Баай барыылаах Байанайдан
Андрей Антонович Яковлев
Кинигэҕэ ааптар чуолаан эдэр булчукка туһалаах сүбэлэрэ, Ийэ Айылҕаҕа тус сыһыана, булчут ыырыгар көрсөр араас быһылааннара, түүл-бит, сиэр-майгы тиэмэлэригэр суруйбут кэпсээннэрэ уус-ураннык ойууланан киирдилэр.
Яковлев Андрей Антонович
Баай Барыылаах Байанайдан!
Күн сирин кэрэтин бэлэхтээбит төрөппүттэрбэр
Иванова Фатима Наумовнаҕа,
Яковлев Антон Федоровичка аныыбын
I. Булчут үөрэҕэ
Булка сыһыаннаах быһаарыылаах өйдөбүллэр
Биһиги, булчуттар, ураты дьоммут. Улахан бултан эргиллэн киирдэхпитинэ, халба кус курдук «суохтан» атыны билбэппит. Оттон дьиэ таһыгар бултаннахпытына, оннооҕор өлөрбүт биир чыркыйбытын хонук аайы ахсаанын элбэтэн, өҥнүүн-түүлүүн уларытан, хааска тиийэ үлүннэрэн кэпсиир ураты дьоҕурдаахпыт. Хор, дьэ, итинник дьоммут биһиги – булчуттар.
Булт да араастааҕын курдук, булчуттар байанайдаах уонна байанайа суох, сүрэхтээх уонна сүрэҕэ суох диэн арахсаллар. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да бултуйуу уһун күннээх, сыралаах, дьаныардаах үлэ кэнниттэн биһирэмҥэ тиксэр. Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас бэлэҕэр тиксэн бултуйаҥҥын, булка көрсүбүт ыарахаттаргын, эрэйгин-муҥҥун барытын умнан, ыаммыт үүт үрүт сыатын халбыйан ылар курдук, өйүҥ-санааҥ бултаабыт булкуттан үчүгэй эрэ өттүн илдьэ хаалаҕын. Ол иһин бултуйбут эрэ өттүгүн өрүү тумус туттан ыаһах оҥостоҕун. Оттон булка көрсүбүт ыарахаттаргын хаппахчыҥ түгэҕэр үтэйэ кистиигин.
Мин булка саҥа уһуйулла сылдьар эдэр дьоҥҥо сүбэ курдук, бу эйгэҕэ сыһыаннаах өйдөбүллэри, бултааһын ураты көрүҥнэрин, албастарын, эҥин-эгэлгэ тэрээһиннэр тустарынан кэпсииргэ холоннум.
Бастатан туран, эдэр булчут, ханнык баҕарар булт дьаныардаах үлэнэн ситиһиллэрин кытаанахтык өйдөөн тураҥҥын, булт аартыгар[1 - Аартык – суол саҕаланар төрдө.] турунуох тустааххын. Бултуохтаах сиргэр киирэр холлороон, ыллык, суол саҕаланар төрдүгэр ас кээһэн эбэтэр сиэл баайан, барыахтаах сиргэр бэлиэ хаалларар эбээһинэстээххин. Бу сириҥ – бултуур аартыгыҥ буолар.
Мин маннык сиргэ үксүгэр сүүмэх сиэли мас лабаатыгар баайабын. Бу үгэһи куһаҕан тыыннар батыспатыннар, бултуур турукпун ыспатыннар, сырыыбар мэһэйдэспэтиннэр диэн өйдөбүлтэн толоробун.
Бултуур Эбэбэр[2 - Эбэ – бултуур күөл харысхал аата.] кэллэрбин эрэ Эбэм таһаатын көрө охсоору тиэтэйэбин, кэрии саҕатыгар алаадьы, сиэл кээһэбин. Бу үгэһи тутуһуу, бастакынан, сиргэ-уокка кэлбит ахтылҕаҥҥын таһаарыы бэлиэтэ; иккиһинэн, Эбэ салгынынан сайа тыынаҥҥын, Эбэ Хотун айылгытынан биир турукка киирии; үсүһүнэн, Эбэҕэ кэлбиккин биллэрии; төрдүһүнэн, ахтан-санаан кэлбиккин биллэрэн, Эбэ Хотуҥҥа дьиэттэн илдьэ кэлбит кэһиигинэн айах тутан күндүлээһин.
Курдары тартаран кэлбит Эбэҕин көрөн-истэн бараҥҥын, чэйдэнэр уугун баһаҥҥын, үүтээҥҥэр тахсаҥҥын кулуһуҥҥар[3 - Кулуһун – күөс күөстэнэр кутаа онно.] уонна үүтээниҥ оһоҕор буруо таһааран, уот оттон ас кээһэҕин. Ол кэннэ оллооҥҥор[4 - Оллоон – чэй өрүнэргэ күөһү (биэдэрэни, хочуолу) ыйыыр мас.] күөскүн ууран уоккун үөттүрэҕинэн[5 - Үөттүрэх – уоту булкуйар мас.] булкуйан кутааҕын күөдьүтэ сааһылыыгын.
Мин санаабар, булчуттар үрдүк айыылары, тулалыыр иччилэри кытта айах атан кэпсэтэллэригэр уот оттоннор толорор үгэстэрэ былыргы сахтан утумнаан кэлбит сиэр-туом күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар диэн өйдөбүллээхпин. Бастатан туран, булчуттар Үрүҥ Аар Тойонтон үҥэн-сүктэн, ааттаһан, кини көҥүлүнэн тулалыыр иччилэриттэн, чуолаан, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕастан, күлэн-үөрэн чаачыгырыыр Хатан Тэмиэрийэттэн, кус, балык баайдардаах Күөх Боллох оҕонньортон, этэҥҥэ сылдьарга, өлгөмнүк бултуйарга көрдөһөллөр, уокка ас кээһэллэр. Ас кээһии тылынан домноох буоллаҕына табыллар. Ол дому судургутук бу курдук этиэххэ сөп:
Алтан сарын,
Бырдьа бытык,
Хаалык төбө
Хатан Тэмиэрийэ кырдьаҕас,
Сир гына
Сирилэччи умай,
Күлүм гына
Күүгүнэччи күлүмүрдээ.
Аал уотум барахсан,
Үөр-көт, күлүм гын.
Хара тыам баайын
Ханыылаан сылдьааччы,
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үөрдээн үксэтээччи,
Чооҥкулаах сотолооҕу
Хомуйан холбооччу,
Көтөр бииһин
Кынат оҥостооччу,
Баай Барыылаах
Баай Байанай
Тойон эһэм,
Баһаам баайгыттан
Өлүүлээн-чаастаан,
Куду анньан кулу!
Күлүм гын!
Мичик гын!
Дом! Дом! Дом!
Бултуйарыҥ сиргин-уоккун хайдах аһаппыккыттан уонна үҥэр-сүктэр иччилэргиттэн төһө ылыннарыылаахтык өс амалыйан көрдөспүккүттэн, алгыстыыр кэмҥэр сыыһа-халты тылласпатаххыттан улахан тутулуктаах.
Өскөтүн алгыстыыр кэмҥэр киһини кэтэҕинэн киирэр гына тылластаххына эбэтэр күлэ-күлэ суолтатыгар эрэ оонньуу-күлүү курдук алгыстаатаххына, бултааһын кэмигэр ол-бу барыта, оннооҕор, бэл, дэҥ-оһол кытта тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин булчуттар үксүгэр бэйэлэрин ортолоруттан, бас-көс эбэтэр иичээнниҥи дьарыктаах, сыһыаннаах киһиттэн уоту аһатарыгар көрдөһөллөр. Алгыска «сыыһа-халты тыллаһыам» диир дьон саҥа таһаарбаккалар алгыстыыллара сиэр иһинэн. Ардыгар оттуллубут уокка хас да киһи хос-хос аһатар түгэнэ баар буолааччы. Маны сыыһа дии саныыбын.
Биирдэ алгыстыыр кэммэр сыыһа быһыыланан турардаахпын. Ону хатылаабатыннар диэн эһиэхэ, эдэр булчуттарга, кэпсиибин. Болҕойон аах.
Устудьуоннуу сылдьан дойдубар, Күүлэккэ, сааскы куска кэллим. Бырааппынаан Уһун Сээккэ, Сахаар түөлбэтигэр, кустаатыбыт. Бу сырыыга иккиэйэхпит. Онон, аҕа киһи быһыытынан, отуум кутаатын отуннум уонна уотум иннигэр сөһүргэстээн олорон аҕабытын үтүктэммин туойдум, ас кээстим, уокка сиэл быраҕан сыт таһаардым. Бу олорон, туох тэһэ анньыбыта буолла, салгыы дьиибэ соҕустук: «Сээт Эбэ Хотунум! Кыра кыһалҕалаах орой мэник уолаттарыҥ ахтан-санаан кэлэммит, Эн киэҥ-куоҥ дуолгунан сылдьан бултаары оҥостон эрэбит. Кэһиилээн уурбут кэһиигиттэн, көмүс хатырыктааххыттан, санааҥ кыайарынан, көтөр кынаттааххыттан уонтан тахсалыы кураанах куста, түөртүү умсаахта уонна икки андыта өлүүлээн-чаастаан кулу», – диэн тылластым, үтүрү-батары соҕустук олуйсардыы субурутан кэбистим. Ити итинэн хаалла.
Үөрэҕим быыһыгар кэлбит киһи бултуур күннэрим да кылгастар, онон үлүмнэһэн кустаабытынан, илимнээбитинэн бардыбыт. Сээт үрэҕинэн сордоҥ, алыһар тахсан Эбэ хотун ньуурун күөс уута оргуйарын курдук чалымныы-чаллыргыы иһиллэр буолбута. Алыһар, сордоҥ илими ууга түһэртэрбэт дьаабыта. Сордоҥу дьуухалалыы сатаан бараммыт, куулунан тыраахтардаах кусчуттарынан дьиэбитигэр ыытан истибит. Устунан алыһар илимҥэ тутара наһаалаабытыттан саллан, илимниирбин тохтоттум. Илиммин бастааммын талахха ыйаан кэбистим.
Кус көтөрүнэн кустуубут, кэрийэбит. Син бултуйдубут. Дьиэлиир күммүт кэлэн, булпутун, төһө да биир дьиэттэн сырыттарбыт, булт сиэринэн, үллэһиннибит. Кустарбын үллэрэрбин көрө олорон быраатым: «Саатар иккилии диэбэккэҕин»,– диэн тыл ыһыгынна. Мин бастаан утаа быраатым туох диэбитин өйдөөбөтүм. Онтон үллэрбит кустарым маастарынан наардаммыттарын кэннэ аахпытым, бултуохпут иннигэр Эһэкээнтэн көрдөспүтүм курдук, арай, уон иккилии кураанах кус, түөртүү умсаах уонна икки атыырдаах тыһы анды буолан таҕыста. Дьэ, онно эрэ өйдөөтүм Эбэ Хотунтан тугу көрдөспүппүтүнэн бултуйбуппутун. Хайдах көрдөспүтүм курдук ордуга-хоһо суох өлүүлээбит, ирээттээбит этэ. Ити түгэнтэн ыла алгыс этэрбэр «баччаны аҕал, оччону бэрис» диирбин тохтоппутум. Ол саас оттомноохтук уоппун аһаппытым буоллар, хас да төгүллээн мончууктарбар элиэтээбит андылары ытарым хаалбыта. Сэһээккэбиттэн баран хаалбыт кэммэр, халлаан хараҥарар элбэх умсааҕа мончууктарбар түһэн мустубутун көтүтэн кэбиспитим. Кыһыыбыттан ыппатаҕым даҕаны. Арай онно барбаккабын сэһээккэбэр олорбутум буоллар дии саныыбын билигин.
Аны уокка бэриллэр ас туһунан. Уокка сибилигин аһыахтаах аскыттан (сиикэй буспут эт аһылыктартан ураты) бэриллэрэ ордук. Алаадьыны, арыыны, сүөгэйи, чэйи, табаҕы, кымыһы, арыгыны биэриэххэ сөп. Ону таһынан сиэли ас кээһиигэ туһаналлар. Сиргэ сылдьан элбэхтик мөккүһээччибит: Байанайтан көрдөһөргө үүтээн оһоҕор ас кээһэн көрдөһөр ордугун дуу эбэтэр тэлгэһэҕэ турар кулуһун уота ордугун дуу. Мин санаабар, иккиэн биир суолталаахтар. Ол эрээри тус бэйэбэр үүтээним оһоҕо ордук чугас курдук.
Айылҕаҕа кэлбит киһи бастаан үүтээн иһин-таһын ыраастыыр үгэстээх. Бөҕү-сыыһы уматан, ыраастаан сылдьар сананарга да астык. Хас да күннээх уокка оттор маскын кэлбит күҥҥэр бэлэмниигин, ууну-хаары мунньунаҕын. Ити үлэлэри толорор кэмҥэр үүтээн уораанын[6 - Үүтээн уораана – уһун кэмҥэ тоҥон турбут үүтээн тымныйбыт (уораана) салгына.] таһаарар үлэни толоруллар. Ол аата уһуннук оттуллубакка турбут дьиэ тымныы салгынын сылытыы. Оһоҕу куурбут маһынан тигинэччи оттон үүтээн иһин күүскэ сылытыллар. Дьиэ эркиннэрэ сылыйдахтарына эрэ уораана тахсыбытынан ааҕыллар. Бу үлэ киһи сиргэ-уокка сылдьан, сыыстарбатын хааччыйар. Онон уорааны таһаарарга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыллыахтаах.
Сиргэ-уокка «уот ыла» кэлбэтэх буоллахха, хаһан баҕарар наллаан сылдьар ордук. Наллаан сылдьыы – айылҕа эргимтэтин хаамыытыгар сөп түбэһэр. Онон киэҥ-холку тыыҥҥынан холкутук, наллаан сылдьар киһи айылҕалыын биир тэтиминэн алтыһар кыаҕа үөскүүр. Оттон ууга-уокка түһэн сылдьыы сырыытын да курдук, саргы-сатаҕай буолар. Булт иннигэр эбэтэр кэннигэр түбэһэн өрүү кураанах да сылдьыаххын сөп. Улахан куораттар олорор тэтимнэрин ыһыктыбакка кэлбит куорат булчуттара биир-икки күн иһигэр барытын саба көтөн, өлөрө-өһөрө охсон барыахтарын баҕарааччылар. Итинник сыһыаны Ийэ айылҕа ылыммат, ылыныа да суоҕа.
Билигин сааскы кустааһын араас эгэлгэтин туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.
Сааскы кустааһын бултааһын бары көрүҥүттэн умсугутуулаахтара уонна тартарыылаахтара. Саха киһитэ кыстык хаар түспүт бастакы күнүттэн сааһы кэтэспитинэн барар үгэстээх. Саас бастакы харалдьык тахсыыта куска тэриммитинэн барар.
Сорохтор сааскы кустааһын ыал хармааныгар ночооттооҕун туһунан этэллэр. Мин итини кытта сөпсөспөппүн. Эдьиий Дора айылҕа уһуктар кэмигэр эр киһи айылҕалыын алтыһара туһалааҕын, өйө-санаата тобуллаҕас, этэ-хаана чэгиэн буолуутугар көмөлөөҕүн өрүү быһаарар.
Булт тэрээһинэ олус элбэх үбү ирдиир, онно мөккүөр суох. Ол эрээри кустааһын абылаҥар ылларбыт «сордоох» ороскуоту хаһан да аахсыбат. Кусчут былырыын сыыһа ытан ыыппыт «улахыын да улахан куһун» бултаары, кыһыны быһа кыһаллан туран тэринэн, суолугар көрсөр бары харгыстары сатабыллаахтык туораан бултуур уутугар хас саас аайы син биир эргиллэр.
Хомурах куһа[7 - Хомурах куһа – сааскы бастакы кустар.]
Кусчут бастакы сааскы булдун хомурах (хаар) куһуттан саҕалыыр.
Хомурах куһа – алаастарга, сыһыыларга, от үрэхтэргэ хаар уута сиҥэрэн[8 - Сиҥэ – муус үрдүнэн халыйбыт хаар былаастаах уу.] турдаҕына кэлэр бастакы кус. Хомурах куһун кэмигэр бастакынан көҕөн, аҕыйах үөрдээх моонньоҕон кустар быгаллар. Устунан моонньоҕон, тыйаах халыҥ үөрдэрэ тоҕо түһэн, икки-үс күн иһигэр хоту ааһаллар.
Баччаларга ойуур өссө хаардаах буолар. Онон сир уораана тахса илик буолан, хомурах куска төһө кыалларынан ичигэстик таҥнар ордук. Хомурах куһа көтөр кэмэ кылгас. Ол курдук, киэһэ халлаан хараҥарыыта саа сыала көстөр-көстүбэт, үөл-дьүөл буолан турдаҕына эбэтэр сарсыардааҥҥы халлаан суһуктуйуута көтөр. Саас бастакы кэлэр кус олус мончуугумсах буолар. Кыра да ууга мончуук уурдахха түһэр. Ол эрээри элбэх мончуугу[9 - Мончуук – тыыннаах куһу үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кус күлүгэ.] үтэр наадата суох. Тоҥмот уулаах сири буллаххына, тоҥоргун тулуйаҥҥын олордоххуна табыллар. Түүн үс-түөрт чаас кэннэ хомурах куһа көтүүтэ эмискэ хойдор. Ыттарбытынан мончууккар түһүөн сөп. Ол курдук, харах да саҕа сарсыардааҥҥы сиикэй уу киниэхэ олус наадалаах буолар.
Хаар быһыта сиэбит сирдэриттэн тахсар кытархайдыҥы дьүһүннээх улахан иннэлээх кумаары – хомурах кумаара[10 - Хомурах кумаара – кытархайдыҥы дьүһүннээх, дыыгынас саҥалаах бөдөҥ кумаар.] дииллэр. Сороҕор ити кумаары – бэс кумаара диибит. Хомурах куһа кэлиитинэн тахсар бастакы кумаар ыам кумаарынааҕар куттала, суоһа суох.
Сыымах кус[11 - Сыымах – кыралаан, сыыйан курдук, кус өлгөмө суохтук айанныыр кэмэ.] кэлиитэ
Үгүс кусчут сүрүннээн сыымах кус айанныыр кэмигэр кустуур. Бу кэмҥэ кустар кыра үөрүнэн, биирдии-иккилии буолан күнүстэри-түүннэри суккуйан айанныыллар. Баччаларга тыаҕа хаар ууллан, сис үрэхтэр муустарыттан босхолоноллор, кыра күөллэр муустара ырааһырар, оттон улахан күөллэр ырбыылаабыт[12 - Ырбыы – күөл мууһун быһыта сиэн ууну кытыытынан эргийэ тахсыбыт дьуххарбыт уу.] кэмнэрэ буолар. Сир-дойду үрдүнэн уу дэлэйэр, үрэхтэринэн өрүс балыктара өксөйөллөр, оттон кусчуттар санаалара, тулуурдара кыайарынан уһуннук олорон куһу кэтиир-маныыр күннэрэ үүнэллэр. Маннык уһун түүннэргэ кус түспэккэ эрэйдээтэҕинэ, сөбүлээн ааҕар биир хоһооммун[13 - «Арай кусчут манньыйар» – ааптар.] өрүү ботугуруубун:
Ийэ сирим нухарыйар
Түүҥҥү биһик чуумпуга.
Арай кусчут утуйбат
Айан куһун кэтэһэн.
Тымныы салгын халыйар
Эти-сиини хам ылан.
Арай кусчут олорор
Күүтэр куһун кэтэһэн.
Илин саҕах сырдыыта
Кынат тыаһа куһуурар.
Арай кусчут сэрэйэр
Куһа түһэн эрэрин.
Атахтарын саратан
Чыркый түстэ сэргэхтик.
Арай кусчут долгуйар
Кыҥаан ытар чыркыйын.
Ууну хайа суруйан
Сатараата саа тыаһа.
Арай, кусчут манньыйар
Күүппүт куһун бултуйан.
Оччоҕо өр-өтөр буолбат, уум үрдүнэн кынат тыаһа сирилиирин кытта кус түһэн эрэр буолар.
Үөл кус кэлиитэ
Үөл кус[14 - Үөл кус – уу куһа. Киирэллэр: умсаах, биргинэх, орулуос, о.д.а.] Саха сиригэр сайыҥҥы бастакы күнү көрсө (ыам ыйын 22 күнүгэр – Сааскы Ньукуолуҥҥа) кэлэр. Бу күнтэн саҕалаан кусчуттар кураанах кус мончуугар үөл кус мончуугун эбэн мончууктарын хойуннаран биэрэллэр. Бу кэми үгүстэр сааскы кустааһыҥҥа саҥа тыын киирэр кэмэ диэн ааттыыллар. Үөл кус кэлиитинэн сааскы салгын тыына-быара сымныыр. Халлаан сайыҥҥылыы холкутуйар. Төбөҥ үрдүнэн тыыйамнар үрдүк мэҥэ халлаан урсунунан тайаара көтөллөр. Үгүрүөлэр үөстэрин тартаран кими эрэ куттуур курдук, үөһэттэн таҥнары түһэн сурулууллар. Күөллэр кытыыларынан бараахтар үөрдэрэ эргийэ көтөр. Хохой дулҕаларга сахсас гына түһэн быыгынатар. Күөл иһэ эймэҥнэс көтөр кынаттаах араас эгэлгэ тойугунан кэрээбэккэ айманар кэрэ кэмин үөл кус кэлиитигэр бэлиэтии көрөҕүн. Ити күн сайыҥҥы бастакы ичигэс ардах түһүөн сөп.
Андылааһын
Сааскы кустааһынтан элбэх түбүгү эрэйэр иккис тэрээһиннээх түгэн анды кэлиитигэр көстөр.
Анды[15 - Анды – турпан (нуучч.) Муора куһа.] биһиги сирбитин олох кылгас кэм иһигэр быһыта көтөн ааһар. Биһиэхэ анды икки көрүҥэ кэлэр. Чуус анды – кунна хохуоралаах, кытархай атахтардаах, хара дьүһүннээх, орто ыйааһына 4-5 киилэ. Андылар үөрүнэн көтөллөр. Сорох үөр сүүскэ тиийэр халыҥ үөрдээх буолуон сөп. Ол эрэн биһиги эҥээр муҥутаабыта сүүрбэҕэ-отуччаҕа тиийэр үөрдээхтэр эрэ таарыйаллар. Анды этэҕэлээх[16 - Этэҕэ – бормыш (нуучч.) Таракаан курдук күөхтүҥү өҥнөөх уу үөнэ.], хара уулаах күөлгэ түһэрин ордорор.
Андылыыр кэмҥэ кураанах кус уйаланар, сымыыттыыр кэмэ саҕаланар, онон кураанах кус мончуугун хомуйуллар. Ол оннугар үөл кус уонна анды мончууктарын хойуутук үтүллэр. Анды сорох дьыл тумуһахтарга тохтуур, сорох дьыл булуҥнаан атах ууларга түһэр. Андыны маныыр дурда[17 - Дурда – булчут куска олорор хаххата.] икки-үс киһи холкутук батан олорорун курдук кэҥэс буолуохтаах.
Анды кэмигэр ыам кумаара[18 - Ыам кумаара – собо ыамын кэмигэр кыынньан тахсар бырдах бииһэ.] түһэр. Ыам кумаара сааскы күн сырайарыттан сылыйбыт инчэҕэй сирдэртэн көймөстөн, кыынньан тахсар дыыгынас саҥалаах, кынаттаах, кыра, хара дьүһүннээх кумаар. Кумаар бу көрүҥэ бастаан илэ бодотун ылыар диэри уу үрдүнэн, инчэҕэй сирдэргэ эйэҥэлии хамсыыр. Салгын сылыйан истэҕин ахсын ити үөннэр салгыҥҥа өрө көптөр көбөн, остуолба курдук кыынньа турар буолаллар. Онтон анды саҕана бырдах боһуомун ыланнар, иннэлээх, дыыгынас саҥалаах, кутталлаах, суостаах харамай буола дьүһүн кубулуйаллар.
Бу кэмҥэ күөллэр кытыыларынан уу анныттан күөх от бытыгырыы анньан тахсар. Бу кэмҥэ сорох кураанах кустар, биирдиилээн атыыр умсаахтар амахтыыллар[19 - Амахтаабыт кус – тыһытыттан арахсыбыт атыыр кус.]. Ол аата атыыр кустар уу анныттан саҥа быган тахсыбыт күөх от төбөтүн ылгаан сиэн, сэниэ ылар быыһык кэмнэрэ үүнэр. Тыһыларыттан арахсаллар.
Андылааһын – элбэх үлэни эрэйэр булт биир көрүҥэ. Мин санаабар, сааскы кустан саамай сылаалаахтара уонна түбүктээхтэрэ. Бу кэмҥэ бырдах[20 - Бырдах – киһи, сүөһү хаанын уулуур дыыгынас саҥалаах кынаттаах үөн.] үөн ордук тиллэр кэмэ буолан, кустуурга олус эрэйдээх. Ол иһин бырдаҕы-көймөһү аахсыбакка андыны манаһаҥҥын бултуугун. Бултуйуу – Байанай хайдах биэрэриттэн тутулуктаах. Андыһыттар биирдэ кэлэн түһэр түгэни мүлчү тутумаарылар солбуйсан маныыр былыргы албастара күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар. Онуоха андыһыттар араас албаһы тутталлара. Холобур, күөл ортотугар түспүт үөргэ тыынан киирэннэр кэйээриҥнииллэр[21 - Кэйээриҥнээһин – күөлү кыйа устан, тыалга оҕустаран, андылар кэннилэриттэн батыһан кустары үүрэн ытыы албаһа.]. Андыга биир суруллубатах, ол эрэн өрүү кытаанахтык тутуһуллар сокуон – күөлгэ киирэн эргийэ сылдьар андыны ууга түһүөр диэри ыппат буолуу. Үөр анды сөбүлээбит мончуугар, дурдатыгар түстэҕинэ, сэһээккэлээхтэр бастакынан ыталлар.
Кэйээриҥнэтии
Билигин кэйээриҥнэтэр уонна быыралыыр[22 - Быыралааһын – чуумпуга күөлгэ киирэн хойобул кустары умуһуннара сылдьан, көбөн тахсыбыттары ытан ылыы албаһа.] ньымалар тустарынан сиһилии кэпсиим.
Биирдэ анды кэлэн турдаҕына, мончууктарбын хомуйаммын тыынан Сахаар атаҕыттан Улахан Сээккэ устан киирдим. Арай, чаҕылытар күн уотун дьэргэлгэнин быыһынан көрдөхпүнэ, тыы тардарым анараа өттүгэр кур оту кыйа харалар баар буолбуттар. Халампааһынан көрбүтүм – андылар хоһуласпытынан утуйан, тыалга оҕустара сылдьаллар. Мин эрдэрим курдук эрдэммин тыым тардарыгар таҕыстым. Мончууктарбын куурда тарҕаталыы хонууга быраҕыталаатым. Тыыбын иҥнэри тутаммын уутун сүөкээтим. Син тыаһаатым-ууһаатым. Уу дуорааныгар тыаһым доргуйа эҥсиллэр. Үрүсээкпин сүгээри тураммын халампааһынан көрдүм: харалар олорбуттарын курдук олороллор, барбах хамсыыллар. Мин саараҥнаан бараммын, дьонум «кэйээриҥнэтэбит» дииллэрин санааммын, тыыбын сулугураччы ууга астым. Эрдэр эрдибэт, тыалга оҕустараммын, андыларга чугаһаан истим. Андылар миигин көрөн дьалты туттаннар ууга быһа тимирэн хоһуласпытынан уһуннулар. Мин тыым тумсунан хайысха тутаммын андылары кэннилэриттэн ойоҕолуу батыһабын. Бырахтаран ытар холго киирдим. Андылар усталлара түргэтээтэ эрээри, мин утуйар кэмнэригэр лаппа нэмийэн чугаһаабыт буоламмын, тилэх баттаһа иһэбин. Кустар күөлү кыйаннар атах түгэҕэр киирдилэр. Улахан ууга барар сирдэрин тыылаах киһиэхэ былдьаппыттарын өйдөөтүлэр быһыылаах, хололоспутунан уу үрдүгэр дагдас гына көбөн таҕыстылар. Көрдөхпүнэ харалара, бөдөҥнөрө сүр. Икки уостаах уон алталаах саалаахпын. Онтубун санныбар бигээт, хоһуласпыт харалары ортолорун көрөөт, чыыбыспын төлө тардабын. Икки анды ууну лаһыйбытынан, миигин көрдө-көрбүтүнэн тыалы утары өрө көтөн таҕыстылар. Саабын ииттэр түгэн көстүбэтэ. Сыһыгыраан ааһан эрэр икки андыттан көстүүлээҕин халбыйан ытан түһэрдим. Иккис анды миигин ааһа көтөөт, эбэ ортотугар баар улахан хатыҥ мастардаах арыыга, анды мончууктаах сэһээккэҕэ тиийэн, элиэтээн эрдэҕинэ, онтон андаатар бэргэһэлээх кусчут быган ытта. Анды төбөтүн оройунан кулаачыхтана хойуоһунна.
Мин ууга таймаҥнаһа сылдьар икки андыны ылан тыыбар быраҕынным уонна отуубар барардыы уһуннум. Сэһээккэттэн киһи тахсан, талах кэтэҕиттэн ууга тыыны соһон таҥкынатан киллэрдэ уонна харса суох мин иннибин быһа түһэн эрдэн барда. Өр-өтөр буолбатыбыт, тыылаах киһилиин утарыта көрсөн тыыларбытын ойоҕосторунан сыһыардыбыт. Оппуонньа эбит.
– Ноо, Өндөрөй! – Оппуонньа кэлэҕэйдиир буолан бэрт эрэйинэн, ыгыста-ыгыста төлүтэ биэрдэ. Мин кини кэлэҕэйдиирин көрө улааппыт буолан, саҥарарын кэтэһэбин. – Ноо… и-ти.. мин… хойубуннарым! – диэтэ. Онтон тугу эрэ этэ сатаан ыгыста-ыгыста саҥара сатаата да, сатаан истибэтим. Онтон: «Эээээ…» – диэн баран, тыыбыттан биир хара, санаабар, саамай улахан хара андыбын моойуттан бобо харбаата да, тыыбыттан анньынан кэбистэ уонна төттөрү эрдинэ турда.
Мин бастаан утаа андыбын былдьатан тыылаах киһини эккирэтиэх курдук гынан иһэн төттөрү отуубар бардым. Кэлэммин дьоммор туох буолбутун барытын саас-сааһынан «остуоллаан» биэрдим. Миитэрэй кэпсээммин истэн баран: «Киһи хойобунун өлөрдөххө, андыны хойубуннаабыт киһи хардатын ботуруон биэрэр уонна андытын ылар. Ол андыһыттар суруллубатах сокуоннара. Оттон Оппуонньа эйигин кытта булдун өлүүлэспитин быһаара сатаабытын эн өйдөөбөтөх эбиккин. Булкутун үллэстибиккит сиэрдээх быһыы», – диэн быһаарда.
Дьэ, итинник андыһыттар кэйээриҥнэтэр уустук албастарынан мин бастакы андыларбын бултаан турабын.
Быыралааһын
Арҕаалаабыт күн тыа саҕатыгар налыйан эрэр кэмигэр уу үрдэ сиэркилэ ньуурунуу дьэҥкэрэ көҕөрүмтүйэ иһийэр чуумпута түһэр. Итинник кэмҥэ андыны умуһуннара сылдьан, ытан ылаллар. Анды тыылаах киһиттэн куотан, умсаахтаан, тыына бүтэн уу үрдүгэр көбөн таҕыстаҕына, быыраһыт куһу ытан ылар. Маннык кэмҥэ уу үрдүгэр анды умса сылдьара, уу анныгар тыынарыттан тахсар хабахтар бычыгырыыллара ыраахтан чуолкайдык көстөр буолар. Бу албаһы «быыралааһын» диэн ааттыыллар. Биир саас Миитэрэй оҕонньор биһиэхэ ити албаһы көрдөрөн турар.
Анды үгэннээн турар кэмэ этэ. Миитэрэй: «Уолаттарбар өбүгэлэргит хайдах быыралыылларын билигин көрдөрүөм, көрөн үөрэниҥ», – диэт, тыытын тэллигэр мадьаччы үктэммитинэн үөскэ эрдиммитэ. Биһиги сэһээккэбититтэн быыраһыты одууласпыппыт. Бу кэмҥэ күөл ортотугар бөлүөҕэ сылдьар андылар тыылаах киһини көрөннөр арҕам-тарҕам ыһыллыбыттара. Быыраһыт ууну икки өттүнэн талалаан андыларга чугаһаан иһэн «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна тыытын ойоҕоһун эрдиитинэн «тас» гына охсубута. Андылар үтүктүспүт курдук, уу иһигэр умсан унньулус гыммыттара. Өр-өтөр буолбатаҕа, биир анды тыылаах киһи чугаһынан уу үрдүгэр көбөн эрдэҕинэ, Миитэрэй модьугу куобаҕы куттуурун курдук иккиһин «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна эмиэ эрдиитинэн охсубута. Анды уу иһигэр эмиэ унньулус гына умсубута. Итинник андыны хаста да умуһуннарбыта. Сотору кэминэн анды уу үрдүгэр көппөйөн тахсан кэлбитэ. Тыын ылан хохуоралаах баһа босхо барбыта. Миитэрэй эрдиитин тыытыгар туора уурбута уонна тыын ылан хардыргыы олорор андыны быһа ытан ылбыта. Итинник ньыманан Миитэрэй түүҥҥү хойобул андылары барыларын аахтара биирдиитэ ытыалаан хомуйбута.
Кэлин Миитэрэй албаһын туһанан хойобул кустарбын умуһуннаран быыралыыры баһылаабытым.
Сорсу куһа[23 - Сорсу куһа – сайын тыһыларыттан арахсан, үөрдээн сылдьар атыыр кус.]
Былыргы өбүгэлэрбит кус кэлиэҕиттэн кус барыар диэри араас кэмҥэ арааран айахтарыгар бултууллара. Олору бу курдук ааттыыллара.
Анды кэмигэр кураанах кустар тыһыларыттан арахсаллар. Тыһы кус сымыытын ахсаанын ситэриннэҕинэ, атыыра тыһытыттан арахсар уонна атыыр кустары булсан, үөрдүһэр кэмин сорсу диэн ааттыыллар.
Сорсуга күөллэр тумуһахтарыгар, арыыларга, күөллэр биэрэктэрин бата атыыр кураанах кустар мончууктарын тарҕаччы уурдахха, атыыр кустар ыраахтан саҥарбытынан, боотурҕаабытынан тайааран кэлэн түһэллэр. Сороҕор үөрдүспүт атыыр кустар саҥа-иҥэ буоланнар субуруспутунан биэрэктэн тэйэ олорор буолаллар.
Сара[24 - Сара – сайын түүлээн, көппөт буолан биир сиргэ сылдьар кустар.]
Сорсулаабыт, ол аата үөрдүспүт атыыр кустар, күүс-сэниэ ыла мусталлар, онтон тыатын саҕатыттан халыҥ куталаах, угуттаабыт күөллэргэ сааскы түүлэрин үргэнэн аны сараллар. Сара – сиикэй кынаттаах бэйэ кус. Сарбыт куһу ытынан бултуур ордук хотоойу. Кус этэ сара кэмигэр ордук минньийэр.
Көччөх[25 - Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.]
Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото. Ылдьыын таҥара, ол аата атырдьах ыйын иккис күнүттэн күһүҥҥү кустааһын саҕаланар кэмигэр бултууллар.
Нэмэнэ
Нэмэнэ – систэн киирэр күһүҥҥү айан куһа.
Куһу ытыы албастара
Куһу мончуукка түһэрэн, холбоон ытыы. Холбоон ытыы – булчуту тулуурдаах буолууга, саахыматчыт курдук түргэнник толкуйдуурга, ырааҕы-чугаһы холуу көрөргө үөрэтэр ньыма.
Куһу мончуукка тартаран салгыҥҥа күөрэтэн ытыы. Мончуукка элиэтиир кус көтүүтэ бытаан уонна түһээри уутун көрүнэр буолан сэрэҕин сүтэрэн, иһин салыбыратан эйэҥэлиирэ саа сыалыгар көстүмтүөтүнэн уратылаах.
Куһу олоххо ытан баран, көтүүгэ ытыы. Мончуукка түспүт куһу саа ылар холунан олорор кустартан холбоон ытан баран, көтүүгэ сэһээккэттэн чугаһын күөрэтэр албас.
Куһу көтүтэн ытыы. Кэрийэ сырыттахха, от быыһыгар түспүт куһу саа ытар холугар киирэн туран, соруйан тыаһаан, көтүтэн ытыы.
Үөмэн ытыы. Кытыылаан тиксэ сытар кустары окко, дулҕаҕа хаххаланан, үөмэн киирэн, холбоон ытыы.
Кэрийэн ытыы. Ходуһа ууларынан кэрийэн, куска чугаһаан ытыы ньымата.
Тыынан уста сылдьан, көтүтэн ытыы. Куталаах күөлү кытыылаан, кутаҕа саһан олорор кустары көтүтэн, дайдаран тыыттан ытыы.
Быыралаан ытыы. Куһу умуһуннара сылдьан, тыынан эккирэтэн ытыы.
Күөл тумуһахтарыгар тоһуйан ытыы. Кустар күөлү эргийэ көтөр үгэстээхтэр. Тумуһахтыы өтөн киирбит сирдэри кустар быһыта көтөллөр. Итинник сиргэ саһан олорон ааһар кустары халбыйан[26 - Халбыйан ытыы – кус иннин күөйэ көрөн ытыы.] ытыы албаһа.
Ытынан ирдэтэн, көтүтэн ытыы. Ардахтаах күҥҥэ кус от быыһыгар хорҕойор. Онно ытынан көтүтэн бултааһын.
Уу ньарыктаабыт от быыһын уутугар түһэ кэлбит куһу тоһуйан ытыы. Бу ньыма күһүҥҥү куска ордук. Кус аһаары күөл кытыытынааҕы ходуһаны ылбыт ньамах уулаах сирдэргэ түһэн аһыырын, тоһуйан[27 - Тоһуйар – үөһэттэн иһин ыһыктынан, эйэҥэлээн түһэн эрэр куһу утары тоһуйан тумсун кыһарыйа ытыы.] ытар ньыма.
Ырбыы кыарыыр сиригэр саһан олорон, ырбыыны бата көтөр куһу халбыйан ытыы. Сааскы кус ырбыылаан турар күөлгэ ырбыыны бата эргийэ көтөр үгэстээх. Олору мончуугунан тартаран эбэтэр ааһан истэхтэринэ иннилэрин күөйэн ытар албас.
Сырыһыннаран[28 - Сырыһыннарыы – саҥа тэйэн эрэр куһу кэнниттэн ытыы.]ытыы. Иннигиттэн көппүт куһу сырыһыннаран кэнниттэн ытыы ньымата.
Сэһээккэни[29 - Сэһээккэ – үрдэ аһаҕас кус маныыр хахха.] хайдах оҥостобут
Сааскы кусчут сэһээккэтин кыһаллан оҥостуохтаах. Сэһээккэни сөпкө оҥосторгуттан бултуйарыҥ улахан тутулуктаах. Сорох кусчут түүн устатыгар үстэ-түөртэ көһөн, саҥаттан саҥа сиргэ сэһээккэ туттар кыһалҕаланар. Онон кусчут сэһээккэни оҥосторуттан сүрэҕэлдьиэ суохтаах.
Билигин булт маҕаһыыннарыгар сэһээккэ арааһа атыыланар. Ол эрээри олор биһиги сирбитигэр-уоппутугар сөп түбэспэттэр. Маҕаһыын сэһээккэлэрин күөл кытыытыгар туруордахха, түһэн иһэр кустар сэһээккэ багдайан турарын көрөннөр өрө ханарыйан тахсаллара элбэх буолар. Ол иһин кур отунан бэйэ оҥостубута ордук. Маннык сэһээккэ кустарга көстүмтүөтэ суох буолар.
Сэһээккэни туруорарга, бастатан туран, тыалы, салгыны учуоттаан оҥостуохтааххын. Хаһан баҕарар кус тыалы утары түһэр уонна тыал утары көтөн тахсар. Сороҕор баҕаҥ хоту тоҕоостоох сири булбаккаҕын, чиэски сиргэ туттар түгэниҥ эмиэ баар буолар. Сэһээккэни кус киирэр сирин бүөлүү эбэтэр тоһуйа туттуллуо суохтаах. Кус киирэр сириттэн ойоҕолуу туттар табыгастаах. Өскөтүн олоруохтаах сириҥ түмүк уу буоллаҕына, сэһээккэни уу түгэҕэр оҥостуохха сөп. Төһө кыалларынан харахха быраҕыллыбат гына оҥоро сатааҥ. Манна соҕотоҕун олорор ордук. Икки киһи урут-хойут хамсыыр, онон түһэ кэлбит кус хамсыы олорор кусчуттары көрөн, түспэккэ барыан сөп. Хайа да балаһыанньаҕа түһэ кэлбит кус олус сэрэхтээх буоларын умнуллуо суохтаах. Онон сэһээккэҕин оҥостуохтаах сириҥ хаххалаах өттүн талаҥҥын оҥороруҥ ордук.
Булчут биири кытаанахтык өйдүөхтээх: кусчут бэйэтигэр табыгастааҕын көрбөккө, куска табыгастаах өттүн талыахтаах. Ол аата кусчут ууга кустар хайа өттүттэн кэлэн эргийиэхтээхтэрин уонна түһүөхтээхтэрин сөпкө быһаара үөрэниэхтээх. Ол инниттэн кусчут салгыны сөпкө быһаарыахтаах. Кус бастаан ууну, онтон мончууктары көрөн куттаммакка түһэрин ситиһиэххэ. Түһэн эрэр кус өрө тырыкынайар буоллаҕына, кусчут алҕастарын түргэнник туората охсуохтаах. Сэһээккэ уонна кусчут кус хараҕар бастакынан быраҕыллыа суохтаах.
Уулаах, инчэҕэй сиргэ сэһээккэни үрдүк, оттон кураанахха намыһах гына оҥостор ордук. Сэһээккэҥ кэтэҕэр үрдүк тыа ойуур күлүктүүр буоллаҕына, кэннин аһаҕас гыныахха сөп.
Күөрэтэн ытар киһи сэһээккэтин намыһах уонна үрдүн кыараҕас гына үмүрүтэрэ табыгастаах. Түгэх ууга олорор буоллаххына, иннигэр хахха эрэ оҥостуохха эмиэ сөп.
Сэһээккэни төһө кыалларынан туттар сириҥ таһынааҕы отунан-маһынан оҥостор табыгастаах. Ото чараас буолара ордук. Халыҥ оттоох сэһээккэ харааран көстөр, ону кус көрөр.
Сэһээккэни оҥостуоҥ иннинэ, бастаан олорор сиргин оҥоһун. Олорор сириҥ өйөнөрдөөҕө сынньалаҥ. Олох оҥоһуллубутун кэннэ хахыйахтарынан хатыйан сэһээккэ атахтарын, ойоҕосторун оҥоруллар. Онтон кур оту үргээн дьардьаматыгар оттору туруору кэккэлии ууруллар. Тыал көтүппэтин диэн синньигэс ньырҕа талахтарынан оту тиһэн тыал көтүппэтин курдук баайыллар. Ол кэнниттэн сэһээккэни ис өттүттэн олорон эрэ көрөргүн мэһэйдиир оттору быһан, намтатан, өрө тардан сааһылыыр бүтэһик үлэни толоруллар.
Сэһээккэни киллэм аһаҕас сиргэ туттар буоллахха, тулатынан талахтары быһан хороччу анньыталаатахха, кус хараҕын албынныаххын сөп.
Сэһээккэни араастык оҥоруохха сөп. Холобур, үс муннуктуу, түөрт эркиннээн, төгүрүк гына, үрүттээн, үрдэ суох, эркинин туруору, үмүрүччү, болуот охсон, атахха туруоран, көһөрө сылдьар араама сэһээккэ, кэтэх өттүн эркинэ суох, ааннаах, аана суох, о.д.а. Уулаах сиргэ тыыга олорон ытарга күһэлиннэххэ, тыыҥ саһарын курдук эркиннээх сэһээккэни оҥостуохха. Сэһээккэни оҥостуу кустаары турар сириҥ балаһыанньатыттан, отуттан-маһыттан, уутуттан-хаарыттан улахан тутулуктаах. Манна кусчут өйүн ууһа эмиэ оруолу оонньуур.
Кусчут сэһээккэтин хайдах оҥосторуттан сааскы куска сыһыанын уонна бултуон баҕатын быһаарыахха сөп дии саныыбын.
Мончуугу хайдах үтэр ордугуй
Мончуугу сөпкө үтүү – бултуйуу биир сүрүн төрүөтэ. Сөпкө үтүллүбүт мончуукка кус супту кэлэн түһэр.
Оттон сыыһа үттэххэ, кус ууга түспэккэ эрэйдэнэр уонна бүтэһигэр чиэски сиргэ түһэн, уһун түүҥҥэ олорон кустары бэйэтигэр тарда олоруон сөп. Кустаргыттан көрө маттаҕыҥ ити. Ол иһин, эдэр кусчут, мончууктары үтүү албастарын эрдэттэн үөрэтэриҥ ордук.
Бастакытынан, кыра, тимэх ууга[30 - Тимэх уу – сүрүн ууттан арахсан турар көлүччэтиҥи эбэтэр ходуһа хотоолугар тахсыбыт уу.] олорордуу тэриммит буоллаххына, уугар элбэх мончуук мэһэйи эрэ үөскэтиэҕэ. Маннык ууга элбээбитэ алта мончуугу олортуохха сөп. Кыра ууга моонньоҕон мончуугуттан сорох кустар куттаналлар. Ол иһин чыркымай, тыйаах, көҕөн, халба мончууктарын уурар табыгастаах.
Иккиһинэн, икки өттүнэн сэһээккэҥ аннын, ол аата куһу түһэрэн ытыахтаах сиргин, мончуугунан бүөлэтиэ суохтааххын.
Үсүһүнэн, дэлэй уулаах сиргэ күөлгэ олорор кусчут мончууга куһу тартарарга элбэҕэ ордук. Сэһээккэ иннигэр кустар түһэр үс-түөрт площадкаларын таһааран, мончууктаргын биэрэктэн үөс диэки субурутан үтүллэр. Оттон мончууга аҕыйах кусчут сэһээккэ иннигэр биир сиргэ арҕам-тарҕам ыһан олордоро ордук.
Төрдүһүнэн, ырбыыга олорор кусчут мончууктарын сэһээккэни икки өттүнэн бөлөхтүү ыһан баран, сэһээккэ анныгар хоруол мончуугу[31 - Хоруол мончуук – сэһээккэ иннигэр олордуллар соҕотох мончуук.] олортоҕуна, ырбыыны бата көтөн кэлбит кустар супту ол ыксатыгар кэлэн түһүөхтэрэ. Кынат мончууктары[32 - Кынат мончууктар – сэһээккэни икки өттүнэн үтүллэр мончууктар.] кус түһэригэр кыараҕас гына үттэххинэ, кустар аһара көтөн бараллар эбэтэр мончууктартан тэйэн, саа ылбат сиригэр түһэллэр.
Сымаһыттар
Бүлүү дьонун «сымаһыттар»[33 - Сыма – былыр күһүн мундуну буһаран баран, сири хаһан эбэтэр уһаакка симэн салгын киирбэт гына сабан хаһааныллыбыта.] дииллэр. Итинник этии оруннаах. Оҥойор айахтарын ииттинээри, ууну булкуйан балыктааһынынан идэтийэн кэлбит өбүгэлэрбитин улуу добдурга сахтарыгар, кэрээнэ суох кыргар кырыыстаах кыргыс үйэлэр кэмнэригэр «уу үөнэ сыма аһылыктаах мас сахалар» диэн сэнээн ааттаабыттарыттан иҥэн хаалбыт.
Ол эрээри билигин ити өйдөбүл уларыйан, балыктыыр албастары ымпыктаан-чымпыктаан баһылаабыт, мындыр, хоһуун балыксыты «сымаһыт» дииллэр. Онон булчут сымаһыт курдук илимниири эмиэ сатыахтаах. Мантан салгыы эйиэхэ, эдэр кусчукка, туһалаарай диэн тыыны хайдах эрдинэ үөрэммиппин, илими үтүү албастарын туһунан суруйабын.
Тыыга сүрэхтэнии
Бэһис кылааска үөрэнэр күһүммэр аҕабын кытта «Чачаҥда» пиэрмэтин учаастагар киинэ көрдөрө кэллибит. Сопхуостар уларсыкка Саахардаах диэн хара эриэн көлүүр оҕуһун биэрбиттэрэ. Мин ол оҕуһу миинэн иһэн ууга тыынан уста сылдьар кыыһы көрөн соһуйдум.
Кыысчаан күөлтэн тахсарын кэтэһэн тыы тардарга киирэн олордум. Хараҕым күөлтэн арахпат. Син көһүппүтүм кэннэ күн уотуттан уонна сайыҥҥы салгынтан тэтэрэ буспут иэдэстэрдээх, кылабачыгас бөдөҥ тиистэрдээх тыылаах кыысчааным эрдэр-эрдибэт устан кэллэ. Болҕойон көрбүтүм, бииргэ үөрэнэр кыыһым Марыыҥка эбит. Тыытын иһигэр соболор мөхсөллөр.
– Марыыҥка, илими сатаан көрөр эбиккин дуу? – диэн күүппэтэхпин көрөн соһуйабын.
– Көрбөккөбүн. Киинэ көрдөрө кэллигит дуо? – Марыыҥка мин соһуйбуппар кумаардаан да көрбөккө, утары ыйыталаспытынан тыытыттан тахсыбыта. Ити итинэн хаалбыта.
Бу көрсүһүү кэнниттэн «тыыны эрдэргэ үөрэппэккин, оннооҕор бииргэ үөрэнэр кыыһым илими көрөр эбит. Мин буоллаҕына тыыны эрдэри да сатаабаппын» диэммин аҕабын үүйэ-хаайа тутан мээрилиир буолбутум.
Биирдэ күнүскү омурҕан кэнниттэн күөлбүт атаҕар баран от охсор буоллубут. Хотуурдарбытын ылан уу баһар ыллыкпытынан күөлбүт диэки хаамтыбыт. Мин тыынан барар буоллубут диэн испэр үөрэ иһэбин, аҕабын кэнниттэн батыһабын. Аҕам тыы тардарга кэлэн умса быраҕыллыбыт кырааската суох мас тыыны олордьу уурда уонна ньамах ууга тыыны үтүрүйэн киллэрдэ. Төннөн таҕыста. Сатала суох модьу уктаах эрдиини ылан илиибэр туттарда уонна «уҥуор тиийээр» диэн баран хотуурдары холбуу тутан сүктэ да, хадьымал устун дайбана турда.
Мин эмискэччитэ бэрдиттэн кулахачыҥныы түстүм. Аҕам соһуччу соругуттан соһуйдум даҕаны, куттанным даҕаны. Ол эрэн тыынан устар баҕам кэтэмэҕэйдиирбин баһыйан, «миэхэ киирэн олор, уһуннубут» диир курдук ньамаҕынан бүрүллүбүт уу үрдүгэр дагдайан турар тыыны толлубуттуу одууласпахтаат, турар сирбэр «лах» гына олоро түстүм да, атаҕым таҥаһын уонна наскыбын устуталыы оҕустум. Быллаҥныы сытар бадарааннаах, никсик сыттаах кырыһы батарыта үктээбитинэн тыым иһигэр биирдэ баар буола түстүм. Эрдиибинэн анньыммыппар тыым өсөһүөх курдук гынан иһэн, эмискэччи устан күөгэс гынна.
Тыыбын икки өттүнэн түөрэҥнэтэн ууну баһа сыһан тыым олбоҕор «лах» гына олоро түстүм. Тыыбын өрө-таҥнары уһуннаран эргичиҥнэтэн эрдинэн кулупаайдаатым. Ол ахсын ньамахтары, уулары далбаатаммыппыттан сиэҕим иһинэн, хоонньубунан уу сүүрдэ. Ууну баллырҕаччы чалбааттыырбыттан түргэн үлүгэрдик ньылбы сытыйдым.
Онтон өйбүн-төйбүн булан, сыыйа-баайа тыым сүнньүн көннөрөн, кыралаан сыҕарыйдар сыҕарыйан истим. Устуохтаах сирим хоту тыыбын хайыһыннаран күөлүм уҥуоруттан долгуннура мөхсөр кулун кутуруга оттоох сири одууластым. Аҕам бэлиэр тиийэ охсон, отуостаан эрэр эбит. Хойутаары гыммыппын дии санаат, күөлбүн кытыылаан эрдибитинэн бардым. Тыым эрэһэ долгуну силэйбитинэн, күөгэҥнээбитинэн устан истэ. Туох баар күүспүн мунньунан, дьүккүччү туттан, сыыһа-халты далбаатаан харса суохпар түһэн, эрдинэн кулупаайдаан истим. Устунан илиим үөрэнэн, эрчимнээхтик эрдинэн, аҕабар ньылбы сытыйан тиийдим. Үөрүүбүттэн сүөм үрдээн, тыыбыттан ойон тахсан сонуммун кэпсии аҕабар ойбутум. Ити мин тыыга бастакы сүрэхтэниим этэ.
Илими үтэ үөрэнии кистэлэҥнэрэ
Тыынан устары сатаабыт киһи кэбэҕэстик илими үтэ үөрэнэр. Илими ыллыҥ да үтэн киирэн барыллыбат. Манна эмиэ туспа үөрэх наада.
Илими иилиһиннэрбэккэ үтэр инниттэн илим сааһыланыахтаах. Ол аата – бастаныахтаах. Бастаммыт илими үтэргэ чэпчэки. Саха илимин таастыганнарын уу иһигэр уган олорон, тыыгын тыалга оҕустаран түһэрэр ордук.
Күүстээх тыалга илим үтүллүбэт. Тыыгын долгун түөрэҥнэтэн уунан сабыта охсон тимирдиэн да сөп. Онон эрэһэ долгуҥҥа эбэтэр хара чуумпуга киирэн үтэр хаһан баҕарар ордук буолар.
Билигин саха илиминэн илимниир киһи суоҕун кэриэтэ. Илимньиттэр бары кэриэтэ омук араас илимнэринэн туһаналлар. Илими үтээһин да албастара улаханнык уларыйдылар. Ол эрээри илимнээһин сүрүн ньымата оннунан хаалла.
Кытай илимин саха илимин курдук түһэрдэххинэ, таастыганын сибиниэстэрэ илим хараҕар киирэн иилиһиннэрэллэр. Ол иһин кытай илимин ууга түһэрээри олорон, илим хотоҕосторун уонна таастыганнарын бобо тутан ууга уган сытытар ордук. Онтон таастыганнаах өттүн илими түһэрэр өттүнээҕи атаҕыҥ ньилбэгэр чөмөхтүү ууран, хотоҕостоох өттүгүн биир атаҕыҥ ньилбэгэр кыһарыйа тыыҥ ойоҕоһугар биллэхтии ууран баран, илим харахтаах сиэккэтин атаҕыҥ икки ардынан сахсайбытын хаптата баттыыгын. Чороох маска илим баһын баайаҕын, илими хотоҕостоох, таастыганнаах өттүттэн илиилэргинэн нэлэччи уунаҥната тардыалаан, уу үрдүгэр нэлэччи быраҕа-быраҕа, тыалга үрдэрэн эбэтэр эрдинэҥҥин барбах сыҕарыҥнаан түһэрбитинэн бараҕын. Маннык албаһынан омук илимнэрин хайдах баҕарар күҥҥэ иилиһиннэрбэккэ үтүөххэ сөп.
Илими сарсыарда эрдэ, күнүскү тыал түһэ илигинэ, үтэр, көрөр ордук. Оттон киэһэ күн арҕаалаабытын, күнүскү тыал астыбытын кэннэ көрөр да, үтэр да сынньалаҥ буолар.
Илимниир кэм уонна албастар
Саха киһитэ муус ырбыылаата да илимнээбитинэн барар үгэстээх. Бастакы илим соботун быгыы собото диэн ааттыыллар. Кыстаан, ыран, дьүдьэйэн тахсыбыт собо төһө да амтана мөлтөһүөр буоллар, харарҕаабыт киһи бастакы быгыы собону үөрэ-көтө сиэн ахтылҕанын таһаарар.
Оттон күөллэр муустарыттан босхолоннохторуна, соболор хонуу уутугар истэринэн сына сылдьан ыыллар. Бэс күөлүн собото икки төгүллээн ыыр. Соболор ыамнаан искэхтэрин сылаас ууга ыһан ыарыыланаллар, онон күөллэр чүөмпэлэригэр сөҥөллөр. Ол кэми «дьуоҕарбыт» дииллэр. Собо дьуоҕаран турар кэмигэр илимньит илимин күөл дириҥэр үтэрэ ордук.
От ыйын ортотуттан саҕалаан собо күөл дьаратыгар тахсан, харса суох аһыыр кэмэ саҕаланар. Итинник сайыҥҥы сылаас үрүҥ түүннэргэ маарылыахха, унньуктуохха сөп. Собо кытыылаан аһыыр кэмигэр күөллэр атахтарыгар, саппыйаларыгар илими улахан уу өттүн быһыттыы үтэн, кытыыттан саҕалаан, тыынан төттөрү-таары устан собону үүрэр ньыма – маарылааһын диэн ааттанар. Оттон маарылыан баҕарбат киһи унньуктуур. Ол эбэтэр сайын оройугар илими биэрэги бата кытыылыы үтэн биир-икки чаас кэриҥинэн илими эһэн ылаҕын. Итини унньуктааһын дэнэр.
Сайыммыт сөрүүкүтүйэн күһүнүгэр баран истэҕин ахсын, собо чүөмпэтиттэн тахсан үөрдээн эргийэ устара элбиир. Онон аны тоһуур ньыматынан илими үтүллэр. Ол аата күөллэргэ собо кытыылаан үөрүнэн устара саҕаланнаҕына, илими кытыыттан үөскэ туора үтэн таһааран балыктааһын.
Ити кэмҥэ мутукча көмнөҕө кытарар. Собо кытарбыт ойуур күлүгүттэн куттанан, күнүһүн уу үөһүн былдьаһар, оттон түүнүн үөрүнэн күөлү кытыылыы эргийэр.
Собо баччаларга саамай тупсубут кэмэ. Өлө элбиир, миинэ хоргуннанар. Онон күөллэр тоҥуохтара биэс-алта хонук хаалбытын кэннэ үлүмнэһэн содуоктааһын саҕалананар. Ол аата собону илимтэн арааран, тыыннаахтыы иһиккэ хаайааһын. Содуокка собону хатырыгын алдьаппакка, хааннырдыбакка арааран угуллар. Содуокка сап илим эбэтэр сахалыы өрүллүбүт хоппуруон илим табыгастаахтар. Кытай илимэ собону олус муомахтыыр буолан, собо олус бааһыран ырар-дьүдьэйэр, устунан өлөр.
Күөллэр турдахтарына, муус киһини уйдаҕына, муус аннынан илимнээһин саҕаланар. Итини хомолооһун диибит.
Илимньит, ити курдук илимнээһин араас албастарын туһанан, сылы эргитэ ууттан балык арааһын таһааран, сандалыгын байытыаххын сөп.
Сайыы
Биир дьыл II Күүлэккэ сырыттахпына, анды кэлиитин саҕана кустуур күөлбүт мууһа көтөҕүллэн тахсыбыта. Сааскы тыалтан муус кырылас тыаһа кылыгырыы суугунаабыта. Ити күн олохтоохтор «сайыыны[34 - Сайыы – саас күөл кытыытынан тэстэн, ирэн ойбон курдук дьөллөрүйбүт сир.] булан илимнэ үт» диэтилэр. Андылыахтаах күөлбүтүгэр саас ахсын тахсар сайыыны ыйдылар. Систэн киирэр сыккыс уонна хоруу сааскы муус уутун хамсатар буолан, эрдэ сайыы тахсар диэн быһаардылар.
Мин илим ылан сайыыны көрдүү бардым. Илиммин үтүөхтээх түөлбэм саппыйатыгар кэлэн көтөҕүллүбүт муус кытыытынан устабын уонна эрдиибин хороччу көтөҕөн, тоҥсуйан сайыыны көрдүүбүн. Эрдиим баһынан тоҥсуйдаҕым аайы мууска сааллан бүтэҥитик лүҥсүйэр. Сайыыны көрдүүр сирим син дириҥ, киһи турарынан. Хобордообут[35 - Хобор (хобур) – сиҥэ уута аллара түһэн көтөҕүллүбүт халтаҥ муус.] муус кытыыта долгун сынньарыттан көөрөттөн кылыгырыы тохтор. Мин төттөрү-таары устабын. Мууска ыкса сыһыннахпына, тыым муус үрдүгэр олорон хаалаары ыксатар. Ол иһин муустан тэйэ соҕус туттан сайыыбын көрдүүбүн да булбаппын. Устунан аккаастанан эрдэхпинэ, эрдиим баһа сымнаҕаска ньимис гына киирэн хаалла. «Сайыыларын буллум быһыылаах» дии санаан, чороох маспын сымнаҕас бадарааннаах сиргэ батары анньаат, тыалга оҕустарбытынан илиммин үтэн кэбистим.
Сарсыардааҥҥы кус көтүүтүн кэнниттэн, отуубар тахсаары илиммин көрдүм. Кытыы чороохтон өгдөтөн көрбүтүм, илимим ыраас сытар. Собото суох. Хайыамый, илиммин илиибэр хомуйан эспитинэн бардым. Өр-өтөр буолбакка, ол хомуйа турдахпына, илим ортотугар биир уоннаахха тутар бору-боллоҕор собо бөрөөн туппута ууттан мөхсүбүтүнэн таҕыста. Онтон устунан иккилии, онтон үстүү-түөртүү соболору тыыбар таһаарталаан бардым. Чорооҕум таһыгар ылара-биэрэрэ суох гына илиммэр собо сэбирдэх курдук хойуутук аспыт. Ити күн тыым түгэҕин өрөһөлүү сааскы быгыы собонон толорон отуубар тахсыбытым.
Хайа күөл собото ордугуй
Күөл арааһа элбэх: бэс күөлэ, хара мас күөлэ, алаас күөлэ, тэҥкэ күөлэ, тукулаан күөлэ, о.д.а.
Бэс күөлэ. Аата да этэрин курдук, бэс чагда, маардар, тарыҥнар тардыыларыгар баар кытыытыттан кумах биэрэктээх, үөһүгэр чайдаах, сапропеллаах, бэс сымалатынан угуттаммыт, киһи илиитигэр сыстаҥнас уулаах күөл. Бэс күөл собото атын күөллэртэн уратыта – бөдөҥ, эттээх уонна сиһин уҥуоҕа кытаанах буолар.
Хара мастаах күөл. Алаастыҥы, оттонор ходуһалаах, тулата тиит тыалаах, куталаах, күөлүн анна былыыктаах, муохтаах, собо эриллэр араас оттоох күөл. Маннык күөл собото бэс күөлүнээҕэр көрүҥүнэн кыра, ол эрээри амтанынан, миинэ барарынан, өлө хойуутунан улахан уратылаах.
Алаас күөлэ. Бүлүүһэ ортотугар сытар курдук дьоҕус күөл. Ойуурун саҕата үрдүк таалалардаах. Ардах-хаар уута алаас ортотугар сытар күөлгэ сиҥэрэн киирэрин быһыытынан ходуһатыгар үүнэр ото олус иҥэмтэлээх буолар. Ол да иһин буолуо, собото, быччыыката, мундута, күөнэҕэ олус минньигэһинэн, этэ сымнаҕаһынан уратылаах.
Тэҥкэ күөлэ. Өрүстэр, үрэхтэр тардыыларыгар үөскүүр уута сааһын аайы сайҕана турар уулаах күөл. Тэҥкэ күөлэ өрүһү, үрэҕи кытта сибээстээх буолан, уутугар өрүс балыктаах буолар. Үрэх сүнньүн санатар курдук биэрэгиттэн эмпэрэ сүнньүлээх. Собото өрүс балыктарын кытта алтыһар буолан, лэппиэскэ курдук бөдөҥ. Тэҥкэ күөл олус тыаһырҕас, сыыдам соболордоох.
Тукулаан күөлэ. Бэс тыаҕа сыҕарыйа сылдьар кумахтаах, тукулааннаардаах сир тулааһыннарынан үөскүүр күөл. Тукулаан күөлүгэр өрүс балыгын бары көрүҥүн көрсүөххэ сөп. Маннык күөлгэ быраҥаатта сөбүлээн үөскүүр. Собото бэс күөлүн соботуттан этэ сымнаҕас уонна миинэ барымтыатынан ураты минньигэс амтаннаах.
Уйбаан «тройной ухата»
Биирдэ Уйбаан Силипиэнтэп: «Дьэ, нохолоор, мин «тройной ухаттан» атын миини испэт буола сылдьабын», – диэн хонтуораҕа мустубут дьон ортотугар собо миинин хайдах буһардахха ордук минньийэрин туһунан улахан кэпсэтиини таһааран турар.
Биһигини кырдьаҕастарбыт собо миинин оргуйбутуттан ааҕаннар чаас уон биэс мүнүүтэ буһарарга үөрэппиттэрэ. Биир чаас устата оргуйбут собо миинэ минньийэр, онтон уон биэс мүнүүтэ салгыы оргуйдаҕына, собо миинин астыйар диэн быһаараллара. Бу кэм устата собо үрдэ үрүмэлэнэ, миинэ үрүҥ буола хойдо буһар. Оттон собо бэйэтэ уулла буһан, өлө, искэҕэ, сиһин этэ сииргэ минньигэс амтаннанар. Миинин истэххэ, түөһүҥ иһинэн сайа охсон киирэн, эккинэн бүтүннүү тарҕанан, уҥуохтаргын, эккин-сииҥҥин сымнатан, сытан, сынньанан ылыаххын баҕарталаан кэлэҕин. Собо киһиэхэ ити курдук түргэнник эккэр-хааҥҥар дьайа охсор күүстээх.
Оттон Уйбаан «тройной ухата» диэн биир мииҥҥэ үс төгүл собону уган буһарбыттара ааттанар. Ол аата күөскэ кутуллубут ууга бастакы биэс-алта собону халыкыната түһээт, хоторуллар, онтон ол ууга иккиһин соччо собону хос уган чаас аҥаара буһарыллар уонна эмиэ хоторуллар. Онтон үсүһүн итиччэ собону саҥаттан күөскэ угуллар уонна чаас уон биэс мүнүүтэ оргутуллар. Маннык ньыманан буспут собо миинэ киһи сүһүөҕүн көрбүтүнэн түһэр хойуу, амтаннаах буолар.
Билгэлээһиннэр
Сиргэ сылдьар киһи күнү-дьылы куруутун кэтээн көрүөхтээх. Сылдьарын тухары тулатыгар буолар уларыйыылары болҕойон көрөн, көтөрдөр сырыыларынан, халлаан туругунан, тыалынан-кууһунан билгэлииргэ, күнү-дьылы быһаара үөрэниэхтээх.
Сааскы билгэ
Тыаллаах-куустаах, ардахтаах күннэр үүнээри гыннахтарына, көтөрдөр сырыылара тосту уларыйа түһэр. Холобур, ардах кэлээри гыннаҕына, кураанах кустар от быыһыгар түһэ уонна төттөрү-таары көтө мээрик буолаллар. Оччоҕуна уһун ардахтаах күннэри күүтэҕин.
Халлаан көнөөрү гыннаҕына, тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаара эргийэллэр. Тыыраахы көтө сылдьан тоноҕосчутунан, онтон да атын кынаттаах бырдах үөннэринэн аһыыр. Халлаан былытырдаҕына, салгын баттааһына улаатар, сиик хойдор. Бырдахтар кынаттара сиигирэн сиргэ түһэллэр, окко-маска хорҕойоллор. Оччоҕуна ити көтөрдөрүҥ астарын батыһаннар хонууга хаамса сылдьар буолаллар.
Туллук үөрүнэн сааскы кус үөрүн быһаараллар.
Үгүрүө көтө-көтө үөһэттэн таҥнары куугунаан түһэрэ хойуннаҕына, салгын сылыйар, халлаан көнөр. Сааскы ичигэс салгын илинтэн, соҕурууттан илгийэр.
Бараах үөрэ кэллэҕинэ, кус бары көрүҥэ күргүөмүнэн айанныыр кэмэ саҕаланар.
Хонуу барааҕа кэлиитинэн андыны кэтэһэҕин.
Сааскы халлаан хатаатаҕына, тоҥсоҕой маһы торулата тоҥсуйар. Өскөтүн тоҥсоҕой уһуннук маһы торулата тоҥсуйдаҕына – халлаан уһуннук, оттон кылгастык буоллаҕына – кылгастык хатыыр.
Сааскы салгын арҕааттан, хотуттан ыллаҕына, халлаан хатыыр, тымныы, кэмсиин күннэр үүнэллэр. Кус көтөрө аҕырымныыр.
Илинтэн илгийдэҕинэ – ичигэс ардахха. Үөл кус кэлэр түүннэрэ үүнэллэр.
Күн кытара кыыһан саҕахха олорон киирдэҕинэ – кураан күннэр саҕаланаллар.
Хонуктаан кэлбит ардах хас да күн устата түһэр. Онон уокка оттор маһы элбэҕи бэлэмниир ордук.
Сарсыардаттан саҕалаабыт ардах киэһэнэн астар, онон барыыны-кэлиини ыксаабакка былаанныахха сөп.
Сайыҥҥы билгэ
Ньукуолун таҥаратын күнүгэр ичигэс ардах түстэҕинэ – сайына быйаҥ буолар.
Күөл туманын сиигэ окко түстэҕинэ – сарсыныгар кураан күн үүнэр.
Сарсыарда күөл тумана салгыҥҥа көттөҕүнэ – халлаан былытырар, ардаҕар барар.
Элиэ кистээтэҕинэ – ардаҕы кэтэс.
Тыыраахылар охсуллубут хадьымалга түһэр, бугуллар үрдүлэригэр олортолуур буоллахтарына – ардаҕы күүтэҕин.
Баҕа хадьымалга, хонууга тахсара – ардахха.
Тураах хадьымалга сылдьан баҕалыыра – ардахха.
Тойон ыҥырыа киэһэ хойукка диэри лоҥкуначчы тыаһаан көтөрө – курааҥҥа.
Сайынҥы киэһэҕэ хаһыытаабыт саҥаҥ ыраахха диэри эҥсиллэн дуораһыйар буоллаҕына – кураан күннэр үүнэллэрин бэлиэтэ.
Күһүҥҥү билгэ
Күн чаҕылыйан саҕахха киирдэҕинэ – тымныы хаһыҥнаах түүн буолар.
Мас сэбирдэхтэрэ, мутукчалара хойут түстэхтэринэ – күһүнэ уһуур.
Мутукчатын ыһыктыбака туран, кыстык хаар түстэҕинэ – эһиилги сааһа кураан буолар. Хаары кытта булкуспут мутукча хаара эрдэ ууллар, уутун-хаарын сааскы тыал куурдар, оччоҕо кураан сайыны кэтэс.
Күөл мууһа тыаһаан тоҥноҕуна – күөл балыга үөрдүүр, уу дириҥэр мустар.
Кыһыҥҥы билгэ
Саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына – хаара суох, тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.
Саҥа ый иттэннэри эбэтэр сытыары таҕыстаҕына – былыттаах, хаардаах ичигэс ый үүнэрин билгэтэ.
Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйар.
Кыһынын салгын соҕурууттан, арҕааттан ыллаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.
Хаар көмүрүөтэ элбэх буоллаҕына уулаах, ардахтаах сайыны кэтэһэҕин.
II. Байанай бэлэҕэ
Сонор аартыга
Кэтэспит күһүммүт син тиийэн кэлбитэ эрээри, киһи хайдах да көмүс күһүн дуйун аннынан сылдьабын диэҕин тыла тахсыбат курдук, сайыҥҥылыы күннэр бэрт уһуннук сатыылаабыттара. Хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрэ, тиит мас мутукчата түспэккэ тыаһы-ууһу, сыты-сымары эркин курдук хаххалыы турбуттара. Тарыҥнар, маардар тоҥмокколор кута курдук кутаҥнаһан, тыынар тыыннааҕы аһардыбаттыы быһыттаан сыппыттара. Ол эрэн төһө да дьыл хойутаабытын үрдүнэн, булчуттар болдьоспут «тоҥус болдьоҕунан» бултуур ыырдарыгар тахсаллар.
Эр киһи барахсан, маннык түгэҥҥэ түмүгэ хаһан да көстүбэт дьиэ үлэтиттэн босхоломмут үөрүүтүттэн, булт абылаҥнаах соноругар курдаттыы тартарар соргутуттан, доҕотторун кытта көрсүбүт балысханнаах түгэниттэн, туттардыын-хаптардыын, саҥалыын-иҥэлиин уларыйар, сүөм үрдээн, өйө-санаата эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр уолан курдук ис-иһиттэн кыдьыктанан уһуктар.
Булт ыыра төһөнөн кэҥиир да, оччонон айаныҥ эрэйдээх эндирэ элбиир. Ол эрээри булчут киһи бултуур ыырыгар тиийэ охсоору сэттэ моһолу туораан, сылайарын-элэйэрин аахсыбакка, айаҥҥа, булка көрсүбүт ороскуотун аахпакка, биир бэргэн, хатыламмат ытыыны оҥороору ханна-ханна тиийбэтэҕэй, туохха-туохха түбэспэтэҕэй?
Биһиги эмиэ биир итинник күн үҥэр-сүктэр Аар Тойоммут көҥүлүнэн, Аан Алахчын Хотун көмөтүнэн, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас кэһиитинэн, Бырдьа Бытык – Хатан Тэмиэрийэ холумтанынан баай хара тыабыт хоннохторун арыйаммыт, уостан бараммат уулардаах үрэхтэрбит систэрин сыыйаары, саныыр-саныыр сирдэрбитин өҥөйтөлөөн көрөөрүбүт бултуур ыырбытыгар кэлбиппит.
Олохтоммут үгэс быһыытынан, бастакы үүтээҥҥэ бары кэлэн уот оттон, ас кээһэн, күөс буһарынан, кэргэттэрбит астаабыт ыһык астарынан сандалыбытын хоточчу ууран баран, налыйан олороммут аһаатыбыт. Баай хара тыабыт хоннохторунан сылдьан ким хайдах бултаабытын кэпсиирин болҕойон истэ олорон, онно эмиэ кыттыыны бииргэ ылбыт курдук сананан, үөрэн мичиҥнэһэбит.
Булчут ыыра
Сүбэ быһыытынан, икки бөлөххө араҕыстыбыт. Итинник быһаарыныы төрүөтэ судургу. Бастакытынан, бары биир үүтээҥҥэ батан хоммоппут. Иккиһинэн, бултуур ыыры кэҥэтээри, кыыллар ыырдарын кылгас кэм иһинэн сөпкө быһаарар сыалтан.
Бастакы бөлөхтөр – полковойдар. Иккистэр – куочуктар.
Полковойдар – сир быта дьон. Кинилэр бултуохтаах сирдэрбитинэн, урукку өттүгэр курдарыта түһүтэлээн, бу эргин баар тукулааннары, маардары, тарыҥнары барыларын биэс тарбахтарын курдук билбит дьон. Аҥаардас Сэмэҥкэ-Полковой бу дойдуга биһигин ыйаабыт киһи. Оттон Битээлий үчүгэй «дьы-пы-с» курдук көнө «сүнньүлээх». Кини хайысхатын сөпкө тутарынан, хайдахтаах да балаһыанньаҕа эрийэ-буруйа хаампакка тиийиэхтээх сиригэр ыппыт охтуу тиийэр киһи.
Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, маннык буолбуттаах. Биирдэ уолаттар лаабыс оҥороннор хараҥаҕа ылларбыттар. Сиргэ хонуохтарын таҥастара чараас уонна ыһыктара суох. Массыыналара буоллаҕына лаабыстаах сирдэриттэн икки көстөөх сиргэ бэс ойуур быыһыгар хаалбыт. Сис оройугар турар массыынаны им балайга булар уустуга чахчы. Ким бэриэтчиттиирин быһаарсыбыттар. Өрүү бастыыр Куочук «уҥа атаҕым халытар» диэн аккаастаммыт. Куола уол «сирбин үчүгэйдик билбэппин» диэн батан кэбиспит. Кэлин тиһэҕэр «Битээлий бастаатын» диэн уолаттар Битээлийдэрин кэннигэр киирэн субуруһа турунан кэбиспиттэр. Битээлий көхсүн этитэн баран, барыара халыйбыт хараҥаны хантайан одуулаамахтаабыт, ол кэннэ «бу диэки» диэт, хаампытынан барбыт. Ити курдук, ытыс таһынар хараҥаны ортотунан хаамсан массыыналарыгар уон хаамыынан туора тахсан кэлбиттэр. Уолаттар үөрүүлэриттэн Битээлийдэригэр: «Халытаҥҥын, уон хаамыыны ордук хаамтардыҥ!» – диэн хаадьыласпыттар.
Тээппин. Кинини лөкөчөөттөр итинник ааттыыллар. Тээппин аҕата эдэр сылдьан бу сирдэринэн сылдьан бултаабыт, онтон сиэттэрэн бу сиргэ бултуур үгэстэммит. «Бастаан утаа доруоп саанан, сүнньүөҕүнэн бултуурбут. Табаларга чугаһыы сатаан оннооҕор бэйэбит таба буоларбыт», – диэн Тээппин кэпсээнин саҕалыыр.
– Тарыҥ үрэххэ киирэн кэлбиппит, арай, табалар мэччийэ сылдьаллар. Туохха эмит хаххаланан чугаһыахпытын, киһи наадыйдаҕына, сүөм да саҕа мас суох буолан биэрдэ. Остуол сирэйин курдук киллэм ыраас сиргэ киирэн хааллыбыт. Балаһыанньа уустугурда. Толкуйдуу түһэн баран, «табалыы хаамыахха» диэн өй көтөн түстэ. Куочук атыыр табаны үтүктэн илиитигэр саатын туора тутан баран илиитин өрө уунна. Оттон мин Куочугу биилиттэн кууһаммын, таба кэннэ буолан хаамыстыбыт. Арай, атыыр табабыт биһигини боотургуу көрдө быһыылаах, утары сүүрэн кэллэ эрээри икки сүүс миэтирэттэн ордук чугаһаабат. Одуулуур. Тула холоруктуур, сири табыйар, муоһунан суоһурҕанар.
Ити кэмигэр биһиги ытан тигинэтэбит да сүнньүөхпүт хантан тиийиэй. Сүнньүөхтэрбит атыыр иннигэр сиргэ түһэн муоҕу бурҕаҥнаталларын көрөбүт эрэ. Ыттыбыт да табабыт тэйэн хаалар. Онтон өтөр соҕус буолаат, эмиэ төннөн кэлэр. Ким эрэ салгыҥҥа суруйан кэбиспитин курдук, көстүбэт кыраныыссанан ордук хос чугаһаспаппыт. Абалаах баҕайы этэ, ааста эрэ диэн. Билиҥҥибит курдук күүстээх саалардаахпыт эбитэ буоллар, – диэн Тээппин үөһэ тыынар, саҥа атыыласпыт «Тигр» карабинын илиитигэр ылан кыҥаталаан көрөр.
Уолаттар күө-дьаа буолан бултуохтаах сирдэригэр «Иччилээххэ» бардылар. «Куочуктар» бөлөхтөрүгэр мин бырааппынаан хааллыбыт. Биһигини кытта «Кулууп Өлөксөйө» бултаһар буолла. Өлөксөй Уоһукап – Куола бииргэ төрөөбүт убайа. Кини ыал буолан дойдутуттан көһөн, Нам Хатырыгар олохсуйбут. Бу олорор үүтээммитин Өлөксөй Халбаакы Бааската уонна Быччах Баһылай диэн булчуттары кытта бу эргин бултаары туттубуттар. Онон, дьиҥэр, Өлөксөй туппут үүтээнигэр күөлэһийэ таалалыы сылдьар эбиппит. Быйылгы булка Өлөксөй сиригэр-уотугар ыалдьыт курдук ахтылҕанын таһаара кэлбит.
Куочук сааһынан төһө да эдэрин иһин, бу сиргэ бас-көс киһибит. Кини былаанныырынан кэлии-барыы оҥоһуллар. Кини бу сиргэ егерь курдук сылдьар. Кыһыннары, сайыннары эргиччи бокуойа суох түбүгүрэр. Кини бултуурун таһынан, сайынын дьахтар аймаҕы батыһыннара сылдьан, сир астатар үгэстэммит. Дьахталлар бу сиргэ ордук сугуну кыайа хомуйар буолбуттар.
– Дьахталлар бааллар эбит туохтан да толлубат, чаҕыйбат дьон. Массыына батылыннаҕына кымырдаҕастар курдук мас хомуйа бытарыһаллар, массыына анньыыта тирээтэҕинэ кытай аармыйатын саллааттарын курдук, массыына тула саба түһэн, үтүрүйэн эбэтэр соһон, ороон ылаллар. Дьахталлар диэн итинник дьон, – диэн сөҕөр Куочук. – Бэл, кинилэри эһэкээн чаҕыппат. Төһө да эһэкээн аттыларыгар баарын араастык биллэрдэр да, отоннооһун абылаҥа син биир баһыйар. Син мэһэмээннэрин, биэдэрэлэрин толорбут буолаллар, – диэн кэпсиир.
Бу да сырыыга Куочук төбөтүгэр оҥоһуллубут былаанынан булт соноругар турдубут. Өлөксөйдөөх Антон бииргэ, оттон мин Куочуктуун хаамар буоллубут.
Эт быстыыта
Былырыын баччаларга, ол аата балаҕан ыйын ортотугар, самахпытыгар диэри хаары оймуу сылдьыбыт буоллахпытына, билигин хара сиринэн хаамсабыт. Былырыын манан үрэх тардыытыгар бары кэккэлэһэн олорон хаартыскаҕа түспүт, сынньаммыт маспытын сааскы уу сыҕарыппатах.
Мин сылдьыбыт сирбин билэн, бэрт сэргэхтик туттабын. Куочук тукулаан кумахтарыгар ойууланан хаалбыт кыыллар суолларын кыҥастаһар уонна илиитинэн салгыны хайыта суруйтуур. Ити аата кини кумахха суолларын хаалларбыт кыыллар хайа туһунан барбыттарын уонна ханна тиийэн тохтуохтаахтарын быһаарар быһыыта.
Сэргэлээх күөлгэ кэллибит. Былырыын бу күөлгэ бырдыбыт быстан, чэйдээбиппит, гречка хааһы сиэбиппит. Онно гречка хааһы минньигэс да этэ. Кырдьыга баара, аччыктаатахха оннооҕор хоручуоска кытта минньийэр. Оттон гречка арыыга тумаламмыта минньигэһэ ураты этэ. Манна Дьаакып сойоору этин хаарынан сууммута. Оттон быйыл чэй өрүнэргэ ытыс уу булбаккабыт, ыксааммыт тайах маары туорууругар бадарааннаабыт олугуттан куруусканан сомсон ууланныбыт. Ити курдук сир-дойду улаханнык да курааннаабыт этэ. Сискэ, тарыҥҥа адьаһын уу суох буолбут. Онон тайахтар уулаах сирдэринэн үрэхтэри бата үөл сиргэ тохтообут чинчилэммиттэрэ. «Сарсын бу сиртэн бардахха табыллыыһы», – диэн Куочук тойоннуур.
Сэргэлээххэ иккиһин эргиллэн кэллибит. Чэйдээтибит. Күөл уута тайах олугун уутун курдук буолуо дуо, быдан ыраас, утаҕы ханнарар амтаннаах. Чэйдии олордохпутуна, үөһэттэн кынаттарын сараппытынан куоҕас түһэн ууну барылатта. Чэрэс диэн ыппыт урут харахтаабатах көтөрүн көрөн соһуйда, күөл кыламаныгар диэри киирэн, күөнүнэн ууну ыга анньан, хамсаабакка одууласта. Өр-өтөр буолбата, аны иккис куоҕас тайааран кэлэн түстэ.
Бастакы күҥҥэ олус уһуннук хаамтыбыт, онон атахпын ыарыттым. Ордук хаҥас быттыгым атахпын атыллаппат гына быһа тардан ыарыйда. Маннык туругунан сарсын хаамар саарбахтанна. Үүтээммитигэр им балай хараҥаҕа кэллибит. Сүүскэ кэтэр банаардаах буоламмыт суолбутун сырдатынан эрэйдэммэтибит. Ити күн уон икки чаас хаампыт этибит.
Эти үөрэппэккэ эрэ итинник уһуннук тоҕо түһэн хаамыы эрчиллиитэ суох, этэ куурбатах киһи сэниэтин эһэр, этин-сиинин ыарытыннарар. Онон булт бастакы күннэригэр харыстана соҕус хаамыллыахтаах.
Саҥа хаар
Сарсыарданан халлаан суһуктуйуута таһырдьа тахсан киирдим. Арай, тула өттүм сып-сырдык буолбут. От-мас, сир-дойду сыа хаарынан тэлгэммит. Хаар түспүтүн туһуна сонуннаах үүтээммэр киирэбин. Ону истэн, дьонум күө-дьаа буола түстүлэр. Киирии-тахсыы элбээтэ.
Ханнык булчут күүппэтэҕэй, – кыраһа хаары, бастакы хаары. Бары да сүргэбит көтөҕүллэн ким итии чэй, ким хатан кофе истибит. Бу олорон ким тугу түһээбитин ырытыы буолла. Аҕа киһибитигэр түүл көстүбэтэх. Антон «түһээччим суох» диэн батан кэбистэ.
Оттон мин түһээтэхпинэ, арай Куочук массыынатыгар бу сир олохтоох уолаттара ыгыта симсэн олорон иһэллэр. Бэс тукулаанын туораан тахсыыларыгар үс дьахтар массыынаны тохтотор уонна массыына иһигэр аҕамсыйбыт көрүҥнээх дьахтар киирдэ да, кып-кыһыл уостарын чорбоҥноппутунан уолаттары кырыыламмыт харахтарынан сып-сытыытык тэһитэ көрүтэлии-көрүтэлии саҥаран талыгыраабытынан барар. Дьахтар төтөлө суох кылыгыраабыт саҥата массыына иһигэр дуорааннанан ньуу-ньаа умайыктанна. Кини чопчу туох диэн саҥарарын сатаан истибэппин эрээри, олохтоох уолаттарга туохтан эрэ улаханнык кыыһырбыт көрүҥнээх.
Түүлү тойоннооһун саҕаламмытыгар, Өлөксөй: «Уоккутун аһатыҥ!» – диэтэ. Куочук оһоҕун күөдьүтэн, уотугар ас кээстэ.
Ыт диэбитим бөрө эбит
Ити күн Антоннаах Өлөксөй иккис үүтээҥҥэ барбыттара. Биһиги Дьороон тамаҕын көрөөрү хаалбыппыт. Атаҕым үктэннэрбэккэ аараттан төнүннүм. Силбиктээх, инчэҕэй күн үүммүт. Үүтээммэр кэлэн сыттым. Утуйан ылбыппын, таһырдьа тахсыбытым остуол үрдүгэр Полковой ыта тахсан турар эбит.
Ыт аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбытын өйдөөн көрөммүн, ыты аһыммычча, ас биэрэрдии илиибин ууммуппар, ытым тиистэрин килэтэн көхсүн суостаахтык киҥинэйэ тыаһатта. Онуоха болҕойон сирийэ одуулаабытым, доҕоор, атын кыыл мардьаллан турар эбит. Бөрөтүн билэммин, тымныы уунан саба ыстарбыттыы, тилэхпиттэн саҕалаан кэтэхпэр диэри этим аһыллан «дьар» гына түстэ. Уолуйа соһуйбуппуттан, тыыным кылгаата, кэннибинэн чынарыҥнаан иһэммин, эргичис гынным да, кыаһыланан хаалбыт атахтарбын соһоммун үүтээммэр сүүрдүм. Тыын быһаҕаһынан тыынаммын, ааммын саба тардан эрдэхпинэ, ааным быыһынан кыбылла-кыбылла, сүр улахан бөрө төбөтө былтас гына түстэ. Ынчыктаһыы буолла. Бөрөнү иһирдьэ киллэримээри кыаҕым тиийэринэн ааммын хам тардан чиччигинээтим. Бөрө ааҥҥа моойдоох баһын кыбыттаран, хабырынар икки, ырдьыгыныыр икки ардынан кырдьыгынаабытынан ааммын тоҕута кэйиэлээн, лиһиргэтэн, устунан ньылбырыйдар-ньылбырыйан, эмискэ үлүгэр үүтээним ортотугар баар буола түстэ. Иэдээн буолла. Бөрө миигин сиэри түүрүллэ түстэ да, сүр улаханнык айаҕын аппытынан үрдүбэр ыстанан кэбистэ. Үрдүбэр ыстанан иһэр бөрөнү сабарҕайыттан харбаабытынан, наараҕа тас иэмминэн баран түстүм. Кулаачыктаспытынан кус түүлээх матарааһы хайа тэбэн аастыбыт. Эмискэ үүтээн иһэ кус түүтүнэн ыһылынна, тыас-уус өрө тилигирии түстэ. Бөрө сиирэ буолла. Ыарахан баҕайы атахтарынан түөспүттэн сиирэ-халта үктэнитэлээтэ. Хабарҕабын быһа хадьырыйыахтыы тииһин тииһигэр лаһырҕатта. Айаҕыттан унньулуйа санньыйбыт сыраана икки дьабадьытынан сирэйбэр, түөспэр тоҕунна. Барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ буолла. Тутуһуу кытаанаҕа, тыын-тыыҥҥа харбас үлүгэрэ буолла. Уһуну-киэҥи өйдүү барбакка, бөрө дьаллаччы аппыт айаҕынан, тоҕонохпор диэри илиибин батары саайдым уонна тылын төрдүттэн күүһүм тиийэринэн бобо туттум. Бөрө сыҥааҕа ытыстан, хараҕын үрүҥүнэн бүлтэччи көрөн, эрбии тииһинии кэчигирэспит ардай аһыытынан айаҕын иһигэр батары укпут харыбын сатаан быһа хадьырыйбакка өрүтэ чиччигинээтэ. Аны бөрөм миигиттэн төлөрүйэ сатаан, миигин наараттан муостаҕа состо. Аны муостанан төкүнүстүбүт. Остуолу түөрэ тэптибит. Иһит-хомуос күөрэ-лаҥкы ыһылынна. Биирдэ өйдөөбүтүм быһахпын илиибэр ылбыт этим. Тыын-тыыҥҥа харбас, туох баар күүспүнэн өрө кэдэрийэ түһээт, бөрөнү быһаҕым уга ойоҕоско сааллыар диэри «кип» гына кибилиннэрдим. Ону кытта сибилигин аҕай сиэх-аһыах буолбут адьырҕам үөһүн тартарбыттыы орулаабытынан таһырдьаны былдьаста.
Өйдөнөн кэлбитим, наарабар олорор эбиппин. Кус тэллэх матараас хайдыбатах, үүтээн иһигэр кус түүтэ ыһыллыбатах, остуол түөрэ тэбиллибэтэх, иһит-хомуос ыһыллыбатах, кыыннаах быһаҕым өттүкпэр иилиллибит, оттон сүрэҕим буоллаҕына, айахпынан уһулу ойон тахсыахтыы баллыгыраччы тэппит. Уоскуйаарыбын таһырдьа тахсыбытым, аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбыт, «полковой» ыта, остуол үрдүгэр тахсан турар эбит. Ыт миигин көрөн, мөҕүллүмээри ыйылаабытынан сиргэ ыстанан, куотан унньулуйда.
Тула өттүбүн сирийэн одуулаһа көрбүтүм, сарсыардааҥҥы хаар ууллан, хаһан да хаар түспэтэҕин курдук, от-мас силбигирэн, ардах түһэринии, таммахтар тобугуруу саккыраабыттар.
Сотору соҕус массыына сыыгынаан кэлэн, үүтээн кэтэҕэр тохтоото. Тээппин Дьокуускайтан кэлиэхтээх биллэҕин көрсө дьиэлээн иһэрин кэпсээтэ. Мантан лебедка ылаары суолтан туораабыт.
Тээппиҥҥэ түһээбиппин дуу, баттаппыппын дуу эбэтэр илэ дуу, түүл дуу аҥаардаах кэпсээммин кэпсээбиппэр уолум саҥата суох истэн кэбистэ уонна бараары олорон: «Урут бу эргин бөрө саҕынньахтаах идэлээх кырдьаҕас олорбута дииллэрэ. Түүлгэр ол билиннэ ини. Ол гынан баран, ол кырдьаҕас ыыра манан буолуо суохтаах этэ?!.. Тоҕо манна биллибитин быһаарар кыаҕым суох… Ноо, сотору тойонуҥ ньылбы сытыйан кэлиэҕэ. Уоккун-күөскүн кытаат. Эһэкээҥҥин аһат, ааттас. Чэ, мин бардым», – диэтэ.
Түүллээх булт
Биһиги эрдэ туран, сып-сап хомунан «Быччах» үүтээнигэр бардыбыт. Умайбыт бэс ойууру сыыйан дьоммут саҥа туран сарсыардааҥҥы чэйдэрин саҥардыы иһэ олордохторуна баттыы кэллибит. Куочук Өлөксөйгө тайаҕы ыппытын, ол тайах барбыт хайысхатын ыйан, бүгүн хаамыахтаах хайысхаларын быһааран биэрдэ. Антон ыттар тайахха барбаттарын, ордук эриэн ыт сүрэҕэлдьиирин, киһи кэнниттэн сылдьарын, тайаҕы сатаан ирдээбэттэриттэн бултуйбакка сылдьалларын абаккаран кэпсээтэ.
Дьоммутуттан арахсан, илим үтэ бардыбыт. Куочук этэринэн, бу күөл уоннаахха тутар бөдөҥ соболоох. Киһини уйар муох быыстаах кутаҥнас кутанан эрэһиинэ тыыбын соһон, биэрэгиттэн эмпэрэтиҥи болоорхой уулаах, төгүрүктүҥү моһуоннаах күөлгэ икки илими үөс чорооххо холбуу баайталаан, илимнэрбин икки аҥыы атытан сэлэлии биэрэги бата үтэн кэбистим. «Эбэ Хотун бэристэҕинэ бэйэбит айахпытыгар уонна ыттарга ас баар буолуоҕа», – диэн бигэ санаалаах кытыыга таҕыстым. Мантан салгыы Тарыҥ үрэх уҥуор тахсыахтаахпыт. Сынньана олорон Куочукка түүлбүн кэпсиибин.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614493?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
notes
1
Аартык – суол саҕаланар төрдө.
2
Эбэ – бултуур күөл харысхал аата.
3
Кулуһун – күөс күөстэнэр кутаа онно.
4
Оллоон – чэй өрүнэргэ күөһү (биэдэрэни, хочуолу) ыйыыр мас.
5
Үөттүрэх – уоту булкуйар мас.
6
Үүтээн уораана – уһун кэмҥэ тоҥон турбут үүтээн тымныйбыт (уораана) салгына.
7
Хомурах куһа – сааскы бастакы кустар.
8
Сиҥэ – муус үрдүнэн халыйбыт хаар былаастаах уу.
9
Мончуук – тыыннаах куһу үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кус күлүгэ.
10
Хомурах кумаара – кытархайдыҥы дьүһүннээх, дыыгынас саҥалаах бөдөҥ кумаар.
11
Сыымах – кыралаан, сыыйан курдук, кус өлгөмө суохтук айанныыр кэмэ.
12
Ырбыы – күөл мууһун быһыта сиэн ууну кытыытынан эргийэ тахсыбыт дьуххарбыт уу.
13
«Арай кусчут манньыйар» – ааптар.
14
Үөл кус – уу куһа. Киирэллэр: умсаах, биргинэх, орулуос, о.д.а.
15
Анды – турпан (нуучч.) Муора куһа.
16
Этэҕэ – бормыш (нуучч.) Таракаан курдук күөхтүҥү өҥнөөх уу үөнэ.
17
Дурда – булчут куска олорор хаххата.
18
Ыам кумаара – собо ыамын кэмигэр кыынньан тахсар бырдах бииһэ.
19
Амахтаабыт кус – тыһытыттан арахсыбыт атыыр кус.
20
Бырдах – киһи, сүөһү хаанын уулуур дыыгынас саҥалаах кынаттаах үөн.
21
Кэйээриҥнээһин – күөлү кыйа устан, тыалга оҕустаран, андылар кэннилэриттэн батыһан кустары үүрэн ытыы албаһа.
22
Быыралааһын – чуумпуга күөлгэ киирэн хойобул кустары умуһуннара сылдьан, көбөн тахсыбыттары ытан ылыы албаһа.
23
Сорсу куһа – сайын тыһыларыттан арахсан, үөрдээн сылдьар атыыр кус.
24
Сара – сайын түүлээн, көппөт буолан биир сиргэ сылдьар кустар.
25
Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.
26
Халбыйан ытыы – кус иннин күөйэ көрөн ытыы.
27
Тоһуйар – үөһэттэн иһин ыһыктынан, эйэҥэлээн түһэн эрэр куһу утары тоһуйан тумсун кыһарыйа ытыы.
28
Сырыһыннарыы – саҥа тэйэн эрэр куһу кэнниттэн ытыы.
29
Сэһээккэ – үрдэ аһаҕас кус маныыр хахха.
30
Тимэх уу – сүрүн ууттан арахсан турар көлүччэтиҥи эбэтэр ходуһа хотоолугар тахсыбыт уу.
31
Хоруол мончуук – сэһээккэ иннигэр олордуллар соҕотох мончуук.
32
Кынат мончууктар – сэһээккэни икки өттүнэн үтүллэр мончууктар.
33
Сыма – былыр күһүн мундуну буһаран баран, сири хаһан эбэтэр уһаакка симэн салгын киирбэт гына сабан хаһааныллыбыта.
34
Сайыы – саас күөл кытыытынан тэстэн, ирэн ойбон курдук дьөллөрүйбүт сир.
35
Хобор (хобур) – сиҥэ уута аллара түһэн көтөҕүллүбүт халтаҥ муус.