Маайа саннын саба уурар.

– Сүөдээр, миигин таптыыгын дуо?

Сүөдэр саҥата суох Маайаны кууһар уонна иэдэһиттэн уураан-сыллаан ылар. Маайа санаатыгар, түүҥҥү тымныы салгын итийбиккэ, түүҥҥү хараҥа сырдаабыкка дылы буолар.

Маайалаах Сүөдэр куустуспутунан туран кэлэллэр. Маайа санныттан эргэ кулун сон сиргэ «күр» гына түһэр. Уоллаах кыыс уос-уостара минньигэс бэйэлээхтик сыстыһаллар. Ойуур иһэ, кинилэр көрсүспүт дьоллорун мэһэйдээмээри, им-дьим иһийэр.

Ахтыспыт сүрэхтэр, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэн, тэбис-тэҥҥэ тэбэллэр…




Иккис баһа





I


Маайа тыаҕа көрдүү тахсыбыт ынаҕа титиигэр тиийэн кэлэр. «Ынаҕа Маайаны куота сүүрэн кэллэҕэ», – диэн кыргыттар бастаан утаа кыһамматтар. Күн арҕаа тыа кэтэҕэр киириитэ, титиик иһэ борук-сорук буолуута кыргыттар ынахтарын ыан бүтэллэр. Маайа кэллэр кэлбэт.

– Маайабыт, Хотоонойун ыабакка, ойуурга тугу гына сырыттаҕай? – дэһэн кыргыттар, ынахтарын титиик далыгар, түптэлээх хааччахха үүртэлии-үүртэлии, ботур-итир кэпсэтэн бараллар. Салгын сөрүүдүйэр, түптэ буруота, күөх солко буолан, төгүрүк алаас иһигэр субуллан киирэр.

Сүөкүлэ кыыс Хотоонойу ыы охсон далга таһаарар уонна Маайа үүттээх ыаҕаһын хотунугар Ылдьаанаҕа киллэрэн биэрэр.

– Хайа, хотуок, Маайа ханна барда? – диэн Ылдьаана ыйытар.

Сүөкүлэ соһуйан муҥунан көрөр.

– Маайа дьиэтигэр суох дуо? Кэлбэтэ дуо? – диэн утары ыйытар.

– Хотуок, суох буолумуна, эһигини кытта ынахтарын ыы барбыта буолбат дуо?!

– Маайа, үс ынаҕын ыан баран, Хотоонойун көрдүү ойуурга тахсыбыта да, биллибэтэ дии.

– Ынаҕа кэллэ дуо?

– Маайа барарын аҕай кытта кэлбитэ. Биһиги Маайаны, ынаҕын булан баран, дьиэтигэр киирдэҕэ дии санаабыппыт ээ, – диир Сүөкүлэ кыыс.

Ылдьаана соһуйар: «Маайа ханна бардаҕай?» Онуоха эбии аҕалара Сэмэн оҕонньор быраабатыттан эмиэ хойутаата, билиҥҥэ диэри кэлэ илик. Ылдьаана, кыыһа аҥаардас сиидэс ырбаахынан эрэ сылдьарын өйдөөн: «Салгын сөрүүдүйдэ, аны оҕом тымныйан ыалдьыа», – диэн иһигэр куттана саныыр.

– Хотуой, ону тоҕо баччааҥҥа диэри эппэккэ сырыттыҥ? – диэн эмээхсин кыыһы сэмэлээн, мөҥөн барар. «Сүөһү күрүө намыһаҕынан, баай хамначчытын үрдүнэн көтөр үгэстээх» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, Маайа тыаттан төннүбэтэҕэр Сүөкүлэ кыыс буруйдаах буолан хаалар.

Ити курдук кэпсэтэ турдахтарына аан аһыллар, быраабаттан дьиэлээх тойон тиийэн кэлэр. Маайа ойуурга ынаҕын көрдүү тахсан баран билиҥҥэ диэри киирэ илигин Ылдьаана кэргэнигэр кэпсиир.

Харатаайап оҕонньор, быраабаттан ыҥыыр акка сиксиллэн улаханнык сылайан, аччыктаан кэлбит буолан, Маайа хойутаабытыгар соччо кыһаммат.

– Ханна барда диэтэххиний? Ынаҕын булумуна көрдүү сырыттаҕа дии. Кыһын буоллаҕай, үлүйэн өлүө диэтэҕиҥ дуу?.. Билиҥҥитэ, таҥара көмөтүнэн, чугас эргин арбаҕастаах да баара иһиллибэт дии… Хата, аскытын тиэтэтиҥ, аччыктаатым, – диэн кэбиһэр.

Ылдьаана кэргэнэ эппититтэн уоскуйар: «Кырдьык даҕаны, кыһын буолбатах, хаама сылдьар киһи, ама, тоҥноҕой! Маайа куруутун дьиэтигэр олороруттан тэһийбэт, мунчаарар этэ. Баҕар, ойуурга-хонууга сылдьан, санаата аралдьыйыа».

Балаҕан олохтоохторо – хамначчыттар киэһэ аһылыктарын аһаан утуйан хаалаллар. Улахан дьиэҕэ олорооччу дьон куруутун да хойутаан утуйааччылар. Киэһэ аһылыктарын аһыыллар. Иһити-хомуоһу сууйаллар. Түүн ортото буолар. Маайа кэллэр кэлбэт.

Ылдьаана тулуйбакка, хамначчыттарын балаҕаннарыгар тахсар. Киирэн Сүөкүлэ кыыһы уһугуннарар.

– Хотуой, Маайа суох, тахсан көрдөөбөккүн, ыҥырбаккын ээ, – диэн соруйар.

Сүөкүлэ утуйуон олус баҕарар быһыылаах да, хотуна соруйбутун кэннэ тэҥнэһиэ дуо, турар. Түүн соҕотоҕун ойуурга тахсыан куттанан, Кэтирииһи, Мааппаны уһугуннартыыр. Кинилэр бэрт өр таҥнан тахсан, дал кэтэҕинэн ойуур саҕатыгар тиийэн:

– Ма-а-й-й-а-а – диэн хаһыытаһаллар.

Кинилэр хаһыыларын ой дуораана хабан ылан, дуораһытан, ойуур кэтэҕинэн, Төгүрүк алаас улаҕатынан: «Ма-а- й-а-а! ы-а-а-а! й-а-а-а!» – диэн илдьэ бара турар.

Кыргыттар, сииктээх, сөрүүн салгыҥҥа тоҥон, титирэһэллэр. Кинилэр Маайа хардарарын өр соҕус көһүтэллэр да, туох да иһиллибэт. Куттанан ойуурга иһирдьэ киирбэккэлэр, ол курдук ойуур саҕатыгар өр соҕус хороһон туран баран, дьиэлэригэр төннөн киирэллэр.

– Хайа, оҕом? – дии тоһуйар Маайа кыргыттары кытта киирсиэ диэн көһүтэн олорбут Ылдьаана. Кини илиитигэр Маайа кырса тыһа истээх кылгас сонун тутан олороро. Санаатыгар, Маайа киирдэҕинэ, кэтэрдэ охсон, ириэрэр баҕалааҕа.

– Хаһыытыы, үөгүлүү сатаан кэбистибит…

– Оҕом тоҥон иэдэйдэҕэ!.. Чэйиҥ, тахсан көрдүөҕүҥ! – диэн Ылдьаана тымтан турар.

Хамначчыт кыргыттар аны хотуннарын кытта барсаллар. Ылдьаана ойуур саҕатын кэрийэ сылдьан күөмэйэ бүтүөр диэри ыҥыра, ыһыытыы сатыыр да, Маайа биллибэт. Кини туох да биллибэтиттэн ыксаан, буллахтарына эр дьон эрэ булуохтара диэн, кинилэринэн киэҥ сири кэрийтэрэн көрдөттөрөөрү кыргыттары илдьэ дьиэтигэр төннөр. Хоһугар киирбитэ, Сэмэн утуйан муннун тыаһа тарылыы сытар эбит.

– Сэмэн, уһугун!.. Оҕобут сүттэ… баччааҥҥа диэри дьиэтигэр киирбэтэ!..

Сэмэн Уйбаанабыс бэрт өр уһуктубат. Кини уутугар аҥаарыйан, ыҥыранар курдук тугу эрэ саҥарар да, туох диирэ биллибэт.

– Уһугун диибин дии!.. Оҕобут Маайа туох эрэ буолла! – дии-дии Ылдьаана күүскэ анньыалыыр. Сэмэн Уйбаанабыс олоро түһэр, баттаҕын тарбанан курдурҕатар:

– Суох дуо?.. Э-э, кэлиэ, – дии-дии эмиэ сытан барар. – Ханна барыай, абаҕатын аахха сылдьар ини.

«Кырдьык даҕаны, тоҕо мин итини урут өйдөөбөтөх бэйэбиний?» – дии саныы-саныы, Ылдьаана арыый уоскуйан оронугар сытар. Ол да буоллар уута букатын кэлбэт. Маайа кимиэхэ да, тугу да эппэккэ барбыта Ылдьаана өйүттэн тахсыбат. «Баҕар, оҕом сотору кэлиэ», – дии санаан, ааны одуулаһа, тыаһы-ууһу иһиллии сатыы сытар. Маайа суоҕун курдук суох. Ийэ сүрэҕэ тулутан сытыарбат. Кини, туһахха иҥнибит көтөр курдук, оронугар мөхсө сытар.

Халлаан лаппа сырдаан барар. Күн тахсара чугаһыыр. Ылдьаана, тулуйбакка, турар. Таһырдьа тахсан иһиллээн көрөр. Ойуур иһигэр чыычаахтар уһуктан чыбыгыраһаллара, ыллыыллара иһиллэр. Дьиэтигэр төннөн киирэр. Кэргэнин тардыалыыр.

– Сэмэн, оҕобут биллибэт, – диир.

– Баччааҥҥа диэри кэлэ илик дуо? – диэн Сэмэн, дьэ, уутуттан уһуктан ыйытар. Куттана быһыытыйан оронугар олоро түһэр. – Оҕом ол аата ханна бардаҕай?

– Оттон: «Абаҕатын аахха бардаҕа», – диэбитиҥ буолбат дуо?

– Тоҕо онно хонуой?.. Хонуор сатаммат уонна эйиэхэ эппэккэ эрэ онно барыа суоҕа.

– Биир уолу ат үрдүгэр түһэрэн онно ыыта сырыт, – диэн Ылдьаана кэргэниттэн көрдөһөр.

Сэмэн Уйбаанабыс туран таһырдьа тахсар. Хамначчыт уолу уһугуннаран, Арыылаахха абаҕалара оҕонньорго ыыталлар: Маайа онно баарын-суоҕун биллэрэ.

Күн лаппа үөһэ ойбутун кэннэ хамначчыт уол төннөн кэлэр. Кинини атыттан түһэрэр бокуойа суох:

– Маайа? – диэн ыйыта тоһуйаллар.

– Суох… Сылдьыбатах үһү.

Ылдьаана сүрэҕэ түөһүн иһиттэн ойон эрэ тахсыбат. Хараҕын уута тоҕо барбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнин дьиэтигэр киллэрэр, оронугар олордор.

– Ылдьаана, ытаама!.. Таҥара көмөлөһүө, оҕобут көстүө…

– Саҥарыма… Били Былаҕачыанайап таҥара ааһыаҕыттан, киһитэ кэлбэтэҕиттэн бэркэ санааргыы сырыппыта… Урут ынахтан куттанар бэйэтэ, ынах ыыр идэлэммитэ… Эн курдук, санаатын таһыгар таһаарбат, сүрэҕэр туох баарын эппэт оҕо… Эҥин-дьүһүн буолбут да буоллаҕына…

Сэмэн Уйбаанабыс кыайан тулуйбат, тыына кылгыыр, хараҕа хараҥарар. Урут үгүс оҕону көммүт баастаах сүрэҕэ тулуппат. Кини, ханна да барыах-кэлиэх сирин булбакка, Ньукуола таҥара болоорхой күлүгүн иннигэр чүмэчи уматар, кириэс охсунар.

«Оо, айыы тойон таҥара, хараҕым харатыныы харыстаан олорбут күөрэгэйим оҕотун – Маайабытын куоттарыма, көмөлөс, дьиэтигэр төннөр», – диэн таҥараттан көрдөһөр. Ол туран: «Хата, ойуунна булан көрүү көрдөрө охсубут киһи», – диэн саныы түһэр.

Бу кэмҥэ сахалар таҥараны, ойууну иккиэннэрин итэҕэйэллэрэ. Ол эрээри ойуун итэҕэлэ ордук күүстээххэ дылыта. Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэннэрэллэрэ. Оттон таҥараны бэрт ыраах баар курдук өйдүүллэрэ. Таҥараны көрдүм диир киһи биллибэт этэ. Оттон абааһыны ким куттас сүрэхтээх хас киэһэ аайы көрбүт, истибит буолара. Онон абааһы таҥаратааҕар быдан элбэххэ, чугаска дылыта. Харатаайап да, төһө да баайын, улуус кулубата буолбутун иһин, син, хамначчыттарын курдук, абааһыны-айыыны барытын итэҕэйэрэ.

Сэмэн Уйбаанабыс тахсан хамначчыттарын барыларын көрдөтө үүртэлиир.

Маҥнай чугас эргининэн көрдүү сылдьыбыт дьон төннөллөр, онтон утум-ситим бары кэлэллэр. Хас төннөн кэлэр дьон билэллэрэ эрэ:

– Маайа суох…

– Маайа көстүбэт…

– Маайаны көрбөтүбүт…

Ити тыллар Ылдьаана сүрэҕин, быһаҕынан кэйэр курдук, ыарытыннараллар.

Ити курдук, Маайа сүппүт маҥнайгы күнэ ааһар. Ким даҕаны бу күн олорбот, бары Төгүрүк алаас тулатын, чугастааҕы ойуурдары, өтөхтөрү барыларын кэрийэллэр. Айаҕалыы сатаан, чардааттаах киһи уҥуохтарын барыларын көрөллөр. Маайа ханна да суох.

Иккис күнүгэр Харатаайап кулуба нэһилиэгин дьонун барытын Маайаны көрдөтө таһаарар. Маайа сүппүт сураҕа ырааҕынан иһиллэр, тарҕанар. Ол эрээри бу да көрдөбүл тугу да биэрбэт – Маайаны ким да булбат.

Үһүс күнүгэр Маайаны өлбүттүү көрдүүллэр. Үс муҥханы тиэйэ сылдьан көлүйэлэри барыларын муҥхалаан, бадарааннарын, сытыйбыт куталарын хонууга тиэрэ тардан таһаартыыллар. Маайа суоҕун курдук суох.

Бу күннэргэ тойонньут, таайааччы, быһаарааччы, сүбэлээччи эрэ элбиир. Хаар маҥан баттахтаахтар, нэһилиэк кырдьаҕастара: «Үчүгэй буолан сүппэт, өлөн сүтэр», – диэн тойоннууллар.

– Сыгынньах кырдьаҕаһы ыҥыран, көрүү көрдөрөн көрбүт киһи… Кини ыйдар ыйыа, буллар булуо этэ, – диэн оҕонньоттор Харатаайапка сүбэлииллэр.

«Сүтүктээх сүүс аньыылаах» диэн саха өһүн хоһооно баар. Харатаайаптаах: «Сыгынньах ойуун оҕобутун булан биэриэ», – диэн эрэллэрэ күүһүрэр.

Биир күн Харатаайап кулуба икки ыҥыырдаах ат сиэттэриилээх, биир киһи арыалдьыттаах хоту Сыгынньах ойууннаахха барда. Сарсыарда, дьиэтиттэн аттанарыгар, ып-ыраас халлаан күн ортотуттан киэһэ өттүгэр тыалырда. Сотору-сотору аарыма холоруктар маһы-оту сөрөөн, өрө ытыйан аастылар. Сэмэн Уйбаанабыс хас холоругу барытын Сыгынньах ойуун абааһытыгар балыйан, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу истэ. Сотору соҕус буолаат, хоту диэкиттэн хара былыт өрүкүйэн тахсан күнү хаххалаан кэбистэ, тыал күүһүрдэ. Харатаайап итини эмиэ Сыгынньах ойуун абааһыларын оҥоһуулара дии санаата.

Суол аттыгар турар хохудал маска Сыгынньах ойуун эмэгэтэ кыбытыллан турара мас тыалтан хамсаатаҕын аайы араастык хаахыргыыр. Сотору-сотору ойуун куоҕастара, өксөкүлэрэ даллаһан тураллара көстөллөр. Икки ааттаах ойуун олорор сирдэрэ чугаһаабыта илэ-чахчы биллэн барда. Манна Сыгынньах ойуун кэргэнинээн Алыһардаах удаҕанныын олороллор. Кинилэр тустарынан эҥин арааһы барытын кэпсииллэр! Харатаайап Сыгынньах ойуун туһунан соторутааҕыта истибит кэпсээнин өйдүү түстэ:

«Сыгынньах ойуун хоту, Өлөөн өрүһүгэр, түүлээх атыылаһа сылдьан, биир ыалга хоно киирбит. Бу ыал кэччэгэйдэринэн аатырбыт дьон үһү. Ампаардарыгар биир атах эттээхтэрин, хоноһолоруттан көҥөнөн, киллэрбэтэхтэр, эттээбэтэхтэр. Киэһэ сылбархай ууну эрэ оргута туруорбуттар. Ону көрөн олорон, Сыгынньах ойуун эппит:

– Хайа, аһыыр аскыт суох дуу?

– Суох, – дэспиттэр дьиэлээхтэр.

Сыгынньах ойуун, олорбохтоон баран, туран уот иннигэр кэлбит.

– Аччык хонуохтааҕар, быстыахпыт дуо, мин эппин сиэтэхпит дии, – диэбит.

Дьиэлээхтэр, Сыгынньах ойуун туох этин эппитин өйдөөбөтөхтөр. Эт сиэхпит диэн, хата, бэркэ үөрбүттэр.

– Эт эттиир маскытын киллэриҥ эрэ.

Дьиэлээхтэр үөрүүлэрин кытта эт эттиир мастарын киллэрэн биэрбиттэр.

Сыгынньах ойуун эттиир маһы сиргэ уурбут. Олоппоһун ылан ол аттыгар олорбут уонна хаҥас атаҕын уллук сутуруотун устубут, онтон, быһаҕын ылан, буутун төрдүнэн быстан барбыт. Дьиэлээхтэр, куттанан, оһохторун төрдүгэр түспүттэр. Сыгынньах ойуун, бэрт түргэнник атаҕын быһан эт эттииргэ уурбут уонна сүгэни ылан эттээбит. Улахан алтан солуурга уу сылыйан сыыгыныы турарыгар атаҕын этин толору симэн баран, туус ылан бырахпыт уонна, аҥаар атаҕынан кылыйан, ороҥҥо баран олорбут.

Сотору эттээх солуур оргуйан эриэнинэн-бураанынан көрүтэлээбит, өрүтэ ыһыахтаммыт. Дьиэ иһигэр буспут эт сыта тарҕаммыт.

– Эппит буста ээ, быһыыта, хоторуҥ эрэ! – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри соруйбут.

Дьиэлээх дьахтар, куттана-куттана кэлэн, солууртан эти хоторбут. Аҕалан хоноһотун иннигэр ууран биэрбит, бэйэтэ эмиэ оһоҕун төрдүгэр түспүт.

Сыгынньах ойуун биир кырбас эти ылан сиэн-аһаан кимиритэн барбыт. Ол олорон, хаҥас диэки көрө-көрө:

– Кэлиҥ, эттэ сиэһиҥ! – диэн ыҥыртаабыт.

Дьиэлээх киһи кэлэн биир кырбас эти ылбыт. Сыта үүт-үкчү сүөһү этин сытын курдук үһү. Быһаҕынан быһан амсайан көрбүт. Сүөһү этин амтаныттан туох да уратыта суох эбит. Дьиэлээх киһи кэргэнин уонна оҕолорун ыҥыртаабыт. Оҕолор эти сиэбиттэр, оттон дьиэлээх дьахтар амсайан да көрбөтөх.

Ол киэһэ ол курдук тото аһаан утуйан хаалбыттар. Сарсыарда Сыгынньах ойуун дьиэлээх дьон утуйа сыттахтарына туран барбыт.

Дьиэлээхтэр сарсыарда туран, бэҕэһээ киэһэ сиэбит эттэрин уҥуоҕун көрбүттэрэ, сүөһү атаҕын уҥуоҕар маарынныыр эбит.

– Ампаарга тахсан көр эрэ, атах эппит баар дуо? – диэн дьиэлээх киһи кэргэнин соруйбут.

Дьахтар тахсан көрбүтэ, ампаардарыгар уурбут атах эттэрэ суох үһү… Сыгынньах ойуун ол курдук киһи хараҕын баайар улахан абааһылаах ойуун үһү…»

Сэмэн Харатаайап ат тутар киһилээх кэлэн тэлгэһэлэрин иһигэр киирбитин көрөн:

– һа! Кулуба тойоммут бэйэтэ кэллэ дуу?! – диэн Сыгынньах ойуун соһуйбута. – Кыыһа көстүбэтэх буоллаҕа.

Сыгынньах ойуун кэргэнинээн, Алыһардаах удаҕанныын, Харатаайап кулуба кыыһа сүппүтүн истэн олороллоро. «Кыыһын булбатаҕына, хайаан да кэлэн ыҥырара буолуо», – диэн истэригэр күүтэ саныыллара.

Ол да буоллар Харатаайап кулуба:

– Санаабытыгар көрүүлэнэн көр, – диэн ааттаспытыгар, Сыгынньах ойуун ыарыаҕынан ыараан, өр тугу да саҥарбакка олорбута.

Сэмэн Уйбаанабыс иккистээн көрдөспүтэ. Алыһардаах удаҕан кэргэнин диэки уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлээбитэ. Сыгынньах ойуун уотун иннигэр баттаҕа арбайан, хаана болодуйан, хамсалаах табаҕын эмэн соппойо-соппойо эмиэ саҥата суох олорбута.

Ол курдук бэрт өр ааттаһыннаран-көрдөһүннэрэн эрэ баран, Сыгынньах ойуун олоппоһуттан турбута. Кэргэнэ, кыыһырбыт курдук, оҕонньоро кыырар таҥаһын, дүҥүрүн ылан ороҥҥо тамнаабыта.




II


Киэһэ борук-сорук буолан эрдэҕинэ Харатаайап кулуба Сыгынньах ойууну дьиэтигэр аҕалла. Ат тутар уол ойуун кыырар таҥаһын, дүҥүрүн дьиэҕэ киллэрдэ.

Ханнык эрэ улахан мааны ыалдьыт кэлбитин курдук, остуол муҥунан ас тартылар, арыгы туруордулар. Ойуун остуолга олорон аһыан иннинэ биир үрүүмкэ арыгыны аҕалан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, уокка кутта. Имик-самык умайа сытар уот өрө күлүбүрүү түстэ. Аһаары остуол аттыгар олорор дьон, арыгыны куттахха уот күлүбүрүүрүн төһө да уруккуттан биллэллэр, ити Сыгынньах ойуун куппут арыгытыттан оһох уота күлүбүрээбитин туспа, иччилээх курдук көрдүлэр, эттэрин сааһа аһыллан ылла.

Ойуун киһи аһаата диэхтик соччо аһаабата. Арыгыны биир эрэ үрүүмкэни истэ.

– Мин туттар малларбын куурда ууруҥ эрэ, – диэн дьон аһаан бүппүтүн кэннэ Сыгынньах ойуун соруйда.

Харатаайап кулубаны кытта барса сылдьыбыт уол ойуун кыырар таҥаһын уонна дүҥүрүн ылан уот иннигэр кирээдэ маска куурда уурда.

Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн сыраларын бараабыт хамначчыт уолаттар, кыргыттар таһырдьааҥҥы туруорбах балаҕантан киирдилэр. Дьиэ иһигэр, өлбүт киһи сытарын курдук, им-ньим буолла. Дьон «кырдьаҕас» туох диирин, хайдах хамсанарын кэтээн олордулар.

Аһаабыт остуолларын хомуйан бүппүттэрин кэннэ, өр соҕус кэтэһиннэрэн баран, ойуун хамсатын күлүн тэбээн тобурҕата-тобурҕата:

– Эрэйдэнэн көрүөх муҥум буоллаҕа, – диэн сөҥ-сөҥнүк саҥарда.

– Кыһалҕалаах дьон көрдөһүүбүт оччо, – диир Харатаайап.

Ойуун дьиэ аанын саптаран, оһох иннигэр олбох уурдаран баран эттэ:

– Таҥаспын таҥыннарыҥ, көлөбүн аҕалыҥ!

Икки эр киһи кэлэн ойуун кыырар таҥаһын кэтэртилэр, дүҥүрүн ылан туттардылар.

Сыгынньах ойуун өр соҕус дөйбүт курдук барыаран турда. Онтон эмискэ дьигис гынан ылла, кыырар таҥаһын кыаһааннара лыҥкынастылар, дүҥүрүн тыаһа ньиргийдэ. Сыгынньах ойуун, сири сыллыахха айылаах ньүксүччү туттан баран дүҥүрүн охсон дьигиһитэ-дьигиһитэ, олбоҕун үс төгүл эргийдэ. Тохтуу түстэ. Онтон, эмиэ дүҥүрүн дөрүн-дөрүн охсо-охсо, аргыый аҕай олбоҕор олордо. Дүҥүрүн тобугар тиэрэ уурда. Хатан баҕайытык иһиирэн сирилэттэ, тиэрэ ханарыйа-ханарыйа дьааһыйда. Тохтуу түһээт, аны чөкчөҥөлөөн чобурҕаата, кэҕэлии этэн куккууктаата. Дьэ ол кэнниттэн, эмиэ дүҥүрүн охсон ньиргитэ-ньиргитэ, абааһыларын ыҥыран кутуран барда. Кини хас саҥаттан-саҥа абааһытын ыҥырдаҕын аайы саҥата-иҥэтэ, быһыыта-тутуута, киэбэ-киэлитэ уларыйан, тыла-өһө улам иччилэнэн истэ: ороҥҥо олорор дьон санааларыгар, дьиэлэрин иһин толору абааһылар мунньуһуннулар. Ойуун абааһыларын барыларын ыҥыртаан киллэртээн баран, дьэ туран, Аал уот, Аан дойду иччилэриттэн: «Аартыктаргытын арыйан биэриҥ», – диэн ааттаста. Итиэннэ дүҥүрүн айаннаан эрэрдии дэгэрэҥнэтэн охсо-охсо:

– Күн сирин дьоно көрүҥ, орто дойду дьоно истиҥ! Мин бэйэлээх, суптугур тумустаах, субуруйбут кутуруктаах, соһохтоох түүлээх Сур бөрө буоламмын, кыыс оҕо тоҥ суолун тордоон, ириэнэх суолун ирдээн, хардыытын ааҕан, хаамыытын арыйан батыһан истэҕим, – дии-дии сыт ылаары гыммыт ыттыы ньылбыҥныы хаамыталаата, онтон сылгылыы өрө хаҥсырыйан дьиэни тула эргийэ сырытта. Мустан олорор дьон атахтарын туох эрэ кэлэн сытырҕаан ааһарга дылы гынар. Дьон куттанан атахтарын хомуна тардаллар, сүрэхтэрэ айахтарынан эрэ тахсыбат.

– Ытык кырдьаҕаспыт, инньэ эрэ гыннаргын абырыаҥ этэ, – диэн дьиэлээх Харатаайап оҕонньор сэҥээрдэ.

Ойуун бөрөнү үтүктэн, дьиэ иһин өр соҕус кэрийэ хааман ньылбыҥныы сылдьымахтаан баран, эмиэ олбоҕор баран олордо, дүҥүрүн аргыый аҕай охсон дэгэрэҥнэттэ:

– Бу харааран уулбут кырса маҥан хаар муҥутуур кылааныгар улахан уруу-уйгу буолбут эбит. Онно ойуун киһини өһүргэтэн, кыыскытыгар Иирэр абааһытын иҥэттэрбиккит, Эмсэхтэнэн эмэр абааһытын баайтарбыккыт…

Харатаайап кулуба Маайа уруутугар Хаххан ойуун итирэн баран хайдах дьүһүлэммитин саныы биэрбитэ. «Ол да иһин оҕом күннэтэ олус дьүдьэйэн, хатан-иинэн испит ээ», – дии саныы олордо. Оттон Ылдьаана эмээхсин: «Оҕом иирэн ыалдьыбыт эбит… Ону билбэтэх муҥум эбит буолаахтаатаҕа», – дии санаан хараҕын уутун сотунна.

Сыгынньах ойуун дүҥүрүн охсон дэгэриппэхтээт, тугу эрэ одуулаһан эрэрдии, былаайаҕынан чарапчыланан көрдө:

– Ойуун абааһыта кыыс оҕо өйүн иирдибит, санаатын баайбыт. Хотон ортотуттан, тойон баҕанаттан ынах быатын ылларан, тас таҥаһын аннынан, ис таҥаһын үрдүнэн кистэнэ сылдьыбыт эбит…

«Оҕом ол иһин ынах ыыр баҕаламмыт эбит буоллаҕа, – Ылдьаана быһаарар. – О-о, оҕом сүтэрин кытта, тоҕо бу кырдьаҕаһы ыҥыран көрүү көрдөрбөтөх бэйэбитий?»

– Аламай күн арҕаа тыа кэтэҕэр саһара саһыыта, ыыр ынахтарыттан бастыҥа – салдьыгыр муостаах саадьаҕай ынахтааҕа…

– Чахчы?.. Ити Хотооной! – диэн Сүөкүлэ кыыс саҥа аллайар.

– Аргыый! – диэн кыыһы саба саҥаран кэбиһэллэр.

– Киирбэтэҕин көрдүү, ойуурга тахсыбыт эбит…

– Чахчы!.. Чахчы! – диэн сэҥээрэллэр.

– Ол сылдьан дьон хараҕыттан куотан, бэйэтигэр тиийинэр сөптөөх маһы көрдөөбүт. Онуоха диэтэҕим – хара тыа иччитэ – күөх сэбирдэх таҥастаах, көмнөх хаар бэргэһэлээх, көтөҕө бытыктаах, көҥдөй чөҥөчөх дьиэлээх, көҕөччөр тииҥ көлөлөөх, сур кырынаас соноҕостоох, соҕох солоҥдо баайдаах, Хараҕалдьын тойон хараҕын баайан, муннарбыт эбит… – ойуун өрө эҕирийэн түргэн-түргэнник дүҥүрүн охсумахтаан ньириһиттэ. – О-ок-сиэ, доҕоттоор, тиийбит сирэ – дьэгинин ньии, тохтообут сирэ – олуонатын ньии!.. – диэн баран, туран кыыран илгистэн барда.

Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн эрэйдэммит дьон, кини ханна барбытын, билигин ханна баарын истээри, кэтэһэн олордулар. Ойуун субу этиэхчэ буола-буола эппэт. Ол ахсын кэтэһэллэрэ ордук күүһүрэр.

Сыгынньах ойуун, өр соҕус кыыран илгистэн баран, кэлэн олбоҕор олорор уонна эмиэ аргыый аҕай кутуран, көрүүлэнэн барар:

– Эҥкэркэй эҥээрдээх, эмпэркэй хайалаах, аҥылыйбыт салгыннаах, ааһа турар уулаах сүҥкэн өрүс кытылыгар тахсыбыт…

Ойуун инньэ диирин кытта истэн олорор дьон ботугураһа түстүлэр:

– Бүлүүгэ киирбит…

– Мантан аҕыс биэрэстэлээх сиргэ тиийбит.

– Ол да иһин… Манна, чугас баара буоллар көстүбүт буолуо этэ…

Ойуун, дьон кэпсэтэрин иһиллээбит курдук, саҥата суох сөҥөн олордоҕуна, дьиэлээх тойон Харатаайап:

– Көрөр хараҕыҥ ырааһырдын, истэр кулгааҕыҥ сэргээтин! – диэн сэҥээрэн, кымньыылаан биэрдэ.

Ойуун, дүҥүрүн охсон дэгэрэҥнэппэхтээн баран, эмиэ көрүүлэнэн:

– Ол тахсан, уҥа-хаҥас өттүн одуулаан көрбүтэ: быстан түһэр мыраан үрдүгэр хоҥкугур төбөлөөх, куурбут лабаалардаах, хоҥноххой хатырыктаах, хоппоҕор силистээх хохудал мас өрүскэ түһээри өҥкөйөн турарын булан, оҕоҕут барахсан ол маска… Сайыҥҥы күн саарыы тахсыыта эриэн ситии быатын иилэ бырахпыт, моонньуттан муомахтаммыт… – диэн ойуун көрүүлэнэ олордоҕуна Ылдьаана:

– Оо, оҕобун ньии!!! – марылаччы ытаан барда.

– Өлүү кыыһыгар үтүрүттэрэн, икки хараҕын быһа симэн, ыстанан кэбистэ…

– Ы-ы-ы-һы-һы!.. Ы-ы-ы-һы-һы! – диэн Ылдьаана туттуна сатыы-сатыы ытаан энэлийдэ. Кини энэлийэрин баһыйан ойуун көрүүлэнэн бөөҕүнүү олордо:

– Кыыс оҕо ыраас кутун ол мас уйумуна будулҕаннаах сүүрүктээх, долгуйар уулаах улуу өрүскэ сууллан түспүт. Өрүс иччитэ – дириҥ хомо дьиэлээх, тиистээх балык көлөлөөх, өрүкүйбүт сүүрүк суһуохтаах Өрүкүйэ дохсун хотун – оҕоҕут өлүгүн сүүрүгэр сүктэрэн, долгунугар көтөхтөрөн, Аҕа тойонугар, аҥылыйбыт Байҕалга, кэһии оҥостон илдьэ бара турда…

Оһоххо уот отуннулар. Түннүктэри астылар. Таһырдьа хайа сахха күн тахсан илиҥҥи күөх тыа маһын үрдүнэн күөгэйэ устан эрэр эбит.

Хамначчыт уолаттар Сыгынньах ойуун кыырар таҥаһын устан хомуйдулар. Кыргыттар остуол муҥунан ас тартылар. Ойуун кыырарыгар сылдьыбыт дьон бары аһаатылар. Ол аһыы олорон:

– Ол да иһин дэлэлээхтик көрдөөбөтөхпүт.

– Өрүскэ эрэ түһэн көстүбэт, – диэн ойуун көрүүлэниитин бигэргэтэн кэпсэттилэр.

Сыгынньах ойуун, ол күн өрөөн, аһаан, арыгылаан баран, көрүүлэммит соболоҥун – биир тиҥэһэ бургунаһы сэтиилэнэн, сиэбигэр харчыланан, икки ыҥыыр аттанан айгыстан дьиэтигэр төнүннэ.

Бу күнтэн ыла куһаҕан сурах бүтүн Бүлүүнү тилийэ көтөр: «Маайа өрүс кытылыгар киирэн ыйанан өлбүт маһыныын ууга барбыт үһү», «Харатаайап кулуба кыыһа ыйанан өлбүт үһү».

Оччотооҕуга бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи дууһатын таҥара ылбат үһү диэн итэҕэл баара. Оттон көмүллүбэтэх-харайыллыбатах киһи буоллаҕына илэ сылдьар үөр буолар ааттааҕа. Онон Маайа дьоно, кинилэр хамначчыттара олус куттаналлара, хайдах эрэ барыны барытын одуулаһа, иһиллии сылдьаллара, хараҥа буоллаҕына соҕотоҕун таһырдьа тахсыбат буолбуттара.




III


Сэмэн Харатаайаптаах муор-туор буолан олороллорун истэн, кинилэргэ урут сылдьар ыалдьыт сылдьыбат, хонор хоноһо хоммот буолбута.

Ылдьаана эмээхсин Сыгынньах ойуун көрүүлэнэн барыаҕыттан ыла бэрт өр сүрэҕинэн ыалдьан сыппыта, саҥардыы туран сылдьара. Кыыһын саныы түстэр эрэ:

– Оҕом Маайа сордоох дьиэбитин киэргэтэн олороохтообут эбит, – дии-дии ытаахтыыра.

Харатаайап кулуба кыыһа сүтүөҕүттэн ыла хайдах эрэ уҥуохтуун куччаабыкка дылы буолбута, биллэ-көстө кырдьыбыта, киҥэ-наара холлубута. Быраабатыгар киирдэҕинэ улуус суруксутун мөҥөн маргыйара, биир да киһини кытта үчүгэйдик, наллаан кэпсэппэт, биир да дьыаланы быһаарбат буолбута. Дьиэтигэр олорон, хамначчыт дьонун ыгара, мөҥөрө, үөҕэрэ. Тойоннорун киҥэ-наара алдьаммытыттан сылтаан, Харатаайаптаах үгүс сыллар усталара үлэлээбит хамначчыттара атын баайдарга барыталаабыттара.

Ылдьаана эмээхсин биир күһүҥҥү күн, оҕотун аһыытын кыайан тулуйумуна, дьиэтиттэн тахсан, аҕыс биэрэстэлээх, кумах ардайдаах сиһи сатыы туораан, Бүлүү өрүс кытылыгар киирдэ.

Бүлүү өрүһэ, сааскы халаанын саҕана икки хара сыырыттан ыла арыыларын талахтарын мэндээриччи таһыйан, күн уотун ыраас сардаҥатыгар үрүҥ-кыһыл көмүс өҥнөнө оонньуу турар бэйэтэ, уута быһа түһэн, дьара сирдэринэн арҕас кумахтара тахсан, онон-манан быстыах курдук синньээн сытар. Ылдьаана эмээхсин били Сыгынньах ойуун көрүүлэнэригэр эппитигэр маарынныыр быстан түһэ турар кумах сыыр үрдүгэр таҕыста. Бу кыыһым Маайа моҥнон өлбүт маһа турбут сирэ буолуо дии санаан тохтоото. Кини тахсыбыт үрдүк сыырын аннынан, уһун синньигэс хомо уу баарыгар, илдьирийбит эргэ арбаҕастаах балыксыт оҕонньор илим үтэн, тымныы ууга чомпойдоно, төттөрү-таары уста сылдьар.

Ыраах, алын диэки, аҕыс киһи, ханнык эрэ атыыһыт табаардаах аалын соһон, өрүс курустаал таас курдук ыраас салгына дьэргэлгэн буолан оонньууругар, быста-быста салҕанан, улаата-улаата кыччаан, биир сиргэ тэпсэҥнэһэн эймэҥнии сылдьаллар. Харатаайаптаах олорор Төгүрүк алаастара, төһө да киэҥҥэ дылытын иһин, өрүс киэҥ таһаатын, уһун ньуурун, кэрэ көрүҥүн кытта хантан кэлэн тэҥнэһиэ баарай?! Ол эрээри, Бүлүү өрүһүн күһүҥҥү көрүҥэ, сайаҕас салгына, балыксыт оҕонньор сордоох кыракый тыытынан сүүрүгү өрө-таҥнары устан мэскэйдэнэрэ, аал соһооччулар хамсыыллара Ылдьаана оҕотун Маайаны аһыйар санаатын кыайан аралдьыппатылар. Кини хатан хаалбыт хара буорга сөһүргэстии түстэ, бычалыйан тахсыбыт уулаах хараҕынан өрүс диэки көрө-көрө:

– Үтүрдьэхтээх бэйэбитин улаатыннарбыт, кыра бэйэбитин баччырдаабыт, үс үөстээх, үллэ турар быйаҥнаах Бүлүү эбэ хотунум! Мин сордооҕу, аанньа ахтыбата, маанылаабата диэҥҥин, суос-соҕотох оҕобор ымсыыраҥҥын, Маайабын ылбытыҥ буолуо дуо? Оо, оҕом Маайа эрэйдээҕи ылыаҥ кэриэтэ, биһиэхэ биэрбит баайгын-дуолгун барытын да ылбытыҥ буоллун ньии! Оҕом суоҕуна, баай да баар буолан мин сүрэхпин уоскутара биллибэт… – диэн алгыыр икки кырыыр икки ардынан ботугураан барда.

Итинтэн сиэттэрэн, Ылдьаана баай киһи уолугар Сэмэн Харатаайапка эргэ тахсарыгар дьоно, үөлээннээхтэрэ эппиттэрин өйдүү түстэ:

«Баайдык, үчүгэйдик олоруоҥ!»

«Ылдьаана, эн дьоллоох кыыс эбиккин!»

Суох, сымыйа! Кини баай киһиэхэ эргэ тахсан дьолломмото. Кини төрөппүттэрэ төһө да дьадаҥытык, тиийиммэттик олордоллор, кини дьонун аахха олорбут кэмин олус кэрэтик, олус үчүгэйдик ахта саныыра. Оччотооҕуга саас хаар хараарыыта, харалдьык тахсыыта хонууга сырыттахха сиртэн минньигэс, киһини итирдэр, этин-хаанын оонньотор көөнньөрүүлээх сыт аҥылыйар буолара. Ылдьаана баай ыал хотуна буолуоҕуттан ыла ол сааскы сир киһини итирдэр минньигэс сытын билбэт буолбута. Хантан билиэй, кини дьиэтин киилээх киэҥ тэлгэһэтин таһыгар тахсар кыаҕа суоҕа. Ханнык солотунан тахсыай: баай көрүүтэ-харайыыта элбэх.

Эргэ тахсыан иннинэ Ылдьаана дьоно дьиэлэрин таһыгар ыспыт бурдуктарын саһархай өҥнөөх араскыта бытыгыраан тахсарын көрөрө, кэтиирэ. Оо, сип-синньигэс бурдук араскыта хара буору дьөлө көтөн, бытыгыраан тахсара кини сүрэҕин хайдах долгутарай, үөрдэрэй?! Харатаайаптаах хас саас аайы уонунан буут бурдугу ыстарар ааттаахтара да, Ылдьаана манна бурдук көҕөрө бытыгыраан тахсан турарын көрбөт этэ. Көрдөр да, ол бэйэтэ оҕус сиэтэн, сири табыйан, кыраабылынан тарыйан ыспыт бурдугун курдук, кэрэтик көрөрө да биллибэт. Кини баай ыал ийэтэ буолуоҕуттан ыла матыыкка, кыраабыл угун туппатаҕа.

«Баай ыал хотуна буолаҥҥын, үлэлээбэккэ абыраныах кыыскын», – дэспиттэрэ Ылдьаана эргэ тахсарыгар дьүөгэ кыргыттара. Бэйэтэ даҕаны: «Кырдьык, сынньанан абыраныам!» – дии саныыра. Суох, ол сымыйа эбит. Кини үлэлии сылдьарын саҕана бэрт чэгиэн, сытыы кыыс этэ. Оттон эргэ тахсан үлэлээбэт буолуоҕуттан ыла этэ баата курдук сымнаан, сэниэтэ, күүһэ суох буолан барбыта.

Кыыс сылдьан күнүс үлэлээн өлө сылайан дьиэтигэр кэлэрэ. Киэһээ аһылыгын аһаан бүтээт, сайылык сыһыытыгар эдэр дьон мустан, үҥкүүлээн айманар саҥаларын иһиттэр эрэ, сылайбыта ааһа охсоро, үҥкүүгэ көтө-дайа сүүрэрэ. Ол бэйэтэ эргэ тахсыаҕыттан ыла үҥкүүгэ сылдьыбат буолбута. Эдэригэр биирдэ эмэ үҥкүүлүөн баҕардар да: «Харатаайап кинээс кэргэнэ ханнык эмэ дьахтарга дылы үҥкүүгэ сылдьар», – диэхтэрэ дии санаан туттунара. Онтон хойут, Сэмэн улуус кулубата буолтун кэннэ, үҥкүүгэ сылдьыа баара дуо?!

Эргэ тахсыан иннинэ Ылдьаана сайын, баҕа батаһа от сибэккилэнэн бүтүүтэ, аҕатынаан Дулҕалаах толооҥҥо от охсо киирэллэрэ. Маҥнайгы күннэригэр биир эмэ омурҕан устата сүмэлээх күөх оту көҥдөйдүү дайбаамахтаан баран дьиэлэригэр тахсаллара. Ийэлэрэ ол күн алаадьы алаадьылаан тоһуйара.

Оо, ол алаадьы барахсан минньигэһин, үчүгэйин эриэхсит! Ылдьаана хас сайын аайы ол маҥнайгы от охсо киирэр күннэрин «алаадьы сиэм этэ» диэн олус кэтэһэрэ. Оттон билигин күннэтэ аайы – алаадьы. Ол алаадьыны сиэн баҕарыахтааҕар, көрүөн да баҕарбат. Үлэлээбэт киһиэхэ ас да амтана суох буолар эбит…

«Ас, баҕар, буоллун даҕаны, оннооҕор таҥас биир оннук буолар эбит», – дии санаан ылла Ылдьаана. Кини аҕатынаан биир сайын баай Хаппытыанаптаахха оттообуттарыгар дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһы ылбыттара. Ону киниэхэ ырбаахы тигэн кэтэрдибиттэрэ. Оо, ол ырбаахытын кэтэригэр үөрбүтүн эриэхсит! Кини ырбаахытыгар холоонноох таҥастаах кыыс ханна да суоҕун курдук санаммыта. Оттон билигин кини таптаабыт таҥаһын таҥнар. Таҥаһа элбэх буолан, биир да таҥаһы күндүтүк көрбөт, үчүгэй дии санаабат. Тэлгэһэҕэ элбэх оту сүөһүгэ биэрдэххэ, ол от төһө да күөҕүн, минньигэһин иһин, сүөһү тэпсэ сылдьар үгэстээх. Киһи син ол курдук. Ылдьаана хаарыс-солко таҥастары кэһэ сылдьан таҥнара да, биирдэстэрин да, үлэлээн ылан кэппит сиидэс ырбаахытын курдук, күндүтүк санаабат этэ.

Күһүн, от-мас хагдарыйыыта, от-бурдук үлэтин бүтэрэн кэллэхтэринэ, ийэлэрэ малааһыннаан, эмиэ алаадьы алаадьылаабыт буолара. Ылдьаана ол алаадьы сытын алааһын саҕатыгар киирээт билэрэ. Ол уһун сайыннааҕы үлэ бүппүт күнэ кэрэтин кини хаһан умнуо баарай?! Оттон билигин сайыҥҥы үлэ бүтэр эрэ, бүппэт эрэ – Ылдьаана ону билбэт да этэ. Хантан билиэй, бэйэтэ үлэлээн сылайбат. Хамначчыттарын Сэмэн бэйэтэ үлэлэтэрэ.

Ылдьаана эргэ тахсыаҕыттан ыла бу бүгүн аан бастаан кэлэн былыр оттообут, сөтүөлээбит Бүлүүтүн өрүһүн кэрэ киэлитин көрө турар. Кини бүгүн сиртэн тахсар кэрэ сыты, ойуур дабаххай сыттаах минньигэс салгынын билбэккэ да манна киирдэ. Оннооҕор ойуур иһигэр ыллыыр чыычаахтар саҥаларын кини кулгааҕа ытыыр саҥа курдук истэр буолла.

Ылдьаана бу туран, эбэтин иччитигэр оҕотун ылбытын иһин хом санаатын барытын этэн, өрүс кытылын үрдүгэр бэрт өр сытан, уоскуйан баран, дьоно сүтүктээн олордохторуна, киэһэ борук-сорук буолуута дьиэтигэр киирдэ.


* * *

Хагдарыйбыт мутукча, хатыҥ, тэтиҥ сэбирдэҕэ, күһүҥҥү «көтөҕө тэбиир» күүстээх тыалтан, хаар курдук, саккырыы тохтон бүттэ. Хаара суох хара тоҥот күһүн буолла. Ынахтар, сииктээх хара муннуларынан, хагдарыйбыт оту сыллаан көрө-көрө, дьиэлэригэр аччык төннөллөр, маҥыраһа-маҥыраһа тэлгэһэттэн арахпаттар.

– Хаар түһээри гыммыт, сүөһү дьиэ таһыттан арахпат буолбут, – диэн кырдьаҕастар тойонноотулар.

Кырдьык, аҕыйах хонугунан кыстык хаар түстэ. Күннэр, нэдиэлэлэр, ыйдар, илим хотоҕоһо ойбонтон тахсарын курдук, утуу-субуу кэлэн ааһан истилэр. Харатаайап кулубалаах кыыстара Маайа маҥнай сүттэҕин утаата, кини аатын күҥҥэ сүүстэ ахталлара, ааттыыллара. Күн, ый ааһан истэҕин аайы, Маайа таҥастаах дьааһыгын үрдүгэр куоппас төһө халыҥыыр да, кини аата соччо аҕыйахтык ахтыллар буолан барда. Киһи тыыннааҕар, баарыгар дьон тылыттан түспэт. Оттон өллүн, суох буоллун, кини аата маҥнай утаа ааттаммахтаан баран, кэлин, күннээҕи түбүккэ үтүрүйтэрэн, улам умнуллан, аҕыйахтык ахтыллар буолан иһээччи. Арай ийэ эрэ оҕотун аатын хаһан да умнубат, мэлдьи саныы, ахта сылдьааччы. Кини өллөҕүнэ эрэ оҕотун туһунан санаабат, аһыйбат буолаахтыаҕа!

Ыкса күһүн буолуута дьон-сэргэ ортотугар:

– Харатаайаптаах моҥнон өлбүт кыыстара Маайа үөр буолан сылдьарын көрбүттэр, – диэн кэпсээн тарҕанна.

Итинник кэпсээннэртэн Харатаайаптаах чугастарыгар олорор ыаллар киэһэ хараҥа буоллаҕына таһырдьа тахсыахтарын дьулахачыйар буоллулар. «Киһи тыла игиитээҕэр сытыы» диэн өс хоһооно баар. Ити кэпсэтии Харатаайаптаах хамначчыт дьонноругар тиийдэ. Куттас сүрэхтээх кыргыттар аны хотонноругар соҕотоҕун киирбэт буолан хааллылар. От-мас тиэйэр хамначчыт уолаттар эмиэ ону-маны көрбүт, истибит буолан кэпсээтилэр.

Саха киһитин балаҕан иһигэр хаайар кыыдааннаах кыһын ааһар, хаар ууллар, сир кырса көҕөрөр. Уһун кыһын устата хаайтаран олорбут оҕолор, дьахталлар билсэр ыалларыгар ыалдьыттыыллар, кэлэллэр-бараллар, Маайа туһунан кэпсэтэллэр, эбэллэр, күүркэтэллэр…

Сүөкүлэ кыыс хас киэһэ аайы ынахтарын ыы бардар эрэ Маайаны саныыра, куттанара. Били былырыын Маайа ыабыт ынахтарын быйыл кини ыыра.

Биир киэһэ Сүөкүлэ кыыс Хотоонойго ньирэйин ыытан эмнэрээри гыммыта, ынаҕа тоҕо эрэ сүгүн турбата, тэбиэлэннэ, муннун бууһурҕата-бууһурҕата, хараҕын дьүккэтинэн көрүтэлээтэ. Сүөкүлэ:»Маайа үөрэ хотон иһигэр сылдьарын ынах биллэҕэ», – дии саныырын кытта, этэ тымныйа, дырылыы түстэ. «Ханна турарый?» – диэн тула өттүн көрүммэхтээтэ. Суох, Маайа ханна да баара көстүбэт. Кыыс онтон ордук куттанна. Сатаатар, ынах ыыр кыргыттар баран хаалбыттар, соҕотоҕун хаалбыт.

Куттанарыттан хараҕа ирим-дьирим буолла. Ньирэйин ситэ эмнэрбэккэ эрэ быатыттан соһон баайан бооччойдо. Түргэн бэйэлээхтик олоро түһэн, ынаҕын ыары эмиийин чопчутун туппахтаабытыгар, ынаҕа тэбиэлэннэ. Кыыс: «Тохто-о!» – диэн ынаҕын буойан хаһыытыах санаалааҕа да, айаҕыттан тыла тахсыбата. Ол олордоҕуна ким эрэ кинини көхсүгэр аста. Кыыс хатан баҕайытык часкыйбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Бэйэтин хаһыытыттан куттанан, ыаҕастаах үүтүн тоҕо бырахта уонна хотон иһиттэн иирбит курдук сүүрэн таҕыста. Балаҕаҥҥа киирэн оронугар умса баран түстэ.

– Сүөкүлэ үүтүн тоҕо бырахпыт… Ньирэйин баайбатах, – диэн кыргыттар хотуннарыгар тахсан эттилэр. Ылдьаана, туох буолбутун билээри, балаҕаҥҥа барда.

– Хотуой, бу туох буоллуҥ? – Сүөкүлэ кыыһы эҥил баһыттан тардыалыы-тардыалыы, хотун ыйытта. Кыыс туох да диэн булбата: бу киэһэ ыабыт икки ынаҕын үүтүн тохпут буруйдаах, ньирэйин баайбакка, ынаҕын эмтэрэн кэбиспитэ эмиэ буруй, онуоха эбии куттаммыта биир оччо.

– Кыыспыт таарымталаммыт, – дэстилэр кыргыттар.

Итини истээт Сүөкүлэҕэ санаа көтөн түһэр: «Мөҕүллүөм кэриэтэ, таарымталаммыта буолан, мэнэрийиминэ». Инньэ дии санаат, кыыс Маайа үөрүнэн, кини саҥатын үтүктэн мэнэрийэн барда.

Ыччакабын да-а!
Тоҥнохпун да-а!
Эриэн ситии быа
Хам туттаҕын да-а!
Мин сордоох
Эппин-хааммын
Сир Ийэ ылымына
Илэ сырыттаҕым!
Ыччакабын да-а!
Тоҥнохпун да-а!
Ийэлээх аҕам
Ииппит-аһаппыт
Иэримэ дьиэлэрин
Буулаан буллаҕым!

Кыыс мэнэрийэриттэн балаҕан иһигэр баар дьон бары куттаннылар. Хотуннара ытыы-ытыы тахсан барда. Кыргыттар: «Маайа ханна эрэ турда?» – диэбиттии балаҕан хараҥа муннуктарын көрөллөр-истэллэр.

Бу күнтэн ыла хоспоххо сытар хаппыт кур тириини аччык кутуйах кирэрэ, ханна эрэ чабычах туоһун тарбаан хачыгыратара барыта дьону куттуура. Сайыҥҥы куйааска дьиэ эркинин маһа хайыта хатан тыһыргыыра, аһаҕас турар аанынан дьиэ иһигэр салгын киирэн тугу эмэни хамсатара барыта «Маайа үөрэ» диэн ааттанар буолбута.

Сүөкүлэ Маайа үөрүнэн мэнэрийбитэ аҕыйах хонук ааһыыта, Кэтириис ыыр ынаҕын эмиийэ хайыта хатан чопчутун туттарбат буолбута. Ыанарыгар тэбиэлэнэрин иһин, атахтарын кыаһылаары, быа ыла кыһыҥҥы хотонноругар барар. Эрдэ этэ, күн киирэ илигэ. Ол эрээри Кэтириис хотон иһигэр куттана-куттана киирбитэ. Баҕанаҕа баайыллан турар быаны ылаары кини түргэн баҕайытык харбыалаһан баран иһэн, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: Маайа сирэйэ кубарыйан баран, моонньугар эриэн ситии быалаах турара. Кэтириис куттанан часкыйа түһээт төттөрү ыстанар. Хотунугар Ылдьаанаҕа сүүрэн мэҥийэн кэлэн:

– Маайа… хотон иһигэр… – дии-дии, тэтиҥ мас сэбирдэҕэ тыалга хамсыырын курдук, титирэстиир.

– Чэ, барыах, көрдөр! – диэн баран Ылдьаана кыыһы илиититтэн сиэтэн, хотоҥҥо илдьэ барар. «Оҕом Маайа ама да үөр буолбутун иһин… дьон хараҕар көстөр, миэхэ тоҕо көстүбэтий?» – Ылдьаана көрдөр эрэ этэр санаалааҕа: «Маайа, биһиги эйигин атаҕастаан да, баттаан да куһаҕан суолга аспатахпыт. Туох буолан биһиги олохпутун айгыратар, алдьатар санааланныҥ?» – диэн.

Кэтириис кыыс хотон ааныгар кэлээт, куттанан илиитин туура садьыйан ылаат, куотан тэлээрэ турбута.

– Хотуой! Ханна бардыҥ?.. Тохтоо! – диэн Ылдьаана хаһыытаан көрбүтэ да, кыыс истиэх эрэ быһыыта суоҕа.

Ылдьаана хотон иһигэр киирэр, одуулаһар. Хотон иһигэр ким да суоҕа. Арай эркинин сыбаҕа түспүт сирдэринэн күн уота баҕанаҕа тыган, киһи сирэйин курдук, кэлтэччи кылбайан турара. Хотон иһин биир гына кэрийэн баран, тугу да булбакка тахсар.

Үөр буолбут кыыһын Ылдьаана көрсүбүтэ да буоллар, куттанар санаата суоҕа. Ол эрээри хотон иһигэр ким да суоҕуттан, хата, тахсан иһэн этин сааһа тымныйталаан ылыталаабыта.

Кэтириис кыыс хотон иһигэр Маайаны моонньугар быа муомахтаах сылдьарын көрдүм диэн кэпсээн, дьону куттааһына Маайа үөр буолан сылдьар дэһэллэрин күүһүрдүбүтэ. Бу кыыс хаһан да сымыйалаабат кыыс этэ.

«Орто Бүлүү улууһун кулубатын кыыһа эргэ тахсыбыта табыллыбатаҕыттан моҥнон өлбүт. Билигин дьонун аах дьиэлэригэр илэ кэриэтэ сылдьар үһү. Эдэр, мааны киһи хоноһолоннохторуна, түүн хоонньугар киирэр үһү. Ол иһин билигин ким да кинилэр дьиэлэригэр сылдьыбат, кинилэргэ хоммот буолбут», – диэн кэпсээн тарҕанан, ыраатан истэҕин ахсын улам эбиллэн, сүрдэнэн-кэптэнэн барбыта.

Итинник кэпсээннэр, биллэн турар, Харатаайап кулубалаах кулгаахтарыгар эмиэ тиийэллэрэ. Сэмэн Уйбаанабыс, кэргэнин кытта баччааҥҥа диэри тэҥнээх доҕор курдук кэпсэппэтэх бэйэтэ, сүбэлэһэргэ быһаарынна:

– Олохпут сатамматыгар тиийдэ… Оҕобут… сүгүн олордумаары гынна. Дьэ, тугу гынабыт… Хайдах буолабыт?

Ылдьаана үөһэ тыынан ылла. Оҕотун туһунан санаан ытыахча аҕай буолан олордо:

– Оҕом эрэйдээх көрсүө, үчүгэй да майгылаах этэ… Ити «көрдүбүт», «иһиттибит» диэн кэпсииллэрэ, ама, кырдьык буолуо дуо?.. Мин итэҕэйбэппин ээ. Оҕом Маайа, дьон кэпсиирин курдук, сылдьара буоллар, ама, мин харахпар көстүбэт бэйэлээх буолуо этэ дуо?..

– Эн биһиги харахпытыгар көстүбэтэҕин иһин, дьон барыта көрөр ээ, – диэтэ Харатаайап оҕонньор. Кини кыыһа сүтүөҕүттэн ыла улаханнык кырдьыбыт көрүҥнэммитэ: сирэйин тириитэ мыччыстыбыта, баттаҕа эмискэ маҥхайан барбыта, бэл, уҥуоҕа да аччаабыкка дылы буолбута. Кини аҕыйах сыллааҕыта тыыллан-хабыллан сылдьарын көрбүт киһи: «Ама бу били Харатаайап кулуба үһүө», – диэх курдуга.

– Күннэтэ аайы быраабаҕа киирэҕин дии, таҥара дьиэтигэр… Сиилин аҕабыыкка сылдьан кэпсэтиэххин… Баҕар, мэлиибэн ыллаатаҕына сүтүө этэ…

Нөҥүө күнүгэр Сэмэн Уйбаанабыс Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирэн Сиилин аҕабыыты көрүстэ. Баачыка кинилэр кыыстара сүппүтүн, билигин үөр буола сылдьар диэн кэпсээн тарҕаммытын барытын бэрт үчүгэйдик истэн, билэн олороро. Кини киһи үөр буоларын букатын итэҕэйбэтэр да, Харатаайап кулуба эппитин кырдьык-хордьук иһиттэ:

– Мэлиибэн ыллыахха, сибэтиэй уунан дьиэҕитин ыһыахха наада…

Сэмэн Харатаайап ол киэһэ дьиэтигэр Сиилин аҕабыыты илдьэ таҕыста. Аҕабыыт мэлиибэн ыллаата, «сибэтиэй» уунан дьиэ иһин ыста.

Сиилин аҕабыыт мэлиибэн ыллаабытын да кэннэ дьон «Маайа үөрүн» көрөллөрө, тыаһын истэллэрэ уурайбатаҕа. Хата «итиннэ көрдүбүт», «манна иһиттибит» дэһээччилэр өссө улам элбээн, хойдон испиттэрэ.

Харатаайап оҕонньор нөҥүө кыһыныгар кыайан тулуйумуна, ханна барбытын кимиэхэ да биллэрбэккэ эрэ, бэрт кистэлэҥинэн Сыгынньах ойууҥҥа сүбэлэтэ-амалата барбыта.




IV


Сэмэн Харатаайап Сыгынньах ойууннаахха кыһыҥҥы күн ортотун саҕана тиийдэ. Атын, тэлгэһэҕэ киллэрэн, үс салаалаах сэргэҕэ баайда, бэйэтэ, таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ, дьиэ ааныгар кэлэн тохтоото. Сиргэ тимирбит курдук, туруорбах балаҕан аана саадьаҕай ынах тириитинэн саҥа бүрүллүбүт. Оһох турбатыттан кыым былаастаах борооххой буруо унаарыйан тахсар. Дьиэ кэннинээҕи далга аҕыйах сүөһү аһыы сылдьар. Дьиэ аанын икки өттүгэр тымтыгынан оҥоһуллубут эмэгэттэр хороччу анньыллан тураллар.

Харатаайап кулуба дьиэ иһигэр киирэр. Муус түннүктээх дьиэ иһэ таһырдьаттан киирбит киһиэхэ иин иһин курдук хараҥаран көһүннэ. Оһоххо уот умайан кылаҥныыр. Оһох иннигэр Сыгынньах ойуун, ырбаахытын устан, сиһин уокка сылыта олорор. Хаҥас диэки сылгы кылын курдук хоччоххой баттахтаах, уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлээбит, суптугур сэҥийэлээх, туохтан эрэ кыыһырбыкка дылы көрүҥнээх Алыһардаах удаҕан тугу эрэ бэрийэ сылдьар.

Харатаайап киирбитигэр дьиэлээх тойон да, хотун да киһи киирдэ диэн дорооболоспотулар, кэпсэппэтилэр.

Харатаайап, кэтэҕэриин ороҥҥо олорон дьиэлээхтэр кэпсэтэллэрин көһүтэн көрөн баран, быстыа дуо, кыһалҕатын кэпсээн барда:

– Кырдьаҕастарым, эһиги эрэ көмөлөстөххүтүнэ, буруо таһааран, ыал буолан олорор кэммит кэллэ.

Сыгынньах ойуун Харатаайап диэки үс муннуктааҕынан көрүтэлээн ылла да, тугу да саҥарбата. Оттон Алыһардаах удаҕан хайдах эрэ хаанныын кубулуйарга дылы буолла.

Харатаайап кулуба билиҥҥэ диэри тылын ылыннарбатаҕа диэн суоҕа. Оччотооҕуга улуус кулубата диэн бэйэтэ биир туспа муҥур ыраахтааҕы этэ. Киниттэн оннооҕор баайдар куттаналлара, толлоллоро, эгэ кэлэн дьадаҥы, үлэһит-хамначчыт дьон эрэйдээх кыбыстыбаттаах бэйэлээх буолуохтара дуо. Онтон да атын буолуон сатаммат этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕынан хас бырааба аайы үрээнньиктэр ананаллара. Кинилэр улуус кулубатын этиитин барытын толорор эбээһинэстээхтэрэ. Хас бырааба аттын аайы «сибииккэ» диэн түннүгэ-үөлэһэ суох хаайыы ампаара турара. Онно улуус кулубатын ыйааҕынан ол үрээнньиктэр буруйдаах киһини хаайаллара. Саха, былыр-былыргыттан бэйэтин киэҥ дойдутугар туох да хаайыыта, хаарчаҕа суох сылдьа үөрэммит буолан, «сибииккэҕэ» олорорун өлөргө тэҥниирэ. Онон улуустар кулубалара бэйэлэрин тустарыгар олус суостаах, кутталлаах тойоттор этилэр.

– Тылбын быһа гыныахтара суоҕа, көмөлөһүөхтэрэ диэн кэлэн олоробун, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс көрдөһүүтүн түмүктүүр.

Сыгынньах ойуун, ыалдьытын диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлээт, оһох уота көхсүн олус сырайбытыттан олоппостуун сыҕарыс гынар.

– Киһи куйахата күүрүөх, бу туох ааттаах тыллаах-өстөөх кэллиҥ? – диэн ыйытан баран, хоруйун истибэккэ эрэ өгдөс гынан, уот иннигэр өһүөҕэ анньыллан турар дүҥүрүн сулбу тардан ылар, хаста да охсон ньиргитэр:

– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба! Иннигэр арыалдьыттаах, кэннигэр сэтиилээх киһи кэлэн аҕай олорор эбиккин ньии!

Харатаайап: «Миигин кытта ол ким кэлэн олороруй?» – диэбиттии тула өттүн көрүнэр да, ким да суох. Ким да суоҕуттан хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, тыбыс-тымныы кымырдаҕастар төбөтүн оройуттан уллуҥаҕын хараҕар диэри сүүрэкэлииллэр.

– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба-ба! Моҥнон өлбүт кыыс оҕо айыыта эн дьиэҕин буулаан булбут! А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба-ба! Хааҕыргыыр хара суор буолан иннигэр-кэннигэр түһэн, манна батыһан кэлбит эбит ньии! А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Кини буулаан булбут үөрүн халбарыппат эбит буоллаххына, имири эстииһиккит, уоккут умуллууһук, оһоххут тоҥууһук, үөлэскит кырыарыыһык, түннүккүт оҥойууһук. Олоро сылдьыбыт сиргитигэр төҥүргэскит хоруорууһук, баайгыт-токкут барыта бараныыһык, уруугут-дьоҥҥут өлөн бүтүүһүктэр ньии!

Дьиэлээх кырдьаҕас кэпсэтэрин оннугар кыыра-кутура көрсүбүтүттэн Харатаайап олус куттанна. Манна кэлэрин туһунан кимиэхэ даҕаны биллэрбэтэҕэ, ол үрдүнэн, үөр буолбут кыыһа батыһан кэлбит. Дьэ ити кэннэ кини хайдах ыал буолан, буруо таһааран олоруой?

«Суор буолан батыспыт», – диэн санаа кини өйүгэр көтөн түһэр. Кырдьык, Быракаан үрэҕин тэҥкэтигэр биир суор хааҕыргыы-хааҕыргыы үрдүнэн көтөн ааспыта.

– Ытык кырдьаҕас, олорбут олохпут олох буолбатыгар тиийдэ. Күн буолуҥ, ый буолуҥ – абырааҥ! – диэн эмиэ көрдөстө.

Сыгынньах ойуун дүҥүрүн сэбэргэнэҕэ «дар» гына бырахта. Хайдах эрэ тыына тахсыбыт, санаата көммүт курдук дьүһүннэннэ, уотун инниттэн тэйэн, ырбаахытын кэтэн, ыалдьытыгар кэлэн, дьэ, илиитин биэрдэ.

– Мин сүбэм диэн туох кэлээхтиэй, бэйэтинэн илэ кэриэтэ сылдьар буолбут үөрү бу эргиннээҕи ойууннартан кыайан үтэйиэх баарын билбэтим, – диэтэ.

Алыһардаах удаҕан чаанньыкка чэй оргутан аҕалан ыалдьытыгар кутта. Кини бэйэтин туһугар эмиэ аатын киһи ааттаабат, оҕонньорунааҕар ордук хомуһуннаах удаҕан этэ. Кини туһунан эмиэ бэрт элбэх кэпсээн, сэһэн баара. Холобура, хайдах «удаҕанын» дьонугар биллэрбитин туһунан бу курдук кэпсииллэр:

«Дьоно ойууна да, удаҕана да суох син эн, мин курдук ама дьон эбиттэрэ үһү. Арай биирдэ кыыстарын иһэ улааппытын өйдөөн көрбүттэр. Биллэн турар, эргэ тахсыбакка сылдьар кыыс хат буолан хаалара улахан сааттаах суол.

– Хотуок, туохтан бу курдук иһиҥ үлүннэ? – диэн дьоно кыыстарыттан ыйыппыттар.

Кыыстара хайдах эрэ кирик-хорук туттан баран:

– Куттанымаҥ. Мин биир ойууну кытта хатыһан охсуспутум. Ол ойуунум аллараа дойду Хатыыстаах күөлүгэр таҥнары сүнньүөхтээх алыһар балык буолан умсубутун мин хахаарар таллан куоҕас буоламмын кэнниттэн эккирэппитим, ситэн ылан ыйыстан кэбиспитим. Ол иһин иһим улахан, – диэбит.

Ойуун, удаҕан диэн киһи эрэ барыта сөбүлээбэт суола. Аҕата хатыс быаны ылан:

«Эн баҕас эмиэ ойуун-удаҕан буола оонньообут буола-буолаҕын», – дии-дии кыыһын дэлби таһыйбыт.

Ол таһыйа сылдьан биирдэ өйдөөн көрбүтэ: кыыһын буолбакка, тиэргэнин ортотугар турар тойон сэргэтин таһыйа сылдьар эбит.

Дьэ онтон ыла дьоно кыыстарын саҥарбат буолбуттар. Аҕыйах хонон баран кыыстара сүтэн хаалбыт.

– Били баҕайы ойуурга тахсан туох эрэ буолла быһыылаах, эр дьон тахсан көрбөккүт ээ, – диэн онуоха ийэлэрэ дьонун соруйбут.

Дьоно ойуурга тахсан кыыһы көрдөөбүттэр. «Абааһы кыыһа хат буолбут саатыттан моҥнон өллөҕө», – дии санаабыттар. Арай ол көрдүү сылдьан көрбүттэрэ: кыыстара биир уот хараарда сиэбит чөҥөчөгүн төрдүгэр, хаан-сиин буолан баран, улахан баҕайы хааннаах алыһары тутан олорор үһү. Кинилэр кэлбиттэригэр кыыһыран хайысхаламмыт уонна эппит:

– Киэр буолуҥ, бэйэм кинини дьаһайыам!

Дьоно оннук үлүгэри көрөн баран туруохтара баара дуо, дьиэлэригэр төннөн киирбиттэр. Кыыстара ол күн киэһэ киирэн сыппыт. Били үллүбүт иһэ суох буолан хаалбыт үһү. Онтон ыла бу кыыс «Алыһардаах удаҕан» диэн аатырбыт. Аҕыйах сыл буолан баран Сыгынньах ойууҥҥа эргэ тахсыбыт».

Алыһардаах удаҕан оҕонньор Харатаайап кулубаны кытта кэпсэтэрин истэ олорон:

– Кыра ойууттарга кыайтарбатах баҕайыта ини, – диэн алын сыҥаах буолла.

Онуоха Харатаайап ыксаата. «Бу кырдьаҕастар ити курдук этэр буоллахтарына, атын ханнык ойуун кыайан үтэйиэ баарай?» – дии санаата.

Харатаайап оҕонньор таһырдьа тахсан атын хабыалата сылдьан көрбүтэ: дал кэтэҕэр, үрдүк тиит төбөтүгэр биир хара суор хааҕыргыы олорор. «Ити Маайа үөрэ сырыттаҕа», – дии санаан оҕонньор улаханнык куттанна. «Кэһии» оҥостон аҕалбыт икки иһит арыгытын уонна сылгы хаһалаах икки ойоҕоһун тутан дьиэҕэ киирдэ.

Остуолга икки иһит арыгы, харах уутун курдук, дьэҥкэрэн тураллара, эмис сылгы ойоҕоһо ууруллубута дьиэлээхтэр харахтарын абылаата.

– Бу ойоҕостору кыралаан аҕалбаккыт ээ, – диэн Харатаайап көрдөстө.

Сыгынньах ойуун хап-сабар туран, сылгы ойоҕоһун кыралаан аҕалла. Харатаайап буор чааскылары толору арыгы кутан бычалытта. Алыһардаах удаҕан чааскылаах арыгытыттан уокка бэристэ.

Иккис бытыылка түгэҕэ кууруута Сыгынньах ойуун хаана сымнаата. Алыһардаах удаҕан айаҕа аһылынна. Кинилэр, Харатаайап кулуба көрдөһүүтүн быһа гынымына, сөбүлэһиэх курдук буоллулар.

– Эһиги оҕоҕут үөрүн энньэлээн-сэтиилээн үтэйэн көрдөххө эрэ кыайтарара буолуо… Онно үс ойуунтан итэҕэһэ суох буоллахха эрэ кыайтарыан сөп, – диэтэ Сыгынньах ойуун.

– Сүбэлээбиччэ сүбэлээҥ, үһүс кырдьаҕаһы кими көрдөһөбүнүй? – диэн Харатаайап ыйытта.

Сыгынньах ойуун Алыһардаах удаҕанныын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.

– Төһө да Чэмэй абааһы эрэ ойууна буоллар, илии-атах буолан син сылдьыһыа, Ньээкээ ойуун баҕайыны ыҥыран көр. – Итинтэн салгыы сүбэлээтэ: – Кэрэҕэ суох сүгүн үтэттэрбэтэ буолуо, онон атыырыҥ үөрүттэн быа түһэ илик ала биэни туттаран баайтаран кэбис. Биһиги үс хонон баран, киэһэ күн киириитэ тиийиэхпит. Ньээкээ ойууну ол кэмҥэ булан аҕалаарыҥ.

Сэмэн Харатаайап мантан быһа инньэ чочулар аттыларыгар олохтоох Ньээкээ ойууну көрдөһө-ааттаһа барда.




V


Сэмэн Харатаайап, түбүк бөҕөнү көрөн, үс ойууну булла. Кэрэх ыйыырга анаан атыырын үөрүттэн хончойор сааллаах, төгүрүк самыылаах ала биэни туттарда. Ойуурга тахсан эмэх маһы булан киллэрэн, дьахтарга маарынныыр эмэгэт быстардылар. Ол эмэх эмэгэккэ Маайа мааны таҥаһын бастыҥын: бэдэр кэтэхтээх, буобура тулалаах, иннигэр үрүҥ көмүс туоһахталаах, кыһыл сукуна быалаах дьабака бэргэһэтин кэтэртилэр, икки кулгааҕар тоҕус сүһүөхтээх көмүс ытарҕаны ииллилэр. Истиин-тастыын хонуу буобуратыттан тигиллибит оноолоох сонунан сонноотулар. Үрүҥ көмүс кылдьыы симэҕин моонньугар кэтэртилэр. Оҕуруо тиһии сүһүөхтэрдээх илин-кэлин кэбиһэр симэҕин баайдылар. Синньигэс биилинэн, арсыын кэтиттээх, бытырыыстаах солко курунан курдаатылар. Атахтарыгар оҕуруо оһуордаах түнэ этэрбэһи, илиилэригэр буобура билэлээх бөрө тыһа үтүлүктэри кэтэртилэр. Ити барыта Маайа эргэ сүктэн барарыгар кэтиэхтээх таҥаһа этэ. Ол курдук таҥыннаран баран, эмэгэти Маайа утуйар хаппахчытын иһигэр киллэрэн сытыардылар, бэдэр тириитэ суорҕанынан саптылар.

Ылдьаана сордоох, оҕотун Маайа оронугар эмэх эмэгэт сытарын көрө-көрө, ытаан сордоно сырытта. Харатаайап харахтаах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтинэн дьиэттэн ыраах, ойуур иһигэр, хоруоп оҥорторон бэлэмнэттэ.

Күрэххэ анаммыт биэ баайыллыбыта үһүс хонуга туолуута Харатаайаптаах дьиэлэригэр үс ойуун кэллэ. Кинилэргэ арыгы иһэртилэр, ас маанытын аһаттылар. Ойууннар ама дьон курдук хонон турдулар. Сарсыарда кинилэр кэрэххэ анаммыт биэни, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэти көрөттөөтүлэр, хос иһигэр үһүөйэҕин хаалан тугу эрэ бэрт өр сүбэлэстилэр. Дьэ ол кэнниттэн кыырар таҥастарын, дүҥүрдэрин киллэртэрэн куурда уурдардылар. Кыырар хосторун кэтэҕэрииҥҥи түннүгүн тыгар саҥа сэргэ туруортардылар.

Киэһэ аһылык кэнниттэн Сыгынньах ойуун кэрэх биэтин аҕалтаран саҥа сэргэҕэ, түннүк аттыгар баайтарда. Хаҥыл биэ барахсан, дьиэ иһигэр хас киһи саҥатыттан, кыра да тыастан барытыттан үргэн, муннун тыаһа хап-хаһыҥырас буолла, сэргэтин кытта өрө туста, мөхсө турда.

Ойууннар кыыралларын көрөөрү эдэр уолаттар, кыргыттар сыбыытастылар. Чугастааҕы ыаллар бары кэллилэр. Урут чугас эргининэн үс ойуун биирдэ кыырбыта диэн суоҕа. Ол да иһин элбэх киһи муһунна.

Ойууннар кыырар аан хосторун түннүгүн-үөлэһин саптардылар, оһох уотун бүрүйтэрдилэр. Улахан ыаҕаска суоратынан ымдаан оҥорторон, биэ баайыллан турар түннүгүн анныгар туруортардылар. Дьэ ол кэнниттэн оһох иннигэр үс олбоҕу уурдаран баран, кыырар таҥастарын таҥыннылар, дүҥүрдээх былаайахтарын ыллылар. Сыгынньах ойуун бастаан, кини уҥа өттүгэр Ньээкээ ойуун, хаҥас өттүгэр Алыһардаах удаҕан ытарҕалаан:

– Үөһэттэн үлүгэрдээх үргүөр үргүйүмэ! Аллараттан алдьархайдаах аргыар аргыйыма! – диэн алҕаан, үс төгүл эргийэн баран, олбохторугар олордулар. Дүҥүрдэрин дөр-дөр охсо-охсо, абааһыларын ыҥыран иһиирэн сирилэттилэр, кэҕэлээн чоҥуйдулар, куоҕастаан хахаардылар, чөкчөҥөлөөн чобурҕаатылар. Дьэ онтон кутуран илгистэн бардылар:

– А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Үөһэттэн уһуллубут, үрдүктэн айыллыбыт, үргэл сулус үктэллээх, үс хороҥнуур бастаах Өксөкү кыыл эмэгэттэрбит, өлбөт үҥэр таҥараларбыт, бэттэх-бэттэх буолуҥ!

А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Уолах тиит быһаҕаһын саҕа уот моҕой тыллаах, хаардаах харыйа саҕа күөх ньалаҕай тыллаах, сэттэ бэлэс сиэмэх хааннаах эмэгэттэрбит, бэттэх-бэттэх буолуҥ!

Итинтэн салгыы, кэдэрги таттарбыт, кэлтэгэй атахтаах кээлээни абааһыларын киллэрэн, хос иһин эргийэ хааман:

– Аҕыс халлаан анараа өттүттэн, ааһан-туораан кэллим эбээт! Хайа, туох аһатар астаах, сиэтэр симэһиннээх буолаайаҕыат? – диэн Кээлээни абааһылара ас көрдөөтүлэр.

– Аһатар аспыт адьас суох, сиэтэр симэһиммит букатын суох! – диэн кулуба тойон бөөҕүнээтэ, мэлдьэстэ.

Утаа соҕус ону-маны тиҥсирийэн, оһох холумтанын тула хаампахтаан баран:

– Ыраах сиртэн ыксаан кэллибит, хайа, эргэ наадыйар субан кыргыттар, манна бааргыт буолаарай? – диэн айдаардылар.

– Суох, манна тоҕус уоннарын туолан токуйа кырдьыбыт эмэх эмээхситтэр эрэ бааллар! – диэн дьиэлээх киһи, Харатаайап кулуба, мэлдьэстэ.

– Оччоҕо ойоххо наадыйар уолан дьон олороргут буолаарай?

Ойуун кыырарыгар уруккуттан сылдьар дьон Кээлээни киирэн кэбилэниитин билэр буоланнар:

– Кэбис, тохтооҥ, киэр кэбэлийиҥ! Манна эһиги көрдүүргүт суох. Үрдүк өһүөлээхтэринэн, киэҥ түннүктээхтэринэн кэбэлийиҥ! – диэн хаһыытастылар.

Ойууннар, кээлээнилэрин киэр атаартаан баран, аны Төгүрүк алаас иччитин, чугастааҕы дойду иччилэрин алҕаатылар, ааттастылар.

Киэһэ халлаан илин иититтэн өрө көтөн тахсыбыт үргэл сулус халлаан оройун ааһан арҕаа диэки таҥнары хойуостан түһэн барар. Ойууннар аны абааһыларын: «Мантан барымаҥ», – диэн ааттаһан-көрдөһөн баран, уот отуннараллар, тохтууллар.

Ойууннар маҥнайгы түүннээҕи кыырыылара манан бүтэр. Дьон һуу-һаа буолан туран таҥналлар. Чугас дьиэлээхтэр дьиэлэригэр тарҕаһаллар, ыраах дьиэлээхтэр таһырдьа хамначчыттар балаҕаннарыгар хоно тахсаллар.

Иккис киэһэтигэр ойууннар эмиэ арыгыны амсайбаттар, аһы даҕаны аанньа аһаабаттар.

«Бу түүн Маайа үөрүн туталлара буолуо», – дии санаан, бэҕэһээ түүннээҕэр элбэх киһи мустар. Ойууннар кыырар хосторун оһоҕун толору уот отуннараллар, кэрэх биэ бааллан турар түннүгүн ыллараллар.

Эмиэ, били бастакы киэһэлэрин курдук, оһох иннигэр үс олбоҕу уурдараллар. Сыгынньах ойуун эмиэ бастыыр. Кинилэр, кутура-кутура, олбохторун үс төгүл эргийэллэр, абааһыларын ыҥыртыыллар.

Түннүк таһыгар турар хаҥыл биэ дүҥүр тыаһыттан куттанан кэтэҕинэн тиэстэн, хаһыҥыраан барар. Сыгынньах ойуун дүҥүрүн-былаайаҕын олбоҕор хаалларан баран, түннүк аттыгар кэлэр. Кини киҥир-хаҥыр кутура-кутура кэлэн ымдааннаах ыаҕаһы биэ диэки дьалкыппахтыыр. Хаҥыл сылгы, таныытын тарылата-тарылата, тиэрэ түһүтэлиир. Онтон сыт ылан, уулаабатаҕа биэс хоммута ыксатан ымдааннаах ыаҕаска муннун уган омурдан ылар. Сыгынньах ойуун, аргыый аҕай кутуран киҥинэйэ-киҥинэйэ, ыаҕастаах ымдаанын дьиэ иһигэр киллэрэр. Биэ ымдааны, дьиэ иһигэр төбөтүн уган, иһэн кэбиһэр.

Дьиэ иһигэр мустан олорор дьон, сип-сибилигин аҕай кустуу мөхсө турбут биэ түннүгүнэн төбөтүн уган ыаҕастаах ымдааны испитин көрөн, дьиҥнээх абааһы эрэ итинник оҥорторуохтаах диэн, дьиэ иһэ толору абааһынан туолбутун курдук санаан, олус куттаналлар.

Ойууннар биэ уулаабыт түннүгүн саптараллар, оһох уотун үлбүттэрэллэр. Эмиэ олбохторугар олорон, кыыран илгистэн бараллар.

– От-мас тиэйэр уолан киһи көхсүн хаанынан утахтаныахпытын, кыҥкыр-хаҥкыр туойар кыыс оҕо кыл хаанынан суунуохпутун баҕардахпытын ньии! – дэһээт, ойууттар тугу эрэ бахсырыйан ыллылар. Эмискэ дүҥүрдэрэ тыаһаабат буолан хаалла.

– Уотта оттон бу көлөлөрү куурда охсуҥ! – диэн Сыгынньах ойуун хаһыытыыр.

Уот оттон, дьиэ иһин сырдатан көрбүттэрэ: үс ойууннарын сирэйдэрэ, дүҥүрдэрэ кыа хаан буолбут.

«Ханнык эрэ суорума суоллааҕы, быстах үйэлээҕи булан сиэтилэр буолла?» – диэн ону көрөн олорор дьон уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаналлар.

Ойууннар биэ бааллан турар түннүгүн астараллар. Дьиэ иһэ тымныынан аҥылыс гына түһэр. Кырдьаҕас оҕонньоттор тахсаннар кэрэх биэ икки хараҕын саба баайаллар уонна, ымдаан сыттаах ыаҕаһынан мэҥиэлээн, төбөтүн түннүгүнэн дьиэ иһигэр киллэртэрэллэр, быһаҕынан сүнньүн анньан өлөрөллөр.

Ойууннар ыйыыларынан, түөрт уолан киһи кэрэх биэ түөрт атаҕын тириитигэр туйахтарын холбуу сылдьар гына сүлэллэр. Биэни сүлэн, миэстэ-миэстэлэринэн араартаабыттарын кэннэ, Сыгынньах ойуун, биэ хас биирдии миэстэтиттэн быстаран ылан уокка биэрэ-биэрэ алгыыр:

Көй киин, көмүс уорук,
Үс бордооһуннаах
Буор оһохпут иччитэ;
Күл суорҕан,
Көмөр тэллэх,
Бырдьа бытык,
Саалы чанчык,
Булуур мунчук,
Уот мохолу
Тойон эһэ
Аал уоппут иччитэ!
Тоҕус кураах муостаах,
Тимир аарык быарыктаах,
Түөлбэ дүҥүр көлөлөөх
Үс ойуун кэлэммит,
Ас кээһэн ааттаһа,
Бэлэх биэрэн сүгүрүйэ,
Үҥэ-сүктэ, көрдөһө турабыт!
Хара баттахтааҕы харыһыйар
Халбаххай күммүт кэллэ,
Саха урааҥхайы көмүскүүр
Саппахтаах күммүт кэллэ!
Адьарай бииһиттэн ааҥнаабыты
Атаарар аартыкпытын
Арыйан, аһан кулу ньии!

Сыгынньах ойуун үс сиргэ чоххо уурбут сыалара уулан сырдьыгыныыллар, борооххой буруо буолан, эриллэ-эриллэ, оһох үөлэһин тардыытынан таһырдьа субуруйаллар. Онтон күлүм гынан күндээриччи умайаллар.

«Аал уоппут иччитэ кырдьаҕас алгыһын киһилии истэр эбит», – дэһэн көрөн олорор дьон сибигинэһэн кэпсэтэллэр, сөҕөллөр.

Ойууннар иккис түүннээҕи кыырыылара бүтэр.

Харатаайаптаах үс дьиэлэрин оһохторун уота кутаалана умайар. Улахан олгуйдарга кэрэх биэ этин буһаран лыксыталлар. Ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьону барыларын, ким иһэ төһөнү ыларынан, аһаталлар. Кэрэх аһын сокуона оннук этэ. Ким даҕаны айаҕар аһаабытыттан ордубуту илиитигэр тутан дьиэтигэр илдьэ барыа суохтаах. Ону таһынан, кэрэххэ өлөрүллүбүт сүөһү биир да мүһэтин бүлтэһин алдьатар сатаммат. Өскөтө биир эмэ киһи бүлтэс силиитин сиэри хайыппыт буоллаҕына, ойууннар: «Кэрэх көлөбүт бу туох ааттаах буолан доҕолоҥноото?» – диэн айдааны тардаллара үһү…

Сарсыныгар, кэрэх биэ тириитин маска тиирэн, дьиэ аттыгар туруордулар. Төгүрүк алаас хоту тыатыгар тахсан, үс салаалаах, хоҥкугур төбөлөөх, хоппоҕор хатырыктаах чаллах тииккэ кэрэх биэ тириитин ыйыыр туорай маһын оҥорон киирдилэр. Биэ бары кырамталарын уҥуоҕун хомуйан туос түктүйэҕэ уктулар, сигэнэн кэлгийэн баайдылар, үүйдүлэр.

Үһүс киэһэлэригэр ойууннар эмэгэти угар хоруобу дьиэ иһигэр таҥаһынан саптаран киллэртэрэллэр уонна кистии уурдараллар.

Кинилэр бу түүн кыырар хосторун оһоҕун күнү быһа харса суох отуннарбыттара киһи дыгдаччы буһар буола итийбит этэ. Онуоха эбии түннүктэри, оһох үөлэстэрин барытын саптаран кэбиспиттэрэ.

Ойууннар олбохторугар олоруохтарын иннинэ бэйэлэрин солко куһаатынан ноторуускалыы баайтарбыттара. Тоҕус эр киһини ыҥыран ылан:

– Биһиги «үөрү» бохсуруйдарбыт эрэ, дьэ, бэркэ диэн кытаатан тутаарыҥ. Төлө туттаххытына, «үөр» биһигини кытта манна мустан олорор дьону барыгытын аллараа дойдуга тэбэн кэбиһиэ, – диэн сэрэппиттэрэ.

Ойууннар кыырар хосторун иһэ им-балай хараҥа этэ. Биир сиргэ үс дүҥүр тыаһа ньиргийэрэ уонна ыт тыһа бүрүөлээх былаайахтартан уот сардыргыыра. Ити барыта оччотооҕу хараҥа, үөрэҕэ, билиитэ суох дьону олус куттуура. Ойууннар кутурар тылларын тамаҕыттан өйдөөтөххө, Маайа, үөр буолан, ханна эрэ манна куота сылдьарын: «Тохтоо, олор», – диэн көрдөһөр быһыылаахтара.

Түүн оройо лаппа ааһыыта кыыс үөрэ, кинилэр тылларын, көрдөһүүлэрин дьэ ылынан, дьиэтин иһигэр киирэн, утуйар хаппахчытыгар ааспыт аатырбыта. Кырдьык, бу кэмҥэ ким эрэ Маайа хаппахчытын аанын аһар, сабар тыаһа иһиллибитэ.

Ойууннар, тоҕус тутар дьону батыһыннаран, Маайа хаппахчытын иһигэр киирэллэр. Кинилэр эмэх эмэгэти тула хаамса сылдьан:

– Чокуруос харахтаах, тараахтаах туйахтаах, иэгэйэр икки атахтаах тутан көлүнэ сылдьыбатах ала, туҥуй биэтинэн көлөлөөн, эйигин, эйэҕэс бэйэҕин, атаараары ааттаһа-көрдөһө кэллибит: олоро сылдьыбыт ороҥҥор олор, сыта сылдьыбыт тэллэххэр сыт! – диэн ааттаһаллар.

Ойууннар ах бараллар. Туохха эрэ үөмэн эрэр курдук, сыбдыйаллар. Онтон эмискэ хатан баҕайытык:

– Ха-а-ах! – диэн часкыйаат, эмэгэт үрдүгэр умса түһэллэр уонна, бохсуруйан, ыт кус оҕотун тутан эрэрин курдук, дьүһүлэнэллэр. Ол кэнниттэн, хаһыҥырыы түһээт, эмискэ өрө кэдэрийэн тиэрэ түһүөх курдук охтоллор. Ону тоҕус киһи куртан тутан охторботтор. Ойууннары, хаппахчы иһиттэн сыһан-соһон аҕалан, олбохторугар олордоллор. Кистээн сытыарар хоруоптарын дьиэ ортотугар туруораллар уонна онно Маайа таҥаһын таҥыннарбыт, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэттэрин угаллар.

Тоҕус киһи ойууннары соһон аҕалан эмэгэт үрдүгэр үҥүлүтэллэр. Сыгынньах ойуун, уһуктубут курдук, төбөтүн өрө көтөҕөн, такымнарын бакык-бакык хамсатан, кутуран барар. Кинини Ньээкээ ойуун уонна Алыһардаах удаҕан үтүктэллэр:

– Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт кыыс оҕо үөрэ илэ хаампытын тутан, эмэгэт маска иҥэрэн, куочай маска хомуйан, өрөгөйдөөх дьайбытыгар өрө көтөҕөн, барбыт төннүбэт, түспүт күөрэйбэт – үс субан туруйа кыыл өһүөлээх, аҕыс аҥыр кыыл тирээбиллээх, куба көтөр түөһүн түүтүнүү кубаххай маҥан халлааҥҥа көлөлөөн атаардахпыт буоллун ньии!

Ити курдук кутура-кутура, хоруоп иһигэр сытар эмэгэккэ силлээн-хаахтаан баран, уот отуннараллар, хоруобу саптараллар. Бэйэлэрэ туох да бокуойа суох кыыран илгистэллэр, бабыгырыы-бабыгырыы өрүтэ көтөн эккирэһэллэр.

Сыгынньах ойуун дьиэ аанын баран тэлэччи аһан кэбиһэр. Тымныы салгын дьиэ иһигэр аҥылыйан киирэр. Тиритэн уу чоккурас буолбут ойууннар, аан аттыгар кэлэн эккирэһэ-эккирэһэ, эмиэ кутуран бараллар:

Өксөкүлээх үрдүк
Өндөй халлааҥҥа
Өрө көтөн истэхпит…
Дьыбар тымныылаах,
Тыйыс тыыннаах халлааҥҥа —
Суккуллар бэлэһинэн,
Суураллар айаҕынан
Өрө дьулуһан истэхпит…

Аан аттыгар эккирии турар ойууннар ыһыллыбыт баттахтара чоҥкуччу кырыарар, кыаһаан муустанар. Ону көрөн олорор дьон санааларыгар, бу үс ойуун илэ-чахчы тымныы халлааҥҥа ыттыбыт курдуктара. Ол курдук кыыран, ойууннар Маайа үөрүн үөһэ үтэйэллэр.

Кыһыҥҥы түүн ааһыыта ойууннар кыыран бүтэллэр.

Дьон бэрт тиэтэлинэн таҥнан, эмэгэттээх хоруобу сүгэн уонна «кэрэх» тириитин илдьэ ойуурга тахсаллар. Манна хайа сахха хаһыллан бэлэм турар ииҥҥэ эмэгэти көмөллөр уонна «кэрэх» тириитин ыйыыллар. Кинилэр эргиллэн киириилэригэр остуол муҥунан ас-арыгы бөҕө тардыллан тоһуйар. Ойууннар, улахан бэйэлээҕи кыайбыт курдук, үөрэ-көтө аһыыллар.

– Дьэ, бэрт эрэйинэн да буоллар, үтэйдибит. Аны оҕоҕут үөрэ биллиэ суоҕа, – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри уоскутардыы этэр.

– Эһиги эппэтэххит буоллун! – диэн дьиэлээх Сэмэн оҕонньор уонна Ылдьаана үөрэллэр.

Бу күн ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьон дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Ойууннар манна өрүүллэр, сынньаналлар. Иккис күнүгэр, дьиэлэригэр баралларыгар, Харатаайаптаах кинилэргэ биирдии буос ынаҕы манньалыыллар, «илии соттууга» диэн сүүрбэлии арсыын сиидэс таҥаһы туттараллар уонна «атах соболоҥо» диэн 25-тии солкуобай харчыны биэрэллэр.

Ойууннар Маайа үөрүн үтэйиэхтэриттэн ыла, кырдьык-хордьук курдук, дьон: «Маайаны көрдүбүт, иһиттибит», – дэһэллэрэ тохтуур. Ийэтэ Ылдьаана, аҕата Сэмэн хайдах эрэ сынньаммыт курдук буолаллар.




VI


Маайа сүтүөҕүттэн ыла иккис кыһына ааһан үһүс сайыныгар тиийбитэ. Харатаайаптаах кыыстарын сүтэрэн маҥнай утаа сордоммуттара-муҥнаммыттара, аһыйбыттара-аймаммыттара, син баас чэрдийэн оһорун курдук, күннээҕи олох түбүгэр үтүрүйтэрэн арыый мүлүрүйэн барбыта.

Эмэгэти көммүт сирдэрин, киһи көмүллэ сытар сирин курдук, тимир эрэһээҥкинэн эргиттэрбиттэрэ, маһынан уҥуох туттарбыттара. Уһун ньолбуһах тааска улуус суруксутугар быстаран суруйтарбыттара: «Бу таас анныгар көмүллэ сытар Мария Семеновна Каратаева кыыс. Төрөөбүтэ 1876 сыллаахха – өлбүтэ 1900 сыллаахха. Айыы таҥара, кулутуҥ дууһатын тут».

Ийэтэ Ылдьаана, бу мас анныгар кырдьык оҕото Маайа көмүллэ сытарын курдук санаан, сотору-сотору тахсан хараҕын уутун тоҕон, санаата чэпчээн киирэрэ. «Маайа уҥуоҕун» тула хаһыллыбыт буорга бөдөҥ сибэккилэр хойуутук үүммүттэрэ.

– Төрөөбүт ийэ буора оҕом барахсан уҥуоҕун бэйэтэ киэркэтэр буоллаҕа! – дии-дии Ылдьаана сибэккилэри имэрийэрэ, сыллаан көрөрө. Кини, бу сибэккилэри имэрийэн, сыллыы олорон, оҕотун Маайа төбөтүн имэрийбит, сыллаабыт курдук санаан уоскуйара уонна тула өттүн кэрийэ көрөрө. Кини, өллөҕүнэ, кыыһын Маайа аттыгар көмтөрөргө кэриэһин этэр санаалааҕа.

Оттон Сэмэн оҕонньор «кыыһын уҥуоҕар» эрэһээҥкинэн төгүрүппүттэрин уонна маһынан уҥуох туппуттарын харчытын төлөөрү эрэ кэлэ сылдьыбыта. Кини кыыһын туһунан тугу саныырын ким да билбэт этэ. Хата, ол оннугар оҕонньор Бүлүү куоратыгар киирэ сылдьан Дьокуускай куораттан кэлбит дьонтон атыыһыт күтүөтүн сураһа сатыыра да, ким да оннук ааттаах атыыһыт баарын билбэт этэ. Кини туһугар барыта хайдах эрэ мунаах, сымыйа курдук буолан иһэрэ. Кэлин, саатан, ол киһи туһунан тугу да ыйыталаспат, сураспат буолбута.

Үс ойуун кыыран «Маайа үөрүн» үтэйиэхтэриттэн сыл кэриҥэ кэм ааһар. Ким даҕаны Маайа туһунан ахтыбат буолан барар. Ол курдук, уу чуумпутук олордохторуна, Бүлүү уокуругун ыспараанньыгынан эргийэн, бэрт дьикти ис хоһоонноох сурук кэлэр. Ол суругу Сэмэн Уйбаанабыс улуус суруксутугар аахтаран истибитэ маннык диэн этэ: «Семен Иванович Каратаевка, Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатыгар.

Якутскай уокурук мировой судьуйата бу суругунан Эйигиттэн көрдөһөр: Киллэм дэриэбинэтигэр олохтоох Иннокентий Спиридонов атыыһыкка хамначчытынан үлэлиир Мария Владимирова чахчы эн төрөппүт кыыһыҥ буоларын туоһулуур сурукта ыытаргар. Итини таһынан, Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев эн кыыскын, Мария Владимированы, (билиҥҥи эрин араспаанньатынан) хайдах албыннаан хамначчыт уолугар Федор Владимировка кэргэн ылларбытын суругунан биллэрэргэр баҕарар».

Харатаайап кулуба суругу истэн олорон хайдах эрэ сирэйэ уһуурга, хараҕа кэҥииргэ дылы буолан барар. Киһи иһиттэҕинэ, эмиэ да чахчы кини кыыһын Маайа туһунан суруллубут, эмиэ да букатын атын дьахтар быһыылаахха дылы.

– Бэйи, тохтоо!.. Өйбүн-төйбүн булунуум, – диэн Сэмэн суруксутун тохтотор. – Хат аах эрэ, хайа сиргэ хамначчыттыыр диэбиттэрий? – диэн ыйытар. Кини, Мария Владимирова ханна хамначчытынан үлэлиирин истэн баран, аны ким хамначчытын кэргэнэ буолбутун аахтаран истэр.

Харатаайап кулуба өр соҕус саҥата суох санаарҕаан олорор:

– Суох… Ыал хамначчыта… Хайдах да биһиги Маайабыт оннук буолуон сатаммат… Сымыйа!.. Эмиэ да, ол эрээри, оҕобун ыйыттара кэлэ сылдьыбыт Дьаакыбылап кулуба аата таба ааттанар эбит, – диэн мунааран ылар. Онтон эмискэ бэйэтин санаатын кытта мөккүһэн этэр: – Суох-суох!.. Оннук буолуор сатаммат… Мин оҕобун Хабырыллайап атыыһыт уола кэлэн кэпсэтэн барбыта… Бэйи эрэ, ким сах кэргэнэ буолбут диэн суруйалларый? Суох!.. Букатын атын дьону буккуйа сылдьаллар быһыылаах… Мин оҕом ыал хамначчыта буолбатаҕа биллэн турар!

Улуус суруксута тойоно туох диэн хоруйдаан бу ыйытыыга суруйтарарын кэтэһэн олорор. Харатаайап кулуба билигин да өйүн-төйүн ситэ була илик быһыылааҕа. Кини санаатыгар, үс сыллааҕы сайын соҕотох сиидэс ырбаахылаах эрэ сүппүт кыыһа оччо ыраах сиргэ тиийиэн сатаммат курдуга. Эргэ да тахсыбыт киһитин аата эрэ Хабырыллайап атыыһыт уолунуу эбит, араспаанньата чыҥха атын. Онон ол киһи буолуон букатын сатаммат.

«Ити аата ханнык эрэ илэчиискэ дьахтар, мин оҕом Маайа эмискэ сүтэн хаалбытын истэн, сымыйалыыр дуу, эбэтэр били «кырдьаҕастар» мин оҕом «үөрүн» ол сиргэ тэбэн кэбиспиттэрэ сылдьара дуу?..» – Сэмэн Уйбаанабыс ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан, тымныйан ылар.

– Ким билэр… Мин оҕом онно эрэ тиийбитэ буолуо дии санаабаппын… Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, эмиэ да мин оҕом аата баарга дылы, эмиэ да букатын атыҥҥа дылы…

– Туох эрэ диэн хоруйдаатахха сатанар, – диир суруксут.

Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки: «Сүбэлээ, абыраа!» – диэбиттии көрүтэлээн ылар. Сип-сибилигин тута: «Эһиги ыйытар дьахтаргыт мин кыыһым буолбатах», – диэн хоруй сурук ыытыаҕын, кырдьыга, кини оҕотун өлүгүн булан харайбатаҕыттан мунаахсыйар. Оттон ол дьахтары: «Чахчы мин оҕом Маайа», – диэн суруйуон, били «кырдьаҕастар» ама «үөрүн» туттубут, үтэйдибит диэн сымыйаны лахсыйыахтара дуо?» – диэн санаа эмиэ үтүрүйсэр.

– Кэбис, ити сурукка сарсын хоруйун суруйуллуо, – диэн баран, Сэмэн Уйбаанабыс урут дьиэлиир кэмиттэн эрдэ дьиэтигэр тахсар.

Уһун суолун устатын тухары ити сурук кини өйүттэн тахсыбат. Туох диэн хоруйдуон булумуна харааччы булкуллан, мунан хаалар.

Дьиэтигэр кэлээт, чэй да испэккэ, били эмэгэти көмпүт сирдэригэр барар. «О-о, ама, тыыннаах сылдьар оҕобор уҥуох туппуппут буолуо дуо?» – диэн санаатын тулуйумуна хараҕын уута сүүрэн түһэр. Өр соҕус ытаан, хайдах эрэ уоскуйбут курдук буолар. Ол олордоҕуна Ылдьаана кэлэр. Кини кэргэнэ кэлэн олорорун көрөн, соһуйа быһыытыйар.

– Эн кэлэн олороохтуур эбиккин дуу? – диэн баран Ылдьаана бөтөн, хараҕын уутун соттон барар.

Ылдьаана ытыырын-соҥуурун Сэмэн тулуйан көрөн олоруо суох буолан: «Бүгүн кэлбит сурук туһунан кэпсиибин дуу, суох дуу?» – дии санаан саараан баран, саҥата суох туран барар.

Харатаайап Ылдьаанаҕа сурук туһунан кэпсээбэккэ, кистииргэ быһаарынар: «Оҕобут оннук сиргэ тиийэн ыал хамначчыта буолан олорор курдук суруйбуттар», – диэтэххэ, кини өйө хамсаатаҕына да, биитэр ол сиргэ сонно тута сатыы бара турдаҕына да көҥүлэ. Бэйи, үлэ-хамнас үмүрүйдэҕинэ, аны күһүн бэйэм сэмээр баран ол дьахтары көрөн кэлиэм», – дии санаата.

Оҕонньор, сарсыарда туран, хайдах эрэ ыарахан сүгэһэрдээх курдук сананан быраабатыгар киирэр. Суолун устатын тухары туох диэн хоруй суруйарын булбат.

Улуус суруксута, кини киирбитин көрөөт, эмиэ били бэҕэһээҥҥи суругу тэниҥнэтэ-тэниҥнэтэ этэр:

– Хоруйун уһатар сатаммата буолуо.

– Сүбэлээ, үөрэхтээх киһи ааттааххын дии… Мин хараҥа түүн суолбуттан муммут курдук булкуллан хааллым, – Сэмэн Уйбаанабыс остуолугар бүк түһэр.

Суруксут тоҥуй баҕайытык ымайар.

– Атын дьахтар албыннанарын «мин кыыһым» диириҥ эмиэ сатаммата буолуо… «Букатын билбэт дьахтарым» диэххитин… эһиги кыыскыт буолан хааллаҕына, эмиэ да табыгаһа суохха…

Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки куһаҕан баҕайытык хатыылааҕынан көрөн кэбиһэр.

– Тохтоо, туох ааттаах буолан биир кэм «сатаммата», «сатанара» буолуо буолан мээрилээтэххиний!.. Ыл, суруй! «Мин Маарыйа диэн суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ үс сыл буолла… Онтон ураты биир да оҕом суох», – диэн баран, киэр хайыһар, хараҕын уутун соттор.

Улуус суруксута өр соҕус суругун хайдах саҕалыан булумуна саарбахтаан олорор.

«Якутскай уокурук тойон мировой судьуйатыгар», – диэн саҕалыыр. Маны суруйарыгар буукубаларын бэркэ эрийэн таһаарбытыттан бэйэтэ бэйэтин хайҕанан, санаата көтөҕүллэн, суруйан барар:

«Мин, Бүлүү уокуругун Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатын кулубата Семен Каратаев, эһиги 187 нүөмэрдээх суруккутун ылбыппын биллэрэн туран, онно ыйытар Мария Владимирова диэн дьахтаргытын билбэппин иһитиннэрэбин. Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев мин кыыспын хаһан да албыннаан хамначчытыгар кэргэн кэпсэппэтэҕэ. Мин суос-соҕотох Мария диэн кыыстааҕым 1900 сыллаахха өлбүтүн эйиэхэ биллэрэр чиэстээхпин, онтон атын оҕом суох».

Суруксут, Дьокуускай курдук ыраах сиргэ уонна мировой судьуйа курдук үрдүк сололоох тойоҥҥо суруйбут суруга табыллыбытыттан бэркэ диэн астынан олорон, тойонугар ааҕан иһитиннэрэр.

Харатаайап кулуба тугу да саҥарбат, мээнэ истэн эрэ кэбиһэр. Суруксут иһигэр саныыр: «Э-э, үөрэҕэ суох хараҥа киһи диэн баҕайы, сурук табыллыбытын-табыллыбатаҕын хантан өйдүө баарай?!»

– Сэмэн Уйбаанабыс, бэчээккин аҕал, ууруум.

Сэмэн оҕонньор, хайдах эрэ саараабыт курдук, саҥата суох олорор. Аргыый аҕай ыстаанын сиэбиттэн бэчээтин уга сылдьар сарыы саппыйатын хостуур.

«Оҕом Маайа чахчы тыыннаах сылдьар буоллун… Мин бу бэчээппинэн кинини өлөрөбүн буолбат дуо?.. Суох, кини оччо ыраах сиргэ хайдах да тиийиэн сатаммат… Сымыйа буолуо ээ», – дии санаан мунаахсыйа-мунаахсыйа, суруксутугар бэчээтин уунар.

Суруксут бэчээти ылан туоһунан тордуур уонна кумааҕытын тылынан салаан илитэн баран: «Аны таҥнары түһэрэн кэбиһиэм», – диэн эргитэ-урбата тутан көрө олорор.

Харатаайап: «Тохтоо!.. Мин баран билсэн кэлиим», – диэри айаҕын атан эрдэҕинэ, кылбаа маҥан кумааҕыга хара тордох бэчээт суола чөҥөрүйэн хаалар. Ол хара тордох бэчээт суолун ортотугар икки маҥан «С.К.» диэн буукубалар дьэрэлиһэллэр.

– Бэчээппит бэркэ диэн таҕыста, дьыала табыллаары гынна! – диэн суруксут үөрэр.

Сэмэн Харатаайап, сарыы саппыйатыгар бэчээтин кистии уган баран, саҥата суох, хайдах эрэ ньүкүччү туттан хос иһиттэн тахсан барар.

«Кыыһым Маайа тыыннаах дуу, хайдах дуу?» – диэн санаа бу күнтэн ыла кини сүрэҕэр ыар баттык буолар.




Үһүс баһа





I


Төһө да Сыгынньах ойуун, көрүүлэнэн, Маайаны моҥнубут маһын кытта өрүс уутугар барбыт диэбитин иһин, төһө да оччотооҕу кэмҥэ аньыы-абааһы итэҕэлэ куттаабыт дьоно: «Маайа үөрүн көрдүбүт», – диэбиттэрин иһин, төһө да үс аатырар ойуун кэлэн «үөрү» илэ-бодо курдук тутан үтэйбиттэрин иһин, Маайа сүттэҕин түүн туох буолбутун ырыттахха маннык этэ.

– Сүөдэ-эр, мин эйигин билигин ханна да ыытыам суоҕа! – Маайа өр кэтэспит таптыыр доҕорун көрсүбүт үөрүүтүгэр туймаарар.

Сүөдэр, Маайаттан куотаары гыммыт курдук, чинэрис гынар.

– Кэбис… туох диэн эттэххиний? Мин суолум туспа, эн суолуҥ туспа… Мин ыал хамначчытабын, баайым да суох, уруум-хааным да суох киһибин… Өллөхпүнэ да мин эрэйдээҕи аһынар, аһыйар киһи суох…

Маайа, Сүөдэри ситэ саҥардыбакка эрэ: «Эйигин таптыыр, аһынар, аһыйар мин баарбын!» – диэбиттии ыбылы кууһар уонна туох да бокуойа суох ууруу-ууруу:

– Ханна да ыытыам суоҕа! – диэмэхтиир.

«Баайдар оҕолоро бары манныктар быһыылаах. Кинилэр тугу эппиттэрин сокуон оҥосто үөрэнэн хаалбыттар», – дии саныыр Сүөдэр уонна Маайа илиилэрин күүскэ төлө охсон кэбиһэр.

– Мин эн дьоҥҥор киириэм суоҕа!

Маайа, били бастаан көрөөт соһуйбутун, куттаммытын курдук, Сүөдэр сирэйин-хараҕын одуулаһар уонна аргыый аҕай көрдөһөрдүү этэр:

– Тоҕо?.. Дьонум эйигин олус көһүтэллэр ээ.

– Мин биир баай кулуба күлүү оҥостубутугар, атаҕастаабытыгар да сөп буолан сылдьабын, – диир Сүөдэр абарбыт-сатарбыт курдук уонна киэр хайыһар.

Маайа эмиэ сылаас бэйэлээхтик кууһан ылар:

– Кэл, олоруох!

Эмиэ урут олорбут дүлүҥнэригэр олороллор.

– Туох буолбутун миэхэ сиһилии кэпсээ эрэ, – диир Маайа уонна Сүөдэр кэпсээнин биир да саҥата суох олорон истэр.

Сүөдэр кэпсээн бүппүтүн кэннэ кыыс үөһэ тыынар, олорор дүлүҥнэрин аттыгар үүнэн турар сарбынньахтаах сэбирдэхтээх оту туура тардан ылар уонна:

– Итинник эрэ буолуо дии санаабат этим. Мин эйигин манна көрөөт: «Хаартылаан эстибит бэйэтэ дуу, баайын барытын уокка былдьаппыт муҥа дуу?» – дии санаабытым, онтум букатын атын эбит… Аан дойду үрдүгэр эҥин-эҥин да хара санаалаах дьоннор баар буолаллар эбит… Улуус кулубата ааттаах киһи мин ааппын алдьатаары санаммыта сүрүн, – диэн муҥатыйар.

Маайа хас саҥата Сүөдэр сүрэҕин сыппах быһаҕынан быһан мүлүктүүр курдук ыарытар. Итиннэ барытыгар кини бэйэтэ буруйдааҕын билинэн, барыах-кэлиэх сирин булбат.

Маайа Сүөдэри илиититтэн тутан олорон аа-дьуо саҥаран барар:

– Сүөдэр, миигин үчүгэйдик өйдөөн истэн олор. Билигин мин иннибэр үс суол баар… Олортон биирдэстэринэн бардахпына сатанар… – Маайа ити үс суолу бэйэтин өйүттэн булбатаҕа, кини бэрт өрдөөҕүтэ истибит остуоруйатыгар «сирэйиҥ хоту барыаҥ – өлүөҥ, уҥа диэки барыаҥ – ойох ылыаҥ, хаҥас диэки барыаҥ – эрэйи көрүөҥ» диэн этиллэрин өйдүү түспүтэ. – Биирдэһэ – саакка-суукка киирбиппиттэн ханна да куотуох сирэ суох буолан, хараҥа санааҕа хаптаран, бэйэҕэ тиийинэн өлөр суол баар…

Сүөдэр этин сааһа аһылла, тымныйа түһэр. Кини үс сыллааҕыта Дьаакыбылап ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин ынахсытын Алааппыйа кыыһы ыаҕастаах үүтү тоҕо түспүтүн иһин ынах сааҕын күрдьэр күрдьэҕинэн кырбаабытын, ол кэнниттэн кыыс эрэйдээх хотон өһүөтүгэр ыйанан өлбүтүн саныы биэрэр. Алааппыйаны киниэхэ сүөрдэрбиттэрэ. Оо, онно кини куттанна да этэ! Ол кыыс эрэйдээх ыйанан турара көрүөххэ сүрэ бэрдэ. Маайа киниттэн, Сүөдэртэн, сылтаан, ол кыыс курдук ыйанан турара олус да ынырык буолсу.

– Мин ити суолунан барыам суоҕа, – диэн Маайа Сүөдэри уоскутар. – Иккис суол – ити эн кэпсээбит кэпсээҥҥин ийэлээх аҕабар, дьоммор кэпсээн, аатым алдьанан, киһи сирэйин таба көрбөт буолан олоруохтаахпын. Урут мин сөбүлээбэтэх уолаттарым, кинилэр дьонноро тиистэрин ыраастыыр, тылларын туустуур киһилэрэ буолан… ийэлээх аҕабар атах адаҕата, моонньуларын муомаҕа, эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ…

Сүөдэр итини истэн эмиэ сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Маннык бэйэлээх кэрэчээн кыыс дьолун, инники кэскилин кини быспыт. Маайа эрэйдэнэрэ, сордоноро барыта киниттэн тутаахтаах, киниттэн төрүөттээх. «Бу бэйэлээхпин эрэйдиир төрүөккэ мин манна кэлбит эбит буоллаҕым», – диэн кини манна кэлбитин, Маайаны көрсүбүтүн кэмсинэ саныы олордоҕуна Маайа этэр:

– Суох! Мин ити суолунан эмиэ барыам суоҕа.

Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини Маайаны уоскутаары:

– Мин кэлбэтэҕим буоллар ордук буолуо эбит, – диир. Кини санаатыгар, кэлбэтэҕэ буоллар, Маайа, тугу да билиминэ, урут олорбутун курдук олоруо этэ. Маҥнай утаа көһүтэн көрөн баран умнан, атын киһини таптаан, эргэ тахсан, үчүгэйдик олоруоҕун кини бу кэлэн мэһэйдээбит.

– Туох диэн эттэххиний, эн кэлбитиҥ үчүгэй… Мин, тугу да билиминэ, эйигин көһүтэн да биэртим! Кэл, – диэн баран, Маайа аттыгар олорор Сүөдэри ыга кууһар. – Үһүс суолу иһит!

– Истэбин, – диир Сүөдэр аат эрэ харата, иһиллэр-иһиллибэттик.

– Сүөдэр, «таптаабыт тайахтааҕы батыһар, сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи кытта барсар» дииллэр. Мин эйиэхэ баайгар ымсыыран тахсыбатаҕым – бэйэҕин таптаан тахсыбытым… Мин эйигин кытта барсабын! – диэн баран Маайа уолуйан туох да диэн булбакка, соһуйбут курдук көрөн олорор Сүөдэри уураан-сыллаан барар.

Сүөдэр үөрүөн да, хомойуон да билбэт. Кини санаата харааччы иирэн хаалар. Манна кэлэригэр Маайатын көрөр эрэ баҕалааҕа. Оттон билигин Маайа кинини кытта «барсабын» диир. Кэргэнин киллэрэр дьиэлээҕэ, аһатар астааҕа буоллар, кини төһө эрэ үөрэ истэр этэ Маайа ити тылын! Оттон билигин кини үөрэрин оннугар ордук санаарҕаабыт, куттаммыт курдук көрүтэлиир.

– Кэбис, Маайа, миигин кытта барсан туох эрэйин көрдөххүнүй?!

– Сүөдэр, хата, дьонум сүтүктээн көрдүү иликтэринэ бара охсуох! – диэбитинэн Маайа ойон турар уонна Сүөдэри олорор дүлүҥүттэн туруору тардар.

Сүөдэр улаханнык саарыыр. Кини бу баай ыал атаах кыыстара, ас суох буолан аччыктыыры, таҥас суох буолан саатары, тоҥору билбэт буолан, миигин кытта барсаары гынар буоллаҕа дии саныыр. Ол эрээри кини Маайаны олус таптыыр буолан, хайдах да «барсыма!» диэҕин тыла тахсыбат.

– Маайа, мин үлэлээн эрэ буллахпына аһыыр киһибин, – диир Сүөдэр, «Маайа үлэттэн куттанара буолуо» диэн, онон чаҕытаары.

– Мин эмиэ үлэлэһиэм, үлэттэн өлбүт киһи суох буолбат дуо?! – Маайа күлэ-күлэ хоруйдуур.

Маайа, бу тыллары төһө да ис сүрэҕиттэн эттэр, кини ыал хамначчытын ыарахан, эрэйдээх олоҕун билбэт. Хамначчыты ким баҕарар атаҕастыырын, кини киһини кытта тэҥэ суоҕун, баай, төһө да акаарытын иһин, ханнык баҕарар өйдөөх хамначчытын ыттыы үөҕэрин, сүөһүлүү үүрэрин Маайа билбэт. Сүөдэр ону билэр буолан, бу баай ыал кыыһын илдьэ барыаҕын дьулайар.

– Сүөдээр, чэ, бара охсуох! – диэбитинэн Маайа Сүөдэри ойуур иһин диэки соһор.

– Бэйи, тохтоо!.. Бу курдук барсаары гынаҕын дуо? – Маайа суос-соҕотох сиидэс ырбаахынан сылдьарын көрөн Сүөдэр ыйытар.

– Бу курдук буолумуна! Чэ, барыах!

Маайа чахчы барсаары турарын көрөн, Сүөдэр этэр:

– Киирэҥҥин дьоҥҥун кытта бырастыылаһан тахсыаххын…

Маайа, ону истээт, курус гына түһэр, дьиэтин диэки көрбөхтүүр.

– Сүөдээр, мин дьиэбэр киирдэхпинэ, эйигин кытта барсарым биллибэт ээ, – диир аргыый.

– Тоҕо?.. Түүн салгын тымныы ээ, саатар ичигэс соҕустук таҥнан тахсыа этиҥ буоллаҕа дии, – диир Сүөдэр.

– Дьиэбэр киирдэхпинэ, ийэбиттэн-аҕабыттан арахсыахпын баҕарыам суоҕа… Оччоҕо… Суох, барыах, киирбэппин! – диэн Маайа быһа-бааччы этэн кэбиһэр.

– Барыах! – диэбитин Сүөдэр кулгааҕа эрэ истэн хаалар.

«Маайа-а-а!» – диэн кыргыттар хаһыытаһар, ыҥырар саҥалара ойуур саҕатыттан киэһээҥҥи тымныы салгыҥҥа дуораһыйан иһиллэр.

Бу хаһыыттан куттаммыт курдук күрээн, Маайалаах Сүөдэр ойуур иһин диэки тиэтэйэ-саарайа бараллар. Кинилэр Сүөдэр манна миинэн кэлбит атын – Дьаакыбылап кулуба быраабатыгар сылдьар атын – дулҕалаах маарга өртөөн аһата ыыппыт сиригэр тиийэллэр. Ойуур саҕатыгар, сыгынах анныгар бырахпыт ыҥыырын аттыгар кэлэн тохтууллар. Маайаны ыҥыран кыргыттар хаһыытаһаллара «ньуу-ньаа» курдук эрэ иһиллэр буолар.

– Аккын ыҥыырдаа, бара охсуох! – диэн Маайа кэргэнин тиэтэтэр.

Сүөдэр, атын сиэтэн аҕалан, ыҥыырдаан хачыгыраһар. Маайа, түүҥҥү сииктээх тымныы салгынтан тоҥон, титирэстии турар. Маайа ыҥыыр сыппыт сирин аттыгар тымтай турарын көрөр.

– Бу тымтайга туохтааххыный?

– Аҕыйах үөлүллүбүт собону ыалтан ылбытым… Киһи сиэбэт буолла ини, – диэн кэбиһэр Сүөдэр, атын холунун тарда-тарда.

Маайа баран тымтайы өҥөйөн көрөр. Үөлүллүбүт собо минньигэс сыта бэлэһин кычыгылатар. Кини, аһыан олус баҕаран, биир собону ылбыта сахсырҕалааҕын көрөн киэр илгэр:

– Па! Мантан ураты аһыыр аспыт суох дуу?

Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини: «Миигин кытта барсаҥҥын бэрт элбэхтик аччыктыырыҥ буолуо эбээт», – диэри гынан баран туттунна. Сүөдэр, атын тэһиинин ыҥыырын хоҥсуоччутугар ыйаан баран:

– Мэ, мин соммун кэт, тоҥмуккун! – диир. Маайа кини сонун кэппитин кэннэ, оҕо курдук көтөҕөн ылан ыҥыырын кэннигэр мэҥэһиннэрэ олордор, бэйэтэ чэпчэки диэн бэйэлээхтик ыҥыырыгар хап гына олоро биэрэр. – Ханна барабыт?

– Ханна баҕарар илт… Истэҕин дуо, дьонум аах көрдүү сылдьаллар. Чэ, түргэнник бара охсуох! – диэн Маайа тиэтэтэр.




II


Сүөдэр атын хаамтарар. Ат аҕыйах хонуктааҕыта манна кэлбит суолунан, ханнык эрэ ыллык устун, барар. Ханна да баран иһэллэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Сүөдэр аты хайа да диэки салайбат. Ат Төгүрүк алаас хоту саҕатынан ыллык устун суолга киирэр. Бу суолунан Сүөдэр Намтан кэлбитэ. Алаас арҕаа өттүгэр Маайа дьонун дьиэлэрэ көстөр.

– Төрөөбүт алааспын кэриэс көрөн ааһыахпын, аккын бытааннык хаамтар, – диир Маайа.

– Дьонуҥ көрүөхтэрэ, – диэн Сүөдэр, «Маайабын былдьатыам» диэн куттаммыт курдук, сибигинэйэр.

– Көрбүттэрин да иһин, кими кытта барда диэн сэрэйдэхтэрэй? Сэрэйиэхтэрэ суоҕа, – диэн баран Маайа үөһэ тыынар. Түүн үөһэ ааспыт быһыылаах, халлаан хотугулуу-илин иитэ сырдыахха айылаах саһаран барар. Алаас саҕатынааҕы хойуу талах иһигэр араҕас түөстээх талах чыычааҕа ыллаан чыыбыгырыыр.

Ат, тыбыыра-тыбыыра, бытааннык хааман иһэр. Маайа хараҕын дьонун аах дьиэлэриттэн араарбат.

– Сүөдээр, аккын тохтот эрэ. Дьоммун кытта бырастыыласпатым, саатар төрөөбүт алааһым барахсаны кытта, түһэн, хонуутунан хааман, бырастыылаһыым.

Сүөдэр атын тохтотор. Суол үүт бүтэйи кыйа барар. Уоллаах кыыс суол кытыытынан, күөх отунан, сэргэстэһэ хаамсаллар. От сэбирдэҕэр дьэп-дьэҥкир сиик таммахтара, мөһүүрэ симэх курдук, килэбэчийэн көстөллөр. Салгын хамсаабат уу чуумпута. Төгүрүк алаас күөлүн уута харааран көстөр. Чыркымай кус от саҕатынан устара үрүҥ көмүс суол буолан дыргыйар. Маайа дьонун түптэлэрин буруота алаас күөх оттоох хонуутун арҕаа саҕатын солко лиэнтэнэн саба халыйбыт.

Маайа, хааман иһэн, алтан өҥнөөх сибэккини туура тардан ылар. Сибэкки ортотугар, харах уутун курдук, сиик таммаҕа кылайар. Маайа сибэккини сыллаары муннугар даҕайбыта тымныынан, инчэҕэйинэн таарыйар.

– Алааһым барахсан, бырастыы! Эн күөх хонуугар аны оонньуурум-көрүлүүрүм биллибэт, – диэн Маайа ботугуруур, хараҕын уутун сотто-сотто.

Суол, Төгүрүк алаас илин баһыгар кыра соҕус өндөл үрдүгэр тахсан, ойууру иһинэн илиҥҥилэтэ-хоту лүүчүттэр сирдэрин диэки барар. Ол сыыры уоллаах кыыс сатыы дабайаллар. Аллара, алаас хонуутун буодьулуу үүммүт хойуу талах иһигэр, өтөн киһи ытаан эрэрин курдук өҕүргүүр. Халлаан лаппа сырдаан барар. Чыычаахтар ырыалара-тойуктара хойдор. Ыраах, куруҥ тыа иһигэр, кэҕэлэр этэн чоргуһаллар.

Маайа суол аттыгар сытар дүлүҥҥэ олорор. Кини мантан антах букатын сылдьа илик. «Оо, бу суол, миигин ханна эрэ тиэрдэҕин?» – дии санаан Маайа суолу батыһа көрөр. Сүөдэр Маайа аттыгар атын тэһииниттэн тутан турар.

«Бу аата төрөөбүт дьоммуттан, дойдубуттан арахсан баран истэҕим», – Маайа сүрэҕэ ытырбахтаан ылар.

Сүөдэр көһүтэн, чыычаах ырыатын, кэҕэ этэрин истэн турбахтыыр, онтон тоҥон, дьагдьайан барар, эргэ сиидэс ырбаахыта этин сөрүүнүнэн хаарыйтыыр.

– Маайа, хайа, барбаппыт дуо?

Маайа саҥата суох турар. Ат аттыгар кэлэр. Сүөдэр кинини көтөҕөн ылан ыҥыырыгар олордор.

– Мин сатыы хаамыым, – диэн баран уол инники киирэр. Тоҥмутун аһараары, киэҥ-киэҥник хардыылаан, түргэнник хаамар. Ат, тыбыыра-тыбыыра, Сүөдэри батыһан, эмиэ түргэнник хааман дьигиһитэн иһэр.

Маайа, саҥата суох ыҥыырга олорон иһэн, ата тыбыырарын: «Айыыһыт оҕото дойдубуттан, дьоммуттан күрээн барарбыттан санааргыырбын билэн тыбыырар буолаахтаатаҕа», – диэн быһаарар. Кырдьык, кини бэрт улаханнык санааргыы иһэр. «Аны ийэбин көрөбүн дуу, суох дуу?» – диэн санаа кини өйүттэн арахпат. Ол эрээри таптыыр киһититтэн, Сүөдэртэн, хаалыан, арахсыан эмиэ да баҕарбат. Оттон: «Туттар үбэ, таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох буолан муҥнаныам», – диэн санаа Маайаны билигин да таарыйбат. Кини баай дьонугар олорон харчы, таҥас, ас хантан кэлэрин, хайдах көстөрүн букатын билбэтэ. Билигин да олорунан эрэ тутахсыйыам дии санаабат. Ол оннугар «ханна тиийэбит, хайдах дьону кытта көрсөбүт?» диэн санаа кинини дьулатар.

Сүөдэр буоллаҕына, ат иннигэр киирэн, Маайаны батыһыннаран иһэн, саныыр эрэ санаата, куттанар эрэ куттаныыта: хантан харчыланан, тугу таҥнан, аһаан олоруох бэйэбитий?

Суол, синньигэс ситии курдук, хара күөх лабаалаах харыйа мас былаастаах тиит ойуурдары быһан, ыарҕалаах, талахтаах от үрэхтэри батыһан, бадарааннаах, баҕа батаһа от бүрүйэ үүммүт маардарын туораан, кыараҕас, киэҥ алаастары кыйан, киһи уҥуохтаах тумуллары кэтэхтэринэн-анныларынан ааһыталаан, эргэ өтөхтөрү таарыйан, быстыбакка, бардар баран истэ.

Халлаан сырдыыр. Хара тыа иһэ, алаастар күөх хонуулара барыта чыычаахтар ырыаларынан туолар. Маайа маны урут хаһан да истибэт этэ. Бачча сааһыгар диэри, хаппахчытын иһигэр хаайтаран, кини кэрэни, үчүгэйи да билбэккэ олорбут эбит! Өр буолбат, халлаан тус илин иититтэн ыраас күн ойон тахсар.

Урут хаһан да Маайа күн тахсан эрэрин көрө илигэ. Оо, кэрэ да буолар эбит! Оттуун-мастыын бары хайдах эрэ үөрбүт-көппүт курдук көстөллөр. Киэҥ сыһыы дэхси хонуутун үрдүнэн күөрэгэйдэр, икки кынаттарын быластыы быраҕан баран, биир сиргэ дьырылыы-дьырылыы, кынаттарын илибирэтэ тураллара саҥа тахсыбыт күн уотугар үрүҥ көмүс курдук буолан кылапаччыйан көстөллөр.

Күн төһө үөһэ тахсар да, соччо сырдаан тыына сылыйан барар. Маайа бу сарсыарда төрөөбүт дойдутун айылҕата уһуктуутун сабыс-саҥа көрөн эрэр. Урут кини билэрэ, көрөрө эрэ диэн – дьиэтин тэлгэһэтэ, тэлгэһэтин тулата этэ. Ол, биллэн турар, киэҥ сиргэ холоотоххо, тиэрбэс эрэ саҕа буолаахтаатаҕа дии! Маайа дьиэтин тула үүнэр мастары-оттору барыларын көрөн-көрөн хал буолан хаалбыта. Оттон билигин ат хас хардыытын аайы саҥаттан-саҥа көстөн иһэр. Арыт кылбаа маҥан туостаах, солко күөх сэбирдэхтээх хатыҥ чараҥ кэлэр. Арыт кубархай хатырыктаах, сип-синньигэс тэтиҥ мастардаах сирдэри ааһыталыыллар. Маайа санаарҕабылын сарсыардааҥҥы айылҕа кэрэтэ үтүрүйэн кэбистэ. Кини сарсыардааҥҥы ыраас салгынынан дуоһуйа тыынна.


* * *

Суол, Маайа төрөөбүт Төгүрүк алааһыттан улам ыраатан, хотугулуу-илин түһэн барда. Сотору-сотору алаастара аҕыйаан, эмпэркэй сыырдаах, ууларын ортотуттан хатырыктара-лабаалара суйдаммыт, былыр үйэҕэ өлбүт күтүр улахан кыыллар бүлтэс уҥуохтара быган туралларын курдук, кубарыспыт мастардаах тыымпылар, дүөдэлэр кэлитэлээтилэр.

Салгын сылыйан, бырдах үөрэ сииктээх маардар отторун, дулҕаларын быыһыттан көтөн тахсан ат самыытыгар, Маайа, Сүөдэр үрдүлэригэр хара тордох буола мусталлар. Сүөдэр суол ойоҕоһуттан хатыҥ лабааларын тоһутан дэйбиир оҥорор. Ат эрэйдээх тулуйумуна, кутуругунан дэйбиирдэнэрин ааһан, тохтоон атаҕынан өрөҕөтүн тэбиэлии сатыыр. Күн үөһэ ойуута Маайалаах Сүөдэр бэйэлэрэ да бырдахтан ыксыыллар.

Сотору суолларын аттыгар эргэ туруорбах өтөх көстөр. Сынньана түһэн ааһаары Сүөдэр ол өтөххө туоруур. Ыраас, тыаллаах сиргэ бырдах аҕыйыыр.

– Маайа, манна тохтоон, сынньанан ааспаппыт дуо? – Сүөдэр кэргэниттэн ыйытар.

– Ыал чугаһынан суох дуо? – диэн Маайа хардары ыйытар. Кини ыалга тиийэн, оронноох, таҥастаах сиргэ утуйан, сынньанан ааһар баҕалаах.

– Ыал мантан ыраах, – диэн баран Сүөдэр Маайаны ыҥыырыттан түһэрэр. Атын сыбыдахтыыр. Аччыктаабыт ат өтөх аттыгар үүнэр кутуйах кутуруга оту кимирийэн-хамырыйан аһаан барар.

Сүөдэр күн уотуттан хахханы булаары өтөх иһигэр киирэр. Былыргы үйэтинээҕи өтөх эркиннэрэ эмэҕирэн, саккааҕыран, сандааран турар. Оһох оннун туһунан уот кытарда сиэбит буора өрөһөлөнө сытар. Сайыҥҥы куйаастан, күлүмэнтэн сылгы, ынах сүөһү манна сөрүүкүү киирэр, мунньустар эбит – өтөх иһигэр эргэ кии толору. Өтөх иһигэр, син биир таһырдьа курдук, кумаардар дыыгынаһа көтөллөр. «Түптэлэннэххэ үчүгэй буолсу», – дии санаан, Сүөдэр хататынан уот саҕан, кураанах киини мунньан түптэлиир.

Маайа кыа оту үргэнэн киллэрэн өтөх күлүк эркинин кыйа тэлгэтэр, ол үрдүгэр Сүөдэр кулун тириитэ сонун быраҕар:

– Абыта-ай! Дэлби бустум, – дии-дии сүүһүн көлөһүнүн соттор.

Сүөдэр буруолуу сылдьар уоттаах киини тутан тахсан атын аттыгар эмиэ түптэ уурар. Түптэ аһыы буруота муннун кычыгылатарыттан тарылаччы тыбыыра-тыбыыра, ат сүмэһиннээх күөх оту сиэн, тииһин тыаһа курдурҕас.

Өтөх иһигэр Сүөдэр атын ыҥыырын, сөрүөтүн көтөҕөн киллэрэр. Маайа ону көрөн этэр:

– Сүөдэ-эр, манна аҕалан тэлгэт… Сылайбытыҥ буолуо, сытан сынньана түс.

Сүөдэр, кырдьык сылайбыт этэ: бөөлүүн түүн ортотун саҕаттан ыла кини балачча ыраах сири хаамта. Сөрүөнү тэлгээн, кычымы сыттанан орон оҥостоллор. Сүөдэр кулун сонун саптан, кэргэннии дьон быһыытынан, хоонньоһон сыталлар.

– Сүөдэр, бу биһиги ханна баран иһэбитий? – диэн Маайа ыйытар.

Кырдьыга, ону Сүөдэр бэйэтэ да билбэт. Кини Дьаакыбылап кулуба сириттэн, дьиэтиттэн ураты сири, дьиэни билбэт даҕаны.

– Намҥа тиийэрбит буолуо, – диир Сүөдэр бэрт симик баҕайытык. Хантан кини саҥата көхсүн иһиттэн тахсыа баарай, Намҥа да тиийэн Дьаакыбылаптаахха эрэ киириэхтэрэ. «Оо, кини обургу аппын илдьэ бара сылдьыбыккын диэн төһө эрэ бардьыгыныыр, үөхсэр», – диэн уол иһигэр куттана саныы сытар.

– Сүөдээр, эн биһикки, саатар, маннык өтөхтөөхпүт буоллар, оһоҕун симэн, киинэн, буорунан хайаҕастарын сыбаан, буруо таһааран, ыал буолан олоруо этибит, – диэн баран Маайа Сүөдэри сып-сылаастык кууһар.

Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини санаата Дьаакыбылап кулубалаахтан арахпат. «Кинилэр обургулар Маайаны хайдах эрэ күлүү гына, үөҕэ-ыыстыы көрсөллөр. Ханна барбыт киһи кинилэр харахтарыттан, тылларыттан куотуох бэйэтэ булуой?» – дии саныыр.

– Сүөдээр, тоҕо саҥарбаккыный?

– Үчүгэй буолуо этэ… Ону, суох кыһалҕата баар эбээт, – диэн баран Сүөдэр үөһэ тыынан кэбиһэр.

– Бэйи эрэ, оттон эн дьонуҥ дьиэлэрэ, өтөхтөрө ханна барбытай? – диэн Маайа ыйытар.

– Мин да дьонум дьиэлэрэ диэн, сураҕа, биир балаҕан баарын Дьаакыбылап кулуба көһөрөн киллэрэн сайыҥҥы дьиэ оҥостон олорор, онтон атын туох да суоҕа үһү.

Маайа саҥата суох сыппахтыыр уонна Сүөдэр диэки үөрбүт курдук көрүтэлиир, мэктиэтигэр олоро түһэр:

– Сүөдээр, биһиги кинилэргэ, Дьаакыбылаптаахха, тиийиэх… «Дьиэбитин аҕалыҥ, биһиги бэйэбит ыал буолабыт», – диэх.

– Биэрбэт тойон буолуо эбээт.

Кинилэр ити курдук кэпсэтэ сытан, түүн утуйбатах дьон, ууларыгар таттаран, түргэн баҕайытык утуйан хаалаллар.

Уһуктубуттара – күн хайа сахха арҕаалаабыт. Өтөх таһыгар аһыҥалар атахтарын хатыытынан кынаттарын аалан сырдырҕаталлар. Аттарын тииһин тыаһа иһиллибэт, быһыыта, тото аһаан баран сыттаҕа. Сүөдэрдээх Маайа улаханнык аччыктаабыттар.

Сүөдэр, киһини билэр буолуоҕуттан үгүстүк аччыктаабыт буолан, тугу да саҥарбат. Оттон Маайа урут хаһан да аччыктаан көрө илигэ, аһыан эрэ баҕардар: «Аста аҕалыҥ, аһыахпын баҕардым!» – диирэ. Сонно тута таптыыр аһа барыта баар буолара. Кини ол үгэһинэн:

– Сүөдээр, аһыахпын баҕардым! – диир.

– Мин да аччыктаатым буолан баран, манна аһы хантан булуоххунуй?.. Ас суох! – диэн кэбиһэр.

Бу этэ Маайа төрүөҕүттэн ыла аан маҥнай улаханнык аһыан баҕарбыта уонна ас булан аһаабатаҕа диэн.

Сүөдэр турар. Маайа, аччык буолан, туруон да баҕарбат. «Ийэм сыҥалыы сатыыра да, аһаабат этим… Оо, ол астар билигин да баар буолбаттар ээ», – дии саныы сытар кини.

– Маайа, тур… Аппытын ыҥыырдаан барыах, – диир Сүөдэр уонна сөрүөтүн, кычымын ылан тахсар.

Маайа, аччыктаан, мэктиэтигэр халлаан түгэҕэ көстүбэт күөх байҕал курдук мэндээрэн турарын, тула өттүлэригэр араас өҥнөөх сибэккилэр баалларын, лыах көтө сылдьарын барытын өйдөөн көрбөт.

Сүөдэр атын ыҥыырдаан бүтэн кэлэр:

– Соммун аҕал, ыҥыыр кэннигэр ууруум, мэҥэстиэхпит.

Аччыктаабытыттан хатан хаалбыт бэлэһигэр силин ыйыста-ыйыста, Маайа ыйытар:

– Ыал мантан төһө ырааҕый?.. Онно тиийэн, саатар, чэй иһиэ этибит.

– Мантан икки көс кэриҥнээх сиргэ биир дьадаҥы ыал олорор, – диир Сүөдэр уонна, Маайаны мэҥэһиннэрэн, сыыдам соҕустук атын хаамтаран барар.

Кинилэр иннилэригэр суол эмиэ, быстыбат ситим буолан, уулаах маардары кыйа, бадарааннаах от үрэхтэри туораан, бүттэр бүппэккэ баран иһэр. Сорох ардыгар суолларын аттыттан кустар көтөн сирдьигинэһэн тахсаллар. Улахан күөллэри аттынан ааһан иһэн көрдөхтөрүнэ, сарбынньахтаах хаар тыалга өрө-таҥнары ытылларын курдук, тыыраахылар туртаҥнаһаллар.

Сотору күн киэһэрэн, халлаан илиҥҥи иитэ көҕөрө боруоран барар. Ханна эрэ аҥыр оҕустуу айаатаан бөөҕүнүүр, ол ортотугар үөһэттэн туох эрэ сүр баҕайытык күһүгүрээн түһэр. Маайа онтон барытыттан куттана иһэр, Сүөдэри кэнниттэн ыбылы кууһар уонна хараҕын кырыытынан халлаан диэки көрө-көрө:

– Сүөдээр, ити тугуй? – диэн ыйытар.

– Э-э, үгүрүө баҕайы күһүгүрүүр.

– Тоҕо ити курдук күһүгүрүүрүй?

– Ээ, ити туһунан эҥини барытын кэпсииллэр.

– Туох дииллэрий? Кэпсээ эрэ.

– Үгүрүө ити курдук күһүгүрүүрүн туһунан бу курдук кэпсииллэр: «Таҥара бэрт былыр, хамсыыр харамайы айарын саҕана, ханнык көтөр төһө сымыыттаах буоларын барытын быһаарбыт. Онно үгүрүөнү көтөрдөртөн эрэ барыларыттан аҕыйахтык, түөртэ эрэ, сымыыттыыр гына айбыт. Оттон оннооҕор чыркымай куһу тоҕуста сымыыттыыр гына оҥорбут. Үгүрүө сымыытын ахсаанын мыынан турбут. Таҥара, кини көрдөһүүтүн истиминэ эрэ, ырайыгар көтөн хаалбыт. Үгүрүө таҥараны эккирэтэн үөһэ тахсыбыт да – хантан кыайан ситиэй! – куоттаран кэбиспит уонна хаһыытаабыт:

– Сымыыппын эппэт буоллаххына, халлаантан сиргэ дэлби түһэн өлүөм!

Үгүрүө онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри таҥараны куттуу сатыыр да, хата таҥарата кини көрдөһүүтүн истиэх эрэ быһыыта суох», – диэн Сүөдэр бэрт өрдөөҕүтэ Сөдүөччүйэ эмээхсин сэһэнин истибитин кэпсиир.

Маайа утаакы буолаат, туохтан эрэ санаарҕаабыт курдук, саҥата суох испэхтээн баран эттэ:

– Ама, таҥара оннук аһынар сүрэҕэ суоҕа буолуо дуо? Эрэйдээххэ сымыытын эбэн да биэриэ эбит.

Борук-сорук буолуута айан дьоно лүүчүттэр сирдэрин биир киэҥ күөлүн халдьаайытыгар олорор балыксыт Кыдама оҕонньорго тиийэллэр.

Бу ыал киэһэ аһылыктарын аһыы иликтэр эбит. Улахан дьэс алтан солуурга бөдөҥ соҕус соболору буһарбыттар. Оһоҕу тула, соболоро буһарын кэтэһэн, бэрт элбэх кыра оҕолор баттахтара күкээрэн тураллар. Оҕолортон улаханнара – уончалаах кыыс эрэ тырыттыбыт даба ырбаахылаах, киниттэн кыралар бары ийэттэн төрөөбүтүнэн сылдьаллар.

Кыдама баайдар мастарын кэрдэн бакыгыр атахтаммыта, отторун оттоон уһун илиилэммитэ. Дэлэҕэ, киниэхэ «Кыдама» диэн хос аат иҥиэ дуо? Баайдарга төһөлөөх элбэх оту кэбиспитэ буолуой? Кинилэр нэһилиэктэрин кинээһэ Ньоҕоро баай Киэҥ эбэҕэ баара-суоҕа аҕыс эрэ сиргэ от кэбистэрэр. Биирдии кэбиһииттэн сүүстэн тахсалыы сыарҕа от тахсар. Ол оттору кэбиһэллэригэр үрдүгэр алта киһи уонна түөрт ат тэпсэр. Онно кини биир бастыҥ кыдамаһыт.

Кыдама оҕонньор сыл устатыгар бу сааскы аҕыйах хонукка эрэ дьиэтигэр олорор, ыам балыгын бултаан дьонун тото аһатар, бэйэтэ сынньанар. Дьэ ол кэннэ маҥнайгы хотуур түһүөҕүттэн күһүн Бокуруоп таҥара кэлиэр диэри от үлэтигэр баайдарга сылдьар.

Дьиэлээх дьахтар, ыалдьыттарын диэки килип-халып көрүтэлии-көрүтэлии, собону хоторор. Буспут собо минньигэс сыта аччык дьон муннуларыгар дьар гына түһэр, иҥсэлэрин көбүтэр.

«Баай ыал – тобоҕунан, дьадаҥы ыал – баарынан-суоҕунан аһатар» диэн саха өһүн хоһооно баар, ол курдук, бу ыалдьыт оҕолор, балык сиэх буоллаххытына, остуолга кэлиҥ», – диэн дьиэлээх дьахтар ыҥырар.

Сүөдэрдээх Маайа, саҥата суох остуолга кэлэн, собо сиэн бараллар. Соболоро сиэтэхтэрин аайы улам минньийэн иһэр. Маайа хаһан да маннык минньигэс эттээх балыгы сиэбитин өйдөөбөт. Соҕотох биир хонук иһигэр бары-барыта уларыйар да буолар эбит! Дьонун аахха олордоҕуна, аһыыр аһа барыта амтана суох сымсах буолара. Билигин ас амтана минньийбит даҕаны!

Собо сиэн, миин иһэн тотон эрдэхтэринэ, дьиэлээх дьахтар, ыалдьыттарын диэки эмиэ килип-халып көрүтэлээн баран, ыйытар:

– Эдэр оҕолор, хоноҕут дуу, ааһар дьонноргут дуу?

Сүөдэрдээх Маайа, күнүс утуйбут буоланнар, билигин утуйуохтарын букатын баҕарбат этилэр. Ол эрээри Сүөдэр Маайаны сылайбыта буолуо дии санаан:

– Хонон да ааспыт киһи… – диэн эрдэҕинэ, Маайа быһа түһэр:

– Суох, биһиги тиэтэйэбит, барыахпыт!

Кыдама, ыалдьыттарын көрө-көрө, таайа сатыыр: «Бу аргыстар дуу, уруулуулар дуу?» – диэн. Кини аргыстар диэҕин дьоно хайдах эрэ чугастыы курдук тутталлар, оттон уруулуулар диэҕин кыыс олус ыраас, олус нарын, уол буоллаҕына – хамначчыт курдук көрүҥнээх. «Хайдах бу икки аҥыы иитиилээх дьон биир аты мэҥэстэн истэхтэрэй?» – диэн оҕонньор мунаарар.

Аһаан бүппүттэрин кэннэ Кыдама оҕонньор этэр:

– Хонон ааһар буоллаххытына, утуйан турар орон баар, таҥас эрэ суох.

Сүөдэрдээх: «Хонон ааһабыт дуу?» – диэн саараан олороллорун көрөн, дьиэлээх дьахтар Маайаттан быһа-бааччы ыйытар:

– Бу… эһиги, кэргэннии буолаҕыт дуу? Биитэр бу эн сирдьит киһиҥ дуу?

Маайа туох да диэн булбат. «Кэргэннии буолбатахпыт» диэҕин Сүөдэр өһүргэнииһик, «кэргэнниибит» диэҕин бу ыал хайдах эрэ уорбалаабыт курдук көрөллөр.

– «Айан киһитэ аргыстааҕын, суол киһитэ доҕордооҕун таптыыр» диэн өс хоһооно баар буолбат дуо? Биһиги ол курдук истэхпит дии, – диир Маайа быһаарыыта суохтук. – Чэ, Сүөдэр, барыах!

Сүөдэр саҥата-иҥэтэ суох атын ыҥыырдыы тахсар. Дьиэлээхтэр мунан хаалан олороллор.

– Ким айаҥҥа сылдьыбыт буолан, ону истибитэ баарай, – дии-дии дьиэлээх дьахтар собо сиэбит иһиттэрин кыл күлбүһэҕинэн сууйан барар. Кини Маайа быһаарыыта суох этиитин астыммата, итэҕэйбэтэ.


* * *

Кыдамалаахтан тахсан, аттарын мэҥэстэн, эмиэ уһун суолу батыһан бараллар. Суоллара бу ыал олорор алаастарын халдьаайы өттүнэн, киһи уҥуохтаах тумулу аннынан ааһар. Маайа киһи уҥуоҕун ааһан баран этэр:

– Сүөдэ-эр, эн киһи уҥуоҕуттан куттаммаккын дуо?

– Соҕотох буоллахпына, хайдах эрэ дьиксинэ санааччыбын.

– Соҕотоҕун сылдьан абааһыны көрбөккүн дуо?

– Билиҥҥитэ көрө иликпин.

– Абааһыны көрбүт дьон кэпсээннэрин истэриҥ дуо?

– Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин кэпсиирин истэрим, – диир Сүөдэр уонна атын тэһиинин хамсатан, түргэтэтэн биэрэр.

Сөдүөччүйэ эмээхсин аатын Маайа аан бастаан иһиттэ. «Сүөдэр туох эмээхсинин кэпсиирий?» – диэн дьиктиргээн:

– Ити «Сөдүөччүйэ эмээхсин» диэн ханна баар эмээхсини ааттыыгыный?

– Сөдүөччүйэ эмээхсин дуо?.. Икки хараҕа суох, биһиги Дьаакыбылап кулубабыт хамначчыта… Эдэр эрдэҕиттэн кинилэргэ олорон кырыйда, икки хараҕынан көрбөт буолбута…

– Икки хараҕа суох эмээхсин… Эрэйдээхтэн тугу туһанаары ол ыал олордоллоруй?.. Тугу эмэни да буоллар туһалыыр дуу?

– Мин кыра эрдэхпинэ өйдүүбүн, ол эмээхсин харахтааҕа. Хойут хараҕа суох буолбута… Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээҕи мин ийэм кэриэтэ саныыбын… Кини миигин, тулаайах уолу, көрөн-харайан, көмүскэһэн киһи оҥорбута… Билигин да Дьаакыбылап кулуба суоратын-хааһытын босхо сиэбэт, күннэтэ аайы ынахтарын быатын, аттарын көнтөстөрүн хатан сордонор.

– Сүөдээр, ол эмээхсин бэйэтэ төрөппүт оҕото, кэргэнэ суоҕа дуо?

– Мин билиэхпиттэн ыла соҕотох: кэргэнэ да, оҕото да суох.

– Эрэйдээх, кими да таптаахтаабатах бэйэтэ буоллаҕа дии, – Маайа үөһэ тыынар.

– Былыр, эдэр кыыс сылдьан, Дьаакыбылап кулуба аҕатын хамначчытын, биир эдэр киһини, сөбүлүү көрбүтэ үһү. Ол киһи тойонун аах субан сүөһүлэрин өрүс арыытыгар киллэртии сылдьан ууга түһэн өлбүт. Онтон ыла аҥаардас кырдьаахтаабыт… Эн даҕаны Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээҕи сөбүлүөҥ, таптыаҥ.

– Сүөдэр, ол эмээхсин тугу кэпсиирэй?.. Чэ, кэпсээ.

Сүөдэр ол-бу диэки көрүтэлиир. Саха сирин сайыҥҥы түүнэ бүтэн эрэр. Киэҥ сир хайдах эрэ сырдаабыт курдук буолбут. Оттон ойуур иһэ билигин да боруҥуй турар. Халлаан илиҥҥи иитэ саһаран көстөр.

Суоллара киэҥ Ньидьили эбэ хотугулуу-илин эҥээринэн ааһар. Улахан күөл көтөрө-сүүрэрэ элбэҕэ сүрдээх. Күөл маһын саҕатыгар баар ууттан атыырдаах тыһы көҕөннөр көтөн куһугураһан тахсаллар.

Көҕөннөр көппүт сирдэрин ааһалларын аҕай кытта, суолларын аттыгар самнайбыт балаҕан көстө түһэр.

– Бу үүтээҥҥэ киирэн сынньанан ааспаппыт дуо? – Сүөдэр Маайаттан ыйытар.

– Кэбис, абааһылааҕа буолуо, – диир Маайа куттаммыт куолаһынан.

– Куттаныма, манна балыксыт олорор. Хата, киирэн балыкта сиэн ааһыах, – Сүөдэр атыттан түһэн иһэн Маайаны ыҥырар.

Маайа, атыттан түһэр да, үүтээн аттыгар чугаһаабат. Сүөдэр атын тэһиинин туттаран баран бэйэтэ үүтээн иһигэр дьылыс гынан хаалар. Сотору аан аһыллар. Сүөдэр аанынан быһаҕаһыгар диэри быган туран ыҥырар:

– Маайа, аккын маска баай уонна киир!

Маайа, атын баайан баран, үүтээн иһигэр киирбитэ, үөлүллүбүт балык минньигэс сыта муннугар саба охсор.

Сүөдэр үүтээн оһоҕор мас ууран, уот оттор. Дьиэ иһигэр ким да суох. Биир муннукка тэллэх сытар. Балыксыт бултуу барбыт быһыылаах.

– Маайа, мин үнүрүүн манан ааһан иһэн тымтайга собо ылан ааспытым ээ, – диэн кэпсии-кэпсии Сүөдэр, үтэһэлээх собону ылан, уҥуохтуун «кучур-хачыр» ыстаан барар.

Маайа, дьиэлээх киһи суоҕуна аһын аһыыр сатаммата буолуо дии санаан, аһаабакка олорор. Сүөдэр, ону көрөн, мичээрдии-мичээрдии этэр:

– Тоҕо аһаабаккыный? Аһаа.

– Ыйытыыта суох аһыырбыт сөп буолуо дуо?

– Манна бэрт үчүгэй оҕонньор бултуур. Кини сааскы быйаҥы кимтэн да харыһыйбат. Хата тото аһаа.

Маайа минньигэс эттээх эмис собону үөрэ-көтө тото сиир. Бу кэмҥэ киниттэн ордук дьоллоох кыыс аан дойду үрдүгэр суоҕун курдук. Кини урут хаһан да аһаабатах минньигэс амтаннаах аһын аһыыр, таптыыр кэргэнин Сүөдэри кытта бииргэ сылдьар. Маайа санаатыгар мантан ордук дьол суох курдук.

– Сүөдээр, эн биһиккиттэн ордук, ама, ким дьоллооҕо буолуой?! – диэн баран Маайа Сүөдэрин кууһар уонна төбөтүн кини түөһүгэр уурар.




III


Бу үүтээнтэн икки хонук устата бадарааннаах, уулаах, элбэх үрэхтэрдээх, үрдүк дулҕалардаах Кэбээйи сиринэн айаннаан, аччык бөҕөнү көрөн, бырдах аһылыга буолан, уһун суол сорун-муҥун билэн, Сүөдэрдээх Маайа Нам улууһун сиригэр киирэллэр.

Манна Сүөдэр билэр ыалыгар сылдьаллар. Ол ыал Дьаакыбылап кулуба бу диэкинэн атын көрдөтө сылдьыбытын кэпсииллэр.

– Оҕонньор улаханнык кыыһырар, – диэн кинилэр кэпсээннэрин түмүктүүллэр. Сүөдэр, ону истэн олорон, улаханнык мөҥүллүбүт дуу, таһыллыбыт дуу оҕо курдук буолар. Маайа ону өйдөөн көрбөт. Кини тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн сынньана охсуон эрэ баҕарар.

Сүөдэр бу ыалтан тахсан баран, хайдах эрэ аат харата хамсыыр. Ону үтүктүбүт курдук, ата эмиэ бытааннык хааман налыҥныыр. Ыалларыттан ыраата түһээт, Сүөдэр аргыый аҕай Маайаҕа этэр:

– Мин дойдубар кэллибит буолан баран, ханна барабыт?

Кырдьыга, Маайа ханна барсан иһэрин бэйэтэ да билбэт. Кини Сүөдэр ити ыйытыытын соһуйа иһиттэ:

– Хайдах?.. Эн баччааҥҥа диэри кимнээххэ, ханна олорбуккунуй, онно барыахпыт буоллаҕа дии.

– Тойонум саанар үһү буолбат дуо?.. Эн биһиккини сорбутун сордуура буолуо… Хата, ол кэриэтэ… Киллэмҥэ мин биир билэр атыыһыттаахпын, онно ааһыах.

– Ол атыыһыт чугас олорор дуу, Дьаакыбылаптаах чугастар дуу?

– Дьаакыбылаптаахха бу кэллибит… оттон ол атыыһыттаах мантан аҕыс көс кэриҥэ антах олороллор.

– Оччоҕо Дьаакыбылаптаахха тохтуубут… Эн дьонуҥ дьиэлэрин биһиэхэ биэрдин, туспа олоруохпут.

Маайа билигин да баай Харатаайап кулуба кыыһыныы сананар. Ол да иһин этэллэр эбээт: «Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун», – диэн. Кини ыал хамначчыта кэргэннээхпин эрэ дии санаммакка иһэр.

Сүөдэрдээх, төһө да бытааннык аттарын хаамтардаллар, син сирдэрэ хоронон, Дьаакыбылап кулубалаах улахан дьиэлэрин аттынан кэлэн ааһаллар. Өлүү болдьохтоох, Дьаакыбылап кулуба ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин олбуорун ааныгар тахсан, күлүккэ сөрүүкээн марбаллан олорор. Кини, Сүөдэр үчүгэйкээн сирэйдээх, ыраас сиидэс ырбаахылаах кыыһы атыгар мэҥэһиннэрэн кэлбитин көрөн: «Харатаайап кулуба кыыһын аҕаллаҕа», – диэн сэрэйэ охсор. «Оҕобун, Сүөдэркэни, сирбит абакката баар эбээт!» – диэн иһигэр тырытта түһэр да, собус-соруйан дьон иһиттин диэн, улаханнык хобдьоорор:

– О-ок-сиэ-э! Харатаайап кулуба кыыһа, ыал хамначчытыгар эргэ тахсан, сүктэн, килэйэн-халайан истэҕэ тугун бэрдэй!

Маайа тугу саҥарыай, сирэйэ кытара түһэр, күөмэйин туох эрэ аһыы кэлэн бүөлүүр. Хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Бачча улаатыар диэри ким да ити курдук күлүү гына, саҥара илигэ.

Дьаакыбылаптаах олбуордарын иһиттэн түөрт харахтаах сүр улахан күөрт ыт үрэн маргыйбытынан ойон тахсар. Маайа, ыттан соһуйан, куттанан, дьигис гына түһэр уонна, ити олбуор аанын аттыгар олорор дьахтар иһиттин диэн, обургутук саҥа аллайар:

– Бу дойдуга бэл ыттыын атыҥыраан, туораттан көстүбүтү барытын үрэллэр эбит дуу?

Сүөдэр, этиһии тахсаары гыммытыттан куттанан, атын көнтөһүнэн быһа охсон тиэтэтэн биэрэр.

– Кэллэ кэлээт, миигин ыкка холообут, ытынан үөхпүт буола-буола! – Огдооччуйа оргуйа хаалар.

Сүөдэр, Дьаакыбылаптаах олбуордарын ааныттан ыраатан баран, Маайаны сэмэлиирдии этэр:

– Маайа, саҥарыа суох этиҥ… Тоҕо кинилэри кыыһырдаҕыный?

– Сүөдэр, уу намыһах сиргэ мунньустар, киһи атаҕастыыр киһитин саҥарар. Мин киниэхэ атаҕастатыам суоҕа!


* * *

Дьаакыбылап кулуба ойоҕо, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола богдоччу кыыһыран, суолугар түбэспити барытын түҥнэритэ көтөн дьиэтигэр киирэр. Дьаакыбылап кулуба улуус суруксутунуун «ыраахтааҕы суолун төлөбүрүн» нэһилиэк кинээстэрэ хайдах толорбуттарын суоттуу олороллор. Огдооччуйа, бабыгырыы-бабыгырыы, кинилэр үлэлии олорор хосторун аанын тэлэччи аһар уонна абарбыт-сатарбыт хараҕынан чолбоодуччу көрөн туран хаһыытаан бөтүөхтүүр:

– Сылгыһыт Сүөдэриҥ биир дьахтары сүгүннэрэн аҕалла! Таҕыс, тэһииннэрин тут!

Дьаакыбылап кулуба кэргэнин диэки: «Бу дьахтар иирдэ дуу?» – диэбиттии көрүтэлиир. Суох, Огдооччуйа иирбит быһыыта биллибэт. Кыыһыран, холбо күрдьэх саҕа уһун ньолбуһах сирэйэ ахсынньы ый алтыс эргэтигэр күн кытара тахсан эрэрин курдук буолбут.

– Туох-туох диигиний? Киһи өйдүүр гына кэпсээ! – Дьаакыбылап, быраабатыгар олорон, ханнык эрэ оҕонньор дуу, эмээхсин дуу атаҕастатан үҥсэ кэллэҕинэ саба күргүйдээн ыйытарын курдук, көбүөлээн ыйытар.

Огдооччуйа төбөтүн хамсата-хамсата:

– Сылгыһыт Сүөдэриҥ кэллэ диибин… Быһыыта, Харатаайап кулуба кыыһын уоран дуу, күрэтэн дуу аҕалла диибин… – диэн кэпсээн эрдэҕинэ, Дьаакыбылап кулуба сирэйэ дьэбин уоста түһэр.

– Ата?.. Атым баар дуо? – диэн кини туох-ханнык иннинэ сүтүгүн сураспытынан ойон турар.

– Ойох ыллара аттаан, таҥыннаран ыыппытыҥ буолбат дуо? Ойох сүгүннэрэ барбыт киһи сатыы сылдьыа дуо? – Огдооччуйа кэргэнин үгэргээн, хаарыйан ылар.

Дьаакыбылап сирэйэ сырдаан, хаана ырааһыран кэлэр. Кини ата баарыттан улаханнык үөрэр.

– Ойохтоох кэллэ диигин дуу?.. Онуоха туох баарый, хамначчыт илии эбилиннэҕэ дии! – диэн баран күлэн күһүгүрэтэр.

Огдооччуйа сирэйэ ордук кытаран барар, куһаҕан баҕайытык эрин диэки көрөн кэбиһэр.

– «Онуоха туох баарый» диэбит буола-буолаҕын, далай акаары, итинтэн ордук эн тугу этиэҥий! Сылгыһыт аҕалбыт илэчиискэ дьахтара… миигин көрдө-көрөөт, ыкка холоон, үөҕэн ааста!.. Бэркэ «баһылыкпын» диэн багдаҥныыгын, «кулубабын» диэн хобдьоороҕун… Чэ бэйи, көрүөхпүт, тыллаах соҕус дьахтар кэлбит быһыылаах, эйигин да үөҕэрэ буолуо! Бачча сааспар диэри миигин ким да сэмэлии-сиилии илигэ, арай кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр ити ыкка холонноҕум, – диэн баран Огдооччуйа олоппоско бүк түһэр.

Дьаакыбылап туох да диэн булбат. Кини хамначчыта Сылгыһыт Сүөдэр хантан, туох дьахтары аҕалбытын бэйэтэ да билбэт. Ол дьахтар, ама төһө да тыллааҕын иһин, хайдах көрдө-көрөөт дьиэлээх хотуну үөҕүөй? Оҕонньор, Огдооччуйа ытаан ыгыллаҥныы, бөтүөхтүү олороругар кэлэн, дьогдьуурдаах куопталаах эҥил баһыттан тардыалыы-тардыалыы аа-дьуо этэр:

– Ол хайдах көрдө-көрөөт ытынан үөҕэр дьахтар кэлбитэй? Туох эрэ диэбитиҥ, саҥарбытыҥ буолуо?

Огдооччуйа кэргэнин тобулута көрүтэлиир:

– Бачча кырдьыахпытыгар диэри бииргэ олордубут. Миигин билбэккэ дылы… Саҥарбыт да буоллахпына, онуоха туох баарый?! Аанньа дьахтар ыал хамначчытын батыспыт үһүө?.. Кини солото сууллуо суоҕа… Олоруоҥ дуо? Буой, тохтот! Аны манна сүгэлэнэн-быһахтанан кэлэрэ буолуо, – Огдооччуйа эмээхсин хамсанара-имсэнэрэ эрчимирэр.

Дьаакыбылап кулуба хамначчытын Сылгыһыт Сүөдэри кытта кэпсэтиэҕэ элбэх. Сылгыһыт уонча хонук устата кини быраабаҕа барарыгар-кэлэригэр миинэр атын уоран илдьэ сырытта, ону таһынан хайа дьахтары тоҕо аҕалбыта, ол дьахтар көрдө-көрөөт кини кэргэнин ыкка холоон, үөҕэн ааспыта барыта киниттэн ирдэниэхтээх. Кулуба, дохсун муҥнаан, сонно тута Сүөдэри ыҥыртаран киллэртэрэ сорук-боллур уолун Малаанайы ыыта охсор.


* * *

Сылгыһыт Сүөдэр кэргэнинээн Маайалыын хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарыгар киирэллэр. Бытархай таастаах туос түннүгүнэн сааскы халлаан сырдыга кыайан киирбэт буолан, дьиэ иһэ борук-сорук. Икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин сыгынньах ньилбэгэр сылгы сиэлинэн ынах быатын хатан муҥнана олорор. Илбирийбит эргэ таҥастаах кыргыттар суорат бүрүйэ сылдьаллар.

Сүөдэрдээх киирээттэрин кытта, били Сүөдэр түүн быалаах тахсыбытын көрөн баран дьону уһугуннарбатаҕар сэмэлэммит Малаанньыйа кыыс саҥа аллайа түстэ:

– Чэ, эмээхсин, уолуҥ Сүөдэр кэллэ, тыыннаах эбит!

– Бай даа, оҕом Сүөдэр кэллэ дуо?! – диэн баран эмээхсин хата олорбут быатын уурда уонна, сааскы ньургуһун күнү батыһа хайыһарын курдук, дьон саҥата иһиллэрин хоту эргийдэ.

– Эмээхсиэн, мин кэллим, – кыргыттар саҥарыахтарын иннинэ Сүөдэр бэйэтэ эттэ.

– Оҕом, Сүөдэр, бу ханна баран хаалаҥҥын биһигини куттаатыҥ?

– Соччо ырааппатаҕым…

Кыргыттар хаҥас диэкиттэн Маайаны одуулаһаллар, тугу эрэ кэпсэтэн ботугураһаллар. Сөдүөччүйэ эмээхсин, ону истэн, сирэйин аны кинилэр саҥаларын хоту эргиттэ.

– Хотуктаар, тугу сибигинэһэн ботугурастыгыт?

Кыргыттар килбигийбит курдук ах бараллар. Арай Малаанньыйа кыыс Маайа диэки көрөн баран:

– Эмээхсиэн, Сүөдэриҥ соҕотох буолбатах, – диир.

– Тоойуом, кими кытта кэллиҥ? – Сөдүөччүйэ Сүөдэртэн ыйытар.

– Кэргэммин аҕаллым.

Кыргыттар күлсээри бырдырҕаһан баран туттуналлар. Сөдүөччүйэ эмээхсин кинилэр диэки, кыыһырбыт курдук, хайыспахтаан баран, эмиэ Сүөдэргэ эргиллэр:

– Тоойуом, кэргэҥҥин көрдөрүүй!.. Аата ким диэний? Ханна төрөөбүт оҕонуй?

Маайа, хап-сабар хааман, Сөдүөччүйэ эмээхсиҥҥэ кэлэн, илиитин туттарар. Эмээхсин, кини илиитин туппахтаан көрөн баран, бэйэтигэр чугаһата тардар, илиитинэн Маайа таҥаһын тутан көрөр уонна кинини, мээрэйдээн эрэрдии, имэрийэр.

– Эбээ, мин Маайа диэн ааттаахпын… Бүлүү сиригэр төрөөбүтүм.

– Баай ыарахан үлэтин билэ илик нарын илиилээх барахсан эбиккин… Сору көрөөхтүүрүҥ буолуо, – Сөдүөччүйэ үөһэ тыынан ылар. – Туох буолуой, үлэлээн киһи үлэһит буолар, үөрэниэҕиҥ, – диир эмээхсин Маайаны илиититтэн тутан олорон. – Көр эрэ, оҕом Сүөдэр кэргэннэммит… Харахтаах гынан баран, эһигини көрбүт киһи баар ини!

Дьиэ иһигэр Сөдүөччүйэ эмээхсинтэн ураты ким да суоҕун курдук уу чуумпу. Кыргыттар балаҕан хаҥас муннугар чөмөхтөһөн тураллар. Сүөдэр уҥа ороҥҥо санаарҕаабыт курдук олорор.

Эмээхсин Маайаны туппахтаан, бигээн көрөн баран кыргыттары соруйар:

– Хотуйдаар, чэйдэ сылытыҥ! Оҕолорум суолтан сылайан-элэйэн кэлбиттэрэ буолуо.

– Мин чэй өрүөм, – диэт хатыҥыр, кубарыйбыт хааннаах Балбаара кыыс күөх чаанньыкка уу кутан туруорар, оһоххо мас быраҕар. Сотору дьон киэһээ аһылыктарыгар хааһы өрүнээри, солуурдарын эмиэ уот аттыгар туруораллар.

Маайа бу Сөдүөччүйэ эмээхсини хайдах эрэ аан бастааҥҥыттан сөбүлүү көрдө. Суол устатын тухары Сүөдэриттэн бу эмээхсин кэпсээннэрин истибит буолан, кинини бэрт өрдөөҕүттэн билэр курдук санаата.

Балбаара кыыс уокка туруорбут чаанньыга саҥа сылыйан сыыгынаан эрдэҕинэ, эмискэ тас аан аһылла түһэр да, тойоннорун илдьиккэ сылдьар уола Малаанай Ньукулай сирэйэ мылтас гынар:

– Сүөдээр, тойонуҥ ыҥыртарар. Бэрт түргэнник, сип-сибилигин киниэхэ тахса охсуоҥ үһү!

– Бэйи, чэйдээн тамахпын сиигирдэ түһэн баран… – диэн Сүөдэр этэн эрдэҕинэ, Малаанай ситэ этиппэт.

– Эн өссө чэйдии олорууһуккун дии?.. Тойонуҥ көһүтэн олорор, тахса оҕус!

Дьаакыбылап кулуба Малаанай Ньукулайы, ыгымын, түүрэ тутарын иһин сөбүлээн, сорук-боллур уол оҥостубута. Баайдар маннык уолларын «бөтөспүт» диэн киһиргэтэн ааттааччылар.

– Сүөдээр, тойонуҥ ыҥыртарар буолтун кэннэ таҕыстаҕыҥ дии, – диир Маайа.

Сүөдэр Малаанайы кытта барсаары дьиэ иһиттэн тахсар. Кини кэнниттэн аан сабыллан «лап» гына түһэр. Маайа, соҕотох хаалан, кэри-куру буолан олорор. Кыргыттар хаҥас диэкиттэн дьэ тахсаллар, Маайаттан харахтарын араарбаттар.

– Сүөдэри… кулуба мөҕөрө буолуо.

– Ол тоҕо мөҕөрүй?

– Атын илдьэ бара сылдьыбытын иһин, – диир Балбаара кыыс.

– Э-э, баҕар, мөҕүө суоҕа. Кэргэн аҕала барбыт киһи ыраах сиргэ сатыы барыа дуо?! – диир Малаанньыйа кыыс.

Балбаара чаанньыгы уоттан таһааран, остуолга уурар, долбууртан биир үрүҥ чааскыны аҕалар, хаппыт лэппиэскэни, тоһута тутан баран, ылтаһын тэриэлкэҕэ уурар.

– Чэ, Маайа, чэйдээ!

Маайа, аччык буолан, аһыан баҕарар да, хайдах Сүөдэрэ суох соҕотоҕун аһыы олоруой?

– Бэйи тохтооҥ, Сүөдэр киирдин, бииргэ чэйдиэхпит.

Маайа кэргэнин Сүөдэри көһүтэ сатыы олорор. Оо, көһүттэххэ, өр да буоллаҕа!


* * *

Сылгыһыт Сүөдэр тойонун аах дьиэлэригэр киирбитэ – Дьаакыбылап оҕонньор аан хоско кинини көһүтэн соҕотоҕун олорор.

Сүөдэр киирэн, «тойонум туох диир» диэн, саҥата суох көһүтэн турбахтыыр. Дьаакыбылап, күрдьүөттээбит оҕус курдук, кыыһыран богдойбут, тугу да саҥарбат.

Сүөдэр өр тулуйан саҥата суох турбат. Тэпсэҥнээмэхтээн баран:

– Кэллим… Туохха ыҥыртардыҥ? – диир.

– Ноко-о, ойох сүгүннэрэн кэллэ дэһэллэр, ол кырдьык дуо?

Сүөдэр эмискэ көлөһүн алла түһэр, сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытарар.

– Кырдьык, – диир аат эрэ харата.

– Ол ким диэн бэйэлээҕи сүгүннэрэн аҕаллыҥ? – Дьаакыбылап ыараан, иҥиэттэн ыйытар.

– Харатаайаптаах кыыстарын, – Сүөдэр иһиллэр-иһиллибэттик хардарар.

– Туох да-а?!. Хара түөкүн, тугу эппиккиний «кэпсэппэтим» диэн? Ол аата, сымыйалаабыт буоллаҕыҥ дии?! – Дьаакыбылап өрө баргыйан турар.

Сүөдэр тугу да саҥарбат, кэннинэн чугуруҥнуур.

Дьаакыбылап кинини тула хаамар, абааһы баҕайытык көрүтэлиир. Сүөдэр тойонун хас хамсааһынын кэтэһэр.

– Аҕа кынныҥ, Харатаайап кулуба, суос-соҕотох кыыһыгар тугу энньэлээн-сэтиилээн ыытта? – Дьаакыбылап кулуба күлүү гыммыт курдук ыйытар.

– Суох…

– Ол хайдах? Кини киһи, баай муҥутаан дуу, тот муҥутаан дуу, соҕотох оҕотугар тоҕо тугу да биэрбэтэ?

– Мин кинилэргэ сылдьыбатым.

– Ол аата – кыыстарын уоран аҕаллаҕыҥ дии?!. Ыал кыыһын уорбуккар сибииккэҕэ олороргун билэҕиэн?

– Мин уорбатаҕым, бэргэһэлээх сокуоннай кэргэммин аҕаллым, – диир Сүөдэр хайдах эрэ тойонун утарсар курдук тэтимнээх соҕустук.

Дьаакыбылап кулуба сип-сибилигин кэлэн сутуругунан сырбатыах курдук көрүтэлиир:

– Түөкүн, мааны таҥаспын таҥна сылдьыбытыҥ, билигин миинэр миҥэбин уоран илдьэ сырыттыҥ!

Сылгыһыт Сүөдэр чахчы кырдьыгы эттэрэн, тылыттан матан, буруйдаах киһи быһыытынан умса көрөн турар.

– Түөкүн, тугу да үлэлээбэккэ олорон мааны аспын аһаабыккын, мааны таҥаспын элэппиккин, бастыҥ көлөбүн көлүнэн сылаппыккын тугунан толуйаҕын? Аахсар кэм-кэрдии дьэ кэллэ. Аахсыах!

Сүөдэр саҥата суох турар. Кини, икки илиититтэн ураты туох да баайа суох киһи, тугунан итини барытын толуйуой, төлүөй!

Түгэх хостон аны хотуна Огдооччуйа тахсан кэлэр.

– Баай киһи күтүөтэ баардаах аҕай буолуо, оҕонньоор, хара ыттан барытын ыга үктээн ыл! Биэрбэт буоллаҕына, дьыалата оҥорторон «сибииккэҕэ» уктар! Ыраахтааҕы бэлэм аһын аһаатаҕына билиэ!

Сылгыһыт Сүөдэр, туох да диэн хоруйдуон булумуна, илбирийбит эргэ кыл сэлээппэтин мускуйа турар. Кини иһигэр саныыр: «Кэргэнэ суоҕум эбитэ буоллар, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕа баарай – бу хара батталлаах дьонтон атын сиргэ күрүөм этэ», – диэн. Билигин кини, Маайаны батыһыннаран, ханна барыай, тугу гыныай?!

– Чэ, туруоҥ дуо, харчыгын ууран кулу уонна ханна баҕарар дьүгэлий, киэр буол!

– Харчым суох.

– Харчыҥ суо-о-ох!.. Хара түөкүн, харчыта суох буоллаххына, эттээх хааҥҥытынан, хара көлөһүҥҥүтүнэн толуттарыам.

Оҕонньоругар хос сыҥаах буолан Огдооччуйа обургу, өттүк баттанан ырҕаллан туран, ыххайар:

– Хара түөкүнү, ыспараанньык тойоҥҥо этэҥҥин, хараҥа хаайыыга, түүнүктээх түрмэҕэ уктар… Муннун сиирдэхтэринэ, сүүһүгэр бэчээт уурдахтарына билиэ…

Инньэ диэт Огдооччуйа, куһаҕан баҕайытык көрө-көрө, хос иһиттэн тахсан барар. Дьаакыбылап кулуба, утаа соҕус тыын ылан турбахтаан баран, этэр:

– Чэ, ноко, иккиттэн биирин тал: биэс сыл устата таҥас-сап көрдөөбөккө, хамнас аахсыбакка, иккиэн айаххытыгар эрэ аһаан үлэлиигит… биитэр – дьыала оҥорон суукка биэрэбин.

Сүөдэр саҥата суох сукуллан турар. «Биэс сыл хамнас аахсыбакка үлэлиир… Оо, тугун өрөй!.. Тугу таҥнан дьон буолабытый?.. Маайа итини хайдах истиэй?» – диэн санаалар, сайыҥҥы бырдах киһиттэн арахсыбатын курдук, өйүгэр кэлэн киирэ тураллар.

– Икки киһи биэс сыл үлэлээн толуйарын курдук элбэҕи эһигиттэн хороппотоҕум буолуо… Алыс элбэҕи көрдүүгүт, – диир Сүөдэр.

– Эт, үлэлиигит дуу, суох дуу? – тойоно ыгар.

Сылгыһыт Сүөдэр ханна да барбытын иһин үлэлээн эрэ аһыыр кыахтаах. Бачча улаатыар диэри кини Дьаакыбылаптаахха үлэлээтэ да, биир да харчыны аахсан ылбатаҕа. Сайын сыгынньах сылдьыбатын диэн, кыһын тоҥон өлбөтүн диэн таҥыннараллара, хоргуйан өлбөтүн диэн аһаталлара. Онтон атын олоҕу кини көрө, билэ илик.

Сүөдэр, өр соҕус санаарҕаан туран баран, аат эрэ харата хардарар:

– Үлэлиэхпит…

– Өйдөөн кэбис, биэс сыл иккиэн үлэлиигит… Чэ, итиэннэ, икки харахпар көстүмэ, киэр буол! – Дьаакыбылап кулуба хамнаһа суох икки хамначчыттаммытыттан иһигэр бэркэ үөрэ саныыр.

Сүөдэр саҥата суох тойонун аах дьиэлэриттэн тахсар. Ыксаабытыттан, ыгылыйбытыттан эбитэ дуу, кини хараҕар халлаан хайдах эрэ кып-кыһыл хаан өҥнөнөн көһүннэ. «Биэс сыл үлэлээн!» – диэн Дьаакыбылап эппит тыла уол кулгааҕын чуҥкунатарга дылы. Ол курдук баран иһэн Маайаны утары көрсө түһэр.

– Сүөдээр, тойонуҥ аахха олордоҕуҥ тугун өрөй! Кэтэһэ да сатаан кэбистим ээ.

Сүөдэр тугу да саҥарбат.

– Тоҕо саҥарбаккыный?.. Тойонуҥ тоҕо ыҥыртарбытый? – диэн ыйыта-ыйыта, Маайа Сүөдэри тоҥоноҕуттан тутан тохтотор. Кини тойоно «мөхпүт» буоллаҕына, ону дьон истэр сиригэр кэпсэттэриэҕин саатан, кыбыстан, бу утары тахсыбыта.

– Биэс сыл устата эн биһикки кинилэргэ хамнаһа суох үлэлиир үһүбүт, – диэн Сүөдэр кэргэнигэр кэпсиир.

– Ол тоҕо? – Маайа кыайан өйдөөмүнэ ыйытар.

– Тоҕо диэн… Мин кинилэр көлөлөрүн көлүммүтүм, таҥастарын таҥныбытым, астарын аһаабытым иһин.

– Санаарҕаама, үлэлиэхпит буоллаҕа дии, бииргэ эрэ сылдьыах, – Маайа кыһамматах курдук этэр.

Кырдьыга, Маайа, ыал хамначчытын сордоох-муҥнаах олоҕун билбэт буолан, бу сураҕы ити курдук чэпчэкитик иһиттэ. Кини санаатыгар, үлэ диэн көр, оонньуу курдук. Үлэ ыараханын, кытаанаҕын урут хаһан үлэлээн билбитэ баарай, дьэ билэригэр тиийдэҕэ…




IV


Аҕыйах хонон баран Бөтүрүөп таҥара кэлэр. Ол күнтэн ыла от үлэтэ саҕаланар: сорохтор Бөтүрүөп таҥара күн, сорохтор ол ааспыта үһүс күнүгэр маҥнайгы хотуур суолун таһаараллар.

Маайа Дьаакыбылап кулубалаахха кэллэҕин нөҥүө күнүгэр хотуна Огдооччуйа: «Ынахтары ыатын!» – диэн илдьиттээбит этэ. Маайа хамначчыт кыргыттары кытта ынах ыаһа барсыбыта. Ол да буоллар кини билигин даҕаны бэйэтин «ыал хамначчытабын» дии санаммат. Кини быйыл саас дьиэтигэр, Сүөдэри көһүтэ сатаан тэһийиминэ, ынах ыы үөрэммитэ манна улаханнык туһалаата. Хамначчыт кыргыттар Маайа ынах ыырын көрө-көрө:

– Биһиги эйигин ынаҕы сатаан ыабата буолуо дии саныырбыт, – дэһэллэр.

– Быйыл саас үөрэммитим.

– Биһиги хотуммут эппитэ: «Сатаан ыабат буоллаҕына, миэхэ этээриҥ», – диэн.

– Ол тоҕо кини мин сатыырбар-сатаабаппар кыһанна? – Маайа кыргыттартан ыйытар.

– «Үөрэтээри», – дэһэллэр кыргыттар. Кинилэр үгүстэрэ билэллэрэ Огдооччуйа хайдах «үөрэтэрин»: сатаан ынаҕы ыабат кыыһы кини илиитигэр туох түбэһэринэн быһыта сынньара.

Малаанньыйа кыыс киэһээҥҥи ыам үүтүн киллэрэн биэрбитигэр, хотуна Огдооччуйа өттүк баттанан ырҕаллан туран:

– Хотуок, Сылгыһыт ойоҕо ынаҕы сатаан ыыр дуо? – диэн ыйытар.

– Биһигиннээҕэр ордук ыыр.

– Харатаайап кулуба суос-соҕотох кыыһа, ыал хамначчытыгар дылы, ынаҕы ыырга ол хаһан үөрэммитэй?

Малаанньыйа кыыс ону хантан билиэй, тугу да саҥарбат. Ити курдук, Маайа ыал хамначчыта буолан көрсүбүт маҥнайгы күчүмэҕэйин мүччү түспүтэ.

Сүөдэр от үлэтэ саҕаланарын кытта от охсо барбыта. Сотору кыргыттары, дьахталлары от мустара таһаарбыттара. Маайа онно эмиэ барсыбыта. Күһүн от кэбиһиитигэр Маайа Сүөдэрдиин бииргэ үлэлээбиттэрэ. Кинилэр дьиэҕэ тахсыбакка эрэ отууга хоноллоро. Аһыыр астарын дьиэҕэ тахсан хонооччулар киллэрэллэрэ.

Өлүөнэ өрүс өлгөм үүнүүлээх арыылара, илибирии турар сэбирдэхтээх иирэ талахтар, курупчаакы бурдук курдук кылбаа маҥан кыычырҕас кумах, ыраас салгын Маайаны олус абылаабыттара. Кини бу сири төрөөбүт Төгүрүк алааһыттан ордук үчүгэй курдук көрөр. Ол, баҕар, кини манна таптыыр кэргэнин кытта бииргэ сылдьарыттан эбитэ буолуо.

Ол үлэлии сырыттахтарына үөһэнэн хотуттан хаастар үөрдэрэ айманан соҕуруу ааһаллара… Арыт кинилэр оттуур арыыларын чыыбаайылаах кумаҕар түһэн аһыыр, хонор буолаллара.

Хаас киириитэ хаһыҥнаах түүннэр буолуталаан барбыттара. Маайа, аҥаардас сиидэс эрэ ырбаахынан сылдьар буолан, сарсыарда эрдэ турдаҕына тоҥоро, титириирэ. Кини дьэ өйдөөн барбыта хамначчыт олоҕун сорун-муҥун.

Үрдүк сир ото хагдарыйарын, сүмэтин сүтэрэрин кытта, аны арыы элгээннэрин атахтарыгар, ууларын кытыытыгар үүнэр борууну оттуур буолбуттара. Хамначчыт уолаттар, ытаһа-ытаһа, муустаах ууну, бадарааны кэһэ сылдьан борууну охсоллоро. Хамначчыт кыргыттар эрэйдээхтэр ону киирэн мунньаллара. Маайа сототун от хадьымала хайыта кэйэн, атаҕа хаанынан устара. Муустаах бадараан тымныыта сүрэҕин хаарыйара. Кини, тулуйа сатаан баран, киһи көрбөтүгэр ытыыра.

Оо, ыал хамначчыта буолбатаҕа буоллар, ама, кини бу курдук сору-муҥу көрүө этэ дуо? Суох, кини урут дьон олоҕун букатын билбэт эбит. Дьэ, кини ону саҥа билэн-көрөн эрдэҕэ. «Үлэҕэ туох улахан эрэйэ баар үһүө», – дии саныыра. Суох, үлэ эрэйдээҕин, мускуурдааҕын кини дьэ биллэ. Кыраабыл угугар ытыһын тириитэ хабыллан бүппүтэ билигин муос курдук чэрдийэн хаалла. Атах сыгынньах сылдьарыттан, икки атаҕа хатыран, хайыта баран хааллылар. Ол үрдүнэн Дьаакыбылап тойон киирэ-киирэ:

– Күөх сүрэхтэр, аһаабыт аскытын боруостуур гына үлэлээбэккит! – диэн мөҕөр.

Уһун сайын устата от бөҕөнү оттоон, бугуллаан кэбиһэн бүтэрэллэр. Ити курдук, сааллар этиҥнээх, сылаас-сырдык күннээх самаан сайын ааһан, тымныы тыаллаах, курас күннээх, өксүөннээх ардахтаах күһүҥҥү күннэр буолаллар.

Ынах-сүөһү далтан арахпат, кыбыылаах оту маныыр кэмэ, дьон балаҕан иһигэр хаайтарар, оһоҕу быыстала суох оттон иттэр күннэрэ кэлэр. Хотуннара Огдооччуйа Маайаны аны, «ынах сааҕын күртүн» диэн, хотоҥҥо үлэлииргэ анаабыта.

Күн кылгаатар кылгаан, халлаан тымныйдар тымныйан, кыһын тиийэн кэлэр. Маайа түөрт уон ынах сааҕын киэһэ хараҥа буолуута күрдьэн, эһэн бүтэрэр. Күнү күннүктээн хотон иһигэр сылдьар буолан, ыраас салгынынан тыыммат. Киэһэ хотонун үлэтин бүтэрэн дьиэтигэр киирэригэр, таһырдьа салгыҥҥа таҕыстаҕына сүрэҕэ өлөхсүйэр, мэйиитэ эргийэр буолбута.

Саас, сайын устата санныттан түһэрбэккэ кэтэ сылдьыбыт сиидэс ырбаахыта тырыттан бүтэр. Кини дьонноох сиргэ көстүөҕүн да саатар буолла. Сөдүөччүйэ эмээхсин – ону кыргыттартан истибитэ эбитэ дуу – биирдэ Маайа хотонуттан киирбитигэр:

– Тоойуом, Маайа киирдиҥ дуо? – диэн ыйыта тоһуйбута.

– Эбэ-э, мин.

– Кэл эрэ бэттэх, – эмээхсин кинини ыҥыран ылар. Кууһан олорон, туппахтаан, имэрийэн көрөр.

Маайа бу балаҕан иһигэр олорор Сүөдэриттэн ураты атын дьонтон бу эмээхсини ордук улаханнык таптыыра. Кини хайдах да санаарҕаан, ытаан-соҥоон киирбитин иһин, эмээхсин кэпсээнинэн, сэһэнинэн кини санаатын аралдьытара. Сөдүөччүйэ Маайаны бэйэтин оҕотун курдук таптыыра, аһынара, көмүскэһэрэ. Бу эмээхсин манна суоҕа эбитэ буоллар, Маайа олоҕо уон төгүлүнэн кытаанах, куһаҕан, ыарахан буолуох быһыылааҕа.

– Оҕом, Маайа, уҥуохтаах тирииҥ эрэ хаала дьүдьэйбиккин. Үчүгэйдик аһаан-сиэн иһиэххин. Аһы хото аһыыр эрэ киһи баай ыал үлэтин кыайар-хотор, – диэн баран, эмээхсин хоонньуттан биир эргэ ырбаахыны ылан, Маайаҕа туттаран кэбиһэр.

– Эбээ, маны тоҕо миэхэ биэрдиҥ?

– Тоойуом, мин өлөрүм чугаһаабыт эмээхсиммин. Бачча сааһым тухары баай ыалга үлэлээн-үлэлээн ордоруммут эрэ таҥаһым ити. Кэтэн кэбис… Эн эдэргин!..

Кырдьык, бу баайга хамначчыт буолан баай Дьаакыбылаптар хотоннорун сааҕын күрдьэн, икки хараҕын хотон ыытыгар быһа сиэтэн бу көрбөт буолбут Сөдүөччүйэ эмээхсин, үлэлээн-үлэлээн, ордоруммут эрэ таҥаһа диэн ити ырбаахы этэ. Кини урут харахтаах эрдэҕинэ саас биирдэ эмэтэ ити ырбаахытын кэтэн чугас ыалларыгар баран кэлэрэ. Билигин, көрбөт буолан баран, бу ырбаахытын кэппэт этэ.

Таҥаһынан тутаан сылдьар Маайа эмээхсиҥҥэ улаханнык баһыыбалыыр, махтанар. Кини бу ырбаахытын кэтэн, дьон баар сиригэр көстөр буолбута. Онтон, кыһыҥҥы тымныылар түспүттэригэр, аны хотонуттан дьиэтигэр кыайан киирбэт буолар. Сүөдэр, үлэтиттэн кэллэҕинэ тахсан, кулун сонун кэтэрдэн киллэрэрэ.

Суунар-тараанар бокуойа суох буолан, Маайа уһун хара солко курдук суһуохтарын, өрүммэккэ, бүк-тах эрийэн, кирдээх былаатынан саба баанан сылдьара.

Кылгас күннээх, уһун түүннээх, туманнаах тымныылаах кыһын Охонооһойоп таҥараҕа тиийэн аҥаар муоһа тостон, күн уһаан, халлаан сырдаан, күнүс дьыбар тахсар буолан барар. Ол да буоллар хотон иһэ син биир сырдаабат. Онон-манан эркини дьөлүтэ аспыт курдук, муус түннүктэр бааллара халлаан сырдыгын кыайан киллэрбэттэр. Хотон аана аһылыннаҕына, Маайа хараҕа саатар, сөрүүн, ыраас салгынтан мэйиитэ эргийэр, сүрэҕэ өлөхсүйэр.

Хотуннара Огдооччуйа, хотон иһигэр киирэ сылдьыбатар да, күнүс далга тахсыбыт ынахтары көрө-көрө:

– Хотоҥҥутун ыраастаабат буолаҥҥыт, ынахтарым өттүктэрэ лаҥха буолбут. Хотону үчүгэйдик ыраастаабат буоллаххытына, ынахтар өттүктэрин кирин тиискитинэн кирдэриэм! – диэн хамначчыт дьахталлары, кыргыттары ыххайар, мөҕөр.

Кыһын ааһан, саас илэ-бодо кэлэр. Дьиэ таһыгар чалбахтар халыйбыттар. Ынахтар түүлээн бараллар, сарсыарда, таһырдьа тахса охсоору дьүккүһэн, быаларын эрэ быспаттар, киэһэ бэрт эрэйинэн хотонноругар киирэллэр. Хотон муус түннүктэрэ дьөллүбүттэринэн күн уота чаҕылыйан, Маайаны таһырдьа ыҥырар курдук.

Арай биир маннык күн, Маайа ынахтарын сааҕын эһээри түннүктэр анныларыгар чөмөхтүү сырыттаҕына, хотуна Огдооччуйа хотоҥҥо киирэн кэлэр. Ол киирээт:

– Баай ыал кыыстара буолан бараҥҥын, ынах сааҕын сатаан күрдьүбэт эбиккин дуу? Тылыҥ-өһүҥ сытыыта бэрт дии, илиигинэн сатаабат буоллаххына, тылгынан салатыам! – дии-дии ыххайар.

Маайа, күрдьэҕин ынах сааҕар батары анньан баран, саҥата суох турар. Кини сааскы сииктээх, таммалыы турар үрүттээх хотону мантан ордук ыраастыыр кыаҕа суох. Онуоха эбии билигин таһырдьа чалбах тахсан, сүөһү чалбахтан уулуур буолан, үгүстэрэ сыптарыйаллара.

– Хаарыс-солко таҥаһым киртийиэ диэн, бу курдук үлэлиириҥ буолуо!

– Хотоҥҥут кыараҕас, билигин саас кэллэ, – диир Маайа, тулуйа сатаан баран.

– Эн кэлэҥҥин миэхэ киэҥ хотону тоҕо тутан биэрбэтэххиний? «Хотоҥҥут кыараҕас» диэбит буола-буола! Саатта, баай, үчүгэй ыал оҕолорун сирэ олорбут сурахтааҕыҥ… Мин оҕобун Сүөдэркэни сирэ оонньообуккун – хотоҥҥо сытытарым буолуо!

Маайа дьэ манна өйдүүр: кини кэллэ-кэлээтин кытта хотуна тоҕо силбиэтэнэн көрсүбүтүн уонна тоҕо киниэхэ кырыктаахтык сыһыаннаһарын. Суох, кини билигин даҕаны таптыыр доҕорун, Сүөдэрин, бу баай ыал сылластыгас сирэйдээх уолларыгар биэримээри турар!

– Сааппаккыт даҕаны, хамначчыт дьахтаргытын, «биһиги уолбутугар эргэ тахсыбатаҕыҥ» диэн, бу курдук накаастыы, үөҕэ сылдьаҕыт, – диир Маайа абатыйан.

Огдооччуйа, сирэйгэ бэрдэрбит курдук, сирэйдиин-харахтыын кубулуйа, хаана-сиинэ алдьана түһэр:

– Мин, саатар сирэйдээх, тэбэр сүрэхтээх буолан, бачча байан олоробун. Эн бааргын саатар сирэйэ, тэбэр сүрэҕэ суох! Ханнык баай ыал кыыһа ыал устун сылдьар хамначчыты батыһыаҕай?

Хотуна тахсыбытын кэннэ Маайа, ынаҕын сааҕын хотон түннүгүнэн таһырдьа эһэ-эһэ, олус кыһыйан-абаран ытамньыйан ылар. Бу үлэлии туран кини санаата төрөөбүт-үөскээбит Төгүрүк алааһыгар, дьиэтигэр тиийэр.

«Икки харахтаах аата, хараҕа суох курдук, тугу да билбэккэ-көрбөккө иитиллибит эбиппин… Хамначчыт кыргыттар ытаһалларын көрдөхпүнэ, сүрэҕэ суохтарыттан ытыыллара буолуо, – дии саныырым… – Суох, кинилэр хара батталга, хараҥа түүн курдукка олороллоруттан ытаһаахтыыллар эбит».

Маайа күрдьэҕин ынах сааҕын чөмөҕөр батары анньар. Күнү быһа бөкчөйө сылдьарыттан ыалдьар синньигэс биилин бобо туттан, сынньанан турбахтыыр. «Хараҥа түүн курдук… хараҥа! – дии саныыр кини. – Оо, бу хаһан сырдыыр олоҕуй?..»


* * *

Хонууттан, сыһыыттан хомурах хаар хоҥнон, сыралҕаннаах күн уотугар сылгы, ынах сыламнаан сытар, сынньанар сааскы ичигэс күннэрэ кэлэллэр. Хотоол сирдэргэ уу тахсыбытыгар кустар, хаастар түһэллэр. Күн тахсыаҕыттан киириэр диэри күөрэгэй чыычаахтар, бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаспыт курдук, көмүс чуораан тойуктарын дьырылаталлар. Сир кырса халыҥ хаар өлгөм сиигинэн утахтанан, күн уотун сылааһыттан ирэн, күөх от көрөн турдахха көҕөрө үүнэн тахсарга дылы.

Лена өрүс сааскы халаанын уута күөстүү үллэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр сис кумахтары сабыталаан, намыһах арыылары үрдүлэринэн мэндээриччи охсуталаан, кэҥээтэр кэҥээн, килэйдэр килэйэн, сэттэ ый устата хам тута сыппыт халыҥ мууһун, тэбиэһирэ-тэбиэһирэ, тэлитэ тэбэн, халҕаһа-халҕаһа хайыта анньан, этиҥ тыаһыныы ньирилээн, сэлиик ат сиппэтинэн элээрдэн, Хотугу Муустаах муора диэки дьулуруйар. Оо, бу кэмҥэ Лена өрүс күүһүн кытта туох күүһэ тэҥнэһиэй!

Минньигэс сыттаах сэбирдэх-мутукча тыллыыта, ойуур, торҕону бүрүммүт курдук, көҕөрөн көстүүтэ, кэрэ тойуктаах кэҕэ көтөрдөр этэн чоргуһаллара, ой тыа аттыгар уолаттар-кыргыттар мустан үҥкүү тойугун туойан дуораталлара үчүгэйин даҕаны!

Маайа, саас буолан үлэтэ аҕыйаан, хотон иһиттэн тахсар, күн сырдыгар дьэ быгар. Сүөдэр ыраах бурдук ыһа барбыт буолан, Маайа кэпсэтэр киһитэ Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэ. Маайа дьиэҕэ олороруттан тэһийбэт. Кини били Сөдүөччүйэ эмээхсинтэн бэлэхтэппит ырбаахыта киртийэн хаалбытын сууйаары, бэйэтэ да суунаары, аргыый аҕай дьиэттэн тахсан барар.

Кырдал сир үрдэ саһархайдыҥы өҥнөөх ньургуһун отунан киэркэйбит. Маайа илиитин муҥунан тутар гына ол ньургуһуннартан үргээн ылар. «Бу бэйэлээх торҕо күөх саас барахсан ааһыах соро буоллаҕа», – дии саныыр. Кини, ньургуһуннаах кырдалы туораан, хотоол сиргэ төп-төгүрүк уу тахсан бычалыйан сытарыгар чугаһыыр. «Хата, мин манна таҥаспын сууйуом», – диэн үөрэ санаан, дьиэрэҥкэй тэбэн ууга чугаһыыр. Эмискэ атыырдаах тыһы көҕөннөр, маатыргыы-маатыргыы, көтөн сылыбыраһан тахсаллар. Маайа, хантайан, кустар хайдах көтөллөрүн көрөн турар. Тыһы көҕөн бастаабыт, кини кэнниттэн, сэгэрим куотаары гынна диэбиттии, күөх төбөлөөх атыыр көҕөн батыспыт.

«Барахсаттар, эһигини ким да бас билбэт, баттаабат- атаҕастаабат буолан, айылҕа өлгөм быйаҥын, үөрүүтүн, дьолун үөһэттэн, көтө-дайа сылдьан, көрөн эрдэххит, – дии саныы-саныы Маайа батыһа көрөн хаалар. – Киһи, ити көтөрдөр курдук, тоҕо көтөр кыната суоҕа буолуой? Өскөтө мин көтөр кынаттаах буолуум, оччоҕо тугу гыныа этибиний? Аан бастаан ийэбин баран көрөн кэлиэ этим… уонна мантан атын сиргэ, букатын ыраах сиргэ, баран олоруо этибит…» Кини ити санаатыттан хайдах эрэ чэпчиир, сүргэтэ көтөҕүллэр.

Маайа уу аттыгар тиийэн көрбүтэ: уҥуоргу ньургуһуннаах кырдал ууга умса ууруллан сытар. Халлаан, бу кыракый көлүйэ түгэҕэр түспүт курдук, түҥнэстэн көстөр. Маайа ытыһын муҥунан тута сылдьар ньургуһуннарын ууга киллэрэн умнастарын сиигирдэ уурар. Уу күн уотуттан сып-сылаас буолбут. Кини ууну илиитинэн таарыйбыт сириттэн төп-төгүрүк долгуннар тарҕанан, улам кэҥээн, улаатан бараллар.

Уу аттыгар турбахтаан баран, Маайа чугас соҕус сытар эргэ бүтэй остоолботун соһон киллэрэн далаһа уурунар. Ол үрдүгэр олорон ырбаахытын сууйар. Сотору-сотору тула өттүн көрүммэхтиир. Ким да суоҕуттан бэркэ наҕылыйан сууйбут ырбаахытын ыган, хонууга ыраас сири булан, тэниччи быраҕан куурда уурар.

Маайа баттаҕын өһүлэн намылытан түһэрэр уонна бастаан, оҕо курдук, баттаҕын ууга уга оонньуур. Төбөтүн суунар, хайдах эрэ хараҕа сырдыыр. Уһун суһуоҕун кууруор диэри намылыччы тараан баран мөлбөрүччү өрөн кэбиһэр.

Бу кэмҥэ Сылластыгас Сүөдэркэ дьиэтин таһыгар сылдьан били Маайа көтүппүт көҕөннөрө ааспыттарын көрөр. Кини манна чугас, хотоол уутугар, куруутун көҕөннөр түһэллэрин өйдөөн, дьиэҕэ киирэр.

– Ийээ, мин кустуу бардым, – Сүөдэркэҕэ аҕыйах сыллааҕыта аҕата атыылаһан биэрбит икки уостаах саатын ылар.

Огдооччуйа уола кустуу барабын диэбитин олус сөбүлүү, сэргии истэр:

– Тоойуом, бэркэ сэрэнэн сырыт, ууга түһэн хаалаайаҕыный! Таҥаскын уларытын. Уу кэһэр олооччута кэт!

– Ээ чэ, мин манна чугас хонууга баран кэлиэм, – диэт, Сүөдэркэ саа тутуурдаах таһырдьа тахсан барар.

Кини, кырдал кэтэҕэр баар хотоол уутугар кус олороро буолуо диэн сэрэнэн, аргыый аҕай быган көрбүтэ: Маайа баттаҕын суунан бүтэн, тараана олорор эбит. Итинтэн ыла Сылластыгас Сүөдэркэ күрүө остоолботунан сирэйдэнэн саһан сытар.

Маайа, ууга күлүгүн көрүнэ-көрүнэ, кэһиэҕэ суох ыраас, чэгиэн куолаһынан төрөөбүт дойдутун ахтарын туойан ыллыыр:

Мөһүүрэлээх хонуулаах,
Бөлкөй-бөлкөй арыылаах
Бүтэй Бүлүү эбэкэм!
Харыйа талах халдьаайылаах,
Хаҥыллыыра сылгылаах

Хампалыыра алааһым!..

Сүөдэркэ, Маайа ырыатын истэ-истэ: «Итинник уран, үчүгэй уоһуттан уураабыт киһи!» – дии саныыр.

Маайа ыллаан бүтэн баран туран тула өттүн көрүнэр. Ким да чугаһынан көстүбэт. «Киһи суоҕуна эппин суунуум», – дии санаан, бэрт тиэтэлинэн таҥаһын устар уонна, ол-бу диэки көрө-көрө, ытыһынан сылаас ууну сомсон ыла-ыла, акымалларын, моонньун, түөһүн суунан барар.

Маайа этэ, Сүөдэркэ санаатыгар, күлүмүрдээн көстөргө дылы. Сүөдэркэ саатын быраҕар уонна, куска үөмэн эрэр курдук, ол-бу мастарынан сирэйдэнэн, хотоол уутун диэки сыыллар. «Кини – биһиги хамначчыппыт. Мин наадыйарбын күүспүнэн даҕаны ыллахпына, туох да боруок суох», – дии саныыр.

Сүөдэркэ урут хас да хамначчыт кыргыттары күүһүлэтэлээбитэ. Ол кыргыттар сордоохтор үҥүстэхтэринэ, хотуннара, хата, кинилэртэн сэттэлэрин ылара.

«Оҕо оонньоотоҕун аайы, ол-бу буола сылдьаҕыт. Кини тыыппытыттан сүтэрбиккит да кыра буолуо!» – диэн мөҕүтэлиирэ. Оттон хайалара эмэ хат буоллаҕына, ону дэлби сынньан оҕолорун түһэттэрэн кэбиһэрэ.

«Билигин ханна да куоппатах бэйэҥ ини!» – дии саныы-саныы, Сүөдэркэ, чугаһаан баран, туран кэлэр.

Маайа ону көрөөт:

– Уой! – диэн саҥа аллайбытынан сүүрэн тахсан, куурда уурбут ырбаахытын үрдүгэр түһэр. Кини тиэтэйэн, уолуйан хаалан, ырбаахытын кыайан кэтэ охсубат.

Сылластыгас Сүөдэркэ, сүүрэн кэлэн, ырбаахытын кыайан кэппэккэ булумахтана турар Маайаны кууһан ылар.

– Сааппаккын даҕаны, бу туох буола сылдьаҕыный?! – Маайа хаһыытыыр.

– Аргыый! Саҥарыма! Мин эйигин таптыыбын… Сылгыһыт Сүөдэр эйигин албыннаан ойох ылбыта… Кини биһиги хамначчыппыт… Миэхэ кэргэн кэл! Мин дьонум эйигин үчүгэйдик таҥыннарыахтара, – дии-дии Сүөдэркэ Маайаны сиргэ охторо сатыыр. Маайа, ырбаахытын уолугун булан, төбөтүн таһаарар. Аны Сүөдэркэ, Маайа төбөтүн кууһан ылан, уураан-сыллаан барар.

– Киэр буол! Туох буола сылдьаҕыный? – дии-дии Маайа сирэйин куоттара сатыыр.

– Манна биһиги хамначчыттарбытыттан ураты ким да кэлиэ суоҕа… Мин кинилэртэн куттаммаппын, кинилэр миигиттэн куттанныннар! Мин кинилэр тойоннорун оҕотобун… Ким эбит тыытан көрдүн эрэ! Мин тугу баҕарар гынарым көҥүлүм.

– Хамначчыттар да дьон буолбаттар дуо? Ол хайдах эн көҥүлгүнүй? – диэн баран Маайа Сүөдэркэни сирэйгэ сырбатар. – Бу баар эн көҥүлүҥ! Өйдөө, хамначчыт да киһи! Кини эһигиннээҕэр быдан ыраас сүрэхтээх киһи!

Сирэйгэ сырбаттаран соһуйан, Сүөдэркэ Маайаны ыһыктан кэбиһэр, хайдах эрэ кыра оҕо атаҕастаммытыттан хомойон көрөрүн курдук көрүтэлиир.

Маайа ырбаахытын кэтэ охсор. Кини иккис ырбаахыта сиргэ сытарын ылаары төҥкөйбүтүгэр Сүөдэркэ синньигэс биилиттэн кууһан ылар. Маайа, төлө көтөөрү, мөхсө сатыыр да, Сүөдэркэ кинини ыыппат.

– Ыыт диибин! – Маайа күүһүн муҥунан ыһыытаан бытарытар.

Сылластыгас Сүөдэркэ Маайаны эргитэ тардан кууһан ылар уонна сыҥааҕыттан, иэдэһиттэн, моонньуттан сыллыыр-ууруур.

– Дьоннор, көмөлөһүҥ! – Маайа хаһыытыыр. Иккистээн хаһыытаары салгыны эҕирийэн эрэрин көрөн, Сүөдэркэ айаҕын саба тутар. Маайа, тыына хаайтаран, ыксыыр. Туох баар күүһүнэн Сүөдэркэни быарга сырбатар.

– Ох! – диэт Сүөдэркэ ыһыктан кэбиһэр уонна быарын туттубутунан бүк түһэр. Маайа, таҥаһын хомуйа тутаат, балаҕанын диэки сүүрэр.

Маайа кырдал үрдүгэр тахсар. Оол курдук биир оҕуһу мииммит киһи кэлэн иһэр. «Ким иһэрий?» – дии санаан Маайа чарапчыланан көрөр уонна үөрэ түһэр: кини Сүөдэрэ үлэтиттэн иһэр эбит.

– Сүөдэ-эр! – Маайа утары сүүрэр.

Сүөдэр сир хоруттарбыт саадьаҕай оҕуһун туора миинэн, синньигэс хахыйах кымньыытынан оҕуһун куттуу, салгыны быһыта дайбаан кууһурҕата иһэр. Кини, Маайа хаһыытын истээт, эргиллэ биэрэр.

– Маайа! – диэбитинэн Сүөдэр ойон түһэр. Миинэн иһэр киһитэ түһэрин кытта оҕус, бааллыбыт курдук, тохтуур, хара буор суолунан мас сыҥаахтаах сыарҕаны соһон иһэриттэн сылайан, аҕылаан, ып-ыраас сыраана сиргэ субуруйан тохтор.

Маайалаах Сүөдэр саҥата суох куустуһа түһэллэр. Сылайбыт саадьаҕай оҕус: «Өр соҕус куустуһан туруҥ – сынньаныам», – диэбиттии, кинилэр диэки көрөн кэбиһээт, кэбинэн барар.

– Маайа, мин үлэбин бүтэрэн иһэрбин хантан билэн көрсө таҕыстыҥ?

– Эн суоххуттан тэһийбэккэ… Манна баар хотоол уутугар таҥаспын… сууна сырыттахпына, Сүөдэркэ кэлэн моһуоктаата…

– Моһуоктаата да-а! – Сүөдэр эмискэ кубарыс гына түһэр. – Кини ханна баарый?

– Быарга анньан куоппутум…

Сүөдэр туох да саҥата суох, хахыйах кымньыытын туора туппутунан, сүүрэр-хаамар былаастаан, хотоол диэки барар.

– Сүөдээр! Барыма!.. Төнүн! – Маайа кэргэнин ыҥыра, тохтото сатыыр. Сүөдэр, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһыран, кинини кыра оҕо эрдэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри баттаабыттара, атаҕастаабыттара, муҥнаабыттара барыта мунньуллан, Маайа ыҥырбытыгар кыһаллыбакка, тэбинэ турар.




V


Сүөдэр, кырдал саалыгар ыттаат, Маайаны эккирэтэн иһэр Сүөдэркэни утары көрсөр. Кини, куотар бокуой биэрбэккэ, сүүрэн кэлээт, Сылластыгаһы уолугуттан харбаан ылар.

– Тойонум оҕото, дорообо! Хамначчыт кыргыттаргын атаҕастыыргар астыммаккаҕын, аны хамначчытыҥ кэргэнин былдьаһар буолбуккун дуу?

– Бу туох буоллуҥ?.. Кырбаары гынаҕын дуо? Дьэ кырбаан да көр эрэ!.. Ыспараанньык да тойон ыраах буолбатах, – диэн куттанан салҕалас буолбут Сүөдэркэ, төлө мөхсө сатыы-сатыы, суоһурҕаммыта буолар.

– Эһиги хара батталгытыгар суут-сокуон диэн суох!.. Эн хас хамначчыт кыыһы саакка киллэрдиҥ?! Ийэҥ хастарын кырбаан өлөртөөтө?! Итиннэ барытыгар суут-сокуон суох! Ким биһигини көмүскүүр дьонноробутуй? Ити оҥоһуугутугар ыспараанньыктан эһиги тоҕо куттаммаккытый? – дии-дии Сүөдэр тойонун аах уолларын илгиэлиир, түөһүгэр кимитэлиир. Кини, бэйэтин тылыттан бэйэтэ быыппастан, кыыһыран, сатаран барар.

– Ыыт диибин дии!.. Атаҕастаппыттаах буоллаххына, тойоҥҥор үҥүс ээ… Ону ким боборуй?.. Ыы-ыт, ийэбэр этиэм! – Сүөдэркэ ытаары сыҥсырыйан барар!

– Уон икки саастаахпыттан көлүнэр көлө оҥостубут киһитин, көмүскэһэрин оннугар күргүйдүүр, аһынарын оннугар охсор тойоҥҥо үҥсэр үһүбүн дуо?

Сүөдэркэ, хараҕын куһаҕан баҕайытык турулуччу көрүтэлии-көрүтэлии, ыксаабыт куолаһынан ыһыытыыр:

– Улуус кулубатын, күн ыраахтааҕы итэҕэллээх киһитин, айыы тойон таҥараҕа андаҕайбыт… кини туһунан туох дииргин кэпсиэм!.. Ыт сирэй, хаайыыга сыттаххына, түрмэҕэ түүнүгүрдэххинэ, хара маска хам кэлгиллэн таһылыннаххына, өйдөнүөҥ!

Сылластыгас Сүөдэркэ ити тыллара Сүөдэри эбии кыынньыыллар. Кини уҥа илиитигэр тута сылдьар кымньыытынан тойонун уолун сирэйин туора сырбаппытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Эмискэ Сүөдэркэ эмис сирэйэ хаба ортотунан, миэлинэн туора соппут курдук, кубарыс гына түһэр уонна сонно тута кыһыл тирбэҕэни туора тарпыт курдук буолан кэлэр. Сүөдэркэ илиитинэн сирэйин харбанар.

– Ийээ!.. Быыһааҥ!.. Абырааҥ! – диэт Сүөдэркэ хаһыытыы сатыыр. Кини саҥата, сааскы күөрэгэй чыычаах тойугар баттатан, ханна да ырааппат.

Сүөдэр, сырбаппыт кымньыытын киэр элитэн кэбиһэн баран, сутуругунан түөскэ, ойоҕоско сырбаталаан барар.

Сүөдэркэ ким эмэ кэлэн быыһаарай диэн көрө сатыыр да – ким да биллибэт. Арай чугас соҕус атыыр кунан:

– Кытаат!.. Кытаат! – диэн эрэрдии айаатыыр.

Сылластыгас хаһыытын истэн, кэргэним Сүөдэр кыыһырбычча алдьархайы оҥоруо диэн, Маайа сүүрэн кэлэр.

– Сүөдээр, тохтоо! – диэн хаһыытаабытынан кини кэргэнин уҥа илиитигэр иилистэ түһэр.

Сүөдэр, хайдах эрэ өйдөммүт курдук, тохтуу биэрэр уонна Сүөдэркэни, бэйэтигэр ыга тардан ылан баран, ыраах тиэрэ анньан кэбиһэр. Итиэннэ, Маайаны илиититтэн ылан, оҕуһа хаалбыт сирин диэки төннөр. Маайа иһигэр олус куттана саныыр: «Сүөдэрбин сорун сордууллара буолуо… Уоллара куһаҕаннык быһыыламмытын буруйдуохтара суоҕа, хамначчыты, Сүөдэри, буруйдуохтара».

Оттон Сүөдэр, кыыһырбыта уҕарыйан, тыына кэҥээн, хараҕа сырдаан, саҥа чэлгийэн эрэр кырдал үрдүн дьэ өйдөөн көрөр. Бөлөх-бөлөх үүммүт ньургуһун сибэккилэрэ күҥҥэ тоһуйа атан тураллара кэрэтин! Күөрэгэй ырыата үчүгэйин! Оннооҕор дьабарааскылар, хорооннорун аттыгар тахсан, ол ырыаны иһиллээн хороһон олорор курдуктар.

– Сүөдээр, – диир Маайа кэргэнэ уоскуйбутун билэн, – тоҕо ити абааһы Сылластыгаһы кырбаатыҥ?.. Билигин соргун сордуохтара.

Сүөдэр буолуох буолбутун кэннэ тугу диэҕэй – саҥарбат. Ол эрээри дьиҥ иһигэр Сылластыгаһы кырбаабытын кэмсиммэт.

– Сүөдээр, тоҕо тугу да саҥарбаккыный?.. Тойоммут, уолун көмүскээн, биһигиттэн сэттэбитин ылара буолуо, – Маайа куттанар санаатын этэр.

– Абакката бэрт ээ… туох да сирэйэ-хараҕа суох атаҕастыыллара.

Эмиэ иккиэн саҥата суох ах баран хаалаллар. Сүөдэр оҕуһун сиэтэн, иккиэн суол устун хаамсаллар. Маайа бу иһэн: «Сүөдэри хайдах гынан быыһыыбыный?» – диэн саныы сатыыр. Сүөдэр буоллаҕына били Сылластыгас ыспараанньыгынан туттаран хаайтарыах, аҕатыгар сууттатан хара маска кэлгийтэрэн таһыйтарыах буолбутун саныы иһэр.

Оо, Сүөдэр, соҕотоҕо буоллар, били кэпсиир Манчаары Баһылайдарын курдук, Дьаакыбылап кулуба улахан дьиэтин уоттаан күдээритэн баран, ханна эрэ ыраах тайҕаҕа күрээн хаалыа этэ. Билигин кини ханна барыа, куотуо баарай?! «Кэргэннээх киһи кыната сарбыллар», – диэн Сөдүөччүйэ эмээхсин этэрэ чахчы эбит.

Дьиэтигэр чугаһаан баран Маайа Сүөдэри илиититтэн тардан тохтотор.

– Сүөдээр, кырдьык дуо, эн дьонуҥ өлбүттэрин кэннэ туох баар сүөһүгүтүн, малгытын, дьиэҕитин – барытын Дьаакыбылап ылбыта дииллэрэ?

– Кырдьык буолумуна… О-ол турар сайыҥҥы дьиэлэрэ мин дьонум аах дьиэлэрэ үһү, – диир Сүөдэр.

– Оттон били эйигин «Хабырыллайап атыыһыт уола» диэн биэрбит иэстэбил-биэксэл кумааҕылара ханнаный?

– Миэхэ сылдьар.

– Аҕал! – Маайа кыһыл саппыйаан кумааһынньыгы арыйан, эргэрэн, бүк тутуллубут сирдэринэн тырыттан эрэр кумааҕылары ылан ааҕан көрөр. – Сөөп… Сүөдээр, тойоммут эйигин ыҥыттардаҕына мин барыам…

– Кэбис, Маайа, туох диэн эттэххиний, дьахтар эр киһи иннигэр хоруйга турбута диэн суох, – диир Сүөдэр, Маайа туох санаалааҕын билбэт буолан.

– Суох, суох, Сүөдээр, мин кинилэри кытта хайдах кэпсэтэри дьэ буллум, – диир Маайа бэркэ диэн көтөҕүллүбүт, тэбиэһирбит куолаһынан.

Сүөдэр оҕуһун булгутуор диэри Маайа балаҕан иһигэр киирэн хаалар. Хамначчыт кыргыттар Сөдүөччүйэ эмээхсини тула мустан, остуоруйа истэ олороллор эбит. Эмээхсин туох эрэ дьикти остуоруйаны кэпсиир быһыылаах. Маайа, атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, оронугар баран саҥа олорон эрдэҕинэ, аны Сүөдэр киирэн кэлэр.

– Саҥарыма, остуоруйаны иһит, – Маайа Сүөдэргэ сибигинэйэр.

Сүөдэр, эмиэ атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, Маайа аттыгар баран олорор.

«…Баай хамначчытыныын мөккүһэр. Хамначчыт туран баайга этэр:

– Мин тугум да суох! Ол эрээри мин барыны барытын сатыыбын: бурдук ыһабын, балыктыыбын, мас мастыыбын, от оттуубун, – барытын мин оҥоробун.

– Э-э, ыт сирэй! – диэн баай хаһыытыыр. – Эн сатыырыҥ туохха наадалааҕый, аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа, туттар үбэ суох умнаһыт курдук сылдьар буолбаккын дуо? Оттон мин тугу да сатаабаппын да, хата бэрт үчүгэйдик, тоттук, баайдык олоробун. Мин эйиэхэ үлэлээбэппин, эн миэхэ үлэлиигин!

Ити курдук кинилэр бэрт уһуннук мөккүспүттэр. Ол мөккүөрдэрин төрдө диэн буолбут: «Үлэни сатыыр ордук дуу, баайдаах ордук дуу?» – диэн.

Төһө да өр мөккүспүттэрин иһин, хайалара да тыл-тылларыгар киирсэр айыыта диэн суох үһү. Дьэ, онтон бу курдук быһаарыныы ылыналлар: «Хайалара ордук күүстээх, тулуурдаах эбит, ол кыайыахтаах!» – диэн.

Кыһыҥҥы аан-даам тымныы саҕана хамначчыт баайга эппит: «Бу түүн сиргэ баран хонуох, хайабыт ордук тымныыны тулуйар эбит».

Баай күлэн дэлби барбыт, «акаары» диэбит курдук көрүтэлээбит уонна эппит:

– Бэрт сөп, бэрт сөп, бэрт сөп! Өскөтө эн тоҥон өллөххүнэ, мин буруйданыам суоҕа.

– Сөп, – диир хамначчыт. – Эн тоҥон өллөххүнэ, мин эмиэ буруйданыам суоҕа.

Ол киэһэ баай сыалаах-арыылаах аһы тото аһыыр. Хамначчыт тугу аһаахтыай, тарга буспут хааһытын эрэ сиир. Баай куобах истээх ыстаанын, саһыл истээх сонун, бэдэр тириитэ саҕынньаҕын, таба тыһа күрүмү этэрбэһин кэтэр. Хамначчыт сордоох, хантан ылбыт таҥаһа кэлиэй, ханнык эрэ кулун тириитэ сонун, торбос тириитэ ыстаанын, ынах тириитэ этэрбэһин кэтэр. Баай мөһөөччүк муҥунан ас ылар. Оттон хамначчыт ханнык аһын ылаахтыай, тоҥ сүгэни кыбынар.

Суол устатын тухары баай хамначчытын күлүү гынан тахсар. Биллэн турар, кини «кыайыам» диэн эркин курдук эрэнэр. Хамначчыт тугу да саҥарбат.

Ойуурга тиийэллэр. Баай суолтан туоруу да барбат, хаарга лах гына олорунан кэбиһэр уонна, мөһөччүгүттэн аһын ылан, аһаан-сиэн кимирийэр-хамырыйар. Хамначчыт сордоох сүгэтинэн мас кэрдэн тоһурҕатан барар.

Туох да сүрдээх тымныы, тыаллаах түүн буолар.

«Тымныйдын, тымныйдын!» – дии саныы-саныы, баай аһыы олорор. Кэнникинэн кини утуктаан нухарыйан барар. Суох, сатаан утуйуо суох, тымныыта бэрт. Бэдэр да саҕынньах, куобах да тириитэ истээх ыстаан, саһыл да тириитэ истээх сон тымныыны кыайан туппаттар. Тоҥор. Ыксыыр. Аһаары мөһөөччүгүн иһигэр илиитин батары укпута да, аһа хайа сахха бүтэн хаалбыт. Оттон хамначчыт, тоҥуон кэриэтэ, итииргээн бэргэһэтин өрө сэгэччи аспыт, сүгэтинэн аргыый аҕай мас кэрдэн тобурҕата турар.

Баай ыксыыр, тоҥор. Тулуйа сатыыр да, кыайан тулуйбат.

– Чэ, сөп буолла, дьиэбитигэр барыах! – баай хамначчытын ыҥырар.

– һэ-һэ-һэ, тымныыттан тулуйбатыҥ дуо? Билигин хайдах билиэхпитий: «үлэ ордук дуу, баай дуу?» диэммитин?

Баай хаһан да бардам, кини хамначчытыгар бэриниэх бэйэлээх буолуо дуо, хата ордук дьиппинийэн тоҥо-тоҥо олорор. Сарсыарданан…» – диэн эмээхсин остуоруйатын бүтэриэхчэ аҕай буолан эрдэҕинэ, аан аһылла түһэр, Малаанай Ньукулай мылтас гынан өҥөйөн көрөр уонна туох да бокуойа суох хаһыытыыр:

– Сылгыһыт Сүөдэр, тойоҥҥор тахса охсуоҥ үһү!.. Сип-сибилигин, көһүтэн олорор!.. Чэ, туруоҥ дуо?

Сүөдэр тойонун аахха тахсаары гыммытыгар, Маайа эмискэ ойон турар:

– Эн мантан ханна да барыма!.. Мин тахсан кэпсэтиэм! – диэт кини, ааҥҥа көһүтэн турар Малаанай Ньукулайы түҥнэри көтө сыһан, тир гынан хаалар.

– Ити оҕом, Маайа, ханна барда? – Сөдүөччүйэ эмээхсин аһаҕас аан диэки хайыһан олорон ыйытар.

– Тойонун аахха, – Сүөдэр аат эрэ харата хардарар. Кини, туох эрэ ыар буруйу оҥорбут киһи курдук, харахтыын-сирэйдиин самнан, сукуллан турар.




VI


Сүөдэркэ сиргэ тиэрэ түһэн өр соҕус сытта. Кини Сылгыһыт Сүөдэр кэлэн эмиэ кырбыа диэн куттанан турбат. Хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Маайалаах Сүөдэр ырааппыттар. «Билигин, эргиллэн да кэлээри гыннаҕына, атахпынан куотар инибин», – дии санаан, дьэ турар. Сирэйин туттан көрбүтэ кымньыы суола курбуу курдук өрө үллэн хабыллан тахсыбыт. Эт-этэ барыта ыалдьар. Кини, таһыллыбыт ыт оҕотун курдук, ытаан сыҥсыйар. Маарыын саатын хаалларбыт сиригэр барар. Саата сытар. Сүөдэркэ саатын тутан баран дьэ эр ылар. Ытыыра ааһар. Кини Сүөдэрдээх Маайа барбыт сирдэрин диэки көрбөхтүүр. «Билигин Сылгыһыт түөкүн кэлэн көр эрэ, саанан ытан, тос мааскын көрдөрүөм», – дии саныыр. Кырдьыга, билигин Сүөдэр кэлэрэ буоллар, Сылластыгас, туохтан да толлубакка эрэ, ытан кэбиһиэ этэ. Суох, Сүөдэр көстүбэт. Сылластыгас эмиэ сирэйин туттан көрөр: «Бэйи уус, аҕам эйиэхэ баҕас көрдөөбүккүн биэрэрэ буолуо!» – диэн ботугуруу-ботугуруу хотоол уутугар киирэр.

Маайа далаһа ууруммут маһынан уу үрдүгэр киирэн өҥөйөн туран, Сылластыгас сирэйин көрүнэр: кымньыы сырбаппыт сирэ күөх баламах буолан хаалбыт. Сүөдэркэ эмиэ ытаан сыҥсыйан барар. Ол туран Маайа ууга укпут ньургуһуннарын көрөр.

– Ы-ы-ы! – диэн ыйылыы-ыйылыы, ньургуһуннары ууга тэпсэн кэбиһэр. Дьэ санаатын ситиспит курдук туттан, саатын сүгэн дьиэтигэр төннөр.

– Сүөдэркэ-э, бу туохха сирэйгин бачча улаханнык өлөрдүҥ? – диэн ийэтэ уолун ыйыта тоһуйар. «Ким эмэ мин Сүөдэркэбин кымньыынан сирэйин быһа охсубута буолуо эрэ», – дии санаабат этэ.

Сүөдэркэ ийэтэ айдаарбытыттан, кыра оҕо курдук, ытаан бөтүөхтээн барар.

– Хотуйдаар, тугу көрөн аппаһан тураҕытый?! Оҕом сирэйин бу айылаах өлөрбүтүн кэннэ… Арыгыта!.. Өрбөхтө!.. Угуттуу оҕустахха ааһыаҕа.

Дьиэ көрөөччү, сууйааччы, ыраастааччы Мааппа кыыс, хотуна итиччэ хаһыытаабытын-ыһыытаабытын кэннэ тэҥнэһээхтиэ баара дуо, иһит уурар ыскаапка буута быстарынан тэбинэр. Онно бэҕэһээ киэһэ испит арыгыларын тобоҕо баара. Кыыс ыскаабы аһан көрбүтэ – арыгы бытыылката кураанах турар.

Мааппа хотунугар тахсан:

– Бытыылкалаах арыгы бүппүт, – диир.

– Бүппүт буола-буола, эн обургу куолайдааҕыҥ тухары туох арыгыта тулуйан турбут үһүө?!

Хотун айдаарарын истэн, түгэх хоско улуус суруксутун кытта кэпсэтэ олорбут Дьаакыбылап кулуба тахсан кэлэр.

– Бу айылаах туоххут айдаанай? – диэн кини кыыһырбыт куолаһынан ыйытар уонна уолун сирэйэ быһа охсуллубутун көрө түһэр. – Нохоо, сирэйгин туохха өлөрдүҥ?

– Оҕобут бу айылаах сирэйдэнэн киирбитин көрбөккүт дуо?!. Ити дэриэтинньик кыыһа баарына туох арыгыта тулуйуой? – Огдооччуйа көбдьөөрөр.

– Э-э, лахсыйа турума, мааҕыын суруксуттуун биһиги тобоҕолообуппут, – диэн баран, Дьаакыбылап уолугар Сүөдэркэҕэ кэлэр. – Нохоо, туохха өлөрдүҥ?

Сүөдэркэ, утаа соҕус ытаан бөтүөхтээмэхтээн баран, сыҥсырыйа-сыҥсырыйа этэр:

– Сылгыһыт Сүөдэргит… кымньыынан быһа оҕуста.

Оо, онно көрүөххүт этэ Огдооччуйа сирэйин! Маҥнай хайдах эрэ уһуурга дылы буолар, онтон кубарыйан хаалар. Дьэ ол кэнниттэн улам кытаран, кэтирээн барар.

– Көрүҥ эрэ, ол ыт, биһиги бөлөнөхпүтүн сиэн, күүһэ батымына, оҕону бу айылаах… Өлөрбүт!.. Истэҕит дуо?! Өлөрбүт!.. Хайыай, сотору миигин кырбыы киирэрэ буолуо! Кырбаамына даҕаны!.. Буруйдаах эн, эн бааргын! – диэн баран, эмээхсин эрин уолугуттан харбаан ылар. – Эн киниэхэ Харатаайап кулуба мааны кыыһын ойох ылан биэрбитиҥ… Аны баайгын барытын биэрэр инигин!.. Биһигини ыал устун ыытарыҥ буолуо!..

Дьаакыбылап кэргэнин киэр анньар. Кини олус кыыһырар, сирэйдиин- харахтыын дьэбин уостар. Огдооччуйа буоллаҕына үрүт-үөһэ кута-симэ турар:

– Миэхэ эрэ тойоргуугун… Кулубабын диэн ходьоҥнуугун да, биир хамначчыккын кыайан буойбаккын, үүннээбэккин-тэһииннээбэккин…

– Бэйи, тохтоо! – Дьаакыбылап күргүйдээн дэлби барар.

Огдооччуйа тохтуох, уоскуйуох эрэ быһыыта суох. Кини, былаатын устан, уолун сирэйин саба тута-тута:

– Хара түөкүн, оруо маһы ортотунан оҕобун булан, бу айылаах сиэбитин көрбөккүт дуо?! – дии-дии ытаан маргыйар.

– Бэйи, тохтооҥ! – Дьаакыбылап ытаһан ньолҕоруһа олорор уоллаах ойоҕун буойар. – Нохоо, ол тоҕо сирэйгин быһа оҕуста?

– Ой-о-о-ҕун, – диир Сүөдэркэ ытаан сыҥсырыйа-сыҥсырыйа. Огдооччуйа, уоска оҕустарбыт курдук, ытаан маргыйарын тохтотор, уолун диэки куттаммыт курдук көрөн кэбиһэр:

– Муокастаатыҥ дуо?

– Су-о-о-ох… Муокастаары г-гым-мы-мы-тым…

– Сааппаккын даҕаны… Хамначчытыҥ ойоҕун муокастаһа сылдьаҕын… Кэм буолан истэхпит… – диир Дьаакыбылап кулуба.

Огдооччуйа уолун төбөтүн кууһар уонна, эрин диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлии-көрүтэлии, айдаарар:

– Оҕобун сэмэлииргин, мөҕөргүн эрэ билэҕин. Ол ыт уола оҕоҥ сирэйин быһа охсубутугар «баһыыба» диириҥ буолуо!

– Хамначчытын ойоҕун тыыппатын! – Дьаакыбылап кыыһырбыт куолаһынан көбдьөөрөр.

– Кининньиктэр баҕастар ойохтоохтор-уруулаахтар… Оҕом тыыппыт да буоллаҕына – саата кыра… Ыал хамначчытын батыһа сылдьар дьахтар сааттаах баҕастаах! Туруоҥ дуо?! Ыҥыртаран ылан, дьыалата оҥорторон, «сибииккэҕэ» уктаран кэбис!

Дьаакыбылап кулуба саараабыт курдук турар. Оҕонньор эмиэ да уолуттан кэлэйэр, хамначчыта оҕотун сирэйин быһа охсубутуттан эмиэ да абарар быһыылаах.

– Ким эмэ туораттан көрбүтэ дуо… ол муокастаары гыммыккын?

– Суох… Ким да суох этэ.

– Дьахтары көрбөтөҕүм, билбэппин диэн мэлдьэһэн кэбиһээр, – Дьаакыбылап уолун үөрэтэр.

Малаанай Ньукулайынан Сылгыһыт Сүөдэри ыҥыртараллар. Сүөдэркэ сирэйин ийэтин бытырыыстаах хаарыс былаатынан саба баайаллар. Дьыала оҥортороору, Сиидэр суруксуту аан хоско остуол аттыгар кумааҕылаан, чэрэниилэлээн олордоллор.

Сип-сибилигин Сылгыһыт Сүөдэр киириэхтээх. Оҕонньор кинини кытта хайдах кэпсэтэрин, дьыаланы оҥорууну туохтан саҕалыахтарын барытын өйүгэр бэрийэ олорор. Күүлэҕэ ким эрэ атаҕын тыаһа иһиллэр. Сылгыһыт Сүөдэр кэллэ дии санаан, бука бары харахтарын аантан араарбаттар. Аан аһыллар, Сылгыһыт Сүөдэр оннугар кини кэргэнэ Маайа киирэн кэлэр.

Быһа оҕустарбыт сирэйин икки илиитинэн саба тутта сылдьар Сүөдэркэ түгэх хоско киирэн ньимис гынан хаалар. Огдооччуйа, туох да диэн булумуна хараҕын муҥунан көрөн баран, уолун батыһан эмиэ хоско киирэр. Сиидэр суруксут, «тугу гынабыт?» диэбиттии, тойонун Дьаакыбылап диэки көрөн кэбиһэр.

Дьаакыбылап кулуба, тоҕо киирбитин таайа сатыырдыы, Маайаны атаҕын тумсуттан төбөтүн оройугар диэри көрөн таһаарар. Маайа кинилэргэ кэлбитэ төгүрүк сыла туолуох буолла да, оҕонньор кинини сирэй көрсөн кэпсэтэ илик, кэпсэтиэн да баҕарбат этэ.

Маайа, дьиэлээхтэр сорохторо куттанан куоппуттарыттан, сорохторо тылларыттан маппыт курдук буолбуттарыттан эр ылан, дьиэ иһин тула көрүтэлээмэхтээн кэбиһэр:

– Сүөдэр оннугар мин киирдим. Тугу кэпсэтээри ыҥыртарбыккытый?

Дьаакыбылап кулуба: «Бу дьахтар тыла-өһө тугун чобуотай», – дии саныыр.

– Мин эйигин ыҥыртарбатаҕым, тоҕо киирдиҥ?! – диэн кини күргүйдүүр былаастаан саҥарар.

Маайа, кини күргүйдүүрүн эрдэттэн сэрэйбит курдук, дьигис да гынан көрбөт, хата уоттаах баҕайынан батары көрөр.

– Эн миигин кытта кэпсэтэриҥ суох буоллаҕына, мин кэпсэтэрдээхпин, – диэн баран, хоонньуттан кыһыл саппыйаан кумааһынньыгы ороон таһаарар уонна били Дьаакыбылаптаах оҥорбут «биэксэл» кумааҕыларын көрдөрөр. – Албыннаан, хамначчыккар ойох ылан биэрэн, мин ааппын алдьаппытыҥ. Тулаайах хаалбыт Сүөдэри иитиэх буолаҥҥын, дьонун аах баайдарын, малларын, дьиэлэрин барытын ылан бараҥҥын, кинини бачча сааһыгар диэри харчыта суох хамначчыт оҥосто сылдьаҕын. Итини барытын мин иэстэһэ, аахса киирдим… Былырыын мин кэргэммэр эппит этиҥ: «Биэс сыл харчыта суох үлэлиигит», – диэн. Биир сыл босхо үлэлээтибит!.. Чэ, аахсыаҕыҥ, ким кимиэхэ биэрэр дуу, ылар дуу иэстээх эбитий?

Дьаакыбылап кулуба, Маайа кырдьыгы этэриттэн куттанан, куччуурга дылы буолар. Кини сотору-сотору суруксутун диэки көрүтэлиир. Суруксут, били сымыйа «биэксэл» кумааҕылара дьахтар илиитигэр баарыттан бэйэтэ кинитээҕэр ордук куттанан, ыксаан олорор.

Түгэх хос аана аһыллар. Дьиэлээх хотун хоһун аанын бүөлүү үллэн туран:

– Эрин оннугар киирбит буола-буола, бэрт дьахтар киирбит эбит!.. Кулуба тойон, ол хас ыал хамначчытын батыһар сэлээччэҕи… – диэн дойҕохтоон эрдэҕинэ, Дьаакыбылап түннүк тааһа доргуйуор диэри күргүйдүүр:

– Эн да лахсыыра суох… Киэр буол!

Огдооччуйа сирэйэ кытар гына түһэр уонна хоһугар киирэн хаалар.

Дьаакыбылап кулуба куттаммытын көрөн, Маайа ордук эр ылар.

– Билигин аахсыһар кыаҕа суох буоллаххытына, хойут да аахсыллыа! – диэт кини, ааннарын хайа быраҕан, тахсан барар.

Маайа тахсан барбытын кэннэ өр соҕус саҥата суох олороллор.

– Бэйи эрэ, ити аата тугу туойан таҕыста? – диэн кэмниэ-кэнэҕэс Дьаакыбылап кулуба ыйытар.

– Быһыыта, улахан улаҕалаах өйдөөх дьахтар сылдьар ээ, – Сиидэр суруксут суруйаары бэлэмнээбит кумааҕытын остуолтан хомуйар.

– Туохха-туохха төлөтөбүн диирий?

– Итини баҕас, кырдьаҕас, бэйэҥ бэркэ билэҕин: Сылгыһыт Сүөдэри ыларгар эн киниэхэ эппэкиин буолабын диэн дьыалатын барытын оҥорторбутуҥ… Онон кини дьонун баайын барытын эһиги харайбыккыт…

Дьаакыбылап кулуба көхсүн этитэн иҥиэттэр.

– Кинилэр да баайдара диэн, Сылгыһыт барытын сиэн бүтэрдэҕэ дии.

– Бүтэрдин… Ону кини баччаны сиэтэ-аһаата, тутунна диэн туох да кумааҕыта оҥоһуллубатах буоллаҕа дии… Суут кумааҕыны эрэ билинэр…

– Эн, суруксут ааттааххын дии, тоҕо ону утарытыгар оҥорон испэтэххиний? – диэн кулуба күргүйдүүр былаастаан саҥарар.

– Чэ, итинтэн хайдах эмэ куотуллуо… Куһаҕана ити «биэксэл» кумааҕылары төттөрү ылбатахпыт баар, – диир суруксут куттаммыт куолаһынан.

– Ээ, ол диэн, ити сымыйа «биэксэллэр» кимиэхэ наадалаахтар үһү!

– Суох, улахан наадалаах. Ити дьахтар: «Хамначчыт уолун сымыйанан атыыһыт уола диэн ааттаан, сымыйа «биэксэллэри» биэрэн ыытан, Харатаайап кулуба кыыһын аатын алдьаттарбыта», – диэн эйигин үҥсээри гынар буолбат дуо? Ол үҥсүүттэн дьэ хайдах гынан куотабыт?

Ити ыйытыыттан Дьаакыбылап кулуба букатын ыксыыр, туох да бокуойа суох чыпчылыйар мээнэ буолар, сотору-сотору суруксутун сирэйин көрбөхтүүр.

– Үөрэхтээх эҥиннээх киһи, эн, ону өйдүө этиҥ буоллаҕа дии… Дьэ, хайдах гынан итинтэн куотабыт? – диэн оҕонньор суруксутуттан хардары ыйытар.

– Мин санаабар, – диир суруксут Дьаакыбылап кулуба диэки уоран көрөн ыла-ыла, – ити «биэксэллэри» хайдах эмэ мүччү туттарбыт киһи…

– Билэбин ээ, билэбин!.. Эт, хайдах ону киһи төттөрү ылыан сөбүй? – Дьаакыбылап кулуба быыппастар.

– Мин санаабар, Сылгыһыт Сүөдэргэ арыгылаах-астаах тахсан, «Мин, эппэкиин буоларым быһыытынан, кэргэннэммитиҥ кэннэ дьонуҥ аах дьиэлэрин… сорох баайдарын туттарабын» диэн уонна… «эйигин туспа ыал оҥорор дьоллоннум, киһи оҥордум… мин оҕом курдук этиҥ… эҥин» диэн сымнаттаҕыҥ дии…

Дьаакыбылап кулуба хараҕа уоттанар, Сиидэр суруксут сүбэлиирин ситэ истибэккэ эрэ:

– Мин киниэхэ тугу да биэриэм суоҕа… Оччону сиэбитэ буолуо! – диэн айдаарар. Кини хайдах да Сылгыһыт Сүөдэргэ үп-баай арааран биэрэр санаата суох.

Суруксут күлэн ымайар. Кини, эккэлээн эрэр ыт курдук, тойонун сирэйин арыы ньалҕархайынан көрүтэлиир.

– Мин биэр диэбэппин ээ… «биэксэл» кумааҕыларын төннөрөн эрэ ылларбыт, тугу да биэриэхпит суоҕа, – диир Сиидэр суруксут. Ити кини истиҥ санаата буолбатах. Кини: «Мин булкуллубут дьыалабыттан эрэ куотуум… Кэнникитэ кээнчэ да буоллун, Дьаакыбылап баайыттан уолга, баҕар, бэристин, баҕар, бэрсибэтин», – дии саныыр.

Дьаакыбылап кулуба ити сүбэттэн хараҕа сырдыы, тыына кэҥии түһэр, суруксутун диэки эйэҕэс бэйэлээхтик көрөн кэбиһэр:

– Ол да иһин этэллэр эбит ээ, үөрэх киһиэхэ икки өйү биэрэр диэн… Сип-сибилигин таҕыстахха табыллар.

– Таҕыстаххына, таҕыстаххына эрэ табыллар! – Сиидэр суруксут сымыйа «биэксэллэрин» ыла охсоору тиэтэтэр.

Дьаакыбылап кулуба туран, түгэх хос аанын арыйа баттыыр, өҥөс гынар:

– Огдооччуйаа! Иһит арыгыта манна аҕал эрэ.

Огдооччуйа мааҕыын Харатаайап кыыһа баарына оҕонньор күргүйдээн үүрбүтүттэн олус кыыһыран ытыы олорор. Кини аан хоско туох буолбутун, тугу кэпсэппиттэрин букатын билбэт. Онон эрэ арыгы көрдөөбүтүттэн олус соһуйар.

– Кимиэхэ эттим, арыгыта аҕал диэн?! – Дьаакыбылап күөмэйин сонотон иккиһин этэр.

– Ол эмиэ тугуҥ арыгытын көрдүүгүнүй?.. Хамначчытыҥ ойоҕо оҕоҥ сирэйин быһа охсубутун малааһыннаары гынаҕын дуу?

– Тоҕо наада буолбутун дьахтар өйө сатаан быһаарбат суола… Чэ, түргэнник аҕал!

Огдооччуйа суруксуттаах оҕонньорун сирэйдэрин-харахтарын улаханнык муодаргыы көрөр. «Туохтан бу курдук буоллахтарай?» – дии санаан баран, ыйытыан куттанан саҥата суох баран, биир иһит арыгыны аҕалан остуолга уурар. Эмээхсин: «Туох эрэ табыллыбатаҕыттан санааларын аралдьытаары, арыгы иһээри гыннахтара», – дии саныыр. Онтуката атын буолан тахсар. Дьаакыбылап кулуба, бытыылкалаах арыгытын сиэбигэр уктаат, аан диэки барар.

– Арыгы тутуурдаах бу ханна бардыҥ? – Огдооччуйа соһуйан ыйытар.

– Ханна барыамый, акаарытыйан баран, Сылгыһыт Сүөдэртэн ааттаспакка олоруллуо дуо?

Огдооччуйа ити тылтан кыыһыран, дэлби бара сыһар, туох да саҥата суох сүүрэн мөлбөһүйэн тиийэн, дьиэтин аанын бүөлүү турунан кэбиһэр.

– Суох!.. Хара түөкүнү… Оҕом сирэйин быһа охсубут манньатыгар, аны арыгынан маанылыырыҥ хаалбыт дии?!

Дьаакыбылап кэргэнин иннигэр тиийэн тохтуу түһэр. Саҥата суох көрөн турбахтаан баран, туох буолбутун барытын сиһилии кэпсээн биэрэр. Огдооччуйа туох алдьархайа тахсаары гыммытын дьэ өйдүүр. Кини, төһө да кыыһыран силбиэтэннэр, онон алдьархай тахсаары турарын саба тутан тохтоппотун өйдөөн, саҥата суох аантан халбарыйан биэрэр.




VII


Маайа, Дьаакыбылап кулубалаахтан тахсаат, долгуйбутун омунугар төбөтө, сибиниэһи куппут курдук, ыарыыр, халлаан харааран, күн хаан курдук кыһыл өҥнөнөн көстөр буолар. Олорор дьиэтигэр кэлэн, аанын арыычча аҕай аһар.

– Хайа, Маайа, тойоммут мин сордоох тириибин хастыыр ини? – Сүөдэр куттана-куттана ыйытар.

Маайа тугу да саҥарбат, аргыый хааман, оронугар кэлэр. Сүрэҕэ, айаҕынан тахсыах курдук, сүр күүскэ тибиргэччи тэбиэлиир. Мэйиитэ эргийэр… Кулгаахтарын тыаһа куп-куугунас.

– Оҕом Маайа киирээхтээтэ дуо?.. Тоойуом, хотунуҥ Огдооччуйа обургу кутаа уотунан көрүстэ ини? Кэпсээ, төһө кыымнана-төлөннөнө олороллоруй? – Сөдүөччүйэ эмээхсин ыйыталаһар.

Балаҕан иһигэр баар хамначчыт уолаттар, кыргыттар бары, Маайа тойонун аахха тахсан тугу кэпсэппитин истээри, көһүтэн өрөһөн-чөрөһөн тураллар.

Сүөдэр, Маайа арбы-сарбы буолбут дьүһүнүн көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Кини, саҥата суох кэлэн, кэргэнин төбөтүн имэрийтэлиир.

Маайа хараҕын соттор.

– Хайа, туох дэһэллэрий? Мин сордооҕу өлөрөр-сүтэрэр санаалаах олороллор ини? – Сүөдэр ыйытар.

– Эн тускунан тугу да саҥарбатылар…

– Хайдах?.. Оччоҕо тоҕо миигин ыҥыттарбыттарай? – Сүөдэр улаханнык соһуйа түһэр.

– Ол туһунан миэхэ тугу да эппэтилэр, бадаҕа… Кинилэр тугу да саҥарбатахтара, – Маайа дьэ өйүн-төйүн булан сиһилии кэпсиир.

Сөдүөччүйэ эмээхсин, бэркэ сэргээн истэн олорон баран, үөрбүт куолаһынан этэр:

– Чахчыта оннук этэ… Оҕом Сүөдэр дьонун уонча ынахтарын, дьиэлэрин барытын кини, «Сүөдэри иитиэх» буолан, уоппустатан ылбыта.

Бу курдук кэпсэтэн эрдэхтэринэ, ааннара аһылла түһэр. Халлаан төһө да киэһэрдэр, аан аһыллыбытыгар дьиэ иһэ сырдыыр, онтон, ким эрэ ааны бүөлээн, эмиэ хараҥардар. Дьиэ иһигэр олорооччулар өйдөөн көрбүттэрэ: Дьаакыбылап кулуба бэркэ диэн үөрбүт-көппүт көрүҥнээх киирэн кэлэр. Тойонноро, дьиэ иһин кэрийэ көрөн баран, Сүөдэргэ супту хааман кэлэр. Сүөдэр: «Уолун охсубутум иһин кырбыы истэҕэ», – дии саныы олорор. Ол эрээри, сирэйиттэн көрдөххө, Дьаакыбылап киһини кырбыы иһэр дьүһүнэ суохха дылы.

Сөдүөччүйэ эмээхсин, аан аһыллыбытыгар дьон ах баран хаалбыттарын дьиктиргээн, ким киирбитин билээри, олорбохтуу түһэн баран, ыйытар:

– Оҕолоор, хайалара киирдэ?

Ким да саҥарбат. Уолаттар, охсуһуу буоллаҕына онно кыттыыны ылымаары, дьиэ иһиттэн ээр-сэмээр таһырдьа тахсан бараллар. Кыргыттар эмиэ биирдии-биирдии тахсаллар. Төрдүөйэх эрэ буолан хаалаллар.

– Оҕолоор, ким киирэ сырытта дуу, хайдах дуу? – Сөдүөччүйэ эмээхсин иккистээн ыйытар.

– Соххоор, мин киирдим, – диир Дьаакыбылап.

Сөдүөччүйэ эмээхсин тойонун саҥатын истибэтэҕэ бэрт өр буолла. Онон ким киирбитин билигин даҕаны билбэккэ олорор.

– Мин диэхтиигин да, кимҥин билбэккэ олоробун ээ, – диир эмээхсин, хайдах эрэ куттаммыт курдук, төбөтүн эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ.

– Ээ-э, өлөрүҥ чугаһаабыт, миигин билбэккин дуо, кулубабын эбээт! – Дьаакыбылап күлэн күрдьүгүнүүр.

Сөдүөччүйэ эмээхсин дьик гынар: «Билигин айдаан бөҕөнү тардара буолуо», – дии санаан, ах баран хаалар.

– Хайа, оҕом Сүөдэр, үлэҕин бүтэрэн кэллиҥ дуо? – диэн Дьаакыбылап кулуба бэрт намыын бэйэлээхтик ыйытар.

Маайалаах Сүөдэр, тойонноруттан итинниги эрэ көһүппэккэ олорор буолан, бэркэ дьиктиргииллэр, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр.

– Бүтэрэн, – диир Сүөдэр, саараан олорбохтоон баран.

– Үчүгэй!.. Оҕом, Сүөдэр, киһи буолаҥҥын кэргэннэммитиҥ үөрүүтүгэр! – Дьаакыбылап ыстаанын сиэбиттэн биир иһит арыгыны таһааран остуолга туруорар. – Миигин мөҥө, саҥара киирдэҕэ буолуо дии санаатаххыт… Суох, ол акаары уол куһаҕан быһыытыгар охсуллубута – хата үөрэх буолуо…

«Эттэҕэ-саҥардаҕа тугун минньигэһэй?.. Туохха эрэ үөннүрэн кэлэн олорор быһыылаах… Кини киһи саҥарара-иҥэрэрэ тосту уларыйбыта түргэнин!» – дии саныы олорор Маайа. Оттон Сүөдэр туох да диэн булбат. Баҕар, Дьаакыбылап кырдьыгын этэрэ буолаарай? Ама да кини баайын иһин, кыраларын-хамначчыттарын атаҕастаабытын иһин, уола куһаҕаннык быһыыламмытын билбэт бэйэлээх буолуо дуо?!

– Оҕом, Сүөдэр, баҕар, атаҕастаммыт-баттаммыт курдук саныырыҥ буолуо да, оннооҕор төрөппүт аҕа-ийэ оҕолорун үөрэтэр, өйдөтөр куолулара… – диэн Дьаакыбылап кулуба ньамааттыы олордо. – Мин эйигин киһи буолаарай диэн үлэҕэ мускуйбутум… Дьон да билэринэн, суут-сокуон да ыйыытынан, билигин сокуоннай сааскын сиппитиҥ, кэргэннэнэн ыал буолбутуҥ кэннэ, дьонуҥ аах бокуонньуктартан туох хаалбытын барытын тутуоҥ, бэйэҥ ыал буолуоҥ!.. Оттон эн, Маайа, кэлэргин кытта киһилии көрсүбэтэхпитин баалаама. Били, былыр кэргэн кэпсэтэ кэллэхтэринэ, кийиит кыыһы үтүлүктэринэн быраҕаллара үһү диэн сэһэн баарын курдук, биһиги: «Туох-ханнык үлэһит кыыс кэлбит эбит?» – диэммит, кырдьык, ыарахан, баҕар, куһаҕан да үлэни үлэлэтэ сылдьыбыппыт буолуо… Ону бырастыы гынаргар көрдөһөбүн… Мин эн аҕаҥ бараллаата саастаах киһибин, тылбын ылыныа дии саныыбын.

Маайа, бэйэтэ эмиэ биир баай ыал кыыһа, аҕата дьону тылыгар киллэрээри гыннаҕына ити курдук кэпсэтэрин бэрт үгүстүк истэр буолара. Онон кини Дьаакыбылап тугу эрэ албыннаары тыла минньийбитин өтө сэрэйэр. Оттон Сүөдэр, урут тойонуттун итинник сиэрдээх, итинник киһилии тылы истибэтэх буолан, барытын бэркэ диэн кырдьыктанар.

– Чэ, тоойуом, эһиги ыал буолан эрэргит аатыгар… Оҕом, Сүөдэр, бүгүн биһиги быйылгы бурдукпут ыһыытын бүтэрбитиҥ үөрүүтүгэр, биирдии чааскыта амсайыаҕыҥ! – Дьаакыбылап арыгытын аһар.

Маайа истибэтэх курдук олорор. Сүөдэр, тойонун тылын итэҕэйэн, арыгы иһээри, долбуурдарыттан үс чааскыны аҕалан туруорар. Маайа кэргэнин улаханнык сэмэлээбит хараҕынан көрүтэлээн кэбиһэр.

Дьаакыбылап бытыылка түгэҕин ытыһынан охсон аһар. Арыгы, өр соҕус кыынньан эрэрдии кырылаан баран, ырааһынан дьэҥкэрэр. Оҕонньор аргыый аҕай ыстакааннарга кутуталаан бычалытар.

– Чэ, оҕолорум, кэлиҥ, олоруҥ. Туох-ханнык иннинэ, эһиги инники дьолгут иһин маны иһиэҕиҥ! – Дьаакыбылап ыстакааны өрө тутар.

Сүөдэр биир ыстакааннаах арыгыны Маайа диэки ылан уунар. Маайа саҥата суох баһын быһа илгистэр.

– Тоойуом, эһиги дьолгут иһин иһэбит, истэҕиҥ дии! – диэн Дьаакыбылап Маайаттан көрдөһөр.

Маайа ыстакааннаах арыгыны ылар уонна Сөдүөччүйэ эмээхсиҥҥэ аҕалан биэрэр. «Тугу аҕаллыҥ?» – диэбиттии эмээхсин маҥнай сытырҕаан көрөр уонна арыгытын билэн, иһэн кэбиһэр.

– Бу аска кимиэхэ баһыыбалыыбыный? – диэн кини ыйытар.

– Оҕолоргор, Сүөдэрдээххэ, соххор! – диэн Дьаакыбылап хобдьоорор. Ону Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох истэн эрэ кэбиһэр.

Сотору иһит арыгы тобоҕолонор. Дьаакыбылап уонна Сүөдэр биллэр буола холуочуйаллар.

– Чэ, оҕолорум, биһиэхэ барыаҕыҥ… Дьонноргутун-сэргэлэргитин кытта билсиһиэххит, – диэн Дьаакыбылап оҕонньор ыҥыртыыр.

Сүөдэр сип-сибилигин барсаары таҥнар. Маайа саҥата суох оһох аттыгар баран турар.

– Чэ, тоойуом, тахсыаҕыҥ! – дии-дии Дьаакыбылап Маайаҕа тиийэр.

– Суох, мин тахсыбаппын! – Маайа киэр хайыһар.

Дьаакыбылап кулуба, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр:

– Тоҕо тахсыбаккыный?

– Эһиэхэ тахсан, билсиһэр киһим суох, барыларын бэрт үчүгэйдик билитэлиибин… Хотунум Огдооччуйа ынах сааҕын тылбынан ыраастатыах буолан саанар, оттон эһиги уолгут Сүөдэркэ «хамначчыт эргин бырах, миэхэ кэл» диэн сордообута… Суох! Тахсыбаппын!

– Ээ, ити барыта ааспыт суол… Ол мин ойоҕум, ол акаары уол лахсыйбыттарын аахсыма!.. Мин бэйэм эһигини ыал оҥортуубун диибин буолбат дуо?! Чэйиҥ, хата, тахсан дьонноргутун кытта эйэлэһиҥ, иллэһиҥ, – диэн Дьаакыбылап көрдөһөр.

– Чэ, тахсыах, Маайа! – дии-дии Сүөдэр Маайаны тоҥоноҕуттан тардыалыыр.

– Тахсыһыма, албыныгар үктэтээри гынар, – Маайа кэргэнигэр Сүөдэргэ сибигинэйэн этэр.

Маайа тахсыбатын көрөн, Дьаакыбылап аан аттыттан төннөн уҥа ороҥҥо баран олорор.

– Чэ сөп, тахсыһыма даҕаны… Билигин Сүөдэр миигин кытта тахсан дьиэтин, малын тутан киириэ… Сүөдэри миигин кытта ыытар инигин?

Маайа: «Кырдьык да, Сүөдэр дьонун аах дьиэлэрин, малларын биэрээри гыннаҕа дуу?» – дии санаан, улаханнык саарыыр. Дьаакыбылап ону бэлиэтии көрөн:

– Чэ, Сүөдэр, тахсыах! – диэн баран, аан диэки барар уонна ааны тутааҕыттан тутан туран аргыый аҕай эргиллэр. – Сүөдээр, били быгыһын Бүлүүгэ бараргар оонньуу оҥостон биэриллибит «биэксэл» кумааҕыларыҥ ханнаный?

Сүөдэр өс киирбэх Маайа диэки көрөн баран:

– Маайа ылбыта, – диир.

– Сүөдээр, ол кумааҕылары ылан таҕыс, – диир Дьаакыбылап.

Сүөдэр, төһө да холуочугун иһин, тойоно тоҕо бу курдук сымнаан, тыла минньийэн киирбитин, арыгынан тоҕо күндүлээбитин дьэ өйдүүр. «Ити аата Маайа маарыын тахса сылдьан кинилэри куттаабыт эбит буоллаҕа, – дии саныыр. – Дьонум дьиэлэрин, сорох баар малларын кырдьык төннөрөр буоллахтарына, ол сымыйа кумааҕылары биэрэн да кэбиспэккэ?»

– Маайа, ол кумааҕылары аҕал эрэ, – Сүөдэр кэргэниттэн көрдөһөр. Маайа кини диэки уоттаммыт хараҕынан көрөн кэбиһэр:

– Дьиэҕин, дьонуҥ малын, сүөһүлэрин туттардахтарына биэриэхпит, билигин биһиги баайбыт эрэ диэн – ол сымыйанан оҥоһуллубут «биэксэл» кумааҕылара… Биэрбэппин!

Дьаакыбылап кулуба, уордайан, хатыылаах баҕайытык көрүтэлиир.

– Ол кумааҕылары биэрбэт буоллаххытына, мин эһиэхэ тугу да биэрбэппин!.. Сарсын үрээнньик тойон кэлэн ол кумааҕылары ылан биэриэ!

– Баһыыба, ити курдук саҥараргын көһүппүтүм өр буолла, – диир Маайа эҕэлээхтик.

– Оҕом сирэйин быһа охсубуккар хоруйдуу түһэриҥ буолуо! – диэн Дьаакыбылап Сүөдэри саанар.

Маайа, кини сирэйин супту көрөн туран, улаханнык абарбыт-сатарбыт куолаһынан этэр:

– Эһиги уолгут сирэйин Сүөдэр охсубатаҕа, мин кини сирэйин быһа охсубутум, мин хоруйдуом!.. Ол эрээри хоруйдуур да күн кэллэҕинэ, тоҕо сирэйин быһа оҕустарбытын эһиги да уолгут эппиэттиир ини!

Дьаакыбылап кулуба, туох да диэн хоруйдуон булбакка, богдоччу кыыһырар, харса суох үөхсэн барар:

– Аанньа дьахтар, ийэлээх аҕатын быраҕан, ыал хамначчытын батыһан барыаҥ дуо?

– Хамначчыт эһигиннээҕэр ыраас санаалаах, киһилии сүрэхтээх эбит, – Маайа эбии тууһаан биэрэр.

Дьаакыбылап кулуба, ыксаан, таһырдьа ойон тахсар уонна балаҕан аанын күүскэ быраҕан «лап» гыннарар.


* * *

Балаҕан иһигэр өр соҕус ким да саҥарбат. Сөдүөччүйэ эмээхсин иһиллээн эрэрдии төбөтүн кыҥнаҥнатан ылыталыыр. Маайа оһох аттыгар хайдах турарай да, ол курдук хамсаабакка турар. Сүөдэр, тойоно кыыһыран тахсыбытыттан соһуйан, аан аттыгар саҥата суох туран баран, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ саҥа таһааран ыйытар:

– Ити кини тоҕо «биэксэл» кумааҕыларыгар наадыйдаҕай?

– Мин үҥсүөм диэн куттаабытым. Кини да буоллар куттанар эбит ээ, – диир Маайа.

– Баҕар, кырдьык мин дьонум малын, дьиэлэрин биһиэхэ биэрээри гыммытын, эн кыыһырдан таһаарбытыҥ буолаарай? – Сүөдэр мунаарар санаатын ыйытар.

– Дьиэ-уот биэрэр киһи ити курдук сылдьыбат, – Маайа киэр хайыһар.

Сөдүөччүйэ эмээхсин кинилэр кэпсэтэллэрин саҥата суох истэн олорор. Кини хапсыччы хатан хаалбыт иэдэһинэн хараҕын уута сүүрэн мөлбөрүйэн түһэр.

– Сарсын, үрээнньик тойону аҕалан, күүһүнэн былдьатан ылыах буолар буолбат дуо? – Сөдүөччүйэ эмээхсин санаатын этэр. Сүөдэр үөһэ тыынар: «Мин сордооҕу хаайаллара буолуо», – диэн санаа киниттэн арахпат.

– Сүөдээр, биһиги манна хааларбыт сатаммат… Ол үрээнньиги аҕалан күүстэринэн ылыахтарын иннинэ куоттахпытына сатанар, – диир Маайа эригэр.

– Оҕом бэрт сөпкө этээхтиир, – диир Сөдүөччүйэ эмээхсин. Бу Дьаакыбылап баайдаахха кини бэрт өр үлэлээбитэ. Кинилэр утары көрөн мөккүһээри гыммыт киһини киһи гымматтарын эмээхсин бэркэ диэн билэрэ. Манна Сордоҥ Уйбаан диэн хамначчыт киһи баара. Ол киһиэхэ үлэлээбитигэр буут сиэмэ бурдугун биэриэх буолан баран, Дьаакыбылап кулуба саас үлүйбүт бурдук сиэмэтин биэрбит. Ол сордоох, ону ыһан баран, ый кэриҥэ кэтэһэн көрбүт да, туох да бытыгыраабатах. Ол эрэ кэнниттэн кини үлүйбүт сиэмэни ыспытын өйдөөбүт. Абаккатыгар тойонун бааһынатыгар хотуурдаах киирэн, саҥа сүһүөх анньан эрэр бурдук отун охсон килэтэн кэбиспит. Дьаакыбылап кулуба дьыала оҥорторон Уйбааны хаайыыга ыыппыта. Ол охсуллубут бурдук сотору, уруккутунааҕар ордук хойдон, торолуйан, үүнэн тахсыбыта. Сордоҥ Уйбаан сордоох хаайыыттан төннүбэтэҕэ. Ханна тиийэн өлөөхтөөбүтүн ким билиэ баарай? Сөдүөччүйэ эмээхсин Сүөдэри, эмиэ ол сордоох курдук, хаайыыга ыытан сытытыахтара диэн олус куттанан олорор.

– Ханна баран куотуохпутуй? Кини биһиги эрэйдээхтэри, ханна да баран куоппуппут иһин, булуо, туттаран ылыа, – диир Сүөдэр.

Маайа эмиэ санаарҕаан олорор. Дьаакыбылап кулуба кинилэри, ханна да барбыттарын иһин, булара биллэн турар. Ол эрээри кини атын сиргэ, туора дьон көрөн турдахтарына, кинилэртэн биэксэл кумааҕыларын былдьаан ылар кыаҕа суох буолуо.

– Ама биһиги буолбуппут иһин, хайдах барар сирбит баҕана үүтэ, кэлэр сирбит кэлии үүтэ буолан бүппүт үһүнүй? – диир Маайа абаккаран.

– Тукаларыам! Икки атахтаахха барар суола баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбута диэн суох. Киэҥ Өлүөнэ эбэ хотун, былыр харахтаах-сирэйдээх эрдэххэ киирэн көрдөххө, үрүҥ халлааны кытта ситимнэһэн, холбоһон турар курдук буолан көстөр этэ. Оннооҕор киэҥ халлааны, сири сырдатар аламай маҥан күн кини уутуттан төрөөн тахсарга дылы буолара. Онтукам, сылдьыбыт, билбит дьон кэпсээннэринэн, киһи хараҕа ылар сирэ диэн бэрт чугас буолар үһү. Өлүөнэ өрүс, ханан да халлааны кытта силбэспэккэ эрэ, Хотугу Муустаах муораҕа тиийэн түһэр үһү. Оттон үрүҥ күн, төһө да ыраах барбытыҥ иһин, хантан төрөөн тахсара биллибэт дэһэллэр. Ол курдук буолбат дуо суол даҕаны? Киэҥ алааска киирэн көрдөххө суолуҥ, бүтэй тыаҕа тиийэн, үүтүн-аанын булумуна, сүтэн-оһон хаалар курдук көстөр буолбат дуо? Суолу батыһан тыа саҕатыгар тиийдэххэ – суол, син мас быыһынан үүтү-хайаҕаһы булан, быстыбакка бардар бара турар. Манна, бу балаҕан иһигэр, олороҥҥут эһиги ханна барыаххытын билбэккит, таһырдьа тахсыҥ, киэҥ сиргэ үктэниҥ, оччоҕо барар-кэлэр сир хайдах көстүбэт буолуой?! Тукаларыам, тойоҥҥут обургу, ити курдук кыыһыран баран, киһи оҥортуо суоҕа, барыҥ, мантан куотуҥ! – диэн сүбэлиир Сөдүөччүйэ.

– Эмээхсин сөпкө этэр, – Маайа Сүөдэргэ сибигинэйэр. – Били эйигин ойуур иһигэр көрсөрбөр, мин төрөөбүт Төгүрүк алааспыттан ураты сир-дойду суоҕун курдук саныырым. Эн биһикки ситим курдук синньигэс суолу батыһан барбыппыт, кини бүтүөхчэ бүппэтэҕэ, быстыахча быстыбатаҕа. Ол суолу батыһан бачча ыраах сиргэ кэлбиппит…

Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна Малаанай Ньукулай балаҕан иһигэр көтөн түһэр.

– Туох айдаанын тардаҥҥын, тойоммут үрээнньиктэннэ? – диэн кини Сүөдэртэн ыйытар.

– Ким барда?

– Ким барыай, миигин ыытар… Бу үрээнньиги мииннэрэр аты тута баран иһэбин.

– Хаһан бараҕыный?

– Аты тутан аҕаллым да, барабын… Тойонум: «Сарсыарда ыал туруута үрээнньиги манна баар гын!» – диэтэ.

Ол киэһэ Сөдүөччүйэ эмээхсин от тэллэҕэр бэрт өр утуйбакка сытар. Сотору-сотору ыар бэйэлээхтик үөһэ тыынар, ынчыктыыр, ардыгар ытамньыйан да ылар. Кини Сүөдэри, кыра эрдэҕиттэн бэйэтин оҕотун курдук көрөн, дьон атаҕастыырыттан-баттыырыттан көмүскэһэн-харыстаһан баччатыгар тиэрдибитэ. Сөдүөччүйэ эмээхсин бэйэтэ ыал буолар, кэргэннэнэн, оҕо төрөтөн олорор дьолун билбэтэҕэ. Былыр кыра кыысчаан эрдэҕинэ бу Дьаакыбылап кулуба аҕата баай Баһыкка оҕонньор хамначчытынан ылбыта. Онтон ыла икки хараҕынан көрбөт буолан хаалыар диэри хараҥа хотон иһиттэн тахсыбакка хамначчытынан сырытта. Кини маҥнай утаа Сүөдэри мин курдук тулаайах сордоох диэн аһынара, көмүскэһэрэ. Онтон хойут кинини бэйэтин оҕотун курдук таптыыр буолбута.

Түүн ортото ааһыыта, дьон кытаанахтык утуйа сытар кэмнэригэр, Сөдүөччүйэ эмээхсин аргыый аҕай туран, Сүөдэрдээх оронноругар кэлэн сибигинэйэр:

– Сүөдэ-эр… Маайа-а!.. Туруҥ!




VIII


Сөдүөччүйэ эмээхсин туруортаары ыҥырар саҥатыттан уһуктан, Маайа оронугар олоро түһэр. Сүөдэр сылайбытыттан, кыыһырбытыттан, охсуспутуттан, куттаммытыттан – барытыттан, өлбүт киһи курдук, кытаанахтык утуйа сытар. Маайа Сүөдэр хара баттаҕын имэрийэ-имэрийэ:

– Турабыт… – диэн эмээхсиҥҥэ сибигинэйэр.

Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох оннугар барар.

Балаҕан иһэ им-ньим. Малаанньыйа хабырынан кычыгыратара Маайа кулгааҕар хайдах эрэ: «Абатыан!.. Абатыан!» – диэх курдук иһиллэр.

Ити кыыс сордоох, кыһын ынах сааҕын күрдьэ сылдьан, Маайаҕа бэрт кистэлэҥинэн бу курдук кэпсээн турар:

– Сүөдэркэ күүһүлээн оҕо оҥорон кэбиспитэ. Мин, саатаммын, кимиэхэ да биллэрбэккэ сылдьыбытым. Сотору иһим биллэр буолбута. «Кыыһынан сылдьан хат буолбут», – диэн кыргыттар сиилээн-сэмэлээн барбыттара. Арай биирдэ хотунум Огдооччуйа миигин көрөн:

– Хат буолан ырҕайан, үлэттэн куота сатыыгын… Хайа ыттан оһоҕоһуҥ соноото? – диэн ыххайбыта. Саатан хааламмын, ытыы эрэ турбутум.

– Саҥалаах, тыллаах буолан, оҕо оҥорторбутуҥ буолуо?.. – диэн кини миигин ыкпыта-түүрбүтэ. Быстыам дуо, төһө да куттаммытым, сааппытым иһин, кини уола оҕо оҥорбутун эппитим.

– Бу си… көрбөккүн дуо? Аны баайсан, биһиэхэ кийиит буолаары оҥостор эбит дии?! – диэн баран, Огдооччуйа атырдьах угунан иһим түгэҕэр аспыта. Онтон ыалдьан, хас да хонукка тэллэххэ-суорҕаҥҥа сыппытым. Оҕом түспүтэ.

«Кэбис, бу дойдуттан түргэнник куоппут ордук буолсу», – дии санаан, Маайа кэргэнин Сүөдэри уһугуннараары тардыалыыр:

– Сүөдэр, тур!.. Чэ, түргэнник барыах!

– Ханна?.. – Сүөдэр, уутугар аҥаарыйан, Маайа диэки көрүтэлиир.

– Уһугун! Тур!

Сүөдэр дьэ уһуктар. Дьааһыйа-дьааһыйа туран, этэрбэһин кэтэр. Маайа утуйар таҥастарын сыыһын суулаан, ынах быатынан баайар. Ол туран, уйадыйан кэлэр. Бачча тухары дьиэ оҥостон олорбут балаҕаннарыттан арахсаллара хайдах эрэ ыарахаҥҥа дылы. Маайа хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. «Саатар, чопчу, онно баран олоруохпут диир сирдээх буолларбыт, эмиэ да ама буолуо этэ», – дии санаахтыыр.

Сүөдэр хагдаҥ отунан көрө сытар оронугар ытыһынан сирэйин саба туттан олорор. Кини ханна барарын быһаара, тобула сатыыр быһыылаах. Маайа оһох кэннигэр, Сөдүөччүйэ эмээхсин оронугар барар.

– Сөдүөччүйэ-ээ! Мин бу балаҕаны булуохпуттан эбэлээтэр эбэм, ийэлээтэр ийэм буолбут эн эрэ бааргын… Биһиги бараары гынныбыт, – диир кини уонна Сөдүөччүйэ эмээхсин хатан хаалбыт түөһүгэр төбөтүн уурар.

– Оҕом, Маайа эрэйдээх… – Сөдүөччүйэ эмээхсин Маайа төбөтүн имэрийэр. – Оттон Сүөдэр ханнаный?

Сүөдэр туран эмээхсин аттыгар кэлэр. Кини эмиэ төрөппүт ийэтинээн арахсан эрэр курдук уйадыйар.

– Хаһан аны эһиги саҥаҕытын истэбин… Уһаабакка, анараа дойдуга аттанан, сынньанарым буоллар… Бу дойду түбүгүттэн тэйэн, уһун уубун утуйарым буоллар, сынньанаахтыа этим…

Маайа Сөдүөччүйэ эмээхсини мыччыстаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылар.

– Быраһаай, тукаам, Сүөдэргин үчүгэйдик көрө-истэ сырыт Кини бэрт көрсүө майгылаах эйэҕэс оҕо… Тапталгытынан бэйэ-бэйэҕитин өйөстөххүтүнэ, үчүгэйдик сылдьыаххыт. Мин сордоох икки харахпын бу ыал хотоннорун ыыта тэһэ сиэбэтэҕэ буоллар, эһигини кытта барсыа этим… Чэ, барыҥ, баҕар, атын сиргэ дьоллонуоххут… Ыалдьымаҥ-сүтүмэҥ!

Маайалаах Сүөдэр, санаалара айманан, ыар сүгэһэри сүкпүт курдук буолан, балаҕан үрдүк модьоҕотун атыллаан, таһырдьа тахсаллар. Тахса илик күн кыыһаана халлаан илиҥҥи иитигэр курдуу түһэн сытар күөх былыты кыһыл көмүс дуйунан соппут.

Маайалаах Сүөдэри сарсыардааҥҥы сөрүүн салгын тыбыс-тымныынан кууһа охсон ылар. Кинилэр, даллары туораан, айан суолугар киирэн тохтууллар. «Ханна барабыт?» – диэн санаа кинилэр иннилэригэр, сабыылаах аан курдук, туора түһэн кэбиһэр.

Сүөдэр, бу туран, били Дьаакыбылаптаахтан күрээн баран олоро сылдьыбыт Лэгиэнтэй атыыһыттааҕын өйдүү түһэр:

– Маайа, биһиги Лэгиэнтэй атыыһыттаахха барыах.

Лэгиэнтэй атыыһыт туһунан Маайа былырыын Намҥа кэлэн иһэн Сүөдэртэн истибитэ. Онтон ыла кыккыраччы умнан кэбиспит эбит. Оттон Сүөдэр, били сымыйанан «атыыһыт уолабын» диэн ааттана сылдьыбытын санатарын иһин, Лэгиэнтэй атыыһыттаах ааттарын урут биирдэ да ахтыбатаҕа.

– Ол ханна олорор атыыһытый?

– Мантан ыраах… Киллэм дэриэбинэтигэр…

Кинилэр, барар сирдэрэ биллибититтэн үөрбүт курдук, айан суолугар тахсан тус илин хаамсан бараллар. Ити икки ардыгар күн былыт алын кырыытынан кылбайан тахсар. Оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин бука бары уһуктан, үөрэн-көтөн чөрөһөллөр, ыллаан-туойан лыҥкынаталлар, айаатаан-мөҥүрээн айдаараллар.

Маайалаах, халыҥ соҕус тиит арыыны туораан, киэҥ киллэм хонууга киирэллэр. Суоллара кырдал үрдүнэн барар. Аллараа хотоолго уһун-инньигэс элгээн уута кылбайар. Элгээн үрдүнээҕи кырдал хааһыгар бэрт элбэх киһи уҥуоҕа көстөр. Манна Сүөдэр аҕалаах ийэтин уҥуохтара эмиэ баара. Кинилэр, ханнык эрэ дьаҥтан бииргэ өлбүт буоланнар, биир ииҥҥэ көмүллүбүттэр.

– Маайа, мин дьонум манна көмүллэ сыталлар, – Сүөдэр дьонун уҥуохтарын аттыгар кэлэн тохтуур.

Маайа саҥата суох хараҕын уутун соттор. Кини бу туран бэйэтин төрөппүттэрин санаан кэлэр: «Оо, дьонум, миигин сүтэрэн, төһө эрэ айманнылар буолла? Ийэм эрэйдээх төһө эрэ ытаата-соҥоото буолла».

Ол курдук аттакылар олорор Ньукуолускай диэн дэриэбинэлэрэ көстөр. Аллара, өрүс боротуокатын кыйа, Хамаҕатта ыалын дьиэлэрэ тураллар. Сүөдэрдээх Маайа, утуйар таҥастарын сүгэн иһэллэриттэн саатан, дьон хараҕар көстүмээри, суолтан туораан, хонуу устун бараллар.

Маайа, хонуу устун хааман иһэн, ньургуһуну хомуйар, ханнык эрэ ырыаны көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэр.

– Сүөдэр, ол Лэгиэнтэй атыыһыттааҕыҥ төһө кэргэннээх ыалларый?

– Кэргэннэрэ диэн – иккиэлэр эрэ этэ.

Сотору соҕус, ооҕуй оҕус ситимин курдук, эргиччи тардыллыбыт остоолбо бүтэйтэн тахсаллар. Бу манан Дьаакыбылап кулуба бас билэр сирэ бүтэр. Мантан антах атын нэһилиэктэр сирдэрэ кэлэр.

Күн үөһэ ойор. Сүөдэрдээх киэҥ киллэм хонуу ортотунан баран иһэллэр. Били күн тахсарыгар халлаан илин иитин хаххалаан, хараара барыаран көстөр былыт иинэн-сүтэн хаалар. Билигин, халлааҥҥа ханан да былыт тохтооботоҕун курдук, кылбаа ыраас. Күн сып-сылааһынан күөх хонууну, киэҥ хочону барытын кууһар. Ыраах Өлүөнэ өрүс үрүҥ көмүс суол буолан кылбаҥныы устара көстөр. Өрүс нөҥүө өттүнээҕи буор хайалар, ситиини тардыбыт курдук, күөх торҕо дьураа буолан торумтуйаллар эрэ. Ханна эрэ бэрт ыраах субан туруйалар көтөн иһэн хаһыытаһар саҥалара иһиллэр.

– Тоҕо киһи аймахха баай, дьадаҥы диэн араарыы үөскээбитэ буолуой? Көр, сүүрэр атахтаахха да, көтөр кынаттаахха да баай, дьадаҥы диэн араарыы суох буолбат дуо? – Маайа Сүөдэртэн ыйытар.

– Айылҕа айбыта оннук буоллаҕа дии.

– Тоҕо киһи аймах, көтөр-сүүрэр курдук, көҥүл-босхо олорбото буолуой? Ама орто дойду уйгу быйаҥа аҥаардас баайдарга эрэ ананан оҥоһуллубута буолуо дуо?

Сүөдэр үөһэ тыынан ылар. Кини сүгэн иһэр тэллэхтээх суорҕана улам ыарыыр, эҥил баһын быһа баттыыр. Березкин үрээнньик олорор Ньукуолускай дэриэбинэтин утарытыгар тиийэллэр. Кинилэр баран иһэр киэҥ нэлэмэн хонууларын уонна дэриэбинэ икки ардыларыгар уһун элгээн туора түһэн сытар. Дэриэбинэ уулуссатынан икки аттаах киһи төбөлөрө хороҕоччуйан көстөр. Аттаах дьон, түргэн соҕустук сиэллэрэн, дэриэбинэ арҕаа баһыгар ыраас сиргэ тахсаллар. Сүөдэр онно өйдөөн көрбүтэ: Малаанай Ньукулай Березкин үрээнньиктиин Дьаакыбылаптаах диэки тэптэрэн эрэллэр эбит.

Ону көрөн, Сүөдэр кэлиэх-барыах сирин булбат, аны көрүөхтэрэ диэбиттии, түҥнэри хайыһар. Маайа Сүөдэр тоҕо тохтообутун, тоҕо киэр хайыспытын билбэт буолан:

– Сүөдэ-эр!.. – диэн ыйытан эрдэҕинэ, Сүөдэр икки илиитинэн: «Саҥарыма!» – диэн сапсыйар.

Малаанай Ньукулай уонна үрээнньик Березкин көстүбэт буолбуттарын эрэ кэннэ Сүөдэр тоҕо куттаммытын Маайаҕа этэр:

– Малаанай Ньукулай Бэриэскин үрээнньиги илдьэ барда дии.

Сүөдэрдээх Маайа, күрээн иһэр дьон быһыытынан, саҥата суох тиэтэйэ-саарайа хаамсан иһэллэр. Ол баран истэхтэринэ эмискэ кынат тыаһа сырылыыр уонна кинилэр аттыларыгар чыычаахтар кэлэн олоро түһэллэр.

Айанньыттар: «Чыычаахтар туохтан бу курдук куттаннылар?» – дии санаан көрө түспүттэрэ: бороҥнуҥу өҥнөөөх кырбый, кырдыргыы-кырдыргыы, үөһэ эргийэ көтө сылдьар эбит. Маайалаах Сүөдэр көрөн турдахтарына, хонууттан көтөн тахсыбыт биир чыычааҕы кырбый обургу, икки кынатын кыптыыйдыы туттан, супту сурулаан түһэр да, харбаан ылар уонна дулҕа үрдүгэр олоро түһэр.

Кырбыйтан чыычааҕы быыһаары, Маайа хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэр. Кырбый кини чугаһаабытыгар өрө көтөн тахсар. Дулҕа үрдүгэр болоорхой өҥнөөх күөрэгэй чыычаах төбөтүн көтөҕө сатыы сытар. Маайа чыычааҕы ытыһыгар ылан олордор. Чыычаах, тумсун атытан, салгыны эҕирийэ сатыыр. Кини көхсүттэн Маайа ытыһыгар кып-кыһыл ыраас да ыраас хаан таммалыыр.

Сүөдэр кэлэн, кырбый туппут чыычааҕын көрөн турар Маайаҕа аргыый аҕай этэр:

– Аан дойду үрдүгэр бары-барыта ити курдук…

Маайа өлөөрү сытар чыычааҕы улаханнык аһына саныыр. Чыычаах сордоох, төбөтүн көтөҕө сатаан баран, хамсаабат буолан хаалар. Маайа күөрэгэйи дулҕа быыһыгар буорга көмөн кэбиһэр.

– Мин чыычаахтарга ымсыырар этим: көтөр кынаттаах буоланнар, туох да күрүөтэ-хааччаҕа суох киэҥ халлааҥҥа көҥүл көтө сылдьаллар дии санаан, – диир Маайа мунчаарбыттыы. – Онтукам баара, кинилэр эмиэ кыраларын, кыамматтарын тутан сииллэр эбит…

– Баайдар, мин санаабар, эмиэ ити кырбый курдуктар, кинилэр кыра-дьадаҥы дьон хара көлөһүннэрин супту уулууллар, – диэн Сүөдэр ис санаатын Маайаҕа кэпсиир. Кини урут хаһан да бу курдук киэҥник ырыта санаабат этэ. Ити санаа кини Маайаны кытта кэпсэппититтэн хайдах эрэ бэйэтэ үөскээн таҕыста. Кини «баттанабын», «атаҕастанабын» дии саныыра урут да элбэх этэ. Ол гынан баран урут ону барытын «оҥоһуум оннук буоллаҕа» диэн быһаарара.

– Сүөдээр, мин кыра эрдэхпинэ Аркадий Романович диэн сыылкаҕа кэлбит нууччаҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Кини миэхэ этэрэ: «Төрүүрүгэр киһи киһиттэн туох да уратыта суох: баай даҕаны, дьадаҥы даҕаны», – диэн.

– Оччоҕо тоҕо сорох баай, сорох дьадаҥы буоларый? – Сүөдэр ыйытар.

– Маҥнай ким сатабыллаах байара буолуо… Онтон астанан, таҥастанан баран, тиийиммэт дьоннорун, ыалларын хамначчыт оҥостон, эбии байан эрдэҕэ дии, – Маайа бэйэтэ өйдүүрүнэн кэргэнигэр быһаарар. – Оттон эн туох дии саныыгыный?

– Таҥара айбыта оннук дэһэллэр дии, – Сүөдэр сонньуйар. Кини итини букатын итэҕэйбэт. Хайдах да таҥара биир киһини баай буол, атынын дьадаҥы буол диэн тус-туспа айыар сатамматын өйдүүр.

– Таҥара, – диэн Маайа, өр соҕус санаарҕаабыт курдук хааман иһэн, ботугуруур, – таҥара… Мин учууталым «таҥара да, абааһы да суох» диэн куруутун миэхэ өйдөтөрө. Сиилин аҕабыыкка ону этэммин, учууталбын үүрдэрбитим, – Маайа үөһэ тыынан ылар.


* * *

Үрээнньик кэлэрин көрсөөрү, Дьаакыбылап кулуба сарсыарда эрдэ турда. Огдооччуйаны туруоран, чэй өрдөрдө, ас астатта, биир иһит арыгыны улахан хоһун остуолугар кылбаччы туруоран кэбистэ.

Дьаакыбылап кулуба сотору-сотору тэлгэһэтигэр тахсан дьаарбайан киирэр. Ол сылдьан көрдөҕүнэ, хамначчыттара өссө да тура иликтэр. Уруккута эбитэ буоллар: «Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕытый?» – диэн айдаан бөҕөнү тардыа этэ. Оттон билигин кини: «Сотору турбаттара буоллар!» – дии саныыр. Хамначчыттара туран, онно-манна үлэҕэ тарҕаһан хааллахтарына, Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ ханна эмэ баран хаалыа. Оччоҕо аны ол көрдөбүлүн түбүгэ кэлиэ. Онон – утуйдуннар…

Күн илиҥҥи арыы тиит үрдүнэн кылбайан үөһэ ойон тахсыыта Малаанай Ньукулай Березкин үрээнньиктиин сиэллэрэн дьигиһитэн иһэллэрэ көстөр.

Дьаакыбылап, эккэлээбит курдук туттан, Березкин үрээнньиги атын хоско ыҥыран киллэрэр.

– Мин биир хамначчыттааҕым икки сыллаахха Бүлүү биир улууһун кулубатын кыыһын ойох кэпсэтэ барбыта. Онуоха биһиги оонньуу-күлүү кэриэтэ: «Мин атыыһыт уолабын», – диэ диэбиппит уонна кини дьонтон ылар элбэх иэстээҕин курдук сымыйанан «биэксэл» оҥорон биэрбиппит… Биллэн турар, баай кулуба оннук кумааҕыта суох, кыыһын биэрбэт буоллаҕа дии…

Березкин үрээнньик, өйдүү сатаан баран, илиитинэн сапсыйан кулубаны тохтотор.

– Хамначчыт… кулуба кыыһа… биэксэл… – өйдүүр суох!

– Э-э, – Дьаакыбылап тугу эрэ нууччалыы этээри гынар да, кыайан эппэт. – Мин, баранчаак – Сүөдэркэ, – өйдүүр? – диир кини өр соҕус олорбохтоон баран. – Кини кэргэн ылаары Бүлүү кулубатын кыыһыгар барбыта, – өйдүүр?.. – Ол кулуба кыыһа: «Мин барбат», – диэн сапсыйбыта, – өйдүүр?.. – Мин онтон, ол кыыһы саатырдаары, хамначчыт уолбун ыыппытым, – өйдүүр?..

– Вот это ловко!.. Хайдах ол буолла, мин билэр наада!

– Хамначчыт мин оҕом Сүөдэркэ сирэйин бэҕэһээ кымньыынан быһа охсон кэбистэ… Сүөдэркэ! Киирэн, үрээнньик тойоҥҥо сирэйгин көрдөр эрэ!

Сылластыгас Сүөдэркэ, айакалыы-айакалыы, көппөччү иһэн тахсыбыт иэдэһин ытыһынан саба туттубутунан, утуйар хоһуттан тахсар.

– Көрөн кэбис, ити айылаах оҥорбут!

Березкин сип-сибилигин аҕай ымайбыт сирэйэ дьэбин уоста түһэр. Тарбахтарын мускуйан лачыгыратар:

– Хамначчыт – кэһэтии наада!

Аны Дьаакыбылап кулуба кыайан өйдөөбөт: үрээнньик тойон Сылгыһыт Сүөдэр кини уолун сирэйин быһа охсубутун хайгыыр дуу, биитэр хамначчыты кэһэтиэххэ наада диир дуу?

Березкин үрээнньик сатаан сахалыы эппэтэҕин өйдөөтө быһыылаах. Олоппоһуттан ойон турар уонна, сип-сибилигин бараары гыммыт курдук, аан диэки хайыһар:

– Хамначчыт ханна баар? Розга биэрии наада!

Дьаакыбылап кулуба, үрээнньик кими «кэһэтии наада» диэбитин өйдөөн, үөрэр. Ол эрээри кини санаатын ситэ этэ илик. Ону этээри, Березкины илиититтэн ылан олоппоһугар олордор.

– Дьыала итинэн эрэ бүппэт, – диэн кини саҥа кэпсээри гынан эрдэҕинэ Сиидэр суруксут киирэр.

Дьаакыбылап кулуба тугу көрдөһөрүн Сиидэр суруксут көмөтүнэн Березкин үрээнньик дьэ өйдүүр.

Кинилэр үһүө буоланнар дьиэ иһиттэн тахсаллар.

– Хайа, нохоо, Сылгыһыт тахсан барбата дуо? – диэн Дьаакыбылап олбуор айаҕар Сылгыһыт Сүөдэр балаҕантан тахсарын көрөөрү кэтээн турар Малаанай Ньукулайтан ыйытар.

– Суох… Букатын көстүбэт.

Березкин, Дьаакыбылап кулуба, Сиидэр суруксут уонна Малаанай Ньукулай буоланнар хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар кэлэн киирэллэр. Хамначчыттар саҥа туран чэйдэрин өрүнэн эрэллэр. Сылгыһыт Сүөдэрдээх оронноро хагдаҥ отунан көрөн сытар. Сылгыһыт Сүөдэр да, кини кэргэнэ Маайа да көстүбэттэр.

– Сылгыһыт Сүөдэрдээх ханна барбыттарай? – диэн кулуба дьиэлээхтэртэн ыйытар.

Хамначчыт уолаттар, кыргыттар: «Сылгыһыт Сүөдэр суох дуо?» – диэбиттии, хардарыта көрсөн кэбиһэллэр:

– Суохтар… Ким билэр, ханна бардахтарай?

Толлор Ньукулай, ыстаан эрэр курдук, уоһун оонньоҥнотон баран, хардары ыйытар:

– Доҕоттоор, Сүөдэрдээхпит баран хаалбыттар дуу?

Дьаакыбылап кулуба хамначчыттарын: «Билэр эрээрилэр кистииллэр», – дии санаан, сирэйдэрин-харахтарын бэрт суостаахтык көрүтэлиир. Туох буолбутун билбэккэ турар Березкин үрээнньик:

– Баар дуо? – диэн ыйытар.

– Суохтар… Баран хаалбыттар, – диир Сиидэр суруксут киниэхэ нууччалыы.

Үрээнньик, турбахтаан баран, таһырдьа тахсаары эргиллэр уонна бэрт холку бэйэлээхтик этэр:

– Раз нет их, ничего не поделаешь!

Балаҕан иһиттэн тахсаллар. Дьаакыбылап кулуба киҥэ-наара холлор, Малаанай Ньукулай үрдүгэр түһэр.

– Эн көрүмүнэ куоттардаҕыҥ… Сип-сибилигин аттарда ыҥыырдаа уонна кинилэри эккирэтиэх.

Хамначчыт уол сордоох тойоно соруйбутун кэннэ туруо баара дуо? Сыгынньахтаабыт аттарын уонна кулуба тойон бэйэтэ миинэр атын ыҥыырдыы ыстанар.

Аттар ыҥыырданалларын көһүтэн турдахтарына, хамначчыттар олорор балаҕаннарыттан Чөмөөт Сэмэн сүүрэн тоспоруйан кэлэр. Кини тойонун аах диэки кыараҕас баҕайы хараҕынан көрүтэлии-көрүтэлии:

– Сылгыһыт Сүөдэрдээх ханна барбыттарын Сөдүөччүйэ эмээхсин билэр үһү, – диэн тыллыыр.

Дьаакыбылап кулубалаах бука бары эмиэ хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар сууллан киирэллэр. Икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин оһох кэннигэр чэй иһэ олорор эбит.

– Эмээхсиэн, Сылгыһыттаах ханна бардылар? – Дьаакыбылап ыйытар.

Сөдүөччүйэ эмээхсин, ыйан биэрээри гыммыт курдук, хатан хаалбыт бакыр тарбахтардаах илиитин иннин диэки уунар:

– Ыраах-ыраах барбыттара.

– Ол ыраах ханна барбыттарай?

– Куораттаабыттара.

– Ньүдьү-балай, барбыттара төһө өр буолла?

– Э-э, барбыттара быданнаата… Киэһэ барбыттара… Бэҕэһээ киэһэ аһаат аттаммыттара.

Кини итини барытын Дьаакыбылаптаах эккирэтээри гыммыттарын истэн этэр. Биллэн турар, бэҕэһээ киэһэ барбыт дьону хаһан ситээри билигин кэлэн эккирэтэ сылдьыахтарай!




IX


Сүөдэрдээх Маайа, бу биир эрэ күн устата да буоллар, сэмэлиир-мөҥөр тойоно-хотуна суох көҥүл-босхо сылдьар үөрүүтүн билэллэр… Кинилэр ыкса киэһэ Киллэм дэриэбинэтигэр тиийэллэр. Аччыктаабатахтара буоллар, түүн кэлбитигэр утуйар хаххалаахтара буоллар, кинилэр тоҕо ыалга киирэн: «Биһигини үлэҕэ ылыҥ» – диэн көрдөһөр, бүгүҥҥү күн устата билбит көҥүллэрин атыылыыр этилээр?! Ол эрээри, ханна барыахтарай, аатын ааттаан кэлбит Лэгиэнтэй атыыһыттаахтарыгар кэлэн, олбуор иһигэр киирэллэр.

Дьиэлээх тойон, Лэгиэнтэй атыыһыт, дьиэтин кирилиэһигэр сөрүүкүү тахсан олорор эбит. Маайа, урут хаһан да көрбөтөх киһитэ буолан, Лэгиэнтэй атыыһыты одуулаһа көрө иһэр. Лэгиэнтэй атыыһыт икки чанчыктара маҥхайбыт, тор курдук хоччоххой хойуу хара бытыктаах, кыырт хараҕын курдук төгүрүгүнэн дьэрэличчи көрбүт аҕамсыйа барбыт саха киһитэ эбит.

Лэгиэнтэй атыыһыт бэйэтэ улахан баайа суох: отучча эрэ сүөһүлээх, түөрт уонча аттаах. Кини сайынын дьиэтин биир аҥаарыгар лааппы аһан атыыһыттыыр, кыһынын сүөһү атыылаһан, олору өлөртөөн, эттэрин Маачаҕа киллэрэн туттарар.

Маайа, Лэгиэнтэй атыыһыттан куттаммыт курдук, олбуор аанын аттыгар туран хаалар. Сүөдэр, эмиэ кута-сүрэ тостон, нэһиилэ хааман бакыҥнаан, дьиэлээх тойон иннигэр тиийэн тохтуур. Кини, илдьирийбит кыл сэлээппэтин устан, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу этэр:

– Дорообо!

Лэгиэнтэй атыыһыт үрдүк хоруобуйалаах дьиэтин түннүктэрин ыстаабанын быыһыгар төрөөбүт хараҥаччылар, Сүөдэрдээҕи атыҥыраабыт курдук, «чир-р-р!» дэһэ-дэһэ, халлааны хайа суруйан ааһаллар.

– Мин… Сүөдэрбин ээ, – диир Сүөдэр, дьиэлээх тойон кини эҕэрдэтигэр тугу да хардарбатаҕыттан кыбыстыбыт куолаһынан.

Лэгиэнтэй атыыһыт: «Сүөдэр буол ээ, онно мин туох кыһалҕалаахпыный?» – диэбиттии көрүтэлиир.

Маайа тулуйан турбат. Кини, күнү быһа хааман, атаҕа ыалдьар, сылайбыта, аччыктаабыта да бэрт. Ол да буоллар кыһыйан-абаран, Сүөдэри ыҥырар:

– Сүөдээр, атын сиргэ барыах!

– Туох соруктаах сылдьар дьонноргутуй? – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт дьэ онно ыйытар.

– Үлэ-хамнас кэпсэтиэ этибит, – диир Сүөдэр аат эрэ харата. Кини манна кэлэригэр: «Лэгиэнтэй атыыһыт миигин олбуорун иһигэр киирэрбин аҕай кытта билиэ!» – дии саныы испитэ. Онто ити баар, атыыһыта кинини билиэн да, истиэн да баҕарбат быһыылаах!

– Үлэ… м-м-м… үлэ? Ол мин үлэни түҥэтэ олорор сурахпын истэн кэллигит дуо?.. Билигин миэхэ хамначчыт наадата суох! – Лэгиэнтэй атыыһыт, кирилиэһиттэн туран, дьиэтигэр киирээри, үөһэ ыттан барар.

Сүөдэр хараҕа хараҥара түһэр. Кинилэр билигин кимнээххэ баран бу түүн утуйаллар?.. Тугу аһаан хоноллор? Сүөдэр ыксыыр. «Миигин умнан кэбиһэн ити курдук эттэҕэ», – дии санаан, ботугуруур:

– Мин… били Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кэлэн… эһиэхэ олоро сылдьыбыт Сүөдэрбин.

– Туох да-а?! – диэбитинэн Лэгиэнтэй атыыһыт аанын тутааҕын ыһыктан кэбиһэр уонна эргиллэ түһэр. – Сүөдэрбин диигин дуу?

– Сүөдэрбин.

Лэгиэнтэй атыыһыт аллара сүүрэн түһэр, Сүөдэри икки акымалыттан ылан эргитэ тутар, мичээрдиир.

– Улаатан хаалбыккын дии… Суолга көрсөн охсон да аастаргын, букатын билиэ суох эбиппин… Таҥара баарына, билиэ суох эбиппин!

Атыыһыт аны олбуор аанын аттыгар турар Маайаны таба көрөр.

– Ити кимий?

– Мин кэргэним.

– һэ, буоллаҕа ол дии!.. Биһигиттэн эдэр, кыра уол барбытыҥ, билигин кэргэннээх ыал киһи кэллиҥ… Хантан мин ону билиэмий?

Лэгиэнтэй хараҕын Маайаттан араарбат. Кини бу дьахтары көрөн туран: «Таҥастааҕа-саптааҕа буоллар, бэрт кырасыабай дьахтар эбит… Барахсан эдэрин ньии», – дии саныыр. Оттон Маайа билбэт киһитэ кинини, дьон атыылаһаары гыммыт сүөһүлэрин көрөллөрүн, билгэлииллэрин курдук, көрө-истэ турарыттан саатан, килбигийэн, сирэйин кистии туттар.

– Кэргэҥҥин хантан ыллыҥ? – атыыһыт сымнаабыт куолаһынан ыйытар.

– Бүлүүттэн.

– Бүлүүттэн диигин дуу?.. Бүлүүлэри билэбин… Кинилэри Маачаҕа үгүстүк көрсөөччүбүн. Бэртээхэй диэн дьоннор… Үчүгэй кэргэннэммиккин… Үлэ-хамнас суоҕа диэн кэлиэ дуо! Чэйиҥ, дьиэҕэ киириэҕиҥ.

Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайаны, холорук тыал курдук сөрөөн, дьиэҕэ киллэрэр. Маайаҕа бу атыыһыт маҥнай олус тоҥкуруун курдук көстүбүтэ, оттон билигин кини Дьаакыбылап кулубаҕа букатын холобура суох эйэҕэс киһи буола оҕуста.

– Эмээхсиэн! Кэлэн көр эрэ, кимнээх кэллилэр?!

Ойоҕос хос аана аһыллар. Ииммит-хаппыт эттээх, кыракый соҕус уҥуохтаах, кубархай хааннаах саха эмээхсинэ киирэн кэлэр. Кини саҥата суох Маайалаах Сүөдэри көрүтэлиир.

– Билбэккин дуо?.. Бу били Сүөдэр уол… Бачча киһи буолан тыыллан-хабыллан турбут… Оттон бу кини кэргэнэ үһү, – Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр кэпсиир.

Эмээхсин сирэйэ сырдаан кэлэр, мичээрдиир:

– Кырдьык билиэ суох эбиппин ээ.

Маайа бу дьиэлээх дьахтар саҥатын хайдах эрэ сөбүлүү иһиттэ.

– Түргэнник аста-үөллэ бэлэмнэт… Оҕолор ыраах сиртэн аччыктаан кэлбиттэрэ буолуо, – дьиэлээх тойон дьаһайда.

Дьиэлээх хотун саҥата суох уҥа хоско тахсар. Сотору соҕус остуолга иһит-хомуос тардар тыас иһиллэр. Сүөдэрдээх Маайа аччыктара өссө ордук биллэр, аһыахтарын баҕарбыттара өссө ордук күүһүрэр. Лэгиэнтэй атыыһыт кинилэри олоппоско олордуталыыр. Кини, кырдьык даҕаны, үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх. Хайдах кини үөрбэттээх буолуой?! Билигин кини атыыта, сырыыта уруккута буолбатах – кэҥээн, элбээн турар. Ону барытын бэйэтэ соҕотоҕун сылдьан тэрийэр, оҥорор кыаҕа суох. Сүөдэр уолу кини, кыра эрдэҕиттэн билэр буолан, олус эрэнэр. Оттон Сүөдэр кэргэнэ Маайа манна эмиэ улахан наадалаах үлэһит буолуохтаах. Дьиэлээх эмээхсин сотору-сотору ыалдьар, арыт букатын тэллэххэ-суорҕаҥҥа үҥкүрүйэн хаалар. Онон кинилэргэ үчүгэй үлэһит дьахтар бэркэ диэн наада буолан олорор кэмэ.

– Баччааҥҥа диэри Дьаакыбылаптаахха олордуҥ?

– Кинилэргэ.

– Тоҕо онтон кэллигит? Сатаспатыгыт дуу?

– Ээх.

Хос иһэ уу чуумпу буолар. Лэгиэнтэй атыыһыт, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, сытыы баҕайытык көрүтэлээн кэбиһэ олорор.

– Сүөдээр, Дьаакыбылап били эйигин тутан илдьэ барыаҕыттан ыла манна сылдьыбат… өстөнөр быһыылаах.

Маайа: «Саатар эрэ сылдьыбатын!» – дии саныыр.

Дьиэлээх эмээхсин, уҥа хостон тахсан, ыҥырар:

– Чэйиҥ, киирэн аһааҥ!

Сүөдэрдээх Маайа, Лэгиэнтэй атыыһыты батыһан, уҥа хоско киирэллэр. Дуобат ойуулаах күөх килэйээҥки ыскаатардаах уһун остуолга чааскылар тураллар. Остуол ортотугар үрүҥ дуйдаах ньолбуһах бордуонньукка сылабаар оргуйа турар. Улахан тэриэлкэни өрөһөлүү үрүҥ буулка ууруллубут. Миискэни дуу, дириҥ истээх тэриэлкэни дуу маарынныыр иһиккэ сиикэй арыы толору туруоруллубут.

Дьиэлээх тойон, остуолга тардыллыбыт аһы көрүтэлээн баран, тылынан таҥалайын чамырҕатар уонна, кэргэнин диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, этэр:

– Эмээхсиэн, били аһы тоҕо остуолга туруорбатыҥ?

Дьиэлээх дьахтар, турбакка олорон, хос ойоҕос аанын диэки эргиллэр уонна обургу соҕустук саҥарар:

– Балбаараа, биир иһиттэ уонна халбаһыыта кырбаан киллэр эрэ.

Утаакы соҕус буолан баран, ойоҕос аан аһыллар. Симмит курдук этиргэн бэйэлээх эдэркээн баҕайы саха кыыһа биир иһит арыгыны уонна биир тэриэлкэҕэ кырбаммыт халбаһыыны киллэрэн остуолга уурар.

Лэгиэнтэй атыыһыт үс үрүүмкэни толорор. Маайа иннигэр турар үрүүмкэ таһынан барыах курдук бычалыйар. Дьиэлээх тойон ону көрөн:

– Аатыҥ ким диэний? – Маайаттан ыйытар.

– Маайа.

Дьиэлээх эмээхсин, мичээрдии-мичээрдии, сылабаар тумсун аннынан Маайаны одуулаһар. Маайа сирэйэ итийэ түһэр, икки имэ тэтэрэр.

– Маайа, үрүүмкэҥ толорутун курдук, толору дьоллоох буолсугун!.. Чэйиҥ, көрсүспүт үөрүүбүтүгэр! – Лэгиэнтэй атыыһыт үрүүмкэлээх арыгытын көтөҕөр.

Күнү быһа тугу да аһаабатах дьон арыылаах буулканы, сыалаах халбаһыыны тотуохтарыгар диэри сииллэр. Аҕыйах үрүүмкэ арыгыттан мэйиилэрэ эргийэн барар.

Аһаан бүтэллэр. Таһырдьа тахсаллар. Күн арҕаа мыраан кэтэҕэр киирэн, салгын сөрүүкүйбүт.

– Куйаас буолан дьиэбит киһини тулутуох буолбатах – итиитэ бэрт. Кэлиҥ, манна олорон сөрүүкүөҕүҥ! – олбуор иһигэр үүммүт көп күөх окко олорон, Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайаны ыҥырар. – Оҕолоор, төһө өр буолуохпут дии саныыгытый?

– Кэпсэтииттэн биллиэ, – диир Сүөдэр, – биһиги төһө баҕарар кэмҥэ кэпсэтэр кыахтаахпыт. Халлаан чыычааҕын курдук, ханна баҕарар барар, тохтуур босхо дьоннорбут.

Маайа кэргэнэ Сүөдэр эмиэ чобуо баҕайытык кэпсэтэн барбытын үөрэ истэр.

– Үчүгэй, кэпсэтэн кэбиһиэҕиҥ. Биир сыллааҕы хамнаскытын төһө диир дьон буолаҕытый?

Сүөдэр бачча сааһыгар диэри Дьаакыбылап кулубаттан биир кэлтэгэй кэппиэйкэни хамнас диэн аахсан ылбатаҕа. Били бэрт өрдөөҕүтэ манна кэлэн олороругар кини эмиэ хамнас аахсыбатаҕа. Айаҕар аһаталлара, сыгынньах эрэ сылдьыбатын диэн таҥыннараллара – хамнас диэн онон бүтэрэ. Билигин кинилэр иккиэлэр. Ыал буолуохтарын баҕараллар. Бачча дьоҥҥо, ханнык эмэ да буоллар, таҥас наада, харчылаах буолуохха эмиэ баҕа элбэх. Ону кинилэр, хамнастарыгар эрэ ааҕыстахтарына, булар дьоннор.

Сүөдэр санааргыыр. Кини Лэгиэнтэй атыыһыт ыйытыытыгар туох да диэн хоруйдуон, хамнастарын бачча диэн этиэн булбат. Тугу да этиэн булумуна, чэрдээх ытыстарын көрө, имэрийэ олорор. Кини өҥө туттара диэн бу икки илиитэ эрэ. Кини бу икки илиитин үлэтин төһө да диэн сыаналыан бэйэтэ да билбэт. Урут кимтэн хамнас ылан, ону билээхтиэ баарай!

Маайа урут аҕата дьону кытта хамнас кэпсэтэрин истэр буолара. Ону өйдөөн, Сүөдэригэр көмө буолаары:

– Аһылыкпыт уонна таҥаспыт таһынан биир ынаҕы биэрдэргит сөбүлэһиэ этибит, – диир.

Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа этиитин хайдах эрэ сүөргүлээбит курдук истэр. Кини эр дьон кэпсэтэллэригэр дьахтар булкуһарын абааһы көрөр. «Ханнык эрэ сытыы тыллаах хотун кэлбит ээ», – дии саныыр. Ол да буоллар кини Маайа этиитин сэҥээрбит курдук туттар:

– Аскыт, таҥаскыт таһынан биир ынах диигин дуу? Ол ынаххыт хастаах ынах буолуохтааҕый? Буос буолуохтаах дуу, кытараҕа ордук дуу? Ынаххытын билигин арааран ылаҕыт дуу, кэпсэппит кэмҥит туоллаҕына дуу?

Маайа улахан санааҕа түһэр. Кырдьыга, үлэлии-хамсыы иликтэриттэн: «Ынаҕы билигин ылабыт», – дииллэрэ эмиэ да табыллыбат курдук. Ынаҕы билигин ыллахтарына, аны ол сүөһүлэрин кыһын хантан ылбыт отторунан аһатыахтарай. Оттон ынахтарын, билигин анаппака эрэ, аны саас тиийэн биирдэ ылар буоллахтарына, хайдах дьүһүннээх сүөһүнү «ылыҥ» дииллэрэ эмиэ биллибэт. Итини өйүгэр ыараҥнатан көрөн баран, Маайа этэр:

– Ынаҕы билигин көрдөрөргүт буоллар дии саныыбыт… Оттон ылыытын чааһын – аны саас, сыл туоллаҕына, ылыллыа. Ол ынахпыт буос, туҥуй буоллар үчүгэй этэ. Биһиги дьолбутугар, эрдэ төрөөтөҕүнэ үүтүн, арыытын туһаныах этибит…

Дьиэ ааныгар тахсан иһиллээн турар эмээхсиниттэн Лэгиэнтэй атыыһыт ыйытар:

– Харытыанаа, оччо ыарахана суох буолбат дуо?

– Ким билэр, мин тугу билээхтиэхпиний? – Харытыана эмээхсин, кэргэнин кэпсэтиитигэр хаһан да орооспот үгэстээх буолан, өскүөрүтүн хардарар.

Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаны ыйан-хайан көрөрдүү көрүтэлиир. «Бэрт өйдөөх дьахтар быһыылаах, тыла-өһө олохтоох. Ол эрээри мин угаайыбар киирэн эрээхтиигин», – дии саныыр.

– Ыараханын ыарахан соҕус да буоллар, эдэр дьонтон эмиэ тугун түһэрсэ сатаатахпыный, сөбүлэһэбин. Ынах бу кэлэр кыһыҥҥы айаҕын эһигиттэн көрдөөбөппүн. Онтон анараа өттүн кэпсэтиитэ туспа буолуоҕа, ол курдук өйдөөн кэбиһиҥ.

– Сүөдээр, сөбүлэһэр инибит? – Маайа кэргэниттэн ыйытар.

– Сөп ини.

Лэгиэнтэй атыыһыт аны Маайа көрөрүн-истэрин одуулаһар. «Эбэтэр бэрт өр ыалларга хамначчытынан сылдьыбыт, элбэхтик кэпсэппит дьахтар быһыылаах, эбэтэр илэчиискэ бэрдэ», – дии саныыр.

Мыраан үрдүгэр кэҕэ этэн чоргуйар. Дьиэ кэннинээҕи далга ынах ыҥыранар, ньирэй мэҥириир. Балбаара кыыс икки ыаҕастаах ынахтары ыы тахсар.

– Хотуок, кэл эрэ манна! – Лэгиэнтэй атыыһыт хамначчыт кыыһы ыҥыран ылар. – Бу дьоҥҥо туҥуй бургунастары көрдөр.

Маайа, саҥата суох туран, Балбаараны батыһар. Дал иһигэр уонча туҥуй бургунастар кэбинэн сыҥаахтара оонньоҥнуу сыталлар. Маайа бу бургунастартан сүүһүгэр үрүҥ туоһахталаах хара бургунаһы сөбүлүү көрөр.

– Аата ким диэний?

– Туоһахта.

– Туоһахта, Туоһахта! – дии-дии Маайа тарбаҕын эймэҥнэтэр, бургунаска чугаһыыр. Бургунас кэбинэрин тохтотор, кулгаахтарын чөрөҥнөтөр, хап-хара инчэҕэй муннунан салгыны эҕирийэн сыбырҕатар. Маайа кэлэн Туоһахтаны сүүһүттэн имэрийэр.

Балбаара кыыс өр соҕус көрөн туран баран:

– Эһиги хамнаска кэпсэттигит дуу? – диэн ыйытар.

– Кэпсэтэн.

– Э-ээх… – кыыс тугу эрэ этээри уоһун чорботон иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдиин кэлэн иһэллэрин көрөн ах барар.

Маайа, уһун кыһыны быһа Дьаакыбылаптаах хотонноругар сүөһүлэри кытта булкуһан тахсыбыт буолан, ынах муоһуттан, хараҕыттан майгытын билэ үөрэммитэ. Уҥуоҕуттан, тириитэ чарааһыттан-халыҥыттан үүттээҕин-үүтэ суоҕун эмиэ быһаарар этэ. Бу имэриттэрэ сытар туҥуй бургунас майгытынан сымнаҕас уонна үүттээх буолсу.

– Хайа, ынаххын талан ыллыҥ дуу? – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаттан ыйытар.

– Бу Туоһахтаны.

Лэгиэнтэй атыыһыт ону көрөн: «Э-э, тугу да билбэт оҕочоос сордоох эбит. Булан-булан талан ылбыт да сүөһүтүн: уҥуоҕунан үгүс бургунастартан кыраларын ылаахтаабыт», – дии саныыр.

Сотору соҕус дьиэҕэ киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Маайалаах Сүөдэр олороллоругар биир туспа кыракый хоһу аныыр.

Суолтан сылайбыт дьон ороннорун оҥостон сыталлар да, уулара кэлбэт. Ынахтарын ыан бүтэн, Балбаара кыыс киирэр. Кинини кытта Лэгиэнтэй атыыһыт тугу эрэ кэпсэтэн ботугуруур. Кыыс ытыыр саҥата иһиллэр. Киирии-тахсыы, кэлии-барыы хойдор. Маайа бу сытан өйдөөтөҕүнэ, хамначчыт кыыстарын үүрэр быһыылаахтар.

– Сүөдээр, бу ыалбыт кыыстарын үүрэн эрэллэр быһыылаах… Итини билбиппит буоллар, манна үлэҕэ киирэргэ кэпсэтиэ суох этибит.

Сүөдэр тугу да саҥарбат. Хамначчыт кыыс эрэйдээх олорбут, үлэлээбит сириттэн үүрүллэрэ ыараханын, кыһалҕалааҕын кини үчүгэйдик өйдүүр.

– Аны сөбүлэппэккэ, үүрүллэрбит буолуо.

– Мин билэр ыалым, тоҕо үүрдэхтэрэй.

– Туох-ханнык майгылаах ыалга түбэстибит буолла?

– Хотуммут Харытыана саҥата-иҥэтэ суох көнө майгылаах эмээхсин… Тойоммут Лэгиэнтэй киириилээх-тахсыылаах киһи. Кини киһини көрдөрөн туран албынныыр, ону хата билиминэ да хаалаҕын. Уруккута оннук киһи этэ. Хайдах да буолтун иһин – Дьаакыбылаптаахха олорбуппут курдук буолуо суоҕа.

– Айыы тойон таҥара, оннук эрэ буоллар!

Сотору соҕус Сүөдэр утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар. Маайа уута букатын кэлбэт. Кини өйүттэн: «Хайдах эрэ манна олоробут?» – диэн санаа арахпат. Ол курдук сытан, Маайа устунан нухарыйан утуйан барар. Кини түһээн төрөөбүт Төгүрүк алааһыгар тиийэр, сибэкки хомуйа-хомуйа оонньуу сылдьар эбит. Күн халлаан оройуттан чэмэличчи тыган турар. Онтон… арҕаа диэкиттэн хара былыт өрүкүйэн тахсар, күнү хаххалаан саба халыйар, этиҥ этэр. Маайа дьиэтигэр төннүөх санаалаах да, холорук кэлэн сөрөөн, кинини тыа маһын үрдүнэн мас сыыһын курдук көтүтэн илдьэ бара турар. Кини дьонун аах дьиэлэрин үрдүнэн көтөн ааһан иһэн көрбүтэ: ийэтэ, ытыы-ытыы, икки илиитин киниэхэ ууммутунан сырсан иһэр, уонна… Маайа «һу-у!» диэбитинэн уһуктан кэлэр.

Маайа эмиэ өр утуйбакка сытар. Кини санаатыттан дьоно, ийэтэ арахпат. Ийэлээх аҕатыттан, төрөөбүт дьиэтиттэн арахпыта төгүрүк сыла туолара чугаһаата.

«Ийэм сордоох, миигин сүтэрэн, төһө эрэ ытаан-соҥоон муҥнанна буолла?» – диэн санаатыттан Маайа ытамньыйан ылар. Оо, кини ийэтин, төрөөбүт сирин күүскэ да ахтыбыт! Сотору-сотору үөһэ тыынан ылыталыыр. Этэ умайар, уута кэлбэт.

«Дьонум аах, миигин сүтэрэн баран, туох дии санаатылар буолла?.. Өлбүтүнэн ааҕаллара буолуо эбээт… Хайдах гынан кинилэргэ тыыннаахпын биллэриэмий?.. Билигин кэлэн, буолуох буолбутун кэннэ, биллэрэн да диэн…»

Маайа уута кэлбэт. Хотуна тугу үлэлиирин эппитэ буоллар туран, үлэлээн барыа эбит. Тугу соруйалларын, тугу оҥоруохтааҕын билбэт буолан сытар. «Ороммун атыҥыраан уум кэлбэт буоллаҕа», – дии саныыр. Ханна эрэ дьон оһуокайдыыр саҥалара иһиллэр. Маайа туран хоһун түннүгүн аһар. Аһаҕас түннүгүнэн үҥкүү тойуга кутуллар.

Дьоллоох сайын кэлбитин,
Тоҕонохтон тутуһан,
Туойан-ыллаан тоһуйуоҕуҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Үүттээх сүөгэй самыырдаах,
Араҕас арыы толонноох,
Көөнньүүлээх кымыс көлөһүннээх
Көрдөөх сайын кэлиитин
Көхтөөх оонньуунан көрсүөҕүҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!

Үҥкүү тойугун кытта куоталаспыт курдук, кэтэх мыраан тыатыгар кэҕэлэр этэн чоргуһаллара дуораһыйар.

Лэгиэнтэй атыыһыт, бу түүн эмиэ утуйбакка, кэҕэ этэрин, дэриэбинэ дьоно үҥкүүлүүллэрин истэ сытар. Кини Сүөдэр кэлбититтэн улаханнык үөрэр. Сүөдэр курдук хоһуун, толорумтуо, итэҕэллээх киһини булара биллибэт этэ. Кини арай Сүөдэр кэргэнэ дьахтартан дьиксинэ соҕус саныыр. Ол эрээри кини угаайытыгар киирэн биэрээхтээтилэр. Хамнастарын харчынан аахсан ылар дьон эбиттэрэ буоллар, киниэхэ улахан охсуулаах буолуо этэ. Ону ити сүөһүнү ылар буоллулар – ол үчүгэй. Эһиилгиттэн ыла сүөһүлэрин айаҕын иһин киниэхэ босхо хамначчыт буолаахтыахтара. Лэгиэнтэй атыыһыт, итини барытын эргитэ саныы, сүүйүүлээхтик кэпсэппититтэн үөрэ сытта.




Төрдүс баһа





I


Лэгиэнтэй атыыһыт Дьаакыбылап кулубаттан букатын туспа майгылаах-быһыылаах киһи. Кини киэҥ сиринэн дэлэйдик сылдьар, онон-манна бэрт үгүс билсэр дьоннордоох, атастардаах. Лэгиэнтэй атыыһыт дьон хаһан туохха наадыйарын өтө билэн олорон, кинилэр кыһалҕалаах кэмнэригэр кэлэн, харчыта суохха харчы иэһээн, таҥаһынан быстыбыты таҥаһынан салҕаан, аһа суох буолбукка ас бэрсэн «абырыыр» үгэстээх. Ол дьоннор сордоохтор, маннык үтүөнү оҥорторон баран, кини тылыттан тахсыахтара баара дуо, тугу этэрин быһа гымматтар, тугу көрдүүрүн барытын биэрэллэр.

Чугастааҕы ыаллара Лэгиэнтэй атыыһыты «сахалыы улахан өйдөөх киһи» диэн ааттыыллар. Кырдьык, кини эргиэнин бэйэтин туһугар бэрт өйдөөхтүк, сатабыллаахтык тэрийэр. Кыһын устата Маачаҕа, Мухтуйаҕа, арыт Бодойбоҕо тиийэ эти, арыыны тиэйтэрэр, атыылыыр. Ол тухары биир да бэйэтин ынаҕын өлөрөн атыылаабат, биир да муунта бэйэтин арыытын тиэйбэт. Итини барытын атын дьонтон хомуйан тиэйэр, атыылыыр.

Кини кэлэр өттүгэр тугунан үчүгэйдик туһаныан, барыстаныан бэрт үчүгэйдик билэр. Ол барыстаах буолуо диэбитин эрдэттэн, бэрт чэпчэки сыанаҕа хомуйан, бэлэмнээн кэбиһэр үгэстээх. Кини саас хаар хараара илигинэ сутаан охтоллоро буолбут сүөһүлэри буор босхо хомуйар. Онуоха анаан эрдэттэн от бэлэмнээх олорооччу. Сүүһүнэн сүөһүнү ый аҥаарын курдук үчүгэй отунан аһатар уонна күөх сирэмҥэ таһаартыыр. Ол сүөһүлэрэ сайын устата уойаллар, тотоллор. Ото суох быстан олорон, сутаан охтоору гыммыт сүөһүлэрин атыылаабыт дьон ол сүөһүлэрин күһүн бэйэлэрэ да көрөн билбэттэр.

Арыыны Лэгиэнтэй атыыһыт эмиэ сатабыллаахтык атыылаһар. Күһүн арыы сыаната ыарыыр. Сорох кыһыҥҥыга хаһаанар, сорох куоракка киллэрэн атыылыыр. Куораттан атыыһыттар тахсан эмиэ хомуйаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт итини барытын бэрт үчүгэйдик билэр. Кини арыыны сайын, үүт үгэнигэр, арыыны ким да ылбат, атыыласпат кэмигэр хото хомуйар үгэстээх, ол хомуйбут арыытын үчүгэй булууска ууран баран, кыһын Маачаҕа, Бодойбоҕо киллэрэн ылбыт сыанатыттан үс-түөрт төгүлүнэн үрдүк сыанаҕа атыылыыр…

Маҥнайгы сайыннарыгар Сүөдэр от оттуур, Маайа дьиэни көрөр. Кинилэри Лэгиэнтэй атыыһыт киһилии таҥыннарар, бэйэтин остуолугар олордон бииргэ аһатар. Күһүн, сыарҕа суола турарын кытта, Сүөдэри уонча атынан Маачаҕа эт киллэртэрэ ыытар. Бу эт сайын устата быстаран олорбут көмүс үлэһиттэригэр олус ыараханнык атыыланар. Ити кэнниттэн Сүөдэр кыһыны быһа Аанньаахтан Маачаҕа таһаҕас таһыахтаах: Лэгиэнтэй атыыһыт этин, арыытын антах Сараапап атыыһыкка илдьэн туттарыахтаах.

Маайа Сүөдэр айаҥҥа барбытын кэннэ улаханнык тулаайахсыйар. Онуоха эбии ыарахан буолар. Кыһыҥҥы уһун түүн устата хоһугар утуйбакка сытан, дьонун ахтар, кэргэнин Сүөдэри: «Төһө эрэ тоҥон-хатан эрээхтиирэ буолла?» – дии саныыр. Халлаан тымныыта күүһүрдэҕинэ, «Сүөдэрим тоҥон эрдэҕэ», – диэн куттанар.

Дьаакыбылаптаах үлэлэригэр холоотоххо, Маайа билиҥҥи үлэтэ олус чэпчэки, ыраас. Кыһын устата Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтигэр ахсааннаахтык хонно. Онон Маайа хотунунаан Харытыаналыын иккиэйэҕин олордохторуна туохха оччо түбүгүрүө баарай: оһохторугар уот оттор, дьиэни сиппийэр, нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэ муостатын сууйар. Ол да буоллар кини тоҕо эрэ Дьаакыбылап хамначчыттара олорор туруорбах балаҕаннарын субу-субу ахтан кэлэр. «Сөдүөччүйэ эмээхсин сордоох хайдах эрэ олороохтуура буолла?» – диэн санаалар сотору-сотору өйүгэр киирэн, түүн утуппат буолан бараллар. «Билигин оһох таһыгар мустан олорон Сөдүөччүйэ эмээхсин сэһэнин, остуоруйатын истэн эрдэхтэрэ», – диэн кини арыт-арыт, Дьаакыбылап хамначчыттарыгар ымсыырбыт курдук, санаан кэлэр.

Маайа, арай биирдэ утуйа сытан, иһин түгэҕэр туох эрэ хамсыырыттан уһуктан кэлэр. «Туох хамсыырый?» – дии санаан өр соҕус таалан сытар. Онуоха: «Мин баарбын!» – диэбит курдук, аргыый аҕай туох эрэ эмиэ хамсаан ылар. Оо, Маайа онно үөрдэҕин эриэхсит!

Сарсыныгар үлэтин барытын бэрийэн баран, күнүс чэйдии олорон, Маайа хотунугар оҕолоноору сылдьарын кэпсиир. Харытыана эмээхсин, ону истэн баран, хаста да хараҕын уутун былаатын уһугунан соттор. Маайа туох да диэн саныан булбат. Ол эрээри дьиэлээх хотун сөбүлээбэтэх быһыыта көстүбэт. Сотору соҕус Лэгиэнтэй атыыһыт хантан эрэ эргийэн кэлбитигэр Харытыана хамначчыттара Маайа ыарахан сылдьарын кэпсиир.

– Ол аата үлэлээн туһалаабат хотун буоллаҕа дии… Дьэ, хайдах гынабытый?

– Мин, көмүс сымыыттарым тыыннаахтара буоллар, төһө эрэ дьоллоохпун диир этим, – диэн баран Харытыана ытамньыйан ылар.

– Биһиги да дьоллоох дьон буолан, үп-ас өттүнэн дэлэйдик олордохпут дии, – Лэгиэнтэн атыыһыт күннэтэ аайы харчытыгар харчы эбиллэрин эккирэтэрин, дьону албынныырын, кинилэри хабалаҕа киллэртиирин улахан дьолун курдук сананарын этэр.

– Э-эх, чэ, мин оҕолорбун ханнык да баайтан ордоробун.

Мантан ыла Харытыана кэргэнин кытта Маайа ыараханын туһунан кэпсэппэт буолбута. Кини оҕонньоро атын дьахтары булан биэрэбин диэн хаста да этэн көрбүтүн истэ да барбатаҕа.

Маайа, хаппын диэн олоруо баара дуо, урут хайдах үлэлиирэй да ол курдук үлэлии сылдьар. Биирдэ кини дьиэ муостатын сууйа сырыттаҕына, хотуна Харытыана киирэн этэр:

– Маайа, аны дьиэ муостатын сууйума, мин атын да кыыһы булан сууйтарыам.

– Суох, суох, мин сууйуом.

– Маайа, киһи дьоло – оҕо! Оҕото суох киһи – төһө да баайын иһин – дьоло суох!

Арай биирдэ аһыы олорон Маайа тойонноох хотунуттан аа-дьуо ыйытар:

– Эһиги тоҕо оҕоҕут суоҕуй?

Лэгиэнтэй атыыһыт саҥата суох Маайа диэки көрбөхтүүр, сүр ыараханнык үөһэ тыынан ылар:

– Мин… биһиги эмиэ, син эһиги билиҥҥигит курдук, дьадаҥы дьон этибит. Мин бэйэм Бороҕон улууһун киһитэбин… Ити кэргэним Суотту – эмиэ Бороҕон улууһа. Биһиги, ас-таҥас кыһалҕаланан, куоракка киирбиппит. Онно ити билиҥҥи Микииппэрэп атыыһыт аҕатыгар Манньыаттаах оҕонньорго үлэҕэ кэпсэппиппит. Ол олордохпутуна кыыс оҕо төрөөбүтэ. Мин онно саныырым: «Ама миигиттэн ордук дьоллоох киһи бу дойдуга баар үһүө!» – диэн. Кырдьык, үчүгэйкээн диэн бэйэлээх оҕо этэ. Оччоҕо Манньыаттаах оҕонньор саҥа байан эрэрэ. Кини обургу иҥсэтин, кини обургу сүрэҕин-бэлэһин көрүө этигит?! Байар дьулууругар түүн утуйар диэни, күнүс олорор диэни билбэт этэ. Мин түүн кинилэр лааппыларын маныырым. Күнүс лааппыга таһаҕас таһарым, сүгэрим-көтөҕөрүм. Биһиги кини үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрин аан хоһугар олорорбут. Харытыана дьиэни көрөр, сууйар-сотор, оһоҕун оттор этэ. Бу дьиэҕэ кэлээччи-барааччы элбэҕэ, хас түүнүн аайы арыгы да арыгы, хаарты да хаарты буолан тахсара. Хас түүн аайы айдаан, охсуһуу. Биһиэхэ оҕобутун суулуур таҥас диэн оччоҕо суоҕа. Онон бу дьиэҕэ олордохпутуна үс ыйдаах оҕобут тымныйан, сэбиргэхтэтэн… аҕыйах хонон хаалбыта. Онно: «Миигиттэн ордук сордоох аан дойду үрдүгэр ким баар буолуой?» – дии санаахтыырым…

Харытыана эмээхсин хараҕын уутун соттор. Ийэ сүрэҕэ билигин да хаанынан ытыыр быһыылаах.

Маайа бу дьон сүрэхтэрин бааһын таарыйбытын кэмсинэ саныыр.

Лэгиэнтэй атыыһыт, саҥата суох олорбохтоон баран, көхсүн этитэр уонна оргууй аҕай кэпсээнин салгыыр:

– Ол оҕобут өлбүтүн кэннэ кэргэним иккистээн ыарахан буолбута. Биһиги «маҥнайгы оҕобутун куорат абааһыта сиэтэҕэ» диэн, иккис оҕобут төрүөн иннинэ тыаҕа, Суоттуга, тахсыбыппыт… Онно уол оҕо төрөөбүтэ. Ньукулай диэн ааттаабыппыт. Оҕобут биэһин туолуор диэри тыаҕа олорбуппут. Биэһин туолар сааһыгар оҕобут биир киэһэ «төбөм ыалдьар» диэн сыппыта. Түүнү быһа оҕобут этэ кутаа уотунан умайбыта. Биһиги, тугу да гыныахпытын булумуна, ыксаан, иккис түүнүгэр ойууну аҕалан кыырдарбыппыт. Ол ойуун кыыра турдаҕына, бу ийэтэ сордоох көтөҕөн олордоҕуна – оҕобут тыына быстыбыта.

Хос иһэ уу чуумпу. Харытыана эмээхсин хараҕын уута остуолга таммалыыр. Лэгиэнтэй атыыһыт да улаханнык уйадыйан олорор быһыылаах. Маайа хараҕын уутун эмиэ кыаммат. «Оҕо диэн – төрөппүттэр сүрэхтэрин чопчута» диэн тыл номоҕун өйдөөн кэлэр. Кини бу ыарахан буолуор диэри оҕо туһунан санаабат да этэ. Оттон билигин, дьон оҕо туһунан кэпсэттэхтэринэ, долгуйа истэр.

Лэгиэнтэй атыыһыт, хараҕын уутун туора соттон кэбиһэн баран, эмиэ кэпсээнин салҕаан барар:

– Оҕобут өлөрүгэр Харытыана эмиэ ыарахан этэ. Оҕобутун таһаарар күммүтүгэр… итэҕэс… өлбүт оҕо түспүтэ. Олох, сатамматаҕына, оннук наар аанньа буолан иһэр быһыылаах. Ол кэнниттэн бу кэргэним харааччы иирэн хаалбыта. Мин бэйэм да, итирик киһи курдук, иннибин-кэннибин билбэт буолан сылдьарым. Тугу да гыныахпын булумуна, оҕом аһыытын арыгы аһыытынан сууйа, аһара сатыырым. Арыгы аргыһа – хаарты… Арыгылыыр буолан баран, аны хаартыһыт буолбутум. Ол сылдьан, биир түүн ааппын билбэт буола байарым, иккис түүнүгэр – кэтэр да таҥаһа суох сыгынньаҕын хааларым. Хаарты диэн оннук…

Маайа кэпсээни атыҥҥа аралдьытаары ыйытар:

– Оннук дьон… Хайдах бу курдук байбыккытый?

Лэгиэнтэй атыыһыт саҥата суох кини диэки кыырт хараҕын курдук төгүрүк хараҕынан көрөн дьэрэлитэн ылар. Харытыана эмээхсин, остуол аттыттан туран, бэйэтин хоһугар киирэн хаалар. Кини быһыыта хайдах байбыттарын туһунан кэпсээни истиэн саатар дуу, кыбыстар дуу быһыылаах.

– Баай да диэн, оҕото суох буолбут кэннэ туох наадалаах баҕайы эбитэ буолла?! Өллөхпүтүнэ, ким ылан сиир-аһыыр… Халлаан былытын курдук, аны мээнэ ыһыллан хаалар дуу?.. – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа диэки эмиэ көрөн төгүрүҥнэтэр. – «Хайдах байбыккытый?» – диэн ыйытаҕын… Бу дойдуга киһи хара көлөһүнүнэн сатаан байбат кэмэ кэлэн турар… Чэ кэпсиим… Арай биир түүн Төхтүр дьаамын ыалларыгар арыгылыы-хаартылыы олордубут. Онно Тайҕаттан Дьокуускайдаан иһэр биир саха киһитэ баара. Мин даҕаны, кини даҕаны иэл-тиэл соҕус холуочук этибит. Эбии арыгылаабыппыт. Онтон киһим, уонча муунта кыһыл көмүс кутулла сылдьар мөһөөччүгүн ыстаанын иһиттэн хостоон таһааран баран: «Маны сүүйэн ыл!» – диэбитэ… Сүүйэн да диэн, булкулла итирэн хаалбыт сордооҕу… Сүүйэн ылбытым…

Лэгиэнтэй атыыһыт, бу кэпсээниттэн улаханнык кыбыстыбыт курдук, Маайа диэки көрүтэлиир. Кырдьыга, кини маны бу Маайаҕа эрэ, били өлбүт оҕолорун ахтыбытыттан уйадыйбычча, кэпсээтэ. Итини барытын киниттэн уонна Харытыанаттан ураты ким да билбэт этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт үөһэ тыынар. Тутан олорбут көмүс биилкэтин остуолга уурар уонна, икки ытыһынан төбөтүн бобо тутан, икки хараҕын быһа симэн, бүк түһэн олорон, бэрт өрдөөҕүтэ буолан ааспыт түүнүн өйдүүр. Кини иннигэр ааспыт күннэр, дьыллар туманнарын ортотуттан Төхтүр дьаамын ыалларын дьиэлэрэ көстөргө дылы… Бу түүн Ааныска эмээхсиннээх балаҕаннарыгар арыгылааһын буолар. Арыгы кэнниттэн хаарты мэтэйдэнэр. Лэгиэнтэй сүүрбэччэ солкуобайдааҕынан остуоска баан тутар. Остуол үрдүгэр аҕыйах сыа чүмэчи имик-самык умайар. Ол сырдыгар оонньуу олорор дьон сирэйдэрэ кып-кыһыл өҥнөнөн көстөр. Дьиэ иһэ чаркааскай табах буруотунан унаарыйар.

Бу түүн Лэгиэнтэй, итиригэр тэптэрэн, хаартытын көрдөрөн олорон көтүтэр, тиэрэ өттүгэр уурар этэ. Ону ким да өйдөөн көрбөт. Кини дьонун барытын сүүйтэлиир.

Харчылара бараммыт дьон туораан биэрэллэр. Саҥаттан-саҥа дьон табах силиһин кырбыылларыттан быһаҕынан быһыта кэрдиллибит, ортотун сылабаар турбатын уоттаах чоҕо түһэн дьөлүтэ сиэтэлээбит остуолугар кэлэн олороллор. Кинилэр өр буолбаттар – сүүйтэрэ-сүүйтэрэ тэйэн иһэллэр.

Албыннаан сүүйэн ыла олорор харчытын Лэгиэнтэй тугун харыстыай – арыгы ыллартарар. Ол курдук, арыгылааһын быыһыгар хаарты оонньуута, хаарты оонньуутун быыһыгар арыгылааһын. Итирэллэр-кутураллар.

Дьон барыта итирэн охтубутун кэннэ, көмүстээх тайҕаттан куоракка киирэн иһэр киһи кэлэн остуол аттыгар олорунар.

– Хаартылыах! – диэн баран ол киһи, күрдьүөттээбит оҕус курдук, хараҕын муҥунан көрөн кэбиһэр.

– Суох, оонньообоппун, – диир Лэгиэнтэй хайдах эрэ дьулайан.

Тайҕаттан сылдьар киһи Лэгиэнтэйи, уолугуттан харбаан ылан, ороҥҥо тиэрэ баттыыр:

– Оонньообот буоллаххына – ыт курдук өлөрөн кэбиһиэм!

– Туохтааххыный?.. Харчыгын барытын сүүйтэрбитиҥ буолбат дуо?

Тайҕа киһитэ Лэгиэнтэй хабарҕатыттан илиитин ыһыктан кэбиһэр уонна кини аттыгар ороҥҥо олорор. Тугу да саҥарбакка эрэ, ыстаанын тимэхтэрин төлөрүтэр. Өр соҕус ыстаанын иһин хаһыспахтаан баран, добуоччу улахан мөһөөччүгү сулбу ойутан таһааран, Лэгиэнтэй сирэйин иннигэр ыараҥнатар:

– Сүүй!.. Байыаҥ!.. Бу барыта – кыһыл көмүс!

Лэгиэнтэй, бу киһи көмүһүгэр ымсыыран, хараҕа кэҥии түһэр. Сиэбиттэн хаартытын ылбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Эмиэ имик-самык чүмэчи уотугар иккиэ буолан хаартылаан бараллар. Саҥата суох, илиилэринэн уонна харахтарынан: «Сабыыта биирдии мөһөөк!.. Көмүс уон сабыыга барар!» – кэпсэтэн кэбиһэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт маҥнай утаа иккитэ барар. Бу киэһэни быһа оонньоон ылбыт харчытыттан мөһөөккө тиийбэт харчы хаалар. Икки хараҕын быһа симэн баран быһар. Кини икки хаартыны уурар… Онтукалара иккиэн эрэ бардахтарына, сүүйтэриэхтээх. Алын хаартыта сирэй баран тахсар. Кини, хаартытын көрбүтэ буола олорон, барбыт хаартытын аллара түһэрэн кэбиһэр. Иккис хаартыта, хайа муҥун, ылан тахсар.

– Баар! – хаартытынан остуолу сырбатар.

Итирик киһи кини албыннаабытын өйдөөбөт. Иккис ууруутугар, үсүһүгэр эмиэ иккилии хаартыны ууран сүүйтэлиир. Киһитэ кини албынныырын букатын билбэт, өйдөөбөт. Ол курдук, сарсыарданан, тайҕаттан сылдьар киһи көмүһүн «сүүйэн» ылар.

Көмүһүн сүүйтэрбит киһи, Лэгиэнтэйтэн биир иһит арыгы атыыта харчыны көрдөөн ылан баран, тиийиэх буолбут куоратыгар тиийбэккэ эрэ, эмиэ көмүс көрдүү Тайҕаҕа төннөр.

«Албыннаабатаххына, сүүйбэккин», – дии саныыр Лэгиэнтэй. Онтон ыла кини хаарты оонньуурун быраҕар. Аны ол көмүһүн эргитэн харчы оҥорор уонна: «Баайдар да албыннааһына суох байбаттар», – дии санаан, аны эргинэн барар.

Баччааҥҥа диэри кыра, дьадаҥы киһи эрэйдэнэрин бэйэтэ билбит буолан, тыа киһитэ хаһан тугунан тутуурун, туохха кыһанарын курдаттыы көрөн, ону туһанан бэркэ диэн барыстанар, байар.

Лэгиэнтэй атыыһыт хараҕын аспыта – Маайа кини кэпсээнин ситэ истээри көһүтэн олорор.

– Онтон ыла бу дьиэлэнэн-уоттанан олордохпут ээ… Бу баай кэриэтэ оҕолорум бааллара буоллар… – диэн иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыт ах баран хаалар.

– Билигин үчүгэйдик олорор буолбаккыт дуо?

– Баай, баай… истиэххин баҕарар буоллаххына – баай курдук куһаҕан суох быһыылаах… Биир солкуобайыҥ икки буоларыгар дьулуһаҕын. Биир харчыны барыстанар иһин – ийэлээх аҕаҕын атыылыах курдук буолаҕын… Кини эйигин сүгүн утутара, олордоро диэн кэлиэ баара дуо?!. Төһө байан иһэҕин да – соччонон өйгүн киниэхэ сүүйтэрэн, былдьатан иһэҕин… Арыт саныыгын ээ: муспут үбүм-баайым киммэр хаалыа диэн бу курдук дьулуһабыный? – диэн. Уонна, сонно тута биэс харчылаах барыс киириэх эрэ буоллаҕына, барбыккын, атыыласпыккын эбэтэр атыылаабыккын билиминэ хаалаҕын.

Маайа Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин, төһө да болҕойон олорон иһиттэр, сатаан өйдөөбөт. Кини баай ыал кыыһа эрдэҕинэ, баай хантан кэлэригэр, хайдах хаҥыырыгар букатын да кыһаммат этэ. Эгэ билигин, ыал хамначчыта буолан баран, ону хантан билиэ баарай?!


* * *

Маайа төрөөбүтэ ый аҥаара ааһыыта Лэгиэнтэй атыыһыт оҕону куоракка киллэрэн Предтеченскэй таҥара дьиэтигэр сүрэхтэтэр. Кини «сүрэхтээбит аҕа» буолар. Сэмэн диэн ааты биэрэллэр. Сүрэхтээбит аҕата оҕоҕо анаан хас да кыракый ырбаахыны тиктэрэр, утуйар биһигин, тэллэҕин, суорҕанын, сыттыгын – барытын кини тэрийэр. Оннооҕор Сүөдэргэ – оҕо аҕатыгар – «бэлэх» диэн кыһыл саһыл тыһа бэргэһэни, хара таба тыһа күрүмүнү уонна истээх сону ылан биэрэллэр. Оттон Маайаҕа – оҕо ийэтигэр – халлаан өҥүн курдук өҥнөөх солко ырбаахыны, хара сукуна сону атыылаһаллар.

Лэгиэнтэй атыыһыттаах, бэйэлэрэ оҕолоро суох буолан, Сүөдэрдээх оҕолоругар олус убаналлар. Оҕо тэллэҕин илитэн ытаан марылаатаҕына, Лэгиэнтэй атыыһыт уонна Харытыана эмээхсин буоланнар оҕону хайдах уоскутуохтарын, саататыахтарын булбаттар.

Сүөдэрдээх Маайа бу Лэгиэнтэй атыыһыттаахха иккис сылларыгар эмиэ үлэлиир буоллулар.

Хайа ийэ сүрэҕэ үөрбэтэҕэ баарай, Маайа сүрэҕэ күннэтэ аайы үөрүүнэн туолар. Кини санаата көтөҕүллэн, оҕотун утутаары киэһэ аайы, биһигин бигии-бигии, ыллыыр:

«Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Устар күнү билбэккэ,
Үөрэ-көтө оонньообут
Үрүҥ көмүс сибэккиҥ,
Үүнэр күнү көһүтэн,
Уһун түүҥҥэ утуйда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Кэлэр саҥа күннэргэ
Кэрэ, чэгиэн кэскилгин,
Киһи-хара буоларгын
Кэрэлиирэ тыалардыын
Кэтэһээхтээн чуумпурда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!».

Сэмэнчик уол ийэтин ырыатыттан, биһиги хамсатарыттан мичээрдии сытан утуйан нухарыйан барар.




II


Лэгиэнтэй атыыһыттаах бэрт үгүс ыалдьыттаах, хоноһолоох ыал. Ол да буоллар Маайа оҕотунаан, Сэмэнчиктиин, аҕалара айаҥҥа баран эмиэ тулаайахсыйан олороллор. Маайаны били Дьаакыбылап кулубалаах хотонноругар сылдьарын саҕанааҕытын билэр киһи ол эрэ дьахтар бу сылдьар диэх буолбатах. Таҥаһа ырааһа, уҥуоҕа көнөтө, кырасыабайа харахха чуо быраҕыллар.

Арай биир киэһэ саһыл тыһа истээх хара сукуна сонноох, турбут-олорбут сытыы быһыылаах, саар-тэгил орто уҥуохтаах, мэктиэтигэр килэбэчийэн көстөр хара баттахтаах эдэр соҕус саха киһитэ хоноһолоноллор.

Бу хоноһо дьиэ иһигэр киирэн таҥаһын саҥа сыгынньахтанан эрдэҕинэ, Лэгиэнтэй атыыһыт хап-сабар Маайаны соруйар:

– Чэ, чэйдэ туруор, Уйбаан Сэмэнэбис тоҥон кииртэ буолуо!

Таһырдьаттан киирбит киһи, ытыгынан ытыйан эрэр курдук, икки ытыһын сурдурҕаччы имэрийтэлии-имэрийтэлии мичээрдиир уонна сөҥ соҕус куолаһынан этэр:

– Халлаан да тымныы… Соччо тоҥуутун тоҥмотум буолан баран, итии чэйтэн киһи аккаастаныа суох.

Маайа бу киһи киирдэ-киирээт чэй туһунан саҥарбытын сүөргүлүү истэр. «Ханнык эрэ хабарҕатынан тыыммыт, оройунан көрбүт киһи быһыылаах», – диэн санаа кини өйүгэр охсуллан ааһар.

– Дьэ, Уйбаан Сэмэнэбис, үҥсүүҥ-харсыыҥ дьыалата быйыл хайдаҕый?.. – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт ыйыппытын Маайа хос иһиттэн тахсан иһэн бэркэ дьиктиргии истэр. «Бурдугуҥ-отуҥ хайдаҕый?» – диэбиккэ дылы «үҥсүүҥ-харсыыҥ буолан», – дии саныы-саныы сылабаар туруора барар.

Маайа төрөөбүт сиригэр, Бүлүүгэ, Баскасов диэн сааһын тухары дьон иннигэр үҥсүүнэн дьарыктанар киһи баара. Ол киһи атаҕастаммыты-баттаммыты көмүскэһэн үҥсэр идэлээҕэ. Кини «үҥсэргэ» ылыммыт дьыалатын төрдүгэр тиэрдибэккэ эрэ хаалларбат этэ. «Бу ыалдьыппыт, баҕар, оннук киһи буолаарай? – диэн санаа Маайа өйүгэр көтөн түһэр. – Оччоҕо Дьаакыбылап кулубаны утары үҥсүһүннэрбит киһи! Ол эрээри, кэбис, ол баай ыал, улуус кулубатын хардыытын хаһан ситэн кырдьыгы булаары…»

Маайа хос иһиттэн тахсыбытын кэннэ Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Ити туох дьахтарый? Хантан көһүннэ?

– Ити биһиги дьиэбит үлэһитэ дьахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис соһуйар, дьиктиргиир.

– Итинник бэйэлээх үчүгэй дьүһүннээх барахсан буолан баран, тоҕо ыал хамначчыта буолбут муҥай?.. Ханнык баҕарар баай ыал уола үөрүүтүн кытта кэргэн ылыах кыыһа сылдьар дии!

Лэгиэнтэй ыалдьытын диэки көрөн кэбиһэр:

– Туох диэн эттэххиний? Бэйэтэ кэргэннээх, оҕолоох дьахтар дии.

Уйбаан Сэмэнэбис, олорбохтуу түһэн баран, Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Кэргэнэ ханнаный?

– Миэхэ үлэлиир… Билигин мин таһаҕаспын, Аанньаахтан Маачаҕа киллэрэн, Сараапап атыыһыкка туттара сылдьар… Аны саас биирдэ кэлиэҕэ.

– Ол киһи хантан көһүннэ?

– Кинини эн да өйдүүрүҥ буолуо… Били биир кэмҥэ миигин кытта сылдьар эдэр уолчаан баара дии… Оттон, доҕоор, били Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кэлэн олоро сылдьыбыт?!. Ол-ол! Былырыын сайын, биир күн… киэһэ кэргэннээх киирэн кэлбитэ. Онтон ыла ити биһиэхэ олороллор. Оҕоломмуттара, – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайа тустарынан кэпсиир.

Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин саҥата суох истэн олорор. Кини бу дьахтар ыал хамначчытыгар эргэ тахсыбытын билигин да сатаан санаабат.

– Төрдө-ууһа биллэр дуу? Ханна төрөөбүт үһүнүй?

Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа Бүлүүгэ эрэ төрөөбүтүн билэр. Бу сыллар усталара кини хаста да дьахтар дьонун туһунан кэпсэтэн көрөөрү ыйыталаһан көрбүтэ да, Маайа, ол туһунан букатын кэпсээбэккэ, кэпсэтиини атыҥҥа халбарытан кэбиһэрэ. Онон Маайа дьоно кимнээхтэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытыгар үгүһү кыайан кэпсээбэт.

– Дьэ дьикти эбит! – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Таҥара итинник үчүгэй, нарын ньууру биэрбитин сатаан туһанымына, ыал хамначчытыгар да эргэ тахса турбута баар… Атын омук кыыһа эбитэ буоллар, кинээскэ дуу, графка, баай атыыһыкка дуу кэргэн тахсан, хаарыска, солкоҕо суулана сылдьыа этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт тугу да саҥарбат. Кини эмиэ үөрэҕэ суох хараҥа киһи. Атын омуктарга хайдах буолалларын кини хантан билээхтиэ баарай.

Сылабаар кыынньан, Маайа ыалдьыты уонна дьиэлээх тойонун ыҥыртыыр. Аһыы олорон соччо улахан кэпсэтии тахсыбат.

Маайа дьон аһаан бүппүттэрин кэннэ остуолу сууйар-сотор, иһити-хомуоһу хомуйар. Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр киирэр – Харытыана бу күннэргэ ыарытыйан сытар. Уйбаан Сэмэнэбис Маайалыын хос иһигэр иккиэйэҕин эрэ хаалаллар.

– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытаары гынабын… Бука диэн өһүргэммэккэр көрдөһөбүн, – диир хоноһо.

Маайа кини диэки соһуйбут курдук көрөр уонна тоҥуй соҕус куолаһынан хардары ыйытар:

– Тугу кэпсэтээри гынаҕыный?

Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсэтээри гыммыт суола олуонатыттан тыла аанньа тахсымына, кырдьык даҕаны халы-мааргы соҕустук ыйытар:

– Төрөөбүт сиргэр дьонуҥ аах бааллар дуо?

Маайа эмиэ дьиктиргээн кини диэки көрбөхтүүр, туох да диэн булбат. «Тоҕо миигиттэн ону ыйыталаһар киһиний?» – диэн саныы түһэр. Кэпсэтимээри, өһүргэтээри, кыыһырбыт куолаһынан хардарар:

– Бааллара буолуо… тыыннаах буоллахтарына. Билбэппин.

Уйбаан Сэмэнэбис өһүргэммэт. Кини, эбии лаппыйан, ыйыталаһан барар:

– Мин дьон иннигэр үҥсэр идэлээх киһибин… Онон бэрт элбэх киһини билэбин. Баҕар, эн дьоҥҥун билэрим буолаарай? Кинилэр ханна олохтоох дьонуй?

– Билсэргин-билсибэккин билбэтим… Бүлүү диэкилэр этэ… – Маайа бу кэпсэтэ туран: «Саатар, оҕом да ытаабат ээ, бу киһиттэн куотуохпун», – дии саныыр да, хата, Сэмэнчик ытаабат.

– Хайа бүлүүлэрий?

– Орто Бүлүү.

– Орто Бүлүү, – Уйбаан Сэмэнэбис онно олохтоохтортон кимнээҕи билэрин өйдүү сатыыр. Суох, кини онно олохтоохтортон кими да билбэт эбит. Арай биирдэ суукка сылдьан, Капитонов кинээс нэһилиэгин ыаллара сүөһүлэрин мэччитэр сайылык алаастарын күрүөлээн ылбытын туһунан үҥсүү баарын истибиттээҕэ. Ону өйдөөн, кини Маайаттан ыйытар: – Мин соҕотох Капитонов эрэ кинээс туһунан истибитим… Ол киһини билэр этиҥ дуо?

Маайа, ама, Капитонов кинээһи билбэттээх буолуо дуо. Кырдьык, кини дьонун аахха олордоҕуна, оннук үҥсүү күөдьүйэ сылдьыбыта. Ол эрээри баай кинээһи дьадаҥы дьон эрэйдээхтэр хаһан кыайыахтара баарай, «Арыылаах» диэн нэһилиэк ыалын сайылык сирэ барыта Капитонов кинээс бас билэр ходуһата буолбута.

– Билэбин… Оннук кинээс баар, – диир Маайа.

– Эн дьонуҥ аах ааттара кимнээҕий?

– Харатаайаптар.

– Кимнээх да-а? – диэн Уйбаан Сэмэнэбис соһуйа түһэр. Кини «Каратаев» диэн ааты урут истибит аата этэ. «Ол гынан баран Орто Бүлүү Каратаева – улуус кулубата сурахтааҕа. Оттон бу дьахтар ол Каратаевтарга туох да сыһыана суох буолуохтаах, кини ыал хамначчытын кэргэнэ, бэйэтэ – ыал хамначчыта», – дии саныыр.

Маайа бу киһи кини аҕатын араспаанньатын истэн соһуйбутун дьиктиргиир: «Ама, мин дьоммун билэр киһи буолуо дуо?» Кини, Уйбаан Сэмэнэбис соһуйбут хараҕын-сирэйин көрбөхтөөн баран, этэр:

– Харатаайап Сэмэн Уйбаанабыс диэн киһи кыыһабын.

«Суох, хайдах да оннук буолуор сатаммат», – дии саныыр Уйбаан Сэмэнэбис. Кини истэринэн, Сэмэн Уйбаанабыс диэн Орто Бүлүү улууһун кулубатын ааттыыллара. Баҕар, киһи биир ааттааҕын оҕото буолаарай?

– Мин истэрбинэн… Сэмэн Уйбаанабыс Харатаайап диэн ол улуус кулубатын ааттыырга дылы гыналлара дии… Эн дьонуҥ ол кулубалаахтан атын дьон буоллахтара дии?

Уйбаан Сэмэнэбис, Маайа Харатаайап кулуба төрөппүт кыыһа буоларын истэн, соһуйуу бөҕөнү соһуйар.

– Хайдах?.. Кэргэниҥ ыал хамначчыта… – диэн иһэн, кини харбыт курдук, айаҕын атан баран турар.

– Итиннэ киһи соһуйара туох да суох, кэргэним ыал хамначчыта буолтун кэннэ, мин бэйэм, эмиэ ыал хамначчыта буолбакка, ханна барыамый? – диир Маайа. Итинтэн салгыы кини хайдах эргэ тахсыбытын, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри хайдах тэрийэн ыыппытын, киниэхэ хайдах сымыйа биэксэллэри биэрбитин барытын сиһилии кэпсиир.

Уйбаан Сэмэнэбис ону истэн олорон: «Хайдах-хайдах баҕайыный?.. Ама ити барыта кырдьык буолуо дуо?» – диэн саарбахтыы саныыр.

Маайа, кэпсии туран, бу киһи кини тылын итэҕэйбэт курдук туттарын өйдөөн көрөр:

– Быһыыта, итэҕэйбэккин ээ?

– Киһи хайдах да итэҕэйиэх буолбатах.

Маайа саҥата суох хоһун иһигэр киирэн хаалар уонна, сотору буолаат, Дьаакыбылап кулуба оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕыларын таһааран көрдөрөр.

Уйбаан Сэмэнэбис маннык көстөн турар хара батталы хаһан да көрө да, истэ да илигэ. Ама да, Дьаакыбылап кулуба буолбутун иһин, бу дьыалатыгар хайаан да түбэһиэх, суукка тардыллыах тустаах.

Уйбаан Сэмэнэбис Маайаҕа аргыый аҕай этэр:

– Мин үҥсэр идэлээх киһибин. Суукка-сокуоҥҥа киэҥ билсиилээхпин, онон, Дьаакыбылап кулуба төһө да кыахтааҕын иһин, итинник көстөн турар дьыалаҕа… кыайыллыа. «Үҥүс» диэн миэхэ сурук биэрдэргин, мин үҥсүөм этэ. Оччоҕо Дьаакыбылап кулуба бииринэн – албыннаан, син бэйэтин курдук биир улуус кулубатын кыыһын саакка киллэрбитигэр – саат кутуохтаах; иккиһинэн – сымыйанан суруйан, улуус бэчээтин ууран туоһулаабыт биэксэл кумааҕыларын иһин суукка тардыллыахтаах. Ону эн туох диигиний?

Билигин манна кэргэнэ Сүөдэр баара буоллар, Маайалаах сүбэлэһиэ этилэр. Кини соҕотоҕун итинник дьыаланы тэрийэриттэн олус куттанар, толлор:

– Кэбис, ол биһиги, ыал хамначчыттара, хаһан улуус кулубата тойону суутунан кыайан, саат куттараары, суукка тартараары… Ол үҥсэргэ төлүүр харчы да суох. Кэбис, хааллын!

– Да-а, ону бэйэҥ биллэҕиҥ… Ол эрээри үҥсүбүт киһи хайаан да сүүйэр дьыалата эбит… Туох аатай доҕор, кулуба кыыһын албыннаан, хамначчыкка ойох кэпсэтиннэрэр диэн!

– Оннугун-оннук буолуо да, мин кэргэммин таптыыбын. Мин киниэхэ, саһыл тыһа истээх сонугар, баай-мааны да таҥаһыгар ымсыыран эргэ тахсыбатаҕым – бэйэтин сөбүлээн эргэ тахсыбытым. Кини ыал хамначчыта буоларын билэ-билэбин…

– Ол туһа туспа. Сокуон да быһыытынан, эн бэргэһэлэммит кэргэҥҥин кытта, ким да буолбутун иһин, барсыах тустааххын.

Маайа бу киэһэ Уйбаан Сэмэнэбис кинилэр ааттарыттан Дьаакыбылап кулубаны үҥсэригэр сөбүлэҥин биэрбэт.

Маайа утуйа киирээри турдаҕына Уйбаан Сэмэнэбис этэр:

– Бу түүн барытын үчүгэйдик ыараҥнатан көр, сөбүлэһэр буоллаххына, мин, баҕар, харчыта-соболоҥо да суох үҥсүө этим. Оттон дьыаланы сүүйдэхпитинэ – мин эрэйбин бэйэҕит саныаххыт, туох да тахсыбатаҕына, – хааллаҕа ол. Киһи оччону эрэйдэнэр.

Маайа, тугу да саҥарбакка, хоһугар киирэн хаалар. Оҕото Сэмэнчик, биһигэр утуйан, муннун тыаһа буккуруу сытар. Маайа төбөтүн сыттыгар уураат: «Хайдах гынабын?» – диэн санааҕа түһэр. Кини устунан ааспыт олоҕун ырытан барар. Дьонуттан арахпыта үс төгүрүк сыла туолара чугаһаан эрэр. Ол тухары кини дьоно аах хайдах олороллорун букатын истибэккэ да, билбэккэ да сылдьар. «Ийэм эрэйдээх миигин сүтэрэн…» – дии саныыр да, икки хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Ийэтин кини олус да ахтыбыт. «Ийээ! Ийээ!» – диэн уоһун иһигэр ботугураамахтыыр.

Маайа хараҕын быһа симэр. Ол сытан төрөөбүт Төгүрүк алааһын көрөргө дылы. Ийэтэ дьиэтин ааныгар тахсан туран: «Маайа, төнүн, туох буруйдаах буолаҥҥын, ыалга хамначчытынан сылдьаҕын», – диир курдук. Маайа өйүгэр ити санаа, хаа-дьаа да буоллар, син охсуллан ааһар этэ. Итинник санаатын кини кэргэнин Сүөдэри таптыыра кыайара…

«Сэгэрим, Сүөдэрим, төһө эрэ тоҥон, уһун суол сорун-муҥун көрөн эрэрэ буолла? – дии саныыр Маайа. – Суох, мин, Сүөдэрбин быраҕан, ханна да барыам суоҕа! Билигин биһиги биир ынахтаахпыт, биир тыһаҕастаахпыт… Ынахпыт быйыл эмиэ буос… сотору төрүө. Оччоҕо үс сүөһүлэнэбит. Ханна эрэ манна балаҕан оҕото туттуохпут, туспа ыал буолуохпут». Маайа, сайын ынах хомуйа сылдьан, Киллэм дэриэбинэтин соҕуруу уһугар, нэлэмэн күөл аттыгар, үс муннуктуу киирбит үрдүк соҕус күөх хонууну көрөрө уонна: «Оо, манна биһиги, дьиэ оҕото туттан, олорорбут буоллун даа!» – диэн олус баҕара саныыра…

«Бэйи эрэ, ити туох үтүө санаалаах киһитэ дуу, туох куһаҕан санаалаах дьээбэ киһитэ дуу? Туохха кыһанан, ыал хамначчыттарын иннигэр суут аанын тоҥсуйаары, үҥсээри гынарый? Хамнас, харчы көрдөөбөт буолтун кэннэ… Ити кумааҕылар биһиэхэ да сыппыттарыттан туох туһа баарый… Оо, Сүөдэр, Сүөдэр! Ханна сылдьаҕыный? Тоҕо миэхэ сүбэ-ама буолбаккыный?.. Баҕар, Дьаакыбылап обургу халыҥ аньыыта туолан, ити киһи биһиги иннибитигэр үҥсээри гынара буолаарай?» – Маайа ити курдук эргитэ саныы сытан, утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалар.

Хонон тураллар. Аһаан бүтэн иһэн Уйбаан Сэмэнэбис, мичээрдии-мичээрдии, Лэгиэнтэй атыыһыкка этэр:

– Мин бөөлүүн букатын да утуйбатым диэххэ сөп.

– Ороҥҥор табыллымына дуо? – Лэгиэнтэй атыыһыт соһуйа түһэр.

– Суох, оронум бэрт үчүгэй. Ити Маайа бэҕэһээ киэһэ миэхэ кэпсээбититтэн.

Маайа сирэйэ кытара түһэр. Кини, ханна да барыах сирин булбакка, сирэйин сылабаар кэннигэр саһыарар. Лэгиэнтэй атыыһыт кини сирэйин өҥөҥнүү-өҥөҥнүү көрөр, улаханнык соһуйар:

– Оннук, ол тугу кэпсээбитэй? Биһиэхэ олорбута икки сыла буолуох буолла да, тугу да кэпсии илик… Хоноһобутун, ол тугу кэпсээн, утуппатыҥ? – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаттан ыйытар.

Маайа, кыбыстан, сирэйэ кытарар.

– Мин тугу да кэпсээбэтэҕим. Олоҕум туһунан ыйыппытыгар эппитим…

– Маайаны кыбыһыннарымаҥ. Кини туох да куһаҕаны кэпсээбэтэҕэ. Дьаакыбылап кулуба, албыҥҥа үктэннэрэн, Орто Бүлүү Харатаайап кулуба…

– Тыый, доҕоор, ол Сэмэн Харатаайап тугун албыннаппытый?

– Бу кини оҕото үһү эбээт, – Уйбаан Сэмэнэбис Маайа диэки ыйар.

Дьэ онно көрүө этигит Лэгиэнтэй атыыһыт сирэйэ хайдах кубулуйбутун, хайдах хараҕа тиэрбэс курдук эрилийбитин! Мэктиэтигэр, кини сэҥийэтэ икки ыыраахтаах курдук буолар.

– Ама… ама… ити кырдьык үһүө?

Уйбаан Сэмэнэбис Маайа диэки көрөн кэбиһэр:

– Маайаттан бэйэтиттэн ыйыт.

Лэгиэнтэй атыыһыт, тугу да булан саҥарымына, Маайа диэки көрүтэлиир, чыпчырыммахтыыр, дьэ ол кэнниттэн ыйытар:

– Маайа, ама… дьэ ити хайдаҕый?

Маайа, аҕата улуус кулубата Сэмэн Харатаайап буоларыттан сааппыт курдук, сирэйин кистии соҕус туттар:

– Кырдьык… Мин аҕам Харатаайап…

Маайа ити эппит тыла остуолу тула олорор дьон санаатын, кутаҕа үктэннэххэ киһи атаҕын тула от үмүөрүһэрин курдук, үмүрү тардан ылар. Дьиэ иһэ уу чуумпу буолар, арай истиэнэҕэ ыйанан турар эргэрэн хаалбыт мастаах чаһы «чып-чап, чып-чап» тыаһыыра эрэ иһиллэр.

Өр соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, Лэгиэнтэй атыыһыт аргыый аҕай этэр:

– Киһи эҥин-эҥини да истэр.

Маайа, аа-дьуо туран, хоһун иһигэр киирэр. Кини сыттыгын анныттан Дьаакыбылап кулуба оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕыларын таһаарар.

Уйбаан Сэмэнэбис хара тордох бэчээти кыҥастаһа-кыҥастаһа көрөр. Бу чахчы Нам улууһун Инородческай управатын гербовай бэчээтэ ууруллубут. Ол аата бу сымыйа биэксэллэргэ туох этиллибитин барытын улуус кулубата туоһулаабыт. Онон бу кумааҕыларынан Сүөдэр харчы иэстэһэр, үҥсэр кыахтаах. Оттон сымыйанан оҥоһуллубут биэксэллэр чахчы сымыйалара дакаастаннаҕына, маны туоһулаабыт, «чахчы» диэн бэчээти уурбут Нам улууһун кулубата хоруйга, суукка-сокуоҥҥа тардыллыахтаах.

Сымыйа биэксэллэри көрө-көрө, сөҕүү бөҕө буолар. Маайа, ону истэн олорон, саныыр: «Ээ, Лэгиэнтэй атыыһыт, эн ол көмүстээх Тайҕаттан иһэр үлэһит сордоохтон көмүһүн албыннаан «сүүйбэтэҕиҥ» буоллар, син биһиги курдук сылдьыа этиҥ… Дьаакыбылап биир туспа албыны оҥорор, эн биир туспа албыны оҥороҕун. Хайаҕыт хайаҕытыттан ордугун ким да билбэт!»

– Маайа, бу дьыаланы үҥсүү суолунан ыыттахха, киһи хайаан да сүүйэр, – диир Уйбаан Сэмэнэбис.

– Оттон мин Сүөдэрим… Атын киһи… «атыыһыт уола» буола сылдьыбытыгар, суукка түбэһиэ суоҕа дуо? – Маайа куруутун куттанар санаатын ыйытар.

Уйбаан Сэмэнэбис уонна Лэгиэнтэй атыыһыт иккиэн ах бараллар. Кырдьык даҕаны, бу дьыалаҕа Сүөдэр эмиэ суукка тардыллыан сөп.

– Мин куоракка биир сүбэлэтэр нууччалаахпын. Итини барытын мин киниттэн сүбэлэтиэм, – диир Уйбаан Сэмэнэбис уонна Маайа көрдөрө биэрбит биэксэл кумааҕыларын суулаан сиэбигэр уктар.




III


Уйбаан Сэмэнэбис били Маайа кумааҕыларын ылан барыаҕыттан ыла, ууга тааһы бырахпыт курдук, сүтэн хаалар. Силлиэ тыал түһүөн иннинэ салгын иһиллээбиттии иһийэрин курдук, туох да сурах-садьык иһиллибэт, им-ньим буолар. Маайа бу күннэргэ: «Туохтан кыбыстан, кумааҕыларбын төттөрү ылбатаҕым буолуой?» – диэн бэйэтин бэйэтэ сэмэлэнэ саныыр.

Маайа, кэнникинэн тулуйумуна, Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Били киһибит быыралыы сүтэн хаалла дии… Ити туох буолта буолуой?

– Ким билэр, кини урут да сыл баһыгар-атаҕар эрэ охсуллан ааһар идэлээҕэ. Хаһан эмэ көстүө.

– Аны били ылбыт кумааҕыларын Дьаакыбылап кулубаҕа илдьэн биэрбитэ буолаарай? – Маайа дьиксинэн ыйытар.

– Кэбис, туох диэн эттэххиний? Аньыы даҕаны… Уйбаан Сэмэнэбис оннуга суох киһи.

Маайа ити тыллартан хараҕа сырдыырга, тыына кэҥииргэ дылы буолан ылар. Кини Лэгиэнтэй атыыһыт тылын эмиэ да итэҕэйэр, эмиэ да итэҕэйбэт. «Байар баҕатыгар киһи дууһатыгар тиийэллэрин да кэрэйбэт буолбут дьон кырдьыктара да диэн», – дии саныыр арыт. Итинтэн ыла Маайа, ыар санааҕа хам баттатан, саҥата, оонньуута сүтэн, кырдьаҕас эмээхсин курдук, төбөтүн умса туттан сылдьар буолар.

Оо, көһүттэххэ күннэр-ыйдар барамматтара, уһуннара сүрүөн! Маайа икки киһини көһүтэн эрэй бөҕөнү көрөр. Биллэн турар, бастатан туран, таптыыр кэргэнин, доҕорун Сүөдэри. Иккис көһүтэр киһитэ – Уйбаан Сэмэнэбис. Ол күүтэр дьоно кэллэр кэлбэттэр. Маайа утуйар уута уу буолбат, уоскуйар, санаатын аралдьытар сирин булбат, киэҥ көхсүлээх бэйэтэ тулуйбат, ыксыыр.

Күн уһаан, халлаан ырааһыран, сырдаан барар. Тэлгэһэ хаарын буор-сыыс быһыта сиэн, чалбахтар тахсыталыыллар. Күнүһүн сылаас, киэһэтин-сарсыардатын тымныы, дьыбардаах күннэр кэлэллэр. Ити аата сотору Сүөдэр таһаҕас таһар суола алдьаныа, онон кини кэлиэ! Маайа, кыахтааҕа буоллар, күнү хас сарсыарда турдаҕын аайы өрө үтэйэн, үөһэ күөрэтэн, саас кэлиитин түргэтэтэн биэриэ этэ.

«Сааскы халлаан курдук кубулҕаттаах» диэн өс хоһооно баар. Биир күн ириэриэх, суолу алдьатыах курдук буолан баран, иккис күнүгэр дьэбин уостан, иккистээн кыһыны аҕалан, тыбыс-тымныынан тыынан кэбиһэр. Маайа маннык тымныы, курус күннэргэ санаата ордук алдьанар. Ол эрээри, кэлэн иһэр аата кэлэн иһэр! Сылаас, сырдык күннэр үксээн, күн уота үрүҥ хаартан тэптэрэн киһи сирэйин харааччы сиир. Сыарҕа ыллыгын суола, өстүөкүлэ таас курдук, кылбайар. Маннык күннэргэ сыарҕа ыллыктара араас музыка тойугун түһэрэллэр. Оннооҕор Өлүөнэ өрүс устун айан суолунан иһэр киһи атын саттыыр саҥата, сарсыардааҥҥы дьыбарга тэптэрэн, сүүс төгүл улаатан, дуораһыйан, бырааҥҥа тиийэ тарҕанар. Сааскы дьыбардаах сарсыардаларга тоҥсоҕой тэҥкэ харыйатын хаппыт мутугун туора миинэн олорон турулаччы тоҥсуйара сүүһүнэн барабаан тыаһа буолан иһиллэр. Бу сааскы музыка киириитэ – увертюрата!

Бу кэнниттэн дьиҥнээх уордаах охсуһуу музыката – Өлүөнэ өрүс уһун кыһын устата хам баттатан сыппыт халыҥ мууһун хайыта тэбэр музыката – ньиргийэр! Ол музыкаҕа улуу күүс уһуктуута, дохсун этиҥ этиитэ, кэлэр кэскил тойуга иһиллэр!..

Суол алдьанара ыраах, Маайа хаста таһырдьа тахсар да, соччото, төһө үөһэ тахсар буолбутун көрөөрү, күнү одуулаһара. Киллэм хонуутун хаара улам бороорон, сорох сирдэринэн харалдьыктар тахсан бараллар.

Бу күннэргэ Маайа куруутун: «Сүөдэр бүгүн кэлэрэ буолуо!» – дии саныыр, күүтэр. Дьиэ иһигэр сылдьар буоллаҕына аантан хараҕа арахпат, оттон таһырдьа таҕыстар эрэ суолу кэтиир. Суох, Сүөдэр биллибэт. Суол алдьанан барар. Оннооҕор Лэгиэнтэй атыыһыт:

– Киһибит хойутаары, суолга былдьатаары гынна, – диэн дьиксинэ быһыытыйар.

Арай, биир киэһэ, Маайа оҕотун Сэмэнчик оронун оҥоро турдаҕына, олбуордарын иһигэр элбэх сыарҕалаах ат киирэр тыаһа курулаан иһиллэр.

«Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан Маайа, оҕотун Сэмэнчиги оронугар олордоот, таһырдьа сүүрэн тахсар. Кырдьык, Сүөдэр кэлэн аттарын баайталыы турар эбит. Кини Маайаны көрөөт:

– Хайа, оҕобут? – диэн ыйытар.

– Эйигин көһүтэн, утуйбакка, оронугар олорор, – диэн сибигинэйбитинэн Маайа кэргэнин түөһүгэр саба түһэр.

Сүөдэр сирэйин сааскы салгын сиэн хараарда охсубут. Кини сырыытын бэрт үчүгэйдик сылдьан, туох да сүтүгэ, ночоото суох таһаҕаһын барытын туттаран кэлбит. Лэгиэнтэй атыыһыкка бэрт үгүс барыс киирбит.

Ол киэһэ: «Сүөдэр үчүгэйдик сылдьан кэлбитин иһин», – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт малааһын тэрийэр. Маайа ол малааһыны букатын сөбүлээбэтэр да – тойоно эппитин кэннэ тэҥнэһиэ баара дуо – тэрийсибитинэн барар. Остуолга ас тардаллар. Хас да бытыылка арыгы туруоруллар. Сотору-сотору үрүүмкэлэр көтөҕүллэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдиин иккиэйэҕин биир бытыылка арыгыны кураанахтаан баран, иккис бытыылкаларыгар киирэллэр.

Аһыылларын быыһыгар Сүөдэр Маачаҕа Сараапап атыыһыт кинини хайдах албыннаары гыммытын, ону хайдах туппутун кэпсиир:

– Көр эрэ… Сараапап, итиччэ баайыгар хараҕа туолбакка, дьону ыйааһыныгар сүүйээри… иккилии бууттаах киирэтин алын үүттэрин толору сүөһү сааҕынан сыбаан тоҥорбут… Көр эрэ, мин Аанньаахха ыйаан көрбөтөҕүм буоллар, балыйтарыа эбиппин ээ… Оо, баай атыыһыт буолан баран, сааппат да сирэйдээх буолар эбит…

– Сүөдээр, эн дьадаҥыттан куттаммат буол, баайтан куттанар буол, – дии-дии Лэгиэнтэй атыыһыт сөмүйэтин чочоҥнотор.

– Көр эрэ, эн эмиэ баайгын ээ, кыра дьону албынныыгын дуо? – Сүөдэр, итирэн хаалан, харса суоҕа киирэн олорор буолан ыйытар.

– Мин… мин… албынныахпын төһө да баҕарбатаҕым иһин… харчы ханыытын тардан, кэм, тугу эмэни ылларбыт, албыны оҥорторбут буолар… Дьэ эн манныгы өйдөө, арай суолга биир мөһөөктөөх «кэтирииҥкэ» сытар буоллун. Ону баай икки дьадаҥы икки тэбис-тэҥҥэ көрбүт буоллуннар. Хайалара ылыар сөбүй?.. Дьадаҥы?.. Суох, хайа да суут дьадаҥыга биэриэ суоҕа. Этиэхтэрэ: «Эн хантан ылбыт бачча харчыгыный?» – диэн. Кимиэхэ биэриэхтэрэй?.. Баайга! Тоҕо?.. «Баай харчылаах… Баҕар, ол харчытыттан түһэрбит буолуон сөп», – диэн. Онон харчы куруутун ханыытын көрдүүр.

Итирэн хаалан, ити курдук ону-маны кэпсэтэн лахсыһа олорон, Лэгиэнтэй атыыһыт күлэн тэһэ барар:

– Сүөдээр, истэҕин дуо, эн бэйэҥ эмиэ «атыыһыт уола» буола сылдьыбыт эбиккин дии… Дьэ, бэтиэхэ, хэ-хэ-хэ!

Сүөдэр, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр. Маайа ханна да барыан булбат. Били Уйбаан Сэмэнэбискэ кэпсээбитин кэмсинэ саныыр.

– Ханнык атыыһыт? – Сүөдэр тойонуттан ыйытар.

– Оттон… Дьаакыбылап кулуба «атыыһыт уола» диэн сымыйа биэксэл оҥорон биэрбитэ… Дьэ, бэтиэхэ, хэ-хэ-хэ! «Хабырыллайап атыыһыт уола». Ха-ха-ха!

Сүөдэр кэргэнин Маайа диэки: «Итини хантан билбиттэрэй?» – диэбиттии көрүтэлиир. Маайа икки иҥин хаана, буспут дьэдьэн курдук, тэтэрэн баран, тугу да саҥарбакка эрэ туран, хоһун иһигэр киирэн хаалар.

Лэгиэнтэй атыыһыт, төһө да холуочугун иһин, дьонун саатырдыбытын өйдүүр. Кини, сыарҕа сыҥааҕа чөҥөчөккө иҥнэн тохтуурун курдук, тохтуу түһэр уонна ньымааттаһан барар:

– Дьэ, ити мин оонньуу кэриэтэ… Өһүргэнимэ дуу! Баҕар, Уйбаан Сэмэнэбис ол дьыаланы сүүйдэҕинэ – эһиги баай дьон буола түһүөххүт.

Сүөдэр тугу да өйдөөбөт. «Уйбаан Сэмэнэбис» диэн кими ааттыылларын, туох «үҥсүүтүн сүүйэллэрин» букатын билбэт.

Итини барытын Маайа бу түүн киниэхэ кэпсиир.

– Ол кумааҕыларбытын ылбыт киһибит сүтэн хаалла дии, – диэн Маайа улаханнык дьиксиммит быһыынан кэпсээнин түмүктүүр.

– Сүттэҕинэ, сүтэ да сырыттын… хаһан эмэ биллиэ, – Сүөдэр мичээрдиир. Маайа кэргэнэ мичээрдээбититтэн туохтааҕар да улаханнык үөрэр. Кинилэр дьоллоро диэн бэйэ-бэйэлэрин истиҥник, үчүгэйдик санаһаллара, итиитик таптаһаллара – ол эрэ.


* * *

Уйбаан Сэмэнэбис били Маайаттан ылбыт сымыйа биэксэл кумааҕыларын туппутунан Аркадий Романович Эховка көтөн түһэр. Кини Маайа тугу кэпсээбитин барытын кэпсээн биэрэр. Эхов маҥнай утаа, Харатаайап кулуба аатын истэн, хайдах эрэ чинэс гына түһэр уонна эмиэ саҥата суох сөҥөн олорон истэр.

– Кыыс аата ким диэний? – Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээн бүтүүтүгэр Эхов ыйытар.

– Маайа… Мария.

«Ама, били мин үөрэтэ сылдьыбыт кыыһым буолуо дуо?» – диэн санаа Эхов өйүгэр сындыыс курдук түргэнник элэс гынан ааһаат умуллан хаалар.

– Дьаакыбылап ньүдьү-балай, батталлаах, бэйэтин муҥур ыраахтааҕынан ааҕынар кулуба. Онон кини итинник быһыытыйбытыгар киһи дьиктиргиэҕэ суох. Кинини ити оҥоһуутугар сууттатыахха сөп. Оттон ол хамначчыт дьон билигин олорор ыаллара – Лэгиэнтэй атыыһыт Саха сиригэр саҥа үөскээн эрэр эргиэн капиталын биир соллоҥ представителэ. Кини, эмискэ көрдөххө, киһи үтүөтэ. Ханнык баҕарар үлэһитин кытта уруулуу да буоларын кэрэйиэ суоҕа. Ким кыһалҕалааҕы үбүлээччи, салҕааччы кини буолуо. Кини туһунан ким эмит куһаҕаны эттэҕинэ, чугас ыаллара «холуннараҕын» диэхтэрэ. Ол гынан баран кини Дьаакыбылаптааҕар угаайылаах илимнээх, уһун илиилээх, күүстээх дайбааһыннаах баай.

Уйбаан Сэмэнэбис ким хайдаҕын-тугун дириҥник ырыта барааччыта суох. Кини аан бастаан дьыаланы кытта билсэр, ол кэнниттэн – баай көрдөһөр буоллун, дьадаҥы үҥсэр буоллун – кыайыах буоллаҕына, ол дьыаланы ылынан үҥсэн барар идэлээх. Үҥсэ сылдьан, ол дьыалатыгар тартаран, олус үлүһүйэр, уутугар-хаатыгар киирэр. Оттон дьыала быһаарыллан бүттэҕинэ: «Ээ, ити дьүһүннээх дьыаланы ылынан үҥсэ сылдьыбыт эбиппин дуу?» – диэн, арыт бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэр.

– Бу дьыаланы, ылыннахха, киһи чахчы сүүйүө дуу, суох дуу? Ону ыйытабын! Мин ону сүбэлэтэ киирбитим, – диэн кини Эховтан быһаччы ыйытар.

– Киһи хайаан да кыайар дьыалата.

Уйбаан Сэмэнэбис бэркэ диэн үөрэ түһэр. Кини, субу суукка барыах курдук, ойон турар:

– Аркадий Романович, миэхэ дьыалатын оҥорон биэриэҥ дуо? Итиэннэ, арба, «Хабырыллайап атыыһыт уолабын» диэн сымыйа ааттана сылдьыбыт хамначчыт, Харатаайап кулуба кыыһын бэргэһэлээх эрэ, суукка эриллиэ суоҕа дуо?

Аркадий Романович күлэр. Кини икки сутуругунан остуолу охсор.

– Кыыс эрэ буоларын быһыытынан, биһиги кинини сокуоҥҥа түбэһиннэриэхпит суоҕа.

Дьэ ити кэнниттэн Аркадий Романович Эхов үҥсүү дьыалатын оҥорон барар. Кини, сотору-сотору тохтоон, Дьаакыбылап кулуба дьиикэй санаатын сөҕөн чыпчырынан кэбиһэр уонна, сокуон халыҥ кинигэтин ылан арыйан, тугу эрэ бэлиэтэнэн ылар.

– Харатаайап кыыһа улахан дьахтар дуу?

– Ээ, саха дьахтарыгар олус нарын, олус кырасыабай дьахтар.

– Оттон эрэ хайдах киһиний?

Уйбаан Сэмэнэбис эҥил баһын ыгдах гыннаран ылар: кини эр киһини өссө көрө илик.

Аркадий Романович эмиэ өр соҕус суруйар. Тугу эрэ дуумайдаан, хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталыыр.

– «Харатаайап кулуба кыыһа этим», – диир дуу?

– Инньэ диир… Ким билэр, баҕар, буолуо…

Уйбаан Сэмэнэбис, дьыалатын оҥорторон баран, мировой судьуйа тойоҥҥо илдьэн туттарар.

Судьуйа, Уйбаан Сэмэнэбиһи көрөн баран, мичик аллайар. Бу киһи сырыттаҕына кини хармаана хайаан да харчыланааччы.

– А-а, Уйбаан Сэмэнэбис, сылдьыбатаҕыҥ да ыраатта. Дьэ, туох саҥа дьыаланы булан киллэрдиҥ? – диэн баран судьуйа Уйбаан Сэмэнэбис биэрбит дьыалатын арыйан көрүтэлиир. – Тохтоо, тохтоо!.. Икки улуус кулубаларын иирсээннэрэ?.. Хайалара эйигин «үҥсээччинэн» оҥордо?

– Итиннэ баар.

– Аа, тохтоо!.. Каратаев кулуба кыыһа Мария… Ыарахан соҕус дьыаланы киллэрбиккин…

Уйбаан Сэмэнэбис саҥата суох ис сиэбиттэн сүүрбэ биэстээх күөхтүҥү өҥнөөх «александровканы» таһааран остуол үрдүгэр уурар.

– Чэ, үчүгэй, хааллар, – диэн баран судьуйа тойон харчыны ылан уктан кэбиһэр.

Уйбаан Сэмэнэбис аҕыйах хонон баран мировой судьуйа кэнсэлээрийэтигэр киирэр да, судьуйа тойон дьыала көрө олорор кэмигэр түбэһэр. Кини остуол начаалынньыгыттан кэлэн ыйытар:

– Власьевич, били мин киллэрбит дьыалам ханна тиийдэ?

Судьуйа остуолун начаалынньыга – Власьевич диэн кырдьаҕас оҕонньор – сахалыы да, нууччалыы да бэркэ билэр, куорат олохтоох нууччата. Кини былыр-былыргыттан судьуйаҕа суруксуттуур. Билигин остуол начаалынньыга дуоһунастаах. Бу дуоһунас төһө да үрдүк чыын буолбатаҕын иһин, кини добуоччу үчүгэйдик олорор. Ким баҕарар билэрэ: «Власьевичка үстээҕи, биэстээҕи ытыһыгар уура иликкинэ, хайа да бэйэлээх дьыала кини остуолуттан сыҕарыйбат», – диэн.

Власьевич бу Уйбаан Сэмэнэбиһи бэркэ диэн билэр. Соҕотох киниттэн үстүүнэн, биэстиинэн үгүһү ылбыта буолуо.

– Ээ, Уйбаан!.. Эн дьыалаҥ ыраатан турар… Оттон ханна оччо ырааппытын – соболоҥо суох ким кэпсиэй! – диэн баран, Власьевич күлэр.

– Эн буолан баран хайыаххыный? Манньата суох биир тылы этиэҥ баара дуо!

– Куһаҕанын эттэххэ, оннооҕор куобах тириитэ уҥунуоҕа суох имиллибэт.

Уйбаан Сэмэнэбис ууммут үстээх кумааҕы харчытын остуол начаалынньыга ылан ыстаанын киэҥ сиэбигэр кистээн кэбиһэр.

– Эн дьыалаҥ Бүлүү уокуругун исправнигар ыытыллыбыта. Кини Каратаев кулубаттан «чахчы маннык буолбута» диэн сурук ылан ыыттаҕына көрүллүөхтээх, – Власьевич атын дьыалалары бэрийбитинэн барар.

Уйбаан Сэмэнэбис ыксыыр. Харатаайап кулуба кыыһа ханна барбытын, кими кытта олорорун билэрэ буоллар, баччааҥҥа диэри ылы-чып олоруо суох этэ. Ити аата, дьыала ыраатар, булкуллар буолбут.

– Власьевич, өйдөө, Харатаайап кулуба, кыыһа өлбүтүн-тыыннааҕын, кими кытта олорорун билбэт буолан баран, хайдах туоһулуон, онно ыыппыккытый?

Власьевич оҕонньор ачыкытын тааһын үрдүнэн көрүтэлээмэхтээн кэбиһэр:

– Мин ону тугун билиэхпиний? Мин дьыалам кыра. «Ыыт» диэбиттэрин ыыппытым. «Хайыта тыытан уокка бырах» диэбиттэрэ буоллар, уокка бырахпыт буолуом этэ… Сокуон хараҕа ол курдук этэр.

Уйбаан Сэмэнэбис мировой судьуйа кэнсэлээрийэтиттэн санаата түһэн тахсар. Кини эмиэ сүбэлээччитигэр Аркадий Романович Эховка кэлэр уонна мировой судьуйа тойон кини дьыалатын ханна ыыппытын кэпсээн биэрэр. Эхов өр соҕус саҥата суох олорбохтуур:

– Дьыала ырааппыт.

– Кыыс дьонуттан суруга да суох, манна баар дьоннору ыҥыртаан ылан, кинилэртэн ыйыталаһан, тугун-ханныгын билэн баран, манна сууттуур кыахтара суох буолуо дуо? – Уйбаан Сэмэнэбис ыйытар.

– Хайдах оннук кыах суох буолуой – баар. Ону судьуйа тойон ырааҕынан эргитэр, угаайытын элбээтиннэрэр быһыыта буоллаҕа дии. Кини онтон ночооттонуо суоҕа – барыстаныа! Суукка дьыала төһө уһуннук сылдьар да, судьуйа тойон соччонон барыстанар…

Уйбаан Сэмэнэбис киллэрбит дьыалата Бүлүү исправнигар ыытыллыбытыттан ыла уһун кыһын ааһар. Арай биирдэ, куорат уулуссаларын хаардара харааран эрдэхтэринэ, Уйбаан Сэмэнэбис «дьыалатын» билсэ эмиэ мировой судьуйа кэнсэлээрийэтигэр киирэр. Власьевич оҕонньор, кинини көрөөт:

– А-а, Уйбаан, көһүт, олоро түс! – диэн баран, судьуйа тойон кабинетыгар киирэн хаалар.

Сотору буолаат, Уйбаан Сэмэнэбиһи судьуйа тойон кабинетыгар ыҥыраллар.

Улахан остуол кэннигэр, кыһыл көмүс дуйдаах, икки бастаах аарыма өксөкү көтөр, «барыгытын саба охсуом!» диэбиттии, икки кынатын саратан, айахтарын атан, тордуохтаах уһуктаах кыһыл тылларын таһааран олорор сэксээлэтин утарытыгар судьуйа тойон дьоһумсуйан олорор. Кини Уйбаан Сэмэнэбиһи урут хаһан да көрө илик киһи курдук туттар, тыбыс-тымныынан көрүтэлиир. Уйбаан Сэмэнэбис дорооболоспутугар тугу да хардарбат. Өр соҕус ол курдук иҥиэттэн олорбохтоон баран, судьуйа эмискэ күргүйдээн тоҕо барар:

– Эйигин албын киһи эрэ буолуо дии санаабат этим… Сирэйэ-хараҕа суох сымыйаччы эбиккин!..

Уйбаан Сэмэнэбис, хаһан да истиэм диэбэтэх тылларын истэн, итии уунан саба ыстарбыт курдук, эт-этэ барыта итийэ түһэр, көлөһүнэ саккырыы тохтор.

– Судьуйа тойон, мин тугу да сымыйалаабыппын өйдөөбөппүн ээ…

Судьуйа саҥата суох остуолун дьааһыгыттан дьыаланы ылан иннигэр уурунар.

– Каратаев кулуба кыыһа – Мария былыргы үйэҕэ өлбүт… Хаһааҥҥыттан эн өлбүт дьон иннигэр үҥсээччи буолбуккунуй? Өлбүт кыыс эйигин ханна көрсөн, үҥүс диэн дьыалатын биэрбитэй? Хаһааҥҥыттан өлбүт дьон дууһалара бу орто дойду суутугар үҥсэр-харсар буолбуттарай?.. Мин үгүс сымыйаччылары көрсүбүтүм да, эн курдук баламат сымыйаччыны көрө иликпин! – диэн баран, судьуйа тойон «дьыаланы» ыраах остуол ортотугар «сар» гына быраҕар. – Бу дьыалаҕар бэйэҕин сууттуохха сөп!..

– Дьоно билбэттэр… Харатаайап кыыһа билигин эринээн Киллэмҥэ, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха, олороллор… Кыыс дьонуттан күрээн кэлбит, – диэн Уйбаан Сэмэнэбис судьуйа тойону өйдөтө сатыыр.

– Тоҕо сирэйэ-хараҕа суох сымыйалыы тураҕыный? Аҕата кыыһа хаһан өлбүтүн, ханна көмүллэ сытарын кытта биһиэхэ суруйар. Кими итэҕэйиэххэ сөбүй – эйигин дуу, өлбүт оҕотун көммүт киһини дуу?

Уйбаан Сэмэнэбис туох да диэн булбат: «Киллэмҥэ олорор дьахтар миэхэ сымыйалаабыта буолуо дуо?.. Суох, хайдах да сымыйа буолуон сатаммат!».

– Судьуйа тойон, оттон били сымыйанан оҥоһуллубут биэксэллэр?.. Нам улууһун Инородческай быраабатын гербовай бэчээтэ ууруллубут буолбат дуо? Ол эмиэ сымыйа дуу?

– Былыр үйэҕэ өлбүт дьахтары «тыыннаах» диэн, кини аатыттан үҥсэ сылдьар дьон, итэҕэлгит суох. Ити даҕаны биэксэллэри ким оҥорбута өссө биллибэт.

Уйбаан Сэмэнэбис олус ыксыыр. Кини билэрэ, сатыыра эрэ – сууттаһыы. Онон аһаан, онон таҥнан, онон үптэнэн олорор киһи судьуйа тойоҥҥо ити курдук итэҕэлин сүтэрэн баран, аны тугунан аһаан, идэлэнэн киһи буоларый?

Судьуйа, киһитэ ыксаабытын көрөн аһынна дуу, урут куруутун бэрик ыларын өйдөөтө дуу быһыылаах, кини диэки көрүтэлээн баран этэр:

– Аҕата тугу суруйарын бэйэҥ ылан көр!

Уйбаан Сэмэнэбис, дьыаланы ылан, Орто Бүлүү кулубата Харатаайап мантан ыйытыыга тугу хардарбытын ылан ааҕар уонна, балаҕан үрдэ барыта кини төбөтүгэр түһэн баттаабытын курдук, саатыттан төбөтүн ньүкүччү туттан, аанын нэһиилэ булан, саҥата суох тахсан барар.


* * *

Маайа кэргэнэ үчүгэйдик сылдьан кэлбититтэн, оҕото Сэмэнчик үнэн дьиэ иһин биир гына хастыырыттан, сааскы күн сырдыгыттан-сылааһыттан санаата көтөҕүллэн, үөрэ-көтө сылдьар. Ол курдук олордоҕуна дьиэ иһигэр Уйбаан Сэмэнэмис көтөн түһэр. Маайа бачча тухары көһүппүт киһитэ кэлбититтэн эбии сэргэхсийэн кэлэр. Кини, Уйбаан Сэмэнэбис дорооболоһуо, кэпсэтиэ дии санаан, саҥата суох көһүтэн көрөн баран, киһитэ тугу да саҥарбатаҕыттан дьиктиргээн ыйытар:

– Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсээниҥ?

– Кэпсээн!.. Кэпсэл диэн ханна барыай?! – ыалдьыт киһи өс-саҕа курдук хардарар.

Маайа, сирэйэ кытара түһэн баран, уоска оҕустарбыт курдук, ах баран хаалар.

Уйбаан Сэмэнэбис саҥатын истэн, Лэгиэнтэй атыыһыт түгэх хостон тахсар:

– Бу хайа диэки бардыҥ?

– Манна кэллим.

– Били «үҥсүөм» диэн ылбыт дьыалаҥ?.. – Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьыта кини диэки куһаҕан баҕайытык көрбүтүттэн тохтуу түһэр.

Уйбаан Сэмэнэбис тугу да саҥарбат. Маайа саҥата суох чэй оргута тахсар. Хос иһигэр Лэгиэнтэй атыыһыт Уйбаан Сэмэнэбистиин иккиэйэҕин хаалаллар. Ыалдьыт, аан диэки көрө-көрө, бэрт улахан суолталааҕы кистээн кэпсээн эрэрдии сибигинэйэр:

– Ити дьахтар биһиэхэ кэпсээбитэ барыта – сымыйа… Харатаайап кулуба: «Соҕотох Маайа диэн кыыстааҕым өлбүтэ, дьиэм аттыгар уҥуоҕа көмүллэ сытар», – диэн суруйбут суругун бүгүн аахтым.

Ити кэпсээнтэн Лэгиэнтэй атыыһыт бэрт улаханнык соһуйар.

Сотору соҕус Маайа, остуолга чэй туруоран, дьонун ыҥыртыыр. Киниттэн куттаммыт дуу, дьиктиргээбит дуу курдук көрө-көрө, ыалдьыттаах тойон аһыы киирэллэр. «Туох буоллахтарай?» – диэн Маайа таайа саныыр да, туох да диэн булбат. Кини чэй кута олорон:

– Били миигиттэн ылбыт кумааҕыларгын ханна тиэртиҥ? – диэн ыйытар.

Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыттыын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Уйбаан Сэмэнэбис көхсүн этитэн, күөмэйин оҥостон баран, аа-дьуо этэр:

– Алҕас ылыммыт эбиппин.

– Хайдах?

– Хайдах диэн, эн дьыалаҕын ылынан улахан саакка киирдим.

Маайа туох да диэн, ханна да барыан булбат. Лэгиэнтэй атыыһыт киниттэн хараҕын араарбат, хас хамсааһынын барытын кэтээн көрө олорор.

– Эн Харатаайап кулуба кыыһа буолбатах эбиккин, – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Хайдах ити курдук сирэйэ-хараҕа суох сымыйалыыгыный? Миигин, акаарыны, итэҕэппитиҥ иһин, сууту итэҕэтэр кыаҕыҥ суох!..

Маайа, хос иһиттэн куотан тахсан бараары хаста да өгдөҥнөтөлөөн көрүтэлээн баран, «куоттахпына, ити этэрэ барыта кырдьык курдук көстүө» диэн туттунар:

– Баччааҥҥа диэри кинилэртэн төрөөбүтүм дии саныырым… Хайыахтарай, баай дьон ыал хамначчыта буолбут кыыстарын билиниэхтэрэ дуо?

Уйбаан Сэмэнэбис Маайа этэрин бэркэ диэн сөҥөн олорон истэр. Кини эмиэ бу дьахтар этиитин итэҕэйэр.

– Харатаайап кулуба… «кыыһым… өлбүтэ» диэн суруйбут…

Маайа сирэйэ кубарыйа түһэр. «Кыыһым өлбүтэ…» – диэн ботугураат, кини остуолга төбөтүн ууран ытаан барар. – Миигин «өлбүтүнэн ааҕаллар… Оо, ийэм эрэйдээх төһө эрэ хараҕын уутун тоҕон эрээхтиирэ буолла?!».

Маайа, остуолтан ойон туран, ытыы-ытыы, хоһун диэки барар.

Уйбаан Сэмэнэбис, өр соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, Лэгиэнтэй атыыһыкка сибигинэйэр:

– Ама, итинник дьааҥы кыылын курдук нарын бэйэлээх албынныыра буолуо дуо? Суох, кини албынныар сатаммат…

Лэгиэнтэй атыыһыт үүн тиэрбэһин курдук төп-төгүрүгүнэн эриличчи көрүтэлээн кэбиһэр:

– Кини эмискэ сүтэн хаалбытын дьоно, баҕар, «өллөҕө» да диэхтэрин сөп: сүтүктээх сүүс аньыылаах. Итини барытын биһиги Сүөдэртэн бэйэтиттэн истиэхпит. Кини сотору кэлэрэ буолуо, Намҥа тахсар суол төрдүнээҕи күөлгэ кус кэтиир дурданы тута барбыта.

Сотору соҕус Сүөдэр кэлэр. Кинини Лэгиэнтэй атыыһыт Уйбаан Сэмэнэбистиин тэлгэһэҕэ көрсөллөр.

Сүөдэр Уйбаан Сэмэнэбиһи урут бу ыалга олорор эрдэҕинэ хам-түм көрөр буолара. Онон билсэр дьон быһыытынан көрсөллөр.

– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытардаахпын, – Уйбаан Сэмэнэбис Сүөдэр дьиэҕэ киирээри гыммытын тохтотор. – Эн кэргэниҥ чахчы Харатаайап кулуба кыыһа дуо?

«Ыйыттаҕа баҕас тугун дьиктитэй, олуонатай?» – дии саныы-саныы Сүөдэр бэрт холку баҕайытык этэр:

– Харатаайап кулуба кыыһа – онно туох баарый?

– Суох… Суох… туох да суох… – дии-дии Уйбаан Сэмэнэбис тэйэ хаамар. Кини Лэгиэнтэй атыыһыттыын олбуор иһигэр иккиэ хаалан, бэрт өр тугу эрэ сибигинэһэн сүбэлэһэллэр.




IV


Маайалаах Сүөдэр быйыл саас хамнастарын аахсан, сүөһүлэрин ылан, туспа ыал буолар баҕаларын Уйбаан Сэмэнэбис кэлэ сылдьан үрэйэн кэбиһэр. Маайа туспа ыал буоларыттан тоҕо эрэ куттанар курдук. Онон Лэгиэнтэй атыыһыттаахха аны үһүс сылларыгар үлэлиир буолаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт онтон үөрүүтэ-көтүүтэ улахан. Кини Сүөдэр курдук көнө, үчүгэй үлэһити, кини баайын иһин уокка да, ууга да киирэриттэн кэрэйбэт киһини хантан булуой?! Оттон дьиэ үлэтигэр Маайаҕа тэҥнээх эмиэ ким кэлиэй?

Сүөдэрдээх Маайа сайын барахсан кэлэн ааһа охсубутун үчүгэйдик өйдөөбөккө хаалаллар. Хайа сахха күһүн кэлэн, сыарҕа хаара түһэн кэбиһэр.

Сүөдэр тойонун Лэгиэнтэй атыыһыт таһаҕаһын Маачаҕа киллэрэ айаҥҥа барар. Маайа ыарыһах хотунун көрө, бүөбэйдии, Лэгиэнтэй атыыһыт хоноһолорун, ыалдьыттарын аһата хаалар.

Уйбаан Сэмэнэбис буоллаҕына хаар түһэрин, муус тоҥон суол турарын кытта, Харатаайап кулубаны сирэй көрсөн кэпсэтээри, Орто Бүлүүгэ айанныыр. Кини хас да хонук устата айаннаан, Орто Бүлүү улууһун булар. Хампа диэн улуус быраабата баар сиригэр киэһэлик соҕус тиийэр. Улуус быраабатыгар ким да суох эбит. Дьон кини киириэн иннигэр аҕай тарҕаспыт быһыылаахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис чугас хонор ыал көрдөһөөрү таһырдьа тахсар. Бырааба чугаһыгар турар дьиэҕэ киирэр. Дьиэ иһэ борук-сорук. Көмүлүөк оһох маһа умайан, төлөннөнөр кэмэ ааһан, кыһыл чоҕунан көрбүт. Оһох аттыгар иттэ турар эмээхсин, ытыраары гыммыт курдук, айаҕын аппатан, уһун, саһархай аһыыларын көрдөрө-көрдөрө, Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар:

– Бу, хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? Дьокуускайтан даа? Ы-ы-ы! Ырааппытын баҕаһын! Ол туох соруктаах буолан, бу дойду буоругар үктэнниҥ?

– Эһиги улуускут кулубатыгар – Сэмэн Харатаайапка наадалаах кэллим, – диир Уйбаан Сэмэнэбис.

– Ол эрэйдээх саҥардыыҥҥыта дьиэтин диэки баран эрэрэ, ол ыал олохторугар муор-туор буолбуттарын истибит киһи сылдьар инигин?.. – диэт, эмээхсин үөһэ тыынан кэбиһэр. – Суос-соҕотох кыыс оҕолоохторо, бэйэтэ даҕаны урут бу буорга үөскээбэтэх кэрэ, үчүгэй оҕо, эмискэ…

Уйбаан Сэмэнэбис тыыммат да, чыпчылыйбат да, бу эмээхсин туох диирин саҥата суох иһиллээн олорор, оһоххо оттуллубут кураанах мас умайан таһыргыырын иһигэр абааһы көрө саныыр.

– Өлөн хаалбыта… Өлөн да диэн, манна киһи суоҕуна эттэххэ, сүтэн хаалбыта. Ону биһиги «кырдьаҕаспыт», көрүүлэнэн, моҥнон баран, ууга барбыт диэбитэ… Дьэ, онтон ыла… сатамматар эрэ барыта наар аанньа буолан иһээччи… Ээ, бу сирэйэ сытыйбытыҥ баара, ынахтарбын киллэртиирбин харааччы умнан кэбиһэн баран олорор эбиппин буолбат дуо?! – диэн эмээхсин, кэпсээнин ситэрбэккэ эргэ сону кэтэн, борооххой саал былааты баанан, таһырдьа тахсан барар.

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин ситэрбэтэҕиттэн кыһыйа саныыр. Сотору уокка ууруллубут алтан чаанньык оргуйан, уута таһынан барар. Ким да суоҕун көрөн, Уйбаан Сэмэнэбис ол чаанньыгы тыаҕа тардар.

Өөр буолан баран, били таһырдьа «сүөһүлэрин киллэртии» барбыт эмээхсин, аны оһоҕун кэнниттэн, хотонуттан тахсан кэлэр. Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаат, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Таһырдьаттан киирбит эрэ киһини чэйдэтэр, итии киллэрэр уонна кинини кытта ону-маны кэпсэтэр – саха ыалын абыычайа.

Уйбаан Сэмэнэбис, чэйдии олорон, били эмээхсин ситэрбэтэх кэпсээнин ситэ истээри:

– Дьэ, ол оҕолоро сүппүтүн кэннэ? – диэн ыйытар.

– Ы-ы-ы! Киһи баччаҕа, таһырдьа хараҥа буолтун кэннэ, кэпсэппэт, саҥарбат үлүгэрэ кэлбитэ… Харатаайап кулубалаах кыыстара илэ сылдьар абааһы буолбута… Үс аарыма ойуун, кэрэх көтөҕөн үтэйэннэр, билигин биллибэт… Дьэ, онтон ыла…

Уйбаан Сэмэнэбис этэ тымныйан, куйаҕата ытырбахтаан ылыталыыр. «Ама, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорор дьахтар – илэ сылдьар дэриэтинньик буолуо дуо? – диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. – Сымыйа буолуо, ама, дэриэтинньик, киһи курдук, эрдэнэн, оҕо төрөппүт үһүө».

Тииһэ суох эмээхсин ол киэһэни быһа Харатаайап кулуба кыыһа Маайа хайдах абааһы буолан сылдьыбытын, тугу оҥорбутун кэпсиир:

– Сэгэриэм, манна киһи суоҕар эттэххэ, Сэмэн кулуба бэрт тордурҕас, дохсун майгылаах киһи этэ… Кини быһа-хото баттаабыта төһө да иһиллибэтэҕин иһин, баттыгаһа суох баай диэн баар буолуо дуо? Мин оҕонньорум күн бүгүнүгэр диэри киниэхэ хас сайын аайы отун оттуур, кыһынын аайы маһын мастыыр да – киһи ыллым ээ диир гына илиитигэр тутан хамнаһын аҕалбыта диэн суох… Ити, манна киһи суоҕар эттэххэ, Улахан Эбэ диэн сири хордорбут аньыыларыгар оҕолорун Эбэ иччитэ ылан барбыта… Көр, Эбэ иччитэ уу түһэригэр дьахтар буолан Бөчөөх оҕонньордооххо киирэн тахсыбыт этэ…

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин маҥнай утаа олус сонургуур, онтон кэлин, итэҕэйиминэ, истиэн да сүрэҕэлдьиир. Эмээхсин кэпсээнин ис хоһооно барыта «үөр», «Эбэ иччитэ», «абааһы» этэ.

Эмээхсин, Уйбаан Сэмэнэбис итэҕэйэригэр-итэҕэйбэтигэр кыһаллыбакка, кэпсии-дойҕохтуу олорор:

– Улахан Эбэ хоруутун хаһалларыгар бэрт үгүс киһи хара көлөһүнэ тохтубута. Буорун хааһахха хаалаан, быанан соһон таһаараллара. Оннук дириҥ хорууну хаспыттара. Көр, улахан сири тыытар, хорор – бэрт аньыылаах буолааччы!.. Оо, Сэмэн кулубалаах ол өлбүт кыыстарын олус да таптыыллара. Биир нуучча бэһиэччигин дьиэлэригэр олордон, кыыстарын кыра эрдэҕинэ үөрэттэрэ сылдьыбыттара… Хата, киһи куһаҕантан күлүө да кэлэр ээ! Ол учууталлара кыыстарын: «Таҥара да суох, абааһы да суох!» – диэн үөрэппит үһү. Ону маннааҕы баачыка билэн, ол бэһиэччиги киэр үүрдэрбит үһү. Ол аньыыларыгар кыыстара, бэйэтигэр тиийинэн өлөн баран, илэ барбыта…

Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ, эмээхсин икки уолаттара хантан эрэ ыраахтан от тиэйэн, тоҥон-хатан кэлэллэр. Оҕолоро кэлэрин кытта эмээхсин им-ньим барар.

Бу түүн Уйбаан Сэмэнэбис букатын утуйбат. Кини Киллэмҥэ олорор дьахтар «Маайабын» диэн чахчы сымыйалаабыт дии саныыр. Кини хайдах да Харатаайап кулуба кыыһа буолуон сатаммат курдук.

«Оо, аан дойду үрдүнэн эҥин-эҥин да дьоннор бааллар ээ. Сахалар кырдьыгы этэр буолаллар эбит: «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн, – дии саныы-саныы, Уйбаан Сэмэнэбис оронугар өрө мөхсө сытар. – Кини, сымыйанан Харатаайап кулуба кыыһа буолан, тугу туһанарый? Мин бу тугум кыһалҕатыгар туораттан кыбыллан, саакка киирбит муҥум буолуой?»

Уйбаан Сэмэнэбис сарсыарда, чэйдээн баран, Орто Бүлүү улууһун быраабатыгар кулубаны көрсө барар. Харатаайап кулуба быраабатыгар эрдэ кэлэр үгэстээх эбит. Уйбаан Сэмэнэбис саҥардыы ону-маны кэпсэтэн, билсэн эрдэҕинэ, аан аһыллар – модьуун сиэбит борооскутун курдук, түүтэ түспүт, лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр. Кини хаамар-хаампат икки ардынан сыҕарыйан кулуба тойоҥҥо чугаһыыр:

– Күн баһылыктарыам… Хайа муҥун мин сордоох итинник атаҕастабылга-баттабылга олоруохпунуй?.. Хаппытыанап кинээс бороҥ атыырын үөрэ, түөрт уонча сылгы, биир от сыыстаахпын, күрүөтүн сиҥнэри анньан киирэн, сиэн-тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйэҕит да тойоннооҥ, биир ынахтаахпын тугунан аһатан дьыл таһаарабын?

– Кинээскин кытта кэпсэттиҥ дуо? – Харатаайап кулуба ыйытар.

– Э-э-э! Кинээс мин сордоох тылбын истиэ дуо?! Дьиэтиттэн үүрэн таһаарда, ол иһин бу кэллим ээ.

– Бырыһыанньата суруттаран киллэр – көрүллүө.

– Бырыһыанньа да-а? Ол мин хантан суруксуту булан суруттарабыный? Арай баачыкаттан көрдөһүөх баҕайым дуу? – дии-дии оҕонньор тахсан барар.

– Миэхэ туох соруктаах буолан, бачча ыраах сиртэн кэлбит киһигиний? – диэн Сэмэн Харатаайап Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар.

Уйбаан Сэмэнэбис хайдах кэпсэтиитин саҕалыан сатаан булбат, аһыыга ылларбыт оҕонньортон өлбүт оҕотун туһунан ыйыталаһыан хайдах эрэ толло саныыр.

– Мин кэлбит соругум диэн… быһатын эттэххэ… Эн хас оҕолоох этигиний? – диэн кини олуонатык ыйытар.

Сэмэн Харатаайап бу киһи көһүппэтэх суолун ыйыппытыттан улаханнык соһуйар, дьиктиргиир, мэктиэтигэр чинэрис гынан ылар.

– Ол, мин хас оҕолоохпор тоҕо кыһаммыт киһигиний? – бэрт суостаах баҕайытык туттан олорон, кулуба хардары ыйытар.

Суох, Уйбаан Сэмэнэбис бу киһиэхэ Киллэмҥэ олорор дьахтар туһунан кэпсээн биэрдэҕинэ сатаныыһык. Онон кини, быһыта-орута да буоллар, Киллэмҥэ олорор Маайа туһунан кэпсиир.

– Кэргэнин аатын ким диэтиҥ?.. Араспаанньата?.. Суох, сымыйа… Быладьыымарап диэн араспаанньалаах киһини букатын истибэтэҕим… Э-э?.. «Хабырыллайап атыыһыт уола?» Оннук ааттаах киһи кырдьык сылдьыбыта… кэпсэппитэ… – диэн Харатаайап кулуба, Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээнин сэргиэх курдук буолан иһэн, эмискэ куолаһа тымныйа түһэр. – Ити кэпсиир дьахтарыҥ биһиги кыыспыт буолбатах… Мин суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ… Онтон ураты оҕобут суох…

Сэмэн оҕонньор, бу олорон, былырыын кыһын кэлэ сылдьыбыт суругу өйдүүр. Онно эмиэ итинник ааттаах сиргэ: «Эн кыыһыҥ олорор дуо?» – диэн ыйыппыт этилэр. «Ити аата, ама маннааҕы кырдьаҕастар, үтэйдибит диэн, оҕом айыытын ол сиргэ тиэрдэн кэбиспиттэрэ буолуо дуо?» – дии санаан, оҕонньор олус куттанан кэлэр. Оннук эрэ буоллаҕына, кыыстара кинилэри эмиэ булара, манна эмиэ кэлэрэ буолуо. Итинник санаан, Харатаайап Киллэмнээҕи дьахтар мин кыыһым буолбатах диэн кыккыраччы мэлдьэһэргэ быһаарынар.

Уйбаан Сэмэнэбис, оҕонньор тугу эмэ эбии саҥарыа диэн көһүтэн көрөн баран:

– Хайдах гыныахпытый?.. Өлбүт аата – өлбүт, – диир уонна тахсан барар.




V


Сэмэн Харатаайап өр соҕус саҥата суох олорбохтуур. Кини мантан тахсан барбыт Уйбаан Сэмэнэбиһи төттөрү ыҥыран киллэрэн, ол «Харатаайап кулуба кыыһынабын» диир дьахтар туһунан үчүгэйдик иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕын кэмсинэ саныыр. Кини бу күн устата иирбит дуу, итирбит дуу курдук сылдьар. Быраабаҕа өр тулуйан олоруо суох буолан, киэһээҥигэ тиийбэккэ, дьиэтигэр барар.

Сэмэн оҕонньор, дьиэтигэр да кэлэн, олоруох да, туруох да сирин булбат, дьиэтин иһин биир гына төттөрү-таары хаамыталыыр.

– Бу туох буоллуҥ? Ыарыйдыҥ дуу? – кэргэнэ Ылдьаана дьиктиргээн ыйытар.

– Суох, туох буолан ыарыйдамый! – оҕонньор бэрт ыараханнык үөһэ тыынан ылар уонна, улаханнык сылайбыт курдук, хараҕын халтаһатын арыычча атытан, Ылдьаана диэки көрүтэлиир.

Ылдьаана Маайа сүтүөҕүттэн ыла быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара эрэ ордон хаалбыт. Мэктиэтигэр, уҥуохтуун намтаабыт курдук буолбут. Ыас хара баттаҕын икки чанчыктара маҥхайан көстөр буолбуттар. Икки хараҕын, уоһун тулата биллэ мыччыстыбыт.

Сэмэн оҕонньор бүгүн туох буолбутун кэргэнигэр Ылдьаанаҕа хайаан да кэпсээтэҕинэ сатаныыһы, – оччоҕо эрэ уоскуйууһу.

– Кэл эрэ, манна олор, – диэн Ылдьаананы ыҥырар.

– Тоҕо ыҥырдыҥ? Туох баарый? – Ылдьаана куттаммыт курдук ыйытар.

Оҕонньор, дьиксиммит курдук, дьиэ иһин тула көрбөхтүүр, хос аанын үчүгэйдик сабар. «Ама, эмиэ оҕобут үөрэ күөрэйдэҕэ дуу?» – дии санаан Ылдьаана ыксыыр, көхсө кыарыыр, тыына кылгыыр, сүрэҕэ, тырыта баран эрэр курдук, аһыйталаан ылыталыыр.

– Биир дьикти суол баар буолла, – Сэмэн сибигинэйэр былаастаан этэр.

«Оо, сорбут да баар буолар эбит. Эмиэ оҕобут биһигини сүгүн олордумаары гыммыт муҥа буолуо дуо?» – дии санаан, Ылдьаана хараҕа хараҥара түһэр:

– Дууһабын эрэйдээмэ, туох баар буолла? Эт!

Сэмэн оҕонньор Ылдьаана аттыгар кэлэн олорор уонна аргыый аҕай этэр:

– Былырыын… Сааһыары кыһын, сыарҕа суола алдьана илигинэ… Чэ, биир тылынан эттэххэ, оҕобут Маайа туһунан ыйытык…

– Көрсөн кэпсэппит оҕо көстүбүт дуо? – диэн Ылдьаана тулуйумуна быһа түһэн ыйытар.

– Бэйи, тохтоо, ыйытык сурук кэлбитэ… Мин ону: «Оҕобут өлбүтэ, онтон атын оҕобут суох», – диэн харда суруйан ыыппытым.

«Оҕобут өлөн баран, үөр буолан, биһигини була сылдьыбытын туһунан истэн ыйытык сурук суруйдахтара. Оо, сааппыт да баар буолар эбит!» – дии саныыр Ылдьаана. Кини, былаатын төбөтүн тииһигэр ытыран олорор, субу ытаан төлө барара чугаһаабыт быһыылаах.




Конец ознакомительного фрагмента.


Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614559?lfrom=390579938) на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.


Төлкө Николай Золотарев

Николай Золотарев

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 08.05.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Николай Якутскай бу норуокка киэҥник биһирэммит айымньытыгар сахалар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи олохторо, Бодойбоҕо оробуочайдары ытыалааһын, Саха сиригэр Гражданскай сэрии саҕанааҕы тыҥааһыннаах быһыы-майгы сырдатыллар.

  • Добавить отзыв