Эн онно хайаан да тиий

Эн онно хайаан да тиий
Николай Афанасьевич Босиков


Талааннаах суруйааччы Николай Босиков айымньыларын хомуурунньугар хайа да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт уопсастыба күннээҕи кыһалҕата, сиэрэ-майгыта, уоллаах кыыс туҥуй маҥнайгы тапталлара, киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин кэрэ айылҕата олус бэргэнник, судургу тылынан сэһэргэнэр.

В сборнике повестей известного писателя Якутии Николая Босикова описываются житейские проблемы общества, первая искренняя любовь, чарующая красота природы необъятной Якутии. Автор пишет простым, понятным языком, который способен дотронуться до сердца каждого читателя.





Босиков Николай Афанасьевич

Эн онно хайаан да тиий





БИҺИГИ НЬУРГУҺУММУТ





МУУСТАР


Бэйэ-бэйэлэрин кытта үтүһэ-анньыһа, хабырыһа сатыы-сатыы аа-дьуо устан иһэр муустары, Лена барахсан сааскы көмүөлүн көрө туран, мин бэрт өрдөөҕүнү, уонтан тахса сыллааҕыны, санаан кэллим. Биһиги оччолорго студент этибит. Эмиэ ыам ыйын тиһэх күннэринээҕи күп-күөх халлаан, сып-сырдык түүн дьикти холкутук талбаара сытара. Оо, ол түүнү олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Аппа үрдүнээҕи олордуу мастар көҕөрөн эрэллэрэ, киһи сүргэтин, өйүн-санаатын өрүкүтэр туох эрэ сатаан этиллибэт кэрэ, эйигин кытары аргыстаһан бииргэ сылдьара да, ону таба көрбөтүҥ. Кинини эйигиттэн ким эрэ, саас дуу, эдэр тэбэнэт дуу, сөбүлүү көрөр кыыһыҥ килбик, уу долгунун курдук, ураты намыын быһыыта-майгыта дуу кистиирэ.

Мин ол түүн, бу биэрэккэ, оргуйар омуннаах олохторо ууллан бүгэн, Лена эбэ хотун кур күүһүгэр кыаттаран, эмиэ бу курдук хабырына, хайа баран лып-лыҥкынас, сып-сырдык утахтарын мүччү тутан, күөх далайга куоттара иһэр муустары көрөн, киһи дьылҕатын онно дьүөрэлии санаан, саныы түһэн олорбутум. Кырдьык да, оннукка дылы эбээт! Чэгиэн бэйэлээх күһүҥҥү муус, син биир киһи курдук, олох ыарын, кыһын кыыдаанын, эриирин-мускуурун уйан, халыҥаан, баараҕадыйан, сааска тиийэн, син биир кырдьыбыт киһи курдук, муударай, холку буола муостуйан баран, дьэ кэлэр кэлбитинии, утах утаҕа, үүдэһин үүдэһинэ, ити лыҥкыныы тохтон, ити күүркэнньик буолан, ууну кытта ууга кубулуйан, салгыны кытта салгыҥҥа симэлийэн эрдэҕэ. Кини олорон ааспыт бэлиэтэ – ити лыҥкынас дорҕоон, ити бэйэ-бэйэтин кытта аалсыһар, хабырыйсар нүһэр ырыа дуу, түгэҕэ суох, бүппэт кэпсээн дуу буоллаҕа.

– Муус саҥатын истэҕин дуо?

Мин төбөбүн өндөтөн, чуор, чэбдик, лыҥкынас саҥа диэки көрө түспүтүм. Тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс ырбаахылаах, хап-харанан көрбүт, хатыҥыр студентка наһаа холкутук быар куустан, миигин үрдүбүнэн үөскэ үөмэхтэһэр муустары, Лена уҥуоргу иирэлэрин көрө сатыы турара.

– Мууһу көрөбүн, эн муус саҥатын истэҕин дуо? Туох дииллэрий? – диэбитинэн мин кырдьаҕас иирэм төрдүттэн туран кэлбитим.

– Истиминэ… Быдан дьылларга быраһаайдарыҥ! Биһиги эһигинниин аны көрсүөхпүт суоҕа дииллэр, эн истибэккин дуо? – диэбитэ кыысчаан, биллэ-биллибэттик өрө тыынан кэбиһэн баран. Хараҕын саппыт чараас халтаһалара, уһун кыламаннара, субу көтөн тахсыахха айылаах хаастара, көбүс-көнө, эттээх бөтөҕөлөөх атахтара, санныгар бырахпыт суһуоҕа – бука барыта, сааскы түүнү курдат сайара.

– Мин эмиэ итини саныы, эн истибиккин истэ олорбутум ээ, – диэтим.

– Кырдьык дуо? Кырдьык оннук! – диэн үөрэ түспүтэ кини. Биһиги билсибиппит. Кини Тома диэн этэ. Мин санаам сырдыы, уларыйа түспүтэ. Бэйэ-бэйэлэрин сүксүһэр, хабырыйсар сааскы көмүөл мууһа ыраатан бэйэлэрин тиһэх эрээри көҥүл ырыаларын ыллаан дьалкылла, эҥсиллэ турбуттара. Манна Лена үрдүгэр, күөх биэрэккэ, Тома уонна мин туран хаалбыппыт. Биһиги таспытыгар ким да суох: бу орто дойдуга иккиэйэх эрэ этибит. Оо, ол оннук мүнүүтэ ураты да кэрэ буоллаҕа. Кимиэхэ да, хаһан да ол түгэн умнуллубатын!

Мин бүгүн муустары уратытык көрөбүн. Сорохторо бөдөҥнөр, сорохторо кыралар. Бөдөҥ муустар, кыра муустары хампы анньан, тоҕо үтүрүйэн ааһаллар. Ол хайдах эрэ ыарыылаахха дылы. Кинилэр быыстарыгар эдэр, кырдьаҕас муустар бааллар эбээт! Кырдьаҕас муус хараарбыт, олох туох баар тымныытын, итиитин, кирин-хаҕын иҥэриммит курдук хара, дьэбир, тыйыс. Эдэр муус сырдык – мин оччотооҕуга, эдэр эрдэхпинэ көрсүбүт эдэркээн кыыспын – Томаны санатар.

Муустар, Лена муустара, ааһа, саҥаттан саҥаны бар дьоҥҥо кэпсии туруҥ!




НЬУРГУҺУН ЫРЫАТА


Биһиги тыаҕа, сааскы тыаҕа, сылдьабыт. Көҕөрөн эрэр мутукча, мыраан сирэйин толору үүммүт ньургуһун – көрүөхтэн кэрэ. Ким барыта сүүрүөн-көтүөн, ыллыан-туойуон курдук. Бу чэбдигин, бу салгына ырааһын! Туох барыта лыҥкынаан, чаҕылыйан олорор. Ньургуһун ыллыыр. Хаһан иһиттим этэй мин бу сааскы ньургуһун ырыатын? Ол саас Чочур Мыраан тэллэҕэр истибитим. «Ол саас» диэн ити мин Тамараны көрсүбүт, кини саҥатын аан маҥнай истибит сааспын ааттыыбын. Биһиги онно саас, экзамен саҕана, учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олорбуппут. Биһигини кытта Петя диэн хоту дойду уола, быһыта баттаан, хайдах эрэ тыгыалатан саҥарар уол баара. Көнө, ураты, муҥутах, тугу эт – барытын кырдьыктанан иһэр үгэстээҕэ. Оччолорго оонньооботох, күлбэтэх кэлиэ дуо? Ол ахсын киһи көнөтө Петя түбэһэрэ. Мин билигин да үчүгэйдик өйдүүбүн:

Үөлгэ-дьүөлгэ,
Түүҥҥү бүккэ,
Уолбут Бүөккэ
Кимниин бүктэ?

– диэн, ким эрэ, хоһоону, көрү таптыыр, бэйиэтимсийэр студент суруйан кэбиспит строкаларын. Ити кыһыылаах строканы аахтахха Петя чахчы ыксыыра. Кини кыыстыын кэпсэппитэ, тугу эмэ ыйыппыта күлүү буолан иһэрэ. Ол аны санаатахха төһө да олуона курдугун иһин, сүрдээх үчүгэй, сэргэх, эдэр саас тыыннаах өйдөбүлэ буолар ураты күүстээх эбиттэр.

Биирдэ биһиги тыаҕа тахсыбыппыт. Кыргыттары кытта Тома кэлсибитэ. Кини биһиги икки ардыбытыгар, били сааскы Лена биэрэгэр көрсүһүөхпүтүттэн, туох эрэ сатаан этиллибэт, сатаан өйдөнүллүбэт уустук сыһыан баар буолан хаалбыт. Сороҕор олус тоҥуйдук, хаһан да кэпсэппэтэх, эн-мин дэспэтэх дьон курдук, сороҕор төһө да ырааҕын, атын дьоҥҥо биллибэтэҕин иһин истиҥник, төннүбэттик көрсүһэрбит. Кини ол күн, биһиги тыаҕа таҕыстахпыт күн, ордук кэрэтийбит этэ. Биһиги бары Чочур Мырааны дабайбыппыт. Мин мэлдьи инники этим. Ким кыайан тахсыбатахха, халты тэбиммиккэ, ыксаабыкка илиибин биэрэн көмөлөһөрүм. Ол сырыттахпына, дьолго, Тома түбэспитэ. Биһиги хайа үрдүгэр дылы сиэттиһэн тахсыбыппыт. Кини илиитин сылааһа миэхэ биллэрэ. Үөрбүтүм. Дьолломмутум. Этэргэ дылы, «сүрэҕим тэбиитэ – сүүрүк ат битиитэ» буолбута. Күн ордук ырааһырбыта. Сааскы ыам ыйдааҕы халлаан ордук үрдээбитэ. Хайа үрдүгэр, саҥа бытыгыраабыт күөх хонууга эргиччи олорон аһаабыппыт. Аспыт боростуой, ис киирбэх, кэмчи этэ. Ол оннугар ырыата-тойуга, оонньуута-көрө үксэ. Күнтэн, халлаантан, чэбдик салгынтан – бука бары, кыыстыын-уоллуун, холуочуйбут курдук этибит.

Оҕолор мээчиктии сырыттахтарына, Тома биһиги хайдах эрэ ойдон, бэйэбит да билбэккэ, сөрүө саҕа отон угун үрдүгэр олорон хаалбыппыт. Тугу кэпсэппиппитин билигин өйдөөбөппүн. Оҕолор мээчиктии сылдьан күлүү гыналларын, мээчигинэн тамныылларын өйдүүбүн. Олорор отоммут уга сааскы сииктэн тыллан сыры-сымнаҕаһа, эгэлгэ өҥнөөҕө. Ол өҥ мин сүрэхпин бэйэтин кэрэтинэн сардаҥардарга дылыта. Тома кыбыстыбыта. Ойон туран мээчиктэһэ сүүрбүтэ. Мин олорбут сирбэр олорон хаалбытым. Иннибэр холбуу тутуллубут икки ньургуһун сытара. Ол кини, Тома, хаалларан барбыт этэ. Мин оргууй аҕай ньургуһуннары ылбытым уонна өрө уунан көрө сыппытым. Ньургуһуннар сып-сырдык, намчы, этилэр. Ол сытан аан бастаан ньургуһун ырыатын истибитим. Ньургуһун ыраас таптал, эдэр саас туһунан ис иһиттэн иэйэн, итийэн-кутуйан ыллыыра. Мин аан маҥнайгы уоттаах, күүстээх тапталы онно эрэ билбитим. Туох баар сырдык: күн, халлаан, күөх сир, сааскы ньургуһун – суос-соҕотохто суох буолан хаалтара. Кулгаахпар ньургуһун аптаах, күүстээх ырыата намтыы-намтыы күөрэйэн, үрүһүйэн-дьүрүһүйэн кутуллара харахпар намчы, сэмэй, ис киирбэх, хара бараан Тамара эрэ көстөрө…

Итии саас, оннооҕор өссө куйаас уһун сайын ааспыта… Бу бүгүн, өр да буолан баран, ньургуһун ырыатын эмиэ иһиттим. Кини симиктик, аа-дьуо, холкутук ыллыыр. Урукку доҕотторбун санаан кэллим. Оччотооҕу Петя, Сеня, Клара, мин Томам ханна эрэ буоллугут? Кэлиҥ, бары истиҥ, ньургуһун ыллыыр. Биһиги, Тамара биһиги, ньургуһуммут.




ЭН ОННО ХАЙААН ДА ТИИЙ


Сарсыарда, кэлэрбин кытта, уһун синньигэс бэйэтигэр эриэн чулкуну дыраччы кэтэ сылдьар (биһиги кинини бэйэбит икки ардыбытыгар «жирафа» диэн ааттыыбыт) секретарь кыыс редакторга киирэ охсорбор эттэ. Редактор, ачыкылаах, хачаайы кыра киһи, үөрэ-көтө көрүстэ:

– Хочоҕо барар буоллуҥ. Буолаары буолан, күн сарсын.

Таалан олорбохтоотум. Мин харахпар сайыҥҥы, от ыйынааҕы Хочо барахсан нэлэһийдэ. Соҕуруулуу арҕаа өттүнэн киэҥ, быластаабыт кынаттыы кэккэлээбит дьиэлэр сандаардылар. Мин Хочоҕо уон икки сыллааҕыта сылдьыбытым. Бу Тамара төрөөбүт алааһа. Киэҥ да киэҥ сир. Бөһүөлэк аннынан харыйа булкаастаах үчүгэйкээн арыы тыа баар. Уус тарбахтаах мындыр киһи сааһын-үйэтин биэрэн чочуйан оҥорбутун санатар кэрэ арыы. «Хочо арыыта дуо!» диэн аатырдар, киэн туттар миэстэлэрэ. Онно урут эмиэ редакция сорудаҕынан тиийэ сылдьыбытым. Саха сирин быллаарын, тыатын быыһын барытын кэрийбит аатырбыт АН-2 самолеттан түһээт, аан маҥнай көрсүбүт киһибиттэн ыйдаран, бөһүөлэк илин уһугун диэки турар, атын дьиэлэртэн туох да уратыта суох, былыргылыы оҥоһуулаах ампаар дьиэҕэ барбытым. Ол Тамара аҕатын Уоһук оҕонньор дьиэтэ. Мин Тамарам манна сайыҥҥы сынньалаҥар кэлэн олороро. Күнүс, кэлиэм эрэ иннинэ, босхо былыт тахсан дохсуннук ардаан ааспыт. Ол иһин уулусса, сир-дойду уунан туола сытар. Түргэн тырытыалар холбоһо-холбоһо иҥнэри сир устун дьурулаһаллара, мин харахпар, доҕотторун муодалаан баран сүүрэн тэбэн иһэр кыракый оҕолор буолан көстөллөр. «Үрдүк халлааны үмүрү харбаан ылан киэҥ киэлибитигэр киллэрдибит ээ» диэххэ айылаах чалбахтар мээнэнэн мэндээриччи көрөллөр.

Тыа диэки көрбүт эргэ дьиэ аһаҕас аанынан киирэн иһэн «син дуо, дьиэлээхтэр дорооболоруҥ» диэбит күүстээх саҥабыттан бэйэм соһуйан, чурус гынан ыллым. Дьиэлээхтэр чахчы соһуйдулар быһыылаах. Мин диэки атыҥыраабыттыы өрө көрөн таһааран баран, дьэ өйдөммүттүү «дорообо» диэтилэр. Кинилэр аһыы олороллор эбит. Тамара соторутааҕыта кутан ааспыт ардахха баттатан, ибили сытыйан, ходуһаттан субу аҕай тахсыбыт. Чааскылаах чэйин айаҕар тиэрдиэхчэ буолан иһэн, соһуччута бэрдиттэн, таалан, сөҕөн олорбохтоото. «Бу эн дуо, чахчы эн дуо?» диэбиттии көрбүт хара харахтара миигин дьиэ ортотугар хам тоһоҕолоон кэбистэ. Ити кэпсээтэххэ төгүрүмтэтин иһин, чыпчылыйыах түгэҥҥэ буолла бадахтаах. Кини ойон туран миигин, дьиэ буора бытарыйыар диэри доргуччу дорооболоһон киирбит, билигин биир тылы сатаан саҥарбат буола охсубут эр бэрдин, дьонун кытта билиһиннэрдэ.

Уоһук оҕонньор  – бэрт номоҕон сирэйдээх-харахтаах сааһырбыт киһи. Кини үксү көрбүт-билбит өйдөөх харахтарынан кэпсэтэр киһитин тургутардыы уун-утары көрөр-истэр идэлээх. Өрүү бэйэтиттэн араарбат, саһарымтыйан көстөр тайаҕынан, туохха эмэ мунаардаҕына, туох эрэ суолталааҕы этээри гыннаҕына сири оргууй аҕай суруйбахтаан ылар. Сааһын тухары нэһилиэккэ салайар үлэҕэ үлэлээбит буолан, дьону-сэргэни билэрэ, кинилэр кыра, улахан кыһалҕаларын өйдүү охсоро дьикти. Киирэн тахсыбыт аҕыйах колхозтаахтар тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, Уоһук оҕонньор улахан авторитеттаах быһыылаах. Тамара – кини кыра кыыһа.

Уһун, унньуктаах кэпсэтиигэ, көргө-нарга сайыҥҥы киэһэ биллибэккэ ааста. Ыаллар утуйдулар. Арай түптэлэр бэйэ-бэйэлэрин көстүбэт илиилэриттэн сиэттиһэн, утуйбут Хочо үрдүнэн салгыҥҥа ыйанан туран, оргууй аҕайдык долгулдьуйан оһуокайдыы сылдьар дьону санаталлар. Хочоҕо хонук хоно кэлбит ол сайыҥҥы үчүгэйкээн түүнү мин олох умнубаппын.

Киэһэ аһылык кэнниттэн Тамара биһиги саҥа түспүт сылаас сииги кэһэн, от быыһыгар утуйбут ырыаһыт күөрэгэйдэри уһугуннаран, кинилэри сирдьит оҥостон, арыы тыаҕа киирбиппит. Дьикти үчүгэйэ. Күнүс күүстээх ардаҕынан ньылбы сууммут от-мас дыргыл сытыгар киһи туймаарыах айылааҕа. «Эһиги эрэ сылдьыҥ, эһиги эрэ тыыныҥ, кэпсэтиҥ» диэбиттии туох барыта иһийбит, Тамара биһигини көрөр, кэтиир курдуга. Үксү да үксү кэпсэппиппит. Күлсэрбит. Оту-маһы ааҕа көрөр, таптыыр этибит. Ол эрээри туох туһунан кэпсэппиппин билигин биири да өйдөөбөппүн. Дьоллоох, үөрэ-көтө сылдьар киһи, ол үлүскэнигэр баһыйтаран, ордук түргэнник умнар быһыылаах. Мин Хочо арыытын «Тамара арыыта» диэн ааттаабытым. Ону Тома ылымматаҕа. Ол да буоллар миэхэ ол арыы Тамараны эрэ өйдөтөр, санатар.

…Бэҕэһээ көтөн кэлбитим. Хочо өссө кэҥээбит, тупсубут. Мин ахтыбыт, туоххаһыйбыт харахпар манна тутуллубут саҥа дьиэлэр сандаара сырдыыллар. Арыы мас ортотугар турабын. Бу ыллыгынан биһиги ол сайыҥҥы түүн Тамаралыын тугу эрэ мөккүһэ-мөккүһэ, бу баараҕай харыйаҕа кэлэн тохтообуппут. Ону кини, бу харыйа, миигин бүгүн көрөрүнүү буолбакка, олус истиҥник, элэккэйдик, оҕотун курдук көрбүтэ. Лабааларынан иккиэммитин кууһан ылыах курдук этэ. Бүгүн атыҥыраабыттыы көрөр. «Тамара мантан ыраах барбыта. Эн кинини тоҕо илдьэ кэлбэтиҥ? Мин кинини эйигиннээҕэр ордук аҕынным, көрүөхпүн баҕарабын» дииргэ дылы. Тугу этиэмий, бу айылаах баай баҕарах харыйаҕа? Тохтоон саҥата суох өр турдум уонна тоҕо эрэ Уоһук оҕонньору санаатым. Кини өлбүт. Манна Хочоҕо көмүллүбүт этэ. Суох, мин иннибэр баай харыйа буолбатах, Уоһук оҕонньор – Тамара аҕата турар. Сүрэҕим быллыгыраан ылла. Тамара аҕатыттан, бу Уоһук оҕонньор эрэйдээхтэн, букатын баран хаалбыт дуо? Суох, кэбис… Сүүспүн баай харыйа олус сымнаҕас толуу, томороон хатырыгар анньан туран, бастаан кыратык, онтон улам-улам улаханнык, тиһэҕэр дьон бука бары истэр гына: «Тамара кэлиэ, барбатаҕа. Тамара төннүө!» – диэн саҥа аллайдым.

Тамара, өскөтүн маны иһиттэххинэ, Хочо арыытыгар – бэйэн арыыгар тиий! Онно эйигин эдэр саас, таптал, аҕаҥ оҕонньор көһүтэллэр.




Сырдык мөссүөн


Мин куһаҕан сураҕы иһиттим. Олус куһаҕан сураҕы. Этиэхпин тылым тахсыбат, санаам буолбат. Истиҥ эһиги, истиҥ бука бары. Бука итэҕэйиэххит суоҕа. Истиҥ, мин оргууй аҕайдык, сибигинэйэн этэбин: «Поэт өлбүт». Сымыйанан эппит курдук, соруйан буолбутун курдук. Кини хайдах өлүөхтээх этэй?

Кини хоту олороро. Мин Тамарам олорор сиригэр. Саас мунньахха, поэзия мунньаҕар кэлэн барбыта. Сүрдээҕин дьүдэйбит этэ. Ол эрээри өрүү буоларын курдук, саҥа суруйбут хоһооннорун курдук сибиэһэйэ, сэргэҕэ. Ол кэннэ суох буолбут. Өлүөн үс хонук иннинэ, туох баар күүһүн түмэн, хайыһар хаалыгын тайахтанан, өлбөт аналлаах ырыатыгар уйдаран почтаҕа баран кэлбит. Онно сылдьан, бу мин тутан олорор Ленин төбөлөөх открыткабын атыыласпыт, өлүөн үс хонук иннинэ. Тиһэх хоһоонун бу открытка кэтэҕэр суруйбут, өлүөн үс хонук иннинэ. Ол бу баар:

Сүрэҕим тиһэх төгүл тэбэр.
Күн
уу иэнигэр,
Сир үрдүгэр,
Мин эдэр түөспэр —
Көмүс тарбахтарынан
Тайанан,
Сүрэҕим тыаһын
Тиһэх төгүл истэр.

Күүстээх хоһоон. Өлөөрү сытан, уота умуллан эрэр сүрэҕин тыаһын тиһэх төгүл истэ сытан маннык хоһоону суруйбут ээ кини.

Мин Ленины, доҕорум хоһоонун харахпын араарбакка көрө олоробун. Араас санаа төбөбөр эргийэр. Үөрүү, хомолто кууһар. Сүрэхпэр-быарбар өрүү чугас, сырдыы сылдьар бу эриэккэс сэбэрэ, бу хаас, бу харах мин киһини билэр буолуохпуттан баар. Кинини, доҕорум өлөр күнүгэр тиийэ, бэйэтин кытта илдьэ олорбутун, олоххо көрсүбүт үөрүүтүн, эрдэ баран эрэр хомолтотун киниэхэ кэпсээбитэ эрэбил. Мин үөрэнэ сырыттахпына Тома төрөөбүт күммэр «В.И. Ленин. Разливка» диэн уруһуй фотографиятын бэлэхтээбитэ. Ону кытта кини бүтүн бэйэтэ, тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах ырбаахытыныын, хап-хара, уоттаах, сырдык, эйэҕэс хараҕыныын киирэн кэлбит курдуга. Бу бүгүн хомолтолоох куһаҕан сураҕы кытта өлбөт аналлаах ырыа кынаттанан, өлөн баран өлбөт аналлаах, улахан поэт сүрэҕин тыаһын, күн буолан иһиллээбитинэн миэхэ тиийэн кэллэҕэ, сүүһүнэн мөлүйүөн сүрэхтэргэ күн буолбут киһи – табаарыс Ленин.

Дьолу, тапталы, доҕордоһууну – бу көстөр күнү, халлааны миэхэ кини, Ленин, биэрбитэ. Ол аата кини миигин «таптаа, ыллаа, дьону кытта эриэккэстик доҕордос» диэбит эбит. Мин оҕолуу сырдык дууһабар таптал алыптаах чыычааҕын кини ыллаппыт эбит.

Өрдөөҥҥүттэн кэриэстээн таптал таҥарата оҥостон уура сылдьар фотографиябын уурдум. Тыыннаах уонна өлбүт доҕорум бэлэхтэрэ холбоһо түстүлэр. Кинилэр миэхэ баҕарбыт туох баар үтүө баҕалара бу сирдьит сырдык мөссүөнэ баар ойууларыгар иҥмиттэр. Миигин омуннаах улахан олох ыҥырар. Урут мүччү туппут маһым лабаатын бүгүн ыгатык харбыырбар, сыыһа үктээбит суолум чэрин таба үктүүрбэр, олоххо тардыллыбыт айа кирсии курдук кытаатан, лыҥкыначчы олорорбор кинилэр баҕарбыттар эбит манан, бу, бу өлөрү билбэт сырдык, улуу мөссүөнүнэн.

Халлааҥҥа былыттар күрсэллэр. Ити былыттары урут оҕо сылдьан, Тамараны кытта Сайсары күөл нөҥүө хаама сылдьан олох атыннык көрөрүм. Кинилэр сырдык уонна модун этилэр. Күөх халлааны биирдэ саба халыйан, биһиги баҕа санаабыт хаар маҥан баарыстара буолан усталлара. Бүгүн атыннар. Адаархайдар. Кыыһырбыт, кыйыдыйбыт, мэктиэтигэр кырдьыбыт көрүҥнээхтэр. Мин уйулҕам хамсыыр. Олорбут олоҕум биир быаҕа тиһиллибит илим хотоһоҕун курдук буолбакка, уон араас өҥнөнөн, оһуу-тоһуу очумаас таастар буолан адаарыйан көстөллөр. Итинтэн биирэ сиҥиннэҕинэ үлтү түһэн хаалыыһыкпын. Кэбис, ити барыта мин бүгүҥҥү олоҕум аһыыта-абата эбээт. Күн-дьыл мүлүрүтүө, сойутуо. Кини үтүө эмчит, күүстээх илиилээх эрдииһит. Иннибэр тыыннаах уонна өлбүт доҕотторум өлбөөдүйбэт бэлэхтэрэ. Күн үрдүгэр биир киһи баарын тухары эргэрбэт, үрдүккэ-кэрэҕэ угуйа туруо, бу сырдык, улуу мөссүөн!




СЫЛААС КҮҺҮН


Күһүн. Мин ол күһүнү хаһан да умнубаппын. Ол иһин кинини олоҕум саамай сылаас күһүнүнэн ааттыыбын. Иннибэр күөх да күөх мастары быыһынан Хара муора уон араас өҥнөөх көстөр. Бу муораны таптаабыт, кини кэрэтигэр курдаттыы таттарбыт, күнүн уотугар ис сүрэхтэриттэн бэриммит сүүһүнэн тыһыынча, хас эмэ сүүһүнэн тыһыынча буолуо эбээт! Ону ааҕан сиппит, суоттаабыт суох. Ханна да сырыттарбын, төһө да күндүл күөххэ төбөбүнэн түстэрбин, мин улуу Ленабын, ол күһүнү санаан кэлэбин. Сылаас күһүн. Маннык күһүн киһи олоҕор биирдэ эмэтэ кэлэн ааһара буолуо. Ону даҕаны олох түргэнник, түннүгүнэн ааһар күлүк кэриэтэ. Олоҕум үтүө өттүн олорбут киһи, мин, сир Ийэ сылаас күһүнүн аны биирдэ, муҥ саатар, ол сундулуһан ааһан эрэр муора туналы маҥан борокуотун көрөр курдук көрөн аһардарбын…

Ол сылаас күһүнү мин бүгүн маннык өйдүүбүн. Күөх солко сабыыны ким эрэ арыйа тардан кэбиспитинии, күһүҥҥү халлаан үрдүк да үрдүк буолар. Ол күһүн эмиэ оннуга. Студеннар тыаттан сынньанан, төлөһүйэн киирбиппит. Илиибитигэр эрчим, түөспүтүгэр төлөн, сүрэхпитигэр өссө ситэ этиллэ илик сырдык иэйиилээх таптал баара. Биһигини, «буукубаны кэрбээччилэри» (тылга үөрэнээччилэри атын факультет оҕолоро ити курдук ааттыыллара), өрүс уҥуор хортуоппуй хостооһунугар ыыппыттара. Даркылаахха биһигини илдьэ барар, колхозтан сылдьар маадьаҕаһыйбыт, бэрт киппэ көрүҥнээх киһи «Быстрый» диэн кыра катердаах, түгэҕэр уу баһылла сылдьар улахан оҥочолоох көрсүбүтэ. Онтукатын киэргэтэн, улаатыннаран «баржа» диэн ааттыыр. Туора-адаары түһэ сылдьар муосталарын көннөрөн, уутун баһан олорбуппут. Баржабыт син уйуктаах буолла. Биһигини, икки курс биэс уонча оҕотун, билиммэтэ. Тамара улахан оҥочо кутуругун диэки туох эрэ баайыы үрдүгэр чөкө түһэн аччаан-куччаан олорон кэбистэ. Сырдык тиистэрэ сандаараллар, хара хараҕа күлүм аллайбахтыыр. Мин ону көрө-көрө харахпын аралдьытан, Лена күһүҥҥү иирэлэрин одуулаһабын, өрүс түргэн сүүрүгүн өксөйө сатаан, ыар таһаҕаска ыга ылларан иннибитигэр «Быстрый» эрэйдээх икки өттүгэр үөмэхтэһэр долгуну кытта тэҥнэһэн өрө биллигирии иһэр. Чааһы быһа айаннаатыбыт да, Даркылаахпыт ааһан-араҕан биэрбэт. Ааттыын түргэн көлөбүт бытаана салытыннарыах быһыылаах.

Иһийэн олорбохтообут оҕолор, оҥочолоро хамсаабатын, улаханнык уу киирбэтин көрөн, хамсаан-имсээн саҥаран кэллилэр. Көр-нар соҕотохто өрө оргуйа түстэ. Уон араас куолаһынан ырыа Лена өрүс барахсан устун доллоһуйа кутулунна. Оҕолор «Петя» диир көрдөөх, сытыы уоллара Тамара баанан иһэр кыһыл былаатын көрүөх бэтэрээ өттүгэр туура тардан ылан, оҥочону анньынар уһун ураҕас төбөтүгэр баайа охсоот, оҥочо ортотугар туруору анньан кэбистэ. Киһи эрэ сэргиэх, үөрүөх кыһыл былаах өрө умайыктана түстэ. Тамара олоҕуттан туран былаатын былдьаһыах курдук гынан иһэн, кыһыл былаах буолбут бэйэтин дьиктилээх былаатын көрдө-көрбүтүнэн олоро түстэ. Онно кини тобугуттан тоҥолоҕуттан тайанан, сыҥааҕын кыҥначчы быраҕан ураты кэрэтик мичээрдии олорбута. Былаатын ылан ыйаабыт хорсун, сытыы Петяны хайҕаан ытыс тыаһа хабылынна. «Көттө» диэн оонньуу саҕаланна. Онно ким остуолу, олоппоһу, онтон да атын көтүө суоҕу көтүппүт ыстарааптанан иһэр. Ол кини омуннурбут буруйугар кыһыл былаах – Тамара былаатын анныгар туран ыллыыр эбэтэр хоһоон ааҕар, көрдөөҕү тугу эмэ кэпсиир. Уһун суол оонньууга кылгаан, күн биллибэккэ аастар-ааһан истэ. Сүппэккэ муҥнаабыт Даркылаах сүттэ, Бэстээх ааста. Күн киэһэрэ быһыытыйда. Катербыт муҥнаах ньохчойбутун курдук ньохчойон, биир кэм өксөйөн өрө буллугуруу иһэр. Оҕолор да сылайдылар. Көр-нар, айдаан ньим барда. Арай холку, наҕыл Лена талбаарбытын курдук талбаара, дьалкыйбыта-дьалкыйбытынан уолуһуйбакка устар. Дөрүн-дөрүн куба көтөр курдук туналыһан, ууга олорботох, сииккэ сыстыбатах тэҥэ кынтаһан айан борокуоттара күйгүөрэн, көрүлээн ааһаллар. Күөх мэндээр ууга модун күөннэринэн ыга түһэн, уонунан бөдөҥ, толору таһаҕастаах баржалары соспут таһаҕас борокуоттара, таас чох хара өһөх буруотун өрө биһилэхтээн, хас эмэ сүүһүнэн миэтэрэ сиргэ субуйан, кылгас-кылгастык эҕэрдэлэһэн ааһаллар.

Ыкса киэһэ таас биэрэккэ тохтоотубут. Күһүҥҥү киэһэ түргэнник хараҥарда. Модьу-таҕа киһи: «Кэллибит. Миигин батыһын», – диэн кылгастык, чуордук хаһыытаат, таас булкаастаах туруору кумах биэрэги өрө хааман харбыаласта. Күнү быһа оҥочоҕо олорон көһүйбүт, киэһэнэн тоҥо быһыытыйбыт дьон, бэрт дуона суох тутуурбутун сүгэ-сүгэ, киһибитин эккирэттибит. Утаакы буолаат, күһүҥҥү, өссө да сэбирдэхтэрин ситэ ыһыкта илик, үөттэр быыстарынан уоттар кылаҕалдьыстылар. Бөһүөлэк биэрэстэттэн эрэ ордук эбит.

Ол күһүнү быһа мин Тамараны кытта биир бааһынаҕа, ардыгар кэккэлэһэ кирээдэҕэ толуу хортуоппуйу хостообуппут. Сир сииктээҕин, халлаан тымныытын, силбиктээҕин иһин, миэхэ ураты сылаас, сымнаҕас күһүн буолбута.

Оччотооҕу күннээх Лена, кыракый катер, Лена тыалыгар кытыаста тэлибирээбит Тамара былаата былаах, түүҥҥү уоттар, өлө сылайан, тарбахтара бүтүннүү бааһына буора буолан баран ытыһын муҥунан хортуоппуйу өрө баспыт Тамара барахсан, отун-маһын, көмүс симэҕин Ийэ сиргэ тоҕо тутан кэбиспит баай астаах-үөллээх Россолода билигин даҕаны мин харахпар көстө, эргийэ тураллар.

Үлэ, таптал – өссө этиллэ илик эриэккэс таптал киэргэппит күһүнэ сүрэх чопчутугар ытарҕа, өй долгунугар биир чөмчүүк таммах буолан кылапачыйан, киһи бүтүн олоҕун сырдата сылдьара ураты күүстээх, сырдык буоллаҕа үһү.




ЫРЫА ОННУГАР


Үтүө да ырыа. Тохто турда, тохто турда үөһэттэн, көстүбэт күөх халлаантан, хаардаах хайалар чыпчаалларыттан, үрэхтэр куугунаан, мустан, силбэһэн кэлэр сирдэриттэн, ити ырыа. Киэҥ истиэп ортотугар кулуһун курдук көбүс-көнө уҥуохтаах, нап-нарын кыысчаан турар. Суох, кини турар буолбатах, ити ырыаны кытта көтүһэн иһэр. Ити – Азия киинэ. Ити – көҥүл Тува ырыата. Ити – Тува ырыаһыт кыыһа Таспанчик Ош-кусаар. Тугун дьиибэтэй? Үчүгэйи, кэрэни көрдөрбүн эрэ кинини – Тамарабын саныыр буоллаҕым үһү. Кини ырыаһыкка, артисткаҕа тугунан дьүөрэлээх этэй? Суох, дьүөрэтэ, сыһыана суоҕа. Хаһан даҕаны биир ырыаны ыллаабатах киһи эбээт кини. Ол да буоллар, мин сүрэхпэр, мин эдэр сааспар ырыа курдук кэрэни, умнуллубаты хаалларан кэбиспит.

Күһүн колхозка үлэлээн, бэркэ эрчиллэн, сирэлийэн-боролуйан, үөрэх аһыллыан аҕыйах хонук иннинэ киирбитим. Оҕолор кэлитэлээбит этилэр. Арай биир түннүк уота умайа илигэ. Мин хас киэһэ аайы, күһүҥҥү хойуу сулустары ааҕа, сир үрдүгэр баар ааттартан суос-соҕотох кэрэ, нарын ааты ааттыы, билиҥҥи саҥа университет иннинэн (оччолорго университет дьиэтэ тутулла илигэ, итиннэ кыра мас дьиэлэр чаппа курдук кыстана сыталлара), өссө тоҥо илик аппаны үрдүнэн хаамарым. Өйбөр туох киирэринэн, түүҥҥү халлааны, ыйы, сулуһу уратытык харахтаан, сирэйдээн, дьиктитик тэбэр сүрэхтээн, туохтааҕар да сылаас, сымнаҕас илиилээн, бэйэм сөбүлүүрбүнэн быһыылаан-таһаалаан хоһоон суруйарым. Онно туох баар барыта – оннооҕор быата суох бэргэһэм, нэлэккэй телогрейкам таптыыр кыыспын хоһуйар хоһооммор холбоспуттара.

Саҥа булсубут табаарыһым өрүкүйбүт, турбут-олорбут, дабдакалдьыйбыт уол баара. Кини аата Агит. Ол киһи «кыыс аайы эрэйдэнимэ, бырах» диэн сүбэлиирэ, күлэрэ-салара. Кини кыргыттары барыларын биир халыыпка симэр, ытыктаабат, таптаабат курдук туттар тоҥ сүрэхтээх киһи буола оонньуура. Кыыс оҕо аналын, кини чычырбаһын туһунан бүппэт сэһэннээҕэ. Мин киниттэн хомойорум. «Кини мин Тамарабын билбэт, көрдөҕүнэ өлөн түһүө» дии саныырым. Мин саҥа доҕорум төһө да дабдакалдьыйдар, барыны бары астымматах, кыһамматах курдук тутуннар, наһаа ымсыы, түөкэй санаа кулута быһыылааҕа. Албыннастаҕына арыы буолан ууллар кыахтаах этэ. Мин итини биир студеҥҥа эргэ сонун саҥаҕа эргиппитигэр көрбүтүм.

Үөрэх аһыллыбытын кэннэ нэдиэлэ курдук буолан баран Тома кэлбитэ.

Мин кинини кэллэҕин киэһэ түгэн булан кыайан көрбөтөҕүм. Ол эрээри, ыкса киэһэ ааннарыгар кэлэ-кэлэ, утуйбуттара буолуо диэн төннүбүтүм. Сүрэҕим тыаһа тип-тигинэс этэ. Кырдьыга, тугу кистиэмий, ол түүн утуйбатаҕым. Кинилэр түннүктэрин уотун кэтээн, таһырдьа төһө да тыаллааҕын, тымныытын иһин, өргө дылы хаама тахсыбытым.

Сарсыныгар, лекцияттан төннөн иһэн, Агиттыын уун-утары көрсүбүппүт. Доҕорбун кинини кытта билиһиннэрбитим. Тома күн уота харааччы сиэн, үүккэ, сүөгэйгэ сайылаан, олус сибиэһэй көрүҥнээҕэ. Хап-хара тыыннаах тырымнас харахтарынан «эн хайдах эбиккин» диэххэ айылаах, бастаан чинчилиирдии, онтон сылаастык, сымнаҕастык көрүтэлээн кэбиспитэ. Кини харатыҥы кыһыл өҥнөөх халтан соннооҕо, илиитигэр кинигэ тутуурдааҕа. Мин өрүкүйбүт сүрэҕим кини саҥатын истээт, кини хараҕын көрөөт, сымныы, сылаанньыйа түспүтэ. Киэһэ Саха театрыгар барбыппыт.

Театрга үчүгэй нарын ырыа эмиэ бу бүгүҥҥү курдук үрдүк хайалар кэтэхтэриттэн, күн түһэн сөтүөлүүр Лена үөһүттэн улуу Туймаадаҕа тохто турбута. Ол ырыа Тамара биһиги оҕолуу ыраас, өссө үгүһү билэ илик эдэр сүрэхпитигэр түһэрэ. Дьоллоох этибит. Үөрсэрбит. Ырыаһыкка үтүө ырыатын иһин сүрэхпит эдэр кыымын сабан таһаарар махталын ытыспыт тыаһынан тиэрдэрбит.

Үтүө да ырыа. Ити Тува кыыһа Таспанчик Ош-кусаар ыллыыр. Иннигэр ханнык да ырыатааҕар үрдүк, кэрэ, нарын – мин Тамарам ытыһын таһына турар.




ЭДЭР ЫЙ


Саҥа тахсыбыт эдэр ыйы көрөр кэрэ буоллаҕа. Биһиги кинини кыыс хааһыгар, айа көмүс сиһигэр, көмүс кылдьыыга эҥин тэҥнии сатыыбыт. Оо, эдэр ый кырдьык кэрэ. Кини миэхэ биир түгэни үчүгэйдик өйдөтөр.

Күһүөрү кыһын, бырааһынньык эрэ иннинэ, мин Тамараны бэйэтин хоһугар киллэрэн кэбиһэн баран аппа үрдүгэр киирбитим. Мин бу сири (билиҥҥи университет иннинээҕи аппа үрдүн) олус таптыыр этим. Үөрдэхпинэ даҕаны, мунчаардахпына даҕаны суос-соҕотоҕун халлаан сулуһун ааҕа, бэйэм бэйэбин кытта кэпсэтэ онно киирэрим. Боруор буолан баарта. Хаар куба нуолах түүтүн курдук сымнаҕаһа. Аппа уҥуоргу олбуордар ааннарыгар тэллэх ыта кэлбити-барбыты, хас тыаһы барытын эҕэрдэлээн субу-субу ньалыгырыы түһэрэ. Ыраах ханна эрэ холуочук киһи тугу түбэһиэх ыллаан сатарытара уонна бары-барыта орун-оннугар этэ. Мин бүгүн Тамаралыын мөккүстүм. Туой ону саныыбын. Кини этэр:

– Киһи эдэригэр олоҕу таба көрбөт, чэпчэкитик, кэрэгэйдик толкуйдуур. Биһиги бу сырыыбыт эдэр омун үлүскэнэ буолан хаалыан сөп. Оччоҕо хойут күлэ-күлэ түүл курдук, мэник түүл курдук саныахпыт, – диир. Мин ону утардым:

– Киһи эдэригэр барыны өйдүүр, сатыыр кыахтаах. Эдэр саас кыайбатаҕа суох. «Эдэр киһи кыайбат, сатаабат, олоҕу үрдүнэн көрөр, көтүмэхтик сыһыанаһар» диэн оҕонньоттор дойҕохторо. Кинилэр бэйэлэрэ эдэр эрдэхтэринэ оҥорбокко хаалбыттарын саптынан, биир эмэ көммөт алҕастарын эдэрдэригэр түһэрэн, онон эдэр сааһы, чэгиэн сааһы, барыны-бары өйдүүр, сатыыр чаҕылҕан сааһы баһааҕырдан кэбиспиттэр.

Туох баар мин билэр даҕаны, билбэт даҕаны дьоннорум эдэр сылдьан улууну оҥорбуттара. Пушкин, Лермонтов эдэр дьон этилэр, төһө да улууларын, анаан үйэ аатыгар төрөөбүттэрин иһин. Маяковскай, Есенин эмиэ оннук этилэр. Маяковскай В.И. Ленин уобараһын олох эдэр сылдьан хайдахха дылы айбытай? Улуу киһи уобараһын айыы, ону дьоҥҥо тиэрдии, дьон өйдөрүн тутуу манан аҕай буолбатах эбээт! Биһиги бэйэбит да суруйааччыларбытын ылан көрүөххэ. «Буурҕа, буулдьа дьылын» эдэр Эллэй, «Сааскы кэми» эдэр Амма Аччыгыйа, «Күкүр ууһу» эдэр Суорун Омоллоон суруйбуттара. Ханныгын да иһин эдэр саас күүстээх, барыны кыайар. Олоҕу таба көрөр, сөпкө сыаналыыр, сөпкө толкуйдуур, сатаан таптыыр, таптатар саас, бу эдэр саас. Тамара албаһыыр.

Мин ити курдук саныы-саныы, атахпынан сырдык хаары оймуу оонньуу сырыттахпына, кэннибэр киһи атаҕын тыаһа иһиллибитэ. Мин эргийбэтэҕим, «хас куорат киһитигэр» дии санаабытым. Чэпчэки атах тыаһа чугаһаан кэлбитэ уонна тохтообута. «Туох буолбут киһитэй» дии санаат, эргиллэ түспүтүм, Тамара кэлэн турара.

– Тоҕо кэллиҥ?

– Киһи сылдьыбат сирэ дуо? – кыыһым хомойо түспүтэ.

– Сылдьарын сылдьымына да, мин манна сылдьарбын хантан биллиҥ? Ол иһин соһуйан ити курдук ыйытабын ээ, – куруубайдаабыт буруйбун аһара охсоору Тамараҕа утары хаамтым.

– Дьиэҕэр суоххун. Уолаттарыҥ «кэлэ илик» дииллэр. Ол иһин манна кэллим.

– Туох баар буолла?

– Мин театрга билиэт буллум. Икки. Эн барсыбаккын дуо?

– Үөрүүнү кытта…

Биһиги сиэттиспитинэн аппа үрдүнэн иһэбит. Сэргэлээх уопсай дьиэлэрин түннүктэрэ сып-сырдыктар. Маны көрө-көрө поэттар туойбут, туойар буоллахтара. Кырдьык үчүгэйдэр, чэмэлиһэн, дьэрэлиһэн. Үүт-үкчү эдэр саас курдуктар. Үүт-үкчү Тамара биһикки курдуктар. Илии-илиилэриттан сиэттиспиттэр, тоҥолох-тоҥолохторуттан тутуспуттар. Аппа нөҥүө сип-синньигэс эдэр ый тахсан кэллэ. Бургунас ынах муоһун курдук. Тунаар сырдык хаарга тоҕунна. Боруор мас-от, дьиэ-уот күлүгэр түстэ. Мин ыйы ыйан кэбиһэн баран, Тамараҕа этэбин:

– Көрөҕүн дуо, эдэр ыйы, хайдахха дылы кыраһыабайый, күүстээҕий? Боруору саҕатыттан ылан күлүккэ бырахта уонна эн эдэр сааһы кытта мөккүс. Көрөн кэбис, ый үчүгэйин. Ол аата эдэр саас таптыыр, таптатар ураты күүстээх! – диибин.

– Үчүгэйинэн үчүгэй. Ол эрээри туолбут ый курдук сырдатар күүһэ суох. Ол аата эдэр саас олоҕу толору көрөр, үүннүүр-тэһиинниир, толкуйдуур күүһэ суох. Эн төһө да мөккүс, таптыыр, таптатар бырааптааҕын иһин, ону тиһэҕэр тиэрдэр, олохтуур, ытатар-ыллатар дьоҕур эдэр сааска тиийбэт…

Биһиги ити курдук өрдөөҥҥүтэ мөккүспүппүт. Мин бүгүн эдэр ыйы көрөн олоробун уонна уруккубун саныыбын. Ый барахсан, дьон тиийбит, дьон баһылыырга турунар ыйдара – мин харахпар мэлдьи эдэр. Арааһа,Тамара сороҕун сөпкө эппит эбит. Эдэр саастан эрчимин, өйүн кылаанын, кыраһыабайын ылан, сиппит, баараҕадыйбыт саас муудараһыгар, олоххо уопутугар холбуу тутуохха сөп быһыылаах. Ол аата «эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин ыл». Эдэр сааһы кырдьаҕаска утары туруорар, кырдьаҕаһынан эдэри сабар – сыыһа. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэрсэн биэрэр эбиттэр…

Туох да диэбит иһин эдэр саас киһи олоҕун хайа баҕарар кэмиттэн чаҕылхай, сырдык, күүстээх. Эдэр ый эмиэ оннук. Ол иһин киэһэ эрдэ киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа саҥа тахсан турар ыйы көрдөхпүнэ, эдэр сааспын, Тамараны саныы түһэбин.




ТАБЫЛЛЫБАТАХ БЫРААҺЫННЬЫК


Актовай саала ортотугар уоттаах баай харыйа лаглайбыт. Киһи элбэҕэ сүр. Концерт бара турар. Кэрэ да кэрэ куоластаах кыыс ыллыыр. Ити кини, университет олоччу киэн туттар ырыаһыта, Леля. Олус үчүгэйдик ыллыыр, дьүһүнүнэн да куһаҕана суох. Ол эрээри мэлдьи соҕотоҕун сылдьар. Биир да уолу кытта бодоруспат. Уолаттар таптаабаттара эбитэ дуу, олус кытаанаҕыттан, тыйыһыттан куттаналлара эбитэ дуу. Билбэтим. «Ырыаһыт киһи дьоло суох» дииллэр. Баҕар, Леля эмиэ дьоло суоҕа буолуо. Мин, кэлээт даҕаны, Агиттыын Тамаралааҕы буллубут. Үҥкүүлээтибит. Тамара өрүү дабдакалдьыйбыт атаспын кытта үҥкүүлээтэ. Миэхэ тоҕо эрэ чугаһаабат. Сэргэхтик, сэмэйдик мичээрдиир. Тиһэҕэр, болдьоспуппут курдук, мин Тамараны кытта үҥкүүлээтим, сээкэйи сэһэргэстим. Үчүгэйэ сүр. Киэһэ, маннык талба киэһэ бэйэтэ устан иһэрин тэҥэ. Иккис үҥкүүбэр, Тамараны бэркэ сэрэнэн астаах остуолбар ыҥырдым. «Кэбис, табыллыа суоҕа. Бэйэҕит аһааҥ. Биһиги эмиэ кыттыһан турабыт» диэн аккаастаата.

Хоспутугар утуу-субуу кэлбиппит.

– Дьэ, уолаттар аһыы охсон баран корпустарынан көттөхпүт, – диэтим мин, үөрүүбүн туттуммакка.

– Көттөхпут буола-буола. Биир кыыһы тылгар киллэрбэт буолан баран көтөөхтүүгүн. Мин эбитим буоллар, сиэтэн кэлиэм этэ, – диэтэ Агит. Мин сирэйгэ оҕустарбыттыы олоро түстүм. «Бу эн дуо, киһиргэс, ооҕуйга ураҕастана сылдьаҥҥын, Тамараҕа чугаһыыгын, кинини сиэтэҕин ээ» диэн күлэ даҕаны, кыйахана даҕаны санаатым. Ол кэннэ туттунан эйэ дэмнээхтик:

– Сырыттыннар. Күн бүгүҥҥүнэн бүппэтэх. Хата, кэлин, аһыаххайын, – диэтим.

– Мин аһыыр санаам суох. Бэйэҥ ис-аһаа. Төһө бөрүкү иһэр киһиэхэ дылы… – диэтэ онуоха Агит.

Мин кырдьык спортсмен буоламмын арыгыны элбэхтик испитим суоҕа. «Куһаҕаны сатаа инибин, сибилигин туох баар арыгыгын иһэн баран, сирэйгин эттиэм, эриэн үөн!» дии санаатым да, Өлүөсэ диэки көрдүм. Киһим куттаммыт куоска оҕотунуу түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн баран оронугар олорор. Мин көрөн, саҥата суох ыйытыыбар аккаастаан моонньоох баһа быстан түһэ сыста. Биир да тылы саҥарбакка сабыылаах миискэттэн эттээх курууппаны холбуу баһан ыллым, чэй иһэр улахан куруускабар ууланан баран кылбаһыйан турар бытыылкалаах арыгыны тоҕо сүөкээн холлугураттым. Ону барытын дабдыкылдьыйбыт үөдэн бэйэтин оронугар көрө сытта. «Мэ, эйиэхэ, киһи буолбатах сатанаҕа, бу баар, мин иһэрбин көрөн үөр» диэн өстүйбүт санаабын түмүктээтим да, куруускалаах арыгыны кэтэрдэн кэбистим. Иккиһин куттан, аны куотан хаалыа диэххэ айылаах, өрүсүһэ соҕус түһэрдим. Хараҕым ирим-дьирим буолла. Сүрдээҕин чэпчээн иһэн, эмискэ ыараан хааллым. Үсүһүн куттан эрэрим…

Дэлби утатан, төбөм ыаҕастаах уу курдук буолан, түөһүм аһыйан уһугуннум. Хоһум сып-сырдык.

Агит күнүс хойут киирдэ. Хаҥас хараҕын кимиэхэ эрэ бастаран кэбиспит. «Итирбэтэҕим буоллар мин баһыам этэ. Эйигин саамай сөпкө баспыттар, бас-баттах барбат буол» диэн сэтэрии саныы сыттым.

Табыллыбатах бырааһынньык ити этэ. Кэбис, аны кини мин өстөөхпөр да ити курдук куһаҕаннык кэлбэтин.




СОБО СИЭҺИНЭ


Собо, ахтыбыт кэннэ, үчүгэй да ас буоллаҕа. Миэхэ тыаттан Биэттэ собото киирдэ. Уон икки лаһыгырас собо. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолум ыыппыт. Кини мин балыгы таптыырбын, оҕо сылдьан балыгынан, ыам мундутунан иитиллибиппин үчүгэйдик билэр. Ол иһин ыытаахтаабыт. Манна Кэбээйи эрэ соботун собо диир дьон үгүстэр. Олору барыларын биһиги собобутунан – Биэттэ соботунан мах гыннарар кыах суох. Ол иһин саамай бэртэрин, чобооххуйааччыларын собо сиэһинигэр ыҥырдыбыт. Тамара киириэх буолла. Кыыс Өлүөсэ биһиги собо буһарар чиэскэ тигистибит. Киһим, хоту дойду киһитэ буолан, собону аанньа ахтыбат, хайдах буһарылларын да билбэт. Корпуһу олоччу кэрийэн, улахан уон икки собо холкутук батар миискэтин буллубут. Собобутун сууйдубут уонна хатырыктаатыбыт.

Собо барахсан буста. Ыалдьыттарбыт кэллилэр. Кэбээйи оҕото кыһыл көмүс кылдьыылаах ачыкылаах, бэрт чэнчис, ыраас Кеша, собону сөбүлүүр, күндүргэтэр киһи быһыытынан, собо сиэһинин дьиҥнээх бырааһынньыкка холуйан, биир бытыылка шампанскайдаах. Мин утары хос кыргыттарыттан тэриэлкэлэрин хомуйан киллэрэн собо сиэһинин остуолун тартым. Соболору бэрт үчүгэйдик тэриэлкэлэргэ ылан уурталаан, шампанскайбын аһан кырыылаах ыстакааннарга кутуталаан баран, доҕотторбун остуолга ыҥырдым.

Балык минньигэһэ барыбытын тарта.

– Хайа, Кеша, биһиги Биэттэбит собото хайдах эбитий, – диэтим киһим үөрэ-көтө аһыы олорорун көрөн.

– Үчүгэй собо эбит, тугу да эппит иһин. Ол эрээри биһиги Ньидьилибит собото туохха холонуой?! Бу балык суоҕар – балык, собо суоҕар – собо буоллаҕа, – диэтэ Ньидьили оҕото.

– Саатар, аһаан бүтэн баран сириэххин. «Балык суоҕар баҕа да балык» диэччилэр. Эн онно холуйдуҥ дии, быһыыта? Ньидьили собото бөдөҥ эрэ буолар. Минньигэһинэн, миининэн кыра күөллэр соболоро ордук. Көтөр этиттэн хайа да бэйэлээх хаастааҕар, кубатааҕар, андытааҕар – чөккөй, мороду этэ минньигэс буолар, – диэн Тамара куолулаан турда.

– Итиннэ бэринэбин. Мин кыргыттары кытта хаһан да мөккүһээччим суох. Кинилэр ас амтанын, суолтатын хайаабытыҥ да иһин, биһигиннээҕэр, эр дьоннооҕор, ордук билэллэр. Тамара сөпкө этэр, – диэн Кешабыт санаабатах өттүттэн тиэрэ эргийдэ. Бары күлсэн, биһиги, өрүс уҥуордааҕылар, Тамараҕа махтана түстүбүт.

– Мин кыра эрдэхпинэ үүттэн, үүт үрүмэтиттэн араас аһы астыыллара минньигэс да буолар этэ. Билигин ону умнубуттар, оҥорботтор. Ким да онно кыһаллыбат быһыылаах, – диэтэ Тамара.

…Хомус тыаһын истэ олоробун. Ити биһиги хомуспут – сахалар хомустара тыаһыыр. Итини Москваттан биэрэллэр. Мин тоҕо эрэ өрдөөҥҥүтэ собо сиэбит, саха таҥаһын, культуратын, искусствотын туһунан кэпсэтиспит киэһэбин өйдүү түстүм. Доҕотторум бииртэн биир көстөн кэллилэр. «Үүт үрүмэтин сиэбит киһи» диэн баран Тамара төбөтүн кыҥнары быраҕан олороро, тугу эрэ толкуйдуура бу баар.




АБЫРАЛЛААХ ҮҮТ


Сарсын омук литературатын туттарабын. Күнү быһа библиотекаҕа олорон таҕыстым. Учебнигынан, конспегынан син аахтым. Биирдэ санаатахха, эргийэн көрдөххө билбэт курдукпун. Миигин кытта кэккэлэһэ олорон күнү быһа историяны аахпыт Тамара барда. Мин сарсын туттарар буоламмын, күммүн толору туһанар санаалаахпын.

Өргө диэри аахтым. Барытын хат бэрийэн, бэрэбиэркэлэнэн көрдүм. Сөпкө дылы. Үчүгэйдик аһыахха, сынньаныахха наада. Сиэппэр уон биэс солкуобайдаахпын (оччолорго харчы уларыйа илигэ). Хата, тото-хана аһыыр кыах баар. Таһырдьа тахсан киэһээҥҥи куорат туманнаах тымныы уулуссатын көрбөхтөөтүм. Аан туманы ортотунан автобустар аа-дьуо усталлар. Куорат уу анныгар олорор курдук. Үчүгэйдик аһыы охсон ааһаары, мин рестораҥҥа бардым. Киирээппин кытта Агит утары көрүстэ. Саҥа хара көстүүмүн эҥэрин саба тута сылдьар, сирэйэ-хараҕа турбут. Туох буолбутун өйдөөбөккө турдахпына:

– Суолас көстүүммүн хайа тардан кэбистэ. Мин бүгүн кинини кытта аахсарым буолуо, – диэн Агит кимиэхэ эрэ саанна. Ол икки ардыгар кини өлөр табаарыһа, типографияҕа үлэлиир, ампаалыктаммыт улахан уол, саалаттан сулбу ойон тахсан Агиты кууһа түстэ.

– Сарсын аахсыахпыт. Өйдөннөҕүнэ төлүө, – диэн Агиты кыһыытын-аһыытын мүлүрүттэ. – Миэхэ барыах. Бүгүн миэхэ хон. Сээкэйи кэпсэтиэхпит, – дии-дии таҥнар сиргэ илдьэ барда. Мин тугун-ханныгын оччо өйдөөбөккө, Агит кими кытта иирсибитин билбэккэ, аһыыр саалаҕа киирдим. Муннук остуолга Агит атаһа Артем холуочук соҕус олорор. Миигин көрөөт, өрө сүүрэн кэллэ. Дэллэритэн илдьэн аттыгар олорто. Артем тыаҕа олорор, үлэлиир. Кини киирдэр эрэ биһиэхэ түһээччи. Онон мин кинини үчүгэйдик билэбин.

– Туох буоллугут, – диибин Артемҥа.

– Ээ, Агит акаары. Миигин кырбаары тииһэр. Ону кытта тардыалаһа сылдьаммын тимэҕиттэн иҥиннэрэн көстүүмүн алдьаттым. Хайа кэбирээбит баҕайы эбитэй. Биһиги бүтэн олоробут. Дыиэбитигэр барыах. Онно да ас элбэх. Биһиги атыыласпыппыт, – диэтэ тура-тура Артем. Хайыахпыный, барсарга тиийдим.

Хоспутугар ким да суох эбит. Кыыс Өлүөсэ ханна эрэ барбыт. Артем киирээт да, Агит тумбатыттан икки бытыылка ханньааҕы сулбу ойутан ылла. Онтон атын, быһыы да аҥаара килиэп, суох. Утары хос кыргыттарыттан тахсан килиэп ыллым, куукунаттан чэй таһаардым. Ыал ыалынан буола түстүбүт. Дьадаҥы астаах, күндү арыгылаах остуолбутугар уун-утарыта олордубут. Аччык киһи бастакы ыстакааны иһээт, хараҕым ирим-дьирим буола түстэ. Сүргэм көтөҕүлүннэ. Омук литературата эрэ, сатана эрэ умнулунна. Агит ордуоһун, акаарытын кэпсэтэн, чэ, быһаччы эттэххэ, кинини «сокуускалаан» бэрт үчүгэйдик истибит, аһаатыбыт…

Сарсыарда төбөм ыаҕастаах уу курдук. Барым барыта ыалдьар. Экзамеммын саныы түстүм. Бастакынан киирэр былааннааҕым, ол хаалбыт. Нэһиилэ турдум. Уу истим. Дьэ доҕоор, хотуо бөҕөнү хотуолаатым. Уунан, кубус-кураанаҕынан. Кыаллыа суох буолан төттөрү сыттым. Артем миигин угуйан көрөн баран барда. Агит кэлбэтэ. Ол икки ардыгар утуйан хаалбыппын. Киһи тардыалаабытыгар биирдэ уһугуннум. Бииргэ үөрэнэр уолум Степа киирэн турар.

– Уон икки ааста. Тур, доҕор, баран туттар. Оҕо аҕыйаабыт этэ, – диир. Өссө улаханнык ыалдьыбыппын.

Нэһиилэ туран сууннум. Аһыыр кэлиэ дуо? Салгын сиэри таһырдьа таҕыстым. Остолобуой иннигэр Тамара уун-утары көрүстэ.

– Хайа, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? – диэтэ.

– Ыарыйдым. Гриптээтим быһыылаах, – диэтим сирэйбин буорга анньан, олох сымыйалаан. Сааппытым иһин туох кэлиэй, буолар буолтун кэннэ. – Үүт иһиэм этэ. Эһиги үүттээххит дуо?

– Баар, кэл, киириэх. Экзамеҥҥын туттардыҥ дуо?

– Бу баран иһэр дьүһүнүм.

– Кыаллыа суох буоллаҕына, хойут туттар. Билигин дьиэбэр тахсан сыт. Мин врач ыҥырыам, – диэтэ Тамара барахсан…

Үүт иһэн арыый холкуйдум. Тымныы салгынынан дьэгдьиччи тыынан, санаабар, арыый чэпчээн туттара тиийдим. Биир кыыс хаалбыт. Оҕолор миигин күүтэн ыксыы аҕай тураллар эбит. Киирэн билиэт ыллым. Дьолго, билэр билиэтим. Бэлэмнэммэккэ, быһа кафедраҕа баран кэпсээн киирэн бардым. Омук литературатын учуутала олус эйэҕэс быыкайкаан нуучча дьахтара мин сирэйбин-харахпын одуулаһар. Мин кыбыстабын. Түннүк диэки, дьиэ үрдүн диэки көрө-көрө тугу билэрбин кэпсиибин. Үксү кэпсэппэккэ тохтотто.

– Ыалдьаҕын дуо? – диэн олус истиҥник, эрэллээхтик көрөн олорон ыйытта.

– Хайдах эрэ куһаҕаммын, – диэтим онуоха мин. Өссө икки боппуруоһу, олох кыра боппуруостары биэрдэ. Мин уһата соҕус эппиэттээтим.

– Бар, сынньан. Врачка көрдөр, – диэбитинэн зачеткабын уунна.

Сиргэ тимириэхтии кыбыһынным. Олоххо дьон эрэлинэн туһанан наһаалаан кэбиһэртэн ордук ыар буруй баарын билбэппин. Доҕор, таптыыр киһин абыраллаах үүтэ, эрэнэр, үчүгэйгэ үөрэтэр учууталыҥ истиҥ сыһыана туохха да тэҥнэммэттэр. Ону эн албынныыгын. Сидьиҥ быһыы… Ол иһин тугу эмэни түктэрини оҥордохпуна, киһини хомоттохпуна, мин омук литературатын экзаменын, онно кэбилэммиппин саныы түһэбин.

Хаһан да кыраҕа таптыыр доҕоргун албыннаама, киниэхэ тугу барытын кырдьыгынан эт. Оччоҕо эн дууһаҥ сырдык, ыраас буолуоҕа. Ыраас дууһалаах сылдьартан ордук улуу дьол суох.




КӨРСҮБЭТЭХ КҮННЭРИМ


Мин кинини көрбөтөх, көрсүбэтэх күннэрим ахсааннаахтар. Ол да буоллар икки илиим тарбаҕар тоһута тутан, үөр сүөһүнү ааҕар курдук «биир, икки» диэн лаһырҕаччы ааҕан биэрэр кыаҕым суох. Тамара күнүс илэ, түүн түүл кэрэтэ буолан мин аттыбар сылдьар.

Иккис курска үөрэнэ сылдьан саас дэлби ырбытым, сылайбытым. Ол иһин студпрофкомтан путевка ылан, Тамарабын кытта сүүстэ, баҕар, ордукта да буолуо, быраһаайдаһан, биир да экзамены туттарбакка, барытын күһүҥҥүгэ логлу көһөрөн кэбиһэн баран соҕуруу итии муораҕа сынньана барбытым. Кырдьык, онно сылдьан биллэ көммүтүм, төлөһүйбүтүм. Хара муора күнэ, халлаана, дьикти чэпчэки күөхтүҥү уута сүргэбин көтөхпүтэ. Ырыам уонна ыра санаам кыталыга – таптыыр да таптыыр Тамарам сүрэ-кута, тыыннаах мичээрэ, нарына-намчыта миигин кытта этэ эбээт. Ол иһин үгүс түбүктээх утуйбатах түүннэр, аанньа аһаабатах күннэр умнуллубуттара.

Күһүн дойдубунан эргийэн тиийбитим. Үөрэх саҕаламмыта. Эмиэ көр-нар, үөрүү-көтүү. Тамара олус тупсубут этэ. Биһиги истиҥник көрсүспүппүт. Мин сааскы түөрт экзамеммыттан үһүн утуу-субуу туттарбытым. Сүрэх ыллыырга дылыта. Үчүгэйэ. Төрдүс экзамеммын Милентий Ильич оҕонньорго туттарыахтааҕым, билэр буолан эрэх-турах этим.

– Экзамен туттара кэллим, – диэн баран мин Милентий Ильичкэ декан суругун ууран биэрдим. Оҕонньорум хараҕын үп-үрүҥүнэн тиэрэ көрөн таһаарда. Декан суругуттан уоту көрбүт киһи курдук кэннинэн тэйиэккэлээтэ. Онтон ньамайыаҕынан ньамайан, айаҕын олус тупсаҕайдык, тардыллыбыт айа сиһин курдук дьиктитик ырбайан, эҕэлээхтик күлэ түһээт:

– Мин эйиэхэ туруоран турабын, – диэтэ.

– Тугу? Мин туттара иликпин ээ…

– Оннук эбит дии. Тойон эн туттара иликкин. Мин быһаас эйиэхэ, көр бу, – тэтэрээтин тэнитэ-тэнитэ үөрдэ-көттө, – единицаны туруорбутум. Аанньа ахтан, киһини киһи диэбэккэ, туттарбакка барбытын иһин, – диэн этэн бүтэрээт, оҕонньор хараҕын араастаан көрө-көрө, эппэҥнии турда.

– Мин туттарбатахпар биричиинэлээхпин…

– Ол эн биричиинэҥ ахсааҥҥа киирбэт. Туппаппын, онон бүтэр. Эн уһуллан бүтэн тураҕын. Сарсын үөрэнэ кэлимэ, – диэт, оҕонньор эргийэн да көрбөккө, додоһуйа турда. Мин наһаа абардым. Ити күн мин Тамараҕа барбатым. Хайа сирэйбинэн кинини көрсүөхпүнүй?! Куота көтө сырыттым. Сарсыҥҥытыгар декантан өссө сурук ылан Милентий Ильич олорор дьиэтигэр тиийдим. Оҕонньор бэҕэһээҥҥитин курдук буолбата, үөрэ-көтө көрүстэ. Тугу эрэ, бэрт дуона суоҕу кэпсээтэ. Үлэлиир хоһугар ыҥыран киллэрэн, сымнаҕас кириэһилэҕэ олорто, хоһун устун тугу эрэ толкуйдуурдуу хаамыталаата. Мин күүтэн олоробун. Оҕонньорум тугу да саҥарбакка, хомуллубакка сытар оронугар тиийэн сытынан кэбистэ, улаҕа хайыста.

– Милентий Ильич, – диэтим мин аат харата, эрэлбин сүтэрбит киһи быһыытынан.

Оҕонньорум эргиллэн да көрбөккө улаҕа хайыспытахайыспытынан сытан:

– Тоҕус тоһоҕону астым. Хас тоһоҕону астым, – диэн ыйытан саайда.

– Тоҕуһу аспыт буоллаххына, тоҕус буоллаҕа дии… Итини миигиттэн тоҕо ыйыттыҥ? – диэтим.

– Единица! Өссө төгүл единица! Бар, тахса тур. Туппаппын! – диэбитинэн оҕонньорум өрө бурҕаллан туран кэллэ. Остуолга сытар зачеткабын харбаан ылаат, илии баттаан, единицаны туруоран кэбистэ. Буттэҕим ол.

Дьэ дьиҥнээхтик моһуогурдум. Тамарабар единицалаах зачеткабын көрдөрүөм, университеттан үүрүллэн эрэрбин этиэм баара дуу. Суох. Наар киниттэн куота, саһа сырыттым. Хас күн ахсын Милентий Ильич хара ньоҕой быһыытын декаҥҥа үҥсэбин. Сынньанан абыранабын диэн, дьэ сындааһыннанан таҕыстым. Оҕонньорум иннин биэрбэт. «Үөрэниэн баҕарбатаҕа, кэмигэр туттарбатаҕа, үөрэммэтин. Бардын. Ордугун, билбэт», – диэн кэлиилии кэбэр. Ол икки ардыгар биһиэхэ биир Вася диэн чалыгыраабыт, бэлэм айахтаах киһи баара Тамараҕа мин мөлтөхпүн, куһаҕаммын хостоон, үөрэхпэр ситиспэппин, Милентий Ильич үүрэн эрэрин кэпсээн биэрбит. Мин дьыалам декантан ректорга тиийдэ. Ректор комиссия оҥорорго эттэ. Дьэ, үөһэ тыынным. Ол эрээри үөннээх оҕонньор тугу эрэ билбэппин ыйытан үөрүө диэн сэрэҕэдийэбин. Комиссияҕа деканы кытта икки киһи киирсибиттэр. Оҕонньорум миигиттэн күн көрөрүн, саха саныырын олоччу ыйытар. Ону декан программаҕа чугаһаттаран иһэр. Эппиэти холкутук, толору биэрэ сатыыбын. Ону оҕонньор ылыммат. Саарбахтыыр. Хат-хат лэбэттэрэр. Сыыһа үктэтээри оҥостор. Туох да омуна-төлөнө суох отут икки боппуруоһу ыйыппытын кэннэ декан:

– Чэ, сөп буолуо. Тохтотуохха, – диэтэ. Оҕонньор онно да сөпсөспөтө. Ону декан күүһүнэн тохтотто. Мин таҕыстым. Бэрт өр мөккүстүлэр. Комиссия түөрдү, оҕонньор үһү туруорбуттар. Зачеткам, туттарбытым кэннэ икки хонон баран, староста кыыһынан эргийэн кэллэ. Эмиэ хараҕым сырдыы түстэ. Ол эрээри наһаа илистибит, сылайбыт этим. Дууһам тугунан эрэ – наһаа нарынынан, кэрэнэн дуу, наһаа модунунан дуу, модороонунан дуу – итэҕэһэ. Дьолум тыһыынча гыммыт хаһын эрэ, үөрүүм ыллыыр ымыытын ким эрэ оҕуурдаан тутан илдьэ барбыт этэ. Киһиэхэ ыардык, ньүдьү балайдык сыһыаннаһыы итиннигэ. Арааһа, мин онуоха дылы дьиҥнээх хомолтону билэ илигим эбитэ буолуо. Бар дьоҥҥо сырдык, кэрэ, ыраас эрэ баарын курдук үчүгэйдик, уйула суохтук саныыр бэйэм, атын буола охсубут этим. Мин сүрэхпэр, дууһабар уйа туттубут, дьиэтийбит туох баар кэрэни ким эрэ тымныы, хараҥа илиитэ тэһитэ тутуталаан кэбиспитэ. Икки ыйтан ордук куота сылдьыбыт, күн үрдүгэр баар туох баар кэрэ иҥмит Тамарата бэл туох эрэ уратылаахтык көстүбүтэ. Мин санаабар, кини миигин тургута, чуҥнуу көрөрө. Ол эрээри харахтара эйэҕэстэрэ. Муҥу көрбүт, киниттэн эрэ куота көппүт икки ыйбын өйдөөбүтэ, миигин уоскуппута.

Мин Тамараны көрсүбэтэх, саҥатын истибэтэх муҥнаах күннэрим, эһиэхэ бу кэпсээни ааҕар даҕаны, аахпат даҕаны эдэр дьоҥҥо тиксибэтин. Сүрэххитигэр сөҥмүт, дууһаҕытыгар туппут туох баар кэрэҕит өлүөхтээҕэр үөскүү, улаата турдун.




СЫБААЙБАҔА


Студеннарга сыбаайба көҕүтүспүт курдук саас, үөрэх бүтэрин саҕана, буолааччы. Биир ый иһигэр уонча сыбаайбаҕа сылдьыахха сөп. Мин бу бүгүн көрө олорор хаартыскаларым оччолорго олус да күндү этилэр. Эдэр дьон күүстээх тапталларын түмүгэ, олоххо көтөн тахсыы кынаттаах хараҥаччылара, кэлин төрүөхтээх оҕолор ымыылара, бүтэһигэр саҥа ыал бастакы аал уоттара бу кинилэр, сыбаайбаҕа, көргө ыҥырар хаартыскалара.

Холбоһор дьон хаартыскаларын кытта Лена эбэ хотун сырдык үөһэ, тахсан эрэр саҥа күн, ыраах көстөр хайалар – саныыр санааҥ чыпчааллара, саха титиригэ – уолан киһи уобараһыгар, эдэр хатыҥ – кыыс оҕо буолан ойууланаллар бу хаартыскаларга. Манна сөҕүмэр элбэх өй, сүрэх – эдэр киһи саныыр санаата, дьулуһар дьулуура түмүллэр.

Тамара биһиги Ганялаах сыбаайбаларыгар ыҥырыллыбыппыт. Мин тугу кистиэмий, Тамара ыҥырыллыбыт сураҕын истээт, атаҕым сири билбэт буола үөрбүтүм. Сыбаайбалар остолобуойга субуота, эбэтэр өрөбүл күн буолааччылар. Ганя миигин кытта үөрэнэрэ. Олус үчүгэй куоластаах, күүстээх-уохтаах тустуук уол этэ. Кини билигин суох. Олус кылгас олоҕу олорбута. Чэ, бэйэ, ону кини олоҕун саамай үөрүүлээх түгэнин, сыбаайбатын, кэнниттэн кэпсиэхпит.

Сыбаайба күнэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги курсунан туох эрэ бэлэҕи, радиоланы дуу, кыыска иистэнэр массыынаны дуу ылбыппыт. Студеннар бэлэхпит онтон ордук буолар кыаҕа суоҕа. Ол да үгүс түбүгүнэн көстөрө. Сыбаайба буолуон аҕай иннинэ мин Тамараны көрсүбүтүм. Бараары аҕай сылдьара. Ол икки ардыгар миигин уонна хас да уолаттары уруттатан, сыбаайба буолуохтаах остолобуойугар, туох эрэ наадаҕа, кэпсэтиигэ ыытан кэбистилэр. Барыта үчүгэй этэ. Мин Тамараҕа уонна бэйэбэр миэстэ ыллым. Атын кыыһы кытта олорор санаам суоҕа. Ол иһин хара маҥнайгыттан Тамараҕа миэстэ ыллым. «Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ», «Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн» диэн бэртээхэй өс хоһоонноро бааллар. Мин куба тириитин оннугар кулун тириитин тутан хааллым. Күүттүм-күүттүм да, Тамара кэлбэтэ. Тоҕо? Ким да билбэт.

Сыбаайба саҕаланан барда. Көр-нар күөстүү оргуйда. Мин хомолтобун, үөрүүм үрүҥ көмүс бакаалын мүччү тутан кэбиспиппин ким да көрбөт. Тамараҕа ылбыт миэстэбэр мүлүрүҥнээбит Федя олорор. Кини олус улаатымсык. Киһиттэн оппотоҕун иһин, дьону тэҥнээбэт киһи. Саатар, элэккэй биир эмэ атаһым түбэспитэ буоллун. Федя аан бастаан саҥа кэлбит тураах тиит баһыгар түһэн баран чэмчээриҥниирин тэҥэ кыайан аһаабакка, испэккэ тылбыҥнаата. Киэҥ дьаллаҕар айаҕын араастаан тутунна, чыычаах оҕотун айаҕын курдук оҥоннотто. Икки-үс үрүүмкэ кэнниттэн күрдьүккэ түспүт тураахтыы остуолга, аска сапсылынна. Көрө олорон, бэйэм да киҥим-наарым холлубут киһи, сиргэ силлиибин. Федя ону таба көрдө.

– Эн миигин сөбүлээбэккин быһыылаах. Тоҕо чыпчырынаҕын? Биитэр олус улаатан олоробун дуу?

– Федя, аһаан ис. Тугу улаатыамый?! Эйигин сөбүлээбэтэхпинэ кими сөбүлүөмүй! – диибин. Испэр сирэйин эттиэхпин баҕарабын. Ыксаатахпына, ким да буоллун, охсон тэйэрим. Эгэ, бу итирэн эрэр Федяны тулутуом дуо? Ол эрээри доҕорбун Ганяны саныыбын. Кини сыбаайбатыгар мин иирсиэ, охсуһуо суохтаахпын. Доҕорум хара көстүүмнээх, маҥан ырбаахылаах, хара хаалтыстаах. Туус маҥан таҥастаах кыыһын кытта кэккэлэһэ будьурхай куударата өрүкүйэр. Мин кулгаахпар кынаттаах тыал иһиирбэхтиир. Дьикти дойдулар харахпар көстөллөр. Кытаанахтык туттабын. Саала дьигис гынаат, сырдаан кэлэр. Суох, итирбэтэхпин. Өйдөөхпүн. Доҕотторум, мин оҕолорум көрүлүүллэр. Уоллаах кыыһы итиитик, имэҥнээхтик уураһалларыгар көбүтэн хаһыытаһаллар.

Туругурдун бу түгэн, уоттаах уураһыы!

Тохтобул. Вальс долгутуулаах музыкатыгар көтөхтөрөн пааралар, тэҥнээх эдэр дьон үҥкүүлээн усталлар. Мин эмиэ ханнык эрэ кыыһы кытта үҥкүүлүүбүн. Атахтарым көтөн иһэр курдуктар. Тугу эрэ кэпсэтэбит, күлсэбит. Ол эрээри мин таһым эрэ күлэрэ. Үҥкүү бүппүтэ. Мин сөрүүкүү дьиэ айаҕар тахсабын. Уолаттар сөрүүкүү, табахтыы тураллар. Били миигин кытта бииргэ үөрэнэр, түргэн саҥалаах, хоп-сип хаата Вася баар буола түспүтэ. Миигин көрөөт, мичик аллайбыта.

– Тамара кэлбэтэ дуу? Москваттан кэлэн иһэр, урут оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһын көрсө порка киирбит сурахтааҕа.

– Ону эн кимтэн иһиттиҥ?

– Бэйэтиттэн истибитим. Такси күүтэн турарын көрсөн ааспытым. Онно туох баарый? Тоҕо оҕус курдук буугунаатыҥ?

Мин кыһыйыы бөҕөнү кыһыйдым, утарытынан туох да буруйа суох Васяҕа. «Кини хобуоччу, сымыйаччы. Тамара кэлбэтэҕиттэн мин дьоло суох сылдьарбын көрөн үөрэр. Мин Тамарабын «уоллаах, уолун көрсө порка барбыт» диэн холуннарар. Иһим ыдьырыччы буһан хаалла. Ол эрээри туттуннум. Дьиэни эргийэ бардым. Уоскуйдум. «Доҕор, атас кэмнээх буолуо дуо, сырыттын» диэн иһиллэр гына бэйэм бэйэбэр ботугураатым.

Киирэн салгыы аһаан бардыбыт. Федя чэпчээбитэ ааспыкка дылы, боччумурбут.

– Хаһан сыбаайбалыыгын? Тамараҥ барбыт дуу?

– Баран. Онно үөрдүҥ дуо, чиччик! – диэтим мин уун-утары эргиллэ түһээт, хаҕыстык.

– Үөрэн. Бу эн Тамараҕа тэҥнээ,ххин дуо? Мин эбитим буоллар, син да этэ, – дии-дии хайдыбыт мас курдук кыычыгыраан, наһаа үөннээхтик, сэттээхтик күллэ.

– Мэ, бу баар чиччик! – диэт, Федя сирэйин тоҕо дайбаан таһаардым. Остуол оҕутта, иһит кырылыы түстэ. Дьон өрө сүгүллэн турдулар…

Кэмсиммитим иһин хайыамый, доҕорум Ганя суос- соҕотох үөрүүлээх күнүн мин буорту оҥорбутум. Ганя өстүйбэтэҕэ. Олус доҕордуу этибит. «Кини суох» диэн этэн турабыт. Билигин күн-дьыл ааспытын кэннэ санаатахпына, хаһан да өспөт буруйу оҥорбут эбиппин.

Ганя олох доруобай сылдьан, Алдан өрүскэ моторкаҕа түөрэ бырахтаран өлбүтэ. Үс оҕо аҕата этэ.

Бу хаартыскалар буолбатахтар, биирдии дьон олохторо. Салҕанар, умайар уоттаахтар. Онно даҕаны сыбаайбалар буолуохтара!




ТУРУЙАЛАР ААҺАЛЛАР


Сотору хаар ууллуо, чалбахтар үөскүөхтэрэ, тырытыалар сүүрүөхтэрэ. Тамара биһиги сааскы халлааны таптыы, умсугуйа көрө турабыт. «Көтөр кынаттаах киһи» былыр уос номоҕо буолара, билигин ол хайдах эрэ, оччо уратыланан иһиллибэт. Биһиги аргыстарбыт, Сир космическай аргыстара, сири эргийэ көппүттэрэ ыраатта. Оннооҕор кинилэри халлаан түүн илэ хараххынан көрүөххүн сөп. Өтөр киһи көтүө. Биһиги итинник санаалаах, ону кэпсэтэ-кэпсэтэ Сайсары күөл биэрэгин кэрийэ хаамсан иһэбит. Күн үрдэ сырдык даҕаны. Киһи көҥүл, эдэр, чэгиэн. Мин Тамара уһун синньигэс тарбахтардаах нарын, сып-сылаас илиитин тутабын. Кини күлэ-күлэ куоттарар.

Ол миэхэ өссө ордук үчүгэй.

…Корпуспутугар кэлиибитигэр дьиэбит иһэ тигинээн, эймэнэн олорор. Ким барыта үөрбүт, сэргэхсийбит.

– Киһи көппүт космоска, советскай киһи!

– Юрий Алексеевич Гагарин.

– Ураа, кыайдыбыт. Космоһы биһиги – советскай дьон астыбыт.

– Космос үйэтэ саҕаланна. Гагарин биһиэнэ!

Ити күнү киһи барыта умнубат. Туох барыта сырдык, кэрэ. Тамара биһиги аан бастаан ыга куустустубут. Үөрүүбүт муҥура суох. Гагарин түһээтин кытта, үлэбит бүппүт дьоннуу, дьиэ-дьиэбитигэр, хос-хоспутугар тэбиннибит. Тоҕо эрэ оннук буолла. Ким барыта дьиэтигэр тардыста.

Бу бүгүн мин үрдүбүнэн туруйалар көтөн ааһан эрэллэр. Үгэстэринэн ыһыытаан лоҥкунаталлар. Мин саҥата суох турабын. Ол сааһы, биһиги Тамаралыын Сайсарыга дьаарбайбыт сааспытын, саныыбын. Билигин кини ыраах. Мин уонна туруйалар эрэ баарбыт. Гагарин эмиэ суох. Кини оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө уонна хас биирдии сүрэххэ иҥэн хаалбыт дьикти мичээрэ бүтүн аан дойду дьонун сүрэхтэригэр баар. Ол саас элбэх уол оҕо кини аатынан ааттаммыта. Онно сир үрдүгэр сарсыҥҥы Гагариннар элбэхтэр.

Туруйалар, мин эдэр сааһым ырыаһыт көтөрдөрө, толуу бэйэлээх дьоһун кыыллар, мин эһигини олус сэргии, таптыы көрөбүн. Эһиги миэхэ муҥура суох үөрүүнү, эдэр саас этиллибэтэх түгэннэрин эргитэҕит. Сырдык сабарай кынаттаргыт саҕах кирбиилэригэр тиийэн сүтүөхтэригэр диэри, мин харахпар тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах от күөҕэ чараас сиидэс ырбаахы буолан көстөҕүт. Мин сурулла илик хоһооннорум, кэпсэнэ илик кэпсээннэрим эһиги, туруйалар, буолаҕыт.

Уу-чуумпуга бигэнэ сытар ийэ сири кытта мин эһиги ырыаҕытыттан хас саас аайы тиллиэҕим, сир ийэ сибэккитин туппутунан эһигини көрсө саҕахтарга сардаҥа кынаттанан көтүөҕүм.

Оо, эһиги, ааһар туруйалар, саас ахсын Туймаадабар тохтоон, эргийэн ааһар буолуҥ!




ХАТЫҤНАР


Хатыҥнар барахсаттар үүнэн наҥнаһан туралларын көрдөхпүнэ сырдыы, сылаанньыйа түһэбин. Кинилэр мастар буолбатахтар – аанньаллар. Оо, биһиги алаастарбыт хатыҥнара наҥнаһан, лабаа лабааланан, сэбирдэх сэбирдэхтэнэн ситэн, айгыстан, аарыгыран турдахтарына, ама, туох ааттаах киһитэ долгуйуо, үөрүө суоҕай?! Сиртэн тиийэ сэбирдэхтээх биһиги хатыҥнарбыт аар наҥнаһын ийэлэрбитин, кинилэр уһуун-уһун суһуохтарын, онтон кыры-кылбайар туостаах, симиттибиккэ дылы оргууй аҕай сибигинэһэ турар кыыс хатыҥнар – эдэркээн оҕолорбутун, биһиги тапталларбытын санаталлар.

Туймаадаҕа хатыҥ аҕыйах. Ол эрээри баайдар, баараҕайдар. Мин учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олордохпуна, Тамаралыын Чочур Мыраан тэллэҕинээҕи эдэр хатыҥнарга тыынан быһа эрдинэн таҕыстыбыт. Киирэн эрэр күн тиһэх саһарҕата күөл уҥуордааҕы бэстэр төбөлөрүн уматар. Биһигини күн көрбөт. Кини мыраан үрдүгэр түспүт. Ол да буоллар мыраан тэллэҕэ ип-итиинэн тыынар. Үрдүбүтүгэр чэгиэн, эдэр хатыҥнар биллэ-биллибэттик сибигинэһэ, хойуу кэтит сэбирдэхтээх лабааларынан дэйбиирдэнэн сөрүүкүү сатыы тураллар. Олус үчүгэй. Сир күөх. Бу күөх уһуга суох бара турар. Кини туох баар сылайбыккын-элэйбиккин бэйэҕиттэн кыйдыыр, эккин-хааҥҥын дьикти күүһүнэн сайа охсор. Оччоҕо эмиэ эрчимирэн кэлэбин. Күөх уратыта, күүһэ онно.

– Тамара, хатыҥ ырыатын истэҕин дуо? Хатыҥнар тугу ыллыыллар? – диибин арылы хара үчүгэйкээн харахтары көрө-көрөбүн.

– Оо, кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах. Кини дууһата ыраас буолуохтаах, – диир онуоха кыыһым. Мин кини этиитин олус долгуйа, умсугуйа иһиттим. Ол кэннэ алааспын, кини хатыҥ чараҥын саныы түстүм. Оҕо сырыттахпына, ийэм биир бэртээхэй кэпсээни кэпсээбитэ. Ону Тамараҕа кэпсээн киирэн бардым.

– Сэрии бастакы сааһа этэ. Биһиги арыычча, өлбөтү эрэ үрдүнэн хара сиргэ үктэммиппит. Ийэм биллэ кырдьыбыта. Илиилэрэ-атахтара иһэр буолбута. Мин ийэбинээн дьиэбититтэн биэс биэрэстэлээх сиргэ олорор Баһылай оҕонньор диэн балыксыт оҕонньорго ыам мундута бэриһиннэрэ бардыбыт. Кэлбиттэн-барбыттан: «Наара мундута тахсыбыт, Баһылай оҕонньор сиэн эрэр үһү» диэн истэбит. Ол иһин бүк эрэнэн, ийэм былыр сүктэн тахсыбыт, кыыс оҕо сылдьан кыллаан, таҥалайдаан, кутуйах хаамыытынан киэргэтэн тикпит сүөгэйин ыаҕыйатын тоҥолохтонон иһэбит. Ыаҕыйа эмиэ кырдьыбыт. Эргэрбит, элэйбит. Кини эмиэ суту билбит көрүҥнээх, куурбута-хаппыта сүрдээх. Куп-кубаҕай дьүһүннээх. Оҕонньордоох биһигини үчүгэйдик көрүстүлэр. Хатыҥ үөстээх чэй истибит. Балык сиэтибит. Ыаҕыйабытын толору Наара эмис мундутун бэриһиннэрдибит. Тахсаары турдахпытына Баһылай оҕонньор: «Ньукуункалаах иэдэйэн олордохторо буолуо. Балыкта кэлэн ылан бардын» диэн илдьиттээтэ. Кэтит сүүһүн көлөһүнүн кырдьыбыт эрээри, модьу-таҕа илиитин ытыһынан соттон кэбистэ. Тоҕо эрэ субу-субу өрө тыынар. Аны санаатахха, тулаайах хаалбыт дьонун-сэргэтин аһынан айманар эбит. Ол саас элбэх киһи аччыктаабыта. Ону суос-соҕотох Баһылай оҕонньор мундута өрүһүйбүтэ.

Биһиги аһаан-сиэн, күүс ылан, быһаччы эттэххэ, ат мииммит курдук буолан дьиэлээн испиппит. Сиэбит балыкпыт, сотору буолаат, сүһүөхпүтүгэр охсубута. Аччык киһи тоттоҕуна оннук буолаахтыыр эбит этэ. Наара сыырын иккитэ сынньанан тахсыбыппыт. Ийэм буоллун даҕаны, бу мин, уончалаах оҕо, алаас сыырын иккитэ сынньанан тахсарым төһөлөөх күүс өһүллүбүтүттэн, дьүдьэйииттэн буолта буолуой?! Бэрт өр айаннаан алааспытыгар Саарбалаахха тиийэн кэлбиппит. Биһиги алааспыт дьикти үчүгэй алаас. Көбүс-көнө саһыл хонуулааҕа. Ону аһыҥа сиэн буорунан көрдөрбүтэ. Быйыл саас эмиэ көҕөрөөхтөөбүт. Ортотугар хатыҥ чараҥнаах. Сыырын анныгар киирэн тохтоотубут. Дьэ, онуоха ийэм хатыҥ чараҥы көрөн олорон, бэйэтэ тикпит бэртээхэй туос ыаҕыйатын кылларын кырдьыбыт илиитин тарбахтарынан имэрийэ-имэрийэ, аа-дьуо кэпсээн барда.

– Былыыр-былыр биһиги алааспыт аата атын эбит. Биир аар саарга аатырбыт баай кыыһа, удаҕан дьахтар, сүктэн тахсан иһэн ити хатыҥ чараҥ оннугар, саһыл хонууга, сурдун таттаран тохтообут. Киниэхэ олохтоохтор хантан эрэ саарба тириитин булан олбох уурбуттар. Дьахтар олус үөрбүт. Киэһэ оонньуу бөҕөнү оонньоппут, ас бөҕөну аһаппыт. Дьон бэркэ дуоһуйбуттар. Өрөөн баран бараары туран: «Төрүүр оҕо төлкөлөнөр, иитэр сүөһү күрүөлэнэр, өрүү алла турар астаах, көҕөрө турар күөхтээх, сандаархай күннээх Саарбалаах буоллун бу улуу алаас», – диэбит. Ол кэннэ баттаҕыттан ат тарааҕы ылан: «Айгырыы хамсыыр аар хатыҥ буол. Ыһыах эйиэхэ ыһылыннын, көр эйиэхэ көрүлэннин!» – диэн баран сурдун оннугар батары анньан кэбиспит. Ол тарааҕы онтон ким да ылбатах. Сарсыныгар кэлэн көрбүттэрэ тараах суох үһү. Ол курдук ааспыт. Эһиилиттэн кини тарааҕа хаалбыт сиригэр хатыҥ чараҥ – бу биһиги хатыҥ чараҥмыт үүммүт. Бу кэнникигэ диэри улуус-улуус ыһыаҕа манна, бу хатыҥ чараҥ тэллэҕэр буолара. Эн ити хатыҥ чараҥы мээнэ алдьаппат буол. Бэйэтэ даҕаны бу кэнники сылларга ииннэ-хатта. Кини буолан тулуһан турар, – диэбитэ.

Мин онтон ыла алааһым хатыҥ чараҥын атыннык көрөр буолтум. Түүн түһээн ол толуу дьахтары, үтүө санаалаах хотун хааны, көрөрүм. Кини хатыҥнар тастарыгар үүт кэрэ аттаах сылдьар буолар. Ол ат сиэл кутуруга хатыҥ лабаатын курдук буолара. Дьахтар дьикти ыраас харахтааҕа, уһун суһуохтааҕа. Мин кинини сороҕор үүт кэрэ атын хатыҥ сэбирдэҕэ сиэлин имэрийэ-имэрийэ ытыы олорорун көрөрүм. Ол кэннэ хатыҥ чараҥмын санаабытынан уһуктарым. Сайыҥҥы күн тахсыыта сытар хоспохпуттан атах сыгынньаҕын тахсан, сарсыардааҥҥы сииги кэспитинэн, ытыы олорор үүт кэрэ аттаах дьахтары көрөөрү, хатыҥ чараҥҥа тиийэрим. Кини суох буолара. Мин сэбирдэх уутунан дуоһуйуохпар дылы суунарым.

– Дьикти буолар ээ, кырдьык. Миигин дьонум «хатыҥы алдьаппат буол» диэччилэр. Бу барахсаттар иччилээхтэрэ буолуо дуо? Суох ини. Көннөрү кэрэтин иһин харыстыыллар, – диэбитинэн Тамара олоро түспүтэ. Кини нарын илиилэрэ, суһуоҕа хойуу сэбирдэхтээх хатыҥ лабаата буолан көстүбүтэ. Мин соһуйбутум. Харахпын быһыта симмэхтээн ылбытым. Тамара бэйэтэ-бэйэтинэн сырдык туостаах эдэр хатыҥ анныгар өссө тупсан-кэрэтийэн, хатыҥы кытта хатыҥ, сири кытта сир буолан олороро.

Быйыл саас Саарбалаахха сырыттым. Мааны бэйэлээх хатыҥ чараҥым уостан бүппүт. Бэрт аҕыйах, ону даҕаны тостубут хатыҥнар хаалбыттар. Мин онно буруйдаахпын. Тамараны маҥнай таптыы көрдөҕүм сайын дойдубар тахса сылдьан, алааһым биир маанылаах хатыҥар «Тома» диэн быһаҕынан тэһэ быһан суруйбутум. Ол хатыҥ эрдэ хагдарыйбат этэ. Билигин төҥүргэһэ эрэ турар. Ийэм тылын, үүт кэрэ аттаах дьахтар хараҕын уутун умнубут этим.

Хатыҥнар, сахам хатыҥнара, эһигини ааһар тыал да тумнан аастын. Дьон дьолугар, куурары-хатары билбэккэ, лабааҕытын намылытан, сэбирдэххитин силигирэтэн өрүү үүнэ туруҥ! «Кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр, өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах» диэн Тамара саамай сөпкө эппитэ.




АРДАХ ТҮҺЭР


Сааскы Сэргэлээх кэрэ да буоллаҕа. Күнү быһа күөрэгэй ыллыыр. Кэҕэ этэр. Биһиги күөх мутукча дэйбиирдээх аа-дьуо хаамсан иһэбит. Бырдах олус элбэх. Бүгүн бэйэтэ да харааннаабыт быһыылаах. Тамара сыгынньах сотолорун тула эргийэллэр. Ону ол диэбэккэ күөх тыаҕа дьикти дыргыл сытынан тыына сылдьабыт. Кини сарсын дойдулуур. Мин эмиэ дойдубар тахсабын. Быйылгы курдук үтүө, саас сайына да үчүгэй буолара эрэбил. Онон оттуом. Ийэм икки ынахтаах. Онно от наада. Былыт намыһаҕынан устар. Ардах түһээри аҕай турар. Биһиги тиэтэйбэккэ хаамсан иһэбит.

Бэстэр ардаҕы күүтэн, маҥнайгы ичигэс ардаҕы күүтэн, ордук итииргээбит курдуктар. Кинилэри бырдах эмиэ сиир быһыылаах, тоҕо эрэ лабааларынан дэйбиирдэнэн ылаллар. Ол икки ардыгар ардах таммалаабытынан барда. Биһиги биир бэс анныгар хоройдубут. Ардах күүһүрдэ. Тула эймэҥнэһэр бырдахтар ах бардылар. Туох барыта иһийдэ. Чыычаахтар эмиэ биһигини үтүктэн бэс лабаатыгар, от быыһыгар састылар быһыылаах, ылы-чып бардылар. Кэҕэ эмиэ тохтоото.

Мин бэс анныгар турабын. Дириҥ да дириҥ хара сылаас харахтары көрөбүн. Кинилэр мин харахпар кэҥээн, улаатан кэллилэр. Көлүйэ күөл буола түстүлэр. Бу айылаах ыраастарын, дириҥнэрин. Сып-сылаастар. Манна күн дьиктитик көрөр эбит. Сүрдээх элбэх буолан көстөр. Ол гына-гына улаатан, төгүрүйэн кэлэр. Кубалар усталлар. Ол кубалар ураты ыраастар, кыраһыабайдар. Кинилэр түүлэрин-өҥнөрүн ыраастаналларын, оҥостоллорун көрөбүн. Ол ахсын дууһам уйулҕата ырыа буолан, улам-улам симэлийэн, аччаан иһэр. Ол ырыаны хайа эрэ нарын куоластаах кыыс ыллыыр. Куолаһа олус кэрэ, синньигэс. Мин урут хаһан эрэ истибитим бу куолаһы. Көлүйэ ортотугар кып-кыһыл, чааскыны өрө туппут курдук, сибэкки умайа олорор. Тула сүрдээх үчүгэй сырдыгы ыһар. Киһи көрдөр-көрүөх айылаах. Мин улам онно чугаһаан истим, онтукам сүрэх буолан хаалла. Кини тэбэр да тэбэр, ол ахсын сып-сырдык күн сардаҥата сүүрүгүрэр. Мин «бу Тамара сүрэҕэ, кини эрэ сүрэҕэ маннык ыраас, ортотугар уоттаах буолуохтаах» дии саныыбын.

– Ардах хойунна. Хайыыбыт, – диэбит саҥаттан өйдөнөн кэллим. Мин хараҕым иннигэр Тамара харахтара эдэр саас дьикти тэбэнэтинэн умайаллар. Кыламанын устун ардах уута сүүрэн түһэн чопчуласпыта көрүөхтэн кэрэтик ибигириир. Сүрэҕим тыаһа биир кэм бип-биллиргэс. Сибилигин сулбу ойон тахсан көтөн хаалыах айылаах. Биһиги арыый бөдөҥ бэскэ сырыстыбыт. Манна ардах арыый ама эбит. Уоспар сылаас тыын биллэр. Ол кини, мин Тамарам, тыына. Уостара, чап-чараас, тэп-тэтэркэй уостара, олох субу тураллар. Баттаҕын сыта муннубар дыргыйар. Мин санаабын аралдьытан, ардаҕы одуулуубун. Бэс анныгар туран көрдөххө, ардах үрүҥ сылгы сиэлин курдук таҥнары сыыйыллан олорор. Хас биирдии чопчу силимнэһэн биир утах буолан хаалтара олус үчүгэй. Көннөрү уу буолбатах, көмүс уу тохтор. Быйаҥ барахсан үүт кэрэ сылгы сиэлэ буолан таҥнары суккуллар.

– Хайа, хайыыбыт? Ардах бүгүн ааһыа суох, – диэн Тамара ботугуруур.

– Түстэр түстүн. Тура түһүөх. Бэс анныгар туран ардаҕы көрөр үчүгэй, – диибин кэтэхпинэн сүүрэн түһэр ууттан куотуна-куотуна. Өр турбуппут. Ардах бастакы күүһэ ааһан, дьэ холкутугар түһэн, наҕылыйан, түһэрэ биллибэт буолан илибирээн олорор буолбута.

Биһиги бэспит анныттан тахсан оччо тиэтэйбэккэ, сытыйбыт дьон сытыйдахпыт диэххэ айылаах холкутук хаамыстыбыт. Атахпыт анныгар уу бырдаҥалыыр, уу ыһыллар. Биһиги чэгиэнник, дьоллоохтук күлсэбит.

…Булчут балааккатын иһигэр олорон, аһаҕас аанынан, оргууй түһэн ньиккирэтэр ардаҕы одуулуубун, түспүтэ үһүс күнэ. Тохтуох, уоскуйуох быһыыта суох. Син биир холкутун курдук холку, түспүтүн кубулуппакка түһэ турар. Бу сааскы ардах буолбатах, күһүҥҥү ардах. Ол иһин да буолуо, киһи кутун-сүрүн баттыыр. Түүн ордук ыаһыран, хараҥаран кэлэр. Мин харахпын быһа симэн, ол сааскы ардахха, бэс анныгар туран көрбүт харахтарбын, кубабын, уот кыһыл сибэккибин – сүрэҕи көрө сатыыбын да көстүбэт. Хата төттөрүтүн, ханнык эрэ түүллэр, атын дьон утуу-субуу субуһаллар. Биһиги манна, бу Алдан уҥуор, бултуу тахсыбыппыт да, ардахха хааттаран харыс сири хаама иликпит. Ыттарбыт дэлби сытыйан киирэ-киирэ, балааккаҕа түүрүллэ сыталлар. Доҕотторум Мэхээлэлээх Бүөтүр – булчут аллаах дьон. Мэхээлэ сэттэлээх сылдьан бууру, уон түөртээҕэр хардаҥ эһэни өлөрбүт киһи. Кинилэр холкулар. «Ардах аннынан сылдьар куһаҕан» диэн дьиэттэн быкпаттар. Мин омуммар ардах аннынан бултуохтааҕар, уу да ортотунан кэһэн барыах айылаахпын.

Түүн тыалырда. Былытын ньылбы оҕуста. Отун-маһын уутун тэбээтэ. Биһиги эрдэ турдубут. Аттарбытын ыҥыырдаан баран чэйдээтибит. Эргийэн кэлэрдии оҥостон бардыбыт. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ чугас соҕус ыт үрэр саҥатын иһиттибит. Онно бардыбыт. Ыттарбыт биир бууру хаайан тураллар эбит…

Балааккабытыгар киэһэ кэллибит. Үчүгэйдик аһаан баран утуйдубут. Ол түүнү быһа өтөр-наар көрбөтөх Тамарабын, сол ардахтаах күнү, сол кубалары түһээн таҕыстым. Дууһам олус чэпчээн, үөрэн уһугуннум. Биирдэ өйдөммүтүм булчут балааккатыгар ат ыҥыырын сыттанан утуйа сытар эбиппин. Олус хомойдум. Балааккабытын дөрүн-дөрүн тыал үргэҥнэтэр. Халлаан быһыыта эмиэ алдьаммыт бадахтаах. Үчүгэй аҕайдык бултатыа суох быһыылаах. Сотору Мэхээлэ уһуктан турда. Уот отунна. Чэй өрдө. Өрбүт чэйбит да ситэ оргуйа илигинэ, хайа үөдэнтэн үүрдэрэн кэлбитэ эбитэ буолла, хаар буккааһыктаах күһүҥҥү күүстээх ардах тоҕо сүөкээтэ. Мин түүлбүн, эдэр сылдьан таптаабыт Тамарабын саныы олордум. Аар тайҕа баһа куугунуур, ардах күүстээх илиитинэн балааккабытын эттиир. Итии чэй иһэн баран, оттуллубут тимир оһох суоһугар таттаран нухарыйа сатыы сытабын. Мин харахпар сып-сырдык уулаах көлүйэ дьэрэлийэн көһүннэ. Мин ол көлүйэҕэ төбөбүнэн таҥнары умсабын. Күн сардаҥатынан ыһыахтана олорор уоттаах сүрэх оннугар, уу өрө ыһылла олорор. Ону мин харах уута дии саныыбын. Амсайан көрдөхпүнэ, тыбыс-тымныы, туустаах. Өрө уһуутаабытынан көрөн кэлэбин. Дьонум ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, табаахтыы олороллор. Мин эмиэ туран олордум.

Ардах түһэр. Аһыллыбыт балаакка аанынан көрдөхпүнэ, ыарахан таммахтар харах уутун курдук мөлбөрүһэллэр. Мин халлаан иэдэһин, хараҕын сотон биэриэхпин саныыбын. Ол кэннэ уп-уһун кыламаҥҥа чопчуласпыт таммах дьикти үчүгэйдик илибириирин сөҕө, таптыы көрөбүн. Ардах түһэр. Баҕар, бу күһүҥҥү ардахха былдьаппыт уоллаах кыыс биһиги курдук харахтарын көрсө, сып-сылаастык тыына тураллара буолуо. Ол улуу дьол. Ардах түһүө буоллар, түстүүн түстүн!




ЭТИҤНЭР


Ахтан баран иһиттэххэ, сааскы бастакы этиҥнэр олус кэрэ, олус да улахан тыастаах буолаллар. Сир түгэҕиттэн өрө ньириһийэн улам-улам халлаан оройугар тахсаллар. Ону Ылдьаа бороруок тэлиэгэтэ дэлбэритэ ыстана-ыстана сүүрэр дэһэрбит. Мин этиҥнэри истибэтэҕим өр буолла. «Этиҥ өҥ дьылга элбэхтик, хас эмэ хаттыгастаахтык этэр» дииллэр. Биһиги, сэрии бириэмэтигэр үөскээбит оҕолор, этиҥ тыаһын истибэтэхпит, ол оннугар аһыҥа сырдыргыырын, сыбаҕа суох хоспохпут иһиттэн төгүрүк суукканы быһа истэрбит. Ол аһыҥа биһигини кырыыр оботтоох ырыата этэ. Ол эрээри кини биһигини кыайан сиэбэккэ, син биир фашист арҕаа кыаттарбытыныы, кыайыы дьылыгар өҥҥө, күөххэ кыаттарбыта.

Дьоннорбут армияттан төннүбүттэрэ. Ол бар дьон сүрэҕэр кыайыы этиҥэ буолан тэлитэ тэппитэ. Үөрүү да үксэ.

Айылҕа этиҥиттэн ураты, ыар этиҥ баарын мин билбэтим. Олох оҕо этим. Халлаан ыраас буоллаҕына ханнык этиҥ этиэхтээҕин, ханнык өй-санаа күрсүөхтээҕин туһунан санаан да көрбөтүм. Ол эрээри мин үрдүбэр кытаанах этиҥ эппитэ. Ол этиҥ эмиэ сир түгэҕиттэн өрө сүүрэн тахсыбыта, ханна да буолбакка, мин төбөбөр кэлэн дэлбэритэ барбыта.

Күрүлүүр күнүс үөрэнэ олордохпуна, декаҥҥа ыҥырбыттара. Мин тугун-ханныгын билбэккэ, ону сэрэйэ-таайа да сатаабакка, сулбу хааман киирбитим. Декан, кыра дьэбир киһи өссө ыаһыран, кыйаханан олороро. Кинини көрөөт да, чугус гына түспүтүм. Туох эрэ иэдээн буолтун тута сэрэйбитим.

– Киһи иитэн-үөрэтэн эрэйдэниэ суох киһитэҕин. Бөөлүүн аппа үрдүгэр буолбут охсуһууну эн салайбыт үһүгүн. Ол-бу буолбакка, кырдьыгынан эт. Хаһыа этигит? Кимнээхтэрий? – диэтэ күргүйдүү былаан.

– Ханнык охсуһууга? Мин кыттыахтааҕар охсуһуу да буолтун истибэккэ сылдьабын.

– Охсуһан, айдааны тардан баран истибэтэх ааттаах! – декан олох кыыһырда. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ баһыттан атаҕар диэри сылдьыбыт байыаннай киһи. Сэриигэ майор эбитэ үһү. Кыыһырдаҕына билигин да суоһа-суодала сүрдээх. Ол иһин мин мух-мах буоллум. Ол эрээри:

– Суох, охсуспатаҕым! – диэн хоруйдаатым. Ол икки ардыгар икки билбэт дьонум киирэн кэллилэр. Онуоха декан «бу турар» диэн миигин төбөтүнэн ыйан кэбистэ. Киирбит дьон үгүс кэпсэтиитэ суох ортолоругар уктан тахсан бардылар. Кыра кыһыл дьураалаах массыынаҕа олордон таптыыр куоратым уулуссатын устун көтүтэ турдулар. «Ама, хаайаллар үһүө. Ыйытан баран, охсуспатахпын билэн таһаараа, ыытаа инилэр» диэн эрэх-турах соҕуспун.

Туох да кэпсэтиитэ суох хаайан кэбистилэр. Киэҥ көхсүм, дьэ, кыараата. Киэһэлик ыҥыран ыллылар. «Билин. Хаһыа этигит? Кимнээхтэрий?» диэнтэн атыны билбэт дьон буоллулар. Мин оҥорботох суолбун «оҥорботоҕум» эрэ диибин. Эмиэ хаайдылар. Түүн эмиэ ыйыттылар. Аккаастан атыны билбэтим. Иккис күнүгэр сытыары сымнаҕас көрүҥнээх саха капитаныгар киллэрдилэр. «Эн дьыалаҕынан мин дьарыктанар буоллум. Ыксаабакка тугу оҥорбуккун саас сааһынан кэпсээ», – диэтэ киһим бэрт намыын, холку куолаһынан.

Мин үөрэнэн бүтэн баран аһаабыппын, Тамаралыын киинэҕэ сылдьыбыппын, хаһыс эрээккэ олорбуппун, ол киинэҕэ туох көстүбүтүн, киинэ кэнниттэн Тамараны уонна кини бииргэ олорор кыыһа Машаны кытары түүн бииргэ дылы альбом көрө олорбуппун, ол альбомнарга хоһоон суруйбуппун, сороҕор чыыһылатын, чааһын кытта ыйан суруйбуппун саас сааһынан кэпсээн биэрдим. Киһим сирэйбин-харахпын көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, дэлби суруйан ылла уонна үүт харахха түһэрэн ааҕан биэрдэ. Илии баттатта уонна хаайыыбар төттөрү ыытта. Мин үлэ чааһа бүтэрэ чугаһыар диэри онно чолойон олордум. Аччыктаан хараҕым хараҥаран ылла. Кэмниэ-кэнэҕэс алта чаас ааһан эрдэҕинэ, ыҥырдылар. Капитан хоһугар Тамара олорор. Харахтара чап-чаҕыл уоттаахтар. Мин ону көрөөт, эрэх-турах буола тустум. Өйдөөн көрбүтүм, бэҕэһээ түүн оҥорбут альбомнарбыт бу сыталлар эбит.

– Дьиэлээҥ. Алҕас түбэһэ сырыттыҥ, – диэн капитан олус холкутук, туох да буолбатаҕын курдук эттэ. Мин үөрэ түстүм. Тамаралыын аргыстаһан, миигин кынаттаабыт этиҥи атын этиҥҥэ ылан быраҕан кууһуннарбыт тапталбыт альбомнарын кыбыммытынан Сэргэлээхпитигэр тэбэ турдубут.

«Ким сымыйанан тыллаабыта буолла» диэн санаа ол түүн утуппата. Сарсыныгар декаҥҥа бардым. Миигин устубуттарын туһунан бирикээс ыйаммыт. Комсомолбуттан эмиэ таһаара охсубуттар. Буруйум суоҕун туһунан капитан биэрбит түмүгүн декаммар ууран биэрбиппэр киһим сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ, оҕолуу эйэҕэстик күлүм аллайда.

Декантан тахсан Сэргэлээххэ баран иһэн төбөм үрдүгэр кэлэн дэлбэритэ барбыт этиҥнэри санаан дьигиһис гынан ыллым. Этим саласта, куйахам күүрдэ.

Кэлин истибитим, атаһым Агит «тутуу техникумун оҕолоруттан иһиттим, кини баара үһү» диэн сымыйанан тыллаан эриттэрбит. Миэхэ таппыт илимэр бэйэтэ иҥнэ сыһан баран, улаханнык олуһар, эккирэтиһэр киһи суох буолан бэрт нэһиилэ, салыҥнаах балык киһи илиитигэр мүччү туттарарын тэҥэ куоппут.

Сааскы этиҥнэр, ардах этиҥнэрэ, лүһүгүрээн үчүгэй да буоллахтара.




ЫЙ ТУОЛУУТА


Мин өстөһүүнү, иирсээни манна кэпсиэхпин, онон дьиҥнээх, тыыннаах тапталы өлбөөдүтүөхпүн олох баҕарбаппын. Кыра куоратым уулуссаларын устун, мин хаамар, сылдьар сирбинэн, Тамара биһигини тэйиппит киһи, урукку мин дабдыкылдьыйбыт табаарыһым сылдьар. Көрдөхпүнэ туора хаамыахпын баҕарабын да, атын тумнар сирим суох. Куорат хорук тымырдара уулуссалар син биир тиксиһиннэрэ тураллар. Абарбытыҥ иһин туох истиэ баарай?! Бүгүн эмиэ улахан уулусса муннугар көрсүһэн аастыбыт…

Сааһыары кыһын этэ. Чэпчэки атлетика куруһуогуттан корпуспар киэһэ кэлбитим. Хоспутугар ким да суоҕа. Биһиги түөрт буолан олоробут. «Сүүрүк уолбут, биһиги киинэҕэ бардыбыт» – диэн остуолга сурук сытара. Мин аа-дьуо аһыы олорбутум. Төбөбөр сибилигин аҕай сырсыбыт оҕолорум иэрэгэй буолан эргийэллэр. Утаакы буолбатахтара, икки уолум аҕылаһан киирбиттэрэ.

– Бардылар, бара турдулар, – дэспиттэрэ үрдэ суох.

– Кимнээх? – диэбитим, онно эмиэ тоҕо кыһаннамый дии саныы-саныы.

– Тамаралаах, – дэспиттэрэ уолаттар. Мин дабдыкылдьыйбыт атаспын Томаны кытта билиһиннэриэхпиттэн кинилэр киинэҕэ сылдьааччылар. Онно туох да суоҕа. Доҕор – доҕор, табаарыс – табаарыс. Мин оччо уолуйбатаҕым. Тугу эрэ ааҕа олорбутум. Олус өр буолбатаҕа, дабдыкылдьыйбыт атаһым киирэн кэлбитэ. «Кыыс буолбатах, күлбүһэх эбит» диэбитэ кини, киирээт да. Мин ыйыталаһыам икки ардыгар, Тамараны, мин Тамарабын, баһааҕырдан, уол киһи айаҕыттан батан тахсыбат быдьар тыллары тоҕо сүөкээбитэ. Мин икки хараҕым үүтэ көстүбэт буола кыыһырбытым. Дабдыкылдьыйбыт киһийдээни ойон туран үлтү кулаан кэбиспитим.

Чуут хаайыыга эрэ барбатаҕым, университеттан үүрбүттэрэ. Тамарабын «дьону буолбатах, икки атахтаах сүөһүлэри кытта хайа түбэһиэх сылдьаҕын» диэн улаханнык хомуруйбутум. Өр кэпсэппэтэхпит. Икки ардыбытыгар киһи кыайан туораабат, көстүбэт дириҥ дьэбэрэтэ баар буола охсубута. Мин ол курдук кыайан кэпсэппэккэ сылдьан тутууга барбытым. Кини олорор корпуһун таһынан, түннүгүн аннынан элбэхтик сылдьарым, ол эрээри, киирбэтэҕим.

Хойут билбитим: дабдыкылдьыйбыт атаһым уураары гыммытын Тамара сирэйин ылан кэбиспит этэ. Ол иһин ол сидьиҥин миигиттэн, биһиги ыраас, сырдык тапталбытыттан иэс ситиспит.

Хоргуппут сүрэх, кыыс оҕо тэбиэс сүрэҕэ түргэнник санаа хоту көнө охсубат. Кини уруккутун курдук элэккэй, нарын, ис киирбэх буолбат. Хайыы үйэ эрэммэт, кэтэмэҕэй, тоҥуй, тыйыс буола охсор. Тамара эмиэ оннук буолбута. Тугу эрэ ырааҕы толкуйдуур, кэпсэтэ күлэ-үөрэ туран тохтоон, суол арахсыытыгар кэлбит киһи иннин-кэннин көрүнэринии, көннөрү да тыллар улаҕаларын өҥөйөн көрөр идэлэммитэ. Биһиги элбэхтик тыл тылбытыгар киирсиспэт, кэпсэппиппит иһин хос хаттыгас санаалаах буолбуппут. Ол курдук сылдьан көрсүбэккэ, биир үтүө тылы эппэккэ Тамара дойдутугар барбыта. Мин быыллаах кыракый куораппар тутууга буор хаһа хаалбытым. Үлэ да сөбүн ыарахана. Хамнаспытын ылбыт күммүтүгэр хойгуобутун тоҥ буорга батары охсон баран, биһиги, буор хаһааччылар, сонно билигин аҕай баһан таһааран бырахпыт буорбут үрдүгэр олорон иһэрбит. Иһэрбит, дэлби сылайбыт, аччык дьон, итириэхпитигэр дылы. Ол да буоллар хаалбыт икки курспун үс сылтан ордук солохтоон, үөрэхпин бүтэрбитим. Мин дипломмун эмиэ хаһа сылдьар котловаммыт таһыгар баар сабыс-саҥа тахсыбыт уохтаах күөх кырыска олорон «сууйбуппут». Бу дьыллар усталарын тухары Тамара миэхэ биир да суругу суруйбатаҕа. Мин да суруйбатаҕым. Ол эрээри кинини өйдөөбөтөх, кини аатын ааттаабатах күнүм суоҕа. Туох баар үөрүүбүн, хомолтобун түмэн, мунньан доҕорум Тамара туһунан биир көтөх хоһоону суруйбутум. Ол хоһооннор мин хойҕуом анныттан төрөөн тахсар этилэр.




Конец ознакомительного фрагмента.


Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614112?lfrom=390579938) на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.


Эн онно хайаан да тиий Николай Босиков
Эн онно хайаан да тиий

Николай Босиков

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 08.05.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Талааннаах суруйааччы Николай Босиков айымньыларын хомуурунньугар хайа да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт уопсастыба күннээҕи кыһалҕата, сиэрэ-майгыта, уоллаах кыыс туҥуй маҥнайгы тапталлара, киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин кэрэ айылҕата олус бэргэнник, судургу тылынан сэһэргэнэр.

  • Добавить отзыв