Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара

Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Николай Степанович Николаев
Кинигэҕэ Саха сирин историятын (1921–1923 сс.) уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар 1960–1980 сылларга буолбут өрөспүүбүлүкэ уонна Новосибирскай историктарын мөккүөрдэрэ, утарсыылара, хардарыта кириитикэлэрэ кылгастык сырдатыллар. ХХ үйэ саҥатынааҕы общественнай-экономическай тутул, 1920-с сылларга ыытыллыбыт «хаҥастыйыы» бэлиитикэтэ, 1921–1922 сс. партийнай салайыыга олорбут триумвират оруола, 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии уратылара, Саха сирэ аптаныамыйаны ылыыга үлэлэспит нуучча омук бэрэстэбиитэллэрин оруола уо.д.а. боппуруостар сырдатылыннылар.
Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
В книгу вошли материалы, разъясняющие позиции историков нашей республики и Новосибирска и их противостояние в 1960–1980 гг. по дискуссионным и слабоизученным проблемам истории Якутии в первые годы советской власти. С раскрытием концепций противоположных сторон освещены общественно-экономический строй и социальные отношения в начале ХХ в., «левацкая» политика партийно-советского руководства в 1921–1922 гг., гражданская война 1921–1923 гг., роль «триумвирата» в ее развязывании перегиба, а также вклад представителей русского народа в получении Якутией статуса автономной республики в 1922 г.
Для широкого круга читателей.

Николаев Николай Степанович
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара (1921–1923 сс.)

Киириитэ
Биллэрин курдук, 1960–1980 сс. историческай наука сайдыытыгар уонна научнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ биир улахан мэһэйинэн маннааҕы уонна Новосибирскай историктарын Саха сирин историятын сорох уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар уһуннук барбыт мөккүөрдэрэ, утарсыылара буолбута. Саҥа тахсан эрэр саха историктара (Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев, И.А. Тарасов, В.В. Пинигин уо.д.а.) оччотооҕу кэмҥэ баһылыыр марксисткай-ленинскэй теорияҕа олоҕуран, ССКП ыйыыларынан салайтаран, дьиҥнээх научнай методологияны тутуһан, араас кээмэйдээх уонна таһымнаах кинигэлэри уо.д.а. научнай үлэлэри суруйбуттара. Новосибирскай историктара бу үлэлэри сорунуулаахтык кириитикэлээн, кинилэр ааптардарын уонна эрэдээктэрдэрин аһаҕастык холуннаран, үөҕэн-түрүйэн, үҥсүүлэри суруйан айдааны, мөккүөрү таһаарыынан дьарыктаммыттара. Кинилэргэ көмөлөһөн, Саха сиригэр олорор гражданскай сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ кырдьаҕас коммунистар А.В. Паулин, С.И. Николаев, С.П. Кылатчанов уо.д.а. олохтоох историктар үлэлэрин анаан-минээн сорук оҥостон хасыһан элбэх үҥсүүнү, баһааҕырдар суругу суруйбуттара.
1964–1982 сс. Новосибирскай историктара В.А. Демидов, В.С. Познанскай, А.П. Окладников, Москваҕа олорон, Саха сирин историятынан дьарыктанар А.И. Новгородов, В.Г. Лебедев, В.Н. Емельянов саха историктарын үлэлэрин кириитикэлээн, барыта 32 араас кээмэйдээх уонна таһымнаах ыстатыйаны хомуурунньуктарга, кинигэлэргэ, научнай сурунаалларга таһаарбыттара. Саха историктарыттан маҥнай соҕотох Г.П. Башарин эппиэттэри суруйан, хардары кириитикэлээн 1 ыстатыйаны, 1 брошюраны, 1 кинигэни суруйбута. «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX–начала XX века (по поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–XX вв.») диэн кинигэтэ тахсан, айдааны таһааран, Саха сирин историктарын үлэлэрин Сибииргэ уонна Москваҕа бэчээттээбэт буолбуттара. Сотору кэминэн (1976 с.) Саха судаарыстыбаннай университетын иһинэн үлэлиир историяҕа уонна филологияҕа кандидатскай диссертациялары көмүскүүр Учуонай сэбиэт сабыллыбыта.
Маннык балаһыанньаҕа хаайтаран, СГУ историко-филологическай факультетын ССРС историятыгар уонна уопсай историяҕа кафедралара мунньахтаан (15.03.1962 с.), үөскээбит балаһыанньаны быһааран, Новосибирскай уонна Москва учуонайдара Саха сирин историятын үөрэтиигэ көрүүлэрэ (концепциялара) теоретическай өттүнэн итэҕэстээҕин, элбэх фактическай сыыһалааҕын, үгүс источнигы «көннөрөн», ахтыылары «тупсаран» оҥорон туһаммыттарын дакаастаан, улахан уурааҕы ылыммыттара уонна бу учуонайдар үлэлиир сирдэригэр уонна партийнай тэрилтэлэргэ ыыппыттара. Ол эрээри балаһыанньа тупсар кыаҕа мөлтөх этэ.
Историктар мөккүспүт боппуруостара элбэх этэ. Олортон биһиги маннык эрэ боппуруостарга тохтоотубут:
1) ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) баарын быһаарыы;
2) 1921–1922 сс. уобалаһы салайар партийнай тэрилтэҕэ триумвират оруолун уонна суолтатын быһаарыы;
3) бу саҕана Саха сиригэр ыытыллыбыт хаҥастыйыы бэлиитикэтин, сүрүн миэтэттэрин уонна оруолун быһаарыы;
4) 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии саҕаламмыт биричиинэлэрин, характерын уонна норуот өйүгэр-санаатыгар содулун быһаарыы;
5) П.А. Ойуунускайтан, М.К. Аммосовтан уонна И.Н. Бараховтан ураты, 1921–1922 сс. аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыыга көмөлөспүт нуучча салайааччыларын оруолларын көрдөрүү.
Ханнык баҕарар саастаах уонна үөрэхтээх ааҕааччы өйдөөтүн диэн, бу боппуруостары сахалыы боростуойдук быһаара сатаатыбыт. Оччотооҕу идеология, марксисткай теория уонна методология көрдөбүллэринэн Арассыыйа киинигэр уонна хаалыылаах кытыы регионнарыгар буолбут сабыытыйаны барытын биир халыыбынан быһаарыы мөлтөх содулларын, ааспыт сабыытыйалары билигин хайдах быһааралларын уонна сыаналыылларын эмиэ кэпсээтибит. Бэйэ көрүүтүн, сыанабылын кимиэхэ да сыҥалаабаппыт, ол эрээри историяны үөрэтээччилэр буолбут сабыытыйалары саҥалыы өйдүүллэригэр уонна сыаналыылларыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
1960–1980 сс. саха историктарын үлэлэрин кириитикэлээччи уонна сыаналааччы элбэх этэ:
1) биир идэлээхтэрэ (бу дьиҥнээх научнай, үтүөнү баҕаран сыыһалары ыйар уонна сүбэлиир кириитикэ);
2) анаан-минээн оҥостон олорон, сыыһаны-итэҕэһи булан дарбатыы, айдааны таһаарыы, утарсыылары тэрийии, ол кэнниттэн ааптардары араастаан холуннарыы, кэнэйдээһин, араас тэрилтэҕэ үҥсүү, сорохтору суукка биэрии (бу ордук Новосибирскай историктарыгар сыһыаннаах);
3) Саха сиригэр бэйэбитигэр партия, гражданскай сэрии уонна сэбиэскэй тутуу бэтэрээннэрэ араастык бөлөхтөһөн, куомуннаһан история, экономика, социология боппуруостарыгар Саха сиригэр тахсыбыт үлэлэри олоҕо суох кириитикэлээһиннэрэ уонна үҥсүүлэрэ.
1962–1991 сс. саха историктарын дьаныһан туран араастаан сиилээбит, холуннарбыт, кэнэйдээбит кириитиктэр тумус киһилэрэ Арвед Вольдемарович Паулин этэ. Кинини Семен Иванович Николаев (партийнай үлэһит, кэлин «Политическая агитация» сурунаал эрэдээктэрэ), Степан Павлович Кылатчанов уо.д.а. өйөөбүттэрэ. Сибиир элбэх субъегыттан 30-ча сыл устата кытаанах кириитикэҕэ, хоруотааһыҥҥа, эккирэтиигэ түбэспит саха учуонайдара эрэ этилэр. Хомойуох иһин, кинилэри холуннарааччылар, үөҕээччилэр билигин даҕаны күөгэйэ тураллар.
Билигин кырдьык өрөгөйдөөн, саха норуотун өйө-санаата уһуктан, норуот бэйэтин оруолун уонна миэстэтин быһааран уонна булан, киэн туттар дьоннордоох, дириҥ уонна киэҥ историялаах, араас элбэх норуоттары кытта истиҥ, доҕордуу сыһыаннаах. Маннык киһилии, объективнай көрүүгэ, өйгө-санааҕа, олоххо тиийиигэ 1960–1980 сс. норуот кырдьыгын, чиэһин, суобаһын уонна кэскилин иһин турууласпыт, мөккүспүт Саха сирин историктарын сэмэй кылааттара баара чахчы.
Ааптар

Учуонайдар мөккүспүт сорох боппуруостара
1. 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна баһылыыр кылаастар баалларай?
1960–1980 сс. Саха сирин уонна Новосибирскай историктара уһуннук, туруулаһан туран, мөккүспүт биир боппуруостара – 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна ханнык социальнай утарсыылар баалларай диэн этэ. Уопсастыба экономическай сайдыыта, таһыма ханнык баҕарар дойдуга нэһилиэнньэ олоҕун, уйгутун, өй-санаа сайдыытын, кылаастар уонна араҥалар (сословиелар) сыһыаннарын (утарсыыларын), духуобунай сайдыыны быһаарар төрүтүнэн, олоҕунан, базатынан буолаллар. Дойду баһылыыр-көһүлүүр общественнай-политическай тутулугар олоҕуран уопсастыба үгүс боппуруоһа быһаарыллар.
1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул баарын, сайдыбытын туһунан учуонайдар ортолоругар элбэх мөккүөр, утарсыы баара. Сүрүннээн икки сабаҕалааһын баара. Маҥнайгы сабаҕалааһын: 1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара, феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар буомуран, кэхтэн испиттэрэ, саҥа уопсастыба сайдыытын мэһэйдииллэрэ диэн. Бу сабаҕалааһыны тутуһар учуонайдар (А.И. Новгородов, З.В. Гоголев, В.А. Демидов, В.С. Познанскай уо.д.а.) Саха сиригэр промышленность сайдыбыта, собуоттар бааллара, саҥа уопсастыба кылаастара – промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат бааллара диэн бигэргэтэллэрэ. Ол иһин Саха сиригэр уопсастыба социальнай, политическай уонна духуобунай сайдыыта Арассыыйа киин уобаластарын курдук биир халыыбынан сайдыбыта дииллэрэ.
Историктар атын бөлөхтөрө (И.М. Романов, Г.П. Башарин, Ф.Г. Сафронов, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев, И.А. Аргунов, В.И. Федоров уо.д.а.) 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай (Ф.Г. Сафронов – патриархальнай-феодальнай) сыһыаннаһыылар сабардыыллара, капитализм бастакы көстүүлэрэ, араскылара (элеменнэрэ) саҥа киирэн, табаар уонна харчы эргиирэ улаатан, атыы-эргиэн сайдан, торговай буржуазия араҥата үөскээн испитэ диэн бигэргэтэллэрэ. Саха сиригэр баабырыкалар, собуоттар уонна рудниктар суохтара, онон буржуазия уонна пролетариат суохтара, буржуазнай идеология, өй-санаа сайдыбатаҕа диэн этэллэрэ. Бу саҕана нэһилиэнньэ олоҕун таһыма мөлтөх, үөрэх–култуура сайдыыта намыһах, кылаастарынан улахан атааннаһыылар, утарсыылар суохтарын кэриэтэ этэ, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын биир хаалыылаах, кытыы сирэ-уота этэ диэн бигэргэтэллэрэ.
Бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын төрүттээн уонна олохтоон, А.И. Новгородов уонна З.В. Гоголев түөрэ-таары эргийэ сылдьан, араас дааннайдары уонна чахчылары аҕалаллара, кинилэри биир сиргэ чохчолоон, чөмөхтөөн баран, бу буржуазнай сайдыы көстүүлэрэ, туоһулара дииллэрэ. Үрдүнэн-аннынан К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин суруйууларыгар сигэнэллэрэ.
Бу сабаҕалааһыны утаран, Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев уо.д.а. элбэх научнай үлэни суруйбуттара уонна 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай тутул баһылыырын, сабардаабытын, капитализм араскылара саҥа үүнэн эрэллэрин эмиэ дааннайдары, чахчылары аҕалан, бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын көмүскүүллэрэ, бигэргэтэллэрэ.
Кэлин уһугар тиийэн, 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев этэр сабаҕалааһыннарын элбэх историк, политолог, философ, социолог өйөөбүтэ уонна билиммитэ. Билигин научнай үлэһиттэр ортолоругар улахан мөккүһүү (дискуссия) суох. Биирдиилээн сөбүлэспэт дьон баар да, кинилэр наукаҕа уонна уопсастыбаҕа баһылыыр-көһүлүүр оруоллара суох. Онон бириэмэ уонна история сууттара ким кырдьыктааҕын, сөптөөх позицияны көмүскээбитин бэйэлэрэ быһаарбыттара. Ол түмүгэр киэн туттар суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов уонна Н.Д. Неустроев уопсастыбаҕа уонна историяҕа бэйэлэрин миэстэлэрин дьиҥнээхтик булбуттара, саха национальнай интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ буржуазнай националистар буолбатахтара быһаарыллыбыта.
1921–1923 сс. буолбут гражданскай сэрии биир сүрүн биричиинэтинэн хаҥастыйыы бэлиитикэтин олус күүскэ уонна кытаанахтык ыытыы буолбута дакаастаммыта, сахалары омук быһыытынан национализмҥа буруйдааһын тохтообута. Саха сирэ аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыытыгар уонна 1922 с. кулун тутартан саҕаламмыт тупсуу, эйэлэһии туһугар ыытыллыбыт саҥа байыаннай-политическай куурус олоххо дьиҥнээхтик киириитигэр нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ олус бэриниилээхтик, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ өссө төгүл дакаастаммыта уонна билиниллибитэ.

Капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын хайдах быһаарыахха сөбүй?
Бу ыйытыыга чуолкай эппиэти Арҕаа Европаҕа уонна Арассыыйаҕа капитализм сайдыытын дириҥник үөрэппит марксизм-ленинизм классиктара К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин биэрбиттэрэ. Кинилэр айымньыларыгар үлэҕэ (производствоҕа) капиталистическай көстүүлэр (элементы) сайдыылара, саҥа кылаастар үөскээһиннэрэ, кинилэр утарсыылара чуолкайдык быһаарыллар. Онон, бэрт кылгастык, ааҕааччыларга сорох балаһыанньаны быһаарабыт:
Аан маҥнай үлэҕэ (производствоҕа) үлэһит бэйэтэ айан, илиинэн толорор үлэтин көрүҥэ – ремесло (идэ) киирбитэ уонна сайдыбыта. Ремесло сүрүннээн капитализм иннинээҕи уопсастыбаларга сайдыбыта. Арҕаа Европаҕа, холобур, Германияҕа олус күүскэ сайдыбыта. Манна элбэх уонна кытаанах конкуренция баар буолан, ремесленниктэр бэйэлэрин оҥоһуктарын олус үчүгэйдик, туйгун хаачыстыбалаахтык оҥорор буолбуттара (кинилэр үгэстэрэ салҕанан, билигин «немецкое качество» диэн тиэрмин олохсуйан сылдьар). Ремесленник бэйэтин матырыйаалыттан сакааһы толорор, кини оҥоһуга табаар буолан ырыынакка тахсыбат. Саха сиригэр ремесло эмиэ сайдыбыта. Ордук саха уустара аатыраллара (саха быһаҕын, батыйаны, анньыыны, дьиэ тэрилин оҥорооччулар, билигин хомуһу, биһилэҕи, дьахтар киэргэллэрин уо.д.а. оҥорооччулар киэҥник биллэллэр).
Ремесло базатыгар уонна кини кэнниттэн оҥорон таһаарыы (производство, промышленность) сайдыытын К. Маркс үс улахан кэрдиис кэмҥэ араарар: 1) боростуой капиталистическай кооперация; 2) мануфактура; 3) баабырыка уонна собуот оҥорон таһаарыыта (фабрично-заводское производство, промышленное производство, машинная индустрия).
Боростуой капиталистическай кооперация (табаары оҥорон таһаарыыга илии үлэтин көдьүүстээхтик туһанар сыалтан, оробуочайдар сүбэлэһэн баран бииргэ үлэлээһиннэрэ) – капиталистическай промышленность сайдыытын маҥнайгы кэрдиис кэмэ. Кооперация ремеслоттан сүрүн уратыта – оҥорон таһаарбыт табаардара хара маҥнайгыттан киэҥ ырыынакка тахсыыта, үлэ төлөбүрүн сакаасчыт эбэтэр хаһаайын (сырьену, тиэхиньикэни бас билээччи, үлэни тэрийээччи) төлөөһүнэ буолар. Боростуой кооперация биһиэхэ биллибит көрүҥнэринэн, холобур, кирпииччэ оҥоһуута, дьиэ тутуута уо.д.а. буолар. Маннык кооперацияҕа үлэлии сылдьан оробуочайдар дьоҕурдарын, талааннарын арыйаллар, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлии сатыыллар.
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр капитализм киириитин (сайдыытын) биир саҥа көстүүтүнэн боростуой кооперация сайдыыта буолбута. Саха сиригэр промышленность кооперация эрэ таһымыгар сайдыбыта. Кооперация үлэһиттэрэ оҥорбут бородууксуйаларын (холобур: эти, балыгы), табаардарын (арыыны, тууһаммыт балыгы, туттар сэби, малы) атын киһи – атыыһыт (скупщик) атыылаһан ылан, ырыынакка таһааран атыылыыра, барыс киллэринэрэ, капиталын хаҥатара. Ардыгар хаһаайын (скупщик) бэйэтин матырыйаалын (сырьену) аҕалан биэрэн дьону үлэлэтэрэ. Ол иһин маннык түбэлтэҕэ Саха сиригэр үгүс дьон олорор сирдэриттэн тэйбэккэ сакааска үлэлииллэрэ уонна хамнас аахсаллара. Үлэ маннык көрүҥүн Арассыыйаҕа дьиэтээҕи промышленность (домашняя, т.е. кустарная промышленность) дииллэрэ. Манна оҥорон таһаарааччылар (үксүгэр бэйэлэрэ бас билэр сырьеларыттан уонна илиинэн үлэлээн) хамнас аахсаллар этэ, ол иһин кинилэри оробуочайдар диэччилэр. Ол эрээри кинилэр дьиҥнээх капиталистическай производство (үлэ) оробуочайдара буолбаттар, кинилэри пролетариакка (фабрично-заводские рабочие, индустриальный пролетариат) киллэрэр сыыһа, төрүт табыллыбат (А.И. Новгородов, З.В. Гоголев киллэрэн капитализм сайдыытын дакаастаан муҥнаналлара).
Мануфактура кэмэ (от лат. manus – рука, facere – делать) – капиталистическай промышленность сайдыытын иккис кэрдиис кэмэ. Арҕаа Европаҕа XVI–ХIX үйэлэргэ сайдыбыта. Мануфактураҕа үлэни барытын илии күүһүнэн оҥороллоро, ол эрээри көрүҥнэринэн (салааларынан) араарыы баара. Манна сырьену (матырыйаалы) эмиэ хаһаайын булара, биэрэрэ, үлэ түмүгүн (табаары) эмиэ хаһаайын (капиталист) бас билэрэ уонна ырыынакка атыылыыра.
Үгүс дойдуга уонна региоҥҥа мануфактура тарҕаммыт көрүҥнэринэн таҥаһы тигии, тирииттэн оҥоһуктары, атах таҥаһын, дьиэ малын-салын оҥоруу, үлэ уо.д.а. көрүҥнэрэ буолаллар. Холобура, таҥаһы тигиигэ (швейное производство) научнай худуоһунньук-дизайнер баар сырьену хайдах туһанары уруһуйдаан, халыыбын оҥорон биэрэрэ, ол кэнниттэн сырьену халыыбынан быһааччылар (закройщики) бэрийэллэрэ, кинилэр кэннилэриттэн иистэнньэҥнэр (швеи) үлэлииллэрэ, онтон бэрэбиэркэлээччилэр, табаары атыыга бэлэмнээччилэр үлэлэрэ кэлэрэ. Тирииттэн таҥаһы тигии үлэтэ эмиэ араас көрүҥүнэн толоруллара. Дизайнер, кырыйааччы, тигээччи, ситэрээччи үлэ биир эрэ көрүҥүн толороллоро, сатабыллара, маастарыстыбалара үрдүүрэ. Ол иһин кэлин үлэ биир, быстах уонна боростуой түһүмэҕин киһи оннугар массыына, механизм, двигатель толорор кыахтаммыта. Мануфактуралары сотору кэминэн баабырыка, собуот солбуйбута.
Мануфактура миэстэтэ маннык: Мануфактура сайдыыта дьиҥнээх капиталистическай сайдыы кэмэ буолбатах, оччолорго массыына, тиэхиньикэ суоҕа, мануфактура сайдыыта капитализмҥа киириигэ тиэрдэр эбэһээтэлинэй кэрдиис кэм (переходнай период). Бу кэнниттэн дьиҥнээх промышленнай капитализм кэмэ кэлэр. Мануфактура үлэһиттэрэ пролетариат араҥата буолбатахтар, кинилэр пролетариат иннинээҕи оробуочайдар этилэр (Ф. Энгельс кинилэри «предшественники современного пролетариата», сэбиэскэй учуонайдар «предпролетариат» диэн ааттаабыттара).
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай сайдыы мануфактура таһымыгар тиийбэтэҕэ, бэрт аҕыйах тэрилтэни улаханнык өрө тардан, мануфактура дииллэр быһыылаах – бу олоҕо суох бигэргэтии.
Машиннай производство (машинное производство) кэмэ – мануфактура кэнниттэн кэлэр промышленность үһүс кэрдиис кэмэ. Капитализм бу эрэ кэмтэн саҕаланар, машиннай производствота суох капитализм суох. Мануфактура сайдыытын түмүгэр, табаары оҥорууга илии үлэтин массыыналарынан солбуйуу уопсастыба олоҕор элбэх экономическай, социальнай уонна политическай уларыйыыны аҕалбыта. Илии үлэтин массыыналарынан солбуйууну, машиннай индустрия саҕаланыытын К. Маркс промышленнай переворот диэн ааттаабыта. Ханнык баҕарар дойдуга промышленнай переворот икки – техническэй уонна общественнай – өрүттээх.
Техническэй өрүтэ – бу аата массыынаны, механизмы, двигатели айыы, оҥоруу уонна производствоҕа киллэрии (туһаныы). Табаары оҥорууга илии үлэтин массыынанан солбуйуу кыайдаҕына, техническэй өрүт түмүктэнэр. Машиннай производство кыайдаҕына, феодальнай тутул букатыннаахтык эстэр, кыайтарар, мантан ыла капитализм эпохата саҕаланар.
Общественнай өрүтэ – бу аата капиталистическай уопсастыба сүрүн кылаастарын үөскээһинэ буолар. Промышленнай переворот бүттэҕинэ ханнык баҕарар дойдуга уопсастыба сүрүн кылаастарынан промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат буолаллар. Бу саҥа кылаастар – промышленнай переворот общественнай түмүктэрэ (Ф. Энгельс этиитэ).
Промышленнай переворот түмүгэр оробуочайдар илии үлэтин солбуйбут массыыналары үлэлэтэр, көрөр-истэр, салайар үлэһиттэр буолбуттара. Кинилэр бэйэлэрэ бас билэр тэрилтэлэрэ, тэриллэрэ суоҕа, идэлэринэн үлэлиир эрэ кыахтаахтара (маны «рабочая сила» дииллэр), бу идэлэринэн кинилэр баабырыкаҕа, собуокка үлэлииллэрэ, идэлэрин, билиилэрин, сатабылларын, кыахтарын баабырыканы (собуоту) бас билээччигэ атыылыыллара, киниттэн хамнас эрэ ылаллара. Маннык оробуочайдары баабырыка (собуот) оробуочайдара (фабрично-заводские рабочие, индустриальные рабочие, промышленнай пролетариат) дииллэр. Онон пролетариат диэн аан маҥнайгыттан баабырыка уонна собуот оробуочайдара эрэ этилэр. Онтон кэлин хамнаска (харчыга) үлэлиир, хамнаһынан аһаан-сиэн, иитиллэн олорор производство, хааччыйыы, кинилэргэ сыһыаннаах эйгэ үлэһиттэрин барыларын холбоон оробуочайдар диэн ааттыыр буолбуттара. Онон пролетариат уонна оробуочай кылаас диэн тиэрминнэр тус-туһунан ис хоһоонноохтор уонна суолталаахтар. Ону чуолкайдык арааран билиэххэ наада.

Промышленнай пролетариат кылаас быһыытынан сүрүн уратыта
Пролетариат капиталистическай производство сайдыытын түмүгэр үөскээбит кылаас буолар. Промышленность сайдарын тухары ахсаана эбиллэ, сайда, бөҕөргүү турар, производствоҕа уонна уопсастыбаҕа миэстэтэ, оруола улаатар. Кини үлэлиир сирдэригэр – баабырыкаҕа, собуокка, шахтаҕа, рудникка – элбэх оробуочай, массыына, араас тиэхиньикэ уонна туттар тэрил баар. Бу мантан кылаас быһыытынан сүрүн ураты хаачыстыбалара үөскээн тахсаллар.
– Пролетарий хайаан да ханнык эрэ таһымнаах билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх буолар эбээһинэстээх уонна аналлаах. Тугу да билбэт, сатаабат киһи массыынаны, уустук механизмы сатаан үлэлэппэт. Тиэхиньикэ сайыннаҕын аайы оробуочай кылаас билиитин-көрүүтүн эмиэ үрдэтэр, үөрэхтэнэр аналлаах.
– Пролетарий хайаан да бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буолар. Кини улахан кэлэктиипкэ үлэлиир. Үлэтигэр хойутаатаҕына, суох буоллаҕына производственнай тиһилик үлэтэ барыта тохтуон сөп. Үлэтигэр кыһамньылаах буолуохтаах. Кини дьалаҕайыттан үлэлии турар массыына алдьаныан, үлэ барыта тохтуон сөп. Онон массыынаны, тиэхиньикэни кытта үлэ пролетарий хайаан даҕаны бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буоларын ирдиир, модьуйар.
– Улахан тэрилтэлэргэ сүүһүнэн-тыһыынчанан киһи үлэлиир. Бары биир, тустаах үлэни толороллор. Араас омук оробуочайа бары бииргэ үлэлиир, аһыыр, сынньанар, үгүстэрэ биир дьиэҕэ олорор, биир сиртэн хамнас ылар. Ол иһин пролетарийдар ортолоругар омугунан атааннаһыы, арахсыы суох буолар. Пролетарскай интернационализм (сомоҕолоһуу) хаачыстыбаларын оробуочайдарга баабырыка (собуот) бэйэтэ үөрэтэр. Кинилэр бары биир өлүүгэ сылдьар дьон.
– Тэрилтэҕэ саахал, алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына оробуочай барыта үлэтэ уонна хамнаһа суох хаалар. Ол иһин хас биирдии оробуочай, кэлэктиип (тэрилтэ) үчүгэйдик үлэлииргэ кыһаллар, биир эмэ сыахха саахал буоллаҕына бары көмөлөһөллөр. Олохторо социальнай хааччыллыылаах буоларын иһин бары бииргэ туруулаһаллар. Ол иһин оробуочайдарга өйдөһүү, бииргэ буолуу – коллективизм санаата үөскүүр. Оробуочайдар атын тэрилтэ (паабырыка, собуот) үлэһиттэрин, кинилэр туруорсууларын хаһан баҕарар өйдөөччүлэр уонна өйөөччүлэр, кинилэри кытта биир санаалаах (пролетарская солидарность) буолааччылар.
– Оробуочай кылаас производствоҕа улахан миэстэни ылар, сүдү кыахтаах. Ол иһин кинини кытта тэрилтэ салайааччылара, хаһаайыннар биир тылы буларга кыһаналлар. Хаһаайыннар кыһарыйар, тапсыбат, үүрэр-түрүйэр түбэлтэлэригэр оробуочайдар собостуопка (стачка) биллэрэн баран, холобура, электростанция үлэһиттэрэ кыһын эбэтэр сайын уоту быһа баттыахтарын сөп, оччоҕуна кыһын тоҥобут, сайын үлэбит барыта тохтор. Онон оробуочай кылаас производствоҕа уонна олоххо быһаарар оруолун уонна миэстэтин суударыстыбаннай былаас уруккуттан билиҥҥэ диэри өйдүүр.
Онон, оробуочай кылаас капиталистическай уопсастыбаҕа оруола улахан этэ, улахан быһаарыылаах күүс буолбута, ханнык баҕарар экономическай, социальнай, общественнай уонна политическай боппуруостары, проблемалары быһаарарга сүрүн күүс, тирэх уонна база буолара. Ол иһин ХХ үйэ саҥатыгар Арассыыйаҕа араас политическай күүстэр уонна түмсүүлэр оробуочай кылааһы кытта куодарыһа сылдьыбыттара.

1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара дуо?
Сүрүннээн бу ыйытыыга эппиэттээри биһиги инники бэлиэтээһиннэрбитигэр капиталистическай кооперация (ремесло), мануфактура, промышленнай производство (фабрично-заводская промышленность), буржуазия уонна пролетариат тустарынан ааҕааччылар өйдүүллэрин курдук кылгастык быһаара сатаатыбыт. Тоҕо диэтэххэ, 1960–1980 сс. учуонайдар ортолоругар бу ыйытыыга элбэх мөккүөр, утарсыы баара. Кинилэр бигэргэтиилэрин үөрэтэн көрдөххө, Новосибирскай учуонайдара Саха сиригэр капитализм баара, сайдыбыта диэн балаһыанньаҕа олоҕуран, сүрүннээн А.Е. Кулаковскайы реакционер, контрреволюционер диэн сыаналаары, айымньыларын реакционнай ис хоһоонноохтор диэн бигэргэтээри; 1921–1923 сс. гражданскай сэриини Киин Арассыыйаҕа буолбут сэрии курдук көрдөрөөрү; саха интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин уонна уобалас бастакы салайааччыларын буржуазнай национализмҥа буруйдаары наар буржуазнай уопсастыба уонна идеология сайдыытын теориятыгар уонна практикатыгар сигэнэллэрэ, капиталистическай сайдыы көрдөрүүтүнэн сыаналыыллара.

З.В. Гоголев бигэргэтиитэ
Захар Васильевич Гоголев «Якутия на рубеже XIX–ХX вв. (социально-экономический очерк)» (Новосибирск: Изд-во «Наука», 1970. – С. 236) диэн кинигэтигэр бу кэмҥэ Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттарын туһунан суруйбута. Маны дакаастыыр ыарахан этэ да, З.В. Гоголев үгүс элбэх сыыппараны, араас дааннайдары, чахчыны уонна бигэргэтиини хомуйан, бэйэтин көрүүтүн туһатыгар араастаан наардаан, капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара диэн түмүк оҥорбута. Ханнык баҕарар научнай үлэ биир саамай сыаналаах уонна туһалаах салаатынан кини түмүктүүр баһа буолар. Кинигэтин түмүгэр Захар Васильевич Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын, национальнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат үөскээбиттэрин, кинилэр икки ардыларыгар кылаассабай охсуһуу саҕаламмытын туһунан суруйбута. (Гоголев, 1970, С. 220–223).

Г.П. Башарин бигэргэтиитэ
З.В. Гоголев түмүктэрин, бигэргэтиилэрин сыыһанан ааҕан, Георгий Прокопьевич Башарин «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX—начала ХХ века. (По поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–ХХ вв.»)» диэн кинигэни суруйбута. Манна 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар сабардыыллара, быһаарар оруоллара, капиталистическай сыһыаннаһыылар араскылара эрэ баара (Г.П. Башарин кап.кооперация баара, мануфактура, баабырыка, собуот суохтара диирэ. – Н.Н.), торговай капитал сайдыыта саҕаламмыта диэн ылыннарыылаахтык уонна итэҕэтиилээхтик суруйбута.
Г.П. Башарин кинигэтэ тахсан, улахан айдаан буолбута. Онон сибээстээн, академик А.П. Окладников бэйэтэ салайар ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Историяҕа, тылга уонна философияҕа институтун аналлаах хамыыһыйатын тэрийэн, бэйэтин үлэһитин З.В. Гоголевы көмүскүү сатаабыта. Ол эрээри хамыыһыйа ылбат-биэрбэт түмүгү оҥорбута: 1917 с. диэри Саха сиригэр капитализм сайдыбыта, онон З.В. Гоголев бигэргэтиитэ сөп, оттон Г.П. Башарин бигэргэтиитэ сыыһа, кириитикэтэ олоҕо суох уонна сымыйа диэн түмүк ыспыраапкаҕа суох. Кэлин Г.П. Башарин бу бигэргэтиитин бэрэбиэркэлээн, Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет ССКП историятын кафедрата бэлэмнээбит ыспыраапкатыгар (05.01.1993 с.) А.П. Окладников хамыыһыйатын түмүгэ сүрүннээн хатыланар. Саха сиригэр капитализм баара дуу, суоҕа дуу диэн чопчу ыйытыыга эмиэ быһаарыылаах, ылыннарыылаах эппиэт суох. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ научнай тэрилтэлэр бары Арассыыйаҕа капитализм баара, Өктөөп революциятын оробуочай кылаас уонна бааһынайдар оҥорбуттара, гражданскай сэрии оробуочайдар, бааһынайдар буржуазияны уонна помещиктары утары кылаассабай охсуһууларын салгыыта этэ диэн теориянан, бириинсибинэн салайтараллара. Ким да мантан туораан, партия уонна судаарыстыба ыытар идеологиятын, бэлиитикэтин утарыан уонна буруйга-сэмэҕэ тиксиэн баҕарбат кэмэ этэ.

ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленность сайдыытын туһунан сибидиэнньэлэр
Ханнык баҕарар дойдуга уонна региоҥҥа капитализм сайдыытын быһаарарга К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин олохтообут теорияларын уонна методологическай бириинсиптэрин туһаныахха сөп.
1. Ремесло уонна мануфактура капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын туоһулара уонна мэктиэлэрэ буолбатах. Бу промышленность сайдыытын кэрдиистэрэ, кэрчик кэмнэрэ эрэ, капитализм көстүүтэ буолбат.
2. Капитализм сайдыытын быһаарыыга уонна билиниигэ хайаан даҕаны сырьену таҥастыыр, байытар, оҥоһукка кубулутар (обработка и переработка сырья) уонна бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэр – баабырыкалар уонна собуоттар баар буолуохтаахтар. Бу тэрилтэлэри быһаарарга, үлэлэрин хааччыйарга хайаан да илии үлэтин солбуйар массыыналар, механизмнар, двигателлэр (промышленнай переворот техническэй өттө) баар буолуохтаахтар. Ол кэннэ капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын түмүгэр промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат (промышленнай переворот общественнай өттө) диэн саҥа общественнай кылаастар үөскүөхтээхтэр.
Саха уобаластааҕы статистическай управление уобалас экономикатын 1910 сыллаах туругун ырытар кинигэтигэр маннык чахчылар бааллар. 1910 с. Саха сиригэр барыта 97 «собуот» баара бэлиэтэммит. Ол иһигэр 64 бурдук тардар миэлиҥсэ баарыттан: 50 миэлиҥсэ ат эргитэр көлүөһэлээх (диискэлээх) (манна 61 киһи үлэлээбит), 3 тыал күүһүнэн үлэлиир миэлиҥсэ (2 үлэһиттээх), 9 уу сүүрүгүнэн үлэлиир миэлиҥсэ (17 үлэһиттээх), 2 миэлиҥсэ паровой хамсатааччылаах (двигателлээх) эбит (2 үлэһиттээх). Онон, бу 64 «собуокка» барыта 82 оробуочай үлэлээбит (биирдии «собуот» ортотунан 1,28 оробуочайдаах). Бу сүрүннээн тыа ыалларын бас билэр миэлиҥсэлэрэ этилэр, онно хаһаайын уонна кини кэргэттэрэ үлэлииллэрэ.
Мантан ураты 33 «собуот» баара: мыыла оҥорор (буһарар) 1 тэрилтэ (2 үлэһиттээх), тириини имитэр уонна боростуой оҥоһуктары оҥорор 3 мастарыскыай (14 үлэһиттээх), кирпииччэ үктүүр 14 сарай (кирпииччэҕэ барыта 34 киһи үлэлээбит, биирдии сарайга 2,4 киһи), мас хайытар 2 сыах (араама) (барыта 4 киһи үлэлиирэ), пиибэни буһарар 1 «собуот» (7 киһи үлэлиирэ), бурдук тардар паровой 12 миэлиҥсэ (барыта 33 киһи үлэлиирэ, биир миэлиҥсэҕэ ортотунан 2,8 үлэһит баара). Мантан көстөрүнэн, сорох «собуоттарга» ортотунан 2–3 үлэһит, сорохторго 4–7 эрэ үлэһит баара. Маннык кыракый тэрилтэлэргэ үлэни идэлэринэн араарыы (үллэрии) уонна массыынаны туһаныы суоҕа. Бу 33 «собуокка» барыта 93 киһи, хаһаайыттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, үлэлииллэрэ. Бу тыа сиригэр тарҕаммыт «дьиэтээҕи промышленность» (кустарная, домашняя промышленность, промыслы) этэ. Наука быһаарыытынан сыаналаатахха, бу боростуой кооперация тэрилтэлэрэ этилэр, кинилэри мануфактуралар диир да табыллыбат (Башарин, 1974. С. 43–44). Оттон З.В. Гоголев бу ааттаммыт 97 «собуоту» (барыта 1910 с. 175 киһи үлэлээбитэ), саба быраҕан, промышленнай предприятиелар диэн бигэргэтэр (Гоголев, 1970. С. 43, 48).
Саха сиригэр капитализм суоҕун көрдөрөөрү, манна маарынныыр сыыппаралары профессор Г.Г. Макаров «Октябрь в Якутии. Часть первая. Якутия накануне и в период Февральской революции» (Якутск: Кн.изд-во, 1979. – С. 280) кинигэҕэ эмиэ аҕалар. Кини бигэргэтэринэн, 1911 с. Саха сиригэр баар 108 «собуокка» (профессор «кустарные предприятия» диир – Н.Н.) барыта 140 оробуочай үлэлээбит. Бу тэрилтэлэртэн Дьокуускай уокуругар 55 «собуот» (барыта 64 үлэһиттээх этэ), Бүлүү уокуругар – 24 «собуот» (32 үлэһит баара), Өлүөхүмэ уокуругар 29 «собуот» (44 үлэһиттээх) баара. Маны таһынан Дьокуускай куоракка 211 ремесленник, кинилэр мастарыскыайдарыгар көмөлөһөөччүнэн уонна оробуочайынан 112 киһи сылдьыбыт (атын уокуруктар уонна куораттар тустарынан сибидиэнньэ суох). 1914 с. Дьокуускайга электростанция тутуллан үлэҕэ киирбитэ, куораты уонна Марха сэлиэнньэтин уотунан хааччыйбыт (1920 с. 30 үлэһиттээх этэ, атын дааннай суох). Эмиэ 1914 с. куоракка тимир оҥоһуктары оҥорор уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир массыыналары уонна тиэхиньикэни өрөмүөннүүр мастарыскыай аһыллыбыта (1921 с. манна 32 киһи үлэлээбитэ эрэ биллэр).

Сиртэн хостонор баайы туһаныы
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр сиргэ үөскээбит баайы хостооһун уонна бэрт кыратык ону таҥастааһын үөскүү уонна тэнийэ сылдьыбыта. 1915 с. Дьааҥы хайатыттан сүүрүгүрэр Эндыбал үрэххэ (р. Эндыбал) сибиниэстээх руданы хостооһун саҕаламмыта. 1916 с. руда хостонор сириттэн 330 км тэйиччи, Алдан өрүс төрдүгэр руданы уулларар уонна сибиниэһи арааран ылар 2 улахан оһохтоох собуот тутуллубута. Руданы сайын уонна күһүн хостоон мунньаллара уонна сир тоҥон, сыарҕа суола аһылыннаҕына Эндыбал үрэхтэн Алдан төрдүгэр диэри атынан таһаллара. 1917 с. руданы хостооһуҥҥа 30 киһи, собуокка бэйэтигэр 12 киһи үлэлээбитэ. Оробуочайдар ортолоругар бэдэрээт түһэрсэн үлэлиир Нам уонна Дүпсүн улуустарыттан сахалар бааллара. 1916 сыл кулун тутар – муус устар ыйдарыгар рудниктан Алдан төрдүгэр баар собуокка 1040 буут руданы аҕалан, уһааран 300 буут сибиниэһи ылбыттара. 1916 сыл күһүнүттэн 1917 с. сайыныгар диэри 10200 буут руданы аҕалан собуокка уһааран, барыта 4000 буут (1 буут – 16 кг) сибиниэһи ылбыттара.
1917 с. күһүн собуоту Алдан төрдүттэн Эндыбал үрэх төрдүгэр көһөрбүттэрэ. 1917–1921 сс. соҕурууттан Саха сиригэр табаар кэлиитэ букатын мөлтөөбүт кэмигэр бу собуот сибиниэһи уонна доруобунньугу оҥорон, олохтоох булчуттары хааччыйан абыраабыта. 1916–1921 сс. Эндыбаллааҕы собуот барыта 9043 буут сибиниэһи уонна доруобунньугу судаарыстыба хааһынатыгар туттарбыта.
Собуот хаһаайына сүрдээх бэриниилээх үлэһит, общественнай диэйэтэл, урбаанньыт талааннаах Алексей Алексеевич Семенов (1882–1939) этэ. Кэлин кини Саха АССР үбүн бастакы наркомунан, Госпланын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, ЯЦИК чилиэнэ буолбута. А.А. Семенов руднига уонна собуот сиртэн хостонор баайы байытар-уулларар, сөҥөрдөр, ыраастыыр уонна ыраас сырьену, табаары оҥорон таһаарар соҕотох дьиҥнээх промышленнай тэрилтэ этэ. Атын маннык тэрилтэ Саха сиригэр суоҕа.
Сиртэн хостонор атын баайы хостооһуҥҥа, ол кэнниттэн сырьену байытан (обогащение), таҥастаан (переработка) бородууксуйаны хааһынаҕа туттарар мантан ураты ханнык да судаарыстыбаннай уонна чааһынай фирмалар Саха сиригэр суохтара. Көмүс хостооһунугар үгүстэр дуогабарынан, сорохтор бэйэлэрэ көҥүллэринэн (кинилэри золотоискатели – хищники, проспекторы дииллэрэ) үлэлииллэрэ. Кыһыл көмүһү хостооһун үлүскэнэ (лихорадката) Саха сиригэр эмиэ биллэн ааспыта. Ол курдук, Өлүөхүмэ уокуругар Чаара өрүскэ кумахтан көмүһү сууйууга үлэлээбиттэрэ: 1909 с. – 500 киһи (старателлэр), 1910 с. – 20 киһи, 1911 с. – 150 нуучча дьоно. Олохтоох нэһилиэнньэ көмүскэ 1915 с. диэри үлэлээбитэ да, үгүстэрэ улахан барыһы (дохуоту) ылбаккалар уурайбыттара.
Бүлүү уокуругар Бүлүү өрүс баһыгар уонна Тонго диэн салаатыгар эмиэ көмүһү хостуу сылдьыбыттара. 1917 с. Тонго үрэххэ көмүскэ 600-чэкэ старатель, Бүлүү өрүс атын салааларыгар барыта 1000 киһи көмүс сууйуутугар үлэлээбитэ. Олохтоох краевед П.Х. Староватов аахпытынан, 1917 с. Бүлүү умнаһыгар барыта 7 буут көмүс хостоммута [Макаров, 1979, c.51–52].
1915 с. Алдан өрүс баһыгар уонна кини Дьугдьуур хайаларыттан сүүрдэр уҥа салааларыгар барыта 22 сиргэ (бириискэҕэ) олохсуйан көмүһү хостообуттара, бу сыл 60 буут көмүс хостоммута биллэр.
1914–1915 сс. Дьокуускай тулатыгар Хаҥалас хайатыгар сир үрдүгэр тахсан, көстө сытар таас чох дьапталҕаларын үөрэтии уонна туһаныы ыытыллыбыта. Бу икки сылга ортотунан 50 тыһ. буут чох хостоммут. Ол эрээри манна эмиэ ханнык даҕаны рудник, бириискэ, чоҕунан эргинэр тэрилтэ тэриллибэтэҕэ (Гоголев, 1970, С. 41).
ХХ үйэ саҥатыгар Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйигэ уонна Багинскайга аска туттуллар (киһи сиир) тууһу хостуу сылдьыбыттара. Манна кыра переработка баара. Көһөҥө тааһы илдьиритэн, ууга оргутан, хааһылаан баран бөҕө, ньоҕорото буочука түгэҕэр түспүтүн кэннэ туус үрдүкү араҥатын, ырааһын холбуйан ылан, киһи сииригэр анаан бородуукта оҥороллоро. Тууһу хостооһун сайдыыта маннык этэ: 1895–1907 сс. ортотунан 13134 буут, 1908–1912 сс. ортотунан 24725 буут, 1913–1920 сс. ортотунан 37714 буут туус хостоммута (Башарин, 1974, С. 33).

Дьокуускай кыра тэрилтэлэрэ
ХХ үйэ саҥатыгар Дьокуускайга типография (1860 с. тутуллубута, 1921 с. – 34 оробуочай үлэлиирэ), пиибэ оҥорор «собуот» (1907 с. тутуллубута, хаһаайына – урбаанньыт И.Ф. Бартль) бааллара. Собуот пиибэни, уксууһу, кофены бэлэмниирэ, улахан дохуоттаах тэрилтэ этэ. 1915 с. бу собуокка 12 оробуочай үлэлээбитэ, кинилэр 13 тыһ. биэдэрэ бородууксуйаны оҥорон 71500 солк. киллэрбиттэрэ. Революция кэнниттэн собуокка 5–7 киһи хаалбыта [Макаров, 1979, С. 56].

Тыа сиригэр баар тиэхиньикэ
Тыа сиригэр сүрүннээн бурдугу үүннэриигэ уонна астааһыҥҥа саамай боростуой тиэхиньикэни тутталлара. 1917 с. биэрэпискэ бэлиэтэммитинэн, Саха сирин үс киин уокуругар – Дьокуускай уокуругар, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – барыта бурдугу үүннэриигэ уонна хомуйууга туһаныллар 640 араас тиэхиньикэ баара. Кинилэр ортолоругар бааллара: бурдугу олордор (ыһар) массыыналар (сеялки) – 74 устуука, от охсор массыыналар (косилки) – 42 устуука, бурдугу быһар массыыналар (жнейки) – 108 устуука, бурдугу сынньар малатыылкалар (молотилки) – 71 устуука, бурдугу көтүтэр массыыналар (веялки) – 345 устуука. Маны таһынан 1149 биирдии уллуҥахтаах (лемехтээх), 254 элбэх уллуҥахтаах булууктар бааллара. Ол эрээри, биэрэпис көрдөрөрүнэн, учуоттаммыт хаһаайыстыба ахсаана 51 850 буоллаҕына, кинилэртэн маннык тиэхиньикэлээх хаһаайыстыба ахсаана баар-суоҕа 1521 (ол аата хаһаайыстыбалар 3% эрэ тиэхиньикэлээх эбит), атыттар бары – 50 329 хаһаайыстыба (97%) туох да тиэхиньикэлэрэ суох этэ. Мантан көстөрүнэн, кыахтаахтык, сэниэтик олорор нуучча бааһынайдара, тойоттор, атыыһыттар, атын да сэниэ ыаллар эрэ маннык тиэхиньикэлээхтэр этэ.

Транспорт уонна айан суолларын туруга
Киин Арассыыйаҕа сайдар капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыаллара Саха сиригэр баарын да үрдүнэн, манна транспорт уонна суол-иис сайдыыта бытаан этэ. Сайын Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан уонна Маайа өрүстэринэн борохуоттар таһаҕаһы уонна пассажирдары таһаллара. Маҥнайгы борохуоттар Өлүөнэнэн – 1856 сылтан, Алданынан уонна Маайанан – 1884 с., Бүлүүнэн – 1895 с. устубуттара. Саамай элбэх сырыы Өлүөнэ эбэҕэ этэ. Манна 1900 сылтан – 27, 1911 сылтан – 32, 1917 сылтан – 38 борохуот устубута. 1917 с. борохуот барыта мастан оҥоһуллубут 83, тимиртэн оҥоһуллубут 30 баарсаны соһон, 21 тыһ. туонна таһаҕаһы анаммыт сирдэригэр тиэрдибиттэрэ. Таһаҕаһы таһааччыларынан чааһынай «Товарищество Н.Н.К. Глотовых», «Байкальское пароходство», «Наследники А.И. Громовой и К», «П.А. Кушнарев» уо.д.а. фирмалар этилэр. Маайа өрүһүн өксөйөн үөһээ Ньылхаҥҥа тиийэллэрэ, онно муоранан кэлэн мунньуллубут чэйи, табаҕы, куруппаны, саахары уо.д.а. табаары тиэнэн, Дьокуускайга кэлэллэрэ. Борохуоттары бас билэр фирмалар хонтуоралара уонна хаһаайыннара Өлүөнэ баһыгар уонна Дьокуускайга бааллара.
Маны таһынан, ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр хааһынаттан үбүлэнэр барыта 5 улахан буоста суола (тракт) баара. Саамай биллибит уонна элбэх сырыылааҕынан Иркутскай – Дьокуускай суола буолара. Бу суол уһуна 2450 км этэ, онтон 1358 км Саха уобалаһыгар баара. Суолга барыта 49 дьаам дьиэтэ (ыстаансыйа) баара. Мантан ураты Дьокуускай – Охотскай (1038 км усталаах, онно барыта 25 дьаам дьиэ баара), Дьокуускай – Аян (Айаан), Дьокуускай – Бүлүү (600 км, 1916 с. – 16 дьаам баара) уонна Дьокуускай – Дьааҥы – Халыма (2376 км, Дьокуускай – Дьааҥы суолугар 22 дьаам, Дьааҥы – Халыма суолугар 1916 с. – 21 дьаам суола баара. Иркутскай-Дьокуускай суолугар хааһынаттан хамнастаах бааһынайдар үлэлииллэрэ. Оттон атын суолу-ииһи көрүүгэ-харайыыга бастайааннай хамнастаах үлэһиттэр суохтара, манна үксүгэр бэдэрээт түһэрсэн, олохтоох нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ – үксүн сахалар үлэлииллэрэ, оттон Охотскай Перевозтан уонна Ньылхантан Охотскай муораҕа диэри хайалаах сирдэргэ табалаах эбэҥкилэр үлэлииллэрэ. Иркутскай – Дьокуускай суолугар үлэлиир дьаамсыктар-бааһынайдар хамнастарын таһынан бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах, онно эбии булдунан-балыгынан дьарыктанар буолан сэниэтик олорбуттара. Онтон атын суолга бэдэрээт эрэ түһэрсэн, быстах кэмҥэ үлэлиир сахалартан уонна эбэҥкилэртэн сорохторо син сэниэтик олорбуттара да, кинилэртэн элбэх урбаанньыт, биллэр-көстөр атыыһыт кыайан тахсыбатаҕа.

Атыы-эргиэн сайдыыта
1917 с. диэри атыы-эргиэн сүрүннээн Дьокуускай куоракка уонна уокуруктар кииннэригэр – Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Дьааҥыга уонна Орто Халымаҕа барара. Саамай элбэх маҕаһыыннаах, ыскылааттаах уонна атыыһыттаах сиринэн Дьокуускай куорат этэ. Манна 1916 с. бүтүүтүгэр 104 лааппы (лавки) баара. Куоракка Саха сиригэр киэҥник биллибит фирмалар («Наследники А.И. Громовой», «Коковин и Басов», «Наследники А.М. Кушнарева», «Рылов и Лесников», «Наследники Н.Н. Силина», «Д.А. Стрелов и К
», «Блох и К
») хонтуоралара бааллара. Атыыһыттар ортолоругар 36 саха эргиэмсигэ баара. Кинилэр ортолоругар капиталлара кыра да буоллар, нэһилиэнньэҕэ киэҥник биллибит Г.В. Никифоров – Манньыаттаах уола, Н.Д. Эверстов – Сэрбэкэ, В.Н. Ксенофонтов, К.К. Иванов уо.д.а. бааллара.
Кыра лааппылар Дьааҥы уокуругар Верхоянскай куоракка, Казачье, Аллайыаха, Булуҥ уонна Абый сэлиэнньэлэригэр, Халыма уокуругар Орто Халыма куоратыгар (манна 1916 с. 4 лааппы) бааллара. ХХ үйэ саҥатыгар киин улуустар кииннэригэр уонна улахан сэлиэнньэлэригэр кыра лааппылар тэриллэн, тэнийэн барбыттара (Амма, Абаҕа, Болугур нэһ. Ааллаах диэн сиргэ), Чурапчыга, Дүпсүн улууһун Дьөндү (Дүөндү) диэн сиригэр уо.д.а. сирдэргэ.
Саха сиригэр атыы-эргиэн биир саамай табыгастаах уонна киэҥник сайдыбыт көрүҥүнэн табаары тиэйэ сылдьан атыылааһын (развозная торговля) буолара. Бу киэҥ сиринэн тайаан сытар, суола-ииһэ суох, элбэхтэ кэлбэт-барбат, айаннаабат нэһилиэнньэлээх Саха сирин улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр атыы-эргиэн биир саамай табыгастаах көрүҥэ этэ. Кыһын саҥата, алтынньы бүтүүтүттэн, сыарҕа суола аһыллыаҕыттан атыыһыттар бирикээсчиктэрэ (продавцы) айаҥҥа туруналлара. Нэһилиэнньэ олорор сирдэрин кэрийэ сылдьан табаардарын «атыылыыллара», атыннык эттэххэ, дьон илиитигэр тутан олорор харчыта суох буолан, оҥорбут бородууксуйатын (эти, арыыны, балыгы, түүлээҕи уо.д.а.) уонна муспут баайын (сэлии муоһун уо.д.а.) атыыһыттар аҕалбыт табаардарыгар (чэй, саахар,бурдук, табах, иһит-хомуос, туттар уонна үлэлиир тэриллэр, саа-саадах, доруобунньук, таҥас-сап, араас мануфактура, испиир уо.д.а.) атастаһара (маны «меновая торговля» дииллэр). Табаары бу курдук сырьеҕа атастаһыы атыыһыттарга элбэх барыһы аҕалара.
ХХ үйэ саҥатыгар Дьокуускай куоракка эмиэ уруккутун курдук кыһын уонна сайын дьаарбаҥкалар ыытыллаллара. Онно кыттаары араас сирдэртэн атыыһыттар бэйэлэрин табаардарын улахан партиянан илдьэ кэлэллэрэ уонна атын атыыһыттар табаардарыгар кууһунан атастаһаллара, атыылыыллара, дуогабардары түһэрсэллэрэ. Бытархай атыы эмиэ киэҥник тэриллэрэ. Дьаарбаҥкалар баар буоланнар, Саха сирин табаардара, сырьета, күндү булумньулара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар тахсаллара. Дьокуускай дьаарбаҥкатыгар олохтоох сыананан маннык түүлээх атыыламмыт: 1913 с. – 1 371 500 солк., 1914 с. – 864 250 солк., 1915 с. – 1 301 640 солк; сэлии (мамонт) муоһа атыылаһыллан атын сиргэ таһаарыллыбыта: 1913 с. – 1600 буут (25 600 кг) (84 800 солк. сууммаҕа), 1915 с. – 1 450 буут (23 200 кг), 1917 с. – 2000 буут (32 000 кг). Саха сирэ күндү түүлээҕинэн баай этэ. Түүлээхпит Саха сириттэн тиэйэн таһаарыллан Москваҕа быыстапка-дьаарбаҥкаҕа, Кяхта куоракка – Азия атыыһыттарыгар, Лондоҥҥа – Арҕаа Европаҕа атыыланара, кинилэргэ тиксэрэ.
Бу курдук эргиэн, бытааннык да буоллар, сайдан испитэ. Харчы суоҕа эргииргэ мэһэйдиирэ. Нэһилиэнньэ харчыта кэмчи этэ. Эбии ХХ үйэ саҥатыгар нэһилиэнньэ сорох нолуогу уонна түһээни харчынан төлүүр буолбута. Маннык балаһыанньаҕа Дьокуускайга 1910 с. олунньу 27 к. «Русско-Китайский банк» Саха сиринээҕи салаата аһыллыбыта. Сотору буолаат, «Хотугу бааны» кытта холбоһон, 1910 с. ыам ыйын 25 к. ыла «Русско-Азиатский банк» диэн ааттаммыта. Маны таһынан куоракка «Якутский городской общественный банк им. Н.Д. Эверстова» 1911 с. аһыллыбыта, олохтоох атыыһыт И. Кершенгольц баана бааллара. 1916 с. Саха сиригэр барыта нэһилиэнньэ харчыны мунньан уурунар сирэ – 19 каасса баара [Макаров, 1979, С.71].
Бу бааннары уонна каассалары барытын чааһынай дьон бас билэллэрэ. Ол иһин бааннарга киирбит харчы (капитал) барыта Арассыыйа киинигэр барара. Чааһынай бааннар Саха сирэ сайдыытыгар улахан үбү укпаттар этэ. Онон сүрүн кыһалҕанан Дьокуускайга Арассыыйа Судаарыстыбаннай баанын салаатын тэрийии буолбута да, бу боппуруос 1917 с. диэри кыайан быһаарыллыбатаҕа.

Тыа сирин нэһилиэнньэтин састаабыгар киирбит уларыйыылар
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сирин экономикатыгар киирбит уонна улаатан-дириҥээн иһэр уларыйыылар тыа нэһилиэнньэтигэр сабыдыаллара улахан этэ. Маны бигэргэтэн, бары чинчийээччилэр 1917 с. биэрэпис уонна специалистар оҥорбут түмүктэригэр сигэнэллэр. Бу биэрэпис 1917 с. от ыйыттан балаҕан ыйын бүтүөр диэри Саха сирин 3 уокуругар – Дьокуускайга, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – ыытыллыбыта, Дьааҥы уонна Халыма уокуруктарыгар ыытыллыбатаҕа.
1917 с. хаһаайыстыбаннай биэрэпис түмүгүнэн Дьокуускай уонна Бүлүү уокуруктарыгар сүөһүтэ суох хаһаайыстыбалар – 3% (хаһаайыстыба барытын ахсааныттан), ынаҕа суох хаһаайыстыбалар – 4% ылаллара. Маннык хаһаайыстыбалары батараактар хаһаайыстыбалара дииллэр. Биэрэпис ыытыллыбыт 3 уокуругар барытыгар холбоон 6571 киһи наймыга үлэлиирэ, дьону наймылаһан бэйэтигэр 5190 хаһаайыстыбаҕа (бары хаһаайыстыба 10,2%) үлэлэтэрэ, биирдии хаһаайыстыба ортотунан 1,24 наймыга үлэлиир оробуочай (үлэһит) баар эбит (манна баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар үлэлиир дьоннор бары киирбиттэр).
Маны таһынан тойоттор хаһаайыстыбаларыгар олорон үлэлиир 9088 иитимньилэр (4387 уолаттар уонна 4701 кыргыттар, воспитанники и воспитанницы) биэрэпискэ киллэриллибиттэр. Кинилэри сахалар хамначчыттар дииллэр (кинилэр наймыга үлэлиир оробуочайдар буолбатахтар). Профессор Г.Г. Макаров кинилэри «сельские полупролетарские элементы» диэн ааттыыр [Макаров, 1979, с. 127].
Тыа сирин нэһилиэнньэтин ыаллар, хаһаайыстыбалар социальнай балаһыанньаларынан көрөн бөлөхтөргө, араҥаларга араартааһыҥҥа специалистар биир чуолкай түмүккэ кэлэ иликтэр. Бэйэтин кэмигэр, холобура, М.К. Аммосов 10 сүөһүлээх уонна 0,25 гаа ыһыы сирдээх хаһаайыстыбалары дьадаҥылар ахсааннарыгар киллэрэрэ уонна хаһаайыстыбалар 40% дьадаҥылар диирэ. Биллиилээх историк С.А. Токарев маннык быһаарыыта баар: «…в условиях примитивного скотоводческого хозяйства дореволюционной Якутии голодной нормой считалось 10 голов скота на семью из пяти душ, т.е. по 2 головы на душу» (Токарев, 1945, с. 8). Л. Мамет диэн историк БСЭ маҥнайгы таһаарыытыгар Саха сирин туһунан ыстатыйатыгар маннык суруйбута: «10 голов скота в скотоводческом хозяйстве – грань нищеты» (БСЭ, т. 65, М., 1931, с. 499). Оттон З.В. Гоголев ааҕарынан, 3–10 сүөһүлээх хаһаайыстыбалар дьадаҥылар (хаһаайыстыба уопсай ахсааныттан 56%), 20–25 сүөһүлээх хаһаайыстыбалар ортолор (28%), оттон 20–25 төбөттөн элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыбалар байылыат хаһаайыстыбалар – дьону көлөһүннээччилэр (6%), үлэлээн иитиллээччилэр – батараактар (10%) буолаллар [Гоголев, 1970, c. 128–129].
Дьиҥнээх баар балаһыанньаҕа арыый да чугас уонна ылыннарыылаах түмүктэри Ленинград экономист-учуонайа Михаил Константинович Расцветаев оҥорбута. Кини 1917 сыллааҕы Саха сирин тыатын нэһилиэнньэтин маннык араарбыта: кулаактар – 7%, орто бааһынайдар – 50%, дьадаҥылар – 42% этилэрэ диир. Ол кэннэ аны батараактар (8-10%) бааллара диир. Маны ырыппыт профессор Г.Г. Макаров бу 10% батараактары оннун буллараары орто бааһынайдартан 10% көҕүрэтэр уонна орто бааһынайдар түмүгэр 40% буолуохтарын сөп диэн сөпкө тойоннуур уонна кулаактар (7%) араҥаларыгар тойоттор эмиэ киирбиттэр диэн бигэргэтэр. М.К. Расцветаев сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалары социальнай араҥаларга маннык быһааран араартыыр: кулаактарга (тойоттору киллэрэн туран) биир киһиэхэ ортотунан 6,17 төбө сүөһү тиксэр (кулаактар хаһаайыстыбалара ортотунан 38-40 төбө, онтон да элбэх сүөһүлээх буолара), орто хаһаайыстыбаларга биир киһиэхэ ортотунан 2,94 төбө сүөһү тиксэр (орто хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин ахсаана 14–15 төбөттөн 38–40 буолара), дьадаҥы хаһаайыстыбаларга биир киһиэхэ ортотунан 1,57 төбө сүөһү тиксэрэ (дьадаҥы хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин ахсаана 5—6 төбөттөн 14–15 төбөҕө тиийэрэ).
М.К. Расцветаев быһаарыыта ылыннарыылаах. Мин санаабар, боростуойдук толкуйдаан көрдөххө да, аҥаардас сүөһүнэн эрэ дьарыктанан олорор натуральнай хаһаайыстыбаҕа тыыннаах хаалар эрэ туһугар биир киһиэхэ сылга кырата 3 төбө сүөһү наада: 1 сүөһүнү сиир (атын элбэх ас суоҕа), 1 сүөһү атыыта төлөбүрдэри (нолуоктары, түһээннэри) төлөөһүҥҥэ барара, ордубута ас-үөл, таҥас-сап, иһит-хомуос, мал-сал, туттар сэп-сэбиргэл атыытыгар барара, хаһаайыстыбаны эспэт наадатыгар 1 сүөһү (ынах) хайаан да иитиигэ баар буолуохтаах. Ол иһин маннык дьаһанар хаһаайыстыбалар сахаларга элбэхтэрэ (40–50% ылаллара), кинилэри орто хаһаайыстыбалар дииллэрэ.
Онон, 1917 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха сирин 3 уокуругар нэһилиэнньэ социальнай балаһыанньата маннык этэ:
– барыта 7191 оробуочай баара (манна батараактар, дьадаҥылар уонна хамначчыттар киирбиттэр);
– араас дьадаҥы хаһаайыстыбалар – туох да сүөһүтэ суох (2086 хаһаайыстыба), көлүнэр оҕуһа суох (12446 хаһаайыстыба), ынаҕа суох (2974 хаһаайыстыба), барыта 17 506 батараактар уонна дьадаҥылар хаһаайыстыбалара этилэр;
– биэрэпис ыытыллыбыт үс уокуругар баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар иитимньигэ барыта 9006 киһи баар этэ (кинилэри «воспитанники», «воспитанницы» дииллэрэ, сорохтор «домашняя челядь» дииллэр).
Онон, 1917 с. диэри Киин Арассыыйаҕа сайдыбыт капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыалларынан, Саха сирин экономикатыгар уларыйыылар киирэннэр уобалас тыатын сиригэр олох-дьаһах таһымынан нэһилиэнньэ араас социальнай араҥаҕа (бөлөххө) арахсыыта (социальное расслоение, дифференциация) күүһүрбүтэ.

Кылгас түмүктэр
ХХ үйэ саҥатыгар, 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар сабардыыллар этэ. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын биир хаалыылаах кытыы сирэ этэ. Манна баһылыыр-көһүлүүр социальнай араҥаларынан тойоттор уонна баайдар этилэр. Уопсастыбаҕа кинилэр быһаарар оруоллара улахан, былаастара күүстээх этэ.
Бу бириэмэҕэ Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар дьиҥнээҕинэн суохтара. Буржуазнай сайдыы сорох араскылара (көстүүлэрэ, элэмиэннэрэ) эрэ бааллара. Капиталистическай промышленность сайдыытын үс араас кэрчик кэмиттэн уонна бэлиэ көстүүтүттэн (ремесло (простая капиталистическая кооперация), мануфактура, фабрично-заводская промышленность), манна боростуой капиталистическай кооперациялар эрэ бааллара. Мануфактуралар, собуоттар, баабырыкалар о.д.а. капитализм сайдыытын туоһулуур промышленнай тэрилтэлэр суохтара.
Саха сирэ Арассыыйа биир хаалыылаах, кытыы региона этэ. Арассыыйаҕа капитализм сайдан араас элбэх уларыйыы буолбут. Ол сабыдыаллара Саха сиригэр кытта тарҕанан, ХХ үйэ саҥатыгар манна капиталистическай сайдыы араскылара (элементы) эмиэ көстүтэлээн, олохсуйан, тарҕанан    сайдыы суолугар бэрт эрэйинэн киирэ сатаабыттара. Онон Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын кинилэр Киин Арассыыйаҕа сайдыыларын кытта тэҥҥэ тутан, биир халыыбынан, сокуонунан, быраабыланан быһаарар табыллыбат.
Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбатах буоланнар, манна буржуазнай уопсастыба сүрүн кылаастара – промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат суохтара, сайдыбатахтара.
Буржуазия уонна пролетариат кылаас быһыытынан суох буоланнар, саха сиригэр буржуазнай идеология суоҕа, сайдыбатаҕа, Киин Арассыыйаттан идеология сабыдыала баара. Буржуазнай идеология сайдыбатах буолан, саха маҥнайгы интэлигиэннэрэ – учууталлар, быраастар, агрономнар, албакааттар, суруйааччылар уонна да атын специалистар буржуазнай националистар буолар балаһыанньалара суоҕа, кинилэр буржуазнай националистар буолбатахтара. Национализм сайдарыгар Саха сиригэр ханнык даҕаны материальнай, социальнай уонна духуобунай төрүт (база, олох, фундамент) суоҕа.
Капиталистическай сыһыаннаһыылар олохсуйбатах, буржуазнай идеология тарҕамматах уонна сайдыбатах буолан, саха бастакы биллэр-көстөр суруйааччылара А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олоҕу дьиҥнээҕинэн ойуулуур реалист-суруйааччылар, норуокка билиини-көрүүнү, сырдыгы, үөрэҕи тарҕатар сырдатааччылар (просветители), саха уус-уран литературатын бастакы улахан айымньыларын суруйан норуот уус-уран литературатын саҕалааччылар (зачинатели) уонна атын суруйааччыны кытта бииргэ төрүттээччилэр (основоположники) этилэр. Бэйэлэрин позицияларынан нэһилиэнньэ олоҕун таһыма намыһаҕынан, ас-таҥас тиийбэтинэн, кыһалҕалаах олохтооҕунан, үөрэх-билии суоҕунан бастакы суруйааччыларбыт норуот олоҕо-дьаһаҕа, билиитэ-көрүүтэ, өйө-санаата (о.а. духуобунай култуурата) тупсарын туһугар баҕарар, үлэлиир дьиҥнээх норуоттан, тыа сириттэн тахсыбыт демократтар (крестьянские демократы) этилэр. Оччотооҕу уопсастыба, өй-санаа сайдыытынан быһаардахха уонна ону кытта сибээстээтэххэ, кинилэр олоххо позициялара мантан атын буолара табыллыбат этэ. Кинилэри араас политическай платформаларга (партияларга) сыһыара уонна киллэрэ сатыыр, бассабыык оҥорор, кыһылга эбэтэр үрүҥҥэ холбуур, норуокка үтүөлэрин сэбиэскэй былааска сулууспалаабыттарынан уонна үтүөлэринэн эрэ быһаарар табыллыбат. Былаас түргэнник уларыйар, оттон өй-санаа уларыйыыта бытаан буолар. Арассыыйа (нуучча) интэлигиэнсийэтэ сүрүннээн 1927 сылтан эрэ саҕалаан сэбиэскэй былааһы букатыннаахтык билиммитэ, кини платформатыгар киирбитэ, киниэхэ сулууспалаабыта. 1960–1980 сс. сахалары национализмҥа буруйдааччылар нуучча интэлигиэнсийэтин сэбиэскэй былааска сыһыанын үөрэх оҥостубакка, төрүт «умнан» туран, саха бастакы суруйааччыларын араастаан үөҕэн, холуннаран, баһааҕырдан аҕай биэрбиттэрэ. Ол сыыһатын бириэмэ уонна история сууттара бэйэлэрэ быһаардылар уонна дакаастаатылар.
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат суоҕа. Тыа сиригэр баайдар уонна тойоттор нэһилиэнньэ араҥатын – 7%, орто бааһынайдар – 40%, дьадаҥылар – 42%, батараактар – 10% ылар этилэр. Ол эрээри бу араҥалар бэйэлэрэ эрэ туһанар оттуур уонна бурдук үүннэрэр өлбүгэ сирдээх, бас билэр хаһаайыстыбалаах этилэр. Хаһаайыстыбаларыгар бэйэлэрэ уонна кэргэттэрэ үлэлииллэрэ, сорохтор эбии дьону наймылаһан көмөлөһүннэрэллэрэ, үлэлэтэллэрэ.
Бу кылаастар уонна социальнай араҥалар ортолоругар 1917 сыллаахха диэри улахан кылаассабай, социальнай атааннаһыылар, утарсыылар, утарыта туран охсуһуулар суохтара (сорох сирдэргэ биирдиилээн мөккүөр, бырачыас, сууттаһыы уо.д.а. утарылаһыы көрүҥнэрэ бааллара). Ол эрээри тыа сиригэр ханнык да өлөрсүүлэр, хабарҕалаһыылар суохтара. Онон, 1921–1923 сс. Саха сиригэр күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии буржуазияны, тыа баайдарын уонна тойоттору утары промышленнай пролетариат, тыа сирин дьадаҥыларын кылаассабай, социальнай охсуһууларын салгыыта буолбатаҕа. Маҥнай саха нэһилиэнньэтэ сэбиэскэй былаас репрессияларын, агрессивнай бэлиитикэтин утары турбута (1921 с. алтынньы – 1922 с. тохсунньу), онтон 1922 с. тохсунньуттан алтынньыга диэри норуот быраабын, көҥүлүн иһин, бэйэни салайыныы, норуот былааһа олохтонорун туһугар охсуспута.
Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбатах, буржуазия уонна пролетариат кылаас быһыытынан суох, буржуазнай идеология олохсуйбатах уонна сайдыбатах уо.д.а. ураты усулуобуйаларыгар А.И. Новгородов, З.В. Гоголев, В.А. Демидов, В.С. Познанскай уо.д.а. үгүс научнай үлэлэрэ суолталарын сүтэрэллэр. Кинилэр бу үлэлэрэ билигин Саха сирин историктарын эккирэтии, холуннарыы, национализмҥа буруйдааһын туоһутунан, историческай чахчылары токурутуу (фальсификация), бэйэ туһатыгар араастаан сыымайдаан туһаныы (манипуляция), бассыыбайдааһын холобурун быһыытынан хаалаллар.
2. Учуонайдар мөккүөрдэрэ
Саха биллиилээх историктара Захар Васильевич Гоголев (01.08.1911–24.12.1974) уонна Георгий Прокопьевич Башарин (21.03.1912–18.04.1992) биир көлүөнэ дьонноро этилэр. Үрдүк үөрэҕи эмиэ иккиэн Москваҕа бүтэрбиттэрэ: Гоголев Москватааҕы история, философия уонна литература институтун (1940 с.), Башарин – Москватааҕы Карл Либкнехт аатынан педагогическай институту (1938 с.). Москваҕа сылдьан көрсөллөр, билсэллэр, кэпсэтэллэр этэ. Наукаҕа эмиэ биир бириэмэҕэ киирбиттэрэ: Гоголев сонно тута аспирантураҕа хаалбыта (1940), Башарин – 1938–1940 сс. Дьокуускайдааҕы пединститукка преподаватель, 1941–1943 сс. сабыллыбыт научнай институт научнай архыыбын (фондатын) харыстаан көрөөччү-истээчи, харабыл. Гоголев З.В. сэриигэ кыттан, бааһыран, онтон үлэлиир сирин уонна научнай тиэмэтин уларытан, наукаҕа бастакы хардыыларын сэрии кэнниттэн саҕалаабыта, оттон Башарин сэллигинэн ыалдьар буолан сэриигэ ыҥырыллыбатаҕа, ол иһин науканан күүскэ дьарыктаммыта.
1943 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр ССРС Наукаларын Академиятын Историяҕа институтугар Г.П. Башарин «Три якутских реалиста-просветителя (Из истории общественной мысли дореволюционной Якутии)» диэн тиэмэҕэ диссертация көмүскээн историческай наука кандидата буолбута. Туохха да улаханнык аралдьыйбакка, дьулуурдаахтык үлэлээн, Георгий Прокопьевич 1950 с. бэс ыйын 5 күнүгэр эмиэ бу институкка «История аграрных отношений в Якутии с 60-х годов XVIII до середины XIX в.» диэн тиэмэҕэ диссертация көмүскээн историческай наука дуоктара буолбута. Бу улахан сабыытыйа этэ: ССРС Уралтан Илин территориятыгар олохтоох омуктартан наука маҥнайгы дуоктара баар буолбута. Учуонай сэбиэт мунньаҕар Саха АССР Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин депутата С.З. Борисов олус үчүгэйдик тыл эппитэ уонна малааһыҥҥа эмиэ сылдьыбыта (бу этии стенограммата баар, туох да чаҕылхай этии, ханнык да улахан сыыһата суох, бэчээттиэххэ баар этэ). Бу кэнниттэн Г.П. Башарин Дьокуускайга Тыл, литература уонна история институтугар үлэтин салҕаабыта.
З.В. Гоголев сэрии кэнниттэн Киевкэ байыаннай-пехотнай училищеҕа учууталынан үлэлээбитэ. Наукаҕа тардыһар буолан, элбэхтэ үлэлээн 1948 с. Киевкэ Судаарыстыбаннай университет Учуонай сэбиэтин мунньаҕар «Советско-турецкие отношения в 1919–1920 гг.» диэн тиэмэҕэ диссертация көмүскээн историческай наука кандидата буолбута. 1949 с. Саха сиригэр кэлиэр диэри кини Саха сирин историятынан төрүт дьарыктамматаҕа.

Мөккүөр саҕаланыыта
1949 с. З.В. Гоголев Саха сиригэр кэлбитэ уонна 1949–1963 сс. Тыл, литература уонна история институтун дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга История, тыл уонна философия институтугар сектор (салаа) сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1950 с. дуоктарыскай үлэтин көмүскээн баран, Г.П. Башарин «19-с үйэ ортотуттан 1917 с. диэри Саха сиригэр социальнай-экономическай сыһыаннаһыылар историялара» диэн тиэмэҕэ эмиэ дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.
З.В. Гоголев 1949 с. диэри Саха сирин историятыгар сыһыаннаах биир да научнай үлэни суруйбатаҕа. Саха сиригэр кэлэн баран, урукку үлэтинэн сибээстээн уонна тартаран, «Саха сирин 19-с үйэ бүтүүтүттэн 1941 с. диэри социальнай-экономическай сайдыыта» диэн киэҥ, комплекснай тиэмэҕэ үлэлээн барбыта. Ол эрээри 1952 с. Башарин «дьыалата» күөрэйэн тахсыбыта. 1944 с. тахсыбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтэ ис хоһоонунан марксизмы, науканы утарар уонна буржуазнай национализмы тарҕатар, күөртүүр диэн сыаналаммыта уонна бобуллубута. Саха интэлигиэнсийэтин эмиэ буржуазнай национализмҥа (омугумсуйууга) буруйдааһын саҕаламмыта уонна 1962 с. диэри барбыта. 1952–1962 сс. З.В. Гоголев буржуазнай национализмы саралааһын кыттыылааҕа, биир улахан салайааччыта уонна национализм сайдыытын үөрэппит киһинэн буолбута.

З.В. Гоголев – Саха сиригэр национализмы саралааччы
«Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтигэр Г.П. Башарин ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэмигэр А.Е. Кулаковскай саха норуота бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарыахтаах, туһаныахтаах, төрөөбүт тылынан үөрэнэр оскуолалар баар буолуохтаахтар, норуот тылын, литературатын, духуобунай култууратын сайыннарарыгар бырааптаах уонна көҥүллээх буолуохтаах диэн туруорсарын бигэргэтэр. Маны таһынан Кулаковскай саха норуота үөрэх-сайдыы суолугар киириэхтээх, норуоттар бары тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар диирэ. Ол туһунан Г.П. Башарин маннык суруйан үйэтин тухары мөҕүллүбүтэ: «Мы установили, что у Кулаковского в дореволюционный период не было реакционного, буржуазного национализма, что у него был здоровый, прогрессивный национализм мелкобуржуазного демократа-просветителя, направленный против великодержавного шовинизма царизма… Кулаковский не был националистом». Башарины, саха норуотун холуннарааччылар бары ити икки тылтан иҥнэллэр, кинилэргэ сөрүөстэллэр. Ол кэннэ сахалар норуот быһыытынан тугу эмэ туруорустулар даҕаны, кинилэри националистар диэн буруйдууллара: бэйэлэрин норуоттарын эрэ өрө туталлар, атыттартан чорбойуохтарын баҕараллар, атын омуктары сэнииллэр диэн буолара. Онон, сахалар сордоохтор бэйэлэрин тылларын, литератураларын, духуобунай култуураларын, бырааптарын уонна көҥүллэрин көмүскээтэхтэринэ эбэтэр туруорустахтарына – барыларын национализмҥа буруйдууллара. Оттон национализм биир көстүүтүгэр – шовинизмҥа буруйдаммыт биир да киһи баара биллибэт.
Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа 1950 сс. баһылыыр-көһүлүүр оруолу З.В. Гоголев – ТЛИНЧИ дириэктэрэ толорбута. Ону барытын институт Учуонай сэбиэтин, партийнай тэрилтэтин мунньахтарын боротокуоллара бигэргэтэллэр. Ол эрээри биһиги бэчээттэммит источниктарга эрэ сигэнэбит.    Биир источникка маннык этиллэр: «В январе 1952 г. на партактиве городской партийной организации была сделана первая попытка объявить тов. Башарина и его сторонников… какой-то якобы [организованной] группой, проповедовавшей в партии буржуазно-националистическую идеологию. Товарищи Гоголев и Емельянов заявили, что борьба против извращений Башарина и других есть прямое продолжение борьбы нашей партии против буржуазного национализма врагов народа [в] 1928 и 1938 гг. <…> Тов. Гоголев продолжал: «Характерно при этом, что Башарин ни одного из своих единомышленников не назвал. Похоже на то, что Башарин оберегает и сохраняет кадры своих сторонников, чтобы через некоторое время снова начать борьбу в какой-нибудь области». <…> 21 февраля 1952 г. на заседании Ученого совета института Гоголев [заявил]: «…в 1952 г. снова подняли голову башаринцы, так как партийная организация [в 1936–1938 гг.] не сумела полностью искоренить остатки буржуазного национализма… В сентябре 1952 г. на XVIII областной партконференции Емельянов Н.С. (единомышленник Гоголева. – Н.Н.) заявил, что борьба с врагами народа, буржуазными националистами, в Якутии прошла четыре этапа и что последний этап борьбы с башаринцами длится более десяти лет, с 1942 по 1952 г., и требовал прямой расправы с последними…» (В.В. Скрябин-Идэлги. Иван Романов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 179–180). По утверждению Гоголева, борьба с буржуазным национализмом в Якутии прошла в три этапа: первый этап – в 1929 г. ЦК партии разгромил буржуазно-националистическую линию тогдашнего руководства обкома партии; второй этап – в 1936–1938 гг. была разгромлена целая группа врагов народа. Третий этап наступил в 1952 г., когда снова подняли голову башаринцы…» (эмиэ итиннэ, С.180). Онон, З.В. Гоголев 1952–1962 сс. Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа актыыбынайдык кыттыбыта, националистары утары охсуһууга «теоретическай» уонна политическай бырагыраамалары оҥорсубута, элбэх киһини эккирэтиигэ көмөлөспүтэ.
Саха сиригэр ол сыллартан ыла буржуазнай национализм тиэмэтэ үөрэтиллэн, сыаналанан түмүктэммит, бүппүт курдук этэ. Уопсастыбаҕа сынньаныы, уоскуйуу буолбута. Ону баара Г.П. Башарины холуннарар эрэ сыаллаах Дьааҥыттан төрүттээх Лазарь Михайлович Рожин партия обкомун бюротун 6.02.1952 с. уурааҕын түөрэ эргитэн, ааҕааччылары албынныыр суруйуута тахсан, дьыала ис дьиҥин билбэт дьоҥҥо, сөҕүүнү-махтайыыны ылла (Л.Рожин. Эккирэтии сиэртибэтэ буолбута. – Туймаада. – 2020. – 6 апреля. – С.7). Лазарь Рожин суруйар: «Захар Гоголев историческай наукаҕа туспа көрүүлээҕин иһин кинини Г.П. Башариннаах сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ. 1952 с. олунньу 6 күнүгэр партия анал уурааҕа тахсарыгар «буруй эрэ Моттойоҕо» диэбиккэ дылы, башаринецтар сыыр намыһахтыы кини үрдүнэн барбыттара». Бу тугуй?! Лазарь Рожин бу этиитэ барыта сымыйа, ахтыллар докумуону 180є төттөрү эргиппит, ааҕааччылары албыннаабыт.
Бу уураах кэнниттэн З.В. Гоголев сиргэ-буорга тэпсиллибэтэҕэ: 1952–1963 сс. ТЛИНЧИ дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга институт секторын сэбиэдиссэйинэн, «История Сибири» диэн 5 туомнаах академическай үлэ кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунастарга үлэлээһини хайдах «сиргэ-буорга тэпсиллии» диэххэ сөбүй? Бу уураахха З.В. Гоголев мөҕүллүбэтэҕэ, буруйдаах Моттойо буолбатаҕа. Уураахха националист суруйааччылары көмүскээбит Г.П. Башарин уонна кини буортулаах үлэтин кыайан саралаабатах дьоннор буруйдаммыттара. Бу уураах кэнниттэн партийнай сэмэлэри ылан туран, үлэлэриттэн маннык дьоннор үүрүллүбүттэрэ: Илья Егорович Винокуров, Иван Михайлович Романов, Петр Матвеевич Корнилов, Семен Петрович Данилов (суруйааччы), Степан Федотович Попов, Иван Иннокентьевич Михайлов, Павел Иванович Корякин. Кинигэ эрэдээктэрдэрэ Авксентий Егорович Мординов уонна Иннокентий Васильевич Пухов улаханнык сэмэлэммиттэрэ. Рожин өттүттэн дьэ кытаанах бассыыбайдааһын буолбатах дуо?!

1917 сыл иннинэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын сыаналааһын туһунан мөккүөр
1970 с. Новосибирскайга З.В. Гоголев «Якутия на рубеже XIX–ХX вв. (Социально-экономический очерк)» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Захар Васильевич бу кинигэтигэр Саха сиригэр XIX үйэ бүтүүтүттэн 1917 с. диэри буржуазнай, о.а. капиталистическай сыһыаннаһыылар олохсуйбуттара, бөҕөргөөбүттэрэ уонна баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтара диэн дакаастыы сатаабыта, бигэргэппитэ.
Эмиэ бу тиэмэнэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ дьарыктаммыт Г.П. Башарин 1974 с. Дьокуускайга «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX – начала ХХ века (по поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–ХX вв.)» диэн үлэни таһаарбыта. Георгий Прокопьевич бигэргэтэринэн, бу кэмҥэ Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар бааллара, ону тэҥэ буржуазнай сайдыы биирдиилээн, быстах көстүүлэрэ (элеменнэрэ) бааллара, капитализм уопсастыба быһыытынан сайдыбатаҕа диир.
Г.П. Башарин бу кинигэтигэр научнай полемика уонна научнай чинчийии дьиҥнээх марксисткай-ленинскэй миэтэттэрин кыахтаахтык туһаммыта. Ол аата К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин курдук, инники ааптардар үлэлэрин сыыһаларын, итэҕэстэрин, сыыһа түмүктэрин ыйан туран, саҥа араас чахчылары, дааннайдары, араас элбэх источниктары уонна литератураны аҕалан туран, тута саҥа түмүктэри оҥорон саҥа арыйыылары оҥоруу буолар. Чинчийээччи эрэ барыта кыайан туттубат ньымата (үгүс чинчийээччилэр халыып курдук араас фактары, дааннайдары, чахчылары хаарты курдук наардаан, чохчолоон баран түмүк оҥороллор, онон бүтэр).
Тоҕо маннык буолбутун билбэппин, ол эрээри Захар Васильевич кинигэтигэр наһаа элбэх сыыһалар бааллар, бардырҕас сыыһа (сымыйа), боростуой да ааҕааччы хараҕар тута быраҕыллар. Бу курдук Саха сирин киинигэр кыһыммыт уһуна 8 ый эбит, Саха сиригэр 1917 сыллаахха диэри Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Дьааҥы, Орто Халыма, Булуҥ уо.д.а. куораттар бааллар эбит, бу куораттарга барыларыгар промышленнай тэрилтэлэр бааллар, атыы-эргиэн сайдыбыт уонна кинилэр култуура кииннэрэ эбиттэр, З.В. Гоголев итинник бигэргэтэр. Бу бигэргэтиилэр бары сыыһалар диэн Г.П. Башарин дакаастаабытын үрдүнэн, А.П. Окладников хамыыһыйатын дьоно маны Башарин бытархайдаһыыта (придирката) эрэ диэбиттэр.
Сүөһү ахсаанын уонна сүөһүнү иитии сайдыытын көрдөрөр З.В. Гоголев сыыппаралара үксэ дьиэктээх, сыыһа быһаарыллыбыттар диэн Башарин чуолкайдаабытын, дакаастаабытын хамыыһыйа аны «передергивание данных, цифр» диэн наукаҕа элбэхтэ туттуллар дэгиттэр миэтэди туттан З.В. Гоголевы быыһыы сатаабыт. З.В. Гоголев баар чахчылары араастаан эргитэн, Саха сиригэр Бодойбо бириискэлэригэр (1898 с. Иркутскай уобалас сирэ), Өлүөхүмэ, Нюкжа, Саха сирин соҕуруу өттүн, Өлүөхүмэ уокуругун атын да сирдэригэр баар бириискэлэргэ кыһыл көмүс, Сунтаарга – эмиэ кыһыл көмүс, Алдан төрдүгэр Эндыбалга тимир уонна сибиниэс хостонор буолан, хайа промышленноһа күүскэ сайдыбыта диэн бигэргэтэр. Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх тиэхиньикэ туттуллар, элэктэриичэстибэ эмиэ баара диэн бигэргэтэр. Бу бигэргэтиилэр сыыһаларын дакаастаан, Г.П. Башарин элбэх чахчылары аҕалбытын, хамыыһыйа Башарин «приписката» (эбии суруйуута) диэн быһаарбыт – онон Саха сиригэр капитализм сайдыбыта диэн бигэргэппит.
Аны Саха сиригэр баар промышленнай тэрилтэлэр уонна оробуочайдар ахсааннарын быһаарарыгар З.В. Гоголев эмиэ кураанах сыыппаралары аҕалбыт, ону Башарин атын регионнары кытта тэҥнээн, бырыһыаннаан көрбүт, онуоха Саха сирэ Арассыыйаҕа капитализм сайдыбыт регионнарын ахсааныгар киирсэр буолан хаалбыт. Капиталистическай промышленность сайдыытыгар 3 кэрдиис кэм баар (ремесло, мануфактура, фабрично-заводское производство). Оробуочай кылаас эмиэ үс этабынан сайдар (ремесленные рабочие, мануфактурные рабочие, фабрично-заводской (индустриальный пролетариат). Мантан хайалара Саха сиригэр сайдыбыттарын быһаарыыга, Гоголев уопсай бигэргэтиилэринэн эрэ муҥурдаммыт. Башарин маны барытын эҥкилэ суох быһаарбытын, А.П. Окладников хамыыһыйата барытын «домыслы Башарина» (эбиискэтэ)

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70596154?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара Николай Николаев
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара

Николай Николаев

Тип: электронная книга

Жанр: История России

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 30.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Кинигэҕэ Саха сирин историятын (1921–1923 сс.) уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар 1960–1980 сылларга буолбут өрөспүүбүлүкэ уонна Новосибирскай историктарын мөккүөрдэрэ, утарсыылара, хардарыта кириитикэлэрэ кылгастык сырдатыллар. ХХ үйэ саҥатынааҕы общественнай-экономическай тутул, 1920-с сылларга ыытыллыбыт «хаҥастыйыы» бэлиитикэтэ, 1921–1922 сс. партийнай салайыыга олорбут триумвират оруола, 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии уратылара, Саха сирэ аптаныамыйаны ылыыга үлэлэспит нуучча омук бэрэстэбиитэллэрин оруола уо.д.а. боппуруостар сырдатылыннылар.

  • Добавить отзыв