Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым
У. В. Заболоцкая
Кинигэҕэ биллиилээх бэйиэт, «Эркээйи» бырагыраамаҕа үлэлэспит, төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин олоххо биир бастакынан киллэрсибит улахан учуутал мөккүөрдээх олоҕун, тургутуулаах айар үлэтин туһунан кэпсэнэр. Киэҥ көрүүлээх, бары өттүнэн дэгиттэр суруйааччы, педагог санаатын аһаҕастык эппит түгэннэрэ ааҕааччыны кэрэхсэтиэ, умсугутуо. Василий Босяк прозаик быһыытынан биллибэтэҕэ, ол эрээри кинигэҕэ киирбит айымньылара кини бу хайысхаҕа дьоҕурдааҕын көрдөрөллөр.

В книге рассказывается о нелегком творческом пути известного поэта, одного из основателей программы «Эркээйи» и видных педагогов, внедривших в жизнь Концепцию обновления и развития национальной школы. Острые статьи и высказывания человека широких взглядов, истинного патриота, радеющего за родной язык и культуру, вызывают восхищение и глубокое уважение. Василий Босяк при жизни не был известен как прозаик, но включенные в издании произведения не вызывают сомнений, что и на этом поприще он мог работать очень продуктивно и талантливо.


Василий Босяк: Кэриэспин ыһар кырыһым: ахтыылар, ыстатыйалар, айымньылар

ААН ТЫЛ
Балысхан сайдыы олохпутугар модуннук, дохсуннук күн-түүн киирэ турар. Түргэн тэтим, сымса толкуй, туттуу-хаптыы, айыы-тутуу – бүгүҥҥү сайдыы тутаах соруга буолла. Куйаар ситимэ – интэриниэт модун ооҕуй ситиминии орто дойдубутун курдуу кууста. Маннык дохсун сайдыы кыра омук тылын-өһүн симэлитиэх кэриҥнээх. Төрөөбүт тылбыт эйгэтэ кыараатар кыараан иһэр. Тыл сүттэ да – омук сүтэр.
Олох саҥа кэрдиис кэмигэр норуоту инники күөҥҥэ сирдиир, санаатын салайан биэрэр, толкуйун тобулар дохсун тыллаах-өстөөх, кимиэллээх киирсиилээх дьон баар буолар. Саха норуота биир киэн тутта ааттыыр, чулуу уола Василий Иванович Босиков-Василий Босяк – СӨ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, поэт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Василий Иванович олоххо биир өрө тутар, нохтолоох тойон сүрэҕинэн сүгүрүйэр, уйадыйа долгуйар, тууйуллар санаатын чопчута – төрөөбүт төрүт тыла этэ. Нуучча тыллаах саха оҕотугар төрөөбүт тылыгар тапталы иҥэрэр, сахалыы тыынныыр туһугар олоҕун бүтүннүү анаабыта.
Истиҥ-иһирэх тыллаах поэт сахатын тылын кэрэтин, этигэнин туттан, сылаас-сырдык тыыннаах, дьикти уобарастаах хоһооннору суруйан хаалларбыта. Хоһоонноругар тылы айылҕа араас көстүүтүгэр дьүөрэлээн истиҥник хоһуйара:
Эн – сырдык үрүйэҕин,
Кылыгырайа сүүрдэҕин,
Этиэхтэн дьикти кэрэҕин
Уулла маныыр сүрэҕим.
В.И. Босиков төрөөбүт төрүт тыла, араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур кэрэтин сүтэрбэккэ, этигэн сүдү күүһүн мөлтөппөккө, саҥаттан саҥа үйэлэргэ сырдык сулус буолан, кэнчээри ыччаты угуйа туруон баҕарара. Саха омук быһыытынан, Аан дойду атын омуктарыттан хаалсыбакка, ахсаана тономмокко, орто дойду олохтооҕо буолан, үүнэ-сайда турдар диэн баҕа санаалааҕа.
Бу кинигэҕэ Василий Иванович олох уустук ыйытыыларыгар тус санаатын хаһыаттарга, сурунаалларга суруйбут ыстатыйалара, литература атын көрүҥэр холоммут айымньылара, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьонун, үөрэтэн-такайан олох киэҥ аартыгар таһаарбыт үөрэнээччилэрин, аймахтарын, доҕотторун, биир санаалаахтарын ахтыылара киирдилэр.
Бастыҥ учуутал, уһуйааччы, уран тыллаах поэт төрүт тылын туһугар бүтүн олоҕун анаабыт, омугум туһа диэн эппит-тыыммыт саха омук биир саарына – Василий Иванович Босиков айымньылара ааҕылла, аата ааттана, ахтылла туруоҕа.

    Ульяна Заболоцкая

I түһүмэх
УДЬУОР УТУМ
Ульяна Заболоцкая

Киһи олоҕун оҕото салгыыр. Орто дойду олоҕо түүннээх күн солбуйсарыныы, киһиттэн оҕотугар, оҕотуттан сиэнигэр көһөн, олох быстыбат ситимэ түҥ былыргы үйэттэн бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, киһи аймах сир үрдүгэр олордоҕо.
Былыр Саха сиригэр Дүпсүн улууһа, Тэбиик нэһилиэгэ тэриллиэҕиттэн Буоһукап аймах уутуйан олохсуйбутун архыып матырыйааллара кэпсииллэр.
Аҕам, Босиков Василий Иванович, ийэтинэн эһэтэ Афанасий Сергеевич Босиков Уус Алдан Дүпсүнүн олохтооҕо, эбэтэ – Мария Николаевна Горохова Чэриктэйтэн төрүттээҕэ. Кинилэр алта оҕолоохторо: Афанасий (Хонооһой), Евдокия (Дэбдэ), Илья (Ылдьаа), Василий (Улахан Баһылай), Николай (Ньукулай), Мария (Улахан Маайыс).
Мария Николаевна Горохова-Мааһа эбэ орто уҥуохтаах, номоҕон кэрэ сэбэрэлээх, ыллыктаах-ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, сэмэй-холку майгылаах, намыын саҥалаах эбитэ үһү. Аҕам эһэтэ, Афанасий Сергеевич, Аҕа дойду сэриитин иннинэ өлбүт. Онон Мааһа эбэ дьарамай санныгар алта оҕотун атаҕар туруорар дьылҕа түспүтэ. Сэрии кэмигэр киниэхэ ол ыарахан ындыы буолбута саарбахтаммат. Улахан уолун Хонооһойу аҕата быраатыгар соҕотох Дьаакыпка эрдэ ииттэрэ биэрбит. Хонооһой улаатан, холкуос төһүү үлэһитэ буолбут. Кэргэннэнэн икки оҕону төрөтөн баран, 1958 с. ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар олохтон туораабыт. Кини өлүөн үс ый иннинэ төрүт ыарыһах кэргэнэ олохтон барбыт. Онон, кыра кылааска үөрэнэр уоллара Вася (Аччыгый Бааска) уонна түөрт-биэс саастаах кыыстара Маша (Аччыгый Маайыс) төгүрүк тулаайах хаалаахтаабыттар.
Мария Николаевна (Мааһа эбэ) улахан кыыһа Евдокия Афанасьевна Босикова (Дэбдэ эбэ) ийэтигэр сүрүн көмөлөһөөччү, дьиэ кэргэнин сотоҕох үлэлээн иитээччи буолбут. Кини холкуоска биригэдьииринэн, бэрэссэдээтэлинэн уһун кэмҥэ үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит. Дэбдэ эбэбит Улуу Өктөөп сылыгар төрөөбүтүнэн киэн туттара. Сэрии кэмигэр баара-суоҕа сүүрбэ түөрт саастааҕа, ол кэмҥэ биригэдьиир ыарахан эбээһинэһин толороро. Ити сылдьан, хомуньуус-баартыйа кэккэтигэр киирэн бэриниилээх хомуньуус буолбута. Онтон холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Күнү быһа ат үрдүттэн түспэккэ, ыкса киэһэҕэ диэри бары учаастактарын, пиэрмэлэрин кэрийэрэ, салайара, ыһыах буоллун, от үлэтэ буоллун – барытыгар тиийэрэ. Дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо, аһыыр-утуйар эрэ кэмигэр кылгастык көстө, сынньана түһээт, эмиэ атын үрдүгэр түһэн дьаһайа, салайа, дьону үлэлэтэ, ханна туох кыаллыбатын быһаарса-быһаара ыстаннарара. Ийэтэ, Мааһа эбэ, кини инчэйбит таҥаһын куурдара, алдьаммыт таҥаһын абырахтыыра. Онно Дэбдэ эбэ бириэмэтэ тиийбэтэ.
1946 с. Хоту Эбэҕэ олороллоро. Атынан сүүрдэн дьону салайа сылдьан, биир киэһэ ийэтигэр: «Иһим ыарыйда», – диэбит. Бөдөҥ, уп-уһун тулууп кэтэн субуруҥната сылдьарын устубутугар, ийэтэ, кыыһа субу төрөөрү талыыта киирбитин, дьэ өйдөөн соһуйбут. Аһыырыгар да тулуубун устубакка аһыыр эбит, ол иһин ийэтэ кыыһа хат сылдьарын билбэтэх. Эбэм уолун Баасканы, аҕабытын Василий Ивановиһы, оннук төрөппүт. Төрөтөөт, сарсыарда эрдэ эмиэ үлэтигэр сүүрбүт. Онон аҕам ийэ үүтүн минньигэс амтанын билбэккэ улааппыт, эбэтин көрүүтүгэр-истиитигэр уу ньуулдьаҕай эһээхэй эрдэҕиттэн киирбит.
Евдокия Афанасьевна (Дэбдэ эбэ) сэрии сут-кураан сылыгар холкуос сүөһүтүн Кэбээйигэ кыстата ыыталларыгар биригэдьииринэн барсыбыт. Ол баран уонна да кэлин, сэрии кэмин устата, холкуоһугар хоргуйууну таһаарбакка дьон тыыннаах Улуу Кыайыыны көрсүбүтүгэр кини өҥөтө, кыһамньыта муҥура суох. Ыаллыы холкуостарга, уопсайынан Саха сирин үрдүнэн хас оройуон, нэһилиэк ахсын хоргуйан өлүү олус элбэх этэ. Салайааччы дьон, кыраҕа-кыаммакка, оҕоҕо-урууга кырыктаах сыһыаныттан элбэх өлүү-сүтүү тахсыбыт. Саха сирин үрдүнэн сэриигэ баран өлбүттээҕэр, холкуос сүөһүтүн, сылгытын, аһын-үөлүн чөмөччү тута сылдьан, балтараа төгүл элбэх өлүү тахсыбыт. Иэдээн сыыппара… Ол сыыппара эппиэтигэр ким да турбатаҕа хомолтолоох.
Дэбдэ эбэбит Кэбээйигэ холкуос сүөһүтүн кыстатан эргиллэн кэлбитэ, дьиэ кэргэнэ бары хоргуйан, оронтон кыайан турбат буолан сыталлара, дьэҥкэрэн эрэллэрэ үһү. Тугу да аһыыллара суох буолан, оннооҕор ааҥҥа саба бүрүллүбүт тириини бысталаан, өр оргутан сии сатаабыттар. Дэбдэ эбэбит аҕыйах хонук хойутаабыта буоллар, дьоно бары өлөн тоһуйуо эбиттэр. Баттаһа кэлэн, өлүү иҥсэлээх айаҕыттан быыһаабыт. Кыра нуорма бурдуктаах кэлэн, убаҕас хааһы оҥорон, кыра-кыралаан сиэтэн барыларын атахтарыгар туруорбут.
Кэбээйигэ кыстыы барбыт холкуос сүөһүтүн эргиллиитин Дүпсүҥҥэ элбэх ыал сорохторо өлөн, сорохторо нэһиилэ иэҕэҥнэс буолан көрсүбүттэр. Холкуос биир да сүөһүтэ энчирээбэккэ эргиллэн уонна үтүө үүнүүлээх сайын буолан, хоргуйбут дьон бары өрүттүбүттэр. Күөллэргэ муҥха тэрийэн, холбуур үүтү киһи ахсын нуормалаан түҥэтэн (дьон ону суораттаан эҥин сиэн), кыра нуорма бурдук көрүллүбүтүн үллэрэн биэрэн абыраабыттар. Дэбдэ эбэ сэрии кэмигэр бар дьонугар оҥорбут өҥөтө, өлүүттэн өрүһүйбүт үтүөтэ, кини киһи да, салайааччы да быһыытынан үтүө суобастааҕын көрдөрөр.
Дүпсүн нэһилиэгэр дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбатаҕа – кини сатабыллаах салайааччы буоларын туоһулуур. Ити сыралаах үлэтэ сыаналанан «1941–1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иhин» И.В. Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. И.В. Сталин аата, мөссүөнэ – биһиги Дэбдэ эбэбитигэр таҥараҕа тэҥнээҕэ. Ону ааһан: «Мин – Сталин кыыһабын», – дэнэрэ. Өлүөр диэри Сталин мэтириэтин кыракый чымадааныгар укта сылдьара, ону биһиги көрөн олус сөҕөрбүт, дьиктиргиирбит. Иосиф Виссарионович өлбүтүн кэннэ, кини аатын-суолун, үлэтин-хамнаһын хараардыыны олох өйдөөбөтөҕүн, олус хомойорун туһунан элбэхтэ истэрбит.
Дэбдэ эбэ Кыайыыны бэрэссэдээтэллии сылдьан көрсүбүтэ. Дүпсүҥҥэ Ампаардаахха Кыайыы ыһыаҕын тэрийбитэ. Онно тыл эппит түрүбүүнэтэ сууллубакка өргө диэри турбута.
Сэрии кэнниттэн икки сыл холкуос салайааччыларын үөрэҕэр үөрэммитэ уонна агроном идэтин ылбыта. Ол кэлэн салгыы холкуоһугар биригэдьиирдээбитэ, бэрэссэдээтэллээбитэ. Салгыы Дүпсүн сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри отут сыл тохтообокко бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Евдокия Афанасьевнаны Социалистическай үлэ Дьоруойа аатыгар иккитэ түһэрээри гыммыттара да, бастакытыгар, өлүү түбэлтэлээх, ньирэйдэр өлүүлэрэ тахсан тохтоппуттар. Иккис сырыытыгар, отут сыл сэлсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит киһи буолуохтаах диэн буолбут, кини оччо сыл Дүпсүн нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэр да, хомойуох иһин, ол сайын ыалдьан биэнсийэҕэ тахсан хаалан, Дьоруой аатын ылбатах. Киниэхэ «Персональнай пенсионер» диэн эрэ аат иҥэрбиттэр. Бүрүкүрээтийэттэн сылтаан, эбэбит барахсан үлэтэ ситэ сыаналамматаҕыттан олус хомойобут.
Дэбдэ эбэбит биэнсийэҕэ да тахсан баран дьиэтигэр олорботоҕо. Борокуратуура, онтон үнүбүрсүтүөт баахталарыгар хас да сыл үлэлээбитэ. Мин онно «эбэ кутуруга» буолан элбэхтик «үлэлэспитим».
1996 сыл сайыныгар Дьокуускай куоракка биһиги, уолун дьиэ кэргэнин, көрүүбүтүгэр киирэ сытан, эбэбит барахсан маҕаһыыҥҥа тахсарбытыгар, соҕотох хаалымаары, 4 ыйдаах хос сиэнин Диманы илдьэ хаалаары гынара. «Ытаатаҕына ыксыаҥ, көтөҕөөрү гыныаҥ», – диэтэхпинэ: «Кэлээскэҕэ сытар оҕону бигээн уоскутуом», – диэхтиирэ. Ол сыл атырдьах ыйыгар ыарахан ыарыыттан сырдык тыына быстыбыта.
Мария Николаевна-Мааһа эбэ иккис уола Ылдьаа наһаа сымнаҕас үлэһит киһи эбит. Кини кэргэниниин Ааныстыын тулаайах оҕолору – Аччыгый Баасканы уонна Аччыгый Маайыһы иитэ ылан бииргэ олорбуттара. Бэйэлэрэ төрөппүт оҕолоро суоҕа. Ылдьаа эдэрчи сааһыгар өлөн хаалан, оҕолору 60-с сыллар бүтүүлэригэр Мааһа үһүс уолун дьиэ кэргэнэ Дьокуускай куоракка киллэрэн иитэн улаатыннарбыта. Аччыгый Бааска 1981 с. Дьокуускайдааҕы художественнай учуулуссаны бүтэрбитэ, «прикладной ускуустуба маастара, худуоһунньук» идэни ылбыта. Москваҕа тиийэн «Кристалл» диэн алмааһы кырыылыыр собуокка стажировканы ааһан, онно үлэҕэ киирэн, Саха сирин бастакы ювелира буолар.
Аччыгый Маайыс 2-с нүөмэрдээх оскуола 8-с кылааһын бүтэрэн, Москваҕа тиийэн, оччотооҕуга сабыс-саҥа тутуллубут «Кожгалантерея» бөдөҥ кэмбинээккэ үлэҕэ киирбитэ. Онтон доруобуйата мөлтөөн, Дьокуускайга дьонугар төннөн кэлбитэ. Сэбиргэхтэтэн 2005 с. олохтон туораабыта. Кыыһа Надя үрдүк үөрэхтээх исписэлиис. Кэргэннээх, оҕолордоох.
Мааһа эбэбит үһүс уола Василий Афанасьевич-Улахан Баһылай Сэбиэскэй сойууска биллэр Москватааҕы култуура үнүстүүтүн 1960 с. бүтэрбитэ. Кини 1962 с. Мария Кузьминична Гаврильеваны көрсөн ыал буолаллар. Василий Афанасьевич – Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Василий Афанасьевич култуура миниистирин солбуйааччытынан үлэлээн, Саха сирин култууратын сайыннарбыт, саха эстрадатын төрүттээбит, Дьокуускай куоракка мусукаалынай, нуучча драматическай тыйаатырдарын үлэлэрин атаҕар туруорбут киһинэн буолар. Кэлин Муусука үрдүкү оскуолатын ректорынан үлэлээн, бу оскуола иитиллээччилэрин Аан дойду таһымыгар таһаартаабыта.
Василий Афанасьевич кэргэнэ Мария Кузьминична Гаврилова – географ, климотолог мерзлотовед, Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуонайа, география билимин дуоктара, икки араас Аан дойдутааҕы Академия, Арассыыйа естественнэй билимин Академиятын, Саха өрөспүүбүлүкэтин билимнэрин Академиятын бэрэпиэссэрэ, академига, Арассыыйа күн-дьыл туругун кэтиир сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа географическай уопсастыбатын Бочуоттаах чилиэнэ. Маны таһынан өссө да элбэх ааттаах-суоллаах Аан дойдуга биллэр учуонай. Баһылайдаах тетя Муся сүрдээх иллээх дьиэ кэргэн этилэр, кинилэргэ элбэхтэ ыалдьыт-хоноһо буоларым. Орто дойдуга таптал диэн баар эбит буоллаҕына, бу кинилэр тапталларын эдэр ыччакка холобур оҥостон кэпсии сылдьыахха сөп. Үйэ тухары өлбөөдүйэн көрбөтөх, бастакыттан алмаас таастыы кылбачыйбыт тапталлара бу сиртэн күрэнэр бүтэһик күннэригэр диэри уостар диэни билбэтэҕэ. Бэйэ-бэйэлэригэр оннук истиҥ сыһыаннаах этилэр. Кэрэ ыраас тапталлара кинилэри иилии кууһара. Сыл аҥаара эрэ быысаһан утуу-субуу орто дойдуттан күрэммиттэрэ. Убай Баһылай олоҕун доҕорун, тапталын сүтэрэн уһаабакка, кинини батыһан 2011 с. бараахтаабыта.
Мааһа эбэ төрдүс уола Ньукулай, Николай Афанасьевич, биллиилээх поэт, прозаик, СГУ саха салаатын бүтэрбитэ. Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбута. Элбэх хоһоон хомуурунньугун, айымньыларын кинигэлэрин бэчээттэппитэ. Кини – П.А. Ойуунускай аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Кэргэнэ Любовь Иннокентьевна Босикова (Акимова) СГУ биофагын бүтэрбитэ. РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СГУ БГФ биология хаапыдыратын лабораториятын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кинилэр Иннокентий Николаевич Босиков диэн уоллаахтар. Иннокентий кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх.
Мааһа эбэ кыра кыыһа – Улахан Маайыс. Кэргэнэ Иннокентий Неустроевтыын түөрт оҕолоохтор. Оҕолоро бары оҕолордоох, сиэннэрдээх ньир бараан олохтоох ыаллар.
Мааһа эбэ төрөппүт оҕолорун таһынан сиэнин, Дэбдэ уолун Баасканы, биһиги аҕабытын Василий Ивановиһы көрөн-истэн улаатыннарбыта. Ол иһин аҕабыт эбэтин «ийэ» диэнтэн атыннык ааттаабата, эбэтин «эбэ» диэбэккэ орто дойдуттан атаарбыта. Ийэтин буоллаҕына, убайдарын үтүктэн, «эдьиий» диирэ үһү. Онтон кэлин, эбэтэ өлбүтүн эрэ кэннэ, «ийэ» диир буолбут.
Аҕам алын кылааска үөрэнэр сылларыгар, дьоно Дүпсүн кэрэ-мааны Ампаардаах алааһыгар сүөһү көрөн олорбуттар. Ампаардаахтан хас да оҕо бииргэ сылдьан Дүпсүн оскуолатыгар үөрэнэллэр эбит. Үөрэнэн кэлэн иһэн, суолларын төрдүгэр үүммүт суон тиит мас алын лабаатыгар суумкаларын ыйаан кэбиһэллэрэ үһү. Чугас бастыҥ доҕоро скульптор Баһылай Боскуруоп биирдэ кэпсээн күллэртээбитэ. Биһиги аҕабыт мэник-тэник, сытыы-хотуу оҕо эбит. Кэлин оскуола бары үлэтигэр, тэрээһинигэр көхтөөх кыттааччы буола улааппыта. Араас куруһуокка дьарыктанара, ордук сөбүлээн боксанан, тустуунан үлүһүйэрэ. Оройуон, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттан кэккэ ситиһиилэнэрэ. Кини бөдөҥ сөҥ куоластаах, үчүгэй дииксийэлээх буолан, улуус орто оскуолаларын араас көрүүлэригэр көрдөөх-күлүүлээх, тыллаах-өстөөх бастыҥ биллэрээччи (конферансье) аатын өрүү сүгэрэ. Кэнсиэрдэргэ үҥкүүлээн да кыттара.
Уус тыллаах-өстөөх, сэргэх кэпсээннээх-ипсээннээх, мындыр өйдөөх саха дьахтара – эбэтин кыһамньытынан, ити бөдөҥ убайдарын кынаттарын анныгар атаах оҕо буола улаатан, омук өркөн өйүн – үһүйээннэрин, номохторун, өс хоһооннорун истэ-билэ ситэн, убайын хоһоонноро, айар үлэтэ аҕабытыгар поэт, суруйааччы акылаатын уурбуттара. Итини сэргэ оскуолаҕа саха тылын, литературатын учууталлара Алексей Иванович Сивцев, кэлин норуодунай суруйааччы буолбут Василий Тарасович Сивцев хоһоон суруйуу маастарыстыбатыгар уһуйбуттара. Итинтэн ыла уран тыл иччилээх умсулҕаныгар төбөтүн оройунан түһэн, кыра сааһыттан суруйар-айар дьоҕура сайдан, «Бэлэм буол» оҕо хаһыатыттан саҕалаан «Эдэр коммунист», «Кыым» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга айымньылара бэчээттэнэн барбыттара. Ол эрэн, барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа. Улахан убай суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларын утуу-субуу бэчээттэтэн күн сирин көрдөрөр түгэннэригэр аҕабыт көлүөнэтин эдэр поэттарын куоластара ончу иһиллибэтэ, айымньылара бэчээттэммэтэ. Онон буолуо, кини мах бэрдэрэн, суруйбат буола сылдьыбыт кэмнээҕэ. Учуутал үлэтинэн дуоһуйан, сааһырыар диэри «Эдэр коммунист» хаһыакка эдэр поэт аатыран, хоһоонноро биирдэ эмэ хаһыаттарга бэчээттэнэрэ.
Бөдөҥ дьон сиппит улахан дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн, эбэбит ыллыктаах өйдөөх дьаһалынан, үлэһит бастыҥа ийэтин көмөтүнэн СГУ саха салаатын 1973 с. бүтэрбитэ. Ол сыл Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын интэринээтигэр ананан биир сыл баспытааталлыыр. Онтон Өнөр 8 кылаастаах оскуолатыгар түөрт сыл нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир. Ити үлэлиир сылларыгар оскуола ис бараанын тупсарар, элбэх истиэндэ оҥорор. Оччотооҕуга истиэндэ оҥорору киһи эрэ барыта сатыыр дьыалата буолбатах этэ. Билиҥҥи курдук дэлэй матырыйаал, бэлэм эскиис, араас өҥнөөх кырааска да суоҕа. Истиэндэлэрин тууһунан, араас кээмэйдээх бөрүөнэн ойуулаан-бичиктээн, бэйэтэ дизайыннаан, араас сириибинэн илиитинэн суруйан оҥортообута. Ити туһугар туспа дьоҕур, сатабыл. Истиэндэлэрэ, Василий Иванович куоракка көспүтүн да кэннэ, өр сылларга туһалаабыттара, Өнөр оскуолатын истиэнэлэрин киэргэтэн турбуттара. Маны таһынан, эмиэ бэйэтэ дизайыннаан элбэх дидактическай матырыйааллаах, көрдөрөр-үөрэтэр тэриллээх, араас былакааттардаах, табылыыссалардаах, альбомнардаах Уус Алдан оройуонугар биир бастыҥ кэбиниэти тэрийбитэ. Бастакы аттестациятын нуучча тылын, литературатын учууталын быһыытынан Өнөр оскуолатыгар ааспыта.
1978 с. Дьокуускай куоракка киирэн, маҥнай А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ үлэлээн баран, 14-с нүөмэрдээх оскуола арыллан, саха тылын, литературатын учууталынан үлэтин саҕалыыр. Улахан ыарыыга ылларан тохтуор диэри бу оскуолаҕа учуутал түбүктээх үлэтигэр үлүһүйэн туран үлэлээбитэ. Манна 1990 с. өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт «Айыы балаҕана» диэн төрүт култуура кэбиниэтин арыйбыта. Саха литературатын, суруйааччылар олохторун, айымньыларын үөрэтэргэ аналлаах баай матырыйаалы, хаартыскалары тиэмэлэринэн аттаран паапкаларга түмпүтэ, аудио, видео матырыйааллары бэйэтэ устан мунньубута, саха тылын үөрэтиигэ рулоннай тирэх табылыыссалары оҥортообута. Кырдьаҕас суруйааччылары кытта кэпсэппит аудио матырыйаалларын «Суруллубут суоруллубат» кинигэтигэр киллэрэн үйэтиппитэ. Кэлин ол аудио матырыйаалларын оцифровкалата бибилэтиэкэҕэ биэрбит этэ.
Оскуола ис бараанын оҥорсууттан да туора турбатаҕа. Истиэндэлэри холустанан бүрүйэн, онно сахалыы ойуу-бичик түһэрэн, суруйан, араастаан дизайыннаан киэргэтэрэ. Оргстеклону кырааскалаан, ол кырааскатын кэлин өттүттэн кыһан кэбиниэттэр ааттарын тиэрэ суруйан, тас өттүттэн хомоҕой көстүүлээх табличкалары оҥортуура. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох «Төрөппүт албан аата» диэн оскуолатааҕы түмэли тэрийсибитэ, оҥорсубута. Оскуола общественнай үлэтигэр өрүү инники күөҥҥэ сылдьара: турпоходтары, араас таһымнаах тэрээһиннэри, бырааһынньыктары, самодеятельность көрүүлэрин барытын тэрийсэрэ, бэйэтэ да ыллаан-туойан, артыыстаан кыттара. Онон, Василий Иванович саха тылын, литературатын уруоктарын үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, оскуола олоҕун бары өттүгэр ис дууһатын, өйүн-санаатын бүтүннүү анаан туран үлэлээбитэ-хамсаабыта, оскуоланан олорбута.
Е.П. Жирков Саха оскуолаларын саҥалыы сайыннарар кэнсиэпсийэтин, А.П. Оконешникова «Эркээйи» бырагырааматын оҥорууга, олоххо киллэриигэ быһаччы кыттыбыта. Үөрэх үлэһитин идэтин үрдэтэр үнүстүүт саха тылын кэбиниэтин кытта ыкса үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар ааптарыскай куурустары ыыппыта. Ол туһунан «Поэт уонна учуутал» диэн 2001 с. бэчээттэппит кинигэбэр суруйан турабын.
Василий Иванович таһаарыылаах үлэтэ сыаналанан, 1993 с. Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала диэн үрдүк ааты сүкпүтэ. Үгүс үөрэнээччитэ, ол иһигэр мин, төрөппүт кыыһа, учуутал идэтин талбыппыт, ол түмүгэр киниэхэ 2006 с. Учууталлар учууталлара диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ.
1968 с. ийэбитин Ульяна Дмитриевнаны кытта олохторун холбоон, биэс оҕону төрөппүттэрэ.
Саамай улахаммыт – Василий. Түөрт оҕолоох, элбэх сиэн тапталлаах эһэтэ. Иккис уол – Дмитрий. Кэргэниниин биир кыыстаахтар. Үһүс уол – Илья 33 сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Кэргэннэммитэ, уоллаах кыыс оҕоломмута. Сиэннэрдээх. Төрдүс оҕонон мин, соҕотох кыыс, төрөөбүтүм. Кэргэмминиин икки оҕолоохпут. Кыра уол – Николай түөрт уоллаах. Василий Иванович бу олоххо киһи буолан төрөөн, орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтэ – кини кэнчээри ыччата буолабыт. Биһиги, кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аҕабыт-эһэбит араспаанньатын сүгэн, кини өбүгэтин ууһун үйэттэн үйэҕэ салгыы уһата, тэнитэ туруохпут.

Төрүччү
Дүпсүн таҥаратын дьиэтэ тутуллуоҕуттан архыып дааннайа Босиков араспаанньа түҥ былыргыттан кэлбитин кэпсиир. Олох сокуонун ирдэбилинэн салгыы да тэнийэн, элбээн иһиэҕэ.

II түһүмэх
ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН
(Ахтыылар)

Евгения Исаевна Михайлова, президент СВФУ им. М.К. Аммосова
Мастер родного слова – учитель и поэт!
До встречи с Василием Ивановичем Босиковым, учителем якутского языка и литературы СШ № 14 г. Якутска, у меня не возникало грустных мыслей «об истертости в веках» языков многих народов. С детства у нас дома был билингвизм, училась я в экспериментальной начальной школе № 15 на двух языках с первого класса и с 5 по 10 кл. в средней школе № 2 г. Якутска, где с 5 по 8 кл. такие предметы, как алгебра, геометрия, физика, биология, анатомия, география, история преподавались на якутском, и только в 9-10 кл. все предметы изучались на русском языке.
Я счастлива, что у меня было хорошее школьное образование, благодарна своим учителям и, конечно же, своим родителям. Родной якутский язык и литературу преподавала наша любимая всеми, уважаемая Прасковья Ивановна Оконешникова, литературный кружок вел Владимир Михайлович Новиков – Кюннюк Урастыырап, народный поэт Якутии. Иногда занятия кружка проводила обаятельная, улыбчивая Надежда Гаврильевна, его супруга, учительница якутского языка и литературы моих старших братьев. Горжусь своими учителями, и, понятное дело, всегда стремилась к тому, чтобы никто из тех людей, с которыми по разным причинам на данный момент общаешься – учишься, работаешь, сотрудничаешь, дружишь, не воскликнул с негодованием: «Чему только тебя в школе учили?» Василий Иванович об этом, конечно, не знал и не догадывался наверняка, потому что, как зашел в кабинет заведующей Якутским гороно, сразу строго спросил: «Сахалыы билэҕин дуо?» После моего утвердительного ответа на якутском начал рассказывать о Концепции возрождения национальных школ как о каком-то феноменальном явлении, утверждающем обучение детей на родных языках и т. д. Пришлось немного рассказать о том, что, благодаря замминистра просвещения РСФСР Владимиру Константиновичу Бацыну и «Учительской газете», был объявлен общероссийский конкурс о разработке Концепции развития национальных школ РСФСР, а также был опубликован проект Концепции. Из Якутии в конкурсе планировали участвовать три авторских коллектива под руководством Луки Григорьевича Никифорова, замдиректора Эльгяйской авторской школы Сунтарского района, Василия Софроновича Долгунова, директора Верхневилюйской республиканской гимназии и Егора Петровича Жиркова, кафедра преподавания математики Якутского госуниверситета. На коллегии министерства просвещения Якутской АССР под руководством министра Будимира Дмитриевича Слепцова было принято решение об объединении трех проектов Концепции и участии на всероссийском конкурсе с обобщенной Концепцией от Якутии.
В тот день Василий Иванович слышать не хотел о Декларации прав человека ООН от декабря 1948 года и федеральном законе об образовании, установивших право обучения на родном языке и выборе родителями ребенка школы и образовательной программы, и согласился только с доводом о моем школьном детстве. Затем Василий Иванович хотел покритиковать нашу Вторую школу, но все же согласился с тем, что жизнь человека проходит в обществе, где не факт, что все люди одной национальности или все хотят учиться на одном языке. А школа – это микромодель общества, где могут одновременно учиться и общаться дети разных национальностей и для изучения своего родного языка могут зайти в отдельный класс. В общем, дискуссия наша закончилась обоюдным одобрением и моим обещанием профинансировать издание его учебно-методического пособия «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» («Слово о духе и душе») с очень красивыми рисунками. Естественно, пособие было издано, Василий Иванович был доволен, пособие было адресовано в помощь учителям якутской филологии и национальной культуры и изданное тиражом в 2000 экземпляров практически «разлетелось» мгновенно.
Когда уважаемый Василий Иванович во время нашей первой и весьма продолжительной беседы узнал, что я занималась в литературном кружке, задал такой неожиданный вопрос, которым я руководствуюсь всю свою жизнь. Это был не тривиальный или ожидаемый вопрос типа «Какой стих сочинила?»
Я даже приготовилась зачитать один небольшой стих на якутском языке из собственных школьных, правда, одобренных Прасковьей Ивановной. Но Василий Иванович сказал, что народный поэт недавно покинул этот мир и спросил: «Что Вы сделаете, чтобы богатое поэтическое наследие Владимира Михайловича и он, как Личность с большой буквы, были востребованы и интересны современному обществу?» Признаюсь, я даже не знала, что Владимир Михайлович после тяжелой болезни скончался 30 апреля 1990 г. в возрасте 83 лет. И на тот момент вовсе не думала о таких глубоко содержательных вещах, как востребованность поэзии обществом, возможно, в силу других занятий. Вспоминаю эти два часа нашей первой встречи всегда с благодарностью Василию Ивановичу за его целенаправленный урок. Мы долго говорили о поэзии, о творчестве Владимира Михайловича Новикова, любимых стихах, о его псевдонимах. Василий Иванович рассказал, что «Күннүк Уурастыырап» означает не только «күннүүн уураспыт», а, главное, означает «Күннээх поэт» – «Солнечный» поэт.
Да, стихи и песни Владимира Михайловича любимы народом, по праву талантливый поэт был признан непревзойденным мастером стихотворно-песенного жанра. А его сатирические произведения по персоналиям вдохновляют меня до сих пор. В общем, благодаря бесценному таланту любимого обоими поэта, мы нашли неисчерпаемый предмет обсуждения и, хоть и редко, но «чай со стихами вдвоем» пили. Отмечу, что в 2007 г. с большим воодушевлением были проведены республиканские мероприятия (читательские конференции, «Уурастыырап ааҕыылара», республиканский ыһыах в Амге, Якутске, Эмиссах и др.) в связи со 100-летним юбилеем народного поэта Владимира Михайловича Новикова. И я от всей души благодарна уважаемой Нине Иннокентьевне Протопоповой, главному редактору детских газет «Кэскил» («Бэлэм буол»), «Юность Севера» за то, что она проделала огромную работу по составлению фотоальбома на родном якутском языке «Владимир Михайлович Новиков-Кюннюк Урастыров – народный поэт земли Олонхо» в честь его столетия, тем самым Нина Иннокентьевна помогла мне ответить на вопрос Василия Ивановича. Хотя бы частично. И так повелось, что, когда я рассказываю о Солнечном поэте, всегда говорю и о Василии Ивановиче Босикове, неординарной и талантливой личности. Неординарность Василия Ивановича удивляла и даже некоторых, по-моему, шокировала. А он был не таким, как все! И мне это его качество характера нравилось. Помню, какой своеобразный жест одобрения и благодарности Василий Иванович подарил, когда я невзначай проговорилась про то, что, работая учителем математики в Мегино-Алданской СШ Томпонского района в течение семи лет, каждое лето я покупала книги якутских писателей в книжном магазине на проспекте Ленина и приходила в обком комсомола, чтобы получить пожелания автора учащимся МАСШ и автограф, осенью увозила в кабинет якутского языка и литературы и торжественно вручала замечательной учительнице Марии Васильевне Жирковой. Иногда я оставляла книги в обкоме Владимиру Михайловичу Членову и Илье Филипповичу Михальчуку для получения желаемого автографа писателя, оба тогда работали в обкоме комсомола, где якутские писатели и поэты были частыми и желанными гостями. Василий Иванович встал, приложил правую руку к сердцу и сказал: «Махтал!» В кабинете вместе со мной прием вела заведующая методкабинетом Раиса Яковлевна Антонова, которая вместе с Василием Ивановичем ранее работала в СШ № 14 и называла его не иначе, как «хулиганистым» или «наһаалыыр», а тут прямо растрогалась и больше никогда не называла его в отрицательном качестве.
Проницательности и дальновидности Василия Ивановича Босикова можно было удивляться и радоваться. Человек активной жизненной позиции, Василий Иванович принимал участие в разработке Концепции обновления и развития национальных школ в РС(Я) и программы «Эркээйи» доктора психологических наук Анастасии Петровны Оконешниковой. И сегодня эта программа «Эркээйи» востребована педагогическим сообществом республики. Да и цели Концепции развития национальных школ, равно как и цели национальной на общефедеральном уровне системы образования, думаю, вдохновляют педагогов к плодотворной деятельной работе с подрастающим поколением.
Талантливый учитель В.И. Босиков был влюблен в свой предмет, он уделял особое внимание взращиванию творчества своих учеников, неоднократных победителей городских и республиканских олимпиад, делом доказывая главный принцип преподавания: учитель-творец успеха своего ученика. Многие выбрали профессиональный путь своего Учителя, стали филологами, учителями якутского языка и литературы, переводчиками, учеными-лингвистами, учеными-педагогами. Есть среди них и даровитые поэты, писатели, журналисты. Мастер слова – поэт В.И. Босиков-Босяк щедро делился с коллегами своими педагогическими секретами познания и воспитания духовно одаренной личности, развития национальной идентичности детей и молодежи, приобщения их к культуре своего народа. Его авторские уроки, курсы, семинары, лекции пользовались огромным вниманием и интересом, участие принимали учителя со всей республики. Бесспорно, Василий Иванович Босиков внес неоценимый и значительный вклад и в развитие самой республиканской системы воспитания и обучения школьников, а также и в формирование личности каждого своего ученика.
Многие ждали его сенсационных выступлений: информационных по содержанию, дерзких по новизне, методически и литературно грамотных по сути и очень интересных, нужных и полезных для общего развития.
Мы планировали с Василием Ивановичем издать совместный небольшой сборник коротеньких, но емких стихов. Помешала моя работа допоздна и в выходные, а потом его изнуряющая болезнь. Но Василий Иванович не сдавался, хоть и писал про свое физическое состояние такими точными жесткими словами, которые могли растрогать любого. В моей памяти уважаемый Василий Иванович Босиков живет до сих пор, порою удивляет своими интервью, на которые я «натыкаюсь» иногда, расстраивает, радует и вдохновляет его поэзия!
Как-то в шутку на одном из совещаний, когда Василий Иванович критиковал горметодкабинет за недостаточно планомерную системную работу с учителями якутского языка, литературы и национальной культуры и методист начала защищаться, в запальчивости назвав его «остряк-самоучка», я прочитала коротенький стишок, сочиненный на ходу, чтобы разрядить обстановку:
Босяк – для учителей Маяк,
Кумир всех забияк,
В общем, остряк и добряк,
А в целом Он у нас – Ништяк!
Все зааплодировали ему, Василий Иванович раскланивался в разные стороны, как бы снимая шляпу, потом сказал: я тоже сочиню! И сочинил! Статью в газете «Туймаада саҥата». И, по-моему, впервые эта газета напечатала про меня позитивное… Василий Иванович Босиков – один из тех редких учителей, про которых говорят: чем богаче знания самого учителя, тем ярче раскрывается его личное отношение к знаниям, книге, науке, к интеллектуальному труду, тем самым в сто крат возрастает его влияние на учеников и коллег. Василию Ивановичу еще в молодости удалось осознать народные корни образования, понять основы воспитания и обучения, и, в последствии, увлечь многих людей в веру о неистощимой силе энергии духовных ценностей народа, о значении и влиянии слова на родном языке, о необходимости знаний истории, культуры, традиций как основе самобытности и национально-социальной идентичности народа.

    2021, сентябрь

Василий Васильевич Илларионов, билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр
Аата ааттана туруо
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, талааннаах поэт, төрүт култуура түсчүтэ Василий Иванович Босиков-Баһылай Босяк бу сыл олунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ 75 сылын туолла. Онон ситимнээн, кини туһунан ахтан-санаан ааһар тоҕоостоох.

Оҕо эрдэҕиттэн хоһоонньут эбит
Баһылай Уйбаанабыһы кытта 1968 сылтан, СГУ саха салаатыгар үөрэнэ киириэхпититтэн, бииргэ алтыһан үөрэммиппит уонна олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри доҕордуу сыһыаннаах, тыл, төрүт култуура, литература сайдыытын боппуруостарыгар биир санаалаах, бэйэ-бэйэбитин кытта өйдөһөр, өйөһөр, эн-мин дэһэн кэпсэтэр, сэһэргэһэр дьон этибит.
Кини бэйэтэ да этэринэн, үөлээннээхтэрэ да ахталларынан, оскуолаҕа орто сүһүөх кылаастарга үөрэниэҕиттэн хоһоон суруйуутунан умсугуйан дьарыктаммыт. Онуоха бастакы кыымы саҕааччынан саха тылын уонна литературатын учуутала Р.П. Максимова буолбут. Рея Павловна, Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрээт, саха тылын кафедратыгар хаалан, бэркэ үлэлээн истэҕинэ, 50-с сыллардааҕы мөккүөргэ саха литературатын сырдатыыга токурутуулары көрдөөһүн содулугар түбэһэн, кэлин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун өр сылларга салайбыт, CACCӨ норуодунай поэта буолбут Семен Петрович Даниловы кытта тэҥҥэ кафедраттан үүрүллэр кэриэтэ барбыта уонна кэргэнин дойдутугар тиийэн учууталлаабыта. Ол сылдьан, литературнай куруһуогар Вася Босиковы хоһоон алыптаах эйгэтигэр уһуйбут. Ордук айылҕаны тыыннааҕымсытан хоһуйарын учуутала көҕүлээбит. Онтон ыла Вася Босиков хоһоон суруйар ыарыыга ылларбыт.
Үрдүкү кылааска үөрэнэр сылларыгар, кини дьолугар, кэлин СӨ норуодунай поэта үрдүк ааты ылбыт В.Т. Сивцев Дүпсүҥҥэ учууталлыы кэлбит. Василий Тарасович айар имэҥҥэ ылларбыт үөрэнээччини тута таба көрөн, бэйэтигэр сыһыарбыт, тэҥнээх киһитинии кэпсэтэн, поэзия алыптаах эйгэтигэр сирдээбит. Бэйэтэ талааннаах тэрийээччи үөрэнээччитин хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар бэчээттэнэрин көҕүлээбит, араадьыйанан биэриилэргэ мэктиэлээбит. Онон Вася Босиков хоhоон хонуутугар хотуулаахтык киирэригэр олук охсубут.

Эдэр саас биһигэр Сэргэлээххэ
Баһылай Босяк университекка саха салаатыгар киирэригэр бэйэтин поэппын диэн бигэтик билиммит эдэр уола хаан биһигини кытта үөрэнэ киирбитэ. Сонно тута, оччотооҕу «Эдэр коммунист» хаһыат страницаларыгар хоһоонноро бэчээттэнэн, биһигиттэн таһыччы киһи буолбута. Аата да дьиктитэ – Баһылай Босяк. Биһиги маҥнай «атах сыгынньах поэт» диэн күлүү гынар курдук этибит. Кэлин, үчүгэйдик бодоруһан баран ыйытан көрбүппэр, поэт бэйэтэ туспа суоллааҕа-иистээҕэ аатыттан кытта биллиэхтээх диирэ.
Василий Босиков хоһооҥҥо тардыһыылаах буолан, маҥнайгы куурустан саҕалаан, биллиилээх литературовед Е.П. Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» куруһуокка дьарыктанан барбыта. Егор Петрович, Москубаҕа Максим Горькай аатынан литературнай институкка үөрэммит буолан, литература теориятын, устуоруйатын, литературнай кириитикэни лиэксийэлэригэр даҕаны, куруһуокка сылдьааччыларга даҕаны өйдөрүгэр-санааларыгар киирэр гына үүттээн-ааннаан кэпсиирэ, такайара даҕаны.
Биһиги үөрэнэр кэммитигэр «Сэргэлээх уоттарыгар» Варвара Потапова, Уйбаан Ороһуунускай, Николай Уйгуров, Иннокентий Сыроватскай, Иннокентий Левин, Николай Урсун, биһиги куурустан Сэмэн Тумат, Гаврил Филиппов, алын куурустартан Ойуку, Харысхал, Бүөтүp Хоро уо.д.а. сылдьаллара. Билигин бары да саха литературатыгар биллэр ааттар буоллулар. Кинилэр суруйааччы буолан, үүнэн-сайдан тахсалларыгар Эрчимэн оруола бэрт улахан. Кини саха литературатын устуоруйатын үөрэтэригэр устудьуоннар бэйэлэрин санааларын этэллэрин, мөккүһэллэрин сатаан тэрийэрэ. Онуоха Баһылай Босяк, бэйэтэ айылҕаттан араатар дьоҕурдаах уонна литература устуоруйатыгар аахпыта-билбитэ үгүс буолан, мөккүөрдэргэ көхтөөхтүк кыттара, санаатын хотоойутук этэрэ. Ордук Эллэй, Уйбаан Гоголев-Кындыл поэзияларын туһунан ураты санаалаах буолара, кинилэр талааннаах поэт буолалларын дакаастаан тахсара.
Баһылай Босяк хоһоонноругар эдэр саас, инникигэ эрэл, уоттаах таптал, төрөөбүт дойдуга, аар айылҕаҕа сүгүрүйүү истиҥ иэйиитэ этиллэрэ. Куурус оҕолоро бары да кинини поэт быһыытынан хара маҥнайгыттан билбиппит. Бэл, сорохтор төрөөбүт күҥҥэ анаан хоһоон үлэһэллэрэ. Факультекка эркин хаһыатын оҥорсоро, онно хоһооннорун таһаарара. Лиэксийэ, сэминээр быыһыгар хоһоон суруйан тахсара, көрдөөх-күлүүлээх түгэннэри хоһоонунан хоһуйбут буолара.
Хоhооҥҥо тардыһыылаах буолан, маҥнайгы куурустан поэттары кытта алтыһара. Ол туһунан оччолорго да, кэлин да сэһэргэһэ олорон сэһэн-ыаһах оҥосторо. Ордук таайа Николай Босиковы кытта САССӨ норуодунай поэта Эллэйдиин бииргэ алтыһан ааспытын киэн тутта кэпсиирэ. «Эдэр коммунист» хаһыат иһинэн суруйааччы Анастасия Сыромятникова салайар «Хомус» түмсүүгэ сылдьыбыта. Онно сылдьан, Вениамин Мироновы, Альберт Бүлүүйүскэйи, Николай Дьяконовы, Василий Титову кытта билсибитэ. Кинилэр эдэр поэт үүнэн-сайдан тахсарыгар сүбэ-ама буолбуттара, айымньылаах үлэҕэ көҕүлээбиттэрэ.
Баһылай Босяк «Угуйар саҕах» (1988), «Барыта эйиэхэ ананар» (1992), «Эн мичээриҥ» (1995), «Ыра санаам кыната» (2008) диэн хоһоон уонна «Суруллубут суоруллубат: ыстатыйалар, этиилэр, ахтыылар» (2002) диэн кинигэлэрдээх. Кини бу кинигэлэригэр бэйэтэ сүрэҕэр сөҥөрдүбүт, өйүгэр-санаатыгар иитиэхтээбит саныыр санаатын, истиҥ иэйиитин уран тыл ууһунан дьүһүннээн-дьүһүйэн бэргэнник хоһуйан таһаарбыт хоһоонноро, анаарыылара киирбиттэр. Ол иһин ааҕааччыга тиийимтиэлэр уонна өйдөнүмтүөлэр.
Оттон кини айар үлэтин туһунан чинчийии, анаарыы суоҕун кэриэтэ. Арай литературовед Николай Николаевич Тобуроков, тыл үөрэхтээҕэ Гаврил Гаврильевич Филиппов, СӨ норуодунай суруйааччыта Егор Петрович Неймохов быстах бэлиэтээһиннэрэ эрэ бааллар.

Учуутал буоларга уһаарыллыы
Устудьуоннуур сылларыгар, төһө да айар үлэнэн, поэзиянан умсугуйа дьарыктаннар, кини улахан учуутал буолуохтааҕа биллэр этэ. Кураатарбыт Е.П. Шестаков-Эрчимэн уонна Баһылай Босяк тэрийиилэринэн Уус Алдаҥҥа Кэптэни орто оскуолатыгар Вячеслав Федорович Афанасьев уонна Петр Васильевич Оготоев тэрийбит түмэллэрин кууруһунан көрө тахса сылдьыбыппыт. Онуоха Василий Босиков бастыҥ үлэлээх учууталлар саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ үлэлэрин кытта кимнээҕэр да ордук иҥэн-тоҥон билсибитэ, араас ыйытыылары биэртэлээбитэ. Үчүгэй учуутал буоларга устудьуон эрдэҕиттэн бэлэмнэммитэ. Үчүгэйдик ойуулуура, хоһоону көтөҕүллэн туран ааҕара. Уус-уран тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттара учуутал буоларыгар эмиэ көмөлөспүт буолуохтаах. Кини конферансьелаан да ылара, Василий Никитич Протодьяконов туруортуур пьесаларыгар сүрүн оруоллары толорон лауреат буолара. Улугбек оруолун талааннаахтык оонньообутун оччотооҕу устудьуоннар умнубат буолуохтаахтар. Кини педагогикаҕа быраактыкатын Дьокуускай куорат 2-с оскуолатыгар аһара бэркэ барбыта. Василий Никитич, төһө да литературнай кириитикэ сорох түгэнигэр мөккүстэллэр, быраактыкатын үрдүктүк сыаналаабыта, учуутал буолар баҕа санаатын чиҥник бигэргэппитэ.
Ол да иһин, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, дойдутугар Уус Алдaҥҥa учууталынан анатан үлэлии тахсыбыта уонна айымньылаах үлэтин саҕалаабыта. Өнөргө үлэлиир сылларыгар оройуоҥҥа биир бастыҥ үлэлээх кэбиниэти тэрийэр, маҥнайгы аттестациятын ситиһиилээхтик ааһар. Ол эрээри, балык уу дириҥэр талаһарын курдук, 1978–1979 үөрэх сылыгар Дьокуускай 14-с оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталын үлэтэ тахсыбытыгар куоракка киирбитэ. Итинтэн ыла Василий Иванович бэйэтэ талан ылбыт идэтинэн айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта.

Учуутал аатын үрдүктүк тутан
Дьокуускайга көһөн киирээт, оскуола үөрэнээччилэрэ уу сахалыы үчүгэйдик саҥарыахтаахтарын, төрөөбүт омуктарын литературатын, култууратын, олорон ааспыт олоҕун, сиэрин-туомун билиэхтээхтэригэр болҕомтотун туһаайбыта. Бэйэтинэн үтүө холобуру көрдөрбүтэ. Хайа да араас таһымнаах мунньахтарга уу сахалыы тыл этэрэ, саха тылын статуһун үрдэтэргэ туруорсара. Куораттааҕы үөрэх салаатын өр сылларга салайбыт, кэлин үөрэх миниистиринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Евгения Исаевна Михайлова Василий Ивановичтан сахалыы саҥаҕа уонна тыл бэлиитикэтигэр, төрүт култуураҕа сыһыаным тосту уларыйбыта диэн этэн турардаах.
Куорат оскуолатыгар үлэлиир бастакы сылларыттан саха тылын, литературатын кэбиниэтин тэрийбитэ. Бэйэтэ ойуулуур талааннаах буолан плакаттарын, көрдөрөр таблицаларын ис киирбэхтик оҥортообута, саха суруйааччыларын мэтириэттэрин ыйаталаабыта. Суруйааччылары, артыыстары, учуонайдары кытта көрсүһүүлэри тэрийтэлээбитэ. Кинилэр саҥаларын магнитофоҥҥа устан уруоктарга туhаммыта. Бу кэбиниэт 1983 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Ол иһин үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институт саха тылын кэбиниэтин кытта айымньылаахтык бииргэ үлэлэспитэ, саха тылын уонна литературатын учууталларын куурустарыгар лиэксийэлэри аахпыта, көрдөрүүлээх уруоктары ыыппыта. Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ учууталларын ахсааныгар киирбитэ.
Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириитэ В.И. Босиковы айымньылаах үлэҕэ кынаттаабыта, үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн ымыы оҥостубут сахалыы үөрэтиигэ санааларын олоххо киллэриигэ суол аһыллыбыта. Куорат эйгэтигэр төрүт култуура төлкөлөөх түөрэҕин түһэрэргэ анаан, 14-с оскуола биир кылааһыгар саха балаҕанын бэйэтэ бырайыактаан, тутан-хабан туттарбыта. Ол балаҕаныгар үөрэнээччилэрин сиэргэ-туомҥа уһуйбута. Бэйэтэ ааттаах алгысчыт этэ. «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн альбом кинигэни суруйан тарҕаппыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрсиини саха учууталларыттан биир бастакынан өйөөбүтэ, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ол да иһин 1993 с. СӨ үтүөлээх учууталын үрдүк аатын ылбыта. Онно мэҥэһиннэрэн, 1996 с. «Сыл бастыҥ учуутала» ааты ылан, «Саха-Азия оҕолоро» пуонда стипендиата буолбута. Эһиилигэр Дьокуускайга «Сыл бастыҥ учуутала» күрэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Бу наҕараадалар Василий Иванович учуутал быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитин кэрэһилииллэр.
Кини билиитин-көрүүтүн үлэтин үөрүйэҕин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылдьан тарҕаппыта. «Айыы үөрэҕэ», «Оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтии», «Оҕону иитиигэ норуот үгэстэрин туһаныы», «Саха литературатын уруоктарыгар хаартыскалары, аудио-видео матырыйааллары туһаныы» диэн тиэмэлэргэ анал куурустары, сэминээрдэри аахпыта. Оскуолаларга национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириитигэр улахан практическай көмөнү оҥорбута.

Ыарахан ыарыылыын туруулаһыы
Баһылай Уйбаанабыс, ити курдук өрө көтөҕүллэн, үйэлээх сааһыгар турууласпыт санаата олоххо киирэн туолан эрэриттэн эрдийэн, айымньылаахтык үлэлии сылдьан, улууска командировкаҕа тиийэн баран, эмискэ оҕустаран ыалдьыбыта.
Онтон санаатын күүһүнэн туруулаhан бэттэх кэлбитэ. Төһө да тайахха тэптэрэн сырыттар, учууталлыыр үлэтин тохтоппотоҕо, саха тыла уонна төрүт култуура туругурарын туһугар туруулаhан үлэлии сылдьан иккиһин оҕустарбыта, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута.
Ити кэмҥэ биһиги, университекка бииргэ үөрэммиттэр, киниэхэ төһө кыайарбытынан көмө буолбуппут, санаатын алы гына сатаабыппыт. Ордук Е.П. Неймохов, төһө да бэйэтэ улаханнык ыалдьа сырыттар, мэлдьи кэлэн сэргэхситэрэ. Төрөөбүт күнүн, үбүлүөйүн, төһө да суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыттар, биһигини кытта ылара, кууруһунан көрсүһүүгэ даачабар илдьэн бииргэ ыларбыт.
Баһылай Уйбаанабыс биһигини кытта тэҥҥэ кэпсэтэн, үөрэммит кэмнэрин үтүө күннэрин ахтара, хаһан да бүтэн биэрбэт сээркээн сэһэнньит буолара.
Дьокуускай куорат 14-с оскуолатыгар сахалыы тыыны, толкуйу киллэрбититтэн киэн туттара, кыыһын Уляны биһиэхэ саха салаатыгар анаан үөрэттэрбитэ, туйахпын кыыһым хатарыа диэн эрэнэ саныыра. Кырдьык, Ульяна Васильевна Заболоцкая билигин 14-с оскуола биир бастыҥ учуутала. Кини аҕатын туһунан «Поэт уонна учуутал» диэн оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга аналлаах бэртээхэй кинигэни аҕата баарына таһаартарбыта. Билигин аҕатын туһунан дьоhунаах кинигэни бэлэмнии сылдьар.
Баһылай Уйбаанабыс биһиги кэккэбититтэн 2008 с. бардар даҕаны, кини сырдык аатын ааттатар, үлэтин-хамнаһын үйэтитэр, санатар үөрэнээччилэрэ, ыччаттара, хоһооннорун ааҕар, ырыа гынан көтүтэр сүгүрүйээччилэрэ бааллар, баар да буола туруохтара. Ол аата, Баһылай Босяк үйэлэргэ ааттана туруо.

    2021 cыл, олунньу

Евдокия Михайловна Поликарпова, бэрэпиэссэр, педагогика билимин дуоктара
Дьикти ааттаах устудьуон, биллэр поэт, үтүөкэннээх учуутал – Василий Босиков
Биһигиттэн икки сылынан үрдүкү куурус «Саха салаата-68» диэн ааттаах биһиги көрдөхпүтүнэ сүр дьоһуннаах, паапка тутуурдаах уолаттар, бэрт сэргэх, кырасыабай кыргыттар үөрэнэр куорпуспут хаһаайыттарын курдук көстөллөр этэ. Оннук да быһыылааҕа, бакылтыаты тутан олорор дьон быһыылаахтар этэ. «Бэйи, ити дьон номнуо ыччакка биллэр суруйааччылар үһү», – диэн кэпсииллэриттэн биир бэйэм салла санаабытым.
Бастакы кууруска испэр «суруйааччы буолбут киһи» диэн хорсун санаалар оонньооччулар. Ол санаабын ыһык оҥостон, холонон көрөөрү биирдэ «Сэргэлээх уоттара» түмсүүгэ тиийдим. Муннукка киирэн олордум. Биһиги куурустан Павел Харитонов, Володя Лиханов, Егор Винокуров бааллара. Егор Петрович Шестаков устудьуоннар айымньыларын ырытыытын истэ олорон, «чэ, кэбис эбит, эчи сүрүүн, дириҥник да ырыталлар эбит» диэн санаалар киирэннэр, кулук-халык буола олордоҕум дии, туга да суох киһи!
Онтон биир иккис куурус устудьуонката Маша диэн кыыс, туран, хоһоон ааҕан сыыйда, хайдах эрэ халымалыы саҥарар этэ. «Сааскы күн сандааран, хоһум иһин сырдатан дуу, сылытан дуу…», – диэбитигэр уолаттар уоттаах кириитикэни күөдьүппүттэригэр, мин отой эстэн түспүтүм. Мин иһиттэхпинэ, хайдах эрэ сырдык, үчүгэй баҕайы курдук, кинилэр этэллэринэн: «Аһара үтүктээйи, туох да конфлига суох». «Айабыын, дьоннор сайдыылаах да буолар эбиттэр», – диэн саллан, аны манна кэлиэ суохпун диэн ис санаабын бигэргэтинэ олордохпуна, биир хоодуот, холуон, хадаардыҥы сэбэрэлээх эдэр киһи сулбу ойон туран, уобарастааһын күүһүн холобурун көрдөрөрдүү бэйэтин хоһоонун ааҕан куйуһутта… Соһуйдум аҕай! Ону биир намыын соҕус куоластаах устудьуон: «Босяк наһаа дии… хоһоон барыта хайдах ньиргиэрдээх, конфликтнай ис хоһоонноох буолуой?» – диэбитигэр, мин «Босяк», аата да олох Есенин кэминээҕи поэттар псевдонимнарын курдук буолан диэн, чахчы сиппит-хоппут поэт буоллаҕа дии санаабытым… Босяк, Босой, дьикти! Гордый, непоколебимый, непобедимый босиком, но горы свернет дии санаабытым. Мин көрөн-истэн олордохпуна, чахчыта да Максим Горькай тыына киниэхэ баар курдуга. Ити дьарык кэнниттэн «Сэргэлээх уоттарыгар», сүрдээх дьоннорго, муннубун да быктарбатаҕым, суруйааччылаан бүппүтүм. Кырдьыга да, ити дьарыкка баар устудьуоннар бары да оччоттон куттара-сүрдэрэ уһуктубут, кэнэҕэски ытык суолларын туппут устудьуоннар эбиттэр. Билигин, бу олорон, сөпкө да сүр баттаппыт эбиппин диэн толкуйдуубун, суолум-ииһим атын буоллаҕа.
Салгыы ити бөлөхтөн, кырдьык, өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс туһаны аҕалбыт дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттара: Г.Г. Филиппов, В.И. Босиков, С.А. Попов-Тумат, Е.П. Неймохов… Дьикти дии! Устудьуон эрдэхтэриттэн дьоһун дьон!
Оттон Василий Иванович Босиков-Босяк Дьокуускай куоракка саха оҕолорун төрөөбүт тылларыгар үөрэтиини муоһаласпыт, оннун, тирэҕин булларыыга суол тэлсибит, саҥа саҕахтары арыйсыбыт үтүөкэннээх учуутал! Сайсары – саха дьоно түөлбэлээн олорор сирдэрэ, онно олорор саха оҕолорун дьоллоругар Василий Иванович Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар өр сылларга саха тылын, литературатын, кэлин өссө төрүт култуураны үөрэппитэ. Василий Иванович хайдах эрэ хатырыктамматах хатыылаах мастыҥы майгылаах киһи курдук өйдөнөр этэ. Ол гынан баран, билсэн, үлэ-хамнас, үөрэтии ииччэҕин-бааччаҕын ырытыһан бардахха – сымнаан, толкуйун, ньымаларын бэрт итэҕэтиилээхтик быһааран, көдьүүстээх, тыыппалаах өттүн тобулбут буолааччы.
Үөрэппит оҕолоро бэрт махталлаахтык: «Биһигини Василий Иванович үөрэппитэ», – диэн киэн тутта ахталларын үгүстүк истибитим. «Төрөөбүт тыллаахпыт диэн санаабытыгар да киллэрбэт дьону бэһис кылаастан, дьэ өрө тардан таһаарбат дуо, бары хоһоон ааҕар, айар идэлэммиппит. Билигин кылааһынан көрүстэхпитинэ, ол үтүө түгэннэри бары ахталлар уонна, кырдьыга, Василий Иванович баар буолан бэйэбитин, сахабытын билинэн, киһи-хара буолбуппут», – диэн биир үтүө түгэҥҥэ математик идэлээх уол бэркэ астына сэһэргээбитэ. Бу ийэ тыл учууталын кыайыыта, дьиҥ сыалын ситиһиитэ буоллаҕа.
Василий Иванович Босиков – туох да омуна суох Сайсары Эбэ хотун ыччатын сахалыы тыыннаан, бэйэ норуотун ытыктыырга, омугунан киэн туттарга тулхадыйбат өйү-санааны укпут өлбөт өҥөлөөх учуутал-поэт.
Киһи сөҕөрө баар, оччотооҕу омугумсуйууну бохсор, тылга-өскө киллэрэр кэмнэригэр, Василий Босиков хорсун санаалаах, хоодуот буолан, араас таһымнаах мунньахтарга: «Саха оҕото төрөөбүт тылынан уу ньуулдьаҕай эрдэҕиттэн сахалыы иитиллиэхтээх, ону туора тутуу кэнэҕэски өттүгэр омук буомуруутугар, сүтүүтүгэр-симэлийиитигэр тиэрдиэ диэн», – элбэхтик этинэрэ, туруорсара. Ол, биллэн турар, кэнсиэпсийэ эрэ ылыныллыбытын кэннэ олоххо кимиэллээхтик киирбитэ. Василий Иванович ити үтүөкэн сылларга сүргэтэ көтөҕүллэн, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оскуолаҕа саха тыына тылынан эрэ буолбакка төрүт култуура, өй-санаа күүһүнэн иитийэхтэнэр эйгэтин ситиһиилээхтик тэрийбитэ биллэр. «Оо, Дьэбдьиэй, этээччибин дии, дьэ билигин туттумахтаан хаалыахха наада… Оҕолор ис дьиҥэр төрөөбүт тылларыгар, литератураҕа аһаҕастар ээ… сатаан тиэрдиэххэ, кинилэри өрүкүтүөххэ эрэ наада», – диэн көрүстэхпит аайы этэр этэ.
Өрүкүтүү, уһугуннарыы, төрөөбүт тылларыгар, уус-уран литератураҕа суол арыйыы… Ол оҕону «өрүкүтүүбүт» билигин да үгүспүт ыарырҕатар, кыайбат суола. Билигин «мотивация, мотивировать к теме урока» диэн элбэхтик, дьэ иһиллэр буолла ээ.
Уруоктарыгар син балачча устудьуон быраактыкатынан, чинчийэр үлэ сиэринэн ситимнээн сылдьан, ырытыһан турардаахпыт. Кини үөрэтэр тускула, мэтиэдикэтэ бэйэтин майгытыныы олус чаҕылхай, оҕолор өйдөрүн-сүрэхтэрин үмүрү тардан ылар, өрүкүтэр күүстээх ньымалардаах этэ. Ол курдук хоһоонунан айымньылары хайаатар да өйүттэн уус-ураннык ааҕан ньиргитэрэ, уобарастары ырытыытыгар ураты чаҕылхай киһи үөйбэтэх-ахтыбатах тэҥнээһиннэринэн иэҕэн чаҕылхайдык тиэрдэрэ. «Киһи тас көрүҥэ улахан тугу да кэпсээбэт, киһи тыла-өһө, тылын тамаҕа улахан суолталаах ээ… Ити Уулаах Уйбаан барахсан тас көрүҥэ уонна кини олоҥхолуу олорор көрүҥэ – тус туһунаннар эбээт! Ол курдук киһи тыла, өйө-санаата киһини кэрэхсэтэр кыахтаах», – диэн этэрэ.
Суругунан үлэҕэ улахан болҕомтотун уурар этэ, эгэлгэ тиэмэлэргэ өйтөн суруйуулары тэрийэрэ. Оҕо үлэтигэр ураты өйдөбүллээх толкуй көстүбүт буоллаҕына, онтон оҕолуу үөрэрэ, киэн туттара. «Дьэ ким итинник этиэй уонна? Санааҥ көрүҥ ээ… бу оҕо этиитэ!» – диэн үөрэнээччитин өйүн-санаатын үрдүк чыпчаалга таһаарара.
Поэт буолан, оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга тиһиктээхтик үлэлиирэ. Айар дьоҕурга оҕолору киллэрэр, өрүкүтэр ньымалара эмиэ Босяктыы дьикти, соһумар буолааччы. Холобур, дуоскаҕа хатыҥы ойуулаан, ол тула бэрт сэргэх сэһэргэһиини тэрийэн, тыл ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын бэрт сатабыллаахтык, эгэлгэ кырааскаларынан тылынан ойуулаан, оҕо өйүттэн, сүрэҕиттэн сүппэт уобарастары айдаран – тиһэҕэр хатыҥмыт айылҕа кэрэ көстүүтэ буола ситэн, киэркэйэн, ойуулуур-дьүһүннүүр тыл күүһүнэн ойууланан тахсарын ситиспитин сөҕөн, үтүктэн көрүллүбүтэ да… Билигин бу ньыманы оҕо тылын имитиигэ туһаныахха баара. Кини хатыҥын ойуулааһыҥҥа тыыннааҕымсытыы – хатыҥ үөрбүт, санаарҕаабыт, долгуйбут, дьүһүннээһиҥҥэ – күөх солко, кыыс кэрэ, нарын-намчы о.д.а. Тымныы кыһын иһэриттэн хатыҥ санаарҕаабыт этииттэн сиэттэрэн киэҥ кэпсэтии саҕаланар. Тоҕо, хайдах санаарҕаабытый? Тулуйуо дуо кыһыны? Биир кыыс айыыта, төһө чуолкайа буолла, миигин сөхтөрбүтэ:
Хаарыан бэйэлээх сэбирдэхтэрбин
Тымныы тыал суйдаан,
Кырыа кыһын иһэрин сэрэтэн,
Тымныы тыынынан хаарыйда…
Дьикти, сөхпүтүм, бу оҕолор бары да поэт буолан тахсыыһылар дии санаабытым. Ити курдук дьаныһан, үөрэнээччилэригэр ийэ тыл «вкуһун, чувство поэтического слова», тыл этэр күүһүн, кэрэтин иҥэрэргэ утумнаахтык үлэлэһэр этэ.
Василий Иванович мэтиэдикэтин өссө үөрэтэн, билиҥҥи үөрэх тиһигэр киллэриэххэ баара. Кини бастакынан эгэлгэ техническэй ньымалары, видеосюжеттары, босуобуйалары оҥорон туһаныыны киллэрбитэ диэтэххэ, наһаа омуннааһын буолбата буолуо. Биирдиилээн түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн үгүстэр туһанар буоллахтарына, Василий Иванович тиһиктээхтик, уруоктан уруокка, саҥаттан саҥа, сонун арыйыыны оҥорон иһэринэн ураты буоллаҕа.
Кылгастык ахтан-санаан аастахха итинник! Биир киһи холугар сөҕүмэр ситиһиилэр, биир идэлээхтэригэр эрэ буолбакка – саха дьонугар, ыччатыгар бэйэ омугун дьылҕатынан дьылҕаланыы үтүө холобурун көрдөрбүтүнэн аата ааттана туруо.

    2021 сыл, олунньу

Хабырыыл Билиикэп, билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
«Сүгүрүйэбин икки күүскэ: тылга уонна тапталга»
Баһылай Босяк хоһоонуттан
Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Иванович Босиков-Василий Босяк төрөөбүтэ 75 сылын туолла.
1946 с. олунньу 7 күнүгэр Уус Алдан Дүпсүнүгэр Евдокия Афанасьевна Босиковаҕа соҕотох уола буола, күн сирин көрбүтэ. Сулумах кыыс-дьахтар сэрии сылларыгар биригэдьиирдээн, солбуйар бэрэссэдээтэллээн, холкуос хонуутугар үрүҥ-хара көлөһүнүн тохпут, кэлин нэһилиэгэр бэрт өр кэмҥэ сэбиэттээбит ийэтин Дьэбдьиэйи бэрт хойукка диэри эдьиий курдук көрөн улааппыт. Ол оннугар эбэтин «ийээ» дии сылдьыбыт.
Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит, бэрт эрдэттэн хоһоон суруйарга идэтийбит, успуордунан дьарыктаммыт. Тустан, буоксалаан уонна хомсомуолга көхтөөх буолан, нэһилиэккэ кэрэхсэнэр ыччат кэккэтигэр киирбит. Ол иһин оскуоланы бүтэрээтин кытта, сопхуоска босхоломмут сэкирэтээринэн талыллыбыт. Ол эрээри олоҕун суола атын хайысханан барбыт. Тапталтан…
Оскуола үрдүкү кылааһыгар Уля кыыһы таптыыр. Уля оскуолатын бүтэрээт, Бүлүү учуулуссатыгар үөрэнэ барар, Василий кинини батыһан Бүлүүлүүр. Холбоһон ыал буолаллар. Василий учуулуссаҕа лабараанныыр.
1968 с. Вася Босиков – СГУ-га саха салаатын устудьуона. Бу кэмтэн мин кинини кытта биэс сыл бииргэ үөрэммиппит. Бастакы кууруска Саха сирин үгүс оройуонуттан араас бэлэмнээх, араас өйдөөх-санаалаах, иитиллиилээх эрээри биир – учуутал буолар баҕалаах ыччаттар түмүллүбүппүт. Маҥнай утаа айаас, ыһыллаҕас соҕус этибит. Ордук Вася Босяк уонна Петя Захаров, саамай түгэххэ олорбут уолаттар, үгүһү-элбэҕи саҥараллара, лиэксийэҕэ хойутууллара, арыт пиибэлииллэрэ. Ордук Петя – хайа эрэ киин оройуон сопхуоһугар хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлээбит буолан, истээччинэн быһа ылыллыбытынан күөн туттан, киэптиир быһыылааҕа. Кууруска табаарыһа суоҕа. Вася кинини өйөөн батыһар курдуга. Мин – ыстаарыстабын, Гоша Неймохов – хомсуор. Сүбэлэһэн баран, куурус хаһыатыгар элэктээн кириитикэлээтибит. Онтубутун бакылтыат хомсомуолун кэмитиэтигэр «состулар». Аны төттөрү бэйэбит «көмүскээччи» буоллубут. Сэкирэтээр уолу кытта этистибит: «Кириитикэни тууйаҕыт, ити иһин биир да кириитикэ хаһыакка суох эбит», – диэтибит. Вася көннөрүммүтэ, Петя бастакы сэмиэстиртэн кэтэхтэн үөрэххэ көһөн баран кэлин уһуллубута.
Вася Улятыныын Ойуунускай уонна Петровскай уулусса быһа охсуһуутугар турар икки этээстээх дьиэҕэ биир олус кыра хоско олороллоро. Ол да буоллар, кинилэргэ иккитэ-үстэ кууруһунан түмсэн турабыт. Маҥнай улахан уоллара төрөөбүтүн бэлиэтээн. Иккиһин хайа эрэ бырааһынньыкка уонна үсүһүн – эксээмэн кэннэ Босяк төрөөбүт күнүн бэлиэтээн быһыылааҕа. Онон Босяктаах Уля ыалдьытымсах ыал этилэр диэххэ сөп. Гоша ол туһунан маннык суруйбут: «Баһылай… быыкаайык хоско ийэтиниин, кэргэниниин, оҕолорунуун симиллэн олороллоро. Сөҕөрүм диэн баар – ол хос сыыһыгар куурус оҕолоро бары субу-субу мустарбыт, хайдах батан эрэрбитин билигин сатаан санаабаппын. Баһылай ийэтэ Дьэбдьиэй, кэргэнэ Уля куруук үөрэ-көтө көрсөллөрө, арааһа, хайа да дьиэ киэҥиттэн, кыараҕаһыттан буолбакка, ыалдьыттары хайдах көрсөрүттэн сылааһа-тымныыта тутулуктанар быһыылаах».
Баһылай үөрэнэ киириэҕиттэн сүрүн дьарыга хоһоон этэ. Кууруспутугар икки поэттаахпыт: Баһылай Босяк уонна Сэмэн Попов. Иккиэн «Сэргэлээх уоттарыгар» сылдьаллара. Көхтөөхтөрө. Оччолорго куруһуогу Эрчимэн салайара. Биһиги үөрэнэ киирэрбитигэр «Сэргэлээх уоттара» хаһыат хас да миэтэрэ усталаах бүтүн истиэнэни ылар балаһанан тахсара. Сүрүн таһаарааччылар Н. Винокуров, И. Левин, о.д.а. уолаттар быһыылааҕа. Биһиги кэммитигэр элбэх дьоҕурдаах ыччат сылдьара: В. Дедюкин, В. Потапова, В. Хон, В. Иванов, П. Харитонов, А. Тарасов, В. Пермяков, М. Михайлова, Т. Алексеева, С. Попов, В. Босиков, о.д.а. Эрчимэн дьарыга үксүгэр айымньыны ааҕыы уонна ырытыы буолара. Биир-икки киһи айымньытын ырытыыга анаан ааҕаллара эбэтэр истиэнэ хаһыатыгар тахсыбыты сыаналыыллара. Эрчимэн биир эмэ устудьуону соруйан ырыттарара. Ол кэннэ атыттар «табыллыбыт, табыллыбатах», «үчүгэй, мөлтөх» диэбит санааларын тоҕотун дакаастыыллара. Егор Петрович бэйэтэ хаһан да быһаччы сыана быспат үгэстээҕэ. Туох эрэ санаа, уобарас баарын көрдөрө сатыыра. Ол гынан баран маннык гыннар тупсуох эбит диэбэтэ.
Куруһуокка сылдьыы булгуччута суоҕа, онон ким кэлэр – кэлэр, кыттар – кыттар буолара. Баһылай Босяк сырыттаҕына, көхтөөх буолара: сирэрэ, хайгыыра чопчу этэ. «Чэчиргэ» киириэн баҕарара да, кыайан баппатаҕа эбэтэр киирэн баран сыыйыллыбыта быһыылааҕа. Кууруска Баһылайдаах Сэмэн хоһооннорун Гошаҕа уонна миэхэ көрдөрөр эбиттэр. Мин сыаналыырым, оттон Гоша өйүгэр тутан, түмсүүлэргэ ааҕар буолара. Онон кууруска биллэллэрэ, кэрэхсэнэллэрэ. Баһылай хоһоону Сэмэнтэн ордук суруйабын диэн ааҕынара уонна ону аһаҕастык этэрэ. Кырдьык, Баһылай суруйуута ордук «минньигэс» буолара. Ол кини истиилин уратыта этэ. Уолаттар «Хомус» түмсүүгэ, суруйааччылар «чэппиэрдэригэр» сылдьаллара, Эрчимэн этиитинэн, устудьуоннарга суруйааччылары, ускуустуба үлэһиттэрин уонна тыйаатыр артыыстарын ыҥыран көрүһүннэрэллэрэ.
Устудьуоннуур кэмигэр Баһылай артыыс дьоҕура арыллыбыта. Учууталбыт В.Н. Протодьяконов бакылтыат уус-уран самодеятельноһын салайара. Онно хаста да пьеса туруорбуттара. Мин өйдүүрбүнэн, хайа эрэ казах суруйаачытын «Ини-бии» пьесатын тылбаастаан туруорбуттарыгар Баһылай сүрүн оруолу толорон биһирэммитэ. Аны «Улукбек» драмаҕа Улукбек оруолун оонньоон бэстибээл лауреата буолбута. Уопсайынан, Баһылай Босиков кыбыстан турбат майгылаах, туттарыгар-хаптарыгар артыыстыы маньыаралаах, үчүгэй тыллаах-өстөөх буолан, дьон иннигэр бэркэ көстөрө. Кини бу устудьуон кэмигэр ылбыт үөрүйэҕэ кэлин үлэтигэр-хамнаһыгар туһалаабыта.
Биирдэ, кураторбытын Е.П. Шестакову кутугунатан, бүтүн кууруһунан оччолорго саха тылын бастыҥ кэбиниэтин тэрийбит В.Ф. Афанасьев үлэтин-хамнаһын билсэ барар буоллубут. Тырааныспары үнүбэрситиэт хааччыйда. Оттон Кэптэнигэ хонукпутун уонна сырыыбыт бырагырааматын дойдулаах киһи Баһылай быһаарыста. Тиийээт, кэбиниэти көрдүбүт-иһиттибит, онтон биэчэрдээтибит: оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар оонньоотубут, сынньанныбыт. Нөҥүө күнүгэр – сэминээр. В.Ф. Афанасьев: «Сэминээр кэмигэр мин уруоктарбын солбуйуҥ, ким учууталлыы киирэр?» – диэн турда. Биһиги: «Бэҕэһээ эт…», – диэн эрдэхпитинэ: «Биһиги!» – диэтилэр икки поэппыт уонна Гоша. Сэминээр кэнниттэн уолаттарбытын оҕолор батыһа сылдьаллар: «Үөрэххит кэнниттэн биһиэхэ учууталлыы кэлээриҥ!» – дииллэр. Ити курдук Василий Босиков учуутал буолар дьоҕура дойдутугар арыллыбыта.
Үнүбэрситиэт ыччаты идэҕэ эрэ үөрэппэт, кинини лиичинэс быһыытынан үүннэрэр. Биһиги икки учууталбыт мөккүһэллэр: В.Н. Протодъяконов Эрчимэҥҥэ: «Эн ити туох да дьоҕура суох оҕолору таах сааратаҕын, «туох эрэ баар быһыылаах» диигин», – диир. Онуоха Егор Петрович: «Мин кинилэри литератураҕа чугаһатабын, литератураны сэргиир, өйдүүр, өйүүр дьон эйгэтин хаҥатабын. Оннук эйгэтэ суох литература сайдыбат. Бу дьонтон дьоҕурдаахтара, үлэһиттэрэ суол тобулан биһигиттэн тутулуга суох тахсан иһиэхтэрэ. Көрөөр даҕаны!» Сем. П. Данилов 1946–1952 сс. саха тылын уонна литературатын хаапыдыратыгар үлэлээбэтэҕэ буоллар, тэҥнээхтэриттэн биллэ-көстө сайдан, үүнэн тахсыа суох этэ дии саныыбын. Баһылай Босиков устудьуон сылдьан, Эллэй поэт 20–30-с сыллардааҕы литератураҕа кириитикэтин хасыһан үөрэппитэ, дьупулуом үлэ суруйбута. Салгыы аспырантыыраҕа киирэн учуонай буолбатаҕа эрээри, кини ити билиитэ, өйдөбүлэ «сахалыы саха» буоларыгар улаханнык сабыдыаллаабыта чахчы.
1973 с. үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учуутала дьупулуомнаах Саха сирин араас оройуонугар ананан, дьылҕабыт суолун тута аттанабыт. Үөрэнэр кэмигэр үс оҕоломмут Баһылай Босиков дьол көрдүү дойдутугар Уус Алдаҥҥа тиийэр, «көстүөх» буолбут миэстэтэ көстүбэккэ, Бороҕоҥҥо интэринээккэ үлэлээн баран, түөрт сыл Өнөргө нуучча тылын уонна литературатын учууталынан сирдэрбэккэ үлэлиир. Бастыҥ кэбиниэт тэрийэн, улууһугар биллэр. Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар 1978–1979 үөрэх сылыгар учуутал миэстэтэ тахсар сураҕын истэн, куоракка көһөн киирэр. Кылгас кэмҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэҕэ лабараанныыр уонна куорат саха тыллаах оскуолатыгар уһун кэмнээх айымньылаах үлэтэ саҕаланар.
В.И. Босиков учуутал уонна В. Босяк суруйааччы быһыытынан саха оҕотун сахалыы иитэрэ наадатын, саха дьоно төрөөбүт тылбытын оҕолорбутугар иҥэрэр сорукпут туһунан уһун, дьаныардаах туруулаһыыта, ахсаабакка, сылайбакка өйдөтөр үлэтэ трибун буолар дьарыга түстэнэр.
Куоракка олорор нууччалыы тылламмыт саха оҕолоругар саха тылын уонна литературатын үөрэтэр манан киһиэхэ кыайтарбатын уонна судургута суоҕун үгүс дьон сэрэйэр буолуохтаах. Василий Иванович оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр хомсомуол актыбыыһа, устудьуон кэмигэр «умайа» үөрэммитэ, артыыс уонна худуоһунньук дьоҕура, араатардыыр сатабыла учууталларга, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ тута сэргэхсийиини үөскэппитэ. Оҕолорун саха тылын уонна литературатын олимпиадаларыгар, аман өс куонкурустарыгар кытыннаран, сахалыы тыыҥҥа уһуйбута. Үөрэнээччилэри кэрэхсэтээри, үөрэтээри бэйэтэ эмиэ «аман өс» куоҥкуруһугар кыттан элбэхтик бастаабыта. Саха таҥаһын таҥнарга, кэтэргэ көҕүлээбитэ. Тылыгар эрэ бөтүрүйүөт буолбакка, Дьокуускай усулуобуйатыгар бэйэтин биэс оҕотун сахалыы тыллаары Оробуочай городоктан Сайсарыга 14-с оскуолаҕа таһан үөрэттэрбитэ элбэҕи этэр.
В.И. Босиков бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин Г.Н. Пономареваны, Е.К. Санникованы, Е.К. Готовцеваны кытта оҕолору үөрэтэр кэбиниэттэрин саха балаҕаныгар кубулуппута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан тылы, литератураны уонна төрүт култуураны биир утумҥа киллэрэн үөрэтэн барбыттара. Балаҕан кэбиниэккэ саха биллиилээх суруйааччыларын уонна артыыстарын, ускуустуба диэйэтэллэрин кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, куорат оҕолорун саха эйгэтигэр чугаһатар, норуоттарынан киэн туттар өйгө-санааҕа иитэн барбыта. Суруйааччылар тыыннаах тылларын түмэн, саха литературатыгар кэрэхсэбиллээх фоно-хрестоматияны таһаартарбыта.
В.И. Босиков үөрэппит сорох оҕолоро хоһоон айар, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуураны идэ гына талар суолга үктэммиттэрэ. Ол курдук, М. Стрекаловская, Т. Скрыбыкина, Р. Аргунова, О. Мартынова, Л. Игнатьева, кыыһа Уля Босикова уо.д.а. учууталларын туйаҕын хатарар дьон буолбуттара. Ульяна Васильевна аҕатын туһунан «Поэт уонна учуутал» диэн ис киирбэх кинигэни суруйбута.
В.И. Босиков үлэтин-хамнаһын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин министиэристибэтэ Е.П. Жирков, Е.И. Михайлова үрдүктүк сыаналаабыттара. Үгүс саҕалааһыннарын өйөөбүттэрэ. В.И. Босиков үлэтин уопутун тарҕатан, улуустарга сэминээрдэри тэрийбитэ, элбэх кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта. Төрүт култуураны үөрэтэр «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн улахан альбом оҥорбута. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тылы, литератураны, төрүт култуураны үөрэтии, саха оҕотун иитии туһунан элбэх ыстатыйаны суруйбута.
Онон В.И. Босиков үлэлиир оскуолатыгар эрэ кэрэхсэнэр буолбакка, куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр учууталлар учууталлара буолбута.
Баһылай Уйбаанабыс 1988 с. үлэтин үгэнигэр Горнай оройуонугар кэмпириэнсийэҕэ кытта сылдьан, оҕустаран, орон киһитэ буолан тиэллэн киирбитэ. Ити кэмтэн кини ыарыыны кытта унньуктаах охсуһуута саҕаламмыта. Тайахха тэптэрэн туран кэлбитэ уонна сөбүлүүр үлэтигэр эргиллэн уһуннук үлэлээбитэ. Оҕолорун кытта айылҕаҕа экскурцияҕа сылдьара, төрөөбүт айылҕа умсулҕаннааҕын уонна олох кэрэтин туһунан айар үлэ суруйтарара.
Ити курдук, уоттаах-төлөннөөх устудьуон уол буһан-хатан, төрөөбүт тылын ботуруйуота, муударай учуутал буола үүммүтэ. Киниэхэ СӨ үтүөлээх учууталын аата иҥэриллибитэ.
Төрөөбүт тылыгар кэрэхсэбилэ Рея Павловна Максимова үөрэтиитинэн эрдэ уһуктубут. Кэлин биллэр поэт В.Т. Сивцев сабыдыалынан хоһоон суруйан барбыт, ону учуутала өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар таһаарбыт, «Бэлэм буол», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга бэчээттэппит. Бастакы хоһооно 8-с кылааска сырыттаҕына 1963 с. бэчээттэммит. Маҥнайгы хоһоонноро иэйиини сиһилээһин, санааны сааһылааһын, көстүүнү хартыына оҥоруу уонна биллэр суруйааччылары үтүгүннэрии суолунан айыллар буолан, соччо сонуна суох эбиттэр. Онтон ыйы, күнү уобарас быһыытынан туттар буолбут, атыттартан уратытык ойуулуурга дьулуспута көстөр. Ол курдук сүүрбэччэ сыл тухары кинигэтэ суох поэт аатырбыт.
Кини «Угуйар саҕах» (1988), «Барыта эйиэхэ ананар» (1991), «Эн мичээриҥ» (1995), «Ойуун үөскээһинэ» (1996), «Уолукпар оргуйар санаалар» (1996) диэн хоһоон кинигэлэрдээх, «Суруллубут суоруллубат» (2002) диэн ыстатыйа уонна биллэр суруйааччылартан ылбыт интервью хомуурунньуктаах, «Ыра санаам кыната» (2008) талыллыбыт хоһоон кинигэлээх. Хас биирдии кинигэлэрэ ураты кэрэхсэбиллээх дьоһун үлэлэр.
Мин бүгүн таптал эрэ хоһооннорун таарыйабын. Улуу суруйааччы Амма Аччыгыйа бытархайга улаханы көрөр, бытархайынан улаханы көрдөрөр сатабыл суруйааччыны суруйааччы оҥорорун бэлиэтиир буолара. Ону санаан, поэт тапталы хоһуйарыгар киһи быһыытынан кэрэтэ, дириҥэ уонна поэт быһыытынан дьоҕура көстүөхтээҕин сэрэйдим.
Таптал иэйиитэ туһуланар барамайа үгүс дьоҥҥо атылыы буолар: күнү көрдөрбүт ийэлээх аҕаҕа, ииппит-аһаппыт эбэлээх эһэҕэ, уруу-аймах дьоҥҥо, төрөөбүт дойдуга, норуокка уонна кыыс аймахха ананар. Поэттарга тапталы биллэрэр ньымалара үгүс уонна араас көрүҥнээхтэр. Хайаан да сөбүлүүбүн, таптыыбын диэн буолбат. Үгүстэр умсугуйар, сөбүлүүр уобарастарын араас кэрэ быһаарыылаан (эпиитэттээн), туохха эрэ холоон, тэҥнээн, ханыылаан хоһуйаллар. Сорохтор уйулҕаларын араас хамсааһынын: ахтылҕаннарын, күүтүүлэрин, суохтааһыннарын, үөрүүлэрин, өрөгөйдөрүн уо.д.а. көрдөрөн истиҥ иэйиилэрин этэллэр.
В.И. Босиков бу күн сиригэр сүгүрүйэр күүстэрэ Таптал уонна Тыл буоларын билинэр:
Таптал уонна Тыл
Хатат кыымнара.
Таптал уонна Тыл
Өлбөт мэҥэ уута.
Кыттыстарбын ол кыымнарга,
Умустарбын ол улуу ууга.
Төрөөбүт тыла бэйиэккэ «сытыы кылыһа», туттар матырыйаала, «көмөлөһөөччүтэ», «быстыбат быйаҥа», «кэриэс ыһар кырыһа». Ол иһин В. Босяк этэр:
Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан,
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн.
Дьэ бу төрөөбүт тылын көмөтүнэн эрэ поэт сырдык иэйиитин, уоттаах тапталын бар дьонугар этэр, тиэрдэр кыахтанар. Тыла суох хайдахтаах да дириҥ иэйии сүрэхтэн сүүдүйэн тахсан сүрэхтэри долгутар кыаҕа суох.
«Сүгүрүйэбин тылга уонна тапталга» диэбитин арыйар тосхолбун тутуһан, аҕыйах тылы таптал туһунан хоһоонноругар аныырга быһаарынным.
Вася Босиков оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, аналын Уля кыыһы кытта олоҕун биир дьылҕалыырга анаабыта диэбиппит. Ити кэмнээҕи тапталга анаабыт хоһоонноро буолуохтарын сөп диэбиппитин көрүөҕүҥ. Идеала: «хара харахтаах хара суһуохтаах хара бараан кыыс», «арыы саһыл хааннааҕым, хара саһыл хаастааҕым», «эн кэрэ түүлүм Айыы Куота… чоҕу хайа туппуттуу чоҕулуччу көрөҥҥүн абылаатыҥ дууһабын; көтөр-дайар көҥүл лыахтыы сэгэлдьийэ хаамаргын… угуйбахтыы долгуһуйар толбоннурар суһуоххун имэрийэн ылларбыан, сир симэҕэ уоскуттан уҥа-таала уураатарбыан», «эн биһиги көрсөн билсибиппит ыраатта, харахпытынан кэпсэтэбит, мичээрдэһэн ааһабыт. Чугасыһыахпытын – икки ардыбытыгар көстүбэт мэһэй турар. Ол – бэйэ иэйиитигэр саарбахтааһын», «сүрэҕим тэбиитин сүрэххинэн, хараҕым кэпсэлин хараххынан таайдыҥ ини, биллиҥ ини. Кэбис, миигин муҥнаама, бэйэҥ этиий биир тылла», «кырдал устун дайан иһэр тапталлаахпын саната, куба маҥан хатыҥ турар лабаатынан дайбана», «мин эйигин билэр курдукпун өртүүн-өртөн. Ийэм эмиийин үүтүн сылааһа эйигин көрсүөхпүн эрдэттэн санаттаҕа».
«Өлүөнэ үрдүгэр… түллэҥнии оргуйар долгуну одуулуу турбуппут… долгуҥҥа дыгыйан киирэр күн сарыала кылыйта. Олортон биир көмүс сардаҥа биһиэхэ дьол суолун ыйбыта. Ол суолу тутуһан, сиэттиһэн, аһыыны-ньулууну да иһэн, инники дьулуһан иһэбит. Олоххо дьоллоохпут дэһэбит.» «Үрүмэччи кыната чараас солко ырбаахыҥ тэллэҕэ тэлээрэн, сэгэйэ дыгыйан, сэгэриэм кэллиҥ эн миигинниин көрсүһэ… Эн курдук атастаах, ахтылҕан аргыстаах сылдьартан үөрэбин, дьоллоохпун дэнэбин». «Илин арҕаа саҕахтарга саһарҕа сарыаллыын уураһар түгэнигэр араҕыстыбыт – күннээх буолуо көрсүһүүбүт». «Аҕыйах хонукка эйигин көрбөккө кууллуйдум, муунтуйдум. Оннубун булбакка, олорон турбакка эргийдим. Урбайдым. Эрэйбин кэпсээри, таптыырбын этээри, кэллим бу эйиэхэ. Убураан ылаарыый, сүрэхпин уоскутууй, сэгэрим оҕотоо!» «Билэбин: эн миигин ахтаргын – сир хайа (да) муннугар буолларгын миигинэ суох сатаммаккын».
«Ама да алҕаһаабытым иһин алыс да ыар тыллары аадырыстаатыҥ миэхэ. Бэл түөрт атахтаах бүдүрүйэр иккиэйэхтэр ээ миэннэрэ». «Ардыгар сылдьан иһэн кыраттан да сылтанан кыйыттан бараҕын. Уоту умуруораллар уотунан – мин эмиэ кыыһырабын». «Күнүскү ырам, түүҥҥү түүлүм эн эрэ буоларгын ханнык тылынан эйиэхэ итэҕэтиэхпин билбэппин… эн миигин чугаһаппаккын.» «Тэрбэс гыннылар хаастарыҥ, чаҕылыстылар харахтарыҥ, ити тырым мичээргин кимиэхэ анаан көтүттүҥ? Эн мичээриҥ аҥаара, саатар уонтан биирэ арай миэхэ тигистин. Ол эрэн дьылҕам миэхэ оннук дьолу тосхойботох, арай атын дьолго ымсыырар алдьархайтан матарбатах».
«Оо, көрүмэ даа, көрүмэ Мин диэки сэнээбиттии! Үөх, мөх, кынчыатаа, Чэ, баҕар кырбаа!.. Сыппах быһаҕынан сүрэхпин сулуйума тыыннаахтыы». «Эйигиттэн атыны таптааммын дьолунан таһымныы туолбуппун, хаҕыс тыллары тамнааҥҥын быһаҕас түһэрэ сатаатыҥ. Саараама, самныа суоҕа кыната кытааппыт санаа. Тапталым үйэлээх буолуоҕа, хата, алгыскын анаа». «Хаһан да, ханна да тиийдэрбин ааспат ахтылҕан буолаҥҥын эн миигин батыһа сылдьаҕын, сырдыгынан сыдьаайаҕын…» «Хаһан даҕаны, кимиэхэ даҕаны, ааттаһан сүгүрүйүөм диэбэтэҕим. Мин ол улахамсык санаабын эн булгуруттуҥ. Бүтэһиктээхтик өйдөөтүм, эйигинэ суох сатаан олоруо суохпун. Таптыыр эрэ сүрэх бу курдук ыллыыр, буруйа да суоҕар буруйдана саныыр…», «Эн мичээриҥ кыаҕа түспүт кыым буолан, сүрэҕим кутаатын күөдьүтэн, уулларда икки ардыбытынааҕы уонча сыл кыстык хаарын. Уҕарытыма даа ити мичээргин иннибэр күүтэр хаардарга анааҥҥын».
Василий Иванович Босиков саха поэзиятыгар маннык уһулуччулаах хоһооннору айан баран, биһирэммэккэ өллөҕө. Бу хоһооннору Василий Босяк эрэ айар кыахтааҕа: киһи сөҕөр кырдьыксыт уонна хорсун буолан.

    2021 сыл, олунньу

Уйбаан Уйбаанабыс Самаайап, физика уонна математика билимин дуоктора, Ил Түмэн V ыҥырыытын дьокутаата
Баһылай Босяк
Көҥүл тыына илгийбит, киириилээх-тахсыылаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх, ардыгар дьалхааннаах 90-с сылларга, урут дьоҥҥо киэҥник биллибэккэ-көстүбэккэ, кичэмэ санааларын истэригэр тууйа сылдьыбыт дьон общество араас араҥатыттан күөрэс гына түспүттэрэ, бар дьоҥҥо санааларын аһаҕастык, дорҕоонноохтук этэн-тыынан барбыттара. Оннук дьоннортон биирдэстэрэ – Баһылай Уйбаанабыс Босиков-Босяк этэ.
Мин кинини кытта чугастык алтыспатаҕым, кыттыһан тугу эрэ оҥорбуппут да диэн суоҕа, бэл, биирдэ эмэ атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэспэтэхпит эрээри, мин кинини балайда чугастык билэр курдук буолан хаалбытым. Тоҕо оннугун быһаарар судургу. Ити кэмҥэ «Саха кэскилэ», «Алтан Сэргэ», «Саха тыла» уо.д.а. түмсүүлэр мунньахтара тиһигин быспакка буолаллара. Баһылай Босяк ити мунньахтары көтүппэккэ сылдьара уонна хайаан да бэйэтин санаатын этэн тэйэрин быһыытынан, бэрт элбэхтик истибит киһим буолар.
Баһылай туттарыттан-хаптарыттан, этэриттэн-тыынарыттан көрдөххө, сытыары сымнаҕас майгылаах киһи буолбатаҕа биллэр этэ, тугу эмэ тириитин таһынан иһиттэр эрэ хардатын биэрэн тэйэрэ. Үчүгэйдик билбэт киһиэхэ кини ордуос, хадаар майгылаах киһи курдук да көстүөн сөптөөҕө.
Мин кинини билэрим тухары Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Аны туран көннөрү үлэлээбит эрэ буолбакка, өсөһөн-чирэһэн, киирсэн-харсан, этин-сиинин эмсэхтэтэн туран үлэлээбитин истэр этим. Лозуннарыгар интернационализм политикатын уруйдуур, дьиҥ дьыалатыгар бэйэтин норуоттарын төрөөбүт тылларын утары уодаһыннаах үлэни ыыта олорбут муокас оҥоһуулаах судаарыстыба национальнай өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын хабайар хаба ортотугар турар оскуола иһигэр саха тылын араҥаччылаан, үлэлиир-хамсыыр манан аҕай кыаллыбат суол буолара бэркэ биллэр дьыала. Дьокуускай эбэ хотун, бука, элбэх Баһылай Босиков курдук төрөөбүт тыл ботуруйуоттарын тоһутан тобуктаппыт улуу-дьаалы буолуо. Саха тылын самнарар саҥнаахтар, бука, Баһылайы да элбэхтик олуйа-моһуйа сатаабыттара чахчы. Дьэ оннук адьынаттаахтартан көмүскэнэригэр кини айылҕаттан бэриллибит боотур майгытын куйах оҥостор этэ диэн кэпсээччилэр. Дьокуускай биир улахан оскуолатыгар бөҕө кириэппэс оҥостон, балайда өр кэмҥэ саха тылын харааннаан олорбутун, үлэлээбитин-хамсаабытын иһин мин Баһылай Босиковы, ыраахтан да буоллар, өрүүтүн ытыктыы көрөрүм, билигин да оннук саныыбын.
Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх урукку оскуолата билигин Саха политехническэй лиссиэй буолан, куорат бастыҥ оскуолаларын кэккэтигэр киирэн, кэнчээри ыччаты сахалыы тыыннаан, кэскиллээхтик иитэр-үөрэтэр кыһа быһыытынан ньиргиччи үлэлии турарыгар саха тылын учуутала, поэт, общественнай диэйэтэл Василий Иванович Босиков-Босяк киллэрбит кылаата улахан суолталааҕын кинини кытта алтыспыт куорат сахаларын аҕа көлүөнэ дьоно бэркэ билэбит, өйдүүбүт, сыаналыыбыт.

    2021 сыл, олунньу

Василиса Романовна Шишигина, РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала,
«Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы пуонда стипендиата
Ийэ тылыгар бэриниилээх поэт уонна учуутал
Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка үлэлии кэлэрбэр Василий Иванович Босиков сиппит-хоппут, хайыы үйэҕэ баай уопутун тарҕатар кыахтаах учуутал быһыытынан Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлии сылдьар этэ. Оччолорго кини уонна 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлиир Вячеслав Федорович Афанасьевтыын биллэр-көстөр, уопуттаах учууталлар ахсааннарыгар киирэн, саха тылын уонна литературатын учууталларын ортотугар эргийэр киин буолаллара.
Иккис оскуолаҕа сурук-бичик түмэл кэбиниэтэ үлэлиирэ, оттон 14-с оскуолаҕа саха балаҕана моһуоннаах баай матырыйааллаах үөрэх кэбиниэтэ баара. Ити кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх кэбиниэти көрүү-куонкурус ыытыллыбыта. Онуоха, биллэн турар, иккиэн бириистээх миэстэҕэ тиксэннэр, биир идэлээхтэрин сэҥээриитин ылбыттара. Ити 1989 с. этэ, саха оскуолатын национальнай кэнсиэпсийэтэ өссө «төрүү» илигэ. Оччолорго сахалыы тыыннаах кэбиниэт кимиэхэ да суоҕа. Василий Иванович аан бастакынан бэйэтин толкуйунан кэбиниэтин саха балаҕанын курдук эркиннээх гына оҥорбута.
Бэйэтэ техническэй тэриллэри сатаан туһанара, онон аудио-видео устуулары оҥорон мунньара, уруоктарга киэҥник туттара. Суруйааччылар этиилэрин, саҥаларын устан фонотека тэриммитэ. Итинник сэргэх, сонун ньымалары хайдах туттарын көрөөрү, оскуолаҕа элбэх киһи сылдьара, кэбиниэт базатыгар сэминээрдэр, куурустар ыытыллаллара.
«Национальнай оскуоланы сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ» диэн дьиҥ саха оҕотун иитэн таһаарар сыаллаах-соруктаах, саха оскуолатын тосту уларытар көрүүлээх докумуон оҥоһуллан тахсыытыгар Василий Иванович куорат оскуолатыгар ыытар үлэтэ-хамнаһа олук буолбута чуолкай. Ону таһынан айымньылаахтык үлэлиир учууталлары, үөрэх исписэлиистэрин түмэн, айар бөлөҕү тэрийэн Үөрэх министиэристибэтэ үлэлэппитэ. Онно Василий Иванович бастакы кэккэҕэ сылдьан, көхтөөх кыттыыны ылбыта, эппитэ-тыыммыта, куорат усулуобуйатыгар сахалыы тыыннаах оҕону иитэ-үөрэтэ сылдьар киһи буолан, элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ.
Көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалы Василий Иванович бэйэтэ оҥосторо. Кэнсиэпсийэ киллэрбит «Төрүт култуура» диэн саҥа биридимиэтин куорат оҕолоругар үөрэтиини бастакынан саҕалаабыта. Үөрэнэр кинигэтэ да суох биридимиэккэ «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн көмө босуобуйаны оҥорбута. Бу олох саҥа сүүрээн этэ. Оччолорго «Айыы үөрэҕэ» диэн өйдөбүл киирэ илигэ, оскуолаҕа үөрэтиллиэхтээх диэн өйгө да суоҕуна, Лазарь Афанасьевтыын итинник бырайыагы олоххо киллэрэн барбыттара. Кинилэри батыһааччы үксээбитэ. Учуутал өбүгэлэрбит олохторун, үгэстэрин, оҕону, ыччаты иитэр холобурдарын, норуот педагогикатын билэринэн сөхтөрбүтэ. Араас публика иннигэр ону элбэхтик быһаарбыта.
Онон Василий Иванович биир идэлээхтэриттэн инники хардыылаабыт учуутал, иитээччи быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ-көстүбүтэ. Биһиги Институппут общественнай лектора этэ, улуустарга ыҥырыыга сылдьан, бэйэтин уопутун кэпсиирэ, тарҕатара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах мунньахтарга уоттаах-төлөннөөх тылы этэн, хайаан да туруорсубутун толортороро. Итинник чаҕылхай, сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан, куорат учууталларыгар өрүү дурда-хахха буолара.
Оччолорго Лысенкова, Шаталов, Дъяченко, о.д.а. курдук Арассыыйа новатор-учууталларын уопуттарын күүскэ тарҕата сатыыр этибит. Оччоттон баччааҥҥа диэри саҥаны, сонуну учууталларга тиэрдэ охсоору методистар тиэтэйэрбит. Онуоха Василий Иванович этэр буолара: «Олох бэйэбит методикабытын оҥоруохха, айыахха наада», – диэн. Ити санаатын кини эдэр учууталларга тиэрдэ сатыыра. Оччолорго общественнай лектордарбытын илдьэ уруоктарга элбэхтэ сылдьарбыт, ырытарбыт. Сорохтор кини сытыы тылыттан саллаллар этэ да, Василий Иванович кими да хомуруйбат буолара, биир идэлээхтэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мин уопуппунан киниэхэ тэҥэ суоҕум, сааспынан да сабырыйтарарым, ол гынан баран Василий Иванович сэнээбэт этэ, тэҥнээҕин курдук тутара.
Саха оскуолатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ дьоһун кылааты киллэрбитэ. Ол СӨ үтүөлээх учуутала, Василий Иванович Босиков, бүтүн оскуоланы сахалыы саҥардыбытыгар, ийэ тылга, төрүт култуураҕа тапталы, бэриниилээх буолуу холобурун бэйэтинэн көрдөрөн, үөрэнээччи, учуутал, төрөппүт кэлэктииптэригэр иҥэрбитигэр, поэт быһыытынан уруоктарыгар уран тыл кистэлэҥин арыйбытыгар, ол барыта күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үлэлээбит оскуолатыгар үгэс быһыытынан салҕанан бара турарыгар көстөр. Василий Иванович биир хоһоонугар этиллибитин курдук:
«Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан!
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн», —
диэн толору этэр бырааптаах этэ диэн сыаналыыбын. В.И. Босиков – бэйэтин кэмин төлөннөөх патриота, ийэ тылын эрэллээх көмүскээччитэ, сытыы тыллаах поэта, дьиҥ норуот учуутала этэ.

    2021 сыл, балаҕан ыйа

Александр Адамович Тарасов, учуутал, поэт, суруналыыс
Улахан удьуор утума
Үксүгэр үчүгэй дьоннорбут
Үйэлэрэ кылгас буолааччы,
Үрүлүйэн ааспыт, оҥорбут
Үтүөлэрэ үксүү турааччы…
    Ааптар
Мин СГУ историко-филологическай факультетын саха салаатыгар 1970–1975 сыллардаахха үөрэммитим. Сааһыран истэҕим аайы устудьуоннаабыт сылларым умнуллубат чаҕылхай түгэннэрин санаатахпына, кутум-сүрүм өйү-сүрэҕи өрүкүтэр ахтылҕан истиҥ-иһирэх иэйиитинэн туолан, эдэрбэр түспүт курдук сананабын… Кулгаахпар Иван Сорокоумов мин тылларбар айбыт «Сэргэлээх» диэн олус табыллыбыт ырыата иһиллэн кэлэргэ дылы:
Умнумаар, доҕоччуок, умнумаар
Эдэркээн устудьуон сылларгын.
Кырдьан да бараҥҥын тумнумаар
Сэргэлээх иккитэ – уопсайгын.
Эйигин көрсүөҕэ эдэрдик
Кырдьары билиммэт Сэргэлээх.
Ол онтон долгуйуоҥ биллэрдик,
Эдэр саас абылыыр дьиктилээх…
Бастакы кууруска үөрэнэр кэммиттэн ыла Е.П. Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогар сылдьарым. Онно аан бастаан дьулайа, салла үрдүкү куурус устудьуона Вася Босягы кытта алтыспытым. Кини куруһуок хас биирдии дьарыгар итийэн-кутуйан, иэйэн туран олус аһыллан литература, хоһоон туһунан санаатын аһаҕастык кылаан кырдьыкка олоҕуран этэр уратылааҕа. Ол туһунан оччолорго маннык суруйбут эбиппин:
Алҕаһы аһарбат,
«Ааттааҕы» ахсарбат,
Баардааҕын батарбат
Бөлүһүөк Босякпыт…
Вася үөрэнэр кэмигэр, өссө оскуолаҕа сылдьан, бастакы хоһоонун суруйбута биллэр, поэт дэппит хомоҕой хоһоонньут, дириҥ хорутуулаах бөлүһүөктүү санааны сайа этэн кэбиһэр идэлэммит. Сүрүн тиэмэлэрэ – тыл уонна таптал, үөрэх уонна иитии.
Вася 1966 с. Мүрү орто оскуолатын бүтэрээт, «Октябрь» холкуос комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээринэн, кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, үүнэр ыччаты үлэҕэ-хамнаска, сайдам-сайаҕас буолууга көҕүлээбит. 1968–1973 сылга, саха салаатыгар үөрэнэр кэмигэр, төлөннөөх араатар, артыыс, бөлүһүөк, поэт, учуутал талаана аһыллыытыгар күндү преподавателлэрбит В.Н. Протодьяконов, Е.П Шестаков-Эрчимэн, Б.Н. Попов-Барылҕан уо.д.а. улахан сабыдыалы оҥорбут буолуохтаахтар. Таарыччы аҕыннахха, тыл улахан үөрэхтээҕэ, кэлин бэрэпиэссэр буолбут Н.Д. Дьячковскай салайааччылаах саха салаата дьиҥ чахчы чиҥ билиини-көрүүнү эрэ буолбакка, олоххо-дьаһахха бэлэми, сахалыы көрүүнү, өйү-санааны, үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаны иитэн- үөрэтэн таһаарбыт эбит.
Вася үөрэнэр кэмигэр артыыс талаана аһыллыбытын бииргэ үөрэммит табаарыһа, СГУ бэрэпиэссэрэ Г.Г. Филиппов «Умайар устудьуон, бастыҥ учуутал, биллэр поэт Баһылай Босиков» диэн ааттыын да олус табыллыбыт ыстатыйатыгар бу курдук суруйбута: «В.Н. Протодьяконов ханнык эрэ казах суруйааччытын тылбаастаабыт «Ини-бии» пьесатыгар басмач уонна «Улугбек өлүүтэ» драмаҕа Улугбек уобарастарын киһи итэҕэйиэн курдук ылыннарыылаахтык оонньоон сөхтөрбүтэ».
Университекка үөрэнэ сылдьан, факультеппыт үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр, хайаан да литературнай страницалаах, биэс-алта баатыманы холбоон хаһыат таһаарарбыт. Ити хаһыаты таһаарыыга араас куурус оҕолоруттан талыллыбыт редколлегия үлэлиирэ. Мин ити редколлегия састаабыгар киирэн, олус үчүгэй майгылаах, билиилээх-көрүүлээх, талба талааннаах үөһээ куурус устудьуоннарын ордук чугастык билсибитим: киэҥ-холку, өрүү сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа сылдьар Ф.К. Стручкову, поэт, уруһуйдьут, артист В. Босягы, үҥкүүһүт Г.Г. Борисовы уо.д.а.
Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, аҕыйах оҕо Узбекистааҥҥа саха салаатын билиһиннэрэ бара сылдьыбыттара. Онно анаан дириҥ ис хоһоонноох, олус үчүгэй уруһуйдаах алта баатыман усталаах хаһыакка «Сэргэлээх уоттара» куруһуок оҕолорун хоһооннорун түмэн, литературнай альманах оҥорбуппут. Бу үлэҕэ үөһэ ааттаммыт устудьуоннар кыттыбыттара.
Василий Иванович айылҕаттан айдарыылаах улахан учуутал, уһуйааччы, тэрийээччи, саха төрүт култуурата, итэҕэлэ тиллиитигэр сыралаһан туран үлэлээбит киһи буолар. Мин кэлин учууталлыы, завучтуу сылдьан, Василий Иванович Дьокуускайга 14-с оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр, хас сэминээр тэрийдэҕин аайы, түбэһэ түһэн, арыт ыҥырыллан сылдьыбытым уонна куорат усулуобуйатыгар сахалыы куттаах-сүрдээх оскуоланы аһыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Өрүү В. Босяк айымньылаах үлэтиттэн астынан-махтанан барарым. Урукку өттүгэр куорат 2-с нүөмэрдээх эрэ оскуолата сахалыы тыллаах оҕолору үөрэтэр оскуоланан биллэрэ. Бу итэҕэс сыыйа туоратыллан, Василий Иванович үлэлиир кэмиттэн ыла саһаҕаны умаппыттыы күөдьүйэн, балачча элбэх оскуола баар буолбута.
Итэҕэли, төрүт култуураны, сиэри-туому үөрэтии, ыытыы айылҕаттан бэриллиилээх эрэ киһи ылсар дьыалата. Василий Иванович кыра оҕо эрдэҕиттэн элбэҕи билэн улааппыта маннык үлэни кыайа тутарыгар төһүү буолбута. Идэтин утумнааччы кыыһа У.В. Заболоцкая «Поэт уонна учуутал» (Дьокуускай, 2001) тахсыбыт кинигэтигэр бу курдук суруйбута: «Тулалыыр эйгэни кыра эрдэҕиттэн тыыннааҕымсытан өйдүүр, харыстыыр өйү-санааны киниэхэ эбэтэ Мааһа – Мария Николаевна Горохова иҥэрбитэ. Кини кыракый сиэнин Васяны сиэтэ сылдьан, айылҕаны таптыырга үөрэтэрэ, тугу барытын «сыччыый, чыычый» диэн көмүскүү, харыстыы сылдьара…

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539865?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым
Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Тип: электронная книга

Жанр: Стихи и поэзия

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 18.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым, электронная книга на , в жанре стихи и поэзия

  • Добавить отзыв