Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы
Ульяна Алексеевна Винокурова
Биллиилээх учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл У.А. Винокурова отут сыллааҕыта тахсыбыт «Биһиги, сахалар…» диэн кинигэтин салгыытыгар тургутуулаах кэрдиис кэмнэри тэҥниир, ханнык хайысхаҕа ситиһиилэр уонна алҕастар тахсыбыттарын ырытар. Саха омук олоҕун дьылҕатын уон икки оҥкулларга арааран, сайдыыны салҕыыр суоллары торумнуур.
Ааптар ааҕааччыны кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, санаа атастаһан, инникини барыллааһын тускулларын ырытар. Саха ыраланар кэскилигэр бигэ эрэл араас өрүттээх туруулаһыынан ситиһиллэрин арыйар уонна онно бэлэмнээх ыччаты иитэргэ ыҥырар.
Известный научный и общественный деятель, доктор социологических наук, профессор У.А. Винокурова в продолжении своей книги «Биһиги, сахалар…» (Мы, саха… ) сравнивает исторические вехи в судьбе народа саха, в особенности, выявляет достижения и неудачи постсоветского периода. Она выделяет 12 судьбоносных аспектов в национальном самосознании народа саха и возможности их саморазвития.
Автор выступает в качестве собеседника с читателем, вдумчиво и обстоятельно делится своими размышлениями по актуальным проблемам повестки дня. Предлагает свое видение места народа саха в глобальном мире и модернизации воспитания молодежи.

Ульяна Алексеевна Винокурова
Биһиги, саха дьоно

Саха суола
Олоробут биһиги одурууннаах олох хонуутугар,
Күн аайы киирсэбит өһөгөйдөөх күүһү утары —
Күөйэр ууну-уоту кытта тургутуһа,
Кэрэ кэскил туһугар туруулаһа —
Өһүллүбэт күүстээх санаа куйахтанан,
Самнарыйбат сырдык санаа дуоҕаланан.
Олорбута өбүгэ эмиэ күн аайы туруулаһыыга,
Умайардаах уот куйаастан хабараан тымныыга
Үрүҥ тыыны өллөйдөһүү уһугар
Күн бүгүҥҥэ эн биһи баарбыт туһугар,
Туллаҥнаабат тулааһын буола турарбытыгар.
Аныгыйар тымныы тыалларга,
Хаарыйталыыр хабыр дьылларга
Абытайдаах арҕастары туоруурга,
Эстэ-эстэ тиллэ турарга
Баар буоллуннар мин кыракый омукпар
Этиллибит сырдык алгыстар.
Олордохпут буоллун эридьиэстээх олох эргиирдэригэр
Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы аймах сахалар —
Аан дойду арыйар бары алаастарыгар
Айар-тутар айдарыыбыт сайда турарыгар!
    Елизавета Мигалкина
    29.07.2022

ААН ТЫЛ
«“Туруулаһар” диэн тылы, билигин эрэ, аһаҕастык, бэйэтин суолтатынан өйдүүр кэммит кэллэ. Бу олус күүстээх тыл», – диэн кэриэһин этэн хаалларбыта саха биир бастыҥ өйдөөх саарына, саха тылын күүһүн тилиннэрээччи, саха омук кырдьыгын, уратытын туруулаһааччы Баһылай Бырдьахаанап[1 - Баһылай Бырдьахаанап. Айар тыл уоттаннын! Тыл илбиһэ төлөннөннүн! – Дьокуускай: Бичик, 2009. – С.284.].
Саха омук үс атахтаах толору кымыстаах чороону күөрэччи көтөхпүт көрүҥнээх:
Биир атах – киин сахалар.
Иккис атах – Бүлүү сахалара.
Үһүс атах – хоту сахалар.
Оттон биир атах доҕолоҥноотоҕуна – омук сатарыйыа, кымыһа тохтуо.
«Биһиги, сахалар…» диэн кинигэм тахсыбыта номнуо 30 сыл буола оҕуста. Демография науката 30 сылы көлүөнэлэр солбуйсар кэрчик кэмнэринэн билинэр. Ол аата, ааспыты кытта ситимнээн, саҥа көлүөнэҕэ туһаайан, инникини торумнаан толкуйдуур соругу ситиһэргэ дьулуһуохтаахпыт. Суруллубут – суоруллубат. Отут сыл анараа өттүгэр суруйбут кинигэбин саҥалыы хараҕынан ааҕан көрдүм да, туохтан да аккаастанар, бу сыыһа халытыы барбыт диэн кыбыстыбатым. Баҕар, оннук мастыйан хаалбытым буолуо.
Бу икки кинигэ икки ардытыгар бэрт элбэх билии мунньулунна, араас өрүттээх историческай уларыйыылар ыгымнык сөрөөтүлэр, көҥүл тыынын да уктулар, хааһахха да тыыннардылар. Билэ-көрө, тэҥҥэ олук үктэһэ сылдьар дьон кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ буолаллар. Оннук дьону кытта санаа атастаһар баҕаттан бу иккис кинигэни суруйарга сананным.
Саха омук бэйэтин дьылҕатын тас дьайыылар күһэйиилэриттэн ыктаран толкуйданарга, тыыннаах хаалар, онтон сайдар суолу биттэнэн, таба тайанарга дьулуһар, ол тула сомоҕолоһор майгылаах омук. Онуоха сонун, туһалаах буолуо диир уратылары хамаҕатык ылынар дьоҕурдааҕын былыргыттан билиҥҥигэ диэри атын омуктар бэлиэтии көрөллөр. Сэрэхтээх, туга-ханныга, ис биэтэһэ биллибэт угаайыга киирэн биэрбэккэ дьулуһар.
Саха омук сайдыытын 100 сыллаах былаанын ойууннаан, научнай тас күүстэри да түмэн, политическай да, литературнай да билиилэринэн сирдэтинэн Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Софрон Данилов, Михаил Николаев толкуйдарынан айыллан, олоххо араас өрүттээхтик киирбиттэрэ.
Судаарыстыба дьылҕата уонна омук дьылҕата – араас араастар, тус-туспа да хайысхалаах, дьүөрэлэспэт да буолуохтарын сөп. Быйыл биһиги государственностаах омук буолбуппут 100 сыла диэн бэлиэтии сылдьабыт. Дьиҥинэн ыллахха, 1921 сыл алтынньы 23 күнүгэр ылыныллыбыт «Декларация прав и обязанностей трудящихся Якутской Социалистической Советской Республики» уонна 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр араас омуктаах норуот аатыттан ылыныллыбыт «Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики» саха омук былааһа буоларын кэрэһилээбэттэр. Инньэ гынан, хайалара да саха омук судаарыстыбалара буолбатахтар. Итини чуолкайдык өйдүөхпүтүн наада. Онон, саха бэйэтин уопсастыбаннай, гражданскай күүстэринэн салайынарга дьулуһар.
Оннук бэйэ ис кыаҕынан сайдыыны тутуһарга күүстээх туруорсуу, билии-көрүү таһымынан официальнай былааһы кытта дьүөрэлэһэн, сомоҕо тылын-санаатын тиэрдэр кыахтаах бэлэмнээх, тэрээһиннэрдээх буолара ирдэнэр. Өскөтүн 1990-с сыллар саҥаларыгар инкооптация диэн уопсастыбаннай лиидэрдэри былаас структураларыгар хото киллэрбит эбит буоллахтарына, билигин оннук суох. Түмүгэр, оппозиция да, бииргэ куолаан үлэ да тахсыбат. Оннук турук былааска да, уопсастыбаҕа да охсуулаах, түмүгэ – сытыйыы, эстии, ыһыллыы.
Өрөспүүбүлүкэ былааһа үүт-үкчү үөһээҥҥилэри үтүктэр. Тутулбут оннук, арбаҕастаах да абыраабат. Маннык кэмҥэ биһиги «мягкая сила» диэн ньыманы туттуохтаахпыт дии саныыбын. Ханныгын да иһин былааска бэйэлээх бэйэбит дьоммут олороллор. Оннук олохтоох омук бас-көс дьоно салалтаҕа тахсыбыттара федерация субъегын аайы кыаллыбат. Онон, бу дьоммут ааттарын-суолларын харыстыахха уонна тылбытын сатаан тиэрдэр ньымалары көрдүөххэ. Бэйэ эрэ туһун буолбакка, Арктика, бүтүн Сибиир кыра-хара, аҕыйах ахсааннаах, бэйэлэрэ субъект быһыытынан таһымнаах тутулларын кыаммакка олорооччулар дорҕоонноох куоластара буолуохтаахпыт. Онуоха хайдах бэйэ бодобутун тардынан, атыттары тардар дьон-норуот буолабыт?
Биһиги туһаайыыбыт – норуоппутун кытта бииргэ буолан, кини куолаһа, киэҥ көхсө, уһун тыына, сырдык санаата буолуу.
Ол сорук туолуутугар, аан бастаан, олохтоох дьаһалталар истэригэр өтөн киирии наада. Олохтоох публичнай былаас сис дьоно буолуу – бу кыаллар тирэх, салгыы өрөспүүбүлүкэ, федеральнай таһымнарга тахсарга тирэнэр үүнүү, бэйэни салайыныыга бэлэмниир олуктар туһалыахтара.
Ханнык да омук бэйэтин салайынар таһыма ис кыаҕынан быһаарыллар. Бу ааспыт сүүс сыллаах үөрэхпит дьиҥнээх ис хоһооно итини бэйэбит толкуйбутунан өйдүүрбүтүгэр тириэртэ. Баары баарынан ылыныахха, онно тирэҕирэн кэскили тобулуохха.
Бу үйэ государственностаах буолууга бэлэмнэнии быһыытынан ааста.
Аны иккис үйэҕэ үктэннибит. Кэлэн иһэр кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ, бу биһиги – билиҥҥи кэм дьоно буолабыт. Ол курдук суолталаахтык, дьоһуннаахтык санаа атастаһыахха, ааспыты, бу кэми, инникини холбуу тутан ырытыахха, ыраланыахха.
Саха омук Хотугулуу-Илин Азияҕа тайаан олохсуйбут, икки улуу акыйаан Чуумпу уонна Арктика силбэһэр үрэхтэрэ Дөлкү Өймөкөөн улууһугар баар. Тас дойдулары кытта быысаһар Арассыыйа кыраныыссата Саха сирин Арктикатынан биэс сүүс көстөн тахса сиргэ субуллар. Хотугу Муустаах байҕал хоонньугар хорҕойо сытан, арктическай циркумполярнай цивилизация сүрүн тутааччылара буоларбытын ылынан, билинэн, онно тирэннэхпитинэ, омук быһыытынан чөл хааларга туруулаһар күүспүт бөҕөргүө. Арктика айылҕата сир хайа да өттүнээҕэр кэбирэх, тыйыс уонна түргэнник уларыйар тэтимҥэ киирдэ. Ол тэтим саха бэйэтин инникитин толкуйдууругар, туруулаһарыгар тиэтэтэр. Онуоха эбии глобальнай информация ситимин хараҕын дала эмиэ биһиги хас хардыыбытын барытын кэтии уонна тарҕата олорор. Маннык кэмҥэ үүнэр саха көлүөнэтэ саҥалыы сайдар суоллары тыырарыгар быдан ыгым, түргэнник-тарҕаннык быһаарыныыны ылынан, туттуу-хаптыы ирдэбиллэрэ тураллар.
Ханнык баҕарар норуот, судаарыстыба атыттар сайдалларыгар туһалаах, киниэхэ эрэнэр тирэх ылбаҕай ыаллыы сыһыаннаах эрэ буоллаҕына чөл туруктаах, бэйэтин туһун эрэ хааччынар кыараҕас ычатыттан босхолонон сайдан уонна чөл туруктанан атыттары кытта тэҥҥэ дьүөрэлэһиэн сөп. Онон, биһиги, сахалар, Айыы суоллаах дьылҕабыт дьоло Арктикаҕа уйаланар.
Билигин буола турар араас историялаах улахан цивилизациялар бэйэлэрин сирдэрин былдьаһыыларыгар, урукку оннуларыгар түһүүлэрин будулҕаныгар баһыйтаран хаалбакка, кытыы сир кыра ычалаах омуктарын дьылҕатыттан төлөрүйүөх кэриҥнээхпит. Бэйэбит сайдыы киинэ буолар кэскилбит көнтөһүн салайан, Күн Дьөһөгөйбүт арҕаһыттан сайдыы саҕахтарыгар дьулуруйар ыра санаанан салайыныахха!
Бу Орто туруу дойдуга туруулаһыы – уйгулаах олох ис киэбэ!
Бу кинигэҕэ информацияны хомуйарбар көмөлөспүт Национальнай библиотека үлэһиттэригэр, чуолаан Лариса Львовна Малаяҕа, Хаҥалас улууһун библиотекатыгар, «Николаев-Киин» – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин архыып-библиотекатыгар, ХИФУ, АГИКИ, ЧГИФКИС преподавателлэригэр уонна устудьуоннарыгар, Чурапчы, Таатта, Ньурба, Өймөкөөн, Дьааҥы, Халыма улуустарын Айыы дьонугар, саха итэҕэлин сүрүннээччи А.Н. Павлов-Дабылга, Т.Р. Такасаеваҕа, Е.И. Мигалкинаҕа, Н.И. Руфоваҕа, бу кинигэни суруйарбар туруорсубут В.Н. Луковцевка, дьиэ кэргэммэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

БАСТАКЫ ОҤКУЛ
САХА ДЬЫЛҔАТА – ҮҮНЭР ҮЙЭҔЭ
Киһи аймах былыр-былыргыттан олоҕун икки араас суолтан биирдэстэрин талан солонор. Бастакы суол – күүс өттүнэн өттөйөн туора омуктар сирдэрин, баайдарын-дуолларын былдьаан ылан, кыаҕырарга дьулуһуу. Оннук ньыма тас эрэ эйгэҕэ туттуллубат, ис тутулларыгар эмиэ дьайан уһунугар өһүөнэ бэйэтигэр төннөн кэлэн, иинэр-хатар, кэрэгэй кэскиллиир, ыһыллар-тоҕуллар. Бу бастакы суолу КЫРЫЫС суола диэххэ. Иккис суол – эйэлээхтик-иллээхтик олорорго дьулуһуу, дьүөрэлэһии, ыаллыы омуктары кытта, бэйэ дьонун кытта хардарыта тыл-тылга киирсэн, куолаан биир кыһалҕаны быһаарсыы, Сир Ийэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Бу суолу АЛГЫС суола диэххэ. Бастакы суолу тутуспуттар, история тыйыс уруогуттан кэһэйэн, иккис суолу ылыналлара баар суол. Холобура, Германия билигин бэйэтин демократия уйатын быһыытынан ииттинэ сатыыр, Канада олохтоох омуктары эһэ сыспытыттан кэмсинэн, кинилэри көмүскүүр суолу тутуһар.
Саха омук АЛГЫС суолун тутуһарга ыраастаныы араас ньыматын элбэх түгэннэргэ туттар. Ону европейскай цивилизация суолун тутуспут омук дьоно дьиктиргии, сонургуу көрөллөр-истэллэр. Дьиҥинэн ыллахха, ханна да олохтоох омуктарга тиийдэххэ, эйигин ыраастыыр сиэри-туому хайаан да оҥороллор. Кинилэр олохсуйан олорор сирдэрин айылҕатын санаатынан, тыынынан уоскуйаллар, холкутууллар, кэҥииллэр. Ол аата, Сир Ийэ төрүт олохтоохторо эйэлээхтик дьүөрэлэһии суолун тутуһаллар. Сахалар эмиэ Эйэни туохтааҕар да күндүргэтэбит.
Ол гынан баран Саха кэлиҥҥи үйэлэргэ утарыта турар ити икки суолларга кыпчылынна. Ол ис колонизация диэн ааттанар ииччик-бааччык тоһуурдарыгар күһэҥэ да туллар кыһалҕаларын санаатын күүһүнэн тулуйар кэллэ. Оннук түгэннэргэ хатан санаалаах, эрдээх сирдьиттэр номоххо хаалбыт Тыгын Дархан, онтон Илья Винокуров, Михаил Николаев курдук лиидэрдэр дьону-норуоту күөннэринэн көмүскээбиттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн таһымҥа таһаарбыттара.
Дьэ бу Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ биир үйэтин туолар историческай кэрчик кэмэ тосту уларыйыылар хаҕыс тыыннара хаҥыннарыах кэриҥнээх түгэннэригэр түбэстэ. Омук бэйэтин салайынар төрүт быраабын түөрэҥнэтиэх мүччүргэннээх быһыы-майгы тирээн кэлиэх курдук кыһалҕатыттан сэрэхэдийэн, туох да дорҕоонноох түмсүү, үүнэр үйэни торумнуур көрүү-истии кыаллыбата. Арай Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев ыарахан кэмнэр иһэллэр диэн сэрэттэ, онуоха бэлэмнээх буолар туһуттан маннык суолларынан дьаһаныахха диэн эттэ: «В трудные, переломные годы политического и экономического переустройства России в 90-х годах мы перед собой ставили три взаимосвязанных вопроса. Первый вопрос – повысить политический статус республики, второй – определиться с собственностью республики и третий – на основе этого улучшить качество жизни людей. Свою мысль об этом мы открыто провозгласили на I съезде народных депутатов РСФСР в мае 1990 года, где выдвинули идею об изменении статуса автономных республик и создании действительно равноправных национально-территориальных структур. До этого было много встреч с руководством страны, поэтому тот документ, который заложил основу современной Якутии, был смело объявлен с трибуны съезда. Это принятое 26 декабря 1990 г. после многих встреч, согласований в верхах, Постановление Совета Министров РСФСР «О расширении экономической самостоятельности Якутской-Саха ССР в решении социально-экономических проблем в условиях перехода на рыночные отношения». А у себя на родине мы обсуждали этот документ в каждом сельском совете, в каждом районе, в крупных предприятиях и учреждениях нашей республики. Поэтому мы смело шли на этот шаг. Были очень тяжелые времена, распад Союза был трагедией для многих регионов. Особенно для отдаленных окраин, но мы сумели выстоять и заложить прочный фундамент для дальнейшего развития республики. Тот колоссальный опыт работы нашей команды в 90-х годах должен пригодиться для руководителей нового времени. Сегодня тоже наступили нелегкие времена, будет трудно, поэтому надо уже сегодня действовать на опережение. Главное, сохранить громадный экономический потенциал, который был создан в республике. Это основные фонды в порядке более трех триллионов рублей. И нужно принимать все меры, чтобы ни в коем случае не пострадало наше сельское население, чтобы село было обеспечено»[2 - Выступление М.Е.Николаева на торжественном заседании Ил Тумена. 29 апреля 2022 г. https://nikolaevcentre.ru/news/1848 (https://nikolaevcentre.ru/news/1848)].
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис сүүс сыллаах историятын арыйар ураты суолталаах түгэнэ тосхойбут биһиги көлүөнэ дьон ааны арыйар дьоһун суолталаах буоллубут. Ааспыт кэмтэн туох билиини, ситиһиини, баҕа санааны ылҕаан ылан үүнэр үйэбит тирэҕэ, суола-соруга оҥостобут, туохтан кыккыраччы аккаастанан, ыраастанан, босхолонон инники сүүс сылга дьэҥкэ ис туруктаах, дьоһуннаахтык туруулаһар соруктаах үктэнэбит?
Историческай үйэ дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар көлүөнэлэр майгыларыгар, кинилэр олоҕу анаарар көрүүлэригэр иҥэр. Ол дьиэ оҥкулун курдук. Аҕам саастаахтар сындыыс мас курдук чиргэл туруктаах, бөҕө-таҕа олохтоохтук сиргэ тирэнэр, орто саастаахтар эркин курдук эрэллээх, дьиэ муннуктарын ыга тутан хаҕыс эйгэни муннарар буоллахтарына, ыччаттарбыт үрдүк өһүөлээх иэримэ уйаны туттан дьолу-соргуну түстүөхтэрэ. Ити курдук көлүөнэлэр солбуйсан дьол уйатын тутарга, сындыыс буолар сааска тиийэргэ олорбут олоҕуҥ омсолоох көрүүлэриттэн көҥүл өттүнэн аккаастанар кэмэ-кэрдиитэ кэлэр. Ону сэргэ үтүө кэскиллээх өттүн ыһыктыбакка тутуһан туруулаһар ытык сааскынан туһанар кыах үөскүүр. Кырдьаҕаһы эрэ барытын хааһахха уга сылдьан сүбэлэппэттэрэ буолуо. Саҥа кэм ирдэбилигэр суол ыйар билиилээх-көрүүлээх, ыччаты харыстыыр, сайыннарар суолталаах сүбэлээх аҕам киһи ордук көмөлөөх.
Билиҥҥи кэммит демографическай уратыта диэн саастаах дьон ахсаана күүскэ элбии турар, оттон ыччат ахсаана аҕыйыырын таһынан, өссө тас сирдэринэн тэлэһийэ, табыгастаах үлэни-сырыыны сырыста. Маны сэргэ Саха сирин этнодемографическай састааба көстө уларыйа турар, ол тута араас итэҕэллээх, култууралаах, олоххо уонна төрүт дьоҥҥун кытта өйдөспөт майгыны үксэтэр.
Модернизация диэн ааттанар саҥалыы олоҕу ылыныы, дьиҥинэн ыллахха, киһи сааһыттан быһаччы тутулуга суох. Ону туруору өйдөөн, салалтаны, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар иитэр-үөрэтэр, билиини-көрүүнү, майгыны-сигилини сүрүннүүр ситимнэргэ дьоһун саастаахтары ылгыырга дьулуһуу – кэрэгэй дьаһаллар. Силиһэ суох аар хатыҥ лаглайа үүммэтин кэриэтэ, угуттуур симэһинэ, тургутар өйө суох уопсастыба, ийэтэ суох муммут кус оҕолорун курдук, хаппыт хомуска, кулуһуҥҥа хорҕойо сатыыр. Ону силлиэ-буурҕа, мэник уот имири салаан ааһара ырааҕа суох. Ол да иһин кыйма кытай дьоно аарыма Дэн Сяо Пиннарын үстэ былаастан илгэн баран, үстэ төннөрөн, көнөр суолга үктэммиттэрэ.
Саха дойдутун айылҕата ыраастаныыга ордук күүстээх ирдэбиллээх. Сыгынах, сытыйбыт, ымыйбыт, кэхтибит барыта өр сылларга сүлүһүннүүр.
Ыраастаныы — айылҕа туруга, сайдар-үүнэр суол олуга. Ол тэҥэ киһи эмиэ олоҕун суолун ыраастыы, сыыһаттан-алҕастан көннөрүнэ сылдьар. Ыраас дьайар күүһэ Күнтэн түһэр. Ол иһин былыр-былыргыттан киһи аймах күҥҥэ сүгүрүйэн, Күн сардаҥаларынан көнтөстөнөн, кини сырдыгар тардыстан, чэбдигирэн, торолуйан олох баар буоллаҕа. Сүрэх тэбиитин тэтимэ, айар-тутар эрчим, көҥүл тыын Күнтэн бэриллэр. Күн киһи аймаҕы кууһан, эйэлээх олоххо эрэли үөскэтэр сылбата эстибэт күлүмнүүр күүстүүр. Кини Ытык сирдэргэ кистэлэҥ күүһүн хорҕотон, Сири кытта айар, дьарайар ситими тутар.
Билигин, баҕар, ядернай тоҕо тэптэрии Күн уотун өлбөөрдөн, планетаны кыһыҥҥы муус тымныынан тыынар тыыннааҕы эһиэ диэн дьаарханыы баар. Ол аата, киртийии чыпчаалыгар, аньыы-хара муҥурданыытыгар тиэрдэр суоһар куттал бүрүүкүөх курдук.
Хараһыктаах хара тыыны быыһыырга сырдыкка дьулуһуу Аар Айыы сыдьаайар сырдык Айыыларыгар дьулуһуу уустук. Билигин дьайар, аан дойду дьонун итэҕэллэрэ, сүрүннээн, тус бэйэ этэ-сиинэ өлүүттэн быыһаныытын эрэ тутах кыһалҕатын харамныы сатыыр. Аар силик айылҕа, киҥкиниир киэҥ куйаар үүнэр сырдык Айыы күүстэрин кытта дьүөрэлэһии, киһи олоҕун тыынын үрдэтиигэ дьулуһуу саха итэҕэлигэр күүстээх.
Онон, элбэх аньыылаах-харалаах, айылҕа ыраас эйгэтин билиммэт кэмҥэ олорорбут быһыытынан, ол сэтин-сэмэтин уҕарытаары, ЫРААСТАНЫЫ сиэрэ-туома төрүт олохтоох омуктарга кэлин күүскэ сайдан эрэр. Ити үтүө, чиргэл, Аар айылҕа сааһыламмыт олоҕуттан маппат туһугар туруулаһыы туоһута, киртэн-хохтон босхолонуу – олох ирдэбилэ.
Ыраастаныы, босхолонуу өрүттэрэ элбэхтэр. Төрдүттэн ылар буоллахха, утарыта турар дьайыылар дьүөрэлэһиилэрин ситиһэргэ тыынар тыыннаах барыта дьулуһар. Төрдө – иитиллэр сир былдьаһыга. Детерриториализация диэн төрүт сири былдьааһын, ретерриториализация диэн төрүт сири төнүннэрии. Ол тула араллааннаах айманыы быыстала суох. Урут ХНТ тэриллэригэр 51 сувереннай судаарыстыба баар эбит буоллаҕына, билигин – 193. Ол курдук, 1990-с сылларга Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын (детерриториализацияламмытын) түмүгэр 15 сувереннай судаарыстыба норуоттара төрүт сирдэрин ретерриториализациялаан, төһө кыахтара баарынан хараанныы сатыыллар. Киһилии глобализация сүрүн уратыта диэн ыаллыы норуоттар бииргэ, куолаан бэйэлэрин сайдар суолларын туруулаһарга көмөлөсүһэр кыахтарын күүһүрдэр.
Биһиги, сахалар, үлүгэрдээх киэҥ сири тайаан, сабардаан, ону судаарыстыбаннас таһымынан баһыйар өттүн тутан олоробут. Ол, биллэн турар, кыҥыы сытар кыйма омуктар ымсыыларын улам күүскэ көбүтэн иһэр. Онон, баччааҥҥа диэри улахан судаарыстыба хонноҕор, ол сокуоннарынан олорон кэлбит эбит буоллахпытына, аны тас да колонизация дьайыытыгар киирэргэ тиийэр кэмнэрбит тирээн кэлэллэрэ сабаҕаланар. Кыра быраат буолан, дьукаах олоруу уратыта диэн олохтоох омук бас-көс дьонноруттан баһыйар былааһы хааччыйар кулуттуу хабахха тыынар санааны, хааччахтаммыт күүһү бэлэмнээһин буолар. Ол гынан баран мүччүргэннээх быыһык кэмнэргэ, күһэҥэ туллаҥныыр биэтэккэ хорсун эр санаалаах салайааччылар күүстээх туруорсууларынан бар дьоннорун быраабын, интэриэһин туруулаһар модун ис кыахтаахтар.
Норуотун көҥүлүн, быраабын туруулаһыы символа буол- бут Тыгын Дархан килбиэннээх суола сойо илик. «Хайа да түөлбэҕэ бастыҥ саха киһитин «Дыгын оҕото киһи» диэн хайҕаан, киэн тутта этэр кыахтаныаҕыҥ», – диэн ыҥырар М.П. Алексеев-Дапсы[3 - М.П. Алексеев-Дапсы. Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар. Ыстатыйалар. Санаалар. Бэлиэтээһиннэр. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2021. – С. 9.]. 2016 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Тыгын сылын биллэрбиттэрэ, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара[4 - Хаҥыл. Хаҥалас сурунаала. – №11. – 2017.]. Бу улуу Дарханнарыгар туһааннаах үһүйээннэр, өйдөбүнньүктэр, сир ааттара элбэхтэр: Тыгын төрөөбүт маһа, Дархан Атаҕа, Дархан Олоҕо, Дархан Ходуһата… Хаҥалас улууһа бүтүннүү Тыгын Дархан ытык сирэ диэн ааттанар кыахтаах. Тыгын Дархан аатын санатар Куллаты, Дьэр, Табаҕа, Нөмүгү, Сайсары, Эркээни, Туймаада, Самартай, Малдьаҕар, Хачыкаат, Өктөм, Иккис Дьөппөн, Хахсыт, Тыгын Булгунньаҕа… Дыгын Боотур – Чурапчыга, Тааттаҕа – Тыгын Тойон, Тыгын Баай – Уус Алдаҥҥа, Тыгын Тойон – Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа, Намҥа уос номохторо буолан ааттаналлар. Ол да иһин саха дьоно өрүһүспүт, утаппыт курдук туруулаһан, уларыта тутуу саҕана В. Яковлев-Далан Тыгын Дархан туһунан кэс тыл кэриэһин курдук айан-суруйан хаалларбыт айымньытыгар Тыгын Дарханы илэ бэйэтин, оччотооҕу кэми киинэ гынан таһаарарга туруммута.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин суверенитетын биллэрэр кэмигэр салайыныы үрдүк солотун «бэрэсидьиэн» диэн ааттаабыппыт. Ол солону табыгаһа суох диэн үтүрүйбүттэригэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана» диэн өссө дириҥ суолталаах ааты айан таһаарбыппыт 2012 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Конституцияҕа киирбитэ, 2014 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга Егор Афанасьевич Борисов аан бастакынан, бар дьонун итэҕэлинэн, сахалыы үрдүк солону сүкпүтэ. Бу аат уһаарыллар мөккүөрүгэр Тыгын, Аҕа Баһылык, Аан Дархан, Ил Дархан, Аҕа Дархан буоллун диэн этиилэр ырытыыга, санаа атастаһыытыгар турбуттара.
Дархан үйэлэри уҥуордаан эҥсэн кэлбит суолтата дьон-норуот ыра санаатын тилиннэрэр дьоһун аат буолан угуйан, «Тыгын Дархан» диэн ааттаах киинэ айыллар буолбутун саха дьоно ис-истэриттэн үөрэ-долгуйа ылыммыттара. Ким туох кыахтааҕынан, итиини-тымныыны, ороскуоту, кэлиини-барыыны аахсыбакка турунан, киинэ дьиҥ сахалыы олоҕу-дьаһаҕы, майгыны, үйэлэргэ иитиллэр Или төрөөбүт төрүт сиргэ олохтуур ыра санаа дьулуурун көрдөрөргө дьулуспута. Саха түмсүүлээҕин, бэйэтин дьылҕатын кэпсээнин тус бэйэтинэн туруулаһан туран кэпсииргэ туруммут бу бастакы далааһыннаах көстүүтэ буолар.
Маннык таһымҥа сананыы даҕаны, ону ситиһии – кыра-хара омук дураһыйбат чыпчаала. Маныаха күүс, билии, сатабыл үрдүк күүрүүтүн түмүүгэ саха саарына Андрей Борисов «Чыҥыс Хаан» киинэтэ суолдьут сулус буолбута чуолкай. Кини саха өйүгэр-санаатыгар таҥара таһымыгар иҥмит улуу өбүгэлэр сирдьиттэрин илэ-бодо көрдөрөр, сахалыы тыыннаах киинэни айбыта. Онон, салҕааччылар кини санныгар үктэнэн, сүөм үрдээн, Тыгын Дархаҥҥа холоннохторо. Онуоха төһүү күүс быһыытынан уларыта тутуу саҕана саха сүнньүн туппут, санаатын бөҕөргөппүт Далан айымньыта бөҕө-таҕа далаһа буолар.
Бу киинэ уобараһыгар, тылыгар, идиэйэтигэр Тыгын Дархан диэн чопчу киһи эрэ буолбакка, Дархан диэн эр киһи дьоһун аатын ис суолтатын арыйарга, ону тилиннэрэргэ сүрүн болҕомто ууруллубут. Экраҥҥа былыргы кэм көрдөрүллэр да буоллар, көрөөччү билиҥҥи кэми кытта тэҥниир. Ол иһин, саха омук сомоҕолоһуутун идиэйэтэ билиҥҥи муҥкугуруу кэмигэр сытыытык турарын өйдүүрэ күүһүрэр, элбэх толкуйдары үөскэтэр.
Саха дьоно-сэргэтэ тус кыттыытынан, Ил Дархан өйөбүлүнэн, Үрдүкү күүстэр көмөлөрүнэн, баарбытынан-суохпутунан «бу биһиэнэ» диэн өрө күүрэн, өйү-санааны түмэн туруорбут киинэбит Иллээх буолууга дьулууру көрдөрдө, ону үгүстэр ылыннылар-биһирээтилэр. Бу киинэ ньыматынан Или ситиһии эндирдээх суола толугу да эрэйэрин, дьон-норуот туһугар туруулаһыы тургутуутун уйарга аналлаах сирдьит Дархан үйэлэргэ сэдэхтик төрөөн-үөскээн ааһарын санатар. Тойону оттон-мастан оҥорбоккун. Өлөр-тиллэр хатарыллыыны туораан, дьон дьылҕатын салайар киһи киэнэ аҕыс кырыылааҕа, суолдьута, эр хоһууна кииллэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ тыктаран көрөр буоллахха, «Дархан кыһатын» тэрийии, саха Дарханын иитии, талыы, эрэбил итэҕэйии – саха өссө бэйэтигэр ылына илик соруга турда, историческай кэм-кэрдии хатыйыытыгар чиргэл тирэхтээх саха салайааччылара саҥа кэм ирдэбилин күөнүгэр таҕыстылар.
Ол курдук, Иккис Аан дойду сэриитигэр ССРС норуоттарыттан саамай ынырык содулу сэрии толоонноруттан ыраах сытар кыра-хара саха омук сүкпүтэ. Имири эһиллиэхпитин оччотооҕу байыаннай ытарчалаах суостаах үрдүкү былааска бэйэтин харыстаммакка, кэрээниттэн тахсыбыт курдук эрдээхтик туруорсан, сиэмэх имперскэй майгылаах оччотооҕу обком салайааччы Степаненколааҕы уһултарары ситиспит, күн бүгүҥҥэ диэри номох буолбут Илья Егорович Винокуров этэ.
Кини харса суох уонна уу тэстибэт быһаарсыылаах докумуоннарынан киирсэн, Саха сирин олохтоохторун тыынын өрүһүйбүтэ. 1941—1944 сылларга тыа сиригэр ыар олохтон, хоргуйууттан, араас ыарыыттан 52473 киһи өлбүт, эмиэ ити сылларга 67643 киһи буруйданан сууттаммыт. 1940 сылтан саҕалаан 1943 сыл ыам ыйын 24-27 күннэригэр диэри тиһигин быспакка туруорсан Илья Егорович ВКП(б) Киин кэмитиэтин сэкирэтээрэ И. Сталин илии баттааһыннаах уурааҕын ситиспитэ: «Освободить т. Степаненко И.Л. от работы первого секретаря Якутского обкома ВКП(б)». Салгыы И.Е. Винокуров быһаччы ылыннарбыт дьаһалларын түмүгэр, дьон өлүүтэ-сүтүүтэ уҕараабыта, аччыктааһынтан төлө көппүттэрэ. 1942 сыллаахха – 15717, 1943 с. – 16040 киһи өлбүт эбит буоллаҕына, 1944 с.– 3435, 1945 с.– 6294, 1946 с. – 4160 киһи өлбүтэ[5 - Луковцев В.Н. Ким да умнуллубат. Туох да умнуллубат. – Дьокуускай : Бичик, 2001. – С. 109.]. Олох тупсуу суолугар үктэммитэ.
Онтон Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан үлэ-хамнас ситимэ урусхалланан, сиртэн хостонор баайтан эрэ өлүүлэстэххэ иитиллэр суол арыллыан сөбүн туһанаары, оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев РФ Президенэ Б.Н. Ельциҥҥэ быһаччы тэлэгирээмэ ыыппыта. Ол правительство тэлэгирээмэтигэр 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн сойууһунай суолталаах промышленнай тэрилтэлэри өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ыларын уонна хостонор кыһыл көмүһү, алмааһы ханна да ыытан энчирэппэккэ, өрөспүүбүлүкэ ис кыһалҕаларыгар туттабыт диэн хорсуннук туруулаһан биллэрбитэ. Оннук хас да сыл туһанан, элбэх киһи сырдык тыына өллөйдөммүтэ, төрүүр оҕо төлкөлөммүтэ, ыччат инникигэ эрэллэммитэ, аман саастаах иитимньилээх кырдьыбыта.
Бу тэлэгирээмэҕэ визаны туруорбут үс сүрүн салайааччылар – «Якутзолото» генеральнай дириэктэрэ Т.Г. Десяткин, «Якуталмаз» генеральнай дириэктэрэ Л.Л. Солдатов, Совмин бэрэссэдээтэлэ К.Е. Иванов илии баттаабыттара. Ол хорсун быһаарыныыны Михаил Ефимович Климент Егоровичка кэлин маннык санаппыта: «Вспомни свою подпись на моей телеграмме в Кремль о приостановке отгрузки якутского золота и алмазов в Бюджет и ГоХран СССР. Мы их приберегли для будущей самостоятельности России. Но был прямой риск потерять навсегда и должность, и даже доброе имя. Однако ты не дрогнул и поддержал меня. Мы победили. Победили, прежде всего, самих себя»[6 - Николаев М.Е. Апостол государственного служения. – Якутск : Көмүөл, 2011. – С. 30.].
Саха эр киһитин дьоһун аата диэн билигин ханнык суолталаах тыллар баалларый? Былыргы үйэҕэ сахаҕа Тойон ууһунан биллэр хаҥаластар баһылыктарын Дархан диэн ааттыыллар эбит, атын улуустарга оннук аат иҥмэтэх. Кэлин Дархан диэн аат тиллэн, билигин уол оҕо да аата баар, Ил Дархан диэн үрдүк солону бэлиэтиир тиэрмин да баар. Тыгын Дархан дьулуспут Илэ билигин саамай үрдүк сололоох салайааччыбыт анал аата буолла. Дархан – эр киһи дьоһунун муҥутуур чыпчаала. Баттаммыт, сорсуйбут омук Дарханнаах буолуон сатаммат. Ол атаҕастабыллаах кэмэлдьи күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, бэл биллиилээх саха саарыннарын «уолаттар» диэн омсолоохтук эр дьон бэйэлэрин ааттанар буолбуттара ыарахан, санаа түһүүлээх, хомолтолоох санааны үөскэтэр. Бу «уолаттар» – билиҥҥи эр дьон дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун, аймахтарын, норуоттарын туһугар туруулаһар кыахтара ситэ сайда илик ньуулдьаҕай уолаттар буолан мүлүк-халык, кирийэ, тугу да күөн көрсөр кыахтара суоҕун көрдөрөр.

Эр киһи уопсастыбаҕа суолтатын уларыйыыта
Устуоруйа кэрдиис кэмнэрэ уларыйдахтарын аайы, эр киһи уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата эмиэ уларыйан иһэр.
Ыал аҕата. Былыргы сахалар ыал олоҕун сыарҕалаах ат айаныгар холууллара. Ол курдук, ыал аҕата суолу тэлээччи, сири хорутааччы ат буолан сыарҕатыгар ойоҕун-оҕолорун, баайын-дуолун, сүөһүтүн-аһын барытын соһор. Кини суолун тобуларыгар ыал хотуна, ийэтэ сүбэ-ама буолан, суол түһүүтүгэр-тахсыытыгар сыарҕаны түһүүлээх-тахсыылаах очурдарга үтэн-анньан биэрэн, муоһалаһар, салайсар. Эр киһи уонна дьахтар хардарыта дьүөрэлэһэн, олох очурдарын туораан, төрөппүт оҕолорун сылаас холумтаннарыгар төлөһүтэн, киһи-хара гынан, олох суолун салгыыр аартыкка таһаараллар. Эр киһи ыччаттарын иитиллибит иэстээх, төрөппүттэрин көмүс уҥуохтарын көтөҕөр, аҕаларын туйаҕын хатарар, удьуор хаанын тэнитэр, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр, дойдутун таптыыр дьон буолалларыгар такайар.
Эр киһи – судаарыстыба кулута. Бу ордук чуолкайдык сэбиэскэй кэмҥэ чэчирээн сайдыбыт көстүү. Ол үс араас хайысхалаах. Онтон бастакыта: эр киһи дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, дурда-хахха буолар суолтатын имири эһэ сыспыттара. Ол оннугар кини алаһа дьиэтин быраҕан, судаарыстыба дьаһалынан, «Аҕа дойдуну көмүскээччи сэрииһит» дэнэн, саа-саадах тутан, төрөөбүт төрүт ийэ сирин буолбакка, судаарыстыба муҥура суох киэҥ араас муннуктарын, ону таһынан атын да дойдуларга «ытык иэһин толоро» тахсан барар эбээһинэстэммитэ. Иккиһэ: судаарыстыба былааннарын толорор үлэһит кулут буолан, үрүҥ хараҕын өрө көрбөт туруктаммыта, дьиэтигэр-уотугар хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буолбута. Оҕо иитиитэ, сүөһү-ас, от-мас көрүүтэ-харайыыта барыта ийэҕэ – дьахтарга – сүктэриллибитэ. «Элбэх оҕолоох ийэ», «Дьоруой-ийэ» диэн өйдөбүллэр баар буолбуттара, оҕо босуобуйата барыта дьахтарга эрэ баайыллыбыта. Быһата, дьахтар судаарыстыбаҕа оҕону төрөтөр, нэһилиэнньэни дэлэтэр «аппараакка» кубулуйбута. Эр киһиттэн алимены да ыга үктээн ылар уустугурбута. Үсүһэ: эр киһи хаайыыга-лааҕырга баран, араас судаарыстыбаннай тутууларга, суол-ханаал оҥоруутугар көлүүр сүөһү курдук туттуллар буолбута, киһини харыстаабат тэрилтэлэр бас билиилэрэ буолан, «дойдуну бөҕөргөтүү» акылаатыгар уҥуоҕа ууруллубута.
Маннык бэлиитикэ түөрт көлүөнэ тухары ыытыллан кэллэ. Ол түмүгэр, бу билиҥҥи кэмҥэ аныгы эр киһи, саха дьонун үксэ бу тутул хааччаҕыттан тахса илигэ ырылыччы көһүннэ.
Дархан үйэлэри уҥуордаан эҥсэн кэлбит суолтата дьон-норуот ыра санаатын тилиннэрэр дьоһун аат буолан кулуттуйбут өйү-санааны босхолуурга тиэрдиэ диэн уус-уран айымньы нөҥүө санаа кыыма саҕыллар. Эр дьүһүнүттэн да көстөр. Билигин баттахтарын уол оҕолуу кырыйтарбыт тойомсуйар эр дьонтон хорсун быһыыны эрэйэр уустук.
Тас сиҥнэрэр дьайыылар омсолорунан баттабыл, иҥэринии уонна экзотизация диэн кыра омук уратыларын туризм биисинэһигэр эрэ туттарга туһаайыылар бааллар. Баттабыл политическай уонна экономическай көрүҥнэрин дьайыылара күүстээх охсуулаах, омук үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт бэйэлэрин истэриттэн тахсыбыт тойотторго тирэҕирэр. Иҥэринии диэн, биир өттүнэн, дьорҕоот, дьону батыһыннарар кыахтаах дьону былаас хааччаҕар үлэҕэ ылан көлүүр оҕуһа оҥостоллор. Кинилэр истэригэр икки аҥыы тырыта тыыттара сылдьаллар, эмиэ да бэйэ омугар туһаны оҥороору, эмиэ да киирбит аанын тастан сабымаары. Маннык туруктаахтык чулууларбыт кыбыттара сылдьалларын өйдөөн олус баламаттык, бас-баттах ыгар-түүрэр кэскилэ суох. Тойону оттон-мастан оҥорбоккун, тоҕо диэтэххэ, олохтоох салалта дьоно өрөспүүбүлүкэ таһымыгар аныгы кэм ирдэбилинэн үөрэхтээх, сайдыылаах араҥаттан тахсаллар. Үксүлэрин төбөтө үрдүкү былаас өһүөтүгэр саайылла сылдьар, ол иһин «нүксүгүрдэр», чорбойботтор, тоноҕосторо көнөр кэмигэр бэлэмнэнэллэр.
Иккис өттүнэн, хаан булкуһуутун, урут Өксөкүлээх Өлөк- сөй саҕана «культивация» диэн ааттаан оччотооҕу муодунай «культурнай гибридизация» диэн Арассыыйа империятын үөрэҕин миниистирэ Сергей Уваров ыытар политиката баара. Ол билигин малтаччы «ассимиляция» диэн баһыйар омук кыра төрүөҕүн хаанын уларытан бэйэтигэр тардан ылыыта уонна бэйэтин тылыгар, култууратыгар сыһыарыыта уонна сирин-уотун баһылааһына ааттанар.
Экзотизация диэн кыра-хара омугу саарыыр оонньуур, судаарыстыба сирин-уотун уратытын курдук көрдөрөн, туризм биисинэһин далбарыгар туттуллар, мэлдьи үөрэр-көтөр түбүктээх оҥоруу буолар.
Ол гынан баран, туох барыта иэстэбиллээх, атастаһар, сааһыланар майгылааҕа Британия, Австрия, Венгрия, Османскай Турция, о.д.а. холобурдара көрдөрөр. «Колониальный бумеранг» диэн мунньуллубут сэт-сэмэ, майгы-сигили мөкүтэ төттөрү атаҕастаабыттарга төннөн тиийэр айылҕа айбыт уратыта дьайар. Бэйэлээх бэйэлэрин дойдуларыгар кэлии дьон курдук, силис тардан силигилээбэттэр, ар-бур бурайсыы ыал тэлгэһэтигэр киирэр, төрүөх төннөр, салайар былааһы билиммэттэр, бас батарынан үрүө-тараа түһэллэр. Сиэргэ баппат атаҕастаабыт, хаанынан халыппыт, харах уутугар тимирдэ сатаабыт буоллахтарына, умнуллубат өс-саас, салгыы хааҥҥа суруллубут өһөх өйдөбүл буолан хаалар. Ол иһин саха майгытыгар «Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн сэрэх уонна сэргэх сыһыаны ирдиир, үйэлээх өстөһүүттэн босхолуур сэрэтиилэр бааллар.
2001 сыллаахха от ыйын 17 күнүгэр Ил Түмэн холбоһуктаах мунньаҕар Конституцияҕа уларытыылары киллэрии боппуруоһа турбута. Онно М.Е. Николаев үһүс болдьоххо барарын көҥүллүүр 67-с ыстатыйаҕа уларытыы киллэриллиэхтээҕэ. Ону Федеральнай сокуон мэктиэлиирин аахсыбакка, Михаил Ефимовиһы дьаныһан утарсааччылар куомуннаһан, «пора с ним кончать!» диэн хабырдык турунан, уларытыыны харгыстаабыттара. Биһиги икки куолаһынан хотторбуппут, онон чулуу Дыгын оҕотун курдук киһини самнарбыттара. Билигин ол быһаарыылаах, хара мэҥнээх историческай мунньах стенограмматын, видеоҕа суруллуутун хантан да ирдээн булбатым. Иннигэр, кэннигэр буолбут мунньахтар архыыпка харалла сыталлар, оттон ол мунньах мэлитиллибит.
Дьэ ити курдук Бастакы Аан Дархан саҕалаабыта уонна түмүктээбитэ.
Оттон норуот, история сыанабыла диэн атын. Уһун үйэлэнэн, тыыннаах туоһу буолан Михаил Ефимович Николаев – Дыгын оҕото Киһи – көлдьүттэри анныгар баттыы сылдьар.

Күннээх былаах
Саха Аар Дархана Михаил Николаевка
Күннээх халлаан лоскуйун
Мин илиибэр ылабын,
Сахам ыра санаатын
Түөспэр ыга тутабын.
Айыым сирин үрдүнэн
Алгыс аман күүһүнэн
Киирбэт күнү дьүһүйбүт
Килбиэн кэми өйдүүбүн:
Күнтэн эрэ тэһииннээх
Күн улууһа буоларга
Күннээх былаах ыҥыра
Күлүмүрдээн кэлбитэ.
Хара былыт халыйбат,
Хаардаах самыыр баһыйбат
Халлаан унаар урсуннаах
Хаарыан кэмэ күүппүтэ!
Ыра санаа – ытык сирдьит
Ырааҕы да чугаһаппыт,
Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ
Ырыаларын ыллаппыт…
    Сайа
    2000 с.

ИККИС ОҤКУЛ
ӨРКӨН ӨЙҮНЭН ТУРУУЛАҺЫЫ
Омук күүһэ – өйүгэр,
Өйүн күүһэ – тылыгар.
    В. Протодьяконов
Эрэйи өйүнэн кыайан, сайдыы кэскилин туруулаһыы – бары омук олоҕун кыаҕын быһаарар тыын ирдэбил. Омук тыына быстыбат мэктиэтэ, көмүскэлэ – кини өйө. «Өй» диэн өйдөбүл түүр да, монгуол да тыллаахтарга уларыйбат суолталаах «ум, разум, память, мнение» диэн суолталаах. Киһи өйө саҥа, урут киһи олоҕор көрсүбэтэх-билбэтэх күөн көрсүһүүтүгэр дьоһуннук, кыайыылаах тахсар эппиэти тобулар кыаҕа төһө күүстээҕэр биллэр. Аныгы киһи информационнай технологиялар нөҥүө аан дойду эйгэтиттэн өйүн күүһүнэн сайыннарар, тэнитэр кыаҕа муҥура суох буолан иһэр. Маннык кэмҥэ, ордук искусственнай интеллект сабардыыр суоһа биллэн истэҕин аайы, киһи дьиҥ өйүн саталлаахтык салайынан, кини кыаҕын кэҥэтии, үөрэҕи ылыыны түргэтэтии, эт мэйиитин кистэлэҥ эрчимнэрин арыйыыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһара эрэйиллэр буолла.
Саха өй үлэтин туругар, суолтатыгар киэҥ, дириҥ өйдөбүлү уурар, тыыннаах буолуу, тас эйгэни кытта дьоһуннук бодоруһууга сүрүн тутулук төһүү күүһүнэн-кыаҕынан билинэр. Ону Былатыан Ойуунускай кэриэс-хомуруос тылларыгар чуолкайдык эппитэ:
Эрэниэҕиҥ-итэҕэйиэҕиҥ икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
Аан дойду араас судаарыстыбаларын олохтоохторун сайдыыларын кээмэйдиир «киһи сайдыытын индексэ» диэн тэҥнэбилгэ туттуллар көрдөрүү баар. Нэһилиэнньэ үөрэҕириитин таһымын, ол төһө сыл ситиһиллэрин, хас сыл тыыннаах олорорун, олоҕун таһыма хайдаҕын ааҕан-суоттаан таһаарыллар. Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ 1990-с сыллартан итинэн дьарыктанан араас тэҥнэбиллэри таһааран, сайдыы хаамыытын таһымнарын бы- һаараллар. Онно инникитин биһиги чугастан бодоруһуохтаах Арктикабыт дойдулара (Скандинавия) уонна Азия баабырдара (Финляндия, Швеция – 0,8; Сингапур – 0,88; Гонгонг – 0,81; Япония, С. Корея) буолаллар. 2020 сыллаах түмүгүнэн Арассыыйа 41-с миэстэҕэ тутуһан турар (Шанс дожить до 5 лет – 99%; среднее количество лет обучения в школе – 13,7; качество обучения – 498; выживаемость взрослого населения – 80%; түмүк – 0,68)[7 - Индекс развития человеческого капитала. 2020 г. – https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital (https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital)]. Бу индикатордары туттан, Арассыыйа эрэгийиэннэрин эмиэ сааһылыыллар. Онно көрдөххө, Саха сирэ 90-с сылларга 44-с миэстэ эбит буоллаҕына, 2020 сылга 15-с миэстэҕэ өрө таҕыста![8 - https://ru.wikipedia.org/wiki/Список_субъектов_Российской_Федерации_по_индексу_человеческого_развития (https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%BF%D0%B8%D1%81%D0%BE%D0%BA_%D1%81%D1%83%D0%B1%D1%8A%D0%B5%D0%BA%D1%82%D0%BE%D0%B2_%D0%A0%D0%BE%D1%81%D1%81%D0%B8%D0%B9%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B9_%D0%A4%D0%B5%D0%B4%D0%B5%D1%80%D0%B0%D1%86%D0%B8%D0%B8_%D0%BF%D0%BE_%D0%B8%D0%BD%D0%B4%D0%B5%D0%BA%D1%81%D1%83_%D1%87%D0%B5%D0%BB%D0%BE%D0%B2%D0%B5%D1%87%D0%B5%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B3%D0%BE_%D1%80%D0%B0%D0%B7%D0%B2%D0%B8%D1%82%D0%B8%D1%8F)] Бу элбэх өрүттээх үөрэҕирии, идэтийии, чөл туруктаах олох туһугар тардыһыы уонна төрүт билиигэ, өйү сайыннарыыга туһаайыы үтүөкэннээх көрдөрүүтэ.
Саха итэҕэлигэр Билгэ хаан диэн киһи өйүн уһугуннарар Айыы баар, кини өй күүһүнэн тыыннаах буолууну сайыннарар. «Өй – аан дойдуну айбыт Улууттан улуу Сүдү Күүс, Өй өлбөт үөстээх»[9 - Уткин К.Д. Өбүгэлэр үгэстэринэн толкуйу тобулуу / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С.27.]. Үрдүк өйү, сэрэйэр күүһү, аһаҕас эти Үөһээҥҥилэр дьаһайаллар, киһиэхэ өй угаллар, биир ситимҥэ холбууллар. Ону билигин ноосфера диэн куйаар ураты хаттыгаһа баарын билинэр буоллулар. Бу аат түөрт- биэс тыһыынча сыллааҕыта шумердар Билгэ диэн таҥаралаахтарыттан кэлбит кэриҥнээх.
Билгэ хааҥҥа туһаайыллыбыт алгыс ис хоһооно маннык:
Лох, лох, лох!
Билиини биэрээччи,
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Сайаҕас санаалааччы,
Ичээн этээччи,
Этитиини төрүттээччи,
Түмүгү сүөрээччи,
Бэлиэни этээччи,
Сиби сэрэйтэрээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрө
Мичик гын!
Дом![10 - Таҥха (Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ). – Дьокуускай: Бичик, 2001. – С.38.]
Саха түсчүтэ Дабыл этэринэн, Айыы киһитин өйө сааһынан тус-туспа наарданар. Бу наарданыы кини Айыыга, иччигэ сыһыаныттан тутулуктаах.
1. Өй хаата. Киһи битэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара киһиэхэ хаа буолар.
2. Өй-мэйии. Киһи билгэтэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара мэйиигэ биллэр.
3. Өй-төй. Киһи Таҥхата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи биэс төгүл сэттэлии сыл ( 7 саас, 14 саас, 21 саас, 28 саас, 35 саас) тухары өйө таҥыллар. 35 диэри өйө таҥыллыбатах киһи Айыы санааҕа кыайан кэлбэт.
4. Өй-санаа. Киһи дьылҕата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 42-гэр диэри дьылҕаны билэ сатыыр. Оттон 49 сааһыгар диэри дьылҕаны ырыҥалыыр.
5. Өй-билии. Киһи ыйааҕа Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 56 сааһыгар ыйааҕы билэн барар. Ыйдарыы баарын өйдүүр-билэр кыахтанар.
6. Билимтэ өй. Киһи оҥоһуута Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 63 сааһыгар оҥоһууну билэр.
7. Ийэ өй. Киһи төлкөтө Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 70-гар Айыы сааһыгар үктэнэр. Төлкөнү өйдөөн барар.
Өй диэн билиҥҥи кэмҥэ стратегическай ресурс быһыытынан көрүллэр. Саха бас-көс сирдьитэ Софрон Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн дакылаатыгар «биһиги норуоппут баараҕай интеллектуальнай күүһү-уоҕу мунньунан билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэллэ. Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа»[11 - Саха норуота барҕарыы суолунан. Софрон Петрович Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаатын 20 cылыгар ананар. – Дьокуускай, 2012.– С.31.].
Үлэ араас көрүҥнэрин аан дойду таһымынан үллэстиигэ өйүнэн сайдыыта суох нэһилиэнньэ хара, барыһа суох, доруобуйаны, айылҕаны айгыратар үлэни толорор. Ити аныгы колонизация саҥа көрүҥэ буолар, ол үөрэх таһымын аттарыыга ордук чуолкайдык көстөр. Өйдөөх омук, киһи олоххо бэйэтин суолун сатабыллаахтык тэлэр, түс-бас быһаарыылаах тыллаах, дириҥ толкуйдаах, айымньылаах, ситиһиилээх суоллаах-иистээх олорор, тас дьайыыга бэйэтин күөнүн, көҥүлүн кыаҕын, дьоһунун туран биэрбэт. Өйүнэн сыппах киһи, омук араас мөкү дьайыыларга, баттабылга кииримтиэ, өс киирбэх, үтүктээйи, уһаты-туора толкуйдаабат, иннин-кэннин ыраҥалаан көрбөккө, санаабычча алҕаска сыыһа үктэтэн, кыаҕын ылбыт омугун, киһитин тылыттан тахсыбат, бэйэтин туһун билиммэт.
Тымныы чыпчаалынан ааттанар тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олох олорор иһин туруулаһыыга өй санааны сайыннарыы дьарыга тыыннаах буолуу кэрэһитэ буолар. Туох барыта төрдүн тобулуу, араас көстүүлэри таба тойоннооһун олоххо тардыһыыга угуйар, күүстээх тыын биэрэр. Ол да иһин чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир олохтоохторо өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы кыһыннаах сирдэргэ олох олоруу уратыларын теорията кэрэһилииринэн, Хоту, Илин Европа уонна Илин, Хоту Азия төрүт олохтоохторо сылаас сир олохтоохторунааҕар быдан үрдүк таһымнаах (IQ) интеллектээхтэр. Ол корреляциятын 20 тыһ. төбө чөмчөкөтүн кээмэйдээн, экватортан төһөнөн ыраатар да, соччонон чөмчөкө ис сабардама улаатар диэн быһаарбыттара[12 - Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.]. Австралия психологтарын элбэх дьоҥҥо чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, самыырдаах, тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Оттон сылааска киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар, сыппыыр, салбаҕырар.
Киһи өйүн үлэтин дириҥин, муҥурун быһаарар уустук, үгүс толкуй көрүҥнэргэ өй-санаа таһымыгар тахсыбаттар, онон киһи өйүн үлэтин маннык-итинник диэн быһаарара табыллыбат[13 - Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.]. Ити бүтэйдии быһаарыы (подсознание) үлэтэ буолар.
«Я никогда так не относился к восточным народнос- тям, как после последней поездки в Якутию. Оказывается, якуты – совершенно фантастический народ. У них суперобразное мышление. Я там встретился с первоклассным ученым В.И. Оконешниковым. Он разработал теорию строения электрона, в которой он четко показывает, что информационная емкость электрона [атома] больше, чем у всех вместе взятых цифровых носителей на Земле. И с помощью своей теории он разработал теорию таблицы Менделеева, строения атомов, всех энергетических каналов человека, отработал свою систему диагностики и профилактики настолько точную, что к нему обращаются профессора из Новосибирска…» – диэн сөҕөн-махтайан киһи ис туругун тупсарыыга дьаныһан саҥа ньымалары айар физик С.В. Кольцов суруйбута. Ити курдук, атомнай мэдиссиинэ сайдан иһэрин хоту чараас эйгэҕэ иҥэн киириитэ «араллааннаах ат-аам тыын алгыстаах айана» (Н.А. Аржакова-Иванова) илгэлээх-уруйдаах тыынын сайыннарар саха ыччаттара үөскүөхтэрэ.
Тымныы киһи мэйиитин икки өттүн үлэтин сытыырхатан айар-тутар дьоҕуру күүһүрдэрэ биллэр. Маны тэҥэ үрдүк томтор, хайалаах сирдэргэ өй күүһэ сытыырхайар бадахтаах. Онон, биһиги, сахалар, тоһуттар тымныы чыпчаалын олохтоохторо, анал үөрэхтээх идэлээхтэри куоһара түһэн айар, араас эйгэни саҥалыы ситимниир кыахпыт ситэри арылла илик. Билигин биһиги судаарыстыбабытыгар туттуллар атлантическай үөрэх-иитии ситимигэр айар дьоҕуру сайыннарыы диэн ирдэниллибэт, ситэритин баттанар да диэххэ сөп. Симик, толоругас гражданин буолар эрэйиллэр. Салгыы атлантическай үөрэх-иитии ситимэ Чуумпу акыйаан кытылларын кыйа олохсуйбут цивилизациялар үөрэхтэрэ баһылаан истэҕин аайы саха өйө, айар дьоҕура сытыырхайар кэмнэрэ иһэллэр.
Тымныы сир олохтоохторо тус бэйэлэрин ииттэр-көрүнэр ньымалара хааннарыгар иҥэ сылдьар. Ол курдук, психолог Е.А. Неустроева[14 - Неустроева Е.А. Особенности развития творческих способностей в условиях освоения детьми символических средств выразительной пластики (дошкольный и младший школьный возраст). Автореф. дисс.на соискание уч. ст. к. пс.н. – М., 2014.] Москва уонна Дьокуускай кыра саастаах оҕолоругар аччык куосканы ойуулаппыта. Саха оҕолоро аччык куоска кутуругун өрө хоротон, сүүрэ-сиэлэ былаастаах бултуу баран эрэрин, оттон Москва оҕолорун куоската баппаҕайын умнаһыт курдук уунан олорорун ойуулаабыттар. Ити православнай итэҕэл киһи умналаан, аһыннаран, туора дьоҥҥо харайтаран олорорун омнуолаабат, «Хаайыллартан уонна умналыыр дьылҕаттан быһа этинимэ» диэн дьылҕатыгар эрдэттэн сордоох-муҥнаах өлүүнү-чааһы этинэн кэбиһэр хобдох буолуо?[15 - Михайлов В.Д. Киһилии киһини иитии суолун-ииһин туһунан / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С. 6.].
Тымныы айылҕа киһиттэн олох сатабылларыгар үөрүйэх буолууну эрэйэр. Тымныы сир киһи мындыр, сытыы, тобуллаҕас өйүн сайыннарар. Поэт В. Власов ону бэлиэтии көрөн маннык хоһуйбута: «Аам-даам ахсынньыга Саха өйүн сытыылыыр»[16 - Власов В. Киһибин.– Дьокуускай: Бичик, 2006. – С. 526.]. Киһи өйүн кыаҕынан хараҕа аһыллар – аан дойдуну, олоҕу-дьаһаҕы, тус бэйэтин анаарар кыахтанар. Ол иһин калмыктар өс хоһоонноругар «Киһи тугу өйө билэрин – ону хараҕа таба көрөр» диэн бэргэн этиилээхтэр. Өйүнэн салайынар киһи атыттарга күөнүн нөрүппэт, бэйэтин дьоһунун ыһыктыбат. Маннык түмүктэрдээх чинчийиилэри саха психолога М.Д. Бугаева устудьуоннарга ыыппыта[17 - Бугаева М.Д. Интеллект как фактор подверженности психологическому воздействию. Автореф. Дисс. К.пс.н. – М., 2005.].
Маны таһынан, тыйыс айылҕа олохтоохторо «плененное сознание» (captive mind) диэн өй ураты туругар түспэттэр, тобуллаҕастык толкуйдуур, өйдөрүн сытыылыыр дьоҕурдаах эрэ буоллахтарына, көрбүттэрин-истибиттэрин сэргээн, сонурҕаан, ыараҥнатан, ырытан, бары өттүттэн эргитэн илдьиритэн, тэҥнээн, алтыһыннаран, элбэх информацияны холбоон, ханыылаан, өйүгэр оҥорон көрөн, дьүөрэлээн, сааһылаан, анааран, сабаҕалаан, сэрэйэн, тобулан, тус бэйэлэрэ түмүк оҥостоллор.
Саха үөрэҕинэн, сахалыы өй үс сүрүн көрүҥэ баар: Төрүт өбүгэ өй, Ийэ өй уонна Күннээҕи өй. Төрүт өй – Үөһээлэр бэрсэр өйдөрө, филогенетическай диэххэ сөп. Ийэ өй – киһи бэйэтин өйүн кыаҕа, онтогенетическай, удьуордааһын, диэххэ сөп. Оҕо үөскүөн инниттэн сайдар, үлэҕэ, олоххо сатабыллара удьуорунан бэриллэр. Буор саха сэрэйигэс, таайыгас буолар. Ол кини Сир-ийэтин кытта быһаччы ситимэ билиини биэрэр. А.Н. Павлов-Дабыл, «Айыы Кыһата» гимназиятын уһуйааччыта, «Кут-сүр» түмсүү түсчүтэ маннык быһаарар: «Биһиэхэ, сахаларга, «барҕа» диэн өйдөбүл баар. Барҕа удьуорунан бэриллэр өй-санаа баайыыта буолар. Бу баайыынан өбүгэ өйүн-санаатын күүһэ кэлэр. Киһи айылгыта уһуктар. Удьуор утума төһөнөн бигэ да, соччонон барҕа улахан. Оччотугар уруу-аймах барҕарар. Омук барҕата эмиэ эбиллэр».[18 - Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.] Ол аата, ийэ өй өбүгэ илдьитин, өбүгэ тыынын тута сылдьар.
Күннээҕи өй олох сатабылларыгар көстөр, дьону кытта бодоруһуу, бэйэни көрүнүү, ииттинии, салайыныы ирдэбиллэрин толорор. Киһи өйүнэн төһө оҥорор көрөр кыаҕа кини олоххо күүстээх сатабыллаах буоларын бэлиэтиир. Сатабыл үөрэҕин дьаныардаахтык быһаарааччы, үөрэх-билии ситимигэр киллэрээччи П.П. Кондратьев өй күүһүнэн сатабылы иҥэринии маннык хаамыылаах сайдар диэн быһаарар: баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туттабын – туһанабын – айабын[19 - Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.]. Кини «дэгиттэр сатабыллар» диэн дьайыыны көрдөрөр, сирдиир тылларынан бэриллэллэрин быһаарбытын өркөн өйү сайыннарарга төһүү билии быһыытынан сыаналыыбыт. П.П. Кондратьев бэйэтин теоретическай көрүүтүгэр олоҕуран маннык быһаарыылары биэрэр:
Тобулуу. Долоҕойго түһэрии. Өйдөөбүтү дириҥник ылынан, өйгө-санааҕа ырытан эккэ-хааҥҥа иҥэрии, туох эмэ суолтатын чуолкайдаан чопчу быһаарыы, өйдөбүлүн ис дьиҥин ылыныы, ону өйгө хатааһын, кыаллыбат курдугу быһаарыы, чинчийии.
Өйдөнүү-санааланыы. Киһи ис күүһэ – мэйии күүһэ. Киһи ситимнээхтик, иннин-кэннин санаан, тургутунан толкуйдуур дьоҕура. Тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын, төрүөтүн булуу, тиһэҕэр тиэрдии, дириҥ өй, киэҥ көҕүс, күүскэ өйдөөһүн.
Сиэрдээх өйдөнүү. Барыга барытыгар оттомноохтук толкуйдаан сыһыаннаһан, ырааҕы сыныйан көрөн боччумнаахтык саҥарыы-туттунуу. Киһи бэйэтигэр, атыттарга туһалаах, табыгастаахтык, ылыннарыылаах өттүн тутуһан быһыыланыыта, боччумуруута, оттомуруута. Сэрэнэн, суоттаан, ыраҥалаан, сыныйан көрөн этии, саҥарыы, өйдөөхтүк туттуу[20 - Онно. – С. 42—43.].
Ийэ өйгө тирэҕирэн олоҕу салайыныыны сахалыы өй-санаа диэн саха ааттыыр. Саха быһаарыммыт өйгө-санааҕа кэллэҕинэ, «Эппит тыл биир – санаабыт санаа төлөрүйбэт», «Тыл барда – бас барда» диэн халбаҥнаабат эрэбил, итэҕэйсэр сыһыаны олохтуур. «Өбүгэ мындыр өйө өйгөр-санааҕар, эккэр-хааҥҥар өлбөт тыыннаах», – диэн сахалыы уһуйааччы А.С. Федоров бигэргэтэр.[21 - Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома. – Дьокуускай: Бичик, 2011.]

Сахаҕа өй култуурата
Саха дойдутугар өй, санаа, толкуй, билии күүскэ сайдар кыахтарын айылҕабыт бэйэтэ чочуйар. Ол иһин дойду интеллектуальнай баайа үөскүүрүгэр манна аналлаах айылҕа айбыт эйгэтэ баарын туһаныах кэриҥнээхпит. Саха өйүн сайыннарыыны уталытыллыбат, тулахадыйбат тутаах сорук быһыытынан ылыныахха. Сомоҕо омук биир тыыннаах, өйдөөх-санаалаах дьон түмсэн барҕарар көстүүлэрэ буолар.
Өйө-санаата омугу тыыннаах оҥорор: кини ис уоҕа, кини сүрэ, кини олоххо дьоҕура уонна дьулуура[22 - Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – С. 11.]. Саха өйү өрө тутар омук. Сахалыы өй-санаа удьуор билиитигэр сөҥө сылдьар. Ытыктыыр киһитин «Өй хаата» диэн килбиэнин хайгыыр. Ол иһин өйгө сыһыаннаах элбэх өйдөбүллэр, өс хоһоонноро, өйү эрчийэр, сайыннарар, сытыылыыр үөрүйэхтэр, сатабыллар айыллыбыттар. Саха өй араас көрүҥүн араарар уонна өйү икки өрүттээх, утарыта дьайыылаах турук быһыытынан көрөр. Өй сүрүн уратыларын саха утарыта уонна ситэрсэр көстүүлэр быһыытынан ылынар – дириҥ эбэтэр чычаас өй; тобуллаҕас, сытыы өй эбэтэр сыппах өй. Өй эмиэ анал идэтийиини эрэйэр: өйүнэн сайдыы суолун тыырааччы, ону дьоҥҥо тарҕатааччы-тиэрдээччи уонна ол суоллары батыһааччы – соргуну ситиһээччи.

Саха өйүн көрүҥнэрэ
Саха төрүт өйө – дьон тэҥинэн сананан, кими да баттаабакка, кимтэн да баттаммакка, көҥүл тыынан, көҥүл санаатынан, көҥүл дьаалытынан олох олороро буолар. (Г.С. Попова быһаарыыта). Бу киһи аймахха барытыгар бэриллэр өй сахалыы көстүүтэ диэххэ сөп. Өй үгүс көрүҥнэрэ утарыта кыахтаахтар, ол киһи өй таһымын быһаарар.
Ийэ өй
Өбүгэ өй
Өркөн өй
Удьуор төрүт өй
Анаарар өй – Хоҥхо мэйии
Айдарыылаах өй
Болҕомтолоох булугас өй
Дириҥ өй – чычаас өй
Илэ өй
Көрсүө, оттомноох өй
Кэтэх өй
Кэдэрги өй
Киэҥ өй – тутах өй, кумах мэйии
Мындыр өй – Мөлтөх өй
Оҕуруктаах, биэтэстээх өй
Олоҥхо өйө
Сайдам өй – Тутах санаа/өй
Сытыы өй —сыппах өй
Тобулук өй
Ыраас өй
Чиҥ өй – Чэпчэки өй
Өтө көрөр өй
Өйдүүр өй – умнуган
Үтүө өй – өһөгөйдөөх/өһүөннээх өй
Эт өй (эт мэйии)
Сиэрдээх өй
Тыын өй
Утумнаах уһун өй
Ырааҕы көрөр/ырыҥалатар өйдөөх.
Киһини өйүнэн салайынар кыаҕын таһымыттан көрөн араастык ааттыыллар: акаары, далай акаары, алдьаас, аҥала мэйии, өйдөөх-төйдөөх, өй хаата, бас-көс, түс-бас киһи, чулуу өйдөөх, бэдэр мэйии, тииҥ өйдөөх, сээркээн сэһэн, сир түннүгэ, өспөт өй уо.д.а. Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.
Өй араас өрүттээх уонна сайдар хаамыылаах. Кыра оҕо эрдэхтэн өйдөөх буолуох чинчилээх оҕо билиигэ-көрүүгэ дьаныһар тардыһыылаах, туппай, ийэ өйө сайаҕас, үөрэххэ дьулуурдаах, дьаныардаах, эргитэ саныыр дьоҕурдаах. Өй-санаа сайдыытын кытта сэргэ социальнай интеллект, ол эбэтэр өйүн туппут ыччат дьону кытта сатаан бодоруһар олох сатабыллара уонна эмоциональнай (иэйиилээх) интеллект, ол эбэтэр өй-сүрэх талаһыыларын дьүөрэлэһиитэ бииргэ тутуһан сайыннахтарына дэгиттэр иитиилээх, бэйэҕэ ирдэбиллээх, атаҕар турбут киһи-хара, киһи киһитэ, дьонноох киһи, киһилээх киһи буолан тахсар. Оҕуруктаах өйдөөх киһи түргэн-тарҕан толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх, түгэни таба тайанар-тутар, үөйбэтэх-ахтыбатах саҥалыы көрүүнэн барыстаах, туһалаах өттүгэр уустук туругу хас да таһымынан эргитэ охсор кыахтаах. Өбүгэ төрүт өйүн тута сылдьар киһи төрүт култуураны сайыннарар, дьоҥҥо иһирэх сыһыаннааах, дириҥ билиилээх, олохтоох өйдөөх, үгэстэри тутуһар, салгыыр; кэдэрги, тутах быһыыга киириммэт.
Ийэ өй 94 төрүт өйдөбүлү ситимниир диэн сахалыы үөрэҕи тарҕатааччы В.Е. Степанова быһаарар.[23 - Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – С. 16.] Кини түмүктүүрүнэн, элбэҕи эрэйбит, эрэммит национальнай оскуолабыт концепцията улахан уларыйыыны киллэрбэтэ: уларыйыы ис өттүбүтүн тумнан, тас өттүбүтүн эрэ таарыйда. Күн бүгүҥҥэ диэри, биһиги өйдүүрбүтүнэн, үөрэх эйгэтигэр үс сыаннас бэйэ-бэйэлэрин кытта «күрэстэһэр»: билиини өрө тутуу, өй үлэтин дьоҕурун уонна сатабыллаах буолуу таһымын сайыннарыы, киһи, оҕо омук быһыытынан бэйэтин дьылҕатын айарыгар-тутарыгар, салайарыгар, салайынарыгар көмө буолуу[24 - Степанова В.Е. «Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии.– Дьокуускай: Бичик, 2017. – С. 56.]. Маннык түмүгү кытта сөпсөһөн туран, олоҥхо педагогикатын төрүттээбит Е.П. Чехордуна «Сэдип» диэн өй-билиини сайыннарар технологияны айан оҕо төрүөҕүттэн оскуоланы бүтэриэр диэри алта саас кэрдиис кэмнэринэн сайдарга туһаайыллан ситиһиилээхтик олоххо киллэрэ сылдьар.
Өйдөөх киһи өйүгэр элбэх билиини сааһылаан илдьэ сылдьар, ол булугас өйү, инникини өтө көрөр, анаарар өйү күүһүрдэр, өйдүүр өй эйгэтин кэҥэтэр, саҥа билиини-көрүүнү дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар. Үтүө өйдөөх киһи ис чиҥнээх, дьиҥнээх өрөһүлтэлээх өйүн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах өттүгэр туһаайар, олох кыһалҕаларын туоратарга орооһор, кыттыһар, кыаммакка, кырдьаҕаска амарах сыһыаннаах, сытыы өйүнэн дьон олоҕо туруктаах буоларын ситиһэр. Олох саҥа ирдэбиллэригэр мындыр өйүнэн ураты көрүүлээх ньымалары, албастары толкуйдаан, сайдар суолу тобулар, уустук түгэннэргэ быыһанар кыһалҕаны туоруур, эрэйи чэпчэтэр сатабыллары төрүттүүр. Г.С. Попова этэринэн, өй икки сүрэх мөккүөрүн киһи удьуор тыына, тыын кута эрэ быһаарар. Удьуор тыынын үс утаҕа диэн ийэ тыл, дойду тыына, төрүт итэҕэл буолар.[25 - Попова Г.С. Национальнай оскуола концепцията: культурологическай ырытыы. – Дьокуускай, 2003. – С. 9.] Көрсүө, оттомноох өйдөөх киһи саҥа-иҥэ култууратын баһылаабыт, дьон, киһи саҥатын болҕомтолоохтук истэр, ыйааһыннаах, олохтоох, дуоспуруннаах, дьоһуннаах тыллаах-өстөөх, өйдөнөр гына быһаарар, ис санаатын, билиитин-көрүүтүн, сатабылларын сайа тиэрдэри сатыыр киһи.
Өбүгэлэрбит 3 тыһыынчаттан тахса өс хоһоонун, өссө элбэх дэгэт тыллары, кылыс этиилэри айбыттара биллэр[26 - Чиряев К.С., Васильева Ф.А. Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар. – Ороһу, 1997. – С. 38.]. Маны сэргэ 100-тэн тахса араас таайсыылаах оонньууну айбыттар. Үлэ өйү-билиини кэҥэтэр дьоһун кыаҕын олох сатабылларыгар уһуйуу, бэйэни сайыннарыы, салайыныы, үөрэҕирии ньымаларыгар иҥэрбиттэр. Өй-мэйии уонна илии оонньууларын, таабырыннаһыыны, өбүгэлэрбит оонньууларын үйэтитии, киһи чөл туругар, өйүн сааһылыырыгар туһалааҕын өйдөтүү суолталанна.
Саха биллиилээх суруйааччыта, бөлүһүөгэ Семен Данилов этэн турар: «Киһи олоҕун түмүгэ – өлбөт өй өрөгөйө». Саха бэйэтин дьон тэҥинэн олорорго баҕалаах, Күн өркөн уустарабыт диэн өркөн өйүн күүһүнэн Сырдыкка, Үтүөҕэ, Кэрэҕэ, Үйэлээххэ тардыһар дьүкүөрдээх. Ол да иһин этэн эрдэхтэрэ – «Күүскэр эрэнимэ, сатабылгар эрэн», «Сээркээн Сэһэн», «Сир түннүгэ».
Өй суолтатын, туругун, туттуллуутун туһунан өс хоһоонноро, номохторо элбэхтэр.
Өй суолтатын, дьайыытын туһунан өйдөбүллэр: айдарык, барыл, билгэлээһин, сылык, санаа күүһэ атастаһыыта, тойоннооһун, дьүүллээһин, күннээҕи өй-санаа, өйү-санааны харыстааһын / өрүкүтүү, өйү өрө тутуу, тускул, өйдүүн-сүрэхтиин тардыһыы, эт мэйии, cүрүн өйдөбүл, чиҥэтии, өйдөбүнньүк, үтүгүннэрии уо д.а.
Өйдүүр дьоҕур туһунан саха тылыгар бэрт элбэх өйдөбүллэр бааллар: өйдөөһүн, дьолоҕойго тутан, өйдөөн-дьүүллээн истии / көрүү, албас, бэйэ өйүнэн толкуйдуур сатабыл, өй күүһэ, өй кыамтата, өйгө тутар дьоҕур, билиини кэҥэтии, өйгө оҥорон көрүү /дьайыы / дьүһүйүү / таайыы, өйү сытыылааһын, мэҥэ / төрүт өйдөбүл, дьиҥи / таба өйдөөһүн, өй-ньыма, өй ууһа, өйү-санааны олохтооһун / тургутуу / ыраастааһын, саргылаах өй-санаа, өйгө-санааҕа иитиллии, өйгө өйү угуу, тобул санаа, сытыы өй, тобуллаҕас өйү сайыннарар үөрүйэхтэр, өйдөһүү, өйдөнүү, өйдөтүү-быһаарыы, өй кыайарынан, сааһылаан саныыр ньымалар, олохтоох толкуйдуур ил турук, өй-санаа тирэхтэрэ, өй-санаа таҥыллыыта, эгэлгэ билии, сонурҕатыы, тутах / татым өй-санаа, өй-санаа сатарыйыыта, өй бааллыыта, өйдөөҕүмсүйүү уо.д.а.
Өй туругун туһунан маннык өйдөбүллэр бааллар: баһыйар өй-санаа, ис эйгэ өйө, күн өйүнэн сылдьыы, өйү уһугуннарыы, кэтэх өйү өрө тутуу, өй аҥаардаах,  өй-төй, өй куоһарыыта, өйүнэн тургутуу, тута / табатык өйдөөһүн, өй күүһэ / үлэтэ, өй-санаа өһүөтэ көҥүл / түмүллүүтэ / арахсыыта, толкуйдаан таһаарыы, өйтөн оҥорор дьоҕур /билгэлээһин, үтүөнү өйдөөһүн, өйүкү, сэргээһин, үтүмэн өйдөбүл, өйүн туппут / тута илик, өһүөннээх хос санаа, өй өһүллүүтэ / үрэллиитэ / мастыйыыта, өйүнэн ыалдьыы, өйү сүүйтэрии, өйтөн көтөн хаалыы, умнуу, саарбах өй, хаалынньаҥ өй-санаа, чаҕылҕанныы түргэн сытыы санаалар.
Бар дьон тыла – ох, санаата – батас. Биэстэ сэмэлиэх кэриэтин биирдэ сүбэлээбит ордук. Болҕомтолоох киһи булугас буолар. Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук.
Күн курдук көнө санаалаах, ый курдук ыраас өйдөөх. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини. Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Кыахтаах буола айыллыбыт буоллаххына, дьоҥҥор-сэргэҕэр дурда-хахха буол диэн аналлааххын. Кэйиик оҕус муоһунан өттөйөр, өйө суох киһи сутуругунан өттөйөр. Кыыһырдыҥ – өйгүн сүтэрдиҥ. Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс.
Оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ – олоххун сүтэриэҥ, сарсыарда эрдэ турбатаххына – күҥҥүн сүтэриэҥ. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары – алдьархайы сатыыр. Сүбэ – бухатыыр. Үтүө сүбэ өтүүтээҕэр көмөлөөх. Туппутун ыһыктыбат, көрбүтүн умнубат киһи. Тылын тыалга ыспат киһи. Тыл татыаһырдаҕына – санаа кыарыыр, өй кылгыыр. Тимири дьэбин сиир, киһини санаа сиир. Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.
Ити курдук, саха биир ураты кыаҕа күүс өттүнэн быыппастыыга, өттөйүүгэ буолбакка, өй – дьулуур күүһүнэн туруорсуутугар сытар. Оннук кыах баар, дьулууру күүһүрдүү соруга турар.
Көҥүл санаалаах өй хаата киһи ситэритин ыраас ньуурдаах буоллаҕына, Айыы тыынынан түөһүн толору тыынан туохха да хотторбот, булгуруйбат сирдьит буолар аналлаах. Оннук дьон сэдэхтик төрүүллэр, хотугу тиит курдук туруулаһар айылгы үйэ туһааннаах эргииригэр үөскүүллэр. Ньуур диэн айыы сирэйдэнии, «ньуурун сүтэрбит киһи» диэн суобаһын сүтэрбит, кэрээниттэн тахсыбыт, сааты-сууту билиммэт сирэйэ халыҥ тириилэммит киһини ааттыыллар.
Билигин интэлигиэнсийэ диэн өйдөбүлү туттубат да буолан эрэллэр. Социальнай бөлөхтөр, идэлээхтэр бөлөхтөрө, элита араас көрүҥнэрэ диэн баар буоллулар. Интэлигиэнсийэ диэн майгы-сигили ыраас туругун, дьон-сэргэ туһа диэн ытык сыһыаны ирдиир өйдөбүл. Билиҥҥи өй кыаҕынан үлэлээччилэр бүддьүөт эйгэтиттэн иитиллэр буолан, үүннээх-тэһииннээх, томторуктаах курдукпут, саҥарар саҥабыт саталаммат, адаҕаламмыт, кыаһыламмыт курдук хардыылыыбыт. Эбиитин үгүс үлэһит кирэдьиит, ипотека угаайытыгар оборторон төлүүр харчы эккирэтиитигэр сылдьар. Аныгы Арассыыйаҕа уларытыыга угуйар күүһүнэн космополитическай орто кылаас тахсыахтаах диэн сабаҕалыыллар. Орто кылаас диэн бас билээччилэр, тус бэйэлэрэ оҥорон таһаарар дохуоттарынан ииттинээччилэр, аҥаардас бүддьүөттэн хамнастаах үлэһиттэр үгүстэрэ бу араҥаҕа киирбэттэр. Онон, космополитическай орто кылаас диэн аан дойду таһымынан өйдөөх-санаалаах, үлэлээх-сырыылаах бэйэлэрин олохторун хаачыстыбатын тупсарбыт дьон. Оннук ыччаттарбыт билигин ханна эрэ аан дойду киэлитигэр тутта-хапта сырыттахтара, сахабыт, дойдубут туһа диэн хаһан эргиллэллэрин кэтэһэбит.
«Хайаан да эргиллиэм!» диэн өйгө-санааҕа чулуу ыччаттарбытын иитэр-такайар соругу үүнэр көлүөнэ күөгэйэр күннээх суолун сыдьаана буоларын ситиһии саҥа соруга турда. Саха дьылҕатын баттабыллаах ыраахтааҕылаах былаастан быыһыырга туруммут, сис ыаллар ыччаттара дойдуларыттан тэскилииллэригэр «хайаан да эргиллиэм!» диэн санаалаах былаҕайга былдьаппыттара.
История эргимтэтэ оннук кэмнэри саҥалыы эрийэн аҕалла. Урукку өттүгэр кыараҕас ыырдаах, түҥкэтэх, «төрүөҕүттэн төннөрү төлкөлүүр» төрөппүттэр үүммүт үйэҕэ биһирэммэттэр. Өйүнэн туруулаһар үйэ сахалыы көҥүл тыыннаах, дойдумсах, бэрт мэйиилээхтэри кытта тэҥҥэ аахсар, өссө баһыйар, чөл туруктаах, ыраас ньуурдаах, өркөн сахалыы өйдөөх көлүөнэ дьылҕабыт аанын модьоҕотун атыллаары турар. Биһиги кинилэри «ЭРГИЛЛИҤ!» диэн ыҥырабыт!

ҮҺҮС ОҤКУЛ
КИЭҤ КӨҔҮСТЭНИИ, УҺУН САНААЛАНЫЫ
Сырдык санаанан салайтаран киэҥ кѳҕүстэниҥ,
кэскиллээх санаа тула түмсүҥ!
    Багдарыын Сүлбэ
Киһи – айылҕа оҕото. Ол иһин Айыы киһитэбин диэн саха бэйэтин ааттанар. Айыы тыына иҥмит буолан саха уйан, аһыныгас киһилии майгылаах, уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн өс хоһоонноох. Оннук майгы ханна да сүппэтэҕин, туруулаһар быһыы-майгы тирээтэҕинэ, ууга-уокка да түһэртэн саллыбат саха ньургун дьоно бааллар.
2021 сыл сайыныгар тыа уотун кутаатын ортотугар өтөрүнэн күөн көрcүбэтэх тургутууга киирбиппит. Уот кутаа байҕал, Уот Уһутаакы диэн тургутуу чыпчаала. Ону сэргэ хамсык ыарыыта бүрүүкээн, дьону, салалтаны кыһалҕанан кыһайан, ыарахан ыарыынан-сүтүгүнэн охсон, уотунан кымньыылаата. Онтон дьон өйө, уйулҕата огдолуйбата, сыыһаны-халтыны аахсыбакка, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин быыһыырга турунна. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Киһи да, норуот да бэйэтин дьылҕатыгар хаста да өлө-өлө тиллэр, быста-быста салҕанар. Мөлтөөн-ахсаан бүдүрүйбэккэ, өрөйөн-чөрөйөн, сүһүөҕү-тирэҕи булан, чиҥ ис кыаҕын күүһүрдүү быһаарыылаах күнэ-дьыла инникитин да кэлиэ турдаҕа.
Саха итэҕэлинэн, өлөн-охтон биэрбэт күүһэ сүрэх туһаайыытынан баар от күөх өҥнөөх СҮР уота буолар. Бу уот уйулҕа хамсаатаҕына, санаарҕаатахха, куттаннахха, ытаатахха, бэйэни сэнэннэххэ, кыыһырдахха мөлтүүр. Сүр уотун кыыма, күүһэ киэҥ көҕүстэннэххэ, бэйэни ыһыктыбатахха, Айыы көмүскэлин, арҕаскыттан тэһииҥҥин тутар. Олоҕу таптыыр санаа күүһүнэн салгыны хамсатан сүр уота күөдьүйэр. Махтаныҥ Үрүҥ күҥҥэ, Үрдүкү күүстэргэ, Сир дойду, тыынар салгыммыт иччилэригэр, өбүгэлэргитигэр бу үтүө Саха сиригэр, Саха киһитэ буолан кэлбиккитигэр. Махтаныҥ төрөппүттэргитигэр, чугас дьоҥҥутугар. Оччотугар эһигини көрө-истэ сылдьар өбүгэлэргит, туох баар көмөлөһөр күүстэргит чугас сылдьыахтара. Үрүҥ Айыы тойоммут күлүмүрдэс күммүт күүһүттэн бэрсиэ, кэпсэтэ сырыттахха, көмөлөһүө.
Олох олоруу диэн туруулаһыы уонна дьүөрэлэһии. Олох очурдарын этэҥҥэ туоруур санаа күүһэ «арҕаһыттан тэһииннээх Айыы киһитэ» диэн тирэххэ эрэнэр, тирэнэр. Ол иһин тирэхтээх буолан, араас тургутууларга өссө кэҥээн биэрэр майгы баар. Оччоҕо тирээн турар кыһалҕаны искэр иҥэрэн, буһаран, оттомноохтук ыараҥнатан, ырытан, иннигин-кэннигин хайан, быһаарар суолу тобулаҕын. Ыгым, быһымах быһыы-майгы табыллыбат. Ол иһин киэҥ көҕүстээх буолуу эрэйиллэр. Киэҥ көҕүс диэн холкутуйуу, уһуну-киэҥи толкуйдуур тулуурдаах турук. Кытаанах, хардааччы майгылаах киһи улаҕалаах, сиэрдээх туруктаах өйдөөх-санаалаах, аһара туттубат, олох тургутуутугар тулуурдаах. Саллыбат, чаҕыйбат киэҥ көҕүстээх киһи сөптөөх быһаарыныыны ылынар, кэмин-кэрдиитин дьүөрэлээн чопчу дьайыыны оҥорор.
Саха киэҥ көҕүстэнэр алгыһыгар этиллэр (Дабыл):
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Алтыс халлааҥҥа олохтоох
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олох
Айыыта Аан Дьааһын тойон
Үрүҥ тыынын
Үрүҥ былыта
Тоҕус томоонноох
Киэҥ Хаан тойон буола
Бэттэх көр,
Мичик гын.
Алыас.
-1-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Бастакы томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Харыһыктаах хара тыыным
Уһаатын,
Күннээх көмүс көхсүм
Көнньүөрдүн.
Алыас .
-2-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Иккис томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Күннээҕи кырдьыгы кэҥэтиим,
Сарсыҥҥы дьиҥи сабаҕалыым.
Алыас.
-3-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Үһүс томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Кыыһырардааҕар
Киэҥ буолуум,
Өһүргэнэрдээҕэр
Үрдүк буолуум.
Алыас.
-4-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Төрдүс томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Дьиҥи киэҥник көрүүлэниим,
Кырдьыгы дэлэйдик саныым.
Алыас.
-5-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Бэһис томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Күн сирин дьиҥэр талаһыым,
Айыы алаһатын кырдьыгар ааһыым.
Алыас.
-7-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Сэттис томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Дьиҥнээх олох үөһүгэр олоруум,
Кырдьыктаах олох үөһүгэр киириим.
Алыас.
-8-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Ахсыс томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Дьиҥи сылыктаан барҕалыым,
Кырдьыгы төрүттээн көрүүлэниим.
Алыас.
-9-
Дьээ!
Киэҥ Хаан тойон
Тохсус томоонун тутуһуум.
Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан
Киэҥ Хаан тойон
Тапталлаах оҕото буолуум.
Алыас.
-10-
Дьээ-бу!
Айыллыбыт аан дойдуга,
Иитиллээхтиир ийэ дойдуга
Аламай күн аргыстаах
Айыы киһитэ,
Тэргэн ый аргыстаах
Күн киһитэ
Дьыл ыпсыытыгар,
Дьыл оройугар
Айгылаах дорҕоонноох
Алтан чылыгыр
Айыы тылынан
Айыы барҕатын
Аманыйа туойан,
Хара тыын харамтата,
Үрүҥ тыын өллөйө оҥордо.
Булгуруйбат буҕа тулууру,
Бохтубат модун дьулууру
Өркөн өтүү гынан
Үөмэн тиийбэт үрдүккэ
Өллөйдүү өрө тарта.
Айгылаах олоҕу айхаллыы
Сахалыы саҥардым —
Ийэ тылы иһиттим.
Айгылаах олоҕу айхаллыы
Сахалыы саҥардым —
Ийэ өйү иһиттим.
Айгылаах олоҕу айхаллыы
Айыыны санаатым —
Ийэ куту биллим.
Дом.
Киэҥ көҕүстэнэр алгыһы ааҕан бүтэрээт, уон тарбаҕы, уон тарбах аҕыс ырааҕын аахтара көрөн туран, испитигэр манныгы эбии этэбит: «Дьиҥнээх, кырдьыктаах олох төрдүс барҕата киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан миэхэ олордо. Ый быатын тутан, иэримэ уонна далбар тэрчини олордон, тыыным уһаата».
* * *
Алыас
=======
Үрдүк үтүө дойду
Килэйэр киинэ,
Дьогдьойор саала,
Тобуллар дьулайа,
Ойбонноох оройо буоллун —
Алаһа буорбут,
Айхаллаах алааспыт,
Алыастаах сирбит,
Айыы аймах улууспут.
Саха уустук түгэҥҥэ, тургутууларга өркөн өйүн күүһүгэр, ийэ кутун иитиитигэр эрэнэр. Өй күүһэ аҥаардас толкуй эрэ буолбакка, өссө үтүөнү, ситиһиини, өрөгөйү ыраланыы, онуоха дьулуһуу буолар. Ол иһин «Ыраламмыккын ытыскар түһэрэн ылыаҥ» диэн баар. Оччоҕо куһаҕан өттүн түүйэн, көрүүлэнэн, алдьархайтан ас таһаарынан тардан буолбакка, уһун санааланыы кыаҕар эрэли күүһүрдүү суола арыллар. Уһун санааланыы диэн история кэрдиис кэмнэрин түүрүүлэриттэн босхолонон, дьоммут туһа диэн былдьаһыктаах кэмнэргэ туруулаһыы араас – соргулаах да, сордоох да суолларын уоттаах сүрэхтэрин сырдыгынан көрдүү сатаабыт ньургун дьоннорбутун тэҥҥэ тутан үйэтитии буолар.
Саха бастакы интэлигиэнсийэтин балачча күүстээх бөлөҕө Томскай куорат университетыгар, ордук чуолаан этнограф Потанин тула иитиллибитэ. Кинилэргэ Сибиир областничествотын идиэйэтэ өй-санаа сайдыытын уһун тыынын укпута. Онно үөрэммит биир дойдулаах ыччаттар түмсүүлэрин Дьааҥы чулуута Георгий Семенович Ефимов, юридическай салаа устудьуона, салайбыта. Ол кэмнээҕи Арассыыйа политическай олоҕо саха ыччат интэлигиэнсийэтин бастакы эргиир холоругар сөрөөбүтэ. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа көскө ыыппыт, атаҕастаабыт дьоно эдэр, тэтиэнэх ыччаты өйдөрүн да тута иликтэринэ бэйэлэрин тыыннарыгар бутуйан, кылааһынан арахсан охсуһуу суолун туттарбыттара…
Маннык суолу утарсыбыт оччотооҕу устудьуоннар Георгий Ефимов Дьааҥыттан, Георгий Колесов Орто Халыматтан ааттарын аат эрэ харата ааттыыр, баһааҕырдар сурук-бичик хаалбыт. Сөҕөрүм диэн, өрөбөлүүссүйэни, партия историятын туоһулуур чинчийиилэргэ Томскайга үөрэммит устудьуоннар биографияларын ханарытыы сылтан сыл көһө сылдьарын. Дьиҥ кырдьыгы көрдүүр туох да уустуга суох. Томскай университет архыыбыгар Г.С. Ефимов дьыалата бэрт чугас уурулла сытар. Мин илэ тиийэн, көрдөһөн, биир-биэс харчыта суох булларан, диискэҕэ түһэрэн ылбытым. Онно көрдөххө, устудьуон Георгий Ефимов ханна, хайдах үөрэммитэ чуолкай докумуоннарга тиһиллэ сылдьаллар. Маннык баарын билэ-билэ, тоҕо хас да уон сыл сыыһа информацияны тарҕаталларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. История эргиирэ хаһан эмэ чулуу интэлигиэннэрбит ааттарын ырааһырдар, биллэрэр уратылаах. Онуоха дьаныһан хасыһар дьоҥҥо арыллан кэлэр дьикти түгэннэр үөскүүллэр. Ираида Клиорина[27 - Клиорина И. История без флера. – Якутск : Бичик, 1999.], Леонид Юзефович[28 - Леонид Юзефович. Зимняя дорога. Генерал А.Н. Пепеляев и анархист И.Я. Строд в Якутии. 1922—1923 годы. – М. : Изд-во АСТ, 2017.] курдук «кырдьык туһун көмүскээ, арый, ситис, чулуулар ааттарын тилиннэр» диэн этитиилээх чинчийээччилэр туруулаһыыларын, үрдүк дьулуурдарын арыйаллар.
Кинилэр уһун тыыннара өлбөт үйэлээх, кэнэҕэһин кэнэҕэс Эйэлээх Олох орто сүнньүн тутуһарга оҥкул охсубут, ыраларын иҥэриммит уһун тыыннаах сайдыы суола буолан аналлаахтар.
Уһун санаалаах буолуу эйэлэһиини, өйдөһүүнү эрэйэр. Бары бэйэбит дьоммут этилэр. Киһилии майгыларынан, туох туһугар туруммуттарын, тугу көмүскэспиттэрин, норуокка туох үтүөлээхтэрин эргитэн өйдүүргэ дьулуһуу күүһүрдэ. Ол курдук Никольскайга, Аммаҕа тупсуу тэрээһиннэрэ буолан аастылар, Хомус музейыгар «Тупсуу дьүһүлгэнэ» диэн кыраайы үөрэтээччи Станислав Афанасьев үрүҥ – кыһыл өттүгэр будулҕаннарга киирсибит дьон чулууларын хаартыскаларын мунньан көрдөрүүгэ таһаарбыта. Онно ВЯОНУ норуодунай аармыйатын командующайа В.А. Коробейниковтаах бөлөҕүнэн түспүт сэдэх хаартыскалара баара.
Киһи үйэтин тухары өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьар. Уһун санааланыы диэн нууччалыы «люди длинной воли» диэн Николай Лугинов айымньытыгар Л. Гумилевтыы бэркэ тылбаастаабыттара. Ол аата, «уһуну-киэҥи санаан, ыксаабычча быһыыламмакка, иннин-кэннин өйдөөн холкутуй, холку өйгүн ыһыктыма» (Саха быһаарыылаах улахан тылдьыта. – Т.VIII. – C. 213). Уһун санааламмыт киһи өйө баайыллыбат, санаата көнөр, кыһалҕаны хайаан да кыайарга, санаабытын ситиһэргэ турунар, киирсэр хорсун-хоодуот, тулуурдаах туруктанар. Уһун санааланыы иитиллэр ньэгиэрэ – күүс-көмө буолар дьон. Ол өс хоһооҥҥо этиллэр: «Умса түстэххинэ – сүүскүттэн өйүөм, тиэрэ түстэххинэ – кэтэххиттэн өйүөм», – диэн. Уһун санаалаах киһи тиэтэйбэт, уолуйбат, бэйэтигэр эрэлин ыһыктыбат, быһымах быһыы туох содуллаах буолуоҕун анаарар. Таҥара сэрэҕи таптыыр.
Уһун, мындыр санаалаах киһи дьон олоҕун араас кыһалҕатын туоратарга турунар. Үлүйүүттэн эмп-том күүһүнэн быыһаныы ньымаларын тобулбут саха биллиилээх мындыр хирура Рево Захарович Алексеев сүбэлэрэ олоҕу харыстыыр суолталаахтар[29 - Алексеев, Рево Захарович. Үлүйүү : (суһал көмөнү оҥорорго сүбэлэр) / [Р.З. Алексеев ; МНРA Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы медицина проблемаларын Дьокуускайдааҕы научнай киинэ, М. К Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет]. – Дьокуускай : [и. с.], 2012. – 36 с.]. Биһиги муус-кырыа дойдубутугар оннук биир кыһалҕа – тоҥуу, үлүйүү. Ордук чуолаан, тыйыс тыыннаах кырыа кыһыннаах дойдуга олорор дьоҥҥо уһун санааланыыны, киэҥ көҕүстэниини, мындыр өйү ыһыктыбат буолууну тоһуттар тымныыны кытта туруулаһыы эрэйэр. Былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри хас кыһын аайы дьон үлүйүүтэ, эчэйиитэ, эмсэҕэлээһинэ, суолга быстарыыта тахса турар. Маннык айылҕалаах дойдубут хабараан тымныыта дьарыйыытыгар, соһуччу түргэнник уларыйар итии – тымныы, тыал-куус, ардах-хаар дьайыыларыттан быыһанар өбүгэ ньымаларын умнан, бэйэни өлөр өлүүгэ, тоҥууттан сиэттэрэн араас дьаҥҥа-дьаһахха тэбиллэр төрүт сатаммат. Ити бэйэни сэймэктэниигэ тэҥнээх. Атын ким эмэ көрүөхтээх, быһылааннартан быыһыахтаах диэн сэлээннээһин тыыннаах этэҥҥэ сылдьыы ирдэбиллэригэр көтүмэх сыһыантан элбэхтэ тахсар. Үгүс ыччат дьиэ искусственнай сылаас эйгэтигэр ньирэмсийэн иитиллэн, Саха дойдута хаҕыс тыыннааҕын аахсыбакка – тымныыны тулуйар тэрээһинэ суох, чараас таҥастаах – тимир көлөҕө олоро биэрэн, ыраах айаҥҥа көтүмэхтик түһүнэр.
Биһиги олохпут, үлэбит оҥкула, суолбут-ииспит, көлөбүт кыһалҕалара дьон үлүйүүтүгэр, ыараханнык эмсэҕэлииргэ, тоҥон өлөргө үксүн сэрэҕэ суох дьону тиэрдэллэр. Холобур, Саха сиригэр тоҥон өлүү сыыппаралара: 2011 с. – 140, 2012 с. – 162, 2013 с. – 146, 2014 с. – 151, 2015 с. – 133, 2016 с. – 142, 2017 с. – 154. Дьокуускайга үлүйүү – 2015 с. – 221, 2016 с. – 176, 2017 с. – 196. Иккис истиэпэннээх үлүйүүлээх дьон 62-65% бастакы-иккис группалаах инбэлиит буолан, илиитэ-атаҕа суох эрэйдэнэллэр. Р. Алексеев элбэх киһини өлүү маҥалайыттан быыһаабыт, тилиннэрбит, бэйэ айбыт ураты ньымаларынан үлүйбүт киһи туһунан уонна хардарыта көмөлөсүһүү хайдах буолуохтааҕын ымпыктаан-чымпыктаан быһаарар.
Рево Захарович маннык сүбэлэри биэрэр. Киһи кута- сүрэ кэбирээтэҕинэ, этин-сиинин туруга мөлтөх буоллаҕына, ордук элбэхтик үлүйэрэ, туоҕун эмит үлүтэрэ элбиир.
Мууһура да тоҥмут киһи сөптөөх көмөнү оҥордоххо, тиллэр, чөл туругар түһэр кыахтаах. Дөйө тоҥмут илиини-атаҕы, атын да миэстэлэри, тугунан эмит суулаан эрэ баран, сылаас дьиэҕэ киллэриллэр. Оччоҕо били мууһурбут эт-хаан туга да алдьаммакка улам ирэр, килиэккэлэр убаҕастара ууллан чөллөрүгэр түһэллэр. Ол саҕана сылаас сиргэ киирбит киһини итии аһылыгы аһатан, убаҕаһы иһэрдэн, ис уорганнарын үлэлэрин күүһүрдүллэр. Оччоҕо киһи бэйэтин иһиттэн сылаас хаана били тоҥмут илиигэ-атахха сүүрүгүрэн киирэр кыахтанар. Дьэ ол эрэ кэнниттэн, эт-сиин бүттүүнэ итийбитин билэн баран, хамсатаҕын-имсэтэҕин, эрчийэҕин, имэрийэҕин-томоруйаҕын. Барыта 6 чаас устата барар. Мууһура тоҥмут тарбахтары, атахтары тутатына имитэн, хамсатан көрөр, күүскэ тутар-хабар букатын бобуулаах! Үлүйбүт дьоҥҥо суһал көмө быһыытынан өссө маннык ньымалары туттуохха сөп:
– Илиилэргитин, атахтаргытын иккиэннэрин (биирэ үлүйбэтэх да буоллун) 20-22 С° кыраадыс сылаас ууну бааннаҕа, тааска кутан баран, онно угуохтааххыт, сылытыахтааххыт. Уугут температуратын улам 40 С° диэри үрдэтиҥ.
– Үлүйбүт атаххытын, илиигитин 37-40 С° итии ууга уонна хос иһигэр турбут температуралаах ууга олбу-солбу уган ылаттыыгыт. Үлүйбүт лабааларгытын аллараттан үөһэ, уһугуттан саҕалаан илиигитинэн тутаҕыт-хабаҕыт, массажтыыгыт. Эмсэҕэлээбит киһи үлүйбүт атахтарын, илиилэрин туох эмэ үрдүккэ ууран сытара наада. Итини барытын сатаан оҥордоххо, үлүйүүттэн эмсэҕэлээһин аччыыр, эт-хаан салгыы алдьаныыта тохтоон, чөлүгэр түһүүтэ арыый түргэнник барар.
Үлүйбүт кулгааҕы, муруну, иэдэһи сылаас илиинэн сэрэнэн хам тутан эбэтэр сымнаҕас таҥаһынан сабан сыыйа сылытыллыахтаах, ол кэнниттэн испииринэн сотон баран, кириэминэн уҥунуохтаныллыахтаах. Оччоҕо үлүйбүт сирдэргэ хаан сүүрүгүрэр кыахтанан чөллөрүгэр түһэллэр. Оччоҕо хаан эргиирэ үлүйбүт сирдэргэ күүһүрүүтэ, өлүктүйбүт килиэккэлэр тиллиилэрэ тэҥҥэ баран, улахан бааһырыы тахсыбат. Оттон үлүйбүт сири уонна чугаһатан, итии оһоххо сыһыаран сылыта сатааһын буортуну эрэ аҕалар. Итинник ньымаҕа өлүктүйбүт килиэккэлэр кыайан тиллибэттэр, хата эбии тарҕанан бараллар.
Поэт Владимир Маяковскай суруйан турар: «Землю, где воздух как сладкий морс, бросишь и мчишь, колеся. А землю, с которою вместе мёрз – вовек разлюбить нельзя». Ити курдук Сахабыт сирин айылҕата, күнүн-дьылын хардыыта, туруга уйаны-хатаны тургутар туруга төһөнөн уустук да соччонон күндү, ураты уйан тыыннаах буолан олохсуйарга, олох олорорго, силис-мутук тардарга кытаанах, чуолкай, дьэҥкэ ирдэбиллэрдээх.
Айылҕа моһоллорун үмүрүтэргэ өркөн өйдөөхтөрбүт, амарах санаалаахтарбыт булбут-талбыт, айбыт ньымаларын киэҥник туттарга суолу айарбыт булгуччулаах уонна кыаллар хайысха.
Маны таһынан, өссө информационнай эйгэҕэ өтөн киирдэхпит ахсын, саҥа тургутуулар тыаһа-ууһа суох өйү сүүйэр угаайыларыгар үктэнэр, киэҥ көҕүһү кыаратар ньымалар тарҕанан эрэллэр. Ол манипулятивнай технологиялар! Ордук сурук-бичик, көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэр киһи үксэ билиэн-көрүөн, истиэн, сонун үллэстиэн баҕарар утаҕын ханнарарга дьулуһуутун сиэрэ-кэрээнэ суох туһанааччылар үксүү тураллар.
Ол ханнык манипулятивнай технологияларый?
Бэрт киэҥник туттуллар былакааттар, баннердар биистэрин ууһун туһааннаах күүстэр хото туһаналларын бары билэбит. 1 Маай бырааһынньыгын холуонналара өрө тута сылдьар былакааттарын сирийэн, сылын аайы тэҥнээн көрдөххө, уопсастыба өйүн-санаатын хайа диэки хайыталлара, халыталлара дьэҥкэтик көстөр.
Өссө биир улахан политическай суолталаах тэрилтэнэн Геральдическай хамыыһыйа талан бигэргэтэр гербэлэрэ, былаахтара буолаллар. Ол курдук Дьокуускай куорат сүрүн им бэлиэлэрэ (символлара) – Былааҕа уонна Гербэтэ – кэм-кэрдии ааһар курдук да, ыраахтааҕылаах холуонньа им бэлиэтэ киэр илгэнэ илик. Былаахха сэриилээн ылбыттар башнялара, гербэҕэ ыраахтааҕы адьырҕа хотойо «мягкая рухлядь» диэн ааттыыр кииһин дьаһаах хомуурунан ыраахтааҕы хааһынатыгар дэгиэ тыҥырахтарыгар кытаахтаан көтүтэр. Ону омос көрдөххө, эйэлээх баҕайы курдуктар, эбиитин герб быһаарыытыгар «орел поддерживает соболя» диэн манипуляция технологиятын таһы сымыйаччы ньыматын туттубуттар. Ити курдук харах баайыылаах, судургу да манипуляцияны чопчулаан көрүү суох. Сыныйан ырытыы сырдыгы эрэ ыйдаҥардыы буолбатах. Харах диэн сырдыгы ыйдаҥардар сиэркилэ эрэ буоллаҕа.
Интернет ситимэ күүскэ сайдан, туспа киһи өйүгэр супту киирэр эйгэ буолла, онно биһиги үгүспүт сэрэнэр-сэрбэнэр үөрүйэҕэ, бэлэмэ суох баар буола түстүбүт. 1992 сылтан ыла саҥа информационнай үйэ биир дьайыыта күүскэ тарҕанан эрэр – ол «постправда», ол эбэтэр сымыйаны оҥорон, соруйан тарҕатыы ньымаларын киэҥник туттуу кэмэ. Оннук сымыйа сонун-сурах киһи толкуйугар буолбакка, ньиэрбэтигэр, мөкү өрүттэригэр туһаайыллар. Маннык сымыйалааһын үс сүрүн көрүҥнээх: 1) көстөн да турар кырдьыгы кистээһин, мэлдьэһии, 2) киһи бэйэтин ылынар өйдөбүллэригэр кэтэх санаатыгар иҥмиккэ чугаһата сатааһын, 3) өйүнэн ырытан буолбакка, сүрэҕин долгутан, санаатын аймаан дьайыы. Ити түмүгэр ылыннарыылаах тылга, сааһылаан толкуйдуурга дураһыйбат, ыгылыйбыт майгылаах киһи атааннаһыы, дьирээлэһии, үүрбэ оборчотугар умса анньыллар. Ол барыта холбоһон инфодемия диэн ааттанар сутуллууга тиэрдэр, аһара элбэх утарыта информация киһини өйүттэн таһааран, өй-мэй курдук үүрбэ туруктанар. Ол иһин сахалыы толкуйдааһын, бастатан туран, сааһылааһыны эрэйэр, төрдүн-төбөтүн араарарга дьулуһар.
Итинник киһи өйүн бутуйар ньымалартан билигин саамай тарҕаммыта – фейк диэн ааттанар сымыйа эбэтэр анаан муннарар, холуннарар сыаллаах айыллыбыт информацияны дьон киэҥник туттар ситимнэринэн тарҕатыы. Өссө фишинг диэн интернет элбэх киһи туттар сайтарын үтүктэн киһини албынныыр ньымата, ол ордук билиэти бронялыырга, малы атыылаһарга туттуллар. Араастык харчыны сыыйан ылыы, киһи ымсыы-обот майгытын туһанан, баан каартатыттан харчыны уорууга, наркоманнар угаайыларыгар Саха сирин олохтоохторо көнө-кэнэн майгылара эбиилэһэн, быдан үгүстүк үктэтэллэр. Тус олоххо орооһуу, тус дааннайдары, пароллары уоруу, бакдордар, вирустар, ыччакка туһаайыллыбыт политическай, аморальнай, экстремистскэй угаайылар элбэхтэр. Маны сэргэ дипфейк

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539772?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

notes

1
Баһылай Бырдьахаанап. Айар тыл уоттаннын! Тыл илбиһэ төлөннөннүн! – Дьокуускай: Бичик, 2009. – С.284.

2
Выступление М.Е.Николаева на торжественном заседании Ил Тумена. 29 апреля 2022 г. https://nikolaevcentre.ru/news/1848 (https://nikolaevcentre.ru/news/1848)

3
М.П. Алексеев-Дапсы. Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар. Ыстатыйалар. Санаалар. Бэлиэтээһиннэр. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2021. – С. 9.

4
Хаҥыл. Хаҥалас сурунаала. – №11. – 2017.

5
Луковцев В.Н. Ким да умнуллубат. Туох да умнуллубат. – Дьокуускай : Бичик, 2001. – С. 109.

6
Николаев М.Е. Апостол государственного служения. – Якутск : Көмүөл, 2011. – С. 30.

7
Индекс развития человеческого капитала. 2020 г. – https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital (https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital)

8
https://ru.wikipedia.org/wiki/Список_субъектов_Российской_Федерации_по_индексу_человеческого_развития (https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%BF%D0%B8%D1%81%D0%BE%D0%BA_%D1%81%D1%83%D0%B1%D1%8A%D0%B5%D0%BA%D1%82%D0%BE%D0%B2_%D0%A0%D0%BE%D1%81%D1%81%D0%B8%D0%B9%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B9_%D0%A4%D0%B5%D0%B4%D0%B5%D1%80%D0%B0%D1%86%D0%B8%D0%B8_%D0%BF%D0%BE_%D0%B8%D0%BD%D0%B4%D0%B5%D0%BA%D1%81%D1%83_%D1%87%D0%B5%D0%BB%D0%BE%D0%B2%D0%B5%D1%87%D0%B5%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B3%D0%BE_%D1%80%D0%B0%D0%B7%D0%B2%D0%B8%D1%82%D0%B8%D1%8F)

9
Уткин К.Д. Өбүгэлэр үгэстэринэн толкуйу тобулуу / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С.27.

10
Таҥха (Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ). – Дьокуускай: Бичик, 2001. – С.38.

11
Саха норуота барҕарыы суолунан. Софрон Петрович Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаатын 20 cылыгар ананар. – Дьокуускай, 2012.– С.31.

12
Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.

13
Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.

14
Неустроева Е.А. Особенности развития творческих способностей в условиях освоения детьми символических средств выразительной пластики (дошкольный и младший школьный возраст). Автореф. дисс.на соискание уч. ст. к. пс.н. – М., 2014.

15
Михайлов В.Д. Киһилии киһини иитии суолун-ииһин туһунан / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С. 6.

16
Власов В. Киһибин.– Дьокуускай: Бичик, 2006. – С. 526.

17
Бугаева М.Д. Интеллект как фактор подверженности психологическому воздействию. Автореф. Дисс. К.пс.н. – М., 2005.

18
Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.

19
Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.

20
Онно. – С. 42—43.

21
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома. – Дьокуускай: Бичик, 2011.

22
Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – С. 11.

23
Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – С. 16.

24
Степанова В.Е. «Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии.– Дьокуускай: Бичик, 2017. – С. 56.

25
Попова Г.С. Национальнай оскуола концепцията: культурологическай ырытыы. – Дьокуускай, 2003. – С. 9.

26
Чиряев К.С., Васильева Ф.А. Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар. – Ороһу, 1997. – С. 38.

27
Клиорина И. История без флера. – Якутск : Бичик, 1999.

28
Леонид Юзефович. Зимняя дорога. Генерал А.Н. Пепеляев и анархист И.Я. Строд в Якутии. 1922—1923 годы. – М. : Изд-во АСТ, 2017.

29
Алексеев, Рево Захарович. Үлүйүү : (суһал көмөнү оҥорорго сүбэлэр) / [Р.З. Алексеев ; МНРA Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы медицина проблемаларын Дьокуускайдааҕы научнай киинэ, М. К Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет]. – Дьокуускай : [и. с.], 2012. – 36 с.
Биһиги сахалар…. Туруулаһыы Ульяна Винокурова
Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Ульяна Винокурова

Тип: электронная книга

Жанр: Социология

Язык: на

Издательство: НИК Айар

Дата публикации: 18.04.2024

Отзывы: Пока нет Добавить отзыв

О книге: Биһиги сахалар…. Туруулаһыы, электронная книга автора Ульяна Винокурова на , в жанре социология

  • Добавить отзыв