Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Любовь Львовна Васильева
Айылҕа барахсан оҥорботоҕо диэн суох… Ол биир дьикти көстүүтүнэн үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах Күннэй Кардашевская буолар. Кинигэҕэ кини удаҕаҥҥа уһуйуллуу олуктарын хайдах ааспытын туһунан ийэтин сиһилии суруйуута, ону сэргэ эдэркээн кыысчаан абынан-хомуһунунан эмтиир кыаҕын билбит, дьүһүн кубулуйарын, куолаһын уларытарын, салгыҥҥа уйдарарын, о.д.а. илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон ахтыылара таҥыллан киирдэ. Таһаарыы чараас эйгэ илэ-чахчы баарыгар, айылҕа күүһүгэр итэҕэтиэҕэ.
Природа – великий творец. Одним из ее удивительных созданий является Кюннэй Кардашевская, которая обладала уникальным даром. В книге приводятся воспоминания ее матери, родных, друзей и знакомых, которые стали свидетелями того, как она проходила стадии посвящения в шаманы, как лечила с помощью своей божественной способности, как меняла облик и голос, парила в воздухе и т.д. Издание, несомненно, заставит поверить читателя в существование потустороннего мира и силу природы.
Любовь Львовна Васильева
Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Кистэлэҥ күүстээх Күннэй
Киһи бу сиргэ дьолун, олоҕун кээмэйэ, тугу ситиһэрэ, кэнниттэн хаалара барыта Таҥара төһөнү биэрбитинэн, тугу-ханныгы өлүүлээбитинэн быһыллар. «Сиргэ түспүт силик, окко түспүт оҥоһуу» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха толкуйунан, киһи төлкөтө Таҥара аҥаардас талбытынан эбэтэр күннээҕи олох хаамыытынан салаллыбат, хаан-сыдьаан тардыһан, төрдүн-ууһун удьуордаан түстэнэр. Күннэй Кардашевская кылгас эрээри, сындыыс сулус курдук кылам гыммыт чаҕылхай олоҕун таайыллыбатах таабырына онно кистэммит быһыылаах.
Саха тыллаах эрэ барыта кинини оҕо сааһыттан истэн билэр. Кэрэ номоҕон дьүһүнүнэн, киһини абылыыр күүһүнэн араас дойду болҕомтотун тардыбыта, ыллыыр, үҥкүүлүүр, уруһуйдуур дьоҕурунан дьон-сэргэ сэҥээриитин, кэрэхсэбилин ылбыта. Онтон ыарытыйар үһү диэн сурах тарҕанан, барыбытын долгуппута. Туох кистэлэ кэлиэй: дэгиттэр талааннах оҕону ымсыыра, ордугургуу санаан кырыы харахтаах таба көрбүтэ, куһаҕан тыллаах быһа эппитэ буолуо диэн куолулааччы да баара… Бу кинигэҕэ кэпсэнэринэн, чараас уйулгулаах, ураты айылгылаах оҕо үөһэттэн ананан кэлбитин ахсым тэтимнээх аныгы олох дьалхааныгар тэптэрэн, кэмигэр ситэ өйдөөбөккө, быһаарбакка, мүччү туппут курдукпут…
Айдарыылаах киһи, үөһэттэн этитэн, дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэр. Кини Айыылардыын биир утах тыыннанан, айыы-иччи үйэлээх кистэлэҥ билиилэрин иҥэринэн, көннөрү киһи көрбөтөҕүн көрөр, билбэтэҕин билэр. Кута-сүрэ айылҕаны кытта биир ситим силбэһэн, от-мас, көтөр-сүүрэр саҥатын истэр уонна өйдүүр, үөр-сүүрүк абааһылары илэ көрөр турукка киирэр.
Бастаан утаа ураты айдарыылаахха атын тас эйгэ ыалдьыттара дьаалатынан киирэннэр, өйүн баайан булкуйаллар, саҥарыа суоҕу этитэллэр, киһи үөйбэтэҕин оҥортороллор. Былыр ону таба көрөн, кырдьаҕас ойуун уһуйдаҕына, үөрүн-сүүрүгүн сөпкө дьаһайар, санаатын хоту салайар буолар, сыыйа кинилэр аптарын-хомуһуннарын дьону эмтииргэ, алдьархайтан абырыырга туһанар.
Ойуун – атын эйгэни кытта алтыһарга анаан уһуйуллубут идэлээх киһи (профессионал). Онон ойууннааһыны айылҕаттан тутулуктаах ураты дьоҕур эрэ диэн сыаналыыр кэмчи быһыылаах. Ойуун – дириҥ толкуйга, киэҥ билиигэ тирэҕирэр өй-санаа үрдүк таһымын баһылаабыт, бары өттүнэн дэгиттэр айар дьоҕурдаах киһи. Ол иннигэр ойуун буолар дьон идэлээх үөрэҕи ааһаллар.
Саха төрүт итэҕэллээх норуот буолан, ойуун буолар эбэтэр ураты айдарыылаах дьон уһуйуллар олуктарын туһунан бэйэтэ ураты көрүүлэрдээх. Ону харыстаан, ханарытан «сахалыы ыалдьар» дииллэрэ.
«Кириргиир» диэн айыллыбытынан аһаҕас эттээх, кири-кыыбаҕаны уйбат чараас дууһалаах эбэтэр улаханнык ыарытыйар киһи туохтан эрэ уолуйан, соһуйан, куттанан кута-сүрэ айманарын, ыарыыта бэргиирин ааттыыллар. Оннук дьону, ордук оҕолору «кута ыстаныа» диэн харыстаан, өлбүттээххэ, сытар ыарыһахха сырытыннарбаттар, куһаҕан сураҕы кистииллэр, кутталлааҕы кэпсээбэттэр. Туох эрэ куһаҕан сибикитин сэрэйдэҕинэ, кириргиир оҕо эмискэ этэ-сиинэ көҕөрөн, уҥан-тартаран барар.
«Кууллаттарыы». Киһи ис күүһэ, кыаҕа, туһаҕа турбакка, сүгэһэр буолан баттааһына, бүөм санаа өйгө-санааҕа иҥэн, ааспакка-арахпакка аалыыта, туох эрэ саҥаны, эрэмньилээҕи күүтүү-манаһыы, онтон сылтаан ыар санааҕа ылларыы, эт-хаан өттүнэн буомуруу. Нууччалыы «творческий кризис» диэн өйдөбүлгэ ханыылыы. Улуу ырыаһыттар, олоҥхоһуттар, айар куттаах дьон үксүн ыалдьаллар эбит. Итинник дьон түүллэригэр Ырыа төрдө илэ-чахчы киирэн, ыллаан-туойан, алыптаах тыл иччитигэр сыһыаран, күлүүс тылы сибис гынан эбэтэр туох эрэ ураты дьикти санааны саҕан, өй уган, айар аартыктарын арыйара үһү диэн кэпсииллэр.
Бу икки ыарыыны, дьалбыйан уонна түөн ууран, уот иччититигэр арчылатан, идэлээхтэр эрэ эмтииллэрэ.
«Эттэтии» диэн сурукка-бичиккэ киирбитинэн «шаманская болезнь» – ойуун уһуйуллар ыарыыта. Ону ойуун-удаҕан сүтүөҕүттэн симэлийбит, былыргы үйэ көстүүтэ курдук толкуйданар эрээри, хам-хаадьаа да буоллар биллэн ааһар бадахтаах. Сэһэн быһыытынан, үксүгэр айылҕалаах дьон 12—16 саастарыгар ыалдьаллар эбит. Сэрэйдэххэ, айбыт Айыылартан, иччилэртэн ситимнээх, төрүт итэҕэли утумнуур, айылҕа дьикти дьоҕура уһуктарыгар эт-сиин ураты эрчиллиитэ, өй-санаа төрдүттэн уларыйыыта ирдэнэр. Былыр маннык ыалдьыбыт киһини ойуунунан-удаҕанынан уһуйтаран, өбүгэ төрдүн оҥортороллоро үһү. Оччоҕо айанын аартыгын арыйан, оломун оҥорон биэрдэхтэринэ, этитэр, көрүүлэнэр, аптаах-хомуһуннаах буоллаҕына, тиллэн, дүҥүр-таҥас тэринэн, ойуун-удаҕан буолар.
Сорох эттэтэр киһиэхэ көмөлөһөр кыахтаах көстүбэтэ үһү. Оччотугар дьоҕурун кыайан арыйбакка, өйө-санаата баайыллан, ийэ кута уйбакка, ыарыыга тууйуллан, быстахха үктэтэн, бэйэтигэр да тиийиниэн сөп дииллэрэ. Улуу ойуун Орто дойдуга кэлэригэр, силигин ситэрээри, күүһүн үксэтээри, хомуһунун эбээри, хаан-уруу аймахтарыттан толук ылаллар дииллэрэ. Онуоха сөбүлэҥин биэрбэтэх быстах дьылҕаланара, Орто дойдуттан күрэнэрэ – ойууннааһын биир тыйыс сокуона.
Билигин уһуйуу былыргы үөрэҕэ умнуллубут кэмигэр, уйулҕа үөрэҕин баһылаабыт психологтар, психиатр, невролог быраастар болҕомтолорун уурдахтарына, баҕар, үөһэттэн этитиилээх, ураты айар-тутар куттаах дьон көстүө, сайдыа, арыллыа этилэр.
Күннэй, нууччалыы иитиилээх куорат оҕото, сахалыы ыалдьыбыта бэйэтэ ураты көстүү. Кини, ийэтэ кэпсииринэн сылыктаатахха, бастаан «кириргиир», онтон «кууллаттарыы», тиһэҕэр «эттэтии» олуктарын ааспыт. Айыылары, дойду иччилэрин кытта алтыһар аналлаах айыы ойууннара, алгысчыттара хатыламмат уус номоҕон тыллаах, нарын, кэрэ куоластаах буолаллар диэн кэпсииллэр. Онон сахалыы тыл баайын-сүмэһинин толору баһылаабыт эрэ киһи ойуун буолар аналлаах диир, арааһа, кэрэгэй быһыылаах. Ойуун – Таҥара тыыннаах тылбаасчыта – биир эрэ тылынан муҥурдаммата улуу идэлээхтэр баһылаабыт кистэлэҥ хоро тылларыгар көстөр. Күннэйгэ эмтэммит дьон ахталларынан, олоххо-дьаһахха нууччалыы эрэ тыллаах кыыс турукка киирдэҕинэ уу сахалыы саҥарар. Аны сырыы аайы куолаһа уларыйа сылдьар, бэйэтэ дьүһүн кубулуйар. Түүн хараҥаҕа эрэ эмтиир, кыырарыгар ааны, түннүгү саптарар, баар дьон киирэллэрин-тахсалларын бобор. Илбиһирдэҕинэ истиэнэни кыйа остуол сүүрэр, араас кыыл, көтөр, харамай көстөр. Ити барыта ойуун кыырыытын тутулун (сценарийын), дьоҥҥо дьайар ис күүһүн (гипноз), психологическай сабыдыалын хатылыыр.
Күннэй олоҕо ойууннааһын төрүт култуура ураты көстүүтүн быһыытынан аныгы үйэ хаамыытынан тэҥҥэ уларыйан иһэрин туоһулуур. Саха дьоно-сэргэтэ, уопсастыба маннык дьону сөпкө өйдөөн ылынара, өйүүрэ хайаатар да наада. Онон, былыргыга эрэ сигэммэккэ, бу кистэлэҥ эйгэни салгыы этнография, культурология, биология, психология, медицина, генетика, о.д.а. араас наукалар аныгы таһымнарыгар олоҕуран киэҥник уонна дириҥник үөрэтэр соруга турар. Онуоха бу кинигэ олук буолара мэлдьэҕэ суох.
Күннэй ийэтигэр Любовь Львовна Васильеваҕа оҕотун ураты олоҕун суруйан, саха култууратын үйэлээх көстүүтэ аныгы кэмҥэ тыыннааҕын сырдаппытыгар махтал буолуохтун.
Бравина Розалия Иннокентьевна,
историческай наука доктора, профессор
КҮНДҮ КӨМҮС ЧЫЫЧААҔЫМ – КҮННЭЙИМ
Васильева Любовь Львовна,
Күннэй ийэтэ
Күннэй – хаһан да өлбөөдүйбэт, сүрэхтэн сүппэт үтүө өйдөбүл…
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн оҥоһуулаах оҕом барахсан бу Орто туруу-бараан дойдуга бэрт кылгастык, ол эрээри чаҕылхайдык, сырдык сулус кэриэтэ күлүм гынан бараахтаабыта. Кэмэ кэлэн кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэтэх кистэлэҥ олоҕун дьикти өрүттэрин арыйарга, үйэлэри уҥуордаан кэлбит айылҕа биэрбит сүдү күүһүн кэпсииргэ быһаарынным.
Ол иннинэ кылгастык төрүппүт-ууспут туһунан сырдатар наада дии саныыбын. Мин аҕам ийэтинэн ытык өбүгэбитинэн Илбянев Мочой (Мохот) диэн Сис Мэйигин аҕа ууhун киһитэ буолар. Мин хос-хос эһэм – Васильев Василий, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата – Мөскөйөр Баһылай. Кини аатын курдук улахан, бөдөҥ-садаҥ киhи эбитэ үhү. Былыргы киһи сиэринэн, ынах сүөһү ииттэн, булдунан-аһынан дьарыгыран олорбут. Улахан түүллээх, ичээнимсийэр этэ диэн кэпсииллэрэ. Кини: «Мин оҕом оҕотун оҕотуттан, Кэрэх Ойуун уутуттан улахан ойуун үөскүөҕэ», – диэн түүлүн кэпсээн турардаах үһү. Кырдьык, ити этии Күннэйгэ сөп түбэһэр. Онон, оҕом барахсан ытык өбүгэтин аатын ааттатар, туйаҕын хатарар үрдүк аналлаах бу Орто дойдуга кэлбит эбит.
Мөскөйөргө сыһыаннаах дьиҥнээх олоххо буолбут биир түбэлтэни билэбин. Мөскөйөр сири өртөөбүтүгэр улахан баһаар барбыт. Хас да аҕа ууһа саба түһэн умуруора сатаабыттар да, улахан уоту кыайбатахтар. Ыксал буолан, Мөскөйөр ырааҕынан аймаҕар Алыһардаах удаҕан эмээхсиҥҥэ барбыт. Эдьиийиттэн көрдөспүт: «Дьэ иэдээни оҥордум – уоту ыыттым. Туох эмэ көмөлөөх буолаайаҕын, күн-ый буол, абыраа, өрүһүй!» Эмээхсин, Мөскөйөргө сүктэрэн, чугас баар көлүччэҕэ киллэртэрбит уонна икки атаҕыттан туттарбыт да, куоҕастыы хахаара түһээт, атахтарын төлө тардан баран, куоҕас буолан көлүччэҕэ умсаахтыы оонньообут. Ол кэннэ эмээхсин: «Дьэ дьиэбэр таһаара оҕус уонна бэйэҥ түргэнник дьиэҕин бул», – диэбит. Мөскөйөр дьиэтигэр киирээтин кытта эргэ оҥкучах сиҥнэр этиҥнээх ардах түүннээх күн түһэн, улахан уоту умулларбыта үһү.
Мөскөйөр улахан уола – Иннокентий (хос аата – Бууска), мин аҕам ийэтинэн эһэтэ. Кэлин ол хос аатынан Бускаровтар диэн буолбуттар. Бу аҕа ууһуттан биһиги кэммитигэр биллибит-көстүбүт киһи – аан дойдуга Сахатын сирин ааттаппыт марафонец сүүрүк Бускаров Николай. Николай Харлампьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр XX үйэ чулуу чэпчэки атлета (1997 с.), 1993, 1996―1998 сс. Саха сирин бастыҥ спортсмена.
Мөскөйөр хос сиэнинэн мин аҕам буолар – Васильев Лев Иосифович.
Оттон мин аҕабынан эһэм Васильев Иосиф Васильевич диэн киһи эбит, 1886 сыллаах төрүөх. Кини аҕата (мин хос эһэм) Саввинов Василий диэн киһи, Үөһээ Бүлүү Хоротуттан чугас Сээҥээби диэн сиргэ олорбут. Эһэм Бодойбонон, Алданынан сылдьан үлэлээн баран, 41 сааһыгар дойдутугар төннөн кэлбит. Онтон мин эбэбин көрсөн ыал буолан, түөрт оҕону төрөппүттэр. Мин аҕам үһүс оҕонон төрөөбүт.
Мин аҕабынан эбэм – Васильева Александра Иннокентьевна. 1893 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Эбэм 10-чалаах эрэ сырыттахпына биһиги аймахха улахан ойуун кэлиэхтээх диэн кэпсиир буолара. Оччолорго мин кыра буоламмын улаханнык дьолоҕойбор түһэрбэтэхпин. Кэлин билбитим, ол туһунан эбэм миэхэ эрэ кэпсээбит эбит. Онон сылыктаатахха, өбүгэлэрим эбэбинэн этиппиттэр быһыыта… Уонна тоҕо кып-кыра оҕоҕо кэпсиэҕэй?!
Төрүттэрбин «кэрэхтэр» диэн ааттыыллара үһү – сураҕа, туох эрэ кэрэх мастаах кэлбит дьон эбит. Бэйэлэрин Үөһээ Хара Суорун тойонтон төрүттээхпит дэнэллэрэ үһү. Ол иһин буолуо, Күннэйи суор арыаллааччы…
Ийэм өттүнэн төрдүлэрим Өлүөхүмэ Токкотуттан Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар кэлэн олохсуйбуттар эбит. Мин ийэм – Васильева (Степанова) Розалия Ивановна, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэм эһэтэ – Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх Федоров Иван (хос аата – Мындай). Өлүөхүмэ Токкотуттан Дураева Екатерина диэн тоҥус кыыһын кэргэн ылбыт. Кинилэр Токкоттон көһөн кэлэн, Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар олохсуйбуттар. Түөрт кыыстаахтарыттан саамай кыралара Степанова Екатерина Ивановна – мин эбэм. Мин ийэм аҕата – Степанов Иван Евсеевич (хос аата – Тайах Уйбаан).
Күн кэриэтэ Күннэйим, көмүс чыычааҕым, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон 1997 сыллаахха иэйэхсит ыйыгар – ыам ыйын 13 күнүгэр Туймаада хочотун дьоллоох туонатыгар – Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Быраастар эппит оҕолонор күммүн лаппа аһардан баран оҕоломмутум. Ыам ыйын 12 күннүгэр балыыһаҕа киллэрбиттэрэ, нөҥүө күнүгэр сарсыарда Күннэйим кэлбитэ. Бэрт чэпчэкитик, улаханнык талыы диэни билбэккэ, быыһаммытым. Төрүүр саалаҕа сытан тоҕо эрэ күн сардаҥалара бу муостаҕа түстэхтэринэ оҕолонуом уонна Күннэй диэн ааттыам дии санаабытым. Кырдьык, сааскы күн маҥнайгы сандаархай сардаҥаларын кытта тэҥҥэ Күн киһитэ Күннэй бу сиргэ түспүтэ. Бастаан ытаабатаҕар олус куттана санаабытым – оҕом барахсан кыратык киинигэр эриллибит этэ. Сотору буолаат саҥа таһааран ытаабытыгар долгуйбуппуон – аан бастаан ийэ буолар дьолун билбит хаһан да умнуллубат, туохха да тэҥнэммэт дьоллоох түгэним. Онтон иккиэммитин хаалларан баран, быраастар ханна эрэ тахсыбыттарыгар, арай оҕом сытар сириттэн тугу эрэ эмэр айах тыаһа чуолкайдык иһиллибитин өйдүүбүн. Ол саҥа күн сирин көрбүт кыысчааным тарбаҕын эмэр тыаһа эбит. Оннук 5-гэр диэри тойон эрбэҕин эмпитэ.
Оҕом ый курдук аата суох сылдьыбыта, тоҕо диэтэххэ Күннэй диэн ааты биэрээри гыммыппын дьонум бастаан утаа ылымматахтара. Араас аат бөҕө сыымайдаан баран, тиһэҕэр төрөөбүт күнүнэн, ыйынан сахалыы ааттар халандаардарыгар көрүөххэ диэн буолбута. Сөҕүөх иһин, ыам ыйын 13 күнүгэр төрөөбүт кыыс оҕо аатын Күннэй диэн суруйбуттар этэ. Бу аат суолтата – күн курдук ыраас, кэрэ. Ол курдук күн сиригэр үктэнэ илигиттэн Күннэй бэйэтин анал аатын этиттэрбит эбит.
Оҕом барахсан төрүөҕүттэн холку, ытанньаҕа суох буолан абыраабыта, куруук утуйан тахсар этэ. Мин хаһан уһуктарын кэтэһэн аттыгар иһиллээн олорооччубун.
Арай биирдэ, кыысчааным ыйын да туола илигинэ, күнүскүтүн утуйбутугар мин эмиэ нуктаан ыларга быһаарынным. Эмиэ да утуйа сытар курдукпун, эмиэ да илэ курдук. Иһиттэхпинэ, хоспут иһигэр кыра оҕолор саҥарсаллар, кумааҕы тыаһаталлар. Өссө санаан ыллым: ыаллыы олорор оҕолор наар видеокассета уларса киирээччилэр, олор буолуо диэн. Ол саҕана милииссийэ оскуолатын уопсайыгар олоробут. Туруохпун баҕарабын да, илиим-атаҕым истибэт. Оннук сыттахпына оҕолор, күлэн бычыгыраһа-бычыгыраһа, ороммор сүүрэн кытыгырайан кэллилэр. Бары бэскилээхтэр, сырдык хааннаахтар, быычыкаалар, оронтон муннулара эрэ быгаахтыыр, хайдах эрэ киһи «чээн» диэх курдук. Өссө бэһис киһилээхтэр диэн көрөбүн. Ол киһичээннэрэ кириэһилэ үрдүгэр ыттан туран, сурук остуолугар быардаан сытан, кыһалла-кыһалла тугу эрэ суруксуттаа да суруксуттаа буолар. Оттон атыттара киниэхэ кумааҕы таһаллар диэн көрөбүн, үлэ-хамнас үгэнэ. Быыһыгар күлэ-күлэ миигин өҥөйөн бараллар. Мин ол тухары, бырытын көрө сытар курдукпун эрээри, саҥарар да, турар да кыаҕым суох. Оннук балачча бириэмэ ааспытын кэннэ дьонум сүтэн хааллылар. Дьэ ол эрэ кэннэ уһуктан кэллим. Онно санаабытым, арааһа, оҕом аанньаллара сирдээҕи дьылҕатын суруйаары Ґөһэттэн түһэ сырыттылар быһыылаах… Уонна хайдах эрэ оннук буолуохтааҕын курдук ылыммытым…
Оҕом балтараатыгар Москва куоракка адъюнктураҕа үөрэнэ барар буолбутум. Московскай уобалас Ивантеевка куоратыгар дьиэ куортамнаан олорбуппут. Күннэйбит аан бастаан дьиэбит аттыгар баар оҕо уһуйааныгар барбыта, онно икки сылтан ордук сылдьыбыта. Оччолорго 2-тин даҕаны туола илик кырачаан киһи эбит.
Арай биирдэ саамай саастаах баспытаатала миигиттэн эһиги таҥараһыттаргыт дуо диэн ыйытан турардаах. Мин, көһүппэтэх буолан, соһуйаммын күллүм, онтон мусульманкаҕыт диэн ыйыттыгыт дуо диэн төттөрү ыйытааччы буоллум. Ону баспытаатала Кюночка наар Таҥара миигин таптыыр дуо диэн ыйытар, мин кириэспин интэриэһиргиир, түөһүн оҕотугар кириэс охсунар диэн соһутта. Кып-кыракый эрээри, наһаа дуоспуруннаах, оруннаах ыйытыылары биэрэр, сорох-сороҕор сатаан сөптөөх эппиэти булбакка хаалабын диэн күлбүтэ. Ити кэнниттэн, кырдьык, оҕом наар кириэс суолтатын ыйыталаһар, кириэс хайаан даҕаны кэтиэхтээҕин, Таҥара кинини таптыан баҕарарын этэр буолбута. Инньэ гынан 2002 сыллаахха Кириһиэнньэҕэ оҕобун Коптевоҕа баар Георгий Победоносец сиэркибэтигэр сүрэхтээбиппит. Оҕом кырачаан бэйэтэ бэлэмнэнэн, санаата өрө көтөҕүллэн ахан сүрэхтэнэ барбыта. Күннэйбин сүрэхтээбит ийэтэ, аҕата күн бүгүнүгэр диэри биһиэхэ оҕом сырдык кэриэһигэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьаллар.
Москваҕа Күннэйим дойду ис-тас өттүгэр биллэр модельер Вячеслав Зайцев Москватааҕы Муода дьиэтин иhинэн үлэлиир оҕо модельнай устуудьуйатын бүтэрэн, муода тыйаатырыгар 3 саастаах кырачаан модель буолан киирбитэ. «Эдэр саас» хаhыат 2001 сыл тохсунньу 4 күнүнээҕи нүөмэригэр «Уу-чукучук» рубрикаҕа «Билсиҥ: 3 саастаах модель» диэн суруналыыс Светлана Аммосова матырыйаала бэчээттэммитэ. Бу Күннэйим туһунан ыстатыйа киэҥ эйгэҕэ аан маҥнайгы тахсыыта этэ.
2002 сыл сайыныгар адъюнктурабын бүтэрэн, юридическай наука кандидата учуонай истиэпэни ситиhиилээхтик көмүскээн, дойдубутугар көһөн кэлбиппит.
Күннэйим Дьокуускай куоракка 11-с нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар киирбитэ. Арай биирдэ, ол уһуйааммытыттан төннөн иһэн, маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт. Оҕо салаатыгар оонньуур арааһа. Оҕом, онно эрэ наадыйбакка, атын салааҕа тиийэн, ат сувениры көрө аҕай турар эбит. Кырдьык, көрүөххэ үчүгэй баҕайы, таас буолбатах, гиипсэттэн дуу, туохтан дуу оҥоһуллубут. Кыыһым аты ылабыт диэн турда. Ону мин куукула эҥин көрбөппүт дуо диэн этэн көрбүппүн, кыккыраччы аккаастаата. Инньэ гынан хайыахпытый, дьиэбитигэр аппытын кыбынан кэллибит. Ол атын кытта олох арахсыспат этэ: уһуйааммытыгар илдьэ барарбыт, төттөрү аҕаларбыт уонна наар аттары эрэ уруһуйдаан тахсара. Билигин санаатахпына, дьикти… Оҕом барахсан уҥуоҕун оҥоро сырыттахтарына дьөһөгөй төбөтө оҥоһуллуохтаах диэн бэйэтэ тахсан кэлбит этэ…
2002 сыл күһүнүгэр, кыра кыыспынан ыарахан буолбуппун өссө билэ иликпинэ, Күннэйим дьикти сонуну иһитиннэрдэ: «Ийээ, эн искэр оҕо олорор. Кыыс оҕо. Тууйа диэн». Оччолорго кини 5 эрэ саастааҕа.
Быраастар оҕолонор кэммин быһа барыллаан муус устар 20―22 күннэригэр диэн сабаҕалыыллар этэ. Күннэй: «Ийээ, ыксаама. Мин төрөөбүт күммэр оҕолонуоҕуҥ. Балтым онно кэлиэхтээх, кини мин төрөөбүт күммэр бэлэх буолан кэлэр», – диэбиттээх.
Ыам ыйын 12 күнүгэр сарсыарда туран баран, Күннэйим «бүгүн төрөөбүт күммүн ылабыт, сарсын бокуойуҥ суох буолуо, балтым Тууйа кэлэр» диэн эттэ. Инньэ гынан, төрөөбүт күннээн «Катюша» кафеҕа аһаатыбыт, кулгааҕын үүттэттим, кыһыл көмүс ытарҕа кэтэртим. Ити 6 сааһын туоларыгар. Ол түүн уум баран, балыыһаҕа киирбитим уонна, Күннэйим эппитин курдук, кини төрөөбүт күнүгэр, ыйыгар, нэдиэлэтин күнүгэр, бириэмэтигэр үүт-үкчү эдьиийин курдук ыйааһыннаах, уһуннаах кыыс оҕоломмутум. Мин испэр үөскүөҕүттэн Тууйа диэн ааттаммыт Күннэйбит балта Орто туруу бараан дойдуга күн сирин көрбүтэ.
Күннэйим кыратыттан сыанаҕа тахса үөрүйэх буолан, ол саҕана Саха сиригэр киэҥник биллэр «Айыы Куо» муода тыйаатырыгар салгыы дьарыктаммыта. 2005 сыллаахха «Мини мисс Якутия» конкурска кыттыбыта. Онно «Мисс Фото» титулга тиксэн, корона, лиэнтэ кэтэн, олус даҕаны үөрбүтэ. Конкурс кэннэ муода тыйаатырын дириэктэрэ Лена Иннокентьевна Голубь Күннэйи Москваҕа «Мини мисс Россия» кытыннара ыытыан баҕарарын эппитэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэһэн, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка улахан конкурска барар чиэскэ тиксибиппит. Конкурстары дьоллоох оҕо саас бырааһынньыгын курдук ылынар этибит. Интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, киэҥ нэлэмэн Россиябыт араас муннуктарыттан кэлбит дэгиттэр талааннаах оҕолору кытта билсиһии, доҕордоһуу туох куһаҕаннаах буолуой?! Күннэйкэ «Мини мисс Россия» титулун төһө даҕаны ылбатаҕын үрдүнэн конкурс дирекцията Аан дойдутааҕы «Мини мисс Мира» конкурска кыттыаххыт дуо диэн ыйыппыта. Кыыһым оҕо-оҕо курдук үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Онон, тэринэн, 2005 сыл күһүнүгэр күннээх Турция Анталья куоратыгар «Мини мисс Мира» конкурска кыттардыы айаҥҥа туруммуппут. Күннээйик онно бастаан гала-шоу иннинээҕи күн буолбут тэрээһиҥҥэ кыттааччы кыргыттар талыыларынан «Мини мисс Дружба Мира» буолбута. Киниэхэ үгүс оҕолор бэйэлэрин куоластарын биэрбиттэр этэ. Аны туран, сарсыныгар «Мини мисс Мира» үрдүк аатын сүгэн үөрүүбүт муҥура суоҕа.
Оҕом барахсан төһөлөөх элбэх араас күрэхтэргэ кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн аастаҕа… Сылдьыбыта барыта ситиһиилээх буолара, элбэх ахсааннаах кубоктар, грамоталар, махтал суруктар ону туоһулууллар, 2005 сыл түмүгүнэн «Сибиряк года-2005», 2007 сыллаахха «Жемчужина России» үрдүк ааттары сүкпүтэ. 2008 сыллаахха Лондоҥҥа буолбут улахан конкурска Гран-при хаһаайката буолбута.
Күннэйим орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан «Кустук» киинэ лааҕырыгар оҕолорго аналлаах тэттик киинэлэргэ уһуллубута.
Кэлин «Саҥа ырыа» диэн Саха национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырайыагар бэйэтин туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу бырайыакка барыларыттан төһө даҕаны сааһынан кыра буоллар, сыанаҕа туох баар сыратын, кыһамньытын, дьулуурун ууран туран үлэлээбитэ. Бырайыак түмүгүнэн «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация хаһаайката буолбута уонна «Журфикс» сурунаал анал бирииһин ылбыта.
Дьоллоох-соргулаах, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар эбит… Билигин ити үтүө күннэрбин түүлбэр эрэ көрөрбүнэн муҥурданабын…
Ыйдаҥа киэһэҕэ чуумпуну тутабын,
Кыраһа хаар кыымҥа эн суолгун көрдүүбүн,
Кырыалаах түннүгүм кырсынан устабын,
Эн күлэр күлүккүн эргиччи көрдүүбүн…
Оҕом 9 сааһыттан мэлдьи иһэ ыалдьар буолан барбыта. Ыарыйдаҕын аайы Медицина национальнай киинигэр көрдөрө илдьэбит. Ол тухары тугу да кыайан быһаарбаттар. Улам наһаа күүскэ тииһиктиир буолан испитэ. Кылааһын салайааччыта «бу оҕо үөрэниэн баҕарбат, ол иһин куруутун иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунар» диэбиттээх. Бу санаатахпына, оҕом айылҕаттан айдарыылааҕа аан бастаан оннук биллибит эбит.
Медкииҥҥэ хас да сыл устата көрдөрө сатаабыппытын кэннэ, кыайан диагноз туруорбакка, Москваҕа баран быһаартарыІ диэбиттэрэ уонна түргэн үлүгэрдик квота булан биэрбиттэрэ. Ити 2012 сыл бэс ыйын ортото этэ.
Москваҕа Педиатрия уонна хирургия научнай-чинчийэр институтугар тиийдибит. Оҕобун 15 саастаах диэн бэйэтин эрэ ыллылар, миигин киллэрбэтилэр. Иккис күммүтүгэр Күннэйим ис уорганнарыгар компьютернай томограмма оҥоһуллуохтаах этэ. Мин ол күн балыыһаҕа баран иһэн кыыһым төлөпүөнүгэр эрийэ, суруйа сатаатым. Оҕобуттан туох да эппиэт суох. Балыыһаҕа тиийээт, балаататыгар киирбитим, арай Күннэйим ороно кураанах, бэйэтэ суох, оронун үрдүгэр футболката, шортига ууруллубут. Сүрэҕим, куһаҕаны сэрэйбиттии, өрө мөхсөн барда. Саатар, балаататын дьоно мин харахпын утары көрбөттөр, уку-суку туттар курдуктар. Хайдах баҕайыный диэн медицинскэй пуоска тиийдим, биир да киһи суох. Быраастар хосторо эмиэ кураанах. Көрүдүөргэ биир ийэттэн быраастары көрбүккүт дуо диэн ыйыппыппар, «бары реанимацияҕа сүүрбүттэрэ» диэн хоруйдаата. Онтон «биир оҕо компьютернай томографияҕа түһэ сылдьан комаҕа түспүт» диэбитигэр, этим тымныынан саласта. Реанимация салаатын ааныгар, баҕар ким эмит тахсаарай диэн, кэтэһэн турдум. Быраастар биир-биир реанимацияттан тахсыталаатылар, ким да тугу да сиһилии кэпсээбэт. Өйдөөбүтүм диэн Күннэй эмискэ комаҕа түспүт, биричиинэтэ биллибэт. Миэхэ реанимация салаатын төлөпүөнүн биэрэн баран, дьиэҕэр баран күүт диэтилэр.
Ол күн киэһэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ эһэтин тиэргэнигэр турар уулаах биэ эмискэ сууллан түһэн өлөн хаалбыт. Өлүгэр биир даҕаны суор да, көтөр-сүүрэр да чугаһаабатах..
Дьиэбэр тиийэн балыыһаҕа эрийбиппэр, киэһэ 9 чаас диэки оҕоІ тыҥата аккаастаан ИВЛ аппараатыгар холбоотубут диэтилэр. Мин ону истэн олох да буорайдым. Сарсыныгар эрдэ балыыһаҕа тиийэн быраастары көрүстүм эрээри, ким да тугу да чуолкай эппэт. Ол быыһыгар Дьокуускайым быраастарыгар эрийэ сатыыбын. Кэмниэ кэнэҕэс реанимация аанын аттыгар олоппос аҕалан көхсүбүнэн истиэнэҕэ сыста олордум уонна санаам күүһүнэн бэйэбиттэн оҕобор ситим ыыта сатаатым. Өйбөр оҥорбут ситиммин быспакка маннык олордохпуна, оҕом барахсан бэттэх кэлиэҕэ диэн. Быраастар балыыһаҕа хааларбын хата боппотулар. Ол курдук миэстэбиттэн харыс да сири халбарыйбакка, тугу барытын умнан, саныыр санаам барыта оҕобор олордохпуна, асчыт дьахтар миэхэ миин аҕалан биэрдэ. Бастаан ас киирбэт диэн аккаастана сатаатым. Кырдьык, аһыыр ас, утуйар уу умнуллубут кэмэ этэ. Ону киһим, аттыбар туран, күүһүнэн кэриэтэ миинин иһэртэ. Оҕоҥ реанимацияттан таҕыстаҕына сэниэтэ суох хайдах көрүөххүнүй диир. Билбитим, кини урут Дьокуускайга олоро сылдьыбыт эбит. Сахам сирин наһаа күндүтүк саныыбын, ахтабын диэбитин истэн, тирээн кэлбит ыар кэммэр чугас киһибин көрсүбүт курдук санаммытым. Киһиэхэ бэрт кыра да наада…
Иккис түүнүгэр реаниматологтартан көрдөспүппэр, дьонум аһыннылар быһыылаах, оҕобор киирэрбин көҥүллээтилэр уонна «ытаабаккыт, аймаммаккыт, комаҕа сытар киһи реакциятын биһиги билбэппит, алҕаска ытаан, айманан, туругун өссө бэргэтиэххитин сөп» диэн сэрэттилэр. Мин онно киирэн оҕобун көрөөт, хара күүспүнэн хараҕым уутун туттуннум. Күннэйим барахсан кумааҕы курдук куп-кубаҕай, барыта провод быыһыгар сытаахтыыр эбит. Испэр Үөһээ Айыылартан, Таҥараттан, Күнтэн, Сиртэн, Халлаантан – барыларыттан көрдөстүм. Ол курдук 10-ча мүнүүтэ оҕобун кытта көрүһүннэрэн баран төттөрү таһаардылар. Биир быраас ол онно «төһө өр комаҕа сытыан эйиэхэ Таҥара бэйэтэ да этэр кыаҕа суох» диэн этэн турардаах.
Кэлин эмтиир бырааһа миигин хоһугар ыҥыран ылан, төрдүгүтүгэр медиумнар, ойууннар бааллар этэ дуо диэн ыйытта. Быраастартан итинник эрэ ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, олус соһуйдум. Мин, бэйэлэрин туох эрэ сыыһаларын билиммэккэ, аны ол оннукка түһэрээри гыналлар дии санаан, тугу да билбэппин, истибэтэҕим диэтим. Наһаа өр көрдөрдүбүт, эмтэннибит да биир даҕаны диагноз турбата, туох да быһаарыллыбата, саатар манна, киин сиргэ, быһаара сатыахтаахтарын эттим. Ол иннинэ Дьокуускайга реанимацияҕа киирбитигэр, ыксаан, лапароскопическай эпэрээссийэ кытта оҥорон турардаахтар. Ол да эпэрээссийэ тугу да быһаарбатаҕа, көрдөрбөтөҕө.
Күннэйим комаҕа түспүтэ үһүс сууккатын туолар чааһыгар, киэһэ 5 чаас саҕана, бэйэтин өйүгэр кэллэ диэбиттэригэр миигиттэн дьоллоох киһи суох этэ. Сотору соҕус буолаат миигин эмтиир бырааһа иккистээн ыҥыран ылан: «Мин үлэлиир сылларым тухары элбэх оҕону коматтан таһаарбытым, ол тухары биир да оҕо төһө өр өйө суох сыппытын этэр кыаҕа суоҕа. Оттон Күннэй, коматтан тахсаат, трубкаларын эҥин ылбыттарын кэннэ, «мин үс суукка манна суох этим, наһаа аччыктаатым» диэбитэ. Эбиитин миигин толору ааппынан ыҥырбыта. Ааппын кини хайдах да билиэ суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин киниэхэ эмтиир бырааһынан комаҕа түспүтүн кэннэ анаабыттара», – диэн олус сөхпүтүн эппитэ. Мин, тугу да эппиэтиир кыаҕа суох буолан, истэн эрэ кэбиспитим.
Оҕобун дьэ уопсай балаатаҕа көһөрөр кэтэһиилээх күнүгэр, эбиэт кэннэ, реанимация нөҥүө ыкса турар хоско таһаардылар. Сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир аппараат туруордулар. Миигин оҕобун кытта хааларбын көҥүллээтилэр уонна хомуллар орон биэрдилэр. Оо, онно Күммүн сырылаччы сыллаан, кууһан, олус да үөрбүтүм. Онтум уһаабатаҕа… Икки чааһы кыайбакка, оҕом барахсан эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Аны хараҕын аһа сытар. Эмиэ быраастар… сүүрүү-көтүү… аймалҕан… биир кулгаахпынан иһиттэхпинэ, «глубокий сопор» дииллэр… Оҕобун эрэ миигиттэн илдьэ барбатыннар диэн санаа… Тула истиэнэлэрим устан бардылар, дьон саҥата улам ыраатан истэ… Эмискэ түөспүттэн хаһыы төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Бу сырыыга, мин дьолбор, Күннэйим син балачча кэминэн өйүгэр кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн үс хонон баран кыысчааным эмиэ өйүн сүтэрэн реанимацияҕа киирбитэ. Мин изоляторга оҕом аттыгар хоммутум. Бу сырыыга комаҕа суукка аҥаара сыппыта. Ол эрээри уһуктан баран, оҕом миигиттэн ураты кими да өйдөөбөт да, билбэт да буолан хаалбыт этэ. Балтын, эһэтин, эбэтин, аймахтарын, доҕотторун – барыларын ким эрэ өйүттэн сотон кэбиспитин курдук. Ол сытан миэхэ маннык кэпсээн турардаах: «Арай улахан баҕайы уочаракка турабын, киһи бөҕө баар – эр дьон, дьахталлар, оҕолор. Бары араас-араас омуктар, ким да тугу да саҥарбат эрээри, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр курдукпут. Бу халлааҥҥа сылдьабын диэн өйдүүбүн. Иннибэр ханна эрэ киирэргэ аналлаах улахан көмүс дуйдаах аарка баар диибин. Аарка иннигэр трибунаҕа үрдүк уҥуохтаах плащтаах киһи турар, капюшонун сүүһүгэр диэри сабыччы тардыммыт. Улахан халыҥ кинигэлээх. Киниэхэ уочаратынан тиийбит киһини ол кинигэтигэр баар испииһэгинэн көрөр дии санаатым. Онтон арай улахан экран курдук көһүннэ. Онно дьон олоҕо бүтүннүү кылгастык көстөн ааһар. Миигиттэн биир киһинэн инники турар киһи киэнэ быраастар эпэрээссийэлиир остуол тула туралларынан быстан хаалла. Ону көрөн, кини олоҕо итинник түмүктэммит эбит диэн өйдөөтүм. Онтон кэлэр киһини били плащтаах киһи, аарканан аһардыбакка, түөһүттэн аста. Анарааҥҥыта, сиргэ түспэккэ, үргүлдьү өссө аллара курулуу турда. Арааһа, аакка түстэ быһыылаах. Мин уочаратым кэлбитигэр, арай плащтаах киһи: «Эрдэ кэлбиккин», – диэт, түөспэр кириэс охсон баран, аллара анньан кэбистэ. Ол түһэрбэр быһа барыллаан биэс этээстээх дьиэ үрдүгүттэн бэйэм эппэр-сииммэр кэлэн түспүт курдук этим».
Биирдэ оҕом тугу эрэ батыһыннара көрөрүн бэлиэтээтим. «Балаатабытыгар хара киһи киирэн баран, түннүккэ турда уонна реанимация диэки истиэнэни курдат ааста», – диэтэ кыыһым. Ол күн реанимацияҕа бүөрүнэн сытар 16-лаах кыысчаан сырдык тыына быстыбыта. Ити кэннэ дьон кэннигэр үрүҥ, хара, сиэрэй күлүктэри көрөбүн диир буолла. Мин кинини уоскутаары, кома кэннэ дьон ауратын эҥин көрүөххүн сөп диэн быһаарбытым. Өссө Интернеккэ ааҕан, ити аата галлюцинациялар эбит, хайдах эрэ буолбуппун диэхтиирэ. Ыксаан, балаататыгар киирбит быраастартан миигин психиатрга көрдөрүҥ, дьон көрбөтүн көрөбүн диэн хаста да көрдөспүтэ. Биир быраас: «Эн бэйэҥ ити туһунан ыйытар буоллаххына, 99% доруобайгын», – диэн хоруйдаабыта. Ону ааһан, психиатрдар бэрэбиэркэлээн баран, доруобай диэн түмүк таһаарбыттара.
Өссө биир дьиибэтэ диэн, утуйа сытан түүн ортото эмискэ ойон туран, улахан баҕайытык саҥа таһааран хаһан да урут истибэтэх сахалыы ырыаларын ыллыыр буолбута. Туораттан көрдөххө, уутун быыһыгар ыллыыр курдук. Биирдэ Розалина Файрушина «Эн сэрэй» диэн ырыатын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыллаан турардаах. Дьиҥинэн, ол ырыаны үөрэппэтэҕэ даҕаны, ыллаабатаҕа даҕаны. Оннук түүн эмискэ ыллаан кэлэрин иһин хонукпутугар оонньуур хоско орон бэлэмнээн утутар буолбуттара. Мин оҕобун аны төбөтүнэн булкуллубут диэхтэрэ диэн биир куттал. Утуйа сылдьар эрээри, оронуттан ойон туран, сыанаҕа курдук доргуччу ыллаан барар этэ. Мин уһугуннара сатыырым даҕаны, олох уһуктан биэрээччитэ суоҕа. Ыллаан бүтэн баран, бэйэтин өйүгэр кэлбэккэ да, утуйара.
Биһиги балыыһаҕа сытар кэммитигэр Тууйабыт Сочиттан сборданан кэлэн Дьокуускайга ааспыта. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларыгар көрдөрүүлээх нүөмэргэ кыттыахтаах этэ. Хата тириэньэрдэрэ биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, Тууйаны толору пансиоҥҥа киллэрэн, күрэхтэһии кыттааччыларыгар анаммыт уопсайга олордубуттара.
Арай биир күн оҕом эрийэн дэлби ытаата. Харчылаах көһүлүөгүн уоран ылбыттар этэ. Кыыспар хоскор үчүгэйдик көр, сүппүт буоллаҕына дьоммунан харчы ыытыам диэн уоскута сатаатым. Ол кэпсэтиибитин Күннэй истэн олорон, эмискэ эттэ: «Сарсын аҕалан биэриэхтэрэ, долгуйбатын». Кырдьык, сарсыныгар Тууйа «Туймаада» стадиоҥҥа репетициялана сырыттаҕына кини таҥаһын уурбут ыскамыайкатыгар көһүлүөгүн аҕалан уурбуттар этэ. Иһигэр харчыта барыта баар. Ким аҕалан уурбута биллибэтэҕэ. Эмиэ дьикти түбэлтэ…
Ол курдук балыыһабытыгар ыйтан ордук сыттыбыт. Араас бэрэбиэркэни барытын ааспытын үрдүнэн, син биир туох да быһаарыллыбата. Бу – биэс консилиум тухары…
Балыыһаттан тахсар күммүт тирээн кэллэ. Түмүкпүтүн ылаат, дьоммутугар диэри такси ыҥырдыбыт. Ол баран иһэн Матронушка храмыгар сырыттыбыт. Онтон салгыы таксибытынан айаннаан истэхпитинэ арай оҕом, түөһүн туттаат, биирдэ намылыс гынан хаалла. Дьэ онно ыксал буолла. Суоппарбыт, массыынатын тохтотоот, суол ортотугар сүүрэн таҕыста. Хата, биһиги дьолбутугар, оруобуна суһал көмө массыыната баран иһэрин көрөн, далбаатаан, хаһыытаан ыҥыран ылла. Оҕом ол икки ардыгар өйдөнөн кэлээт, үөһэ-аллара мөхсөн киирэн барда уонна ыксаабыт куолаһынан: «Ийээ, илиибин-атахпын тутуҥҥутууй!!! Туох миигин быраҕаттыырый?» – диэхтиир. Мин сыппыт балыыһабытыгар төттөрү эрийбиппэр: «Манна аҕалымаҥ, ханна суһал көмө илдьэринэн барыҥ. Баҕар, онно тугу эмит быһаарыахтара», – диэтилэр. Ол оннук мучумааннанан 79-с клиническэй балыыһаҕа барар буоллубут. Оҕом балыыһаҕа айаннаан тиийиэхпитигэр диэри хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Ол быыһыгар: «Туох ааттаах элбэх хара дьоно үмүөрүстүлэр?» – диэн үлэһиттэри куттаан ылар. Манна эмиэ быраастар «глубокий сопор неясной этиологии» диэн түмүктээтилэр уонна аҕыйах хонугунан, эмиэ тугу да быһаарбакка, балыыһаттан таһааран кэбистилэр.
Аны маннык туруктаах ханна да айанныыр кыахпыт суох, быраастар сөмөлүөтү тулуйуо суоҕа диэн бобустулар. Дьокуускайдар, бачча баран бараҥҥыт быһаартаран кэлиҥ диэн сүбэлээтилэр. Дьэ, кырдьык, «барар сирбит баҕана үүтэ, кэлэр сирбит кэлии үүтэ» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хата, Күннэйбин сүрэхтээбит ийэлээх аҕата: «Ханна да бара-кэлэ сатаамаҥ, ыксаамаҥ, төһө баҕарар олоруҥ», – диэн, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан олус абыраабыттара. Инньэ гынан Москваҕа хаала түһэргэ быһаарыммыппыт. Ол кэмҥэ Тууйабыт биһиэхэ көтөн кэлбитэ.
Арай биир күн Күннэй йогурт ыла чугастааҕы маҕаһыыҥҥа тахсыахха диэтэ. Киэһэлик сөрүүкээбитин кэннэ кыргыттарбынаан маҕаһыыҥҥа таҕыстыбыт. Күннэйим, корзинкатыгар йогуртун ууран иһэн, эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Мин кыыспын тута сатаатым. Тула дьон үмүөрүһэ түстэ. Оҕобун хаба тардан ылан таһырдьа таһаардылар. «Быраас баар дуо?» – диэн ыһыы-хаһыы иһилиннэ, хата биир быраас баар буолан биэрдэ. Миигиттэн туга ыалдьарый, туох диагнозтааҕый диэн ыйыта сатаата. Сүрэҕэр массаж оҥорон көрдө. Ким эрэ нашатырнай испиири аҕалан муннугар тутта. Сотору буолаат түөрт суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ (хас да киһи ыҥырбыт этэ). Олор быыстарыгар биир реамобил баарыгар киллэрдилэр. Миигиттэн суһал көмө быраастара эмиэ кыыһым диагноһын ыйыта сатаатылар да, тугу да кыайан эппэтим. Ол түрүлүөн быыһыгар арай биирдэ өйдөөбүтүм – Тууйам суох эбит. Көрбүтүм – оҕом барахсан реамобил аттыгар ытаахтыы аҕай турар. Оҕобун ханна соҕотохтуу хаалларыахпыный, массыынаны тохтотон, түргэн үлүгэрдик иһирдьэ киллэрдим уонна дьэ Морозовскай клиникаҕа айаннаатыбыт. Ол иһэн көрдөхпүнэ, Күннэйбин эмиэ үөһэ-аллара быраҕаттаан барда, быраастар тута сатаатылар. Онтон биир быраас суоппарга хаһыытаата: «Жми на газ! Не довезем!» Мин сүрэҕим биирдэ «бар» гынна, кулгааҕым тугу да истибэт, хайдах эрэ барыта бып-бытаан, дьон саҥата уу иһигэр курдук буолан хаалла. Быраас «закройте глаза ребенку!» диэн хаһыытыттан бэттэх кэллим, Тууйам эмиэ дэлби уолуйбут этэ. Күннэйим сүрэҕэ тохтоон, онно тута дефрибиллятордаатылар. Итинниги киинэҕэ эрэ көрдөхпүт, тирээн кэллэҕинэ дьулаан хартыына эбит. Икки аҥаар мүнүүтэттэн ордук оҕом барахсан сүрэҕэ тохтоон ылаахтаабыт этэ…
Морозовскай клиника көннөрү реанимацията Күннэйи туруга наһаа ыарахан диэн ылбата, ол оннугар саҥа төрөөбүт оҕолор реанимацияларын салаата сөбүлэннэ. Оҕом таҥаһын биэрэн баран, сарсын сарсыарда 7 чааска туох баар медицинскэй докумуоннаргытын, выпискаларгытын илдьэ кэлээриҥ диэтилэр. Кыра кыыһым кутталыттан тугу да саҥарбат, мин сирэйбин-харахпын маныыр. Оҕобун олус аһынным, кинини куттаамаары, хараҕым уутун туттуна сатаатым. Ол гынан түүн 12 чаас саҕана биирдэ таҕыстыбыт. Биир илиибэр Тууйкабын сиэттим, иккис илиибэр Күннэйим кроссовкатын тута сылдьабын. Кыыһым биир илиитигэр эдьиийин таҥаһын кыбына сылдьар. Балыыһа күрүөтүттэн тахсар ааны булбаккабыт, үстэ эргийдибит. Икки харахпыт бүөлэммит курдук этэ. Хата харабылдьыт тахсан ааммытын көрдөрөн биэрдэ.
Уулуссаҕа тахсан син өр соҕус такси тута сатаатыбыт. Биһиги дьолбутугар, хата биир массыына аттыбытыгар кэлэн тохтоото уонна удамыр соҕус сыанаҕа илдьэргэ сөбүлэстэ. Син тэйиччи айанныахха наада – Москва Южное Бутово микрооройуонугар. Массыынаҕа киирэн олордубут, суоппарбыт быһа сабаҕалаан 40-аах киһи. «Бу түүннэри кыра оҕолоох тугу гына сылдьаҕыт? Сэрэхтээх ээ», – диэтэ. Түүн оройо саппыйата да, туга да суох аҥаардастыы кроссовка кыбыныылаах, оҕо сиэтиилээх дьахтар сылдьара, кырдьык даҕаны, туораттан дьиктитик көстөрө буолуо… Мин оҕом Морозовскай клиника реанимациятыгар киирбитин, балыыһаттан дьиэбитигэр баран иһэрбитин быһааран биэрдим. Кэпсээммин истээт, таксиспыт эмискэ баҕайы: «Мин кэргэммиттэн эрийэн ыйытыам эрэ, оҕоІ хас саастааҕый?» – диэтэ. Мин, арааһа, кэргэнэ бу балыыһаҕа үлэлиир буоллаҕа дуу диэн үөрдүм уонна кэргэнигэр түүҥҥү дьуһуурустубатыгар кэлэ сылдьыбытыгар хата биһиги уоба түбэстибит быһыылаах дии санаатым. Оҕом туругун билиэм диэн испэр эрэл кыыма саҕылынна. Киһибит кэргэнин кытта кэпсэттэ, тугун-ханныгын ыйыталаста, онтон эмискэ мин диэки хайыһан баран эттэ: «Кэргэним билигин Украинаҕа сылдьар. Кини эһиэхэ быраастартан ыраах туттуннар, аныгы медицина көмөтө суох диэн тиэртэ. Биһиги курдук эмиэ атын эйгэлээх оҕо, чараас эйгэ киһитэ диэтэ». Мин онно олорон тылбыттан матан хааллым. Бу бачча улахан куоракка түүннэри биһиэхэ маннык таксист түбэспитэ дьикти. Олоххо араас да буолар эбит…
Ол түүн санаам оонньоон аанньа утуйбатым. Сарсыарда эрдэ туран, клиникаҕа кэлэн, быраас хоһугар киирбиппэр, арай киһим аҕалбыт докумуоннарбын көрө да барбата. «Бөлүүн дьикти түүн ааста… Уопсайынан, мин саныахпар, оҕоҕутугар аныгы медицина көмөтө суох буолсу. Быраастартан ыраах сылдьыаххытын наада. Чараас эйгэ диэн баар… ситэ үөрэтиллэ илик ити барыта. Аккаас суруйаҥҥын бүгүн оҕоҕун ылаар», – диэтэ. Мин төбөбөр араас санаа барыта көтөн түстэ. Түүҥҥү таксист, аны бу реаниматолог – барыта хайдах-хайдаҕый…
Илдьэ кэлбит оҕом таҥаһын сиэстэрэлэргэ биэрдим. Сотору буолаат Күннэйим туох да буолбатаҕын курдук тахсан кэллэ, арай илиитэ хас да сиринэн көҕөрбүт этэ. Кыыһым: «Бөлүүн миигин тирии быанан кэлгийбиттэр эбит. Онтон сарсыарда көрбүттэрэ ол быа барыта сөллөн хаалбыт. Быраас ким сүөрбүтүн ыйыталаһан көрбүтэ: ким да тыыппатах, хайдах сөллөн хаалбытын ким да билбэт. Миигиттэн куттанар курдук тутталлар. Икки санитарка аан кэннигэр саһан миигин көрө тураллар этэ», – диэн кэпсээтэ. Ол быаттан сылтаан илиитэ көҕөрбүт диэн сэрэйдим. Онтон салгыы эттэ: «Били сирбэр тиийэ сырыттым, плащтаах киһини көрдүм. Уочаратым тиийбитигэр кини: «Киһи тылын туох ааттаах истибэт оҕотой! Өссө кэллэххинэ, аны төттөрү ыытыам суоҕа», – диэн кыыһырда. Онно олус да куттаммытым», – диэн кэпсээтэ.
…Инньэ гынан аккаас суруйаммын кыыспын төттөрү ылбытым. Оҕом балыыһаттан тахсан санаата олус көтөҕүллүбүт этэ. «Макдоналдска» аһаан баран, туох да буолбатаҕын курдук дьиэлээбиппит.
Ол кэннэ, салгыы тугу гыныахпытын билбэккэ, баҕар дьиэбитигэр, төрүт сирбитигэр, тугу эмэ тобулуохпут диэн дойдубутугар төннөргө быһаарыммыппыт.
Оҕом кома кэннэ кими да, тугу да өйдөөбөт буолан хаалбыт этэ диэн суруйан турабын. Дьокуускайын эмиэ таһыччы умнан кэбиспит этэ. Дойдубутугар төннүөхпүт иннинэ кыыспар Интернеккэ киирэн куораппыт хаартыскатын көрдөрөн, иккистээн өйдөтө сатаабытым. Дьиэбит таһыгар кэлэн баран, оҕом барахсан квартиратын нүөмэрин, хаһыс этээскэ олорорун кыайан эппэтэҕэ. Онтон бэйэтин хоһугар киирэн, таҥаһын ыскаабын арыйан баран: «Оо, миигин олох да таптаабат эбиккит», – диэт, күлбүтэ. Ол урут сөбүлээн кэппит таҥастарын сирбит быһыыта. Ити курдук таҥаска, аска көрүүтэ уларыйан хаалбыт этэ.
Дойдубутугар, дьэ кырдьык, ыарахан кэмнэри ааспыппыт. Оҕом барахсан күҥҥэ хаста да өйүн сүтэрэрэ, үчүгэй баҕайытык сылдьан эмискэ, охсуллубут от курдук, сууллан түһэрэ. Дэлэҕэ дьиэтигэр бэргэһэ кэтэрдэ сылдьыам дуо? Оннооҕор тутааччылар кэтэр шлемнарын ылбыт киһи диэн санаа үөскүү сылдьыбыта.
Сыыйа киһи өйүгэр-санаатыгар баппат түбэлтэлэр буолан барбыттара… Кыыһым ис-иһиттэн дьикти баҕайы дорҕооннору таһаарар. Аны өйүн сүтэрэр кэмигэр этигэр араас дьикти ойуулар кытаран, бөлтөйөн, ис-иһиттэн хабыллан тахсаллар. Ол ойуулара чаас аҥаара, чаас курдугунан туох да буолбатаҕын курдук сүтэн хаалаллар. Баҕар, хаһан эмэ ол куйаартан кэлбит уруһуйдар, суруктар тугу эмэ кэпсиэхтэрэ… Ол курдук чараас эйгэ баарыгар итэҕэйэргэ күһэллибитим…
Москваттан кэлбиппит аҕыйах хонук ааспытын кэннэ, аны Күннэйим дьыбааҥҥа кыайан сыппат буолан хаалла. Ким эрэ ылан быраҕаттыыр курдук. Онтон биир күн арай кыыһым турукка киирэн, дьыбаантан икки гына тоһутуллубут иннэни хостоон таһаарда. Дьэ дьикти… кэбиһиилээх оттон иннэни булар тэҥэ. «Маны байҕалга быраҕыахпын наада», – диэтэ. Өйдүүргүт буолуо, былыргы «Kodak» фотопленка хара пластмасса иһиттээх буолааччы, тостубут иннэни ылан онно уктум. Эбэҕэ айаннаан иһэн оҕом массыынаҕа хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн баран, били иннэлээх хара иһитин ууга быраҕаары гыммытыгар, арай илиитин ким эрэ кэннигэр эрийэн барда. Көстүбэт күүс мэһэйдэһэ сатыыр курдук. Оҕом барахсан көмөлөһүҥ диэхтиир. Балачча өр көстүбэт күүһү кытта өрө тустан бараммыт, ол иннэлээх иһити нэһиилэ бырахтыбыт. Онтон киэһэ дьиэтигэр тиийэн, дьыбааны эмиэ бырахтарбыта.
Күн бүгүҥҥэ диэри ким дьиэбитигэр кэлэн, туох сыаллаах-соруктаах, тугу санаан дьыбааҥҥа иннэ анньыталаабытын өйүм хоппот. Бука сэрэйдэххэ, үчүгэйи баҕаран буолбатах… Ону быраҕаары оҕом барахсан хайдахтаах курдук эрэйдэммитин, хайдах курдук көстүбэт күүс илиитин эрийбитин илэ харахпынан көрөн, куһаҕан, хара санааттан анньыллыбыт иннэ буоларын тута таайбытым. Манна хара күүстэр кыттыгастаахтара чуолкай…
Кэлин Күннэйим миэхэ маннык диэн быһаарар буолбута: «Мин кутум үөһэ тахсар, ол кэмҥэ мин эппин-сииммин Орто дойдуга муна-тэнэ сылдьар дууһалар туһаналлар. Кинилэр оонньоон ааһаллар. Эһиги төһөнөн куттанаҕыт да, соччонон ити дууһаларга күүс-сэниэ биэрэҕит. Эһиги куттанаргытыттан үөрэллэр, өссө куттуу сатыыллар. Онон ити бириэмэҕэ куттаммат буола сатааҥ». Сороҕор сэрэтэн этэрэ: «Бүгүн мин быдан өр кэмҥэ барабын, онон миигин тутар кыахтаах, куттаммат дьону ыҥыраар. Мэник-тэник, күүстээх дууһалар киирэн ону-маны оҥоруохтарын сөп».
Тууйам киэһэ буолла даҕаны дьиэ иһигэр баар уһуктааҕы барытын кистии охсор идэлэммитэ. Ол саҕана оҕом барахсан 9 эрэ саастааҕа. Биирдэ быһахтары мунньан морозильник анныгар уурбут этэ. Арай Күннэйбит эмискэ куукунаҕа киирэн кэлбитигэр били кистэммит быһахтарбыт морозильник анныттан, магнитынан тардыллыбыт курдук, кылыгырыы-кылыгырыы тахсан кэллилэр. Онно Күннэйбит: «Саатар, кистиир буолан баран, үчүгэйдик кистиэххитин», – диэбитэ уонна күлбүтэ.
Ити кэм саҕана күммүт түүн, түүммүт күнүс буолбута. Мин Туйаарам оскуолатыгар хаста да ыҥырылла сылдьыбытым. Учууталлар: «Оҕоҕут уруокка наар утуйан тахсар, бу тоҕо уутун хаммат?» – диэн сэмэлииллэрэ. Мин тугу да булан эппиэттээбэт этим. Түүн аайы Туйаара туалекка хонор диэбэт буоллаҕым. Аны туран, дьиэҕэ үлэтин ааҕар усулуобуйата да суоҕа. Кыыһым үөрэҕэ ол курдук мөлтөөн, кылааспытыттан хаалар кутталлана сылдьыбыппыт. Киэһэ 11 чаас буолла даҕаны Тууйа сыттыгын, төлөпүөнүн кыбыммытынан туалекка киирэн хаалар этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох хатанар сирбит ол эрэ. Кырдьык, кыра оҕо тулуйбат дьулаан хартыыналара буолаллара.
Ол курдук, биир түүн кыыһым моһуоктаабытыгар, ыксаан, балтыбын Галяны ыҥырдым. Сайсаар эргин чугас олорор буолан начаас кэллэ. Күннэй өйүн сүтэрэн баран сытара, онтон аа-дьуо илиилэрэ-атахтара үөн курдук хамсаан, иһэ үллэн киирэн барда. Хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла… иһин тириитин нөҥүө киһи төбөтүн омооно ырылхайдык көстөр. Чахчы, били абааһылаах киинэлэртэн туох да итэҕэһэ суох. Балтым барахсан, уолуйан хаалан, хаһыытыы-хаһыытыы Күннэй иһиттэн тахсан кэлбит төбөнү төттөрү баттыы сатыыр. Аны ол төбө айаҕын атара көстөр… Биирдэ өйдөөбүтүм, Галям дьиэ аанын аһан куотан эрэр эбит. Маайкалаах, шортиктаах, икки атах сыгынньах. Ол – сэтинньи ортотугар. Кэнниттэн хаһыытаабыппар, кыыһым мин диэки хайыһа биэрдэ, сирэйэ барыта хап-хара буолбут – дэлби ытаан хараҕын кырааската сирэйин биир гына ньаҕайдаан кэбиспит эбит. Оннук түрүлүөннэнэн оҕобут өйүгэр кэлиэр диэри ыарахан түүнү туораабыппыт.
Күннэй дьон кэннигэр көрөр күлүктэрин үрүҥ, сиэрэй уонна хара буолаллар диэн быһаарар этэ. Ол аата, үтүө дьону – үрүҥ, орто дьону – сиэрэй, аньыылаах-харалаах дьону – хара дьүһүннээх диэн араарара. Киһи үксэ сиэрэй, арай оҕолор үрүҥ киһилээхтэр диирэ. Биирдэ Табаҕаҕа хаайыыга ыллыы бара сылдьыбыта. Ыһыах быһыылаах этэ. «Ийээ, бары хара күлүктээх буолуохтара дии санаабытым, 2―3 киһи кэннигэр үрүҥ күлүктээх этэ», – диэн кэпсээннээх кэлбитэ.
Эһиги кэнсиэр саалатыгар көрөр дьоІІутуттан икки төгүл элбэх киһини көрөбүн диэн күлээччи. Өлөөрү сылдьар киһини кэнниттэн икки киһи, санныларыгар илиилэрин ууран баран, арыаллыы сылдьар буолаллар диэччи.
Сороҕор ол күлүктэр иччилэриттэн баран хаалаллар эбит. Оччоҕо киһи кэбириир, улахан оһолго-саахалга түбэһиэн сөп диэн быһаарара.
Ол курдук, биир сайын Күннэй доҕор киһибитин эмискэ ыҥыртаран ылан: «Кэннигэр сылдьар киһиҥ баран хаалбыт, сэрэхтээх буол. Кэлиэр диэри биһиэхэ хаалбытыҥ ордук», – диэтэ. Онно доҕорбут үс хонук биһиэхэ олорбута. Үһүс күнүн киэһэтигэр чэйдии олордохпутуна, Күннэйбит, эмискэ киирэр ааны арыйаат, «чэ, киир» диэбитин иһиттибит. Тиийэн көрбүппүт, ким да суох. Күннэй күлэ-күлэ доҕорбутугар: «Киһиҥ кэллэ, дэлби мөҕөн биэр, ханна мэнээк сылдьыбытый. Дьиэҕэр барыаххын сөп, барыта этэҥҥэ», – диэбитэ.
Ити курдук улам арыллан, көрдөрөрө элбээн, дириҥээн барбыта…
Арай биирдэ миигин хаһыытаан ыҥыран ылла. Хоско киирээт, оҕобун көрбүтүм: илиилэрэ кэдэрчи баран, көхсүгэр сыстан, төбөтө, атахтара кэннигэр эргийэн хаалбыттар. Күннэйим: «Ийээ, хайдах буоллум?» – диэн хаһыытыыр. Мин уолуйаммын, сүүрэн тиийэн, төбөтүн аны төттөрү өттүгэр эргитэ сатаатым. Ол курдук, киһи иннин-кэннин араарбат буолуор диэри балаһыанньаҕа сытар этэ.
Өссө биир итинниккэ майгынныыр түбэлтэни ахтан ааһыым… Саас этэ. Тууйа биһикки кыыспытын дьиэбит иһиттэн сүтэрэн кэбистибит, Күннэйбит ханна да суох. Ыксаатыбыт… Күннэй оронун анныгар тардыллар дьааһыктаах этэ. Арай ол иһиттэн «мамаа» диир саҥа иһилиннэ. Кыыспыт орон дьааһыгар киирэн кумуллан баран сытар эбит. Хайдах онно кини баппытын да, киирбитин да Тууйа биһикки күн бүгүҥҥэ диэри өйбүтүгэр батарбаппыт.
Мин ол саҕана онтон-мантан көмө көрдүү сатаабытым: дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн да көрбүтүм, айдарыылаахтарга да тахса сырыппытым. Барыта кистэлэҥ… Халыҥ эркиҥҥэ кэлэн иҥнибит курдук этим. Аны оҕобун төбөтүнэн ыалдьар диэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал.
Оҕом барахсан бу күн сириттэн күрэммитэ түөрт сыла буолбутун кэннэ кини дьоҥҥо биллибэтэх олоҕун киэҥ эйгэҕэ тахсан Талбан биэриитигэр кэпсээбитим. Өр кэмҥэ сүгэ сылдьыбыт сүгэһэрим, санаам баттыга, туохха да тэҥнэммэт ыар сүтүгүм, хаһан да ааспат аһыым… Бу биэрии, баҕар, кимиэхэ эмэ инникитин көмөлөөх буолуо диэн санааттан интервьюга сөбүлэспитим. Кырдьык, мин Күнүм курдук эрэйдэнэ, санаалара тууйулла сылдьар дьон баар буолуохтара, кинилэргэ кыратык да буоллар туһалаатым ини диэн эрэнэбин. Ол эрээри бу биэрии кэнниттэн сорох дьон Интернет ситимигэр суруйбут суруктарын ааҕан олус хомойбутум. Оҕобун, миигин, сыана быһан, удьуордаан туран төбөлөрүнэн ыалдьаллар эбит диэн…
Хаһан эрэ Күннэй биһикки «Манньыаттаах» ырыынагын оройуонугар сырыттахпытына, кыыһым эмискэ тохтуу биэрэн, Котенко уулуссатыгар турар психоневрологическай диспансер дьиэтин диэки ыйан баран: «Мин курдук элбэх да киһини аҕалан бу дьиэҕэ хаайбыттар эбит…» – диэбитэ. Кини бу – балыыһа дьиэтэ буоларын билээхтээбэт даҕаны буоллаҕа…
Күннэйим барахсан дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөөччү. Аатыраары да, төлөбүр да ылаары буолбатах. Миэхэ бу кистэлэҥ күүһү кыһалҕалаах дьоҥҥо харчыга көмөлөстүн диэн биэрбэтэхтэрэ. Мин кылгас кэмҥэ кэлбит киһибин, элбэх киһиэхэ көмөлөһөн хаалыахтаахпын диэхтиирэ…
2013 сыл кыһынын этэҥҥэ туораатыбыт. Күннэй 16 сааһын туолла. Оҕом барахсан дьонтон туох да уратыта суох, бэйэтин саастыылаахтарын курдук буолуон олус баҕарар этэ. Ити сайын Муусука колледжыгар эстрадно-джазовай салааҕа үөрэнэ киирдэ. Уруккуттан да ырыа куттаах оҕо этэ, ыллыырын, сыананы туохтааҕар да ордороро.
Күһүн балаҕан ыйын ортото буолла. Үөрэҕэр сылдьан хаста да өйүн сүтэрэ сырытта. Биир күн оҕобун, эмиэ өйүн сүтэрбитин, көтөҕөн аҕаллылар. Син балачча өр сытан баран уһуктубута. Сарсыныгар эбиэт кэннэ бииргэ үөрэнэр кыыһа кэллэ. Сотору соҕус буолаат аны биир куурус үрдүкү үөрэнэр уола тиийэн кэллэ. Бу иннинэ балаҕан ыйын саҥатыгар ити уоллаах кыыһы кытта «Демьян Бедный» теплоходка ырыаһыттар быһыытынан бииргэ үс күн устубуттара. Ол онно Күннэй туох-хайдах буоларын көрбүттэр-билбиттэр этэ. Өссө бииргэ үөрэнэр кыыһа син бэлэмнээх бардаҕа, оттон уол, ол саҕана тугу да билбэт киһи, көрбөтөҕүн көрөн, истибэтэҕин истэн олох да буорайбыт этэ.
Өр-өтөр буолбата аны аймахтаһар дьүөгэбит киирэн кэллэ. Дьиҥинэн, кини кэргэнинээн Покровскайга баран испиттэр. ГАИ пуоһун ааһан иһэн, кэргэнэ эмискэ массыынатын уруулун эргитэ тутаат: «Мин эйигин Любалаахха илдьэн хаалларыам», – диэн соһуччу эппит. Дьүөгэ кыыспыт буолуохтааҕын курдук сөбүлэспит.
Ол курдук, үс ыҥырыыта суох ыалдьытым саалаҕа кэпсэтэ олорон, эмискэ уларыйан хааллылар. Күннэйим дьыбааҥҥа олорон хаалла, уоннааҕылара саҥата-иҥэтэ суох туран үҥкүүлээн бардылар. Бу күҥҥэ диэри хаһан даҕаны бииргэ үІкүүлээбэтэх дьон ансаамбыл үҥкүүһүттэрин курдук тэбис-тэҥҥэ хамсанан-имсэнэн барбыттарын көрүөххэ олус сөҕүмэр этэ. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытын, саҥатын үүт-үкчү түһэрэн ылаллар. Ол быыһыгар кыргыттар оһуор үҥкүүтүн кыбыталлар. Оттон уолбут бөтүүктээһин диэн оонньууттан силистэнэн тахсыбыт саха үҥкүүтүн үҥкүүлүүр, эмиэ да кылыыІкайдаан, чохчоохойдоон ылар. Бары даҕаны наһаа үчүгэйдик, имигэстик хамсаналлар, киһи эрэ көрө олоруох курдук этэ. Күннэй ойон туран эмиэ үІкүүлэһэн барда. ҐІкүүлүү сылдьан аны охтон түһэр, ону атыттара, эрдэттэн билбиттии, хабан ылаллар. Хас биирдии хамсаныылара тэбис-тэҥ, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх, ис хоһоонноох курдук.
Ол бириэмэҕэ кыра кыыһым дьарыгыттан кэлиэхтээх этэ. Ыксаан тириэньэригэр Виолеттаҕа эрийэн, Туйаараны хонноро хааллар диэн көрдөстүм. Виолетта оҕобун бэйэтин оҕотун курдук бүөбэйдээн көрөрө-истэрэ, мин олох бэйэбэр курдук киниэхэ эрэнээччибин.
Дьэ ол курдук дьиэбэр түөрт турукка киирбит дьону кытта хааллым. Куттаныах санаам киирэн биир доҕорбор эрийэн: «Кэлиэҥ дуо, баһаалыста? Биһиэхэ нестандартнай ситуация буолла», – диэн сэрэнэн быһаардым. Киһим өр-өтөр буолбакка тиийэн кэллэ. Дьонум, киһи кэллэ диэн наадыйбакка, үҥкүү-битии бөҕөтө. Күннэй бииргэ үөрэнэр уола ол доҕорбут аттынан кылыыҥкайдаан ааһан истэҕинэ биирэ ыйытааччы буолла: «Эн үҥкүүһүккүн дуо?» Онуоха уолбут үҥкүүтүн быыһыгар: «Суох. Утаттым, уу иһиэхпин баҕардым», – диэн хардарда. Сүүрүүнэн ыстакааҥҥа уу кутан аҕалан, иһэрдээри гыммыппар аны уолбут олох тохтообот, илиитэ-атаҕа бэйэтиттэн тутулуга суох хамсыыр. Онтон бэйэбит иһэрдэ сатаатыбыт, ол тухары уолбут шпагат түс да түс буолар, бу – хаһан да баччааҥҥа диэри шпагат олорботох оҕо.
Ол курдук мучумааннана сырыттахпытына, били Покровскайга айаннаабыт ыалбыт аҕата кэллэ. Кэргэнэ кинини олох да билиммэтэ. Бары төрдүөн турукка сылдьаллар. Күннэй биһиэхэ тугу гыныахтаахпытын ыйан-кэрдэн биэрдэ. Бииргэ үөрэнэр кыыһыгар хомус аҕалтарда. Күннэйтэн төһө өр маннык буолуой диэн ыйыппыппытыгар, үс түүннээх күн, сэрэдэҕэ бүтүөхпүт диэтэ. Оннук үс түүннээх күн бары ускуруой кэриэтэ сырыттыбыт. Быыһыгар дьоммут кыратык утуйан ылаллар. Биирдэ утуйбуттарын кэннэ куукунаҕа олорон: «Арай бу маны туора киһи көрдүн, бу кэпсэтиибитин иһиттин, арааһа барыбытын да төбөлөрүнэн мөлтөөбүттэр диир буоллаҕа», – дэстибит. Ыалбыт аҕата кэргэнин диэки көрөн баран, санааҕа баттаппыт куолаһынан: «Арай туругуттан тахсыбатын… хайыыр баҕайыбыный? Аны, саатар, субуотаҕа дьоно күүлэйдии кэлиэхтээхтэр…» – диэбитин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн. Кырдьык, ыарахан күннэр-түүннэр ааспыттара…
Бу түбэлтэ буолуон аҕыйах хонук иннинэ биир ыал ыалдьар 9-таах оҕолорун көрдөрө аҕалыах буолан болдьоспуттара. Иккис күммүт үүммүтүгэр Күннэй ол оҕону ыҥыртаран ылбыта. Онуоха мин бастакы улахан эмтээһинигэр көмөлөһөөччү гынар дьонун муспут эбит диэн сэрэйбитим. Кырдьык, эмтиир кэмигэр хас биирдии бэйэлэрэ тустаах оруолларын толорбуттара. Күннэй, оҕону эмтээт, эппит тылларын хаһан да умнуом суоҕа: «Бу оҕоҕо эрдэ кириэс туруорбуттар эбит. Эмтээһиним кэнниттэн дьикти баҕайы санаалар киирдилэр… Туохха барытыгар баланс баар буолуохтаах… Бу оҕо кини төрдүгэр-ууһугар сытар аньыыны-хараны сүгэ сылдьар эбит. Мин ону билигин киниттэн ылбытым да үрдүнэн, кэнники кини аҕа ууһун биир эмэ киһитигэр эргиллэн тиийэн түһүө, ол миигиттэн тутулуга суох. Дамоклов меч курдук ыйанан турар. Куһаҕаны оҥордоххуна, эйиэхэ эргиллэн кэлбэтэҕинэ, эн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ эппиэттиэхтэрин сөп… Тоҕус үйэ тухары иэстэбиллээх буолар».
Үһүс күннэригэр дьоммут эбиэт кэннэ аны тыаҕа тахсабыт диэн тэринэн бардылар. Биһиги, аанньа утуйбакка сылдьар буолан, бэйэбит да түҥ-таҥ бара сыстыбыт. Ол күн Күннэй миигин алаадьылатта. Олбох бэлэмнэттэрдилэр. Дьыбааным сабыытын быһа тардан ыллыбыт, эбии икки покрывало ыллым. Кыргыттар киэһэлик кырааскаланан киирэн бардылар, киһи хараҕар быраҕыллар чаҕылхай макияж оҥоһуннулар, үһүөн уот кыһыл уостаахтар. Биһиги хаһан, ханна барыахтаахпытын билбэппит. Дьоммут халлаан хараҥардаҕына диэтилэр. Ол тухары Күннэй дьүөгэ кыыһа уоһа хаанныран сэҥийэтинэн сүүрүөр диэри биир кэм хомустуу сылдьар, хараҕа чыпчылыйан да көрбөт. Туораттан көрүөххэ дьулаан хартыына этэ. Ол быыһыгар хомустарын тыаһа мөлтөх, кылыардыыр диэн, хаста да уларыттардылар. Дьэ халлаан хараҥарыыта айаҥҥа туруннубут. Күннэй суолу уол көрдөрүөҕэ диэтэ. Кырдьык, уолбут сирдээччи буолла. Саҥа хоҥнон истэхпитинэ оҕом, массыына эркинин тоҥсуйан баран, ыалбыт аҕатыгар эттэ: «Туох тыаһа буоларын үчүгэйдик иһит. Эн билэҕин уонна хантан ыларбытын эмиэ билэҕин». Ону биирэ: «Бас барабаан», – диэн хардарда. Онтон Күннэй ыйбыт суолунан айаннаан биир дьиэҕэ тиийэн кэллибит, онтубут Бүөккэ Бөтүрүөп дьиэтэ эбит. Күннэй мантан киирэн ылыҥ диэтэ. Хата ыалбыт аҕата Бүөккэ Бөтүрүөптүүн чугастык билсэр буолан, киирэн бас барабаан начаас уларсан таҕыста. «Ыксаллаах запись буола турар, ол иһин түүннэри бас барабааҥҥа наадыйдыбыт» диэн быһаарбыт.
Силикпит ситэн дьэ айаннаатыбыт. Уолбут суолбутун ыйа иһэр, ол быыһыгар омуктуу романстары ыллыыр. Доҕотторум, иккиэн да муусука эйгэтигэр сыстаҕас буоланнар, итальянскай тылынан ыллыыр диэн быһаардылар. Уолтан: «Хантан ити ырыаны билэҕин?» – диэн ыйыппыттарыгар, анарааҥҥылара: «Хантан билэрбин билбэппин», – диэн хардарда. Билигин ол оҕо соҕуруу үрдүк муусука үөрэҕин кыһатын бүтэрээри сылдьар. Олус киэҥ репертуардаах, үксүн омуктуу ыллыыр.
Үрдүкү муусука оскуолатын утары ырааһыйа баар эбит, онно тиийэн тохтоотубут. Биһиэхэ үһүөммүтүгэр саппыйа туттаран баран, онно-манна ыһылла сытар бөхтөрү хомуйаҕыт диэн сорудахтаатылар. Бөҕү-сыыһы хомуйан биир сиргэ чөмөхтөөбүппүтүн кэннэ, Күннэйим, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, аҕалбыт алаадьытын күн эргииринэн уурда.
Уолбут олбоҕун тэлгээн баран, оллоонноон олорон, били уларсыбыт барабааммытын тыаһата-тыаһата, тойуктаан киирэн барда. Тойуктуурун быыһыгар олоҥхолоон ылар. Дьиҥэ, кини – куоракка улааппыт нууччалыы иитиилээх оҕо. Олоҕор илэ хараҕынан олоҥхолуу олорор киһини да көрбөтөҕө буолуо. Дьэ дьикти…
Дьүөгэ кыыһа уол аттыгар олорон хомуска оонньуур. Сааһынан улахаммыт – кыталык үҥкүүтүгэр майгынныыр үІкүүнү үҥкүүлүүр. Киһи эрэ көрөн олоруох курдук, туттара-хаптара имигэһэ, нарына-намчыта. Кини эрдэ үҥкүүнэн үлүһүйбэтэх кыыс этэ.
Ол туран, арай Күннэйбитин сүтэрэн кэбистибит. Ыксаан ыллыбыт, аны күһүҥҥү хараҥа турар кэмэ. Онтон өйдөөн көрбүппүт, кыыспыт микроавтобус үрдүгэр тахсан, атаҕа тиийэр-тиийбэт үҥкүүлүү турар эбит. Хамсаныылара хотугу үҥкүүнү санатар: үөһэ маамыктаны быраҕан ыла-ыла тардар курдук. Дьэ ити курдук, айылҕа бэйэтэ кистэлэҥ сүдү күүһүнэн туруорбут туспа кэнсиэрин көрөн турардаахпыт.
Номнуо түүн биир чааһы ааспыт быһыылааҕа. Онтон дьоммут салгыы табаарыспыт чааһынай дьиэтигэр барабыт диэн турдулар. Хайыахпытый, айаннаатыбыт. Онно сарсыарда алтаҕа диэри сылдьыбыттара, онтон сыыйа-баайа бэйэлэригэр кэлбиттэрэ. Дэлби сылайбыт, сэниэлэрэ эстибит этэ.
Туруктан тахсан баран, улаханнык тугу даҕаны өйдөөбөттөрүн эппиттэрэ. Бэйэбит ханна эрэ ыраах хараҥа хоско олорбут, барыта түүл-бит курдук этэ диэн быһаарбыттара.
Ити кэнниттэн Күннэй уолу, ыраастаан баран, букатыннаахтык ыыппыта уонна ыҥырбатаҕа. Кыргыттар кэлин өссө хаста даҕаны эмтээһиҥҥэ сылдьыспыттара.
Билигин санаан көрдөхпүнэ, Күннэйим аан бастаан улахан турукка киирээһинэ итинтэн саҕаламмыт эбит. Үс түүннээх күн кутуран, кутуруксут буолуохтаах дьонун мунньан, көмөлөһүннэрэн, хас да үйэни уҥуордаан кэлбит өбүгэлэрин үгэһигэр сүрэхтэммит кэмэ эбит. Олоҥхо даҕаны дьиэрэһийбитэ, тойук даҕаны туойуллубута, хомус даҕаны этигэн тыаһа дьүрүһүйбүтэ, нарын-намчы хамсаныылаах, саха оһуор-бичик ойуулаах үҥкүүтэ, хотугу норуоттар ураты тыыннаах, тэтимнээх үҥкүүлэрэ даҕаны үІкүүлэммиттэрэ, омуктуу ылбаҕай ырыалар даҕаны ылламмыттара…
Күннэй, биллэрии эҥин таһаарбакка, дьону эмтээн барбыта… Дьонтон уратытын кистиир этэ. «Наадалаах киһи миэхэ бэйэтэ суол булан кэлиэҕэ, миэхэ аҕалыахтара. Оттон элбэх киһи биллэҕинэ, «хаһан кэргэн тахсабын?», «хаһан байабын?», «иннибэр туох күүтэрий?» диэн солуута суох ыйытыылаах кэлиэхтэрэ», – диэн күлэрэ.
Түүн 12 чаас кэннэ биирдэ эмтиирэ, ол иннинэ уоту барытын умуллаттарара. Эмтиир кэммэр ким да ханна да тахсыбат, аан аһыллыбат, «хайа бүттүбүт дуо?», «өссө сеанс буолар дуо?» эҥин диэн ыйыппаккыт диэн эрдэттэн сэрэтэрэ. Сорох ардыгар сарсыарда 6 чааска диэри эмтээччи.
Кыһалҕалаах дьон киминэн эмэ сирдэтэн, хайдах эрэ истиһэн биһигини булааччылар. Бастаан миигиттэн: «Кыыс биһигини көрсүө дуо?» – диэн сэмээр ыйыталлара. Мин Күннэйгэ маннык кыһалҕалаах киһи кэлиэн баҕарар диэн эттэхпинэ, оҕом «сөп, хаһан кэлэрин сотору этиэҕим» диэт, өр-өтөр буолбакка эмискэ турукка киирээт, холобур, «Савелий сарсын кэллин» диэччи. Дьиҥэр, аатын кини да, мин да билбэппит. Ол курдук кыыһым ким кэлиэхтээҕин өтө көрөн, аатын кытта билэн олорооччу.
Күннэй эмтээбит дьонугар барыларыгар этэрэ: «Миэхэ сылдьыбыккытын кимиэхэ да кэпсээбэккит». Дьон бэйэлэрэ да: «Эн ааккын ааттыахпытын саллабыт. Оннук сүдү, улахан киһигин», – диир буолаллара.
Мин испэр 12 «киһилээхпин» – 10 эр киһи, 2 дьахтар диэччи. Ол көмөлөһөөччүлэрэ биирдиилээн тахсааччылар. Мин хаста да кэпсэтэн турардаахпын, мин эрэ буолбатах…
Биир киэһэ дьону эмтии барарга болдьохтоох этэ, ону «сылайдым, бүгүн барыахпын баҕарбаппын» диэн эттэ эрэ, эппэтэ эрэ, өйүн сүтэрэн кэбистэ. Ол сытан дьахтар куолаһынан (мин үйэбэр итинник ыраас, нарын куолаһы истибэтэҕим. Киһи туохха да холуон, тэҥниэн булбат… дьикти, нарын, чараас… намыын хомус тыаһын санатар… куйаартан кэлбит куолас) саҥаран киирэн барда: «Саамай кырдьаҕаспыт, тойоммут, кыыһырда. Үс күн өйө суох сыттын диир. Эмтии барабын-барбаппын диэни өйдөөбөт. Күннэй оҕо буоллаҕа дии. Биһиги, атыттара, бары аһынабыт да, улахаммытын утары барар кыахпыт суох. Кини быһаарбытынан…»
Мин оччолооҕу истэн ааттаһарга бардым, туох баарбынан көрдөстүм. Ону ылынан, ол киэһэ оҕобун төттөрү өйүгэр аҕалбыттара. Ол киэһэ оҕом барахсан эмтии барбыта…
Биирдэ орто саастаах «киһи» тахса сылдьан, маннык диэн соһуппута: «Биһиги Күннэй иһигэр 12-бит. Күннэйи, дьиҥинэн, олус диэн аһынабыт ээ. Дьон көмөҕө наадыйан кэллэҕинэ, көмөлөһөбүт дуу, суох дуу диэн, эмтиир ньымабытын быһаарсан, консилиумнааччыбыт. Сороҕор бэйэбит испитигэр өссө тыл-тылбытыгар киирсибэппит. Күннэй барыбытын тутаттыан наада».
Ити 12 киһититтэн саамай кырабыт 15 саастаах уол, кини олоро сылдьыбыт кэмэ барыларыттан бэттэх соҕус – биир тыһыынча сыллааҕыта диэччилэр… Ол уол таҕыстаҕына кыыһым наар уруһуйдуур иэйиитэ киирэрэ. Бу оҕо хаһан да саҥа таһааран кэпсэппэтэҕэ. Арай атыттара кэпсииллэринэн, ол оҕону тыыннаахтыы көмпүттэр, көмүөхтэрин иннинэ тылын быспыттар үһү.
Биирдэ Күннэйим циркэҕэ кэнсиэргэ ыллыахтаах этэ. Арай кыыспын көрөн, турукка киирэн ыллыы турар дуу диэн таайа санаатым (турукка киирээри гыммытын илиилэрин тарбахтара имигэс баҕайытык хамсаан баралларыттан билээччибин). Иһиттэхпинэ, хос куоластар ыллаһалларын курдук этэ. Күннэйим ыллаан бүтэн, сыанаттан тахсан баран, миигиттэн: «Ийээ, мин ырыам ортотуттан тугу даҕаны өйдөөбөт кэриэтэ ыллаан таҕыстым, дьонум миигин кытта ылластылар быһыылаах. Хос куолас буолан ыллаһалларын иһиттиҥ дуо?» – диэн ыйытта. Дьиҥинэн, кини ырыатын муусукатыгар бэк-вокала суоҕа, онон «дьоно» кыттыспыттарын тута өйдөөбүтүм. Бу – Иннокентий Слепцов хоһоонугар уонна матыыбыгар «Ылламматах ырыаларым» диэн ырыа этэ. Онно Күннэйим «дьоно» эмиэ ырыаны сэргииллэр эбит дуу диэн соһуйа санаабытым.
Арай биирдэ Күннэйгэ биир ааптар ырыатын биэрбитин иһитиннэрбиппэр эмискэ «дьоно» тахсан: «Бу аата ырыа үһү дуо?!» – диэн турардаахтар.
Күндү ааҕааччым, билигин мунааран олороруІ буолуо диэн сэрэйэбин. Ол эрээри бу барыта дьиҥнээхтик буолан ааспыт түбэлтэ. Илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит.
Күннэй эмтииригэр араас ньыманы туттааччы. Ол киһититтэн, туох кыһалҕалааҕыттан тутулуктаах буолара.
Биирдэ эмтии сылдьан сүтэн хаалла. Хабыс-хараҥа, аны уоту арыйыа суохтаахпыт. Чааһынай дьиэ этэ. Арай кыыһым орон анныттан биирдэ баар буола түстэ уонна: «Оһох үөлэһинэн тахсан, үөһээ халлааҥҥа сэттэ кыталыгы кытта үҥкүүлээтим», – диэтэ. Онтон илиис уонна уруучука аҕалтаран илиилэрин оннугар кынаттардаах кыыһы уруһуйдаата. Бэйэтин Кыталык Удаҕаммын дэнээччи…
Арыгыны эмтээһин саамай ыарахан диэн көрбүтүм. Чахчы, арыгы абааһыта диэн баар, кини киһиттэн олох арахсан биэрбэт эбит. Арыгы эмтэтэ кэлиэхтээх дьону оҕом биир хонук иннинэ биллэрээччи. Ол курдук дьахтар дуу, эр киһи дуу буоларын этэрэ, итирдэҕинэ хайдах быһыыланарын-майгыланарын көрдөрөөччү, бэл диэтэр тылын-өһүн саҥаран иһитиннэрээччи.
Биир дьахтары эмтээбитин бу баардыы өйдүүбүн. Балаҕаҥҥа этэ. Дьахтары олбоххо олор диэтэ уонна бэйэтэ аа-дьуо кини диэки чугаһаан истэ. Арай дьахтарбыт иһиттэн киһи куйахата күүрүөх алдьархай хаһыы иһилиннэ, онтон оҕобун туох эрэ көстүбэт күүс ыраах ылан илгэн кэбистэ. Ол дьахтар иһигэр олорор арыгы абааһыта чугаһаппат буола сатыыр быһыыта эбит. Кыыһым балаҕан үрдүгэр диэри уһаан унньулуйан таҕыста уонна дьахтар айаҕыттан тугу эрэ таһааран ыйыһынна. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ саарык курдук буолбут. Ол кэннэ кыыһым көмүлүөк оһоҕу отуннарда уонна ыйыстыбытын барытын таһаарда. Көмүлүөк уота ол аайы күөдьүйэ түһэр, балаҕан үрдүн салыах курдук сирэлийэн тахсар. Онно баар дьон итиччэлээҕи көрөн бары дьулайбыппыт.
Хаста даҕаны умайа сылдьар чоҕу сыгынньах илиитинэн ылан ыстыы оонньуурун көрөн турардаахпыт. Илиитигэр туох да суол хаалбатах буолааччы.
Эмтиир дьонун куруук түүн ыҥырара. Бастаан чаас курдук кэпсэтээччи, күллэртээн, ыгылыйбыт, тыҥаабыт быһыыны-майгыны сымнатара. Ол кэннэ дьэ: «Дьонум кэллилэр, саҕалыыбыт», – диэччи. Кини наар быһааран этэрэ: «Мин хара маҥнайгыттан турукка киирэн эмтээн бардахпына, ыарахан көстүү буолуо этэ. Ол иһин саҕалыам иннинэ дьоммун бэлэмнээн кэпсэтэбин, күлэн-үөрэн аралдьытабын, туох-хайдах буолуохтааҕын быһаарабын. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох киһи манныгы көрөн тулуйуо суоҕун сөп». Күннэйим оҕо-оҕо курдук барытын наһаа чэпчэкитик, боростуойдук, киһиэхэ тиийимтиэтик кэпсээччи.
Эмтии сылдьан дьүһүн кубулуйарын элбэхтик көрбүппүт: балаҕан үрдүгэр тиийэ улахан уҥуохтааҕын даҕаны, адьырҕа кыыл буоларын даҕаны…
3-с №-дээх Оҕо уонна ыччат спордун оскуолатын иһигэр саха балаҕана баар. Онно Күннэй элбэхтик сылдьыбыта, эмтииригэр туох баар усулуобуйа барыта баара. Манна турар биир да оскуомата суох оҥоһуллубут үс атахтаах былыргы саха төгүрүк остуолун сүүрдэрин хаста да көрөн турардаахпыт. Ол иннинэ былыргы үһүйээннэртэн, сэһэннэртэн, кэпсээннэртэн эрэ истэн билэрим. Хараҥа балаҕаҥҥа сүүсчэ киилэлээх былыргы үс атахтаах остуол дибдигирэччи сүүрэ сылдьарын көрөр чахчы дьулаан… Киһи кыайан быһаарбат, өйүгэр кыайан батарбат… Биирдэ биир киһи эмтэтэ кэлбитигэр Күннэй остуолу сүүрдүбүтэ. Ол киһи кэлин: «Мин сытан эрэ истэбин, остуол тыаһа эмискэ миэхэ бу чугаһаан кэллэ. Илиим туора сытар, уолуйан хааламмын илиибин ыла охсубатым. Илиибин тоһутар буолла дии санаатым. Көрбүтүм, арай илиим остуол сирэйин курдары ааста…» – диэн кэпсээбитэ.
Турукка сылдьан төбөтүн мискийдэҕинэ баттаҕа муостаҕа тиийэн оскуома саалларын курдук тыаһааччы. Ол саҕана, дьиҥэ, Күннэй кылгас баттахтаах этэ.
Биирдэ эдэр спортсмен уолу аҕалбыттара. Ол түүн онно баар дьон хаһан да көрбөтөхпүтүн көрөн, истибэтэхпин истэн баттахпыт маҥхайа сыспыта. Күннэй уол иhиттэн сүллүүкүҥҥэ майгынныыр муостаах, кутуруктаах кыра үөдэни хостоон таһаарбыта. Ол үөдэн балаҕан ортотугар баар остуолбаҕа хатаастан олорон, иччитигэр миигин төттөрү ыл диэн аһыннарардыы ааттаһа-ааттаһа, киһи куйахатын күүрдэр, икки кулгааҕа тулуйуо суоҕун курдук үрдүк да үрдүк тыас таһаарар этэ. Кэлин Күннэй «араас дьон куһаҕан тыла мунньуллан иҥнэҕинэ, ону өр кэмҥэ искэр иитэ сырыттаххына, итинник үөдэІІэ кубулуйар» диэн быһаарбыта. Бу оҕо улахан спорка ситиһиилээхтик тахсан испит эбит, аан дойду таһымнаах элбэх күрэхтэһии кыайыылааҕа, кыттыылааҕа. Онтон эмискэ доруобуйатынан аһааҕыран, улам улахан спортан тэйэн барбыт. Соҕуруунан-хотунан араас быраастарга көрдөрө сатаабытын, тугу да быһаарбатахтар. Дьоҥҥо куһаҕаны баҕарыы, ордугурҕааһын итинниккэ тиэрдиэн сөп эбит. Уолбут эмтэнэн баран, харахтан сыыһы ылбыттыы чэпчээтим, иһим кураанахсыйан хаалбыт курдук диэбитэ. Ол түүн бары да куттанаммыт ким да дьиэтигэр барыан баҕарбатаҕа, сарсыарда 4 чаас ааһыыта бүтэн баран, «Бургер Хит» кафеҕа киирэн өр да өр туох буолбутун ырытыһа олорбуппут. Дьон саҥата-иҥэтэ диэн итинник ыарахан буолар эбит.
Биирдэ эмиэ спортсмен уол кэлбитигэр: «Эн хара бүрүөһүн иһигэр сылдьаҕын, эйигин быһа эппиттэр», – диэн турардаах. «Киһи тыла – ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһи барахсан уйулҕата чараас, дьон тыла-өһө тэһэ кэйэр аһаҕас кэмнэрдээх буолар. Оннооҕор мунньуллан эІин араас үөдэІІэ кубулуйуон сөп…
Саппаҕырбыт санааларгытын мунньумаҥ,
Арахсыспат аргыс оҥостумаҥ.
Тыйыс тыллары мээнэ ыһыктымаҥ,
Куйаарга көтүтүмэҥ.
Дьону сэнии да, ордугургуу да санаамаҥ!
Чараас эйгэҕитин харыстааҥ, итэҕэллээх буолуҥ,
Сиэрдээх буолуҥ!
Инники Күннэйим аньыы-хара тоҕус үйэ тухары соһуллар диэбитин өйдөөн кэллим. Дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕаран, саныыр санаабытын ыраастаан, кэрэни кэрэһилээн сырыттахпытына, кырдьык, тулабыт сырдыаҕа, олохпут тупсуоҕа.
Күннэйим Таҥара биир, ону араас омуктар бэйэлэрин тылларыгар, култуураларыгар олоҕуран араастык ааттыыллар диэччи. Сорох киһиэхэ Таҥара дьиэтигэр сырыт диэччи, сороххо олох атыны сүбэлээччи – ким туохха итэҕэйэринэн. Ханнык да религия таҥаратыгар сүгүрүйдүннэр, көрдөстүннэр, барыта биир Үрдүкү күүскэ тиийэр диэбиттээх.
Биирдэ биир дьахтар, чугастык билэр киһибит нөҥүө көрдөһөн, Күннэйгэ кэлэргэ болдьосто. Оҕом кини кэлиэн иннинэ кыратык нуктаан ылла. Арай дьахтар кэлбитигэр уһугуннара киирбиппэр Күннэй тоҕо эрэ хоһуттан тахсыан баҕарбата… Уонна ол дьахтарга мин эйигин ылыа суохпун диэн аккаастаан кэбистэ, биричиинэтин эппэтэ. Мин наһаа соһуйдум, дьиҥэр, дьоҥҥо хаһан да аккаастааччыта суоҕа. Күннэйтэн ыйыппыппар: «Абааһылара төбөтүгэр ыйааста, атаҕар соһулла сылдьаллар. Туох аньыылааҕын-харалааҕын мин да этиитэ суох билэр. Аан бастаан таҥара дьиэтигэр баран, Үрдүк күүскэ үҥэн, көрдөһөн аньыытын-харатын бырастыы гыннардын. Киниэхэ бастаан оннук ордук буолуо», – диэтэ.
Өссө биир түбэлтэни кэпсиим. Эдэр ыаллар болдьостулар. Кыыс улаатар сааһыттан ыарытыйар эбит. Быраастар туох да диэн түптээн быһаарбатахтар, кини даҕаны сири-дойдуну кэрийэ сатаабыт. Болдьохтоох күннэригэр эбиэт кэннэ кыыһым эттэ: «Дьонум ГАИ пуоһун аастылар, кэлиэхтэригэр диэри сытан ылыам». Дьоммут уһаабатылар, начаас тилигирэтэн тиийэн кэллилэр. Киирээттэрин кытта Күннэй, кыыс диэки көрөөт: «Туох ааттаах элбэх өлбүт киһини батыһыннаран аҕаллыҥ?» – диэтэ. Эмтиир кэмигэр Күннэй ол кыыстыын саалаҕа хааллылар, биһиги кэргэнин кытта куукунаҕа кэтэһэн олордубут. Күннэй көхсүн курдьугунуур тыаһа сүрдээх этэ, эмиэ да эр киһи куолаһа иһиллэрэ… Сотору буолаат ыҥырда. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ уп-улахан, саарык курдук. Ол кыыс диэки көрө-көрө күлэр: «Элбэх да өлбүт киһини миэхэ сиэттиҥ», – диэн. Онтун, өр да өр куһаҕан баҕайы сыттааҕынан хотуолаан баран, таһырдьа таһааран миэхэ уоттатта. Ол кэннэ кыыстан ыйытта: «Биир кыра соҕус уҥуохтаах эмээхсини көрөбүн дии, мөҕүтүн да мөҕүтүн буолар. Наһаа куһаҕан кырыыс тыллаах. Кимин билэҕин дуо?» Тас көрүҥүн, таҥаһын барытын ойуулаан биэрдэ. Кыыс тута кимин биллим диэн хоруйдаата.
Тыл хайдахтаах курдук күүстээҕин ол онно өссө төгүл өйдөөбүтүм. Кыыс барахсаны өссө иккитэ-үстэ төхтүрүйэн эмтээбитэ.
…2013 сыллаахха Туйаарабыт Адлерга сбордана барар буолбутугар, биһиги Күннэйдиин эмиэ муораҕа сынньанан кэлэргэ быһаарыммыппыт. Оччолорго кыыһым өйүн сүтэрэрэ арыый аҕыйаан, уоскуйан сылдьар кэммит этэ. Муора салгынынан толору тыынан, дуоһуйа сөтүөлээн олус да абыраммыппыт.
Арай биир күн оҕом эмискэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Көрдөхпүнэ, Күннэйим, курданарынан ууга туран, сирэйинэн умса баран түстэ. Мин өйүн сүтэрбитин тута өйдөөммүн, оҕобун баттаҕыттан кыл мүччү харбаан ыллым. Аны уу тардар күүһэ туох да ынырык, долгун саба охсо турар. Аттыбар турар дьахтар, хата, тута өйдөөн, соһуспутунан барда. Кыыспын нэһиилэ биэрэккэ таһаардыбыт. Аймалҕан буолла, киһи бөҕө тоҕуоруста. Пляж дьоно бары сүүрэн кэллилэр быһыылаах. Медик уонна быыһааччылар биирдэ баар буола түстүлэр. Тыын киллэрэн, сүрэҕин массаастаан, бастакы көмөнү оҥоро сатаатылар. Оҕом өйүгэр кэлиэхтээҕэр, тыыммат даҕаны, пульса эмиэ суох. Мин хайдах да буолуохпун булбатым, ама да эмиэ оҕобун сүтэрэн эрэбин дуу диэн санааттан тыыным хаайтаран ылла… Оннук буолуон сатаммат диэн бэйэм-бэйэбин уоскутуна, куһаҕан санаалары ыраах кыйдыы сатаатым. Ол икки ардыгар суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ. Оччолорго Сочига кыһыҥҥы олимпиадаҕа бэлэмнэнии үлэтэ бара турар кэмэ этэ. Бары өттүнэн хааччыллыылаах реанимациялаах Сочи балыыһатыгар илдьэргэ диэн суһал көмө быраастара тута быһаара оҕустулар. Онон, Адлертан Сочига айаннаатыбыт. Балыыһа таһыгар реанимация быраастара номнуо күүтэн тураллар этэ.
Мин пляжка хайдах сылдьыбыппынан – ибис инчэҕэй баттахтаах, пляжнай курдары көстө сылдьар сетка былаачыйалаах, атах сыгынньах балыыһа приемнайыгар олордум. Туораттан көрүөххэ, баҕар, олуона буолуо. Ол түгэҥҥэ, кырдьык, таҥас эрэ, туох эрэ туһунан санаабаппын. Хата онно үлэлиир санитарка, аһынан, халаат уонна тапочка биэрдэ. Оҕобун реанимацияҕа ыллылар. Быраас тахсан миигиттэн эмиэ диагноһын ыйыта сатаата. Уруккуттан этэллэрин курдук: «Глубокий сопор, коматозное состояние», – диэтэ. Мин биир сыллааҕыта итинник хаста да балыыһаҕа киирэ сылдьыбыппытын быһааран эппитим. Бырааһым дьикти буолар эбит диэн олус сөхтө. Оҕом аттыгар хайаан да баар буолуохтаахпын диэн көрдөстүм. Бырааһым хата уопсай реанимация балаататыттан изолятор хоһугар көһөртөрдө уонна мин онно киирэрбин көҥүллээтэ. Бу сырыыга оҕом, сэттэ чаас буолан баран, өйүгэр кэллэ. Уһуктаат: «Наһаа аччыктаатым дии, туох эмэ аһылык баар дуо?» – диэн, быраастары соһутта. Онуоха биир быраас, «арба миэхэ сосиски в тесте баар» диэт, хап-сабар аҕалан биэрдэ. Оҕом барахсан ону үөрэ-көтө сиэн кэбистэ (кэлин наһаа да минньигэс этэ диэн санааччы). Ити кэмІэ дьуһуурустубалыы сылдьар быраастар бары олус дьиктиргээбиттэр этэ. Ити эрэ иннинэ ИВЛ-га холбуур туһунан быһаарыыны ылыммыттарыгар кыыспыт туох да буолбатаҕын курдук уһуктан кэллэҕэ… Икки чаас курдук кэтээн көрбүттэрин кэннэ, махтанан баран, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит. Тахсарбытыгар эмиэ госпитализацияттан аккаастанабыт диэн сурук суруйбуппут.
Ол киэһэ, уоскуйан баран, комаҕа тугу көрбүтүн кэпсээбитэ: «Эмиэ урукку сирбэр тиийэ сырыттым. Иннибэр эмиэ көмүс дуйдаах аарка турар. Били плащтаах киһибин көрөн олус куттанным. Ааспыкка мөхпүтүн, аныгыскыга кэллэххинэ, төттөрү ыытыам суоҕа диэбитин санаан кэллим. Сирим халлаан дии саныыбын, мин туох да бокуойа суох илиибинэн хаһан бардым. Уочаратым тиийиэн иннинэ хайаан даҕаны хайаҕас хаһаммын аллара түһүөхтээхпин диибин. Аттыбар киһи бөҕө турар. Көмөлөөн бары бииргэ хаһыаххайыҥ, оччоҕо Сиргэ төттөрү түһүөхпүт дии сатыыбын даҕаны, миэхэ ким да итэҕэйбэт курдук. «Оо, барахсаны, мантан ханна даҕаны барар кыаҕыҥ суох», – диэбиттии, сонньуйбуттуу көрөллөр. Мин тохтоло суох хастым. Иһиттэхпинэ, аттыбар турар дьонум «кырдьык, мин өллүм дуо», «хата, өлөн сынньаннахпын» дэһэллэр. Ол да буоллар, хайаҕаспын хаспытынан төттөрү түстүм… Соҕотоҕун эрэ түстүм».
Сиинэҕэ айан туһунан…
Сиинэҕэ кырачаан оҕолор сүтэннэр улахан аймалҕан буолбутун бары да харааста өйдүүбүт. Киһи өйүгэр-санаатыгар баппат суол…
Мин ити кэмҥэ кыргыттарбынаан Сочиттан Москваҕа кэлбиппит. Оҕолор сүппүттэрин истэн улаханнык долгуйбуппут. Аан бастаан полицияҕа үлэлиир доҕорбут, Күннэй ураты дьоҕурдааҕын билэр буолан, оҕолор хаартыскаларын бассаабынан ыытан көрдөрбүтэ. Күннэй көрөөт: «Атын хайысхаҕа үлэлии сылдьаллар, кыргыттар мумматахтар, киһи илиитин көрөбүн, чуолкай манна киһи кыттыгастаах», – диэн соһуппута…
Онтон дойдубутугар тиийбиппитин кэннэ, Күннэйим турукка киирдэҕин аайы кыргыттары көрөр буолан барбыта. «Мама, что означает в переводе «көмөлөс» и «ыксаарыый»? Девочки все время это твердят», – диэн ыйыппытын өйдүүбүн. Аны биирдэ куукунаҕа аһыы олорон, эмискэ турукка киирээт, түннүк аттыгар турар холодильник диэки көрөн баран: «Оо, барахсаттар, бу кэлэн тураллар…» – диэбитэ уонна остуолга уруучука, илиис сытарын ылан, сахалыы суруйан барбыта: «Күннэй… кэлиий түргэнник… ыксаарыый… ыксаарыый… ыксаарыый…» Илииһигэр икки кыра сиэттиһэн турар кыргыттары уруһуйдаабыт этэ. Туруктан тахсыбытыгар ыйыппыппар, «Оҕолор сыбыс-сыгынньахтар, буорга булкуллубут курдуктар. Миигин ыксаталлар, кэлэ оҕус да, кэлэ оҕус дииллэр. Тоҕо миигин ыҥыралларын өйдөөбөтүм… бу сиргэ номнуо суохтар ээ…» – диэбитэ.
Оҕолор барахсаттар Күннэйгэ көстөллөрө улам-улам элбээн испитэ… Биир түүн дэлби эрэйдэнэн баран, туруктан бэтэрээ кэлэн, Сиинэҕэ хайаан да барыахтааҕын эттэ.
Ол курдук, туһааннаах дьону булан, биир күн Сиинэҕэ айанныырга сананныбыт. От ыйын ортото этэ. Күн аҥаара тэринэн, икки массыынанан куораттан эбиэт саҕана айаҥҥа туруннубут. Күннэйим биир усулуобуйатынан кини Сиинэҕэ барарын, онно сылдьыбытын ким да билиэ суохтаах диэн этэ. «Я не за славой еду. Девочки очень просят меня, чтобы я приехала в Синск, для чего я еще сама не понимаю… Значит, так надо. Если кто-нибудь проболтается, голову оторву», – диэбиттээх.
Еланканы ааһаммыт сиинэлиир суолга үрэххэ тиийэн иҥнэн хааллыбыт. Эбэ уута киирэн кыайан массыынанан туораабатыбыт, дириҥэ сүрдээх. Онон, Еланкаҕа хонон баран, сарсыарда моторка ыҥыртарыах буоллубут. Дьиэ куортамнаһан хонордуу тэриннибит. Киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан, утуйаары бэлэмнэнэ сырыттахпытына Күннэйбит турукка киирэн хаалла. Оо, онно оҕолор барахсаттар тугу көрсүбүттэрин этинэн-сиининэн көрдөрбүтэ… Нууччалыы эттэххэ, театр одного актера курдук этэ. Киһи сатаан тылынан да этиэн, сурукка да киллэриэн дьиксинэр дьулаан хартыыната. Күннэй хараҕар алдьархай, ыарыы, эрэй ырылхайдык көстөр этэ, «Мин илиилэрим кып-кырачааннар…» – диэхтиир. Кып-кыра оҕолор барахсаттар киһи-киһиэхэ тылынан эппэт эрэйин-муҥун көрбүттэрин бары даҕаны биир тыла суох өйдөөбүппүт. Күннэй туруктан тахсан баран: «Туох иһин кырачаан кыргыттары?! Туох иһин?!» – дии-дии уйа-хайа суох ытаабыта. «Туох баар күүспүнэн утарылаһа сатаатым… Хап-хара илиилэр, оттон мин илиилэрим кып-кыралар…»
Ол түүн бары да уйулҕабыт хамсаан, салгыы кыайан айанныа суохпут диэн, Күннэй туруктан тахсыбытын кэннэ куоракка төннөргө быһаарыммыппыт. Бэһиэ бэйэбит сэниэбит эстэн, кыыспытын нэһиилэ туппуппут. Оннук туруктаах киһилиин ууга да сэрэхтээх буолсу эбит.
Ити айан кэнниттэн кыргыттар муҥнаахтар Күннэйи сүгүннээбэтэхтэрэ, ыҥыра, ыксата тураллар этэ. Инньэ гынан атырдьах ыйын саҥатыгар эмиэ Сиинэҕэ айанныырга сананныбыт. Бу сырыыга каюталаах катерынан бардыбыт. Катерга олорбуппутугар Күннэйбит: «Куттанымаҥ, этэҥҥэ айаннаан тиийиэхпит. Катербытын дьонум төгүрүйэн кэбистилэр», – диэн биһигини уоскутта.
Өлүөнэ очуостарыгар чугаһаан иһэн кыыспыт өйүн сүтэрбитин каютаҕа киллэрэн сытыардыбыт. Өлүөнэ очуостарыгар кэлээппитин кытта халлааны хантан да түспүтэ биллибэт хоп-хойуу үүт туман бүрүйэн кэбистэ. Аттыбытыгар олорор киһини көрбөт үлүгэрэ. Бары даҕаны салламмыт, туох диэн саныахпытын булбатыбыт. Тула туох да көстүбэт. Чахчы даҕаны, кутталлаах киинэҕэ баар көстүүттэн уратыта суох. Катердаах киһи этэринэн, чаас аҥаарынан тиийиэхтээх этибит. Онно-манна кэтиллиэхпит диэн сэрэнэн устан истибит. Аны хантан да кэлбитэ биллибэт күүстээх баҕайы долгуннар катербытыгар охсуллаллар. Навигаторбыт түҥ-таҥ көрдөрөр диэн буолла, сотовай сибээс үлэлээбэт. Катерга олорсон иһэр хас биирдии бэйэбит тугу санаабатахпыт буолуой… Тус бэйэм манна, икки халлаан ыккардыгар, хаалан хаалбатах киһи диэн испэр көрдөһө олорбутум. Бу Орто дойдуга буолбакка, атын мээрэйгэ сылдьабын диэн санаа охсуллубута. Санаабытыгар, сөп хайысханан устан иһэр курдукпут эрээри, Сиинэбит кэлбэт да кэлбэт. Күннэйбит өйүн сүтэрэн сытар. Ол курдук өр баҕайы уһуннубут. Катеры ыытааччыбыт: «Субу-субу, дьиҥинэн, Сиинэҕэ кэлиэхтээх этибит», – диир. Кини, күн аайы кэриэтэ Өлүөнэ очуостарыгар дьону таһар буолан, бу сири ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр эбит. Ол быыһыгар уматыкпыт бүтэн заправкаланныбыт. Онтон Күннэй өйүгэр кэллэ диэттэрин кытта били тулабытын бүрүйбүт үүт туман, ханна да барбыта биллибэккэ, сүтэн хаалла. Ып-ыраас күөх халлааҥҥа күнү көрөн үөрдэхпитиин. Өйдөөн көрбүппүт, Өлүөнэбит очуостарыттан харыс да сири халбарыйбатах эбиппит: туман түһэригэр ханна баар этибит даҕаны, ол миэстэбитигэр турабыт. Эбиитин өссө олох даҕаны таҥнары куорат диэки хайыһан олоробут. Онтон бириэмэбитин көрбүппүт: ити тумаҥҥа балыйтарар кэммитигэр түөрт чаас ааһа охсубут. Бары да олус соһуйбуппут…
Күннэйбит каютаттан тахсан: «Биһиги Өлүөнэ очуостарыгар тохтуохтаах этибит, тохтуохха. Дойду иччилэрин алгыстарын ылыахтаахпыт», – диэтэ. Биэрэккэ тиксээппитин кытта кыыһым: «Өлүөнэ очуостарын үрдүнэн дьүкээбил уотун көрөҕүт дуо?» – диэн ыйытта. Биһиги тугу да көрбөтүбүт. Ону хаарыан кэрэ көстүүттэн маппыт дьоҥҥут диэн күлэн кэбистэ.
Биэрэккэ эмиэ турукка киирэн ылла. «Кыргыттар катер аттыгар тураллар, ыксаталлар. Чэ, бардыбыт, чаас аҥаарынан тиийиэхтээхпит», – диэтэ. Эппитин курдук, начаас устан тиийдибит.
Сиинэҕэ икки массыынанан көрүстүлэр. Эмиэ наһаа соһуйбуттар, ыксаабыттар этэ. Катербыт тыаһын истэн, биһигини баччаҕа кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэн олорбуттар. Онуоха катербыт тыастыын биэс чаас кэриҥэ сүтэн хаалбытыгар, туох ааттаах буоллахтарай диэн дэлби куттаммыттар эбит.
Ол түүнү Сиинэҕэ сылдьыбыт дьон хаһан да умнубаппыт буолуо… Күннэйим барахсан түүнү быһа хаста да турукка киирэ сылдьыбыта. Эмиэ өйдүүргэ даҕаны, ылынарга даҕаны ыарахан хартыыналары көрдөрбүтэ.
Арай кыыһым Алина ийэтигэр чугаһаан баран: «Оҕоҥ аттыгар турарын көрбөккүн дуо?..» – диэт, кими эрэ төбөтүттэн имэрийэр курдук тутунна. Онтон Күннэйим бэйэтэ сирэйдиин-харахтыын уларыйан барда, хайдах эрэ туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ кыра оҕо курдук буолан хаалла. Алина ийэтин аттыгар олороот, илиитин илиитигэр ылла уонна биир илиитинэн илиитин имэрийдэ. Онно олорон эрэ иккиэннэрин иэдэстэрин устун харахтарын уута сүүрбүтэ, бу бириэмэҕэ кинилэр истиҥ иэйиигэ ылларан олороллоро саарбаҕа суох этэ… Хас биирдии бэйэбит испитигэр оҕо кута барахсан Күннэй нөҥүө киирэн күн-күбэй ийэтин кытта бырастыылаһан барда дии санаабыппыт. Бары да уйадыйан, хараастан ылбыппыт.
Күннэйбит кыргыттар бүгүн 40 хонуктара, ол иһин миигин ыксаппыттар эбит диэбитэ. Бүгүн куттара үөһэ көтөллөрүн туһунан эппитэ…
Аны сарсыарда 5 чаас саҕана Күннэй, эмиэ турукка киирэн, уруучука уонна илиис көрдөөн ылла уонна сир хаартатын уруһуйдаан барда. Ол иннинэ Күннэй хаһан да Сиинэҕэ сылдьа илик этэ буоллаҕа. Сиинэттэн биир көстөөх сир эбит. Хаартатыгар икки киһи уҥуоҕун уруһуйдаабыт, аттыгар күөл баар. Ол кэннэ кыыспыт, дэриэбинэттэн тахсаат, суолунан сүүрэр икки хаамар икки былаастаах бара турда. Биһиги кэнниттэн массыынанан батыстыбыт. Күннэй кыргыттар кинини сирдииллэрин эттэ. Тоҕоостоох сирбитигэр тиийбиппитигэр, кырдьык, хаартаҕа уруһуйдаммытын курдук эргэ баҕайы икки киһи уҥуоҕун көрдүбүт. Ол аттыгар маардаах күөл баар. Күннэй оҕолор барахсаттар күөл ортотугар киирэн, быраһаайдаспыт курдук төбөлөрүн хоҥкутан баран, сүтэн хааллылар диэтэ… Ол курдук ыарахан айан буолан турар.
Сиинэттэн кэлбиппит нөҥүө күнүгэр Күннэй: «Кыргыттар кэлэ сырыттылар, төбөбүттэн, илиибиттэн имэрийэн, арааһа, махтаммыттарын биллэрэн бардылар быһыылаах», – диэбитэ…
2014 сыл сааһыгар анал дүҥүрүн оҥорторорго быһаарыммыта. Биир күн: «Дүҥүрүм маһа Үөһээ Бүлүүгэ үүнэн турар,» – диэтэ. Инньэ гынан кулун тутарга дүҥүрүн маһын көрдүү анаан-минээн Үөһээ Бүлүүгэ айаннаатыбыт. Кутуруксут кыыһын илдьэ барда. Хороҕо тиийэн баран, дүҥүрүн ким оҥоруохтааҕын эттэ. Оҕонньор улуус киинигэр олорор эбит. Мин аҕабын кытта дуҥүр оҥорторуохтаах киһибитин көрсө бардыбыт. Дүҥүр оҥоруута манан дьыала буолбатаҕын өйдүүбүт, ылла-ылбычча киһи ылсыбат ыарахан үлэтэ. Оҕонньорбутугар тиийэн тугун-ханныгын быһаардыбыт, киһибит: «Дүҥүр оҥорорбор Үөһээҥҥилэртэн көҥүл баар буолуохтаах», – диэтэ. Мин онуоха кыыһым эһигини ыйан ыыппыта уонна чуолкайдаан ыйытыам диэтим. Дьиэбэр киирэн тугу эмэ этиэм иннинэ, Күннэйим миигин кууһан ылан кулгаахпар: «Үөһээҥҥилэр көҥүллээтилэр, оҕонньорго куттамматын диэн тириэрт», – диэн эр киһи куолаһынан уу сахалыы сибигинийдэ.
Нөҥүө күнүгэр сарсыарда тураат: «Эбиэт кэннэ маспар барабыт», – диэтэ. Күннэй, эһэбит, эһэбит доҕоро, кутуруксут кыыһа, мин буолан айаҥҥа туруннубут. Аны хайа да диэки айанныырбытын билбэппит. Массыынаҕа тахсан бары олорбуппутун кэннэ, эһэтигэр: «Ньурба диэки баран ис», – диэтэ. Күннэй, дьиҥинэн, Ньурба хайа диэки турарын билбэт буоллаҕа, «Ньурба» диэни истибитэ да ахсааннааҕа буолуо.
Дьүөгэ кыыһа уһун суолу быһа хомустуу олордо. Баран иһэн Күннэйбит эттэ: «Сирбитигэр чугаһаатахпытына, хомус тыаһа улам-улам улаатан уонна тэтимирэн иһиэҕэ». Кырдьык, Хороттон 10-ча килэмиэтирдээх сиргэ тиийбиппитигэр хомус тыаһа улаатан кэллэ. Ону истэн, эһэтин тохтотто уонна дьүөгэтинээн, массыынаттан түһээт, трассаттан ойуур диэки сүүрэ турдулар. Мин, кинилэри кэннилэриттэн батыһаары трассаттан түһээт, биирдэ быарбынан тоҥ хаарга баар буола түстүм уонна онтон нэһиилэ оронон таҕыстым. Инньэ гынан массыынаҕа хааллым. Эһэтэ доҕорунаан, хайыһар кэтэн, кэннилэриттэн батыстылар. Ойуур диэки хаара киһи тобугунан эбит. Арай эһэбит аах суоллаан тиийбиттэрэ – күөл ортотугар соҕотох булгунньах арыыланан турар, ол ортотугар соҕотох бэс үүммүт, оттон Күннэйбит ол маһы кууһан турар үһү. Эһэтигэр: «Бу мас. Мантан маныаха диэри эрбээ», – диэбит уонна эһэтэ көрөн турдаҕына, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу алаадьытын таһааран күн эргииринэн уурбут. Онуоха сирэ айах курдук хайдан хаалбыт, алаадьыта барыта онно түспүтүн кэннэ, төттөрү сабыллан хаалбыт… Ити курдук, Күннэй анал дүҥүрүн оҥорторбута.
Дүҥүрүгэр 13 алтан чуораанчыгы, хас биирдиилэрин тыаһатан көрө-көрө, анал миэстэлэригэр иилбитэ. Ити чуораанчыктарын оҥорторорбут эмиэ туспа устуоруйалаах этэ. Дүҥүрүм 13 чуораанчыктаах уонна ол чуораанчыктарым алтан буолуохтаахтар диэбитэ. Мин алтан көрдөөммүн сэниэм эстибитэ. Киһи наадыйдаҕына олох суох буолар эбит. Арай биир сарсыарда Күннэйим: «Крестьянскай рынокка бар, ол онно иккис этээскэ булуоҕуҥ», – диэтэ. Кини эппитин курдук, алтаммын онтон булбутум. 13 чуораанчыктан биирдэстэрэ барыларыттан арыый обургу этэ. «12 чуораанчык – мин дьонум, 13-с чуораанчык – мин», – диэн быһаарбыта.
Аны дүҥүрүн бүрүөһүнүгэр тирии наада буолбутугар мин онтон-мантан ыйыталаһа сатаатым. Онуоха Күннэйим эмиэ налыччы баҕайытык: «Эһэм тириини үчүгэйдик бэйэтигэр көрдүн, киниэхэ баар», – диэтэ. Эһэтэ ол кэннэ ампаарыгар хаһан эрэ бэйэтэ бултаабыт табатын тириитэ баарын булан биэрбитэ, ол тириинэн дүҥүрүн бүрүөһүннэппитэ.
Күннэй дүҥүрэ лаппа улахан этэ. Кэннигэр олордоҕуна көстөөччүтэ суох. Бэйэтэ нэһиилэ кыайара. Ол эрээри турукка киирэн кыырарыгар дүІүрүн аҥаар илиитинэн өрө анньа сылдьан охсооччу, чэпчэки баҕайытык тутааччы-хабааччы.
2014 сыллаахха сааскы киэһэ кутуруксуттарыттан биирдэстэрин дьиэтигэр ыалдьыттыы бардыбыт. Бары төгүрүк остуол тула эйэ дэмнээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдии олордохпутуна, кыыспыт эмискэ турукка киирэн барда. Бары үөрэ-көтө олорбуппут ханан да суох буолла. Көрдөхпүтүнэ, кыыспыт икки харахтара икки аҥыы барбыттар. Киһи харахтара хайдах да итинник балаһыанньаҕа барар кыахтара суоҕун өйдүүбүт. Ону көрө-көрө көрбөтөҕө буолан, уку-суку чэйдии олордубут. Онтон аны аа-дьуо кутуруксут кыыспыт турукка киирэн барда. Эмискэ Күннэй атын киһи куолаһынан: «Мин билигин охсуһа киирэбин. Ким да ити хоско киирбэт. Туох да буоллун, тугу да иһиттэргит – киирбэккит! Киирдэххитинэ, мин хотторобун», – диэт, саала аанын саптан кэбистэ. Биһиги куукунаҕа олорон хааллыбыт. Иһиттэхпитинэ, саалаттан ыарахан тыас-уус, истиэнэҕэ туох эрэ сааллар курдук. Ол быыһыгар Күннэй көхсүн тыаһа курдьугунаан олорор. Эмиэ да уу чуумпу буолан ылар. Оннук хас да чаас кэтэһэн олордубут. Кутуруксут кыыспыт эмиэ куукунаҕа турукка сылдьар: чыпчылыйбат даҕаны, бэйэтэ туспа үҥкүү, хамсаныы – быаны быраҕан баран, онтун субуйар курдук. Биһиги кинини көрөн саҥата суох олордубут, кини биһигини көрбөт. Онтон дьэ Күннэйбит, дэлби сэниэтэ эстэн, илистэн, тахсан кэллэ. Бэйэтигэр кэлээтин кытта кутуруксута эмиэ тута туруктан таҕыста.
Кимниин охсуспутун, киниэхэ кимнээх саба түспүттэрин эппэтэҕэ. Ол тахсан баран хоттум диэбитэ… Ким билиэ баарай ол киэһэ туох буолбутун?!
2014 сыллаахха сайын Күннэй Намҥа гастроллуу барда. Ыллаан-туойан, кэнсиэрдээн кэлэн баран, дьикти кэпсээннээх буолла. Биир уоллара эргэ баҕайы өтөххө тиийэн хаалбыт. Онно киниэхэ ким эрэ дууһата киирэн эрэйдээбит диэн. Ити курдук кэпсээн баран утуйан хаалла. Күнүс уһуктубутугар бассаабыгар сурук бөҕө кэлбит этэ. Ол ис хоһооно уолбут өссө даҕаны бэйэтигэр үчүгэйдик кэлэ илик уонна Күннэйи ыҥыртарар диэн эбит.
Тиийбиппит – ол уол дьыбааҥҥа олорор, биир киһи аттыгар туран дэйбииринэн сапсыйар, өссө биир киһи хомустуур. Арай өйдөөн көрбүтүм, уол төбөтүн оройугар дэйбиир уурунан олорор. Билбэт, өйдөөбөт киһиэхэ маннык хартыынаны көрөр, чахчы, дьиибэ. Мин бу оҕону эрдэттэн үчүгэйдик билэрим, оттон киһим миигин олох даҕаны өйдөөбөтө. Аттыгар тиийэн дьыбааҥҥа олорбуппар уолбут саастаах киһи куолаһынан сахалыы саҥаран барда: «Мин Күннэйгэ кэлээри бэҕэһээҥҥиттэн манаһан, уочараттаан, нэһиилэ киирдим. Хата киирдим диэн үөрэбин. Бу уолгут дьулайа кэм даҕаны аһаҕас эбит, онон ити киирэллэр-тахсаллар. Ол иһин бу дэйбииринэн бүөлэнэн олоробун, туһалыыр. Бу барахсаттар хомустаан, дэйбиирдээн, куһаҕан тыыннары чугаһаппакка абыраатылар. Хомус тыаһын истэн үөрдэхпин, эчи үчүгэйин. Уолгут атаҕа ыалдьар эбит, ноҕуруускаланар быһыылаах, иһэ-үөһэ даҕаны. Ити, арааһа, куһаҕан аһылыктан буолуо, «Кока-кола» эҥин иһиэ суоҕун наада.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539766?lfrom=390579938) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.