Тыалырар салыҥнаах олоҕум
Сахаайа Ермолаева
Ааптар ааспыт уонна билиҥҥи кэмнэр көстүүлэрин тэҥнээн көрөн сыаналыыр хоһоонноро киирдилэр. Сүрүн миэстэни төрөөбүт тылга умсугутар, ийэҕэ-аҕаҕа сүгүрүйэр лириката ылар.
Кинигэ ордук эдэр ыччакка аналлаах.
Стихи рано ушедшей поэтессы отличаются оригинальностью взглядов, глубиной философской мысли. Автор экспериментирует формами стиха, создавая прекрасные произведения в стиле рубаи и сонетов. Издание будет интересно всем любителям поэзии.
Сахаайа Ермолаева
Тыалырар салгыннаах олоҕум…
Киирии тыл
Ааспыт 2022 сыллаахха уһулуччулаах поэт Сергей Степанович Васильев-Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылын туолуутун киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Онно норуодунай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай, эдэркээн сааһыгар бу олоххо суох буолбут Сахаайа Ермолаева ааттара эмиэ ахтыллыбыттара… Поэзия аартыга диэн баар эбит буоллаҕына, онно ис сүрэҕиттэн дьулуһар киһи сүрэҕинэн сэрэйэр – ыраахтан угуйар Поэзия кутаатын сырдык кыымнарыгар биир чаҕылхайдара, ханнык да тыалтан умуллубат сырдыктара Сахаайа Ермолаева баара-суоҕа 32 сааһыгар диэри айан хаалларбыт талааннаах айымньылара буолалларын…
Мин, баҕар, ырыаҕа-тойукка
Кэмиттэн кэмигэр биллиэҕим.
Көҥүл, Тэҥ холбоспут – хойукку
Хоһооно буоламмын тиллиэҕим.
Сахаайа бастакы «Күөрэгэйим ыллаата» кинигэтэ 2011 сыллаахха, «Тыыннаах ырыа» 2014 сыллаахха бэчээттэммиттэрэ. «Тымтык кутаа» хомуурунньук Сахаайа хоһоонунан айымньытын үһүс кинигэтэ. Бу үһүс хомуурунньук аата Сахаайа бэйэтэ хоһуйбут хоһоонуттан үөскээбит:
Билэбин мин айар таһыммын —
Тыһыгырыы умайар тымтыкпын.
Өбүгэм бэлэҕин кэриэстээн
Кутааны күөдьүтэ сатыыбын.
Аҕата Рафаэль Баҕатаайыскай ахтарынан: «Сахаайа мэлдьи уобарастаан, ардыгар хас да өйдөбүллээн дириҥэтэн суруйарын сөбүлүүрэ. Бу түгэҥҥэ „тымтык” – кини поэтическай дьоҕура; „Кутаа” (хомуурунньук) – ол дьоҕурун түмүгэ». Сахаайа ахсааны эккирэтиспэтэҕэ, кэрэхсэнэри, туох эмэ сонуну этэргэ дьулуспута. «Хоһооннорум өссө сойо түстүннэр, хос чочуйталыам», – диир эбит. Ол да иһин бастакы кинигэтин 30 сааһыгар биирдэ бэчээттэппит. Дьиҥинэн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйар буолбут. Маҥнайгы хоһоонноро 16 сааһыттан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар тахсыбыттар, араадьыйанан бэриллибиттэр. Ити сааһыгар поэт Алексей Михайлов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ бастакы лауреата буолбут. Онтон салгыы ийэҕэ-оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сабыылаах куонкуруска кыттан, норуодунай поэт Иван Гоголев кэнниттэн иккис бириэмийэҕэ тиксибит.
Аан дойду, Арассыыйа, Саха сирин суруйааччыларын да айымньыларын арахпакка, бэл түүнүн сыттыгын анныгар укта сытан, уһугуннар эрэ уотун уматан аахпытынан барар, онтон өйдөөбөтөх сирдэрин ийэтиттэн Светлана Сергеевнаттан (Сергей Васильев-Борогонскай улахан кыыһа) уонна аҕатыттан (норуодунай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай) ыйытан быһаартарара үһү. Инньэ гынан, литература теориятын балачча үчүгэйдик билбит. Лондоҥҥа икки аҥаар сыл экономика төрүттэригэр итиэннэ английскай тылга үөрэнэн кэлбит. Лондоннааҕы университет сыллата тэрийсиитинэн бүтүн кууруһунан Францияҕа, Испанияҕа, онтон да атын дойдуларга экскурсияларга сылдьыбыттар. Үөрэнэн, киэҥ сирдэринэн сылдьан, Дьокуускайга төрөппүттэригэр кэлэригэр төрөөбүт сахатын тылын дьылҕатын туһунан өйдөбүлэ дириҥээбит. Арҕааҥҥы судаарыстыбалар аҕыйах ахсааннаах омуктарын эстиилэрэ саҥарар тылларын симэлийиититтэн саҕаламмытын ис сүрэҕинэн ылынан өйдөөбүт. Биһиги, сахалар, эмиэ оннук суолга киириэхпитин сөбүн өйдөөн, Э.К. Пекарскай тылдьытын арахпат аргыс оҥостубут.
Саха биллэр суруйааччыларын кытта көрсүһүүлэргэ Сахаайа өрүү сылдьан туох интэриэһиргэппитин сурунара: «Амма Аччыгыйа эдэргэ сүбэлиир: „Киһи мунньахтан суруйааччы буолбат. Мунньах сүбэлиир, көҕүлүүр эрэ. Суруйааччы үс сүрүн суолтан үөскүүр: бастакыта – айылҕаттан бэриллибит дьоҕура, талаана. Иккиһэ – ол дьоҕуру элбэх үчүгэй кинигэни ааҕан уонна олоҕу мындырдаан үөрэтэн сайдыахха, үсүһэ – ийэ тылы үчүгэйдик билиэххэ наада…”»
2014 сыллаахха экономическай наука дуоктара, профессор, үп-экономика институтун бастакы сыллардааҕы ректора Анатолий Афанасьевич Попов Сахаайа поэзиятын үчүгэйдик билэр, кинилиин алтыспыт буолан, кини санааларын аахпыт эрэ киһи толору ылынар. Анатолий Афанасьевич суруйуута ылыннарыылаах: «Финансовай-экономическай институт аһыллан үлэлээбитэ 2 сылтан орто. Ити кэм устатыгар 2 тыһыынчаттан тахса устудьуон араас экономическай идэлэргэ үөрэнэн, талбыт хайысхаларынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Бэрт үгүс араас талааннаах оҕолор үөрэнэн аастылар. Кинилэр истэригэр Ермолаева Сахаайаны чорботон ааттыам этэ. Кини „үлэ экономикатын” идэтин ылан, араас науканы үөрэтэн, бэйэтин идэтин баһылаабыт биир бастыҥ каадырбыт этэ. Ити кэмнэргэ үөрэнэр эдэр ыччаттартан Сахаайа чопчу чорбойоро, биир саамай талааннаах ыччаппыт этэ дии саныыбын. Кини бары куурустарга үчүгэйдик үөрэммитэ, олус талааннаах, ис-иһиттэн истиҥ иэйиилээх хоһооннору араас студенческай көрсүһүүлэргэ ааҕара. Айылҕаттан айдарыылаах саха норуотун дьонун кэккэтигэр киириэ диэн саарбахтаабат этибит… Ону баара… Сахаайа олус хомолтолоохтук биһиги кэккэбититтэн эрдэ туораабыта. Кини хаалларбыт айымньылара кими баҕарар кэрэҕэ, сырдыкка ыҥыра туруохтара. Кини, экономист-социолог буолан, политиканы уонна экономиканы дьүөрэлии ырытан, аттаран, олоҕу эҥсиэлээхтик, мындырдык өйдүүрэ. Ол түмүгэр, тулалыыр эйгэтин, кини дьонун-сэргэтин ис санаатын тургутуулаахтык түөргүлээн сыаналыыра, арыйара. Айымньылара, толкуйдаан аахтахха, бөлүһүөктүү көрүүлээхтэр…
Мин эмиэ поэзияны олус сөбүлүүбүн… Сахаайа литературнай нэһилиэстибэтэ баай. Олоҕу тус бэйэтин хараҕынан тургутан көрүүтэ олус сонун, атын поэттарга майгыннаабат. Түмүктээн эттэхпинэ, Сахаайа чаҕылхай талаанын аатырбыт Иван Арбитаҕа ханыылыы саныыбын. Быһата, ону кэлэр бириэмэ бигэргэтиэ», – диэн А.А. Попов бөдөҥ учуонай, салайааччы быһыытынан сыаналыырын ааҕааччы барыта да ылынарыгар саарбахтаабаппыт.
Иван Мигалкин, Ольга Янцен
Бастакы кэрчик
Олоҕум оҕолоро
(рубаилар)
1
Хомотор, үөрдэр да хоhооннор —
Олохтон төрөөбүт оҕолор.
Ааҕааччы сүрэҕэр тиийэллэр —
Көҥүлгэ суолларын солооннор.
2
Мин – олох оҕото эбиппин,
Олоччу куоппуйа киhибин.
Үчүгэй, куhаҕан көрүҥэр
Үүт-үкчү үтүктэн иhэбин.
3
Дьылҕабын түннүгүм кырыатын
Курдары одуулуу сатыыбын.
Тугу да көрбөппүн. Ол эрэн —
Кырыа-муус ууллуо дии саныыбын.
4
Үйэбин батыhан сырсабын —
Үп-харчы кыланар кыыhабын.
Тыыйбын даа! Атыылаан аhыам дуо —
Хаарыаннаах күн сиэрдээх аналбын?!
5
Мин солоон эрэбин Дьол суолун…
Туоруом дуо тоhуйар Сор дуолун?
Булларбыан, муударас мускуйан, —
Олоххо табыллар Дьолуобун!
6
Хас күнүм мөккүөргэ мүккүллэр,
Тоҥ үөскэ харгытаан түмүллэр.
Ол өрүс муустарын суйдаары,
Санаалар көмүөллээн эрэллэр.
7
Ыалдьарбар – истэргэ дылыбын
Алааhым уйаргыыр саҥатын.
Төрөппүт сылаас тыын толуйар —
Бырааhы, эмп эҥин арааhын.
8
Боотуруом! Аттыбар эн бааргын!
Ыардары барытын уйабын.
Бу миэхэ, хатыҥҥар, кэккэлэс —
Үйэлээх бэс доҕор буолаҥҥын.
9
Дьүөгэм кыыс ытаабыт хараҕар
Буруйбун булабын, ардыгар.
Куоскаттан тиигири төрөтөн,
Куhаҕан – кыраттан кыыhырсар.
10
Сорохтор сэнииллэр, кыынньыыллар,
Кырыылаах тыллары тамныыллар.
Ол кэммэр – дойдубар тапталым
Тыллара тыын уган быыhыыллар.
11
Бэйиэтиэм! Сөҕөбүн билиигин
Дириҥээн нүөлүтэр иэйиигин.
Ол эбит – эн көтөр кынатыҥ!
Эн миэхэ – холобур киhигин!
12
Айылҕа, олох да кэрэтэ —
Кыыс уоллуун тапталын кэриэтэ.
Бу ини – истиҥник өйдөһүү,
Курдары өйөһүү бэлиэтэ?!
13
Өһүөннээх сэниир дьон саҥата
Өрүүтүн сур бөрө буолбатах.
Саhыллыы сыhыантан арыт мин
Соругум сорҕото туолбата.
14
Дьиктини санатта хараҥа —
Kүhүҥҥү түүн сылаас ардаҕа.
Ыйдаҥа сырдыктаах хоhоонум
Тыллара таммалыыр, бадаҕа.
15
Хайҕалтан – эбиллэн барбатым,
Сирииттэн – көҕүрээн хаалбатым.
Хайдахпын, баарбынан сыаналаан,
Кырдьыксыт бириэмэ быыhаатын.
16
Үөһэҕэ чугас дьон бассыыбай
Сураҕы тиэрдэрэ – быраапсай
Сыанабыл курдуктук иhиллэр…
Кэм-кэрдии көннөрүө дуо арай?!
17
Кэрэ кыыс сирэйэ – визитка,
Уоланы итирдэр быhыыта?
Ардыгар оннооҕор уохтаах ээт, —
Сороххо бытыылка водката!
18
«Чиэhинэй уоруйах баар!» – дииллэр,
Ол кими этэллэр кинилэр?
Сокуону уорарга оҥорор
Улахан өйдөөхтөр үһүлэр.
19
– Үгүстүк албыны кууhабын:
Үчүгэй киhи дии саныыбын…
Билэбин бульдогу, лаайканы…
Билиэм дуо овчарка хайдаҕын?
20
«Киэҥ халлаан кыыhаҕын!» – диэбэттэр,
«Космос дочаҕын!» – дэhэллэр.
Тыа дьоно сүөһүтүн ахсаанын
«Төбөбүт ахсаана…» – дэhэллэр.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539862?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.