Дьыбардаах дьылҕа

Дьыбардаах дьылҕа
Гавриил Иннокентьевич Адамов


Кини оҕо сааһа – дьоллоох, эдэр сааһа – инникилээх, таптала – истиҥ… этэ. Ол эрээри олоххо араас буолар. Ким эрэ олох очуругар оҕустарар, ким эрэ бигэтик атаҕар турар. Оттон Дьоҕур дьылҕата хайдах салаллыай?

Ааптар биир дэриэбинэҕэ олорор дьон ис дьиҥин, кыаҕын, киччим санаатын, дьоҥҥо, олоххо сыһыанын долгутуулаахтык ойуулуур.





Адамов Гавриил Иннокентьевич-Сайдам

Дьыбардаах дьылҕа



Быйыл күһүнэ сылаас этэ. Киһи барыта «кыһын хойутуур буолла» диэн сылыктаабыттара.

Былыргы үгэһинэн, Сэмэнэп таҥарата – кыстыкка киирэр кэм. Ол эрээри ыксыыр киһи аҕыйах курдук. Үлэ-хамнас наҕыллык хамсыыр, сыһыылартан сүөһү-ас хомуйар да хаһаайын баара соччо биллибэт, кэтэһэллэр буоллаҕа. Дьиҥинэн, сүөһү барахсан – айылҕа оҕото, кэм-кэрдии ыгарын биллэҕинэ, бэйэтэ да хотонугар ыксыаҕа, суолун тобулуоҕа диэн санаа үгүстэри уоскутар быһыылаах. Ол сөп даҕаны, атын уталытыллыбат түбүк эмиэ үгүс. Бары күн иллэҥэ суохтар. Аныгы үйэ «түүлээх уллуҥахтара» дьаһайбатах буоллахтарына, ынахтар барахсаттар кэлиэхтэрэ.

Халлаан эмискэ Иһинээйэп таҥара күн, тылтан-өстөн өһүргэннэҕэ буолуо, тымныйан хабылла түспүтэ. Кыстык да бу ыы муннуга анньан турарын биллэрбитэ. Кыра күөллэр, сүүрүгэ суох үрэхтэр тоҥмуттара, улахан да күөллэр ньуурдара ыпсыһан барбыттара.

Аҕыйах хоноот, кыстык хаар халыҥнык түспүтэ. Сир-дойду кыстыыр таҥаһын бүрүнэн, маҥан суорҕанынан кичэллээхтик үллүммүтэ. Итии тыынын хаар анныгар мунньунан, унньуктаах кыстыгар утуйардыы тэриммитэ.

Көтөр-сүүрэр эмискэ мэлийбитэ: аныгы үйэ буоллаҕа, кыстык олохторун эмиэ хойутаан булунар түбүгэр түстэхтэрэ. Олохторун буллахтарына, быгыалаһан барыахтара, Сир Ийэ сырдыгын тардыыта күүстээх буоллаҕа эбээт…

Арай хара суор обургу тугу эрэ көрдүүр, булар-талар баҕатын биллэрэн, дэриэбинэ кытыытын кырыйар, ортотунан дапсына көтөн ыаллар олбуордарын таҥнары өҥөҥнөөн халаатыыр. Идэһэ астаммыт тэлгэһэтигэр, муҥха балыгын тэнитэ куппут сирдэригэр туох эмэ хаалбытын, эбэтэр атын да ас тобоҕо-ибэҕэ ханна эрэ тохтубутун булаары, кэтии сырыттаҕа. Биирдэ эмэ тоҥсоҕой маһы тоҥсуйан торулуур тыаһа ыраахтан иhиллэр, аар тайҕа кыыллара баар тыыннарын кэрэһилээн, кулгааҕы сэргэхситэр…




Күн үүннэ…


Кыһыҥҥы кылгас күннэр кимиилэрэ ахсым кыахтарын ылан иһэллэр. Халлаан сырдыы илик. Ньим курдук иһийэн турбут дьыбардаах халлааҥҥа дьиэлэр халҕаннарын аһыллар уонна сабыллар бүтэҥи тыастара дэриэбинэ, дьэ, уһуктан эрэрин кэрэһилииллэр. Ону кытта олбуордар иччилэрэ – ыттар уһуктаннар, кээһиилээх от үрдүттэн ыстанан түһэн, хаһаайыннарын эҕэрдэлии көрсөллөр, ыйылыы-ыйылыы эккэлииллэр, сэниэтэ суохтук үрэн моргуйбута буолаллар.

Онтон оһохтор урааларыттан, күрэхтэспит курдук, утуу-субуу буруо бөҕө субуллар, үөһэ тэнийэн, дэриэбинэ үрдүнэн «күүлэйдииллэр», эмиэ саҥа уһуктубут салгын долгуннарын кытта тиксиһэн симэлийэллэр. Дьиэлэр түннүктэриттэн чаҕылыһар сырдык уот күргүөм сыдьаайа бүрүүкээн турар хараҥаны кытта үтүрүһэ-хабырыһа элбии кэҥиир. Ити сырдыктан сабардаппат буола сатаан, халлаан суһуктуйан барар. Өтөрүнэн оскуолаҕа тиэтэйэр оҕо аймах аймалҕана сарсыардааҥҥы дьыбары сатарытар. Кинилэри арыаллаан, илин-кэлин түсүһэр, эккэлэһэ суксуруһар ыттар, көрсүһэннэр, бэрт дохсуннук «дорооболоһор» – үрэн моргуйар саҥалара иһиллэр.

Оттон дьиэ хаһаайыннара – эр дьон аныгы үйэттэн «тиксибит үлэлэрин» толоро хотонноругар тахсаллар. Кэм сиэригэр сөп түбэһэн, спортивнай бэргэһэ, бараан истээх үтүлүк, өҥнөөх куурка кэтэн бэркэ диэн боччумуран, тиэтэйбэккэ эрэ кыбыылар аайы от киэнин чээлин тордуоҕунан соһоллор, күрүөнү кырыйа долборуктарга симэллэр, хотонтон тахсар «баайдарын» ахтыспыт кэпсэл тылларынан көрсөллөр.

Ыраах айаҥҥа тэриммит суоппардар ыаллары кэрийэллэр, массыыналара бэрт ыксаллаахтык бааҕынаан ылар. Арай эрдэлиир тырахтарыыстар суохтар. Тиэтэйбэккэ-саарайбакка бэрт холкутук тэринэн, от-мас тиэйэ сыһыылары, тыалары кэрийэ барыахтара турдаҕа.

Дэриэбинэ кыһыҥҥы олоҕо саҕаланнаҕа.

Сотору дэриэбинэ бүттүүн уһуктуо, саҥа күн үүммүтүн биллэриэ: уулуссаларынан кэлии-барыы ахсымырыа, дьиэлэринэн, хонтуораларынан, дьон-сэргэ сылдьар миэстэлэринэн сэһэн-ыаһах дэлэйиэ, кэпсээн-ипсээн күүгээнэ оргуйуо, тиэтэйбит-саарайбыт киһи элбиэ, туга эрэ ситэ кыаллыбатах түбүктэрэ биллэ-көстө үксүө.

Ол күн дьиэ аайы итии чэйдээх, сир ийэ бэлэҕинэн тумаламмыт күөрчэхтээх остуол тула ыаллар олорон, күннээҕи олох түбүгүн былааннаан, тугу оҥорору чуолкайдаан, ыччат, дьиэ кэргэн кыһалҕаларын, кэлэр кэми, инникини ырыҥалыы сатаан, ол быыһыгар санаа баттыга буолар түгэннэри сэмээр дьүүллэһиэхтэрэ ырытыахтара…

Хотоннорун үлэтин бүтэрэн, кыыстаах уолларын оскуолаҕа атааран, Кууһума уонна Суоппуйа Кууһумууннар, үгэс быһыытынан, остуолларыгар кэлэн утарыта олорбуттара. Аҕа баһылык туох да саҥата суох ыстакаанын утары ууммута, онтон хотун киһи хап-сабар ылан, хойуу үүттээх итии чэйи куппута. Бэйэтигэр кутта олорон:

– Кууһума, ити улахан ынаҕы уолларыах, сыппайан бүтүөх. Сотору төрүө, быһа ыан кэбиһиэхпит.

– Ону, дьэ, эн билэҕин, – Кууһума ити дьыаланы билбэтин билинэн, итинник тыллары ыһыктыбыта. Чэйин сыпсырыйбыта. – Икки атыны бэтэринээрдэргэ көрдөрүөх баар этэ. Быйыл эрдэлиэх курдуктар быһыылаах.

– Сөп-сөп. Бээ, мин бүгүн, өйдүүр эрдэхпинэ, кэпсэтиэм этэ. Баар-суох баайбыт буоллаҕа. Үс ынаҕы ыатахха, үүт туттардахха харчылаһыа этибит дии, – Суоппуйа чуумпуран тугу эрэ толкуйдуу, боччумуран, сүүһүн аннынан оҕонньорун одуулуу олорбута. – Отой үчүгэйдик көрдөхпүтүнэ табыллар. Эрэл эрэ барыта эйиэхэ, – диэн кэргэнэ тараах диэни билбэтэх, ыһыллан хаалбыт баттаҕын быыhыгар, төбөтүн оройун диэкинэн биир сүүмэҕи, чанчыктарыгар биллэн эрэр «кырыалары» булан ылбыта, баччааҥҥа диэри ону өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүттэн соhуйбута. Кууһума кэргэнин ити тылларыттан өмүттэн:

– Бэрт да барыта миэхэ буолбатар, – күөрчэх тумалаах килиэбин ыйыстаат, өрө хантайан кэргэнин сымнаҕас харахтарын көрбүтэ. – Иккиэн сэнньэлиһэбит буолбат дуо?! Ынах эмиийин имитии, үүтүн киллэрии, харчылааҕа эйиэнэ дии, – эйэргээбит харахтартан үөрэн-күлэн лэһигирэппитэ. – Кырдьык, оттон, быстыбат аналлаах «ойбоммут», аһатан олорор «баайбыт» буоллахтара дии. Харчы бүгүн баар, сарсын суох.

– Бээ, харчы эмиэ наада. Быстан хааллаҕына туох да сатаммат үлүгэрэ буолааччы дии. Оҕолор улаатан, туох барыта харчыттан тутулуктанара элбээтэ, – Суоппуйа харчытын инники күөҥҥэ тутарын син биир умнубатаҕа.

– Оннук, оттон. Олох оҥоһуута, тирээн кэлбит анала итинник, хотуой, хайыахпытый?! Элбэх үүтү ыыр наада. Кэмигэр уолларыы, этэҥҥэ төрөтүү, сөптөөх ыаһын барыта эйиэнэ, онтон ордуга, миэнэ буоллаҕа дии. Мин хачыгаарым харчыта кыра да буоллар быстыбат, кыһын обургу кэмигэр кэлэн иһэр, кимтэн да ыйыппат.

– Оннук. Хотоммутун баҕас кыайар инибит, көмөлөөтөхпүтүнэ, – Суоппуйа итини этээт эмискэ дьэбин уоһуйа түспүтэ, айаҕын аллаччы аппыта, онтон уоһун ньимиччи туттан, тугу эрэ толкуйдуурдуу киһитин утары көрбүтэ, чааскытын икки илиитинэн бобо туппута, ол кэннэ уоһун чорботуоҕунан чорботон олорбохтообута. – Бээрэ, улахан уолу хайдах оннун булларабыт? Бөлүүн хоммото дии. Арыгы иһэн кэлбэтэх. Мин сээбэҥнээн сүгүн утуйбатым.

Дьиэ иһэ чуумпура түспүтэ. Арай саалаҕа холбонон турар тэлэбиисэр симик саҥата чуолкайдык иһиллибитэ. Кууһума баран араарбыта. Уу чуумпуга атаҕын тыаһа нүһэр баҕайытык иһиллибитэ. Кэлэн, чэйин сыпсырыйа олорон, түннүгүнэн таһырдьаны одууласпыта, туох диэн саҥарыаҕын сыымайдаабыта. Суоппуйа аһаабыта буола олороро, төһө баҕарар кэтэһэр былааннааҕа.

– Ити киһи халтархай суолу көрдүүр, онно тахсар кыыбаҕаны буларга тардыһаары гынна. Мин кэпсэтиэм, аҕа киһилии, доҕордуу соҕустук. Эн-мин дэһэн, бэйэҕэ чугаһатан улаатыннарбатахпыт. Ыарытыйар, доруобуйата мөлтөх аатыран атаахтаабыта атын биэтэстэммит – бэйэмсэх буолбута биллэн иһэр. Мин арыгылыы-куругулуу сылдьан тэйитэн баран, кэлин чугаһаспатах буруйдаахпын, оттон эн атаахтатан, утары кими да көрдөрбөт буоларыҥ.

Кэпсэтии итинэн бүппүтэ.

Суоппуйа ити тыллары соччо сөбүлээбэтэҕэ, утары саҥарыах курдук сананан баран, оҕонньоро бэйэтин итэҕэһин эмиэ умнубатаҕыттан тохтообута. Кини Кууһуманы сыаналыыра, хайгыыра элбээн иһэр: бу сыллар тухары арыгы иһэрин букатыннаахтык тохтоппутуттан, өйө-санаата наар сырдыкка эрэ дьулуһарыттан, оҕоҕо, дьиэҕэ болҕомтото күүһүрэн иһэриттэн. Оо, арыгылаабата наһаа да үчүгэй! Барахсаным сатаан испэтин билиммитэ хорсун да дьыала буоллаҕа! Сүбэбитин холбоотоххо, улахан да уолу кытта өйдөһөр, көнө суолга тахсар инибит…

Онтон Дьоҕур сордоох табыллыбатаҕын, итирэн баран сиргэ охтон үлүйбүтүн туһунан Кууһума бэҕэһээ киэһэлик бэкээринэҕэ киирэ сылдьан Маарыйаттан истибитэ. Дьоҕур эдьиийэ Дьэбдьиэй сарсыарда эрдэ киирэн, үлүйбүт быраатын аһатаары, булочка көрдөспүт эбит. Онно быктаран ааспыт. Иэдээн буола сыспыт. Кууһума улаханнык дуу, кыратык дуу үлүйбүтүн ыаһыйалаһа барбатаҕа.

«Туох үчүгэй сонун буолан сарсыардаттан ырыттахпытый?!» диэн санаабыта уонна бэйэбит уолбутун кыайбакка сылдьан, «тоҕо атын киһини ырытыахпыный» диэн толкуйдаабыта. Оттон, уонна, Дьоҕур тыыннаах хаалбытыттан эгди буолан, тугу да быктарбатаҕа, саҥата суох хаалбыта.

Тыа ыалын маанылаах дьоно барахсан өссө да кэпсэтэ, олоҕу ырыҥалыы, этэҥҥэ түстүү уһуннук олоруохтара этэ. Ол эрээри олох үтүөтүн эккирэтэр баҕа санаа кымньыытын былдьаһан, сотору чэйдээн бүппүттэрэ, күннээҕи соруктарын быһаара, икки аҥыы барбыттара…

Үөрүү-көтүү, кыайыы-хотуу аргыстаах, кыһарҕан кыбытыылаах, кыаллан биэрбэт түбүктээх, ситэн испэт сиһиктээх, тобуллан сырдаабат кыһалҕалаах тыа сирин дэриэбинэлэрин игирэ оҕо курдук маарыннаһар олохторо өй-санаа, күүс-уох, сатабыл, кэрэ санаа, сырдык ыра ирээттэрин күүһүнэн салҕанар, аныгы сайдыылаах олох тардыһар уостубат ырата көмүөл мууһа күрүлүүрүн, быйаҥы үөтэр этиҥнээх ардах, сырылас куйаас, бытарҕан тымныы курдук дохсун, ахсым, ол эрээри тугу эрэ кэтэһэрдии саарбахтыыр, сылайбыт көлүүр оҕуһун айанын кэриэтэ сыылбатыйар кэмнээх.

Ол үтүөнэн үөтэр ирээккэ, хара дьай буолан, араас түктэри кэмэлдьилэр, хабыр саҥа-иҥэ, өстөһүү-саастаһыы, ордук санаһыы, хам баттаһыы кутаатын күөттүүр аһыы утах дэлэйэр, үүнэ-тэһиинэ суох барар…

Арыгы кыайбыт, аһыы утах дьаһалынан суорума суолланар, дьыбарга хам ылларар дьылҕалаах киһи соҕотох буолбатах, элбиэх да курдук. «Элбээбэтин, оннук эрэ буолбатын» диэн кичэмэ санаа үгүс киһи өйүн-санаатын кычыгылатар, ырыҥалыырга күһэйэр буолуохтаах. Ону эн, ааҕааччым, эмиэ толкуйдаа…




Дьиикэй баара…


Кыһыҥҥы ыллык суол устун ыйдаҥа түүн биир киһи хааман алтахтыыр: туора-маары үктүүр, умса да хоруйан ылаттыыр, бэрт бытааннык орҕостон турар, ол былаһын тухары тугу эрэ баллыгырыыр, арай ис хоһооно иһиллибэт, маатыралыыр саҥата тымныы салгыны сатарытан, бэрт чуолкайдык иһиллитэлээн ылаттыыр.

Эргэрэ быһыытыйбыт халыҥ бачыыҥката халтархай баҕайы бадахтаах, уҥа саннынан тыыра барбыт сарбынньаҕа тэлимнии сылдьар, камуфляжнай кууркатын сомуога тардыллыбатах, тымныыттан көмүскүүр соҕотох тимэх сон эҥээрин үүйбүт, түһэ сылдьар андаатар бэргэһэтин сотору-сотору бэрт кичэллээхтик көннөрүнэр, сыгынньах илиилэрэ тоҥмутун билэн, мускуммахтаан ылар. Итинник сордонон, муҥнаах айанын дьүккүөрдээхтик салгыыр…

Үөһэ, халлааҥҥа салгын сырыыта сыыдамсыйбыт быһыылаах, быстах былыттар түргэнник усталлар, чөмөхтөһөн ылаллар, өтөрүнэн ыһыллан хаалаллар. Ол быыһыттан ситэ туола илик ый сырдыгын хатаҕалыы кутар, сир ийэ иэнин сырдата сатыыр. Аллара даҕаны салгын уһуктуох чинчилээх, арааһа, үүнэр күн тыалырыыһы. Арай, тыа быыһыгар чуумпу. Титириктэр халыҥ ирээттэрэ, эмдэй-сэмдэй талахтар кэккэлэрэ тыалы киллэрэр санаалара суох, туола илик ый көҕө суох сырдыгын аахайбакка, бэрт ньыгыллык хараара барыаран тураллар.

Хааман иһэр киһи барахсан туохтан эрэ иҥнэн, умса баран түстэ. Балайда сыппахтаата, онтон эргийдэ. Били, соҕотох тимэх туллубут, суола сойбут. Арай нэлэркэйдэммит сон иһиттэн сырдык сибиитэрэ ыйдаҥа сырдыгар, эккэлээбит курдук, сэргэхтик көһүннэ. Утаакы буолбакка икки илиитинэн хаары бобо тутан, сибиитэрэтин иэнин хаарынан ыста, «уччуу-учча, б…» диэн уһуутаат, тарбахтарын имитэн, аалан, бобута тутан барда. Ол кэннэ киһи өрө мөҕүстэ: умса эргийдэ, ат буолла, тобуктаата, тиэрэ мэтэрийэ сатаата уонна эмиэ тарбахтарын мускуйа-мускуйа уһуутаамахтаата, маатыра бөҕөнү түһэрдэ.

«Уччуу, үтүлүктэрим… б…», син өйдөөбүт буолан сиэбин хаһынна, били сатаналара суохтар, ханна эрэ хааллахтара. Быар куустан илиитин кистии сатаан баран, хата, хоонньугар угуталаата. Ол сылааска угуттанан балайда олорбохтоото, онтон арыый да сылыйбыт илиилэринэн ньилбэгин иккитэ-үстэ охсуолаата, ол кэннэ бэрт эрэйинэн туран кэллэ. Халлаан диэки үөһэ хантаарыҥнаата, иннин диэки дьүккүс гынан хаста да хардыылаат халтарыйда, умса барда, суол кытыытыгар турар төҥүргэскэ төбөтүнэн саалынна, налыс гынан хаалла…

…Хаҥас илиитинэн анньына сатаан муҥнанан эргийдэ, «айакабын даа, айыы-айа» диэн баллыгырыырын быыһыгар илиитинэн төбөтүн тутунна, онтон хаардаах сирэйин ньухханна, илиилэрин имитэ сатаата, дьылҕа быата быстыбат баата тартаҕа буолуо, «айака-дьойоко» быыһыгар хараҕын аста, онуоха иччитэ суох сүүрэкэлээн бараахтаатылар.

…Ыйдаҥа сырдыгын быыһыгар хараҕын кырыытынан көрбүтэ – аттыгар туох эрэ хара дьөгдьөрөҥнүүр. Тугу да өйдөөбөккө чыпчылый да чыпчылый буолла, хараҕын аала сатаата, төбөтүн да өндөттө. Ол аайы били «харата», олох да киниттэн арахсыан баҕарбат, кыратык тэйэр эрэ. Арай кинини тонолуччу одуулуур. Дьиҥнээх дуу, сибиэн дуу көстүүнү хайдах эрэ олус диэн атыҥыраата, абааһы көрдө. Күүһүн мунньунан нэһиилэ олордо, ол былаһын тухары хараҕын көтөртөн араарбат. Онто балайда тэйдэ, онтон куолайыттан иччилээх баҕайы дорҕоон иһилиннэ, сиртэн аҕыйахта тэйиэккэлээт, кынаттарын саратаат көтөн таҕыста, дохсуннук сапсыммытынан ханна эрэ мэлийэн хаалла.

Киһи барахсан, били, төбөтүн өлөрбүт төҥүргэһигэр иттэннэри түһэн өйөннө, оннук сытар дуу, олорор дуу курдук хамсаабата. Төбөтүн ыарыыта сүрдээх, аанньа буолуо дуо, арыгыны кытта дуолан охсуу кыттыспыта, кыракый да күүһү булгуруппут бадахтаах. Андаатар бэргэһэтэ абыраата, кини суоҕа буоллар итиччэ охсуу ситэрэ хааллаҕа. Айыылар да бааллара буолуо ээ, бу киһийдэх барахсаны туох аньыытын иһин манна таҥнары суоллуой. Харыһыйдахтара, баҕар, өйүн хаһан эрэ булуо диэбиттэрэ дуу?!

«Айыы айа, дьэ, б… да эбит… айка да айка…», – диэн баллыгырыы, ыарыытын хам баттыы сытан эмискэ: «Оо, б… ити суор буолбат дуо?!» – диэн өй өрө сүүрэн кэллэ. Маныаха диэри уостуохча буолан эрэр этигэр-сиинигэр баар ньиэрбэлэр арыгынан үлтү сынньыллан бүтүннүү утуйбут дуу, сүппүт дуу курдуктара. Ол гынан баран, бу түгэҥҥэ уһуктубуттара, айманан силбиэтэнэ түспүт уорааннара бэйэтэ да тоҥон дьагдьайан эрэр эти-сиини тымныы уунан ыспыт курдук титирэтэ түспүттэрэ.

«Дьиикэй баара…» диэн өрө баллыгырыы түспүтэ уонна бу собулҕаны эрэ сонордоһор, ону көрдөөн утуйар уутун умна сылдьар көтөрү «тугу сибиэннии сылдьар?!» диэн эмискэ санаабыта. Ити дьиикэй тоҕо манна кэлбитин улаханнык атыҥыраабыта, өйө-санаата уһуктуох курдук мөхсүөн баҕарбыта эрээри, анаара барбатаҕа. Кини ыалдьар төбөтө, сэниэтэ суох этэ-сиинэ илэ өйүн хам баттаабыттара. Онно кини бэриммитэ, «кыратык сыта түһэн баран туруом…» диэн уоскутуммута, өтөрүнэн утуйбута…




Сордоох…


– Тыый, доҕоор, киһи сытар буолбат дуо?! Өлбүт дии, бу алдьархайы, – диэн быһымах санааны өрө туппутунан Хаартыһыт Харытыан эмискэ тохтуу түспүтэ, олус диэн соһуйбута, этэ-сиинэ дьигиһийиэхчэ буолбута. Балачча таалан турбахтаабыта, онтон умса нөрүйэн киһини саҕатыттан тардыбыта: «… ээ, ириэнэх эбит, тыыннаах, тыыннаах…», – хайдах эрэ эгди буолан илгиэлээбитэ. «Сордоох, Дьоҕур эбит буолбаат…» – диэн аһыммыт санаатын биллэрэн, иһигэр сибигинэйбитэ.

– Нохоо, Дьоҕур, ыл уһугун, доҕоор, уһугун, тур! – төҥүргэскэ иттэннэри өйөммүт, сырдык хаар үрдүгэр утуйа сытар киһини сирэйгэ охсуолаабыта, хаарынан ньуххайбыта.

– Айкыы б…, – били киһийдэх өтөрүнэн силбиэтэммитинэн уһуктан кэлбитэ, бөһүйүөхчэ буолбут дабыдалларынан уҥа-хаҥас садьыйбыта, иччитэ суох харахтарынан ээл-дээл көрбүтэ. «Тугу охсуолуугун?!» – диэн сэниэтэ суох куолаһынан боруок көрдүөхчэ буолбута.

– Тур, Дьоҕур, тур! Мин, Харытыаммын. Тоҥон өлөөрү гыммыккын дии, – бокуойа суох соспутунан, сахсыйбытынан барбыта.

– Уччуу, учча… б… дь… – Дьоҕур ити тыллары нэһиилэ таһаарбыта, бокуойа суох бабыгыраабыта, бүтүннүү титирэс этэ. Кини турар күүһэ суоҕа, нэһиилэ баллырҕыыра, итинтэн атыны саҥарар кыаҕа ааһан эрэрэ.

– Тыый доҕор, бу киһи даҕаны! Дьоҕур, сиргэ охтубуккун, тоҥоору гыммыккын. Тур, барыах. Мин дьиэҕэр тиэрдиэм. Иэдээн дии… Дьэ, накаас…

Олох барахсан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, син салҕанан-урбанан, араастаан устар буоллаҕа.

Харытыан кыдьыга батарбакка хаартылаан, кыратык сүүйэн, настарыанньаланан түүн үөһүгэр дьиэлээн иһэн, бу, Дьоҕур тоҥмот быатыгар, кэтиллэ түспүтэ. Кини түүнү быһа олоруон сөп этэ да, сарсын от тиэйиэхтээҕэ. Сүөһүлэрэ үс эрэ хонук сиир отторо хаалбыта, онон дьиэ иһигэр «киирсии» буолбута ыраатта. «Коллегалар» да ону таба өйдөөн, көҥүллээн ыыппыттара. Дьиҥинэн, сүүйэн иһэр киһи салгыы оонньуон баҕарара да, бардаҕына эрэ табыллара.

Дьоҕур балайда биллэрдик тоҥмут, улаханнык үлүйэр турукка тиийбит этэ. Төһөҕө утуйбута буолла, наһаа уһуннук сыппатар ханнык этэ… Ону баттаһа, хата, бу Харытыан тиийэн кэлбит, аньыы-хара тахсыбат быата тарпыт буоллаҕа дуу.

Дьоҕур Харачаайап 60 сааһыгар чугаһаабыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэринэн, «итириксит Дьоҕур» диэн ааттаммыт киһи. Эдэригэр түптээх олох суолуттан туораабыта. Арыгы аргыстаах быстах быһылаан кини үүнэн иһэр олоҕун таҥнары суоллаабыта. Онно барытыгар татым майгыта-сигилитэ төрүөт буолбута…

Доруобуйата кэнники сылларга олох мөлтөөтө: аһыыр да аһа, булкуур да кэмэ таайдаҕа, куртах дьаабы, кэлин хотуолуур ахан буолла. Онно эбии үөһэ туолар, илиитин-атаҕын дьарҕатын, сүрэҕин-быарын туһунан этиллибэт даҕаны, өрүү арыгыны өрө тута, аргыс оҥосто сылдьар киһи киэнэ туох аанньа буолуой? Кэнники кэмҥэ дьүдэйбитэ да сүрдээх, тириитин сүлэн кэбиспит тииҥтэн туох да ордуга суох. Арай, хара үлэ мискийбит, бэйэтигэр дьүөрэтэ суох баппаҕайдара бэйэлэрин бодолорун ыһыктыбаттар, ытыстарыгар баар чэрдэрэ кубулуйбакка бөлтөрүһэллэр, кырдьыы-дьүдэйии бэлиэтин биллэрэн, кирдээх тыҥырахтара умса токуруйан иһэллэр.

Харытыан туох да үөс-батааска биэрбэккэ, кууран-хатан эрэр чооруос курдук киһини өрө көтөҕөн, хаҥас илиитинэн бэйэтин куустарбыта, уҥа илиитинэн киһитин ойоҕоһуттан бобо харбаат, суол устун соспута. Соһуллааччы балачча «айака-дьойоко» диэх курдук иһэн, саҥата суох барбыта. Онтон Дьоҕур атахтарынан тирэх сири көрдөөбүтэ, тобуктара токуруйар буолбуттара, ынчыктыырын быыһыгар туох эрэ диэн баллыгырыы сатыыра.

Дьиэтин аана хатааhыннаах эбит. «Доо, дьиэҥ күлүүһэ?» – диэн туох да эппиэти күүппэккэ, сонун сиэптэрин хаспыта да, булбатаҕа. Кууркатын иһинээҕи уҥа сиэбэ испиниэгинэн бобо тардыллыбытын сүөрбүтэ, күлүүһэ онно сылдьар этэ. «Сордоох, бу да буоллар бэркэ дьаһанар ээ», – диэн хайҕаабыта, ааны аһаатын кытта ыарахан аһыы сыт муннуга саба биэрбитэ, түннүгүнэн ыйдаҥа тыган сырдатар оронугар киһитин сытыарбыта, ол кэннэ уоту умаппыта.

Дьиэтэ тымныйбыт этэ, тахсан барбыта балачча буолбут быһыылааҕа. Харытыан сып-сап курдук оһоҕу оттубута, таһа лаппа лаҥхарбыт чаанньыкка муус уутун кутан билиитэҕэ уурбута, оттон үс лиитирэлээх бөдүөнү булан, кипятильнигынан уу сылыппыта.

Дьиэни эргиччи үөрэтэ көрбүтэ: арыгыһыт киһи уйата туох аанньа буолуой, барыта үөдэн-таһаан, онно-манна ыһыллыбыт, ыскайдаммыт. Остуолга хомуллубатах иһит, эргэрбит арыы тобоҕо, хаччаччы хаппыт икки-үс быһыы килиэп, икки үрүүмкэни кытта түгэхтэригэр чэй тобоҕо ордон хаалбыт ыстакааннар, төгүрүччү быһыллыбыт луук эмтэркэйдэрэ уонна тобоҕоломмотох «Сайра» балык кэнсиэрбэтэ баара. Остуол анныгар биир кураанах бытыылка сытара. Арааһа, манна «аһаан» баран салгыы барбыт буолуохтарын сөп эбит.

Бу дьиэ хайа да бэйэлээх киһини ыга баттыыр саҥнааҕа. Утары эркиҥҥэ хаһан да быыла сотуллубатах, дьаарыстаммыт хараара дьиппиэрбит обургу соҕус уонча хаартыскалаах араама ыйанан турарын Харытыан өйдөөн көрбүтэ. Бэркэ интэриэһиргээбитэ даҕаны, көҕө суох умайар кыра кыамталаах лаампа уотугар тугу да арааран көрбөтөҕө.

Ачыкылааҕын өйдөөн сиэбиттэн булан таһааран кыҥастаспыта – Дьоҕур барахсан ийэлээх аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ, бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскалара эбиттэр. «Чээн, ыраас да көрүҥнээх, сырдык да тыыннаах хаартыскалар. Бу үчүгэйдэрин: оччотооҕу баар-суох мааны таҥастарын кэтэн чөмчөччү туттан түспүттэр, туох да кир-хох сыстыа суох бэйэлээхтэр, инники сырдык олоҕу ыралаан үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ-харахтара үчүгэйин!» – Харытыан мантан да атыны ботугуруу-ботугуруу хаартысканы истиэнэттэн ылан бэркэ сирийэн көрбүтэ. «Дьоҕур сордоох бу хаартыскаларын көрөн дууһатын уоскутунаахтыыра дуу, эбии кыйаханан кыланара дуу?! Ону ким билэн эрэр? Биллибэ-эт. Биир эмэ «кыттыгас табаарыһыгар» тугу эмэ кэпсиирэ буолуо дуо? Биллибэ-эт. Арааһа, соҕотох кэмигэр ылан ньилбэгэр уурунаахтыыра уонна тугу-тугу эргитэ саныыра буолла? Тааска баар бээтинэлэр кини хараҕын уута буолаллара чуолкай, аата элбэҕин. Суолуттан көрдөххө, сотон да ылаахтыыр эбит. Бу сыллар тухары хараҕын уута төһө элбэхтик таммалаабыта, ону төһөтө-баччата сотоохтообута буолаахтыай!!!

Сордоох, дьэ, оттон ыарахан дьылҕаламмыт киһи. Туохтан? Билбит киһи баар ини! Суох буоллаҕа, бу тухары тугу да кэпсээбитэ биллибэт. Биирдэ эмэ, уйа-хайа суох ытыырын истибитим да, онно тугу да быктарбатаҕа… Олох түҥкэлийэн иһэр, арай туох эмэ имнэнэн өрүттүө дуо? Оо, ким билэр?! Биэс уонун лаппа аастаҕа, синигэр түстэҕэ буолуо ээ…» – Хаартыһыт Харытыан ис сүрэҕиттэн бу киһини аһынан, тугу да көмөлөһөр кыаҕа суоҕун билинэн, хараҕын уута бычалыйарын хомуһуолун ньилбэгинэн туора сотто олорбута. Бу үүммүт түгэҥҥэ, тугу эмэ гыныахха диэн санаан муостаны миинньиктээбитэ, остуолу хомуйбута, барарбар таһаарыам диэн бөҕү бакыакка симпитэ.

Дьоҕур сотору-сотору бэрт сэниэтэ суохтук сөтөллөрө, иккитэ хаста олус күүскэ төлүтэ таһаарбыта, иэрийиэх да курдуга. Биирдэ улахан баҕайытык уһуутаан дьигиһийбитэ, ынчыктаабыта. Тымныы халлаан барахсан, арааһа, оҥоһуутун оҥорбут этэ, доруобуйатыгар улаханнык оҕустарар буолуохтаах.

Уу оргуйан буллугураатын кытта Харытыан ойон турбута, уоттан кипятильнигы араарбыта уонна утуйа сытар киһитин илгиэлээбитэ: «Дьоҕур, уһугун, тур, тур…», – диэт сыгынньахтаабытынан барбыта: илиитэ баҕас үлүйбүт, көрдөҕүнэ халымыр соҕус курдуга, бачыыҥкатын устубута атахтара да иһэлийбиттэ-эр, иэдээн буолбут. Бу бачыыҥкалар куурар диэни умнубуттара ырааппыт. «Оо, дьэ, инчэҕэйдэриэн, тоһугураччы тоҥмуттар дии, учча да учча, уччуу… Бу үлүгэр тымныыга эт-сиин даҕаны туох аанньа буолбут үһүө, тымныы бөҕө буоллаҕа. Бу дьүдэх таһаа-быһыы хайа да тымныыны кытта тугу мөккүhүөй, суох буолуо ээ. Тымныйдаҕа, онтукабыт, уһаппакка тиргиллэн турдаҕына да көҥүлэ».

Дьоҕур утаакы буолаат, уһукта быһыытыйбыта, «айака-дьөйөкө» бөҕө түһэрэн, сөтөллөн хахсыйбыта, онтуката маатыра-куутара кыбытыктаах этэ. Кэмниэ кэнэҕэс, дьиэтигэр баарын билбитэ. Оронугар олорбута, төбөтүн туттубута, баттаҕын сууралаабыта уонна сыҥсыйан ытыах курдук буолан иһэн, кыатаммыта.

– Дьоҕуо-ор, ыл, аҕал илиигин, манна ук, – Харытыан олоппоско сылаас уулаах нэлэгэр миискэни аҕалан биэрбитэ уонна икки илиилэрин сулбу тардан ылан ууга баттаабыта, оттон атахтарын кирдээх баҕайы сыыҥкабай тааска укпута. Дьоҕур мөккүспэккэ, туох да саҥата суох сорудаҕы толорбута. Ол кэмҥэ Харытыан сылаас чэйи аҕалан айаҕар аспыта. Киһитэ иһиттэн илиитин арааран ыстакааны тутан эрдэҕинэ, илиитин ууга хам баттаабыта, онуоха утарылаһа барбатаҕа. Дьоҕур сылаас чэй барахсаны сыпсырыйаат, «бу туох айылаах үчүгэйин утары ууннулар» диэххэ айылаах, биир тыынынан, умса нөрүйэ сатаан ыймахтаабыта. Хараҕа быдан сырдаабыта, сабылла сатыыр бэйэтэ кэҥээбитэ, ону-маны дьүүллээн-дьаабылаан, дьэ, көрөн барбыта уонна аттыгар турар аанньал кэриэтэ Харытыаны одуулуу олорбута. Онтон: «Баһыыба… баһыыба», – диэн сэниэтэ суохтук ньүкэнник, иһиллэр-иһиллибэттик хаста да сибигинэйбитэ.

– Олор, илиигин ууттан ылыма, атаххын эмиэ, – Харытыан ити тылларын этээт, ыстакааҥҥа итии чэйи кутан остуолга сойута уурбута уонна бачыыҥкалары ылан, оһоххо куурда, олоппос үрдүгэр кэккэлэппитэ. Күлүүкэнэн оһоҕу булкуйбута, маһын эбэн биэрбитэ. Сылыйбыт оһох итини эрэ күүтэн турбут курдук, көхтөөхтүк умайан күлүбүрээбит, тачыгыраабыт тыаһа иччитэхсийбит дьиэҕэ олус истиҥник, олох уостубат бэлиэтэ буолан, бэрт сэргэхтик иһиллибитэ, сылааһынан угуттаабыта.

Дьиэ биир муннугар турар эргэ хомуот үрдүгэр хаһыат бөҕө чөмчөлөммүт, оттон аттынааҕы истиэнэҕэ ыксары оҥоһуллубут, дьоҕус соҕус тутуулаах этэсиэркэҕэ кинигэлэри кэккэлэппит этэ. Харытыан маны сөҕө санаабыта: «Сатана, ааҕар аҕай эбит буолбат дуо! Ол иһин, биирдэ эмэ түбэһэн кэпсэттэххэ, билэрэ-көрөрө элбэх буолааччы ээ. Хаарыан киһи! Сордоох, төһө да билии баарын үрдүнэн, бэйэтигэр хаатыйалана сырыттаҕа, ону ким төһө сэҥээрэрэ буолла?! Саарбах, арыгыһыт киһи тылын аахайбат киһи элбэх бука. Оннук ээ. Арыгыһыт аатырдыҥ, көмүс да солотуу абыраабата буолуо-о!». Харытыан орон төбөтүгэр баар туумба үрдүгэр «Спидола» араадьыйаны сэргии көрбүтэ, хайаан да араас сонуннаах, элбэх долгуннаах аныгы улахан мал турар эбит диэн бүтэйдии быһааран кэбиспитэ.

– Дьоҕур, чэ, дьиэҕэр кэлбит киһи этэҥҥэ сынньан. Мин бардым. Сарсын үлэ бөҕө кэтэһэр, от тиэйиэхтээхпин. Сарсыарда эдьиийгэр эрийиэм, кэлэн көрөн-истэн эмтиэ-томтуо буоллаҕа дии, – диэн Харытыан сонун кэтэ туран саҥарбыта. Чочумча буолаат, кыйаханнаҕа буолан: – Дьэ, оттон сордоох киһигин. Өлө сыспыккын өйдөө, ол ыраахтан буолбатах, нохоо, – диэн таҥас ыйыыр анныгар элиппит бэргэһэтин уонна үтүлүктэрин көрдүүр түбүгэр түспүтэ.

– Ыых… – кэннигэр симик саҥаҕа эргиллибитэ уонна Дьоҕур уу-хаар баспыт, махталы этиэххэ айылаах ханнык да кыымы ыспат, өлбөөдүйбүт харахтарын өйдөөн көрбүтэ, хайдах эрэ олус аһынан, этин саастара аһыллан дьарылыы түспүттэрэ. Бу түгэҥҥэ киниэхэ санаа баттыга эбиллибитэ, туран эрэ, эмискэ, нукаай буолан хаалбыта. Дьоҕур, кини көрдөҕүнэ, хара таҥаһынан бүрүнэн олороро, тугунан эрэ дьөлө астарбыт курдук, дьигис гына түспүтэ, харахтарын бокуойа суох ньухханан барбыта. Онтон өйдөөн көрбүтэ, Дьоҕур кирдээх да буоллар, сырдык маайкалаах олороро, оттон баккыта, кырдьык, хараҥа этэ. «Ол иһин да, хараҕым ити туох буолан ыларый ээ, иирэрин дьүһүнэ дуу?» – диэн бэйэтиттэн ыйыппыта, уонна муодарҕаабытын дуу, соһуйбутун дуу дьүүллээн-дьүһүннээн билбэккэ турбута. Итинник турукка туран, үтүлүктэрин булбута, көстүө суохтаах көстүбүтүн курдук, олус диэн үөрбүтэ. Өйдөөн, чөмөхтөөбүт бакыаттаах бөҕүн ылбыта.

– Дьаабы… дьиикэй… – Харытыан, ити чуолкай соҕустук иһиллибит саҥаҕа эргиллибэккэ эрэ, тахсан барбыта. Ааны сабан таалан турбута: «Сордоох, өлөн хаалбат ини?!» – диэн баллыгыраабыта уонна олбуор аанын диэки хаампыта.


* * *

Харытыан тахсаатын кытта, үдүк-бадык турукка хам баттата сылдьар Дьоҕур, утаакы буолбакка, илиилэрин, атахтарын ууттан хостообута, олоппоһу халбарыччы аспыта. Уутун тэбэммитэ буолан баран, оронугар тиэрэ түспүтэ, төбөтүн туттаат уһуутаабыта, ынчыктаабыта, улаҕа диэки хайыһаат, утуйардыы оҥостубута.

Кыракый дьиэ толору оттуллубут оһохтон барылыы түспүтэ. Дьиэ сылаас тыына биллибитэ, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол чуумпуну соҕотох лаампа симик уота оргууй бигиирдии сырдаппыта, тыыннаах киһи баарын биллэрэн, ынчыга нүһэрдик иһиллэрэ, хахсыйарын хаҕыс дуораана истиэнэҕэ охсуллаат, тарҕана барбакка, симэлийэн хаалара. Улахан тымныы түһэ да илигинэ, дьиэ истиэнэлэрэ туохтан эрэ хабыттан, иччилээх баҕайытык хаста да тыаһаан ылбыттара.

Дьоҕур утуйар-утуйбат икки ардынан түлэкэдийэрэ. Илиитин, атаҕын тарбахтара иһэлийэн хабыллыбытын, ол ыарыытын да билбэккэ, сылааска угуттанан, бэрт холкутуйан, туохха да кыһаллыа суохтук, токуруйуоҕунан токуруйан баран, истиэнэҕэ сүүһүн анньан сыппыта. Сотору утуйбута…

Олоҕунан оонньооботтор

Дьоҕур олоҕо күнтэн күнү эрэ барыырдыы, туох да былаана суох, буолар-буолбат түбүктэри эрэ тумнардыы, ол быыһыгар кимниин эрэ болдьоспутун, эт, арыы төлөбүрдээх, сороҕор харчы энньэлээх үлэтин бүтэрэ охсор тиэтэлинэн устара. Итинник кэмҥэ кини арыгыттан туттунара ээ.

Үлэ кэмигэр эбиэккэ арыгы хайаан да баар буолара. Ол күндүлээһин эбитэ дуу, эбэтэр сиэр быһыытынан остуолга ууруллара дуу?! Хайата да буолуо. Дьоҕур маннык түгэннэргэ нуормалаан иһэрэ, киэһэ өттүгэр бытыылка тобоҕун дьиэтигэр илдьэ барар адьынаттааҕа. Ону бары билэллэрэ уонна утарыласпыттара. Кини дьиэтигэр сылаа таһаарынара, ол кэннэ кинигэ ааҕара, туймаһыйбыт санаатын сайгыыра, ыраастыы да сатыыра. Оннук кэмҥэ «топпотум» дии санаабакка эбии көрдүү барбата, утуйара. Онон аҕыйах хонукка уоскуйбут, сэргэхсийбит курдук буолара.

Үлэ-хамнас хам ылбыт дуоспуруннаах түгэннэригэр арыгыһыт Дьоҕур уларыйара ээ. Арыгы киниэхэ кыыбаҕа буолан сыыллан кэлэрин, ону кини тоҕо эрэ үтэйэ сорумматын муодаргыыр дьон суох буолбатах этэ. Тоҕотун билиэх баҕалаах үгүһэ. Ол эрээри ким даҕаны билбэт этэ, аны кэлэн биллэр үһүө! Дьиҥинэн баран эттэххэ, аһыы астан тэйиэххэ сөбө. Оннук өйү-санааны үгүстэр булан ылаллара эрээри, ол ситэ силигилээн барара кимиэхэ даҕаны наадата суоҕа…

Дьоҕур олоҕо биир мээрэйинэн устара, дьыбардаах аартыгынан айанныыра: күн-дьыл баранан, кэм-кэрдии устар уулуу улгумнук ааһан иһэрэ, чэгиэн эт-сиин эмэҕирии ыллыгын батыһара, кыах-кыамта сииктии симэлийэр ситими миҥэ оҥосторо, өй-санаа быһытталанар тэтимэ сыллата ахсымырара, буомуруу диэки тиэтэйэрэ.

Быыһа-арыта биллибэт, ситимэ-сыдьаана сатаан таайыллыбат, туох да үтүө диэки чарапчылана сатаабат олох быһыттаҕас утахтарын кытта арыгы өрүү утахтарын куодарыһара, сиэттиһэрэ, арахсыспат аргыс буолан батыһара.

Арааһа «аргыс» диэн этэр алҕас буолара буолуо. Ол ас кэнникинэн сирдиир харах, ыйар ыйаах, хамсатар күүс буолар кыаҕын толору ылар аналлаах. Оннук буолуохтаах даҕаны. Куһаҕанын, дьаарын билиммэтэххэ, өйдүү сатаабатахха, онтон туорууру тобула сорумматахха, күннэтэ дэллэритэр быһыттаҕас майгыны былаах курдук өрө тута сырыттахха, айылҕа оҕотун сахалыы киэҥ ыраас санаата тууйулла түмүллэр, сатаан баайыллыбатах быалыы ыйылыннары тардыллар, хараҥа күлүк дьайа элбээн иһэр.

Ити барыта «аһыы утах» толоруохтаах, оҥоруохтаах анала ээ! Ону Дьоҕур сордоох өйдөөбөтөх муҥа, сатаан дьаһамматах, үтүөттэн бэйэтэ күрээбит эрэйэ, кыһалҕа кымньыытын көрдөөн булбут соро. Кини дьылҕа дьыбарын ат миҥэ гынан миинэн олох очурдаах быллараатын хас биирдии быраҕаттыыр, сахсыйар нэксиэтин хаһааҥҥа диэри тулуйуо биллибэт буоллаҕа. Күн-дьыл даҕаны муҥурдаах, бүтэр уһуктаах… Өйдөөбүт киһи ньии?!


* * *

Дьоҕур бу буолуон аҕыйах хонук иннинэ дьиэлээн иһэн, муус тиэйтэрээри, гарааска таарыйбыта. Үлэ күнэ бүтэн, техникалары хонук сирдэрин булларан, уолаттар бааллара.

Бу киэһэ тугу эрэ бэлиэтиир күннэрэ этэ. Түгэх кыракый хоско түөрт эдэр дьон «кучу-мачы» гына олороллоро: биир улахан бытыылка бүтэрэ чугаһаабыт, остуолга быһыллыбыт килиэп, халбаһы уонна балык кэнсиэрбэтэ, лиитирэлээх бааҥка быһаҕаһынан хойуу чэй, кырыылаах кыракый стопкалар үтүрүһэ чөмөхтөспүттэр. Кэпсээн дэлэй, күлүү-үөрүү, алларастаһыы үгэнэ быһыылааҕа.

Дьоҕур тыаһа суох сыбдыйан кэлэн, кыратык холуочук кэмигэр куоска курдук оргууй хамсанар үгэстээҕэ, аан холуодатыттан тайанан туран, обургу соҕус дорҕоонунан дорооболоспута: «Нохолоор, дорооболоруҥ!». Баар дьон эргиллэ түспүттэрэ. Кинилэр сирэйдэригэр-харахтарыгар соһуйбуттара биллэрэ, дьиктиргээн кылабачыйбыт харахтарын муҥунан көрбүттэрэ, тугу эрэ кэтэһэрдии айахтарын атан аллаһан, киирбит киһини одуулуу олорбуттара.

Киирбит киһи туора турар чуурка олоххо олорунан кэбиспитэ. Олохтоохтор ити икки ардыгар өйдөнө охсон ыалдьыты остуолга ыҥырбыттара:

– Тоҕо итиннэ туора олордуҥ, манна, остуолга чугаһаа, – диэбитэ саастаахтара Бүөтүр. Итини эрэ кэтэспит курдук, Дьоҕур туран кэлбитэ, тулатын көрүнэн олох мас көрдөөбүтэ. Эдэр киһи Элэс Сеня ойон турбута, мэлээриҥнии турар ыалдьыт олорбут чууркатын балачча чорбойор мутугуттан бобо харбаат, остуол аттыгар аҕалан уурбута.

– Хайа Дьоҕур, хайа диэкиттэн иһэҕин, ханналаатыҥ? Туох сонун? – диэн ыйытаат, тырахтарыыс Бүөтүр куруускаҕа арыгы куппута уонна утары ууммута. – Чэ, баалаама, мантан атын иһиппит суох.

– Туох диэн баалыамый, миэхэ иһит эрэ буоллун, барыаҕа, – диэт, күлбүтэ буолан, ымах гыммыта, куруусканы икки илиитинэн бобо туппута, уолаттары кэрийэ көрбүтэ. – Булууспун бүтэрэн, тиһэх буорун быраҕаттаан баран, бу иһэбин. Кырдьыы буолбут, нохолоор, ыарырҕаттым. Уон күнү быһа муҥнанным, эт-тирии баранна, – ити тыллары кытта эмискэ кэҕирдэн ыгдах гынаат, бөтөн барбыта, онтукатын атыҥыраан, моонньун имэрийэ олорбута.

– Хайаларыгар үлэлээтиҥ?

– Сиидэр Бээчэтигэр. Бэртээхэй дьиэни туттубут, олбуор-хаһаа да ол тэҥэ. Эдэр киһи диэтэххэ, үчүгэй туттунуулаах киһи эбит.

– Оо, ол киһи алдьархай буоллаҕа дии, – холуочуйуохча буолбут Сеня уол өрүкүнэйэ түспүтэ, астынарын биллэрэн: «Мээнэ киһи тэҥнэспэт киһитэ», – диэн түмүктээбитэ.

– Чэ, бээ ити хааллын. Бырааттаар, бастаан эһиги, эдэр дьон, доруобуйаҕыт туһугар иһиэххэ, онтон наадабын этиниэм этэ, – Дьоҕур бөтөрүн быыһыгар куруускатын өрө анньыбыта, сып курдук иһэ охсубута, халбаһылаах килиэби эмти ыстаан сиэбитэ уонна бөтөрүн хам баттаан, чэйи ыймахтаабыта. Уолаттар даҕаны бэрт улгумнук иһиттэрин кураанахтаабыттара.

– Наадаҕын үрүк-түрүк эрдэххэ этэн кэбиһэриҥ дуу, – Бүөтүр уопсай балаһыанньа хайдах буолуоҕун таайтаран, дьыаланы урутаппыта.

– Миэнэ диэн туох улахан дьыала буолуой… Иһэр мууһум тиэллиэ этэ, бэйэтэ да дуона суох, – уолаттар сирэйдэрин-харахтарын үөрэтэрдии эргиччи көрүтэлээбитэ уонна хоонньуттан биир кыһылы ороон таһаарбыта. – Мантан атын суох, бука диэн баалаабаккытыгар тиийэҕит, – диэн ыгдах гыммыта, остуолга иһити тыастаахтык уураат икки илиитинэн даллах гыннарбыта, күлэн үмүрүҥнээбитэ.

Кини үлэ кэннэ ситэ испэтэх буоккатын тобоҕун хоонньугар илдьэ сылдьара. Бу кыһылы Бээчэттэн көрдөөн ылбыта.

– Ас аата ас буоллаҕа дии, – саҥата суох олорбут Баһылай бу сырыыга бэрт улгумнук сэҥээрэрин биллэрбитэ.

– Оннук буолбакка, – эдэр киһи Элэс Сеня, аатыгар дьүөрэлии, ити тыллары сып курдук этиммитэ. Дьоҕур эп-эдэр киһи бу дьыалаҕа олус көхтөөҕүн бэлиэтээбитэ уонна саҥа улаатан эрэр киһини харыстаан атыҥыраабыта, сөбүлээбэтэҕэ. Кини этэр санаатын быһа түспүттэрэ:

– Дьоҕур, ол мууһуҥ хантан тиэллэрий? – диэн Бүөтүр ыйыппыта.

– Бээчэ уолтан ылыах буоллум. Кэнники кэмҥэ мууспун бэйэм ылбаппын, үлэм төлөбүрүгэр киллэттэрэбин.

– Сөпкө гынар эбиккин. Ол төһөнү тиэйэри ким ыйар? Биһиги сыалай сыарҕаны да таһаарыахпытын сөп, – Баһылай чуолкайдаһар наадатын эппитэ.

– Кырдьык оннук ээ. Биир сыарҕа сыыһын начаас буоллаҕа дии, – Сеня уол буолуохтаах үлэҕэ кыттыһа охсубута.

– Ол, мин соҕотох киһи иһэрим, туттарым биллэр ини. Ону, оттон, бэйэҕит көрөн, быһааран тиэйиэ этигит. Оччолооҕу быһаарбыт, тиэйбит дьон буолуоххут, – Дьоҕур төһөнү тиэйэллэрин бэйэтэ быһаара сатаабатаҕа, уолаттар дьоҕурдарыгар, сатабылларыгар эрэммитэ. Кырдьык да элбэҕи тиэйбит, сүкпүт-көтөхпүт дьон олордохторо эбээт.

– Сарсын киэһэ мин арыый иллэҥсийэрим буолуо, – Баһылай итини этээт, иһиттэри бэйэтин диэки хомуйа тардан ылан арыгы кутуталаабыта, ол кэннэ бэрт наҕыллык дьонноругар төннөрбүтэ, уостарын чорботон, үөһэ диэки олоотообута. – Сеня, эн миэхэ көмөлөһөрүҥ буоллар, – ыйытар дуу, дьаһайар дуу курдук этиммитэ.

– Чэ, итини, Баһылай быһаарыам диэтэ, – Бүөтүр астаах иһитин харбаан ылбыта. – Убайбытыгар көмөлөһөн буоллаҕа дии. Булууска угуллары учуоттаан тиэйээриҥ, уолаттаар. Сеня көмөлөһүөҕэ. Эдэр киһи наһаа ыарырҕаппат ини, – тугу эрэ эбии этиэх, ыйытыах курдук уолу балачча соҕустук утары көрбүтэ эрээри, тыл ыһыктыбатаҕа. Үрүүмкэтин өрө көтөҕөн утары ууммута, иһэн кэбиспитэ.

– Көмөлөһүмүнэ! – эдэрдэрэ иһитин хантас гыннараат, кыра ньуосканан балык кэнсиэрбэтин үрдүгэр түспүтэ. – Биһиги, эдэрдэр, кырдьаҕастарга көмөлөһөр ытык иэспит буоллаҕа дии, – ити кэннэ табыгаһа суох баҕайытык күлэн алларастаабыта, соннук улгумнук бүппүтэ, уоһун-тииһин соттуммута.

– Сеня, ким оҕото буолаҕын? – Дьоҕур уолу утары көрөн олорон эмискэ ыйыппыта.

– Кууһума уолабын.

– Ол иһин хайдах эрэ маарыннаттым ээ. Тугу үлэлиигин?

– Бакаа суох, – «тоҕо ону эмиэ ыаһыйаластыҥ, эйиэхэ онно туох нааданый?» диэх айылаах уол Дьоҕуру муодурҕаабыт харахтарынан тонолуччу көрбүтэ. – Тугу эмэ булан үлэлэниллиэ этэ, – диэн түмүктээбитэ, чэйин ыймахтаабыта.

– Ноо, арыгы иһэргин аҕаҥ билэр дуо? – олус туруору боппуруостаах буолан биэрбитэ уонна онно туох да эппиэти күүтэ барбакка, Дьоҕур бэйэтин санаатын этинэн барбыта. – Аҕаҥ арыгы испэт, үлэһит бэрдэ. Кини урут иһэ сылдьан баран, табыгаһа суоҕун өйдөөн тохтообута. Ол мин курдук буолуо дуо, сөпкө гыммыта! – иҥиэттэн балайда саҥата суох олорбута, атыттар кинини быһа түһэ сорумматахтара. – Эдэр киһи бу аска элэккэй соҕус быһыылааххын, үөрэҕин-көтөҕүн, тыл-өс даҕаны улгум, элэс курдуккун. Эдэр эрдэҕинээҕибин санатаҕын. Оттон мин дьылҕабын истэ, билэ сырыттаҕыҥ буолуо. Манна бары, ыттыын-кустуун билэллэр. Үчүгэй диэбэттэр, бэйэм да үчүгэй диэбэппин… – Дьоҕур тохтоон хаалбыта, бытыылкаттан арыгы куттубута, иһэн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн икки илиитинэн иэдэстэрин бобо туппута сирэйин мырчыстыбыт тириитэ хормуоскалыы хомуллубута, ыйаастыбыт харахтара кылайаллар эрэ этэ, сүүһүн тириитэ халталаспыта. Оннук дьүһүн-бодо буолан олорон сөҥ, иччилээх баҕайытык: «Хайыахпыный, тиксибит аналым, булан ылбыт дьылҕам. Олоҕунан оонньоон кэллэҕим, аны кэлэн төннөр суол суох», – диэн илиилэрин араарбыт сирэйэ дьэбин уоһуйа түспүтэ, кытарбыта ааһан, сырдаабыт курдуга. – Ыл, арыгыта кутуҥ, аны кэлэн… – диэн тохтоон хаалбыта, хаастарын сабыччы түһэрэн, кыратык быктарбыт тылын уоһун ньимиччи туппута уонна уолаттары эргиччи көрүтэлээбитэ: «Чэ, бары этэҥҥэ эрэ буолуҥ. Чугас дьоҥҥутун харыстааҥ», – диэн арыгытын хантас гыннарбыта, аһыырҕаппыта буолбута уонна Элэс Сеня диэки хайыһан: «Нохоо, олоҕунан оонньооботтор, өйдөө», – бэрт дириҥник эҥсэн саҥа таһаарбыта.

Дьоҕур барыларын кытта эр-биир илии тутуһан баран, киирбитин курдук, аргыый сыбдыйан, сэрэнэн, үктэнэр сирин талан, хардыылаан тахсан барбыта.

– Кэм-кэрдии өйү-төйү булларар, сааһырыы – сааһылыыр диэн итини этэн эрдэхтэрэ, – Бүөтүр ыалдьыт тахсан барбытын кэннэ түмүк оҥорбута. – Оо, эрдэттэн итинник өйү өрө туппут киһи баар ини.

– Тугу эрэ элбэҕи саҥарыах киһи, туохтан эрэ көҥөммүт курдук, бэрт дөбөҥнүк тахсан барда дии, – Баһылай соһуйбутун биллэрбитэ. – Эрэйдээх олох итиччэлээҕи толкуйдатар буоллаҕа ээ. Санаа-оноо баттала төһө эрэ элбэх! Арыый да кэмҥэ, ороҥҥо соҕотох сытан, олоҕун сыымайдыыр бөҕө буоллаҕа, сордоох.

– Истэр тухары суламмыта-кэлэммитэ биллибэт ээ. Бүгүн быктарда. Мөлтөөн да эрдэҕэ, урукку Дьоҕур буолбатах. Сарсын мууһун быһаарыҥ, Баһылаай, – Бүөтүр Сеня уол диэки эргиллибитэ: «Сеня, чэ, кытаат, көмөлөс. Нохоо, кырдьаҕас, сор диэн тугун этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбит киһи тылын өйдөөтүҥ ини. Эйигин харыстаан ити тыллары быктарбыт буолуохтаах».

– Сеня, эн үөрэххин тоҕо быраҕан манна тиийэн кэллиҥ? – баччааҥҥа диэри тугу да саҥарбакка кулгаах эрэ буола олорбут, массыыната моһуоктаабытын ыһан кэбиспит таксист Ньикииппэр тыл быктарбыта.

– Кырдьык даҕаны, тоҕо? – аны Баһылай соһуйан, сэҥээрээччи буолбута.

– Ээ, сөбүлээбэтим, – чэй ылан испитэ буолла, килиэбин хоруоскатын эмти тутуталаан, айаҕар быраҕаттыы олордо. – Таах сибиэ зоотехник үөрэҕэр киирбит эбиппин. Бааһынайдар эрэйдээхтэр зоотехникка эрэ наадыйбаттар үһү. Бэйэлэрэ нэһиилэ олорон, хантан хамнас төлүөхтэрэй? Таах, сымыйа үөрэх эбит, – Сеня холуочугар тэптэрэн, быһаарыыта олус хабархай буолан биэрдэ. – Пахай доо, сельхозакадемияҕа үөрэммит оҕолор бары онно-манна, атыыга-тутууга үлэлииллэр. Идэлэригэр эрэ наадыйбаттар быһыылаах.

– Үрдүк үөрэх аата үрдүк үөрэх ини, доҕоор, ама, – Баһылай үөрэҕи сирбитин сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ.

– Бу уол эмиэ да сөпкө этэр эбит. Кырдьык даҕаны, зоотехникка эрэ наадыйбаттара буолуо. Ол аайы холкуос, сопхуос эстибитэ. Ол биир, икки ынахха наада үһү дуо?! – Бүөтүр уол этиитин долоҕойугар киллэрэн, ылыммыта.

– Ээ, пахай доҕоор, онно эрэ буолбатах, таах үөрэниэххэ эрэ диэн санаалаах наһаа элбэх. Үөрэххэ да кыһанар киһи ахсааннаах, – Сеня кэпсээнэ «халыҥаан» барда. – Хата, онно ас-үөл элбэх, кыыс да кырыы кырыытынан, эрийсии диэн үрдэ суох. Хампаанньа дэлэй.

– Нохоо, ол дойдуга үөрэммэккэ эрэ аһы, кыргыттары эккирэтэ сырыттыҥ дуо, ол? Бу аһылыкка сэргэхсийэриҥ сүрдээх эбит ээ, били, Дьоҕур эппитин кэннэ өйдөөтөххө, – Бүөтүр, дьэ, хараҕа аһыллыах, өйө чөллөрүйүөх буолла.

– Наһаа да оннук буолбатар, – Сеня ити икки ардыгар өйдөнө оҕуста, кыһыйбычча таах мээнэ тыллары быктарбытын билиннэ, холуочугун аһаран үөһэ тыыммахтаата, уһуутаан ылла. – Оттон ону сөбүлээбэккэ төннөн кэллэҕим дии, – хайҕабыл көрдүүр кэриэтэ тылласта.

– Дьэ, үөрэҕи сөбүлээбэтэх оҕо оччоҕо тугу гынаҕын? – Баһылай өс саҕа буолар кэриэтэ ыйытыктаах буолла.

– Бээрэ, эһиги туох ааттаах ити уолу сордоотугут? Өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтэ биллэҕэ, сөп буолаарай диэн дьаһаннаҕа дии, – Ньикииппэр көмүскэһээччи буолла.

– Сөп буолан, – диэн Баһылай чахчы сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. – Сеня, ийэлээх аҕаҥ кэтэстэхтэрэ, сарсын элбэх үлэ күүтэр, баран сынньан, – диэн аны үүрэн турда.

– Оҕонньор үлэтин күнэ, хачыгааркатыгар ини. Миэхэ эрэ наадыйбакка сылдьара буолуо.

– Кэбис доҕор, инньэ диэмэ. Биһиги оҕолорго, эһиэхэ, наадыйар бөҕө буоллахпыт дии, – уол саҥатын сөбүлүү истибэтэҕин, иһигэр киллэрбэтэҕин Бүөтүр итинник биллэрбитэ. – Ийэҥ соҕотох буоллаҕына, эйигин, улахан киһини өссө күүттэҕэ дии. Ыксаа, ыксаа, Сеня. Кэпсэтии манан бүппэт. Этэҥҥэ сырыттахха көрсүө, кэпсэтиэ, арааһы ыаһахтаһыа этибит.

– Чэ, бээ, барыым. Убайдарым тылларын истэр буоллаҕым дии, – диэн соччо сэниэтэ суохтук тылласта. Уол харахтара бытыылкаҕа хатаммыттарын өйдүү көрөн, Бүөтүр күөйэ саҥарбыта:

– Эдэр киһи ону-маны тобоҕолоһор, туох эрэ тиийбэтин ситэрэ сатаан иһэр туһунан санааланыма, – диэн «пахай даҕаны» диирдии дьиппиэн соҕустук саҥарбыта. – Кырдьаҕас дьон курдук буола сатаама, кыратык холуочуйбут да буоллаххына, ньамайданыма. Сып курдук таҥнан, элэс гынан хаал.

Элэс Сеня сукуччу туттан, бэрт бытааннык таҥнан, «бакааларыҥ» диэт, тахсан барбыта.

Хаалааччылар саҥата суох тобохторун испиттэрэ, ол кэннэ Баһылай кыһыл арыгылаах бытыылканы аһан мадьыктаабыта.

– Үөрэхтээхтэр, дьэ, элбээн эрэллэр. Аны үрдүк үөрэхтээх эрэ дьон киһилии киһи буолар үйэлэрэ үүннэ быһыылаах. Атын моторой-оторой өттүлэрэ тарай-марай аатыран иһэрбит буолуо. Төһө сөп эбитэ буолла?! Боростуой үлэһит син биир наада буолуоҕа, – Бүөтүр арыгы кимиэлиттэн уһуктубут дууһатын, битиргэччи тэппит сүрэҕин өрүкүйүүтэ уоста быһыытыйбыта, хаҥас ытыһынан сыҥааҕын өйөөн, бэйэтэ бэйэтигэр баллыгырыы олорбута.


* * *

Дьоҕур бүгүҥҥү үлэтин бүтэрэн астыммыта. Кини даҕаны бэркэ дьирээлэһэн туран бүтэрдэ. Үлэ үгүс сыратын ылан, улаханнык сылайбыт этэ.

Бээчэ үлэ бүппүтүнэн, ас бөҕөнү буһаттарбыта, махтал тылларын элбэхтик эппитэ, хатаҕалаан туран аһаппыта, манньатын биир буут убаһа этин дьиэтигэр илдьиэх буолбута, мууһуттан бэрсибитэ уонна харчы биэрбитэ.

Дьоҕур балачча аһаабыта. Бүгүн эт-сиин, куртах хойуу аска наадыйбыт курдуга, оттон арыгытыттан икки үрүүмкэни иһэн баран, тобоҕун сиэбигэр уктубута.

Кини дьиэтигэр тиийэн, сылаа таһааран, онно-манна аралдьыйбакка эрэ утуйар, сынньанар санаалааҕа. Ити санаатын бүгүҥҥү көрсүһүү, чуолкайдаатахха, эдэр уол арыгыга хараҕа сырдыыр, ымсыырар, сэргэхсийэр быһыыта ыһан кэбиспитэ. Араас киһини кытта төһөлөөх арыгыны испитэ буолуой?! Биир киһини атыҥырыы көрбүтэ, сэмэлээбитэ суоҕа. Ити ас эрэ үөрдэр-көтүтэр, ситимниир, кэпсэтиннэрэр курдуга. Ону кини сөбүлүүрэ, суохтуура даҕаны. Оттон бүгүн, туох эрэ имнэммитигэр дылы, атын санаа хантан эрэ өрө сүүрэн кэлбитэ. Арааһа, Кууһума барахсан оҕотун харыстыыра, бу оҕоҕо үтүө эрэ тосхойуохтааҕа Дьоҕурга эриллэ түспүтэ быһыылааҕа…

Дьиэтигэр кэлэн, таҥаһын устан, бытыылкатын остуолга уурбута, онтон сулбуччу хааман тиийэн истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалардаах арааманы өр көрөн турбута, тугу эрэ баллыгыраабыта.

Оһоҕун оттубута. Оһох отторугар анаан оҥоһуллубут намыһах олох маска анаан-минээн олорон, табах тарпыта. Кини табаҕы дьиэтигэр эрэ тардар дьикти адьынаттааҕа, атын сиргэ тарпата. Оһоҕун үрдүгэр кумааҕы хоруопкаҕа сигарета куруук баар буолара. Ол «баҕайылары» сүрүннээн ыалдьыттар бүтэрэллэрэ, ону маҕаһыынтан атыылаһан, толорон иһэрэ.

Кууһума уолун Сеняны өйдөөн кэлбитэ, кини арыгыга олус үөрэрин-көтөрүн, эгди буоларын атыҥырыыра эрээри, сүбэһит буолбатын билэрэ. Кини дьиксиммит сибикитэ сымыйа буолуоҕун олус баҕарбыта. Оннук сибикини Кууһума, оттон, биллэ ини диэн уоскутуммута.

«…Ээ, онно мин тугум наадатай, соҕотох бэйэбин да кыайбакка сылдьан, аны дьону сэмэлээн кэбилэнэн бардаҕым үһү!» диэн мөҕүттүбүтэ…

Табаҕын тобоҕун уокка бырахпыта, остуолугар кэлэн ыстакаан кыра аҥаарынан арыгы куттубута. Таһырдьа тахсан терраса холодуопкатыттан эдьиийэ бэрсибит аҕыйах кырбас сыалаах убаhа этиттэн биири булан киллэрбитэ, оһох билиитэтиттэн салгыы оҥоһуллубут кирпииччэ холумтаҥҥа ириэрэ уурбута. Ирэрин кэтэспэккэ, тэһийбэккэ, ыстакааннаах арыгытын иһэн кэбиспитэ, ол кэннэ муустаах ууну «батыһыннарбыта».

Ситэ ирэ илик эти быһаҕынан бысталыы сатаабыта, сатамматаҕын иһин чохороон сүгэнэн быһыта сынньыбыта. Сүгэтин миэстэтигэр ууран эргиллэн иһэн, этэсиэркэттэн Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин тутан кэлбитэ. Арыгы куттан испитэ, сокуусканы балайда сиэбитэ. Тымныы сыалаах эт Дьоҕур оргуйар иһин сөрүүкэппитэ, уоскуппут курдук буолбута.

Ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан, кинигэ бэлиэтэммит лииһин арыйан, «балтым көрсө кэлэр» диэн кэрчиктэн Далан балта Еля дьүөгэтинээн хаайыыга көрсүһэ кэлбиттэрин, ас аҕалбыттарын туһунан булан ылбыта: «… Камерам дьоно кыргыттар миэхэ аҕалбыт астарын үллэстэн үөрэ-көтө аһыыр кэмнэригэр, мин санаам букатын атын сиргэ баара – ол дьонум тустарынан этэ… Кинилэр кыһалҕалаах олохторун чэпчэтэрим, көмөлөһөрүм оннугар, кинилэри эбии кыһалҕаҕа түһэрдэҕим» диэн этэ.

Дьоҕур бу тыллары ааҕаат тохтоон хаалбыта, кинигэни түөһүгэр саба уурбута. Бу ыарахан тыллар тыыннара киниэхэ баттык буолбуттара, кинигэни ылан аттыгар ууруммута, ону кытта харахтарын уута икки иэдэстэринэн сүүрбүтэ.

«Аҕам муҥнаах эрдэ өлөн, мин арыгыһыт буолбуппун билээхтээбэтэҕэ, ийэм эрэйдээх төһөлөөх эрэйдэммитэ, мин көрбөппөр ытаабыта-соҥообута буолуой! Орто дойдуга төрөөн ийэбин, чугас дьоммун үөрдэр, үлэлээн иитэр, сиэннэрин биэбэйдэтэр оннугар итирэн, иирээки буолар дьүһүммүн, хабырынан хачыгырыыр дууһам хаһыытын, сатала суох салаҥ тылларбын, үөхсэр-кэмиринэр майгыбын эрэ көрдөрдөҕүм. Оо, дьэ, б… да баҕайы, дьиикэй да быһыы, бэйэмсэх бэдиктэн онтон ордук туох кэлиэй? Туох айылаах таҥнары кыраабыт дьылҕаны сүгэһэр гынан илдьэ сылдьабыный, эрэйдэнэбиний, тулабын муҥнуубунуй?! Абаккалаах олох, дьыбарынан дьааһыйар дьылҕалаах, төттөрү сүргүөхтэммит төлкөлөөх, оннун булбатах сибиэн буолан сырыттаҕым, оттон. Хайыамый, дь…», – диэн уһуутаабытынан оронуттан ойон турбута, ыстакааны толору арыгы куттан биир тыынынан киллиргэччи иһэн кэбиспитэ. Сирэйин бокуойа суох икки илиитинэн ньуххаммыта, баттаҕын тардыалаабыта уонна оронугар умса түспүтэ, ытаан ыгдараҥнаабытынан барбыта, ол быыһыгар хаһыытаан ылара…


* * *

… Сеня уол эрдэ уһуктан кэлбитэ айаҕа кууран хаалбыт этэ. Муустаах ууну санаабытынан ойон турбутугар төбөтө дьалкыйа түспүтэ, хараҕын олоҕун ким эрэ хам баттыырын курдук дьиппиэрэ ыараабыта, оронун да олоҕо түөрэҥнээбит курдуга. Онтон кини улаханнык соһуйбатаҕа, буолуохтааҕын курдук ылыммыта. Оһох аттыгар турар буочукаҕа тиийэн хомуоһунан толору муустаах ууну баһан, иһэн киллиргэппитэ, кэтэҕинээҕи мэйиитэ тоҥо быһыытыйбытыгар тохтообута, кыратык уһуутаан ылбыта, оронугар төннүбүтэ.

Утуйардыы суорҕанын саба тардынан токуруйа хомунан сытыах буолан эрдэҕинэ, эмискэ ким эрэ дьөлө аспытын курдук: «Нохоо, олоҕунан оонньооботтор, өйдөө!», – диэн Дьоҕур эппит тыллара хантан эрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Олус диэн соһуйбута! Арыгыны сөбүлээбэтэх эдэр чэгиэн этэ дьар гына түспүтэ. Суорҕанын атаҕынан сыҕайбыта, тиэрэ мэтэрийэн тыылыы тэппитэ, сирэйин ньуххаммыта…

Дьоҕур «тоҕо миэхэ итини эппитэ буолуой?» диэн бэйэтиттэн ыйыппыта. Онуоха «харыстаан буолуохтаах» диэн ыллыктаах үтүө өй саба сүүрэн кэлбитэ. Аҕам арыгытын бырахпытын хайҕаабыта, «ол мин курдук буолуо дуо?» диэбитэ дии. Оттон бэйэтэ тоҕо көммөт? Эмиэ да сөпкө этэр буолбат дуо?! Дьоҕур кини аҕатын кытта урут табаарыстыыларын, бииргэ арыгы да испиттэрин санаан кэлбитэ. Аҕата арыгытын быраҕыаҕыттан, Дьоҕур кинилэргэ биирдэ да өҥөйбүтүн өйдөөбөт. Бука, аҕатын харыстаан дьалты сылдьара буолуо дии. Кини бу сытан Дьоҕуру аһыммыта, ол эрээри кини олоҕуттан олус дьиксинэрин, дьиҥнээхтик куттанарын билбитэ, тоҥон суорҕанын саба тардыммыта…

Кэнники сылларга дьалхааннаах олоҕу миҥэ оҥостуох сырыыны инники күөҥҥэ тута сылдьар Сеня уолга ырыҥалыыр хабааннаах маннык өй-санаа бастакы ыалдьыттааһына этэ.




Сынньана түһүөҥ этэ…


Сарсыарда Дьэбдьиэй хотонуттан киирээтин кытта Харытыан төлөпүөннээбитэ, кини сэһэнин эдьиий киһи барахсан туох да саҥата суох истибитэ, тугу да ыйыталаспатаҕа, бүтэһигэр «сөп» диэбитэ уонна туруупканы ууран кэбиспитэ. «Баҕайы кэм буолуо, хата, өлбөт быатыгар Харытыан хаартылаатаҕа, ото бүтэн абыраатаҕа…», – диэн тыллары кытта тугу эрэ эбии баллыгыраабыта, туох аһы илдьэ барыаҕын өйүгэр сыымайдаабыта. Оҕонньоругар чэйдии олорон биир-икки тылынан быһыта-орута кэпсээбитэ, биирдэрэ даҕаны олус соһуччу, сонун буолбатаҕын билэн, туох да саҥата суох истэн кэбиспитэ, «оттон, хайыаххыный?!» диэн тылларынан түмүктээбитэ.

Хатааһына суох дьиэҕэ Дьэбдьиэй оргууй, тыаһа суох киирбитэ. Дьиэ сөрүүдүйбүт, ол гынан баран сылааһын ыһыкта илик этэ.

Быраата оронугар токуллан сытара, арай сыгынньах атаҕын кирдээх тиҥилэхтэрэ чуолкайдык хараараллара, аллара диэки сулбуруйбут ыстаанын, үөһэ диэки чөмөхтөнө тардыллыбыт кирдээх маайкатын икки ардыларынан кубарыйа куурбут сиһин этэ ала-чуо маҥхайара, тоноҕоһун уҥуохтара дьураа буолан бөлтөрүһэ субуһаллара. Дьэбдьиэй ити хартыынаны көрөөт, дьыбарынан эрэ тыынар, олоҕо табыллыбатах, соҕотох суор курдук сылдьаахтыыр, кими да кытта эҥээрдэһэ сатаабат адьынаты тобулбут быраатын олус диэн аһыммыта: харахтара ууланан чаҕылыһа түспүттэрэ, куолайыгар кэлэн туох эрэ туора турбута, муомахтанар кэриэтэ тыына кылгаталаан ылаттаабыта, атахтара нукаай буолбуттара. Остуол диэки сатаан кэлбэккэ, оһох аттыгар турар олоппоско олорунан кэбиспитэ.

Ол олорон ийэтин санаабыта: «ийэбит барахсан бу уолу наһаа да таптыыр этэ, атаахтатара, кини эппитин, баҕарбытын кыаҕа тиийэринэн толоро сатаахтыыра. Наһаа атаахтаппыта тугунан диэлийбитин билбитэ эрээри, ону алҕаһынан дуу, сыыһанан дуу ылынаахтаабыта буолуо дуо?! Ол туһунан биир тылы быктараахтаабакка эрэ анараа дойдуга бараахтаабыта. Кыра эрдэҕинэ наһаа да минньигэс, ыраас да оҕо этэ, эрэйдээҕим сыыһа. Ол бэйэтэ бу буолан сыттаҕа, сордоох. Дьэ, эрэйдээх дууһа, оттон!» Ытаан сыҥсыйбыта. Син балачча ытаабыта, кэҥээбитэ.

Уоскуйа түһэн баран оһоҕу оттубута. Сойо илик оһох бэрт көхтөөхтүк умайбыта. Сылаас тыын илгийэр тачыгырас тыаһа дьиэ иһин сэргэхсиппитэ.

Дьэбдьиэй тааска турар ууну ылан, дьиэ сотор солуурга кутаары көрдөөн көрбүтэ да көстүбэтэҕэ. Тэҥнэһиэ дуо, муостаны сууйбутунан барбыта. Ыһыллыбыт хаһыаттары дьаарыстаабыта. Хаһыат быыһыттан Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин булан ылбыта, оттон хомуот биир уһугар Эрилик Эристиин хомуурунньугун иккис туома ойуччу сытарын көрбүтэ. Кинигэлэри ылан этэсиэркэҕэ уурбута.

Истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалаах арааманы ылан ньилбэгэр уурбута, ийэлээх аҕатын көрөөт, уу-хаар баһан сыҥсыйан барбыта, ытыһынан айаҕын, муннун бүөлэммитэ, онтон бөтө бэрдэрэн тыына хаайтарыах буолбута, тыын былдьаһан айаҕын атан уһуутаабыта, кыратык кэҥээбит курдук буолбута. Былаатын сүөрэн арааманы тохтоло суох өр соппута.

Харачаайаптар хааннарын салгыахтаах, кинилэр удьуордарын тэнитиэхтээх киһибит бу буолан сыттаҕа. «Баҕайы, ол туһунан саныыра дуу, суоҕа дуу? Дьэ, алдьархай да буолар эбит! Абаккалаах да баҕайы, оттон!!! Туох аньыылаах-харалаах буолан маннык суолу тобулан сылдьарый, ээ?!» Эмиэ ытаан барбыта, хараҕын уутун былаатынан соттон сууралаабыта, арааманы ылан түөһүгэр ыбылы туппута, кэлэйэн, быраатын диэки эргиллэн мырдыҥныы, кыыһырбытын таһааран хаастарын түрдэһиннэрэ, үөһэ-аллара сүүрэкэлэтэ олорбохтообута. Сотуллубут арааманы истиэнэҕэ төттөрү ыйаабыта уонна балайда таалан турбута.

Дьиэни өрө тардыбыта, аҕалбыт аһын остуолга уурбута, сойботун диэн суулаабыт маҥан сиидэс былаатын өһүлэн ылан, санныгар быраҕыммыта. Ити тухары кини хараҕын быраатыттан араарбат буола сатыыра, уола эргиллиэн баҕарар быһыылааҕа, оттон Дьоҕур кыратык да хамсаабакка сытарын курдук сытара. Дьэбдьиэй быраата ити тухары уһуктаҕаһын, хайаан да истэрин уонна, оттон, матарын билигин хам баттаан сытарын сэрэйэрэ.

Санаатыгар хам баттатан, оргууй нүксүҥнээн тиийэн суунар тэрилин уутун көрбүтэ, хата, толору этэ. Санныгар сытар былаатынан илиитин сотуммута, өр соҕус эргим-ургум туппахтаан хайа тардаары сорунан көрбүтэ да, кыайбатаҕа. Остуолтан быһах ылан, ортото бу буолаарай диэн, быһа суруйбута, хайа тардыбыта, аҥаарын эмиэ санныгар иилбитэ, оттон тобоҕун уунан илитэн этэсиэркэ быылын соппута. Кини, арааһа, бу сырдыгынан сыдьаайар барахсаттар ыраас сиргэ турдуннар, туох аньыыларыгар маннык быылы бүрүнэн туруохтаахтарый диэн сахалыы нуһараҥ, үтүөнү эрэ үөтэр санаатыгар баһыйтаран маннык өйү булан ылбыта. Сүүрбэччэ кинигэни биир-биир имэрийэ-томоруйа сотуталаабыта, кичэҥитик оннуларын буллартаабыта.

Арай дьиэ иһэ син сэргэхсийбит курдуга: аһыы, ыарахан салгыны собо сылаас миинин сыта баһыйбыта, күөрчэх дьэдьэнин сыта биллибитэ. Аара кэлэн иһэн бэкээринэттэн көрдөһөн ылбыт килиэбин бысталаабыта: «Оо, килиэп сыта барахсан үчүгэйин!», – диэн саҥалыы билбититтэн олус диэн соһуйбута. Бу дьиэҕэ олох сырдык тыына, минньигэс сыта эргиллибитэ… Арай иччитэхсийэ хараарар, сөрүүнүнэн аҥылыйар истиэнэ, оһох буруотун чааныттан эриэн-быраан, өлбөөдүйбүт, бэйэтин дьиҥ дьүһүнүн сүтэрбит дьиэ сабардыыр тыына киһи кутун-сүрүн хам баттыы сатыыр курдуга. Онно эбии дьиэлээх хаһаайын тыыннааҕын биллэрбэккэ, хамсаан да ылбакка, токуруйан сытара туох да дуорааны таһаарбакка сөҥөдүйэн дьиппиэрэрэ…

– Нохоо, Дьоҕур, уһугун эрэ, тур, – Дьэбдьиэй барахсан оргууй аҕай үөмэн тиийэн быраатын санныттан тардыалаабыта уонна тэйиччи хааман олоппоско олорунан кэбиспитэ. Быраата түргэнник эргиллибитэ:

– Дорообо, – диэн сибигинэйбитэ, эдьиийин утары көрөөт хараҕын куоттарбыта. Илиилэринэн сирэйин тутан көрбүтэ, баттаҕын имэрийэн иһэн: «Айкаа, б…», – диэн хаһыырбытынан икки ытыһын сирэйигэр үҥүлүппүтэ. Ыарыытын саҥа билэн, сирэйин хам баттаабыта: «Оо, б… да эбит», – диэн ньим баран сыппыта.

– Туох айылаах бу дьаабылана сылдьаҕын? Аны тоҥон өлөрүҥ итэҕэс дуо? – Дьэбдьиэй хомойбут дуу, кыыһырбыт абатын дуу итинник таһаарбыта уонна тугу эрэ кэтэһэрдии саҥата суох олорбута. Дьоҕур илиитин тарбахтарын имэрийбитэ, атахтарын өндөтөн өҥөйбүтэ буолаахтаабыта, сирэйин мырдыҥнатан, хаастарын сүүрэлэтэн алдьархай буолбутун дуу, буола сыспытын дуу араарбакка, ыарыытыгар кыыһырар курдуга.

Кини туох да диэҕин билбэтэ, хайдах, туох буолбутун дьүүллээн-дьүһүннээн араарбакка да сытара. Барыта үдүк-бадык курдуга: үлүйбүт илиитин, атаҕын улаханнык атыҥырыы одуулаһан, тохтоппокко кыҥастаһара. Кыбыстарын өйдөөбүтэ, саатарын эмиэ билбитэ. Ону-маны араара сатаан муҥнанарын быыһыгар, бэйэтигэр кыйаханан, иһигэр маатыралаан көрөрө. Маннык балаһыанньаҕа тугу гыныахтааҕын толкуйдаан да көрбөккө, арай, эдьиийэ баарыттан үөрбүтэ буолбута, тугу эрэ кэтэһэр быһыылааҕа.

Бу кэмҥэ эдьиийэ баара кинини хайдах эрэ уоскуппут курдуга, оҕо сааһын эргиллибэт кэмнэрэ уһукта быһыытыйан, атаахтыыр майгытын утахтара биллибитэ. Ол эрээри ону дөбөҥнүк үүрбүтэ – кэнники сылларга өссө бэргээн иһэр кэп-дьэбэр майгыта тиргиллэн кэлбитэ, кыйахаммыта, төттөрүлэһиэх кэмэлдьитэ «мөхсөн» барбыта. Онно баһыйтаран, аны, эдьиийэ кэлбитин сөбүлээбэккэ: «Тоҕо, хантан тиийэн кэллэ? Ким эттэ?!…», – диэн санаа баттыгын булан ылбыта.

Хаартыһыт Харытыан кинини быыһаабытын, абыраабытын билигин да өйдөөбөккө сытара. Онтон эмискэ: «Дьэ, сордоох киһигин… Мин бардым…», – диэн Харытыан саҥата кулгааҕар иһиллибитигэр олус диэн соһуйбута. Туох буолбутун дьэ тобулан, кинини Хаартыһыт Харытыан аҕалбытын туман курдук өйдүүрүн билиммитэ. «Ээ, Харытыан эттэҕэ дии…», – тиэрэ түһэ сытан түмүктээбитэ, буруйдааҕын билинэн буоллаҕа, хараҕын кырыытынан эдьиийин көрбүтэ – саҥата суох нүксүллэн олороро, санныгар туус маҥан таҥас сырдыырыттан сэргэхсийэн, санаатыгар хараҕа эмиэ сырдыырга дылы буолбута, онтон сиэттэрэн эдьиийэ курутуйбут харахтарын өйдөөн көрбүтэ. «Эдьиийим барахсан…» диэн киһилии майгыта уһуктан, аһына санаабыта, ону ситэрэн, абыраан буоллаҕа, оргууй орҕостон, умса нөрүйэн олорунан кэбиспитэ.

– Дьоҕуор, кэл, илиигин, сирэйгин сотуум, – олоппоһун соспутунан тиийэн, Дьэбдьиэй инчэҕэй салфетканан быраата үлүйэн хабыллыбыт тарбахтарын оргууй сэрэнэн соппутунан барбыта.

– Айыкка… айка-айка, сэрэн… – Дьоҕур төһө да кыатаннар, ыарыыта баһыйан саҥа аллайа, атын илиитинэн даллараҥныы олорбута. Ол да буоллар, илиилэрин төттөрү ылбатаҕа. Сирэйин иэдэстэрэ эмиэ хабыллыах курдуктара, ол эрээри ыарыыта ама этэ, тулуйбута.




Конец ознакомительного фрагмента.


Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70614088?lfrom=390579938) на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.


Дьыбардаах дьылҕа Гавриил Адамов
Дьыбардаах дьылҕа

Гавриил Адамов

Тип: электронная книга

Жанр: Современная русская литература

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 08.05.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Кини оҕо сааһа – дьоллоох, эдэр сааһа – инникилээх, таптала – истиҥ… этэ. Ол эрээри олоххо араас буолар. Ким эрэ олох очуругар оҕустарар, ким эрэ бигэтик атаҕар турар. Оттон Дьоҕур дьылҕата хайдах салаллыай?

  • Добавить отзыв